Текст книги "Көрүдьүөстэр"
Автор книги: Валентина Сивцева
Жанр: Анекдоты, Юмор
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 4 страниц)
ӨКҮНДҮЛЭР КҮЛЭЛЛЭР
Мин төрөөбүт нэһилиэгим Өкүндү Саха сирин атын кыра дэриэбинэлэриттэн туох да уратыта суох. Кыһын – сүөһүбүт кыстыгын айдаана, сайын – оппут түбүгэ. Ол эрээри биһиги дьоммут көрү-көрүдьүөһү таптыылларынан, уус тыллаахтарынан биллэллэр.
Абырахтаммат таҥас
Охонооһойдоох Маарыйа үлэһиттэрэ, көнөлөрө бэрт буолан, бэркэ тапсан үчүгэйдик олорбуттара, биэс оҕону төрөтөн киһи оҥортообуттара.
Биирдэ обургу кыргыттара куораттаабыттар. Аймахтарыгар сылдьан, куораты көрөн, кыра кыыска босоножка диэн атах таҥаһа атыылаһан дьиэлэригэр хойут тахсыбыттар. Сарсыарда аа-дьуо туран, били атахтарын таҥаһын көрдөөбүттэр да, булбатахтар. Күнүс ийэлэрэ үлэтиттэн кэлбитигэр ыйыппыттарыгар: «Ити туох абааһы таҥаһын таһаарбыккытый? Киһи хайдах да сатаан абырахтыа суох. Түптэҕэ таһааран бырахпытым», – диэбит.
Кэлэйбит
Бөөччөөн Бүөтүр оҕонньор Дьокуускайга кэлэ сылдьан, оҥостон туран борохуолка көрө барда. Оҕонньорбут өр буолбата, бу киирэн кэллэ. «Хайа, оҕонньор, тоҕо эрдэлээтиҥ», – дэһэбит. Бүөтүр чыпчырына-чыпчырына, чахчы кэлэйбиттии туттан олорон кэпсиир: «Дьэ, борохуолкалара диэнтэн кэлэйдим. Аҥаардыы эрэ атах таҥаһын атыылыыр эбиттэр. Итини ким ылыай, наар аҥаар атахтаахтар ылаллар дуу, наас-наас кэтиэхпит диэччилэр ылаллара дуу? Дьаабы! Ол иһин салгыы көрө да барбатым».
Оҕонньорго тоҕо паара аҥаардыытын көрдөрүүгэ туруоралларын быһааран биэрдибит.
Бэргэн ытааччылар
Өрдөөҕүтэ Өкүндүгэ биир саас кырдьаҕас үөлээннээхтэр Мойтолло Ньукулай уонна Ильин Уйбаан эдэр саастарын санаабычча, бииргэ саалаабыттар. Кус кэтэһиэхтээх сирдэригэр тиийэн хонордуу тэринии буолбут. Тиэтэйбэккэ чэйдээн, дурдаларын оҥостон, мончууктарын анньан, кустарын кэтэһэрдии олорбуттар. Түүн уһун. Оҕонньоттор аа-дьуо ону-маны кэпсэтэллэр. Уйбаана этэр: «Дьэ, Ньукулай, андаатар кэллэҕинэ, хараҕын көрөн ытаар. Оччоҕо тириитэ алдьаммат». Ньукулайа иһигэр кыһыйа саныыр: «Бачча сааһыран баран, ол андаатар хараҕын көрүөхтээҕэр бэйэтин да боруктатарбыт биллибэт ини». Кус төрүт көппөт. Били андаатарбыт да мэлигир. Чэйдиир да кэм чугаһыыр. Ньукулай дурдатыттан тура-тура: «Чэ, Уйбаан, мин чэй өрө тахсыам. Эн олоро түһэр инигин. Оттон андаатар кэллэҕинэ, кэннин хайаҕаһын кыҥаар. Оччоҕо тириитэ алдьаныа суоҕа».
«Дьэ, ситистим ини» диэн иһигэр күлэ-күлэ Ньукулай отуутугар тахсыбыт.
Манна туох баарый?
Биһиги нэһилиэкпитигэр Семенов Лука Иннокентьевич-Быар Эҥиэнтэй уола диэн сэрии бэтэрээнэ, бэйэтэ этэринии, «кур хомуньуус» киһи баара.
Дьэ, ол баартыйаҕа киирдэҕин утаа Бөтүҥҥэ биригэдьиирдии сылдьан, эмиэ сэрии бэтэрээнэ Ньукулаайап Онтуоннуун «аһаабыттар». Луката: «Онтуон, бу манна туох баарын билэҕин дуо?» – диэн дорҕоонноохтук этэ-этэ түөһүн тоҥсунар. Онуоха Онтуона аа-дьуо:
– Сүрэҕиҥ буолуо-о.
– Ээ, суох, – диир киһитэ хап-сабар.
– Оччоҕо тыҥаҥ буолуо-о.
– Суох, суох, – илгистэр.
– Ээ, оччоҕо быарыҥ буолуо-о.
– Эс, бу да киһи, манна партийнай билиэт баар, – диир уонна түөһүн «кип» гына охсунар.
Урут хомуньуус баартыйа баарын саҕана баартыйа мунньаҕын уурааҕа сокуон буолара. Лука биир саас кустаары сэһээккэ туттубут. Күөл саамай кытыытыгар сатала суох улахан, ыраахтан харааран, үллэн олорор, туох да куһа-хааһа куттанан түһүө суох айылаах тэрилин көрөн дьон ыйыталлар:
– Хайа, Лука, мантыккар кус түһүө дуо?
– Дьэ, уураахтаан да түһэриллиэ, – диэтэҕэ Лукалара.
Кыраадыһа тоҕус уон
Ыалбыт Микииппэр Саҥа дьыл сарсыарда туран: «Халлааммыт тымныйбыт, биэс уонча кыраадыс буолбут», – диир. Онуоха эмээхсинэ: «Оок-сиэ! Оччоҕо бөөлүүн эн кыраадыһыҥ тоҕус уон буолбут дии», – диэн «чап» гыннарар. Микииппэр Саҥа дьылы көрсө кыраадыһа тоҕо түөрт уонунан эбиллибитэ өйдөнөр.
Дэриэбинэлэриттэн тэйээхтээбэтэхтэр эбит
Сэргэй сааскы кус ытыытыгар бырааттарын кытары бараары бэрт уһуннук тэриннэ. Үрүсээк сүтэн үөгү-хаһыы, мончууктарын ийэлэрэ дьаһайбыт буолуохтаах, оттон батарантааһын баҕас кыыһа ууран баран билиммэт… Син эрдэттэн тэриммит буолан, барыта бары көстөн, биир үтүө күн тиһиликтээх тыраахтарынан көһөн күккүрээтилэр. «Хата, хоҥуннулар ээ», – диэн дьиэлээхтэр, дьэ, «һуу» гыннылар.
Ийэлэрэ маҕаһыынтан иһэн дьүөгэтигэр кэпсиир: «Дьоммут айдааран-айгыстан дьэ, көстүлэр, ыраах бардылар быһыылаах, бэҕэһээ эрдэ арахпыттара». Онуоха дьүөгэтэ: «Көр эрэ, о-ол Эбэ билиитин, ол кинилэр балааккалара буолбатах дуо?» «Па-хаай, дэриэбинэлэриттэн да тэйээхтээбэтэхтэр эбит дуу?» – диэн аргыһа саҥа аллайда.
Бастаан утаа туттар харчыланнахпыт…
«Бүөтүр муҥнаах бөлүүн быстаахтаабыт, ыллаҕа тугун түргэнэй», – диэн кэри-куру буолбут киһи эмээхсинигэр кэпсиир. Онуоха эмээхсинэ: «Иллэрээ күн эйиэхэ Бүөтүр бэргээбит, көрсө таарыйа били иэскин санат диэбиппэр дьүлэй киһи курдук истэн эрэ кэбиспитиҥ, кэм биһиги буолан истэхпит. Онуоха-маныаха диэри туттуох харчыбыт бардаҕа», – диэн оҕонньорун өтөрү-батары көрө-көрө биир тыынынан кутан кэбистэ. Оҕонньоро оччо кыһаммата: «Эмээхсиэн, биһиги да сотору эбэтэр хойут ол дойдуларыгар аттанан эрдэхпит дии. Киммит бэлэмигэр тиийиэхпит дии саныыгын, түлэһэлэрэ туолан барбыт ийэлээх аҕаҥ бэлэмигэр дуо? Хата, ол дойдуга бардахпытына, бастаан утаа туттар харчыланнахпыт диэн нус-хас сырыт», – диэт, дьиппиэрэн ылла. Оттон эмээхсинэ уоҕа-кылына уҕараан, саҥата-иҥэтэ суох хотонугар тахсан барда.
Кытаанах кымньыы
Тэрэнтэй оҕонньор субай сүөһүгэ бостууктуур. Сылааба уол ыанньык ынахха саҥа бостууктаан эрэр. Атырдьах ыйын ортотун саҕана, кус көҥүллэниэн иннинэ, эдэр бостуук ыҥыырыгар саа төргүүлээх иһэрин көрсөн, оҕонньор: «Оок-сиэ! Кытаанах кымньыылаах бостуук эбиккин!» – диэн эдэр киһини кыбыһыннаран турардаах.
Чөрөсчүүр дьаабы эбит
Миитэрэйэп Баһылай-Бирилэс эдэригэр сытыы-хотуу, түргэн-тарҕан туттуулаах, кэлиилээх-барыылаах уола хаан буоллаҕа буолуо. Кини элбэх оҕолоох ыал аҕата этэ. Улахан уола Бүөтүр көрдөөх-күлүүлээх, үтүөкэн майгылаах киһи. Бүөтүрү бастаан Бирилэс уола Тарылас Бүөтүр диэбиттэр, онтон тупсаран Тарылаан диэбиттэр.
Биирдэ Бүөтүр кулуупка киирбитэ, ыччаттар гастроллуу бараары сүпсүлгэнэ сылдьаллар эбит. «Хайа, бараары хомунуу бөҕө дуу?» – Бүөтүр ыйытар. Онуоха худрук Чөрөс Ньукулай: «Ээ, дьэ, бараары түптэ-түрүлүөн, тапта-тарылаан бөҕө», – диэбит. Киһитэ айаҕыттан хаба тардан ылан: «Чөрөсчүүр дьаабы эбит», – диэн дьону күллэрэн турардаах.
Биһиэхэ холодильник элбэх
Бүөтүрдээх оҕолоро ыраах-чугас үөрэххэ сылдьар кэмнэригэр кэргэнинээн Кэтириинэлиин иккиэйэҕин олороллоро. Маһынан оттунан ититинэр эрдэххэ, түөрт хостоох улахан дьиэлэрэ тымныы, түөрт муннуга кырыарар. Маҥнай холодильник биһиги диэки тарҕаннаҕын утаа, хайа эрэ ыал холодильник атыыласпыттарын туһунан кэпсэтии буолбутугар Бүөтүр хап-сабар: «Ээ, биһиги холодильникка наадыйбаппыт, бэйэбит түөрт холодильниктаахпыт», – диэн «чап» гыннарар.
Сибиинньэ үүтэ
Бүөккэ уол убайын аахха киирэн олордоҕуна, ыаллара дьахтар киирэн дьиэлээх хаһаайкаттан үүт көрдөөбүт. Хаһаайка үүппүн эрийэн кэбистим, үүтүм суох диэбит. Тастан киирбит дьахтар остуолга көстүрүүлэҕэ күөх үүт (обрат) турарын көрөн: «Оттон бу туох үүтэй?» – диэн ыйыппыт. Онуоха биирдэрэ: «Ити сибиинньэ үүтэ», – диэн буолбут. Бүөккэ хап-сабар: «Бай, ол эһиги сибиинньэҕит ыанар дуо?» – диэн ыйыппыттаах.
Эһэ хаанын испит
Бүөккэ уол армияҕа сулууспалыы тиийбитигэр, кыра чыыннаах хамандыыр уол Бүөккэ тыйыс тыыннаах хотугу сиртэн сылдьарын истэн: «Ты, Петро, медвежью кровь пил?» – диэн ыйыппыт. Онуоха биирдэрэ балачча толкуйдуу түһэн баран, «Медвежья кровь» диэн кыһыл арыгыны этэн эрдэҕэ диэн: «Пил, много», – диэбит. Хамандыыр уол сөҕөн: «Ну, Петро, ты даешь!» – диэбит. Бука, сахалар эһэ хаанынан утахтаналлар диэн өйдөөтөҕө буолуо.
Ыстааныгар ыһыктаах Мэхээлэ
Биһиги дойдуга Чаппаан Мэхээлэ диэн, көрдөххө, орто уҥуохтаах эрээри, улахан кыахтаах, дэгиттэр талааннаах, киһи киэнэ сытыарыта-сымнаҕаһа, көнөтө-көрсүөтэ баара. Күн сиригэр хара үлэҕэ кини кыайбатаҕа-сатаабатаҕа суох курдуга. Бэрдин бэрт курдук, туох да кистэлэ-баттала суох икки кэргэннээҕэ. Саахсалаах кэргэнэ Маарыйа киэҥ-холку, үтүө майгылаах, үлэһит бастыҥа дьахтар этэ. Мэхээлэтинээн икки уол, биир кыыс оҕолоохторо. Эдэр кэргэнэ Балбаара холкуос, сопхуос тутаах үлэһитэ, ыанньыксыт этэ. Балбаара Мэхээлэттэн түөрт оҕоломмута.
Мэхээлэ маҥнай Балбаараны булсарын саҕана Хомустаах ферматыгар уопсай дьиэ тутуутугар үлэлэспит. Үлэһиттэр хонор ыһыктарын, туттар тэриллэрин, утуйар таҥастарын илдьэ бараллара. Арай Мэхээлэ туга да суох, туттар сүгэтин хонноҕор кыбынан иһэрин көрөн аргыстара: «Хайа, Мэхээлэ, хайдах бу ыһыга, таҥаһа суох баран иһэҕиний?» – диэбиттэригэр, Мэхээлэ: «Ыһыгым, малым-салым ыстааммар баар», – диэн хоруйа холку киһи буолан биэрбит.
Өкүндүгэ урут маҕаһыыммыт дэриэбинэ уонна ферма икки ардыгар ортоку турара. Биирдэ оскуола оҕолоро Маарыйаҕа киирэн: «Мэхээлэ итирэн сиргэ охто сытар», – диэн тыллаабыттар. Онуоха Маарыйа холку баҕайытык: «Маҕаһыын хайа өттүгэр сытарый, анараа өттүгэр дуу, бэттэх дуу?» – диэн чуолкайдаспыт. Ону оҕолор: «Маҕаһыын анараа өттүгэр бэрэбинэлэр тастарыгар сытар», – диэбиттэр. «Чэ, тоҕойдорум, оччоҕо уҥуор фермаҕа баран, Балбаараҕа этиҥ, мин кыраныыссам буолбатах эбит», – диэбит.
Оҕолоро күн бүгүнүгэр диэри уопсай аҕалаах дьон быһыытынан аймаҕырҕаһаллар, доҕордоһоллор.
Окко сылдьан…
От үлэтин үгэнэ. Бөтүрүөп Миисэ звенота Мастаах түбэтигэр Кубалаах диэн алааска оттуу сылдьар. Биирдэ тыраахтардара алдьанан, Миисэ түбүк бөҕөҕө түһэр. Звено дьоно кэтэһэ таарыйа сорох хаартылаан силлиргэтиһэр, сорох утуйан бускутар, сорох эргэ хаһыат элээмэтин өрө-таҥнары тутар. Ити курдук бастакы омурҕан ааһар. Тыраахтардаах Миисэҕэ ким да көмөлөспөт. Хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһырбыт тырахтарыыс балаакка аанын арыйа баттаат, көмөлөспөккүт диэн хаһыытаан тоҕо барар. Бука бары үүтүн тохпут оҕо курдук кэри-куру саҥата суох олороллор. Арай хайаларыттан да модьу-таҕа көрүҥнээх Бүөтүр куулайбыт балааккаҕа тиритэн сүүһүгэр бычыгыраабыт көлөһүнүн сотто-сотто, аа-дьуо туран кэллэ: «Миисээ, хаһыытаама. Көрбөккүн дуо, бокуой суох, хаартылаан бэйэбит хааммыт хойдон олорор. Мэһэйдээмэ, эн тыраахтарыҥ, көрүн ээ. Бакаа биһиги кыраабылбыт, атырдьахпыт ыспыраабынай», – диэбит. Онуоха киһилэрэ саҥата суох ону-маны тэбиэлээн көрөн баран, сөбүлэспит курдук тахсан барбыт.
Оҕус хаайбыт
Аҕабыт Киргиэлэй дьиэтиттэн атын дэриэбинэҕэ уунан үлэлиир. Маай бырааһынньыгар дьиэтигэр кэлээри табаарыһын кытта сатыы сарсыарда арахпыта баар да, кэлиэхчэ кэлбэт. Кэмниэ кэнэҕэс киэһэлик дьэ кэллилэр. Дьиэтээҕилэр күүтэн олорор дьон: «Хайа, тоҕо хойутаатыгыт?» – диэн ыйыта тоһуйабыт. Онуоха киһибит: «Ээ, Хомустаах ферматыгар аҥаар муостаах оҕус хаайан сордоото», – диэн хоруйдуур. Эбэбит эмээхсин ону истэн омун-төлөн бөҕөтө буолар: «Ол хайдах буолбут оҕуһуй, икки эр киһини хаайан турар. Оҕоҕо-дьахтарга куттала да бэрт буолсу дии. Оннук оҕуһу тоҕо хаайан дуу, өлөрөн дуу кэбиспэттэрий», – диэмэхтиир.
Аҕабыт чочумча буолан баран: «Ээ, бэйэбит киирэн биэрэн быстардыбыт», – дии-дии кирик-хорук буолар, мүчүҥнүүр, кэтэҕин тарбанар. Ол маннык эбит. Сынньана таарыйа аара Хомустаах ферматыгар киирбиттэригэр, ыанньыксыттар, бырааһынньыгынан сибээстээн, ону-маны сэһэргэһэ таарыйа «Зубровка» арыгынан күндүлээбиттэр. Онно тардыллан уһаабыттар эбит.
Отчут кэлбит
Аҕабыт аах сарсыарда аайы хотон тиэргэнигэр ыалларын Киргиэлэйдээҕи көрсөллөр, сонуннарын туоһулаһаллар.
Кыһын биир сарсыарда Киргиэлэй кэпсээннээх буолбут: «Бөлүүн биир отчут кэллэ», – диэн. Аҕабыт: «Ээ-э», – диэн сэҥээрбит, онтон дьиэҕэ киирэн ийэбитиниин чэйдии олорон, бэркэ муодарҕыы-муодарҕыы кэпсээбит: «Кириисэ «бөлүүн отчут кэллэ» диэтэ. Ким кэлбит баҕайыный? Дьокуускайтан Ыстапаан кэлтэ дуу, Бэрдьигэстээхтэн Сиэнньэ кэлтэ дуу? Кыһыннары отчут буола-буола…» – диэн ыалларын күтүөттэрин ааҕа олорбут. Онуоха ийэбит хап-сабар: «Ээ, кыыстара уолланнаҕа дии, бөлүүн», – диэн быһаарбыт.
Ол оҕо, кырдьык, отчут уол буолбут.
Туох илдьиттээххин?
Бүөтүр оҕонньор уһугулаан сытарын истэн, оройуон кииниттэн үөлээннээҕэ Тараас көрсө тиийбит.
Кырдьык, оҕонньор эрэйдээх бэрт нэһиилэ сытаахтыыр эбит. Ол да буоллар доҕорун көрөн, үөрэн уоһун ыртатта:
– Дьэ, доҕоор, барар кэллэ… Хата, эн ол дойдуга туох илдьиттээххин, эмээхсиҥҥэр тиэрдиэхпин, – диэн кэм да дьээбэлэнэ сытта.
КҮНДҮ КҮЛҮҮКТЭР
Оҥой-соҥой көрбүт оҕолорбут барахсаттар сиртэн сэрбэйиэхтэриттэн ону-маны саҥаран көнньүөрдэллэр, сүрэхпитин манньыталлар.
* * *
Иккис кылааска саха тылын уруогар дьиэҕэ үлэ биэрбиттэр – саас туһунан өйтөн суруйуу. Алешка маннык хоһоон бэлэмнээн кэлбит:
Слава богу, саас кэллэ,
Бэргэһэ, прощай,
Бейсболка, привет!
* * *
Эдик уол дьонугар Саҥа дьылынан эҕэрдэ открытка суруйар: «…дьолу-соргуну уонна миэхэ велосипед ыларгытыгар баҕарабын!»
* * *
Салайар кылааһым оҕолоругар продленка учуутала балыктар тустарынан кэпсээбит. Балыктар эмиэ кэпсэтэр, өйдөһөр тыллаахтар диэн. Переменаҕа Вера кэлэн аттыбар чоҕулуйан туран сэмээр, элбэх оҕо истибэтигэр: «Ити… Саха сирин балыктара сахалыы саҥараллара буолуо дуо, ээ?» – диэн эппиэт эрэйэн турара бу баар.
А.Е.Матвеева-Айысхаана
* * *
4 саастаах Слава, кыһын буолан хаайтаран, дьиэтигэр олорор. Телевизоры көрөрүн сөбүлүүр. Концерт көрө олорон кыһыйбыт саҥата иһиллэр:
– Телевизоры ааннаах да оҥорботтор ээ, киирэн концерка сылдьыам этэ буоллаҕа дии!
* * *
– Тетя Паша, эн бэйэҥ сатаан аһаабаккын даа?
– Тоҕо инньэ диигин, тоҕойуом?
– Эн манна кэлэргин истэн баран, паапам маамабар: «Эмиэ бүтүн ыйы быһа эн эдьиийгин аһатарга тиийэбит», – диэбитэ дии.
* * *
Дуся дневнигэр учуутал суруйар: «Кыыскыт уруокка сүгүн олорбот, наһаа элбэҕи мээрилиир». Сарсыныгар учуутала Дуся дневнигин көрбүтэ, онно оҕо аҕата суруйбут: «Ити кырата, эн өссө кини ийэтин истэриҥ эбитэ буоллар…»
* * *
Алешка Дьокуускайга оҕо саадыгар сылдьар. Сарсыарда эрдэ туран автобуска анньыһыы. Хата, оҕону инники миэстэҕэ олорор дьон көтөҕөллөр, ийэтэ аттыгар турар. Алешка таах олоруохтааҕар, автобус дьонугар кэпсиир: «Мин бэргэһэм иһигэр үтүлүктээх иһэбин ээ». Бэргэһэтэ дириҥ баҕайы буолан, хараҕар саба түһэ сылдьар эбит, ону үрдэтээри ийэтэ үтүлүк укпут. «Маамам эмиэ бэргэһэтигэр үтүлүктээх», – диэн ийэтин кыбыһыннарбыт.
* * *
Петя саҥа ааҕан эрэр кэмэ. Тугу барытын ааҕа сылдьар. Мыыла хаатын ааҕар: «Туалетное мыло».
– Ээ, туалеттаан баран, суунар буоллахтара дии.
* * *
Оскуола таһыгар күһүҥҥү кросс буола турар. Уҥуоҕунан улахан эрээри маҥнайгы кылааска үөрэнэр уолтан учуутал ыйытар:
– Эн «А»-ҕын дуу, «Б»-гын дуу?
Оҕо тохтуу түһэн баран:
– «Р»-бын быһыылаах (аата Руслан диэн эбит).
* * *
Маҥнайгы кылаастар «Аҕатын туйаҕын хатарбыт» диэн өс хоһоону ким хайдах өйдүүрүн ырытыһаллар. Намина этэр:
– Ээ, баҕар, аҕатын бачыыҥкатын куурдубута буолуо.
Е.П.Лыткина
* * *
Ленька мэниктээн бытархай 3—4 оҕуруону ыйыһынна, ону көрөн ийэтэ:
– Оо, дьэ, уолбут өлөрө буолуо, бу оҕуруолар киһи иһигэр киирэн сииллэр ээ.
Киэһэ үлэ кэнниттэн кэлбитэ уола хоско сытар.
– Хайа, Ленька, тоҕо сыттыҥ?
– Ыйыстыбыт оҕуруоларым өлөрөллөрүн кэтэһэ сытабын.
А.С. Владимирова
* * *
Лааҕыр оҕолоро сквер көрө бараары массыынаҕа олороллор. Алта саастаах Кэскил массыына түннүгэр сылдьар тигээйини тутан тарбаҕын тиктэрэр. Уол ытаабытыгар баспытаатала: «Дьэ, тоҕо туппуккунуй?» Кэскил хараҕын сотто-сотто этэр: «Оттон мин кинини талиятыттан эрэ туппутум ээ!»
Э.В. Ким
* * *
Валикону убайа дьээбэлиир:
– Кыра оҕоҕутун атыылааҥ, элбэх харчы биэриэхпит диэтилэр, хайыыбыт?
Валико төбөтүн быһа илгистэр.
– Ээ, оҕом быраатын таптыыр эбит, биэриэн баҕарбат.
– Убаай, кини өссө кыра дии. Улаата түспүтүн кэннэ ыарахан сыанаҕа атыылыахпыт.
Д.Е.Иванова
* * *
Стасик оскуолаттан үөрэн-көтөн кэллэ.
– Маама, мин легкай атлетика секциятыгар суруйтардым, киэһэ 7-ҕэ барабын.
Киэһэ дэлби тириппит, сылайбыт киһи киирдэ.
– «Легкай, легкай» диэбиттэрэ, букатын да «легкайа» суох, барыта ыарахан баҕайы, айака, сылайдым.
* * *
Андрей кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, биирдэ ахсаан уруогар учуутала дуоскаҕа таһааран баран:
– Бу холобуру дуоскаҕа суруй уонна суоттаа, – диэбит.
Андрей сорудаҕын толорон, кичэйэн суруйа-суруйа:
– 9-тан көҕүрэтэбит, соппуоска аһыллар, 4-кэ эбэбит 2-ни, соппуоска сабыллар.
Скобка диэни этэр эбит.
* * *
Учуутал:
– Оҕолоор, бэҕэһээ биһиги биир саамай ытыктыыр суруйааччыбыт Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүт күнэ буолбута. Ким кинини билэрий?
Онуоха Андрей илиитин ууна-ууна:
– Көр-көр, ол иһин даҕаны мин маамам бэҕэһээ компот сиэппит эбит дии, – диэн киэн туттубуттуу кылааһын эргиччи көрөн кэбиһэр.
* * *
Саха тылын уруогар соруйар киэпкэ этии толкуйдааһыныгар дьиэтээҕи сорудах бэриллибит. Биир уол суруйбут: «Кипятильнигы араар, акаары!» Ол аата дьиэтигэр итинник кэпсэтэр буоллахтара.
* * *
1 кылааска үөрэнэр Туйаара учууталыгар эҕэрдэ суруйар: «Күндү учууталым! Эйигин 8 мартанан эҕэрдэлиибин. Баҕарабын ыстаал курдук доруобуйаны, көрсүө-сэмэй дисциплинаны».
* * *
Уулуссанан доҕолоҥ эмээхсин ыксаан хааман ааһар. Ону көрөн 5-тээх Виктор: «Эбээ, ити Татариновтар эбэлэрэ тоҕо нэксиэлиирий ээ, амортизатора мөлтөөбүт даа?!» – диир.
* * *
Куораттан сайылыы тахсыбыт Ньургуйаана ынах оҕолоох эрээри аҕалара суоҕуттан соһуйар уонна уоһун иһигэр: «Ушел что-ли?!» – диэн ыйытар.
* * *
Оскуолаҕа:
– Оҕолоор, билсиһиини саҕалыаххайыҥ. Холобура, эһиги миэхэ кэпсээҥ, дьиэҕитигэр саамай аҕа саастаах кимий?
– Биһиэхэ эбэбит.
– Оттон миэхэ эһэм.
– Хос-хос-хос-хос хос эбээ.
– Хайдах оннук буолуой?!
– Буо-буо-буо-буо-буолар…
От дефицитэ
Саха литературатын уруога. Бэһискэ үөрэнэр Сааска Манчаары туһунан кэпсээн кэҕийэр:
– Манчаарылаах отторо бүппүтүгэр маамата Чоочо диэн дьээдьэтигэр иэс көрдөтө ыытар. Дьээдьэтэ быраатыгар «вреднэйдээн» биэрбэппин, «от – дефицит» диэн олох «конкретно» аккаастаан ыытар.
Биһиги Сэмэннээх буолабыт
Кыра кылааска физкультура уруога. Физрук оҕолору таһырдьа футболлатар. Икки хамаандаҕа арааран баран аат толкуйдатар. Биирдэстэригэр «Спартак» диэн бэйэтэ аат биэрэр. Хап-сабар Миисэ уол: «Оччоҕо биһиги Сэмэннээх буолабыт», – диир. Спартак диэн ааттаах ыаллаах буолан, аны атын ыалын аҕатын ааттыы охсон күллэрэр.
Эһэтин тэбиэҥҥэ тэҥнээбит
География уруога. Эдэр учуутал оҕолорго тэбиэн туһунан кэпсиир. Тэбиэн тулуурдааҕа, «кумах куйаар хараабыла» дэнэрэ, бөкчөгөрдөөх буолан, ууну бэйэтигэр хаһаанара ахтыллар. Сэргээн истэн аҕай олорбут Сэргэйчик учууталыгар утары боппуруостаһар:
– Оччоҕо бу Сэмэнчик эһэтэ эмиэ ууну өр да өр испэтэ буолуо дуо?
Аттыгар олорор атаһа Сэмэнчик бөкчөгөр эһэтин санаан эмиэ толкуйга түһэр.
Шапошниковались
Нуучча литературатын уруога. Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ Куоста бара сылдьар айымньытын ис хоһоонун кэпсиир. Эдэрдэр таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэрин туһунан кэпсээн иһэн, кыратык иҥнэн баран «шапошниковались» диэн кэбиһэн, бииргэ үөрэнэр оҕолорун быара суох ыытар. Арай учуутала Куостаны хайгыыр. Дьыала тылбааһыгар буолбатах диир.
Эбэн кэбиһэн иккилэммит
Саха тылыгар диктант буола турар. Филиппов дьээбэтэ баппакка, Чүөчээски Түүлээх Уллуҥахтан куоппутун туһунан суруйан баран, кэннигэр скобкаҕа: «Уой-уой, Чүөчээски сүүрүк да уол эбит», – диэн эбэн биэрэр. Учуутал бэрэбиэркэлээн баран:
– Силип, сүрүн үлэҕин син үскэ суруйан бараҥҥын, комментарийгар икки сыыһаны эбинэҥҥин иккини ыллыҥ, – диэн кыһытар.
Алай Мазия, Карликос Марликос
Иккиэ буолан историяҕа экзамен тута олоробут. Биир бөрүкүтэ суох билиилээх үөрэнээччибит син кэпсиир курдук да, таптаабытынан туойан, идэлээх дьону айахпытын атытта. Арай ааспытын кэннэ биирдэ билигин күлэбит. Холобур, Алай Мазия, Карликос Марликос. Таайыҥ эрэ туох тылларый? Малай Азия уонна Карл Маркс диэннэр үһү.
К. Родионов
* * *
«Сережа готовился к соревнованию каждый день, так как он не хотел ударить лицом в грязь» диэн этиини үөрэнээччи тылбаастаабыт: «Сережа күн аайы күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэр. Тоҕо диэтэххэ, кини сүүрэн иһэн сирэйинэн бадарааҥҥа охтон түһүөн баҕарбат».
* * *
Кыыспыт бастакы кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, ыйытабыт:
– Саина, учууталыҥ сымнаҕас дуу, кытаанах дуу?
– Билбэтим ээ, – диэн эппиэттиир.
Аҕыйах хоноот, оскуолаттан үөрэн аҕай кэлэр уонна этэр:
– Учууталым сымнаҕас эбит. Мин аттыбар кэлбитигэр тутан көрдүм, сып-сымнаҕас.
* * *
Уолбутугар математикаҕа дьиэҕэ үлэтигэр задача толкуйдаан кэлэригэр соруйбуттар. Аҕата көмөлөһөөччү буолла:
– Тыаҕа аҕыс тэллэй үүнэн турар, онтон үһүн ылбыттар, хаһа хаалбытый?
Уолбут сөбүлэспэт:
– Аныаха диэри сытыйдахтара дии, – диир.
Кырдьык даҕаны, бу балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ этэ.
* * *
Кыыспытыгар бастакы кылааска киирэригэр, оскуолаҕа баран иһэн сүбэлиибит:
– Оскуолаҕа наһаа мэниктээбэккин, ону-маны алдьаппаккын, оскуолаҥ син биир иккис дьиэҥ тэҥэ.
Онуоха кыыспыт:
– Оччоҕуна учууталым маачаха ийэм дуо? – диэн ыйытар.
* * *
Таһынааҕы ыалбыт кыра уоллара оҕо саадыгар тиийэн баран баспытааталыгар аһыы олорон: «Дьахтаар, чаайда кут эрэ», – диир үһү, ол эһэтэ эбэтигэр дьиэҕэ этэрин үтүктэр.
* * *
Кыра уолаттар балыктыы турдахтарына, массыыналаах нууччалар кэлэн сахалыы ыйыталлар: «Шобо баар дуо?» Онуоха Оппуонньа нууччалыы харда биэрбитэ маннык иһиллэр: «Шобоо нетуу, алышер баар». Нууччалар салгыы ааһа тураллар.
* * *
Оскуолаҕа нуучча литературатын уруога буола турар. Учуутал дуоскаҕа Баасканы ыҥырар. «Дьэ эрэ, Уйбаныап, хоһооҥҥун аах эрэ». Онуоха хоһоонун үөрэппэккэ кэлбит Бааска маннык диэбиттээх: «Ээ, оттон, били мин Миисэни быыһаабытым дии». Учуутал сапсыйан баран, аныгыскыга ыйытыам диэн сэрэттэ. Миисэ диэн учуутал кыра уола. Кинини Бааска ытырыык ыттан быыһаан турардаах. Ону санатан иккиттэн быыһаммыт түгэннээх.
* * *
Нуучча тылын уруога буола турар. Вася дуоскаҕа тахсан этии ырыта туран: «Пушкин – неодушевленное существительное», – диир. Учуутал кыыс соһуйар: «Как?!» «Он же умер на дуэли, поэтому неодушевленное», – диир.
* * *
Кырдьаҕас оҕонньор тайаҕар тэптэрэн, хааман түөрэҥнээн истэҕинэ, биэстээх бэдик хаппыт буорунан быраҕаттаабыт. Онуоха оҕонньор тохтоон туран: «Нохоо! Тоҕо киһини буорунан сэриилиигин?» – диэн хаһыытаабытыгар, уола сүрдээх баҕайытык тойтоллон туран: «Тугуй ол, арыылаах алаадьынан сэриилэтээри гынаҕын дуо?» – диэн хоруйа бэлэм үһү.
* * *
Балтым 5 кылааска үөрэнэ сылдьар кэмигэр саҥа нуучча учуутал биир предмети солбуйа кэлбит. Сорудаҕы толорбут оҕолору ыыталаан испит, арай балтым бүтэрэн баран, табаарыс кыыһын кэтэһэн барбакка олорорун көрөн, учуутала: «Почему не идешь домой?» – диэбитигэр, киһитэ: «Ребёнка жду!» – диэн саайбыт. Учуутала, кылааһын оҕолоро күлэн быара суох сыталлар үһү.
* * *
Оскуолаҕа ахсаан уруога буола турар. Учуутал Тарааһы дуоскаҕа ыҥырар: «Чэ, Тараас, бу задачаны суоттаа эрэ!» Тараас дуоскаҕа тахсан баран, миэлин көрбүтэ буола турар. Учуутал ыйытар: «А пуунтан уонна С пуунтан икки поезд утары барбыттар. Биирдэрэ чааска 60 км, иккиһэ чааска 80 км түргэннээхтэр. Ханнык поезд 100 км ыраах сытар Б пууҥҥа аан бастаан тиийиэй?» Онуоха Тараас: «Ээ, биллэн турар, ханнык поезд мотуора күүстээх да, ол поезд инники тиийэр буоллаҕа», – диир. Учуутал бэркиһээн салгыы ыйытар: «Ханнык поезд мотуора күүстээх эбитий?» Бу да сырыыга Тараас эппиэтэ бэлэм: «Ээ, оттон саҥа поезд киэнэ күүстээх буоллаҕа дии». Учуутал сапсыйан баран, Тарааһы олордон кэбиһэр.
* * *
Спортсмен уолаттар Кабардино-Балкарияҕа сылдьан, оптуобуһунан айаннаабыттар. Киһи бөҕөтө үһү, киирии-тахсыы, аалыҥнас үлүгэр. Биир уоллара иллэҥ миэстэ баарын көрөн, олоруон баҕарбыт уонна култуурунай киһи быһыытынан ыйыппыт:
– Кто здесь живет?
Онуоха биир эмээхсин: «Садись, садись, сынок, никто здесь не живет», – диэн хоруйдаабыт.
* * *
Түөрт саастаах Айаал детсада суох буолан, эбэтин аахха, Өкүндүгэ, кыстаата. Биирдэ ис миинэ иһэ олорон, киниэхэ килиэккэ ойуулаах куутуйа чааһа түбэспитин көрөн кыыһырда:
– Бу эппит бүппүтэ дуо, чарапаахы миинин иһэбит?!
* * *
Саас эбэлээҕиттэн дьонугар Дьокуускайга кэллэ. Аҕата массыынанан куорат устун айаннаан иһэн, атын суоппардарга кыйаханан, сотору-сотору: «Козел!» – диэн үөхсэр. Ол аайы Айаал оҥой-соҥой тулатын тугу эрэ көрдүүрдүү көрөр. Онтон тулуйбакка ийэтиттэн ыйытта: «Маама-а, коза ханна баарый, мин көрбөппүн дии!» «Семеро козлят» ийэлэрэ уулуссаҕа дьаарбайа сылдьар буоллаҕа дии санаабыт.
* * *
Роза оскуолаҕа киирэр күһүнүгэр Хатаска эдьиийбит аах дьиэлэрин малааһыныгар сырыттыбыт. Оҕолорго анаан туспа остуол тэрийдибит. Роза улахан кыргыттары, студентка эдьиийдэрин кытары биир остуолга олорон, астыммыт аҕай сирэйдээх-харахтаах, өрө көтөҕүллүү бөҕө. Саҥа аһыах-сиэх буолан эрдэхтэринэ, арай кыыстара: «Чэ, кыргыттар, дьоллоох буолуоҕуҥ!» – диэн баран, соктаах ыстакаанын өрө анньан кэбиспит! Эдьиийдэрэ соһуйан, күлэн чачайа сыспыттар.
* * *
Каникул кэмэ. Эбэлэрэ туруортуур:
– Төһө да каникул буоллар, туруҥ. 10 чаас буолла!
Петя: «Оо, дьэ, тоҕо туруордуҥ, сакалааппын сиэбэккэ хааллым дии».
– Ол сакалаат сии сытаҕын дуо?
– Оттон түһээтэхпинэ, наһаа үчүгэй сакалаат биэрбиттэрин оҕолорго бэристим, бэйэм сиэбэккэ хааллым дии.
* * *
Мичил 1 кылааска үөрэнэр. Физкультура уруогар учуутал:
– Смирно! Носки врозь! – диэбитигэр, муостаҕа олоро түһээт, кроссовкаларын турута тэптэ. Учуутала соһуйда:
– Хайа, Мичил, тоҕо атаххын уһуллуҥ?
– Оттон наскыгытын устан быраҕыҥ диэтиҥ дии.
Матвеева В.Д.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.