Электронная библиотека » Ульдаа Харалы » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 10:00


Автор книги: Ульдаа Харалы


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Басню Крылова читает артист художественной речи Василий из Покровки! – дорҕоонноохтук биллэрэн, киһиргэтэн көрөллөр – Васька хата хамсаан да көрбөт.

Биирдэ эмэтэ Слава бэйэтэ көрдөстөҕүнэ, Васька үгэлэрин аахпытынан барар. Ким баһылаан сылдьарын, ким бас бэринээччитин хата киһиҥ эндэппэт. Иккиһинэн, Слава сото табах бэрсэр, ону, «эн миэхэ – мин эйиэхэ» бириинсиби тута сытар эрдьигэн.

Дьукаахтар килиэптээх буолаллар, хантан эрэ курупа, мохоруон буллахтарына, ону буһараллар. Чифири, оргутааччы, курупаны буһарааччы мариец Бааска, мас киллэрэн оһох оттооччулара – хоһоон ааҕар Бааска. Костялара тыла эрэ хамсыыр. Дьиибэ дьукаахтар уолаттарга орооһо, киирэ-тахса сатаабаттар. Сатаспат быһыы таҕыстаҕына үлэ дьоно, уолаттар, дьиэҕэ хаалалларын, кинилэр таһырдьа быраҕыллыахтаахтарын өйдөөн сылдьар дьон. Быһата, дьон ортотугар сылдьан, олох бытархайдарын өйдүүргэ, бэйэни сөпкө туттунарга олох үөрэппит дьоно.

Биир күн эбиэккэ диэри үлэлээтилэр, сарсын атын бааһына бурдуга кэллэҕинэ, үлэ тахсыа үһү. Уонтан тахса күн быыстала суох үлэлээбит уолаттар айылҕаҕа тахсарга быһаарыннылар. Слава токка үлэлиир суоппар уолтан биир уостаах уон алталаах сааны уларсан кэллэ. Түөрт уол уута түһэн дьаратыйбыт, ол оннугар сүүрүгэ күүһүрбүт Амма Эбэни оҥочонон туораан, уҥуоргу мырааҥҥа таҕыстылар. Витялара «киһилии утуйаары» ыыспаларыгар хаалла.

Соҕотох саалаах куобахчыттар бастаан, саалаах киһилэрин ортоку туруоран, саата суохтар икки өттүнэн тараахтыы хааман көрөллөр. Кытыы иһээччилэр куобаҕы көрдөхтөрүнэ, саалаах киһилэригэр сэрэтэ иһиэхтээхтэр, сатанар буоллаҕына күөйэн, күрэтэн биэриэхтээхтэр. Талаҕа хойуута бэрт, куобахтар биирдэ-иккитэ көстөн, элэҥнээн хаалаллар. Балачча уһуннук хааман, сааны тыаһаппакка иһэллэр. Маннык бултаан мэлийииһилэр. Тохтоон сүбэлэһэн, күрэтэн көрөргө быһаарыналлар. Тарбахтаһан, Ньурба Генаҕа тоһуйар дьол тосхойор. Кини, сааны ылаат, аллара тэбинэр. Киһилэрэ тиийэн, оннун булунарын кэтэһэн, талах ойуур ортотугар олорон, сынньаналлар. Талах ойуур ураты сыттаах буолар, онуоха эбии күһүҥҥү чэбдик салгын эбиллибитэ, тыыныахха чэпчэкитэ олус. Балачча кэтэһээт, тараахтаан хаампытынан бараллар, тыанан иһэр киһи бытаан, хонуунан сүүрэр киһи түргэн. Гена сөптөөх сиргэ тиийэн, тахсан тоһуйар ини. «Һу-һу» дэһэ-дэһэ, аргыый хааман истэхтэринэ саа тыаһа доргуйар. Чочумча буолаат, киһилэрэ иккистээн тыаһыыр. «Кэллигиэ-эт» – диэн саҥа дуорайар. Мырааҥҥа тахсар дьиэллигэс суолу булан, Гена тоһуйбут эбит. Бастаан сулбу тэптэрэн, сыыһан ыыппыт, иккис куобах хата олорон биэрбит. Халлаан борук-сорук буолбут, тохтуулларыгар тиийдилэр. Бултуйбут аҕай дьон, үөрэн, күө-дьаа кэпсэтэн, кытылга киирдилэр. Ырааппыттар эбит, өрүһү өрө батан, уһуннук хааман оҥочолоругар тиийдилэр. Халлааннара хараҥарар. Дьиэлэригэр тиийэн чаһыларын көрбүттэрэ: хойутаабыттар, остолобуой сабыллыбыт. Ким мас киллэрэн, ким оһох оттон, икки киһи куобах сүлэн, бултарын буһараллар. Остолобуой аһыгар хал буоллахха, куобах-куобах барахсан этэ, миинниин дыргыйан, бу минньигэһин, үчүгэйин!

– Биһиги дьукаахтарбыт уонна били сыгааннар даҕаны тоҕо бурдукка үлэлээбэттэрэ буолуой? – диир Сима, буут уҥуоҕун силиитин оборо-оборо.

– Тоҕотун сотору билиэҥ, ыксаама, – Слава таайтарыылаахтык хоруйдуур.

Лоп курдук 25 күн үлэлээн, бүтэһик күн эрдэлээн бүтэн, хамнастарын аахса сопхуос хонтуоратыгар тиийдилэр. Хамнастарын 115-тии солкуобайы ааҕан биэрдилэр. Остолобуойга бэйэлэрин харчыларыгар аһаабыттара. Сарсыарда сопхуос таһаҕас массыынатынан Солобуодаҕа киллэрэр, онно миэстэ сакаастаммыт, бырайыастарын устудьуоннар бэйэлэрэ төлөөн айанныахтара үһү.

– Хайа, Сима өйдөөтүҥ дуо, дьукаахтарыҥ тоҕо үлэлээбэттэрин? Устудьуон туохха туһалааҕын уонна практика диэн тоҕо баарын дьолоҕойдоотуҥ дуо?

– Өйдөөтүм быһыылаах.

– Ол эрээри, ити дьон, таах сытыахтааҕар бачча да хамнаска үлэлиэхтэрин, – диир Гена.

– Ити дьонуҥ таптаабыттарынан сылдьа, ботуччу эрэ хамнаска хамсана үөрэммит урдустар буоллахтара, – Ника үгэһинэн бөлүһүөктүүр.

– Хамсаан эрэллэрин көрбөтүм, таах хамнаһа суох сытыах кэриэтэ, кыра да буоллар, кэм хамнас иһин үлэлээбит ордук ини?

* * *

Университет саҥа үөрэнэр куорпуһа, түөрт этээстээх таас дьиэ быйыл күһүн үлэҕэ киирдэ. Куорат үрдүнэн саамай улахан, аныгылыы тутуулаах сүүнэ уораҕай. Физмат факультет бу өй-билии үтүөкэн дыбарыаһын үһүс этээһигэр дойдуланан үлэлиэ үһү. Сима үһүс этээскэ чэпчэкитик элээрэн тахсан, баатыман кумааҕыга харандааһынан суруллубут араспысаанньаларын көрүөлүүр. Бастакы лиэксийэ «высшая алгебра» диэн предмеккэ, 402-с аудиторияҕа буолуохтаах, Семенов диэн преподаватель ааҕыахтаах. Устудьуон быһыытынан бастакы уруога, ээ, лиэксийэтэ, ону Семенов диэн дьоһуннаах араспаанньалаах преподаватель ааҕар! Сима үөрэн, долгуйан, тиритэн кэлэр. Уол аудиториятын көрдүү, төрдүс этээскэ тэбинэр. Көрүдүөргэ үөрүүнэн-дьолунан мичилиҥнээбит, сорохторо бэрт боччумнаахтык туттубут уолаттар-кыргыттар хаамсаллар.

Дьэ, университет үөрэҕэ, устудьуон олоҕо саҕаланнаҕа…

Киччэччи кырыллыбыт баттахтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп толору эттээх, бэрт номоҕон сэбэрэлээх киһи киирэн, лоп бааччы саҥаран, кэпсээн барар. Хата киһи ситэн сурунан иһииһик уонна өйдөнөр эбит. Бу лиэксийэҕэ матрица, минор, матрица рангата диэн букатын саҥа өйдөбүллэри билэр.

Аны иккис паараҕа, матлогика диэн предмеккэ үөрэнээри, оҕолору батыһан иһэр.

 
Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду —
Өлүөнэ эбэккэм…
 

Тыый, ыллыы иһэр дуу? Ээ, суох, иһигэр ыллыыр… суох-суох, дууһата ыллыы иһэр эбит.

Быйыл, кини үөрэххэ киирэр сылыгар, бу бэйэкээннээх үтүөкэн куорпус, Дьокуускай куоракка тутулла илик аныгылыы дьиэ, куорат эрэ дуо, Саха Сирин үрдүнэн бастыҥ тутуу үлэҕэ киирдэ.

Түөрт паара кэнниттэн, бастакы куурустар үһүс этээскэ батысыһан киирэллэр. Уопсай дьиэҕэ ылыллыбыттар испииһэктэрэ тахсыбыт. Сима, бу киэһэ уопсайга көһөн киирэрдии сананан, бэйэтин аатын көрүөлээн, булбата. Бүтэһик хаалан, сирийэн көрдүү сатыыр да, кини аата суох. Суруллубатах. Бу туох эрэ алҕас. Хайдах уопсайа суох?

Быһаартара охсуох киһилии, секретариакка сүүрэн тиийдэ. Онно сааһыра барбыт ачыкылаах нуучча дьахтара олорор.

– Испииһэпкэ аатыҥ суруллубатах буоллаҕына, уопсайга ылбатах эбиттэр, – дьахтар ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбиһэр.

– Оччоҕо? Хайдах буолабын?

– Билбэтим. Студпрофком быһаарар. Кинилэртэн ыйыттаҕыҥ дии.

Сима студпрофкому ыйдаран тиийдэ. Онто хатааһыннаах. Хас да күн кэтэһэн-манаһан студпрофкомугар дьэ киирэр. Хара бараан быллаллыбыт сирэйдээх, ачыкылаах кыра киһи дьоһумсуйан олорор.

– Эн кыанар төрөппүттэрдээх устудьуон эбиккин. Уонна баран, хайдах бастакы куурустан тута уопсай дьиэнэн хааччыйтарыаҥый? – остуол тойоно тииһэ ыалдьыбыт киһи курдук, иэдэһин мырдыҥнатар.

– Бастакы кууруска даҕаны ханна эрэ олороммун үөрэннэхпинэ, үөһээ кууруска тахсыам этэ дии. Миэхэ уопсай дьиэ биэрдэххитинэ сатанар!

– Вот-вот, ханна эрэ олорон үөрэн, уопсайа суох тулуйан бастакы куурустаргын бүтэр уонна кэлээр. Эбиитин, өрүс уҥуор чугас улуустан сылдьаҕын, суох-суох! Уопсайга быйыл сананыма даҕаны.

– Чугас оройуонтан, Арыылаахтан сылдьан үөрэнэбин дуо, оччоҕо?!

– Унаарап! Этиһэ кэлбитиҥ дуо, манна?! Тахса тур! – киһитэ аһыҥа курдук кып-кыһыл буолар.

– Киһи кыһалҕатын өйдөөбөт, студпрофкомҥа сөбө суох салайааччы эбиккин.

– Туох диигин? Мин эйигин оннугун булларыам! – остуоллаах тойон турар.

* * *

Биир күн Унаарабы декаҥҥа ыҥыраллар. Маҥхайбыт баттахтаах, нүксүччү туттубут, наҕыллык саҥарбыт декан Афанасьев уолу чинчилиирдии көрбөхтүүр. Профкомҥа киирэн тоҕо «куруубайдаабытын» ыйыталаһар. Бука бары биир сорукка, үөрэх-сайдыы туһугар мөхсө сылдьан, бэйэ-бэйэҕэ хадьардаспакка, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар ордугун этэн, кыратык сэмэлиир. Уопсай дьиэлэргэ кырдьык, миэстэ букатын тиийбэтин, киниэхэ да хаһан эмэ миэстэ биэриэхтээхтэрин быһаарар. Ол инниттэн билигин ханна эрэ кыбыллан үөрэнэригэр, тулуйарыгар сүбэлиир. Тиһэҕэр, билигин ханна дьиэлэнэн олорорун ыйытар.

– Ити ийэҥ бииргэ төрөөбүт балтыгар, үс улахан киһи, үс кыра оҕо үс хостоох дьиэҕэ. Кытаат, Унаарап, устудьуоннар үөрэх туһугар, итиннээҕэр ыарахаттары тулуйаллар. Бачча күүстээхтик, 19 баллынан киирэн бараҥҥын, бастакы моһоллоргун тулуйар буоллаҕыҥ. Миэстэ таҕыстаҕына, ыла сатыахпыт. Ыйытыы баар дуо?

Иэдэстэрэ итий-итий гыналларын билэ, Унаарап декан хоһуттан тахсар. Кини, уолҕамчы эбээт! Куруубайдаһа, этиһэ сылдьар, саат!

Уолаттар «деканакка мөҕүллүбүт» уолу, ыйыталаһа көрсөллөр. Студпрофкомҥа хадаардаһан, кыратык сэмэлэммитин истэн турбут үһүс куурус уола, төттөрүтүн, студпрофкомнары мөҕүттэр:

– Ээ, ол, студпрофком бэрэссэдээтэлэ Абырыырап диэн дьаабы киһи. Этиһэ түспүт киһитин тута деканакка үҥсэр, миэстэ баар да буоллаҕына, суһаллык ол миэстэҕэ киллэрэ охсубат адьынаттаах, студент бөҕөтүн эрэйдээбит аҕай киһи. Физматы икки сыллааҕыта бүтэрбитэ да, физматтары төрүт аймаҕыргаабат, хатыйа сатыыр дииллэр. Ол иһин физматтар кинини «абыраабат Абырыырап» диэн ааттыыллар…

Арай бөлүөхсэн турар устудьуоннар туохтан эрэ үөрэн, саҥа аллайаллара иһиллэр. Билбиттэрэ: бүгүн истипиэндьийэ биэрэллэр үһү, ыстаарыһа түөрт чааска ректораттан ылыахтаах. Саамай үөрүүлээҕэ, истипиэндьийэ 49 буолбут! Ааспыт сылга 35 эбитэ үһү, онон итиччэ харчыга суоттана сылдьыбыттара быдан улааппыт. Мөһөөх аҥаарын биир солкуобайынан кыайбат, баһаам харчы! Кини кыра кылаастарга үөрэнэригэр оскуола остуораһын хамнаһа 30 эрэ солкуобай дииллэрэ, оттон холкуостаах хамнаһа, дохуоттан тутулуктаах буолан, букатын кыра үһү. Оттон кинилэр истипиэндьийэлэрэ хамнас саҕа! Дьэ, үчүгэй да буолсу.

* * *

Сима эдьиийин аахха олорон эрэригэр тиийдэ, ол туһунан дьонугар эттэ. Оттон эдьиийэ тута сөбүлэстэ.

– Эн тута уопсайга ылыллыам диэбитиҥ дуо? Уопсай биэриэхтэригэр диэри манна төһө баҕарар олор, дьыбаан иллэҥ, – диэн кэбистэ.

Истипиэндьийэлээх уол аһыырыгар ыйга отут солкуобайы биэрэр, чэппиэр киэһэ бодобуос кэллэҕинэ уу таһан, буочуканы толорор. Биир толору буочука нэдиэлэ устатыгар арыычча тиийэр. Лермонтов аатынан уулусса икки этээстээх мас дьиэлэрэ маһынан оттуллар оһохторунан тураллар. Маһы дьиэлээх Сэргэйдиин ким иллэҥнээҕинэн хайытан кыстыыллар. Сарсыарда чаас аҥаарын курдук хааман, үөрэҕэр тиийэр, киэһэтин оптуобустанар. Сима, оҕолорго олус бэрт буолан, дьиэлээхтэргэ билиҥҥитэ сөбүлэтэн олорор. Онон, төһө даҕаны уопсай дьиэҕэ ылыллыбатар, санаатын түһэрбэккэ, үөрэнэ сырытта. Үөрэнэрин таһынан нэдиэлэҕэ үстэ бокс сиэксийэтигэр сылдьар. Кини баар бөлөҕүгэр үгүстэрэ бастакы куурустар дьарыктаналлар. Биир сыл сылдьаат, быраҕааччы элбэх буолар үһү. Билигин даҕаны аҕыйаан эрэллэр, күһүн, бастаан букатын биэс уончалар этэ. Үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри бэрт аҕыйахтара, кыахтаахтара эрэ хаалан, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр боксердар тахсаллар эбит.

Күн солото суох сырыттахха кэм кэрдии аллаах ат сэлиитинэн айанныыр диэн, сөпкө да эппиттэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ Саҥа Дьыллара бу тиийэн кэлбит. Сима, кэтэ сылдьыбыт халтаҥ соно, бэйэтэ да кыччаан, тайтайан эрэр таҥас, тымныыны туппат буолбута. Хата били Покровкаҕа үлэлээбит хамнаһынан истээх сон, сылаас бачыыҥка ылыммыта. Онон, тымныыны «кэл» диир киһи сылдьар. Биирдэ үөрэҕиттэн кэлбитэ, обургу мөһөөччүк күүтэн сытар. Дьоно куораччытынан ыыппыттар. Мөһөөччүгүн аспыта: сабыс саҥа таба тыһа унтуу, унтуу иһигэр ийэтэ тикпит истээх үтүлүгэ уонна сурук бааллар. Унтууну кэтэн көрбүтэ, икки наскынан сөрү-сөп. Хараҥа халлаан күөҕэ тастаах үтүлүктэрэ илиигэ лып курдуктар, сон сиэбэр уган биэрэргэ табыгастаах таҥас буолууһук. Бу үтүлүктэртэн дьиэтин сыта, ийэтин сылаас тыына кэлэргэ дылы. Аны дьэ суругу ааҕар. Арыылаах дьоно этэҥҥэ олороллор, биир сыбаайба буолбут. Ийэтэ дьиэ иһигэр тура сылдьар, аһын астыыр эбит. «Син хаккыҥнаан сылдьабын» – диэхтээбит. Салгыы, эдьиийин аахха дьиэ үлэтигэр көмөлөһүөхтээҕин, ыалдьыт-хоноһо курдук сылдьыа суохтааҕын суруйбут. Итиэннэ, киэһэ хараҥаҕа күлүгээттэртэн сэрэнэн сылдьарыгар, саарбах хампаанньаларга холбоспотугар баҕарарын эппит. Ийэтэ барахсан… Сөпкө даҕаны суруйаахтаабыт.

* * *

Бүгүн факультет Саҥа дьыла. Сима болдьоммут кэмҥэ тиийбитэ, аҕыйах киһи кэлэн хаамса сылдьаллар. Аллара фойеҕа бэрт дьадаҥы киэргэллээх, убаҕас лабаалаах харыйа турар. Уон саҕана, киһи элбээбитигэр музыка холбоотулар. Сорохтор үҥкүүгэ киирэн, шейкэлээн күөгэлдьиһэллэр, үгүстэр таах хаамсаллар, аалыҥнаһаллар. Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын киирэн, бэрт кылгастык эҕэрдэ тылларын ордоотоот, үҥкүүһүттэргэ киирэн сылдьа түһэллэр уонна баран хаалаллар. Маскарааттаахтар, кимнээхтэрэ буолла, уонча киһи киирэн үҥкүүһүттэри эргийбэхтээн, дьээбэлэнэ түһээт, эмиэ элэс гыналлар. Биэс сүүстэн тахса устудьуоннаах факультет Саҥа дьыла диэтэххэ, астыга суох. Оо, Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дьиктилээхэй даҕаны Саҥа дьыллар буолаллар этэ! Маскараат оҥостуу, быыстапкаҕа уруһуйдааһын, уһаныы, оонньууларга бэлэмнэнии, хас да күннээх оскуоланы киэргэтии түбүктэрэ сүрэхтэн сүппэт үтүө даҕаны өйдөбүллэри хаалларбыттар эбит! Арыылаахха Дьөгүөрэ диэн аһара көхтөөх холкуостаах ыччат баар. Ол кини Саҥа дьыл аайы киһи үөйбэтэх маскарааттарын оҥостон, оҕолору үөрдэр, улахан дьону сөхтөрөр үгэстээҕэ. «Бөтүүк иһэ-эр!» – диэн хаһыытыыллар. Арай, бөтүүк диэҕи ааһа улахан, киһи диэҕи бөтүүк, сүүрэн сохсороҥноон аҕай тахсар. Аны, хаһыытаан ыыра барар, адьас бөтүүк хаһыыта! Кыракыйдар, «тыыйбыан» дэһэн, улахаттарга сөрүөстэллэр. Дьэ, күлүү-үөрүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолар. Шлангаҕа оҕо үрэр оонньуурун холбоон, бэрт уустук, бөтүүк хаһыытын үкчү түһэрэр тэрили оҥостубут эбит. Ол Дьөгүөрэ быйыл туох маскарааты оҥосто сылдьарын ким да билбэт. «Айка, быйыл тохтуубун. Соло да суох», – дии сылдьар сураҕа иһиллэр. Ол сылдьан, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн дьикти маскараат оҥостон кэлэн, үөрүүнү, сөҕүүнү бэлэхтиирэ. Сима Тымныы оҕонньортон үс бэлэҕи тутара. Уопсай кэһиинэн ааттанар биир суу кэмпиэт, бирээнньик, уруһуйун иһин быыстапка жюритыттан бириис, үчүгэй үөрэҕин уонна холобурга турар майгытын иһин бириэмийэ тутан үөрэрэ-көтөрө. Саргылаах Саҥа дьыл салаллаахтаан кэлэрэ кэтэһиилээх да буолара… Саҥа дьыл диэн оҕо саас оонньуута, умнуллубат үөрүүтэ эбит. Ол кэм ааһан, улахан киһи буолан, бу боп-боростуойдук Саҥа дьыллыы турдаҕа. Кырдьык, устудьуоннар диэн улахан дьон буоллахтара. Итиэннэ, биэс сүүс киһини бу зачет, эксээмэҥҥэ киирэр туһугар мөхсүү саҕана ким көҕүлүөй, тэрийиэй? Ол эрээри, Сима үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, учууталлаатаҕына, оҕолорго умнуллубат, кэрэ Саҥа дьыллары тэрийсиэҕэ. Хайаатар даҕаны!

Сима, сылдьа сатаан баран, таҥаһын ылан, бүтэһик оптуобуска сүүрэр.

Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно утуйа иликтэр. Баччаҕа утуйар этилэрэ… Һок, «биллэр сыт» кэлэр. Хостон дьиэлээх хаһаайын Сэргэй лэппэрдэтэлээн тахсар.

– Хайа, устудьуон уол, төһө бэрт дьуолкаҕа сылдьан к-кэллиҥ? – Кини муннун биир кэм өрө сыҥар, кыра саһархай харахтара сүүрэлиир курдуктар.

– Наһаа буолбатах, хайдах эрэ, сууххай баҕайы курдук.

– Ээ-э, сууххай диэн ол тугу этэҕин, доҕоор? Университет дьуолката буолан баран, хайдах оннугуй, сууххай диигиний? – Күтүөт, холуочуйдаҕына үгүһү-элбэҕи лэбэйэн барар үгэстээҕин Сима быйыл биллэ.

Итирик киһини кытта тыл аахсан туһата суох. Мөккүһэн кэбистэҕинэ бу түүн утуйбаттар.

– Хайа, тоҕо к-кэпсэппэккин, туохтан өһүргэнниҥ? Хата, доҕоор, биир эмэ кыыһы атаарбатыҥ дуо?

– Ээ, суох, атаарбатым.

– Пахай! Мөлтөх киһи эбиккин. Э-эн сааскар б-биһиги, э-эн сааскар…

– Оо, ол билиҥҥэттэн атаарсыа дуо? Биэс сыл уһун, аналлааҕын көрсүөҕэ. Хата, утуйуоҕуҥ эрэ, биһиги. Оҕолору уһугуннараары гынныгыт, – куукунаттан эдьиийэ тахсан кэлэр.

– Ээ? Ээ, чэ, утуйан-утуйан. Хата, били аспыт бүтэн хаалла дии. Туох эмэ баар дуо, сыччыы?

– Оо, дьэ, баарын баар да, сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай?

– Эс, ыалдьыбат. Т-тоҕо ыалдьыаҕай? Кут.

– Зверовка ээ, онтуҥ. Тымныйдахха туттуллуо диэн ууран сытыарбытым. Булкуйдаххына сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай диэн этэбин.

– Ии, чыычааҕыам! Кэм миигин харыстыы с-сылдьаахтыыгыан? Ч-ч-чэ, биир к-кырыылаах ыстакаанна к-кут. Ону иһэн у-утуйуом.

Хата Сэргэй бүгүн үтүө санаата киирбит киэһэтэ эбит. Ол ыстакаанын кытта төһө уһуннук лэбэйэ олорбута биллибэт, утуйбут этэ.

Тохсунньу ортото бастакы куурустар сыра-хара бөҕөнөн эксээмэҥҥэ киирэллэр. Түөрт эксээмэни этэҥҥэ туттардахтарына, бастакы семестри сабан, олунньу ортотун диэки каникулга барыахтаахтар. Долгутуулаах бастакы эксээмэннэр бу тирээн кэлэллэр.

Саҥа Дьыл өрөбүллэригэр «собуоттанан» хаалбыт Сэргэй иһэн кэлэрэ, буоккалаах кэлэн, дьиэтигэр иһэрэ үксээн барда. Сарсыарда арбы-сарбы туран, балык миинин биитэр оҕурсу кэнсиэрбэ уутун иһээт, үлэтигэр барар. Күн устата чөлүгэр түһэн, киэһэ ама киһи кэлэр эрээри, арыгы ылан кэлэр. Киэһэ аайы «Чэ, бу киэһэнэн бүтүөм, бүтэһигим эрэ», – диэн эрэннэрэр. Сарсыҥҥытыгар эмиэ арыгылаах кэлии, киэһэни супту иһии, түүнүн утуйан биэрбэккэ лэбэйии. Эдьиийэ хайдах тулуйаахтыыра буолла? Сима Сэргэй маннык иһэрин билбэт эбит. Саалаҕа утуйа сытан уһуктан кэллэҕинэ, куукуна уоттаах, Сэргэй тугу эрэ лэбэйэ, кими эрэ саҥара олороро иһиллэр. Ардыгар эдьиийиниин этиһэр, саҥарсар дорҕоонноруттан уһуктар, эдьиийин аһынара сүрдээх. Айаҕалыы сатаан, «бу мин олорорбун сөбүлээбэт буоллаҕа дуу» диэн санаталыыр. Кэлин киниттэн иҥнэрэ, утуйа сатыыр уолга киирэн, лэбэйэрэ элбээтэ.

Биир күн, дьиэтигэр олорон, кэниспиэгин арыйан, бэлэмнэнэ сатыыр да, уутун төрүт хамматах, өйүгэр туох да хатаныа суох. Аан туман үгэннээбит. Уонча хаамыы таһыгар киһини да көрөр уустугурбут. Массыыналар араҕас уоттарын холбоон, аатын эрэ сыылаллар, туормастыыр тыастара киһи куйахатын тыытан, кыычыгырыыр. Сима хаамтар хааман, мантан оптуобус үһүс тохтобулугар баар икки сыл олорбут интэринээтигэр тиийэр. Устудьуоннуоҕуттан манна сылдьа илик эбит. Бүгүн даҕаны манна кэлэр санаата суоҕа, атахтара аҕаллылар. Кэлбиччэ, киирэ сылдьыахха.

Интэринээккэ уларыйыы баара көстүбэт, барыта уруккутунан. Уол көрүдүөргэ хаамыталыыр. Бу дии, кинилэр тапталлаах көмүс ньээкэ уйалара. Арай билигин манна олор диэтиннэр? Үчүгэй да буолуо эбит. Кырдьык, сэбиэдиссэйгэ киирэн, ыйыталаһан көрүмнэ? Евгения Федоровна көмөлөһүө, быстах ханна эрэ кыбытыа дуо? Сима, бэл тиритэн кэлэр, ол эрээри, хорсунун киллэрэн, тоҥсуйан, сэбиэдиссэйгэ киирэр, Евгения Федоровна уурайбыт, кини оннугар нууччалыы эрэ саҥарар сааһыра барбыт саха дьахтара кэлбит. Интэринээт иитээччитэ, устудьуон кэлбитин истэн, утары олоппоско олороругар, хайдах үөрэнэ сылдьарын кэпсииригэр көрдөстө.

Уол хайдах уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка эрэйдэммитин, ыалга, аймахтарыгар кыбыллан олорорун, ыала олус кыараҕастарын (күтүөтэ арыгылыырын кэпсээбэтэ), ыал кинини ылан кэбиһэн, бэйэлэрэ да эрэйдэммиттэрин кэпсиир. Түмүгэр, манна, интэринээккэ, кинини быстах кэмҥэ олордор сатаныа дуо диэн ыйытта.

Ити кэмҥэ иитээччи Альбина Михайловна киирдэ.

– Ой, Сима! Какими судьбами? – кини көрсүһүүттэн үөрэн, саҥа аллайар.

– Иитиллээччиҥ, уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка, проблемаланан кэлэн олорор. Манна олордуҥ диэн көрдөһөр. Ол хайдах сатаныай, интэринээт – сабыылаах тэрилтэ.

– Даа, манна оҕолору кытта сатаммат. Ол эрээри хайдах эрэ көмөлөһөр суолу көрдүөххэ. Бу Симаҥ үөрэҕэр олус дьоҕурдаах, олус үтүө санаалаах киһи. Хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

– Университекка көрдөһүү суруйан түһэрэбит дуо, оччоҕо?

– Оннук көрдөһүүнү бары биэрэн эрдэхтэрэ. Миэстэ барыта туолан турдаҕа, баччааҥҥа диэри. Арай биһиги били Евгения Федоровна олорбут каморкатын биэрдэхпитинэ? Күлүүһэ ньээҥкэҕэ баар буолуохтаах.

– Арай бэрэбиэркэ кэлэн, тутан ыллын?

– Бэрэбиэркэ сылдьыбыта дии, сылга иккитэ кэлээччилэрэ суох этэ. Кэллэхтэринэ даҕаны, ити каморканы астаран көрөөччүлэрэ суох. Хаһаайыстыбаннай, хлам хоһо буоллаҕа.

– Чэ, арай оччотугар олордоо инибит. Но эн уопсай дьиэҕэ анньыһа сырыт, быстах кэмҥэ эрэ олордобут.

– Баһыыбаларыҥ! Уопсайга миэстэ көрдүү сылдьабын, олус кэлэ-кэлэ ыйыталаһаммын, ардыгар мөҕүллэбин даҕаны.

– Чэ, ладно, олорон эр. Туолка, Унаарап, бииринэн, арыгы испэккин, иккиһинэн, атын устудьуоннары аҕалбаккын, үсүһүнэн, электроплитка, чаанньык холбоммоккун. Өйдөөтүҥ?

– Өйдөөн-өйдөөн…

– Альбина Михайловна, бу уолу тус эппиэккитигэр ылаҕыт, бэрээдэгин көрөҕүт.

– Эппиэппэр ылабын, Симаны эрэнэбин. Чаанньыгы көҥүллээбэппит дуо? Ханна аһыаҕай?

– Суох-суох! Чэ, бүттүбүт. Ханнык даҕаны электроприбору холбообот, категорически. Ити розеткалар хаһан тардыллыбыттарын, хаһан өрөмүөннэммиттэрин Айбыт Таҥара билэр…

– Үчүгэй. Иһиттиҥ, Сима? Чэ, бардыбыт.

Каморка таһырдьанан ааннаах. Быйыл кыһын киһи киирэ сылдьыбатах, хаара мөлбөй сытар. Ньээҥкэтигэр, тетя Шураҕа киирэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдээн баран, кочегаркаҕа сүүрэн тиийдэ. Дьээдьэ Афоняттан чох баһар тимир күрдьэҕин уларсан аҕалан, аан иннин хаарын ыраастаата.

Каморканан ааттанар бу кыракый хос сэбиэдиссэй кэбиниэтин кытта быысаһар. Курдат сылдьар ааннаах, онто каморка өттүттэн күрүчүөгүнэн эрэ хатанар эбит. Биир орон, биир кыра остуол, икки олоппос эрэ арыычча батан тураллар. Кыра билиитэ оһохтоох. Ок-сиэ, бу ыт уйатын саҕа хоско Евгения Федоровна барахсан икки сыл олордоҕо! Сааһын тухары үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит, оҕо аймах кутун туппут киһи. Оччотугар, проспекка дьэндэһэр ванналаах, туалеттаах таас дьиэлэргэ кимнээх олороллор? Бу куоракка олорор дьиэ тиийбэтэ, бадаҕа, сүрүн кыһалҕа эбит. Оттон кини, табаарыс Унаарап, физмакка киирэн, дьиэтэ-уота суох учуутал буолаары мөхсө сырыттаҕа. Тутуу инженерин үөрэҕэр киирбэккэ, сыыстарбыт дуу? Бу өйдөөтөҕүнэ, тоҕо учуутал үөрэҕин талбытын үчүгэйдик быһаарар кыаҕа суох эбит. Оттон, аҕата учуутал буолан, билэрдии киирдэ ини. Тоҕо эрэ физмакка киирэргэ турунан кэбиспит…

«Бог весь знает, когда они установлены» аатырбыт розетка, выключатель, хос соҕотох лаампатын патрона сабыс-саҥалар, электропроводка эмиэ отой саһарбатах, соторутааҕыта тардыллыбыт. Евгения Федоровна олорбут хоһо маннык кыратын кинилэр билбэт этилэрэ, биирдэ эмэтэ киэһэ төлөпүөҥҥэ киирдэххэ, бу хос диэкиттэн ыһаарыламмыт луук, хортуоска сыта кэлээччи. Уол сэбиэдиссэйин кытта аан бастаан хайдах билсибиттэрин санаан, сонньуйар.

Күһүн, интэринээккэ киирэллэригэр ылаттаабыт сэбиэдиссэй барбыт, саҥа сэбиэдиссэй кэлбит үһү диэн иһиллэр. Ол уруккулара быстах биир ый солбуйбут эбит. Кыырыктыйан эрэр будьурҕай баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах саҥа сэбиэдиссэй Евгения Федоровна бастаан олус кытаанах педагог курдук көстүбүтэ.

Биир киэһэ оскуолаттан олус аччыктаан кэлэн, (иккис сменаҕа үөрэнэллэр) туһунан дьиэлээх остолобуойдарыгар тэбинэллэр. Ас биэрэр ааннара сабыылаах. Аһыллыахтаах кэмэ балачча ааспыт, тоҕо эрэ аспаттар.

– Аһыҥ-аһыҥ, хойутаатыгыт!

– Умираем с голоду! – уолаттар ааны тоҥсуйан лабыгыраталлар.

Иһирдьэттэн харда мэлигир.

– Аһыҥ диибит дии! – Сима ааны тэбэн «лүҥ» гыннарбытын өйдөөбөккө да хаалар.

Дьэ, иһирдьэ айдааран турбаттар дуо! «Тэптигит» – хайаҕаһынан көрөн турбуттар эбит. Биир дьуһуурунай кыыс, аспакка, аан бүтэй этиһэ турар. Ол кэмҥэ балачча кыыһырбыт сэбиэдиссэй киирэн кэлэр. Иккис кыыс анараа, таһыттан киирэр аанынан сүүрэн тахсан, сэбиэдиссэйгэ үҥсүбүт эбит. Куорат интэринээтэ икки этээстээх икки мас дьиэлээх: кыргыттар уонна уолаттар куорпустара. Манна нуучча, саха итиэннэ араас омук оҕолоро олороллор. Иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа аһыллыбыт физика-ахсаан кылаас оҕолоро, оройуонтан кэлбиттэр бу интэринээккэ ылыллыбыттар. Сима көрдөҕүнэ, нууччалар олус айдааннаахтар, этиһииктэр, аны бу хобуоччу эбиттэр…

Сэбиэдиссэй, үрдүкү кылаас оҕолоро бэрээдэккэ, култуураҕа холобур буолуохтаахтарын, кыралары көрө истэ-сылдьыахтаахтарын оннугар, подача аанын атахтарынан тэбиэлии сылдьаллара сиэргэ баппатын этэн туран, ким тэппитин ыйытар.

Мөҕүллэ турар түөрт уол сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр.

– Мин… – Сима күөмэйэ хатан хаалбыкка дылы.

– Эн, эн кимҥиний?

– Унаарап Симабын.

– Подача аанын атаххынан тэптиҥ? Биһиги эйигин интэринээттэн таһааран кэбиһиэхпит.

– Тэптэ дуу, оҕуста дуу?

– Биһиги бары тоҥсуйбуппут, – дии охсор табаарыһа Ваня.

– Суох, ону ыйыппаппын. Унаарап охсубута дуу, тэппитэ дуу?

– Ну, стукнул, кулаком… – Ваня иэдэстэрэ кытарар.

– Унаарап, тэптиҥ дуу, оҕустуҥ дуу?

– Тэппитим… – Сима олох буорайан турар.

Дьэ, хаарыаннаах интэринээтиттэн көттө быһыылаах. Саат.

– Унаров, эйиигин кытта туһунан кэпсэтиллиэ. Аһылык кэнниттэн миэхэ киириэҥ, онно кэпсэтиэхпит! – сэбиэдиссэй тимирдийэн хаалбыт саҥата иһиллэр.

Ас биэрэр аанын дьэ аспыттара. Сэбиэдиссэй куукунаҕа киирэн, остолобуой тоҕо чаас аҥаарыттан ордук хойутаан аһыллыбытын ыйыталаһан эрэрэ иһиллэр.

Сима, аһара аччыктаан, астара охсоору ааны атаҕынан тэппит киһи, айаҕар ас киирбэт. Куһаҕаннык да быһыыланна. Чэ, үүрүллэр буолла. Манна ханна олорон үөрэниэй? Дойдутугар саккыраан тахсарыгар тиийэр. «Унаараптар уоллара, куоракка баппакка үүрүллэн тахсыбыт үһү. Тотон өлөн араас буолан эрдэҕэ», – диэхтэрэ. Саатыан…

– Доо, Сима, наһаа санаарҕаама, доо. Устуохтара суоҕа. Оннооҕор буолуохха сороҕор устааччылара суох, – Ванята уоскута сытыыр.

Кини бу дойду олохтооҕо, интэринээккэ бэһис кылаастан олорор.

Остолобуой тоҕо хойутаан аһылынна? Бүгүҥҥү дьуһуурунайдар, Лезнев уонна Скобенко диэн оройколор, дьуһуурустубаларын умнан кэбиһэн, «футбол тэбэ» ойон хаалбыттар. Повар тётя Феня отто кэлбитэ – мас ньымаа. Иллэҥ уолаттары булларан, мас хайыттаран, киллэртэрэн оттуор диэри бириэмэ баран, астара хойутаан буспут.

Буруйдаах уол сэбиэдиссэй иннигэр самнан турар. Ол эппиэтинэһэ суох Лезневтар, Скобенколар уһуллуохтара суоҕа, кинилэр буруйдара диэхтээн, умнан, дьалбааран хаалан, дьуһуурунайдаабатахтар. Алҕас. Оттон кини подача аанын тэппитэ алҕас хайдах алҕаһаан буолуой? Кини бэйэтэ буруйдаах. Быраһаай, интэринээт…

– Аскытыгар тотоҕут дуо? – Сэбиэдиссэй сымнаан хаалбыт куолаһынан ыйытар.

– Һым, сороҕор, тренировка күнүгэр тотооччубут суох. Ээ, дьиҥинэн, тотобут, үчүгэй.

– Чэ, тахсыаххын син, – Евгения Федоровна тоҕо эрэ үөһэ тыыммыта иһиллэр.

Сима, этэргэ дылы, «харалаан хантайан тахсыбыта». Элбэх киһи ортотугар сылдьарга, куорат олоҕор түргэнник үөрэммитэ. Иккис сылыгар, онуска үөрэнэригэр кинини «Евгения Федоровна мааны оҕото» дииллэрин истэрэ. Кырдьыга, сэбиэдиссэй кими даҕаны ойуччу тутан маанылаабата. Арай сорох киэһэ ити аан нөҥүө кэбиниэккэ истиҥник кэпсэтэр буолаллара. Евгения Федоровна ханна эрэ ыраах, Красноярскай кыраай хоту уһугар, Дьэһиэй диэн сиргэ төрөөбүт. Онно сахалар олороллор, паспордарыгар дьонуҥ «саха» диэн суруйтараллар, Саха сирин сахаларын «эһиги саха буолбаккыт, дьокуут киһилэргит» дииллэр үһү. Үөрэххэ олус баҕалаах кыысчаан, эмиэ маннык интэринээттэринэн олорон, орто оскуоланы бүтэрбит. Бастаан, кыра сылдьан, дьонун ахтан ытыыра үһү, үөрэххэ баҕа баһыйбыт. Дойдутугар ааҕар балаҕаҥҥа улахан дьону үөрэтэ сылдьан, күрээн кэриэтэ, Томскайга тиийэн, учуутал институтугар үөрэнэр. Ол сырыттаҕына, сэрии саҕаланан, үөрэхтэрэ төлөбүрдэнэр. Хайыаҕай, үөрэҕиттэн тохтоон, хас да сыл учууталлыыр. Сэрии кэнниттэн үөрэҕин салҕаан, үрдүк үөрэхтэнэр. Аны, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһамматах. «Саха диэн кимий? Ээ, якуткаҕын дуо, якуттар чэпчэтиинэн туһанааччы категориятыгар киирбэттэр», – дииллэр эбит. Хайдах үөрэммитин, улуу куораттар Москва, Ленинград тустарынан кэпсиирэ. Бэйэтин тус олоҕун төрүт кэпсээбэтэ. Оҕолордоох дуу, кинилэр ханна олороллор? Ким да билбэт.

Аны дьэ Симаны интэринээттэн үүрбэтэх, ытыктыыр киһитин олорбут хоһугар кини, Сима Унаарап быстах кэмҥэ олорон эрдэҕэ.

Сэбиэдиссэйин «каморкатыгар» олорон, бастакы семестрын, бастакы сиэссийэтин ааһар. Эксээмэннэрин, этэргэ дылы, «ни шатко, ни валко» «үскэ», «түөркэ» туттартыыр. Онтукатыттан атаҕа сири билбэт гына үөрэр. Хата барытын этэҥҥэ туттарда! Бөлөхтөн хас да оҕо «кутуруктанан хааллылар», оттон кини иэһэ суох ааста.

* * *

Каникултан кэлбиттэригэр үгүстэргэ үөрүүлээх сонун күүтэн сытар. Быйыл саас икки сабыс-саҥа иккилии этээстээх уопсай дьиэлэр тутуллан, үлэҕэ киирэллэр үһү. Онно киириэхтэрин баҕалаахтар факультет студпрофкомугар сайабылыанньа биэриэхтээхтэрин туһунан биллэрии ыйаммыт. Факультет студпрофкомун бэрэссэдээтэлэ, үһүс куурус устудьуона, хайыһардьыт диир уоллара Кривогорницын эбит. Кэпсэттэххэ бэрт судургу, баары-баарынан, суоҕу-суоҕунан кэпсиир уол эбит. «Көрүөхпүт», – диэт, Сима сайабылыанньатын хара тастаах халыҥ уопсай тэтэрээккэ кыбытаат, кыыннаах быһах курдук, унтуутун оһугар анньан кэбиһэр. Унтуу сылааһын, сымнаҕаһын таһынан, үһүс үчүгэйдээх – кэниспиэк тэтэрээттэрин оһугар уга сылдьарга олус табыгастаах. Сима эмиэ унтуутун оһугар уган сылдьааччы. Аһара күүттэххэ туох барыта уһуур-тардыллар үгэстээх. Кэмниэ кэнэҕэс, муус устар ыйга саҥа уопсайга киирээччилэр испииһэктэрин ыйыыллар. Оо, ураа! Сима ылыллыбыт! Аттыгар турар эмиэ ылыллыбыт уоллуун мичээрдэспитинэн ытыс охсуһаллар.

– Доо, эн хаһан киирэҕин? Мин бу киэһэ көһөбүн! – Сима улахан баҕайытык ордоотоон кэбистэ бадахтаах, сорохтор күлүстүлэр.

– Ыксаама, доҕор. Ордергытын сарсын ылыаххыт. Бүгүн уопсайга киирээччилэр кэлэҥҥит, строительнай бөҕү-саҕы хомуйуоххут, – аттыгар Кривогорницын мичээрдии турар. – Бу, – кини илиинэн суруллубут кыра биллэриини ыйан кэбиһэр.

Онно сарсын 17 ч. Новокарьернай, 2 уопсайга саҥа киирээччилэр үлэлиир таҥастаах субуотунньукка кэлэллэрэ суруллубут.

Саас кэлбитэ, уу-хаар тахсыбыта, сааскылыы чаҕылхай күн сүргэни көтөҕөллөр. Аны сабыс-саҥа уопсай дьиэҕэ ылылынна. Новокарьерная уулуссалара олус ырааҕа суох, Каландарашвили уонна Чайковскай быһа охсуһууларыгар баар үһү. Сима, сарсыны көһүтэ барбакка, билиэх-көрүөх баҕата баһыйан, түөрт паара кэнниттэн ол саҥа уопсайыгар тэбинэр. Уулуссаҕа чалбах-бадараан бөҕөтө тахсыбыт, хата мас тротуар кураанах. Арҕаалаан эрэр күн утары тыган, хараҕы саатардар. Сып-сылаас, киһи бэргэһэтэ да суох сылдьыыһык. Ол эрээри туох итэҕэс, туох эрэ тиийбэт курдук. Ээ, сөп, көтөрдөр суохтар эбит. Саас барахсан көтөр илдьиттээх. Оо, баччаларга кини төрөөбүт дойдутугар үчүгэй даа буолара! Саҥа кэлбит тураахтар тиит төргүү мутугар түһэн дааҕыргыыллара, суол чигдитигэр түһэ-түһэ көтөр туллуктар солун көстүүнү биэрэллэрэ, сэргэхситэллэрэ. Киһилиин-сүөһүлүүн таһыттан киирбэт кэрэ кэмнэрэ кэлэрэ.

Буруус маһынан тутуллубут иккилии этээстээх икки дьиэ дьэндэһэн тураллар. Киирбитэ, устуруустаммыт мас ураты сыта биллэр, үлэ күөстүү оргуйар – ааннары олордон чапчыйыы. Бөх-сах да тахсыбыт, мас быстаҕастара бөҕө ыһыллыбыттар, онно-манна көөбүл былаастаах мас сыыһа чөмөхтөммүт. Сарсын бу бөҕү ыраастыы охсоллор, ол кэннэ муоста кырааскаланар, куурар. Оо, билигин даҕаны нэдиэлэ курдук күүтүүһүлэр.

Төннөн истэҕинэ, иннигэр дьылыгырас үрдүк уҥуохтаах кыыс хааман дьоройор. «Айхал» кинотеатр иннигэр тохтоон, киинэ биллэриитин көрөөрү, эргиллэн, ойоҕоһунан буолар. Лида! Уол сүрэҕэ битигирии тэбэр, «Лида-а», – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалар. «Уой!» – кыыс эргиллэ биэрэр. Кип-киэҥ сырдык харахтарын соһуйбуттуу диэличчи көрбүт атын кыыс турар.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации