Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Таайым ардыгар Арҕаа Кыргыдайга дьону кытта муҥхаҕа хоно-өрүү бардаҕына бэрт уһуннук, сороҕор отой да уонча хонугу быһа сүтэрэ, ийэм буоллаҕына уостата ылбыт кунанынан Оттоох уҥуоргутуттан отун тиэнэрэ. Кунан өҕүрүмэр оҕус буолбатах уонна аны ыал сүөһүтүн этин алдьатыам диэн харыстаан кыра-кыралаан тиэйэрэ. Онон дьиэбэр соҕотоҕун хаалар түгэннэрим, күннэрим элбэхтэрэ. Муус кыаһаан түннүгүнэн таска киһи иһэрэ көстүбэт, онон тыас эрэ иһиллэнэбин. Бэлэмнэммит кыс маһы быраҕаттаан уоппун эбэн биэрэн күөдьүтэ олоробун, чэй куттан туох баарынан-суоҕунан аһыыбын, өрбөх кыыспынан оонньуубун. Талах сиппииринэн дьиэбин кичэйэн сиппийэбин, оччоҕуна ырааһыран киһи кута-сүрэ эрэ тохтуох курдук буолар.

Тээкиччэҕэ курдук, сүүрэн тахсаат оонньуур оҕолоох ыала суох киһи соҕотоҕун олороммун ардыгар тэһийбэппин, оччоҕуна таҥнан хачыгырайан тахсан хотоҥҥо киирэн күкүр үөһэ ыттан олорон сүөһүлэри тарбаан, имэрийэн бодьуустаһабын, далынан, кыбыынан, ойбонунан тэлэкэччийэ сүүрэкэлээн, сылгы сааҕынан сээкэйи эпчиргэлии түһэн баран дьиэбэр төттөрү киирэбин. Бытарҕан тымныыга киһи таһырдьа уһуннук сылдьыбат. Кыбыыга биир кэм тохтоло суох ыстаҥалаһа сылдьан от сыатын ичигэстээн сиир кыһыл бэргэһэлээх, сип-синньигэс от атахтаах чооруостар тоҥмотторун олус диэн сөҕөрүм.

Тура-олоро сатаан баран күнүс утуйан да ылабын. Ол эрэн киһи барыга бары үөрэнэр, сээкэй буолар-буолбат дьарыгынан саараан күммүн-дьылбын кээрэтэн син барыыбын. Ийэм ардыгар отун тиэйэн букатын хараҥаҕа кэлэрэ. Кыһыҥҥы күн кылгаан таска боругулдьуйдаҕына, чэҥ муус түннүктээх балаҕан иһэ отойдуун да хараҥарара.

Сырдыгы хото киллэрэ сатаан, ийэм тирии үрэр кыһыаҕынан түннүктэрбин кырыатыырым, нэлэгэргэ муспут хаар кырыатын ынах аһыыр солууругар кутарым. Маҥнай утаа эрэ ханнык эмэ сырдыйа түһэн баран син биир ыас хараҥа таһырдьаны бүтүннүүтүн саба бүрүйэн кэбиһэрэ. Дьиэ иһэ хараҥарда да, түннүк анныгар турар остуолбар кэлэн талах олоппоспор кумуччу туттан көрсүөтүк олорорум.

Араас илэ барбыт дэриэтинньиктэр, абааһылар, иччилэр тустарынан бэрт үгүс кэпсээни, үһүйээни истибит ахан киһи хараҥаттан куттанарым. Дьон баарыгар ол ынырык кэпсээннэри астына-дуоһуйа сэҥээрэр бэйэм соҕотоҕун хааллахпына куһаҕана сүрдээҕэ. Хантан эрэ хараҥа муннуктан абааһы аһыытын килэппитинэн субу барыгылдьыйан тахсыах курдук саныырым. Арай дьиэм иһин сырдата сатаан олус хатаҕалаан кэбиспит эһэкээним барахсан күлэ-үөрэ сырдьыгыныы, бачыгырыы умайар тыаһа миигин улаханнык уоскутара, арыы оҕото, лэппиэскэ тооромоһо ыламмын уоппун аһатарым, оччоҕо кырдьык да чэпчээбиккэ, куттаммыт санаам намыраабыкка дылы буолара. Били үүккэ, ардыгар киһи кыһыйыах сүөгэйгэ кытта түһэн хаарыан аһы буортулуур, өстүһэн туран бултаһар кутуйахтарым бу түгэҥҥэ улахан доҕор кэриэтэ көстөллөрө. Биир эмит кутуйах муннуктан быган тахсан холумтан сиксигэр тугу эмэни булан кэбийэн омурда мултукуччуйа олордоҕуна үргүппэккэ көрөн олорорум, сырдык уоттан киһи саҕа буола багдайан хаалбыт кутуйах күлүгэ эркиҥҥэ күлүгүлдьүйэрин кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы одуулаһарым, устунан тарбахтарбын хамсатан ыт, кус моһуонун түһэрэн кутуйаҕы кытта охсуһуннара оонньоон, оҕо киһи сиэринэн, хараҥаттан куттаммыппын умнан, саараан барарым…

Хараҥаҕа сирэй оһох ыаһыра хараарбыт кэннэ, адарай ороннор аннылара туохтааҕар да ордук кутталлаахтара, сибилигин итинтэн Дыгыйар Сэмэн олоҥхотугар кэпсэнэр аллараа дойду араас абааһыларын сүргүөхтээх илиилэрэ адаарыҥнаһан быгыалаһыахтаахтарын курдук саныырым. Өрөһөлүү кыстаммыт кыс мас кэнниттэн, состуок анныттан чачыгыраччы күлбүтүнэн чөчүөккэ түөрэҥэлээн тахсыахтааҕа, үөмэр-чүөмэр үктэнэн арбаллыбыт баттахтаах тарбыйах абааһыта кыыс хотонтон миэхэ ыалдьыттыы эркин быыһынан субу лэкээриҥнээн киириэхтээҕэ… Барыта куттал… Куттаммыт санаабар туох барыта тыыннанан, иччилэнэн, илэ тиллэн көстөрө: иһиттиин-хомуостуун хамсаан-имсээн, тилигирии мөхсөн, тула холоруктаан барыахха дылы айылаахтара. Бэл мин харыыта суох хардаҕас быраҕан күөртүү олорор сирэй оһоҕум суоһуттан оһох чугаһынааҕы муус түннүк ууллан ньолҕоруйан эркин устун хараара сиигирэн түспүтэ ытыы олорор киһини санатара, оттон дьиэ иһэ толору киһи кэмигэр ону мин сайыҥҥы уот куйаас сыралыгар отчут оҕонньор сүүһүн көлөһүнэ иэдэстэринэн сүүрэн аҕылыы-мэҥилии олороругар холуурум.

Хараҥа бүрүүкээтэҕинэ эркиҥҥэ сыстан, икки илиибин остуол үөһэ ууран көрсүөтүк, хам-бааччы олорорум, субу-субу остуол аннын өҥөс гынан көрөрүм – тыый, баҕар, итиннэ киһи хараҕын далыттан саһан атахтарбыттан тутан ылаары абааһы хорҕойуон сөп ээ. Таайым муус көйөр бэрт салаҥ оҥоһуулаах, харыс уһуннаах болтоонускай быһаҕын иннибэр уурунарым, абааһыны, дэриэтинньиги кэллэр эрэ онон супту түһүөхтээҕим. Быһах уурунан олорорум миэхэ улахан күүс, бэйэҕэ эрэмньи эбэрэ. Ити курдук олорболоһо түһэ-түһэ, муус чомпой буолбут күрэҥ ынах тириитэ бүрүөһүннээх ыарахан халҕан хайыы-сахха аллараа эҥэлэйэ модьоҕону кытта сыстыһа силимнэһэн тоҥо охсубутун тоҕута тэбиэлээн хоҥнорон баран таска тахсарым уонна бүтүннүү кулгаах иччитэ буолан тыас иһиллэнэн өрөйөн-чөрөйөн ахан тааларым… Үөл мутук тоһута ыстанар түптэлэс, ыыс быдаан тымныыта уһуннук туруорбата, баттаҕым тоҥон сылгы сиэлинии хоччоххойдоно охсоро, икки илиибинэн өрө хаһыйан кэбистэхпинэ ол курдук адаарыйан, арбайан хаалара. Бэйэм тарбыйах абааһытыгар лаппа майгыннаабыт киһи балаҕаным иһигэр төттөрү ойорум. Урут элбэхтик кэһэй буолан, кулгаахтарым лыһыгырыахтарыгар диэри турбатым.

Онтон кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут күүтүүлээх, кэтэһиилээх ахан сыарҕам тыаһа дьэ иһиллэрэ. Тимир ыллыктаах ат сыарҕата дуу, көннөрү оҕус сыарҕата дуу буоларын арааран истээри дьэ кырдьык да манна кэлэн, сибилигин төттөрү киирэрдии тахсыбыт бэйэм, бэргэһэбин устаммын, кулгаахтарым, тоҥ арыыны сылааска киллэрдэххэ лыһыгырыы тыаһыырын курдук, «лыс-лыс» гыныахтарыгар диэри турарым. Ол эрэн үөрүүгэ саба куустараммын онно улаханнык кыһаллыбатым, эминньэхтэрбин имэринэ-имэринэ, аны сыарҕалаах көлө хайа эҥээртэн иһэрин чуолкайдыырым: баҕар, бэдэрээччит, дьаам дуу биитэр ийэм эбэтэр хайа эрэ атын айанньыт… Оо, сыарҕа сырылыыр тыаһа арыт-ардыгар хайа да дьүрүһүтэ эймэнэр этигэн хомус тыаһынааҕар, хайа да ураты уран куоластаах, хомоҕой тыллаах ырыаһыт ырыатынааҕар кэрэтик, долгутуулаахтык да иһиллэрэ. Балаҕаммар көтөн түһээт, били куттаммыт ахан ыас хараҥа сирдэрбин: оһох кэннин, адарай орон аннылары – бүтүннүүтүн тилийэ көтөрүм, өҥөйтөлөөн көрөрүм. Олооччулаах атахтарбынан, кураанаҕы да буоллар, хаһыйа тэбиэлиирим. Табыгастаах түгэн көһүннэр эрэ үрдүбэр түһүөхтээх абааһылар, кинилэр эмиэ сыарҕа сырылыыр тыаһын истэннэр саһан сыппыт, хотоойулаахтык хорҕойбут сирдэриттэн хайыы-сахха тилэхтэрэ хараарбыт, тыас хомуммуттара ырааппыт буолара.

* * *

Хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт да араас: сорох саҥата-иҥэтэ суох, ыйыттахха эрэ хардарар майгылаах, сорох баай тыллаах-өстөөх, бэл сэбэрэлиин сэргэх быһыыланар. Бэйэм бараллаата саастаах оҕолоох дьон кэлэн аастахтарына үчүгэйэ сүрдээх, хоннохторуна оннооҕор ордук. Маҥнай утаа эрэ симиттибитэ, килбигийбитэ буолан баран бэрт түргэнник, судургутук билсиһэ охсобут. Ким тугу истибитинэн, хайдах сатыырынан остуоруйалаһыы, таабырыннаһыы саҕаланар. Таабырын элбэх эрээри, чахчы киһи сэҥээрэр, тааллыбытын кэннэ «тыый, кырдьык да бэртээхэй таабырын эбит ээ» диэн дьон ситэ сэргиир таабырына кэмчи. Эһэм этэринии, «чыыкыр таас ортотугар көмүс килэпэччийэ сытарын курдук». Мындыр ис хоһоонноох таабырыны өйтөн айыы – сэдэх кыайар дьарыга. Мин ийэм таабырыннарыттан кэлбит-барбыт эрэ дьоҥҥо сөбүлээн таайтарар таабырыннардааҕым, олортон биирдэстэрэ маннык: «Ото сүһүөҕэ суох, ходуһата дулҕата суох, ыта үрүгэнэ суох баар үһү». Киһиэхэ сыһыаннаах… Таайыыта: «Ото – киһи баттаҕа, ходуһата – киһи куйахата, ыта – киһи быта». Дьон үксэ да быттааҕа, онон мындыр өйдөөх, туохха сыһыаннааҕын эттэххэ, толкуйдуу түһэн баран сотору таайара.

Мин да кэлээччиттэн-барааччыттан араас таабырыны, остуоруйаны, кэпсээни истэн, чахчы сэргээбиппин, сээ диэн сэҥээрбиппин хаппар өйбөр хатаан иҥэринэн иһэрим. Онтубун атын билбэт, өссө да истэ илик дьоҥҥо кэпсиирим.

Илин Кыргыдайтан «Чернышевскай» аатынан холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кулаанаба Маарпа-Маччай диэн сүрдээх элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, саас ортолоох дьахтар Оттооххо олордохпутуна хаста да хонон ааспыта. Бэрт хачаайы, дьаһамыр дьахтар эр киһи бэрдин курдук сытыы-хотуу, сылбырҕа туттуулаах, түргэн-тарҕан, хапсаҕай хамсаныылаах этэ, киһини үүттээн эрэр курдук дьөлө көрөр, ис-иһиттэн чаҕылыйа сылдьарга дылы хатааһын чолбонун курдук уоттаах, сытыы харахтаах, санаарҕаабыты да сэргэхситиэх, ыар ыарыылааҕы да алы гынан уоскутуох, хомолтолооҕу да хомоҕой тылынан-өһүнэн өрүһүйүөх, аҥаардас тас сэбэрэтинэн да киһини үөрдэ-көтүтэ эрэ сылдьарга анаммыкка дылы ураты айылгылааҕа… Таайым Бүөтүр: «Маччай Маарпа Хочот күөлүн күүлэйигэр охсубутун куоһарбыт аҕыйаҕа буолуо», – диирэ. Ол, арааһата, чахчыта да киэҥ сири нэлэһиппитин иһин тылласпыт буолуохтаах. Бэл Хочот күүлэйигэр эр дьоҥҥо хас да сайын иннигэр кими да түһэрбэтэх, ураты күүһүнэн-уоҕунан дьонугар-сэргэтигэр сурахха-садьыкка киирбит Күүстээх Мииккэ (Желтокоев Дмитрий Федорович) Маарпа от охсорун сөҕөрө үһү.

Дьоҕурдаах туохха барытыгар дэгиттэр дииллэринии, Маччай остуоруйаһыт ааттааҕа этэ. Кини остуоруйата дэлэгэйэ бэрдиттэн туох эмит кыра сылтахтан, түгэнтэн, бэйэтиттэн бэйэтэ төрүөттэнэн тахсан кэлэр курдуга.

Биирдэ биһиэхэ Чолоҕор Сэмэн диэн өттүгүн уҥуоҕун ытык ыарыы сиэн түөрэҥэлээн хаампыт оҕонньор хонон олордоҕуна, киэһэ күн дьааһыгыран эрдэҕинэ таба эҥээнин тыаһа бөҕөтө лаһыгырыы тыаһаабытыгар тахсан көрбүппүт, хас да турку табанан куораттан Кулаанаба Маарпа дойдулаан иһэн хонордуу оҥостон тохтообут эбит. Ынах холуттан быһа охсуллубут үөрэҕэс эти киллэрбитин эттээн батырҕата охсон алтан күөскэ ыга симэн ыдьырыччы буһаран кэбистибит. Кэпсэл-ипсэл доҕуһуоллаах, күө-дьаа, дьоро киэһэ буолла.

Чолоҕор оҕонньор, кыра оҕоҕо дылы, биир кэм сыыҥа бырдьыгыныы сылдьар хаһан да куурбат «сиикэй» муруннаах киһи, аһыы олорон субу-субу, туора хайыһаат, бэрт үөрүйэхтик тойон эрбэҕинэн эр-биир муннун үүтүн бүөлүү тута-тута, таар-туур тарылатан кэбиһэр уонна мэлдьи наар сыыҥын үөхсэр: «Ити баар эйиэхэ, кэһэй буол, быаргын быһа үктээтэхтэринэ билиэҕиҥ», – диэн кырдьык-хордьук курдук саҥарар. Ол сыыҥ быара быстан айакалыы-дьойоколуу сытарын көрбүт суох эрээри, оҕонньор тоҕо эрэ итинник тыллаһар. Арааһата, сааһын тухары сордообутун кытта үөхсэн тыынын таһаарар үгэһэ быһыылаах.

– Дьэ сыыҥ муҥнаах үөҕүллэн, быара быһа тэпсиллэн да биэрээхтиир, – диир Маарпа уот иннигэр таас хамсатыгар табаах симинэн болточчу тутан олорон, уоһун чорботон чубуугар тиэрдэн соп-соп соппойо-соппойо.

– Ии, иктэ барыта «муҥнаах» буолан, – Чолоҕор төрүт ахсарбатахтыы саҥа аллайа түһэр. Ийэм аах күлсэллэр.

Эт миинин тото-хана, астына иһэн, сүүстэригэр көлөһүннэрэ бычыгыраан тахсыбыт ыалдьыттарбыт кыра да төрүөттэн айахтара аһыллан сэһэн-сэппэн саҕаламмытынан барар.

Чолоҕор, дүлүҥ олоппоһуттан түөһүллэн туран, киһи эрэ кэчэһиэх курдук өттүгүнэн имиллэҥнээн, оһоххо түөрэҥэлээн кэлэн тымтык төбөтүн уматтан удьурҕай хамсатын төбөтүгэр даҕайан эмиэ табаахтыыр.

Маччай Маарпа хамсатын иҥсэлээхтик соппойбохтуу-соппойбохтуу, харахтарын симириччи туттан симириҥнэтэ-симириҥнэтэ, хойуу буруо быыһынан сирэй оһох күлэ-үөрэ чачыгыраччы умайар уотун одуулаһан олорон:

– Арай биирдэ… – диэн кэпсэлин, остуоруйатын саҕалаабытынан барар…

Ити этиллибит «арай биирдэ» диэн элэтэ эрэ иккиэйэх тыл кэрэтик да иһиллэрэ. «Арай биирдэ» кэнниттэн кэлиэхтээхтэрэ, биир-биир субуллан, бэл кыһалҕалаах, арыт-арыт санаа-оноо оонньооһуннаах уустук олоҕу умуннарар, улаҕата-киэлитэ биллибэт, уйаара-кэйээрэ көстүбэт уус-уран айымньы ураты дойдутугар оҕо киһи бүүс-бүтүннүү оройбунан түһэн олорон истэр дьикти кэрэ, күн араас кэпсээннэр, эҥин эгэлгэ үһүйээннэр уонна омуннаах-төлөннөөх остуоруйалар.

– Дьэ эрэ, Маарпа кэпсээн эрэр, үчүгэйдик наҕылыччы олорон истиэххэ, – дэһэ-дэһэ, кэпсэл истээри бэйэбит да бэлэм олорбут дьон сыҕарыҥнаһа, эбии сэргэхсийэ түһэбит.

– Мин остуоруйам сыыҥ уонна быт туһунан, – диир Маччай.

– Сөп…

– Дьэ…

– Быт да туһунан буоллун ээ…

– Уонна сыыҥ… – диибин мин.

Маарпа остуоруйатын саҕалаабытынан барар:

– Арай биирдэ сыыҥ куоракка киирэн испит…

– Бай, мин өстөөҕүм, бу обургуну көр, туох сорукка барда доҕор ол?.. – Чолоҕор Сэмэн саҥа аллайан сэҥээрэ түһэр.

– Бэйи истиэх, бэл олоҥхоһуту олус «ноолоотоххо» обургутук тымтааччы, – диир ийэм.

– Дьэ сыыҥ айаннаан, баран испит… Арай ол иһэн суолун ортотугар утары куораттан тахсан иһэр быты көрсүбүт. Аара көрсүспүт дьон быһыытынан тохтоон кэпсэппиттэр, иккиэн да кыһалҕаҕа кыһайтаран сир уларыйаары айаннаан иһэллэр эбит. Куорат, тыа дьоно-сэргэтэ туох-хайдах олороллорун хардары-таары бэккэ диэн сыныйан бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаспыттар, соруктаах аҕайдык токкоолоһон туоһуласпыттар. Сыыҥ туох санааҕа тиийэн, тоҕо куораттаан иһэрин кэпсээбит:

– Миигин тыа дьоно сыыҥтыы-сыыҥтыы быарбын быһа үктээн өлөрөллөрүгэр тиийдилэр, үөхсэр-таныйар да тыллара-өстөрө кыһыыта бэрт, наар аҥаардастыы мин эрэ кинилэр үтүө олохторун огдолута, таҥнары тарда сылдьарым курдук. Ол иһин айаҕалыы сатаан бу куоракка киирэн иһэбин.

– Бай, ол куоракка киирэн да туох үтүөнү көрөөрү? – диэн ыйыппыт быт.

– Ээ, сураҕын иһиттэххэ, куорат мааны, үөрэхтээх дьонун майгылара-сигилилэрэ тыа сирин ньүдьү-балай дьонун быһыыларыттан ураты диэн кэпсииллэр. Онно биһигини ып-ыраас, сууллубут-сотуллубут, өтүүктэммит, сып-сымнаҕас өрбөххө сыыҥтаан баран, оннооҕор ордук ыраас, мааны көстүүмнэрин дуу, ыстааннарын дуу сиэбигэр сыа-сым курдук чөкө тутан суулаан уктан кэбиһэллэр үһү дии.

– Ээ, дьэ, этиэххин эттиҥ, оннук баар суол, – диэбит быт.

– Бээ эрэ, оттон бу эн, быт, тоҕо куорат курдук сиртэн сир уларыйан тыаҕа айаннаатаҕым буолаҕын? – ыйыппыт сыыҥ.

– Эмиэ эн курдук кыһалҕа кыһайан. Куорат дьоно сууналлара-тарааналлара элбэҕэ диибин диэн, таҥас-сап сиигэр саһан сытыаҕы аны туран өтүүгүнэн быһа сиэтэн сүгүннээбэттэригэр тиийдилэр. Абытайа бэрт. Ол иһин дьэ бу тыа сиригэр тахсан иһэбин, эһиэхэ билиҥҥитэ өссө да алааһынан, өтөҕүнэн арҕам-тарҕам ыһыллан, бытанан олорор дьон, соччо-бачча куорат дьонун курдук, субу-субу суумматтар-тараамматтар дииллэр. Ол эрэн, олох сайдан, киин сир тыына тиийэн онно да уһун уоту оттунар биллибэт, – диэн быт, мулук-халык туттан, муҥнаах муҥун кэпсээн муҥатыйбыт.

– Дьэ туһугар, кырдьыга да, бэйэм курдук кыһалҕалаах сордоох эбиккин, – диэбит сыыҥ.

Ити курдук, айан суолун ортотугар көрсүһэн, сөҥүөрэн тура түһэн баран быт уонна сыыҥ биирдэрэ куоракка, атына тыаҕа салгыы айанныы турбуттар.

Остуоруйа бүппүтүн кэннэ дьонум, кырдьык-хордьук, быт куораттан тахсан олус элбээбитин курдук мөҕүттэллэр, Чолоҕор Сэмэн сыыҥ куоракка да киирэн кини сыыҥа көҕүрүөх эрэ быһыыта суоҕун ахтар. Онтон салгыы атын саҥа остуоруйа эбэтэр кэпсээн саҕаланар.

Кулаанаба Маарпа оҕо кутун-сүрүн тутар эйэҕэс майгылааҕын иһин бэрт түргэнник бодоруһа охсон өрдөөҕүттэн чугастык билсэр киһим курдук хас кэпсээнэ бүттэҕин аайы: «Өссө, өссө кэпсээ эрэ… аны биирдэ, атыны, саҥаны…» – диэн көрдөһөбүн. Ол аайы Маарпа өс киирбэх «арай биирдэ» диэн саҕалаабытынан барар, түүн үөһүгэр, ийэм этэринии, үргэл быдан арҕаалыар диэри мин баҕабын толорон олордоҕо үһү.

Саас биир үтүө күн Маарпа куораттан тахсан иһэн эмиэ хонно, үгэһинэн, бэрт элбэх остуоруйаны кэпсээтэ. Мин: «Өссө да өссө…» – диэн үөһүгэр киирэн иһэбин. Ийэм: «Суол киһитэ сынньаныа дии, тоом. Түүн да ыраатта, утуйарга уолдьаста», – диэн буойсан көрөр. Онуоха Маарпа: «Чэ аны биири кэпсиим даҕаны», – диэтэ уонна бэрт дьикти ис хоһоонноох остуоруйаны кэпсээтэ. Ол остуоруйаны истиэхпиттэн мин кэлбит-барбыт дьону хаай да хаай буолан сэһэргэттэрэ сатыырбын арыый да тохтото сылдьыбытым. Ол Кулаанаба Маарпа-Маччай кэпсээбит остуоруйата маннык: «Арай биирдэ, отой былыр, айан суолун ортотугар улахан баай олорбут, сүрдээх күүстээх-уохтаах уонна туһугар бэрт бэтиэхэ, уустук майгылаах эбит: кэпсээннээх, остуоруйалаах эбэтэр олоҥхоһут эрэ дьону хоннорор үгэстээҕэ үһү… Кэрэхсэтэр кэпсээнэ, сэҥээрдэр сэһэнэ суох эрэйдээхтэри сонно холдьоҕон, үлтү түнэйдээн үүртэлээн таһаартыыра эбитэ. Онон утары уунар уус тыла суох айанньыт кини киһи уораҕайыгар тохтуу да соруммата.

Дьэ ол курдук аатыран-сураҕыран олордоҕуна, биир кыһын, халлаан халыҥ былытынан түөрт саҕахтарын хаппахтана бүрүнэн, ити-бу көстүбэт аам-даам ала холорук аргыстаах буурҕа иэйэ-куойа, энэлийэ эҥсэ, илгистэ ахан турдаҕына, тойон тэлгэһэтигэр тураҕас ат сэтиилээх сыарҕалаах аттаах киһи, тыал таҥалайдыы таптайан дьапталҕалаабыт айан суолун хомураҕын эттээх аттарынан тоҕута кэстэрэн, ыллыгын тыаһа ыйылыы тыаһаан, ходьоро сэргэлэр иннилэригэр хорус гыннаран тохтуур тыаһа иһиллибит… Айанньыт аттарын сэргэлэргэ баайталаан баран балаҕаҥҥа киирэн саха киһитин сиэринэн: «Дьиэлээхтэр, хайдах-туох олордугут, туох кэпсээн-ипсээн?» – диэн тас таҥаһын сыгынньахтанан эрдэҕинэ, кэтэҕэриин ороҥҥо моонньугар мойбордоох эһэ тэллэх үрдүгэр кэтэх тардыстан аарыгыра айгыстан сыппыт дуулаҕа быһыылаах-таһаалаах баай киирбит киһи саҥатын быһа түһэн:

– Бу эн туох идэлээх киһи буолаҥҥын сыбыдахтанан бардыҥ?! – диэн дьэбирдик ыйыппыт.

Ыалдьыт таба тыһа курумуутун баһыгар иҥмит хаары ытыһын тилэхтэринэн имэрийэн сото-сото:

– Дьиэлээх, туох диэн эттэҥий? – диэбит.

Баай, кэтит, киппэ таһаатынан киэн тутта, үтүө быһыытынан үтүөмсүйэ сатаабыттыы, моойугар мойбордоох эһэ тэллэхтээх оронугар сүөдэкис гына олоро биэрбит, баччыр оҕо быһар быһаҕаһын саҕа болтойбут сүүнэ сутуруктарын суулуу тутан ньилбэктэригэр баттаммыт уонна суон, көөҕүнэс куолаһынан:

– Манна сааратар сэһэннээх, аралдьытар алып тыллаах астык кэпсээннээхтэри эрэ хоннорон-өрөтөн аһарар туһугар туспа туомнаахтар олоробут. Оннук дьоҕур мэлийбит киһитэ буоллаххына, эрэйиҥ элбии, кыһалҕаҥ кыынньа илигинэ ааһа турбутуҥ быдан ордук, – диэбит.

Онуоха киирбит киһи үчүгэйи эттиҥ диэн үөрбүтүн, бэрди эттиҥ диэн биһириирин биллэрбэтэх эбэтэр сатамматы эттиҥ диэн саарыырын, кыаллыбаты эттиҥ диэн курутуйарын көрдөрбөтөх.

– Итии киллэрэн ирдэххэ-хордоххо, айах хамсатан аһаатахха-сиэтэххэ, өрөөбүт уос өһүлүннэҕинэ, хоммут уос хоҥуннаҕына, кэпсэл-ипсэл, сэһэн-сэппэн да ханна барыай, – диэн саҥалаах-иҥэлээх буолан биэрбит.

– Ээ, дьэ оччоҕуна тугу этиэм баарай, бэрт-бэрт… – баай сэгэс гынан үөрэ түспүт, күлүгэр имнэммит.

Хоноһо кырдьык да тото-хана наҕылыччы аһаан, сойбут аттарын сыбыдахтаан киэҥ далга көҥүл ыытан, саары саҕанааҕы хара күөх оту тэлгэтэн аһаталаан баран балаҕаҥҥа киирэн сирэй оһох иннигэр, сөҕүрүйэн эрэр уоту одуулаан олорон, удьурҕай хамсатыгар табаах уурунан табаахтаан сыыйбыт.

Ыалдьыт олус уһаан-тэнийэн бараары гыммытын иһин кэпсэл истэн кэрэхсиир санаалаах дьиэлээх киһи тулуйбакка:

– Хайа, хаһан саҕалыыгын сэһэҥҥин-сэппэҥҥин, кэпсээҥҥин-ипсээҥҥин? – диэбит.

– Бэйи, биһиги ороммутун оҥостон сытыахха, дьэ ол кэннэ наҕылыччы кэпсиим. Ону туох диигин? – диэбит хоноһо.

– Сөп бөҕө буоллаҕа, сөтөгөйө кэлиэ дуо? – дьиэлээх моонньугар мойбордоох эһэ тириитэ тэллэхтээх оронун оҥостубут, көбүппүт.

Ити ыккардыгар сирэй оһох уота-күөһэ сөҕүрүйэн, уостан барбыт, устунан чор чоҕо хаалан баран, титирик ураанан таска силбиэтэнэр тыал үрэн көҥкөлөйдөөтөҕүнэ эрэ күөдьүйэн, дьоҕойон кытаран кэлэ-кэлэ кыыһа, сыыгыныы-сааҕыныы сыппыт.

Баай киһи быыс кэннигэр ойоҕун кытта хоонньоспуттар, хоноһо дьиэлээхтэр уонна сирэй оһох ыккардыгар таба тириитэ тэллэҕин сиргэ тэлгээбит.

– Манна сытыым, чугастан чуордук истэргэр ордук буолуо, – диэбит.

– Сөп-сөп… – дьиэлээх, кэпсэл истэ охсоору, сөбүлэспит.

Арай, баай дьиктиргиэн иһин, урут хоноһо сэһэнин киниттэн итэҕэһэ суох сэргээн истэр ойоҕо сытаат да муннун тыаһа бычыгыраан, отойдуун да сурда суох утуйан буккураан хаалбыт.

– Дьэ мин кэпсэлим-ипсэлим, сэһэним-сэппэним диэн маннык буолар… – диэт, ыалдьыт киһи, ортоку тарбаҕын тойон эрбэҕэр даҕайан, ботугуруу түһээт, дьиэлээх киһини туһаайан тыган кэбиспит…

Инньэ гынаатын кытта, дьэ эбэтээ, иккиэн эмискэ үлүгэр тэллэхтэрин үрдүгэр үҥкүрүс-күөлэһис гынан эрэргэ дылылара баара да, хара тыа ардай аһыылаахтара, аарыма адьырҕалара хагдаҥ эһэҕэ кубулуйан илгистэн-иҥиэттэн ахан турбуттар…

– Миигин батыс!.. – диэт, хоноһо эһэ балаҕан халҕанын күөнүнэн киэр анньаат таска ойбут, биирдэһэ кини кэнниттэн ыстаммыт…

…Барыта эмиэ да түүл-бит, эмиэ да илэ чахчы курдуга эбитэ үһү. Кыс ортото турбута да, сай үгэнэ сатыылаабыт. Алаас халдьаайытын тэллэҕэ чээлэй күөх чэчиринэн, хонуу, хордоҕой түөрэтэ араас дьэрэкээн өҥнөөх чэчигинэн ситэри симэнэн ахан турара эбитэ үһү.

Эһэҕэ кубулуйбут дьон хара тыаны кэтэн, икки атахтаахтан куттанан, дьаахханан алаастарыгар киирбэккэ, оту-маһы, сир аһын аһылыктанан, кус оҕолоон сиэн, сытыйбыты-ымыйбыты үссэнэн ити курдук сайыны сайылаабыттар.

Хоноһо эһэ сай устата бэйэтэ бэйэтинэн, туох да буолбакка сылдьыбыт, оттон биирдэһэ урут хаһан эһэ буолан бултаан-алтаан аһаабыта баарай, төрүт тугу да үссэммэккэ, ыран-быстан уҥуохтаах-тириитэ эрэ халыгыраан хаалбыт. Собулҕаны, сиэҥи сии үөрүйэҕэ суоҕа бэрдиттэн хам аччык күнүн-дьылын сор бөҕөнөн кээрэтэн нэһиилэ күһүҥҥүгэ тиийбит.

Хаар хаһыҥнар түһүтэлээн, устунан кыстык хаар намылыйа нуоҕайан түһэрэ бу кэлбитигэр ыксааһын-ыгылыйыы улахана дьэ ыкпыт. Тоҥон-хатан, хоргуйан-аччыктаан иһэ сиһигэр хам сыстыбыт доҕорун көрөн хоноһо эһэ:

– Ынах сүөһүгүттэн хото ордороруҥ ханнык сүөһүнүй? – диэбит.

– Хото ордорорум диэн оттон ынах сүөһүбүттэн эрэ бастыҥнара атыыр оҕуһум буоллаҕа, – хардарбыт биирдэһэ.

– Чэ, быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу, ону тутан сиэххэ…

Баай, төһө да оҕуһун аһыннар, харыһыйдар, өлөр-хаалар күнэ-дьыла ыган, тирээн кэлэн сөбүлэһэригэр эрэ тиийбит.

Оол курдук алаас саҕатыгар отордоон аһыы турар күскэччи уойбут атыыр оҕуһу икки өттүттэн саба түһэн мөрөйдөөн, тутан тунайдаан, сиэн-аһаан кэбиспиттэр… Сиэн даа диэн… Дьэ-ээ, дьиэлээх эһэ аһаан да аһаабатах, сиэн да сиэбэтэх курдук санаа бөҕөтүн санаарҕаан, оҕуһун аһыйан букатын сүөм түһэн сөҥүдүйэн, харыс намтаан хапсыйан хаалбыт.

Ити курдук хас да күн, хонук ааспыт. Аһаатахха бүппэт ас диэн суох, эмиэ аччыктааһын, хоргуйуу саҕаламмыт. Онуоха туран хоноһо эһэ:

– Сылгы сүөһүгүттэн хото ордороруҥ ханнык сүөһүнүй? – диэбит.

– Хото ордорорум диэн оттон сылгы сүөһүбүттэн эрэ бастыҥнара үөрүм атыыра буоллаҕа, – диэбит.

– Чэ, быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу, ону тутан сиэххэ…

Баай, төһө да үөрүн атыырын аһыннар, харыһыйдар, өлөр-хаалар күнэ-дьыла ыган, тирээн кэлэн сөбүлэһэригэр эрэ тиийбит.

Оол курдук сыһыы саҕатыгар үөрүн кытта аһыы турар самыыта мөскөччү баран куоһахтаныар диэри уойбут үөр атыырын икки өттүттэн саба түһэн мөрөйдөөн, тутан тунайдаан сиэн-аһаан кэбиспиттэр… Сиэн даа диэн… Дьэ-ээ, дьиэлээх эһэ аһаан да аһаабатах, сиэн да сиэбэтэх курдук санаа бөҕөтүн санаарҕаан, үөрүн атыырын аһыйан букатын сүөм түһэн сөҥүдүйэн, харыс намтаан хапсыйан хаалбыт.

Ити курдук хас да күн, хонук ааспыт. Аһаатахха бүппэт ас диэн суох, эмиэ аччыктааһын, хоргуйуу саҕаламмыт. Дьиэлээх эһэ тоҥон-хатан, ыран-быстан, санаа бөҕөтүн санаарҕаан, дьүдьэйии бөҕөтүн дьүдьэйэн быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара эрэ хаалбыт. Онуоха туран хоноһо эһэ:

– Дьиэ кэргэҥҥиттэн ордук ордороруҥ кимий? – диэбит.

– Ордук ордорорум диэн оттон кытта кырдьыбытым ойоҕум буоллаҕа, – диэбит.

– Чэ, быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу, ону тутан сиэххэ…

Онуоха баай киһи эрэ буоллар чахчы ыксаабыт, ыгылыйбыт, уйатыгар уу киирбит…

– Аны кэлэн хаһан киһилии олоххо эргиллээри, тугун харыһыйан… Тутан, тардан сиир адьырҕа анабыла, бултаан аһаан үссэнэр дьоҕур мэлийбитин кэннэ быстыаҥ дуу, ойдуоҥ дуу… Күн сиригэр күн да олох олорор кэрэ, айыы сиригэр хонук да хонор, хор, күндү. Бу туруккунан кыстаатаххына арҕахха күҥкүйүөҥ, – хардарбыт биирдэһэ туран.

Баай, төһө да кытта кырдьыбыт ойоҕун аһыннар, харыһыйдар, өлөр-хаалар күнэ-дьыла ыган, тирээн кэлэн сөбүлэһэригэр эрэ тиийбит.

Оол курдук өтөх саҕатыгар мас мастаан батырҕата турар баай киһи ойоҕун икки өттүттэн саба түһэн тутан, сиэн-аһаан кэбиспиттэр. Сиэн даа диэн… Дьэ-ээ, дьиэлээх эһэ аһаан да аһаабатах, сиэн да сиэбэтэх курдук санаа бөҕөтүн санаарҕаан, кытта кырдьыбыт ойоҕун аһыйан букатын сүөм түһэн сөҥүдүйэн, харыс намтаан хапсыйан хаалбыт…

Кэлэн иһэри туох тохтотуо баарай, кыстык хаар кылбайа түһэн намылыйан барбытыгар икки эһэ суолларын көмүк хаарынан саптынан, эрдэ бэлэмнээн хастыбыт арҕахтарыгар киирбиттэр. Дьиэлээх эһэ тоноҕоһун уҥуоҕа өрө кырыыланан, ойоҕоһун уҥуоҕа таска атыгыраан, сыппах быһаҕынан сулуйар кэриэтэ санаа-оноо бөҕөтүгэр быһа аалларан, ситэ сиэнэн, ыран-быстан, кыһыны кыстыахтааҕар буолуох хонуга да ахсааннаах хаалбытын билэн букатын хаҕа хаалбыт, кырдьыга да күнүн эрэ ааҕарыгар тиийбит.

Арҕахтарыгар киирэн орун-оннуларын булан сыппыттарын кэннэ, хоноһо эһэ туран:

– Орто дойдуга киһи буолан олорон оҥорбут аньыыгын-хараҕын билинэҕин дуо? – диэн ыйыппыт.

– Билинэн да, аны кэлэн ааспыты төннөрөр кыаллыбат… – диэн дьиэлээх эһэ кэмсинэн суланыы бөҕөтүн суламмыт, муҥатыйыы бөҕөтүн муҥатыйбыт.

Онуоха туран биирдэһэ:

– Муҥатыйар, суланар, кэмсинэр буоллаххына, мин кэпсэлим-ипсэлим, сэһэним-сэппэним диэн итинник буолар, – диэт, килэрийбит сыа ытыстаах баппаҕайын ортоку суо-дэгиэ тыҥыраҕын кылгас тыҥыраҕар даҕайан, ботугуруу түһээт, дьиэлээх эһэни туһаайан тыган кэбиспит…

Инньэ гынаатын кытта, дьэ эбэтээ, иккиэн эмискэ үлүгэр арҕахтарын иһигэр үҥкүрүс-күөлэһис гынан эрэргэ дылылара баара да, балаҕаннарын иһигэр сыппыт тэллэхтэригэр төттөрү киһиэхэ кубулуйан баар буола охсон хаалбыттар. Дьиэлээх баай ити айылаах иэдээннээх, түүлэ-илэтэ биллибэт будулҕантан соһуйан, өмүрэн сарылаабытынан ойон туран ыстанаары оһоҕун холумтаныгар муннун тоҕо түһэн кэбиспит, ити эрэ кэннэ биирдэ өйдөммүт…

Дьиэлээх киһи уоскуйан, тыын ылан, өрүтэ эппэҥнээн өйүн-төйүн булбутун кэннэ хоноһо:

– Мин кэпсэлим-ипсэлим, сэһэним-сэппэним муҥура суох дэлэй, элбэх. Билигин да түлүк түүн үөһэ үүнүө эрдэ, аны биири кэпсиибин дуо?.. – диэн ыйыппыт.

Кини диэтэх киһи уораҕайыгар ураты кэпсээннээх урааҥхай, бэрт дьээбэ хоноһо хоно сытарын дьэ сэрэйэн баай:

– Кэбис, ити кэннэ кэпсээмэ, сөп буолуо, түксү!.. – диэн саҥа аллайа түспүт…

Ол күнтэн, түгэнтэн ылата баай ааһар ыалдьыты, хонор хоноһону кыһайар кыдьыга уурайан, кими баҕарар, киһититтэн көрбөккө, кэпсээннээҕэ-сэһэннээҕэ диэн араара барбакка хоннорон, өрөтөн атаарар буолбута эбитэ үһү…» – Маччай Маарпа остуоруйатын түмүктүүр…

* * *

Саас хаар ирэн, бидиргэхтээн, устунан бырыы да бадараан тахсан айан суола алдьанна, сабылынна да, биһиги эҥээринэн кэлээччи-барааччы тохтуур. Биир эмит хаамаайы дьон дэҥ-дуҥ эрэ охсуллан ааһаллар. Өтөхпүтүгэр бэйэбит эрэ хаалабыт. Кыһыны кыстаппыт, айахтаппыт сүөһүлэрин саас кэлэн илдьэ бараннар ынахпыт Тамма оҕус тыһаҕаһынаан үрэхтэрин баҕараҕар иккиэйэҕин мэччийэллэр. Тамма кытараан дьоҕойон чэйбитин эрэ үрүҥнүүбүт.

Оттооххо хас сайын аайы кэлэр үгэһинэн, Эйэҥнэр өтөхтөрүгэр балыксыт Халый сайылаата. Ый баһыгар-атаҕар хаптаһын тыытыгар олорон, уҥа-хаҥас дэйбэҥнэтэ эрдинэн, үрүҥ хоруоҥка дьэҥкир ууну эрдиитин салбахтарынан ытыйан, күн уотугар күлүмүрдэтэ, килэпэччитэ оонньотон дөрүн-дөрүн биллэн барар, онтон эмиэ өр кэмҥэ сүтэр, балаҕана тумуһах кэтэҕэр баар буолан бэл буруота-тараата да көстүбэт, киһи суоҕун кэриэтэ.

Саас, онтон кинилиин саппай уопсан сиэттиһэн сайын барахсан илгэлээх ичигэс салгынынан сайа тыынан, хара тыаны чээлэй торҕо күөҕүнэн, сыһыыны-хонууну күн араас дьэрэкээн чэчигинэн ситэри симээн киһи кута-сүрэ эрэ кутугунайа хамсыах үтүө күннэрэ үүммүттэрэ. Кыһын биир балаҕан иһин манаан, чуҥкуйан олорор курдук буолуо дуо, таска көҥүл көччүйэр туһугар үчүгэйэ сүрдээҕэ. Ампаар дьиэм буор сиксигэр, таас бытархайдарыттан аттаһыллан тигиллибит туос түннүгүм анныгар ынах этэрбэстэрдээх атахтарбын кумутан, тобукпун түөспэр сыһыаран, өтөхпүт тэллэҕэр үүммүт эдэр хатыҥнар күүстээх балаһа тыалга хоп-хойуу сэлибирээбит-тэлибирээбит сэбирдэхтэрин суугуначчы тыаһата-тыаһата, бэйэлэрэ биир кэм иэҕэҥнэһэ-куоҕаҥнаһа хамсыылларын тоҕо эрэ салгыбакка одуулаан, уһуннук олорорум. Чуораан от, кучу, күрдьүгэс күрүөнэ, ньээм-ньээм чэчигинэн өрө анньыбыт өтөхпүтүн ситэри киэргэтэн, араас өҥнөөх үрүмэччилэр, лыахтар, тоноҕосчуттар талыбырайа, тэлээрэ-тэлбиҥнэһэ көтөллөрүн таайым куйуурун туппутунан сырса оонньуурум…

Өрөө Көстөкүүн Моойторук олуктаах ампаарын сэбэргэнэтигэр сылгы чыычааҕын оҕолоро хайыы-сахха тэһэн, айахтарын муҥунан атан ас көрдүүллэрин сэрэйэн, кумаар, бырдах, күлүмэн мунньан аҕалан биир-биир аһаталыырым. Хатыҥ чараҥ, тиит тыа хараҥа күлүгүн анныгар үүммүт минньигэс дыргыл сыттаах моонньоҕон сэбирдэҕин тоноон, быһыта тыытан бэристэхпинэ, чыычаах оҕолоро соччо сиэбэттэрэ. Ардыгар ытыспар тутан аҕалбыт үөммүн-көйүүрбүн уйа анныгар, эркин олугар уурарым. Ийэ сылгы чыычааҕа үрдүбүнэн чырыптыы-чырыптыы көтө-дайа сылдьан баран, эркин олугар түһэн, уһун кутуруга тэлбиҥнии, тула-мала, турулус-ирилис көрүөлэнэ-көрүөлэнэ, мин уурбут аспын биир-биир ытыран оҕолорун аһаталыыра. Оччоҕуна улахан туһалааҕы оҥорбут киһи буолан олус үөрэрим.

Оттоох эбэ хоту өттүгэр, күөлтэн көстөр үрдүк кырдалга дьон хараллыбыт уҥуохтара бааллара. Күһүн ийэбинээн отоннуу сылдьан, хаамаайылаан, киһи уҥуохтарыгар тиийэн хаалбыппытыттан бэйэбит да соһуйбуппут. Ийэм ити кырдалга сытар дьону билэр эбит этэ.

– Бу, тоом, сүрэхтээбит ийэҥ, Курчугунаан ойоҕо Балбаара барахсан сытаахтыыр, – диэн кус түөһэ моһуоннаах, лаппычах курдук кылгас кириэстээх уҥуоҕу сэҥийэтинэн ыйан көрдөрбүтэ. – Сүрэхтээбит ийэ бэл төрөппүт ийэтээҕэр ордук чугас суолталанар үһү, – эбэн эппитэ ийэм.

Ол эрэн мин, үгэспинэн, хаһан да харахтаабатах, көрбөтөх Курчугунаан Балбаарата диэни төрөппүт ийэбинээҕэр ордоруох санаам син биир кэлбэтэҕэ. Хас да уҥуохха үстүүгэ-түөртүүгэ тиийэ үрдүк кириэстэр кэккэлэһэ туралларын дьиктиргээн:

– Ийээ, ити тоҕо биир сиргэ хастыы да кириэһи кэккэлэппиттэрий, ордук тупсаҕай, үчүгэй көстүүлээх буоллун диэн дуо? – диэн ыйыппытым.

– Кэбис, күүгүнээмэ… – ийэм саба сапсыйан кэбиспитэ.

Кырдал тэллэҕэр түһэн, көөнньүбүккэ дылы дыргыл сыттаах сиһик тыа быыһынан орҕочуйар ыллык суол устун туолуохча буолбут ыаҕастаах ыаҕайаларбытын ситии быаларыттан тэйгэччи тутан бэйэ-бэйэбитин батыаккалаһан истэхпитинэ:

– Ити, тоом, буоспа ыарыыга дьиэ-дьиэнэн имири эстибит сордоохтор хараллыбыт уҥуохтара, – диэн ийэм мин ыйытыыбын хоруйа, хардата суох хаалларан кэбиспэт үгэһинэн быһааран биэрбитэ. – Хата кинилэр киһилии хараллан тураллар… – салгыы кэпсээн барбыта…

Мин ийэм кэпсээнин саҥата суох истэ эрэ испитим.

Оттооххо маҥнай көһөн кэллэхпит утаата сайыныгар уонна күһүнүгэр дьоммун кытта оттоһон, ийэбинээн сир астаан, ардыгар тэллэйи батан уччуйан хаалбыт ынахпытын көрдөөн, чугас эргин тыаны, ойууру син билбэхтэһэрим эрээри, бэйэм соҕотоҕун мээнэ тэлэһийэрбиттэн туттунарым. Биир үксүн өтөхпүт таһыгар оҕолоох эһэ баарыттан да дьаахханарым. Айан суолун саҥа кууран эрэр инчэҕэй бадарааныгар соруйан баарын биллэрэ сатаабыкка дылы суоһурҕанан уһун дэгиэ тыҥырахтарын таһааран баран лэппэрдээбит эһэ суолун көрөр сонун буолбатаҕа. Саатар ыппыт эҥин суох, Маанчык баара эбитэ буоллар, дьиэ таһыгар киһини сибикилии сатаан чуҥнанар эһэни үрэн хайаан да биллэриэ этэ дэһэрбит.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации