Электронная библиотека » Валентина Сивцева » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Көрүдьүөстэр"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Валентина Сивцева


Жанр: Анекдоты, Юмор


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 4 страниц)

Шрифт:
- 100% +

АНЕКДОТТАР

Биир киһи үс уоллаах эбит. Ортоку уолу акаарытын иһин адьас абааһы көрөр эбит. Арай туран өлөр күнэ-чааһа тиийэн кэлбит уонна эмээхсинин ыҥырбыт.

– Эмээхсиэн, – диэбит сэниэтэ суох куолаһынан, – айыыны-хараны аһаҕастык билинэр кэм кэллэ быһыылаах. Эт эрэ, ити ортоку уол аҕата кимий?

– Сэгэриэм, бачча тухары хайдах сэрэйбэтэх муҥҥунуй? Ити эйигиттэн оҕом ээ. Оттон улаханнаах кыра уол аҕалара атыттар.

* * *

Биир киһи Маай бырааһынньыга буолуо быдан инниттэн арыгылаабыт. Арай биирдэ уһуктан оронугар олоро түспүт уонна саҥа аллайбыт:

– Оо, дьэ, сор эбит! Аны тохсус маай хаалла, – диэбит. Онуоха кэргэнэ өрө часкыйа түспүт:

– Сатана-а, бүгүн онус чыыһыла буолбат дуо?

* * *

Кэргэнниилэр кыыһырсыбыттар. Кэнникинэн төрүт кэпсэппэт, наадаларын суругунан эрэ быһаарсар буолбуттар.

Эр киһи суруйар: «Миигин сарсыарда 8 чааска уһугуннараар».

11 чаас буолбут. Туран остуолга тиийбитэ сурук сытар: «Тур! 8 чаас буолла».

* * *

Студентка кыыс уопсайга кэлэн дьүөгэтэ ытыы олороругар түбэһэр.

– Туох буоллуҥ, тоҕо ытаатыҥ?

– Дьоммор сурук ыыппытым, компьютер атыылаһарбар харчыта ыытыҥ диэн…

– Оо, аккаастаабыттар дуо?

– Суох, оннооҕор куһаҕан. Компьютер ыыппыттар.

* * *

Куораттан дэриэбинэҕэ сайылыы кэлбит уол аҕатыгар этэр:

– Дьэ, аҕаа, сиэннэриҥ адьас «тоҥнор», ириэртэрэ аҕаллым.

* * *

Баһаарынайынан үлэлээбит киһи музыкальнай училищеҕа киирээри экзамен туттара олорор. Киниттэн ыйыталлар:

– Скрипка уонна контрабас туох уратылаахтарый?

– Контрабас өр умайар, – диэн эппиэттиир баһаарынай.

* * *

Эр киһи табаарыһыгар суланар:

– Мин ыалларбын тулуйарбыттан аастым. Бэҕэһээ түүнү быһа истиэнэбин лүҥсүйдэхтэрэ үһү!

– Эрэйдээх, олох утуйаахтаабатаххын дии.

– Ээ, оттон кырдьыгынан эттэххэ, тромбоҥҥа эрчиллэр буолан, син биир утуйбакка олорбутум.

* * *

– Кэргэним Анапаттан эрийэ сырытта. Курорт режимигэр, хата, икки киилэни түстүм диэн кэпсиир.

– Тыый, бэрт эбит дии.

– Туох бэрдэ кэлбит үһү. Кини ыйааһыныгар ол диэхтээн, «Мерседес» атыылаһаргар биэс солкуобайынан түһэртэрбитиҥ тэҥэ буоллаҕа.

* * *

Икки доҕордуу көрсүһэллэр. Биирдэрэ этэр:

– Утуйбат буолан хааллаххына, эн тугунан эмтэнээччигиний?

– Икки чаас буола-буола арыгы иһэбин.

– Онтуҥ көмөлөһөр дуо?

– Көмөлөспөтөр да, ол кэнниттэн бэһиэлэй соҕустук сытар буоллаҕыҥ дии!

* * *

Ыскаамыйаҕа биир олус санаарҕаабыт сирэйдээх-харахтаах киһи олорор. Аттынан олус мааны көстүүмнээх тойон ааһан иһэн аһыммыттыы ыйытар:

– Доҕоор, туох буоллуҥ, туохтан бачча санаарҕаатыҥ?

– Аттыбар олор, оччоҕо кэпсиэм, – диир.

Мааны киһитэ ыксатыгар кэлэн олорор.

– Табаарыс, бу ыскамыайка сибиэһэй кырааскалаах эбит, онтон санааргыы олоробун.

* * *

Биллиилээх поэт Евгений Евтушенко Саха сиригэр кэлэ сылдьан Халыма диэки ааспыт. Онно кулууп сэбиэдиссэйэ биллэриитин ыйаары маҕаһыын таһынан ааһан истэҕинэ, дьон туох сонун диэн ыйыталаспыт.

– Евтушенко кэлбит, – диэн эппиэттээбитин, тыа дьоно «эт, тушенка» диэн сыыһа истэн, маҕаһыыҥҥа кутуллубуттар.

* * *

Сэбиэскэй кэмҥэ дьон «Комсомол, эн ааккын ааттыыбыт» диэн ырыа тылларын «Комсомол, эн аккын аттыыбыт» диэн истэллэрэ үһү. Оттон «Кыһыл комиссардар» диэн ырыаны «Кыһыл көмүс саардар» диэн истэр эбиттэр.

Туостар

Биир киһи түүн хойут дьиэтигэр кэлбит. Ойоҕо:

– Ханна сырыттыҥ?

– Коляҕа сырыттым.

– Сымыйалаама! Бээ, бэйэм бэрэбиэркэлиэм. Алло, Коля! Бүгүн эһиэхэ мин кэргэним баар этэ дуо?

Уонна маннык эппиэти истибит:

– Тоҕо баар этэ диигин? Билигин да баар ээ!

Эрэллээх уонна бэриниилээх доҕотторбут туһугар!

* * *

Одесса куорат. Биир дьахтар түннүгүнэн өҥөйөн туран ыала дьахтарга хаһыытыыр:

– Софочка, тугуй, ыарыйдыҥ дуо?

– Ким инньэ диирий?

– Ээ, суох, көннөрү, маарыын сарсыарда эйигиттэн бырааспыт тахсан иһэрин көрбүтүм ээ.

– Чэ-чэ, ээх. Мин да сотору-сотору эйигиттэн майор формалаах киһи тахсарын көрөбүн да, тоҕо эрэ куораты биир гына «Сэрии буолла дуо-о?» диэн халаарбаппын ээ, – диэбит. – Онон, табаарыстар, эйэлээх олох туһугар бу үрүүмкэни көтөҕөн кэбиһиэҕиҥ.

* * *

Холодильник тоҥорор камератыгар икки куурусса сытар – биирэ биһиэнэ, биирэ – тас дойду гиэнэ. Тас дойду кууруссата киһиргиир:

– Мин ыраас гына үргэммиппин уонна сыам сап-саһархай. Оттон эн күп-күөххүн. Мин салапааҥҥа сууламмыппын, оттон эн – суох.

Биһиги кууруссабыт абатыйбыт:

– Ол гынан баран эйигин өлөрбүттэрэ, оттон мин бэйэм симиэрпинэн өлбүтүм…

* * *

«Верность» диэн одеколон дьиэҕэ олус туһалаах: таракаантан көмүскүүр уонна эриҥ атыттары кытары эрийсэрин тохтотор. Сыта куһаҕана бэрдиттэн киниттэн бары куота сылдьаллар.

* * *

Быраас ыарыһахтан ыйытар:

– Эн тоҕо түүн үс чааска төлөпүөннээтиҥ? Туругуҥ этэҥҥэ эбит, куттал суох.

– Доктор, дьыала онно буолбатах, түүн төлөпүөннүүргэ сибээс сыаната чэпчэки уонна эйигин бу кэмҥэ иллэҥ буолуо дии санаабытым.

* * *

Хаһыакка биллэрии: «Эдэр, спортсмен, кыраһыабай, үптээх-астаах, туох да куһаҕан кэмэлдьитэ суох, омук сиригэр кытта дьиэлээх эдэр киһи олоҕун доҕорун көрдүүр. Телефона…» Наһаа сөхпүт дьахтар телефоҥҥа:

– Хайдах, биир да итэҕэһэ суоххун дуо?

– Биир баар. Сороҕор эбэн кэпсээччибин.

* * *

Биир дьахтар дьүөгэтигэр:

– Бэҕэһээ эрим ынырык сыаналаах, иһэ уу матараастаах орон атыылаһан кэлбит.

– Эчи, үчүгэйин, оттон ууга долгулдьуйар курдук төһө эрэ көҕүтэр. Ууга таптаһар буоллаххыт дии.

– Оо, мин эрим темпераменынан ууга таптаһыы буолуо дуо, Мертвай муораҕа айан буолар буоллахпыт дии.

* * *

Кэргэнэ сабыс-саҥа телевизор атыылаһан аҕалар. Дьааһыгар араас бэлиэ ойуулаахтар. Ойоҕо:

– Хайа-а, дьааһыгар тоҕо үрүүмкэ ойуулааҕый?

– Сыаналаах малы сууйуллар диэн суолталаах, – диэбит эрэ үөрбүт куолаһынан.

* * *

Тохсунньу 1 күнэ. Остуолга сурук: «Тапталлааҕым, Саҥа дьылынан! Р.S. Холодильникка ороһуол баар. Р.Р.S. Холодильник куукунаҕа».

* * *

Табаарыстыылар барга хойукка диэри олорбуттар. Биирэ үөһэ тыынан баран ыйытар:

– Дьиэҕэр тиийдэххинэ, эмээхсиҥҥэр туох диигин?

– Мин кинилиин кэпсэтиим кыра. «Үтүө киэһэнэн» эрэ диибин уоннааҕытын кини саҥарыаҕа.

* * *

Эр киһи саахса хонтуоратыгар кэлэр:

– Мин кэргэннэниэхпин баҕарабын, ол гынан баран кэргэним баай, кырасыабай уонна эрэллээх буолуон баҕарабын.

– Итинник хаачыстыбалардаах дьахтар эйиэхэ кэргэн тахсарын наадатыгар акаары буолуон наада.

– Буоллун, буоллун.

* * *

Аҕата уолчааныгар сэмээр дьиэ кэргэҥҥэ эбиллии буолуохтааҕын туһунан этээри бэлэмнэнэр уонна:

– Тоойуом, кыракый балтыланыаххын эбэтэр бырааттаныаххын баҕараҕын дуу?

– Баҕарбат да буоллахпына, хойутаатаҕым дии.

* * *

Төрөөбүт күҥҥэ ийэтэ оҕотугар оонньуур бэлэхтиир:

– Туох диэхтээххиний? Аҕаҥ хамнаһын аҕаллаҕына, мин туох диэччибиний?

– Уонна бүттэ дуо диэччигин.

* * *

Хаһаайка ыалдьытыттан ыйытар:

– Кофеҕар хас ньуоска саахары куттааччыгыный?

– Дьиэбэр – биири, ыалга – биэһи, – диэн ыалдьыт дьээбэлэнэр.

– Оо, чэ оччоҕо дьиэҕэр курдук сананан кэбис.

* * *

Дьахтар эригэр муҥатыйар:

– Эн биһи ханна да сылдьыбат, барбат-кэлбэт буоллубут дии.

– Чэ, сарсын бөх тоҕо тахсарбар барсаар.

* * *

– Субуота аайы дьиэҕэр куоска тоҕо наһаа ньааҕыныырый?

– Сууйабын.

– Оттон мин да сууйабын эрээри, итинник ньааҕынаабат ээ.

– Оттон эһиги сууйан баран, ыкпаккыт буолуо.

* * *

Ийэтэ кыра уолун мөҕүттэр:

– Холодильника тоҕо эмиэ «Ж» буукубаны уруһуйдаатыҥ?

– Ити «Ж» буолбатах, снежинка дии.

– Ээ, оттон ону эн итирик ыалдьыттарга быһаарбытыҥ дуо?

* * *

– Иванов!

– Мин.

– Петров!

– Мин.

– Үс тыһыынча отутус!

Кыыһырбыт куолас:

– Табаарыс прапорщик, мин араспаанньам ЗОЗО.

* * *

5 саастаах кыргыттар детсадка кэпсэтэллэр:

– Биһиги саҥа паапалаахпыт!

– Ким диэний?

– Сергей Степаныч.

– Петров диэн дуо?

– Аһа…

– Ээ, ол үчүгэй киһи! Кини биһиэхэ былырыын сылдьар этэ.

* * *

РФ премьер-миниистирин кыыһа оскуолатын бүтэрэн, үөрэххэ туттарсар буолбут. Куонкурус олус улахан эбит. Биир миэстэҕэ 40 университет…

* * *

Уоллара сарсыардаттан хара түүҥҥэ диэри көмпүүтэргэ олорор. Ыксаабыт төрөппүттэр быраастан сүбэ көрдүүллэр. Быраас уолу көрөн баран этэр:

– Кинини эмтээн үтүөрдүөххэ сөп эбит.

– Тугунан?

– Пиибэнэн, табаҕынан, дьахтарынан…

* * *

Аата: Екатерина

Араспаанньата: кистэлэҥ

Төрөөбүт сыла: кистэлэҥ

Аадырыһа: E-mail: ivanova1985@мэйл.ру

* * *

Оҕонньор илимигэр кыһыл көмүс балыкчаан иҥнибит. Салҕалас буолуор диэри үөрбүт оҕонньор балыктан көрдөһөр:

– Советскай Союз Геройа буолуохпун баҕарабын!

Эмискэ сүүһүнэн элбэх ньиэмэс тааҥкаларын иннигэр биир эрэ граната тутуурдаах баар буолан хаалар.

* * *

– Доор, эн эбиэттиир кэмҥэр ойоҕуҥ, сураҕа, кинигэ ааҕар үһү дуу?

– Оттон сөп, тугу аһыы олорорбун билэр наадаттан кулинарнай кинигэни булгу аахтарабын.

* * *

Парфюмернай маҕаһыын продавеһа:

– Мадам, эйиэхэ духи атаакаҕа аналлаах дуу, бэйэни көмүскэниигэ дуу?

* * *

Дьахтар маҕаһыынтан бөлүөк атыылаһан кэлбитин көрөн, эрэ мөҕүттэр:

– Иирбит дуу, бу дьахтар! Дьиэҕэ биир да хааппыла арыгы суох, кини буоллаҕына мебель атыылаһа сылдьар.

* * *

– Бэҕэһээ тугу испиккиний диибин ээ? Муостаттан да кыайан хоҥнорботоҕум.

– Клей испитим буолуо дуо, ама?!

* * *

Эр киһи дьахтары кытта бииргэ буоллахтарына, дьахтар:

– Дьэ, бииргэ буоллубут, – дии саныыр.

Оттон эр киһи:

– Дьэ, бэйэбит эрэ буоллубут, – диир.

* * *

– Бааскаа, эн ойоххун кытта хоонньоһон кэбистим, бириэмэннэй буоллум диир. Онон эн биһи аймахтыы буолан хааллыбыт дуу?

– Суох! Билигин биһи аахсарбыт суох, тэҥнэстэхпит дии.

* * *

Биир киһи «Россия» гостиницаҕа кэлбит. «Миэстэ суох», – диэбиттэр. Көрдөҕүнэ, ханнык эрэ хара дьон «Уругвай», «Парагвай» дии-дии администратор таһынан ааһа тураллар эбиттэр. Били киһи толкуйга түспүт. Онтон гостиницаттан тахсан барбыт. Чаас курдугунан эмиэ киирэн кэлбит уонна администратор кыыска туһаайан:

– Батагай! – диэбит.

– Бырастыы гын, ол государство ханна баарый? – диэн кыыс ыйыппыт.

– Парагвай уонна Уругвай икки ардыларынан, – диэбит били киһи уонна бэрт холкутук туттан ааһа турбут.

С. Михайлов

* * *

Ырыынакка бэрэбиэркэһит кэлбит:

– Бу балыгы атыылыырга докумуоҥҥут баар дуо?

– Ол туох докумуона нааданый? Өлбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ наада дуо?

* * *

«Арассыыйа-Германия» футбол матча буола турар. Ахсаан ньиэмэстэр туһаларыгар – 2:0.

– Уолаттаар! – түрүбүүнэттэн бэтэрээн оҕонньор хаһыытыыр. – Биһиги кинилэри Сталинградка, Курскайга, Днепргэ, Берлиҥҥэ үлтү сынньыбыппыт!!! Тугу кэбилэнэ сылдьаҕыт бу?!

Онуоха аттыгар олорор грузин:

– Оччолорго атын тренер этэ…

* * *

Блондинкаттан ыйыталлар:

– Алпаабыкка хас буукуба баар этэй?

– Аҕыс.

– Аҕыс эрэ дуо?

– А, Л, П, А, А, Б, Ы, Т. Барыта – аҕыс.

* * *

5:50 – Өссө да эрдэ баҕайы эбит, утуйа түһүөххэ.

6:50 – Оо, турар кэм кэлбит! Турбут киһи…

6:57 – Туруохха наада, үскэ диэри ааҕыахха: биир… икки…

9:40 – Оо-оо-уу! Иэдээн да буолар эбит!!! Хойутаабыппын дии…

* * *

Аптекаҕа уочарат:

– Доо, эһиэхэ ацидиум ацетилсалицилиум баар дуо?

– Аа, аспирин дуо?

– Даа-даа, аатын олох умна турабын ээ. Ыл, аҕал эрэ, иккитэ-үстэ.

* * *

Уола табахтыы олорон, дьиэҕэ ийэтэ киирбитин истибит. Табаҕын бордууһунанан элиппит, үчүгэй сыты ыстарбыт. Ийэтэ хоско киирэр, уол этэр:

– Ийээ, ити мин табахтаабатым, ыалларбытыттан киирэр быһыылаах.

– Оо дьэ, төһө баҕарар табахтаа, арыгылаа, кыыста аҕал. Хаһааҥҥа диэри маннык сылдьаары гынаҕын – 44 саастааххын буолбаат…

* * *

Уол аһара үчүгэй бөгүүрэлээх кыыһы ситэ баттыыр:

– Кыысчаан, билсэбит дуо?

Кыыс эргиллэ биэрэр:

– Суох!

Уол кыыс сирэйин көрөн баран:

– Айыы таҥара, кириэс! Билсиспэтэхпит ордук эбит…

Ыал аҕата түүнү быһа үлэлээн кэлэр.

Күндү ааҕааччы!

Бу ытыс саҕа кинигэни ааҕан, күннээҕи олох кыһарҕаныттан, саатар, кылгастык да буоллар, аралдьыйан ыллыҥ ини диэн эрэнэ саныыбыт. Күлэ-үөрэ сылдьар киһи олох кыһалҕатын чэпчэкитик ылынар, эрдээхтик туоруур. Онон, бэйэ-бэйэбитигэр төһө кыалларынан күннэтэ үөрүүнү бэлэхтэһиэх, сэргэхтик сэгэйэ сылдьыах.

Оттон биһиги Бүлүү улууһун Өкүндүтүн олохтооҕо Розалия Сивцеваҕа, Фатима Петроваҕа, Наталия Бурцеваҕа, «Күндү күлүүктэр» куонкуруһу тэрийэн ыыппыт «Кэскил» хаһыат редакциятыгар, Интернет ситимин геройдарыгар Аргыска, Граҕа, НВ-га, Тайгерга, Бытыкка, МорПехха уо.д.а. кэрэхсэбиллээх кэпсээҥҥит иһин махталбытын тиэрдэбит. Аныгыскы көрсүөххэ диэри!


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации