Текст книги "Санатыма дуу, ааспыты…"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
– Поздравляю, коллега! Классические роды, класс! – быраас, Аанчыгы көрөн баран, акушерканы эмиэ эҕэрдэлээтэ.
– Спасибо, дорогая! А у нас, в роддоме – класс! – быраастар күө-дьаа буолбуттарыттан Аанчык эрдийдэ, барыта этэҥҥэ быһаарыллыбыт диэн, дьэ, итэҕэйдэ.
Ол кэмҥэ акушерка Аанчык сыгынньах иһигэр ип-итии, ибис-инчэҕэй оҕону сытыарда:
– Анечка, прими своего богатыря, сейчас мы его осмотрим, приведем в порядок, а пока общайтесь, – дии-дии, үөрэн мичилийдэ.
Аанчык ийэ киэлитигэр ыйы-ыйынан эргичиҥнээбит, баарын биллэрэн тэбиэлэнэн күөлэһийбит кыра киһичээнэ бу илэ бэйэтинэн, сутуруктуу туппут илиитинэн ийэтин иһигэр хатааста сатыы сыттаҕа…
* * *
Аанчык ыраахтан уола ытыырын мааҕыҥҥыттан истэр. Аһата аҕалаары сууларын уларыталлар бадахтаах. Оҕотун куолаһын араарбыта ыраатта. Син эр киһилии эрээри хайдах эрэ намыынныҥы соҕус. Оттон аттынааҕы дьахтарын уола лоҥкунатан куолас да куолас, өс саҕа буолан эрэрдии, үҥсэргээн ытыыр. Өссө, ийэтэ ыллаҕына, бүтэһигэр булгуччу көхсүн этитэр курдук эҥсэн ылар идэлээх. Кыһыл оҕо диэмэҥ, арааһа, туох майгылаах киһи күн сиригэр кэлбитэ, төрөөтүн кытта син бэркэ биллэр быһыылаах. Итини кэтээн көрөөччүлэр билэн эрдэхтэрэ.
Эмиийдээччилэр күүппүттэрэ ыраатта. Этиллибитин курдук оҕону эмтэрэргэ тутуһуллар быраабыланы барытын толорон олороллор. Эмиийдэрин суунан, анал суурадаһынынан соттон баран ып-ыраас маарыланан саба бүрүммүттэрэ.
– Ну-ка, мамаши, кормите телят, – диэбитинэн, хардаҕас курдук сууламмыт иккилии оҕону кыбыммытынан, санитарка кыыс палаатаҕа киирэн кэллэ.
Оо, дьэ, мэктиэтигэр хараҕа ууламмыт кыра киһи, кини быыкаа Толига ийэтэ илиитигэр ылбытын биллэ быһыылаах, тута ньам барда. Ону кытта бэлэм эмиийи айаҕынан көрдөөн, омуннаахтык уобалаан дьэ уоскуйан, бэрт иҥсэлээхтик эмэн соппойон барда. Тиритэ-хорута аһааһын буолла, кэнникинэн илистэн, утуйан барда, дэҥ-дуҥ аатыгар эрэ сыҥааҕын хамсатар. Аанчык, уһугуннаран, ситэри аһатаары, чанчыгын имэрийэр, сүүһүн таарыйар. Онуоха кыра киһичээн, ымах курдук гыныахча буолан иһэн, эмиэ утуйан буккураан барар.
– Ити санитаркабыт тоҕо «кормите телят» диирий? – уолаттарын аһатан бүтүүлэрэ, уоскуйбучча, Аанчык ыйыталаһар.
Лоҥкунас саҥалаах уолчаан ийэтэ Елена күлэр:
– Оттон гороскобунан ини, бу ыам ыйдааҕылар бары «телец» буоллахтара дии. Борооскулар ээ, кинилэр бары, – диэн быһаарар, көтөҕөн олорор оҕотун таптаан имэрийтэлиир. «Оччоҕо кыргыттардаах дьахталлары «ну-ка, бабы, кормите коров» диэх баҕайыта дуу» диэн саныы-саныы, дэлби күллүлэр.
– Ок-сиэ, тойоттор топпуттар ээ, быһыыта. Ийэлэрэ үөрбүттэрэ сүрдээх, – диэбитинэн, аны атын, саастаах санитарка кэлэн оҕолорун хомуйан барда.
– Аня, эн сааһыҥ хаһый? – Елена биир киэһэ токкоолосто.
– 18-һым.
– Тыый, букатын оҕо эрээригин, оҕоҕун үөрүйэх баҕайытык тутаҕын дии? – дьахтар соһуйар.
– Мин… детдомҥа үлэлиибин ээ, бу курдук кыһыл оҕолору көрөбүн… – Аанчык саас-сааһынан быһаарда.
– Аня, Аня, уһугун эрэ! Туох буоллуҥ, баттаттыҥ дуо? – Елена кинини илиититтэн тардыалыы турар эбит.
Сарсыарда буолан эрэр, халлаан сырдаабыта ырааппыт. Палаата соҕотох түннүгүнэн сырдык эрэ киирбэт, сааскы дьыбарга ыттар үрэллэрэ кытта иһиллэр. Аанчык дэлби тириппит, хараҕын уутуттан сыттыгын эҥээрэ илийбитэ ибис-инчэҕэй. Билигин да иэдэһэ сииктээх, «хайдах-хайдаҕый» диэн кыыс бастаан тугу да анааран сатаан өйдөөбөтө.
– Аня, сотору турарбыт да буолуо, оҕолор аһыыллара чугаһаата, – диэтэ, ытырыктаппыттыы кини диэки көрө-көрө, Елената.
Дьахтар тугун-ханныгын токкоолоһо барбата. Арааһа, кыыс бэйэтэ арыллан кэпсээтэҕинэ эрэ орооһор санаалаах. Елена туран түннүк үөһээ өттүн аппатта, сааскы дэлэй салгыны палаатаҕа киллэрдэ. Оргууй оронун хомуйда, суунна-тараанна, эбиитин чэйин өрө оҕуста, сарсыардааҥҥыларын аһаары бэлэмнэннилэр. Аанчык эмиэ хап-сабар турда, дьаһанар аакка барда.
Туох абааһы түүлэ эбитэ буолла. Сороҕор сатаан өйдөммөт буоллаҕына, атын киһи түүлэ диэччилэр.
Ону бэйэтигэр ханарытан түһээбит да буоллаҕына көҥүлэ ээ. Чэ, ити хааллын.
Оҕолор хайыы-үйэ уһуктан ытаһан ньарылаһан эрэллэр. Эмиийдэрин эмэ охсоору бэбээрии кытаанаҕа. Сотору толору оҕолоох тэлиэскэ тилигириир тыаһа палаата айаҕар чугаһаата. Аан аһыллаатын кытта, икки дьахтар уолаттарын кыбыммытынан кырдьаҕас ньээҥкэ киирэн кэллэ.
– Бухатыырдар аһылыкка кэллилэр. Чэйиҥ эрэ, ийэлэр, хайдаххытый, үүттээххит дуо? Тото-хана аһаатахтарына биллэрээриҥ, мин бүгүн түбүгүм элбэх, хойутуу кэлэн ылыам, – диэт, тахсан барда.
Ньээҥкэ кырдьык тардылынна. Эмиийдэрин эмээт, утуйан буккураабыт уолаттарын Аанчыктаах Елена оронноругар сытыардылар уонна, үүттэрин тобоҕун ыана-ыана, сээкэйи кэпсэтэ олордулар.
– Билиҥҥи оҕо кулгааҕа эрдэ аһыллар дииллэр. Онон, соһуйумтаҕай буолбатын диэн, педиатрдар хоско телевизор саҥатын кыччатымаҥ диэн сүбэлииллэр эбит, – Елена сэһэргиир.
– Мин улахан оҕом наһаа ытанньах этэ, бииригэр диэри эрэйдээбитэ аҕай, – дьахтар арааһы кэпсиирин Аанчык саҥата суох истэр.
Ытанньах кыыһын ырыаһыт гынаары тииспиттэрин эбэтэ хаҥкыга илдьэн биэрбит. Инньэ гынан Елена сэттэлээх кыыһа сотору разрядтанаары сылдьар үһү.
– Ол аата, ытаабыта тыҥатын бэркэ сайыннардаҕа дии, сөпкө хаҥкылыыр, уһун тыыннаах буоллаҕа, – элэккэй бэйэлээх ньээҥкэ, аантан сонуҥҥа кыттыспытынан киирэн, уолаттары ылан барда.
– Мин наһаа дьикти түүлү түһээбитим төбөбүттэн тахсан биэрбэт дии… – Аанчык, нам-нум буолбучча, Еленаҕа кэпсиирдии оҥоһунна.
– Тугуй ол, кэпсээриий, Аня. Сарсыарданан этэ быһыылаах дии, саҥа таһааран ыҥыраммыккар уһуктубутум, наһаа күүскэ баттатта диэн уһугуннарбытым ээ.
– Ким билэр, туох абааһы эбитэ буолла… Арай, мин туох эрэ бохоруонатыгар сылдьар курдукпун…
– Бэрт дии, түүлгэ сыбаайбаны көрүөхтээҕэр бохоруона ордук диэччилэр, – Елена быһа түстэ, көх-нэм буолла, истэрдии оҥоһунна.
Онтон эрдийэн Аанчык салгыы кэпсээтэ:
– Тула сибэкки да сибэкки. Оруобуна ити сибэкки киоскатыгар кыстаммыт араас букет барыта баарга дылы. Онтум баара, мин… өлөн хаалбыт эбиппин. Бу мин бохоруонам эбит! Сытабын быһыылаах дии саныыбын да, тоҕо эрэ туораттан, үөһээ соҕустан көрөр курдукпун. Дьон бөҕө. Дьиктитэ диэн баар, ийэбин хаһан да көрбөтөҕүм ээ, тыыннааҕын букатын өйдөөбөппүн. Оттон ол дойдуга, арай, ийэм уонна аҕам иккиэн бааллар, миигин аһыйан ытыыллар эбит. Күнүскүм курдук, хайдах эрэ итини соһуйа көрөбүн, санаабар дьоммун өссө «өлбүттэрэ ыраатта» диэн аахсаары гынар курдукпун… Дьон сирэйин көрө сатыыбын да, кими да бу диэн билбэппин. Син айманар курдуктар, оччоҕо испэр «бай, ити хайаларын аһыйалларый?» дии саныыбын. Эмиэ да муусука дорҕооно баарга дылы… Оччоҕо аны бэйэбин аһынабын: «Хайдах манна өлөн хаалбыппыный?» – диир курдукпун. Уопсайынан иһэ-таһа биллибэт…
– Тыый, оттон түүл буоллаҕа дии… – Елена дьиктиргээн хараҕа кэҥээбит.
– Ол икки ардыгар, арай, дойдубар террасаҕа үс киһи олороругар тиийэбин, түннүгүнэн көрөбүн. Биирэ оруобуна сүүһүн үрдүнээҕи сүүмэх баттахтара сурааһын курдук маҥхайбыт, ити мин кэргэним диибин. Оттон иккитэ үчүгэйкээн баҕайы оҕолор, улааппыт, үрдүк баҕайы уҥуохтаах уолаттар. Билэттээбэппин эрээри, олору, тоҕо эрэ, эмиэ миэннэрэ диибин. Эбиитин ким эрэ диэн өссө ааттаталыыбын быһыылаах… субу умнан кэбиспиппин… Уонна, уой, бу хаһан маннык улаатан хаалбыттарай диэн эмиэ да дьиэ таһыттан туран соһуйабын, биир кэм айманабын. Дьоннорум, сирэйдэрэ-харахтара салбаҕыран, курус баҕайылар. Мин эргийэ сылдьан түннүгү тоҥсуйа сатыыбын, истибэттэр. Киириэхпин баҕарабын да, тоҕо эрэ табыллыбат. Онтон били киһи, били кэргэним диирим, кимиэхэ эрэ кэпсиирин субу курдук чугастан истэбин. Иһиллиибин. Кини этэр: «Маамабыт өлүөҕүттэн ыла биэс сыл ааста. Ол тухары кини биһигини кытта син биир уруккутун курдук баар. Куукунабытыгар кини мэтириэтэ аһыыр остуолбут үрдүнэн ыйанан турар. Сарсыарда киирээт: «Дорообо, маама», – диэнтэн күммүт саҕаланар. Оҕолор оскуолаларыгар ситиһиилэрин эмиэ куруук киниэхэ туһаайан кэпсииллэр. Тугу эмэ астанар да түгэммитигэр мэлдьи киниттэн ыйытар, сирдэтэр курдукпут. Таптахпытына, мичээрдииргэ, сыыстахпытына, хааһын түрдэһиннэрэн сэмэлииргэ дылы… Киэһэ, утуйуу буолла да, булгуччу оҕолор кэлэн: «Сылаастык утуй, маама», – диэн баран, хосторугар ойоллор. Биһиги итиниэхэ үөрэнэн хаалбыппыт. Бастаан утаа аһыыбытын аһара сатаан кэпсэтэ сатыырбыт, онтон устунан үгэскэ кубулуйдаҕа… Ардыгар атастар түбэһэ түстэхтэринэ сүөргүлүүллэр, оттон биһиэхэ этэҥҥэ олохпут тутула буоллаҕа. Мин уолаттарбын улаатыннартаатым, ийэлэрэ кыраларыгар өлбүт буолан хаартысканан эрэ өйдүүллэр. Ол эрээри ийэбит тыына мэлдьи биһиги аттыбытыгар баарга дылы. Санаабытыгар, куруук көрө-харайа, сүбэлии-амалыы сылдьар… Ол иһин бу, уҥуоҕун көрдөрөөрү, манна аҕаллым», – диир. Мин наһаа уолуйан, соһуйан: «Хайдах оннук буолуой?! Мин бу баарбын ээ, өлбөтөҕүм! Көрүҥ, бу!» – диэн, хаһыытыы-хаһыытыы, терраса түннүгүн сутурукпунан кытта саайталаан тыастаахтык тоҥсуйабын, устунан тэбиэлиибин да быһыылаах. Суох, түннүкпүт тааһа да бөҕөтө дьикти… Дьонум миэхэ эрэ кыһаллыбаттар, аны саатар өстүөкүлэм алдьанан да биэрбэт. Онтон били дьонум ойон тураллар уонна тыаны, ойууру быыһынан ханна эрэ түргэн баҕайытык бараллар. Мин сүрэҕим айахпар тахсыбыт курдук, батыһан, кэннилэриттэн сүүрэбин. Сүүрэн да диэн, тилэх баттаһа көтөн иһэр курдукпун. Онтон, доҕоор, көрбүтүм баара, кылабыыһа ортотугар эргэ баҕайы хараллыбатах киһи уҥуоҕа турар. Онно көрбүтүм… мин аатым суруллубут! Бу иэдээни, мин өлөн хаалбыт эбиппин буолбат дуо?! Ол иһин кинилэр миигин истибэттэр эбит диэн уйа-хайа суох ытыыбын да ытыыбын, ыҥыртыы сатыыбын да, син биир истибэттэр… Онтон ити уһуктан кэллим дии…
– Аня, ол аата, дьэ, уһун олоҕу олорууһугун. Туох да куһаҕана суох түүл буолуохтаах. Хата, кэргэн тахсан, өссө оҕолонууһугун буолбат дуо, быһыыта? – Елена күө-дьаа буолла.
Аанчык, кырдьык даҕаны диэбиттии, дьэ кэҥээтэ, сүгэһэр курдук сүрэҕэр сөҥө сыспыт түүлүн сити курдук төлө тутта, таска таһааран бэйэтиттэн тэйитэ ыытан кэбистэ, холкутуйда…
* * *
Ити кэмҥэ детдомҥа улахан мунньах буолла. Үлэ хаачыстыбата, таһаарыыта диэн буолбакка, бу сырыыга үлэһиттэр олохторун-дьаһахтарын кыһалҕатын туһунан боппуруос сытыытык турда.
Дириэктэр – Татьяна Львовна диэн кырдьаҕас уопуттаах салайааччы. Кини мэлдьи да булбута-талбыта, тэрилтэлэри тылыгар киллэрэн тугу эмэ дук гыннарбыта баар буолааччы. Сатаан кэпсэтиини ыытар, ыллыктаах былааннары оҥорор буолан детдомнар үлэлэрэ хаһан да харгыстаммат.
– Үлэһиттэргэ аналлаах олорор дьиэ тутуутун туһунан кыһын кэпсэтэн турабыт. Онно сайабылыанньаларгытын ситэри киллэриҥ. Ким дьиэтэ хайдах туруктааҕыттан көрөн иһиэхпит. Саҥа дьиэҕэ барааччылар эргэлэргитин детдом суотугар хаалларыаххыт, олор атыттарга тиксиэхтэрэ, – диэн кэскиллээх кэпсэтии түмүктэнэ быһыытыйда.
Бары да бүгүҥҥү мунньахтан астыннылар. Эһиил детдом өссө кэҥиир туруктанна, оҕо элбэҕэ бэрт. Онон хамнас эмиэ үрдүүрэ күүтүллэр дэстилэр.
– Арба да, Анна Алтановна Соргоева оҕолонно дии.
Этэҥҥэлэр диэн балыыһа этэр, онон сотору таҕыстахтарына эҕэрдэлиэхпит. Профсоюзтар кыыска туспа хос биэрэр кыахтааххыт дуо? – Татьяна Львовна туоһуласта.
– Сиртэн быкпакка сылдьан күүлэйдээбит буола-буола, ол манньатын өссө туспа хос наада дуо? Оччотугар миэхэ тоҕо көрүллүбэтий? Мин манна үһүс сылбын икки миэстэлээххэ олоробун, – диэн охсуолана түстэ оҥостубут-туттубут кыыс.
– Аа, Алиса? Тоойуом, эн тыҥыраххын билигин да кырымматаххын. Куруук үлэ ирдэбилин кэһэҕин, хойутуугун. Былырыын букатын да уурайан бара сылдьыбыккын умуннуоҥ? Биһиги кими да туппаппыт, – профсоюз хотуна Лариса Петровна охсуохайдаммыт кыыс үрдүгэр түстэ.
– Анна Алтановна үчүгэй үлэһит. Төгүрүк тулаайах. Оҕолору олус таптыыр, тугу да эт, барытын толорор, ис сүрэҕиттэн бэриниилээх диэн кэлэктиип хайгыыр, доҕоттор, – дириэктэр быһа түстэ. – Бары дьахталларбыт. Туох кистэлэй, олоххо араас буолааччы, ким да иннин тымтыктаммыта суох. Ол эрээри суобас, чиэс диэн баар. Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһүспэтэхпитинэ, өйөнсүбэтэхпитинэ, хайдах да салгыы бииргэ буоларбыт табыллыбат.
– Мин этиилээхпин, хоһу резервэттэн биэриэххэ.
Аня киһи эрэнэр кыыһа, – Лариса Петровна быһаарда.
– Оҕотун көрсөргө көмөлөһүөххэ наада. Уонна уһаабакка эрэ, аны сайын үөрэххэ киирэригэр өйдө угуохха, кыаныаҕа, кэтэхтэн үөрэннин, – диэн Татьяна Львовна мунньаҕы түмүктээтэ.
Аанчык оҕотун көрөн дьиэтигэр олорбута биир ыйын туолаат, үлэтигэр тахсыбыта. Суох-суох, туохтан да күһэллибэккэ, бэйэтэ баҕа өттүнэн.
Кини уолунуун роддомтан тахсалларыгар бииргэ үлэлиир дьоно олус үөрэ көрсүбүттэрэ. Бииртэн-биир сонун кинилэри күүппүтэ дьикти үчүгэй этэ. Оҕо таҥаһа-саба толору, утуйар оронугар тиийэ уурбут-туппут курдук хоско олохтообуттара. Онтулара ис өттө үкчү сабыс-саҥа дьиэ курдук тупсаҕай өрөмүөннээҕэ эбии долгуппута.
Инньэ гынан саҥа оҕоломмут Аанчык аны саҥа дьиэлэнэн, саҥа олоҕу саҕалаабыта. Киһи үтүөҕэ түргэнник үөрэнэр. Ый буолаат, хайдах эрэ өрүү да маннык олохтоох киһи курдук санаммыта. Оҕото Толя күн-түүн улаатарын, эт тутарын, баһаамнык бороохтуйарын киһи барыта үөрэ бэлиэтиир. Кыргыттар киирэ-тахса мэлдьи көмөлөһөллөр. Биирдэ эмэ тумуулаары гыннаҕына, үрдүттэн детдом педиатрдара тута сүүрэн киирэн көрө-истэ, эмтии-томтуу охсоллор.
Ол иһин Аанчык көрдөһөн үлэтигэр эрдэ таҕыста. Оҕотун илдьэ сылдьар. Син биир барыларын курдук биир кэмҥэ аһыыр-утуйар эрэсиимнээх буолан ордук-хос түбүк суох, бэрт судургу. Детдом оҕолорун кытта бииргэ хараллар, арыый атына диэн түүнүн ийэлээх кырачаан быһыытынан дьиэтигэр, эмиийин соппойбутунан, астына хонор буоллаҕа…
– Эбээ Марыына тугу аҕалбытын көр эрэ, Толиик, чээкэти-ин, – дьэрэкээн бэйэлээх тыаһыыр оонньуурга талаһан, икки илиитинэн даллаҥнаан, ыттайыаҕынан ыттайан, оргууй аҕай сыҕарыйталаан, хааман түөрэҥэлиир кыра киһини көрөн эмээхсин муҥура суох үөрэр.
Аанчык ыалдьытыгар чэй кутар түбүктээх. Өр буола-буола Марыына кинилэргэ анаан киирэн ыалдьыттаан ааһар. Сээкэйи да сэһэргэһэллэр, буолуо-хаалыа да суоҕу ахтыһаллар. Эмээхсин кэлэрин Аанчык иһигэр куруук күүтэр. Тоҕоостоох түгэни булан биирдэ эмэ Толя туһунан сураһар. Били суругу тиксэриэҕиттэн эмээхсин дэҥ-дуҥ бэйэтэ да сонуннаннаҕына кэпсээн биэрээччи. Сэрэйэрин оҕоккото сыттаҕа, ытыы-соҥуу да сылдьыбатар, Аанчык Толятын таптыыра, иһигэр мэлдьи ахта-күүтэ санаахтыыра таһыттан көстөргө дылы.
– Толик, эбээҕэ баран иһиий. Турума, чыычааҕыам, кытаат, инниҥ диэки баран ис. Оччоҕо ити оонньуур эйиэнэ буолуо саарбаҕа суох, – аһын тардарын быыһыгар Аанчык көх-нэм буолар.
– Сэгэттэйиэм, тиийэн кэлбэтэргин да оонньуурбун төттөрү илдьэр үһүбүөн, биэрэн бөҕө буоллаҕым. Мэ, тут, оонньоо, – оҕо тута били чээкэтигэр айаҕынан түһэриттэн Марыына манньыйа күлэр.
Уолу көтөҕөн ылан, бэйэтэ этэринии, «илиитин сымнатар». Итиэннэ сиэннэрэ улаатан хаалбыттарын, атаахтатыаҕы аарыма дьон буолбуттарыттан эмиэ да кэмсинэр кэпсээнин саҕалыыр.
– Ыы, дьэ, оҕо кыратыгар буоллаҕа, минньигэһэ бөҕө. Иһэ тот буолла да, сырыттаҕа. Туран истэҕин аайы талымаһа, көрүдьүөһэ үксүө, көрдөтөрө-ирдэтэрэ элбиэ. Аны биир моһуога баар, аныгы оҕону өйдүөҥ эрэ, суох эрэ. Быһата, таҥара илиитигэр баар дьон. Туох да диэ, дьылҕалара билээ ини, киһи эрдэттэн тугу этиэ баарай. Аанчык, уолуҥ ордук бэйэҥ диэки быһыылаах. Ол эрээри үтүө киһи үстэ уларыйар диэн дэлэҕэ да эппэттэр, баҕар улаатарыгар атын киһи буолаахтыа. Чэ, ким да курдук буоллун, дьүһүн диэн… Майгыта наада, ону табан ииттэххинэ намыын, үтүө сүрэхтээх эр бэрдэ буолуо турдаҕа.
Марыына эбээ аҥаардастыы үөрэтэ-такайа кэпсиирин сөбүлүүр. Ону Аанчык олус сөбүлээн истэр. Эмээхсин уһаан хаалан кэлбэтэҕинэ ахтааччы ээ. Сэлэһэр, эйэргэһэр киһи киниэхэ бу кэмҥэ олус да наада…
– Хотук, оттон аҕаҕыт анараа эмиэ аҕа буолан эрэр быһыылаах, сураҕа. Хотун ыараханын уйбакка атаахтыыра, айманара иһиллэр. «Бэйэм төрөөбөппүн, эпэрээсийэлээн, ыарыытын билбэккэ ылаллара ордук», – диир үһү. Бу акаарыны диэбэккин дуо? Оо, үлүгэр, киһи эҥини да истээхтиир… – эмээхсин, муҥар, уһуннук да мөҕүтүннэ.
Кыыс ыйытыан баҕарбыта да, тардынна, ботугурааһын хаһан бүтэрин сэмээр күүттэ. Устунан оҕолоох дьон уолларыгар аралдьыйан, ити кэпсээн салгыы сэҥээриллибэккэ хаалла.
Биир үтүө күн Марыына, дьуһуурустубатыгар олорон, ааһан иһэр Аанчыгы тутан ылан эркиҥҥэ дьөгдьөрүттэ уонна ыга хаайан туран иһитиннэрдэ:
– Хотук, аҕаҕыт эмиэ уолламмыт үһү да, аһаах баҕайы дииллэр. Баанньыска диэн ааттаабыттар. Ол кэмпиэт эттээх, бэчиэнньэ балыктаах мааны дьахтар хат сылдьан оҕо барахсаны аанньа да аһаппата ини. Оо, үлүгэр диэ. Онуоха эбии эпэрээсийэни күүһүнэн көрдөһөн, сайабылыанньаланан оҥорторбут курдук.
Онно эмиэ тугун эрэ таарыйбыттар дуу, үөдэн дуу. Кэбис, мин эппэтэҕим, эн истибэтэҕиҥ буоллун. Хаарахаттар, этэҥҥэ эрэ буоллуннар… – эмээхсин, биир тыынынан ситигирдик сибигинэйэн баран, Аанчыгы халбарыччы анньан иннин диэки дьүккүтэн кэбистэ, илиитинэн сапсыйа хаалла.
«Оо, Толя барахсан, иэдээни-и, саатар оҕото табыллыбатах дуу» кыыс тапталын аһынан уйадыйа сыста. Балтараа сыл анараа өттүгэр уола төрөөбүт үөрүүтүн санаан сүрэҕэ минньигэстик нүөлүйэн ылла эрээри, табыллыбатах ийэни, Ульзананы эмиэ да аһына санаата.
Аанчык кырачаан Толига күн-түүн улаатар. Саҥара сатаан муҥнанар. Бэйэтин тылынан баҕас баһаамы булдьугуруур. Манна үлэһиттэр үксүн нууччалыы саҥарар буоланнар, уол ордук нууччалыы тартарар курдук. Сороҕор сатаан саҥарбатаҕына, наадатын кыайан быһаарсыбакка ыксаатаҕына, киһи күлүөх, төбөтүн тоҥхох гыннарар, эбэтэр быһа илгистэр. Соргоев Анатолий Алтанович диэн сүүнэ киһини детдом бүтүннүү билэр. «Сын полка» диэн таптаан ааттыыллар. Кыһын-сайын кэһиилэммит да үгүс. Мору-моттоҕор, куруук күлэ-үөрэ, албыннаһа сылдьар кырачааҥҥа курдаттыы ылларбыт элбэх.
Субу күннэргэ Аанчыкка анал миэстэ көрдөөннөр, сыччах соҕуруу эрэ, кэтэхтэн педагог-психолог-логопед үөрэҕэр киирдэ. Кэпсэтиитэ барыта Дьокуускайга буолла, эксээмэнин эмиэ манна туттарда. Син бэркэ бөрөөтө, кыһын бэлэмнэммитэ биллэ, биир эрэ үстээх буолан, кини туһугар түбүгүрээччилэри, чахчыта даҕаны, үөртэ. Сүрдээх ыарахан үөрэх дииллэр да, кыргыттар бары көмөлөһүөхпүт диэн санаатын көтөхтүлэр. Сылга биирдэ саас манна, онтон иккис сылыттан Ленинградка баран сессиятын туттарыахтаах. Онтон эмиэ саллар курдук да, дьүөгэлэрэ күлэллэр: «Барыаҥ буоллаҕа дии, Толигы дьуһуурустубанан көрүөхпүт, туох буолуой, атын сиргэ хаалларар киһиэхэ дылы», – диэн биир-биэс тыла суох мөккүһүннэрбэтилэр.
Тутар хамыыһыйаҕа барыта саастаах баҕайы дьон наар кыыс үлэтин-хамнаһын иҥэн-тоҥон ыйыталастылар. Детдомнарын олоҕун, салалтатын тула өр кэпсэттилэр, араастаан ону-маны токкоолостулар. Аанчык тугу саныырын аһаҕастык этэ сатаата, син мээнэ долгуйбакка, саас-сааһынан бэркэ сэһэргэстэ. Тиһэҕэр, халыҥ таастаах ачыкылаах киһи күллэ:
– Эдэркээн бэйэҥ… букатын дириэктэри солбуйааччы курдук дуоспуруннаах эбиккин. Үлэҕиттэн эйигин бу үөрэххэ сөпкө мэктиэлээбиттэр. Биһиэхэ үчүгэйдик үөрэнэн киһи кыбыстыбат идэлээҕэ буоларгар баҕарабыт, – диэн түмүктээтэ.
Үөрүүтүттэн көтүөҕүн кыната суох кыыс Татьяна Львовна кэбиниэтигэр соҕотохто баар буола түстэ. Сүүрэн тиийэн дириэктэрин кууһа түстэ, муҥура суох махталын сатыырынан тиэрдэ сатаата уонна тугу ыйыппыттарын, хайҕаабыттарын барытын, түгэҕиттэн түөрэ кэпсээн биэрдэ…
«Үөрэх диэн таах буоллаҕа, ааһан иһэн күрдьэр баҕайыта» диир оруннаах да, омуннаах да ини. Киһи кыаҕыттан, өйүттэн-санаатыттан элбэх тутулуктаах эбит дии саныыр Аанчык. Онуоха эбии күннээҕи олоххо бэлэм буолуу, арааһы-атыны билии-көрүү ханнык да үөрэххэ, дьону кытта сыһыаҥҥа олус наадалааҕын кини билигин өйдөөтө.
Хата, үлэтигэр сөптөөх, олус бэрт идэни талан лаппа абыраммыт кини буолла. Үрдүттэн үлэлиир да, харыс да хамсаабакка, детдом тиэргэнигэр олорор да… Баҕар, туораттан көрөөччүгэ соччото суох, татым курдук көстүө эрээри, киниэхэ олус табыгастаах. Дьолугар учуутал буолбакка аккаастанан, били тохтобул таһынааҕы киосканы мыҥаспыт, биллэриини булбут буолан тахсар.
Оҕотун Толигы кытта күн-түүн иккиэн сайдаллар. Кыра киһитэ: «Маама-а, То-икка ампиэттэ биэй», – диэтэҕинэ, Аанчык хайдах да гынан манньыйыан булбат. Үөрүүнэн ыскаапка сүүрэн тиийэн кымаах саҕа сыттык кэмпиэти харбаан ылар, оҕото минньигэһиргэтэн өр да өр сиирин көрөн олорор.
Бэйэтэ үөрэммитэ иккис сыла. Кэтэхтэн үөрэх табыгастаах да эбит. Эрдэ биэрбит сорудахтарынан, кинигэ үлэһэн ыла-ылаҕын, быыскар (ол аата үксүн түүн буоллаҕа эбээт) оргууй аҕай ааҕан, сурунан дьарыктанар бэйэҕин ииттинэргэр холоонноох. Ким да тиэтэппэт, өйдөөбөтөххүнэ, уһуннук илдьиритиэҥ. Букатын кыамматаххына, аттыгар хаһан баҕарар көмөлөһөр, ыйар-кэрдэр бииргэ алтыһар дьүөгэлэрдээх, аҕа табаарыстардаах үчүгэй даҕаны. Ордук, куруук интэриэһиргиирин быһыытынан, дириэктэрэ Татьяна Львовнаҕа сүүрэр. Анарааҥҥыта: «Тыый, былыр биһиги саҕана маннык этэ…», – диэнтэн саҕалаан арааһы бары кэпсээччи. Лиэксийэ ааҕар профессордар туохха ордук болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларыгар тиийэ. Онтон: «Чэ, тоойуом, биһиги саҕана итинник этэ, ол ырааттаҕа. Педагогика сокуона уларыйбат эрээри, аныгы олох араҥата атын. Онон, билиҥҥилэр тугу дииллэрин истиэххэ кэрэхсэбиллээх. Саҥа сурунааллары хаһыс, онтон бэрт эппиэти булуохха сөп ини», – диэн үчүгэй баҕайытык өй угар.
Библиотека сабыллыан аҕай иннинэ кыл мүччү сүүрэн тиийэригэр үлэһиттэр үөрэммиттэрэ ыраатта. Бастаан утаа сөбүлээбэт этилэр, онтон кыыс детдомҥа үлэлиирин, кыра оҕолооҕун, онуоха эбии тулаайаҕын билиэхтэриттэн ыла наар көмөлөһө, өйүү сатыыллар. Күлээччилэр – Аанчык тиийэн кэлиитэ куруук бэлиэ. Ол курдук, туманы көтүппүтүнэн дьиэҕэ биирдэ баар буолуутугар мэлдьи ким да суох, уу чуумпу буолар. Дьиҥэр, киэһэлик ыытыллыбыт сылаалаах соҕус тэрээһиннээх ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэрин субу түмүктээн, дьону тарҕатан баран үлэһиттэр, тыын ылан чэйдии түһээри, кипэтиинньиктэрин холбуохтара кэрэх, аан аһылла биэрэр уонна Аанчык көтөн түһэр. Уу оргуйуор диэри кыыс тас таҥаһын сыбыдахтанар, бэлиэтэнэр, сээкэйи кэпсэтэр уонна күндүлээбит чэйдэрин сып гыннараат, ааҕар саалатыгар ыстанар. Итинник хаста да буолбутун иһин, аны, кипэтиинньик туруорааччы саҥа аллайар идэлэммитэ: «Хайа, Аня Соргоева бүгүн кэлэрэ дуу?» Киирэн кэлэр түгэнигэр бука бары күргүөмүнэн күлэн тоҕо бараллар. Кыыс да онтон соһуйбат: «Хайа, чэй туруоран эрэҕит дуу?» – диэбитинэн, ып-ыраастык мичээрдээн кэбиһэр.
Үөрэх диэ. Умсугутуулаах ээ. Киһи аахтар ааҕа олоруох курдук эбит эрээри, кыыс тиэтэйэрэ бэрт. Ол иһин көстүбүт учебнигын көрдөһөн, улахан үлэҕинэн, аҕыйах күҥҥэ уларсан илдьэ барар. Дьон кини балаһыанньатын итиччэ өйдөөн, итэҕэйэн уларсалларын уччутуо дуо. Болдьоммут кэмигэр диэри ситэри ааҕа охсоору кини дьиэтигэр түүннэри олорор. Ардыгар устар, ардыгар сурунар. Библиотекаҕа ксерокс диэн тэрил баар. Онно кинигэ илииһин таах куоппуйалыыгын эрээри… төлөбүрдээх. Инньэ гынан Аанчык аахпытын барытын илиитинэн бэлиэтэнэр. Билбэтэ үксэ бөҕөтө. Педагогика диэн тыын наука баарын, хата, бу үөрэххэ киирэн биллэ. Аан дойдуну туппут сүдү наука эбит. Онто суох ханнык атын учуонай баар буолуой? Ханнык наука сайдыай? Киһи аймаҕы ииттэххинэ эрэ наукаҕа киириэ буолбаат? Онон, быһата, Аанчык үөрэх киэнин саамай кылаабынайыгар уһуйуллар эбиппин диэн санаабыта ыраатта.
Сурунар тэтэрээтигэр буукубалара ойуоккалаһан барыылара кыыс: «Кэбис, кыаныа суохпун. Утуйан ылыахха», – диэн бэйэтин соруйаат, сыттыгар умса түһэр да, сонно уутугар тимис гынан хаалар. Субу оронугар сыбдыйан иһэр тыаһын истэн Толига хараҕын арыйан уһуктан кэлэр, хата, ийэтэ сылайбытын сэрэйбит курдук, саҥата суох сыппахтыы түһээт, салгыы утуйан буккуруур…
Соргоевтар диэн ыал итинник олороллор. Ийэ үөрэҕинэн сайдар, оҕо кини иитиитинэн эмиэ иннин диэки сыҕарыйара күн-түүн көстөр. Үһүгэр барбыт уолчаан саҥата хойдон, тыла-өһө эбиллэн, ардыгар киһи күлүөх курдук ыйыталаһан муннукка ыгаары хаайар.
– Маа-муо! Массыына улахан дуу?
– Улахан бөҕө, тыаһа да дьикти буолбат дуо?
– Уу, кыйдьык, наһаа улакан, би-би-биип, айааската, паапалайа быһыылаах, аһайы улакан… Оттон бу ойтоку тугуй, маамалайа дуо? Оо, көй-көй, аны оҕолойо иһэй дии, кыып-кыйа! – Толик ити аата таһырдьа уулуссаҕа дьаарбайа сылдьан айманар, аттыларынан бүтэһик ааспыт «Оканы» сөмүйэтин сыыһынан ыйан, омун-төлөн буола хаалар.
Тугу барытын тыынар тыыннаах курдук көрөр киһичээҥҥэ ийэтэ: «Суох, ити паапалара буолбатах», – диэн быһаарар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, Толик ыйбыт массыыналара кырдьык да дьиэ кэргэн курдуктар эбит, бары да маарыннаһарга дылылар. Биирэ багдаллан улахана диэн баҕайы, иккиһэ намыһах эрээри, уһун субурхайга дылы, уонна ити, үһүстэрэ, бөкүнүйбүт быыкаа. Бары үүт маҥаннар, арай туох дэнэр мааркаларын Аанчык арааран бэйэтэ да билээхтээбэт…
– Маа-маа, ити Күн оҕото Ый дии? Оттон Ый оҕото кимий?
– Ый оҕото Сулус, – ийэтэ үөһэ тыынар.
– Уу, тоҕо наһаа элбэҕий, ээ? Сулустайа Ыйга наһаа элбэх эбит дии? Оттон эн оччоҕо… сойох оҕолойуҥ ханна бааллайый? – ып-ыраастык, ийэтин хантайан көрө-көрө, кыра «То-ик» токкоолоһор.
– Тыый да, бу киһини даҕаны! Оттон оҕолорбут бука бары о-ол сулустар курдук элбэхтэр дии? Дьиэбитигэр бааллар дии? – кыыс күлэр.
– Ол… байыта биһиэннэйэ дуо, маамуо? Миэннэйэ эмиэ даа? – оҕо чахчы соһуйар.
– Биһиэннэрэ-эйиэннэрэ буолбакка?
– Оччоҕо тоҕо кинилэй биһигинниин утуйбаттайый, аа?
– Тоҕо диэтэххэ, биһиги кыып-кыра хоспутугар эн уонна мин эрэ батабыт. Кэнники, хаһан эрэ, дьиэбит улахыын-улахан буоллаҕына, биһиги хайаан да бары бииргэ утуйуохпут, сөп? – Аанчык кэпсэтиини түмүктүүр кэриҥнээхтик быһаарар.
Аанчыгы Саҥа дьылтан ыла эдэр киһи, эйэҕэс-сайаҕас, кыһалҕаны билэр, кэлэктиибин туһугар тугу да туруорсары кыаныа, тыллыын-өстүүн ситэн иһиэ диэн, профсоюз чилиэнинэн талбыттара. Иллэҥ кэмҥэ сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр эрээри, кэлиитэ-барыыта кураанах буолбатах. Ханна да дьону кытта тугу эрэ быһаарсар, сүбэлэһэр үлэни кыыс сөбүлүүр.
Детдомнара былырыыҥҥыттан улаатта. Били эмиийдээх (эмиийдээх диэн аатыгар эрэ буоллаҕа, хантан, быраҕыллыбыт эрэйдээхтэр кими эмиэхтэрэй?!) кыралар урут үстэригэр диэри олорор буоллахтарына, аны билигин улаатыахтарыгар диэри хаалар кыахтаннылар. Онон үлэһиттэр да сүргэлэрэ көтөҕүллэ сылдьар. Уу кыһылларыттан бүөбэйдээбит барахсаттарын харахтарын далыгар улаатыннарары баҕарбаттар үһүө?
Өссө биир сэргэх, киһи киэн туттар сонуна – куорат детдомнарын иһигэр социалистическай куоталаһыыга кинилэр «Күнчээннэрэ» быйыл эмиэ бастаата, барыларыттан чорбойдо. Татьяна Львовнаҕа улахан наҕараада кэлбитэ. Кэлэктиипкэ аны сайын соҕуруу куруорка баран сынньанарга уон босхо путевканы анаабыттара. Ону барытын Аанчыктаах профсоюз мунньаҕар аттаран тураллар. Үлэ бастыҥнарыгар баар сулууспа бары араҥата хабыллан дьон ордук онтон олус үөрдэ.
Холобур, остуорас Омуос оҕонньорго күүстэринэн биир путевканы туттардылар. Аргыстаһыҥ диэн, таарыччы биир тутаах үлэһити, электрик Васяны эмиэ наҕараадалаатылар. Оо, онно кыргыттар үөрбүттэриэн! Ити ээ, Лариса Петровна олус бэртээхэй салайааччы, киһи күүппэтэх өттүттэн, кырдьыга да санаа хоту, булгуччу тугу эмэ тобулааччы!
Инньэ гынан күһүөрү Омуос оҕонньор «оҕото Бааскалыын» муора диэн «кыылы» көрөөрү Сочилаары сырытта.
– Дьэ, бороҥ-сойуустар, бу үйэҕэ мааныламматахпын маанылаатыгыт. Эмээхсиним ымсыыран бөҕө. Аны акаары оҕонньор сыл аайы бараары чирэстэһэрэ дуу? – диэн, табаҕын тэринэн уматта-уматта, күлэн бычыгырыы турда.
– Оччоҕо иккиэн барыҥ ээ, миэнин биэрэбин, – электрик Вася хантан истибитэ буолла, күө-дьаа түһэрэн, тиритэн-хорутан тиийэн кэллэ.
– Эс, бу киһини да, доҕор! Сонуммун кэпсиибин эбээт. Ымсыырбыт эмээхсини ким тутуой? Хата, бу сарсыарда кыра кыыһыныын Анапалаабыта эрэ баара. Антах көрсүөхпүт диир ээ өссө, киһини сырсан батарбата, – оҕонньор күлэн быара суох быыгыныырын истэн, онтон-мантан дьон тоҕуоруста, сөхтө-махтайда.
– Дьэ, бэрт сонун эбит. Дьэ, итинник буолуохтаах, үтүөттэн үтүө төрөөн иһиэхтээх. Аммос Иванович, кытаат, эмээхсиҥҥин, эн, эр киһи, син биир куотан иһиэхтээххин, кини эйигин эккирэттин ээ, – диэн Татьяна Львовна күлүү быатын тоҕо тарта.
Дьон ол Анапа икки, Сочи икки бэйэ-бэйэлэриттэн төһө чугастарын-ыраахтарын быһаарсан ити күнү быһа ыаһах оҥостубуттара. Омуос оҕонньор сытыы эмээхсинин сөхпүттэрэ, уу иһэ-иһэ хайҕаабыттара.
«Хаарыаны, итиччэ кырдьыахтарыгар диэри истиҥник санаһан, олус бэркэ олороллор ээ, быһыыта» диэн Аанчык ол киэһэ ымсыыра санаабыта. Устунан ааспыты санаан, Толятын ахтарын мэлдьи иһигэр хаайарын, баччааҥҥа диэри тута сатаан баран кыаммакка, оҕото утуйбута ырааппытын билэн, сыттыгар умса түһэн ытаан барбыта, хараҕын уутун көҥүл ыыппыта.
Оо, Толя, миигин биирдэ эмэ санаан ыларыҥ дуу? Эн эрэ ааккын күн аайы ааттаары оҕобутун Толик диэбитим. Эйиэхэ алҕас мэһэйи таһаарымаары… аҕатын аатын оннугар эһэтин аатын суруйтарбытым, уһун тыллаахтартан, сытыы харахтаахтартан куоттаран, муннара сатаабыт быһыым. Баччааҥҥа диэри биирдэ да эйигин көрбөтөҕүм, көрсө сатаабатаҕым уостубут тапталым бэлиэтэ буоллаҕай. Оо, өскө эн билэриҥ буоллар ньии, мин түөспэр хайдахтаах курдук итии иэйии хаатыйаланарын… Мин билиҥҥэ диэри син биир эйигин эрэ таптыыбын, ыраахтан ахтабын уонна… күннэтэ эн этэҥҥэ эрэ буоларыҥ туһугар баҕалаахпын. Оҕобут улаатарын эн көрбөккүн, буоллун, мин булгу үчүгэй киһи гына иитиэм, эн хаһан эрэ, баҕар, астыныаҥ. Улааттаҕына, хайдах эмэ гынан эйигинниин билиһиннэриэм. Бэйэҥ Ванюшаҕын атаҕар туруордаххына, хайа, убай-быраат сыһыаннарын олохтуурга эн син биир наадаҕын. Чэ, ол хаһан олоххо киириэ ыраах. Оттон билигин, Толик, эн уолуҥ хайыы-үйэ түөртээх уол оҕото, ырыата-хоһооно элбэх. Олортон саамай сөбүлүүрэ:
Үрдүк халлаан ньууругар,
Үрүҥ күнүм анныгар
Үрүмэччи буоламмын
Үөһэ көтөн тахсыаҕым,
Мин летчик буолуом,
Мин баҕам туолуо…
Онтукатын киһиҥ, дьиэтигэр муостаҕа оонньуу олорон, бэркэ түһэрэн уларытар идэлээх:
Мин паапам курдук,
Мин летчик буолуом.
Ити хантан ылбыта буолла? Оҕолорго этэр этиитэ: «Мин паапам летчик, ыраах-ыраах Африкаҕа көппүтэ», – диэн үһү. Өссө кыра сылдьан: «Аабыйыкаҕа ыыбыйыкалай үүнэллэй», – диэн тыллааҕа. Ол аата, кыра киһи тылыттан тылбаастаатахха «Африкаҕа дьаабылыкалар үүнэллэр» диэн.
Санаата оҕотугар иэҕиллибититтэн көнньүөрэн, Аанчык хабыс-хараҥаҕа мичээрдээн ылбытын, хараҕын уутун ситэ куурдубакка нухарыйан барбытын түннүк сабыытын быыһынан кинини кистээн кыҥастаһар ый сырдыга эрэ кэтиир-маныыр курдуга…
– Анна Алтановна, түргэнник, Толик температурата түспэт үһү! Изоляторга Альбина Федоровнаҕа илтилэр, – тыын быһаҕаһынан тыынан ньээҥкэ Олечка сүүрэн кэллэ.
– Оля, оҕолорбун мин оннубар көрүүй, мин сибилигин, – диэт, Аанчык буута быстарынан иннин хоту ыстанна.
Аара сүүрэн иһэн тас таҥаһын уһула-уһула аттынааҕы дьыбааннарга элээрдэн ааста. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр кыһыл кириэс ойуулаах аан нөҥүө биирдэ баар буола түстэ. Оҕото, кубарыйыаҕынан кубарыйан, муус маҥан сыттыкка сытарын атыҥырыы, аньыыргыы көрдө. Толик хараҕын да арыйар сэниэтэ суох, илиитэ нукаай курдук. Сүүһэ, этэ-сиинэ барыта ип-итии. Айаҕын хамсатан тугу эрэ этэ сатыыр да, туох да иһиллибэт.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?