Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 7


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Ийэм урут хаһан да айакалаабатах-дьойоколооботох бэйэтэ кыһын устата: «Сүрэҕим нүөлүйэн ыалдьар, туох ааттаах буоллахпыный…» – диэн чахчы улаханнык ыарытыйан хаста да сыта сылдьыбыта. Ардыгар: «Икки сэбиргэҕим бобо тутар, тоҕо бэрдэй, бу билиҥҥэттэн…» – диэн муҥатыйара, өссө уора-көстө ытамньыйар, ытыыр быһыылааҕа… Мин ону сэрэйэрим, билэрим…

Саас, Киристиэп таҥара күнүн саҕана, ийэм улаханнык бэргээн наар сытар мээрик буолбута. Ынаҕын да кыайан ыы тахсар кыаҕа суоҕун иһин: «Ийээ, мин бэйэм ыаҕым», – диэн тылланан, Тамманы ыан тыккырдатарым. Ынахпыт барахсан кыаһылаппата, мөхсөн хайаан татыахайдаммата. Ыатан да диэн кытараабыт сүөһү туох элбэх үүтэ кэлээхтиэй. Тарбахтарым улук буола ууллан, сүһүөхтэрим дьаралыйан ыалдьыахтарыгар диэри бэлгэйбит эрээри үүтэ суох Тамма бэриҥин үүт киллэрэ сатаан убахтыы, имэрийэ-томоруйа сатыырым да, туһа суоҕа. Дьоҕойон ыаҕайа түгэҕин эрэ саппыт үүппүн киллэрэн, тимир куруускаҕа кутан, сирэй оһох уотугар кыынньаран ийэбэр илдьэн иһэрдэрим. Бэйэтэ да бэрт кэмчи аспын аны оргуйан күүгэннирэ үллэн таһынан баран тохтон хаалыа диэн, үтүлүк кэтэн, өрө тэптэ да таһаара охсоору хаһан кыынньарын кэтэһэн олорорум. Ийэм аҕыйахта сыпсырыйан баран: «Мин эрэ аҥаардастыы үссэниэм дуо? Эһиги эмиэ…» – диэн иһиттээх үүтүн, бэрт кылгас кэм иһигэр хайыы-сахха ыран, дьүдьэйэн уҥуох-тирии буолан хаалбыт илиилэринэн үтүрүйэ анньара. Ити курдук ынахпыт бэрт дуона суох үрүҥүн бэйэ-бэйэбитигэр сыҥалаһан сүгүн да испэппит, биир кэм: «Эн ис, кини истин…» – дэһэн тахсарбыт. Киһи сонньуйуох, ол айылаах өлбөт мэҥэ уутунуу саныыр үүппүт ардыгар иһитигэр турбутунан иирэн хаалара.

Ийэбин таайбынаан, аттыттан арахсыбакка, ыарыылаабыппыт. Бүөтүр илимин көрөрө, тиргэтиттэн кус ылан таҕыстаҕына сонно үргүү охсон мииннээн иһэрбит. Ийэм: «Сүрэҕим ылбат…» – диэн тугу да аанньа аһаабата. Мин өйдүөхпүттэн хаҥас илиитин ортоку тарбаҕыттан араарбатах, ытык угар элэйэн отой быстан, аалыллан хаалбыт биһилэҕэ сүһүөҕүттэн эрэ иҥнэн толугуруу эргийэ сылдьар буолан хаалбыта, ол курдук букатын быста ырбыта. Ардыгар таһырдьаттан киирэн иһэн ийэм көмүскэлэрин иһигэр уолан хаалбыт, ол эрээри уоттаах харахтарынан уун-утары супту одуулаан сытар дьиктитик уларыйбыт дьүһүнүттэн дьик гына түһэрим. Урут эбэлээх эһэбин сүтэрбит сүрэх баастаах киһи аны ийэм өлөн хаалыа диэн сүрдээҕин куттанарым, киһи көрбөтүгэр ытыырым.

Биир күн, бэс ыйын бүтүүтэ, таайым, ханна да барбатаҕа-кэлбэтэҕэ ырааппыт киһи, биир үксүн ийэм да хаайан Бэтигэ сонун истэ, сэргэхсийэ диэн барда. Куйааһа бэрдин иһин кыл илимҥэ иҥнибит собо сытыйыа диэн илимин эһэн кэбистэ. Арай тиргэтин хаалларда. Сарсыарда уонна киэһэ таайым тиргэлэрин көрөбүн. Кус элбэҕэ бэрдиттэн туома хас айах аайы аахтара иҥнэр. Мөскөччү уойбут сорсо куһа, муҥур купчуу кэриэтэ ис хаата чыркымайдар да бааллар. Кыл туһахха иҥнэн мөхсөн тилигирии олорор тыыннаах хас да куһу аһынаммын араартаан көҥүл ыыталаан баран, хас да өлбүт куһу таһааран үгэспитинэн үргээн, мииннээн ийэбинээн күөстэннибит.

Ийэм, киһи дьиктиргиэх, сорох үтүө күн ис-иһиттэн сэргэхсийбиккэ дылы буолан, таҥнан, таска өйөтөн тахсан дьиэтин иннигэр таас хамсатыгар табаах уурунан уматтан «соп-соп» соппойо-соппойо, дүлүҥ олоппос үөһэ чөкөйөн, сайыҥҥы айылҕа кэрэ көстүүтүн кэрэхсии одуулаһан уһуннук олорор. Оччоҕуна мин: «Ийэм үтүөрээри гыммыт…» – диэн сүрдээҕин үөрэбин. Ол күн бэркэ диэн эгди буолан, сүргэм көтөҕүллэн оҕо киһи сүүрүү былаастаах сылдьан дьиэм түбүгүн дөбөҥнүк бүтэрэн-оһорон кэбиһэбин.

Таайым Бэтигэ баран уһаабата, биир хоноот, нөҥүө киэһэтигэр төттөрү кэллэ… «Сэрии буолбут үһү…» – диэн сэһэннээх. Ийэм биһикки ону улаханнык сэҥээрбэтибит. Ол ханна эрэ, били эппиккэ дылы, киһи санаатаҕына санаата тиийбэт ыраах хайа эрэ соҕуруу дойдуга турбут сэрии туһунан сонуну соччо ахсарбатыбыт, хата холкуос олоҕун-дьаһаҕын туһунан сураһыы, кэпсэтии ордук таҕыста. Ол эрэн таайым санаата тоҕо эрэ наар сэриигэ иэҕиллэн кэлэ турар. «Сотору бүтэр сэрии ини, уһуо суоҕа…» – диир.

Ийэм ыарытыйар сураҕын истэн чугастык санаһар дьүөгэлэрэ Лэҥкэй Аана уонна Балгыычыйа Маарыйа саас хаста да кэлэн көрсөн барбыттара. Бастакы сырыыларыгар икки, иккис сырыыларыгар үс хоммуттара. Кэһиилэрин бурдук, сиикэй арыы аҕалбыттар этэ. Ийэбин бэркэ диэн сэргэхсиппиттэрэ. Таска кулуһун оттон, таайым кинилэргэ анаан илимин эбэн таһаарбыт эмис соботун үтэһэҕэ үөлэн буһаран төннөллөрүгэр тымтайдарыгар толору сүгэн барбыттара. Биһиэхэ Лэҥкэй Ааналаах аҕалбыт кэһиилэринээҕэр кэпсэллэрэ-ипсэллэрэ, ырыалара-тойуктара, кулуһун тула олорон хомус тардан дьүрүһүтэллэрэ ордук күндүтэ.

Таайым тулуйан-тэһийэн өр сыппата. Сотору эмиэ Арҕаа Кыргыдайга, Бэтигэ барда уонна тоҕо эрэ уһаата, тардылынна. Бүөтүр барбыта иккис күнүгэр ийэм эмискэ бэргээтэ, букатын сытан хаалла. Мин ыксаатым, ыгылыйдым, ийэм оронун ыксатыттан арахсыбатым даҕаны. Саатар, кыһайбыт курдук, халлаан халыҥ былытынан ыаһыра бүрүллэн баран, ардыахча-ардаабакка биир кэм бүдүгүрэ харааран турара киһи кутун-сүрүн эрэ баттыах айылаах. Дөрүн-дөрүн ханна эрэ ыраах арҕаа саҕах диэки этиҥ этэн лүһүгүрэтэрэ иһиллэр… Харааннаан бырдаҕа, кумаара да сүрдэннэ. Сирэй оһох ураатынан киирэр кумаардары тумнараары киһиргэһи уматан, сиикэй күөх оту быраҕан биэрэбин. Ол да үрдүнэн эймэҥнэс хойуу кумаар быыс-хайаҕас булан дьиэ иһэ толору. Искэ түптэлиэхпин ийэм агдата аһыйан сөтөллүө диэн ол туһунан саныы да барбаппын. Аны ынахпыт Тамма ити айылаах түспүт үөнтэн-күрдьэҕэттэн куотан, тэскилээн эрдэлээн кэлэн баран, санаабар, туох эрэ куһаҕаны биттэммиккэ дылы, иччилээх аҕайдык маҥыраа да маҥыраа буолара миигин өссө ордук ыгылытар. Бэрт ыксалынан-тиэтэлинэн сүүрэн тахсан таһа хаппыт, иһэ инчэҕэй балбааҕы хоҥнорон аҕалан түптэбин эбэн, күөдьүтэн, буруотун хойуннаран биэрдим. Тамма дьэ уоскуйан, били айылаах эҥсэ маҥыраабытын тохтотон, тыһаҕаһын кытта буруо быыһыгар харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ, тэбиэлэнэн кэбиһэ-кэбиһэ, кутуруктарын уҥа-хаҥас дэйбэҥнэтэ-дэйбэҥнэтэ тааллылар. Ити ыккардыгар ийэбэр киирэ охсон таҕыстым. Ийэм сытар… Кыл дэйбииринэн кумаардаабыта буолабын да, эймэҥнэс бырдах көҕүрүөх быһыыта суох. Түннүккэ топпут кумаардар истэрин кыаммакка тэйгэҥнэһэллэрин абара-сатара харса суох сабыта сынньабын, онтукайым ньиччи бараннар түннүк туоһа кытарымтыйан хаалар. Эмиэ кыл түгэнэ сүүрүүнэн тахсан, ыаҕайабын сиргэ ууран ынахпын ыан тыккырдаппыта буоллум. Тамма түптэттэн арахпат, буруоҕа чачайа-чачайа син ханнык эмэ ыатым.

Чугас эргин холкуостарга барыларыгар биллибит тимир ууһа Дарайыы Киргиэлэй алтан чаанньык хаппаҕын тардан солуурчах оҥорбутугар бурдугунан хааһылаан, били үүтүм дуомунан тумалаан, сойо түспүтүн кэннэ ийэбин аһата сатаатым да, төрүт хамыйах да хааһыны сиэбэтэ. Дьоҕойон ханнык эмэ аҕыйах омурт чэй эрэ иһэ түстэ.

Кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэгэй буолтум кэннэ хомнуо-хойут, кэмниэ-кэнэҕэс таайым дьэ кэллэ. Эһэм Өлөксөй инитэ Соппуруон уола Тоҕойдуур ийэбин көрсөөрү кэлсибит. Тоҕойдуур хатыҥ лабаатын тутан дэйбиирдэнэн киирбитин сирэй оһох уйатыгар буруолаан унаарыйа сытар күөх от үөһэ бырахта, наҕылыччы, хонордуу биллибитэ тута сэрэйиллэр. Бүөтүр эргиллибититтэн, хоноһоломмуппутуттан чуҥкуйан олорбут киһи сэргэхсийэ түстүм.

Таайым аах кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ барыта сэрии туһунан. Ньиэмэс диэн ааттанар омук биһиги дойдубутугар соһуччу сэриинэн түспүт үһү. Хайыы-сахха дьону хомуйан, Тоҕойдуур этэринии, «мэбилисээссийэлээн» эрэллэр эбит. Ийэм уруккутун курдук кэпсэтиигэ соччо кыттыбат, дэҥ-дуҥ эрэ ыйыталаһар… Мин, дьонум кэпсэллэрин истэ-истэ, наар кумаардары кытта охсуһан таҕыстым.

Эр дьон сээкэйи баллыгыраһан, хойукка диэри олорон баран сыппыттара. Мин хас да хонук аанньа утуйбатаҕым таайан, кумаартан куотан көбүөр суорҕаммын бүрүнэ тардынаат, сурда суох барбытым…

…Арай сарсыарда буолбут быһыылаах, ким эрэ сэмээр ахан санныбыттан тардыалыыр. Ийэм ыалдьыаҕыттан бэйэм туспа кыра адарай ороҥҥо ийэм баһыгар сытарым. Уум быыһынан иһиттэхпинэ, миэхэ умса нөрүйэн таайым саҥарар:

– …Аанаа… Тоом… Аанаа… Ийэҥ… бараахтаан хаалбыт… Тоом… Аанаа… – диэн букатын уларыйан хаалбыт куолаһынан үрүт-үөһэ биири хатылыыр…

Мин маҥнай утаа ол бэҕэһээ отой турбакка оронугар лигиир сыппыт ийэм барахсан ханна туран барбытын этэр буоллаҕай диэн, уум быыһынан таайым саҥатын истэ-истэ, дьиктиргии санаатым… Онтон хоноһолоохпутун өйдөөтүм, дьэ уһугуннум.

– Аана-аа… Эдьиийим утуйа сытан тыына быстаахтаабыт… бараахтаабыт… – Бүөтүр урут ийэбин наар аатынан ааттыыра, эдьиийим диэн дэҥ биирдэ эмит ахтара…

– Эдьиийим даа?.. Ийэм ханна бартын этэҕин?.. – түүн кумаартан куотан бүтэйдии бүрүнэ сыппыт көбүөр суорҕаммын сэгэтэн, хонноҕум анныгар диэри арына сытан ыйыттым. Онтон эргиллэ биэрэн баспар сытар ийэбин көрбүтүм, оронугар баар, сытар, ол эрэн бэрт дьиктитик, сатамдьыта суохтук туттубут…

…Дьэ эбэтээ… эмискэ үлүгэр этим сааһа дьар гына түспэт дуо… «Бараахтаабыт», «быстаахтаабыт» диэн тыллар миигин, сул дүлүҥүнэн төбөҕө охсубут кэриэтэ, оҕо киһи өйүм-санаам өйүкү-төйүкү барыар диэри сырдык-хараҥа иһигэр түһэрдилэр… Ороммуттан хайдах ойон турбуппун өйдөөбөппүн, дьикти үлүгэрдик чэпчээн, көтөн эрэргэ дылы этим-сииним дырылыы-дыыгыныы түһэргэ дылым баара…

Ийэм өлбүтүн төрүт итэҕэйбэппин… Ама хайдах?! Эс! Куолайбар дар уҥуох бүлтэһэ кэлэн бүөлүү турбутун курдук буолан маҥнай утаа кыайан саҥа таһааран ытаабатым даҕаны… Сирэйим тириитэ, хаппыт куопчахааны уот түрүтэ сииринии, ханньаччы баран тардыалаабытынан, ол курдук ынырыктык ырдьайбытынан ийэм оронун ойоҕоһугар тобуктуу түһэн титирэстии, ибигирии-салыбырыы эрэ олордум… Ити кэннэ барыта түүл-бит курдук… Барыта устугас… Ыар аһыы өйбүн-санаабын ииримтитэ ытыйар ынырык алдьархайа… Сааскы халаан уутунан хаатынан туолбут улуу өрүс, көмүөл мууһунан хара сытан баран, эмискэ төлө баран дэлби ыстанарын кэриэтэ, мин да испэр ыгыллыбыт иэйиим ыар аһыы ынырык энэлгэнэ буолан ыһылла түспүтэ… Ийэм барахсаны кууһа-кууһа, сирэйиттэн-хараҕыттан хайа түбэһиэх сыллыы-сыллыы, имэрийэ-имэрийэ, уйа-хайа суох сэниэм эстэн улук буолуохпар, устунан өй-мэй барыахпар диэри ытаабытым… Хаатыйаламмыты хаҕыннарар харах уута, ииригирдэ ытыйар тууйуллубут ыар аһыы алдьархай түмүгүн төлө тардар ытабыл диэн ааттанар иэйии суоҕа эбитэ буоллар, арааһата, киһи өй-санаа өрө түллэр ытылҕаныттан өрүттүбэттии илэ иириэ эбэтэр өлүө этэ…

…Таайым букатын хараҕа ууламматаҕа, дьиктитик дьэбирсийэн, саҥата-иҥэтэ суох бэйэтэ бэйэтигэр сөҥмүтэ. Ол оннугар Тоҕойдуур, саҥа таһаарбакка эрэ, көмүскэтин уута сэмээр сүүрэ олорбута…

Ийэбин таайым аах бэйэлэрэ сууйан-тараан, үгэһи толорон дьиэтигэр үс хоннорбуттара. Миигин «оҕо киһи, кэбис, хараһыма» диэн сууйуутугар төрүт чугаһаппатахтара. Үс хонугу быһа биһиэхэ биир да сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо биллибэтэҕэ. Чахчыта да ийэм убайа Тоҕойдуур муҥнаах түбэһэ кэлэн улаханнык абыраабыта. Онтон атын бэйэбит эрэ сордонуохпут эбитэ буолуо. Биирбит ситэ-хото илик оҕо киһи, биирбит кыаммат, бокоорон хаалбыт ыарыһах.

Ийэбин маһыгар сытыаран олорбут өтөхпүтүттэн биэрэстэ кэриҥэ ыраах Уоруу диэн алаадьы курдук кыракый көлүйэ күөл булгунньах кырдалыгар кистээри таайым аах иккиэн эт санныларыгар сүгэн илдьибиттэрэ. Мин кэннилэриттэн саппай уопсан батыһан испитим… Барыта хайдах эрэ устугас, түүл-бит курдуга… Харах уута бүппэтин онно билбитим… Тоҕойдуур: «Кэбис… төрүттэрбит дойдуларыгар айаннааһын диэн бары да ытык ыйаахпыт, өлбүтү олус аһыйан харыыта суох харах уутунан уһуннаран ыытар улахан аньыы…» – диэн миигин уоскута сатыыра да, ол миэхэ хайдах да кыаллыбата… Кумаар, бырдах, күлүмэн сииригэр төрүт кыһаллан көрбөтүм… Ийэм барахсан, төһө да хараҕын симнэр, таайым аах хас хардыылаан хамсаннахтарын аайы, илигир гынан ыла-ыла, уҥа-хаҥас дьалкыҥныы, үрдүк мэҥэ халлааны бүтэһиктээҕин одуулаабыкка дылы бобуонньуктуу бааммыт былаатын төбөтө сиккиэр тыалга тэлимнии-тэлибирии испитэ… Халтаһаларым иһэн тахсыахтарыгар диэри ытаан, хас да хонугу быһа утуйбакка, иннибин-кэннибин дьүүллээн арааран көрбөккө иһэн, ыллык суол силиһиттэн-мутугуттан иҥнэн туруйалаан ыларым, умса баран да түһэрим, ол аайы эбии сэтэрэн уйа-хайа суох ытыырым… Ийэм барахсан суох буолбутун отой итэҕэйбэтим. «Хайдах аны ийэтэ суох олоруохпунуй? Эчи ынырыгын… ама хайдах…» – диэн көстөн турар кырдьыгы итэҕэйиэх санаам букатын кэлбэтэ… Сибилигин өтөхпүтүгэр төнүннүбүт да эбэтэр бу түүл-бит курдук ааһа көтөр амырыын алдьархайтан уһуктан кэллим да, ийэм мичээрдээн мыттыйбытынан, такымын ааһар уһун хара суһуоҕун сэлии муоһа кырыбыайкатынан намылыччы, наҕылыччы сыыйан тараана олоруохтааҕа…

Таайым кыайан уһуннук хаампата. Тоҕойдууру кытта тохтоон, хаста эмэтэ сынньанан, мин санаабар, бэрт өр сыралаһан Уоруу көлүйэ үрдүк кырдалын саалыгар үктэммиппит…

Халлаан сууйбут курдук ып-ырааһа. Булгунньах кырдал оройугар ыттаммыт уонна дөрүн-дөрүн күүһүрэн ылар, силбиэтэнэр тыаллаах буолан кумаар, күлүмэн уҕараабыкка дылыта. Таайым аах киһи дьаһалларын курдук барытын бэлэмнээбиттэр этэ. Мин бу эҥээр урут сылдьа илигим, кырдал үрдүгэ бэрдиттэн тулатынааҕы ойуур ото-маһа аллара намтаан хаалбыкка дылыта, ыраах да ыраах соҕуруу саҕахха мураан тунаҕыран көстөрүн курдук хара тыа өрө-аллара түһэн дьирбиилэнэрэ…

Булгунньах кырдал нөҥүө өттүгэр, көлүйэҕэ, мас тыытыгар олорон илимин дуу, туутун дуу бэрийэ сылдьыбыт оҕонньор биһигини көрөн, устан тэлбиҥнэтэн кэлбитэ. Оол курдук дьулугурас тэтиҥнэринэн сэлэлээбит томторҕоно тэллэҕиттэн чугас Быһахчаан диэн эмиэ дьоҕус чүөмпэ көлүйэ хараарара. Күрүөлээх-хаһаалаах ампаар дьиэ көстөрө. Ити Өлөксөндүрүөп Уйбаан диэн кырдьаҕас оҕонньор олохсуйан олорор көстөр ыыра этэ. Оҕонньор Түөстэрэй диэн хара эриэн ыттааҕа көлүйэни эргийэ, кутаҥнас кута устун мэтэҥэлии көтөн, кута хараҕар түһэн өрө бырдааттана-бырдааттана, от быыһыттан ханнык эрэ хараарсыбыт кустары үөскэ үргүтэлээн талыбыратан киллэрэ-киллэрэ, иччитэ кытылга тиксиэн иннинэ күөйэ түһэн кэлэ охсубута. Уйбаан оҕонньор биһиэхэ дэҥ-дуҥ, биирдэ эмит сылдьара. Дьонун аһыытыгар буорайбыт киһи улахан кэпсэлэ-ипсэлэ суох буолара. Ойоҕо Маарыйа, уола Сэргиэй, Настаа диэн кыыһа күн сириттэн кэмнэрин иннинэ эрдэ күрэнэн, бу Уоруу көлүйэ кырдалыгар сыталлара.

Таайым, тоҕо эбитэ буолла, ийэм өлбүтүгэр Оттоох уҥуор олорор балыксыт Халыйы да, бэл Өлөксөндүрүөп оҕонньору да көмөҕө ыҥырбатаҕа.

Уйбаан ытын Түөстэрэйи кытта, биһигиттэн хараҕын араарбакка, кырдал үөһэ тахсан баран улаханнык соһуйбута.

– Хайыы, Маарыйа эрэйдээх, бу хаһан?.. – диэн саҥа аллайан эрэ хаалбыта…

Кырдал үөһэ сүөдэҥнэһэрбитин түбэһэ көрбөтөҕө эбитэ буоллар, бүгүн манна киһи хараллыбытын кини билиэ суоҕа этэ, арай дьонун кэриэстээн кэлээхтии сылдьан саҥа буор томтойбутуттан эрэ сылыктыа этэ… Оо, төһөлөөх эрэ үгүс саха дьоно дьаҕа баһа түҥкэтэх хара тыа хонноҕор-быттыгар бу курдук сэмэйдик, иҥэ-дьаҥа суох олох олорон, бэл ааттара да оҥо быһыллан ахтыллыбакка, үйэ-саас тухары симэлийбиттэрэ, быдан дьылларга быралыйбыттара буолуой? Сорох тэтиэнэх, кыанар ыччаттардаах кэм уҥуохтанан-таймаланан син үйэлэр тухары кэриэстэнэн эрдэхтэрэ. Оттон мин ийэм курдук томтойбут буордарын кытта дьарамай титирик кириэс оҕотунан кэрэһилэммиттэр сотору сыл-хонук уостубат будулҕаныгар күөх кырыһынан саба бүрүллүбүт уҥуохтара сири кытта сир буолан дэхсилэнэн, дьоройбут титирик кириэстэрэ эмэҕирэн тостон, кыыл-сүөл кээрэтэн сиҥиннилэр да, орто дойдуга олох олоро сылдьыбатах курдук букатыннааҕын симэлийэн, умнуллан эрдэхтэрэ. Оо, олох диэн уустуккун, ынырыккын уонна ол да курдук судургугун даҕаны… Маннык дьылҕаттан киһи эрэ санаата сабыстан, сөҥүдүйэн, хараастан дар уҥуох хаҕыҥ эрэ хааларга дылы…

Ийэбин кистээн баран өрө томтойбут хара буорун ыксатыгар өр таалбыппыт… Мин отон угар, ийэм баһыгар сөһүргэстээн олорон эмиэ уйа-хайа суох ытаабытым… Уйбаан оҕонньор барахсан олус аймаммыппын көрөн:

– Кэбис, тоом, хайа муҥун… Оҥоһуубут, дьылҕабыт ыйааҕа итинник буоллаҕа, хайыахпыт баарай, уоскуй… – диэн икки бүлгүммүттэн өрө тардан туруоран, эмэх дүлүҥ сытарыгар олордубута, бэйэтэ ыксабар сэргэстэспитэ.

Аҕыс уонун ааспыт, көҕөччөрүн ааһан букатын кыытта маҥхайан эрэр баттахтаах, күн уота килэриччи сиэн арыы-сыа ньалҕарыйбыкка дылы куоһахтана дьирбиилэммит мырчыстаҕас сирэйдээх Уйбаан кырдьаҕас:

– Эн оҕо киһигин… Бэл мин, бу тоҥхойо кырдьан инним кылгаабыт, кэнним уһаабыт киһи, син сүөдэҥнээн, үрүҥ күн сырдыгын күндүркэтэн, олох олоробун. Ойохтонон баран ойохтоммотох, оҕолонон баран оҕоломмотох курдук сырыттаҕым… Маарыйам эрэйдээх – ол, улаханым Һэргиэйим, Настаакайым муҥнаах – ити… – диэн дьон уҥуохтарын сэҥийэтинэн ыйан иһэн оҕонньор бөтөн хаалбыта, ситэ саҥарбатаҕа… Бэйэтин курдук сабыста кырдьан эрэр ыта Түөстэрэй бу булгунньах саалыгар өрүү сылдьа үөрүйэх быһыылааҕа, куоһахтанан хаалбыт киһи уҥуоҕун буоругар биир сиргэ тула эргичийэн баран түүрүллэн чөкө сытынан кэбиспитэ. – Мин аны кэннибэр кэриэстэтэрим кимим, тугум да суох, оттон эн ийэҥ, төһө да күн сириттэн күрэннэр, дьоллоох, оҕото эн бааргын… Айманарыҥ, аһыйарыҥ сөп эрээри, аһара сүөм түһэн куккун-сүргүн алыс хамсатарыҥ куһаҕан. Эдэр оҕо киһи олоҕуҥ, кэскилиҥ, дьолуҥ өссө да иннигэр. Ийэ, аҕа аһыытын алдьархайа диэни мин да билбит киһибин. Ийэ диэн ийэ… Хойутун-хойут бэйэҥ ийэ буолар үрдүк ытык ыйаахха тиксиэҥ турдаҕа, олоҕу оҕо салҕыыр куолута. Кэлин ыччаттардаах киһи буоллаххына, кинилэр тымырдарыгар сүүрүө эн ийэҥ хаана, эттэрэ-сииннэрэ син биир эн ийэҥ уонна бэйэҥ этиҥ-сииниҥ буолуо. Онон эн ийэҥ син биир тыыннааҕын кэриэтэ уонна оннук даҕаны, өйдөө итини…

Мин, төһө да ыар аһыыттан өйүкү-төйүкү баран олордорбун, Уйбаан оҕонньор ити иһэ-истээх, улаҕалаах этиитин тоҕо эрэ хаппар өйбөр хатаан, өйдөөн хаалбыппын. Уонна онтум кэлин, олохпор амырыын алдьархай илэ ааҥнаабыт күннэригэр, түгэннэригэр эмискэ тэһэ санаан күүспэр күүс, санаабар санаа эбиллэн үрүҥ тыыммын өллөйдөөн үгүстүк көмөлөстөҕө, өрүһүйдэҕэ…

Мин тыыннаахпын – ол аата ийэм тыыннаах. Ийэм мин дии, мин кини оҕотобун… Оо, астык, үтүө да санаа… Кырдьык да салгыы олох олоруохха сөп эбит ээ, мин этим-сииним – ийэм этэ-сиинэ, мин олоҕум – ийэм олоҕо… Бэл оҕо киһи ситэ-хото илик өйүм-санаам син тобуллан, хараҥа былыт быыһыттан сырдык сардаҥа тыгарын кэриэтэ, олоххо тардыһыы уҕараабат уһуу тыынын утаҕын өйдөөбүтүм…

Аҕата аан маҥнай күн сирин көрөн, ытаан эһинньэхтэнэн аймана ахан сытар ньуу-ньаа саҥалаах Ньууньаала Маарыйа диэн ааттаабыт кыыһа ийэм барахсан кэмин иннинэ, ыар ыарыы эмискэ сиэн, баара-суоҕа түөрт уонун эрэ ааһаат, бэрт кылгас кэм иһигэр ыалдьан, ити курдук орто дойдуттан күрэммитэ. Таайым Бүөтүр: «Ийэҥ Бөтүрүөп таҥара күнэ үүнүө сэттэ хонук иннинэ бараахтаата…» – диэбитин өйбөр чиҥник хатаан кэбиспиппин.

Ийэбинэн убайым Тоҕойдуур биһиэхэ өссө хас да хоммута. Түүл-бит курдук күннэр-хонуктар этилэр. Мин дөйүөрбүт киһилии дыҥ курдук сылдьыбытым. Саныы-саныы, ийэбин аһыйан, суохтаан, син биир уһун күн хараҕым уутунан суунарым. Ийэм таҥна сылдьыбыт таҥаһа-саба, тутта сылдьыбыт иһитэ-хомуоһа барыта кинини санаталлара. Ол аайы уйа-хайа суох барарым… Ийэм бэрт дьаһамыр сээкэйи хаалыыр холбукалааҕа. Онтутугар, бэйэтэ этэринии, ол-бу буолар-буолбат быаны-туһаҕы, атын да сээкэйи: «Бэйи, бу маны быраҕымыахха, кэлин, баҕар, туохха эмэ туһаныллыа…» – дии-дии, чөкөччү суулаан, кичэйэн бобо баайан ууран кэбиһэрэ. Өҥнөөх өрбөххө кэчигирэччи анньыталаабыт улахан, кыра иннэлэрэ, көҥдөй уонна бүтэй сүүтүктэрэ, иҥиир тардар, сөмүйэтигэр уонна ылгын чыкыйатыгар кэтэр, тарбах үтүлүк төбөлөрүн быһыта баттаталаабыт курдук анал оҥоһуулаах сарыы сүүтүктэрэ барыта орун-оннуларыгар кичээҥитик сааһыланан, ийэм бэйэтэ хайдах түмэ тардыбытай да ол курдук түмүктэнэ сылдьалларын көрдүм да, кутум-сүрүм атын аҕайдык туоххаһыйан, кураххаһыйан, хат айманан, иэйэн-туойан кэлэрим…

Таайым, эр киһи эр киһитэ өтөн, хараҕын уутун отой көрдөрбөтөҕө. Урут да ыар ыарыы симиктик сиириттэн дьүһүнэ-бодото сабыстыбыт бэйэтэ санаа-оноо аалыытыгар бүтэйдии бүтэ сиэнэн дьэбирсийэн хаалбыта… Саатар сайыҥҥы кэм буолан кыһыҥҥы курдук сырыы-айан суоҕа. Биһигини дьэгдьитиэх, сэргэхситиэх айылаах айанньыт, хоноһо сэдэхсийбитэ. Арай ыал устун хаамаайылыыр Таркаайы кыыһа Харытыана эрэйдээх хата хаста да кэлэн хонон-өрөөн барбыта. Окко киирсэн көмөлөһөн улаханнык абыраабыта. Өссө оннооҕор ордук туһата биир кэм саҥара-иҥэрэ сылдьар бэрт сэргэх майгыта этэ. Ол мин төһө да кинини кытта тэҥҥэ күлсэн-салсан барбатарбын, аттыбар киһи баарыттан сэргэхсийэрим.

Ынахпыт Тамма кытараатар да, үүттээх ынах буолан, сайыҥҥы сөлөгөйдөөх отунан үссэнэн, чэй үүтүн ыатара. Таайым эбэтигэр бултанара, онон балык, кус дэлэйэ. Уйгулаах унаар күөх сайыҥҥа баҕас кыанар, дьарыктанар, тэтиэнэх киһи хоргуйуох, аччыктыах кэриҥэ суоҕа. Бүөтүрдүүн Оттоох эбэбит атаҕар икки обургу оту томтоппуппут. Кини охсоро, мин мунньарым. Төһө да хобдох, санньыар санаа саба куустар, чуҥкук олох бүрүүкээтэр, күн-дьыл хаамыытын туох тохтоппута, нэһирдибитэ баарай, бэйэтин дьаалатынан устан, бардар баран иһэрэ… Хайа муҥун этим-сииним «балык» буолан хаалан итииттэн-куйаастан, кумаартан, күлүмэнтэн кыһаллыбатым. Сирэйим тириитэ күн уота быһа сиэн хатыран хараара-хараара хаҕыланан түһэн баран саҥа тириинэн бүрүллэрэ. От-мас очурун-чочурун аахтара сэҥээрэн, үөнү-күрдьэҕэни, көтөрү-сүүрэри кыраҕытык кэрэхсии одуулаһан аралдьыйарым.

Таайым да куруук дьэбирсийэн, ууну омурдубут курдук сылдьыбата, сорох күн ис-иһиттэн саҥата-иҥэтэ элбиирэ. Баҕар, миигин сэргэхситэ сатаахтыыр албаһа буолуо.

Эбэбит күн уотугар күлүмүрдүү, дьэргэлгэнинэн дьэргэйэ оонньуур киэҥ нэлэмэн мэндээркэй иэнигэр кус эгэлгэтэ хараара тордоҕуран устара, чыбыгырас-чибигирэс саҥалаах чыычаахтар ырыалара, салҕан көрбөккө күннэтэ чачыгырыыр аһыыка буутун тыаһа, бэл сиккиэр тыал суугунас сипсиэрэ дьиктитик иччилэнэ иһиллэн холбоспута. Ситэ силигилээн, сэлбиргэстэнэн-салбырҕастанан, тунаҕыра көҕөрөн ахан турар ийэ айылҕа барахсан, туох да диэбит иһин, хайа да хобдох олохтоох икки атахтааҕы харахха көстүбэт, биллибэт ураты күүһүнэн син биир араҥаччылыырга, үтүө олоххо ыҥырарга, угуйарга дылыта.

Тэлгэһэбэр эбэтэр ходуһаҕа от мунньан бүгүйэхтэнэ да сылдьан харахпын айан суолун аартыгыттан араарбатым. Сай устата биир эмит айанньыт алҕас көһүннэҕинэ мэктиэтигэр өрө тэйэ түһэрим… Оол курдук от охсон хаахымай сонун көхсө хараарар таайбар: «…Киһи иһэр, айан суолунан киһи иһэр!» – диэн хаһыытыы охсорум. Уонна иккиэн, күн уотуттан харахпыт саатан, тарбыйах үтүлүктээх илиибитин көлөһүн-балаһын аллан бычыгыраан тахсыбыт сүүспүтүгэр чарапчылыы тутан одуулаһан турарбыт…

Төһө да холкуостар тэриллэн, киһи-сүөһү биир сиргэ кииннэнэн мустан эрэр кэмэ буоллар, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам ыһыллан олорор ыал өссө да үгүһэ. Оттон биһиги курдук бу айылаах дьоһуннаах эбэҕэ иккиэйэх эрэ ойдом олорор дьоҥҥо айан суолун аартыгыттан хайа эмит аттаах эбэтэр сатыы тахсан, кыл дэйбииринэн, сорох сэлибирэс сэбирдэхтээх хатыҥ лабаатынан дэйбиирдэнэ-дэйбиирдэнэ, тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан, биһигини чуо көрөн иһэрэ үчүгэй да буолара.

Таайым: «Хаһан сүөһү ииттэн көрүнэн-истинэн олороору, ынахпыт бэйэтэ да наар кытарыыр, онон күһүн туттуохпут», – диэн сай устата икки обургу соҕус лобохоно оту кэбиспиппит. Биһиги холбутугар ол да сөбүнэн үлэ этэ.

Холкуос кииниттэн ыраах, бүтэй сиргэ да бүктэрбит, сонуну син истэ-билэ олорорбут. Били сотору бүтүө, уһаабат ини диэбит сэриилэрэ отойдуун да силистэнэн-мутуктанан, уһаан-тэнийэн барбыта. Саастарын сиппит, чэгиэн дьону эрэ барытын бэбиэскэнэн хомуйан сэриигэ ыыталаан эрэллэрэ иһиллибитэ. Ханна эрэ кый ыраах арҕаа турбут сэрии ыар тыына хайыы-сахха бэл биһиги тыымпы күөлбүт өтөҕөр биллэ охсубута. Таркаайы кыыһа Харытыана хоно сытарын туһанан, миигин доҕордообут киһи быһыытынан таайым холкуос киинигэр Бэтигэ хаста да баран кэлбитэ. Хас сырыытын ахсын бэрдэ суох сонуннаах төннөрө. Аһыыр аспыт ньимиит буолбутун, хайа эрэ атаһа, доҕоро сэриигэ ыҥырыллан барбытын, сотору эмиэ саҥа хомуур буолуохтааҕын эҥин туһунан кэпсиирэ.

* * *

Түөрт уон биир сыл сайынын этэҥҥэ туораабыппыт. Сүрүн аспыт күөлбүт эмис собото уонна таайым тиргэтиттэн ылар куһа этэ. Кыһынын манна кыстыахпыт диэн иккиэн Оттоох эбэбит өллөммүт соботун хатаран барчалаан, хачымаастаан, мундутун лыыбалаан, хохтулаан добуоччу хаһааммыппыт. Күһүн дьиэ таһыгар көннөрү айахха сииргэ диэн мин сир астаабыта буолбутум. Уоруу көлүйэ булгунньах кырдалыгар төрүт барбатаҕым… Онто да суох нэһиилэ сылдьар киһи, ийэм уҥуоҕун көрдүм да, уйа-хайа суох барыахтаахпын билэрим… Быһахчаантан хата Өлөксөндүрүөп оҕонньор сэрии буолуоҕуттан Бэтигэ баран кэлэр киһи таайым сонунун истээри өтөр-өтөр биллэн, наҕылыччы чэйдээн, уһуннук олорон сээкэйи баллыгыраһан барара.

Миитэрэйэп таҥара күнэ ааспытын кэннэ биир күн сэтинньигэ диэри аһатан турбут ынахпытын, Тоҕойдуур кэлбитин туһанан, таайым дьаһайан кэбиспитэ. Тамма отой чэй да үүтүн ыаппат буолан турара. Ынахпын аһыйбытым, харыһыйбытым иһин хайдах гыныамый. Тиҥэһэ бургунаспытын Тоҕойдуур сиэтэн барбыта. Таайым аах бэйэлэрэ туох эрэ кэпсэтиилээх быһыылаахтара. Ону мин, оҕо киһи, барытын билбэтим, ыйыталаһа, ыаспайдаһа барбатым, барыны бары буолуох буолуохтааҕын курдук саныырым.

Күһүн хаһааммыт балыкпытын, ынахпыт этин кэмчилээн сиэн этэҥҥэ айах хамсатардаах олорон испиппит. Аны күөл мууһа турбутун кэннэ сотору Оттооххо «Социализм суола» холкуос дьоно кэлэн Экиэн оҕонньор эппиэдэйдээх хас да күн хоно-өрүү сытан муҥхалаабыттара. Муҥха дьоно Өлөксөндүрүөп оҕонньорунан, Эйэҥ балаҕанынан, биһигинэн тарҕанан сыппыттара. Үрдүттэн олорор дьон таайбыныын күрэх муҥхатыгар иккиэн сылдьыбыппыт. Балыкка дьон сиэринэн тэҥҥэ тииһиммиппит. «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Абрамов Николай Игнатьевич (Хамай), бэрт эйэҕэс-сайаҕас майгылаах киһи, биһигини холкуоһа эҥинэ суох дьоҥҥут диэн атыттар курдук тыл баайса барбат судургу киһи этэ. Дьон: «Оттоох эбэ барахсан чугаһынан суох эмис, бөдөҥ соболоох», – диэн кэпсэтэллэрин истэн, мин бэйэбин хайҕаппыт киһи тэҥэ үөрэрим. Муҥхаһыттар уонча хонукка муҥхалаан баран хайдах кэлбиттэрэй да, ол курдук биир күн көһөн суй гынан хаалбыттара.

Чээлэй күөх сайын барахсан соҕотохсуйбуту да сэргэхситэр, дьэгдьитэр, туоххаһыйбыты да татым санааттан тумуннарар ураты уһуу тыыннаах эбит буоллаҕына, киһи этин-сиинин курдары охсор курас тыаллаах күһүн, ото-маһа суйдаммыт хара тыа, онтон салгыы хайыы-сахха халыҥыы охсубут кыстык хаарынан харах дала ыларын тухары тула өттүгүн бүтүннүү бүрүйбүт кыыдааннаах кыһын, оо, хобдох да көстүү, чуҥкук да буолара… Ол эрэн кыһыҥҥы айан суола арыллаатын, бэдэрээт, дьаам аттарын хабыалатар отторо суох дьону саҥа тумнуу суолунан быһалаан эргийэ барбатахтарына, син дөрүн-дөрүн көлөлөөх айанньыттар кэлэн, сорохторо ыксал-тиэтэл муҥунан итии киллэрээт, атыттар ардыгар наҕылыччы хонон-өрөөн да ааһаллара. Оттоох, төһө да угут, тыымпы күөл буоллар, сылгыга үчүгэй хаһыылааҕа.

Таайым ыалдьан үлэтиттэн уурайдар да, холкуоһун олоҕор туох саҥа уларыйыы-тэлэрийии, быһыы-майгы тахсыбытын сураһан, ыйыталаһан билэ-көрө сытара. Санаата кэлэн, тапсан кэпсэтэр киһитиниин айахтара аһыллан, устар уһун түүнү быһа харахтарын симэн көрбөккө, ардыгар мөккүһэн да ыла-ыла салгыбакка арааһы бары ырытыһан уһуннук олороллоро.

Икки атахтаах татым санаатыттан сириэдийэн тахсыбыт, аҥаардас алдьархай эрэ аргыстаах, иэдээн эрэ эҥээр-дээх сэрии ыар тыына илэ бааччы биллэн барбыта, олох отойдуун тосту-туора уларыйбыта. Ас-таҥас сонно тута кырыымчыгыра түспүтэ. Өссө таҥас өттүнэн маҥнай утаа соччо татымсыйыы суох эбит буоллаҕына, айах хамсатар өттүнэн тиийиммэт, түгэммэт буолуу күннэрэ-хонуктара тута кэлбитэ…

1939 сыллаахха «Тыа хаһаайыстыбатын устаабын көннөрүү» диэн ааттаах аҥаардастыы үөһэттэн эрэ ыйыллыбыт уураах, сокуон тахсыбыта. Бу уураах бигэргэниэн иннинэ тыа сирин холкуостаах ыаллара сорохторо элбэх сүөһүлээхтэрэ, онтон ити булгуччулаахтык толоруллуохтаах ыйаах тахсыаҕыттан аҕыйах ыанар ынахтаах эрэ хаалбыттара, ону да биирдиилээн ыал. Оттон кэтэх табалаахтар табаларын барытын холбообуттара.

Нолуок сэрии иннинээҕи сыллардааҕар үс-түөрт төгүл улааппыта. Саҥа нолуоктар баар буолбуттара: холостуой, байыаннай, бодохуодунай. Маны таһынан байыаннай сойуом. Икки үлэһиттээх биир хаһаайыстыбаҕа тыһыынча солкуобай. Булгуччулаах нолуоктары төлүүр кыһалҕаттан биир сүөһүлээх биириттэн маппыта, дьон күннээҕинэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан эрэ олорор кэмэ тиийэн кэлбитэ. 1941 сылтан хаартачынай систиэмэ олохтоммута. Холкуостаахтарга үрүҥ ас, бурдук, саахар, чэй, табаах ньимиит быһыытынан кээмэйинэн эрэ бэриллэр буолбута. Сулууспалаахха бородуукта нуорма быһыытынан көрүллэрэ, ол курдук кыра хочугуоруйалаах сулууспалаахха ыйга түөрт киилэ мэлии бурдук, сүүс кыраам чэй, түөрт сүүс кыраам саахар, сылга үс миэтэрэ табаар тиксэрэ. Биир эмит кэтэх сүөһүлээх бэл бэйэтин бас билэр сүөһүтүн туттара да көҥүллэммэтэ, сэбиэт эрэ көҥүллээтэҕинэ өлөрөрө. Сылгыны сиир төрүт бобуллубута.

Холкуостар саҥа тэриллэллэрин да саҕана «кини холкуостаах, кини куолаһа быстыбыт, кини сиэрэ суох байан, дьону маннык баттаан-атаҕастаан олорбута, итинник сиэбитэ-аһаабыта» диэн аҕа уустарынан эҥин атааннаһыылар бааллара эрээри, ордук сэрии саҕаланаатын, сокуон эбии кытаатаатын кытта, били «кыһалҕалаах кыыбаҕата кыынньар» диэбиккэ дылы, араас үҥсүү-харсыы, бэйэ-бэйэни хобулаһан сиэһии, төннүбэт, эргиллибэт сирдэргэ утаарсыы дьэ эбии сэтэрэн ахан турбута.

* * *

Таайбын Балаҕаччыга байыҥкымаакка ыҥырбыттарыгар бара сырытта. Хас да күн дьиэбэр соҕотоҕун сыттым, саатар биир да айанньыт биллибэт. Чуҥкуга сүрдээх. Ынаҕым дуу, ытым дуу баара эбитэ буоллар, син тэһийиэ эбиппин да, хайалара да мэлигир. Ол эрэн мас мастанан, түннүк кырыатаан, ас астаммыта эҥин буолан, иирбэ-таарба кыра түбүгүнэн саатаан син олордум. Урут балаҕаммар соҕотоҕун хааллахпына, араас абааһы, иччи туһунан истибит кэпсээннэрбин саныы-саныы, кумуччу туттан куттанар бэйэм ийэм өлүөҕүттэн улахан ыар аһыыга ылларан, симмэр түспүккэ дылы, отой төрүт куттаммат буолан хаалбытым.

Таска тыал улуйарын, араастаан энэлийэ эҥсэрин истэ-истэ, таайбын кэтэһэбин… Таспар чугас, Быһахчаан күөлүгэр, Уйбаан оҕонньор кыстык угун саҕа балаҕаныгар эмиэ мин курдук соҕотоҕун олордоҕо дии санаатахпына, тоҕо эрэ сэргэхсийэбин. Таайбын хата суол турбутун кэннэ ыҥыраннар Бүөтүр судургутук, тутулуга суох сылдьыахтааҕын иһин күнүс сырдыкка айан суолун кэтиибин. Баҕар, уһаан, тардыллан баран түүн кэлиэ диэн хараҥаҕа тахсан тыас иһиллэнэбин. Оттоох эбэ иччитэ ураа лаҥкыр муостарынан ыраас мууһун хайыта суруйан дьурулатар тыаһын истэн, халлаан ити аата сотору улаханнык тымныйарын туоһута буоларын билгэлээт, дьиэм иһигэр төттөрү дьылыс гынан хаалабын. Сарсыарда турдахпына, сирэй оһох күлэ хайыы-сахха сойон, сапта сыппыт куобах суорҕаным эҥэлэйэ мин сылаас тыыммыттан кырыаран хаалбыт буолар. Сонно тута ойон тураат, киэһэ кыһан бэлэмнээбит саҕаһабар уот даҕайан, оһохпун оттон хачыгырайбытынан барабын. Сотору күүһүн-уоҕун ылан, күлэ-сала, бачыгырыы умайар эһэкээним сылаас суоһугар таалан олорон эмиэ таайбын кэтэһэбин…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации