Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Урут, араҥ ыарыы элбии сылдьыбыт кэмигэр, Бүлүү уокуругун үс улууһугар дьон ордук ыалдьаллара эбитэ үһү. Тоҕо, туохтан эбитэ буолла, биһиги эҥээр, Мастаах эбэ ыксатыгар олорооччулар ордук элбэхтик араҥынан моһуогуралларын туһунан кэпсииллэр.

Маҥнай Хообуйаптар оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан, кинилэр кэннилэриттэн аҕалара, бүтэһиккэ ийэлэрэ Тыытыгынай Маарпа сүүһүн аннынан сургуччу көрөн киирдэ. Тас таҥастарын сыгынньахтанан аан ыксатынааҕы адарай ороҥҥо кэккэлэстилэр. Оҕолор отой туох да буолбатах сэргэх сирэйдээхтэр-харахтаахтар. Мин, элбэх киһи биирдэ тоҕо анньан киирбититтэн симиттэн, кыбыстан, соҕоруокка кэтэҕэр түһэн сэмээр быган көрөбүн… Маарпалаах Мэхээлэ араа-бараа саастаах, биэс уоннарын эрэ ааһан эрэр дьон. Улахан оҕолоро Даарыйа саҥа эт тутан эрэр, курбуһах курдук көнө, дьылыгырас уҥуохтаах эдэр кыыс, уоннааҕылар уолаттар: Сүөдэр, Ньукулай, Бииктэр диэннэр. Кыралара Бииктэр, миигиттэн улахан уол, сиһинэн ыалдьар эбит, бөрү-бөкчөгөр. Оҕо аата, бүдүгүрэ кырдьыбыт киһи курдук, умса нөрүйэ сылдьара мин көрөрбөр хайдах эрэ олуона баҕайы курдук.

Ыаллар кыыстара Даарыйа үс үөс гына кэтэҕэр мөлбөччү өрүммүт суһуоҕун биир кэм туппахтыыр, эрийэр, мускуйар. Кэккэлэһэ олорор инилэрэ Бииктэрдээх Ньукулай ынах этэрбэстээх атахтарын биэтэҥнэтэ хамсатан тэбиэлэнэ оонньуулларын имнэнэн буойталыыр. Отой туох да ыарыы сыстыбатах дьоно тута биллэр.

Тыытыгынай Маарпа саҥата-иҥэтэ чөллөркөй, туттара-хаптара тэтиэнэх аата, ыалдьара дьүһүнүгэр көстөр. Куттаммыттыы, сүүһүн аннынан көрөр-истэр, туохтан эрэ дьааххаммыттыы туттар.

Күөс буһуор диэри дьоммут сээкэйи сэһэргэстилэр. Эһэм Мэхээлэлиин тахсан аттары сыбыдахтаан, от тэлгэтэн аһаталаан киирдилэр.

Хообуйаптар ийэлэрэ ыалдьыбыта хас да сыл буолбут эбит. Өссө эрдэ хайа эрэ хоноһо дуу, ыалдьыт дуу Тыытыгынай Маарпа араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэбитин истэн турабын. Оттон араҥ туһунан миэхэ Мискээйэптэр кыыстара, бииргэ оонньуур доҕорум Элэбэһиэтэ кэпсээбититтэн билэбин. Туора Күөлгэ оскуолаҕа сырыттаҕына киниэхэ эмиэ хайа эрэ улахан кылаас оҕото кэпсээбит. Кэпсэл буолан баран киэргэтиитэ, сэһэн буолан баран ситэриитэ, остуоруйа аата омуна суох буолбат. Онно кэпсэнэринэн, араҥ ыарыынан ыалдьыбыт киһи этэ-сиинэ онон-манан мэҥ курдук харааран тахсара үһү. Ыарыы киһи илиитин уонна атаҕын тарбаҕынан киирбит буоллаҕына, тарбахтара сүһүөхтэринэн быстан түһүтэлиирэ, сирэйин булбут буоллаҕына, мунна, уоһа сытыйан, куобах уоһун курдук силлэн, тиистэрэ килэйэн баран устунан ууллан тохторо эбитэ. Араҥ ыарыыга ыалдьыбыт киһи, дьиктитэ диэн, төһө да этэ-сиинэ ол айылаах сытыйан, туруттан түстэр, көрүөхтэн сүөргүтүк кэбилэннэр, этин ыарыытын билбэтэ үһү. Элэбэһиэтэ кэпсииринэн, оннук ыалдьыбыт киһи маҥнай аҥаар илиитэ, онтон иккис илиитэ туллара, онтон аҥаар атаҕа, аны биирэ… Дьэ ол эрэ кэннэ бүтэһигэр төбөтө быстан төкүнүйдэҕинэ эрэ, ол сору-муҥу көрбүт сордоох биирдэ өлөрө, күн сириттэн күрэнэрэ, энэлгэннээх эрэйиттэн арахсара. Туох да диэбит иһин ынырык кэпсэл. Мин доҕорум Элэбэһиэтэ аны ким эмит истиэ диэн, тула-мала көрө-көрө, бэл кулгаахпар саба түһэ-түһэ сибигинэйэн кэпсээбитин санаан, ис-испиттэн чахчы куттанан кэлэбин. Тыый, араҥнара аны миэхэ сыстаарай диэбиттии, Тыытыгынай Маарпаттан харахпын араарбаппын. Ол эрэн Маарпа дьүһүнэ-бодото Элэбэһиэтэ кэпсээнигэр тугунан да төрүт майгыннаабат, арай сирэй оһох тунаархай сырдыгар сирэйин тириитэ бүтүннүүтэ эбир курдук хараарар, баҕар, куттаммыт санаабар, ордук омуннанан көстөн харахпын баайан эрдэҕэ. Араҥ дьикти ыарыы. Дэҥ-дэҥ кэлээччи-барааччы ыалдьыттан, хоноһоттон иһиттэхпитинэ, онно-манна, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам ыһыллан олорор дьонтон биир эмит киһи эмискэ ити ыарыынан ыалдьыбыта иһиллэр. Кимтэн, туохтан сыстыбыта төрүт биллибэт. Луохтуур тахсан ол киһи чахчы араҥ ыарыынан моһуогурбутун биллэр эрэ, аны дьону сутуйуо, чэгиэн дьоҥҥо сыһыарыа диэн тута Бүлүүгэ киллэрэн, куорат таһыгар баар анал холуонньаҕа угаллар. Онтулара бэйэтэ хаайыы кэриэтэ үһү, ким да кэлэрэ-барара, киирэрэ-тахсара көҥүллэммэтэ.

Күөспүт буспутугар бары бииргэ олорон куобахпыт этин сиэтибит, миинин истибит. Дьонум айахтара хам буолбакка сээкэйи күннээҕини баллыгыраһаллар. Тыытыгынай Маарпа бэйэтин кытта анал иһитин-хомуоһун туспа тутан илдьэ сылдьар, ким хайа иннинэ сып-сап аһаан бүтээт, оһох иннигэр олорон хамсатыгар симпит табааҕын тымтыгынан уматтан соп-соп соппойбохтуур. Мин уора-көстө Маарпаны одуулаһабын, сүрдээҕин салла, куттана саныыбын.

Ийэлээх эбэм киэһээҥҥи аһаабыт иһиппитин сууйар кэмнэригэр хоноһо кыыһы Даарыйаны кытта кыратык өссө оонньоотум. Ийэбин үтүктэн бэйэм оҥорбут хас да өрбөх кыыстаахпын, утуйар оронум анныттан эргэ чабычаҕы соһон таһааран, ол-бу оонньуурдарбын эҥин көрдөрдүм. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан сылыктаатахха, уолаттар биһиэхэ көҕүйэн оонньуохтарын баҕараллар быһыылаах да, тоҕо эрэ чугаһаабатылар, аан ыксатынааҕы ороҥҥо көрсүөтүк туттан олордулар, өтөр-өтөр аҕаларын диэки кылап-халап көрөн ылаллар.

Хас киэһэ аайы хойукка диэри, ардыгар дьонноро сылгылаатахтарына эрэ дьиэлэригэр тахсар доҕотторум Муттуйдар кыыстара Тахтаха, Эйэҥнэр кыыстара Маарыйа бу киэһэ биһиэхэ киирбэтилэр, улахан да дьон быкпатылар…

Хообуйаптар кыра уоллара тото аһаан, «иһэ сиигирэн», урут өтөр-наар ыраах айаннаабатах уол сылайан төбөтө хоҥкуҥнаан барбытын көрөн ийэм:

– Оо, бу муҥнаах утуктаан иэдэйбит, – диэбитигэр хоноһолор тастан киллэрэн ириэрэ уурбут утуйар таҥастарын тэлгэтэлээн оҥоһуннулар.

Таайым Алааска баран «сүппүтэ» хас да хоммут киһи суох, кини кэтит адарай оронугар оҕолор туора кэчигирээн түөрэ баттылар. Маарпа Мэхээлэтиниин аан ороҥҥо атахтастылар.

Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, аһаан-сиэн баран салгыы айаннаары туран, Тыытыгынай Маарпа эрэйдээх дьоммор туһаайан сүрдээҕин махтанна:

– Лөкүөрүйэ эмээхсин… дьэ хоннорбуккутугар улахан махтал… Ыал эрэ тохтотон, өрөтөн бүөбэйдэспэт дьоно буоллахпыт. Кинилэри да туох диэн баалыам баарай. Ол мин эһиэхэ махталым да диэхтээн, биир бэйэм холуонньаттан аны тахсарым биллибэт. Оҕолорум баҕас отой чэгиэн дьон, ити көннөрү миигинэн сылтаан уорбаланан баран иһээхтииллэр. Кинилэр эрэ өлүөр буоллуннар… Уонна тугу диэм баарай… Этэҥҥэ олоруҥ, аны көрсүһэр да биллибэт…

Маарпа муҥнааҕы санаатын ситэ этиппэккэ эрэ кэргэнэ Мэхээлэ:

– Чэ, эмээхсин, бардыбыт-бардыбыт!.. Тугу эмиэ итиннэ тура хараҕаланан хааллыҥ?! – диэн, киһи тириитин таһынан киириэх аҕайдык бардьыгынаабыта. Били бэҕэһээ киэһэ кирик-хорук туттан олорбут Мэхээлэ буолбатах, атын киһи.

Маарпа, кэнники ат сыарҕатыгар тиийэн олорон баран, балаҕан иннигэр тахсан турар эбэм, ийэм биһиккини эргиллэн өссө биирдэ көрөн ылбыта, үтүө өйдөбүл хааллын диэбиттии, мичээрдээн тииһин килэтэн мыттыйбыта. Аһаабыт, сынньаммыт аттар чигди хаартан сыарҕаларын ыллыгын тыастаахтык хоҥнорон, иһэхтэрин хаарын уҥахаҥас ыспахтаан, сиэлэн сэгэйбиттэрэ. Тыытыгынай Маарпа муҥнаах куораттаан иһэр киһи быһыытынан маанымсыйдаҕым буолан кэппит саҥа суккун сонун санна дьигиһийэ хамсаан бара тураахтаабыта…

Сотору Хообуйап оҕолорун илдьэ Бүлүү куоратыттан төннүбүтэ, төттөрү ааһарыгар биһиэхэ сылдьыбатаҕа, үргүлдьү ааспыта, ону да ыттар үрбүттэригэр тахсан Мэхээлэ «кэтэҕин» эрэ көрөн хаалбыппыт. Маарпа араҥ ыарыылаахтар холуонньаларыгар киирэн баран, сыппыта баара-суоҕа сылтан эрэ ордоот, өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Урут балаҕаныгар олорор эрдэҕинэ, төһө да ыарыйдар, хас да сылы быһа кэм тэтиэнэх сылдьыбыт бэйэтэ бэрт кылгас кэм иһигэр өлөөхтөөбүтэ. Биир үксүн оҕолорун, өтөҕүн да ахтан, санаа-оноо ыар баттыгыттан быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалан эрдэ ньамньырыйан буорайаахтаатаҕа.

Хообуйап, кэргэнин куоракка киллэрэн тахсан баран, ол сайын Хочуолутун өтөҕүттэн ханна да тэйбэккэ оттообута, оҕолорун чомой оҥостон оту кыайа тутара. Онтутун атыылыыра, бэйэтэ сүөһүтэ суоҕа. Күһүнүгэр тиийэн, өссө Маарпата өлүөн иннинэ, Сиэҥнээх Уйбаан диэн киһиэхэ кэргэн тахсан баран, кэлин эрэ өлөн огдообо хаалбыт Маарыйа диэн Илин Кыргыдай дьахтарын ойох ылбыта. Саҥа кэргэнэ Чөҥөркө Маарыйа диэн уончалаах кыыстааҕа.

* * *

Мин били эһэм сохсотун сэлиитин маһын тоһутан куобах ылан кэлбитим кыһыныгар, Кириһиэнньэ таҥара күнэ ааспытын кэннэ, субу аҕай кыһыҥҥы уһун өрөбүлүгэр сынньанан барбыт, Туора Күөл оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбыт Мискээйэптэр кыыстара Элэбэһиэтэ эмискэ ыалдьан, үөрэнэр кыаҕыттан тахсан, ат сыарҕатыгар төттөрү тиэллэн кэллэ.

Ийэм Мискээйэптэртэн киирэн баран Элэбэһиэтэ ыалдьан төннөн кэлбитин кэпсээбитигэр, мин, оҕо киһи, акаары санаабар, хата оонньуохпут диэн бэркэ үөрдүм. Сонно тута ыалбар сүүрэн таҕыстым. Хахалдьыйа оҕонньордоох балаҕаннара соҕоруокката да, өрбөх быыһа да суоҕа, суоруу халыҥ хаптаһынынан оҥоһуллубут хара эриэн ынах тириитэ бүрүөһүннээх сытыары халҕаны аан чанчыгыттан тэбинэн аһан баран, ээр-сэмээр кыбылла-кыбылла киирдим. Арай көрбүтүм, ааны утары ороҥҥо доҕорум Элэбэһиэтэ, куобах суорҕаны хонноҕун анныгар диэри тиирэ тардынан, үрдүк сыттыкка төбөтүн ууран унаарыччы көрөн сытар, эҥил баһыгар суһуоҕа ыһыллыбыт. Ыксатыгар дүлүҥ олоппоско нэлэгэргэ улар бөтүөнэ, буута хараарар, хамыйах сытар, хончоҕор хоройон турар.

Маҥнай утаа Элэбэһиэтэни бэл билбэтим, атыҥырыы көрдүм. Били уонча хонуктааҕыта аргыс дьонун аттарын сыарҕатыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта олорсон: «Туллуктар кэллэхтэринэ мин эмиэ кэлэбин…» – дии-дии, үөрэ-көтө, омун-төлөн бөҕөтө буолан барбыт доҕорум дьүһүнүттэн туох да суох, отой атын оҕо кэлэн сытарын курдук. Ыраас хааннаах, икки иэдэстэрэ мэлдьи тэтэрэ сылдьар Кээкээ имин хаана сүтэн, куп-кубаҕай дьүһүннэммит. Миигин көрөн баран, бэрт сатамдьыта суохтук тииһин ыртатан мичээрдээтэ, онуоха өссө отой да атын, билбэт кыыһым кэлэн сытарын курдук көһүннэ. Кэлиэхпин да, барыахпын да билбэккэ, нэк буолан килэрийбит тииҥ бэргэһэбин убахтыы турдахпына, сирэй оһох кэннигэр хаас кынатынан мас сыыһын сиппийэ сылдьыбыт Огдооччуйа эмээхсин өндөс гынан баран:

– Хайа, тоом, ааһыый… Кээкээ киирэргин кэтэһэ сытар… – диэтэ.

Биһиги бары кыыһы Кээкээ диэн ааттыырбыт, Элэбэһиэтэ диэн дэҥ ыҥырарбыт.

Көстөкүүннээх Сөдүөрэ холкуостаах, үлэ дьоно өрүү да балаҕаннарыгар суохтар, Ыстапаан – Туора Күөлгэ оскуолатыгар, Хахалдьыйа оҕонньор да си дьүгээр олорбот, мэлдьи илии туппай түбүктээх буолар.

Балаҕаҥҥа Кээкээ ийэтинээн эрэ бааллар, Аппаҥалык хотоҥҥо сүөһүлэригэр эбит.

Сэмээр, оргууй кэлэн Элэбэһиэтэ ыксатыгар олордум. Кээкээ төрүт киэҥник саҥарар да сэниэтэ суох, мичээрдээбитэ эрэ буолаахтыыр, агдата ыалдьан кыайан тыыннарбат да быһыылаах, кылгас-кылгастык, быһыта баттыалаабыт курдук сурдургуур, ол да буоллар, хайдах эрэ киһи атыҥырыан курдук, алын уоһун ханньатан биир кэм мичээрдиир. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын ийэтэ субу-субу сотон, ыһыллыбыт баттаҕын сүүмэхтэрин көннөрөн биэрэр.

Ньукулай, ыарыһах оҕолоох киһи, балаҕан сөрүүдүйүө диэн, дьэҥкир муостаах Туораах диэн саадьаҕай оҕуһунан оттук маһа таһартан солото суох, оһох уота сөҕүрүйүөх курдук буолла да, эбии мас быраҕан биэрэн иһэллэр.

Тахтаха, Маарыйа уонна мин хас да күнү быһа Мискээйэптэр балаҕаннарыгар киирэн, ыалдьа сытар доҕорбут Кээкээ-Элэбэһиэтэ аттыттан арахпакка оонньоотубут.

Кээкээ биһиги оонньуурбутун көрөн сытар уонна, үгэһинэн, мичээрдиир, ардыгар таба кыыл этэн эрэрин курдук сөтөлүн да сөтөлүн буолар, оччоҕуна ийэтэ эбэтэр Аппаҥалык кэлэн кыыһы силлэтэллэр, уу иһэрдэллэр. Биһиги доҕорбут дьабадьыта хаан буолбутун дьиктиргии көрөбүт. Киэһэ дьиэ-дьиэбитигэр тахсарбытыгар Кээкээ биһигини сайыһан, дьүһүнэ-бодото саппаҕыран, ытыах курдук уоһа мэрбэҥнии хаалар, сарсыарда киирдэхпитинэ сэргэхсийбитэ сэбэрэтигэр тута биллэр.

Элэбэһиэтэ ыалдьан кэлбитэ уонча хоммутун кэннэ биир сарсыарда, уубун хана утуйан баран, сирэй оһох иннигэр ыйаммыт чорку тыаһын истэ-истэ, «таммалаата, чоккураата…» дии-дии, үгэспинэн, аһыы охсоот Мискээйэптэргэ доҕорбор тахсаары ийэм бэлэмнээбит отоҥҥо быламмыт күөрчэхтээх лэппиэскэтин сиэн мотуйа олордохпуна, Алаастан таайым Бүөтүр кэллэ. Хонон, өрөөн күн бэҕэһээ барбыт таайым төттөрү төннөн кэлбититтэн хата үөрдүм, дьиэ иһигэр киһи элбээтэҕинэ сэһэн-сэппэн арааһын кэпсэтэллэрэ туһугар улахан сэргэхсийии.

Таайым тоҕо эрэ арбы-сарбы дьүһүннээх. Ити ыккардыгар хотонтон ийэм, ханна эрэ тахса сылдьыбыт эбэлээх эһэм бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан суксуруһан киирдилэр. Мин Огдооччуйалаахха тахсаары халтаҥ торукуо соммун кэтэн эрдэхпинэ, ийэм:

– Ханна бардыҥ? – диэн ыйытта.

– Кээкээҕэ…

– Кэбис, тахсыма, тоом… – диэтэ эбэм.

– Тоҕо?

– Дьиэҕэр олор, бүгүн ханна да барыма-кэлимэ, – аны эһэм буойда.

– Оттон Кээкээ күүтүө дии…

Ийэм сирэй оһох иннигэр кэлэн, күүһүн-уоҕун ылан бачыгыраччы умайа турар уотун суоһугар тарбахтарын сараччы тутан итиннэ, онтон дүлүҥ олоппос үөһэ чөкө олорон, табаахтыырдыы оҥостон, өрүү кэтэр эргэ сарыы сонун сиэбиттэн өрбөх саппыйалаах табааҕын оруу тардан таһаарда.

– Тоом, Элэбэһиэтэ муҥнаах аны суох… Бөлүүн быстаахтаабыт… Бүгүн Ньукулайдаахха тахсыма, онто да суох атах тэпсилгэнэ, киирии-тахсыы элбиэ, онно эбии буолума. Хата Тахтахалаахха тахсаар…

Бэҕэһээ киэһэ дьиэбэр тахсарбар уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн сайыһа хаалбыт Кээкээ түүн эмискэ бэргээн өлөн хаалаахтаабыт. Сарсыарда бэрт эрдэ Көйгөөлө Сөдүөрэ Алааска баран Элэбэһиэтэ убайын Көстөкүүнү уонна Бүөтүрү аҕалбыт, таайым ол иһин төннөн кэлбит эбит.

Тээкиччэҕэ күн сирин көрүөхпүттэн биэспин ааһыахпар диэри бииргэ оонньообут доҕорум Кээкээ-Элэбэһиэтэ эрэйдээх ити курдук судургутук, быстах ыарыыга ылларан, бу орто дойдуга уларсык кэриэтэ кэлэн, эмискэ бараахтаабыта… Өлөр диэн улахан алдьархай, иэдээн буоларын биллэрбин да, тоҕо эрэ, отой оҕо киһи сиэринэн, ону силигин ситэри сыныйан өйдөөбөтүм. Кээкээ ханна эрэ баран баран сотору кэлиэ, төннүө диэбиккэ дылы дьикти өйдөбүл баар курдуга.

Элэбэһиэтэни балаҕаныгар үс хоннорон баран, Тээкиччэттэн көстөн ордуктаах Иччилээх диэн күөлгэ, төрүттэрэ олохсуйан олорбут сирдэригэр, ат сыарҕатыгар тиэйэн илтилэр, онно барытыгар дьонум аах илии-атах буолан харайсан көмөлөстүлэр.

Кыыһа өлбүтүн нөҥүө сылыгар кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана Мискээйэп оҕонньор, от тиэйэ сылдьан эмискэ сүрэҕинэн охтон баран уһуннук сытан, саас Былаҕачыанайап таҥара күнэ эрэ ааспытын кэннэ быстан хаалла. Хахалдьыйа Ньукулайы Иччилээххэ кыыһын ыксатыгар кистээбиттэрэ.

* * *

Тээкиччэ күөлүгэр биһиги олорбут өтөхпүт Илин Кыргыдай, Алааска кииннээх «Чернышевскай» аатынан уонна Арҕаа Кыргыдай, Бэти уонна Сатаҕай күөллэр ыккардыларыгар кииннэммит «Социализм суола» холкуостар бэйэ-бэйэлэригэр тиэстэр айаннарын суолун ортото этэ. Онон аттаах да, сатыы да айанньыт Тээкиччэ эбэ өтөҕүн ыалын быһа ааспакка буолбата. Кыһыҥҥы көлөлөөх атын хабыалатан, бэйэтэ иттэн, итии киллэрэн, сайын сырыырҕаабыт сөрүүн ымдаанынан утаҕын ханнаран, туох сонуннааҕын, кэпсэллээҕин тоҕо-хоро кэпсээн, сэргэхситэн, дьэгдьитэн ааһара. Өтөхпүт икки өттүнээҕи кэлии-барыы суолларын аартыктара мэлдьи харах далыгар буолан, туох эрэ биллибэт дьикти үтүө иэйиинэн өрүкүтэ долгуталлара. Илин аартык айаҕар эһэм Өлөксөй оҕонньор остуоруйатыгар кэпсэнэр дойду отун-маһын санатыах айылаах сүүһүнэн сыллар устата үүммүт, баараҕадыйбыт, ытык мааны чаллах тииттэр үүммүттэрэ киһи болҕомтотун мэлдьи тардаллара. Төһө да үгүс сыл хаара-самыыра баттаатар, эмэҕирэ илик чиргэл тииттэр өссө да уһун кэм устата аарыгыра айгыстан, лоппоруттан тахсыбыт модьу силистэригэр бигэтик тирэнэн, ааһан эрэри эрэ барытын саба кууһан ылыахха айылаах, мэктиэтигэр хараара көҕөрбүккэ дылы кырбас-кылыы мутукчалаах, хойуу эриэхэлээх төргүү лабааларын, ыҥыра, эйэргэһэ сатаабыттыы, сараадыччы уунан тураллара. Арҕаа аартык эҥэлэйэ күөл хордоҕойугар диэри бэйэ-бэйэлэрин кытта сиэттиһэн үөскэ үтэн киирбит дьылыгырас сотолордоох хатыҥ чараҥынан кылбайара. Ыт үрдэр эрэ, болҕомто барыта аартыктар айахтарыгар буолан, чөрбөйө түһэрбит, көлөлөөх эбэтэр сатыы айанньыт көһүннэр эрэ, оҕолор омун-төлөн муҥутаан: «Аттаах киһи!.. Сатыы киһи!.. Ыт иһэр!..» – дэһэ-дэһэ, кэпсии охсоору балаҕан аайы тэбинэрбит…

Ийэм оҕо эрдэҕиттэн ыкса, чугастык билсэр дьүөгэлэрдээҕэ. Арҕаа Кыргыдайтан Балгыычыйа Маарыйа уонна Лэҥкэй Аана диэн дьүөгэлэрэ кэлэн ардыгар хонон-өрөөн бараллара. Лэҥкэй ийэбиттэн аҕата, оттон Балгыычыйа отой эдэр кыыс этэ. Лэҥкэй Аана бэйэтин улууһун дьонугар-сэргэтигэр эрэ буолбакка, саха саҥалаахха эрэ киэҥник биллибит, «Лэҥкэй Аана дуо» дэппит, көрбүтүн тута хоһуйан ыллаан барар улахан уус тыллаах, чугас эргин суох чөллөркөй, кылыһахтаах куоластаах, ырыа-тойук аргыстаах, эйэҕэс-сайаҕас майгылаах үтүөкэннээх дьахтара. Дэлэҕэ да: «Лэҥкэй Аана тойуга… Лэҥкэй Аана хоһуйуу-та…» – дии-дии, дьон кини айбыт күн эгэлгэ араас ырыатын, тойугун уос номоҕо оҥостон мэлдьи ыллыы-туойа сылдьыахтара дуо? Лэҥкэй ийэбиттэн намыһаҕа, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, ис киирбэх хара бараан сирэйдээх дьахтар этэ. Уһун эрээри, ийэм киэнинээҕэр кылгас хара суһуоҕун өрүнэн баран уҥа-хаҥас дэйбиирдэнэ, эйэҥэлэтэ оонньуур үгэстээҕэ. Оттон Балгыычыйа Маарыйа Лэҥкэйтэн өндөс уҥуохтаах, аатын курдук был-бал, куппут-симпит курдук эттээх-сииннээх, дьээбэрдэҕинэ, биир кэм күлэн бычыгырыы сылдьар, эмискэ-эмискэ дьигис-дугус гынан хамсаммыт, турулус-ирилис көрбүт эмиэ бэрт сэргэх кыыс дьахтар этэ.

Ийэм аах, дьүөгэлиилэр, көрүстэллэр эрэ, наар сээкэйи сэлэһэ-сэлэһэ күлсэн, бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһан, устунан иэйэн-куойан, арааһы бары хоһуйан ыллаан-туойан тахсаллара, көҕүһэ-көҕүһэ, хомус тардан дьүрүһүтэллэрэ… Бары хомустаахтара, онтуларын харах харатын курдук харыстаан, анал хаатыгар уган, суулаан илдьэ сылдьаллара.

Үүт угар уҥучах аттыгар, бүтэй маһын үөһэ эбэтэр киһи түмсэн олороругар анаммыт курдук үрдүк күөх кырыс сиргэ чээлэй чэчик быыһыгар олорон хомус тардар ийэм ааҕы биһиги, оҕолор, сорох-сорохтор мэктиэтигэр айахпытын атан өрө мыҥаан, кулгаах-харах иччитэ буолан, сүрдээҕин диэн сэҥээрэн истэрбит. Оттон кинилэр, хайабыт ордук тардар эбит диэбиттии, бэйэ-бэйэлэрин истиһэ-истиһэ, араастаан дэгэрэҥнэтэн, хоҥкус-иҥкис, ходьох-идьэх хамсана-хамсана, хас биирдиилэрэ туох эрэ уратылаах, хатыламмат ураты тыастаах этигэн хомустарын нарын тылын туруйатын таарыйан лыҥкыната, дьүрүһүтэ тардаллара. Ким ордук дьикти дьүрүлгэннээх дорҕооннору таһаарарыгар куоталаһар курдуктара.

Тээкиччэ өтөҕүн дьахталларыттан Дьэкиимэп Ньукулай (Эйэҥ) кэргэнэ Суоппуйа эрэ хомустуура, ону да ийэм хомуһун эбэтэр Балгыычыйалаахтан уларсан. Бэйэтигэр хомустааҕа да, онтута сатамдьыта суох салаҥ улахан, моһуона эрэ хомуска майгынныыр тэрилэ. Суоппуйа дьээбэрдэҕинэ ол хомуһун болточчу тутан баран саллырҕаччы тартаҕына, Лэҥкэйдээх күлэн быардарын тарбыыллара. Күлсүү-салсыы саҕаланнаҕа ол… Хомуһу да Лэҥкэй Аана барыларыттан таһыччы ордук тардара. Ол эрэн дьон-сэргэ туохтааҕар да ордук кини бэйэтэ айбыт, хоһуйан ыллыыр ырыаларын сөбүлээн, сөҕөн-махтайан истэллэрэ, өйдөрүгэр хатааччылар үтүктэллэрэ. Ыһыахха оһуокай этиитигэр дьахталларга тэҥнээҕэ суоҕа, эр дьонтон арай Дыгыйар Сэмэн (Ырыа Дыгыйар) эрэ Аананы кытта тэҥ баайыылааҕа буолуо дэһэллэрэ. Аана Куонаанаба (Лэҥкэй Аана) саха саҥалаахха ордук киэҥник биллибит хоһуйуутунан «Куола-Куола милииссийэ» диэн тойуга буолар. Лэҥкэй итийэн-кутуйан, ис-иһиттэн имэҥирэн, хоһуйан ыллыы олорон хаһан да «кэлэҕэйдээн» көрбөтө, биир кэм, үөрэхтээх киһи бэлэми ааҕан эрэрин курдук, тохтообокко суккуйар дьикти ураты, улуу дьоҕурдааҕа. Тыла-өһө ууһа-урана, араас дэгэтэ, тупсарыыта дэлэйэ сүрдээҕэ. Эр киһини баһыттан атаҕар диэри бары ымпыгын-чымпыгын, тугун да ордорбокко, истэри-тастары, таҥастары-саптары хоһуйан ыллыырын дьахталлар күлэн ыгыста-ыгыста, сорох кыбыстанньаҥ өттүлэрэ сирэйдэрин былааттарынан кистии, саба тутта-тутта, сөрү диэн сөҕөн сапсыйа-сапсыйа, төбөлөрүн быһа илгистэ-илгистэ истэллэрэ, саныы-саныы сонньуйа сылдьаллара.

Мин, оҕо киһи, өйбөр-санаабар, Лэҥкэй Аана ырыаларыттан бэрт дуона суох быстах-остох эрэ өйдөбүллэр хаалбыттар, ону да кэлин ийэм кэпсээн, санатан.

Лэҥкэй Аана Арҕаа Кыргыдайга, Бэти күөлүгэр, аҕалара Суккаар уус өтөҕөр бииргэ олорбут, эмиэ биир туспа аакка-суолга киирбит, дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах-арҕастаах көнөтө Хабылык Балбаара диэн эдьиийдээҕэ, өссө Ньонньоох диэн балтылааҕа. Эр дьон Балбаара сурахха-садьыкка кэпсэммит кэрэ сэбэрэтин көрөөрү, араас сылтахтанан, айан суолуттан бэрт чиэски сиргэ олорор Суккаар оҕонньор өтөҕөр, балаҕаныгар үгүстүк тиэстэллэрэ. Отутугар чугаһаан баран Хабылык Балбаара Дьооху киһитигэр кэргэн тахсыбыт, хас да оҕоломмут. Кэлин, Балбаара эрдэммитин истэннэр, Суккаар уус өтөҕөр эр дьон кэлбэт-барбат буолбуттар… Лэҥкэй Аана балаҕаннарын ыалдьыта-хоноһото уҕараабытыгар эдьиийин Хабылыгы дьээбэлээн, «Билсиилээхпин билэннэр…» диэн уос номоҕор киирбит ырыаны эбии туустаан-тумалаан ыллаабытын кэргэннэммит эрэ дьахталлар көр-күлүү кэриэтэ ырыа оҥостон ыллыыллара…

…Кыынньар кымыс аһылыктаах,

Кэдьэрэ дьоруо аттардаах

Киллэм, Баҕарах оҕолоро,

Кэргэннээхпин билэннэр,

Кэлэн ааспат буоллулар.

Хоргун, хоһуок аһылыктаах,

Хоҥор дьоруо аттардаах

Хоро, Ноҥной оҕолоро,

Хоонньоһуулаахпын билэннэр,

Хонон ааспат буоллулар.

Ахтаах арыы аһылыктаах,

Араҕас дьоруо аттардаах

Аллан, Таатта оҕолоро,

Аргыстаахпын билэннэр,

Ахтан ааспат буоллулар.

Биллиир балык аһылыктаах,

Буурул таба көлөлөөх

Булуҥ, Күтүө оҕолоро,

Булсуулаахпын билэннэр, Булан ааспат буоллулар…

Былыр кыыс оҕону күүстэринэн ардыгар отой да түөһээҥки кырдьаҕас оҕонньорго баайын эрэ туһугар ойох биэрэллэрэ сэдэҕэ суох түбэлтэ эбитэ үһү. Ол эрэн элбэххэ туох суоҕа баарай, санаабыт санааларын ситиһэр кыыс дьахталлар оччоҕо да бааллара: эрдэриттэн арахсан күрээн барыы, номоххо киирбит Суоһалдьыйа Толбонноох курдук, быстах санааҕа ылларан моҥнон өлүү, ууга түһүү олоххо чахчы баар көстүүлэр этилэр. Ол оннук арахсыылартан биир түбэлтэни Лэҥкэй Аана «Маҥан баттах оҕонньор…» диэн ааттаан, көр-күлүү кэриэтэ хоһуйан, эмиэ эбэн-сабан ыллаатаҕына улахан күлсүү, сонньуйуу буолара. Лэҥкэй, санныларын хоҥкус-иҥкис хамсата-хамсата, куолаһын араастаан уларытан-тэлэритэн, дэгэттээн, оҕонньор саҥатын үүт-үкчү кырдьаҕас киһилии, кыыс дьахтар ырыатын бэйэтин куолаһынааҕар эбии синньэтэн, чахчы да абаран-сатаран, иэйэн-куойан, тус кыһалҕатын этэн-тыынан, ыллаан-туойан эрэрдии тылын-өһүн тууһугурда тумалаан, өттүк баттана-баттана, ыллаан сыыйара…

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Илинниирэ тыакайыҥ

Иэгэйбиттиир майгыннаах…

Оҕонньор: Илинниирэ тыакайым

Иэгэйиэҕин кэриэтэ

Элбээбитэ диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Соҕуруулуура тыакайыҥ

Сууллаахтаабыт майгыннаах…

Оҕонньор: Соҕуруулуура тыакайым

Сууллаахтыаҕын кэриэтэ

Сонообута диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор, Арҕаакалыыр тыакайыҥ

Аҕыйаабыт майгыннаах…

Оҕонньор: Арҕаакалыыр тыакайым

Аҕыйыаҕын кэриэтэ

Арбайбыта диэтэҕиҥ,

Хото-оой!…

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Хотулуура тыакайыҥ

Хоҥкуйбуттуур майгыннаах…

Оҕонньор: Хотулуура тыакайым

Хоҥкуйуоҕун кэриэтэ

Хойдубута диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Маҕанныктыыр биэкэйиҥ

Барыан-кэлиэн баҕарбыт…

Оҕонньор: Маҕанныктыыр биэкэйим

Бараахтыаҕын кэриэтэ

Маҥхаайылатыа диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Харакалыыр биэкэйиҥ

Хаамыан-сиимиэн санаабыт…

Оҕонньор: Харакалыыр биэкэйим

Хаамыан-сиимиэн кэриэтэ

Хаһаатыгар киириэҕэ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Сурдуурука биэкэйиҥ

Суолу батыан баҕарбыт…

Оҕонньор: Сурдуурука биэкэйим

Суолу батыан кэриэтэ

Сулардатыа диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Кытыттыыра биэкэйиҥ

Кындыаламмыт майгыннаах…

Оҕонньор: Кытыттыыра биэкэйим

Кындыаланыан кэриэтэ

Кыбыытыгар киирэн

Кычымнатыа диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Ыстааннарыҥ истэрэ

Ыраастаммыт быһыылаах…

Оҕонньор: Ыстааннарым истэрэ

Ыраастаныан кэриэтэ

Ыанньыйбыта диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор, Баркыларыҥ истэрэ

Бараммыччай майгыннаах…

Оҕонньор: Баркыларым истэрэ

Бараныаҕын кэриэтэ

Басхайбыта диэтэҕиҥ, Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Тойоннуктуур торооскуҥ

Тостоохтообут майгыннаах…

Оҕонньор: Тойоннуктуур торооскум

Тостоохтуоҕун кэриэтэ

Чороодуйта диэтэҕиҥ,

Хото-оой!..

Дьахтар: Маҥан баттах оҕонньо-оор,

Эттиҥ-тыынныҥ эрээри,

Аналлаахпын көрсөммүн

Аттанардыы сананным,

Болуоттааҕы булсустум, Оҥочолооххо олорустум,

Одун хаантан оҥоһуум

Оччолооҕо буоллаҕа,

Дьылҕа хаантан ыйааҕым

Ыйан, тиийэн кэллэҕэ,

Бардым-бардым, оҕонньо-оор!..

Маҥан баттах оҕонньо-оор!..

* * *

Күн-дьыл хаамыытын туох тутан турбута баарай, оҕо сааһым хаһан да аны хатыламмат ураты күннэрэ, ситимҥэ тиһиллибит илим хотоҕоһун субуйардыы, бииртэн биир ааһан испиттэрэ. Сэттэбин туолуохпар диэри Тээкиччэ өтөҕөр олорбут сылларым мин өйбөр-санаабар наар сырдык, үтүө өйдөбүллэри эрэ хаалларбыттар.

Аҕыспар үктэммит сайыммар эбэм Лөкүөрүйэ сототун бөтөҕөтө дыгдаччы иһэн-иһэн баран, бар баас буолан ириҥэрэн, эмтэнэ сатаабытын үрдүнэн истибэккэ, эбии сэтэрэн, өрө тахсан этигэр бүтүннүү тарҕанан букатын суорҕан-тэллэх киһитэ буолан хаалла. Эбэм миигин бэйэтигэр отой чугаһаппат, тастан чэлгиэн салгынтан балаҕан иһигэр киирдэххэ ыар сыт муннубар саба охсор. Эбэм ыарыытын тулуйара сүрдээх, төрүт ынчыктаабат, ыарыытын тииһигэ түүн ордук бэргиир быһыылаах эрээри, «айака-дьойоко» диэн отой биллэрбэт. Түүн көрбүт хараҕын симпэккэ буолан баран, хата күнүс нуктуур, онон, мин санаабар, эбэм мэлдьи утуйа сытар курдук. Куйааска күөх истээх сахсырҕалар, сааҕынаһа көтөн, эбэм эмээхсин мыччыстаҕас сирэйигэр, хаттастыбыт халтаһаларыгар, сапта сытар суорҕаныгар түһэллэрин сөбүлээбэккэ, ытыспынан сапсыйан көтүтэбин, туоска аттаһыллан тигиллибит таас түннүккэ баран түстэхтэринэ кыл дэйбииринэн абара-сатара харса суох сабыта сынньабын. Сиикэй баас буруоҕа сэтэрэрин, эбии бэргиирин иһин дьиэ иһигэр түптэлээбэттэр, онон хараан кумаара дып-дыыгынас, хайдах да сорук оҥостон бултаһа сатаабыт иһин көҕүрүөх эрэ быһыыта биллибэт. Ардыгар ийэм бэлэмнээбит аһын аһыы олордохпуна эбэм кус түүтэ сыттыгар төбөтүн кыҥначчы быраҕан, харахтарын араарбакка миигин супту одуулаан уһуннук таалан сытар… Тугу санаахтыырын туох билиэ баарай? Ийэм: «Эбэҥ барахсан күнүс эрэ дьоҕойон хараҕын симэ түһээхтиир…» – диирин иһин, балаҕан иһигэр чөм-чөм үктэнэн тыаһа суох сыбдыйабын, мээнэ төттөрү-таары киирбэппин-тахсыбаппын. Кыра иирбэ-таарба анал үлэбин эрдэ бүтэрэн баран, оҕо оҕо курдук доҕотторбунаан оонньуубун.

Балаҕан ыйын ортото, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, эбэм улаханнык бэргээбитигэр таайым Алаастан ийэтигэр күн аайы кэлэр үгэстэннэ. Иһийээнэп таҥара эрэ иннинэ үс-түөрт хонукка, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох күһүҥҥү кубус-кураанах, «дьахтар куйааһа» дэммит чэп-чэмэлкэй үтүө күннэр турбуттарыгар эбэм эмискэ дьиктитик сирэйэ-хараҕа ис-иһиттэн сырдаан, сэргэхсийэн, бэл уолугар өйөттөрөн уот кытыытыгар аҕалтаран, удьурхай хамсатыгар табаах уурдаран тардан эҥиннээн, «сээ, доҕор» дэттэрэн баран, сол түүн уһун уутун утуйан, төрүттэрин дойдутугар аттанан хаалла…

Эбэбин наһаа аһыйдым, харайбыттарын түүл-бит курдук эрэ өйдүүбүн. Бурдуга быһыллан араҥастаммыт өтөхпүт бааһынатын нөҥүө тахсан, соҕотоҕун бүгэн олорон, сири-буору тарбыы-тарбыы, хас да күн тыаһа-сыма суох сэмээр ытаатым. Урукку, оҕотук санаам ааһан, өлбүт аны эргиллибэтин өйдөөн эрдэҕим. Эһэм оҕонньор: «Өлбүт киһи кута үөһээ мэҥэ халлааҥҥа тахсан баран хат эргиллэн саҥа киһи буолан төрүүр…» – диэбитин санаан, «ээ… эбэм хат төрүөҕэ, хайа эрэ ыалга… Хата ол оннугар манна олорбутун өйдүө биллибэт ээ…» – диэн бэйэбин уоскутунабын.

Эбэбин сууйан-сотон, айанныыр «мааны» таҥаһын таҥыннаран баран оронугар сытыарбыттара, хайдах эрэ кууран-хатан, кыччаан хаалбыкка дылы буолбутун уонна бэл тилэҕэ кыратык да харааран көрбөтөх маҥан сабыс-саҥа сарыы этэрбэстээҕин, бэйэтэ тиктибит өрбөх үтүлүктээх илиитигэр былыр бэргэһэлэнэригэр умаппыт сип-синньигэс буоскабай чүмэчитин уура сылдьыбытын туттарбыттарын чуолкай өйдүүбүн.

Эбэм барахсаны, төһө да сир ийэ өссө да харанан көрөн сыттар, таайым атын Чолоһуйаны көлүйэн, сыарҕаҕа тиэйэн, хаһан эрэ күн сирин аан маҥнай көрөн бэбээрэ ытаабыт төрөөбүт өтөҕөр Кэҥэрэччигэ кистээри илдьибиттэрэ. Эһэм оҕонньор балтараа көс сири кыайан хаамыа суоҕун билэн миигинниин хаалбыта… Балаҕаммыт иһэ кураанахсыйа, барыта хайдах эрэ хобдох-ибдэх, курус-ирис, санньыар санаа илэ бэйэтинэн сатыылаабытын курдук куһаахарык буола түспүтэ. Арай өтөхпүтүгэр ыаллардаахпыт, киирэ-тахса сылдьар дьоннордоохпут санаабытын аралдьытара.

* * *

Кыһын балаҕаммытыгар түөрт буолан кыстаатыбыт. Утуу-субуу саас барахсан, онтон сайын кэлэ оҕуста. От үлэтин кэмигэр дьиэҕэ үксүн бэйэм эрэ хаалабын, эһэм баар да, көлөһүн күнэ аахсаары отчуттарга балыктаан солото суох, ийэм туома ходуһаттан тахсыбат да, быыһыгар-ардыгар ынаҕын ыыр, дьиэтигэр кыл түгэнэ түбүгүрэ охсон барар. Таайым, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, сайыҥҥы былдьаһыктаах от үлэтин кэмигэр, үгэһинэн, сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ. Мин да, чороччу улаатан эрэр кэм обургу киһи, анал үлэлээхпин, онтубун бүтэрдим да, доҕотторбунаан оонньуур айдаана…

Күһүн, Бокуруоп таҥара кэннэ, кыра күөллэр, көлүйэлэр мууһунан килэччи көрөн тоҥнулар, улахан эбэлэр ийэ уулара ылааҥы күн сула-сула кыдьымаҕынан кылыгыраан өссө да эрэһэ долгуннарынан эймэнэ сыттылар. Биир күн эһэм Тээкиччэҕэ ардьатын көрө киирдэ. Күһүҥҥү халлаан, син эмиэ сааскы халлаан курдук, кубулҕатырара үгүс. Сарт көтөр кутуругунуу саһарчы баран хагдарыйбыт көтөҕө ситэ суйданан, хара тыа дьэҥкэрэн, сэндэҥэрэн турара. Арыт-ардыгар түүн халлаан халыҥнык былытыран, луҥкуран, сирин саҥа лоһугураччы тоҥоруох курдук хам ылан иһэн хат сымнатан, ордук сүөһү үлтү тэпсибит ыллыгар киһи эрэ халты тэбинэн умса-төннө түһүөх күннэрэ-хонуктара этилэр.

Эһэм хаптаһын тыытын соһон мууска уйдаран киирэн, үрэх айаҕынааҕы хас да ардьатын көрбүт, онтон төннөрүгэр кэҥэс соҕус култугу быһа тахсаары тыытын соһон истэҕинэ муус тостон ууга түспүт. Күһүҥҥү буһук саҕанааҕы атаҕа тургуйбат дириҥнээх муустаах ууга бэрт уһуннук чомпойдонон, мууһун нэһиилэ тоһоон, быарынан сына-сына кытылы син булбут уонна ууттан үс күрүө устата курдугу аттаан кэлэн баран, этэ-хаана бөһүйэн, чаалыттаран, бүтэһик охтуутун охтубут.

Ийэм эһэбин кэтэһэ сатаан баран сүтүктээн үөскэ киирбитэ, оҕонньор барахсан букатын сурдургуур тыына эрэ хаалан, баһыттан атаҕар диэри муус кыаһаан буолан сытара үһү. Аҕатын араастаан имитэ-хомута, илиитин-атаҕын туппахтаан илбийэ сатаабыт да, силиитигэр тиийэ бөһүйэн такыччы бөҕүөрбүт киһи этэ-сиинэ ирэ охсон биэрбэтэх. Эһэм ол сытан, балаҕаммар тиийдэрбин, баҕар, үрүҥ тыыным өллөйдөнөөрөй диэн санаалаах дьүккүһэн испит киһи: «…Дьиэм төһө хаалла?..» – диэн ыйыппыт уонна, туох дии санаахтаан эппитэ буолла, мин сааһым, олоҕум тухары өйбөр-санаабар хатаан, иҥэрэн, сөҥөрөн кэбиспит тылларбын: «…Аанам баар дуо?..» – диэбит итиэннэ эт-этэ чиккэйэн өйүн сүтэрбит…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации