Текст книги "Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 13 страниц)
Бүөтүрү, ыарыһах киһини, хайаан сэриигэ ыытыахтарай, төннөн кэллэ. Мин онтон сүрдээҕин үөрдүм.
Эмиэ иккиэйэҕин, олорбуппут курдук, син күнү-хонугу кээрэтэн олордубут. Сайын оттообут икки оппутуттан биирин мэнэйдэһэн кэбистибит. Сүөһүбүтүн эспит дьон улахан дьарыкпыт да суох. Бүөтүр дьиэ таһыгар айа тардан куобахтаммыта, талах чааркаан атытан бэлиэлээҕи эҥин бултаспыта буолар, ыраах сиринэн кыайан ыырдаммат. Эбэтин үрэҕиттэн айаҕа дэҥнэтэн кыһыл саһыл ылбытын кырынааһыгар, солоҥдотугар ханыы гынан эбэн илдьэн Бэтигэ лааппыга туттаран орсунуой бурдук оҕото, аҕыйах кээһии чэй, табаах ылан аҕалбыта. Ол дуона суох ас ханна тиийээхтиэй, кэмчилээбиппит үрдүнэн сотору бүппүтэ.
«Социализм суола», «Чернышевскай» аатынан Илин уонна Арҕаа Кыргыдай холкуостарыгар уонна атын да ыаллыы холкуостарга, бастакы ыҥырыкка сэриигэ барбыттар суорума суолламмыттарын туоһулаан, харах уута аргыстаах хара суруктар хайа ыккардыгар, хара дьай кэриэтэ, халаатыы көтөн хас да балаҕаҥҥа утуу-субуу кэлитэлээбит сурахтара иһиллибитэ.
Сорох холкуоһа суох, кыаммат-түгэммэт, ас хаһаамматах, аһаах дьиэ кэргэннээх ыал астара баранан аччыктаан, устунан хоргуйан барбыттара. Сут саҕаламмыта. Сыыйа-баайа аас дьыл кэллэр кэлэн сири-дойдуну сабардыы көппүтэ…
Таайым биһикки ахсынньы, тохсунньу аам-даам тымныыларын туораан, күн кутуйах хаамыыта уһууругар син тиийбиппит. Күһүн балык хаһаамматахпыт эбитэ буоллар, төрүт быстарар дьон этибит, хантан да туораттан дук гыннаран эбинэр сир суоҕа. Дьон, ыал үксэ да бэйэлэрэ күннэригэр-тыыннарыгар олороллоро.
Үһүс Охонооһойоп таҥара саҕана дьыл оҕуһун баһа быстан, кырдьык да, улахан тымныылар суҕараабыттарын кэннэ таайым эмискэ иһинэн ыалдьан, урут да эдэрин күүһүнэн эрэ тура сылдьыбыт киһи букатын буорайан суорҕаннаах-тэллэххэ лигиир сытан хаалбыта…
Таайбын ыарыылаабытым. Урут кыаммат ыарыһаҕы бүөбэйдээбэтэх оҕо киһиэхэ ыарахан этэ. Бүөтүр биэс-алта хонук устата хааннааҕынан тахсан киирбитэ, биир кэм көлөһүн-балаһын аллан сытар киһини эргитээри, сыҕарытаары куустахпына этин суоһа сүрдээҕэ. Кэлин отой да букатын өйүкү-төйүкү баран үлүгүнэйэ эрэ сыппыта. Баһын өрө көтөҕөн олорон хончоҕортон иҥнэрэн уу иһэртэхпинэ чачайан антах бара сыһара. Туох эмит ысталлаах, амтаннаах ас оҕото көһүннэр эрэ наар миигин хадаҕалыы, борсуу сатыыр, бэйэтэ мэлдьи «тот» аатырар таайым муҥнаах бүтэһик охтуутун охтубута…
Хас да күн, хонук аанньа утуйбакка өй-мэй турукка сылдьыбыт киһи, сылаам таайан, талах олоппоско хоҥкуҥнуу олорбутум… Биир да былыта суох ып-ыраас сааскы күн этэ… Бэл халыҥ муус түннүгү курдаттаан чэмэлкэй күн уота суоруу муостаны лаппа сырдатан, дьиэ иһэ субу сууллубут-сотуллубут курдук дьиктитик сэргэхсийбиккэ дылыта. Төһө да хаппыт хардаҕастарынан күөдьүтэн биэрбит оһоҕум тачыгырыы тыаһаан «пус-пас» умайдар, тоҕо эрэ уу чуумпу курдуга… Тугу эрэ түһүүр быһыылааҕым…
– Аанаа-аа… Аанаа-аа… – миигин ким эрэ ыраах да ыраахтан ыҥырара… – Аанаа-аа… Аанаа-аа…
Соһуйан эмискэ ойон турбуппар, ньилбэкпэр ууран олорбут күөһүм хаппаҕа муостаҕа түһэн кырыытынан оонньоон, аан боруогун анныгар тиийэн, биир сиргэ эргичийэн кулахаччыйа талыгыраан баран ах барбыта…
– Ээ?! – икки хонук устата киһини билбэккэ сыппыт таайым өйдөнөн саҥа таһаарбытыттан уум тута көтө охсубута… Эрчимнээх аҕайдык Бүөтүр баһыгар ойон кэлбитим, нукаай курдук налыйа сытар илиитин бэгэччэгиттэн тутан, ытыһын көхсүн имэрийбитим: – Туох диэтиҥ, таай?..
Бүөтүр харахтарын симэн таалбыта, устунан, кыра оҕолуу, тыаһа суох сэмээр «сыып-сыып» тыынан утуйбута быһыылааҕа…
Сүрдээх дэлэгэй астаах дьон курдук, кэлбит-барбыт дьону кэһиилээн, күһүн туттубут ынахпыт этэ бүппүтэ ырааппыта. Таайым бултаабыт түүлээҕэр мэнэйдэһэн аҕалбыт бэрт дуона суох бурдугун тобоҕо хаалбытын сыа-сым курдук тутан хааһылаары түбүгүрбүтүнэн барбытым. «Өйдөммүт, оччоҕо бэттэх кэлиэ…» – дии саныырым.
Тимир солуурчах оҕотугар хааһылаабыт аһым саҥа балдьыгыраан эрдэҕинэ:
– Аанаа-аа… – диэн таайым эмиэ ыҥырбыта.
Ыксатыгар кэлэн, таайым муос курдук халыҥ чэринэн килэрийбит ытыһын туппуппар, бэрт сэниэтэ суохтук тарбахтарын хамсатан хардарбыта уонна уулааҕынан-хаардааҕынан миигин мэндээриччи одуулаан сытан, икки таныыта үллэн кэлэ-кэлэ, нэһиилэ ыган:
– Аанаа-аа… мин бүттүм ээ… Оҕом, тулаайах… – диэн иһэн харахтарын симэн налыйан хаалбыта… Ып-ыраас дьэҥкир таммахтар чэчэгэйин устун сүүрэн түһэн кыырыктыйбыт аһыгар саспыттара… Таайым өлбүтэ…
…Мин баара-суоҕа уон биир сааспар кимэ да суох чороҥ соҕотох, төгүрүк тулаайах хаалбытым…
…Хаатын таһынан хара маһыттан дьалкылдьыйар тыымпы күөл Оттоох эбэ үрдүк өтөҕөр бастакы хомуурга сэриигэ бараат сотору сырдык тыына быстыбыт Өрөө Көстөкүүн балаҕаныгар өлбүт таайым Бүөтүр ыксатыгар өр таалан, сүөм түһэн олорбутум. Таайбын сүтэрбит аһыыбыттан-абабыттан эт-этим дьиктитик эппэйэ аһыллан, үгэспинэн, сирэйим иҥиирэ аҥаардастыы ханньаччы тардан, ынырыктык ырдьайан ытыыр быһыылааҕым да, хараҕым уута тоҕо эрэ кэлбэтэ… Барыта бүппүтэ… Аны миигин араҥаччылыах, иитиэх-аһатыах киһим ким да хаалбатаҕа… Баара-суоҕа түөрт сыл анараа өттүгэр дьонум бары бааллара ээ… Эбэм, эһэм, ийэм, таайым… Бары бааллара… Оо, Тээкиччэ өтөҕөр бэйэбит бас билэр балаҕаммытыгар дьоллоохтук да олорбут эбиппит. Оҕо киһи санаабар, күн кыһалҕата суох. Баара-суоҕа түөрт сыл анараа өттүгэр…
Санаа-оноо ыар ытылҕаныттан мин букатын симмэр түспүтүм… Аны миигин туох да долгуппата, өрүкүппэтэ… Таайбын бэйэм хайдах да харайар, дьаһайар кыаҕым суоҕа. Чугастыы Быһахчааҥҥа барыахпын Уйбаан оҕонньор бэйэбинээҕэр кыаммат кырдьаҕас.
Таайбын быар кууһуннаран, нэк суорҕанынан бүрүйэ сабан баран, уоппун-күөспүн хаалларан, били солуурчахха балдьыгыраабыт хааһыбын ол курдук иһитигэр состуокка олордубутунан икки көс ыраах сытар Бэтигэ, санаабар, таайым өлбүтүн тыллыы диэн барбытым. Хайыы-сахха борук-сорук барыгылдьыйан эрэрэ…
Көс курдук сири хааман Бэрэ эбэни өҥөс гынааппын, Дьэрсиикэп Сүөдэрдээх халыҥ хаарынан хаппахтана бүрүллүбүт, үрдүк томторҕоно күрдьүк иһигэр бүгэ, кирийэ сатаабыкка дылы саах сыбахтаах балаҕаннара үөл-дьүөлгэ харааран көстүбүтэ. Оһохторун үөлэһиттэн кыһыл кыымнар күн кыһалҕата суох кытыастан тахсан өрө ыһыахтаналлара… Ыт үрэн маргыйбыта…
Дьиэлээх киһи Сүөдэр суоҕа, тыаҕа булдугар тахсыбыт кэмэ эбит этэ. Өлөксөөһө Бүөтүр өлбүтүн, мин туох санаалаах Бэтигэ баран иһэрбин истэн:
– Дьаһайтара диэн баран иһээхтиигин да, ынтах бэл сорох ыал бүтүн дьиэнэн хоргуйан өлбүттэрэ дьаһаллыбакка сытаахтыыллар, – диэбитэ.
Мин, тыымпы күөл өтөҕөр бүкпүт оҕо киһи, холкуос-холкуос аайы дьон хоргуйан өлөн эрэрин өссө да ситэри истэ илигим. Ити түүн Дьэрсиикэптэргэ утуйар-утуйбат хонон туран баран салгыы санаабыт санаабын ситэрэ «Социализм суола» холкуос киинигэр барбытым.
Ийэбин кытта урут сылдьыбыт буоламмын сугулаан дьиэ ханна баарын билэрим, быһа онно тиийбитим. Бэрэссэдээтэл бэйэтэ суох, солбуйааччыта саас ортолоох киһи баарыгар кэлбит сорукпун эттим. Онуоха киһим:
– Дьэ буоллаҕа… – диэн өрө тыынан кэбистэ. – Манна, тоом, бэл дьиэ-дьиэнэн өлбүттэр сорохторо кыайан ситэри харалла иликтэр. Бэҕэһээ Уһун Өтөхтөн уонна Хараҥалыктан эмиэ бу эн курдук соруктанан кэлэн барбыттара. Чэ оттон киһи көһүннэр эрэ ыытан дьаһайтара сатыахпыт, – хата кыра оҕо эҥин диэбэккэ, бэйэтин тэҥнээҕин курдук кэпсэппит бэрэссэдээтэли солбуйааччы тылын истэн, таайым ол аата киһилии хараллыыһы, умнубат ини, тугу эрэ сурунан бэлиэтэннэ, уһаппата-тэниппэтэ эрэ буоллар диэн эрэх-турах санаалаах сугулаан дьиэттэн тахсыбытым.
Урут ийэбин кытта сылдьыбыт билэр ыалларбын кэрийэн хас да хоннум. Сэрии буолуон иннинээҕи дэлэгэй олохтон туох да хаалбатах, бары да күннээҕинэн олороохтууллар. Аны холкуостаах дьон хара сарсыардаттан хам аччык сылдьан сыраны-сылбаны быһар, күүһү-күдэҕи эһэр күүстээх үлэҕэ харса суох хачыгырайан бэйэлэрэ күннэригэр-тыыннарыгар сүөдэҥнэһэллэр.
Таайбын харайар киһи көстүөхчэ-көстүбэтэ. Кэтэһэ сатаан баран, хаппыт сэбирдэх тыал хайа диэки үрэр да, ол хоту көтө-дайа тэлээрэрин курдук, үүннүүр-тэһиинниир чугас киһитэ суохпуттан туох быстах санаа киирдэ да, ол хоту салаллар үгэспинэн төттөрү Бэрэҕэ бардым. Ыал үксэ төһө да уу-хаар аһылыктаах быстыынньа олоххо үктэннэр, саха киһитин үтүө үгэһинэн, сылбырхай да ууну кутан биэрэн, баардарынан-суохтарынан аһаппыта буолаллар. Ол быыһыгар, элбэххэ туох суоҕа баарай, киһи киирдэҕинэ туох эмэ айах хамсатардаахтарын кистиисаба күлүк сиргэ уурар да дьоннор бааллар.
Бэрэ күөлүгэр Дьэрсиикэптэргэ эмиэ хас да хоннум. Ол тухары Оттооххо таайбын «киһилии харайар» киһи ааһарын күүтэбин. Өлөксөөһөлөөх оҕолоро оонньууллар да, мин онно төрүт кыттыспаппын. Бэйэм да билбэппинэн өйүм-санаам хайдах эрэ эмискэ тосту уларыйан хаалбыкка дылы, тугу да ахсарбатым, туохтан да долгуйбатым. Ыал аһаппатаҕына, бу тоҕо аһаппатылар диэн санаарҕаан санньыйбатым, ыал хоннорботоҕуна, бу тоҕо холдьохтулар диэн хоргутан хом түспэтим. Барытын буолуох буолуохтааҕын курдук ылынарым.
Өлөксөөһөлөөххө сыта-тура сатаан баран, хайдах да тулуйбакка, биир күн балаҕаммар баран күһүҥҥү хаһаас балыкпыт хаалбытын тымтайга сүгэн аҕаллым. Тоҥ лыыба сэниэтэ суох киһиэхэ тос курдук сүгэһэр. Ити курдук Бэрэ уонна Оттоох ыккардыгар хаста да кырынным. Хас кэллэҕим аайы балаҕан халҕанын сэмээр кыыкыр гына сэгэтэн көрөбүн: таайым нэк суорҕанын бүрүнэн сыппытын курдук сытар… Дьиэ эркиннэрэ түөрэтэ, үрүттэри баҕастары, дьэп-дьэҥкир муус кыаһаанынан кылыгыраан, булуус иһин курдук аргыйа түһэр. Биир сырыыбар искэ киирэн, состуокка хаалбыт тимир солуурчахтаах бурдук хааһыбын аҕалан Сүөдэр оҕолорун кытта үллэстэн сиэтим. Ити кэннэ мин иннибэр да, кэннибэр да айах хамсатан аһыыр бэйэм бас билэр аһым бүттэ…
Дьэрсиикэптэр икки ынахтара саас иккиэннэрэ төрөөннөр, күһүн балык хаһаананнар уонна булчут киһи кыһыҥҥы да өттүгэр хара тыатыттан эбинэр буолан син ой-бото олохтоох ыал. Ол эрэн Сүөдэр эдэр эрдэҕиттэн бэрт ыарыһах киһи. Хас да сыл босхоҥноон баран үтүөрбүт, онон туһугар «таҥара илиитигэр» сылдьар дьон. Өлөксөөһө этэринии, аҕалара аһааҕырдар эрэ буруолара сабыллар ыал.
Эмиэ санаа киирбиччэ Дьэрсиикэптэртэн Бэтигэ тиийэн ыалы кэрийэн сырыттым. Сорох ыалга биир, сорох ыалга икки хонон, тугу дук гынан бэрсибиттэринэн үссэнэн уонча хоннум. Ньолоҕор оҕонньордоох диэн ааттыыр кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ олордохпуна, биир киэһэ дьиэлээх эмээхсин Балбаара таһараа ыалтан: «Хайа, тоом, бэҕэһээ Тайах Махсыын Оттооххо баран таайгын харайан кэлбит», – диэн кэпсээннээх киирдэ.
Былаҕачыанайап таҥара саҕана саас илдьитэ бастакы туллуктар кэллилэр, лаппа ылааҥытыйан күнүс сылыйар, балаҕан халҕанын бүрүөһүнэ күн уотун сыралҕаныттан киһи илиитин көхсүн биллэ угуттуур буолла. Санаатым да тахсан барар киһи, биир сарсыарда туран, таайбын чахчы харайбыттарын илэ харахпынан көрөн итэҕэйээри Оттооххо бардым. Үргүлдьү ааһар санаалааҕым да, көс сири тыын ылан сынньана-сынньана хааман Бэрэҕэ кэлэн Сүөдэрдээхпэр хоннум. Сэниэм, сырам-сылбам эстибитин бэйэм да сөхтүм. Санаа күүстээх эрээри, күүс-уох суох, баҕа баһаам да, кыах мэлигир. Дьиэлээх киһи кэм да тыатыгар, кэргэнэ оҕолорунаан бэйэлэрэ эрэ. Өлөксөөһө: «Тайах Махсыын таайгын харайбыт манньатын Бүөтүр саатын ылбыт этэ…» – диэн кэпсээтэ.
Сарсыарда Сүөдэр кэргэнэ хотонугар тахсыбытын кэннэ салгыы Оттооххо, өтөхпөр бардым. Өлөксөөһө миигин, бука, Бэрэттэн төттөрү Бэтигэ бардаҕа диэбит буолуохтаах.
Өтөхпүт ортотугар турар ампаар дьиэбит халҕана нэлэччи аһыллан харааран турарын ыраахтан көрдүм. «Тоҕо астахтарай?» – дии санаатым. Дьиэ иһигэр киирбитим, холорук үлтү сүргэйбитин курдук: баар-суох мааны малбыт, саха ууһа кыһан-кыладыйан оҥорбут, сирэйин аннынан тардардаах түөрт атахтаах остуолбут суох, иһит-хомуос мэлигир, төрүт хамыйах да хаалбатах, ийэм иистэнэр иһитин холбуката эмиэ онно эрэ оҥойбут. Таайым сыппыт тупсаҕай ыпсарыылаах кырабаат ороно утуйар таҥаһыныын турар. Оронун үрдүгэр ыйанан турбут саата суох, Тайах Махсыын ыллаҕа диэн ити сонуну эрдэ истибит киһи буолан сэрэйдим. Махсыыны мин урут биирдэ эмит көрөрүм. Алта уончатын ааспыт киһи эрээри, бэрт сылбырҕа туттуулаах, сүрдээх улахан уҥуохтаах, даадаҥнаан хаампыт киһи этэ. Бука, ол да иһин Тайах Махсыын дэннэҕэ. «Ама хайдах бүтүн остуоллары, иһиттэри-хомуостары барытын сүгэн барыай?» – диэн итэҕэйбэтим. Мин, оҕо киһи, судургу санаабар, таайбын Уоруу көлүйэҕэ, ийэм таһыгар харайбыттара буолуо дии саныырым.
Онтон эмискэ Махсыын сатыы кэлбитин тэһэ санаан: «Төһө да кыахтааҕын иһин тоҥ киһини эт санныгар хайдах сүгэн илдьиэй?» – диэн таска ойон таҕыстым.
Ол иһин ханна ыраатыннарыай, Бүөтүрү үүт уурар уҥучахха укпут уонна уҥучах хайыҥын тоҥ буорун хойгуонан көөрөтөн көмөн дуомнаабыт итиэннэ маһынан-отунан сабан дьаптайан кэбиспит…
Бэтигэ ыал устун сылдьан, дьиэ-дьиэнэн ыалдьан, хоргуйан өлбүттэри барыларын биир сиргэ, сиилэс уҥучаҕар үҥкүрүтэн кэбиһэллэрин, ону таһынан сорох суолга охтубуттар букатын да кыыл-сүөл, суор аһылыга буолалларын эбэтэр өлбүттэри көннөрү тоҥ балбаах курдук тыаҕа соһон кэбиһитэлээбит сурахтарын истибит киһи: «Чэ туох буолуой, таайым Бүөтүр кэм «киһилии» соҕус дьаһалыннаҕа», – дии санаатым. Хата баччалаах кэлэн харайбыттарыгар таҥараҕа махтал. Бэйэм итинник да дьаһайар кыаҕым суоҕа…
Дьонум бары, тыал көтүппүт маһын-отун курдук, тус-туһунан: эбэм Кэҥэрэччигэ, эһэм Тээкиччэҕэ, ийэм Уоруу көлүйэҕэ, таайым Оттооххо биир-биир хаалаахтаатылар…
Хаара күрдьүллүбэтэҕэ ырааппыт тэлгэһэҕэ арай өйдөөн көрбүтүм, бөлүүҥҥү халыҥ кыраһа кыра турку суолун бүрүйбүт. Хас да киһи этэрбэһин суолун омооно баар курдук. Турку синньигэс сыҥааҕа көп хаары хайытан күөл диэки айан суолугар киирэн сүппүт.
Хоспохпун өҥөйбүтүм, буолускай сылабаарбыт, кыра остуол баара, ийэм сарыы соно эмиэ мэлигир, илдьэ барбыттар. Эһэм Куонаан ойууну кытта атастаспыт бэрт дьаһамыр таастаах суоруната уонна улахан, таҥас хаалыыр дьааһык хаалбыт. Иһэ кураанах…
Ийэм барахсан тикпит таҥаһа өссө да бүтүн буолан уонна ылааҥытыйан тоҥмотум, тоҕо эрэ балаҕаммыттан барбакка эҥкээрэн сырыттым. Күөлгэ ойбоҥҥо сүүрэн түспүтүм, мин курдук киһи тэспэт буола халыҥыы тоҥон букатын оһон хаалбыт, ойбон хайыҥар турар анньыы, сүүр, сүгэ эмиэ оннулара эрэ оҥойбуттар. «Ама да биһиги буолбуппут иһин туох харам дьоной…» – диэн абаккара санаатым, ытамньыйан ыллым. Сээкэйбитин түөрэтин таһан ылбыттар…
Дьиэ иһигэр киирэн ааммын саптан, холумтаҥҥа олорон хоруорбут үтэһэнэн оһох күлүн буккуйа олордохпуна, арай үөскэ оҕолор саҥалара ньамаласта, мин иһиттэхпинэ, сыа хаарга турку сыҥааҕа сырылыыр… Кимнээх киирэллэрин дуу, киирбэттэрин дуу кэтэһэн олордум…
– Киһи кэлэ сылдьыбыт… – диэн уол оҕо саҥата иһилиннэ.
– Биһиги кэннибититтэн…
– Барбыт дуо?..
– Ыы-һыы…
– Суох, баар быһыылаах… бу сытар суола… хоспоххо киирэ сылдьыбыт… – оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр.
Арай Хочуолу күөлүгэр олохтоох, били кэргэнэ араҥ ыарыы буолан өлбүт Хообуйап Мэхээлэ икки уола уонна кыыһа Даарыйа киирэн кэллилэр. Сүөдэрдээх Ньукулай урут Тээкиччэ өтөҕөр ийэлэрин Тыытыгынай Маарпаны кытта хонон ааһалларын саҕанааҕыларыттан лаппа уларыйбыттар. Иккиэн эдьиийдэрин сиппиттэр, эт тутан бөдөҥөөн хаалбыттар. Арай Даарыйа бэйэтэ-бэйэтинэн… Супту одуулаан тура түстүлэр, саҥа-иҥэ суох, иҥэн-хаһан миигин эрэ манна кэлэн олороро буолуо дии санаабатахтар быһыылаах, маҥнай утаа, баҕар, билбэтэхтэрэ да буолуо, син хас да сыл аастаҕа. Бэйэм да улаатан эрэр оҕо киһи уларыйдаҕым, суумматаҕым-тараамматаҕым ыраатан, таҥас-сап киртийэн, ытаан-соҥоон дьүһүнүм-бодом да атынын атыҥыраатахтара. Ыал устун атах-балай сылдьан хаһан таҥас-той суунуом баарай.
– Аана олорор… – диэтэ арыый да чобуо соҕустара, улаханнара Сүөдэр.
Икки уол состуокка кэлэн кэккэлэһэ олордулар. Эдьиийдэрэ тоҕо эрэ биир сиргэ хараҕаланан аан чанчыгар турар. Арай көртүм, Даарыйа кыһыл сэбирдэх ойуулаах мин бэркэ билэр ийэм майыар ырбаахытыгар маарынныыр байбарылаах уһун ырбаахыны кэтэ сылдьар эбит. Харахпын араарбакка одууластым.
– Мин ийэм эмиэ итинник ырбаахылаах этэ… —
диэтим.
– Аҕам кэт диэбитин кэппитим, мантан ыллаҕа ол аата… Билбэтэҕим… Бүөтүрү ис тиибинэн ыалдьан өлбүтүн дьон кэпсээбиттэрэ. Эйигин Бэтигэ тиийбиккин боломуочунай оҕо дьиэтигэр киллэрбит үһү диэн сураҕы истэн баран, аҕам: «Детдомҥа барбыт оҕо аны манна эргийбэт, онно бэлэм аска-таҥаска олоруо, таах ыһыллан-тоҕуллан хаалыаҕынааҕар сээкэй малларын хараннахха да туох буолуой…» – диэн киһи туһаныаҕын барытын тастыбыт этэ.
Аҕабыт ыалы кэрийэн ону-маны мэнэйдэһэр, ылсар-бэрсэр үгэстээх. Хантан, кимтэн булан аҕаларын билбэппит. Биһиги аҕабыт тугу соруйбутунан сылдьар дьоммут… – Даарыйа, буруйа суохтарын кэрэһилии сатаан, ытамньыйа сыһа-сыһа саҥарар. Уолаттар буоллаҕына ууну омурдубут дьон курдук.
– Остуолу эмиэ эһиги ылбыккыт дуо? – таах олоруохтааҕар кэриэтэ ыйыттым.
– Ээ, хас да хонуктааҕыта аҕам соһон аҕалбыта, – диир Сүөдэр.
Эмиэ саҥа-иҥэ суох.
– Эн манна хаһан кэлбиккиний? – кыра уол Ньукулай ынах этэрбэһин тилэҕинэн муоста быыһа саркааҕырбытын суруускайдыы-суруускайдыы ыйытар.
– Баарыын сарсыарда.
– Бөлүүн ханна хоммуккунуй? – диир Сүөдэр.
– Бэтигэ…
– Сүөдэрдээххэ?..
– Ээ…
– Сүөдэр баар дуу?..
– Суох, сиригэр…
– Астаахтар дуо?..
– Баар…
– Туох астаахтарый?..
– Өлөксөөһө лэппиэскэлээх, хааһылаах уонна бэҕэһээ киэһэ куобах буһаран сиэбиттэрэ.
– Онтуларыттан бэристилэр дуу? – кыра уол ыйытар.
Мин оннубар Даарыйа хап-сабар:
– Хайдах бэрсиэхтэрэ суоҕай? – диэн хоруйдуу охсор.
Ким да үүннээбэт-тэһииннээбэт, ханна да барарым-кэлэрим көҥүл киһи, санаабар, бачча малбын-салбын ылбыт дьоҥҥо бардахпына хата үчүгэйдик, тото аһатыахтара диэн:
– Эһиги билигин төттөрү төннөҕүт дуо? – диэтим.
– Ээ, төннөн… – Сүөдэр аат эрэ харата хардарар.
Кыра уол муҥнаах улахан эҥээрэ суох чобуо киһи буолан биэрдэ.
– Аҕабыт суорунаны уонна… хоспоххо таҥас хаалыыр кырыы дьааһык хаалбытын аҕалаарыҥ диэн ыыппытыгар кэллибит, – диэтэ.
– Мин эһигинниин барсабын дуо?
– Барыс ээ…
– Барсыый, хата бииргэ оонньуохпут! – ордук Ньукулай омуннуран-төлөннүрэн сөбүлэһэ охсор.
Даарыйа биир кэм саҥата суох аан чанчыгар соҥуоран турарын көрөн, улахан киһиэхэ киниэхэ туһаайан:
– Даарыйа, мин эһигини кытта Хочуолуга барсыаҕым оччоҕо? – диэн хат ыйыттым.
– Ыык…
Соруктаах кэлбит оҕолор соруктарын толорон хоспохтон дьааһыгы көтөҕөн мадьалытан таһааран талах туркуларыгар уурдулар. Турку да диэн, бэрт кыра, дьарамай оҥоһуулаах, хаһан баҕарар ханньас гынан ыһыллан, уон аҥыы арахсан хаалыах айылаах хаадьаҥнаабыт-дьаадьаҥнаабыт тэрил. Мин, ыалга олоро барсаары сылдьар киһи, соруктаах аҕайдык барытыгар көмөлөстүм. Суоруна тааһын биир-биир арааран даардатын кытта дьааһыкпыт иһигэр үллэччи тиэйдибит. Өтүүлээн кэбистибит.
– Бу Куонаан ойуун суоруната, дьаһамыра, үчүгэйэ сүрдээх, биһигиттэн дьон уларсан элбэхтик туһанааччылар, – диэн улахан маллаах киһи малбын хайгыыбын.
Даарыйалаах Сүөдэр туркуларын соһон, Ньукулай уол биһикки кэннилэриттэн дьааһык кырыытыттан үтэн өтөхпүтүттэн хоҥуннубут. Күөл мууһугар, үөскэ айан суолун омоонугар киирэн баран тохтоон, тыын ылан сынньана түстүбүт. Кэннибин хайыһан көрбүтүм, олорбут дьиэм барахсан, уһун кыһыны быһа тыал дьапталҕалаабыт үрүт хаара кыҥначчы баран, сайыһан санньыйбыкка дылы хараара иһийэн тураахтыыр. Тэлгэһэ тыа диэки өттүгэр таайым хараллыбыт үүт уурар уҥучахпыт томтойон көстөр. Маҥнай биирдиилээн быгыалаһан баран хайыы-сахха үөрдэрэ халыҥыы охсубут туллуктар дьиэ, хотон, хоспох үөһэ түһэ-түһэ, туохтан эрэ үргүбүт курдук, үрэл гына көтөн тахса-тахса, чурулуу-чирилии саҥарса-саҥарса, өтөҕү кэриитинэн эргийэ көтөн кэлэ-кэлэ хат түһүнэн кэбиһэллэр.
Мин малым-салым тиэллибит туркуну кэнниттэн үтэн иһэн, иннибэр ийэм кыһыл сэбирдэх ойуулаах, байбарылаах майыар ырбаахытын кэппит Даарыйаны көрөн, ис-испиттэн кутум-сүрүм атын аҕайдык кутугунайа хамсаан таныыларым кычыгыланан кэлэллэр, ыгыллан тахсыбыт хараҕым уутун, аны оҕолор көрүөхтэрэ диэн кистии-саба, атын сири одууласпыта буола-буола, сонум кирдээх бэлэнньигинэн сотто испитим…
* * *
Хочуолу эбэҕэ Хообуйаптарга олоруох буолбут баҕа санаам туолбатаҕа. Дьиэлээх киһи Мэхээлэ уонча хоммутум кэннэ оҕолор суохтарыгар:
– Ас-үөл аҕыйаата, олох-дьаһах күн-түүн эбии ыараан иһэр. Ити ыамайдар бэйэлэрэ туох да туһалара суох, мин эрэ сээкэйи буллахпына айахтарын хамсатан тыыннаах хаалар дьон. Онон эн аны атын сиргэ бар, элбэх тыынньаны аһатар кыах суох… – диэн мас-таас курдук холдьоҕон кэбистэ.
Мин быстыам дуу, ойдуом дуу, ыллым да тахсан бардым. Хочуолуттан көс икки биэрэстэ ыраах Боруллуолаах эбэҕэ Моотор оҕонньордоох уонна Чохооччулар диэн ыаллар дьукаах олороллоругар хоннум уонна үргүлдьү соруктаах аҕайдык Тээкиччэҕэ аастым.
Тээкиччэҕэ кэлэн урут олорбут өтөхпүтүгэр Эйэҥнэргэ хоннум. Биһиги балаҕаммыт уһун кыс устата түспүт халыҥ хаарга, сааскы тыалга-кууска саба тибиллэн, дьон олох олоро сылдьыбатахтарын курдук сүөдэйэн тураахтыыр. Тэлгэһэбэр чугаһыы да барбатым. Хайдах эрэ бары-барыта курус-ирис, хаҕыс, дьэбир тыыннаммыкка дылы. Эйэҥнэр, Муттуйдар, Мискээйэптэр да уруккулара буолбатах, эмиэ туһугар бэйэлэрэ тыыннарыгар-күннэригэр олороллор.
Эйэҥнэргэ хонон тураат, урут ийэбинээн Тээкиччэттэн Бэтигэ барарбытын санаатым да, айан суолун устун Арҕаа Кыргыдайга түһүнэ турдум… Бэл кыра эрдэхпинэ ийэбинээн аргыстаһан үөрэ-көтө дьиэрэҥкэйдээн тиийэр икки көс сиргэ сырам-сылбам букатын эстэн тиийдим. Тыа иһигэр, сааскы айан суолун чаакытыгар хаамарга судургу эрээри, улахан эбэлэр киириилэрэ-тахсыылара тибии тибэн кэбиһэн сүрдээх оймооһуннаах, халыҥ хомурахтаах киэҥ толооттору, ээйдэри туорааһын биир оннук. Аһыы-аба саба кууспут, ымайбатаҕа ырааппыт ыар санаалаах хам аччык киһиэхэ кыһалҕалаах айан. Субу-субу суол кытыытыгар лах гына олорон сынньанабын, ардыгар сытынан кэбиһэбин. Көмүрүө хаары ытыһан ылан күрдүргэччи ыстаан тамахпын сиигирпитэ буолабын. Үөһэ да үөһэ күөх нэлэмэн халлааҥҥа быһыта тыыталаабыт курдук быстаҕас былыттар ээр-сэмээр тэйгэһэ усталларын одуулаан уһуннук таалабын… Уу чуумпу курдук эрээри, миигин тулалыы сэлэлээбит дьулугурас титириктэр төбөлөрө сиккиэр тыалтан сэмээр, тугу эрэ кистээн сибигинэспиккэ дылы, хоҥкуҥнаһа хамсыылларын көрөбүн. Ол сытан сааскы чэмэлкэй күн угуттуу тыгарыттан нуктаан да ылабын.
Оҕо оччугуйу да кэрэхсиир үгэһинэн, иссибит атыыр куобахтар сыа хаарга кэлин атахтарын соһон дьэрэлитэ ойуулаабыт суолларын, тииҥ, бэлиэлээх олуктарын көрөн син аралдьыйабын. Субу иннибэр туус маҥан хабдьылар атын аҕайдык өрө ыһыллан тахсан илибирэһэ көтөн кылбаарыстахтарына, аччык киһи сиэринэн, «оо, туһахтаан ылан буһаран сиэбит киһи баар ини, дэлэ минньигэстэр үһүө» диэн силбин быһа ыйыстабын.
Халлаан ылааҥытыйан хата күнүс тоҥмоппун, ол эрэн киэһэ дьыбар түстэр эрэ дьагдьайан барабын. Хааман иһэр киһи тоҥнор эрэ бүтэһик тоҥуутун тоҥор дииллэрин санаан, дьиэлээх сиргэ тиийэ охсо сатыыбын.
Сарсыарда хоҥнон баран, Киристиэп таҥара саҕанааҕы сааскы күн букатын арҕаалаан, кытара кыыһан саҕахха санньыйа киирэн эрдэҕинэ биирдэ Бэтигэ тиийдим. Күнүс күн сыралыгар көлөһүн-балаһын аллыахпар диэри тиритэн баран аны тоҥон, устунан титирээн киирэн бардым. Хайа хаамаайылыырга, барарга-кэлэргэ ханна быһа тэппитим эбитэ буолла, аҥаар этэрбэһим сиигинэн көтүллэн хаалбыта кэҥээн кэтиинчэм баһа көстөн кэлбитин симинэн баран, урут сылдьыбатаҕым эрээри, холкуос бэрэссэдээтэлэ итиннэ олорор диэн дьон кэпсэтэллэрин тэһэ санаан, салайааччы ааттаах киһи хайаан да астааҕа буолуо диэн, уус бэртэрэ кыһан-кыладыйан туппут ньэмиэскэй муннуктаах ампаар дьиэлэрэ дьэндэйэн турарыгар онно туораатым. Дьиэҕэ киирбитим, бэрэссэдээтэл кэргэнэ Соотуу диэн ааттыыр дьахтардара тугу эрэ иистэнэр, түбүгүрэр… Ыалдьыт, хоноһо баара көстүбэт. Миигиттэн балыс икки оҕо бааллара быыс кэннигэр оонньууллар быһыылаах, өҥөҥнөһө-өҥөҥнөһө сүтэллэр. Соотуу ииһиттэн харахтарын араарбакка олорон:
– Хантан кэллиҥ? – диэн хабыр соҕустук ыйытта.
– Тээкиччэттэн… – диэн хардардым.
Ити кэннэ кэпсэтии тахсыбата. Сылайбытым, илистибитим сүрдээх, аан чанчыгар адарай ороҥҥо олорон, дьиэ илгийэр сылааһыгар тартаран нуктаан бардым, устунан төбөм хоҥкуҥнаан утуйан хааллым…
…Төһө өр олортум эбитэ буолла, дьиэ халҕана тыастаахтык «лип» гына сабыллыбытыгар уһугуннум… Холкуос бэрэссэдээтэлэ Алампадьыыстап Борокуоппай (Ураанньы) диэн ааттыыр киһилэрэ киирбит эбит… Миигин киһи олорор диэн төрүт кэпсэтэ да барбата. Киэһэ аһааһын буолбутугар дьиэлээх киһи:
– Кэл!.. Олор манна!.. Аны бэрэссэдээтэл аһаппакка, ириэрбэккэ холдьоҕон таһаарбыт диэн онон суустууллара итиэ… – диэтэ.
Мин, дьон хаҕыс сыһыаныгар үөрэммит киһи, Алампадьыыстап күргүй-көбүө саҥатыгар отой кыһаллыбаппын. Буспут собо, лэппиэскэ сиэтим, аны лааппы чэйэ чэйдээхтэр эҥин, сылбырхай ууга холоотоххо амтана минньигэһэ сүрдээх.
Аан ороҥҥо убаһа тэллэххэ нэк куобах суорҕаны саптан утуйардыы сыттым. Ол сытан көрбүтүм, түөртээх-биэстээх уол оҕо быыс кэнниттэн сыбдыйан тахсан, долбуур анныгар турар өрбөҕүнэн сабыллыбыт ыаҕастан мөскөм-мөскөм кырбаһынан буспут эти хаста да кэлэн, кырынан, ороон ылан барда. Ити буспут эттэрин тоҕо остуолга уурбатахтарай диэн саныы сытан, күнүскү сылаам таайан, утуйан хааллым. Нөҥүө күнүгэр этим-сииним отой нукаай буола улугуран уһугуннум. Эмиэ бэҕэһээ киэһээҥҥим курдук аһаатым. Чэйдээн бүппүтүм кэннэ Борокуоппай кэргэнэ Соотуу:
– Манна аны хонума, атын сиргэ, ыалга баран хон, хас кэлбити-барбыты барытын аһатар аспыт суох, – диэн эмиэ холдьоҕон кэбистэ.
Алампадьыыстабы дьон ахсарбатын урут да истэрим. Тэҥнээхтэригэр эрэ бэрдэ. «Холкуоһу сиэн олорор киһи…» – диэн кэпсэтэллэрэ. Муҥхаҕа балык кэллэҕинэ:
– Судаарыстыба баайа тыытыллыбат, билигин туох чорбойбута барыта боруоҥҥа… – диэн ыскылаакка уктаран, хататан кэбиһэрэ.
Өлүүлэрин ылаары үмүөрүспүттэри үлтү көбүөлээн, синнэригэр түһэн харса суох харбыаласпыттары кыайар өттүлэрин түҥнэритэ кэйиэлээн да ыыппыт түгэннэрэ бааллара. Онтуҥ ол эрэн балыгын бөдөҥүттэн, эмиһиттэн, анал суортаан уурбутуттан кэлбит-барбыт боломуочунайдарга, урууларыгар-аймахтарыгар биэрэрэ. Биллибэтинэн-көстүбэтинэн тутта сатыыра да, син биир сир-буор аннынан иһиллэрэ. Ардыгар муҥхалаабыт дьоҥҥо бэл киэһэ да сииллэрин өлүүлээбэтэ. Ол курдук дэрдэм, түктэри майгылаах-сигилилээх, кыра ычалаах бэрт бөрүкүтэ суох киһи этэ. Муҥхаҕа оҕонньор, эмээхсин, оҕо, дьахтар аймах киирэрэ, ону да кыанааччылара, кэм сэниэлээхтэрэ. Аас дьыл ыарыһах, аһаах өттүлэрэ букатын нэһиилэ өкөҥнөһөн, иэҕэҥнэһэн сылдьаахтыыллара. Балыкка тииһинэн үрүҥ тыыннарын өллөйдөөрү аара суолга охтубут да үгүһэ.
Сорох ыал аһа тоҕо дэлэйин, сорох тоҕо хоргуйан өлөрүн ырыта, ыаспайдаһа барбат бэрт судургу өйдөөх-санаалаах оҕо этим. Үрүҥ-хара, үтүө-мөкү диэбиккэ дылы, дьикти олох кэлэн турара.
Ыал устун баһым батарынан мээнэ, атах балай сырыттым. Ардыгар кыра да хаҕыс сыһыаны, саҥаны тулуйбатым, сорох ыалга тоҕо эрэ кутум-сүрүм отой тохтообото. Хаамаайылыыр эмиэ туһугар үөрүйэхтээх.
Биирдэ Элтэкэ Сэмэнэ аах диэн ыалга хоно сыттахпына оҕонньор:
– Бу эйигин тоҕо куоракка «оҕо дьиэтигэр» ылбаттарый? Эн курдук ускул-тэскил сылдьар оҕолору хомуйар сурахтаахтара ээ, – диэтэ.
Дьонтон иһиттэхпинэ, ол «детдом» диэн ааттыыр дьиэлэригэр илдьибит оҕолорун куруук сууннараллар, саҥа таҥас биэрэллэр, күҥҥэ хаста да аһаталлар, өссө эбиитин ааҕарга-суруйарга үөрэтэллэр үһү, аны туран барыта буор босхо. Испэр: «Туох үчүгэй сирэй, онно барбыт киһи баар ини», – дии саныыбын. Эмиэ да туга-ханныга биллибэт куоракка дойдубуттан тэйэн барыахпын саллыгастыыр курдукпун. Маҥнай утаа: «Баҕар, ким эмит «оҕо дьиэтигэр» илдьэ бараарай?» – диэн эрэҥкэдийэ саныырым, ол эрэн оннук үтүө айылаах көстүбэтэҕэ.
* * *
Күн-түүн олох эбии ыараан истэ. Хоргуйуу, сутааһын отой үүнэ-тэһиинэ суох сири-дойдуну тилийэ, сабардыы көттө. «Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт» диэбиккэ дылы, Ньоҕоро оҕонньордоох диэн бэйэлэрэ быстыынньа ыалга хоно сытан куллукалаах кэтиинчэбин сирэй оһоххо сараҕытан куурдаары, утуйан хаалан көрбөккө, кэтиинчэлэрбин иккиэннэрин уокка сиэтэн кэбистим, осторо эрэ оҥоһон ордон хааллылар. Таҥас-сап букатын буорайда, дьүһүн-бодо да иэдэйдэ. Туох баар санаам эрэ барыта саатар биирдэ тото аһаабыт киһи диэн. Дьиҥинэн, Хочуолу эбэҕэ олорор Мэхээлэ Хообуйап таҥаспытын-саппытын түөрэтин таһан ылбатаҕа эбитэ буоллар, санныбар иилинэр син сээкэйдээх буолуохтаах этим. Кэтиинчэлэрим оһун быраҕан кэбиспэтим, ийэм тикпитин иһин кэриэстээн уонна, санаабар, сотобор сылаас буолуо диэн кэтэ сырыттым. Этэрбэһим кэҥээн, сиигэ атыгыраан алдьанан, онньоҕунан хаптаччы үктэнэн букатын халба кус тумсун курдук моһуоннанна.
Бэтигэ хас да ыал дьиэ дьиэнэн ис тиибигэр ыалдьан өлбүттэрин, холкуостаах дьон буолан салалта дьаһайан, барыларын хайа эрэ өтөх уҥучаҕар харайан кэбистилэр.
Биир күн күнүс Бөчөөх Өндөрөйдөөх диэн ыаллар тэлгэһэлэрин таһынан саллырдаан истэхпинэ эмискэ ойоҕоспор иччилээх аҕайдык ат кистээн дьырылатта.
Хайыһа түспүтүм, арай биһиги Чолоһуйабыт, урукку иччитин миигин билэн, имэ суох уһуктаах кулгаахтарын чөрбөтөн, түөрэтэ харах иччитэ буолан көрөн ахан турар эбит… Иҥэрсийэ-иҥэрсийэ, лэппиллибит көҕүллээх төбөтүн тупсаҕайдык хамсатан кыҥнайбахтыы-кыҥнайбахтыы, сыт ылан таныыларын хамсатар.
– Оо, Чолоһуйа!.. – хантан ылбыт сэниэм эбитэ буолла, самахпынан тоҥуу хаары оймоон чугаһаан кэлэн дал сиэрдийэтин быыһынан аппын одууластым. – Кини дии!.. Оо, Чолоһуйа барахсан дии!.. Кэл!.. Чолоһуйа!.. Чолоһуйа!.. Чолоһуйа!.. – урут Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ ыҥырдарбын эрэ утары кэлэн имэриттэрэр-томоруттарар үгэһин умнубатах атым барахсан өс киирбэх хойуу сиэлин уҥа-хаҥас ыспахтаан, уһун кутуругунан чөл хаары тараадыта дэйбиирдээн ыксабар сиэлэн тамаһыйан кэллэ. Мин, дал иһигэр киирэн, Чолоһуйаны моонньуттан кууһан харса суох имэрийэ-имэрийэ, хайа түбэһиэх сыллаа да сыллаа… Атым сымнаҕас таныыларын тардырҕатар, иҥэрсийэн ылар. Миэхэ сигэммэхтиир, ол аайы сэниэтэ суох киһи бүдүрүйэн ылабын, атым моонньун кууһан турар эрэ буоламмын онон өрүһүнэн хата охтубаппын.
– Урут көстүбэт этиҥ дии, хантан көһүннүҥ?..
Бэтигэ кэлэ сылдьан мин Чолоһуйаны кырдьыга да көрбөт этим. Таайым миэхэ анаан булдун баайан иилэн аҕалар, булка үөмэригэр хахха оҥостор сиринэн соһуллар уһун сиэлэ сарбыллан уларыйан хаалбыт. Арҕаһа урут хаһан да бааһырбатах бэйэтэ тэһэ аалыллан хас да сиринэн үрүҥ түү үүммүт. Ол эрэн Чолоһуйа төрүт туох да буолбатах, эбии дуолан көрүҥнэммит.
– Ээ, Чолоһуйа иччитин биллэ… – дии-дии, аппын имэрийэ-имэрийэ, кэпсэтэн уһуннук турдум.
Чолоһуйа өйдөөх ахан ып-ыраас харахтарынан миигин мэктиэтигэр курдары көрөргө дылы, атым сып-сырдык дьэҥкир харахтарыгар бэйэм мөссүөммүн көрөбүн… Чолоһуйа барахсан, «хайа, хайдах олордугут, тоҕо манна кэллиҥ» диэбиттии, муннунан күүскэ имнэммэхтиир, сигэммэхтиир, онтон, «бу киһи кэпсэлин наҕылыччы истиэххэ» диэбиттии, төбөтүн кыҥначчы туттан хамсаабакка турар, сааскы чэмэлкэй күн сырдык уотуттан саатан харахтарын симириҥнэтэр, устунан нуктаан күн сыыйыллаҕас сардаҥаларыгар угуттатан иһийэ таалар… Ат көлөһүнүн ураты минньигэс сыта муннубар дьырылаан киирэн урукку ааспыт, ахтылҕаннаах кэрэ олох үтүөкэн күннэрин санатан уйулҕабын дьиктитик уйуһута хамсатар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.