Электронная библиотека » Данил Макеев » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Данил Макеев


Жанр: Книги о войне, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Көҥүл киһи

Бэс ыйын саҥата. От-мас барыта көҕөрөн, ойуур иһэ мутукча сытынан дыргыйар, чыычаах саҥатынан чугдаарар. Тыынарга чэбдигии-и-ин, салгына ырааһыы-ы-ын!!!

Сиккиэр тыалга оргууй суугунаһар тииттэр, хатыҥнар лабааларын быыһынан күн сардаҥата тыргыллан киирэн, көтөҕөнөн бүрүллүбүт сиргэ, сыгынахтарга, көҕөрө тэлгэммит отон угугар, онно-манна үрүҥ күүгэннии туртайар лабыктаттан лабыктаҕа ыстаҥалыыр, мэник уолчаанныы тэбэнэтирэр.

Одоҥ-додоҥ хатыҥ булкаастаах лиҥкир ойуур быыһынан эриллэр-буруллар, тыраахтардар тоҕута кэһэн киһини тобугунан аҥхайдардаах, араҕас көтөҕөнөн бүрүллүбүт чалбахтардаах суол устун хагдаҥ от дьүһүнүн курдук таҥастаах киһи туохтан эрэ санаата наһаа көнөн, мичээрдии-мичээрдии хааман иһэр. Ханна эрэ тиит чыпчаалыгар тохтоло суох: «Тьии-тьүү-тьүү. Тить-тить-тить. Тьи-тьү-тьүү» диир, эмиэ да «чирик-чырык», «чи-чи, чыы-чуу-чии» диэн иһиирбэхтиир чыычаахтары көрөөрү үөһэ хаҥтаарыҥныыр. Ыраах, тыа саҕатыгар кэҕэ этэн чоргуйарын истэн, охто сытар мас устун кутуругун хороппутунан чыбыгырыы-чыбыгырыы сүүрэн иһэн хорос гына олоро түһүтэлиир моҕотойу көрөн тохтоон ылыталыыр. Бу мутукча сытынан дыргыйар тыаны, ити чуопчаарар чыычаахтары, кэҕэ этэн чоргуйарын, моҕотой сүүрэн субуруйарын төһө баҕарар көрө-истэ туруох киһи, баҕарбат буола-буола, хааман иһэр быһыылаах.

Дьиҥэр, иһигэр сүрдээҕин ыксыыр. Бөһүөлэккэ тиийэ охсон, биир эмэ тыраахтардаах уолу кэпсэтэн төттөрү кэлэн, массыыналарын хостуохтарын наада. Түөрт хонуктааҕыта табаарыстарын кытары куораттан тахсан, эһэтин алааһыгар андылыы тиийбиттэрэ. Онтон бүгүн төннөн иһэн массыыналарын батылыннаран кэбистилэр. Тыаттан уу халыйан киирэр аппа бэлэһинээҕи кырыс ирэн, оборчо кэриэтэ буолбутугар, «УАЗ» массыыналара лаҕыччы олорон хаалла. Онон тыраахтарынан эрэ состордоххо сатаныыһы диэн бу бөһүөлэктээн иһэр.

Массыыналарын хостуу охсоот, куораттыахтаахтар. Киэһээҥҥи бүтэһик паромунан Өлүөнэни туорууллара буоллар… Ол кыаллыбатаҕына, саатар сарсын бастакы паромунан уҥуоргу кытылы булан, үлэлэригэр баар буоллахтарына сатанар. Бары да өрөбүллэрин туһанан уонна биирдии-иккилии күнү көҥүллэтэн кэлэ сылдьаллар. Туох да кыһалҕата суох бу күөххэ, көҥүлгэ илимтэн балык арааран сии-сии сылдьар үчүгэйэ сүрдээх. Быйыл Байанай биэрэн, иккитэ уонтан тахсалыы үөрдээх анды түһэ сырытта. Онон киһи баһыгар үстүү андылаахтар. Хайа уонна бары айылҕаҕа сылдьан, көй салгынынан дуоһуйа тыынан сүрдээҕин астыннылар. Аҕыйах күн наһаа түргэнник элэс гынан ааһа оҕуста. Сарсыҥҥыттан эмиэ үлэ, түбүк-садьык – ол быыһыгар кырыы харахтарынан кынчарыйааччылардыын, илэмэ-салама көтөөччүлэрдиин, араастаан киирээччилэрдиин-тахсааччылардыын, куомуннаһа-куомуннаһа бэрт былдьаһааччылардыын хатыһыы саҕаланыа турдаҕа. Дьон-сэргэ ортотугар сылдьар, ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлиир киһи, арааһа, онтон куоппат быһыылаах.

Суол кытыытыгар хантан ойо ыстанан кэлэн үүммүтэ биллибэт бэс таһыгар тиийиитигэр, мастар быыстарынан иннигэр киэҥ алаас эҥэлдьийэрэ көһүннэ. Манна чугаһынан ханна да бэс суох. Арай бу хантан эрэ ойдон кэлэн үүммүт соҕотох бэс баар. Күн уотугар чүмэчи курдук ыыс араҕаһынан саһарар умнастыын, кылаан чыпчаалыгар хоп-хойуу будьурхай лабаалыын бу ойуур мастарыттан чыҥха атын. Сылгы самыытыныы логлойон көстөр дьоҕус томтор оройугар суос-соҕотоҕун силис тардан үүммүт буолан, бэйэтэ да атын мастартан ойуччу ураты буолан көстөр.

Айанньыт ол бэс таһыгар кэлэн сынньанардыы олордо. Сиэбин хастан табах ылан уматтан күөх буруону үрэн унаарытта. Мантан ити эҥэлдьийэр алааска диэри сүүсчэкэ эрэ хаамыы буолуо. Суол, халдьаайы быллаардарын быыһынан эриллэн-буруллан киирэн иһэн, эмискэ көбүс-көнөтүк сыыры таҥнары анньынан кэбиһэр да, алааһы илин-арҕаа саҕатынан икки аҥыы арахсан тыргылла турар.

Бэс анныгар олорор киһи киниттэн чугас, суолу туора түспүт тиит төрдө эрбэнэн, төбө өттө сүгэнэн быһа охсуллан баран туора тардылла сытарыгар хараҕа хатанна. Арааһа, били, Дьүлээйкэ эрэйдээх ити мас төрдүн икки киһи тардар эрбиитинэн эрбээн баран, төбө өттүн быһа охсоору баран иһэн сүгэтин туппутунан охтон түһэн өллөҕө буолуо дии санаата. Кырдьык, ол мас буолуон сөп эбит. Лабыкта икки, Тэгэрээттэ икки ардынааҕы сиһи быһа түһэр суолга туора түспүт хас да маһы эрбээн, суолтан туора тардан баран, бүтэһик тиит таһыгар охтубут дииллэр этэ.

Оҕо эрдэҕиттэн таас дьүлэй буолан кэргэн ылбатах, оҕо-уруу төрөппөтөх, андаатардаан, куобахтаан, балыктаан эбинэн, саас дьоҥҥо мас мастаан аһаан-таҥнан олорбут киһи. Сэрии кэмигэр холкуос булчута буолан, Алдан уҥуор тааска бултуу сылдьан, тааҥҥа түһэн икки атаҕын тарбахтарын үлүтэн кэбиһээхтээбит этэ. Ити андылыыр алаастарыгар кинилэр эһэлэрин өтөҕүн сөргүтэн бэрт уһуннук олорбута, кыһыҥҥы улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри андаатардыыр, куобахтыыр этэ. Кыһынын икки-үс ый бөһүөлэккэ киирэн олороро, саас эрдэ алааһыгар тахсара. Бөһүөлэккэ киирдэҕинэ, матасыыкыллаах уолаттарынан бырахтарара. Ол иһин суолга охтубут мастары ыраастыыра, ардыгар сайыннары куурбат бадарааннаах сирдэри тумнар суол солуура. Ол сылдьан охтон түһэн өлөөхтөөбүтэ.

Дьэ, көҥүл киһи диэн кини баара. Ойох, оҕо-уруу иитиитэ диэни билбэтэҕэ. Инбэлиит буолан биэнсийэ сыыһа ылара эбитэ дуу?.. Үйэтин тухары айылҕаттан аһаан-таҥнан, бэйэтэ хайдах баҕарбытынан олорбута. Ол эрээри, арааһа, кэргэннэниэн баҕарар быһыылаах эбит этэ. Араас солко таҥастары атыылаһан Лабыкта ампаарыгар хаһаанара үһү. Аны солкуобайдаах манньыаттары мунньара дииллэр. Бинсээгин түөһэ килэччи значок, хортууһа хахаарда бөҕө этэ. Ол ыһыахтарга эҥин кэтэр саамай мааны таҥаһа буолара. Арааһа, сэрииттэн ордон кэлбит бэйэтин көлүөнэтин дьонун уордьаннарыгар, мэтээллэригэр ымсыыран оннук оҥостунаахтыыр быһыылааҕа.

Дьүлээйкэ айылҕа хайдах айбытынан олорбут, кимниин даҕаны иирсибэтэх, өстөспөтөх, бэрт кэнэн, көнө эрэйдээх этэ. Арааһа, албынныыры, кими эрэ атаҕастыыр-баттыыр диэни билбэтэ да буолуо. Ол да иһин ини – дьон бары киниэхэ амарахтык сыһыаннаһаллара.

Үйэтин тухары балыктаан, бултаан аһаабыт киһи эрээри, биирдэ эмэ саа сүгэ сылдьарын көрбүт киһи баара дуу, суоҕа дуу? Наар туһаҕынан, туунан, хапкаанынан бултуура. Дьиктитэ диэн, хаһан да илимнээбэт этэ. Арай биирдэ андылыы сылдьар үһү диэн сурах иһиллибитэ. Сопхуос дириэктэринэн саҥа ананан кэлбит киһиэхэ сирдэрин-уоттарын көрдөрө сылдьар дьон Дэбин Дүөрэ диэн алааска тиийбиттэрэ: биир киһи күөл уҥуор дурда туттан, дулҕанан мончуук оҥостоору уокка кэрээн буруо-тараа бөҕө буола сылдьар үһү. Онно барбыттара, Дьүлээйкэ буолан биэрбит. Биригэдьиир киһи аттыгар тиийэн кулгааҕар хаһыытаан:

– Хайа, бу тугу гына сылдьаҕын? – диэбитигэр, киһилэрэ үгэһинэн биир тылынан:

– Андылыы, – диэн хардарбыт.

Хата, чэй өрүммүт эбит, утатан иһэр дьон чэй испиттэр. Ол олорон биирдэрэ:

– Сааҥ хастааҕый? – диэбитигэр, киһилэрэ эргиллэн дурдатын диэки көрөн баран:

– Сүүрбэлээх, – диэбит.

– Ок, дьэ сүрдээх тэргэннээх эбит, – диэн күлсэн баран аны хас ботуруоннааҕын ыйыппыттар. Киһилэрэ чэйдээх куруускатын сиргэ ууран баран бэрт холкутук:

– Биир.., да, иитиллэ илик, – диэбит.

Дьоно күлсэн ньиргиһэ түспүттэрин дьиибэргээбит курдук эр-биир көрүтэлээн кэбиспит. Сүүрбэлээх саалаах, иитиллэ илик биир ботуруоннаах андылаары сылдьарыгар түбэһэ түспүт Лэгэнтэй ити туһунан өрүү күлэ-күлэ кэпсиир буолара. Уонна кини саа сүгэ сылдьарын көрбүт киһи, арааһа, суоҕа буолуо.

Дьэ, хата, ол оннугар куобаҕын быһыта, соботун, андаатарын туута баһаам буолара. Күөллэр балыктара хаһан ыырын эндэппэккэ билэрэ үһү. Биирдэ андылыы сылдьар дьон күөллэрин балыга хаһан ыырын ыйыппыттарыгар, күөл диэки турулус гына көрөн кэбиһэн баран:

– Ыары гынан баран ыабата, – диэбит.

– Оччоҕо аны хаһан ыаҕай? – диэн токкоолоспуттарыгар, эмиэ күөл диэки көрөн турбахтыы түспүт уонна:

– Сэттискэ, – диэбит уонна тугу да быһаарбакка ааһа турбут.

– Аарт-татай… Хаһан ыылларын киниэхэ кэпсии сылдьалларыгар дылы эттэҕэ чуолкайын, – дэһэ хаалбыттар. Кырдьык, ол дьыл күөллэрин балыга лоп курдук бэс ыйын сэттэ күнүгэр ыабыт.

Олоххо-дьаһахха туох барыта былааннаммытын курдук табыллан испэт. Холобур, кинилэр батыллыбатахтара буоллар билигин ырааппыт буолуохтаахтар этэ. Ону баара алаастарыттан тахсаат, олорон хааллылар дии. Айылҕаҕа даҕаны оннук үөйбэтэх-ахтыбатах харгыстар үөскүүллэрэ буолуо ээ. Дьүлээйкэ ону бэлиэтии көрөн ыары гынан баран ыабата диэтэҕэ буолуо. Ол эрээри балык ыыр күнүн чопчу эппитэ дьэ дьикти. Тулалыыр эйгэлиин өйдүүн-санаалыын, эттиин-хааннын биир ситимҥэ киирии кистэлэҥэ буоллаҕа дуу.

Билигин тэлэбиисэргэ биирдэ эмэ «отшельниктар» диэн, дьонтон-сэргэттэн тэйэн, аныгы олох бары уйгутуттан арахсан олорор дьону көрдөрөллөр. Ким эрэ: «Төһөнөн дьон үөнүн-күрдьэҕэтин, ымсыытын-нэгэйин билэн истэҕим ахсын – ыттары таптыырым күүһүрэн иһэр», – диэбитин курдук, киһи эмиэ ардыгар иччитин туһугар тыынын да толук биэрэрин кэрэйбэт ыт ииттэн, ханна эрэ баран соҕотоҕун бүгэн олоруон баҕаран кэлэр ээ. Дьикти.., итинник санаа киһиэхэ барытыгар киирэрэ буолуо дуо?

Киһи табаҕын сиргэ батары баттаан, өссө эбии сууралаан кичэйэн умулларда. Онтон ойон туран хаампытынан барда. Ол иһэн Дьүлээйкэттэн сиэттэрэн арааһы ырыҥалыы санаабытыттан күлэ санаата. Ити, арааһа, саҥа үлэҕэ ананаат билсибит, ити эйгэҕэ бэйэтин тос курдук ыйааһыннаах кэриэтэ сананар, хас да сыл алтыспыт киһитэ биирдэ бэрт кыраттан сылтаан өһүргэммитэ буолан араастаан саҥарбытыттан, үөхпүтүттэн ситимнээх быһыылаах. Ол киһи иһэ эриэнин сэрэйэрэ, дьоҥҥо сирэйигэр олус бэрт курдук эрээри кэннилэриттэн араастаан саҥарарын билэрэ да итинник кэбилэниэ дии санаабат этэ. Урут кинини ким даҕаны итинник үөҕэ, саҥара илик буолан олус соһуйбута, кэлэйбитэ… Онто кэм да ааһа илик быһыылаах. Дьиҥэр, анааран көрдөххө, үөн дьон аҕыйах ээ. Ол эрээри тоҕо эрэ төрүт сүтэн, симэлийэн хаалбаттар. Ити, арааһа, орто дойду олоҕун биир тулхадыйбат ирдэбилэ, дьон майгытын-сигилитин имитэр-хомутар ньымата быһыылаах. Сахалар «Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар» диэн олус да сөпкө эппиттэр эбит ээ.

Быйыл бу аҕыйах хонукка чугас доҕотторун кытары сылдьыбыт кэмэ тоҕо эрэ ордук кэрэтийбит, күндүтүйбүт курдук. Киһи олоҕор аҕыйах хонукка да буоллар көҥүл курдук сананан сылдьар кэмэ кылгас даҕаны ээ… Бука эр дьон, итинник көҥүл курдук сананан ылаары тоҥоллорун-хаталларын, бу кинилэр курдук суолга-иискэ моһуогуралларын аахсыбакка, аар тайҕаларыгар, булка-алка тардыһан эрдэхтэрэ. Былыр өбүгэлэрбит алаастарынан, үрэх бастарынан бытанан олорор эрдэхтэринэ, төһө да дьадаҥытык, ыараханнык, түҥкэтэхтик олордоллор, билиҥҥи дьоннордооҕор быдан көҥүл курдук сананаллара эбитэ буолуо.

Ол эрээри билиҥҥи үйэҕэ Дьүлээйкэ курдук «көҥүл киһи» буолуоххун баҕарар буоллаххына, таптал диэн тугун билбэккэр, ийэ-аҕа буолуу курдук үрдүк дьолтон, туох эрэ үйэлээҕи, кэрэни айан-тутан дьон махталын ылартан матаргар тиийэҕин ээ. Дьонтон туораан соҕотоҕун бүгээччилэр бары даҕаны сатамматах дьылҕалаах, киһиттэн барытыттан туох эрэ тосту-туора өйдөөх буолан эрдэхтэрэ буолуо. Дьүлээйкэ эрэйдээх таас дьүлэй буолан, итэҕэстээх курдук сананан, дьонтон-сэргэттэн туора туттан ити ойдом бэс курдук суос-соҕотоҕун үйэтин моҥоохтоотоҕо. Ити лиҥкир тиит ойуур быыһыгар үүммүт бэс, арааһа, аттыгар куоппаһырдар маһа суох буолан собус-соҕотох тураахтаатаҕа…

Дьэ, итинник, бу күн сиригэр туох даҕаны босхо бэриллибэт. «Көҥүл» буолар туһугар улуу ойууннар курдук улахан толугу төлүөххүн наада. Оннук толук биэриэх кэриэтэ дьон ортотугар тулуйан, олох оргуйар үөһүгэр сылдьыбыт ордук.

ТЫЛБААСТАР
Иван Бунин
Хараҥа аллеялар

Күһүҥҥү тымныы, силбик күн тэлиэгэлэр туора-маары тараанньыктаабыт, чалбахтарынан килэйбит Тулаҕа тиэрдэр биир улахан айан суолун таһыгар турар, аҥаар өттүгэр хааһына почтатын ыстаансыйата баар, аҥаарыгар дьон тохтоон сынньанан, сылабаар өрдөрөн чэйдээн эбэтэр хонон ааһар хостордоох уһун мас дьиэ таһыгар үрдүн сабыыта балачча көтөхтөрүллүбүт, бүтүннүү бадараан буолбут, кутуруктара киртийбэтин диэн түүрэ бааллыбыт үс көннөрү көлүүр ата соспут тарантааһа кэлэн тохтообута. Тарантаас инники олоҕор бөҕө-таҕа көрүҥнээх, халыҥ суппуун сонун ыга курдаммыт, хара бараан дьүһүннээх, убаҕас хара бытыктаах, былыргы ороспуонньуктарга маарынныыр куучар, оттон тарантаас иһигэр көбүс-көнө уҥуохтаах-иҥиэхтээх, туруору буобура саҕалаах сиэрэй николаевскай синиэллээх, улахан хортуустаах, билигин даҕаны хара хаастаах, ол эрээри маҥан сулардыы бытыктаах, байыаннайдар ортолоругар Александр II ыраахтааҕылыырын саҕана киэҥник тарҕаммыт, тас көрүҥнэринэн уонна бытыктарын хорунуутунан ыраахтааҕыга майгынныы сатыырдыы оҥостубут, эмиэ ыйыппыт курдук көрөр, дьэбир уонна сылайбыт дьүһүннээх байыаннай оҕонньор олороро.

Аттар тохтообуттарыгар, кини килэҥнэс сотолоох байыаннай саппыкылаах атаҕынан сиргэ үктэнээт, сарыы бэрчээккилээх илиилэринэн синиэлин тэллэҕин туппутунан дьиэ кирилиэһигэр сүүрэн тахсыбыта.

– Хаҥас диэки, үрдүк сололоох, – диэн тарантаас олбоҕор олорор куучар хаҕыстык ордоотообута, онуоха кини уҥуоҕа уһун буолан ааҥҥа нөрүс гынан күүлэҕэ, онтон хаҥас диэки аан хоско киирбитэ. Хос иһэ сылаас, кураанах уонна олус чэбэр этэ, хаҥас диэки таҥара сабыс-саҥа көмүс солотуулаах мөссүөнэ, ол анныгар ыраас, халыҥ таҥас ыскаатарынан сабыллыбыт остуол, остуол анараа өттүгэр кылбаччы сууйуллубут кэтит ыскамыайка, уҥа түгэх муннугу бүтүннүү сабардаабыт, соторутааҕыта испиэскэлэммит куукуна оһоҕо, бэттэх оһоххо сыста турар эриэн таҥас сабыылаах мас орон баара; оһох диэкиттэн эттээх, хаппыысталаах, лавровай сэбирдэхтээх миин сыта дыргыйара.

Киирбит киһи ыскамыайкаҕа синиэлин устан бырахпытыгар аҥаардас мундирдаах уонна саппыкылаах көрүҥэ өссө дьылыгыр курдук буолан көстүбүтэ, онтон бэрчээккитин уонна хортууһун устубута итиэннэ сылайбыттыы үрүҥ кубаҕай илиилэринэн төбөтүн имэриммитэ – кини маҥан баттаҕа хараҕын туһаайыытынан чанчыктарыгар будьурхайдааҕа, уһун суптугур кыраһыабай, хараҥа харахтаах сирэйигэр онон-манан бэрт кыра уоспа сиэбит бэлиэтэ баара. Аан хоско ким да суоҕа, ол иһин кини түгэх хос аанын сэгэтэн кыйахаммыттыы хаһыытаабыта:

– Ээй, ким баарый?

Сонно хоско хара баттахтаах, эмиэ оннук хара хаастаах уонна эмиэ сааһыгар холооно суох кыраһыабай, кырдьаҕас цыган дьахтарыгар маарынныыр, үөһээ уоһугар уонна сэҥийэтигэр биллэр-биллибэт харааран көстөр ньаассын түүлээх, чэпчэкитик дугуммут, ол эрээри суон, кыһыл куоптатын тиирэ тэппит улахан түөстээх, хараҥа түүлээх саптан өрүллүбүт дьууппа анныттан үтэн тахсыбыт, хаас курдук үс муннуктаах истээх хотун киирэн кэлбитэ.

– Баһаалыста аас, үрдүк сололоох, – диэбитэ кини. – Аһыаххын баҕараҕын дуу, сылабаар аҕалабын дуу?

Ыалдьыт, дьахтар мүлтүгүр саннын уонна татаардар эргэрэн эрэрэ биллэр кыһыл түүппүлэлэрин кэппит сылбырҕа атаҕын кылап гына көрөн ылаат, кэтэмэҕэйдээбиттии хардарбыта:

– Сылабаар. Хаһаайкаҕын дуу, манна үлэлиигин дуу?

– Хаһаайкабын, үрдүк сололоох.

– Оччоҕо бэйэҥ дьаһайаҕын?

– Сөрү-сөп. Бэйэм.

– Тоҕо оннугуй? Огдообоҕун дуо, барытын бэйэҥ дьаһайар буоллаххына?

– Огдообо буолбатахпын, кэргэннэммэтэҕим, үрдүк сололоох, оттон туохха эрэ олоруохха наада эбээт. Уонна хаһаайыстыбанан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн.

– Сөп, сөп. Ол үчүгэй. Манна эйиэхэ сүрдээх ыраас, үчүгэй баҕайы эбит.

Дьахтар ити тухары кинини хараҕын быһыччы тутта-тутта сыныйан көрбүтэ.

– Ырааһы сөбүлүүбүн, – диэн кини хардарбыта. – Баай ыалга улааппытым эбээт, хайаан чэбэрдик туттарга үөрэммэт буолуохпунуй, Николай Алексеевич.

Ыалдьыт хонос гына түспүтэ, хараҕа кэҥээбитэ уонна сирэйэ кытаран хаалбыта.

– Надежда, эн дуо? – диэбитэ өрүһүспүттүү.

– Мин, Николай Алексеевич, – диэн хардабыта дьахтар.

– Оо, айыым таҥарам, айыым таҥарам, – дии-дии киһитэ киниттэн хараҕын араарбакка ыскамыайкаҕа оргууй олорбута. – Ким маннык буолуо дии санаабыта баарай! Хас сыл биһиги көрсүбэтэхпитий? Отут биэс хас сыл?

– Отут сыл, Николай Алексеевич. Мин билигин түөрт уон аҕыһым, оттон эн алта уончаҥ буолуо дии саныыбын.

– Оннук курдук… Айыым таҥарам, тугун дьиктитэй!

– Туох дьиктиний, үтүө тойон?

– Оттон барыта, барыта… Эн хайдах өйдөөбөккүнүй?

Кини сылайбыта уонна ээл-дээл курдук буолбута ааһан хаалбыта, ойон туран, муостаны супту көрө-көрө, хос устун төттөрү-таары хаамыталаабыта. Онтон тохтообута уонна маҥан бытыгын нөҥүө сирэйэ кытарбыта эбиллэ-эбиллэ, саҥаран барбыта:

– Эн тускунан ол кэмтэн ыла тугу да билбэппин. Эн хайдах манна баар буолан хааллыҥ? Тоҕо баай ыалгар уруккуҥ курдук олорон хаалбатаххыный?

– Миэхэ эн кэннигиттэн сотору буолаат көҥүл суругун биэрбиттэрэ.

– Онтон ханна олорбуккунуй?

– Ол кэпсээнэ уһун, үтүө тойон.

– Кэргэн тахсыбатаҕым диигин дии?

– Суох, кэргэннэммэтэҕим.

– Тоҕо? Маннык кыраһыабай буолан баран?

– Кэргэннэнэр кыаҕым суоҕа.

– Тоҕо инньэ диигин? Эн тугу этээри гынаҕын?

– Туох диэн быһаарыахпыный. Эн, мин эйиигин таптыырбын умнубатыҥ ини.

Кини онно өссө ордук кытарбыта уонна дьэбин уоһуйан баран өссө хаамыталаабыта.

– Туох барыта ааһар, доҕоччуок, – диэн ботугураабыта. – Таптал, эдэр саас – барыта, барыта. Нэгэй, мэлдьи баар түбэлтэ. Сыллар аастахтарын ахсын барыта умнуллар. Иов кинигэтигэр туох дэнэр этэй? «Сүүрүгүрэн хаалбыт уу курдук саныаҥ».

– Таҥара кимиэхэ тугу анаабытынан, Николай Алексеевич. Эдэр саас кимиэхэ барытыгар ааһар, оттон таптал – адьас атын дьыала.

Кини төбөтүн өндөппүтэ уонна тохтоон ыарыылаахтык мүчүк гыммыта.

– Эн, ама, үйэҥ тухары миигин эрэ таптыыгын дуо?

– Дьэ, ол аата таптаатаҕым дии. Төһө да кэм-кэрдии аастар, наар биири эрэ санаан олорбутум. Эн уруккуҥ курдук буолбатаххын өйдүүр этим, эн туох да буолбатаҕын курдук ылынаргын билэрим, ол эрээри дьэ ити… Билигин кэлэн сэмэлэнэр хойут буоллаҕа, кырдьыга, эн миигин олус тыйыс сүрэхтээх киһи курдук бырахпытыҥ, – олус хомойон хаста-хаста бэйэбэр тиийиниэхпин баҕарбытым буолла, атын эрэйин этэ да барбаппын. Баара ээ, Николай Алексеевич, мин эйигин Николенька диэн ааттыыр кэмим, оттон эн хайдах ааттыыргын – өйдүүгүн дуо? Итиэннэ өрүү ханнык эрэ «хараҥа аллеялар» тустарынан хоһоон ааҕарыҥ, – диэбитэ дьахтар тиһэҕэр тымныытык мүчүйэ-мүчүйэ.

– Оо, эн олус да кыраһыабай этиҥ! – диэбитэ кини, баһын хамсата-хамсата. – Олус да имэҥнээх, наһаа да кэрэ этиҥ. Хайдахтаах курдук быһыы-таһаа, харах да харах. Эйигин бары кэрэхсии көрөллөрүн өйдүүгүн дуо?

– Өйдүүбүн, үтүө тойон. Эн эмиэ олус да үчүгэй этиҥ. Мин эйиэхэ туох баар кэрэбин, иэйиибин биэрбитим эбээт. Оннугу хайаан умнуоххунуй?

– Э! Туох барыта ааһар, умнуллар.

– Барыта ааһар, ол эрээри сороҕо умнуллубат.

– Бар, – диэбитэ кини уонна түҥнэри хайыһан түннүккэ тиийбитэ. – Бука диэн, бар.

Онтон көлөһүн соттор былаатын ылан хараҕын саба тутта-тутта, чабырҕахтыыр кэриэтэ эппитэ:

– Таҥара эрэ бырастыы гыннар. Эн, мин көрдөхпүнэ, бырастыы гыммыккын дии.

Дьахтар ааҥҥа тиийбитэ уонна тохтуу түһэн:

– Суох, Николай Алексеевич, бырастыы гымматаҕым. Кэпсэтии биһиги бэйэ-бэйэбитигэр иэйиибит туһунан буолбутунан туруору этэбин: эйигин мин хаһан да бырастыы гынар кыаҕым суоҕа. Оччолорго сир үрдүгэр миэхэ эйигиттэн ордук күндү суоҕун курдуга, кэлин даҕаны суох этэ. Онон да буоллаҕа, мин эйигин бырастыы гынарым кыаллыбат. Чэ, тоҕо да ону түөрэн, өлбүттэри кылабыыһаттан төттөрү аҕалбаттар.

– Оннук, оннук, туһата суох, аттары аҕаллыннар диэн дьаһай, – диэн биирдэрэ хардарбыта, итиэннэ түннүктэн тэйэригэр номнуо дьэбир дьүһүннэммит этэ. – Эйиэхэ биири этиэм этэ: мин олохпор хаһан да дьоллоох буолбатаҕым, бука диэн, атыннык санаама. Бырастыы гын, баҕар, эйигин хомотуом, ол эрээри аһаҕастык этэбин, – кэргэммин мин өйбүн сүтэриэхпэр диэри таптыыр этим. Ол да буоллар кини миигин таҥнарбыта, мин эйигин бырахпыппынааҕар нэгэйдик, сиэрэ суохтук бырахпыта. Уолбун наһаа таптыырым, – улаатыар диэри, киниттэн олус элбэҕи күүтэрим, эрэнэрим! Онтум олус нэгэй, дар акаары, туох да сиэр, чиэс, сүрэх, дууһа суох киһитэ тахсыбыта. Ол эрээри ити барыта туох да уратыта суох көннөрү, мөкү кэпсээн. Доҕоччугум, эн чэгиэн-чэбдик буол. Мин эйигин, бу олохпор баар буола сылдьыбыт саамай күндүбүн, сүтэрбит эбиппин дии саныыбын.

Дьахтар кэлэн эр киһи илиитин уураабыта, кини эмиэ дьахтар илиитин уураабыта.

– Аттары бэлэмнээтиннэр…

Салгыы айаннаан иһэн кини сабыстан олорон санаабыта: «Даа, олус да кэрэ этэ! Абылаҥнаах кэрэ!» Бэйэтин кэнники тылларыттан уонна илиитин уураабытыттан кыбыста санаабыта, сонно аны кыбыстыбытыттан кыбыстан ылбыта. «Ама, сымыйа үһү дуо, кини миэхэ олоҕум саамай үтүө мүнүүтэлэрин бэлэхтээбитэ?»

Киэһэлик былыт быыһыттан тунаархай күн быкпыта. Куучар аттарын тиэтэтэн сиэллэрэрэ, тэлиэгэлэр хараара тараанньыктанар суолларыттан арыый үчүгэйдэрин талан салайара уонна эмиэ тугу эрэ саныы иһэрэ. Кэмниэ-кэнэҕэс ыгымнык уонна боччумнаахтык эппитэ:

– Ити дьахтар, үрдүк сололоох, биһиги барарбытын түннүгүнэн көрөн хаалбыта. Оннук буолбаат, кинини уруккуттан билэҕин дуо?

– Уруккуттан, Клим.

– Улахан өйдөөх дьахтар. Киһи барыта байан эрэр диир. Харчыны дьоҥҥо бырыһыаҥҥа иэс биэрэр.

– Ол туох да суолтата суох.

– Хайдах оннук буолуой! Ким үчүгэйдик олоруон баҕарбата баарай! Өскөтүн суобас быһыытынан иэс биэрэр буоллаҕына, туох да куһаҕана суох. Кинини онно адьас сиэрдээхтик сыһыаннаһар дииллэр. Ол эрээри кытаанах! Кэмигэр биэрбэтэххинэ – бэйэҥ бэйэҕэр силлээ.

– Сөп, сөп, бэйэҥ бэйэҕэр силлээ… Бука диэн, аттаргын соруй, пуойаска хойутаабатах киһи…

Намтаабыт күн кураанах сыһыыларга араҕас уотун кутара, аттар чалбах устун биир тэҥник чаллырҕаччы үктэнэллэрэ. Оттон кини хааһын сабыһыннаран боккуоптар кылбаҥнаһалларын көрөрө уонна саныыра:

«Даа, бэйэҥ бэйэҕэр силлээ. Даа, кырдьык, саамай үтүө мүнүүтэлэр этэ. Үтүө эрэ буолбатах, дьиҥнээх аптаах, абылаҥнаах! Эргиччи кып-кыһыл дөлүһүөн тэтэрэрэ, хараҥа липалар аллеялара тыргыллара… Ол эрээри, айыым таҥарам, салгыы туох буолуо этэй? Арай, мин кинини бырахпатах буолуум? Санаан көрдөххө, адьас солуута суох ээ! Ити Надежда, айан дьоно тохтоон ааһар дьиэлэрин хотуна буолбакка, мин кэргэним, мин Петербургдааҕы дьиэм хаһаайката, мин оҕолорум ийэтэ?»

Инньэ дии санаан баран хараҕын симпитэ, баһын хамсаппыта.

1938 сыл, алтынньы

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации