Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Эһэм сорохторун бэрт эдэр эрдэҕиттэн атас-доҕор оҥостубут дьоннордооҕо. Биир оннук чугастык билсэр киһитинэн сурахха-садьыкка киирбит аатырбыт олоҥхоһут Сэмэн Харатаайап-Ырыа Дыгыйар этэ. Тээкиччэҕэ Ырыа Дыгыйар кэллэ да улахан сэргэхсийии, сүпсүлгэн бөҕөтө буола түһэрэ. Биһиги балаҕаммытыгар хаста да олоҥхолоон турар. Олоҥхо истээри чугас эргиннээҕи дьон сорох сатыы, сорох атынан, сорох оҕуһунан таҥкыччахтатан, туома кыралыын-кыамматтыын кытары түөрэ кэлэллэрэ. Дьэ оччоҕо биһиги өтөх ыамайдарыгар улахан үөрүү буолара, араа-бараа саастаах оҕолорбутун кытары билсиһэн дуоһуйуохпутугар диэри оонньуурбут. Сороҕор өссө отой да олоҥхону истибэккэ наар аҥаардастыы оонньоон эрэ тахсарбыт.

Ырыа Дыгыйар кэннэ уһун кэмҥэ, сааһын тухары чугастык билсибит доҕор-атас дьоно Кулаанап Бэчиэт (Көһөөх), Сөмүйээн Сэмэн, Мыччыы, Бааһынай, Дьөрбө Дьөгүөр диэн кырдьаҕастар бааллара.

Эһэм Өлөксөй барахсан сытыары сымнаҕас, кыраҕа тымтыбат киэҥ көҕүстээх оҕонньор этэ. Түөһүн тылыгар диэри үүнэн сэбирийэн түспүт хаар маҥан бытыгын хоруммутун, бэл сарбыйан да биэрбитин өйдөөбөппүн. Ньилбэгэр көтөхтөрөн олорон, уһун бытыгын сэлии муоһа тарааҕынан эбэтэр ийэм кырыбыайкатынан ньылҕаарыччы тараан, саас-сааһынан араартаан баран өрөр үгэстээҕим. Эһэм сэҥийэтин энньэтэн, бытыгын өрдөрөөрү олорон биэрэрэ. «Абытай, тай!.. Бытыкпын түөрэ быһа тыытта…» – диэн саҥа аллайа-аллайа, күлэн мыттыйара.

Мин, саҥа чороччу улаатан эрэр оҕо, билэ-көрө сатаан, сүүс араас ыйытыгы биирдэ кутан кэбиһэрим. Онуоха эһэм кыра киһи ыаспайа диэн хаһан да мээнэ истэн, кулгааҕын таһынан аһардан кэбиспэтэ, ыйытарбын барытын лоп бааччы, бэйэтин тэҥнээҕин кытта кэпсэтэрдии, оттомноохтук, дьоһуннаахтык, саас-сааһынан, өйбөр түһэрин курдук быһааран, өйдөтөн биэрэрэ. Салгыбата, сорох дьон курдук, ыаспайыҥ бэрт диэн дьалты туттубата, үүрэн ыыппата.

Мин арыт үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн бэрт дьиибэни, киһи эрэ сонньуйуон курдугу ыйытан эһэбин улаханнык күллэрэрим. Арыый обургу буолбутум кэннэ эһэм ону саната-саната: «Хор, оннук өйдөөх-санаалаах оҕочоос этиҥ…» – диэн хата бэйэбин күллэрэрэ. Тэлгэһэбит ортотугар, тоҕо эбитэ буолла, ортотунан икки сиринэн дьөлөҕөстөөх үрдүк сэргэ дьэндэйэн турбута, ат баайаллара. Мин, ураҕас тутан баран, ол дьөлөҕөстөрүнэн үктэнэн тахсан аҥаар илиибинэн сэргэттэн тутуһан, аҥаарбынан далбаатанан ураҕаһым төбөтүн былыкка тириэрдэ сатыырым. Ампаар иннигэр кыраабыл тииһии олорор эһэм:

– Хайа, тоом, сэрэн… үлтү түһээйэҕин. Тугу далбаатанаҕын? – диирэ.

Сэргэ ортотугар диэри ыттан тураммын, аллара өҥөйөн көрө-көрө, бэйэбин отой кыырай халлааҥҥа тахсыбыт киһи курдук сананарым. Тиритэн-хорутан, көлөһүн-балаһын алла-алла, аны төлө туттан сууллуом диэн кэчэһэн ынчыктыы-ынчыктыы:

– Эһээ, бу ураҕаспар аны биир бачча ураҕаһы салгыыр киһи ити былыкка тиийиэ дуо? – диэн ыйытарым.

Оҕонньор сонньуйан баран устунан күлэрэ.

– Ээ, тиийэн бөҕө буоллаҕа, аны биир итиччэ ураҕаһы салҕаатаххына баҕас былыты таах үүт үрүмэтин курдук буккуйуоҥ…

Мин өс киирбэх түһэн ураҕаспар сэбэһэ быанан эбии синньигэс хаппыт уһун талаҕы кэлгийэбин уонна төттөрү тахсан илиим улук буолуор диэри хайдах да уунаҥныы сатаабытым үрдүнэн ураҕаһым былыкка тиийиэх эрэ быһыыта суоҕа.

Эһэм миэхэ анаан оҥорбут, илиибэр тутан олорон сырыһыннара оонньуур хас да мас аттааҕым. Олор сүппэт, туллубат бэйэлэриттэн буутайдаахтара, ыҥыырдаахтара, холуннаахтара, үүннээхтэрэ: силиктэрэ барыта сиппит, ыл да «миинэн барар» көлөлөр этилэр. Сорох сылгыбын чоҕунан биһэн хараардарым. Саҥа кыһыллыбыт аттарым маҥнай утаа маҥан өҥнөөхтөрө, онтон илииттэн-илиигэ уларсыкка сылдьан, арыы-сыа иҥэн саһаран хаалаллара, ону көрөн эһэм: «Оок, аппыт хайыы-сахха саарыл өҥнөммүт дуу?» – диирэ. Тарбыйахтаах талах ынахтарым, оҕустарым дэлэйэ, ийэм өссө туоһунан таллаҕар кулгаахтардаах сүөһүлэри кырыйара. Эһэм сохсотуттан, тэптиргэтиттэн ылбыт куобаҕын баһын уҥуоҕар сыҥааҕын уҥуоҕун мииннэрэн аттаах киһи гынан оонньуурум, үксүгэр сыҥаах силлэн икки аҥыы баран хаалара, оччоҕуна сабынан баайан чөлүгэр түһэрэрим. Сирэй оһох холумтаныгар бэрт элбэх «аттаах киһи» мэлдьи тупсаҕайдык кэчигирээн тураллара. Эһэм миэхэ өссө хабылык, мээрикээн, күүгүнүүр, өртүбүөй оҥороро, олорунан доҕотторбун кытта олус диэн дуоһуйа оонньуурбут. Оонньуурдарбын эргэ ыаҕаска хаалаан утуйар оронум анныгар ууран турарым.

Ийэм миигин сөп буола-буола улахан чабычахха сылаас уу кутан, ньылбы сыгынньахтаан сууннарара. Бэйэтэ такымын ааһар ыас хара суһуоҕун дьиэҕэ киһи суох кэмигэр солох уутугар оҥостон олорон кыычыгырыар диэри кичэйэн уһуннук суунара. Биир эмит дьүөгэтэ ийэм хоп-хойуу уһун суһуоҕун абылаппыттыы астына көрөн олорон: «Маарыйа, суһуоҕуҥ эчи астыгын, миэнэ да итинник буолбат ээ…» – диэтэҕинэ, ийэм саба сапсыйан кэбиһэрэ. «Инньэ диэмэ… Аньыы. Кырдьаҕастар такымын ааһар уһун суһуохтаах дьахтары дьоло суох дьахтар диэччилэр, дьоло суһуоҕар барар үһү…» – диэн харыс тылынан күөмчүлэнэрэ.

Ийэм бэйэтин лаппа кыанар тэтиэнэх дьахтар этэ. Ол эрэн мин кини күүһүн-уоҕун көрдөрбүтүн билбэппин. Ыалга оҕолору кытта оонньуу сылдьан, дьон: «Бүөтүр эдьиийэ Маарыйа дьэ кытаанах дьахтар, ордук илиитигэр үчүгэй быһыылаах…» – диэн бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтэллэрин истэрим. Урут көрбөтөх, харахтаабатах дьонум миигиттэн: «Ким оҕотоҕунуй?» – диэн ыйыталлара. «Ньууньаала Маарыйа кыыһынабын», – диэтэхпинэ, «Ээ, кини кыыһа эбиккин дии…» – диэн баран устунан ийэм туһунан кэпсэтэн бараллара. Ийэм тарбаҕар чахчы да кыахтаах этэ. Хаппыт ынах тириитин сиигирдэн баран маҥнай үрүөҕүнэн үрэрэ, онтон оҥостон олорон эт илиитинэн отой өрбөх курдук ньып-ньылыбырас буолуор диэри имитэн кэбиһэрэ.

Мин өссө төрүөм иннинэ, дьонум Кэҥэрэччи эбэҕэ олорор эрдэхтэринэ, чахчы буолбут биир дьикти түбэлтэни дьон уос номоҕо гынан, сөҕөн-махтайан кэпсэл оҥостоллоро өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн хаалбыт. Ол кэпсэл маннык.

Ийэм Хочот күөлүгэр олорор Үөдэй Дьөгүөр диэн таайдааҕа. Дьөгүөр үгүс табалаах сэниэ киһи эбитэ үһү. Түөртүү мастаах боотулу бүтэйэ хас да дьоһуннаах күөлү эргийэрэ.

Күһүөрү сайын эмискэ күүскэ сылыйан, куйааран, устунан харааннаан, саҥа уҕарыах курдук буолан испит кумаар, бырдах хат үгэннээн түспүтүгэр таайа үгэһинэн табатын үөрүн бүтэйин иһигэр хаайбыт. Кырыһынан, ээй көппөҕүнэн түптэлиир эбит.

Үөрүн соҕотох бөрөҕө ыстарбатах, хайа да атыырдарыттан таһыччы бөдөҥ, адаарыйбыт муостаах Үргэл Харата диэн ыас хара өҥнөөх табалааҕа үһү. Аны бу атыыр кэйиигинэн сурахха киирбит атыыр эбит. Барыҥныыры көрдөр эрэ хойуу салаалаах муостарын утары тоһуйбутунан кэлэрэ эбитэ үһү.

Биир үтүө күн ийэм кытара буспут, ууламмыт хаптаҕаһы ыаҕаһыгар толору тоноон баран өтөҕөр төннөн испит. Оччолорго эдэр, баара-суоҕа сүүрбэччэлээх кыыс оҕо эбит. Олорор күөлүгэр кэлбит. Боотулу бүтэй күөлү бэрт киэҥ сиринэн эргийэ барара үһү, ол иһин быһалаары бүтэй иһигэр киирбит. Хойуу сэппэрээктээх ээй сиринэн хааман, күөлгэ тумустаан киирбит арыы талаҕы эргийэ баран, бүтэйин иһин туоруура чугаһаабытын кэннэ арай кэннигэр от-мас барчаланар тыаһа иһиллибит. Эргиллэн көрө түспүтэ, Үргэл Харата хаппыт талахтары тоҕута үктэтэлээн, адаарыйбыт муостарын тоһуйа туппутунан, таныыларын тыаһа тардыргыы-тардыргыы, кинини көрдө-көрбүтүнэн бу иһэр эбит… Ийэм улаханнык уолуйбатаҕа үһү. Ыаҕастаах хаптаҕаһын сиргэ уурбут, туора халбарыс гынан биэрбит да, супту түһэн иһэр табаны муостарыттан лап гына тутан ылбыт. Ити кэннэ үгүс эрэйэ суох этэрбэстээх атаҕын тилэҕинэн табаны кэтэҕиттэн сиргэ умса баттаабыт. Үктээбит күүһүн омунугар таба уһун тоһуйардара (инники муостара) төрдүлэригэр диэри буорга ньимис гыммыттар. Кэйиигинэн аатырбыт Үргэл Харата ол курдук чиҥ сиргэ батары үктэммит муостарын кыайан ылбакка өрө мөхсө хаалбыт. Ийэм ыаҕастаах хаптаҕаһын ылан баран өтөҕөр барбыт. Үөдэй Дьөгүөрү кытта бэрт киэҥ бурдук бааһыналаах улахан өтөххө тус-туһунан буруо таһаарынан олороллоро үһү. Кэлэн таайыгар:

– Атыырыҥ кэйээри гыммытын муоһунан буорга баттаан кэбистим… Баҕар, кыайан ылыа суоҕа, кумаар, бырдах бүтэриэҕэ, баран көрүнээр… – диэбит.

– Тугу-тугу диигин? – диэн Дьөгүөр дьиктиргээбит.

Ийэм элбэх саҥата-иҥэтэ суох, холку, намыын майгылаах кыыс эбитэ үһү, кини хас эппит тыла ыйааһыннааҕа, ылыннарыылааҕа. Таайа ол иһин, үгүһү-элбэҕи ыаһыйаласпакка, абырахтыы олорбут туутун туора уураат тахсан барбыт. Тиийбитэ, табатын атыыра мөхсө сатаан баран сэниэтэ эстэн умса нөрүйэн, «пуус-пуус» тыынан икки агдата көпсөҥнүү турара үһү. Төһө да күһүөрү сайын буоллар ылааҥытыйан, куйааран, хойуу кумаар, бырдах таба ньылбаа түүтүттэн иҥнибэккэ биир кэм хара тордох курдук хараара түһэн сиэн ырааппыттар эбит. Дьөгүөр табатын муоһун хайдах да оруу, тардыалаһа сатаан баран аккаастаммыт. Муос силистээх-мутуктаах сиргэ ол курдук бэрт дьиктитик, чиҥник батары киирбитэ үһү. Дьөгүөр ыксаан, балаҕаныгар төннөн, эрбии ылан кэлэн атыырын муоһун эрбээн араарбыт. Били сэниэтэ эстэн турбут сүүлүргээн эрэр таба, төлө бараат да, боотурҕаан өҥүргэһинэн эриличчи көрө-көрө, эрбэммит муоһун төрдүттэн хаана ыһыллыбытынан киһини сыыһа-халты түһүөлээбит. Үөдэй Дьөгүөр бүтэйэ чугас буолан ол нөҥүө түһэн куоппут.

Дьөгүөр, өтөҕөр кэлээт, үргүлдьү балтыгар ааспыт. Балаҕаҥҥа киирбитэ, ийэм таайа баарыын сарсыарда илимиттэн ылан таһаарбыт икки куоҕаһын үргүү олороро үһү. Биирин хайыы-сах ньылбы тардан ыксатыгар бырахпыт, биирин ортолуу үргээн тордурҕатан эрэр эбит. Кини куоҕаһы куруук эт тарбаҕынан көрүөх бэтэрээ ыккардыгар үргээн кэбиһэрэ.

– Дьэ, балтым Маарыйа, чахчы сэниэлээх, кыанар кыыс эбиккин, ити бэйэлээх атыыры итинник тутарыҥ… – диэн таайа Үөдэй Дьөгүөр улаханнык саллан сөхпүтэ үһү.

* * *

Тээкиччэ эбэ оттонор ходуһата киэҥэ, сорох эҥээрдэринэн хотойон, оҥолох-чоҥолох көрдүгэннэринэн, көлүйэлэринэн ууланан-хаарданан быста-быста, син биир сирэ үрдээн, өлгөм үүнүүлээх күөх сөлөгөй оттоох ходуһалара бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн күөлү эргийэ бараллара. Чугас эргиннээҕи эбэлэр бары от үрэхтэринэн ситимнэһэллэрэ, саас халаан уута хото киллэрбит кэмигэр хааларыттан тахсан дохсун сүүрүктэнэллэрэ. Уу баҕарахтары бүтүннүүтүн ылара, онтон улам-улам уостан-симэлийэн, ээр-сэмээр тардан, анаан айбыкка, соруйан оҥорбукка дылы, от ыйын ортотун эргин ситэн, бастанан эрэр от, «охсон ылыҥ» диэбиттии, бэйэтэ эрэ олорон хаалара. Сир ийэ барахсан санаатынан, дьаалатынан ол курдук сылын аайы ходуһатын нүөлсүтэн өлгөм үүнүүнү биэрэрэ. Онон кырдьаҕастар Тээкиччэ эбэ бэл былыр хоруллубутун өйдөөбөттөр.

Сылын аайы, үгэс курдук, чопчу Бөтүрүөп таҥара күн холкуос отчуттара ходуһаҕа киирэллэрэ. Ийэм аах балаҕаммыт анныттан саҕалаан уһун манастыыр хайытан охсон бараллара. Аан маҥнай өтөхпүт иһин-таһын, уу баһа киирэр ыллык суолбут икки өттүн, дулҕалаах хордоҕойу эргиччи илэчититтэн кыһыйан хоруйаллара. Оччоҕуна, хадьымал таҕыстаҕына, сүүллээн түспүт хойуу кумаар тарҕанара, тыаллаах, чэлгиэн күн отой да сүтэрэ.

Илин Кыргыдай «Чернышевскай» аатынан холкуоһун бырабылыанньата Тээкиччэттэн икки көстөн ордук ыраах сытар Алаас диэн күөл улахан өтөҕөр баара. Холкуос киинэ сир буолан, ордук элбэх ыал онно түмсэн дьиэ-уот туттан олохтоохтук тэринэн, олохсуйан эрэр кэмнэрэ этэ. Ол эрэн оннооҕор элбэх ыал өссө да алаас-алаас, өтөх-өтөх аайы арҕам-тарҕам ыһыллан, хас эмэ сыл көрөн-истэн, от үрэхтэрин хорон оҥостубут ходуһаларын үрдүттэн оттоноору туспа, чиэски сирдэргэ олороллоро. Алаастан Тээкиччэҕэ кэлэн холкуос отчуттара биир биригээдэ дьон сарсыарда бэрт эрдэттэн үлэлээн, халлааннара туран биэрдэҕинэ сотору бүтэн аны Оччугуй Тээкиччэҕэ көһөллөрө.

Сайыҥҥы өттүгэр таайым Бүөтүр дьиэтигэр көстөрө да ахсааннааҕа, наар Алааска бырабылыанньатыгар, доҕор-атас дьонугар хоноро-өрүүрэ, отчуттарын кэрийэн ыйан-кэрдэн дьаһайан, бэйэтэ эмиэ оттоһон күн солото суоҕа. Холкуос хаһан да бүтэн биэрбэт иирбэ-таарба түбүгэ үгүһэ, ардыгар ыҥыыр атынан сээкэй соругар куоракка (Бүлүүгэ) киирэн тахсара.

Ийэм олорор күөлбүт ходуһата оттонон бүттэҕинэ биригээдэтин дьонунаан Оччугуй Тээкиччэҕэ барсара. Күнүскү өттүгэр дьиэбэр эбэлээх эһэбин кытары хааларым. Кырдьаҕастар хаһан да илии туппайа суох буолбаттара. Мин да балаҕаным иһигэр бүгэн си дьүгээр олорботум, сүрүн үлэм – тыаттан амынньыар сүгүүтэ, уу баһыыта, тарбыйахтары үөскэ сиэтэн киллэрэн туспа кэрчимэргэ хаайан мэччитии, от үргээһинэ, ыаҕаска уу баһан аҕалан атыйахха кутан уулатыы. Ыалым оҕолорун үлэлэрэ эмиэ биир оннук. Оҕолорго бас-көс дьоммут, сааһынан арыый улахаммыт Мискээйэптэр кыыстара Элэбэһиэтэ уонна кини сурдьа Ыстапаан. Элэбэһиэтэлээх убайдара таайбыныын араа-бараа саастаах Көстөкүүн – холкуос суотчута. Бүөтүрү кытта Алааска ардыгар аргыстаһан бараллар-кэлэллэр.

Эһэм отчуттар бүтэн барбыттарын кэннэ, хойут, эбэ уута тартаҕына, күөл кыламанын киирэн охсор. Тарбыйахха бэлэм охсуллубут оту сүгэн үлэбит чэпчиир. Оҕонньор өссө холкуос отчуттарыгар балыктыыр, онтутугар көлөһүн күнүн аахсар. Сыраны-сылбаны быһар күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон «харата» суох хайдах да сатамматтар.

Ыалбыт эмээхсин Оппуруоһа эмиэ, чугас эргиннээҕи өтөхтөрү кэрийэн, сыта-тура тыыппалаһан, биирдии-иккилии сыарҕа от оҕотун онно-манна томтотолуур. Онтун күһүн сүөһү хотоҥҥо киирбитин кэннэ, сыарҕа халыйар хаара түһээтин, оҕуһунан тиэйэн аҕалан сиэтэр. Эбии аата эбии, эмээхсин оттообут ото мэнээк барсар.

Мискээйэп Ньукулай сиһинэн ыалдьан оттообот. Хата балыктыыр, ону Харбалаах уонна Күүлэлээх отчуттарыттан күн өрүү-өрүү оҕустаах оҕо кэлэн тиэйэн барар. Мискээйэптэргэ киирдэхпинэ, Хахалдьыйа сирэй оһоҕун иннигэр талах олоппоско аргынньахтаан сиһин угуттуу олорор буолар. Сиһи уокка угуттуур сүрдээх үөрүйэхтээх. Ньукулай оҕонньор көхсө түөрэтэ түөн онно чэринэн чөҥөрүйэ ойууламмытын көрөн салла саныыбын. Эдэригэр бэйэтин харыстаммакка харса суох түһүөлээн эрдэ сорсуйбут киһи диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

«Хайа баҕарар үлэни нэмин табан, күүскэр, кыаххар холоон сөбүн көрөн, сатабыллаахтык, судургутутан, ол эрэн туппут илиигин араарбакка үлэлээтэххинэ эрэ үлэҥ үтүө түмүктээх, таһаарыылаах буолар», – диэн эһэм сүбэлиир. Кырдьык да оннук, аҥаардас хара күүһүнэн харса суох хабытайданар көдьүүһэ кыра, эт-сиин алдьанара дөбөҥ, чөлүгэр түһэрэ уустук. Ийэм да, таайым аах да маҥнай окко киирдэхтэринэ, бастакы икки-үс күн олус түһүнэн кэбиспэккэ, эттэрин-сииннэрин үөрэтэн, сөп-сөп тохтоон, сынньанан тыын ыла-ыла охсоллоро. Балаҕаннарыгар тахсан, сойо түһэн баран, биирдии чохоол кыыймыт арыы иһэллэрэ уонна иттэннэри түһэн сыталлара, өссө нуктаан, утуйан ылаллара. Оччоҕуна ол испит арыылара, бэйэлэрэ этэллэринэн, систэрин этин сааһынан бычалыйан тахсан, эттэрэ-сииннэрэ көһүйбэтин курдук сымнатара үһү. Күн аайы эптэр-эбэн үлэлэрин тэтимирдэн, устунан хатан, кииллийэн хаалаллара. Үчүгэй хатарыылаах киһи тыына-быара кылгаабат, тэптиргэ курдук сылдьар. Оннук дьон омурҕантан омурҕан ыккардыгар ууну букатын испэттэр. Омурҕаҥҥа да үчүгэйдик сойон, эттэрин суоһун аһарынан баран биирдэ эрэ утахтаналлара. Оттон тулуура суох киһи сойбут ууну иһиккэ соһо сылдьан харса суох иһэр, устунан сыыстаран уруттуур. Уруттаабыт киһи уҥаайы, ис-иһиттэн сэниэтэ суох, наар тыын ылан сынньаныан, утахтаныан эрэ баҕарар, хара аһы аанньа аһаабат, биир үксүн ол да иһин күүһэ-күдэҕэ эстэр, үлэтин түмүгэ эмиэ ол курдук.

Мин сайын балаҕан ис-тас үлэтигэр түбүгүрэрим, оҕолору кытта оонньуурум таһынан, доҕотторум туохха эмит солото суох буолан тардылыннахтарына, наар эһэбин батыһан саппай уопса сылдьабын. Сээкэй кыраны уһанарын, туу өрөрүн, кыл илим баайарын көрөбүн. Хотоҕоско анаан туос хастыыбыт. Эһэм быһыччатын сытыы төбөтүнэн үөһэ-аллара икки сиринэн иилии суруйан баран, үөһэттэн аллара хайа сотто да, туос бэйэтэ түүрүллэн сиргэ кэлэн түһэр сүрдээх дөбөҥнүк хастанар кэмнээх, ол от ыйын эргэтэ. Тимир күөскэ субу оргуйан тахсыбыт итии ууга хотоҕос буоларынан сөбүн көрөн укпут туоһа хойуостаҥныы-хойуостаҥныы түүрүллэн хаалар, ону ылан икки ытыһынан аҥаардастыы анньан эбии хатайдыыр. Күөлбүт үрэҕин сүүрүгэ саас сир тааһын кыракый күрүлгэннэр анныларыгар, хаһырыаларга мунньан кэбиспитин ыаҕайаҕа хаалаан аҕалан таастыган гынабыт. Киһи сутуругун саҕа, өссө оннооҕор улахан да тааһы үлтү охсон эмиэ туһанабыт. Эһэм, кытыан угун эрийэн, таастыган иитэ оҥорор. Ээйгэ үүммүт мас силиһин хостоон, бысталаан тыырар, онтута ньып-ньылыбырас быа курдук буолар. Ол силиһинэн хомуйан аҕалбыт тааспытын баайан, иитигэр иҥиннэрэн туттаран кэбиһэр.

Эһэм илимин көрөрүгэр сороҕор миигин тыытыгар мэҥэстэр. «Олох хамсаайаҕын, түөрэҥэлээйэҕин…» – диэн сэрэтэр. Кэтит көхсүгэр сиспинэн ыга сыстан чөкөллөн олоробун, оҕонньор өрө эгдэс гына-гына хас эртэҕин аайы чараас тиит эрдии салбахтарын анныттан кыра буруу оҕолоро эргичийэ оонньуу-оонньуу кэннибитигэр хаалалларын одуулаһаммын саатыыбын. Хамсаабакка эрэ сэмээр тарбахтарым төбөтүнэн ууну тыыран чурулатабын… Эһэм чороох маһыгар чуо тиийэн тутан ылан тохтоон, ситим быатын тардан илимнэрин көрбүтүнэн барар. Тээкиччэ эбэбит барахсан өллөөх, эмис, бөдөҥ соболоро кыл илим-ҥэ иилиллэн тахсыбыттарын араартыы-араартыы тыытыгар бырахпыта лаһыгырайа мөхсөллөрүн истэбин. Эһэм эргиллэн эҥил баһын үрдүнэн миигин көрөр, мичээрдээн мыттыйар уонна, үгэһинэн, хас сүүстэ эппитин хатылыыр: «Мөхсөөйөҕүн, түөрэҥэлээйэҕин…» Оҕонньор төһө да сэттэ уонун лаппа аастар тииһэ түөрэтэ баар, ол эрэн букатын элэйэн миилэтин кытары тэҥнэһэн эрэллэрэ. Эһэм сааһыгар тиийбит сорох кырдьаҕастар тиистэрэ барыта түһэн ньамньыһан хаалбыт буолаллар. Лэппиэскэлэрин ууга уган сиигирдэ-сиигирдэ, кыра оҕо курдук эмэн ньомуҥнаталлар.

* * *

Түөрпүн туолан биэспэр үктэммит сайыммар, окко киириэх иннинэ, биир сарсыарда кулгааҕым анньан уһугуннум. Уҥа кулгааҕым иһигэр туох эрэ киирбитин курдук хочугуруур, дьэ уонна, санаабар, биир кэм тохтоло суох кэбийэр да кэбийэр. Оҕолор кулгаахтара анньан дэҥ моһуогураллара, ол иһин мин эмиэ оннук ыарыйдаҕым дии санаатым. Ол күн, дьэ эбэтээ, кулгааҕым төрдө, моонньум, сүнньүм кытары сүүлэ иһэн таҕыста. Ыарыыта диэн сүр, туома мэйиим кытта дырылыырга дылы. Ыарыыбын тулуйбакка ытаатым… Эбэм сыт диир да, сытыахтааҕар буолуох олордубат да, туруорбат да, биир кэм өрө эккирии сырыттым. Ардыгар бэрт кылгас кэмҥэ ыарыыта син мүлүрүйэр, суох, өр-өтөр буолбат, уруккутунааҕар ордук амырыын ыарыы кулгааҕым иһигэр чабырҕаччы кэйиэлээн кэлэр. Тугу да аһаабатым, уһун күнү быһа ытаан хараҕым уута иэдэстэрбэр хам хатта. Ыарыым «тыын ылар» кэмигэр уу оҕото эрэ дьоҕойон иһэ түстүм, ону да бэрт кыраны, хас ыйыртаҕым аайы уҥа кулгааҕым иһэ бүргэһинэн кэйиэлээн эрэр курдук анньыалыыр. Түүн көрбүт харахпын симпэтим, төрүт утуйбатым, дьоммун да утуппатым, этим «умайан», атыйан бөҕөтө, ийэ-хара көлөһүнүм барыта таҕыста, сарсыарданан халтаһаларым кытта дьолточчу иһэн букатын нукаай курдук буолан хааллым, дьүһүн-бодо иэдэйдэ. Эбэм ийэбинээн, кулгааҕым иһин көрөөрү, таска күн сырдыгар таһааран эминньэхпин кыратык да таарыйдахтарына, оо, ыарыыта сүр, ол иһин кэлин чугаһаппат да буоллум. Доҕотторум Тахтахалаах Маарыйа, Ыстапаан, Элэбэһиэтэ эҥин кэлэннэр миигин саатата сатаан аттыбар оонньууллар, балаҕаҥҥа киирэ-тахса сылдьаллар.

Иккис күммүн тугу да аһаабатым, ыалбыт дьахталлара Сөдүөрэлээх: «Кулгааҕа, кулгааҕа анньыбыт…» – дэһэллэр. Күнүскү ыам кэннэ эбэм моойдору, эҥил бастары испит кулгаахпын көннөрү таһыттан сыныйан, сылыктаан көрөн баран: «Кулгаах астаҕына маннык испэт баҕайыта, баҕар, утуйа сыттаҕына туох эмэ киирбитэ буолаарай?..» – диэтэ. Онуоха ийэм өс киирбэх уҥучахха киирэн, дьэҥкирдээн баран таас бытыылкаҕа куппут балыгын сыатын таһааран кыра чохоолго кутан сылытта уонна миигин ороҥҥо сытыаран эрэн луосканан баһан кулгаахпын таарыйбакка эрэ сэмээр кутта. Сылаас балык сыата кулгааҕым иһигэр халыйан киирэрэ биллэр, биир түгэҥҥэ туох эрэ бүллүгүрээтэ, онуоха сүр күүскэ эмиэ тэһэ кэйиэлээн эрэргэ дылы анньыалаан ылла… Айакалыы, айакалыы тураары гыммыппын ийэм аах хам баттаан төттөрү сытыаран кэбистилэр. «Балыгыҥ сыата искэ киирэн үчүгэйдик иҥнин, оччоҕуна ыарыыҥ ааһыа…» – дииллэр. Сотору эһэм күөлүттэн илимнэрин тардан, тымтайыгар ахсааннаах эрээри бэрт бөдөҥ соболору сүгэн таҕыста. Балыгын кытахха кутан баран, миэхэ көрдөрөөрү, оронум ыксатыгар талах олоппоско олорон хатырыктаата. Үөрүйэҕэ диэн сүр, туттарын-хаптарын киһи эрэ көрө сытыан курдук астык. Эһэм араас харахтаах элбэх кыл илимнээх. Сороҕо быччыкыга, сороҕо ортоһуор собоҕо аналлаахтар. Уонна өссө хас да улахан, элгээн соботугар диэн, бөдөҥ харахтаах илимнэрдээх. Дьэ оннук илимнэриттэн ылан биирдэ эмит эбэтигэр киирэн үтэр үгэстээх. Ахсааннаах, аҕыйах эрээри, били, эппиккэ дылы, адаҕа саҕа астык соболор бастакы үппүт түүнүгэр «соһуйан» туталлар. Эһэм илимин биирдэ үтэн собо ылла да, эһэн кэбиһэр.

– Дьэ бу собону сиэтэххинэ, ыарыыҥ ааһыаҕа, – диир эһэм уонна күлэн мыттыйар. Кэтит ытыһыгар баппакка ньылбырыйыа диэн хайыытыттан иилэн олорбут соботун, киһи эрэ дьиктиргиэх, тыҥыраҕынан хатырыктыыр, арай үөстүүрүгэр эрэ этэрбэһин оһуттан ылбыт быһыччатынан балыгын уҥа өттүнэн хайыытын аннынан быһа сотон, сөмүйэтин уган очоҕоһун субуйан, чопчу үөһүн ылан баран чабычахха тыган кэбиһэр. Эһэм барахсан эбэтиттэн таһаарбыт адаҕа саҕа эмис соботун тыла, ыыс араҕас өрөҕөлөөх хаһата минньигэһэ сүрдээх… Ыалдьан сыппатаҕым эбитэ буоллар, оҕонньор бачча куйааска дэлэҕэ да соботун дьиэ иһигэр хатырыктыа, астыа суохтааҕа. Миигин аралдьытаары, алы гынаары ыксабар олорон түбүгүрэр эһэбин көрө сытан устунан нухарыйан, нуктаан барабын…

Балык сыата кутуллубутун кэннэ кулгааҕым анньара тохтоото, ол эрэн син биир ыалдьар. Киэһэ били эһэм таһаарбыт бөдөҥ соботун буһарбыттарын сиэтим, үүт курдук өҥнөөх, хоргуннаах минньигэс миини астыныахпар диэри истим уонна уҥуоҕум ууллан хас да күн аанньа утуйбатах киһи, биир үксүн уум да мунньуллан, сурда суох утуйан хааллым.

Сарсыарда күн тэмтэйэ ойбутун кэннэ биирдэ уһугуннум, киэһэ сытарбар өлүөр кулгаахпынан сыппыт бэйэм, түүн мөхсөн, ыалдьар кулгаахтаах өттүбүнэн эргийэн хаалбыппын. Дьиэҕэ ким да суох. Арай өйдөөбүтүм, кулгааҕым ыарыыта ааһан хаалбыт, кыратык нүөлүйэр эрэ.

Мин бэркэ диэн үөрдүм, сүргэм көтөҕүллэ түстэ. Суорҕаммын эрчимнээхтик хаһыйан киэр илгээт, ороммор олоро биэрдим, уҥа-хаҥас иҥнэйбэхтээтим, кулгааҕым эминньэҕин тутан сэмээр тардан көрдүм, уруккутун курдук улахан ыарыы суох. Таҥнан хачыгырайа олордохпуна, тастан ийэм киирдэ.

– Хайа, тоом, уһуннук да утуйдуҥ, кулгааҕыҥ хайдаҕый? – диэн ыйыта оҕуста.

– Отой да ыалдьыбат… – оҕо киһи сиэринэн, төһө да кыратык нүөлүйэн ыарыйдар, омуннуран хардарабын.

– Оо, оннук эрэ буоллун, кулгаах ыарыыта сэрэхтээх ээ, – дии-дии, ийэм ыксабар кэлэн олорон кулгаахпын көрөр.

– Эминньэхпин тардан көрүүй…

– Кырдьык дуо? Оттон бэҕэһээ таарыттарбат да этиҥ дии, – ийэм итэҕэйбэтэхтии туттар. Онтон мин үөрэн-көтөн сэгэччи мичээрдээн олорор дьүһүммүттэн бэйэтэ эмиэ сэргэхсийэн, бэркэ сэрэнэн кулгааҕым иһин көрөн иһэн чинэс гына түһэр: – Олор бу курдук, хамсаама, мин сип-сибилигин… – дии-дии, халадаай ырбаахытын сиэптэрин хастымахтыыр, онтон утуйар оронун үрдүгэр долбуурга турар иистэнэр холбукатыттан искэҕин ылан төттөрү кэлэн сэмээр кулгаахпын даҕайар. – Ыалдьыбат дуо? – диэн ыйытар.

– Суох…

Оргууй сыыйа тардан ийэм тугу эрэ таһаарар.

– Көрүүй бу, тоом…

Мин эргиллэн көрбүтүм, ийэм искэҕин төбөтүгэр уһуу-уһуу дэлби күлтэйэн хаалбыт хап-хара көйүүрү кыбытан олорор.

– Бу киирэн сордообут дии… – сирэйин мырдыччы тутта-тутта, миигин уонна көйүүрү көрбөхтүүр.

– Өлбүт?..

– Өлөн… Балык сыата куппатахпыт буоллар, оо… – ийэм кириэстэнэн ылар. – Мин кулгааҕа анньан ыалдьан эрдэҕэ диибин ээ, иҥэн-хаһан көйүүр киирбитэ буолуо диэм дуо?

– Утуйа сыттахпына киирдэҕэ дии?..

– Утуйа сыттаххына бөҕө буоллаҕа уонна сүүрэ сырыттаххына киириэ дуо? – ийэм иэдээн тахса сыспытыттан саллан, үөн киирэ сылдьыбытын билбэтэхтэрин бэркиһээн бэл чыпчырынан ылар.

Сотору эбэм тыаттан сэбэһэ быанан хаппыт мас сүгэн аҕалар, эһэм үөстэн тахсар, аны Алаастан таайым Көстөкүүннүүн акка мэҥэстэн тиийэн кэлэллэр. Бырабылыанньаҕа кэлии-барыы үгүс сирэ. Бэйэлэрэ да бэрт сэргэх, элбэх саҥалаах-иҥэлээх дьон сонуннара, кэпсэллэрэ дэлэгэй.

Балык сыата кутуллан кулгаахпыттан көйүүр тахсыбытын кэннэ били сордообут ыарыы, харахтан сыыһы ылбыт кэриэтэ, ааһан хаалбыта, ол эрэн ити түгэнтэн ылата мин уҥа кулгаахпынан букатын истибэт буолбутум. Сыттыкпар хаҥас кулгаахпынан сыттахпына, киһи дьиэҕэ киирэрин-тахсарын, кыра тыаһы-ууһу билбэтим.

* * *

Күһүн бурдук хомуура бүппүтүн кэннэ, тылбыйар кынаттаах үөрэ халҕаһалыы анньан соҕуруу айанныырын саҕана, балаҕан ыйын ортотун диэки ыалбыт Мискээйэптэр оҕолоро Элэбэһиэтэлээх Ыстапаан Арҕаа Кыргыдайга, Туора Күөл оскуолатыгар үөрэнэ бардахтарына маҥнай утаа чуҥкук курдук буолар. Араа-бараа саастаах, миигиттэн биир сыл балыс Муттуйдар кыыстара Тахтахалыын, Дьэкиимэптэр кыыстара Маарыйалыын хаалабын. Атын оҕолор кыралар, киһи тэҥҥэ оонньообот уу ньамаан дьоно. Ол эрэн сотору орун-оннубутугар түһэн, син нэммитин тапсабыт, балаҕантан балаҕан ыккардыгар сүүрэкэлэһэбит. Эт тоҥор буолбутун кэннэ өтөхпүт ыаллара биир-биир идэһэлэнэллэр. Борооскуну, саас кытараабыт сүөһүнү эҥин тутталлар. Саха киһитин үгэһинэн, дьоммут хардары-таары бэйэ-бэйэлэригэр «амсайыыга» диэн хайаан да бэрсиһэллэр. Сүөһү тиэрэ көппүт күннэригэр биһиги, оҕолор, үтэһэ, тымтык төбөтүгэр итир иилэн уокка саллан сиибит, сыата ууллан кыһыл чоххо таммалаан сырдьыгыныы-сардьыгыныы буспут итир минньигэһэ сүрдээх. Миитэрэйэп таҥара саҕанааҕы күһүҥҥү идэһэ дьоро киэһэлэрэ үтүө да буолаллара. Күн биллэ кылгаан балаҕан иһэ эрдэ хараҥарара. Ийэлээх эбэбин кытта хотоҥҥо тахсыһан, ынах ыылларыгар тымтык тутарым, туһугар сылаалаах үлэ. Биир тымтык умайан бүтүөн иннинэ атыны уматан солбуйуллар. Эһэм тымтыкка диэн тыырбыт маһа кирээдэҕэ өрөһөлүү кыстанан турара. Ол эрэн кэлин ийэм аах ыһыырынньык уматар буолбуттара. Арыгы бытыылкатыгар кыраһыын кутан баран, чаалбааны эрийэн, ол быыһынан өрбөҕү субуйан таһааран битииллээн уматаллара. Буруолаах-тараалаах эрээри, ынах сааҕын бэллэйдээн киирэн тымтык тутан, утуктаан сөллөйөн турар курдук буолуо баара дуо, бэрт албас көстөн оҕолору абыраабыта. Ыһыырынньык тордоҕо сүрдээх – хотонтон таҕыстаххына, муннуҥ үүтэ, кытыыта хап-хара буолар, киһи күлүөн курдук. Туора-маары туур-таар сыыҥтаатаххына хара ньоҕой кэлэн түһэр.

Кыһыҥҥы кылгас күн илин саҕах көппөйбүт көмнөҕүнэн бүрүллүбүт тыатын кэтэҕиттэн дьоҕойон аатыгар эрэ, «бу дьоннор бааллар дуу, суохтар дуу» диэбиттии, быган көрө түһээт, төттөрү мэлис гынан хаалар борук-сорук хараҥа күннэригэр, уһун киэһэлэригэр сирэй оһох иннигэр түмсэн олорон күннээҕи ииспэрэй-тааспарай үлэ түбүгүттэн саҕалаан, ардыгар табылыннаҕына, олоҥхотугар тиийэ онолуйар уус тыллаах хоноһолоннохпутуна, онон саараан күн уһуна биллибэтэ. Ону кытта эһэм барахсан сэһэнэ-сэппэнэ хаһан бүппүтэ баарай. Таайым Алаастан кэллэҕинэ холкуос олоҕун-дьаһаҕын туһунан биир туспа ураты сонун.

Эһэм араас эгэлгэ кэрээбэт кэпсэлин истээри, Илин Кыргыдайтан Мэнээх Миитэрэй диэн икки хараҕа суох киһи кэлэн хас эмэ хонукка хонон-өрөөн ааһар үгэстээҕэ. Түөрт уонун да туола илик эдэр киһи этэ. Биһиэхэ кэллэҕинэ си дьүгээр сыппата, бэйэтиттэн араарбакка илдьэ сылдьар чохороон сүгэтинэн мас мастаан батырҕатара, онтун көтөҕөн киллэрэн, сирэй оһох кэннин толору кыстыыра. Биирдэ сылдьыбыт да сирин сүрдээҕин билэрэ, өйдүүрэ. Билбэт киһи харахтаах киһи диэх курдуга. Мэнээх Миитэрэй өссө оҥостон олорон собо хатырыктыыра, үөһүн тарбаҕын сүрэҕин иминэн булан биири да тэспэккэ ыраастыыра.

Урут дьонум аах Хондуһа диэн көлүйэлээх, Арыы Тиит диэн үрдүк кырдаллаах Хочот күөлүн Кубаҕай Хоспох диэн өтөҕөр олордохторуна, таайым биир сайын чөчүөккэни кытта оонньуу сылдьыбыта үһү. Бүөтүр кэпсииринэн, дьоно үлэлэригэр барбыттарын кэннэ бэйэтин кытта эмдэй-сэмдэй уҥуохтаах, дулҕа сиэлин курдук намылыйбыт чачархай баттахтаах оҕо оһох состуогун анныгар кыра хайаҕас оҕото баарыттан лэкээриҥнээн тахсан кэлэр эбит. Бүөтүр чөчүөккэни үтүктэн ол хайаҕас устун киирэ сатыыра да, этэрбэстээх аҥаар атаҕын төбөтө эрэ батара үһү.

Таайым, урут чөчүөккэни хаһан да көрбөтөх оҕо, дьонноруттан хаалсыбакка эдьиийин кытта ходуһаҕа окко киирсэр эбитэ. Күһүөрү сайын, кус оҕото кынатыгар уйдарбытын кэннэ, биир күн балаҕаныгар соҕотоҕун хаалбыт. Дьоно тахсан мэнээк барбатын диэн дүлүҥ маһынан таһыттан баттатан кэбиспиттэр. Күнүс түннүк анныгар турар остуолга ийэтэ аах бэлэмнээн хаалларбыт астарын аһаан, суорат сиэн мотуйа олордоҕуна кэннигэр оҕо күлэн чачыгырыыр саҥата иһиллибит, онуоха эргиллэн көрбүтэ, оһох холумтанын үөһэ кыыһа да, уола да биллибэт оҕо лаҕыай буола хатырбыт тахтайбыт атахтарынан тэбиэлэнэ олороро үһү… Ити күнтэн ыла Бүөтүр, дьоно отторугар бардаллар эрэ, уһун күнү быһа чөчүөккэлиин бэркэ тапсан оонньуур үгэстэммит. «Дьүһүнэ эмиэ да улахан киһиэхэ, эмиэ да оҕоҕо маарынныыра…» – диэн кэпсиирэ. Тобугун ааһар, киртийэн өҥө көстүбэт буолбут, тырыттыбыт ырбаахылааҕа эрэ үһү. Үтэһэҕэ үөлүллүбүт быччыкы курдук, эмиэ да ойуун эмэгэтигэр майгынныыр оонньуурдардааҕа, онтуларын состуок анныттан куруук бэйэтин кытта илдьэ тахсара, киирэригэр хонноҕун анныгар кыбынан төттөрү илдьэ барара үһү. Чөчүөккэ таайым талах сүөһүлэриттэн сырыы аайы куруук биир оҕуһу талан, ордук сөбүлээн оонньуур эбит.

Бүөтүр дьоно хаалларбыт аһылыктарын холумтан анныттан тахсыбыт оҕоҕо биэрэн аһатара үһү. Бэйэтэ буоллаҕына чөчүөккэ биэрбит лэппиэскэҕэ майгынныыр аһын сиир эбит. Кыра эрдэҕинэ иринньэх, борбуйун көтөҕөн да баран аһаах оҕо эмискэ этэ-сиинэ эбии уостан, ыран-дьүдьэйэн барбыт. Биир күн таайым оонньуу сылдьан адарай орон анныгар турбут, тимир куустарыы курдаах дьааһыгы арыйан чөчүөккэҕэ ийэтин саҥа тиктибит халадаай ырбаахытын тэнитэн көрдөрбүт. Онуоха чөчүөккэ улаханнык сэҥээрбэтэх, хата тоһоҕоҕо тимир кыптыый буутуттан иилиллэн турарын ылан ырбаахы байбарытын түөрэтин салама курдук эргиччи кырыйан кэбиспит. Иккиэн иэрийэ сыһыахтарыгар диэри күлүс да күлүс буолбуттар…

Эбэм Лөкүөрүйэ уола олус хотторбутун көрөн уйатыгар уу киирбит. Киһи дьиктиргиэх, ирээт анаан хаалларбыт астарын барытын аһыыр эбит, бэл диэтэр үгэххэ сойута ууруллубут чабычахтаах үүттэрин үрдүн халбыйан сиир дьарыктаммыт уолларын мөхпөтөхтөр. Эһэм аах Хочот күөлүгэр олороллорун саҕана оччолорго Көтүппэт диэн ыттаахтара эбитэ үһү. Сарсыарда ходуһаҕа киирсэн баран, киэһэ тахсалларыгар иннилэригэр куота кэлэн, балаҕан халҕанын тарбыыр үгэстээх эбит. Көтүппэт ынах тириитэ бүрүөһүннээх хаптаһын халҕаны тарбаатаҕына, чөчүөккэ сиппииртэн биир талаҕы сыыйан ылан, киитэ хоҥнон атыгыраабыт эркин быыһынан анньыалаан ыты дьээбэлиирэ үһү. Оттон дьон саҥата ньамалаһарын иһиттэр, киһи чугаһаабыт сибикитин биллэр эрэ: «Миигин кытта оонньообуккун отой кимиэхэ да кэпсээйэҕин, этээйэҕин, оччоҕуна сарсын эмиэ оонньуохпут…» – диэт, оонньуурдарын хонноҕун анныгар кыбынаат, состуок быыһынан бэрт холкутук киирэн, сүтэн-симэлийэн хаалара. «Көтүппэти тоҕо дьээбэлиигиний?» – диэн таайым ыйытар эбит. Онуоха чөчүөккэ: «Ыт тугу да көрбүтүн иһин кэпсиир тыла суох…» – диирэ үһү.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации