Текст книги "Биһиги сахалар…. Туруулаһыы"
Автор книги: Ульяна Винокурова
Жанр: Социология, Наука и Образование
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Эр киһи уопсастыбаҕа суолтатын уларыйыыта
Устуоруйа кэрдиис кэмнэрэ уларыйдахтарын аайы, эр киһи уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата эмиэ уларыйан иһэр.
Ыал аҕата. Былыргы сахалар ыал олоҕун сыарҕалаах ат айаныгар холууллара. Ол курдук, ыал аҕата суолу тэлээччи, сири хорутааччы ат буолан сыарҕатыгар ойоҕун-оҕолорун, баайын-дуолун, сүөһүтүн-аһын барытын соһор. Кини суолун тобуларыгар ыал хотуна, ийэтэ сүбэ-ама буолан, суол түһүүтүгэр-тахсыытыгар сыарҕаны түһүүлээх-тахсыылаах очурдарга үтэн-анньан биэрэн, муоһалаһар, салайсар. Эр киһи уонна дьахтар хардарыта дьүөрэлэһэн, олох очурдарын туораан, төрөппүт оҕолорун сылаас холумтаннарыгар төлөһүтэн, киһи-хара гынан, олох суолун салгыыр аартыкка таһаараллар. Эр киһи ыччаттарын иитиллибит иэстээх, төрөппүттэрин көмүс уҥуохтарын көтөҕөр, аҕаларын туйаҕын хатарар, удьуор хаанын тэнитэр, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр, дойдутун таптыыр дьон буолалларыгар такайар.
Эр киһи – судаарыстыба кулута. Бу ордук чуолкайдык сэбиэскэй кэмҥэ чэчирээн сайдыбыт көстүү. Ол үс араас хайысхалаах. Онтон бастакыта: эр киһи дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, дурда-хахха буолар суолтатын имири эһэ сыспыттара. Ол оннугар кини алаһа дьиэтин быраҕан, судаарыстыба дьаһалынан, «Аҕа дойдуну көмүскээччи сэрииһит» дэнэн, саа-саадах тутан, төрөөбүт төрүт ийэ сирин буолбакка, судаарыстыба муҥура суох киэҥ араас муннуктарын, ону таһынан атын да дойдуларга «ытык иэһин толоро» тахсан барар эбээһинэстэммитэ. Иккиһэ: судаарыстыба былааннарын толорор үлэһит кулут буолан, үрүҥ хараҕын өрө көрбөт туруктаммыта, дьиэтигэр-уотугар хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буолбута. Оҕо иитиитэ, сүөһү-ас, от-мас көрүүтэ-харайыыта барыта ийэҕэ – дьахтарга – сүктэриллибитэ. «Элбэх оҕолоох ийэ», «Дьоруой-ийэ» диэн өйдөбүллэр баар буолбуттара, оҕо босуобуйата барыта дьахтарга эрэ баайыллыбыта. Быһата, дьахтар судаарыстыбаҕа оҕону төрөтөр, нэһилиэнньэни дэлэтэр «аппараакка» кубулуйбута. Эр киһиттэн алимены да ыга үктээн ылар уустугурбута. Үсүһэ: эр киһи хаайыыга-лааҕырга баран, араас судаарыстыбаннай тутууларга, суол-ханаал оҥоруутугар көлүүр сүөһү курдук туттуллар буолбута, киһини харыстаабат тэрилтэлэр бас билиилэрэ буолан, «дойдуну бөҕөргөтүү» акылаатыгар уҥуоҕа ууруллубута.
Маннык бэлиитикэ түөрт көлүөнэ тухары ыытыллан кэллэ. Ол түмүгэр, бу билиҥҥи кэмҥэ аныгы эр киһи, саха дьонун үксэ бу тутул хааччаҕыттан тахса илигэ ырылыччы көһүннэ.
Дархан үйэлэри уҥуордаан эҥсэн кэлбит суолтата дьон-норуот ыра санаатын тилиннэрэр дьоһун аат буолан кулуттуйбут өйү-санааны босхолуурга тиэрдиэ диэн уус-уран айымньы нөҥүө санаа кыыма саҕыллар. Эр дьүһүнүттэн да көстөр. Билигин баттахтарын уол оҕолуу кырыйтарбыт тойомсуйар эр дьонтон хорсун быһыыны эрэйэр уустук.
Тас сиҥнэрэр дьайыылар омсолорунан баттабыл, иҥэринии уонна экзотизация диэн кыра омук уратыларын туризм биисинэһигэр эрэ туттарга туһаайыылар бааллар. Баттабыл политическай уонна экономическай көрүҥнэрин дьайыылара күүстээх охсуулаах, омук үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөт бэйэлэрин истэриттэн тахсыбыт тойотторго тирэҕирэр. Иҥэринии диэн, биир өттүнэн, дьорҕоот, дьону батыһыннарар кыахтаах дьону былаас хааччаҕар үлэҕэ ылан көлүүр оҕуһа оҥостоллор. Кинилэр истэригэр икки аҥыы тырыта тыыттара сылдьаллар, эмиэ да бэйэ омугар туһаны оҥороору, эмиэ да киирбит аанын тастан сабымаары. Маннык туруктаахтык чулууларбыт кыбыттара сылдьалларын өйдөөн олус баламаттык, бас-баттах ыгар-түүрэр кэскилэ суох. Тойону оттон-мастан оҥорбоккун, тоҕо диэтэххэ, олохтоох салалта дьоно өрөспүүбүлүкэ таһымыгар аныгы кэм ирдэбилинэн үөрэхтээх, сайдыылаах араҥаттан тахсаллар. Үксүлэрин төбөтө үрдүкү былаас өһүөтүгэр саайылла сылдьар, ол иһин «нүксүгүрдэр», чорбойботтор, тоноҕосторо көнөр кэмигэр бэлэмнэнэллэр.
Иккис өттүнэн, хаан булкуһуутун, урут Өксөкүлээх Өлөк– сөй саҕана «культивация» диэн ааттаан оччотооҕу муодунай «культурнай гибридизация» диэн Арассыыйа империятын үөрэҕин миниистирэ Сергей Уваров ыытар политиката баара. Ол билигин малтаччы «ассимиляция» диэн баһыйар омук кыра төрүөҕүн хаанын уларытан бэйэтигэр тардан ылыыта уонна бэйэтин тылыгар, култууратыгар сыһыарыыта уонна сирин-уотун баһылааһына ааттанар.
Экзотизация диэн кыра-хара омугу саарыыр оонньуур, судаарыстыба сирин-уотун уратытын курдук көрдөрөн, туризм биисинэһин далбарыгар туттуллар, мэлдьи үөрэр-көтөр түбүктээх оҥоруу буолар.
Ол гынан баран, туох барыта иэстэбиллээх, атастаһар, сааһыланар майгылааҕа Британия, Австрия, Венгрия, Османскай Турция, о.д.а. холобурдара көрдөрөр. «Колониальный бумеранг» диэн мунньуллубут сэт-сэмэ, майгы-сигили мөкүтэ төттөрү атаҕастаабыттарга төннөн тиийэр айылҕа айбыт уратыта дьайар. Бэйэлээх бэйэлэрин дойдуларыгар кэлии дьон курдук, силис тардан силигилээбэттэр, ар-бур бурайсыы ыал тэлгэһэтигэр киирэр, төрүөх төннөр, салайар былааһы билиммэттэр, бас батарынан үрүө-тараа түһэллэр. Сиэргэ баппат атаҕастаабыт, хаанынан халыппыт, харах уутугар тимирдэ сатаабыт буоллахтарына, умнуллубат өс-саас, салгыы хааҥҥа суруллубут өһөх өйдөбүл буолан хаалар. Ол иһин саха майгытыгар «Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн сэрэх уонна сэргэх сыһыаны ирдиир, үйэлээх өстөһүүттэн босхолуур сэрэтиилэр бааллар.
2001 сыллаахха от ыйын 17 күнүгэр Ил Түмэн холбоһуктаах мунньаҕар Конституцияҕа уларытыылары киллэрии боппуруоһа турбута. Онно М.Е. Николаев үһүс болдьоххо барарын көҥүллүүр 67-с ыстатыйаҕа уларытыы киллэриллиэхтээҕэ. Ону Федеральнай сокуон мэктиэлиирин аахсыбакка, Михаил Ефимовиһы дьаныһан утарсааччылар куомуннаһан, «пора с ним кончать!» диэн хабырдык турунан, уларытыыны харгыстаабыттара. Биһиги икки куолаһынан хотторбуппут, онон чулуу Дыгын оҕотун курдук киһини самнарбыттара. Билигин ол быһаарыылаах, хара мэҥнээх историческай мунньах стенограмматын, видеоҕа суруллуутун хантан да ирдээн булбатым. Иннигэр, кэннигэр буолбут мунньахтар архыыпка харалла сыталлар, оттон ол мунньах мэлитиллибит.
Дьэ ити курдук Бастакы Аан Дархан саҕалаабыта уонна түмүктээбитэ.
Оттон норуот, история сыанабыла диэн атын. Уһун үйэлэнэн, тыыннаах туоһу буолан Михаил Ефимович Николаев – Дыгын оҕото Киһи – көлдьүттэри анныгар баттыы сылдьар.
Күннээх былаах
Саха Аар Дархана Михаил Николаевка
Күннээх халлаан лоскуйун
Мин илиибэр ылабын,
Сахам ыра санаатын
Түөспэр ыга тутабын.
Айыым сирин үрдүнэн
Алгыс аман күүһүнэн
Киирбэт күнү дьүһүйбүт
Килбиэн кэми өйдүүбүн:
Күнтэн эрэ тэһииннээх
Күн улууһа буоларга
Күннээх былаах ыҥыра
Күлүмүрдээн кэлбитэ.
Хара былыт халыйбат,
Хаардаах самыыр баһыйбат
Халлаан унаар урсуннаах
Хаарыан кэмэ күүппүтэ!
Ыра санаа – ытык сирдьит
Ырааҕы да чугаһаппыт,
Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ
Ырыаларын ыллаппыт…
Сайа2000 с.
ИККИС ОҤКУЛ
ӨРКӨН ӨЙҮНЭН ТУРУУЛАҺЫЫ
Омук күүһэ – өйүгэр,
Өйүн күүһэ – тылыгар.
В. Протодьяконов
Эрэйи өйүнэн кыайан, сайдыы кэскилин туруулаһыы – бары омук олоҕун кыаҕын быһаарар тыын ирдэбил. Омук тыына быстыбат мэктиэтэ, көмүскэлэ – кини өйө. «Өй» диэн өйдөбүл түүр да, монгуол да тыллаахтарга уларыйбат суолталаах «ум, разум, память, мнение» диэн суолталаах. Киһи өйө саҥа, урут киһи олоҕор көрсүбэтэх-билбэтэх күөн көрсүһүүтүгэр дьоһуннук, кыайыылаах тахсар эппиэти тобулар кыаҕа төһө күүстээҕэр биллэр. Аныгы киһи информационнай технологиялар нөҥүө аан дойду эйгэтиттэн өйүн күүһүнэн сайыннарар, тэнитэр кыаҕа муҥура суох буолан иһэр. Маннык кэмҥэ, ордук искусственнай интеллект сабардыыр суоһа биллэн истэҕин аайы, киһи дьиҥ өйүн саталлаахтык салайынан, кини кыаҕын кэҥэтии, үөрэҕи ылыыны түргэтэтии, эт мэйиитин кистэлэҥ эрчимнэрин арыйыыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһара эрэйиллэр буолла.
Саха өй үлэтин туругар, суолтатыгар киэҥ, дириҥ өйдөбүлү уурар, тыыннаах буолуу, тас эйгэни кытта дьоһуннук бодоруһууга сүрүн тутулук төһүү күүһүнэн-кыаҕынан билинэр. Ону Былатыан Ойуунускай кэриэс-хомуруос тылларыгар чуолкайдык эппитэ:
Эрэниэҕиҥ-итэҕэйиэҕиҥ икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
Аан дойду араас судаарыстыбаларын олохтоохторун сайдыыларын кээмэйдиир «киһи сайдыытын индексэ» диэн тэҥнэбилгэ туттуллар көрдөрүү баар. Нэһилиэнньэ үөрэҕириитин таһымын, ол төһө сыл ситиһиллэрин, хас сыл тыыннаах олорорун, олоҕун таһыма хайдаҕын ааҕан-суоттаан таһаарыллар. Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ 1990-с сыллартан итинэн дьарыктанан араас тэҥнэбиллэри таһааран, сайдыы хаамыытын таһымнарын бы– һаараллар. Онно инникитин биһиги чугастан бодоруһуохтаах Арктикабыт дойдулара (Скандинавия) уонна Азия баабырдара (Финляндия, Швеция – 0,8; Сингапур – 0,88; Гонгонг – 0,81; Япония, С. Корея) буолаллар. 2020 сыллаах түмүгүнэн Арассыыйа 41-с миэстэҕэ тутуһан турар (Шанс дожить до 5 лет – 99%; среднее количество лет обучения в школе – 13,7; качество обучения – 498; выживаемость взрослого населения – 80%; түмүк – 0,68)77
Индекс развития человеческого капитала. 2020 г. – https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital
[Закрыть]. Бу индикатордары туттан, Арассыыйа эрэгийиэннэрин эмиэ сааһылыыллар. Онно көрдөххө, Саха сирэ 90-с сылларга 44-с миэстэ эбит буоллаҕына, 2020 сылга 15-с миэстэҕэ өрө таҕыста!88
https://ru.wikipedia.org/wiki/Список_субъектов_Российской_Федерации_по_индексу_человеческого_развития
[Закрыть] Бу элбэх өрүттээх үөрэҕирии, идэтийии, чөл туруктаах олох туһугар тардыһыы уонна төрүт билиигэ, өйү сайыннарыыга туһаайыы үтүөкэннээх көрдөрүүтэ.
Саха итэҕэлигэр Билгэ хаан диэн киһи өйүн уһугуннарар Айыы баар, кини өй күүһүнэн тыыннаах буолууну сайыннарар. «Өй – аан дойдуну айбыт Улууттан улуу Сүдү Күүс, Өй өлбөт үөстээх»99
Уткин К.Д. Өбүгэлэр үгэстэринэн толкуйу тобулуу / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С.27.
[Закрыть]. Үрдүк өйү, сэрэйэр күүһү, аһаҕас эти Үөһээҥҥилэр дьаһайаллар, киһиэхэ өй угаллар, биир ситимҥэ холбууллар. Ону билигин ноосфера диэн куйаар ураты хаттыгаһа баарын билинэр буоллулар. Бу аат түөрт– биэс тыһыынча сыллааҕыта шумердар Билгэ диэн таҥаралаахтарыттан кэлбит кэриҥнээх.
Билгэ хааҥҥа туһаайыллыбыт алгыс ис хоһооно маннык:
Лох, лох, лох!
Билиини биэрээччи,
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Сайаҕас санаалааччы,
Ичээн этээччи,
Этитиини төрүттээччи,
Түмүгү сүөрээччи,
Бэлиэни этээччи,
Сиби сэрэйтэрээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрө
Мичик гын!
Дом! 1010
Таҥха (Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ). – Дьокуускай: Бичик, 2001. – С.38.
[Закрыть]
Саха түсчүтэ Дабыл этэринэн, Айыы киһитин өйө сааһынан тус-туспа наарданар. Бу наарданыы кини Айыыга, иччигэ сыһыаныттан тутулуктаах.
1. Өй хаата. Киһи битэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара киһиэхэ хаа буолар.
2. Өй-мэйии. Киһи билгэтэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара мэйиигэ биллэр.
3. Өй-төй. Киһи Таҥхата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи биэс төгүл сэттэлии сыл ( 7 саас, 14 саас, 21 саас, 28 саас, 35 саас) тухары өйө таҥыллар. 35 диэри өйө таҥыллыбатах киһи Айыы санааҕа кыайан кэлбэт.
4. Өй-санаа. Киһи дьылҕата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 42-гэр диэри дьылҕаны билэ сатыыр. Оттон 49 сааһыгар диэри дьылҕаны ырыҥалыыр.
5. Өй-билии. Киһи ыйааҕа Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 56 сааһыгар ыйааҕы билэн барар. Ыйдарыы баарын өйдүүр-билэр кыахтанар.
6. Билимтэ өй. Киһи оҥоһуута Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 63 сааһыгар оҥоһууну билэр.
7. Ийэ өй. Киһи төлкөтө Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 70-гар Айыы сааһыгар үктэнэр. Төлкөнү өйдөөн барар.
Өй диэн билиҥҥи кэмҥэ стратегическай ресурс быһыытынан көрүллэр. Саха бас-көс сирдьитэ Софрон Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн дакылаатыгар «биһиги норуоппут баараҕай интеллектуальнай күүһү-уоҕу мунньунан билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэллэ. Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа»1111
Саха норуота барҕарыы суолунан. Софрон Петрович Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаатын 20 cылыгар ананар. – Дьокуускай, 2012.– С.31.
[Закрыть].
Үлэ араас көрүҥнэрин аан дойду таһымынан үллэстиигэ өйүнэн сайдыыта суох нэһилиэнньэ хара, барыһа суох, доруобуйаны, айылҕаны айгыратар үлэни толорор. Ити аныгы колонизация саҥа көрүҥэ буолар, ол үөрэх таһымын аттарыыга ордук чуолкайдык көстөр. Өйдөөх омук, киһи олоххо бэйэтин суолун сатабыллаахтык тэлэр, түс-бас быһаарыылаах тыллаах, дириҥ толкуйдаах, айымньылаах, ситиһиилээх суоллаах-иистээх олорор, тас дьайыыга бэйэтин күөнүн, көҥүлүн кыаҕын, дьоһунун туран биэрбэт. Өйүнэн сыппах киһи, омук араас мөкү дьайыыларга, баттабылга кииримтиэ, өс киирбэх, үтүктээйи, уһаты-туора толкуйдаабат, иннин-кэннин ыраҥалаан көрбөккө, санаабычча алҕаска сыыһа үктэтэн, кыаҕын ылбыт омугун, киһитин тылыттан тахсыбат, бэйэтин туһун билиммэт.
Тымныы чыпчаалынан ааттанар тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олох олорор иһин туруулаһыыга өй санааны сайыннарыы дьарыга тыыннаах буолуу кэрэһитэ буолар. Туох барыта төрдүн тобулуу, араас көстүүлэри таба тойоннооһун олоххо тардыһыыга угуйар, күүстээх тыын биэрэр. Ол да иһин чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир олохтоохторо өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы кыһыннаах сирдэргэ олох олоруу уратыларын теорията кэрэһилииринэн, Хоту, Илин Европа уонна Илин, Хоту Азия төрүт олохтоохторо сылаас сир олохтоохторунааҕар быдан үрдүк таһымнаах (IQ) интеллектээхтэр. Ол корреляциятын 20 тыһ. төбө чөмчөкөтүн кээмэйдээн, экватортан төһөнөн ыраатар да, соччонон чөмчөкө ис сабардама улаатар диэн быһаарбыттара1212
Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.
[Закрыть]. Австралия психологтарын элбэх дьоҥҥо чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, самыырдаах, тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Оттон сылааска киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар, сыппыыр, салбаҕырар.
Киһи өйүн үлэтин дириҥин, муҥурун быһаарар уустук, үгүс толкуй көрүҥнэргэ өй-санаа таһымыгар тахсыбаттар, онон киһи өйүн үлэтин маннык-итинник диэн быһаарара табыллыбат1313
Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.
[Закрыть]. Ити бүтэйдии быһаарыы (подсознание) үлэтэ буолар.
«Я никогда так не относился к восточным народнос– тям, как после последней поездки в Якутию. Оказывается, якуты – совершенно фантастический народ. У них суперобразное мышление. Я там встретился с первоклассным ученым В.И. Оконешниковым. Он разработал теорию строения электрона, в которой он четко показывает, что информационная емкость электрона [атома] больше, чем у всех вместе взятых цифровых носителей на Земле. И с помощью своей теории он разработал теорию таблицы Менделеева, строения атомов, всех энергетических каналов человека, отработал свою систему диагностики и профилактики настолько точную, что к нему обращаются профессора из Новосибирска…» – диэн сөҕөн-махтайан киһи ис туругун тупсарыыга дьаныһан саҥа ньымалары айар физик С.В. Кольцов суруйбута. Ити курдук, атомнай мэдиссиинэ сайдан иһэрин хоту чараас эйгэҕэ иҥэн киириитэ «араллааннаах ат-аам тыын алгыстаах айана» (Н.А. Аржакова-Иванова) илгэлээх-уруйдаах тыынын сайыннарар саха ыччаттара үөскүөхтэрэ.
Тымныы киһи мэйиитин икки өттүн үлэтин сытыырхатан айар-тутар дьоҕуру күүһүрдэрэ биллэр. Маны тэҥэ үрдүк томтор, хайалаах сирдэргэ өй күүһэ сытыырхайар бадахтаах. Онон, биһиги, сахалар, тоһуттар тымныы чыпчаалын олохтоохторо, анал үөрэхтээх идэлээхтэри куоһара түһэн айар, араас эйгэни саҥалыы ситимниир кыахпыт ситэри арылла илик. Билигин биһиги судаарыстыбабытыгар туттуллар атлантическай үөрэх-иитии ситимигэр айар дьоҕуру сайыннарыы диэн ирдэниллибэт, ситэритин баттанар да диэххэ сөп. Симик, толоругас гражданин буолар эрэйиллэр. Салгыы атлантическай үөрэх-иитии ситимэ Чуумпу акыйаан кытылларын кыйа олохсуйбут цивилизациялар үөрэхтэрэ баһылаан истэҕин аайы саха өйө, айар дьоҕура сытыырхайар кэмнэрэ иһэллэр.
Тымныы сир олохтоохторо тус бэйэлэрин ииттэр-көрүнэр ньымалара хааннарыгар иҥэ сылдьар. Ол курдук, психолог Е.А. Неустроева1414
Неустроева Е.А. Особенности развития творческих способностей в условиях освоения детьми символических средств выразительной пластики (дошкольный и младший школьный возраст). Автореф. дисс.на соискание уч. ст. к. пс.н. – М., 2014.
[Закрыть] Москва уонна Дьокуускай кыра саастаах оҕолоругар аччык куосканы ойуулаппыта. Саха оҕолоро аччык куоска кутуругун өрө хоротон, сүүрэ-сиэлэ былаастаах бултуу баран эрэрин, оттон Москва оҕолорун куоската баппаҕайын умнаһыт курдук уунан олорорун ойуулаабыттар. Ити православнай итэҕэл киһи умналаан, аһыннаран, туора дьоҥҥо харайтаран олорорун омнуолаабат, «Хаайыллартан уонна умналыыр дьылҕаттан быһа этинимэ» диэн дьылҕатыгар эрдэттэн сордоох-муҥнаах өлүүнү-чааһы этинэн кэбиһэр хобдох буолуо?1515
Михайлов В.Д. Киһилии киһини иитии суолун-ииһин туһунан / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С. 6.
[Закрыть].
Тымныы айылҕа киһиттэн олох сатабылларыгар үөрүйэх буолууну эрэйэр. Тымныы сир киһи мындыр, сытыы, тобуллаҕас өйүн сайыннарар. Поэт В. Власов ону бэлиэтии көрөн маннык хоһуйбута: «Аам-даам ахсынньыга Саха өйүн сытыылыыр»1616
Власов В. Киһибин.– Дьокуускай: Бичик, 2006. – С. 526.
[Закрыть]. Киһи өйүн кыаҕынан хараҕа аһыллар – аан дойдуну, олоҕу-дьаһаҕы, тус бэйэтин анаарар кыахтанар. Ол иһин калмыктар өс хоһоонноругар «Киһи тугу өйө билэрин – ону хараҕа таба көрөр» диэн бэргэн этиилээхтэр. Өйүнэн салайынар киһи атыттарга күөнүн нөрүппэт, бэйэтин дьоһунун ыһыктыбат. Маннык түмүктэрдээх чинчийиилэри саха психолога М.Д. Бугаева устудьуоннарга ыыппыта1717
Бугаева М.Д. Интеллект как фактор подверженности психологическому воздействию. Автореф. Дисс. К.пс.н. – М., 2005.
[Закрыть].
Маны таһынан, тыйыс айылҕа олохтоохторо «плененное сознание» (captive mind) диэн өй ураты туругар түспэттэр, тобуллаҕастык толкуйдуур, өйдөрүн сытыылыыр дьоҕурдаах эрэ буоллахтарына, көрбүттэрин-истибиттэрин сэргээн, сонурҕаан, ыараҥнатан, ырытан, бары өттүттэн эргитэн илдьиритэн, тэҥнээн, алтыһыннаран, элбэх информацияны холбоон, ханыылаан, өйүгэр оҥорон көрөн, дьүөрэлээн, сааһылаан, анааран, сабаҕалаан, сэрэйэн, тобулан, тус бэйэлэрэ түмүк оҥостоллор.
Саха үөрэҕинэн, сахалыы өй үс сүрүн көрүҥэ баар: Төрүт өбүгэ өй, Ийэ өй уонна Күннээҕи өй. Төрүт өй – Үөһээлэр бэрсэр өйдөрө, филогенетическай диэххэ сөп. Ийэ өй – киһи бэйэтин өйүн кыаҕа, онтогенетическай, удьуордааһын, диэххэ сөп. Оҕо үөскүөн инниттэн сайдар, үлэҕэ, олоххо сатабыллара удьуорунан бэриллэр. Буор саха сэрэйигэс, таайыгас буолар. Ол кини Сир-ийэтин кытта быһаччы ситимэ билиини биэрэр. А.Н. Павлов-Дабыл, «Айыы Кыһата» гимназиятын уһуйааччыта, «Кут-сүр» түмсүү түсчүтэ маннык быһаарар: «Биһиэхэ, сахаларга, «барҕа» диэн өйдөбүл баар. Барҕа удьуорунан бэриллэр өй-санаа баайыыта буолар. Бу баайыынан өбүгэ өйүн-санаатын күүһэ кэлэр. Киһи айылгыта уһуктар. Удьуор утума төһөнөн бигэ да, соччонон барҕа улахан. Оччотугар уруу-аймах барҕарар. Омук барҕата эмиэ эбиллэр».1818
Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.
[Закрыть] Ол аата, ийэ өй өбүгэ илдьитин, өбүгэ тыынын тута сылдьар.
Күннээҕи өй олох сатабылларыгар көстөр, дьону кытта бодоруһуу, бэйэни көрүнүү, ииттинии, салайыныы ирдэбиллэрин толорор. Киһи өйүнэн төһө оҥорор көрөр кыаҕа кини олоххо күүстээх сатабыллаах буоларын бэлиэтиир. Сатабыл үөрэҕин дьаныардаахтык быһаарааччы, үөрэх-билии ситимигэр киллэрээччи П.П. Кондратьев өй күүһүнэн сатабылы иҥэринии маннык хаамыылаах сайдар диэн быһаарар: баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туттабын – туһанабын – айабын1919
Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.
[Закрыть]. Кини «дэгиттэр сатабыллар» диэн дьайыыны көрдөрөр, сирдиир тылларынан бэриллэллэрин быһаарбытын өркөн өйү сайыннарарга төһүү билии быһыытынан сыаналыыбыт. П.П. Кондратьев бэйэтин теоретическай көрүүтүгэр олоҕуран маннык быһаарыылары биэрэр:
Тобулуу. Долоҕойго түһэрии. Өйдөөбүтү дириҥник ылынан, өйгө-санааҕа ырытан эккэ-хааҥҥа иҥэрии, туох эмэ суолтатын чуолкайдаан чопчу быһаарыы, өйдөбүлүн ис дьиҥин ылыныы, ону өйгө хатааһын, кыаллыбат курдугу быһаарыы, чинчийии.
Өйдөнүү-санааланыы. Киһи ис күүһэ – мэйии күүһэ. Киһи ситимнээхтик, иннин-кэннин санаан, тургутунан толкуйдуур дьоҕура. Тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын, төрүөтүн булуу, тиһэҕэр тиэрдии, дириҥ өй, киэҥ көҕүс, күүскэ өйдөөһүн.
Сиэрдээх өйдөнүү. Барыга барытыгар оттомноохтук толкуйдаан сыһыаннаһан, ырааҕы сыныйан көрөн боччумнаахтык саҥарыы-туттунуу. Киһи бэйэтигэр, атыттарга туһалаах, табыгастаахтык, ылыннарыылаах өттүн тутуһан быһыыланыыта, боччумуруута, оттомуруута. Сэрэнэн, суоттаан, ыраҥалаан, сыныйан көрөн этии, саҥарыы, өйдөөхтүк туттуу2020
Онно. – С. 42—43.
[Закрыть].
Ийэ өйгө тирэҕирэн олоҕу салайыныыны сахалыы өй-санаа диэн саха ааттыыр. Саха быһаарыммыт өйгө-санааҕа кэллэҕинэ, «Эппит тыл биир – санаабыт санаа төлөрүйбэт», «Тыл барда – бас барда» диэн халбаҥнаабат эрэбил, итэҕэйсэр сыһыаны олохтуур. «Өбүгэ мындыр өйө өйгөр-санааҕар, эккэр-хааҥҥар өлбөт тыыннаах», – диэн сахалыы уһуйааччы А.С. Федоров бигэргэтэр.2121
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома. – Дьокуускай: Бичик, 2011.
[Закрыть]
Сахаҕа өй култуурата
Саха дойдутугар өй, санаа, толкуй, билии күүскэ сайдар кыахтарын айылҕабыт бэйэтэ чочуйар. Ол иһин дойду интеллектуальнай баайа үөскүүрүгэр манна аналлаах айылҕа айбыт эйгэтэ баарын туһаныах кэриҥнээхпит. Саха өйүн сайыннарыыны уталытыллыбат, тулахадыйбат тутаах сорук быһыытынан ылыныахха. Сомоҕо омук биир тыыннаах, өйдөөх-санаалаах дьон түмсэн барҕарар көстүүлэрэ буолар.
Өйө-санаата омугу тыыннаах оҥорор: кини ис уоҕа, кини сүрэ, кини олоххо дьоҕура уонна дьулуура2222
Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – С. 11.
[Закрыть]. Саха өйү өрө тутар омук. Сахалыы өй-санаа удьуор билиитигэр сөҥө сылдьар. Ытыктыыр киһитин «Өй хаата» диэн килбиэнин хайгыыр. Ол иһин өйгө сыһыаннаах элбэх өйдөбүллэр, өс хоһоонноро, өйү эрчийэр, сайыннарар, сытыылыыр үөрүйэхтэр, сатабыллар айыллыбыттар. Саха өй араас көрүҥүн араарар уонна өйү икки өрүттээх, утарыта дьайыылаах турук быһыытынан көрөр. Өй сүрүн уратыларын саха утарыта уонна ситэрсэр көстүүлэр быһыытынан ылынар – дириҥ эбэтэр чычаас өй; тобуллаҕас, сытыы өй эбэтэр сыппах өй. Өй эмиэ анал идэтийиини эрэйэр: өйүнэн сайдыы суолун тыырааччы, ону дьоҥҥо тарҕатааччы-тиэрдээччи уонна ол суоллары батыһааччы – соргуну ситиһээччи.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?