Электронная библиотека » Данил Макеев » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Данил Макеев


Жанр: Книги о войне, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Данил Николаевич Макеев
Кыргыс толоонугар көрсүһүү

КЭПСЭЭННЭР
Ат хараҕа
(кэпсээн)

Тохтоло суох титигирии испит сотуонах11
  Нууччалыыттан киирбит өйдөбүл, шатун.


[Закрыть]
тосту ыстанан, хатан тыас өрө тачыгырыы түһээтин кытта, Баһылай төбөтүгэр баахыла курдук ойуулаах тимири хаҥас атаҕынан иннин диэки тэбэн «лас» гыннарда.

– Тырр-ррр! – дии-дии муоһатын чиккэччи тардан аттарын тохтотто. Охсор массыына кэннигэр түспэт гына туруору анньыллыбыт, аллара өттө уһуктаах, үөһэнэн ачаахтаах, өр туттуллан атырдьах угунуу килэрийбит сонос соҕус тайыныах маһы сулбу тардан ылан, аттар иннилэригэр тиийэн дыысыланы22
  Нууччалыыттан киирбит өйдөбүл, дышло.


[Закрыть]
өрө көтөҕөн баран, тирээн кэбистэ. Муоһатын арааран, бостуруоҥка33
  Аты, холобур, от охсор масссыынаҕа, тэлиэгэҕэ (ойоҕос аты) эбэтэр боромньуга көлүйэн состорор быалар.


[Закрыть]
иҥиннэриллибит хараҕа мастарын сулбурута тыытан, түөс быаларын сүөрэн, хомууттарын, сэдиэлкэлэрин устан аттарын сыгынньахтыы оҕуста уонна чугас соҕус үүнэн турар үөккэ сиэтэн илдьэн баайталаан кэбистэ. Охсоругар төннөн иһэн, арҕааҥҥы тыа баһыгар олорон эрэр күн уотуттан хараҕа саатан чарапчылана-чарапчылана төһө киэҥ сири оҕустарбыппыный диэн алааһы эргиччи көрдө. «Сотуонаҕым тостубатаҕа буоллар, бүгүн бүтэриэ эбиппин ээ» дии санаата уонна массыынатыгар кэлэн, дьааһыктан күлүүстэрин ылан тостубут сотуонаҕы өһүлэн киирэн барда. Балачча өр букунаһан устан ылла уонна аны икки төбөтүгэр иҥиннэриллибит тимирдэрин өһүллэ. Аҥы-аҥы барбыт сотуонах маһын аттарын баайбыт үөтүн төрдүгэр илдьэн кыбыта аста, онтон бүгүлэхтээн биир кэм өрө кэҕиҥнии турар аттар хоҥорууларыгар түспүт күлүмэннэри ытыһынан ньылбырыта сотоот, туомтуу баайбыт көнтөстөрүн төлө тарта. Эргилиннэрээт, хаҥас илиитинэн Буулуур сиһиттэн тайанан эрэргэ дылы этэ да, биирдэ ат үрдүгэр баар буола түстэ. Улаанай көнтөһүн уонна били тимирдэрин уҥа илиитигэр туппутунан отууламмыт сирин диэки сиэллэрэн дьигиһитэ турда.

Отуутугар тиийэн аттарын лаглайбыт баай хатыҥҥа баайталаан баран, хап-хара буолуор диэри хоруорбут алтан чаанньыктан куруускаҕа чэй куттан ыймахтаата. Онтон эргэ куулга суулана сылдьар, Чохороон Сүөдэр өссө былырыын бэлэмнээбит хатыҥ мастарыттан талан ылан, саҥа сотуонах оҥорбутунан барда. Чохороон оҕонньор сотуонахха аналлаах хатыҥ маһы эрдэттэн суоран бэлэмнээн баран, сылы быһа хотон муостатын анныгар уган ииккэ сытыарар үгэстээх. Онтон сыыйа хатарар. Оччоҕо маһа ыыс араҕас дьүһүннэнэр, муос курдук кытаатар. Ол үрдүнэн дьэ ити тостон хаалар.

Сотуонах баһыгар олордуллар, икки мас хамыйаҕы утары туппукка маарынныыр тимирдэри туттарар сурууп хайаҕастарын чүүччүнэн үүттүү олордоҕуна, Улаанай хонос гынан баран, Тыһаҕас Өлбүттэн киирэр аартык диэки көрө-көрө «һо-һо-һо» диэн иҥэрсийэн ылла. Баһылай үүттүүрүн тохтотон ол диэки көрбүтэ: биир аттаах киһи иһэр эбит. Өр-өтөр буолбата, холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Дьэрэмиэйэбис дибдитэн тиийэн кэллэ. Атыттан түһэн сонос соҕус тииккэ баайа туран:

– Дорообо, Баһылаай. Баһаам сири оҕустарбыккын дии, – диэтэ.

– Дорообо, дорообо! Бүгүн бүтэриэм диэбитим да, сотуонаҕым тостон хаалла дии. Хайа, туох сонуннааххын, Туруйалаахтар төһө оттоннулар? – диэн биирдэрэ үлэлиирин кубулуппакка олорон туоһуласта.

– Сонун суо-о-х, – диэн унаарытан баран, Уйбаан Дьэрэмиэйэбис оллоон таһыгар сытар дүлүҥҥэ олорунан кэбистэ. Иҥнэх гынан сонун уҥа сиэбигэр илиитин уган саппыйатын таһааран, хамсатыгар табах уурунна. Табаҕын уматтан, күп-күөх буруону үрэн унаарытан баран: – Туруйалаахтар син оттоотулар. Быйыл былырыыҥҥы курдук буолуо дуо, от үүнүүтэ арыый курдук, – диэтэ.

– Сэриибит хайаата?

– Ээ, дьэ кыргыһыы кытаанаҕа быһыылаах. Бэҕэһээ иһитиннэрбиттэринэн, биһиэннэрэ Өрүөл уонна Биэлгэрэд куораты босхолообуттар, – диэн баран чочумча саҥата суох олоро түстэ. Онтон көхсүн этитэн баран: – Биһиги холкуостан Мантылымыаҥҥа, Сиидэркэҕэ, Араатар Арамааҥҥа, Боккуойа уола Уһуннаайыга уонна эйиэхэ бэбиэскэ кэллэ, – диэтэ итиэннэ табаҕын буруотугар чачайан сөтөллөн хахсайда, ол быыһыгар сүүһүн аннынан уоран Баһылай диэки көрөн ылла. Киһитэ уһанарын тохтотон, сотуонаҕын үүтүн бэркэ сыныйан көрөн олордо, онтон ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбии-тэбии туран чаанньыктан чэй куттан истэ уонна эмиэ табахтаары саппыйатын хостоото.

– Хаһан барар үһүбүт?

– Өйүүн оройуон киинигэр баар буолуохтаах үһүгүт. Өссө арҕаа ыытыллар аттары илдьэ киириэхтээххит. Биһиги холкуоска алта акка сыыппара түһэрбиттэр.

– Хайа аттары ыытарга быһаардыгыт?

– Билигин көлө барыта окко сырыттаҕа дии, хайыахпытый биригээдэлэртэн биирдии аты ыларбытыгар тиийэбит. Эн Улаанайгын илдьэ барыаҥ этэ, манна кинини кыайа тутан илдьэ сылдьар да киһибит суох курдук, – диэтэ бэрэссэдээтэлэ.

Баһылай соһуйбут курдук киһитин диэки хайыһа түстэ, онтон тугу да саҥарбакка умса туттан олорон табахтаата. Балачча өр олорбохтоон баран, оргууй туран иһэн:

– Массыынабын кимиэхэ туттарабын? – диэтэ.

– Киһилии киһибит да суох. Сарсын Балааҕыйаны кэлээр диэбитим.

– Улаанай оннугар хайа аты илдьэ кэлэрий?

– Сөдүөт охсорго барар ат булан биэриэх буолбута. Буулуурдуун тэҥҥэ хаамсар атта булаар диэбитим.

– Сарсын Арыылааҕы оҕустарыахтаах этим, бүгүн бу алааһы бүтэриэм дии санаабытым. Сотуонахпын оҥордохпуна бүтэрэн кэбиһэрим дуу…

– Ээ, итини Балааҕыйа да ситэриэҕэ. Эн сотуонаххын оҥорон баран дьиэлээ, доҕор, – дии-дии Уйбаан Дьэрэмиэйэбис туран атын диэки хаамта.

* * *

Аҕыйах хонугунан оройуон кииниттэн сэриигэ барааччылар сэттэ уонча аты сорохторун миинэн, үгүстэрин холбонон Ийэ дойдуларын көмүскүү кый ыраах сэриигэ аттаммыттара. Икки күн айаннаан өрүс кытылыгар, Ороссолуодаҕа кэлбиттэригэр уонча киһини, ол иһигэр Баһылайы, аттары көрөн-истэн айанныырга дьаһайан баран, атыттары Бэстээххэ илдьибиттэрэ. Баһылайдаах өрүстэн чугас, ортотугар туруйа хараҕын саҕа быыкайкаан көлүччэлээх балачча киэҥ хааччахха турар түөрт сүүсчэкэ аты көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Итиччэ элбэх сылгы хааччах отун дэлби кирэн хара буорунан көрдөрбүттэр этэ. Күн ахсын үс хотуурдаахтарынан солбуһа сылдьан талах быыһын, өрүс хааһын отун охсон, тэлиэгэҕэ тиэйэн аҕалан аттарын аһаталлара. Бэйэлэрэ балааккаларга утуйаллара. Ити курдук нэдиэлэттэн ордук олорбуттарын кэннэ, биир түүн баарса соһуулаах борохуот кэлбитэ. Сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан түүн үөһүгэр диэри аттары баарсаҕа тиэйии буолбута. Өрүү сыһыыга-хонууга көҥүл-босхо сылдьыбыт дьөһөгөй оҕолорун синньигэс тыраабынан баарсаҕа киллэрэллэригэр сыралара-сылбалара быстыбыта. Онуоха эбии тимир баарса аттар үктэннэхтэрин аайы өрө лүһүгүрүү түһэрэ. Тыраапка кииримээри сиргэнэн чохчороҥнуу, өрө холоруктуу сылдьар аттар эрэйдээхтэри борохуот мотуруостара сэттэлии этээстээх маатыраны түһэрэ-түһэрэ, анаан быстыбыт уһун, имигэс талахтарынан түбэһиэх быһыта сынньалларын көрө-көрө, Баһылай уйулҕата хамсыы сыспыта. Аттар да дэҥнэниэх, киһини да тэпсиэх курдук алдьархайа этэ. Ол иһин Улаанайы бэйэтэ, кими да чугаһаппакка, көнтөһүн адьас сыҥааҕын анныттан тутан, хоҥоруутуттан имэрийэн уоскута-уоскута сиэтэн киллэрбитэ. Түүнү быһа өрө мөхсөн баран, сарсыардааҥҥы үөл-дьүөлгэ аттары ыга симпит баарсаларын биир муннугар кыбыллан айаҥҥа туруммуттара.

Борохуот хоҥноругар үс төгүл үөгүлээн хайа баран, хаһан да итинник тыаһы истибэтэх дьөһөгөй оҕолоро сиргэнэн өрө хаһыҥыраспыттара, үгүстэрэ төрөөбүт төрүт кытылларыттан букатыннаахтык арахсан эрэллэрин билбиттии ис-истэриттэн имэҥнээхтик иҥэрсийэн ылбыттара. Сүүһүнэн сылгы киһи этин сааһа аһылларыныы иҥэрсийэн, кистээн дьырылатыылара Баһылай сүрэҕин бүргэһинэн дьөлө кэйбиттии ньүөлүппүтэ. Баарса сылгылар кистээн дьырылатыыларынан доҕуһуолланан оргууй үөскэ киирдэр киирэн барбыта.

Баһылай оргууй тэйэн иһэр кытылы көрөн туран кыыһын Маайыһы, уолун Ньукууһу олус сытыытык, хараҕар адьас субу көстөн кэлэллэринии санаан ылбыта. Кэргэнэ Өкүлүүн Ньукууһу төрөтөн баран сыыстаран, уола үһүгэр сырыттаҕына өлөөхтөөбүтэ. Онтон ыла Баһылай оҕолорун ийэтинээн бэйэтэ көрөн-харайан олорбута. Кыыһа быйыл аҕыһын, уола биэһин туолбуттара. Аҕалара сэриигэ бараары атын миинэригэр эбэлэрин икки өттүгэр сэрбэһэн туран хаалаахтаабыттара. Маайыс хараҕа тобус-толору уунан чаалыйбыт этэ. Ньукуус эмиэ нэһиилэ кыатанан тураахтыыра. Баһылай ону көрөн кэҥэриитэ кычыгыланан, хараҕа туманныран ылбыта, ол иһин атын миинээт, эргитэ тардан тиҥилэхтээн кэбиспитэ.

Борохуот үөскэ киирэн, бытааннык да буоллар сүүрүгү өксөйөн барбыта. Субу соторутааҕыта арахсыбыт кытылларын үрдүк мыраанын кэтэҕиттэн, үөскэ киирэн эрэр баарсаны тиһэҕин көрөн хаалыан баҕарбыттыы күн сырдык иитэ быган тахсыбыта…

Баарсаҕа ыга симиллэн иһэр аттары туох аанньа аһатыы кэлиэҕэй. Биирдэ эмэ арыыга тохтоон аҕыйах хотуурунан ыксал бөҕөнөн от охсон баарсаҕа таһаллара. Онно да ыбылы симиллэн иһэр аттартан кытыыга турааччылар эрэ тииһинэллэрэ, ортокулар үгүстэрэ маталлар этэ. Уунан устан истэллэр даҕаны, аттарын уулатар кыахтара суоҕа. Биэдэрэнэн ууну баһа-баһа палубаҕа халыччы ыһалларын өтөҕөлөрүн быыһыттан сыпсырыйа сатаахтыыллара. Ити курдук киһилиин, сылгылыын улахан эрэйи көрөн Усть-Кут бириистэнигэр сүөкэммиттэрэ. Уһун унньуктаах айантан сынньата түһэр диэн суох буолбута. Эбии дьон кэлэннэр бириистэнтэн аттарын миинэрин миинэн, үүрэрин үүрэн айаҥҥа туруммуттара. Бэрт өр айаннаан Иркутскайга тиийбиттэрэ. Били, баарсаҕа суоһаан, аччыктаан бырдылара быста сыспыт сылгылар, хата, аара өл хабан арыый сэниэлэммиттэрэ. Тимир суол станциятыгар тиийэн аттарын аны поезка тиэйбиттэрэ. Вагоннарга тиэйии баарсаҕа тиэйэрдээҕэр өссө эрэйдээх буолбута. Аттар биир-биир сиэтэн киллэрэллэригэр сиргэнэн өрө мөхсүү бөҕө буолбуттара. Нуучча саллааттара обургулар уончалыы буолан саба түһэн, ыһыытаан-хаһыытаан, кырбаан төрүт да өйдөрүн таһаарбыттара. Ол да буоллар аҕыйах чааһынан тиэйэн бүтэрбиттэрэ. Вагоннара, хата, анал оҥоһуулаах – уу кутар хоруудалаах уонна от уурар күкүр курдуктаах этэ.

Баһылай өрө мөхсө сылдьар Улаанайы нэһиилэ сиэтэн киллэрэн баайан баран, хоҥоруутуттан имэрийбэхтээн, арҕаһыттан таптайбахтаан ылбыта. Ата эт-этэ салыбырас буолуор диэри куттаммыт, уу чаккырас буола тириппит этэ. Сиэбиттэн суухара ылан үҥүлүтэн көрбүтүн сиэбэтэҕэ. Буспут сугуннуу көҕөрүмтүйэн көстөр бүлтэспит харахтарыттан бөп-бөдөҥ, ып-ыраас таммахтар мөлбөрүһэн түспүттэрэ. Иччитэ, ону көрөн, кэҥэриитэ кычыгыланан, хараҕа ууланан кэлбитин биллэримээри хаҥас ытыһынан сирэйин ньуххаммыта буолбута. Онтон вагонтан ыстанан түһэн тэйиччи соҕус күүтэн турар дьонугар сүүрэн истэҕинэ, кэннигэр Улаанай сайыһан кистээн дьырылатара иһиллибитэ…

Улаанайы түөртээҕэр, сэрии буолуо икки сыл иннинэ айааһаабыта. Тоҥ үүт курдук араҕастыйан көстөр сиэллээх-кутуруктаах, арҕаһын диэки кытархайдаҥы саһархай түүлээх, уһун систээх, биир күдьүс мөкүнүк быһыылаах-таһаалаах соноҕоһу маҥнай быаҕа-туһахха үөрэппитэ. Онтон киһи тутарыгар-хабарыгар кыһаллыбыт буолбутун кэннэ ыҥыырдаабыта. Көнтөһүн баҕанаҕа кылгас гына ыга тардан, кутуругуттан күрүө ортоку сиэрдийэтигэр ыксары баайан баран, арҕаһын таптайбахтыы-таптайбахтыы бототун уурбута, онтон ыҥыырын саба бырахпыта. Соноҕоһо, хараҕын дьиэгэниччи көрөн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы мөхсөн көрбүтэ да туһа суох буолбута. Ыҥыыр холумун ыга тардарыгар өсөһөн ыйылыы-ыйылыы чохчоччу туттан туран, олус күүрэн ап-араҕаһынан бычык-бычык ииктээн тыккыраппыта. Уоскуйбутун кэннэ оргууй быатын-туһаҕын холкутаппыта уонна ити курдук ыҥыырдары хоннорбута. Үстэ хаста итинник албаһынан ыҥыырдаабытын кэннэ ата оччо мөхсүбэт буолбута.

Мииниэн иннинэ бэрэмэдэйгэ буор ыҥырдан баран, сиэтэ сылдьан хаамтарбыта. Ити былаһын тухары атын кытары киһи курдук кэпсэтэ, мөхсөөрү гыннаҕына буойа сылдьыбыта. Бастаан миинэригэр ата мөҕүөх, өрүтэ тэбиэх курдук гыммытыгар буойан ордоотообутугар тохтообута. Ыҥыырга үөрэтэ түһэн баран, аны сыарҕаҕа көлүйбүтэ. Соноҕосторо хомуут кэтэрдэллэрин абааһы көрөн, мөхсүү бөҕөнү мөхсүбүтэ. Ыһыы-хаһыы, мөҕүү-этии бөҕөнөн нэһиилэ көлүйбүттэрэ. Сэргэттэн төлө тардааттарын кытта, өрүтэ турбахтаабыта, баһын булкуйа-булкуйа туора-маара ыстаҥалаабыта, онтон үүнүн тимирин хам ытыран баран, айан суолун устун сүүрэн быыппастыбыта. Ол иһэн эмискэ тоҥуу хаарга туора ыстанан тахсыбыта. Өлүү түбэлтэлээх былыргы өтөх төҥүргэһэ хоройон турарыгар сыарҕа ылаҕыттан иҥнэн «хачыгыр» гына түспүтэ да, олгуобуйа сыарҕа атаҕар бааллыбыт быата быһа ыстанан, тиэрэ түһэ-түһэ муоһатын тарда испит Баһылай хаарга төбөтүн оройунан барбыта. Аҕыйах саһаан сиргэ муоһатыттан соһуллан иһэн, ыытан кэбиспитэ. Ата, халдьаайыны өрө сүүрэн бурҕайан тахсан, тыаҕа түспүтэ. Баһылай, ойон тураат, хаарын-сиирин да тэбэнэр бокуойа суох атын кэнниттэн сүүрэн мочоохтообута, ыраах быраата аах сырсан иһэллэрэ. Атым маска атыллара буолуо диэн сүрэҕэ айаҕар тахса сыспыта. Хата, ойуурга наһаа ырааппакка быатыттан маска иҥнэн өрө мөхсө турарын булан, нэһиилэ арааран төттөрү сиэтэн киирбиттэрэ. Икки ылаҕа тостубут сыарҕаларын хаттаан оҥорон, күөлгэ ойбон алларан сул баҕананы олордон тоҥорон, ох курдук оҥостон үһүс күннэригэр аттарын хаттаан көлүйбүттэрэ. Эмиэ хомууту нэһиилэ кэтэрдэн, биир олгуобуйаны тосту тэптэрэн сор бөҕөнөн көлүйбүттэрэ. Быатын төлө тардааттарын кытары, соноҕосторо иннин хоту сүүрэн быыппастыбыта. Быраатынаан сыарҕаҕа олорор Баһылай биирдэ хаар күдэрик иһигэр баар буола түспүтэ. Соноҕос, кини да буоллар, икки киһи олорбут сыарҕатын сааскы тоҥуу хаарынан соһон өр сүүрбэтэҕэ. Күөл саҕатыгар тиийиитэ уоҕа хараабыта, муоһаны истэр буолбута. Күөлгэ өссө биирдэ эргийэн, сүүрбэккэ, сиэлэн тамайар буолбутун кэннэ айан суолугар салайан киллэрбиттэрэ. Ити курдук күн аайы өсөһөн туран көлүйэн сыыйа мөхсөрө аҕыйаан, айааһыргыыра тохтоон барбыта. Хаар барыыта ат атынан буолбута.

Сайын окко киирэн баран, аны охсорго айааһаабыттара. Төрүтчүтүнэн охсорго үөрүйэх, элбэх аты айааһыырга ойоҕос ат буолбут бөдөҥ-садаҥ Бороҥкууһу көлүйбүттэрэ. Улаанай, сыарҕаҕа көлүллэ үөрэммит буолан, көлүйэллэригэр туран биэрбитэ. Онтон хаамтарбыттарыгар охсор тыаһыттан сиргэнэн чохчойо-чохчойо түспүтэ. Бороҥкуус кинини кытары тэҥҥэ сүүрсүбэккэ, түөрт атаҕынан дьирэччи тэбинэн, хомуутугар сыҥааҕыттан ыйанан баран, сарылыы-сарылыы соһулла испитэ. Охсору уонна бэйэтинээҕэр быдан улахан Бороҥкууһу соһон төһө өр сүүрүөй, сотору эстэн хаалбыта. Ол эрээри өрүтэ тура, туора-маары ойуоккалыы сатаабыта. Ол кэмҥэ Бороҥкуус ыйылыы-ыйылыы арҕаһыттан хабыалаабыта. Ити курдук мөхсөөрү, сүүрээри гыннар эрэ, кырдьаҕас ат быһыта хабыалаан биэрэ испитэ. Онон Улаанай омурҕан устата айааһырҕаан баран, сыыйа охсор татыгырыырыгар үөрэммитэ. Иккис омурҕаҥҥа төрүтчүтүнэн атын аты көлүйбүттэрэ. Бу сырыыга Улаанай улаханнык мөхсүбэтэҕэ. Киэһэ уу чоккурас буола тириппит соноҕоһу сыгынньахтыы туран Баһылай:

– Дьэ, нохоо, аны ат атынан буоллуҥ. Сарсын наһаа мөхсүбэт инигин, – дии-дии күөх отунан көлөһүнүн соппута, иб-ибигирэс буолбут холун, «Кыһыл өрт» диэн холкуостарын аатын бастакы буукубаларын кытарбыт тимиринэн сиэтэн түһэрбит бэчээттээх буутун имэрийбэхтээбитэ. Ити «КӨ» диэн бэчээти Баһылай бэйэтэ таптайан, иһэрдэн, уһун тимир уктаан оҥорбута. Онон холкуостарын сылгылара бары итинник бэлиэлээх этилэр.

Улаанай айааһанан үтүөкэннээх көлүүр ата буолбута эрээри, Баһылайтан ураты кими да билиммэт этэ. Барыларын тииһинэн, туйаҕынан көрсөрүн абааһы көрөн, кэлин ким да миинэ, көлүнэ сатаабат буолбута. Онон кыһыннары, сайыннары Баһылай илиитигэр киирбитэ. Баһылай сайылыкка тахсыы саҕана буор оһоххо тимири уһаарара, ол тааһын биэс-алта көстөөх сиртэн сыарҕаҕа тиэйэн, эбэтэр акка ыҥырдан аҕалара. Онтунан кыһын холкуос араас тэрилин оҥорон, буор сыбахтаах кыракый балаҕаҥҥа кыстык тыаһа чаҥыйан олороро. Онтон сайын косилканан от оҕустарара. Кини кыһа уотугар кытарбыт, тимир суоһугар хараарбыт тарбахтардаах хатыылаах ытыһынан хоҥоруутун, моонньун имэрийдэҕинэ, Улаанай таптатан хараҕын симэн, баһын ньолбоччу туттан баран туран биэрэрэ. Оттон кыһынын кырыаччынан түүтүн тараатаҕына, моонньун токутан, түөрт атаҕын бадьаралыы үктээн, кутуругун хоппоччу туттан адьас хамсаабакка турара. Кэлин били улаан дьүһүнэ сүтэн, түүтэ-өҥө муус маҥан буолбута.

* * *

Баһылайдааҕы Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиэрдэн сыл аҥаара курдук үөрэтэ түһээт, фроҥҥа аһарбыттара. Ленинградскай фроҥҥа тиийбиттэрэ аҕыйах хоноотун кытта, өстөөҕү утары улахан кимэн киирии саҕаламмыта. Баһылай кыргыһыыга киирээт, бастакы күн бааһыран госпитальга түбэспитэ. Икки ыйтан ордук эмтэнэн үтүөрбүтүн кэннэ аны артиллерийскай чааска анаабыттара. Онон 76 мм буусканы соһор аттарга ездовой буолбута. Бууска передогар түөрт аты көлүйэллэрэ. Бинтиэпкэ тутан баран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэр курдук буолуо дуо, арыый да куттала суоҕа. Ол эрээри сэрии аата сэрии. Манна да күн аайы өлүү-сүтүү тахсар этэ. Ордук өстөөх сөмөлүөттэрэ сытайан туран бултаһаллара. Сорох күн саллааттар «араама» диэн ааттыыр разведчик сөмөлүөттэрэ күнү быһа үрдүлэригэр тарылыыра. Онон буускаларын кичэйэн кистииллэрэ. Үрдүнэн сиэккэ тардан баран, отунан-маһынан, сэбирдэҕинэн маскировкалыыллара.

Баһылай эбээһинэһинэн буусканы соһор аттары көрүү-истии, салайыы, кыргыһыы кэмигэр сэнээрээттэри таһыы этэ. Бууска передогар сүүрбэ биэс сэнэрээт киирэр анал дьааһык баара. Ону таһынан станинаҕа үстүү сэнэрээттээх икки-үс дьааһыгы баайаллара. Айанныылларыгар Баһылай инники хаҥас аты миинэн иһиэхтээҕэ. Ардыгар буускаларын суһаллык атын сиргэ илдьэн туруора охсор бирикээс кэлэрэ. Дьэ, оччоҕо туттуу-хаптыы кытаанаҕа буолара. Передокка көлүллүбүт аттары туос бөтөрөҥүнэн түһэрэн сэнэрээт, буомба тоҕута тэппит оҥхойдорун быыһынан эрийэ-буруйа сүүрдэн орудиетыгар тиийэ охсуон наада буолара. Буускаларын холбуу, сэнэрээттэрин тиэнэ охсоот, ыйыллыбыт сиргэ көтүтэллэрэ. Иннилэригэр-кэннилэригэр сэнэрээттэр, миинэлэр тоҕута тэбэллэрэ. Тиийэн аттарын эргитэ тардара, дьоно буусканы араара охсоллоро. Баһылай тута аттары куттала суох сиргэ илдьэрэ, онтон тэлиэгэлээх атынан дьонугар сэнэрээттээх дьааһыктары илдьэрэ.

Биирдэ инники кирбиигэ киирэн истэхтэринэ, миинэн иһэр ата табыллан төбөтүн оройунан барбыта. Баһылай атаҕа адаарыйбытынан буомба тоҕо тэппит оҥхойугар эһиллэн хаалбыта. Дьолго тугун да эчэппэтэҕэ. Ойон туран дьонугар өлбүт ат быатын-туһаҕын араарарга көмөлөспүтүнэн барбыта. Буускаларын үс атынан состорон ыйыллыбыт сиргэ илдьэн туруора охсубуттара. Өстөөх туох да олус күүскэ ытыалыыра. Тула өттүлэригэр сэнэрээт, миинэ эстэн бурҕаҥнаан олороро. Баһылай, төттөрү ыстаннаран кутталлаах сири ааһан истэҕинэ, сэнэрээт эмтэркэйэ аны биир атын иһин тэлэ тэбэн оһоҕоһо субуллан хаалбыта. Инньэ гынан инники кирбииттэн иккиэйэх эрэ аттаах тахсыбыта.

Сэриигэ дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар кэмэ суох өлөллөрө. Буулдьа, буомба, сэнэрээт аһылыга буолбуттарын таһынан ыран-быстан охтоллоро. Өлбүт, бааһырбыт аттары тута атынынан солбуйан иһэллэрэ. Адьас ыараханнык бааһырбыттары эрэйдэммэтин диэн ытан кэбиһэллэрэ, оттон халымыр соҕустарын тыылга таһааран анал лазареттарга сүрдээҕин кыһаллан эмтииллэрэ-томтууллара. Баһылай өлбүт аттары көрдөҕүнэ сүрэҕэ нүөлүйэрэ, ардыгар мин Улаанайым эмиэ ханна эрэ буулдьаҕа табыллан охтубута буолуо диэн сүрдээҕин хараастан ылара. Ол эрээри сэрии будулҕана ити санаатын начаас киэр кыйдыыра. Ити кэмҥэ биһиги сэриилэрбит, өстөөхтөрү ыктар ыган, Белоруссия кыраныыссатыгар чугаһаабыттара.

1944 сыл бэс ыйа үүммүтэ. Биир күн Баһылайдаах чаастарын тыылга сынньалаҥҥа таһаарбыттара. Суунан-тараанан, дуоһуйа утуйан абыраммыттара. Үһүс күннэригэр орудиетын командира старшай сержант Тереховы уонна үһүс, төрдүс расчет ездовойдарын кытары тэлиэгэлээх атынан саҥа аттары ыла барбыттара. Кыракый үрэҕи оломунан туораан тэйиччи көстөр дэриэбинэҕэ тиийбиттэрэ. Сотору улахан кимэн киирии буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Онон сүтүктэрин толоруналлара, күн ахсын эбии сэп-сэбиргэл, техника, көлө кэлэрэ. Дэриэбинэ кытыытыгар отучча ат бааллан турар сиригэр тиийбиттэрэ. Сержаннара тор курдук бытыктаах, кубарыйан хаалбыт гимнастеркатын түөһүгэр Кыһыл сулус уордьаннаах, фуражкалаах, сааһыран эрэр старшинаҕа дакылааттаабыта. Онтон аттар бааллан турар сирдэрин диэки барбыттара. Балачча өр аттары көрө-истэ түһэн баран, сержаннара Баһылайдааҕы ыҥырбыта.

Баһылай, аттарга чугаһаан иһэн, төбөтүн сиргэ умса анньан утуктуу турар маҥан аты хараҕа бэркэ таптыы көрбүтэ. Онтон буутугар «КӨ» диэн бэчээттээҕин көрөөт, түөһүн иһигэр туох эрэ көтүрү барарга дылы гыммыта. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ таалан тура түспүтэ, онтон оргууй ат диэки хаампыта. Ат, киһи чугаһаан кэлбитигэр төбөтүн өрө көтөхпүтэ, таныытын тартаҥнаппыта, онтон эмискэ өрө холоруктуу түспүтэ, олус уйаҕастык кистээн дьырылаппыта. Субу утары иһэр, саллаат таҥастаах, түөһүгэр соҕотох мэтээллээх киһи кини иччитэ буоларын билбитэ… Баһылай хараҕын уута халыс гына түспүтэ, тула өттө хайдах эрэ күөгэлдьийэн ылбыта. Туох да саҥата суох, икки илиитин быластаабытынан бүтэһик биэс-алта хаамыыны умса бүдүрүйтэлээн тиийэн, аты төбөтүттэн кууһа түспүтэ. Улаанай иччитин түөһүгэр төбөтүн аалыммахтаан, уҥа-хаҥас санныгар хардары-таары сыҥааҕын уурбахтаан, эмиэ да сып-сымнаҕас уоһунан ибис-инчэҕэй буолбут сирэйин сууралаамахтаан, хоҥоруутун хонноҕун анныгар уга-уга өрүтэ кэҕийбэхтээн ылбыта. Үөрбүтүн омунугар биир сиргэ өрө бэдьэҥэлии турар буолбута.

Дьоно олус соһуйбуттара. Бары атын кууһан турар Баһылай таһыгар үмүөрүспүттэрэ. Баһылай тохтоло суох кэлэ турар хараҕын уутун икки ытыһынан хардары-таары туора-маара хаһыйталыы-хаһыйталыы:

– Ээтэ муой куонь. Саам иэсдил, эпсэгдээ, там на родине, – дии-дии атын моонньугар умса түспүтэ.

– Эхма! А конь-то узнал хозяина, – диэн старшина сүрдээҕин сөхпүтэ. – А он сам-то откуда? – диэн Баһылай дьонуттан ыйыппыта.

– Из Якутии… Из Якутии он, – диэн сержана атын кууһан турар Баһылайтан хараҕын араарбакка эрэ хардарбыта. Кини улаханнык долгуйбута куолаһыгар биллэрэ. Кырдьык, киһи эрэ долгуйуох түгэнэ этэ. Онуоха эбии орудиетын командира Баһылайы туохха барытыгар дьоҕурдааҕын, толоругаһын иһин сыаналыыра, сылгыны ис-иһиттэн таптыырын билэрэ.

– Из Якутии… Это из Сибири что ли?

– Да. Из самой северной окраины, – диэбитэ онуоха ездовойтартан хайалара эрэ.

Биэс аты талан, ол иһигэр, биллэн турар, Улаанайы ылан төттөрү айаннаабыттара. Баһылай атын сиэтэн, дьонун кэнниттэн барбыта. Улаанай өрөйөн-чөрөйөн, сыҥааҕын иччитин санныгар ууран ыла-ыла, кутуругун хоппоччу туттан, самыытын өрүү хаамарынааҕар адьас атыннык хайбаҥнатан, сүһүөҕүн үрдүгэр бэдьэҥэлии испитэ. Тохтообут сирдэригэр тиийэн аттарын тыа саҕатыгар кистии баайталаабыттара. Эрдэттэн оҥоһуллубут күкүрдэргэ от хаалаан биэрбиттэрэ. Хаһан баҕарар түрүбүөгэ буолуон сөбө. Онон аттары өрүү баайан туруоран аһаталлара.

Баһылай атын булан ылан аһыырын да, утуйарын да умнубута. Улаанай таһыттан арахпакка букунаһан, аһатан, уулатан, туйахтарын сарбыйан, сэлээн, түүтүн-өҥүн тараан тахсыбыта. Табаарыһа, чуваш уола, наводчик Ашанин киэһээҥҥи аһылыгын хочулуокка аҕалан биэрбитэ. Баһылай аһыыр кэмигэр аны кини Улаанайы эргийэ сылдьан көрбүтэ, имэрийбитэ-томоруйбута, анаан-минээн илдьэ кэлбит саахарынан күндүлээбитэ. Ол сылдьан Баһылайтан арааһы барытын ыйыталаспыта. Биирдэрэ нууччалыы төһө билэринэн атын, хайдах айааһаабытын, сэриигэ аттаммыттарын туһунан кэпсээбитэ. Барытын сиһилии кэпсиэн баҕарара да, тылы билбэтиттэн улаханнык олуттарара.

Киэһэ аттарын барыларын уулатан таһааран баран, хойукка диэри Улаанай таһыгар олорбута. Улаанай аһаан кирдиргэтэ туран сотору-сотору иччитин көхсүгэр муннун-уоһун аалынан ылара. Баһылай ити олорон арааһы санаабыта. Госпитальтан тахсан атын чааска түбэһиэҕиттэн биир да саханы көрсө илигэ. Дьэ уонна бу эмискэ бэйэлээх бэйэтин атын көрсө түстэҕэ. Киһи дьикти буолар эбит. Биир эмэ саханы эбэтэр чугас үөлээннээҕин көрсүбүтэ да буоллар, арааһа, итинник долгуйуо, уйадыйыа суоҕа эбитэ буолуо. Маарыын атын көрөөт, сүрэҕэ түөһүттэн субу төлө көтөн тахсыах курдук битигирии түспүтэ, тыына хаайтара сыспыта. Онтон Улаанай кинини билэн өрө мөхсө түспүтүгэр, дьонтон да кыбыстарын умнан, бэл, хараҕын уутун кыамматаҕа. Билигин онтуттан саата саныыр… Эр киһи, саллаат аата хараҕын уутун кыаммакка ытаан бахсырыйа турдаҕа үһү. Хата, дьоно кини туругун өйдөөн туох да диэбэтэхтэрэ. Бэйэлэрэ да сүрдээҕин долгуйдулар быһыылааҕа. Түспүт сирдэригэр кэлээт, Баһылайы тугунан да аралдьыппакка атын кытары бодьуустаһарыгар кыах биэрбиттэрэ. Оттон Баһылай күнү быһа Улаанай таһыттан арахпакка, дойдутугар эрдэҕинэ кыһын кырыатыы, сайын охсорго көлүйэ сылдьан кэпсэтэрин курдук сахалыы саҥаран, кэпсэтэн адьас чугас киһитиниин ирэ-хоро сэһэргэспиттии дуоһуйбута. Улаанай хаҥас холугар харыстан ордук бүүрэ оспут баас онно баара. Арааһа, сэнэрээт эмтэркэйэ тэлэ көтөн ааспыт быһыылааҕа. Онтун таарыттарбат этэ, дьигиҥнии, холун этэ тардан илибирии түһэрэ.

Сынньалаҥҥа турбут биэс күннэрэ Баһылайга сэрии буолуоҕуттан саамай үчүгэй, эттиин-хаанныын, куттуун-сүрдүүн сылаанньыйбыт, олоҕун тухары умнуллубат түгэнинэн буолбута. Биир киэһэ тревоганан туруоран инники кирбиини кыйа соҕуруу диэки илдьибиттэрэ. Баһылай Улаанайы инники – уҥа өттүгэр көлүйбүтэ. Бэйэтэ сиэр дьүһүннээх хаҥас аты мииммитэ. Түүнү быһа айаннаан, халлаан сырдыыта тыаҕа тахсан тохтообуттара. Күнү быһа хорҕойон туран баран, киэһэ хараҥарбытын кэннэ эмиэ айаҥҥа туруммуттара. Ити түүн тустаах сирдэригэр тиийэн буускаларын туруортаабыттара. Баһылай орудиены туруохтаах сирдэригэр илдьээт, кэтэххэ тахсан биэрбитэ. Аттарын сыгынньахтаабакка, бирикээс кэллэ да позициятыгар ойутардыы бэлэм турбута. Бу диэки баһаам күүс мустубут быһыылааҕа. Чугас-чугас араас калибрдаах орудие батареялара биир ситим буолан илим хотоҕоһунуу субуллубуттар этэ. Сарсыарда эрдэ халлаан сырдаан эрдэҕинэ, иннилэригэр үүт тураан сиик үллэн олордоҕуна, хас эмэ сүүһүнэн орудие тэҥҥэ эстэн халлаан хайдар хабараан тыаһа дэлби ыстаммыта. Аттар соһуйан чохчос гына түспүттэрэ, иннилэрин хоту ыстанан кэбиһээри быыппастыбыттара, Баһылай ыһыытаан-хаһыытаан, буойан нэһиилэ уоскуппута. Дьэ, доҕоор, онтон чаас аҥаарыттан ордук кэмҥэ сир сиҥнэр, халлаан хайдар үлүгэрэ буолбута. Аттар биир кэм кулгаахтарын ньылаҥната, дьигиҥнии, өрүтэ тэпсэҥэлии турбуттара.

Артиллерийскай бэлэмнэнии бүтээтин кытары, Баһылайга позициятыгар тиийэ охсоругар бирикээс кэлбитэ. Аттарын эргитэ тардан, дьонугар ыстаннарбыта. Расчет номнуо орудие атахтарын хомуйан бэлэм турара, ону передокка холбоно охсон, дивизионнарын холуоннатыгар суолга тахсыбыттара. Сотору хоҥнорго бирикээстээбиттэрэ. Ити икки ардыгар туман көтөн иннилэригэр ыраах, сибилигин аҕай тыһыынчанан сэнэрээт дэлбэритэ тэппит, өһөх буруо өрөһөлөнөр, сэрии тыаһа ньиргийэн олорор сирин диэки барбыттара…

Хас да күн тохтоло суох кимэн киирии буолбута. Биир күн Баһылайдаах батареяларын адьас инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн көтүтэн тиийэн оннуларын да була иликтэринэ, иннилэринээҕи хотоолго уонтан тахса ньиэмэс тааҥката буору-сыыһы өрүкүтэн лиһигирэһэн иһэллэрэ көстүбүтэ. Дьоно, буускаларын туруораат, ытыалаан тиҥийбитинэн барбыттара. Баһылай аттарын эргитэ тардан, тэйиччи көҕөрөр ойуурга ыстаннарбыта. Тиийэн аттарын баайа охсоот, тэлиэгэҕэ көлүллэн турар атынан дьонугар сэнэрээт илпитэ. Тула өттүгэр сэнэрээт, миинэ эстэн бурҕаҥныыра. Олортон биир эмэ таба түстэ да, аттыын бэйэлиин туох да ордубат гына дэлби тэбиллиэхтээҕэ. Баһылай ол туһунан саныы да барбат этэ. Дьонугар тиийэн сэнэрээттэри сүөкээт төттөрү ойуппута. Миинэ, сэнэрээт тоҕута тэппит аҥхайдарын быыһынан эрийэ-буруйа сүүрдэн истэҕинэ, ата умса хоруйа түспүтэ. Туох буолбутун өйдүөн икки ардыгар, ойон туран эмиэ иннин хоту ыстаммыта. Сэнэрээт тиэйэр сиригэр тиийэн иһэн ата мөлтөөн, байааттаҥнаан ылбыта, ыстанан түһэн көрбүтэ: айаҕыттан хааннаах күүгэн сынньылыйара, уҥа ойоҕоһо хаан билик буолбут этэ, агдатыттан кып-кыһыл хабахтар бычыгыраһан тахсаллара. Үгүһү толкуйдуу барбакка, бааһырбыт аты сыгынньахтаат, сүүрэн тиийэн Улаанайы сиэтэн аҕалбыта. Атын көлүйэн бүтүүтүгэр икки кырдьаҕас саллаат номнуо сэнэрээттэри тиэйэн бүтэрбиттэрэ. Эмиэ өлөр өлүүнэн илгистэр инники кирбии диэки ойуппута. Дьонугар чугаһаан истэҕинэ, хас да пехотинец утары сырсан ааспыттара. Арааһа, биһиги дьоммут чугуйан эрэллэр быһыылааҕа. Онтон аттыгар уот холлоҕос күлүпүс гынарын кытта, ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. Биирдэ өйдөммүтэ: тиэрэ түһэн сытара. Төбөтүн нэһиилэ хаҥас диэки эргиппитэ, тэлиэгэтэ таҥнастан хаалбыт этэ. Соҕотох көлүөһэтэ бытаан баҕайытык эргийэн уҥа-хаҥас хаадьаҥныыра. Тэйиччи соҕус сэнэрээт түһэн дэлби ыстаммыта эрээри, тыаһа иһиллибэтэҕэ. Көннөрү буор оргууй өрө сүгүллэн тахсан баран, бытаан баҕайытык таҥнары саккыраабыта.

Умса эргийэн иһэн субу аттыгар Улаанай сытарын көрбүтэ. Тылын туора уоппут, өлбөөрбүт хараҕар кумах кыырпахтара сыстыбыт, моонньо бүтүннүү балай хаан буолбут этэ. Кулгааҕын кэтэҕинээҕи сүгэ биитинэн батары саайбыт курдук ынырык бааһыттан номнуо өһөҕүрэн эрэр хаан бычыгырыыра. Баһылай туруох курдук икки илиитигэр тайанан өндөс гынан иһэн эмиэ өйүн сүтэрбитэ…

* * *

Иккис хонугар полевой госпитальга өйдөммүтэ. Бастаан ханна сытарын быһаарбатаҕа. Онтон хараҕар соҕотох көлүөһэ эргийэн хаадьаҥныыра, Улаанай кумах сыстыбыт өлбөөрбүт хараҕа көстөн кэлбиттэрэ. Онуоха бэрэбээски быыһыттан барбах кылайар харахтарыттан ып-ыраас таммахтар кылабачыһан тахсыбыттара…

… Баһылай, сэрии кэнниттэн, адьас кырдьыар диэри улаханнык илиһиннэҕинэ, ыарытыйдаҕына, түһээн мэлдьи эргийэн хаадьаҥныыр көлүөһэни уонна кумах сыстыбыт атын хараҕын көрөр этэ. Уһуктан кэллэҕинэ, били, госпитальга курдук, икки чанчыгынан хараҕын уута сүүрэ сытар буолара…


Страницы книги >> 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации