Электронная библиотека » Данил Макеев » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Данил Макеев


Жанр: Книги о войне, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Хараҕа Суох

Өрүөстээх, төрөөрү ыарыыланан кэлин атахтарын олбу-солбу өрүтэ көтөҕөлөөн тэпсэҥэлии турдаҕына, уот холбонон уп-уһун хотоҥҥо икки өттүнэн тардыллыбыт лаампалар араҕас уотунан сандаарыс гына түстүлэр. Онтон ыанньыксыттар киирэр-тахсар ааннара аһыллан хаачыгырыыра, кимнээх эрэ кэпсэтэллэрэ иһилиннэ.

Сотору уһун субурҕа көрүдүөр устун иччитэ Мааппыс доҕор оҥостоору илдьэ кэлбит улахан кыыһын батыһыннарбытынан тиийэн кэллэ. Ынаҕа ыҥырана-ыҥырана тэпсэҥэлии турарын көрөн:

– Ээ, Өрүөстээх номнуо ахтыбыт дии. Төрөөрү гыммыт. Ол иһин маарыын сарсыарда кирсин быспыт этэ. Чэ, хотуой, олус даххаһыйыма, төрүү оҕус! Аата туҥуй бургунас буоллаххыный… – дии-дии кэлиргэ быыһынан киирэн ынаҕын сиһин имэрийбэхтээтэ. Өрүөстээх эргиллэн сииктээх муннунан иччитин сытырҕалаан сынтарыҥнаата, аһыннарыахтыы ыҥыранан ылла. Мааппыс ынаҕын имэрийэ-имэрийэ:

– Лаана, оол, уһааттар тастарыгар кураанах тирээпкэ уонна биэдэрэ баара буолуо. Аҕал эрэ, хара уута кэллэҕинэ тоһуйуохпут этэ, – диэтэ. Онтон Өрүөстээх таһыгар аа-дьуо кэбинэн нэччэҥҥэтэ сытар Дьырылыгы: – Хотуой, Дьырылык, тур эрэ, сыҕарый! Миэстэни барытын сабардаан сытыаҥ дуо? Көрбөккүн дуо, Өрүөстээх төрөөн эрэр дии? – диэн баран самыытын таптайбахтаата. Дьырылык баҕарбатахтыы оргууй аҕай айгыстан турда, ону аны өттүгүттэн анньыалаан Өрүөстээхтэн тэйитэн биэрдэ.

Кыыс көрүдүөр устун сүүрэн тибигирэйэн тиийэн тирээпкэни, биэдэрэни аҕалаатын кытары, төрөөрү турар ынах хайдах эрэ бөкчөччү соҕус тутунна да кэнниттэн хараҥатыҥы уу чаккыраабытынан барда. Мааппыс онно биэдэрэни тоһуйа оҕуста. Биэдэрэ аҥаарын курдук уу түспүтүн ынаҕын иннигэр илдьэн ууран биэрдэ. Лаана ону көрөн сирэйин мырдыччы туттан баран:

– Пахыый! Итини тоҕо иһэрдэҕин? – диэтэ.

– Ынахха хара уутун иһэртэххэ сыылбата үчүгэйдик хоҥнор дииллэр.

– Ол сыылбата диэн тугуй?

– Оҕотун хаата, сорохтор кэнэҕэскитэ дииллэр. Хоҥнубакка иһигэр сытыйан хааллаҕына, ынах өлөр.

Өрүөстээх хара уутун сытырҕалаан көрөн баран аҕыйахта омурдан иһэн борулатан кэбистэ. Онтон тэпсэҥэлээмэхтээн баран икки илин атаҕар тобуктаата, устунан сытынан кэбистэ уонна ынчыктаан, түллэн барда. Мааппыс кэлиргэҕэ бааллан турар быаны сүөрэн ылла. Ынах кэнниттэн дьэҥкирдиҥи дьүһүннээх ньирэй туйахтара быган кэллилэр. Мааппыс ньирэй атахтарыгар быа баайан баран:

– Лаана, кэл, тардыс эрэ, – диэтэ. Кыыһа дьих-дьах тутта-тутта кэлиргэ быыһынан киирэн быаны тардыста.

Ньирэйдэрин атаҕын тобугар диэри тартылар уонна кыайбатылар. Ынахтара ыараханнык ынчыктыырын быыһыгар «өө-ө-өөх!» диэн кыратык орулаан ылла.

– Бээ, тохтоо, арааһа, төбөтө туора баран хаалла быһыылаах, – диэн баран, Мааппыс ньирэй атаҕын төттөрү аста, онтон илиитин уган, кырдьык, тиэрэ баран хаалбыт төбөтүн булан таныытыттан тардан көннөрө охсон биэрдэ.

Лаана ити кэмҥэ тэйэ охсон, сиргэммиттии, куттаммыттыы сирэйин куһаҕан баҕайытык туттан баран көрөн турда. Ийэтэ ньирэй төбөтүн көннөрөөт:

– Хотуой, кэл, тардыс! Итиннэ мырдыҥныы туруоҥ дуо? – диэтэ.

Бу сырыыга ньирэйдэрэ ийэтин иһиттэн начаас ньылбырыс гынан тахсан кэллэ. Ону кытары эмиэ уу халыс гына түстэ. Мааппыс, ньирэй айаҕыттан, муннуттан салыҥын ыраастаан, туйаҕын дьэҥкир өҥүргэһин тыҥыраҕынан хастаан, этин-сиинин тирээпкэнэн соппохтуу түһэн баран, агдатыттан өрө көтөҕөн ийэтин иннигэр илдьэн биэрдэ. Кугас эриэн дьүһүннээх, маҥаас сирэйдээх оҕус ньирэй эбит. Өрүөстээх сытан эрэ оҕотун салаамахтаата.

– Сытан эрэ салыаҥ дуо? Тур! – дии-дии Мааппыс ынаҕын самыытын таптайбахтаата.

Өрүөстээх истибит курдук илин атаҕар тобуктаан турда уонна оҕотун салаан барда. Ньирэй титириир курдук дьигиһийбэхтээн ылар, илин атаҕын иннин диэки чиккэччи тэбэ сытан тура сатаан өгдөҥнөөмөхтүүр. Атаҕын кумуйа туттан сөһүргэстээн турар диэни билбэт да быһыылаах.

Мааппыс ынаҕа оҕотун кичэйэн салаабытын кэннэ ньирэйи эмиэ агдатыттан бобо кууһан көтөҕөн аҕалан ийэтин синньигэр үҥүлүттэ. Ньирэйэ икки хараҕын симэ сылдьар, ийэтин эмиийин булбакка мээнэ үнүөлүүр. Ону сэҥийэтиттэн ылан эмиийи булларан биэрбитигэр, эмэн чомурҕаппытынан барда. Атахтарыгар билигин даҕаны бигэтик тирэммэт, титирэстии-титирэстии амтаһыйан эмэн сабырҕата туран, сүһүөҕэ мөҕөн эмиийин сүтэрэн кэбиһэн баран эмиэ мээнэ үҥүөлээтэ. Мааппыс хап-сабар эмиэ эмиийи буллара охсон биэрдэ. Сотору соҕус:

– Чэ, сөп буолуо, – диэн баран ньирэйи кууһан ылан ийэтин иннигэр илдьэн маарыын атаҕар баайан баран тардыбыт быаларынан моонньуттан баайан кэбистэ. Онтон Лаана баҕанаҕа сааллыбыт тоһоҕоҕо айаҕа маарыланан сабыллан ыйанан турар биэдэрэни уонна ынах ыыр намыһах олоппоһу аҕалан биэрбитин ылан, олоро түһэн ынаҕын ыан курулаппытынан барда.

Ынаҕын ыат, уоһахтаах биэдэрэтин Лаанаҕа туттаран баран ньирэйин быатын сүөрэ туран:

– Бэйи, бу ньирэй тоҕо хараҕын көрбөтүй? – диэн баран, хараҕын быһа симэ сылдьар ньирэй халтаһатын арыйан көрөөт, уолуйан уһуутуу түстэ: – Тыый!!! Хараҕа суох эбит дии…

Лаана эмиэ соһуйан:

– Уо-аай! – диэт уолугун бобо харбанна.

– Эрэйдээх, сүөһү буолар эрэ, суох эрэ… Сарсын бэтэринээрдэр көрөллөр ини, – дии-дии Мааппыс ньирэйин көтөҕөн ылан кэлиргэ нөҥүө түһэрдэ, онтон саҥа төрөөбүт ньирэйдэргэ аналлаах чуолаҕас-чуолаҕас курдук, иһигэр күөгэччи от тэлгэммит хаптаһын уйаҕа илдьэн укта. Өрүөстээх, оҕотун ылан барбыттарыгар, миэстэтигэр тэпсэҥэлии-тэпсэҥэлии ыҥырана хаалла…

* * *

Хараҕа суох ньирэй сарсыҥҥытыгар ийэтин эмэригэр атаҕар бигэтик турар буолбута. Ийэтин ыҥыранарынан, хатыылаах тылынан салыырынан, сып-сымнаҕас эмиийинэн, минньигэс да минньигэс үүтүнэн, сытынан-сымарынан билэрэ. Мааппыс саҥатын, сытын эмиэ эндэппэккэ билэр буолбута. Сарсыарда эмиэ көтөҕө былаан илдьэн ийэтин эмтэрэн баран уйатыгар аҕалан укпута. Онон Мааппыс сыта, саҥата уонна ийэтэ ыҥырынара, салыыра, минньигэс үүтэ киниэхэ биир ситимнээх өйдөбүл буолбуттара. Уйатыгар укпутун да кэннэ, Мааппыс саҥата ыраата-ыраата чугаһаан кэлэрин иһиллээн, төбөтүн хантаҥната-хантаҥната кулгаахтарын эр-биир даллаҥната сыппыта.

Биир кэмҥэ ийэтин минньигэс үүтүн кытары ситимнээх, бу күн сиригэр кэлээт аан бастаан истибит түргэн-түргэнник тылыбыраабыт саҥаны кытары атын саҥалар ньамалаһаллара иһиллибитэ. Ньирэй кулгаахтарын даллатан, төбөтүн чолоччу туттан ол саҥалары истэ сыттаҕына, адьас субу чугаһаан кэлбиттэрэ. Ийэтин эмтэрэ илдьэринэн билэр саҥата:

– Хараҕын уута да суох. Чэ, бэйэҕит көрүҥ, – дии-дии уйатын аанын арыйан, тураары өгдөҥөлөөн эрдэҕинэ, моонньугар баайбыт быатыттан туруору тардан уйаттан таһырдьа соһон таһаарбыта.

– Ньирэй-ньирэй курдук эбит ээ. Үчүгэй баҕайы көрүҥнээх, – диэн бэрт наҕыл саҥа иһиллибитэ.

– Оннук эбит дии, – диэн атын саҥа иһиллибитэ.

Ол саҥалар диэки мылаарыҥнаабыта, муннугар туох эрэ хабархай сыт саба биэрбитэ. Ийэтин эмтэрэ илдьээччиттэн адьас атын саҥалаах, сыттаах-сымардаах дьон олбу-солбу харахтарын халтаһатын арыйталаан, сиһин, ойоҕоһун, атаҕын имэрийтэлээн, туппахтаан көрбүттэрэ.

– Хараҕын уута төрүт суох, халтаһаларын анна кып-кыһыл эт. Атына барыта үчүгэй эбит ээ, туох да итэҕэһэ суох. Битэмиинэ тиийбэтиттэн хараҕа суох буолаахтаабыт. Битэмиин укуоллуохпут уонна ийэтин саатар биир ый эмтэҕинэ табыллар, үчүгэйдик аһыан наада.

– Ийэтин саатар биир ый эмиэн наада даа? Ону ким көрөр? Миигинньик киһи бэҕэһээ, бүгүн хараҕа суох ньирэйи ийэтин эмтэрээри көтөҕөлүүрбэр сиһим быһынна. Хайа уонна ынахпын ньирэйгэ быһа эмтэрдэхпинэ, үүтүм намтыыр буоллаҕа дии. Оччоҕо ийэлэри, ньирэйдэри миигиттэн ылыҥ, атын кимиэхэ эрэ көрдөрүҥ. Айака, мин көрбөппүн, – диэн Мааппыс бэрт түргэнник тылыбыратан кэбистэ.

– Ээ, Мааппыс, инньэ диэмэ, атын ким көрүөй… Сүһүөҕэр бигэтик турар буолбут дии, аны көтөхтөрбөт ини. Эбии таабыл суруйуохпут, бороохтуйдаҕына, ньирэй көрөөччүгэ туттарыахпыт, – диэн наҕыл саҥа аа-дьуо унаарыйда.

– Чэ, оттон оннук буоллаҕына көрөрбөр тиийэбин. Эрэйдээҕи аһынабын даҕаны ээ…

– Хата, инньэ диэ, – диэн хабархай сыттаах саҥата иһилиннэ уонна имэрийэ туран тугунан эрэ ыарыылаах баҕайытык самыытын дьөлө кэйдэ. Онтон:

– Мин күн өрүү-өрүү кэлэн укуоллуур буолуоҕум, – дии-дии дьөлө аспыт сирин имэрийбэхтээтэ.

Ньирэйи эмиэ уйатыгар уган кэбистилэр. Иччитин саҥатын, ынахтар ыҥыраналларын, араас тыаһы-ууһу истэн чолооруҥнуу сытан баһын унньуччу быраҕан утуйан хаалла.

* * *

Хараҕа суох ньирэй ый курдук ийэтин эмэн биллэ төлөһүйдэ. Өссө атын ньирэйдэрдээҕэр быдан төрөлкөй курдук. Ийэтин сарсыарда уонна киэһэ эмэр уонна Мааппыс анаан талан биэрбит ньаассын отун кэбийэн ньэччэҥниир буолла. Халлаан сылыйан, күнүс ынахтары барыларын таһырдьа таһаартыыллар. Ынахтар тахсар, киирэр кэмнэригэр уҥа диэкиттэн хотон никсик сытын чэбдигирдэр ыраас баҕайы салгын сайан киирэр. Киэһэ ийэтэ адьас атын, хараҕа суох ньирэй хаһан да билбэтэх дьикти үчүгэй сыттаах-сымардаах буолар. Биир күн иччитэ Мааппыс уонна наҕыл саҥалаах зоотехник, хабархай сыттаах, сытыы иннэнэн дьөлө кэйэр бэтэринээр урут хаһан да истибэтэх саҥалаах, сыттаах-сымардаах киһини батыһыннаран аҕаллылар. Наҕыл саҥа:

– Дьэ, Куока, хараҕа суох ньирэйиҥ бу баар. Сүрдээҕин улаатта, ньирэй ньирэй курдук, арай хараҕа эрэ суох. Эйиэхэ ахсааҥҥа киллэрбэккэ эрэ туттарабыт. Этэҥҥэ сайылаатаҕына кыһын хотоҥҥо туруо буоллаҕа дии. Эһиил ыһыахха туттуохпут… Билигин атын ньирэйдэртэн туспа уйаҕа тут. Ньирэйдэр таһырдьа хонор буоллахтарына, тиэрбэскэ хаайарыҥ дуу… – диэтэ. Онуоха урут истибэтэх саҥата:

– Чээн, эрэйдээҕи, үчүгэй баҕайы ньирэй эбит дии, – диэтэ.

Иччитэ Мааппыс сүүһүттэн имэрийэ-имэрийэ:

– Хараҕа Суох, сарсын биһиги сайылыкка көһөбүт. Онон бүгүн ийэҕин тиһэҕин эмэҕин. Сарсыҥҥыттан эйигин бу Куока көрүө-харайыа. Этэҥҥэ сайылаар, күһүн улааппытыҥ, төлөһүйбүтүҥ кэннэ көрсүөхпүт, – диэтэ.

Сарсыҥҥыттан Хараҕа Суох олоҕо тосту уларыйбыта. Били урут хаһан да истибэтэх саҥалаах, Мааппыстан адьас атын сыттаах-сымардаах уол күҥҥэ иккитэ суосканан аһатар буолбута. Эмискэ аһа уларыйан иһэ ыалдьыбыта. Уунан ыыта сылдьар буолбута. Куока диэн ааттыыр, кинини аһатар, көрөр-харайар уол ыксаан бииргэ үлэлиир Нөнүөстэ диэн кырдьаҕас дьахтарга көрдөрбүтэ. Нөнүөстэ ньирэйи кэлэн көрөн баран:

– Дөлүһүөн угун оргутан сиидэлээн, биллэр соҕус гына саахардаан иһэрт. Иһэ хатыаҕа, – диэн сүбэлээбитэ.

Кини сүбэлээбитин курдук Куока күнүс мип-минньигэс ууну иһэрдибитэ. Ньирэй иһин ыарыыта, кырдьык, харахтан сыыһы ылбыт курдук ааһан хаалбыта. Иһин ыарыыта аастаҕын сарсыҥҥытыгар иччитэ сарсыарда аһатан баран, моонньуттан быалаан ханна эрэ сиэтэн илдьибитэ. Били ынахтары таһырдьа таһааралларыгар сайа охсон киирэр чэбдик салгыннаах сир диэки барбыттара. Саарыы-саарыы хааман истэҕинэ, чэбдик салгын биллэ күүһүрбүтэ, өссө урут хаһан да истибэтэх тыаһа-ууһа элбээбитэ. Хараҕа Суох онтон саллан атаҕын баҕаналыы тэбинэн турунан кэбиспитэ.

– Куттаныма! Таһырдьа тахсабыт дии. Онно наһаа үчүгэй ээ, күн бөҕө, от көҕөрөн эрэр, чыычаахтар ыллыыллар, кэҕэ этэр, – дии-дии Куока үөс-батааска биэрбэккэ таһырдьа сиэтэн тирилэтэн таһаарбыта. Атаҕар сып-сымнаҕас уонна инчэҕэй кии биллибитэ. Онтон сиргэнэн атахтарын көрүдьүөс баҕайытык эмискэ-эмискэ өрүтэ баспахтаан иччитэ сиэтэрин хоту бадьаралаабыта.

Тиэрбэскэ илдьэн быатын моонньугар сөрөөн баран ыытан кэбиспитигэр, Хараҕа Суох хамсыан да куттанан дьирэччи тэбинэн турбута. Куока, кэтэһэн тура түһээт, оргууй тэйэ хаампыта. Ньирэй иччитэ тэйбитин сэрэйэн аһыннарыахтыы мэҥирээн ылбыта, сыта кэлэр сирин диэки түөрт-биэс хаамыыны оҥорбута. Атаҕын анныгар хотон муостатыттан уонна инчэҕэй кииттэн адьас атын, сып-сымнаҕас, суп-сурдурҕас, сибилигин аллара тимис гыныахха айылаах кырыстааҕа. Онтон куттанан эмиэ дьирэччи тэбинэн турбута. Иччитэ тэйдэр тэйэн барбыта. Эмиэ мэҥирээн көрбүтэ да төннөн кэлбэтэҕэ. Тулатыгар урут хаһан да истибэтэх тыаһыттан-ууһуттан, саҥатыттан-иҥэтиттэн алаарыйан хаалбыта. Тэйиччи, хантан эрэ үөһэ диэкиттэн, дьип-дьирилэс, дьуп-дьурулас дорҕоон кутуллара. Хаҥас диэки: «Кук-куук! Кук-куук!» – диэн тохтоло суох чоргуйуу иһиллэрэ. Ол быыһыгар ханна эрэ: «Даах-даах!» – дииллэрэ. Үөһэттэн туох эрэ сып-сылааһынан көхсүн, ойоҕоһун угуттуура.

Хараҕа Суох ити курдук балачча өр хамсаабакка туран баран, умса туттан сири сытырҕалаан көрбүтэ – от эбит. Оту сиир буолан билэр. Ол иһин айаҕынан түһэн «турк» гына быһа тардан ылан ыстаан энньэҥнэппитэ кини хотоҥҥо сиир отунааҕар быдан минньигэс амтаннаах буолан биэрбитэ. Ол иһин амтаһыйан мэччийэн киирэн барбыта. Тотуор диэри мэччийэн баран сыппыта бу сымнаҕаһын, сылааһын… Тулатыгар баар тыаска-ууска, саҥаҕа-иҥэҕэ үөрэнэн өрүү маннык эйгэҕэ сылдьыбыт курдук олус дуоһуйан кэбинэ-кэбинэ сыппыта. Үөһэттэн дьырылыыр-дьурулуур дорҕоон, тохтуу-тохтуу: «Кук-куук! Кук-куук!» – диир саҥа, чэбдик салгын, сыт-сымар барыта сүрэҕи-быары ортотунан суойан киирэн сылаанньытар ураты алыптаахтар этэ. Оо, арай хараҕа суох ньирэй эмискэ айылҕа уһуктан, ситэн силигилээн эрэрин уу хараҕынан көрөр дьолго тиксэрэ буоллар төһөлөөх соһуйуо, үөрүө этэй…

Сарсыҥҥытыттан Хараҕа Суох таһырдьа тахсарыгар аны бэйэтэ Куоканы соһон тирилэтэр буолбута. Аҕыйах хонугунан тиэрбэс иһин бүтүннүү кэрийэн ханан уулаах иһит турарын, төҥүргэстэр, тииттэр баалларын барытын билэр буолбута. Атаҕын иминэн сирдэтэн, сытынан-сымарынан арааран иҥнибэккэ сылдьара. Бэл, мэниктээн тиэрбэс ортотугар ойуоккалаан ылара. Хараҕа суох буолан, им балайга да сырыттар, олус чуор, сытымсах этэ. Куока матасыыкылын тыаһын иһиттэ да тиэрбэстэн тахсар сир диэки түһүнэн кэбиһэрэ. Төһө даҕаны атаҕын иминэн сирдэтэн тиэрбэс иһин үчүгэйдик биллэр, аан сүллүгэстэригэр тиийэн ыарыылаахтык кэтиллэ түһээхтиирэ.

Куока түөрт уон биэс ньирэйи көрөрө-истэрэ, аһатара-сиэтэрэ. Олортон саамай хатаҕалыыра Хараҕа Суох этэ. Бэл, анаан-минээн кэмпиэт, бэчиэнньэ аҕалан күндүлүүрэ. Онон хараҕа суох ньирэй эрэйдээх кини кэлэрин олус күүтэрэ, күҥҥэ уонунан матасыыкыллаах киһи оттуу-мастыы кэлэн ааһаллара даҕаны, Куока матасыыкылын тыаһын адьас эндэппэккэ билэрэ.

Биир күн тиэрбэс сүллүгэстэрин быыһынан таска тахсан хаалбыта. Ньирэйдэри кытары булкуһан күнү быһа мэччийбитэ. Төһө да хараҕа суох буоллар, син биир үөргэ наадыйар быһыылааҕа. Айылҕа айыыта даҕаны оннук буоллаҕа буолуо. Онон күн аайы тиэрбэскэ хаайылыннар даҕаны, син биир күрүөнү быыһынан тахсан ньирэйдэри кытары мэччийэр идэлэннэ. Ол иһин Куока кэлин тиэрбэскэ хаайбат буолбута. Мэччийэ сылдьан иччитин матасыыкылын тыаһын иһиттэ даҕаны чолос гына түһэрэ. Кулгаахтарын даллатан, баһын хантаччы туттан матасыыкыл тыаһын батыһа эргийэн биэрэн иһэр, онтон ханна эмэ тиийэн тохтоотун кытары ол туһаайыытынан түһүнэн кэбиһэр. Ол иһэн сороҕор уот остоолботугар кэтиллэ түһээхтиирэ, ол да буоллар хайысхатын сүтэрбэккэ сиэлэн тамаһыйан кэлэрэ. Суоскаттан өлүү аһын – уотурбалаах бөлөнөҕү – бэрт иҥсэлээхтик эмэн собурҕатан баран, аны минньигэс көрдөөн иччитин тула көтө сылдьан үҥүөлүүрэ. Куока бастакынан өрө сүүрэн кэлбит Хараҕа Суоҕу аһатан, имэрийэн-томоруйан баран дьэ:

– Кэлиэҥ-кэлиэҥ! – диэн ыҥырдаҕына, атын ньирэйдэр биирдэ мэҥирэһэ-мэҥирэһэ тиийэн кэлэллэрэ. Кинилэр харахтаах-көстөөх буоланнар эбитэ дуу, хараҕа суох ньирэй курдук иччилэригэр наһаа өрө мэҥийбэт, кэллэ даҕаны өрө сүүрэн кэлбэт этилэр. Оттон Хараҕа Суох эрэйдээх, төһө да үөргэ тардыстар, соҕотохсуйар быһыылааҕа, иччитигэр олус убаммыта.

Биир күн халлаан сүрдээҕин ыкпыта, куйаарбыта. Арахпакка күүгүнэһэр, онон-манан ыарыылаахтык ытыран тэбиэлэнэн, кутуругунан сапсынан, баһын булкуйбахтаан ыларыгар күһэйэр күлүмэннэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны хойдубуттара. Ыраах туох эрэ тыас лүһүгүрүүрэ. Онтон күүстээх тыал түспүтэ, лүһүгүрүүр тыас субу тиийэн кэлбитэ. Күлүмэннэр ханна эрэ мэлис гынан хаалбыттара. Эмискэ үөһэттэн биир-биир бөдөҥ, сөрүүн таммахтар саккыраабыттара. Дьэ, доҕоор, онтон үрдүгэр хаһан да истибэтэх ынырык тыаһа өрө барчаламмыта. Ардах курулаччы куппута, күүстээх силлиэ ытыллыбыта. Хараҕа Суох куттанан мээнэ иннин хоту ыстаммыта. Сотору сыһыы ортотугар үүммүт арыы үөттэргэ тиийэн лабааларга ыарыылаахтык кэтиллэ-кэтиллэ иннин диэки дьулуруйбута. Кини дьолугар сорох ньирэйдэр эмиэ манна хорҕойбуттар этэ, онон бары бөлүөхсэн силлиэлээх ардах ааһыар диэри үөттэр быыстарыгар турбуттара. Хараҕа суох олоҕор аан бастакы этиҥнээх, эмискэ-эмискэ сабыта охсор күүстээх силлиэлээх ардаҕы арыы талахха хорҕойон, хата, этэҥҥэ аһарбыта.

Ити курдук күнтэн күн ааһан испитэ. Атырдьах ыйын ортото буолбута. Үрэх кытылыгар үүммүт хатыҥнар сэбирдэхтэрэ онон-манан саһаран көстөр буолбуттара. Түүнүн хараҥарар, сөрүүкүүр буолбута. Куула тыаттан тохтообокко чоргуйар кэҕэ саҥарбат буолбута быданнаабыта, үөһэттэн кутуллар дьирилэс-дьурулас тойук даҕаны иһиллибэтэҕэ ырааппыта. Бэл, үөн-көйүүр аҕыйаабыта. Арай «даах-даах» диир саҥа өссө элбээбиккэ дылы этэ. Хараҕа Суох, итини барытын уу хараҕынан көрбөтөр даҕаны, тулатыгар сыыйа туох эрэ уларыйыы баран эрэрин этинэн-хаанынан билэрэ.

Киэҥ сыһыы кырдалын ото кубарыйбыта. Ньирэйдэр үрэх кытыытын кэрийэн уонна күөх оттоох хотоолго мэччийэр буолбуттара. Хараҕа суох биир күн мэччийэ сылдьан чугас уу сыта баарын билэн уулаары ол диэки барбыта. Сытынан, кулгааҕа тугу истэринэн, атаҕын иминэн сирдэтэн сылдьар эрэйдээх соругар үрэх көҥүһэ манан үрдүк соҕус эмпэрэлээх этэ. Уулуур эрэ баҕалаах хараҕа суох ньирэй иннин хоту дьулуруйан иһэн, эмпэрэттэн үрэх чүөмпэтигэр төбөтүн оройунан барбыта. Эмискэ тыбыс-тымныы ууга тимис гынан хаалбыта. Төһө даҕаны ууга харбыыр диэни билбэтэр, өрө харбыалаһан дагдас гына түһээт, мээнэ иннин хоту дьулуспута. Кини соругар уҥуоргу кытыл эмиэ үрдүк модьоҕолооҕо. Онно тиийэн иҥнэн хаалбыта. Кытылга даҕаны атаҕа тургуйбат дириҥ этэ. Отучча хаамыы уҥа диэки чычаас, налыы сир баара даҕаны, ону көрөөхтөөбөт этэ. Харахтаах да ньирэйдэр кини курдук ууга түһэллэрэ буоллар, налыы сир диэки тардыһаллара саарбах этэ, сирэйдэрин хоту үрдүк модьоҕоҕо тахса сатаан муҥнаныахтара эбитэ буолуо. Ити курдук ууттан тахсаары сордоно сатыы сырыттаҕына, кэннигэр Куока матасыыкылын тыаһа түтүгүрээбитэ. Хараҕа суох ол тыас хоту харбаабыта. Уҥуор били ууга түспүт эмпэрэтигэр тиийэн иҥнэ биэрбитэ. Манан эмиэ атаҕа тургуйбат этэ. Ууттан тахса сатаан эмпэрэни кыйа төттөрү-таары харбыы сылдьыбыта. Сотору ыраах иччитэ:

– Хараҕа Суох! Хараҕа Суох! Кээл-кээл! – диэн кинини ыҥырар саҥата иһиллибитэ. Ол хоту харбыы сатаабыта даҕаны үрэх бу кытыла ыраахха диэри ньирэй кыайан тахсыбат үрдүк модьоҕолоох этэ. Сотору иччитэ кинини ыҥырара тохтообута. Ол оннугар аһаары мэҥирэһэр ньирэйдэр саҥалара хойдубута. Хараҕа Суох, эмпэрэ кытылга тахсаары, өр да өр мөхсөн, сэниэтэ эстэн барбыта. Кэлин эмпэрэҕэ сыҥааҕын өрө анньан таалан сытыталаан ылар буолбута.

Иччитэ ньирэйдэрин аһатан бүтэн эмиэ кинини ыҥыран барбытыгар, эмиэ харса суох өрө тарбачыһа сатаабыта. Сотору матасыыкыл тыаһа түтүгүрээн сыһыы анараа уһугун диэки баран симэлийбитэ. Онтон төннөн кэлэн адьас чугаһынан ааспыта, тэйиччи соҕус тиийэн тохтообута, иччитэ кинини ыҥырар саҥата иһиллибитэ. Хараҕа Суох эмпэрэни кыйа ол диэки харбаабыта. Отучча саһаан сири харбаан налыы кытылга чугаһаан, атаҕа тургуйар сиригэр тиийбитин кэннэ матасыыкыл тыаһа төттөрү барбыта. Хараҕа Суох эргиллэ түһээт, тыаһы батыспыта, сотору эмиэ атаҕа тургуйбат буолан харбыырга күһэллибитэ. Матасыыкыл тыаһа тэйдэр тэйэн испитэ, тиһэҕэр төрүт да иһиллибэт буолбута. Хараҕа Суох иччитин матасыыкылын тыаһа барбыт сирин диэки көҥүһү кыйа харбаан испитэ. Ол иһэн ууга сиҥнэн түспүт үөттэр сыбардарыгар тиийэн иҥнэн хаалбыта. Уҥа диэки тахсан атаҕа тургуйар сирин булбута. Сынньанаары онно өкчөччү туттан турбута. Тоҥон тип-титирэс буолбута.

Атырдьах ыйынааҕы халлаан боруорсуйан барбыта. Хараҕа суох ньирэй халлаан хараҥарарын, сырдыырын билбэт этэ. Ол эрээри этинэн-сиининэн, ис уйулҕатынан күнү-түүнү билэр курдуга. Ууга түспэтэҕэ буоллар билигин ханна эрэ ньирэйдэр быыстарыгар кэбинэн ньэччэҥнэтэ сытар буолуо этэ. Ону баара өрөҕөтүгэр диэри тымныы ууга титирэстии тураахтаатаҕа.

Ыраах иччитин матасыыкылын тыаһа түтүгүрээбитэ. Онтон бэрт бытааннык улам чугаһаан испитэ. Иччитэ кинини ыҥырара иһиллибитэ. Хараҕа Суох ол тыас диэки бара сатаабыта да сыбар ортотугар киирэн иҥнэн хаалбыта. Талахтар быыстарынан матасыыкыл уота кылахачыҥнаан, тыаһа түтүтүгүрээн ааһа түспүтэ. Уот кылахачыҥныырын көрбөтөр даҕаны, матасыыкыл тыаһын хоту эргиллэн, ууга сытар үөт хаппыт лабааларын барчалаабыта. Онтон өлөр өлүү баҕыырдаах тыҥыраҕа буолан хам харбаабыт кубархай лабааларга кыбыллан илимҥэ иҥнибит балыктыы биир сиргэ өрө мөхсө сыппыта. Матасыыкыл тыаһа ырааппакка тохтообута, иччитэ ыҥыран хаһыытыыра иһиллэрэ. Тиһэх күүһүн түмүнэн иннин диэки дьүккүс гынаат, ууга төбөтүн оройунан барбыта. Уу анныгар сытар хаппыт лабаалар ону эрэ күүппүттүү баһын кыбыта харбаан ылбыттара. Хараҕа Суох эрэйдээх мөхсөн көрбүтэ эрээри, ууну иһэн харааран хаалбыт лабаалар ыытар санаалара суоҕа. Сыыйа мөхсөрө мөлтөөн барбыта. Ханна эрэ ырыых-ыраах Мааппыс саҥата иһиллибитэ, ийэтэ хатыылаах тылынан салыырга дылыта, айаҕар сып-сылаас үүт минньигэс амтана биллибитэ. Эмискэ сып-сырдык, ып-ыраас туох эрэ күлүм кууһан ылбыта уонна иччитин Куока куолаһынан:

– Ээ, муҥнааҕым, Хараҕа Суох эрэйдээх, – диэн баран ханна эрэ үөһэ да үөһэ көтүтэн таһаарбыта…

* * *

Куока халлаан хараҥарыар диэри сайылыгы эргийэ сүүрдэ сылдьан Хараҕа Суоҕу көрдүү сатаабыта да булбатаҕа. Туох эрэ куһаҕан буолбут диэн сүрэҕэр ыттарбыта. Сарсыныгар ойон тураат эмиэ сайылыкка ыстаннарбыта. Хараҕа Суох уруккутун курдук матасыыкылын тыаһын истэн, баһын хантаччы туттан баран өрө сүүрэн кэлбэтэҕэ. Бу сырыыга үрэх кытыытынан сатыы көрдүү сылдьан, сааскы уу көҥүскэ аҕалан симпит сыбарын быыһыгар туох эрэ маҥан көппөйө сытарын көрөн сүрэҕэ ытырбахтаабыта. Сэрэйбитин курдук ньирэйэ номнуо иһэ сараччы үллэн өлөн сытара… Куока хараҕын уута бычалыйан тахсыбыта. Өөр да өр хараҕын уута кумахха топ-топ түһэ-түһэ тута иҥэн иһэрин көрөн кытылга умса туттан олорбута. Хараҕа суох ньирэйи аһынан тиэрбэскэ хаайа сылдьыбатаҕыттан кэмсинии бөҕөнү кэмсиммитэ. Эдэрэ бэрдиттэн, олоххо ардыгар аһынар санааны кытаанах ирдэбил кыайара ордугун кини өссө да билэ илигэ. Онтон арыый уоскуйан, сыгынньахтанан ууга киирбитэ, тоҥон кытыыга тахсан ирэ сатаан төттөрү-таары сүүрэкэлээн ыла-ыла бэрт эрэйинэн ньирэйин сыбартан кытыыга соһон аҕалбыта. Онтон төһө да сордоннор, ууттан кураанах сиргэ кыайан таһаарбатаҕа. Ол иһин бэтэринээрдэри көмөлөһүннэрэр, таарыйа аахта суруйтарар санаалаах таҥнан матасыыкылыгар барбыта…

…Хараҕа Суох, айылҕаттан итэҕэстээх да төрөөтөр, сыл аҥаарын кыайбат кэмҥэ орто дойдуга олорон ааспыта. Сүөһү буолан, Дьылҕа Хаан ыйааҕынан эһиилги ыһыахха идэһэ буолан бар дьону аһатыахтааҕа, эрдэ ууга түһэн, туох да туһата суох өлөөхтөөбүтэ. Киһи олоҕор – ордук оҕо, эдэр эрдэҕинэ – кутун-сүрүн долгутар түгэннэр буолаллара дьылҕатыгар улаханнык дьайар. Хараҕа суох ньирэйи көрүү-харайыы уонна кини ууга түһэн өлүүтэ Куока амарах майгытын аймаабыта, сүрэҕэр айылҕаттан бодоҥноохтору аһынар, кыаҕа баарынан көмөлөһөр улахыын да улахан баҕа санааны, уҕараабат дьулууру күөртээн барбыта.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации