Текст книги "Биһик"
Автор книги: Дмитрий Пономарёв
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Балаҕан аайы сытааччы элбээтэ, күн сириттэн күрэнээччи да үксээтэ. Тыыннаах хаалар баҕаттан кирис өтүүнү, бэс сутукатын, тэллэх гына сылдьар эргэ тириилэрин кытта сиэтилэр.
Хам-хаадьаа да буоллар наарыһынай тахсан киин сиртэн кэлбит суруктары тарҕатара. Аны мантыгыт итэҕэс диэбиттии, сэрии толоонуттан «хара суруктар» эмиэ кэлитэлииллэрэ. Итинник «хара сурук» Өрүүнэни эмиэ тумнубатаҕа. Уолбут харахтарын уута ыгыллан тахсаннар сурук үрдүгэр быыстала суох тохтубуттара. Сэмэнчигиниин куустуһан олорон сылайан сытыныахтарыгар диэри ытаспыттара. Өрүүнэ устунан сөтөллөн, сэбиргэхтэтэн олох да суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Дьүөгэтэ Марыына аат эрэ харата салбыҥнаан, тугу эмэ тумалаабытын аҕалан иһэрдэ сатыыра, ол да киирбэт буолан барбыта. Ордугун Сэмэнчиккэ бэрис диэн көрдөһөөхтүүрэ.
Биир күн Марыына Өрүүнэҕэ өлүү судураанын иһэрдэн баран сыттыгын көбүтэ турдаҕына, дьүөгэтэ илиитин оргууй бигии тутта, сирэйэ сырдыы быһыытыйан, харахтара дьиктитик уоттанна:
– Марыынаа, олоро түс эрэ, – диэтэ уонна балаҕан өһүөтүн одуулаан чочумча сыта түстэ. Марыына дьүөгэтин суорҕанын көннөрдө уонна илиитин Өрүүнэ ытыһын көхсүгэр ууран олордо. Өрүүнэ салгыы саҥаран барда.
– Көр эрэ, ити мин кыыспын, Аанчыкпын, Дьылҕа хаан тыыннаах хааллын диэн соруйан атын дьоҥҥо биэрбит эбит ээ. Ону мин саҥа өйдөөтүм.
– Кырдьык даҕаны, Өрүүнээ… Оннук эбит ээ, мантан тиийдэххинэ оҕоҕун булаҥҥын дьоллоохтук олоруоххут дии, – Марыына эмиэ оннук санаан үөрэн ылла. Өрүүнэ күүскэ үөһэ тыынан ылла, кэри-куру буолла.
– Марыына-аа, арааһа мин өрүттүөм суох. Сэмэнчигим тыыннаах хаалара буоллар. Дьүөгэм, көрдөһөр көрдөһүүм оҕобун көрө сатаа, саатар кини киһи буолара буоллар.
– Кэбис, Өрүүнэ, итинник тыллаһыма, үтүөрүөҥ! Бары бииргэ сылдьыахпыт! – Марыына дьүөгэтин санаатын көтөҕө сатаата.
– Суох, дьүөгээ, – Өрүүнэ эмиэ үөһэ көрдө, тугу эрэ санаан иһийдэ. – Өнүйүөм суох, – диэтэ уонна орон үөһэ тахсан кумуччу туттан олорор Сэмэнчигин диэки көрдө.
– Сэмэнчиэк! Эн улаатан, үөрэхтээх киһи буолаар уонна балтыгын хайаан да булаар, сөөп?
– Сөп, ийээ, хайаан да булуом! – кэпсэтиини барытын болҕойон истэ олорор Сэмэнчик улгумнук сөбүлэстэ.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Өрүүнэ уһаабатаҕа, аҕыйах хоноот тыына быстыбыта. Туох да ынчыга, саҥата суох бараахтаабыта. Олоҕун тиһэх мүнүүтэтигэр тугу санаахтаабыта буолуой? Ааспыт олоҕун үөрүүлээх күннэрин? Алар тыалаах, айгыр-силик хатыҥнаах чараҥын, күн уотугар күлүмнүүр мөһүүрэ долгуннаах көлүкэтин, ыал буолан ийэ дьолун билбит дьоллоох кэмнэрин, биитэр Сэмэнчигэ улаатан, балтын булан дьолунан туолан куустуһан туралларын? Тугу?
Сэмэнчик барахсан тутуһара суох төгүрүк тулаайах хаалбыта. Баара-суоҕа аҕыс саастаах оҕо аҕыйах ый иһигэр биир киһи холо уйбат ыар охсуутун ылбыта. Кырачаан балта сураҕа суох сүтүүтэ, аҕата сэрии толоонугар охтон аны хаһан да эргиллибэтин, саамай күндү киһитэ – ийэтэ аны кинини сылаастык имэрийбэтин, дьоллоох оҕо саас диэн киниэхэ аны хаһан даҕаны төннүбэтин. Сэмэнчик олох да буорайыаҕын, улаата охсон балтыбын булбут киһи диэн ийэтигэр эрэннэрбит тыла эрэ күүс-сэниэ эбэрэ. Күннэтэ таһырдьа тахсан ийэтэ харалла сытар сарайын диэки хайыһан, чугаһыан куттанан, тэйиччиттэн хараара чөҥөрүйэр хайаҕас иһин одуулуура, онтон устунан уйадыйан, ытаан сыҥсырыйа-сыҥсырыйа тоҥуор диэри тураахтыыра. Марыына ааны сэгэтэн: «Сэмэнчик, тоойуом, кэл. Тымныы баҕайы, аны тоҥон ыалдьыаҥ», – диэн ыҥыран ылара.
Биир күн бу дойду олохтооҕо булчут, сааһыра барбыт Сүөдэр диэн киһи хоргуйа сыталларын истэн андаатар этэ уонна куулга бытархай балыгы хаалаан сэмсэ аҕалбыта. Бачча аһылыгы көрбөтөх муҥнаахтар бары мустан, тэҥ гына үллэстэн, сыа-сым курдук тутан астанан аһаабыттара. Марыына Сүөдэри көрдөһөн-ааттаһан Сэмэнчиги илдьэ барарыгар тылын ылыннарбыта.
Сэмэнчик барсаары таһырдьа тахсыбыта. Чочумча соҕус ийэтэ сытар сарайын диэки көрбүтэ, онтон үтүлүктэринэн хараҕын уутун туора-маары соттоот, сыарҕаҕа кэлэн олорбута уонна ыалдьытын кытта айанныы турбута.
Сүөдэрдээх бэйэлэрин айахтарыгар син тииһинэн олороллоро. Сэмэнчик кэлин син бэттэх кэлэн, тууйуллубут санаата мүлүрүйэ быһыытыйан, оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьыһар буолбута. Сайынын Сүөдэргэ илии-атах буолан бэркэ туһалыыра, иитэр дьонун үөрдэрэ. Күһүнүн интэринээккэ биэрэннэр иккис кылааска үөрэммитэ.
Итинник өссө биир кыһын ааһан, Сэмэнчик кылааһын тахсан Сүөдэрдээҕэр кэлбитэ. Бу сырыттаҕына «чурапчылары дойдуларыгар төттөрү көһөрөллөр үһү» диэн үөрүүлээх сонун кэлбитэ. Аара аһыыр ыһыгын тэрийэн Сүөдэр борохуокка киллэрэн биэрбитэ. Арахсаары туран Сүөдэр Сэмэнчиги кууһан ылбыта, төбөтүттэн сыллаамахтаабыта: «Тоойуом, биһигини умнаайаҕын, биирдэ эмит хайдах сылдьаргын суруйан ыытаар», – диэмэлээбитэ, иккиэн да уйадыйан харахтарыттан тахсар ууну кистии-саба соттубуттара.
Сэмэнчик Бэстээххэ диэри Марыыналааҕы кытта аргыстаһан этэҥҥэ устан кэлбитэ. Бэстээхтэн салгыы тулаайах оҕолору барыларын Мындаҕаайыга аһыллыбыт оҕо дьиэтигэр илдьибиттэрэ.
II
Сэмэн Өндүрэйэбис научнай институт биир салаатын сэбиэдиссэйэ. Үлэлиир остуолугар икки илиитин үөһэ ууран, иннигэр сытар суруктаах лииһи сыныйан көрө олорор. Дөрүн-дөрүн төбөтүн хамсатан сүнньүн мускуйан ылар, эмиэ да лииһиттэн хараҕын арааран утары истиэнэни тонолуппакка одуулаһар, улахан толкуйга түспүт көрүҥнээх. Дьиҥинэн, Сэмэн Өндүрэйэбис олох атын санааҕа ылларан олороро: ханна баран бу өрөбүл күннэригэр куобахтаан киирэрин туһунан. Бастакы санаата дойдутугар Чурапчыга тахсан бултуу түһэр баҕалааҕа да, ол былаана сонно тута уостубута. Бу суол куһаҕаныгар кылгас өрөбүл күннэргэ тиийээт төннүөххэ эрэ сөп буолара. Ол иһин ааттаах атаһын, устудьуон сылларыттан доҕорун Абыраамаптыын кини дойдутугар, куорат чугаһынааҕы оройуоҥҥа бүгүн тахсардыы болдьоспуттара. Бу сарсыарда доҕоро: «Дьэ, доор, Сэмээн, куобах тохтоото, тойонум бу сарсыарда Москубаҕа командировкаҕа бараҕын», – диэн соһутта. «Хайдах да аккаастыыр кыах суох. Кэллэхпинэ аныгыс өрөбүлгэ хайаан да тахсыахпыт. Хайа, тоҕо саҥарбаккын? Чэ, бырастыы гын, доҕоор! Кэһиибин ханньаах аҕалыам», – диэн кутан-симэн кэбистэ. Хайыа баарай, атын ханааллары хасыһа сатаата, барыах барбыт, атыттар «сааньатай» аатырдылар. Быйыл сайын саа диэни иэдэстээбэккэ сылдьар киһи толкуй бөҕөҕө түһэн кумааҕыны одуулаһа олордо.
Көрүдүөргэ сэниэлээх атах тыаһа иһилиннэ, ону кытта кабинет аанын тэлэс гына арыйаат, быйыл саҥа үөрэҕин бүтэрэн исписэлииһинэн ананан кэлбит эдэркээн уол – Сиидэрэп Киэсэ – киирэн кэллэ. Соҥуора быһыытыйан олорбут Сэмэн Өндүрэйэбис сэгэс гына түстэ.
– Дорообо, Семён Андреевич! Университекка таарыйан лаборатория түмүктэрин тиксэрэн кэллим, – Киэсэ түргэн үлүгэрдик дакылааттыы оҕуста.
– Дорообо! Бэрт, үчүгэй, – Сэмэн Өндүрэйэбис быһыта баттаан саҥарда. – Хайа, доҕоор, Киэсээ, өрөбүллэргэр туох былааннаах сылдьаҕын? – саныы олорбут былааныттан ырааппакка олорор Сэмэн Өндүрэйэбис кэпсэтиини ол диэки салайда.
– Дойдубар тахсабын, аҕам аах дэриэбинэттэн тэйиччи субан сүөһү кыстыыр хотонун өрөмүөннүү сылдьаллар, онно тиийиэхтээхпин, – Киэсэ ханна тиийиэхтээҕин биирдэ суккуйан кэбистэ.
– Ээ, дьоҥҥор көмөлөһөр буоллаҕыҥ.
– Ээ, суох! Бэйэлэрэ ситэрэр кырдьаҕастар, куобахтыам. Ол диэки быйыл куобах төрөөбүт диэбитэ аҕам, – Киэсэ соругун чуолкайдаата.
Сэмэн Өндүрэйэбис итини истэн ымсыырда эрээри, элбэхтэрэ буолуо диэн санаатын таһыгар таһаарбата. Кини соҕотоҕун, эбэтэр олох аҕыйах буолан налыччы кэрийэн бултуурун сөбүлүүр. Улахан күрэхтэргэ сылдьааччы буолан баран, бэйэтэ чөкө сылдьан бултуурун курдук дуоһуйууну ылааччыта суох. Улахан күрэхтэр өрүү «һуу-һаа», ыксал-тиэтэл, айдаан-куйдаан кутуруктаах буолаллар, ону сөбүлээбэт. Оргууй айылҕа кэрэ көстүүтүн сыныйан көрө уонна бэйэ сатабылынан куобахха чугаһаан ойутан туруорары ордороро эбэтэр сытар сирин таба көрөн бултууру, ол түгэн уйулҕаны өрүкүтэрэ уонна булт этиллибэт дуоһуйуута Сэмэн Өндүрэйэбиһи тардара, абылыыра.
– Онтон эн хайа диэки бараары олороҕун? – Киэсэ Сэмэн Өндүрэйэбис үнүргэттэн куобахтыы бараары бэлэмнэнэрин, кимниин эрэ сүбэлэһэрин истэ-билэ сылдьар буолан чопчу ыйытта.
– Ээ, мин табыллыбакка олоробун, – диэн Сэмэн Өндүрэйэбис туох буолбутун кэпсээтэ.
– Семён Андреевич, миигинниин барсыый! Мин соҕотохпун, дьиэбэр тиийдим да үргүлдьү ааһабын, матасыыкылым бэлэм турар. Бу киэһэ аҕам аахха тиийэн хонуохтаахпын, – Киэсэ өрүкүнэйдэ. Киэсэ соҕотоҕун бу киэһэ бултуур сиригэр тиийиэхтээҕин истэн барар сирэ баҕана үүтэ буолан олорор Сэмэн Өндүрэйэбис сэргии, үөрэ түстэ.
– Дьэ, бэрт, доҕоор! Барсан буоллаҕа, – Сэмэн Өндүрэйэбис санаата көнөн, сүргэтэ көтөҕүллэн, харахтара чаҕылыстылар.
Төһөҕө баралларын болдьостулар, Киэсэ мала барыта антах дьонугар баар, Сэмэн Өндүрэйэбис үрүсээгэ барарга бэлэм, көрүдүөргэ «кэтэһэн бөскөйөн турар» аатырда.
– Чэ, билигин үлэни үмүрүтэ охсуохха, – диэн үөрбүт-көппүт Сэмэн Өндүрэйэбис остуол үөһэ сытар ачыкытын ылан кэттэ, маарыын уһун чааһы быһа үрдүгэр нөрүйэн олорбут лииһин ылан, ааҕан уостара ибирдээтэ.
Бултуу бараары, айылҕалыын алтыһаары долгуйа сылдьар дьон үлэхтээх сирдэригэр, өрүс пуордугар, болдьоспут кэмнэригэр утуу-субуу кэллилэр. Каассаттан уҥуор туоруур билиэттэрин ылан, «Аржаков» теплоходка иһирдьэ киирэн, миэстэлэрин булан олордулар. Устар ааллара уһуннук кэтэһиннэрбэтэ, анаммыт бириэмэтигэр сыыйа хоҥнон, оргууй күпсүйэн устан мөлбөйдө. Сотору тиксэр хомоттон төлө көтөн өрүс сүнньүгэр таҕыстылар, эрийэ тутан өксөйө уһуннулар. Сэмэн Өндүрэйэбис миэстэтиттэн туран таһырдьа таҕыста, теплоход тумсугар тиийэн өрүс киэҥ иэнин, уҥуоргу кэрискэ мырааны кэрэхсии, Сахатын сирин кэрэ айылҕатынан киэн тутта, дуоһуйа одуулаһа турда. Алын Бэстээх кытылын саһарбыт үөттэрэ санньыһа көһүннүлэр.
Бэстээх кытылыгар хас үктэннэҕин аайы курус санаа дууһатын толорон, сүрэҕин туймуулуу кууһара. Ыарахан оҕо сааһа, көһөрүү ыар күннэрэ… Билигин эмиэ бу үгүс дьон аймалҕанын быыһыгар оҕотун сүтэрбит ийэтэ умса туттан, ытаан көхсө ибирдии олороро бу баардыы көстөн кэллэ. Бэстээх, Бэстээх… Эйигин кытта миигин курус эрэ санаа ситимнииргэ дылы дии. Хоту көһүү сүпсүлгэнэ, аччыктааһын, сииктээх тымныы отуу, эбээ Мотуруона өлүүтэ, балтым Аанчык сүтүүтэ, аһаҕас баарсаҕа симиллэн биллибэт дойдуга устуу, ийэм өлүүтэ. Бэл, көһүүттэн эргиллэн кэлэн кытылгар үктэнэрбэр үөрбэтэҕим. Арай тымныы отууга дьагдьайа тоҥмут бэйэбин ийэм сылаас хоонньута, сымнаҕас илиитинэн ыга кууһан сытара истиҥ-иһирэх өйдөбүл буолан сөҥө сылдьаллар.
Сэмэн Өндүрэйэбис оскуолатын бүтэрэн үөрэххэ туттарса киирэригэр кытылга борохуот кэтэһэ таарыйа, били, көһөрүүгэ баралларыгар отууланан олорбут ырааһыйаларын көрдөөн булан көрөн кэлбитэ. Дьон отуулана сылдьыбыт суоллара да суох буолбут этэ. Арай үөттэр икки ардыларыгар кылгас кэмҥэ отуу туттан ийэтиниин, балтыныын олорбут сирдэрин булан, тобуктаан олорон сыппыт миэстэлэрин имэрийэн ылбыта, уйа-хайа суох ытаабыта. Көһөрүүттэн кэлиэҕиттэн ыла наар санаа оҥосто сылдьар баттыга – балта Аанчык. Хантан, кимтэн туоһулаһан, көрдөөн булуохха сөбүй диэн ыйытыктар оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥэ диэри төбөтүн иһиттэн тахсыбаттар.
Үөрэххэ киирдэҕин сыл Ис дьыала министиэристибэтигэр тиийэн кыһалҕатын кэпсээбитигэр, архыыптарыгар үлэлиир Мария Петровна диэн дьахтары кытта билиһиннэрбиттэрэ. Мария Петровна Сэмэнчик дьыалатын истэн баран олус долгуйбута, турунан туран бу дьыалаҕа ылсан үлэлээн барбыта. Көрдөөһүн олус уһаабатаҕа, сотору кэминэн Мария Петровна Сэмэнчиги ыҥыран ылан «оҕо сүтүүтүнэн төрүөттээн дьыала көбүтүллүбүт, ол эрэн силиэстийэ туох да түмүккэ кэлбэтэҕинэн тохтотуллубут» диэн ис хоһоонноох быһаарыы суругу биэрбитэ. Суруктан көрдөххө, оҕо сүтүүтүнэн били кытылга сылдьыбыт эдэр милииссийэ дьарыктаммыт, ол эрээри аҕыйах хонугунан сэриигэ ыҥырыллан барбыт уонна ол барбытынан дойдутугар эргиллибэтэх.
Онтон ыла Сэмэнчик, Сэмэн Өндүрэйэбис, бу эргиннээҕи оройуон дьонун көрүстэҕинэ, билистэҕинэ хайаан да «эһиги диэки Чурапчы көһөрүүтүн саҕана көһөөччүлэртэн оҕо ииттэ ылбыт дьон бааллара буолаарай» диэн өрүү туоһулаһар да, билиҥҥитэ ким да «оннук баар этэ» диир суох. Балта, ийэтэ эппитинии, Дьылҕа хаан кырдьык «тыыннаах хааллын» диэн манна хаалларбыт эбит буоллаҕына, хайаан да көрүһүннэриэхтээх, онно кини бүк эрэнэр, ол иһин көрдүүрүн хаһан да тохтотуо суоҕа, ийэтигэр эрэннэрбит кэс тылын төһө кыайарынан толоро сатыаҕа.
Трамвай сытыы тумсунан күрэстэһэ сырсар долгуннары силэйэ тыыран, сүүрүгү өксөйөн, тиксэр сиригэр чугаһаан истэ. Сэмэн Өндүрэйэбис санаатыттан арахсан иһирдьэ киирэр аан диэки барда, чугаһаан истэҕинэ Киэсэ кини үрүсээгин сүкпүтүнэн утары тахсан кэллэ.
– Сэмэн Андреевич, тахсар сиргэ чугас туруохха, урут тахсан оптуобуска сүүрүллүө, – Киэсэ, сылдьа үөрүйэх киһи быһыытынан, сырыы балаһыанньатын билиһиннэрдэ.
– Киһи наһаа элбэҕэ суох курдук, батар инибит.
– Бииргэ баҕас баппаппыт, бастакы оптуобуска киирэ охсон, вокзалга урут тиийэн дойдубутугар барар билиэккэ тииһиниэхпитин наада, хайы үйэ бүппэтэх буоллаҕына, – уол омун-төлөн буолла. Киэсэ турбут-олорбут түргэн туттунуулаах, барыга-бары күрэхтэһэн эрэрдии инники түсүһэ сылдьар идэлээх, онто киниэнэ өрүү көр-күлүү аргыстаах буолан бииргэ үлэлиир дьонугар сөбүлэтэр.
Трамвай тиксэрин саҕана трап ууруллар сиригэр киһи бөҕө муһунна, эдэр өттө үтүрүһэ-үтүрүһэ, күлүү-үөрүү аргыстаах кытыл үөһэ сүүрдэ. Сэмэн Өндүрэйэбис үрүсээгин сүгэн тиэтэйэ-саарайа оптуобуска тиийэригэр Киэсэ бэлиэр миэстэ ууран далбаатыы олороро. Салгыы эмиэ Киэсэ эппитинии буолла, вокзалга тиийэн уочараттыы охсон билиэккэ тииһинии сүпсүлгэнигэр түстүлэр. Айанныыр сирдэригэр тиийэр оптуобуска киирэн олорон баран биирдэ «һуу» диэтилэр.
Чаас курдук айаннаан киэҥ алаас үөһэ тэнийэн олорор улахан бөһүөлэккэ кэллилэр. Сэмэн Өндүрэйэбис урут манна сылдьа илик. Оптуобустан түһэн кэтит уулуссанан, эмиэ да ыаллар быыстарынан тыргыллар ыллык суолларынан быһалаан, Киэсэ дьонун дьиэтигэр тиийдилэр. Тыа ыалын сиэринэн ампаартан, хотонтон саҕалаан тутуу барыта баар курдук. Олбуор аанын аһаннар тиэргэн иһигэр киирдилэр.
– Киэсэ-ээ, дорообо! – ыаллыы тиэргэн дьиэтин күүлэтин үктэлигэр тахсан турар дьахтар иһиллэр гына улаханнык эҕэрдэлээтэ.
– Дорообо, эдьиэй! – уол хардарда.
– Бааскалааҕы көрсүбэтиҥ дуо?
– Үнүр көрсүбүтүм, тахсыбаппыт диэбитэ, уопсайдарыгар өрөмүөҥҥэ үлэлииллэр үһү, – Киэсэ билэрин кэпсээтэ. Сэмэн Өндүрэйэбис ханна эрэ истибит саҥам курдук дии санаан дьахтары көрө, таайа сатыы турда.
– Ээ, сөп, тугу да биллэрбэтэҕэ, ол иһин ыйыталаһабын, – диэн баран дьахтар күүлэтигэр төттөрү киирдэ.
– Ити хайаларай?– Сэмэн Өндүрэйэбис уол диэки хайыста.
– Ити эдьиийим, аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа, устудьуон уолун ыйыталаһар, – Киэсэ быһаарда. – Чэ, киириэх, аһыы охсон баран сайылыкка тэптэриэхпит.
Дьиэҕэ киирбиттэрэ Киэсэ ийэтэ, сааһыра барбыт дьахтар, соҕотох олорор эбит, үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Уолун кэлиэхтээх диэн эрдэттэн күөс өрөн, алаадьылаан кэтэспит, инньэ гынан билсэн-көрсөн, күө-дьаа кэпсэтэн, тыа ыалын маанылаах сандалытын суохтаабыт дьон тото-хана аһаан, сээкэйдэрин тиэнэн, «Урал» матасыыкылы төлө үктээн бултуур сирдэригэр салгыы айаннаатылар. Кураан күннэр буолан суол-иис бадараана суох, матасыыкылынан айанныырга табыгастаах кэм турар. Айылҕа барахсан кыстыкка бэлэмнэнэн саһара иһийбит. Обургу алаас халдьаайытыгар холкуос саҕанааҕы дьип-дьап курдук тутуулаах балаҕаннардаах, саҥа тутуллубут олорор дьиэлээх, элбэх өтөх оннулардаах сиргэ тиийэн кэллилэр.
– Урут манна элбэх дьонноох-сэргэлээх, тутуулардаах, холкуос киин уһаайбата эбитэ үһү, ол ити бөдөҥсүтүү кэмигэр көһөрүллүбүт. Билигин манна сайынын отчуттар, кыһынын субан сүөһү көрөөччүлэр олороллор, – диэн Киэсэ ханна кэлбиттэрин быһааран кэпсээтэ. Матасыыкыл тыаһын истэн буоллаҕа, дьиэ аана аһыллан сааһыра барбыт эрээри билигин да тэтиэнэх көрүҥнээх, аҥаар атаҕын соһон хаамар киһи тахсан утары кэллэ:
– Дорооболоруҥ! Хайа, төһө бэркэ айаннаан кэллигит? – диэн ыйытта.
– Дорообо, аҕаа! Билсиһэн кэбиһиҥ, бу мин начаалынньыгым Семён Андреевич, онтон бу мин аҕам Егор Прокопьевич, – диэн илии тутуһар кэмнэригэр уол билиһиннэртээтэ.
– Дьонум-сэргэм Дьөгүөссэ диэн ааттыыллар, эн эмиэ оннук ыҥыраар. Борокуоппайдаан эҥин тупсарыма, манна бэйэ икки ардыгар, – диэн Киэсэ аҕата мүчүк гынна, күлэн лэһигирэттэ.
– Миигин эмиэ Сэмэн диэн ыҥырыҥ, эн эмиэ Киэсэ, боростуойдук, – Сэмэн Өндүрэйэбис мичээрдээн ылла.
Дьиэҕэ киирбиттэрэ өссө икки Дьөгүөссэ бараа саастаах дьон бааллара. Куобах күөстэммиттэрин икки тэриэлкэҕэ өрөһөлүү хоторон, ыалдьыттарын маанылаатылар. Сэмэн кэһии гынан аҕалбыт бытыылкатын аһан оһохторун аһаттылар, бэйэлэрэ билсиһиинэн диэн ааттаан көтөҕөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сэһэн-тэппэн буоллулар. Бары биэнсийэҕэ тахсыбыт кырдьаҕастар. Быар куустан олорбокко, сопхуостарыгар көмө буолан, субан сүөһү туруохтаах хотонун кыстыкка бэлэмнии сылдьаллар эбит, сарсын бүтэрэн дэриэбинэҕэ киирэбит дэһэллэр. Күө-дьаа буолан кэпсэтэн олорбохтуу түһэн баран ороннорун буллулар.
Сарсыныгар сөпкө туран налыччы аһаан, уруккуну-хойуккуну санаан-ахтан сэһэргэһэ түһэн баран үлэһиттэр үлэлэригэр, булчуттар ойуурдарыгар тарҕастылар. Сэмэннээх ойуурга аргыый хаама-хаама кэрийэр былааннаах сатыы бардылар. Бүгүн өтөхтөрүн арҕаа өттүнээҕи сирдэринэн сылдьардыы суоттаннылар. Киэсэ суол устун хааман иһэн ханна кэлбиттэрин, ханна тиийиэхтээхтэрин, хантан саҕалаан кэрийиэхтээхтэрин уонна биллэн турар, оҕо сылдьан тугу бултаабытын, туох көрүдьүөскэ түбэспиттэрин кэпсии истэ. Сотору баран иһэр суолларын аһаҕаһынан алаас сир нэлэһийдэ, Киэсэ тохтоото.
– Дьэ, мантан саҕалаан кэрийэн барыахпыт. Миигин көрө сылдьаар, алаас уҥуор быһа түһэн атын хайысханы тутуохпут.
– Сөп, оргууй налыччы сылдьыахпыт, – Сэмэн быһаарыста.
– Оннук, чэ бардыбыт. Эн манан киир, мин кэрии диэки чугаһыам, – диэн этэн баран Киэсэ салгыы хаама турда.
Күһүҥҥү айылҕа бэйэтэ туһунан дьикти кэрэлээх буоллаҕа, төһө да нуолур күөҕүн устан сыгынньах лабаанан көрөн турар буоллар, налыйа наскыйан киһи уйулҕатын уоскутар ураты күүстээх. Ама, ханнык саха бу кэрэ түгэнтэн нохтолоох тойон сүрэҕэ сылаанньыйан ылбат буолуой?!
Сэмэн куорат кыра да кэмҥэ иһийэн ылбат олоҕуттан сылааргыы быһыытыйан, тулалыыр уоскулаҥ олоҕу олус суохтаабытын этинэн-хаанынан биллэ, манна бары-барыта налыйан, кэтэсиһэ чуумпуран күн даҕаны уһаабыкка, бүтүө суохха дылы курдук. Бэйэтэ эмиэ бу турукка холбоһон оргууй сэрэнэн хаама, хас от-мас быһыытын-таһаатын, өҥүн-дьүһүнүн сыныйан көрө, тула өттүн иһиллии истэ. Үрдүк мастаах, отон уктаах сиртэн бочугурастар чуһугуруу көтөн тирилэспиттэригэр, хаптас гынан булчут хаана уһуктан долгуйан ылла, олох тыаһаабакка иһэргэ дылыбын ээ, биллэхтэрэ тоҕо бэрдэй диэн сөҕө санаата. Балачча барбахтаабыттарын кэннэ Киэсэ саатын тыаһа тоҕо баран ойуур иһин дьигиһиттэ, оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин бары уһуктарга, суугунаһарга дылы гыннылар.
– Баар! Баар! – уол үөрбүт саҥата иһилиннэ.
– Хайдах сиргэ сытарый?
– Ыркый иһигэр эрээри бүтүннүү көстө сытар этэ, – Киэсэ хардарда.
– Сылаас күн буолан сыламныы сыттаҕа, – Сэмэн тойонноото. Баран иһэн уҥа өттүгэр сүүрбэччэ эрэ хаамыылаах сиргэ, муоҕунан бүрүллэн эрэр охтубут тиит мас кэннигэр, көрбөтөр ханнык диэбиттии кирийиэҕинэн кирийэн муус маҥан куобах олорорун көрдө, саатын оргууй өндөтөн, тыынарын тохтотон, түөрэ соҕус көрөн кыҥаан баран элбэрээгин төлө тарта. Сэмэн сүрэҕин тэбиитэ түргэтээн долгуйа быһыытыйда, бэргэһэтин өрө анньан үөһэ тыынан ылла, куобаҕын диэки барда.
– Хайа, тугу ыттыҥ?– Киэсэ ыйытар саҥата иһилиннэ.
– Куобах! Баар! – Сэмэн сүргэтэ көтөҕүллэн, дорҕоонноох соҕустук хардарда.
Былырыын күһүн дойдутугар Чурапчыга тахсан дуоһуйуор диэри бултаан киириэҕиттэн бу бастакы булда, сааскы куска үлэтигэр үтүрүйтэрэн эмиэ сылдьыбатаҕа. Куобаҕын биэтэҥнэтэн көрдө уонна үрүсээгэр угунна. Киэһэ сайылыктарыгар кэлиилэригэр Сэмэн түөрт куобахтаах, Киэсэ үс куобахтаах өссө икки бочугурастаах төнүннүлэр. Икки кырдьаҕастара үлэлэрин бүтэрэн дьиэлээбиттэр. Дьөгүөссэ бу киэһэ алаас күөлүн эмис соболорун буһаран көрүстэ, хоргуннаах собо миинин үрэн бурулата-бурулата хайдах бултаабыттарын кэпсэтэн үөрдүлэр-көттүлэр. Кэпсээнтэн кэпсээҥҥэ сиэттэрэн сэрии тиэмэтигэр тиийдилэр, Дьөгүөссэ хайдах сэриигэ сылдьыбытын кэпсээн уһун киэһэлэрин кылгаттылар. Үс төгүл бааһырбыт, бойобуой уордьан, хас да мэтээл туоһулаах дойдутугар эргиллибит.
Сарсыныгар туран Сэмэннээх Киэсэ, бэҕэһээ бултуйбут дьон, сүргэлэрэ көтөҕүллэн аны өтөхтөрүн соҕуруу эҥээрин кэрийэ бардылар. Дьөгүөссэ «мөлтөх атахтаах киһи дьиэ таһыгар сылдьыам, эрдэ кэлэн күөс өрүөм» диэн хаалла. Суолунан хааман иһэннэр эмиэ бэҕэһээҥҥи курдук хайдыстылар. Утаакы буолбата биир туус маҥан куобах бэрт ыраахтан таба көрөн куотан хаалла. «Бай, доҕоор! Бөлүүн тоҥорбута тыаһа сүрдээх быһыылаах. Халлаан сылыйыар диэри халтайга да хаамтахпытына көҥүл эбит», – диэн Сэмэн тойонноото. Хаардаах хаһыҥ түспүтэ сир үрдэ күн уотугар күлүмнээн олороро, ол эрэн сотору кэминэн халлаан сылыйан атах тыаһа син иһиллибэт буолла. Кыра дулҕалаах отунан саба үүммүт сир баарын көрөн, сэрэнэн тыаһаабат буола сатаан, ыраахтан саатын бэлэм тутан үөмэн киирдэ. Эмискэ чугас баҕайыттан сүүнэ улахан кылбаа маҥан куобах ойон таҕыста. Бэлэм испит киһи туһулуу тутан кыҥаат түҥнэри ытта, ити кэмҥэ иккис куобах ойон туран эрийэ-буруйа сүүрэн титириктэр быыстарынан бырдаҥалаата, аны ону аһаҕас сиргэ түбэһиннэрэн ытан хаалла. Саатын бүк тутан ботуруоннарын уларытта, иккис куобаҕа барбыт сирин диэки тиэтэйдэ, ыппыт сирин тиийэн көрбүтэ суох: «Оо, сыыһан кэбиспиппин дуу, элэгэлдьийэн түргэнэ да бэрт, кыра сиргэ да таба тутар саарбах этэ», – диэтэ, салгыы бу диэки барбыт буолуохтаах дии санаан ол эргин көрүөлээтэ. Арай, тэйиччи соҕус туох эрэ маҥан туртайа сытарын көрөн, онно тиийбитэ куобаҕа бу тыылла сытар эбит.
– Хата өлөрбүккүн дуу, мин сыыста быһыылаах диэн утары тоһуйа кэлэ сатаатым, – диэн мичээрдээбитинэн Киэсэ утары тиийэн кэллэ.
– Оннук, хата барбатах. Сөҕүөм иһин биир үүккэ икки куобаҕы охтордум, – Сэмэн хардары мичээрдээн харахтара тырымнастылар.
– Иккини даа? Хайдах? – Киэсэ сөҕөн ыйыталаста.
Сэмэн эмискэ бултуйан хаалбытыттан сүрдээҕин дуоһуйан, хайдах бултаабытын үөрэ-үөрэ кэпсээтэ, куобахтарын эр-биир сүгэн салгыы хаамтылар. Сайылыктарын диэки хайысханы тутан иһэр буоланнар, түөртүүр саҕана көрсөн күүтүспэккэ, ыҥырсыбакка, кэрийэ түһэн баран сайылыкка тиийэргэ дэһистилэр.
Сэмэн алааһы эргийэ баран иһэн сэтиэнэҕинэн саба үүммүт өтөххө тахсан кэллэ. Эркинин сорҕото ордубут балаҕан, үрдэ эрэ хаалбыт хотон, күрүө-хаһаа баҕаналара онон-манан атыгыраһан көстөллөр, турбахтыы түстэ ол кэннэ өтөх кэтэх өттүнэн эргийэ барарга сананна. Ойуурга киирэн өтөҕү кыйа оргууй хааман истэ. Тэйиччи улахан тиит анныгар көтөҕө быыһыттан ньирэй томторугун сорҕото быган сытара көһүннэ. Томторугу ыйаан кэбиспиттэрэ күн уотун уйбакка быата уоттуйан, быстан сиргэ түһээхтээбит быһыылаах дии санаан чугаһаан көрбүтэ томторук буолбатах, туох эрэ улахан ыһыллан, көтөҕөнөн бүрүллэн сытара. Сэмэн дьиктиргээн туораан тахсан эргэ баҕайы эмэҕирбит оҕо биһигин сэмнэҕин хостоон таһаарда. Күн уотугар кытаран көстөр мас сэмнэҕэр оҥо быһыллыбыт ойуу баарын кыҥастаста, одуулаабытынан дөйүөрэн турда.
– Хайа, Сэмэнчик?! Тугу гынаҕын? – ийэтин киэҥ арылхай харахтара соһуйбуттуу көрөн, долгуйбут куолаһынан ыйытта. – Ийээ, ити мин Аанчык аатын суруйдум, биһигэр.
Түөрт уонча сыл анараа өттүгэр буолбут түгэн Сэмэн хараҕар субу буола турардыы көстөн, иһиллэн кэллэ. Чочумча тура түһэн баран Сэмэн саатын, үрүсээгин устан сиргэ уурталаата, бэйэтэ биһигин тооромосторун туппутунан тиит төрдүгэр олорунан кэбистэ. Суруктаах тооромоһу ылан өссө төгүл сирийэн кыҥастаста, ытыһынан соппохтоото, оҥо быһыллан «Анчык» диэн суруллубуту аахта.
– Оо, балтым барахсан! Аанчыак! Ханна тиийбиккин булар күннээх эбиппиэн! Тыыннаах буол эрэ! Оо, Дьылҕа хаан, үрдүк айыылар баар эрэ буоллаххытына көрдөһөбүн, балтыбын кытта көрүһүннэриҥ дуу! Аанчыак, оҕом сыыһа, тыыннаах эрэ буол дуу! – Сэмэн куолаһа титирэстээн ылла. Суруктаах маһын түөһүгэр икки илиитинэн ыксары тутта, тиитигэр өйөнөн олорон дьоллоох да, кыһалҕалаах да оҕо сааһын эмиэ эргитэ санаан ол ааспыт кэмнэргэ тиийдэ, икки иэдэһинэн хараҕын уута оргууй аллара сүүрдэ. Сэмэн тиит анныгар өр олордо, күн киэһэриитэ уоскуйан, оргууй туран, үрүсээгин быатын сүөрэн суруктаах хаптаһынын угунна. Өтөх кэриитигэр киирэн өссө биирдэ эргиллэн одуулаата. Аанчык барахсан бу өтөх устун чаҕаара күлэ-күлэ сүүрэн дыгыйдаҕа. Оннук эрэ буоллун, баар эрэ буоллун диэн санаан ылла.
Сэмэн бу булумньутуттан үөрүөҕүн атын санаа тууйа тутта – балтын инники дьылҕата, арай биири чопчу биллэ: балтын туһунан бу сыллар тухары илдьэ сылдьыбыт санаатын баттыга сүгэһэр буолан бүтүөҕүн.
Борук-сорук буолуута сайылыкка кэллэ. Үс куобахтааҕын күүлэҕэ тэлгэтэ уурталаан баран дьиэҕэ киирдэ.
– Хайа, Сэмэн, уһуннук сырыттыҥ дии. Бултуу сатаан хойутаатыҥ дуу, тугуй? – күөһүн оһох үрдүттэн аҕалан хоторо туран Дьөгүөссэ ыйыталаста.
– Ээ, оннук. Кыратык тардылынным, – Сэмэн таҥаһын уһула туран хардарда.
– Мин аны мунан хаалыа, билбэт сиригэр таах арахсан диэн кэмсиниэх курдук буолан испитим, хата, кэллиҥ, – Киэсэ чахчы долгуйбут көрүҥнээх күө-дьаа буолла.
– Эс, суох. Биир сиргэ тардылынным, аһыы олорон кэпсиэм, – диэн баран Сэмэн таһырдьа таҕыста.
Таһырдьаттан киирэн суунан-тараанан, остуолга кэлэн оннун булбутун кэннэ биирдэ дьоно иһит-хомуос тыаһатан аһаан барбыттара, саҥата суох кини кэпсээнин саҕалыырын кэтэһэллэрэ. Сэмэн кэтэһиннэрэ барбата, аһыырын тохтотон кэпсээнин саҕалаата.
– Мин кыра сылдьан Чурапчы көһөрүүтүгэр икки сыл хоту сылдьыбытым, – Сэмэн кэпсээнин итинник саҕалаан аҕата сэриигэ барбытын кэннэ хайдах олорбуттарын, көһөрүү аймалҕанын, Бэстээххэ тиийэн хайдах сылдьыбыттарын, балта Аанчык сүппүтүн, хоту айаннарын, аҕаларын туһунан «хара сурук» кэлбитин, ийэтэ өлбүтүн, ыалга иитиллибитин сүрүн өттүн быһыта-орута, ол эрэн киһи сүрэҕэр-быарыгар түһэр гына кэпсээтэ.
Кэпсээн бүппүтүн кэннэ ким да тугу да саҥарбакка балай да соҥуоран олордулар. Олорбохтоон баран Сэмэн:
– Мантан чугас илин диэки кыра алаас үрдүгэр өтөх баар эбит, итиннэ кимнээх олорбуттарын билэргит буолаарай? – диэн ыйытта.
Дьөгүөссэ ходьох гынан көнөн кэллэ, көхсүн этиттэ уонна Сэмэн диэки утары хайыһан:
– Ити биһиги өтөхпүт, – диэтэ.
Сэмэн ити тыллартан соһуйан киэҥ харахтарынан Дьөгүөссэни утары көрдө, чочумча тургутуһардыы утарыта көрсөн олордулар, онтон Дьөгүөссэ туора хайыһан ыараханнык үөһэ тыынан ылла. Сэмэн олоҕуттан туран күүлэҕэ тахсан, үрүсээгэр укта сылдьар биһигин тооромоһун тутан киирдэ, икки илиитинэн төбөтүн хам туттан остуолга умса түһэн олорор Дьөгүөссэҕэ чугаһаан:
– Эһиги өтөххүт буоллаҕына маны хайдах быһаарыаҥ этэй? – диэтэ уонна кылгас кэм иһигэр арҕаһа бөгдьөйөн куччаан хаалбыт, төбөтүн өндөтөн кини диэки эргиллибит Дьөгүөссэҕэ суруктаах маһын уунна. Дьөгүөссэ ону ылан суруктаах өттүн чүмэчи уотун диэки хайыһыннаран оҥо быһыллыбыт суругу кыҥастаста.
– Бээ эрэ, мин тугу да өйдөөбөккө олоробун. Сэмэн Андреевич! Аҕаа! Хайаҕыт эрэ быһаарыаххыт буолаарай? – Сэмэн бүтэһик ыйытыыларыттан тугу да өйдөөбөтөх Киэсэ иккиэннэрин хардары-таары көрүтэлээтэ.
– Ити, Киэсэ, мин балтым Аанчык биһигин сорҕото, итиннэ мин оҕо сылдьан оҥо быһан аатын суруйбутум сылдьар. Балтым биһигэ эһиги өтөххүтүгэр хайдах баар буолбутун уонна балтым дьылҕата хайдах салаллыбытын эһигиттэн ордук билиэхпин баҕара олоробун, – диэтэ Сэмэн долгуйан титирэстээбит куолаһынан. Эмиэ уу чуумпу буолла. Бу сырыыга биһик тооромоһун иннигэр уурунан одуулуу олорор Дьөгүөссэ быһаарыы биэрэрин кэтэстилэр.
– Һуу! – диэн Дьөгүөссэ көнөн кэллэ, иннигэр олорор Сэмэннээх уолун хардары-таары көрөн ылла, – Дьэ, ыар санаа баттыгын устаммын көхсүм кэҥиирэ дуу, иннигэр турар куруускатыттан чэйин ыймахтаата. – Бу эһиги иннигитигэр улахан ыар буруйдаах киһи олоробун, ол оҕону, Сэмэн, эн балтыгын мин уорбутум.
– Хайдах, аҕаа? – Киэсэ истибитэ соһуччута бэрдиттэн, барыах-кэлиэх сирин булбакка, олорор сиригэр өгдөҥнөөн ылла.
– Бастаан биири эт! – дэлби долгуйбут, ыгылыйбыт Сэмэн остуол нөҥүө олорор Дьөгүөссэни илиититтэн харбаан ылла уонна ааттаһардыы. – Балтым тыыннаах дуо? – диэтэ. Дьөгүөссэ Сэмэн диэки утары көрдө, налыччы куолаһынан:
– Тыыннаах, баар. – диэтэ. Сэмэн Дьөгүөссэ илиитин төлө ыытта, күүскэ тыынна. Балта тыыннааҕын истибит үөрүүтүттэн, өр сыллар кэннилэриттэн эмискэ халыйан кэлбит хараҕын уутун кыатаммакка, ытаан барда. Бу түгэҥҥэ соҕотох буолуон баҕаран ойон туран таһырдьа таҕыста, оллоон таһыгар турар лэкэчэк үрдүгэр олорон көхсө кэҥиэр, дууһата чэпчиэр диэри кимтэн да кыбыстыбакка ытаата. Уоскуйан, ытаабытын аһара түһэн баран дьиэҕэ киирдэ, миэстэтигэр тиийэн олордо, сойбут чэйин ыйырбахтаата. Оронугар таҥастары сыппыт Дьөгүөссэ туран кэлэн Сэмэн утары олордо:
– Сэмэ-эн! Түөрт уонча сыллааҕыта оҥорбут ыар буруйбун билинним. Эн билигин тугу да ыйытыма, санаабын быһыма, барыта хайдах буолбутун мин сиһилии кэпсии сатыам, иһит, – Дьөгүөссэ куруускатыгар турар чэйиттэн омурта, көхсүн этиппэхтээтэ, саҥата суох кыҥначчы туттан сыҥаах баттанан дьиэ муннугун көрөн олорболоото, ол кэннэ кэпсээнин саҕалаата:
«Ити эн бүгүн сылдьан кэлбит өтөххөр, дьоммут өлбүттэрин кэннэ, эдьиийбиниин иккиэйэҕин хас да сыл олорбуппут. Эдьиийбиттэн уонча сыл хойутаан төрөөбүт буолан, кини миэхэ ийэм курдуга. Дьоммут хаста да оҕоломмуттарыттан улаханнара уонна кыралара тыыннаах хаалбыппыт. Эдьиийим оччотооҕу кэминэн өр сулумах сылдьан баран олус сэмэй, турбут-олорбут, үлэни кыайыгас үтүө майгылаах, бэйэтин курдук сулумах сылдьыбыт тулаайах үөскээбит киһиэхэ эргэ тахсан, ыал буолтара. Миигин оҕолорун курдук көрөллөрө, туох баар үлэҕэ бары бииргэ саба түһэн сылдьарбыт, олус да үчүгэйдик олорон испиппитин хара кырыыстаах сэрии өрө туран, күтүөтүм ыҥырыллан барбыта. Эдьиийим эн ийэҥ курдук эмиэ оһоҕостоох хаалбыта, кыһын этэҥҥэ быыһанан кыыс оҕону төрөппүтэ. Ити эрээри оҕобут туруга мөлтөҕө, кэмиттэн-кэмигэр тыынын былдьаһан уҥан хаалара, онтон эмискэ тыынан кэлэрэ. Тыын киллэрэ сатаан эдьиийим сэрэнэн түөһүн баттыалыыра. Олохтоох биэлсэр бороһуок эмп биэрбитин иһэрдэрбит. Эдьиийим балтым хас таарымтата киирдэҕин аайы эрэй бөҕөнү көрөрө, өлөн хаалыа диэн наһаа куттанара, оҕотун кууһан олорон ытаан да биэрэрэ. Эдьиийбин аһынан биэрээхтиирим да, хайдах да көмөлөһөр кыаҕым суоҕа. Күтүөтүм сэриигэ барар сылыгар уон аҕыспын туолбутум, улахан киһи этим.
Ол күн оччотооҕу быһыы-майгы сиэринэн хойут үлэлээн бүтэн борук-сорук буолуута алааспар тиийбитим. Балаҕаным аанын аһан киирбитим хараҥа балаҕан иһигэр эдьиийим баттаҕа ыһыллан, хамсаабат буолбут сыгынньах оҕотун көтөҕөн, ытаан куоҕаҥныы олороро. Оҕобут таарымтата киирэн, бу сырыыга тыынын кыайан ылбакка өлбүт этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?