Электронная библиотека » Валентина Сивцева » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Көрүдьүөстэр"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Валентина Сивцева


Жанр: Анекдоты, Юмор


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 4 страниц)

Шрифт:
- 100% +
* * *

Тоҕус уонус сыллар. Бүлүүттэн билэр уолум Мирнэй диэки собо атыылыы баран иһэр. «Хайа дойду соботой?» – диэбиппэр: «Ырыаһыт Егоровтар, Павел Семенов, Василий Еремеев земляктара соболор, минньигэстэр, атыылас. Буруйдара диэн ыллаабаттар эрэ». Мин икки буһарыыны ыллым, кырдьык, минньигэстэр этэ. Аҕыйах хонон баран, Мирнэйгэ наадабар ырыынакка сырыттым. Уолум соботун атыылаан имитэ турар, соболорун үс чааска араарбыт: бөдөҥнөрө «кобяйские», ортолоро «вилюйские», кыралара «сунтарские» диэн суруктаах буолбуттар. «Кылаабынайа, дьоҥҥо наадалааҕа барыта баар, биир күөл балыга диэн саҥарыма ээ, балыктар да ону кэпсиир кыахтарыттан ааспыттар», – диэн этэр тыллаах буолла уолум.

* * *

Учууталынан үлэлиибин. Биирдэ күһүн киэһэ баҕайы банаарданан-таймаланан, дьиэбитигэр буочука киллэрдибит. Мин банаар тутабын, кэргэним муус көйөр-хайыыр. Дьиэҕэ киирээппин кытары төлөпүөммэр смс кэллэ. Онно олох атын сиргэ сылдьар дьүөгэм учуутал күнүнэн эҕэрдэлээбит, ис хоһооно маннык: «Банаардаах сырдатааччыга эҕэрдэ!» Мин сөҕүү бөҕөтө, хантан биллэҕэй, хайдах сэрэйдэҕэй диэн. Эрийэн саайдым, онтум учуутал туһунан оннук ырыа баар эбит, былыргы.

* * *

Хонтуораҕа мунньахха тырахтарыыстар, куруусчуттар, оробуочайдар мустубуттар. Управляющай хаһыы-ыһыы бөҕөтө: былаан туолбатах, алдьаныы да баһаам! Биир киһи туох эрэ диэн этэн эрдэҕинэ, уутугар-хаарыгар киирбит бардам управляющай: «Өрөлөһөн көр эрэ, хараххын баһыам», – диэн ордоотообут. Онуоха Манчаары диэн бэйэтин атаҕастаппат киһи аа-дьуо: «Ол тойоннуун, үлэһиттиин биирдии харахтаннахпытына, ханна ыраатарбыт эбитэ буолла», – диэбит. Сатахха, тойоннорун биир хараҕа олордуу таас эбит.

* * *

Биһиэхэ Н. дэриэбинэҕэ эмиэ араас дьон баар. Биир көҥөс баҕайы киһи уруу да диэни, табаарыс да диэни билиммэт. Эр дьон көрсөн дорооболостохторуна, тугу эмэ уларсыахтара диэн быһаччы: «Ылбыттараа-аа-аа», – диэн баран ааһа турар үһү.

* * *

Баҕа Барыыс диэн дьээбэ киһи уһаайбатыгар дьиэ тутта сылдьарыгар тохтоотум. Арай аттыгар тураахтар уйа туттан хаһыы-ыһыы ырааппыт эбит. Эттим: «Хайа, Барыыс, бу сэрэхтээх ыалламмыккын дии?» Киһим холку: «Ээ, ити дьиикэйдэр мин кэннибиттэн акылааттарын түһэрбиттэрэ да, номнуо малааһыннаан эҥин ырааттылар!»

* * *

Биир уол үөрэниэххэ эрэ диэн кэтэхтэн бухгалтер үөрэҕэр киирбит. Куурсугар соҕотох уол үһү, онон курсовойун, хонтуруолунайын барытын кыргыттар оҥорон биэрэллэр эбит. Оннук соһон-сыһан син бүтэрбит. Дэриэбинэтигэр үөрэхтээх аҕай буолан, киэптии сылдьыбыт. Ыала уол эмиэ бухгалтерга бастакы кууруска киирбит эбит. Биирдэ ыалыгар киирэн олордоҕуна, хонтуруолунайын толоро олорор уол ыйыппыт:

– Спартак! Дебет диэни билэҕин дуо?

– Аа-а, ханнык дэриэбинэ этээ-эй?..

«Японец»

Киэһээҥҥи чуумпуну уйгуурдан бөһүөлэк түгэҕинээҕи уулуссаҕа киһи үөгүлүүр:

– Уру-уй! Айха-ал! Уру-уй! Айха-ал! Банза-ай!

Милииссийэ чуор кулгаахтаах уолаттара ол киһини тараччы тутан отделга тигинэтэн аҕалан, дьуһуурунайга туттарбыттар.

– Гражданин, итирэ-итирэ, туох санааттан бачча түүн үөгүлээн дьон уутун аймаатыҥ? – дьуһуурунай дьоһумсуйан олорон ыйыппыт.

– Эчи, суох! Арыгыны отой испэтэҕим! И-ити…

– Дьэ, оччоҕо туох өлүөр өйдөөх киһитэ: «Уруй-айхал! Банзай!» – дии-дии уулуссаҕа хаамыаҕай! Ити тухары мэлдьэһэ тураҕын! Яп-понец! Ылыҥ, хаамыраҕа уган кэбиһиҥ! – дьуһуурунай лейтенант муударайдык дьаһайбыт.

Уруй уонна Айхал диэн игирэ уолаттара эбэлэрин аахха хоно барбыттарын, Банзайынан сүрэхтэммит ыт оҕото кинилэри батыспытын билбэккэ ыҥыран, үөгүлээн быстарбыт, арыгыны адьас амсайбат үөлээннээҕим ити курдук хааһына дьиэтигэр хоноһолуурга күһэллибитэ.

Быралгы Баһылай
Физкульт-привет!

Икки ыйдааҕы хамнаһын бүгүн дьэ ылан дьолломмут Күлүк Көстөкүүн үөрүүтүгэр аһара «аһаан» кэбиһэн, аппа муостатын анныгар охтон утуйан хаалбыт. Ыкса киэһэ тоҥон ахан уһуктубут. Арай, доҕоор, ханнык эрэ чолоҕордор тас таҥаһын барытын хастаан, халҕайа сытыйбыт хара сатыын туруусугунан эрэ хаалларбыттар. Эгэ, харчытын ордоруохтара дуо!

Көстөкүүн сордоох быстыа дуу, ойдуо дуу, дьиэлииргэ сорунан киэҥ бөһүөлэк устунан сиэлэн лэбийбит. Кыһалҕатын оҥорон, барар суола милииссийэ дьиэтин аттынан эбит. Дьиэ таһыгар сокуону араҥаччылааччы үлэһиттэр аҥаардас туруусугунан эрэ сүүрэн чырбайан иһэр киһини дьиктиргээн, көрөн турбуттар. Аны тутаннар араабылыахтара диэн дьиксиммит Көстөкүүн:

– Физкульт-привет! «Динамо», салют! – диэн илиитин уунан эҕэрдэлии-эҕэрдэлии, ааһа сүүрэн мадьайа турбут.

«Динамо» общество чиэһин көмүскээри сүүрэргэ эрчиллэр «спортсмены» ытыктаабыт уонна уруурҕаабыт милииссийэлэр муодалыы барбатахтар.

* * *

Мэхээс диэн саҥа армияттан кэлбит уол хачыгаарынан үлэлиир. Арай биир сарсыарда оһоҕун отто тиийбит, мас симээри хочуолун чоҕун түгэҕиттэн бэттэх тарпыта, бытыылка төкүнүйэ сылдьар үһү. Хостоон таһаарбыта – буокка бытыылката, ортотунан астаах буолан биэрбит. Биһиги киһибит ылла да, айаҕар хантаччы тутан кэбиспит, иккитэ хаста ыймахтаабыта, отой буоккаттан атын амтаннаах үһү. Баран хаалтын ыйыстыбыт, тобоҕун сиргэ тибиирбит, арай аҕыйах мүнүүтэ ааспытын кэннэ иһэ уот аһыйан киирэн барбыт, төттөрү таһаара сатыыр да, тугу да аһыы илик буолан туох да кэлээхтээбэт үһү. Дьиэтигэр өлөр-тиллэр бэтэрээ өттүнэн нэһиилэ тиийэн, биэлсэр ыҥыртаран, куртаҕын сайҕатан, нэһиилэ бэттэх кэлбит. Кэлин тугу иһэн өлө сыспытын билбитэ, сарсыарда эрдэ бэтэринээр киирэн, хотоҥҥо турар ньирэйдэргэ «аҕылыыр утары» прививка оҥорон тахсыбыт. Растворун буокка бытыылкатыгар кута сылдьар үһү, ордубут тобоҕун хочуолунайга тахсан, оһох иһигэр бырахпыт. Кэлин ааспытын кэннэ бэтэринээр Мэхээһигэр сүбэлиир: «Дьэ, ноко, аны сайын ыһыахтарга сүүрүүгэ куоталаһаар, отой аҕылыаҥ суоҕа».

* * *

Урут олоро сылдьыбыт дэриэбинэбитигэр биир иһэрин сөбүлүүр элбэх оҕолоох ыал аҕата киһи баара, эрэйдээх одеколону кытары иһэр этэ. Арай биирдэ биир ыалга киирбит, ыаллар Машенька диэн оскуоланы бүтэрээри сылдьар кыыстаахтар эбит. Киһибит телевизор диэки көрөн олорон, ыал ийэтиттэн көрдөһөр үһү: «Машенькаҕын, баһаалыста, миэхэ биэриэҥ дуо?» Ыал ийэтэ өһүргэнэн өттүгүн тосту түһэ сыспыт: «Хайа, нохоо, туох тылын тыллаһан киирэн бардыҥ, кыыһым оҕо, оскуолаҕа үөрэнэр. Хайа уонна эн ойоҕуҥ, оҕолоруҥ?» Киһибит арыычча холуочук олорон: «Миэхэ ойох наадата суох. Миэхэ ону», – дии-дии телевизор диэки ыйар. Өйдөөн көөртөрө, киһилэрэ телевизор үрдүгэр турар «Наташа» диэн одеколону дьаабылыыр эбит.

МАННЫК ЭМИЭ БУОЛААЧЧЫ

Киһи олоҕор туох үчүгэй-куһаҕан буолбат буолуой? Олохпут итэҕэстэрэ, быһыы-майгы омсолоро күлүллэллэр бу түһүмэххэ.

* * *

Торбос Киэсэ биирдэ итирэн баран, бодобуос массыынаны «угоннаан» сүүрдэн баран туруорбут, ону суоппара Оҕус Бүөккэ кырбааччы буолбут. Ааһан иһэр оҕонньор: «Хайа-а, бырааккын тоҕо кырбаатыҥ?» – диэн ыйыппыт. Бүөккэ: «Хантан быраатым буолуой», – диэн кыыһырбыт. Оҕонньор онуоха: «Итинтикэҥ улааттаҕына, эмиэ оҕус буолуо дии», – диэбит.

* * *

Сэбиэскэй кэм. Сухой сокуон. Арыгы уочаратыгар дьон бөҕө үөмэхтэспит. Биир холуочук киһи дьону кэрийэ сылдьан харчы көрдүүр да, ким да биэрбэт. Барбытын кэннэ биир оҕонньор: «Суолас, сарсыардаттан холуочук, булан иһэр сирдээх быһыылаах», – диир. Холуочук киһилэрэ төттөрү эргийэн кэлэр, бу сырыыга илиитигэр ботуччу харчылаах. Саҥарбыт оҕонньор бэркиһээн: «Киһибит аны харчы бөҕө булбут дии». Онуоха холуочук киһи оҕонньор диэки көрөн баран: «Ар-рел буоллаҕым дии, ар-рел, а не шахаал махынаатый, эн курдук», – диэн киһиргиир. Ити турдаҕына, милииссийэлэр иһиирдэн кэлэн тутан ылаллар. Холуочук киһи куттанан аппаҥнас буолар, тугу эрэ саҥара сатыыр да, саҥата булдьуйан хаалан: «Ууу-уууу-уууу», – эрэ диирэ иһиллэр. Маны истэн туран оҕонньор: «Аррелыҥ мээнэ буолбатах эбит, өссө мотуордаах эбит, көтөн эрэр». Дьон күлсэн ньиргиһэ түһэллэр.

* * *

Уодай диэн араспаанньалаах уол Намҥа колледжка үөрэнэ сылдьан, вытрезвительгэ түбэспит. Саҥарар да кыаҕа суох ньаппаччы итирик үһү. Дьэ, онно икки милииссийэ «утуйар» хоско киллэриэх иннинэ, боротокуол толороору аатын-суолун ыйыталлар: «Фамилия?!»

– У-уу-уодай.

– Че? Не слышу!

– У-у-у-а-дай.

– Я тебе, козел, угадаю. Фамилию быстро!

– Уу-у-одай!

Кэтэххэ охсоллор. Туһа суох, киhилэрэ син биир биири мээрилиир: «У-у-адай». Доруобай капитан ыга кыыhыран, хайдах да гынарын билбэт. Киhитэ балык миинин курдук мэндээриччи көрөн баран олорор. Онтон өй ылан, кумааҕыга суруйан биэрэн, быыhаммыт. Милииссийэлэр ааҕа-ааҕа быардарын тарбаабыттар.

* * *

Биир атаспыт массыына ыытан иһэр. Аттыгар инники олбоххо хотуна олорсон иһэр. Арай радионан биллэрии кэлэр: «Кэрэ куолар чуҥкуйан олороллор, эр дьону билсиһиигэ ыҥыраллар. Телефоннара …». Ити кэмҥэ атаспыт массыыналары ситэн ааһа сатыы иһэр эбит, онон болҕомтото икки аҥыы хайдан хаалан, эмээхсинин олордон иһэрин умнан, дьахтарыгар хаһыытыыр: «Бардачоктан уруучуката ылан, түргэнник суруй эрэ телефоннарын». Эмээхсинэ өс киирбэх бардачогу хасыһан иһэн, хаһыытыы түһэр: «Суолас, өссө дьахталлары кытта билсэ сатыыр эбиккин дуу!!!» Атаскаан сыыстарбытын өйдөөн уҕарыта сатаан: «Ээ, ити Миисэ наадыйар ээ, Миисэ». Инньэ гынан туох да буруйа суох доҕорун уган биэрэр. Сураҕа, итинтэн сылтаан, Миисэ ойоҕунуун кыыһырсыбыт этилэр.

* * *

Арыыга от кэбиһэ сылдьабыт. Эбиэттии олордохпутуна, халлааммыт былытырыах курдук буолла. Кэбиһэ сылдьар дьоҥҥо куттал. Аҕам:

– Оо, дьэ! Аны ити былыт кэлэн кулгуйара буолуо! – диэтэ.

– Оттон маарыын радиоҕа биир киһи: «Бүгүн ардах түспэт»,  – диэн кулгуйбута дии, – диир ийэм.

* * *

Биирдэ икки табаарыс тыаҕа атастарыгар ыалдьыттыы тахсыбыттар. Дьиэлээхтэр үөрэ-көтө көрсүбүттэр, туустаах хатыыһынан, сыалаах хаһанан күндүлээбиттэр. Хара түүҥҥэ диэри аһаабыттар. Утуйуу буолбутугар биир дьыбааны тэлгэтэн утуппуттар. Түүн ортото дэлби утатан уһуктубуттар. Ууну хантан булан иһэллэрин билбэттэр. Көрдөхтөрүнэ, түннүккэ ортотугар диэри уулаах бааҥка турара ый сырдыгар олох угуйар-ыҥырар курдук эбит. Биир уол сыбдыйан тиийэн, харбаан ылбыт уонна дьыбааҥҥа аҕалан иһэн барбыт. Ону атына олус утатан ымсыыра истибит уонна ыйытар былаастаан эппит: «Туох уутай, бэрис эрэ!» Ууну иһэн астыммыт доҕоро: «Ээ, мэ. Кисиэл быһыылаах». Ити бириэмэҕэ биир эмээхсин иэрийэ-иэрийэ сөтөллөн хахсыйбыт уонна хатыҥыр илиитэ түннүк холуодатыгар сарбаҥнаабыт: «Хайа, бу силлиир иһиппин ханна гынан кэбистилэр?!»

* * *

Биир дэриэбинэҕэ похорона буолбут. Киһилэрин маһын мастарыскыайга оҥорон баран, кытай тракторынан прицепкэ тиэйэн, ыалларыгар аҕалан испиттэр. Трактористара үлдьү кылабыыһа диэки айанната турбут. Ону дьонноро кэнниттэн хаһыытаан тохтоппуттар уонна: «Маспытыгар кими сытыаран көмөбүт?» – диэн дьээбэлээбиттэр. Тракторист: «Кимиэхэ да этээйиккит», – диэбит даҕаны, киһи барыта билбит.

* * *

Тыaҕa биир оҕонньор тэрилтэҕэ хaрaбынaйдыыр эбит. Биирдэ сменатыгар аһаан кэбиһэн, тутуллубут. Табаарыстыы суут буолбут. Коллектив барыта баар. Дьон тыл ылан этээри гыннаҕына, оҕонньордоро тэбис-тэҥҥэ түһэрсэ олорор үһү: «Дьэ, саатта! Кэһэй! Олох кэһэтэн биэриҥ!» Дьон саҥарыах баҕата ханнан хаалар эбит. Мунньаҕы инньэ гынан, сүгүн ыыттарбатах даҕаны. Түмүгэр уураахтаабыттар: хамнаһыттан ыстараап курдук тэрилтэ туһатыгар 200 солкуобайы тутарга диэн. Оҕонньордоро олоро түһэн баран: «Пахай! Саатар быыгабар эҥин диэн суох дуо?» – диэбит.

* * *

Совхоз сaҕaнa оройуон хaһыaтын үлэһиттэрэ отчуттaр тустарынaн ыстaтыйa тaһaaрaaры тыaҕa тaхсaн, aлaaстaры кэрийэн, лaппa хойут төннөн испиттэр. Киэһэ 10 чaaс эҥин диэки буолуо, биир aлaaскa киирбиттэрэ, соҕотох киһи от охсон куһуйa турaр эбит. Хойуккa диэри үлэлиир киһи эбит диэн хaйҕaaн, кэпсэтээри тохтообуттaр:

– Дорообо! Хас чааска ходуһаҕа киирбиккиний?

Киһилэрэ отун охсубутун кубулуппакка туран:

– Ма-маарыын 6-тыан! – диэн кэбиспит.

Киһилэрин мэтириэтэ оройуон хаһыатын бастакы сирэйигэр тахсыбытын көрөн, дьон дэлби соһуйбут. Киһилэрэ ходуһаҕа киэһэ 6 чааска киирэн охсор идэлээх, бэйэтэ санаабытынан сылдьарын бэркэ билэллэр эбит.

* * *

Паша Ленинградка үөрэнэ сылдьан, хат буолан кэлэн, омуктан оҕоломмут. Уола улаатан, оскуолаҕа киириэх буола сылдьар. Уол олус хара да буолбатар, чугас эргин омук оҕото буолбатаҕа биллэр. Африка итии тыына тыыннааҕа таайыллар. Биирдэ Паша уолун сиэтэн маҕаһыыҥҥа киирбит. Борокуоппай оҕону көрөөт, соһуйбута буолар.

– Ок-сиэ, бу оҕо аҕатын баппыта тоҕо сүрэй. Үүт-үкчү.

– Ол эн Педроны хантан билэҕиний?

* * *

Арыгыһыттар маҕаһыыҥҥа билэр киһилэрин хайыталлар. Киһилэрэ харчытын ордугун барытын биэриэх буолар. Дьоно аттыгар харчытын ааҕа тураллар. Киһилэрэ бородуукталаан баран, кэлин тиһэҕэр туалетнай кумааҕы атыылаһар. Ону көрөн кэлэйбиттии: «Тугун эмиэ туалетнайай, биһиги эйиэхэ кинигэ биэриэх этибит буоллаҕа», – диэхтииллэр.

* * *

Урут биһиги дэриэбинэбитигэр линия тардар нууччалар соҕурууттан кэлэ сылдьыбыттара, «ЛЭП» дэнэр биригээдэлэр. Онно биир кыыс оҕо бэлэхтэтэн хаалбыт. Ол дьахтар аҕата оҕонньор, сэрии бэтэрээнэ, биир күн дьиэтигэр оҕо көрө олорбут. Ыала, үөлээннээҕэ оҕонньор табахтыы, кэпсэтэ киирбит. Дьэ, оҕону саарата олороннор маннык диэн кэпсэтэллэр үһү. Биирэ: «Бу оҕо улааттаҕына, сахалыы сатаан саҥарыа дуо?» – диэн ыйытар үһү. Биирэ олорбохтоон баран: «Ким билэр обургуну, сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, тоҥ нуучча дии, аны сахалыы сатаан өйдөөбөккө, киһини эрэйдиирэ буолуо», – диир үһү.

* * *

Биир хараҕынан мөлтөх ветеринар баар эбит. Ону биир дьээбэ киһи ынахтара уулаахтарын көрдөрө ыҥырбыт. Хотоҥҥо киирбиттэр, борук-сорук баҕайы үһү. Ветеринардар бэрэбиэркэлииллэригэр ынах кэннигэр илиилэрин уган көрөллөр үһү. Биир ынаҕы ветеринар уган көрөн баран, улахан уулаах диэбит. Онтон киһитэ аттыгар турар сүөһүнү ыйбыт, итини көр эрэ диэн. Ветеринар илиитин уган көрөн баран: «Баар эбит!» – диэбит. Киһитэ: «Хата, оҕуһум эмиэ төрүүһү, бэрт эбит», – диэбит.

* * *

Биирдэ күһүн муус аннынан муҥхалыы сылдьабыт, үрэх баһыгар. Бастакы күммүтүгэр балачча балыгы хоторон үөрэн-көтөн, Байанайбытыгар махтанан, киэһэ аҕалбыт өйүөбүттэн син элбэҕи истибит. Сарсыарда эрдэ 7 чааска туран аһыы охсон, хомунан күөлгэ киирээри сырыттахпытына, кадровай булчут уол атын үүтээнтэн балыктаһа кэллэ. Кини бултаабыта ый курдук буолбут. Ол кэмҥэ биир эдэр уолбут Баанньа өлөттөрөн өрө уһуутуу-уһуутуу, хотуолуу-хотуолуу наараҕа сытарын көрөн этэр: «Оо! Баанньа абыраммыт да баҕайыы-ыы! Хаарыаны кини буолбут киһии-ии!» Баанньата киһитин бэргэһэнэн быраҕар уонна үөхсэр.

* * *

Биир куһаҕан баҕайы майгылаах дьахтар баар. Дьону кытта сатаан кэпсэппэт эҥин. Биирдэ ол дьахтар уулуссанан баран истэҕинэ, утары дьахталлар көрсөн ыйыталлар:

– Хайа, Балбаараа, хайа диэки бардыҥ?

– Инним диэки…

Уонна салгыы иннин диэки бара турбут. Өссө ким эрэ ыйыппыт:

– Халлаан хайдаҕый?

– Күөх!

* * *

Балай эмэ саастаах Кэлэҕэй Миитэрэй диэн тырахтарыыс баара. Биир үтүө сарсыарда, кур холуочук, гарааһыгар кэлэн, ДТ-75 тыраахтарын собуоттуу сатаан сордоммут. Итирик киһи балай эмэ мөхсүбүт, тыраахтар иһинэн-таһынан тиэстибит да, тыраахтара собуоттамматах. Сотору пускаас аһа бүтэн, ах барбыт. Онтон олоро түһэн баран, хоонньуттан биир иһит «Испирдиэн Уйбаанабыһы» ойутан таһааран, аҥаарын пускааһыгар кутан куллугуратаат, сунуурун тардыбыта, тыраахтара тарылыы түспүт. Бэҕэһээ итирик хаһаайына ускуораһын араарбакка хаалларбыт тыраахтара утары турбут бодобуоһу иннигэр уктубутунан, хараас аанын күрдьүбүтүнэн, таһырдьа былдьаспыт. Миитэрэй, уолуйан, балай эмэ таалан турбахтаат, өй ылан, тыраахтар кэнниттэн саппай уопсубут. Ол иһэн бытыылкатын моонньуттан тутан, өрүтэ ууналыы-ууналыы хаһыытыыр үһү: «Доҕоор! Тох-тоо! Тох-х-тоо! Манна өссө баар!!!»

* * *

Биир ыал аҕата кустуу бараары суон баҕайы кэргэнин, ботуруонун көрдөтө, ыскаабын хастарбыт. Эмээхсинэ олоппоһунан ытта-ытта тахсан, уһун баҕайытык көрдөөбүт аҕай. Ыал аҕата ньиэрбинэй баҕайы киһи үһү: «Х-ха-йа баар дуу, суох дуу?!!» – диэн баргыытаабыт. Онуоха эмээхсинэ: «Суох, суох!!» – диэн эппиэттээбит. Ону оҕонньоро өссө ньиэрбинэйдээбит уонна: «Суох буоллаҕына, тугу гына тураҕыный итиннэ!!!» – диэн баран олоппоһун түҥнэри тэбэн түһэрбит уонна кэннин да хайыһан көрбөккө, тахсан барбыт.

* * *

Окко сылдьан, ардахтаан сыппыппыт хас да хонно. Биир туох эрэ кэлии киһилээхпит атаҕын сыта киһи кэтэҕинэн тахсар. Бары ампаарга сытабыт. Ардах тохтоло суох хас да күн түстэ. Мин тастан киирдим. Оһох оттулла турар, ип-итиигэ сыт-сымар өссө көөнньүбүт. Дьон бары наараҕа сыталлар. Мин: «Хайа, уолаттар, сыт да сыт дуу?» Уу чуумпу… Онтон биир киһи саҥа таһааран күллэ, онтон дьэ күлсэн тоҕо бардылар. Сыттаах киһиттэн уратылар…

* * *

Дойдубутугар Конокочун диэн ааттаах сэрии бэтэрээнэ оҕонньор баара. Иһинэн-таһынан эрдэн сүрдээх кэпсээннээх этэ. Ол табаарыс сэрииттэн этэҥҥэ тыыннаах кэлбитигэр, аймахтара бары кэлэн, малааһын оҥорбуттар. Киһилэрэ кыратык таһараа балаҕаҥҥа утуйа түһэн киирбит уонна аймахтара остуолга күргүөмүнэн олороллорун көрөн: «Оо, аймахтарым барахсаттар хоһулаһан олороллоро тоҕо үчүгэйэй, ортоҕутугар граната быраҕан баран, аптамаатынан тибиирдибит киһи-и», – диэн саҥа аллайбыт.

* * *

Бүлүүттэн кэлэ сылдьар убайдарбын ыла ипподромҥа ат сүүрдүүтүгэр бардым. Ханан олороллорун билбэппин, төлөпүөн хаппат. Мээнэ трибуналары кэрийэ сылдьан көрдөөтүм. Хата, хараҕым сытыы буолан, үөһэ олороллорун тэһэ көрөн ыллым. Арай тахсан истэхпинэ, биир киһи сиэхпиттэн тардыалыыр: «Эн кимҥиний? Мин Сардаанабын (уксаары атын аатын ааттыыр)!» Ону мин: «Бүөтүрбүн», – диибин. Дьэ ноо, киһим сутуругун туппутунан туран кэллэ ээ: «Туох диигин, дьиикэй!» – диэн кырбаары сор.

* * *

Похорона буола турарыгар биир арыгыһыт киһи ааһан иһэн: «Ээ, хата манна киирэн абырахтаныахха», – диэн көтөн түспүт. Өлбүттээхтэр хайыахтарай, үүрэн таһаарбаттар буоллаҕа, кутан биэрбиттэр уонна тылла эт диэн буолбут. Киһилэрэ туран баран, харах уулаах эҥин тыл эппит уонна: «Чэ, бокуонньук доруобуйатын туһугар!» – диэн баран, хантатан кэбиспит.

* * *

Биир дьахтар оҕонньоро ыраах учаастакка сыттаҕына, нууччаттан оҕоломмут. Аҕа киһи кэлэн көрөөччү буолбут уонна сор улаханнык соһуйбут: «Па, мантыбыт нуучча эбит дуу?!!» Онуоха дьахтара батары хаһыытаан биэрбит: «Ак-каары, маҕаһыын барыта нуучча аһылыга дии, буолбакка!» Ону оҕонньоро: «Кыдьдьык даҕаны», – диэн хаалаахтаабыт.

* * *

ГИБДД инспектора УАЗ «Санитарканы» тохтотто. Массыына инспекторы ааһан баран тохтоото. Массыына ситэ тохтуу илигинэ, суоппара ааны аһаат, маатыралаабытынан ыстанан түстэ.

– Инспектор ДПС Сидоров…

– Ынырыктык ыксаан иһэбин. Билигин төннөн иһэн тохтуом,– диэт, суоппар массыынаҕа киирээт, Аллараа Бэстээх диэки гаазтаан кэбистэ… Инспектор кэтэһэ хаалла. Суоппар отой да водительскай дастабырыанньатын дьиэтигэр умнан кэбиспит.

* * *

Улуустан кэлбит такси куорат устун пассажирдарын аадырыстарынан тарҕатар. Утары иһэр массыыналар биир-биир сигналлыыллар, сорохтор «моргайдыыллар», сорох суоппар далбаатыыр. Ол аайы суоппарбыт:

– Ити кимий? – диэн иһэр, түннүгүнэн тахсыах курдук. – Куһумуун дуу, Валерка дуу?..

– Тыый, куоракка билэр киһиҥ элбэҕин, – диир иннигэр олорор сөхпүт пассажир. Онтукайбыт баара, Ярославскай уулусса «односторонньай» буолбутун билбэккэ, «встречнайынан» астара сылдьар эбиппит.

* * *

Такси диспетчеригэр сакаас киирдэ. Биир киһи: «Чернышевскай уулуссаҕа Бекетов стеллатын таһыгар турабын, кэлэн ылыҥ», – диир. Таксист сакааһы ылан баран, ыйытар: «А кто такая Стелла Бекетова и где она стоит?»

* * *

Крестьянскай ырыынактан эт ыла бардыбыт. Арай барыта Чурапчы этэ буолбут. Биир дьахтартан ыйыттым: «Бу чахчы Чурапчы этэ дуо?» «Конешно», – диир. «Оччоҕо Чурапчылар суөһүлэрин эстилэр дуо?» – диибин. Дьахтарым: «Эс, айыы даҕаны», – диэн соһуйар. «Оттон көрүүй бэйэҥ, барыта чурапчылар киэннэрэ дэһэллэр, ол аата сүөһүлэрин барытын өлөрдөхтөрө дии…»

* * *

Уола арыгыны амсайарын сөбүлүүрүн иһин ийэтэ ыалдьыт-хоноһо кэлиэ диэн хааччыйа атыыласпыт арыгытын күрдьүккэ кистээбит.

Уол ийэтэ арыгылааҕын билэр эрээри, ханна кистээбитин билбэт эбит. Биир киэһэ ийэтэ этэрбэс абырахтыы олордоҕуна, уола:

– Ийээ, олоппоһуҥ анныгар бытыылка турар, сэрэн, тоҕо тэбээйэҕин, – диэбит.

Онуоха ийэтэ эрэйдээх өмүрэн:

– Суох, суох, мин күрдьүккэ кистээбитим, – диэт, таһырдьа ыстанаахтаабыт.

Нам Таастааҕар

Манна куобах күрэҕэр сылдьан Дьокуускай киһитэ Т. киэһэ утуйаары сытан таас хараҕын уулаах ыстакааҥҥа түһэрэн баран, үүтээн остуолугар ууран кэбиспит.

Нам оройуонун эппиэттээх үлэһитэ О. түүн тамаҕа хатан, ол таас харахтаах ууну аҕыйахта ыймахтаабыт.

Сарсыарда араллаан буолбутугар: «Ол ыстакааннаах ууну мин испитим», – диэн билиммит. Ол күнү быһа иккиэн субуруһа сылдьан манаһан, киэһэлик таастара тахсыахтаах сириттэн көстүбүтүттэн, хата, үөрбүттэр.

* * *

Ортолоон эрэр саастаах эрээри, эдэрчи көрүҥнээх дьахтар кэргэммин кытта арахсабын диэн суукка дьыала киллэрбит.

Судьуйа дьахтартан арахсар биричиинэтин ыйыппытыгар: «Кэргэним миигин эр киһи быһыытынан хааччыйбат (астыннарбат)», – диэн быһаарбыт.

Онтон эр киһиттэн ыйыталаһыы буолбутугар: «Оттон били Ньукуолаҕа алаадьы сиэн баран, тугу гынныбыт этэй? Хайа били сайылыкка тахсарбытыгар хаһаас эппитин буһарынан аһаан баран, тугу гыммыппытый?»

Онуоха суут саалатыгар мустубут дьонтон биир киһи тыл бырахпыт: «Оо, кырдьык да, сэдэх эбит, доҕор».

Суут туох быһаарыыны ылыммытын туһунан сибидиэнньэ суох дииллэр.

С.Н. Платонов кэпсээннэриттэн

* * *

Биир ыччат уорууга түбэспит. Суут 2,5 сылга уурбут. Барарыгар табаарыһыгар эппит:

– Дьэ, атаспар зонаттан чётка аҕалыам, мощнайдык оҥороллор.

Олорон кэлбит. Ону били доҕоро көрсөн ыйыппыт:

– Хайа, ноо, били чёткаҕын аҕаллыҥ ини?

– Ээ, аҕалтым да, эйигин көрсүбэккэ, атын киһиэхэ биэрэн кэбистим.

– Ээ, пахай! Чэ, аныгыскыга аҕалаар, доо!

– Ээ, … уонна барбаппын!

* * *

Аҕам уонна балтым самолетунан көтөн испиттэр. Оччолорго балтым сэттэ саастаах, аҕам отут биэстээх, самолетунан аан бастаан көтөллөр. Көтөн иһэн аҕам куһаҕан буолаары гыммыт, сирэйэ кытарбыт, сүрэҕэ тохтоору гыммыт. Өлөрүм кэллэ дии санаан, адьас дьиҥнээхтии ыксаабыт уонна кыыһыгар эппит: «Дьэ, сыллыай, туох эрэ буолаары гынным. Арай эмискэ өлөн хааллахпына, тута дьону ыҥырымаар. Туруусукпуттан харчыбын ылан баран, биирдэ ыҥыраар», – диэбит. Ол ынырык хартыынаны хараххытыгар оҥорон көрүҥ эрэ.

* * *

Эдэр сылдьан Хаҥаласка сырыттахпына, биир оҕонньор кэпсиир: «Сэриигэ киирдибит. Бэт да бэт! Ньиэмэстэр ытыалыыллар да ытыалыыллар. Бэт да бэт! Командирбыт атаакаҕа туруорда. Бэт да бэт! Хаһыытаан иһэн, өлөн түстэ. Бэт да бэт! Мин араанньы буоллум. Бэт да бэт!» Кэпсээн ити курдук хабааннаахтык бара турара.

* * *

Улуус биир дэриэбинэтин кырдьаҕаһа Аҕа дойду сэриитигэр кыттыытын кэпсиир үһү.

– Дьэ, биирдэ аатырар СС сэриитэ кэллэ. Биһиги бары сааларбытыгар ыстыыкпытын иилэн баран, атаакаҕа киирдибит. Биһиги, сахалар, үс этибит. Сэргэстэһэ турунаат да, сүүрэн киирэбит өстөөххө. Дойдубутугар кыдамаһыт бэртэрэ буолан, дьэ, онтукабыт абыраабыта. Ыстыыкка ньиэмэһи үөлэ-үөлэ, кэннибит диэки кыйдаан иһэбит. Нууччалар биһиги кэннибититтэн ситэрилииллэр.

* * *

Үөн хаата киһи маҕаһыыҥҥа киирбит. Уочаракка син балай да киһи баар. «Тэтэрээт баар дуо?» – диэн киирээччи ыйытар. «Ахсаан тэтэрээтэ дуу, суруйуу тэтэрээтэ дуу?» – атыылааччы бэйэтиттэн ыйытар. «Кэннини сотторго синэ биир ини», – диэн маҕаһыын иһигэр турар дьону күллэрэн турар.

* * *

Хайа эрэ куоталаһыыга табаарыһым атаһын аттыгар турар кыыс дьүөгэтигэр хаһыытыыр үһү: «Мин манна турууһукпун», – диэн. Онтун дьүөгэтэ истибэккэ, хаста да хатылаабыт. Атаһым доҕоро истэ сатаан баран: «Онтон мин манна маайкабын», – диэбит. Уолаттар быара суох барбыттар.

* * *

Убайым милииссийэҕэ үлэлиир. Кыһын биир күн эбиэккэ сиэм диэн убаһа быара илдьибит. Уонна тоҥ аата тоҥ буоллаҕа, таһырдьа таһааран пожарнай щит иһигэр ыйаан кэбиспит. Эбиэт саҕана тахсыбыта, арай пакета суох! Ирдэһэн көрөр да, ким да тугу да билбэт үһү. Арай 15 сууккалаах дьоҥҥо тиийэн ыйытар: «Ким таһырдьа ыйанан турар пакеты ылбытай?» Уу чуумпу үһү. Уонча киһи баара үһү. Кыыһыран хаһыытаабыт: «Акаарылар! Киһи быара экспертизаҕа барыахтаах этэ!» Дьэ, онно тута икки киһи «бөөх» дии-дии туалекка сүүрбүттэр.

Номнуо өлбүт

Биир Амыдай Бааска диэн киһи хаартылыы олорон, сүрэҕэ тохтоон өлөн хаалбыт. Дьэ, кэргэнигэр биллэрэр наадата тирээбит. Бары куттаммыттар. Сүбэлэһэн баран биир саамай холку киһилэрин Силиппиэни ыыппыттар.

Силиппиэн өлүөхсүт дьиэтигэр тиийэн ааны тоҥсуйбут. Аан нөҥүө Амыдай Бааска кэргэнэ ыйыппыт:

– Ким кэллэ?

– Ээ, мин, Силиппиэммин…

– Хантан кэллиҥ?

– Арамааннаахтан, – диир бэрт холкутук.

– Били мин эрим буолуохсут наар хаартылыыр сириттэн дуо?

– Ээ, оннук.

– Эрим онно баар дуу?

– Ыык…

– Дьэ, эмиэ сүүйтэрдэ дуу?

– Ээ, сүүйтэрэн…

– Ыы, баҕайы! Ити кэриэтин өлөн да хаалбат ээ! – аан нөҥүө Амыдай Бааска ойоҕун саҥата кутаа уот курдук күүдэпчилэнэр.

– Оттон сөпкө этэҕин. Номнуо өллө ээ…

– ?!

* * *

Биир дьахтар соҕуруу олоро сылдьыбыт. Кыра оҕолонон кэлбит. Эрэ суох эбит. Оҕотун бороохтуйуута биирдэ маҕаһыыҥҥа кэлбит. Дьахталлар ол оҕону көрүү-истии бөҕө буолбуттар, хайа омук оҕото буолла диэн саҥалар иһиллибиттэр. Биир тиийиммэт соҕус киһи баар эбит, ол табаарыс быһааран кэбиспит: «Саҥардаҕына, билиэхпит!»


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации