Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Түөһүн тылын ааһар хаар маҥан бытыга сатамдьыта суохтук токуччу тоҥмут эһэбин Муттуй Түмэппий оҕус сыарҕатыгар көбүөр суорҕаҥҥа суулаан тахсыбыта. Оҕонньор эрэйдээх дьоҕойон көхсүн тыаһа эрэ күрдүргүүрэ. Оронугар сытыарбыттарын кэннэ уһаабатаҕа. Ити курдук эмиэ биир баар-суох чугас киһибиттэн илии соттон хаалбытым… Ыалбыт Көстөкүүн эһэм түгэҕэ көстүбэт буолуор диэри соболоох тыыта үөскэ биэтэҥнии олорорун таһааран, Муттуй оҕуһун сыарҕатыгар тиэйэн аҕалбыта.

Эһэм төрүттэрин дойдутугар «аттанар» таҥаһын таҥыннарбыттарын кэннэ үтүлүгүн «кэппэккэ» эрэйдээбитэ. Ийэм: «Тоом, эһэҥ үтүлүгүн кэтэрт эрэ…» – диэн көрдөспүтэ. Мин өлбүт эһэбиттэн чахчыта да куттамматым. Ол, баҕар, эһэм барахсан наар күлэ-үөрэ сылдьыбыт эйэҕэс майгылааҕыттан, үтүө эрэ өйдөбүлү өйбөр-санаабар чиҥник олохтообутуттан буолуо. Сэмээр кэлэн өрбөх үтүлүк айаҕын атытан баран: «Эһээ, үтүлүккүн кэти-иий…» – диэбиппэр, оҕонньор иҥиир-ситии тарбахтара өс киирбэх сымнаан бэрт дөбөҥнүк үтүлүгүн «кэтэн» кэбиспитэ. Ийэм: «Оо, ол иһин…» – диэбит саҥатын өйдөөн хаалбыппын. Биир дьиктиргиирим диэн оҕонньору Кэҥэрэччигэ эбэм ыксатыгар илдьибэккэ, Тээкиччэҕэ, олорбут өтөҕүн арҕаа кырдалыгар кистээбиттэрэ.

* * *

Балаҕаммытыгар үс буолан хааллыбыт. Таайым үксүн Алааска, онон ийэбинээн иккиэйэх да кэриэтэбит. Тугу баҕарар тута, тохтото түһүөххэ сөбө буолуо да, арай кэм-кэрдии эрэ кимиэхэ да бас бэринэн буоһалаппакка, тэтимин ыһыктыбакка, бэйэтин дьаалатынан биир кэм тохтоло суох устар да устар. Сороххо иэнэ суох иэдээни, атыҥҥа дьоһун дьолу тосхойон, үтүө олоҕу түстээн, кэм-кэрдии кэрээбэккэ кэлэн ааһа турар. Ол эрэн киһи олоҕо наар сортон эбэтэр дьолтон турар буолбатах, үтүө уонна мөкү, ытыыр уонна күлэр аҕас-балыстыылар диэбиттии хайаан да солбуһаллар. Барыга бары туорааһын, орто баайыыттан ойуччу туруу баарын быһыытынан, сорох наар үтүөтүк, атын олоҕун устата эрэйи эҥээринэн тэлэрэ эмиэ баар суол.

«Алдьархай аргыстаах, иэдээн эҥээрэ суох буолбат» дииллэрэ, арааһата, кырдьык быһыылаах. Кыһын ааһан, саас барахсан тиийэн кэлбитэ. Кырдаллар сааллара харааран, ынах эриэнин курдук харалдьыктар тахсаннар, күн сыралыттан хас күн аайы кэҥээтэр кэҥээн, бэйэ-бэйэлэрин кытта сиэттиһэн испиттэрэ. Үрүҥ, араҕас уонна сылгы хоруончахатын ууга суурайбыт курдук өҥнөөх ньургуһуннар хойуутук хоҥкуйа тыллан, сиккиэр тыалга бигэнэн, биир кэм уу долгунунуу күөгэлдьиһэ хамсаабыттара. Айан көтөрүн эгэлгэтэ соҕуруу дойдулартан, түүннэри-күнүстэри түркүннээн, тохтоло суох субуллубута. Аҥхалаат, хотоол сирдэргэ, тыалар сиксиктэригэр суугуначчы кэһиллэр, бүтэр уһукка хаалбыт көмүрүө хаар ууллан, үрэхтэр уулара хааларыттан тахсан, кытыл сир, хочо арыы талахтара, үөттэрэ быһар быһаҕастара уу анныгар хаалан, сорох-сорохторо илбиргэстээх-салбырҕастаах ытарҕа төбөлөрө эрэ быган дохсун сүүрүккэ оҕустаран илибирии-тэлибирии, титирэстэһэ турбуттара. Араас чыычаах, күн эгэлгэ көтөр чуп-чубугурас, чып-чыбыгырас, чап-чабыгырас саҥата устунан биир кэм күрүлүү тыаһыыр күрүлгэн күйгүөрүгэр кубулуйбута. Киэһэ утуйаары сыттахха күнүс көй үрдүк күөх халлааҥҥа тырыбынайа оонньообут күөрэгэй саҥата кулгаахпар олорон хаалбыта дьирилии-дьурулуу иһиллэрэ… Бу айылаах үтүөкэн күннэргэ, от-мас сир уутун тото иһэн силигилии тыллаары өрөйөн-чөрөйөн ахан турар кэмигэр, киһи ама туох алдьархайа ааҥнаабыт, иэдээнэ эҥээрдэспит үһү диэх курдук саныыра.

Таайым аах Муҥхаарыма үрэҕэ диэн сааскы көтөр сөбүлээн түһэн, таарыйан ааһар сиригэр хас да буолан хоно-өрүү кустуу барбыттара.

Үс хонук бултаан баран өтөхтөрүгэр кэлээри хомунан, аттарыгар бэрэмэдэйдэрин уурунан, төргүүлэрин баанан, көлөлөрүн тиҥилэхтээн хоҥнон эрдэхтэринэ, арай Муҥхаарыма үрэҕин баҕарах буолан кэтирээн тахсыбыт күөлүн уҥуор бэрт намыһаҕынан туруйа сапсыҥнаан көтөн кэлэн түспүт. Бүөтүр, атын тэһиинин хахыйахха иилээт, көтөргө үөмпүт. Доҕор дьоно, Мискээйэп Көстөкүүн, Бөтүрүөп Борукуоппай (эһэм Өлөксөй бииргэ төрөөбүт убайа Баһылай Оҕо уола, Арҕаа Кыргыдайга сэрии иннинэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыта), аттарыттан да түспэккэ, иҥэһэлэриттэн тэбинэн өндөҥнөһө-өндөҥнөһө көрөн турбуттар. Таайым туруйаны саас да, күһүн да мэлдьи өлөрөөччү, онон үгэс оҥостубут булда этэ…

Туруйа, таптарбыт эрээри, ырбыы нөҥүө мууска баран түспүт. Сүүрүктээх үрэх күөлүн ырбыыта хайыы-сахха кэҥээн, мууһа өрө көтөҕүллэн, тыалга бигэнэн, кытылга анньыллан тиксэн турара эбитэ. Таайым хаатын таһынан тахсан бычалыйан, сорох сиринэн буруулана-буруулана устан бидилийэ сытар үрэҕи олом сиринэн далаһалаан тахсан булдугар барбыт. Туруйа оол курдук дьэҥкир мууска өлөн тыалга түүтэ үргэҥнии сытара үһү. Тайах мастанан муус устун сэрэнэ-сэрэнэ сэмээр хааман көтөрүн ылбыт. Күүстээх тыалга уҥуор-маҥаар устаҥныы сылдьан көлүйэ күөл мууһа чарааһаан, лыҥкыныы-сардьыгыныы тыаһыы-тыаһыы, көөрөттөн сур гына турара. Саҥа төннүөх курдук гынан эрдэҕинэ, киһи ыйааһынын уйбакка, саркааҕырбыт муус дьөллөн таайым эмискэ биирдэ аллара ньимис гынан хаалбыт… Көстөкүүннээх, Бүөтүр ууга түспүтүн көрөн, бэрэмэдэйдэриттэн сүгэлэрин ылан, хаһан үрэҕи туораан ураҕас быстыахтарыгар диэри ууга түспүт киһи муус үөһэ сынан тахса-тахса хаста да хат түспүт. Аны туран дьоно, ууһута суох буоланнар, муус устун хааман киһилэригэр киириэхтэрин саллан, ураҕастарын туппутунан кытылга ыһыы-хаһыы бөҕөтө буолан сүүрэкэлэһэ эрэ сылдьыбыттар. Таайым уу өтөн киирбэт уһун остоох, самаҕар диэри тардынан баран куругар баанан кэбиһэр ынах тириитэ ыыстаммыт боруонньалааҕа, онтутугар тобус-толору уу киирэн төһө да таастыганныы тарда сырыттар, эдэрэ уонна кыанара бэрт буолан кэмниэ-кэнэҕэс бэйэтэ тахсыбыт, өссө ыраах элиппит били туруйатын кытта хаалларбатах.

Таайым, төһө да чэгиэн, муус өлүөр киһи буоллар, ол ууга түһүүтэ улаханнык охсубута, эдэр этин-сиинин ньамньыраппыта. Кини ууга түспүт күнүгэр туох да сүрдээх күүстээх тыаллааҕа, силиитигэр тиийэ тоҥмут, эбиитин инчэҕэй таҥастаах бап-бабыгырас киһи айаннаан кэлэригэр тыалга курдаттыы оҕустаран икки өттүнэн сэбиргэхтэтэн охтубута. Тыҥата «үллэн» ойоҕосторун уҥуоҕун тоһуталаан, тыына бобуллан, урут хаһан да «айака-дьойоко» диэбэтэх бэйэтэ түүнү быһа тиҥиргэччи ынчыктаан көрбүт хараҕын симпэтэ, хааннааҕынан силлии, өҕүйэ сыппыта. Доҕоро Көстөкүүн Балаҕаччыттан Тилийэ биэлсэри аҕалбыта да, кини да эмэ-томо туһалаабатаҕа. Арааһынан бары уһуннук эмтэнэ сатаабыта эрээри, ытарча курдук ыбылы ылбыт ыарыы дөбөҥнүк ааһан-арахсан биэрбэккэ суорҕаҥҥа-тэллэххэ лигиир сыппыта. Устунан үлэтиттэн уурайан, балаҕанын иһигэр эрэ сүөдэҥниир киһиэхэ кубулуйбута.

Таайым кустаан кэлэн баран арыый да иллэҥ кэмигэр, окко киириэххэ диэри, быыс-арыт булан аҕатын уҥуоҕун тутуохтааҕа ол оннук хаалбыта. Өтөхпүт арҕаа халдьаайытыгар эһэм оҕонньор хараллыбыт туоһута хайыы-сахха кырыһыран, сытыган от үүнэн симэлийбиккэ дылы буолбут буора уонна мас кириэс оҕото эрэ хороллон турара…

Бүөтүр ыалдьыбыт сайыныгар мин өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн, олорон хаалбыт дьиктини көрбүтүм. Биир куйаас күн ийэм икки ыаҕаһы эр-биир тоҥолохторугар иилинэн күөлгэ уу баһа киирбитин кэннэ, саҥа бытыгыраан хойдон эрэр нэчимиэн бурдук бааһынатын бүтэйин кыйа хааман иһэн, соһуйаммын хорус гына тохтуу түстүм: арай ити курдук, өтөхпүт арҕаа эҥээригэр кэчигирэспит дьон уҥуохтарын быыһынан илэ чахчы, отой чуолкай таайым Бүөтүр баран эрэр: ыыс араҕас саппыйаан этэрбэстээх, хап-хара сүбүйүө ыстааннаах, сабыс-саҥа кыытта маҥан, туруору саҕалаах кособоруокка ырбаахылаах… Чахчы таайым Бүөтүр… Киэҥ-киэҥник хардыылаан иһэн, үгэһинэн, уҥа ытыһынан баттаҕын кэтэҕин диэки хаһыйа анньыммахтыыр. Мин сүрдээҕин дьиктиргээтим, бэл тылбыттан маттым, балаҕаным диэки көрөн баран эргиллиэм ыккардыгар таайым сүтэн хаалбыт. «Тыый… туран тахсыбыт…» – дии санаат, дьиэбэр тэбинним, сүүрэн кэлэн халҕан аанын хаачыгыр гына арыйа тардыбытым, Бүөтүр оронугар нуктуу сытар. Төһө да араас иччи, абааһы, сибиэн туһунан кэпсэтэн бэйэ-бэйэбитин куттастарбыт, ол сайын таайбын бэрт дьиктитик, илэ көрбүппүттэн отой куттамматаҕым. Ийэбэр кэпсээбиппин: «Сиэри дьүһүн кубулуна сырыттаҕа…» – диэбитэ. Оҕо буолан тугу эппитин өйдөөбөтөҕүм…

Ийэм сурдьун ыарыылаары, хайдах да тиийинэн үлэлиир кыаҕым суох диэн, холкуоһуттан тахсыбыта. Онон хаһан да холкуоска киирэ сылдьыбатах дьон курдук, урут артыалга холбообут сүөһүлэрэ ол курдук хаалбыта, бэйэбит тыыннаах баайбыт диэн тарбыйахтаах ынахпыт Тамма, ону таһынан аппыт Чолоһуйа уонна ыппыт Маанчык.

Ити сайыны этэҥҥэ сайылаатыбыт, эппиккэ дылы, сайыҥҥы өттүгэр баҕас «үөннээн-күрдьэҕэлээн» да оҥойор айахпытыгар тото аһыыр ас баҕас баара.

Күһүнүгэр тиийэн таайым арыый да бэттэх кэллэ, дьиэ таһыгар тахсан хаамар, ыалларыгар бэйэтэ, киһи өйөтүүтэ суох, тайах маһыгар тирэнэн барар-кэлэр буолла, ол эрэн букатын, ис-иһиттэн сэниэтэ суох. Ону ийэм аах кистии-саба, истибэтигэр «бокоорбут» дэһэллэр. Ийэбинээн сайын Тээкиччэҕэ тарбыйахтаах ынахпыт дьыл тахсар отторун оттоннубут. Ардыгар бэйэ-бэйэбитин солбуһабыт: ийэм охсон таҕыстаҕына, мин мунньа киирэбин, мин мунньан таҕыстахпына, ийэм охсо киирэр. Обургу от буолуох бугулун томтоппуппут кэннэ, биир киэһэ Алаастан Көстөкүүн кэлэ сылдьарын туһанан, дьонум сыа-сым курдук, эппиккэ дылы, салаа да оту хаалларбакка, кэбиһэн чөкөтөн, бүтэйдээн кэбистилэр. Тахтаха, Эйэҥ кыыһа Маарыйа уонна мин бугул түгэҕэ харбастыбыт. Онон, төһө да тарбыйахтаах ынахпытыгар эрэ да буоллар, сааскы күөххэ сүөһүлэрбитин үктэннэрэр дьон аатырбыппытыттан бэйэбитин бөҕөхтүк сананныбыт.

Күһүн сэтинньигэ, Миитэрэйэп таҥара эргин, кыстык хаар халыҥаан бэрбээкэйинэн кэһиллэрин саҕана, бөрөлөр элбээннэр холкуос сылгыларын тарпыт сурахтара иһилиннэ. Сотору аны Бэти күөлүгэр хас да аты тарпыттар диэн буолла. Таайым сылгыһыт уолаттарга илдьиттээн Көтөх Инньээн диэн күөлгэ бэйэтин курдук миҥэ аттарын кытта булсуһан хаһан аһыы сылдьар Чолоһуйаны туттаран ылла уонна аны хаһан миинээри, саас ырыганнаан, көтөхтөрөн хааллаҕына айахтатар оппут суох, таах кыыл-сүөл, суор-тураах аһылыга буолуо диэн Арҕаа Кыргыдайга Бөчөөх Өндөрөй диэн киһиэхэ ыҥыырдыын майдыын, көлүнэр сэптэри-сэбиргэллэри түөрэтин атыылаан кэбистэ. Аппытын аһыйбыппыт иһин, кыһалҕа кыһайбытын кэннэ, хайыахпытый?

Эһэм өлөн, таайым ыалдьан урут хас күһүн аайы кыра булка күннэтэ кэриэтэ хара тыаны баппыт ыппыт Маанчык соҕотоҕун бара-кэлэ сатаан баран, хотон ойоҕоһугар балбаах уйатын иһигэр түүрүллэн сытта. Бэйэтэ да кырдьан, сааһыран, сабыстан эрэр ыт, Бүөтүр этэринии, «борҕоһуйан» хаалла. Туспа, туора дьон ыҥырдахтарына төрүт батыспат.

Ахсынньы эргэтэ, аам-даам түптэлэс туманнаах тымныы түркүннээн түһэн турдаҕына, биир сарсыарда аан чанчыгар сыппыт ытым туран ыйылаабытыгар, муус чомпой буолбут халҕаны сэгэтэн таска таһаардым. Маанчык чэпчэтинэн баран кэлэн ааны тарбаатаҕына искэ киллэрэрим. Ытым уһаабытын иһин тахсан ыҥыра-ыҥыра чугас эргин көрүөлүү сатаатым да, ханна да суох… Күн ортото буолла. Ыппыт биллибэтэ. Кыһыҥҥы кылгас күн арҕаа саҕах кэтэҕэр, отоҥҥо ытыллыбыт күөрчэх курдук, кытара кыыһан киирдэ, борук-сорук барыгылдьыйан барда. Суох, Маанчык син биир биллибэтэ, дьиктитик мэлийдэ… Лаппа хараҥарбытын кэннэ хонук аһылыкпытын – күһүҥҥү күрэх муҥхатын соботун мииннээн үссэнээри олордохпутуна, таска, тэлгэһэ үлтү тэпсиллибит чигдитигэр киһи атаҕын тыаһа кыычыр-хаачыр үктэнэн кэллэ, аан айаҕар туран «топ-топ» охсуолаан этэрбэһин тэбэнэр тыаһа иһилиннэ. Ыалбыт аҕалара Муттуй Түмэппий эбит, буруйдаммыт киһилии мулук-халык, кирик-хорук туттубут… Сэрэйбиппит курдук, киһибит хобдох сонуннаах буолан биэрдэ. Баарыын сарсыарда балаҕантан таһаарбыт ыппыт, тэһийбэккэ, сыта сатаан баран, урукку үгэһинэн сэргэхсийээри, күөл уҥуор тиийэн, куобах ороҕун батан төттөрү-таары сүүрэкэлээбит, кэлбит-барбыт. Ол сылдьан Түмэппий үрэх иһигэр саһылга анаан тарпыт айатын кылыытын таарыйан тыла суох барбыт. Ийэм Маанчык өлбүтүн истэн: «Оо… наар аанньа буолан истэхпит…» – диэбитин өйдүүбүн. Балаҕаммытыгар иккиэйэҕин хаалар кэммитигэр ытым доҕор буолан туһугар абырыыра, ардыгар адарай орон үөһэ сытыаран ыппын кууспутунан утуйан турарым. Маанчыгы аһыйаммын, устунан эбэлээх эһэбин санааммын, ол киэһэ кистии-саба, санаан кэлэ-кэлэ ытаатым.

Тарбыйахтанаары иһэ марайан сылдьарын иһин «буос-буос бээгэчээн…» диэн ийэм таптаан ымманыйар ынаҕа Тамма Былаҕачыанайап таҥара саҕана үчүгэйкээн бэйэлээх тыһы оҕолонно. Онтубут, били ийэм «наар аанньа буолан истэхпит» диэбитинии, хас да хонукка сыптарыйан-сыптарыйан баран өлөн хаалла. Тамма оҕотун суохтаан ыҥыранар, оччоҕуна буруйдаах дьон курдук ынахпыт хараҕын таба көрбөппүт. Ийэм аҕыйах хонукка ынаҕын иэтээри сүлбүт торбоһун тириитинэн Тамма бэриҥин үҥүлүтэн баран тохтоото.

* * *

Дьонум өссө саас, сыарҕа суола алдьаныан иннинэ, Тээкиччэттэн икки аҥаар көстөөх Оттоох диэн күөлгэ сээкэй таһаҕастарын, Көстөкүүнтэн атын уларсан, таһан кэбиспиттэрэ. Тоҕо Тээкиччэттэн көһөн онно олохсуйардыы тэриммиттэрин мин өйдөөбөтүм. Ханна бараллар да, батыһа сылдьар киһи буоллаҕым. Бука, ордук бултаах-астаах, табыгастаах диэн сир уларыйдахтара.

Окко киириэх иннинэ таҥаспытын ынахпытыгар бэрэмэдэй курдук суулаан сиһигэр мииннэри быраҕан боппоруктаан баран бэйэбит эмиэ кыра сүгэһэрдээх, оҕус борооскубутун батыһыннаран, Оттоох күөлүгэр көспүппүт. Куйаас, ол эрээри тыаллаах күн этэ, чэлгиэн сиргэ киирдэххэ кумаара тарҕанан син намырыы түһэрэ. Сир симэҕэ ситэ тыллан, сыһыы, хордоҕой дьэрэкээн өҥнөөх чэчиктэринэн киэркэйэн ахан турара. Аара Хаптан диэн көлүйэ күөлгэ чэй оргуттан, Куондара оҕонньор хаалан турар хаарбах балаҕанын таһыгар тохтоон, түптэ түптэлэнэн, үссэнэн ааспыппыт. Таайым аматыйан тэҥҥэ хаамсара, мин оҕо киһи сиэринэн субу-субу: «Хаһан тиийэбит, ийээ?» – диэн үрүт-үөһэ ыйытарым. Санаабар бэрт уһуннук айаннаан, ол эрээри киэһэ сөпкө соҕус арыы тиит тыа быыһынан Оттоох эбэ сэндэҥэрэн, элэгэлдьийэн көстүбүтэ.

Оттоох хара маһыттан уулаах, Муора диэн атахтаах дьоһуннаах тыымпы күөл. Төһө да нэлэһийбит оттонор ходуһата суоҕун иһин, тарбыйахтаах ынах кыстыырыгар баҕас өтөхтөрү да кыһыйан киһи сүөһүтүн дьылы этэҥҥэ таһаарар сирэ этэ…

Айан суола орҕочуйан кэлээт да өтөххө киирэр. Эйэҥнэр ампаар дьиэлэрэ баарыгар аан тас чанчыгар түптэ хойуу буруота унаарыйа сыыйыллар. Халый диэн биэс уончалаах киһи сайылыы кэлэн олороро. Буор балыксыт киһи эбэтин үрэҕэр туу, ардьа угар, эмиэ да илимниир. Соботун бөдөҥүн барчалыыр, кыратын хачымаастыыр, мундутун хохтулуур.

Эргэ хотону сөргүтэн, бүтэйин-хаһаатын абырахтаан, балаҕан таһын илэчититтэн кыһыйа охсон, кумаара, бырдаҕа тарҕанан, өтөхпүт букатын сэргэхсийэ түстэ. Сир-дойду хаһан баҕарар икки атахтаах олохсуйан олорорун эрэ тухары киһи кута-сүрэ тохтуур ураты уһуу тыыннанар. Киһиттэн атын ким ийэ айылҕа барахсан кэрэтин ситэ сэҥээрэн аймаһыйа айманыа баарай?

Халыйдыын дьукаахтастыбыт. Сүрэхтэммит ааттаах-суоллаах буолуохтаах эрээри наар Халый да Халый дииллэрин иһин мин да кини дьиҥнээх аата кимин токкоолоһо барбатым. «Биһиэнэ кэм буолуо» диэбиккэ дылы, Халыйбыт ый баһыгар-атаҕар (хата, дьолго, субу-субу буолбатах) сууллан түстэ да, айаҕыттан күүгэн оргуйа-оргуйа тартаран титирэстиир. Ол эрэн уһуннук сыппат, титигирээн бүттэ да, ойон тураат, туох да буолбатаҕын курдук, үлэлээбитин курдук үлэлээн, түбүгүрбүтүн курдук түбүгүрбүтүнэн барар, дьээбэтэ-хообото, кэпсэлэ-ипсэлэ дэлэй. Ийэм: «Итинник ыарыылаах киһи тыыланарыҥ, көлөлөнөрүҥ сэрэҕэ бэрт буолаарай?..» – диэбитигэр, Халый: «Ээ суох, киирээри гыннаҕына билэбин», – диир. Онон «билэр» киһини дьонум туох диэн бобуохтарай, бу үйэҕэ соҕотоҕун олорон, сылдьан кэллэҕэ. Халый күһүн муус тоҥон, кыстык хаар түһэн, кылааннаах түүлээхтэртэн эрдэ ситээччилэрэ кырынаас кыытта маҥан өҥнөнөн ситэ тупсубутун кэннэ, талах чааркаан атытан бултаан, көтөргө өссө сир харатыттан, кэлин кырдал сир кытыаннарын хаардыы-хаардыы кыл туһаҕынан туһахтаан, куобахха тэптиргэлээн, сохсолоон, устунан «муостаммыт» тииҥнэри сонордоһон баран биирдэ эрэ Арҕаа Кыргыдайга баран, ыал олорор убайа Холтуун диэн киһиттэн сыарҕалаах ат уларсан кэлэн сайыны быһа муспут балыгын, күһүҥҥү булдун лөглөччү тиэйэн барар үгэстээҕэ. Тээкиччэҕэ эрдэхпитинэ ийэбинээн «Социализм суола» холкуоска баран кэлэрбит, онон Халыйы көрөн билэрим, үксүн дьиэтигэр суох буолара. Убайа Холтуун миигинниин эт саастыы Ньукулай (Хабах) диэн уоллаах. Биһиги тиийдэхпитинэ: «Ылыҥ тэҥнэһэн көрүҥ эрэ», – диэн көҕүс-көҕүспүтүнэн туруоран мээрэйдииллэрэ.

«Социализм суола» холкуос киинэ Бэти күөлэ Тээкиччэттэн икки аҥаар көс эбит буоллаҕына, Оттоохтон балтараа көс кэриҥэ. Оттоох эбэ барахсан аатырыан аатырбыт, халыҥ хаһалаах, сүрдээх эмис, минньигэс соболооҕун көһөн кэлэн баран биирдэ эрэ чахчы итэҕэйдим. Биир үксүн ол да иһин дьонум манна көстөхтөрө дии санаатым. Ийэм собо хоргунун халбыйан таас бытыылга кутан, эбиитин үөлбүт балык кэһиилэнэн сай устата Бэтигэ хаста да бара сырыттыбыт.

Оттоох, эмиэ Тээкиччэ курдук, айан суола аараан ааһар сирэ. Күһүн суол турдар эрэ сатыы, аттаах сыбыытаабытынан барар эбит. Өссө кыстык хаар түһүөн иннинэ биһиги эбэ уҥуор баар Өрөө Көстөкүүн диэн киһи өтөҕүн моойторук олуктаах ампаар дьиэтин буорунан сыбаан, хотонун оҥостон кыһыны онно кыстыырдыы тэриммиппит. Добдурҕа саҕана көстүбүт, дьукаахпыт Халый балаҕаныгар хаалла. Бэтиттэн кэлэн хоно сыппыт Тоҥус Ньукулай, Алаҥха Миитэрэй уонна холкуос эҥин диэҥҥэ киирбэтэх, наар ыалтан ыалга хаамаайылыыр Таркаайы кыыһа Харытыана диэн дьахтар көмөлөстүлэр. Эр дьон үргүлдьү аастылар, Харытыана хаалан хас да хонно, хотон эҥин сыбаста, онтон үгэһинэн салгыы хайа эрэ ыалга баран хаалла.

Өрөө Көстөкүүн ойуумсуйа сылдьан баран кэлин ол дьарыгын тохтоппут. Дарайыы ууска тоҕус томторҕоно муостаах дүҥүрү оҥорторбута көһөн барбыт иччитэх балаҕанын муннугар былаайаҕа быарыгар бааллан, алын хаймыытыгар хайа эрэ чыычаах уйа туттубута сабырыйан сатанахха ыйанан турара. Ийэбиттэн Өрөө ойуун этэ дуо диэн ыйыппыппар, «Ээ суох, тоом, Көстөкүүн хантан кэлэн ойуун буолуой, кини биһикки баҕас иктэтэ суох дьон инибит, көннөрү айаҕын туһугар «дьээбэлэнэ» сылдьыбыт киһи…» – диэн хардарбыта.

Таайым кэм аматыйбыта. Ол эрэн ыарыыта ааһан-араҕан отой үтүөрэн да хаалбатаҕа, эбии нэмийэн хам ылан сытыаран да кэбиспэтэҕэ, ылбат-биэрбэт ыккардынан антах да барбакка, бэттэх да кэлбэккэ сылдьыбыта. Ардыгар ыарыыта бэргээтэҕинэ, санаата оонньоон, эдэр сааһыгар эрэйи көрөрүттэн иэйэн-туойан, суланан, муҥатыйан да ылара. Чэгиэн эрдэҕинэ үлэ үөһүгэр умса-төннө түһэ сылдьыбыт киһи туос иллэҥ буолан хаалбыта туох аанньа буолуой, букатын тэһийбэтэ, илии туппайа суох хайдах да сатаммата. Ыалдьыан иннинэ биир өрүс уҥуор олохтоох дьахтары кытта чугастык билсэр этэ. Холбоһор баҕа санаалааҕа. Иэйдэҕинэ, ытыс саҕа кинигэҕэ хаартыскатын уган илдьэ сылдьарын ылан көрдөрөрө.

Сайын өтөхтөргө хара буору өрө тибилийэн бурҕаппыт бурҕаалары бултаһан, балаҕаныгар кэлэн чэй иһэн бара-бара, дьарык оҥостон сонордоһоро. Мин саппай уопсан батыһарым, таайым бэрт чугас да сиргэ хаамарыгар субу-субу тохтоон, тыын ылан сынньанара, ону ама бу ыккардыгар итиччэ сылайара буолуо дуо дии саныырым. Урут ол-бу буолар-буолбат кыра түбүк аайы кыһаллыбат бэйэтэ букатын оҕотугар түспүккэ дылы устар күнү быһа маттаҥаалыыра. Тиритэн-хорутан ахан, сүүмэх-сүүмэх баттахтара сүүһүн көлөһүнүгэр сыстан будьуруйбут, бэрт кылгас кэм иһигэр этэ-сиинэ уостан уҥуох-сула буолан хаалбыт таайбын ардыгар дьиктиргии, бэл диэтэр атыҥырыы көрөрүм. Маттаҥаа хороонун хаһан көрөн баран: «Уу куппут киһи, бу бэрт сир эбит…» – диэтэҕинэ, эргэ туос ыаҕайаҕа ити курдук күн уотугар күлүмүрдүү оонньуу сытар күөлбүттэн уу баһан элэгэлдьитэн аҕаларым, чуочаччы хаппыт ыаҕайа сиигэ атыгыраан, онон-манан дьэҥкир уу тыккырыы тыган, толору уулаах иһитим өтөх үөһэ тахсыахпар диэри быһар быһаҕаһа эрэ хаалара. Кэлин уу иҥэн, туоһа түллэн арыый да тохтуура. Таайым барахсан тарбыйах үтүлүгүн үөһэ тобуктаан олорон: «Дьэ бу кэннэ баҕас…» – дии-дии, улаханы кыайыах-хотуох киһи курдук ыаҕастаах ууну иҥнэрэн туруору хороон иһигэр кутара уонна, нэһирбит бэйэтэ хантан ылбыт хапсаҕайа эбитэ буолла, охсор маһын хаба тардан ылан бурҕаа тахсарын кэтэһэрэ. Сорох күн отой мэлийэрбит, ардыгар үһү-түөрдү, табылыннаҕына оннооҕор да элбэҕи бултаан, туһугар бэркэ диэн сэргэхсийэрбит. «Ыппыт Маанчык баара эбитэ буоллар…» – диэн ыппытын ахтыһарбыт. Маттаҥааларын таайым сыа-сым курдук кичээҥитик тутан сүлэн, тиирэн, хатаран бэрийэрэ. Ийэм Бэтигэ бардаҕына лааппыга туттарара.

Сай устата олорор күөлбүт өтөхтөрүгэр хас да оту томтоппуппут. Бэйэбит борооскулаах ынахпыт кыстыыр отун таһынан дэлэйдик ордор оттоммуппут. Кыһын Былахыыраптар диэн Халбаакы ыаллара Илин Кыргыдайга, Алааска сүөһү айахтата аҕалбыттарыттан ийэм биир ынаҕы, кыһыны кыстатыах буолан, кэпсэтэн илдьэ хаалбыта. Онон икки ыанар ынахтанан, муҥха балыгыттан өлүүлэнэн ой-бото аһылыктаах ыал буолан олорбуппут. Ардыгар дьаам, бэдэрээт дьоно хонон аттарын хабыалатан, аһатан ааһаллара. Биир көлө атын хонук аһылыга буут от. Оппут иһин холкуос харчы төлүүр. Таайым, айан дьонун көлөлөрүн сыарҕатыгар олорсон, Арҕаа Кыргыдайга барсан ардыгар хас да хоноро. Төннөрүгэр аргыс дьон көһүннэхтэринэ онон кэлсэрэ. Сороҕор сатыылаатаҕына, киэһэрэн, хойутаан хааллаҕына, Оттоохтон сэттэ-аҕыс биэрэстэ кэриҥэ тэйиччи Бэрэ күөлүгэр олорор Дьэрсиикэп Сүөдэрдээх диэн ыалга хоноро. Сүөдэр – холкуос булчута, кэргэнэ Маарыйа отутун эрэ ааспыт эдэр дьахтар, үһүс оҕотун саҥа оҕолонон мэлдьи балаҕаныгар баара. Сии кырбас, сыры-сыллата үс оҕолоохторо. Сүөһүлээх-астаах этилэр. Ийэлэрэ Маарыйа икки улаханын: «Оотой уонна Тоотой…» – диэн ыҥыртыыра. Бука, таптал ааттара буолуо. Оттон уу кыһыл үһүстэрин аатын төрүт да билбэтим.

Ахсынньы, тохсунньу ыйдарга түптэлэс тымныы ордук сытыырхайар. Ол эрэн бу да кэмҥэ ардыгар халлаан халыҥнык былытыран нуһараҥныыр, бурхаарар, ирбинньик-сарбынньык оһуордаах бөдөҥ хаар намылыйа, нуоҕайа түһэр бэрт ичигэс күннэрэ кэлэн ааһаллар. Ийэм: «Халлаан хаарын халыҥатаары сылыйбыт, хата маны туһанан Бэтигэ баран кэлбит киһи. Чэй, табаах да баранна, бурдук да бүттэ», – диэтэҕинэ, мин, оҕо киһи сиэринэн, атын аҕай дьэргэйэн өрө көтө түһэбин: «Мин барсыам!..»

Ийэм соҕотох кыыһын таҥаһын-сабын көрөн-истэн бэрийэр, таайым да таҥаһынан татымсыйбатах киһи.

Куобах истээх сарыы үтүлүктээхпин, кэтиинчэлээх, куллукалаах ип-ичигэс ынах этэрбэстээхпин, тииҥ тириититтэн тигиллибит мукулай бэргэһэлээхпин, истээх торукуо сонноохпун, эмиэ ийэм тикпит халыҥ истээх баата ыстааннаахпын. Мааныга, ыалга барарбар кэтэр таҥаһым туһунан, кэллибит да ийэм чөкө тутан ууран кэбиһэр. Ардыгар иэйбит кэммэр хоноһо, ыалдьыт сырыттаҕына: «Бу мин мааныга кэтэр таҥаһы-ыым…» – диэн улахан күндү таҥастаах киһи быһыытынан таҥалайбын тыаһатан көөчүктэнэрим. Бэтигэ ийэм билэр ыалларыгар барыларыгар сылдьабыт, онон туһугар улахан сэргэхсийии. Хайаан да кэһиилэнэбит, биһиэнэ кэһиибит диэн собо хоргуна. Дьахталлар, эмээхситтэр: «Оо, Оттоох эбэ барахсан соботун хоргуна…» – диэн сүрдээҕин сэҥээрэллэрин өйдүүбүн. Ийэм өссө дьоҥҥо иистэнэрэ: буруоҕа ыыһаан уу өтөн киирбэт боруонньатын, этэрбэс арааһын, уостаах

үтүлүк, бэргэһэ тигэрэ. Бэтигэ барарбытыгар бүтэрбит ииһин сааһылаан куулга уган сүгэн илдьэрэ. Дьон да хардата, утары уунара суох буолбаттара, илии тутуурдаах ыыталлара: сорох мэчикээҥҥэ сиикэй арыы симэрэ, сорох чэй, табаах, эт оҕото, эмиэ да бурдук, хайах, сыһык, сорох иистэнньэҥ киһи ордук күндүркэтэр, сэҥээрэр малын «суон иннэни», атыттар эмиэ туох эмэ айах хамсатары хайаан да бэрсэн ыытар үтүө үгэстээхтэрэ.

Ийэм таҥас иистэнэрин таһынан ынах быата, өтүү, илимҥэ, муҥхаҕа сииппэ хатара, көнтөс тигэрэ. Мин онно кыл тыытыһан көмөлөһөрүм, уһуннук олордоххо туһугар сылаалаах үлэ, оҕо киһи наар биир дьарыктан салҕарым, сүрэҕэлдьиирим да ханна барыай. Оччоҕуна ийэм: «Чэ кытаат, тоойуом, эн көмөлөспөтөххүнэ ким көмөлөһүөй? Бу ииспитин бүтэрдэхпитинэ, харчыланнахпытына итини ылыахпыт, маны атыылаһыахпыт», – диэтэҕинэ эмиэ сэргэхсийэн, үлэм тэтимирэ түһэрэ. Бэйи, курупчаакы дуу, сэлиэһинэй дуу эбэтэр орсунуой бурдуктан хобордооххо субу аҕай саһарчы буһан сырдьыгынаан тахсыбыт алаадьы сиир минньигэһин ама ким мэлдьэһиэ баарай? Бурдук дэҥҥэ көстөр күндү ас. Ийэм биһикки кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ ити курдук үлэлии-хамсыы олорорбут. Таайым адарай оронугар сытан бэл ыарыытын кытта умнан, илииттэн-илиигэ сылдьан сыа-арыы иҥэн саһаран хаалбыт хайа эрэ кинигэни салгыбакка хат-хат ааҕара, боччумурбут ахан дьүһүнүттэн сылыктаатахха, бэрт умсугутуулаах ис хоһоонноох кинигэ быһыылааҕа. Лииһэ ыһыллаары гыммытын иҥиир сабынан тикпит бэрт халыҥ кинигэлэрэ ханна эрэ сүтэ-сүтэ, дьиэлээх киһи дьиэтигэр эргиллэрин курдук, хат күөрэйэн кэлэ турара.

Оттооххо оттук мас баҕас дэлэй сирэ этэ, эмиэ ыалтан айахтата ылбыт кунаммытынан хаппыт куруҥаҕы чугастан тиэнэрбит. Тээкиччэҕэ курдук ырааҕынан ыырдаммаппыт. Сүөһүбүтүн уулатар, уу бастар ойбоммут субу дьиэбит анныгар чөҥөрүйэ сытара. Тыымпы, чүөмпэ уулаах күөл буолан, ойбоно уолан остоҕун аайы үөскэ киирэ турбата.

Хоноһо, ыалдьыт кэлбэтэх күнүгэр ампаар дьиэбит сирэй оһоҕун тигинэччи оттон баран ийэм ардыгар үлэхтээх ииһин кэмигэр бүтэрэ сатаан түүн үөһүгэр диэри уотун иннигэр олороро. Улахан тымныыга устар күнү быһа харыыта суох оттуллар сирэй оһох сөҕүрүйүөх курдук гыннар эрэ, үөттүрэҕинэн булкуйан күөдьүтэ түһээт, саҥа хардаҕастары быраҕан биэрэрэ. Уһуннук умайдын диэн туспа кыстаммыт уккунньаҕы эбэрэ. Таайым эрдэ хаптайара, түлүк уутугар утуйа сытан эмискэ атын аҕайдык мунна тыаһаан хаһыҥырыыра уонна онтуттан соһуйан уһуктан кэлэрэ. «Бу кимнээҕий?» диэбиттии, уот иннигэр олорор дьону мээнэнэн мэндээриччи көрөрө, онтон уутугар аҥаарыйбытын өйдөөн уоскуйан, үөһэ тыынан баран улаҕа хайыһан хат утуйан хаалара. Уу чуумпу сатыылыыра… Хараҥаны харахтаммыт кутуйах дьиэ муннугар тугу эрэ хаһан хачыгыратар тыаһа ордук кэҥээн, тыастанан иһиллэргэ дылы буолара. Балаҕаммар элбэхтик соҕотоҕун хаалар киһи кутуйахтары сүрдээҕин сэҥээрэн кэтээн көрөрүм: ханан хороонноохторун, хаптаччы суоруу титирик муоста анныттан тахсар сирдэрин барытын аахтара билэрим. Эргэ хобордооҕу сохсо оҥостон бултаһарым. Үүтү хаһан да эркиҥҥэ сыһыары уурбаппыт, алҕас сыста туран хаалбыт иһиккэ хайаан да кутуйах түһэн өлөрө, ол иһин туос чабычахтар, ыаҕайалар, мэчикээннэр бары хаппахтаахтара. Мин кутуйаҕы сүөһү курдук омурдун хамсатан уулуура буолуо дии саныырым, онтукайым ыттыы тылын таһааран чолумнатан иһэр эбитин бэркэ диэн дьиктиргээн көрөрүм.

Өсөһө-өсөһө олорбохтоһо түһэн баран, күннээҕи сылаам таайан төбөм хоҥкуҥнаатаҕына, ийэм: «Бу да оҕонуо-а, утуйуоххун…» – диирэ. Ону эрэ кэтэһэн, күүтэн олорбуттуу туран сыгынньахтана охсоот, типээх тэллэхтээх ороммор олус диэн сымнаҕас, сылаас куобах суорҕаным анныгар дьылыс гынан хааларым. Ийэм уһуннук олорон сиһэ сааллыбытын көннөрөөрү туран состуокка таҕаан үөһэ дьоройбут дьэс алтан чаанньыктан хончоҕорго чэй куттан кулдьугуратан иһэрэ, ыыс-быдаан тымныы туманын өрүкүтэн таска тахса сылдьара уонна өрүү үгэһинэн: «Үргэл арҕаалаабыт, түүн ырааппыт…» – диирэ, оһоҕор эбии хардаҕас быраҕан биэрэн баран, ииһин салгыы иистэнэрэ. «Хайдах утуктаабата буолуой?» – диэн ийэм сылаарҕаабатын, сылайбатын сөҕөрүм. Күөдьүйбүт сирэй оһох уотун иннигэр олорор ийэм күлүгэ чэҥирбит эркиҥҥэ барыҥныырын одууласпытынан сэмээр халтаһаларым ыараан утуйан барарым. Таайым түлүк уутугар сытан тугу эрэ түһээн үлүгүнэйэрин түүл-бит курдук эрэ истэрим…

Кыһын ийэбин кытта Бэтигэ бара сылдьан ардыгар хараҥаны харахтанан өтөхпүтүгэр төннөрбүт. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайытын эбии күндүтүйэн, кэрэтийэн иһэр дьикти, ураты истиҥ өйдөбүллэр мин, оҕо киһи, өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн, олорон хаалбыттар. Ахсынньы, тохсунньу саҕанааҕы былыта суох чэмэлкэй ыйдаҥа сырдыгар тиэтэйэн, ыксаан ахан өтөхпүтүгэр төннөн харбыалаһан, чоочугураан иһэр киэһэлэрбит тоҕо эрэ ордук кэрэ эбиттэр. Чигдитийбит айан суолун устун сиэттиһэн иһэн, оол курдук ыйдаҥа толбонугар иннибитигэр тараадыйан бардар бара турар, бэйэтигэр ыҥыра, угуйа турарга дылы суол устун эмискэ инним хоту мүччү түһэн сүүрэрим, иэйиибин кыаммакка дьиэрэҥкэйдээн ыларым. Кэлтэгэй сырдык ый мин тэбэнэтирбит майгыбыттан сонньуйан, сүүһүн аннынан сургуччу көрө-көрө, ойоҕолуу түһэн тэҥҥэ сырсарга дылыта… Үүт бараан тунаархай сырдыкка суолу усталыы сэлэлии үүммүт хатыҥнар көрсүөтүк иһийэн, халыҥ көмнөххө баай лабааларын мөлбөччү сууланан, үнүгэстээх ытарҕаларын намылытан-наскытан, кылыгырас кырыалаах хомурахха күлүктэрин түһэринэн, араастаан хоҥкуһан-нуоҕаһан утуйан турар курдуктара… Эмискэ хорус гынан тохтуу түһэн суол ойоҕоһунааҕы ырааһыйаҕа кыраһа хаар сүүс араас дьэрэкээн мөһүүрэ уоттара ыйдаҥа сырдыгар дьэргэлдьийэ, тырымныы оонньуулларын, куобахтар орохторо иэҕиллэ-иэҕиллэ, оол курдук дьурулаан тиийэн ыраах хараарар ыркый ойуур иһигэр киирэн сүтэллэрин олус диэн кэрэхсии одуулаһарым уонна ис-испиттэн сүргэм көтөҕүллэн: «Ыһы-һык!.. Ыһы-һык!..» – диэн күлэрим. Омуммар буолан бэрт тэйиччи түһүнэн баран тииҥ бэргэһэбин сэгэтэн эргиир тыа кэтэҕэр ийэм этэрбэһэ айан суолун чаакытыгар хаачыргыыр-куучургуур тыаһын истэн эмиэ: «Ыһы-һык!.. Ыһы-һык!..» – диэн күлэ түһээт, өрүтэ ыстаҥалаан ыларым. Суолтан туораан, хаары оймоон тахсан титириктэр төрдүлэригэр саһарым, сотору куул сүгэһэрдээх ийэм барахсан хааман татыахайданан субу тиийэн кэлэрэ, мин эмискэ ыстанан тахсарым. Ийэм, дьээбэрэрбин сэрэйэ, билэ иһэр киһи, соһуйбата, күлэрэ. Бэйэтигэр эпсэри тардан тымныыга тэтэрбит иэдэстэрбиттэн сыллаан ылара, хаар буолбут сонум көхсүн «топ-топ» тэбиирэ. Суох, мин дэлэҕэ да сүгүн испэтим, инним хоту эмиэ дьиэрэҥкэй тэбэн ойуолуу турарым. Ахсынньы, тохсунньу саҕанааҕы кыһыҥҥы чэп-чэмэлкэй ыйдаҥа сырдыга миигин туох эрэ биллибэт дьикти кэрэ абылыыр күүһүнэн ханна эрэ, улаҕата биллибэт, уйаара-кэйээрэ көстүбэт бардар бара турар ыраахха угуйарга, ыҥырарга дылыта…

Оттоох эбэбитигэр кэлэн айан суолун аартыгын айаҕар туран көрдөхпүтүнэ, хараҥаҕа балаҕаммыт муус түннүктэрэ уйулҕаны угуттуу сылаанньытар уоттарынан сырдыы, титирик ураатыттан кыһыл кыымнар кыырай халлааҥҥа кыыһан тахсан өрө күөдьүйэ, ыһыахтана тураллара бэйэтэ туспа, тылынан сатаан этиллибэт ураты кэрэ иэйиини ама хайа айанньыт сүрэҕэр сахпатахтара баарай… Ити таайым утуйбакка биһигини күүтэн, кэтэһэн олорор туоһута. Баҕар, бэйэбитигэр дылы хайа эрэ хойутаабыт хоноһо, ааһар айанньыт тохтообут да буолуон эмиэ сөп. Оччоҕо оннооҕор ордук бэрт, сэһэн-кэпсэл истэргэ, сэргэхсийэ түһэргэ. Өтөхпүтүгэр, күрүөбүтүгэр-хаһаабытыгар чугаһаан истэхпит аайытын далга сылгы баарын дуу, суоҕун дуу көрөөрү чөрбөҥнөһөн барарбыт. Сылгы аһыы сылдьарын ким урут таба көрбүт саҥа аллайа түһэрэ, ол аата ыалдьыт биитэр хоноһо кэлэн олорорун туоһута. Аны хайдах өҥнөөх сылгытыттан хайаларын, кимин билгэлээһин буолара.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации