Электронная библиотека » Данил Макеев » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Данил Макеев


Жанр: Книги о войне, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Муус чопчу

Ньукулай оҕонньор бүгүн таһырдьаттан санаата көнөн киирдэ. Кулун тутардааҕы күндэлэс сырдыктан дьиэҕэ киирэн бастаан тугу да көрбөккө аан таһыгар таалан тура түстэ. Онтон сыҥааҕын быатын оннугар тигиллибит уунаҥнас эрэһиинэни эрийэ тутан баран төбөтүн оройугар иилбитин төлө тардан бэргэһэтин уһулла. Үөрүйэҕинэн ньилбэгэр охсуолаамахтаан тэбээтэ уонна аан чанчыгар таҥас ыйыырга анаан саайыллыбыт тимир көхөнү илиитин иминэн булан быатыттан иилэн кэбистэ. Бокоорон хаалбыт тарбахтарынан оргууй тимэхтэрин төлөрүтэн сонун уһулла уонна эмиэ илиитин иминэн бигээн ыйаата.

Хараҕа сыыйа үөрэнэн аан таһыгар турар сымнаҕас бүрүөһүннээх олох маска сэрэнэн олордо, аҕылыы-аҕылыы хаатыҥкатын уһулла, таапачыкатын кэттэ. Онтон умса нөрүйэн уҥа илиитинэн ньилбэгиттэн тайанан, хаҥас илиитинэн таҥас ыйыыр ыскаап тутааҕыттан тутуһан турда. Оргууй аҕай бакаалаан остуолга тиийэн уокка холбонон куруук сылаас турар тиэримэстэн чэй кутунна.

Күн уһаан, дьыбар тахсар буолбутун кэннэ оҕонньор таһырдьа тахсан чээччэйэн киирэр идэлээх. Бүгүн бастакы бэлиэтээһин буолбут, дьиэ муннугунан кырыыһаттан биир муус чопчу таҥнары ыйаммыт. Били ырыаҕа ылланарыныы сып-сырдык таммахтар кылыкын-кылыкын кылыйсыбыттар. Ньукулай ол таммахтары көрөн тоҕус уонус хаарбын уулларан күөххэ үктэнэр киһи буоллум ээ, быһыыта, диэн сүрдээҕин үөрэн киирдэ. Киһи кырыйдаҕына хас биирдии күнү таҥара бэлэҕин курдук ылынар буолар эбит. Кыһын күн уһууругар тиийбит киһи диэн баҕалааҕа, аны ити бастакы таммахтары көрөн күөххэ үктэнииһибин ээ дии санаата. Эмискэ «харк» гынан хаалбатаҕына, быйыл даҕаны хара сир устун хаамыыһы, саҥа тыллыбыт от-мас сүрэҕи-быары ортотунан сайан киирэр сытын, күн уотун эти-хааны сылаанньытар сылааһын билииһи быһыылаах. Бүгүн кулун тутар онус күнүгэр бэлиэтээтэ, ол аата аны биир ыйынан, муус устар уон күнүгэр күүскэ ириэрэн, уу-хаар тахсыбытынан барыаҕа.

Оҕонньор ити курдук ону-маны саныы, итии чэйи иһэн бурулата олорон былыр, адьас оҕо сылдьан, балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы чопчуну көрөн баран эмиэ күөххэ үктэммит киһи дии санаабытын өйдөөн кэллэ. Сэрии кэминээҕи аас-туор, ынырык кэмнэр этэ. Оччолорго кини баара-суоҕа уон үс эрэ саастааҕа ээ… Уонна итинник санаа киирбит эбит. Ыраах учаастакка сүөһү көрөн кыстаан олороллоро. Сэрии буоллаҕын үһүс кыһыныгар аас-туор олохтон балта, аҕыс саастаах Өксүү, ыалдьан өлбүтэ. Өксүүттэн үс сыл балыс, биэстээх Ааныска эмиэ нэһиилэ кыыкынаан сылдьара. Аҕалара сэриигэ барбыта, ийэлэрэ холкуос сүөһүтүн көрөн хараҥаттан хараҥаҕа диэри мөхсөөхтүүрэ. Хас да ыал, үксэ оҕо-дьахтар биир балаҕаҥҥа симсэн олороллоро. Эр киһилэрэ диэн арай хотон тас үлэһитэ, от-мас тиэйээччи алта уончалаах Тулламыкы оҕонньор этэ. Ньукулай, оччолорго Ньукуус, саас балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы муус чопчуну көрөрүн саҕана астара төрүт быстыбыта. Нуорма бурдуктарын кэмчилээн күҥҥэ биирдэ уу судураай хааһы сииллэрэ. Хата, аҕыйах ынах төрөөн, кыра суорат баар буолан, нэһиилэ тыыннаах сылдьаллара. Ыал ыалынан хоргуйан өлбүттэрин туһунан ынырык сурахтары дьоно сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ.

Дьэ, итинник сыккыраһан олордохторуна, Охонооһой уонна Лэпсэй диэн икки кырдьаҕас оҕонньор куйуурдуу диэн тиийэн кэлбиттэрэ. Эмиэ аһыыр-аһаабат сылдьар оҕонньоттор балтараа көстөөх сиргэ куйуурдарын, сүүрдэрин, анньыыларын, күрдьэхтэрин талах салааскаҕа соһон ыкса киэһэ нэһиилэ тэмтэриҥнэһэн кэлбиттэрэ. Суорат сыыһа сиэн, хатыҥ үөһэ чэйи иһэн баран утуйбуттара. Сарсыарда бэрт кыра бурдуктаахтарынан уп-убаҕас хааһы оҥостон аһаабыттара. Оҕонньоттор Ньукууһу куйуурга илдьэ барар буолбуттара.

Уруккуттан куйуурданар күөл быста уолан, уопсай сүбэнэн дьиэлэриттэн икки биэрэстэлээх Анаҕаһыннаах диэн балачча киэҥ ходуһалаах обургу күөлгэ куйуурдуурга быһаарыммыттара. Кураан сыллар буоланнар, уута биллэрдик тардыбыта, онон, баҕар, бэрсээрэй дэспиттэрэ. Салааскаларын соһон от тиэйбит суолунан күөллэригэр тиийбиттэрэ. Лэпсэйдээх Охонооһой күөл кытыытыгар киирэн хайа диэки барыахха сөбүн сүбэлэспиттэрэ. Урут хаһан да куйуурдаабатах күөллэрэ буолан, балачча мунаарбахтаан баран, бастаан арҕаа атахха ойбонно тэһэн көрүөххэ диэн буолбута. Суоллара, хата, күөлү ортотунан ааһара. Онон арҕаа атахха диэри сыарҕа суолунан субуруһан тиийэн баран, Охонооһой тохтоон уҥа-хаҥас олоотоомохтообута.

– Дьэ, ханан ойбон тэһэбит? – диэн баран харда эрэйбиттии Лэпсэйгэ эргиллибитэ.

– Оо, ону мин билээхтиэм дуо? – Лэпсэй тула көрүтэлээбитэ. – Элбэх ойбону алларар кыаҕа суох дьон буолаахтаатахпыт дии. Балыктаах сири таба тайаннахпытына дьолбут буолуо этэ.

– Мэлдьи куйуурдуур дьон балык кыстаан сытар сирин хаара хоҥнорхой, мууһа ыраас буолар дииллэрин истэр этим. Дьоҕойон оннук сирдэ көрдөөн көрүөххэ.

– Ээ, инньэ дииллэрэ. Чэ, бастаан суол хаҥас өттүгэр алларан көрүөххэ. Тоҥуу хаары кэһэн ырааппаппыт буолуо да… – дии-дии Лэпсэй салааскаттан күрдьэҕи сүөрбүтүнэн барбыта.

Киһини тобугунан тоҥуу хаары оймоон тахсан оҕонньоттор хардары-таары күрдьэҕинэн хаары мууһугар диэри хоҥнорута анньан көрбүттэрэ уонна: «Чэ манан тэһэн көрүөххэ», – дэспиттэрэ. Ньукуус ойбон тэһэр сирдэрин хаарын ыраастаһыыга көмөлөспүтэ. Охонооһой үтүлүгүн устан хаарга уурбута, анньыыны ылан төбөтүгэр кэтэрдиллибит мас хаатын быатын сүөрбүтэ, тойон эрбэҕинэн биитин бигээн көрбүтэ уонна ытыһыгар силлээн баран хараҥа күөх мууска «курх» гына батары биэрбитэ. Төһө да кырыйдар, бытаардар анньыынан тутта үөрүйэҕэ биллэрэ. Сотору соҕус саар ыаҕас айаҕын саҕа иэннээх, икки харыстан ордук дириҥнээх мууһу көйбүтэ. Онтон аҕылаан, сылайан анньыытын Лэпсэйгэ биэрбитэ. Ол кэмҥэ Ньукуус көйүллүбүт мууһу күрдьэҕинэн баһан кэбиспитэ. Аны Лэпсэй көйбүтүнэн барбыта. Ити курдук солбуйса сылдьан алларбыттара. Ойбон дириҥээн истэҕин ахсын мууһун баһар уустугурбута, Ньукуус сэниэтэ эстибитэ. Аны солбуһа сылдьан муустарын баһар буолбуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс ойбоннорун түгэҕинээҕи мууска сиик биллибитэ. Охонооһой сонун устан хаарга тиэрэ бырахпыта уонна аҥаардас ырбаахынан, сэлиэччигинэн эрэ туран ойбон түгэҕинээҕи мууһу суптурута анньыбыта. Онуоха уу оннугар убаҕас бадараан быллайан тахсыбыта.

– Оо, пахай! Манан төрүт да уута суох эбит… – диэн саҥа аллайбыта.

Лэпсэй ойбону өҥөйөн көрөн баран:

– Тыый! Бу күөл олус да уолбут… Манан хойуораары гыммыт дии, – диэбитэ.

Бары ойбоннорун таҥнары өҥөйөн соҥуоран турбуттара. Ньукуус, ойбон тэһиннэр эрэ куйуурунан балыгы баһан ылыахпыт дии санаабыта, хап-хара бадараан быллайан тахсан кыһыытыттан хараҕын уута бычалыйан кэлбитэ. Охонооһой балачча саҥата суох туран баран:

– Маннык уолбут буоллаҕына, балык баар сирин таба тайаннахха куйуурга кэлиэн сөп этэ, – диэбитэ.

– Оннук. Ол эрээри балык кыстаан турар сирин таба тайанарбыт биллибэт, – диэн баран Лэпсэй үөһэ тыыммыта.

Бастакы ойбонноруттан балачча тэйэн эмиэ хаары хоҥнорута анньан көрөн баран, ойбон аллараары хаарын ыраастаабыттара. Бары да сэниэлэрэ эстэн хамсаналлара бытаарбыта. Бу сырыыга бэрт өр сыралаһан ойбоннорун тэспиттэрэ. Ап-араҕас уу өрө булдьугураан тахсыбыта. Оҕонньоттор солбуһа сылдьан ойбон түгэҕин кэҥэппиттэрэ, Ньукуус сүүрүнэн мууһун баспыта. Сэниэтэ эстэн, илиитэ нукаай курдук буолбута, мууһун эһэригэр сүһүөхтэрэ мөҥөн, баран түһэ сыһар буолбута. Итинник сордонон син ойбонноругар куйуур батар буолбута. Охонооһой куйуур угар түөрэйин кэтэрдэн ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Эргитэн иһэн:

– Оо, манан даҕаны чычаас баҕайы эбит. Куйуурум түгэҕэр тиийэр, – диэбитэ.

– Оччоҕо эмиэ халтайга эрэйдэнээхтээбиппит дии, – диэн Лэпсэй санаата түспүттүү сөҥөдүйбүтэ.

Охонооһой куйуурун эргиппэхтии түһэн баран таһаарбыта бадараантан атын туох да суоҕа. Ону көрөн бары да санаалара түспүтэ. Оҕонньоттор салааскаҕа олорон саҥата суох табахтаабыттара, Ньукуус анньыы угар өйөнөн турбута. Аччыктаан иһэ курулуура, мэйиитэ эргийэрэ, табах аһыы сытыттан сүрэҕэ өлөхсүйэрэ. Онтун оҕонньотторго биллэримээри, кинилэргэ көхсүнэн эргиллэн, күөл киһи хараҕын саатырдар ньуурун симириктии-симириктии одууласпыта. Күн ортото буолбут быһыылааҕа, сааскы чаҕылхай күн уота киһи иэдэһин сылытара.

– Ньукуус, тоойуом, кэл, манна олор,– диэн баран Охонооһой сонун суулуу тутан ойбонтон баһыллыбыт мууска уурбута. – Сынньана түһэн баран өссө биир ойбону тэһэн көрүөхпүт, – диэбитэ.

Ньукуус тиийэн олорбутун кэннэ чарапчылана-чарапчылана тулатын көрүммүтэ уонна:

– Бу сырыыга ханан ойбон тэһэрбитин Ньукуус таллын. Уол оҕо дьоллоох, эдэр киһи баартаах. Баҕар, балык баар сирин таба тайанаарай.., – диэбитэ.

Лэпсэй ону бэркэ сэргээн хонос гына түспүтэ.

– Кырдьык даҕаны, биһиги иккиэн кураанаҕы харбаатыбыт. Аны эн ойбон тэһэр сири тал, – дии-дии бэргэһэтин көннөрүммэхтээбитэ.

Ньукуус сүрэҕэ биллигирэччи тэппитэ, сирэйэ итийбэхтээн ылбыта, олоҕор биир саамай суолталаах, киһи дуу, кии дуу буолар түгэнэ тиийэн кэлбитин курдук санаабыта. Хараҕар ийэтэ былаатын баана-баана кинини тобулу көрөн турар мөссүөнэ, балта Ааныска эмиэ да сайыспыт, эмиэ да аһыммыт харахтара уонна тоҕо эрэ аҕата сэриигэ бараары сонун кэтэн эрэрэ көстөн ааспыттара.

Балачча уһуннук саҥата суох олорбуттара. Ньукуус, сибилигин оҕонньоттор: «Чэ, туруоҕуҥ!» – диэхтэрэ диэн дьиксинэн, тыҥаан аҕай олорбута. Онтон тиһэҕэр туох ааттаах уһуннук олордубут диэх курдук санаталаан ылбыта. Төһө да кэтэһэ олордор, Охонооһой:

– Чэ, туран көрүөҕүҥ дуу.., – диэбитигэр, кыратык ходьох гынан ылбыта, тураары өрүтэ үөмэхтээбитэ даҕаны атахтара такыччы тардан хаалбыт курдук этилэр. Аттыгар батары аспыт анньыытын угуттан тардыһан туран иһэн, умса баран түспүтэ.

– Оо, бу оҕо атаҕа көһүйэн хаалбыт дуу? – диэн баран Лэпсэй хонноҕун анныттан ылан өрө тардыбытыгар туран сирэйин хоту тоҥуу хаары оймообутунан барбыта. Сэниэтэ эстэн тыын ылаары тохтоон кэннин хайыһан көрбүтэ: ойбонноруттан дуоннааҕы тэйбэтэх этэ. Охонооһой анньыыларын, куйуурдарын сүгэн, Лэпсэй сүүрдэрин тутан, салааскаларын соһон кини суолун батан иһэллэрэ. Ньукуус өссө барбахтыы түһэн баран тохтообута. «Манан!» дии санаат, атаҕынан хаары хаһыйа сатаабыта. Оҕонньотторо аҕылаһан кэлбиттэрэ. Тыын ылан тура түһэн баран, ойбон алларар сирдэрин хаарын ыраастаабыттара. Охонооһой эмиэ сонун устан анньыыны илиитигэр ылбыта. Солбуһа-солбуһа көйөн, муустарын баһан ойбоннорун балачча дириҥэппиттэрэ. Бары да сэниэлэрэ эстибитэ. Оҕонньоттор бырдылара быстан эмиэ салааскаларын хаар хайыҥар ууран кэккэлэһэ олорон сынньаммыттара. Ньукуус бу сырыыга ойбон таһыгар чохчойон олорбута, сэниэтэ букатын эстибитэ, мэктиэтигэр илиитэ-атаҕа салыбырыырга дылы гынара.

– Тоойуом, кэл, манна олор. Итинник олордоххуна атаҕыҥ көһүйэн хаалыа, – дии-дии Охонооһой эмиэ сонун суулуу тутан эһиллибит муус үрдүгэр уурбута. Ньукуус нэһиилэ туран онно тиийэн олорбута, кырдьык, атаҕа көһүйэ сыспыт этэ. Күн уота сып-сылааһынан көхсүн угуттуура. Ол олорон утуктаан тоҥхоҥноон барбыта. Маннык тугу да гыммакка уу нуһараҥнык олоруон олус баҕарбыта. Ол эрээри хараҕар балтын Ааныска кубархай мөссүөнэ көстөн кэлэн, хонос гына түспүтэ. Оҕонньоттор эмиэ утуктаан тоҥхоҥноһо олороллоро. Ньукуус муус тоорохойун ылан ыстаан күчүгүрэппитэ. Тыбыс-тымныы муус бэлэһин хаарыйан сөтөллөн ылбыта. Охонооһой утуктуу олорон төбөтүн өндөппүтэ:

– Һуу, утуйан бараары гынныбыт дии. Лэпсээй, туран көрөрбүт дуу? – диэбитэ уонна ньилбэгиттэн тайанан умса нөрүйэн иккитэ-үстэ өрүтэ үөмэлээн турбута. Анньыыны ылан оргууй көйбүтүнэн барбыта. Эмиэ солбуһа сылдьан ойбоннорун алларбыттара. Сыралара-сылбалара быстыбытын кэннэ, кэмниэ кэнэҕэс ойбонноро ап-араҕас уунан өрө бидилийбитэ. Онтон ойбон түгэҕин кэҥэтэ сатаан балачча өр букунаспыттара. Ньукуус сүүрүнэн мууһу баһан испитэ. Бүтэһик сырыытыгар бэркэ кыһаллан холбуйан ылан номнуо кыра бугул саҕа буолбут муус үрдүгэр сүөкээбитигэр, муус быыһыттан ылгын чыҥыйа саҕа мунду түһэн өрүтэ тэйиэккэлии түспүтэ.

– Балык! Балык! Мунду! – диэн саҥа аллайа түспүтэ уонна сүүрүн ыһыктаат, саба харбаан ылбыта.

– Хор эрэ! Бээ-бээ, саҥарбаҥ,– дии-дии Охонооһой куйуур угар Лэпсэй уунан биэрбит түөрэйин кэтэрпитэ.

Куйуурун ойбоҥҥо уган, хаҥас атаҕынан түөрэйин үктээн туран эргитэн куоҕаҥнаан барбыта. Балачча эргитэн баран куйуурун таһаарбытыгар, сүүрбэччэ мундуну кытары биир быччыкы кэлбитэ. Ону сүөкээт, куйуурун эмиэ ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Ньукуус, балыктарын хомуйан, Лэпсэй салааскаҕа түүрэ баайбыт куулларын сүөрэн тоһуйан биэрбитигэр хаалаабыта. Охонооһой бу сырыыга куйуурун маарыҥҥытынааҕар уһуннук эргиппитэ, ол үрдүнэн эмиэ бэрт кыра мунду кэлбитэ. Ити курдук Лэпсэйдиин солбуһа сылдьан эргиппиттэрэ эрээри биир обургу кытыйа эрэ буолар мундуну, биэс быччыкыны ылбыттара. Чугас соҕус балык кыстаан сытар сирэ баар буолуон сөп курдуга. Ол эрээри өссө ойбон алларар сэниэлэрэ суоҕа. Балык кэлэрэ да аҕыйаабыта, куйуурдара сороҕор кураанах тахсар буолбута. Бары аччыктаан иэдэйбиттэрэ, оҕонньоттор куйуурдарын нэһиилэ эргитэр буолбуттара. Онон сарсын киириэхпит диэн тэриллэрин барытын хаалларан, биир кыракый күөс буолар балыктаах куулларын сүгэн дьиэлэригэр барбыттара.

Ньукуус, төһө да аҕыйах балыктаах буоллаллар, оҕолор онно да үөрэн чаҕылыһалларын санаан, дьиэтигэр тиийэ охсуон баҕаран, оҕонньоттор иннилэригэр киирэн хааман испитэ. Бары даҕаны сэниэлэрэ эстэн нэһиилэ налбыҥнаһаллара.

Балаҕаҥҥа киирэн кэлбиттэригэр, баар дьон бары сирэйдэрэ кинилэр диэки буолбута. Дьахталлар, мэлийбиттэрин сэрэйэн, умса көрөн ити иннинэ ким тугу гына сылдьыбытын салҕаабыттара. Охонооһой саҥата суох сыгынньахтанан баран, уҥа диэки иһит уурар оронтон ыаҕас ылан харбыгыр куулун таҥнары туппута. Оҕолор ону көрөөрү оһох таһыгар тиийбиттэригэр, Өлөөнө ыаҕаһы хаба тардан ылан оһох кэннин диэки барбыта. Куйуурдьуттар Тулламыкыга хас ойбону алларбыттарын, бастакы, иккис ойбонноруттан мэлийбиттэрин, үһүс ойбонтон итиччэ балыгы ылбыттарын кэпсии-кэпсии хатыҥ үөһэ чэйи иһэн бүтүүлэригэр, дьахталлар оһохторун оттон, ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ балыктарын чугуун иһиккэ буһара уурбуттара. Сотору балаҕан иһэ буспут балык минньигэс сытынан туолбута. Аччык киһи ордук сытымсах буолар эбит этэ. Ньукуус ол сыттан мэктиэтигэр мэйиитэ эргийтэлээбитэ, сүрэҕэ эриллиэр, куртаҕа курулуйуор, сыҥааҕын уута сүүрүөр диэри иҥсэтэ көппүтэ.

Аччык оҕолор эмиэ кини курдук турукка киирэн, көмүлүөк оһох холумтаныгар таҕааҥҥа оргуйан булдьугуруу турар чугуунтан харахтара арахпатаҕа. Балык буһуута дьахталлар оҕолору биирдии куомсук убаҕас хааһынан аһаппыттара уонна утуйуҥ диэн кытаанахтык дьаһайбыттара. Ньукуус, оҕолору тоҕо утутар баҕайыларай диэн саныан икки ардыгар үстээх Уйбаанчык:

– Оттон пальык сиэбэппит дуо-аа-а? – диэбитигэр, ийэтэ Татыйаас ытамньыйа сыһа-сыһа:

– Суох-суох. Балыгы эһиги сиэбэккит… Куйуурдьуттар сиэхтэрэ, – дии-дии оронугар көтөҕөн илпитэ.

Ньукуус ону истэн дөйбүт курдук буолбута. Эмискэ балта Ааныска кини диэки диэличчи көрөн турарын көрө түспүтэ, аһынан хараҕын уута бычалыйан тахсан бокуойа суох симириктээн ылбыта. Ол икки ардыгар дьахталлар үс кытыйаҕа илдьи буспут, буруолуу сылдьар мундуну кутан остуолга уурбуттара, хамыйах аҕалбыттара. Ньукуус даҕаны, оҕонньоттор даҕаны оннуларыттан хамсаабакка дьиппиниһэн олорбуттара. Чочумча киһини хам баттыыр, кутун-сүрүн тууйар ыар, нүһэр чуумпу сатыылаабыта. Ити ынырык чуумпуну Өрүүнэ кэһиэхтээх саҥата аймаабыта.

– Охонооһой, Лэпсэй, Ньукуус… Ити балыгы бары сиэммит өллөммөппүт. Таах иҥсэбитин эрэ көбүтүөхпүт. Ол оннугар эһиги сиэҥҥит сэниэ киллэриннэххитинэ, сарсын, баҕар, балык баар сирин таба тайаныаххыт. Онон аһааҥ, эрэлбит эрэ эһиги, – диэбитэ. Оттон атын дьахталлар туох да саҥата суох орон ороннорунан тарҕаһан, иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Тулламыкы сонун кэтэн таһырдьа тахсыбыта.

Охонооһойдоох Лэпсэй сирэй сирэйдэрин көрсөн баран, оргууй остуолга тиийэн оҕолор диэки көхсүлэринэн буолан олорбуттара. Ньукуус олорор сиригэр хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Ол олордоҕуна, ийэтэ кэлэн окумалыттан ылан остуолга дэллэритэн илпитэ. Ньукуус куҥ курдук буолан хаалбыт илиилэрин ньилбэгэр ууран мундулаах кытыйаны супту одуулаабытынан таас төрөөн олордоҕуна, Охонооһой уҥа илиитин ылан остуол үрдүгэр уурбута уонна хамыйах туттаран кэбиспитэ. Онтон умса туттан, туора көрөн олорон бүтэҥитик:

– Аһаа, тоойуом. Сэниэ киирдэҕинэ табыллар, – диэбитэ.

Ньукуус илиитэ-атаҕа бааллан хаалбыт курдуга. Ийэтэ кэлэн санныттан илигирэтэ-илигирэтэ:

– Ньукуус, аһаа. Биһиги… Ааныска уонна мин туспутугар, – диэбитигэр биирдэ хамыйаҕар мундуну баһан ылан айаҕар укпута. Онтон балыгын миинигэр хараҕын уута чоккуруу-чоккуруу амтанын да билбэккэ барытын сиэн кэбиспитэ уонна итирик киһи курдук балааскайдаан, хараҕын уутугар муна-муна оронугар тиийэн умса түспүтэ.

Сарсыарда халлаан сырдаатын кытта аччык оҕолортон, дьахталлартан куотар курдук күөллэригэр харбыаласпыттара. Туох да саҥата-иҥэтэ суох бэҕэһээ Ньукуус түспүт ойбонуттан өссө үөс диэки ойбон алларан аччарыспыттара. Бары, кырдьык, биллэ сэниэлэммит курдуктара. Өр-өтөр буолбатаҕа, ойбон түгэҕэр уу бычыгыраабыта. Охонооһой, ытыһыгар силлээмэхтээн баран суптурута түһүөлээбитигэр, уу өрө булдьугуруу түспүтэ. Ону кытары үс-түөрт ыыс араҕас собо өрөҕөтө кылбаҥнаабыта. Лэпсэй сүүрүн тутан туран:

– Оо, эбэбит барахсан! – диэн баран, накыйдар-накыйан мууска тобуктуу түспүтэ. Оттон Ньукуус, ойбоҥҥо собо арҕаһа хараарарын, өрөҕөтө кылбаҥныырын көрөн туран, айаҕар хабархай амтан биллибитигэр биирдэ саҥата суох ытыы турарын өйдөөбүтэ.

* * *

Сарсыҥҥытыгар Ньукуус балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт муус чопчу сып-сырдык таммахтарыгар ытыһын тоһуйан туран:

– Аҕаа, биһиги этэҥҥэбит. Эн кырыыстаах өстөөҕү харса суох кыдый!!! – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураабыта.

Үөлээннээхтэр

Кээтии, хойуутук сабыта түһэр бырдахтартан икки илиитинэн хардары-таары сапсына-сапсына, талах быыһынан орҕочуйар ыллыгы батыһан охсуллубут ходуһаҕа тахсан кэллэ. Киэҥ сиргэ тахсаатын кытта, бырдахтар сиккиэр тыалга оҕустаран аҕырыс гына түстүлэр. Кыыс, дьэ тыын ылбыттыы, отчуттар ханна отууламмыттарын билээри тула көрүөлээтэ. Ходуһа арҕаа саҕатыгар ойуччу үүммүт талахтарга маҥан былаат ыйанан турарын көрөн, кууран эрэр оту курдурҕаччы кэһэн ол диэки баран иһэн, охсооччулар суолларынан кимиэнэ буоларын сылыктыы сатыы истэ. Бу киэҥник тэлэн нэлэһитэн, ол оннугар бөрсүөк эрэ саҕаны бастаран охсооччу Ылдьыын Мэхээлэ буолуон сөп. Кини тэлиитэ сүрдээх киэҥ, хадьымала намыһах, хотуурун суола биир тэҥ кэрдьигинэс буолааччы. Оттон бу кыараҕас соҕус эрээри ыллар харыстан ордук олуктаах, тэлиитин ортото сирин кырсыттан хоруйан охсуллубут, ол оннугар кытыытынан тутум үрдүктээх хадьымаллаах Охонооһой буолуохтаах. Охонооһой эрэ итинник дириҥник бастаран, хотуурун үөһэттэн таҥнары дайбаан түһэрэр. Онон ыраахтан көрдөххө биир кэм өрүтэ даллаахтыы иһэр буолааччы. Мэхээчэ суолун үгүс киһи эндэппэккэ билэр – кыараҕас гынан баран адьас сири кырсынан хоруйан охсор. Хаҥас илиитин тоҥолоҕун ойоҕоһугар сыһыары тутан, көбүс-көнөтүк тутта сылдьан хайдах эрэ бүтүн бэйэтинэн уҥа-хаҥас садьыаланан охсор үгэстээх. Онон үрдүк, хойуу оттоох сиргэ охсоругар хотуурдааҕа да көстүбэккэ биир кэм уҥа-хаҥас хойуоллаҥныы иһэр буолар. Кэтии, кыраабыл угун кыайар буолуоҕуттан элбэхтэ от мунньубут буолан, холкуоһун эр дьонун суолларын эндэппэккэ билэр. Бүгүн даҕаны Ґҥүүлээххэ от мунньа барыахтаах этэ. Ону баара ойооско44
  Өрүс ортотугар турар оттоох-мастаах кыракый арыы, өрүс арыыта.


[Закрыть]
от охсо киирбит дьоҥҥо бэбиэскэ кэлэн, бэрэссэдээтэлэ түргэнник тиэрдэ оҕус уонна күнүскү омурҕаны аһарбакка сэбиэккэ баар гын диэн бу ыксаан-бохсоон иһэр.

Отууга чугаһаан иһэн көрбүтэ: дьоно бөлкөй талах нөҥүө өттүгэр охсо сылдьаллар эбит. Кээтии уҥа илиитинэн былаатын хастыы тардан ылан сүүһүн көлөһүнүн соттуммахтаан баран, өрө уунан далбаатыы-далбаатыы:

– Мэхээлээ, Охонооһоой, Мэхээчээ! Э-һэ-һэ-һ-э-эй! Кэлиэҥ! Кэлиҥ-кэлиҥ! – диэн хаһыытаата.

Мэхээлэ, дьонуттан лаппа атан инникилээн иһэн, охсорун тохтотон күн уотуттан хараҕа саатан кини диэки чарапчылана-чарапчылана көрөн турда. Охонооһойдоох Мэхээчэ эмиэ тохтоон Кээтии диэки көрөн турбахтаан баран, күөх оту бобо харбаан ылан хотуурдарын соттулар уонна отуу диэки хаамсыбытынан бардылар. Мэхээлэ эмиэ хотуурун отунан сотон баран сүгэн кэбистэ уонна Кээтии диэки аҕыйах хардыыны оҥороот, дьонун күүтэн турда. Устар сайыны быһа үүнүүлээх окко умсаахтаабыт сытыы хотуурдар тимирдэрэ күн уотугар сытыытык чаҕылыҥнаан кинилэр хайдах эрэ хотуурдары буолбакка, уот курбуу батастары сүгэн иһэллэрин курдук этэ.

– Хайа, Кээтии, дорообо! Туох ааттаах ыксаллаах наадаҕа кэллиҥ? – дии-дии Ылдьыын Мэхээлэ чугаһаан кэллэ.

– Эһиэхэ… Эһиэхэ үһүөҥҥүтүгэр… бэбиэскэ кэлбит… Түргэнник сэбиэккэ тиийэ охсор үһүгүт, – диэн баран Кээтии умса көрөн турда, онтон былаатын үөрүйэх баҕайытык төбөтүгэр саба быраҕынна, икки уһугун кэтэҕэр кичэйэн баанан кэбистэ. Чочумча бары саҥата суох турдулар. Эргиччи эмиэ уу чуумпу буолла. Онтон үрдүлэринэн тыаһа-ууһа суох тайаарыҥнаан ааһан иһэр тыыраахы, эмискэ «кыр-кыр-кыр, кырык-кырык, кырыак-кырыак-кырыак» диэн айманан, соһуччу сурахтан дөйүөрбүт курдук дьону уһугуннартаата. Ылдьыын Охонооһойдоох Мэхээчэ сирэйдэрин-харахтарын дьэ өйдөөн көрбүттүү хардары-таары сыныйан көрө-көрө:

– Ыҥырбыт буоллахтарына барар буоллахпыт дии, – диэн баран отуу диэки хаампытынан барда. Дьоно бары саҥата суох кинини батыстылар…

* * *

…Ынах ыллыгын кыйа лагласпыт кылбаа маҥан сотолордоох хатыҥнар биир да сэбирдэхтэрэ ибир гыммат, кыра да сиккиэр илгийбэт күнэ үүммүт. От-мас барыта өҥүрүк куйаастан улугуран, налыйан хаалбыкка дылы. Халлаан оройуттан сырайар күн уотуттан, бэл, үөн-көйүүр күлүк сиргэ хорҕойбут быһыылаах. Бырдах да дыыгынаабат, сахсырҕа даҕаны сааҕынаабат.

Уу чуумпу…

Арай, биирдэ эмэ күлүмэн эргийэ көтөн күүгүнээн ааһар, үрүмэ курдук чап-чараас кынаттаах тоноҕоччу хаппыт кииһилэ умнаһыгар түһэн ыла-ыла тыаһа-ууһа суох өрүтэ күөрэйбэхтиир, ыллык суол икки өттүнэн киһини түөһүн тылынан буолар гына өрө аспыт ап-араҕас сибэккилээх тимэх оттор үрдүлэринэн үс-түөрт муус маҥан үрүмэччи бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэн ирбинньиктэнэллэр.

Мэхээчэ итини барытын ис-иһиттэн кэрэхсии, манньыйа көрөн турдаҕына, эмискэ ким эрэ олус холустук саҕатыттан илгиэлээтэ. Ыбыс-ыарахан халтаһаларын нэһиилэ атытан көрбүтэ, өрүс баһыттан ыла массыынаҕа кэккэлэһэ олорон кэлбит Таатта киһитэ саҕатыттан сахсыйа турар эбит.

– Оо, бу киһи эмиэ уутун кыаммата. Туох ааттаах уук киһигиний, доҕоор? Тур, бардыбыт, – диэбитэ истиэнэ нөҥүө саҥарардыы бүтэҥитик иһилиннэ, хотуомкатын уҥа санныгар быраҕынара уулаах дьэҥкир иһит нөҥүө көрөрдүү уҥа-хаҥас, туора-маара устаҥалаан ылла.

Мэхээчэ уутугар аҥаарыйан мэндээрбит хараҕынан тулатын көрүммүтэ: дьоно бары туран үрүөтэһэн эрэллэр эбит. Уута кэлэрэ сүрдээх, мэктиэтигэр мэйиитэ минньигэс-минньигэстик эргийтэлээн ылар, халтаһалара сабылла тураллар, илиитэ-атаҕа адьас куҥ курдуктар. Ол иһин кыараҕас аанынан сүүһүнэн киһи хаһан үтүрүһэн тахсыахтарыгар диэри кыратык нуктуу түһэн ылар санаалаах төбөтүн эмиэ түөһүгэр бүк түһэрэн кэбистэ.

Кини сөп-сөп күрүлүүр күнүс итинник уута кэлэн, чүмэчини саба туппуттуу эмискэ утуйан хаалар дьаллыктаах. Ол оннугар сотору-сотору түүнүн адьас утуйбат буолан хаалар. Оччоҕо хараҕын килэччи көрөн баран сытар, бара сатаан ыһыырынньык имик-самык уотугар тугу эмэ кыспыта, ат сэбин абырахтаабыта буолар идэлээх. Онтуттан сүрдээҕин эрэйдэнэр. Киһи барыта утуйа сыттаҕына, соҕотоҕун түҥкүнүү сылдьар туох аанньа буолуой? Оттон уута мунньулуннаҕына, күнүһүн уутун кыаммакка дьон күлүүтүгэр да барбыта элбэх. Былырыын өҥүрүк куйаас күн тэлиэгэлээх атынан отчуттарга өйүө илдьэн иһэн утуйан хаалбытыгар, ата үрэх оломугар тиийэн куйааһырҕаан иҥэһэ тэбэригэр диэри дириҥ ууга туораан тахсан турунан кэбиспит этэ. Көр, онно ыстаанын кэннэ илийдэр даҕаны, уһуктубатах ээ. Ааһан иһэр дьон түбэһэ түһэннэр атын кытылга сиэтэн таһааран баран, бэйэтин нэһиилэ уһугуннарбыттара. Отчуттар өйүөлэрин бүтүннүү ууга сытытан кыбыстыы бөҕөҕө киирбитин таһынан, бүтүн нэһилиэк үрдүнэн күлүүгэ барбыта.

Били Кээтии кэлэн илдьити этээтин кытта, дьиэлэригэр таарыйбакка быһа сэбиэт кэнсэлээрийэтигэр тиийбиттэрэ. Онтон кими да дьиэтигэр ыыппатахтара. Аан таһыгар саалаах харабыл турара. Арааһа, күрүөхтэрэ дииллэрэ буолуо. Кырдьык, сэриигэ ыҥырыллан баран иһэн күрээбит, дезертирдээбит дьон туһунан сурах-садьык дэлэйэ.

Мэхээчэ сэбиэккэ үлэлиир Ааныска диэн кыыһынан дьонум кэлэн көрүстүннэр диэн илдьиттээбитэ. Ол эрээри барааччыларга кими да чугаһаппатахтара. Онон ийэлээх аҕата күрүө нөҥүө соҥуоран туралларын түннүгүнэн эрэ көрбүтэ. Ийэтэ былаатын уһугунан сотору-сотору хараҕын уутун соттоохтуура. Аҕата Аанысканан саас куоракка киирэ сылдьан атыыласпыт саппыкытын, аҕыйах солкуобай харчыны тиксэрбитэ. Онон окко кэтэр олооччутун устан саппыкытын кэппитэ. Арааһа, барыахтаах дьону барытын хомуйдахтара буолуо, кэнсэлээрийэ иһигэр ким туран, ким олорон эрэ чэйдээбиттэрин кэннэ, саалаах дьон харабыллаах, иккилии буолан биир аты мэҥэстэн оройуон киинигэр айаннаабыттара. Түүннэри түһэн сарсыарда ыал туруута тиийбиттэрэ.

Аармыйаҕа дьону хомуйуу сыыппаратыгар ыктаран олорор сүүмэрдиир хамыыһыйаҕа Мэхээчэ уҥуоҕунан ирдэниллэр кээмэйгэ хапсыбатын аахса барбатахтара, эгэ, ол утуйарын-утуйбатын токкоолоһуохтара дуо? Бэйэтэ кэпсиэҕин муҥкуга бэрдэ, утуйбат ыарыылаахпын да дии санаабат этэ, хайа уонна нууччалыы биир даҕаны тылы билбэтэ. Дьэ, онон бу сэриигэ баран иһэн Иркутскайга быстах тохтоон ааспыттарыгар нуктуу түһэн ылар санаалаах олорор дьүһүнэ этэ. Бу иннинэ адьас аанньа утуйбакка сылдьара…

* * *

…Сибилигин аҕай сибэккилээх хонууга үрүмэччилэр көтөн ирбинньиктэнэллэрин көрө турар курдук этэ да, аны ынах ханнын саҕа таастар үрүт-үрдүлэригэр күөрэлэнэн сытар, эргиччи туох да бэйэлээх ыттыа суоҕун курдук суорба хайалар суодаһан турар кыараҕас баҕайы сирдэригэр баар буолан хаалла. Тахсар сири көрдөөн ол таас эркини кыйа барыан баҕарар да, үктэнээри гыммыт тааһа барыта салыҥнаах балык курдук ньылбырхай буолан иһэр. Халтарыйда даҕаны атаҕын тосту түһүөх курдук. Онон охтумаары икки илиитин даллатан баран биэтэҥэлии туран уһуктан кэллэ. Маарыҥҥытынааҕар быдан сэргэхсийбит. Бастаан ханна баарын өйдөөбөккө тула көрүтэлээтэ. Онтон чугаһынан биир да билэр киһитэ суоҕун көрөн дьэ сүрэҕэ «парк» гына түстэ. Хотуомкатын көрдөөн тула холоруктаата да, утуйа олордоҕуна сойботон ылбыттара ырааппыт быһыылаах. Хараҕа хараҥара, кулгааҕа чуҥкунуу түһэргэ дылы гынна, сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан кэбистэ. Олорор муннугуттан ойон туран икки аҥыы тэлэччи аһыллан турар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан уҥа-хаҥас сүүрэкэлээтэ, хаста да дьоҥҥо кэтиллитэлээн ылла, тулатын көрө сатаан моонньун уһата сатыы-сатыы уҥа-хаҥас мэлээриҥнээмэхтээтэ. Ол эрээри дьоно барбыттара ырааппыт быһыылаах, биир да билэр киһитэ көстүбэт.

«Иэдээн, хаалбыппын. Дэсэртиир аатырдаҕым» диэн санаа күлүм гынан ааста. Өлүү түбэлтэлээх, хаҥас илиилэригэр кыһыл бэбээскилээх, саалаах саллааттары батыһыннарбыт эписиэр чуо киниэхэ иһэрин көрөн, кутталыттан дөйөн хаалбыт курдук буолла. Дьоно киниэхэ эрэ кыһаммакка аттынан кэлэн ааһа турдулар. Сэриигэ ыҥырыллан баран эрэр киһи быһыытынан бастаан кинилэри кэннилэриттэн батыспахтаан иһэн, дьонуттан быстан хаалбытын нууччалыы хайдах да сатаан быһаарыа суоҕуттан саараан, хардыыта кыараатар-кыараан хаалан хаалла. Ити курдук төттөрү-таары мэскэйдэнэ, санаатыгар дьонун көрдүү сатыы сырыттаҕына, киэһэрэн барда. Боруҥуй буолуута эмиэ сэриигэ баран иһэр дьону тиэйбит поезд кэлэн, тимир ыллыктар ииччэх-бааччах курдук туора-маары тардыллыбыт сирдэрин нөҥүө өттүгэр балачча уһуннук тохтоон турда. Мэхээчэ, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн онно баран истэҕинэ, саалаах саллаат үлтү үөгүлээн, саанан дугдуруйан үүрэн ыытта. Хаһан да хайыай, төттөрү вокзалыгар киирэн муннукка урукку миэстэтэ иллэҥин көрөн муостаҕа кумуччу туттан олорунан кэбистэ…

* * *

… Сэриигэ барааччылары оройуон киинигэр хоннороот, үргүлдьү куораттаппыттара. Куоракка тиийэллэрин кытары Охонооһойу дьонуттан арааран атын сиргэ ыытан кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан били, ходуһаттан бииргэ бэбиэскэ тутан тахсыбыт дьонун кытары борохуот баарсатыгар эрэ көрсүбүтэ. Өрүс баһыгар тиийэн эмиэ үс аҥыы арахсарга тиийбиттэрэ. Дьэ, итинтэн ыла Охонооһой кинилэри биирдэ да көрбөтөҕө.

Икки ый курдук үөрэтэ түһээт, Охонооһойу маршевай рота састаабыгар киллэрэн сэриилэһэр аармыйаҕа ыыппыттара. Инники кирбиигэ тиийэллэригэр сахалартан төрүт да соҕотох буолан хаалбыта. Нууччалыы билбэт буолан наар дьону батыһа сылдьарыгар тиийбитэ. Син үһүс ыйын сэриилэһэ сылдьар. Ити кэм устата хаста-хаста өлө-өлө тиллибитэ буолла. Биирдэ буомба тоҕо тэппит буора саба түһэн тыыннаахтыы көмүллэн хаала сыспыта. Хата, саатын уоһа хоройо сытарынан сирдэтэн хаһан таһаарбыттара. Онтон ыла хас да хонукка тугу да истибэт буола сылдьыбыта, санчааска сытыаран эмтээннэр бэттэх кэлбитэ.

Бу сарсыарда атаакаҕа киирээри бэлэмнэнии буолла. Бэлэмнэнэн да диэн – кимиэхэ хас ботуруоннааҕын ааҕынан тэҥ гына үллэстэн, хоонньуларыгар биирдии уматыктаах бытыылканы уктан баран, хамаанданы кэтэһэн сыталлар. Охонооһой бу аан бастаан атаакаҕа киириитэ. Сибилигин окуопаттан ойон туран өлөр өлүүнэн илгистэр толооҥҥо сүүрэн тахсыаҕа. Сүрэҕэ биир кэм бип-битигирэс, илиитэ кытары салыбырыырга дылы. Ол иһин бинтиэпкэтин хам тутан окуопа түгэҕэр чохчойон олорор. Төбөтүгэр араас санаалар үтүрүһэ-үтүрүһэ кииртэлииллэр. Баҕар, бу кини олоҕун бүтэһик күнэ буолуо… Сибилигин, адьас сотору буулдьаҕа дьөлө көтүттэрэн кыа хаанынан устубутунан сууллан түһүөҕэ. Ынырыгыын! Сэриигэ кэлэн элбэх өлүүнү көрдө. Ама кини эмиэ хаар, буор булкаастаах тоҥ сиргэ охтон өлөн түһүө дуо?..

Ол быыһыгар аны эһэтэ оҕонньор тайахха тэптэрэн, оргууй аҕай маадьардаталаан дьиэтин диэки баран иһэрин санаан ылла. Адьас оҕо сырыттаҕына өлөн хаалбыт эһэтэ оҕонньору бүтэһигин көрөн хаалбыт түгэнин тоҕо санаан ылбытын дьиибэргиэх курдук буолан истэҕинэ, «В атаку!» диэн хамаанда сатараата. Охонооһой, ол хамаанданы истэн, саатын ыбылы туппутунан өссө бүк түһэн кирийэ сатыырга дылы гынна. Эмискэ ким эрэ сүр күүскэ өттүккэ тэбэн баран, саҕатыттан харбаан ылан окуопа таһыгар бырахта. Түөрт атах буолан туран истэҕинэ, «Вперед! Быстрей!!!» диэн хаһыыны кытары аны ойоҕоско тэбэн саайдылар. Иһэ-үөһэ доргуйан тыына хаайтарарга дылы гынна, хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата. Ол да буоллар иннин диэки сүүрэн бакаалаата.

Тулатыгар биир кэм «Аа-а-а-аа!» диэн хаһыы иһиллэр. Эмискэ иннигэр, ойоҕоһугар миинэлэр түһэн эстэн бурҕаҥнастылар. Иһин түгэҕэр били, маарыын ойоҕоско тэппиттэрин курдук, туох эрэ күүскэ саайарга дылы гынна да, Охонооһой охтон түстэ. Өйдөнөн кэлбитэ: буордары, хаардары үлтү мэһиллибит сиргэ умса түһэн сытар. Төбөтүн өндөппүтэ: иннигэр маҥан кириэс ойуулаах тааҥка адьас кинини көрбүтүнэн тимир тиһиликтэрэ килэбэчиһэн хаары, буору өрө ытыйан лиһигирэйэн иһэр эбит. Охонооһой ити амырыын сэпкэ үлтү мэһийтэримээри туора сыылла сатаата. Тааҥка адьас субу лиһигирэйэн кэллэ. Охонооһой тааҥка куйаҕар түспүт хаар күдэригэ тута ууллан ньалҕарыйарын кытары бу баардыы көрдө. Онтон хоонньугар уматыктаах бытыылкалааҕын өйдөөн, илиитин иминэн булан, оруу тардан ылан ааһа лиһигирэйэн эрэр тааҥка диэки элиттэ. Бытыылка тааҥка куйаҕар тиийэн үлтү ыстанарын, уматык халыс гынарын уонна чочумча буолаат, кыһыл төлөн өрө күүдэпчилэнэрин көрө сытан, уматыктаах бытыылкатын көрдөөн харбыалаһарыгар иһин түгэҕэр туох эрэ сымнаҕас, сылаас баарын дьиибэргээн тиэрэ эргийэн иһин түгэҕин өҥөйөн көрбүтэ: оһоҕоһо бүтүннүү буор-сыыс, хаар– сиир буолан субулла сытар эбит. Сыыллыбыт сирэ барыта кыа хаан буолбут. Икки илиитинэн оһоҕоһун хомуйуохтуу харбыалаһа сытан, мэйиитэ эргийэн тулата кулахачыҥнаан иһэн хабыс-хараҥаҕа тимис гынан хаалла…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации