Текст книги "Номох буолбут кэпсээннэр"
Автор книги: Евсей Лугинов
Жанр: Старинная литература: прочее, Классика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Биир күн, кыыл таба, тайах сылдьар удьаратыгар (ыллыгар), туора соҕус хайа сыҥаһатыгар булду кэтэһэн хонорго быһаарыммыт. Кутаа оттунан, хонордуу оҥостон сытан, кэнниттэн ким эрэ тобулу одуулуурун көхсүнэн сэрэйбит. Арааската, били кыыл кэллэ быһыылаах дии санаат, мүнэни үргүппэт курдук туран, хамсанан кутаатын уотун көннөрбүтэ буолбут уонна хараҕын кырыытынан көрбүтэ: көһөҥө таас кэнниттэн бөрө хараҕын уотун курдук уот килбэс гынан ылбыт. Сэмэн салгыы уотун көннөрбүтэ буола сылдьан саа-тын сыҕарытан, ол уот диэки туһаайан уурбут, бэйэтэ мүнэҥҥэ көхсүнэн буола олорон, манан баар буолуохтаах диэн хололоон барбыт. Сөптөөх соҕус туһаайыытын булан баран, саатын чыыбыһын тардан кэбиспит. Саа тыаһа өрө хабылла түспүт да, таас кэнниттэн мүнэнэ тура биэрэн, хараҥаҕа сүүрэн хаалбыт. Сэмэн тайыытын туппутунан, мүнэн саһан сыппыт сиригэр ыстаммыт. Ханан да хаан-сиин тохтубут быһыыта биллибэтэх, арай, чинчийэн, буулдьатын суолун булбут. Дьэ уонна кэлин: «Кыыл табаҕа, тайахха ииппит буулдьабын өйдөөбөккө, харыс курдук үөһэнэн тэптэрбиппин, саам тииҥҥэ эҥин курдук кыра иитиилээҕэ эбитэ буоллар, табыам хаалбыт», – диэн дьонугар кэпсиирэ үһү.
Сотору соҕус хаар түспүт. Сэмэн бытархай булду бултуу сылдьан, кэмиттэн кэмигэр «ыалын» суолун көрөн аһарар эбит. Хаста да ыраахтан мүнэнин уотун буруотун көрөн, хайыһарынан сойуолаһан тиийэ сылдьыбыт да, мүнэнэ эрдэлээн барбыт буолан испит. Ол тиийдэҕинэ, кыыла хаар үрдүгэр бэрт кыратык уоттаммыт буолар үһү. Иттэрэ дуу эбэтэр тугу үөлэн сиирэ дуу – биллибэт. Хаста да үрдүк харыйа мас оройугар, бэрт ыраас гына, кылбаччы тиниктэммит чубуку чөмчөкөтүн уҥуоҕун көрбүт. Хайдах гынан кини онно иилэрин дьиктиргээбит. Биир эмэ уһун ураҕас маһы ылан онно чубуку баһын уҥуоҕун кэтэрдэн баран таһааран олордоро дуу, ол ураҕаһын хаар анныгар анньан кэбиһэрэ дуу диэн сылыктыыра үһү.
Саас буолуута Сэмэн саатын иитиитэ, тууһа, табаҕа, испиискэтэ бүтэн барбыт, онон, маҥнайгы кэргэнин, оҕолорун, дьонун көрө-истэ таарыйа хочоҕо (Аллан өрүс намтал сиригэр) киирбит. Түүлээҕин, тииҥин, тайаҕын этин соспутунан өтөҕөр тиийбит. Түүлээҕин туттаран, саатыгар буорах-бөстүөн булунан, табаарын атыылаһан төннүбүт.
Өтөҕөр кэлбитэ: мүнэнэ кини тордоҕун быһа ааспатах, чугаһынан сылдьара биллибит, онон, Сэмэн син биир кэтэнэ-манана сылдьыбыт. Эмиэ сааскы булт саҕаланан, тоҥокко тайах көрөн баран кэлбитэ: мүнэнэ булка туттуом диэн аҕалбыт икки бааҥка буораҕын кытта ол-бу бытархай малы-салы ылан, эмиэ тыатыгар түһэн хаалбыт. Сэмэн суоллаан эккирэтэн көрөн баран, син биир сиппэтин билэн өтөҕөр төннүбүт. Өтөрүнэн үрэххэ уу киирэ илигинэ лабаҥхаларыгар барар кэмэ кэлбит. Утуйар таҥаһын-сабын, малын араҥастаан баран, кэргэнин аҕала барбыт. Тиийбитэ, кэргэнэ оҕолонон уол оҕонон уруйдуу тоһуйбут, ол кэмҥэ үрэх уута киирбит, онон туос тыынан төттөрү устан киирбиттэр. Мүнэн төһө эрэ лаабыспытын ыста буолла дии саныы-саныы, өтөхтөрүгэр кэлбиттэрэ, маллара-саллара оннугар турар үһү. Ким да кэлэ сылдьыбыт сибикитэ биллибэтэх.
Ол курдук сайыны этэҥҥэ аһаран баран, күһүнүгэр Сэмэн хаар түспүтүн кэннэ суоллаан көрбүт да: атын кыыл суолуттан уратыны көрбөтөх. Этэҥҥэ кыстаан баран, мүнэннэрин умна да быһыытыйбыттар. Дөрүн-дөрүн санаан кэллэхтэринэ: «Мүнэммит, арааската, буорахтаах бааҥканы ас буолуо диэн уокка быраҕан, бэйэтин дэлби тэптэринэн өлбүтэ буолуо», – диэн сабаҕа түмүккэ кэлбиттэр.
Онтон ыла мүнэн туһунан сурах ханна да иһиллибэтэх. Сэмэн кэргэниниин уһуннук олорбуттара үһү. Барыта кинилэртэн сэттэ турбут оҕо хаалбыт. Ыччаттара Уус Маайа уонна Томпо улууһугар олороллор.
КЭПСЭЭННЭР
Мин хайдах «быраас» буолбутум туһунан
Мин тыа уолабын. Иннибэр эҥкилэ суох үрдүк соруктар: оскуола, производство, үрдүк үөрэх. Оскуоланы бүтэрдим, производствоҕа үлэлээтим, икки сылы супту аармыйа оннугар хотон академиятын бардым. Бостууктаатым даҕаны, ньирэйи, субан да сүөһү көрдүм, cүөһү аһаатааччылаан да ыллым. Аармыйа… Аармыйаҕа доруобуйабар кыра аһаахтаах буоламмын, ытык иэспин кыайан толорботум. Туох буолуой, билиҥҥи эйэлээх сэбиэскэй кэмҥэ аармыйа миигинэ да суох туруо…
Мин төбөм оройуттан атаҕым тилэҕэр диэри сахабын. Онон, мин саха тылын уонна литературатын толору билэр баҕалаах Саха государственнай университетын саха салаатыгар үс сыл туттарсан киирдим. Тосхолум эмиэ туспа – үөрэҕи бүтэрэн баран, үлэ булуннахпына эрэ кэргэннэниэхтээхпин. Кыыс диэки кырыы да харахпынан көрүө суохтаахпын, өйүм-санаам үөрэх эрэ буолуохтаах.
Мин ол «постулаты» хара ааныттан тутустум. Сэргэлээх-хэ 14-с куорпуска бастакы этээстэн төрдүскэ диэри, лабораторнай куорпуска бастакыттан сэттис этээскэ диэри кыыс кырыы-кырыытынан. Уопсайбар, атын да сир дискотекаларыгар иҥээҥнии, чугаһыы сатааччылар син баар быһыылаахтара да, мин кинилэргэ «тарбаабыт оҕус курдукпун», кыһаллыбаппын. Сорохтор сытыылара бэрдиттэн куттанан туора ыстанарым, куотар кэриэтэ атахха биллэрэрим.
Ол курдук, үһүc кууруһум caaһa буолла. Миэхэ 17-с куорпус кэннинээҕи профилакторийга сытан эрэ эмтэниини анаатылар. Биир хоско иккиэйэхпит. Аһыыр сирбит – устудьуоннар остолобуойдарын банкеттыыр саалата. Профкомнар биэрбит толуоннарынан аһыыбын.
Биир күн остолобуойбар тиийбитим, ким да суох эбит. Кэннибиттэн, чочумча буолаат, хайа эрэ кыыс киирдэ. Мин кинини көрө да барбаппын, түргэн соҕустук эбиэттии охсон баран, библиотекабар ыстанар санаалаахпын. Толуоммун туттаран, күнүскү аһылыгы барытын ылан эргиллэн истэхпинэ, били кыыс – тугу эрэ ылаары дуу, хайаары дуу – миигин aaha көтөн иһэн подноспар охсулунна. Мииннээх хомпуотум дьалкыһыйан иһирдьэ тоҕуннулар. Муҥ саатар, «бырастыы гын» диэн көрдөспөтө. Ол кэннэ туох да буолбатаҕын курдук аһын ылан, мин утарыбынааҕы остуолга баран олордо.
Мин итинник түбэлтэҕэ кыыс сэрэҕэ суоҕун сэмэлээн кынчарыйыахтаахпын мүччү туппатым. Туох да улахан өһө суох буолларбын, кини диэки ис буолумматахтык кыыһырбыт харахпынан көрбөхтүүбүн. Кыыһым онно эрэ кыһаллыбат, бэрт наҕыллык аһыыр. Тыастаах соҕустук аһыырым быыһыгар кыыспар харахпын быраҕаттаан ылабын.
Бэйэтигэр сөрү-сөп сыаналаах соҕус маҥан көстүүмнээх, хороччу өрүллүбүт баттахтаах, сөбүгэр соҕус кырааскаламмыт кыламаннаах, памааданан бистибит тэтэркэй уостардаах, креминэн дуу, пуударанан дуу сырдатыммыт иэдэс-тэрдээх. Аны аһыыра наҕылын! Килиэбин аргыый эмти ту-тан тэриэлкэ кырыытыгар тэбээтэ, тыаһа суох ньуолбардык миинин истэ, торуойун биилкэ төбөтүгэр эрэ иилэ-иилэ сиэтэ. «Маннык улахамсык буолаҥҥын, биир да дьүөгэтэ суох сырыттаҕыҥ!» – диэн сэтэрии саныы-саныы, аһаабыт иһиппин илдьэн түннүккэ туттардым.
Профилакторийим хоһун кытта кэккэлэһэ, утары хосторго кыргыттар бааллар. Мин кыһаллыбаппын – киирэллэр-тахсаллар, дьүһүннэрин да өйдөөн көрбөппүн.
Өрөбүл күн, зачекка бэлэмнэнэн, фойеҕа кэниспиэк суруйа олордум.
Мин утары хоско олорор биир уол кумааҕы тутуурдаах киирдэ да, өр буолбата, тута кэриэтэ ойон таҕыста уонна бэрт түргэнник тилир гынан хаалла. Сол кэмҥэ уу чуумпуга кыланыы иһилиннэ, хайа эрэ кыыс уйаара-кэйээрэ суох ытабыла сатыылаата. Хостортон устудьуоннар быгыталаатылар, хоһуун соҕус кыргыттар иһирдьэ киирэ сылдьан баран, хантан эрэ сахалыы өйдөөбөт, бааһынай көрүҥнээх дьуһуурунай эмчити ыҥыран аҕаллылар. Кини бэйэбит курдук устудьуон, үөрэҕин быыһыгар дьуһуурустубалаан харчы өлөрүнэр. Киһибит, ытыыр кыыһы уоскутаары, иһирдьэ киирэн баран, төттөрү ойон таҕыста. Титирэс буолбут илиитинэн сиэбиттэн флакон ылан, эмп таһааран истэ. Уоскутар эмп быһыылаах. Тугу да гыныан билбэккэ, төттөрү-таары хаамыталаата.
Мин:
– Что случилось? – диэн ыйыталаһааччы буоллум.
– У девушки мать умерла… Вот только что получила сообщение. Надо ее как-то успокоить. Да вот не знаю как… Меня и слышать-то не хочет, – дэтэлээтэ.
Кыыс уурайыах чинчитэ биллибэт: өссө эбии иэнигийэ-иэнигийэ ытыыр.
Быраас уол эмискэ тохтуу биэрдэ, миигин саҥа өйдөөн көрбүттүү тутунна итиэннэ сулбу хааман кэлэн:
– Иди успокой. У тебя язык подвешенный, – диэтэ да, мөккүһүннэрэр, өрөһөлүннэрэр быыс биэрбэккэ, халпааҕын, халаатын уста охсон кулахачыппытынан кэтэрдэн кэбистэ, фонендоскобун моонньубар иилэ бырахта.
Тыллаах-өстөөх уол диэн хантан билэн дуу, булан дуу эппитэ буолла – мин эмискэччитэ бэрдиттэн ыйыппакка да хааллым.
Итиэннэ билигин аҕай испит эмтээх иһитин куду анньа-анньа:
– Проверишь пульс. И дашь таблетку, вот, – диэт, икки санныбыттан тутан хос диэки үтэйдэ.
Хоско киирбитим: кыыс сыттыгын кууһан умса түһэ сытан төкүнүйэ сылдьан, бобулла-бобулла, ытаа да ытаа. Мин чугаһаабыппар, ким киирбитин өйдүү сатыахтыы хайыһан көрөн ылла. Сирэй-харах буорайбыт. Кыламанын кырааската, уоһун памаадата сирэйигэр бүтүннүү биһиллибит.
Ол үрдүнэн били мааны, «улахамсык» кыыспын тута биллим. Иккис нэдиэлэм буолла да, кини кэккэлэһэ хоско баарын сэрэйэн да көрбөтөҕүм, хайдах аасыһан сылдьыбыппытый? Кини да миигин биллэ.
– Эн тоҕо манна киирдиҥ? Киэр буол! – диэн төлүтэ биэртэлээтэ итиэннэ, төттөрү истиэнэ диэки хайыһан, ытаан санна дьигиҥнээбитинэн барда.
Ити чаас аҥаара ытабыл кэннэ бастакы саҥа таһаарыы-та буолбута быһыылааҕа.
– Тохтоорууй, – диибин холкутук уонна били дьуһуурунай быраас сүбэлээбитинэн, – пульскун бэрэбиэркэлиэххэ, – диэбитинэн харытыгар түһэбин.
Кыыһым илиитин сулбу тардан ылан, түҥнэри эргийдэ. Мин холдьоҕуллан уонна көмөттөн кыккыраччы аккаас ылан мух-мах баран, саараан турдум. Ол туран, туумбаҕа сытар тэлэгирээмэни көрдүм. Ыыппыт киһи аатын оннугар «Мама» диэн илии баттааһын турар. Мин хайдах-хайдах баҕайыный диэн сыныйан толору аахтым: «Умерла мама, приезжай скорей. Мама» диэн суруктаах.
Көхсүбүн этиттим, онтон:
– Эн икки ийэлээххин дуо? – диэн ыйытан саайдым.
– Ол эн икки ийэлээххин дуо?! Киһи биир эрэ төрөппүт ийэлээх. Ол аны суох! Миэхэ суох!.. – дии-дии, кыыһым эбии бэргиир.
– Оччоҕо ийэҥ өлөн баран, бэйэтэ эйиэхэ тэлэгирээмэ ыытар дуо?
– Акаарыа, хайдах өлбүт киһи ыытыай? Соруйан… – диэн иһэн, кыыһым салгыы ытаан марылыыр. – Ыы-аа-ыы…
– Оттон көр ээ бу, – диибин.
Кыыс, ытыырын кыатана сатыы-сатыы, олоро биэрэн, тэлэгирээмэни аахта, онтон «Һуу-у!» диэн уһуутаат, сирэ-йин тэлэгирээмэнэн саба туттан баран, сыттыкка тиэрэ баран түстэ. Аны ытыыра – күлэрэ биллибэккэ, истиэнэ диэки хайыһан, санна эмиэ биир кэм ыгдаҥалаата.
Онтон лаппа холкутаабыт, көхсө кэҥээбит киһи быһыытынан эргиллэн олоро түстэ уонна:
– Эбээм, эбээм өлбүт эбит. Маарыын ийэҥ өлбүт диэбиттэригэр кыайан аахпатаҕым даҕаны, – диэт, өрө тыына-тыына, орон баһыгар ыйаммыт сотторун ылан, суунар хос диэки наскылдьыйда.
Мин, кыыс уоскуйарын сиппит киһи быһыытынан, дьэ, дьиҥ быраас киэбин ылынан фойеҕа таҕыстым. Аан кэтэҕэр туох буоларын кэтэһэн турбут бырааһым ачыкытын тоҕо астара сыһан тэйэн биэрдэ. Кыыс хоско бииргэ олохсуйбут кыыһа кэлбит. Хантан эрэ укуол туппутунан сиэстэрэ кэлэн кыттыспыт. Эмискэ ытыыр саҥа уурайбытын дьиктиргээн, миигин одуулууллар. Мин саҥата суох халпаахпын ылан хаһаайынын төбөтүгэр кэтэртим, халаатын кытта фонендоскобун төннөрдүм.
– Все нормально, девочка не будет больше плакать… Не мать, а бабушка скончалась, – диибин, остуолга тиийэн, кинигэлэрбин уонна тэтэрээттэрбин хомуйабын.
Күннэйик – кыыһым аата оннук эбит – ыал соҕотох оҕото. Аҕата Бүлүү умнаһын биир оройуонун тос курдук сололоох салайааччыта эбит. Ийэтэ биэнсийэҕэ тахсыар диэри уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбит.
Күннэйигим ол түгэнтэн бэттэх миигин күн курдук көрөр. Ийэтэ өлбүтүн мин тилиннэрбитим курдук махтала улахан. Кэргэнин үрдүктүк тутар киһини туох диэн сириэмий? Биһиги Күннэйиктиин бэйэ-бэйэбитин олус күүскэ таптаһабыт. Билигин саҥа улаатан эрэр үс кыыстаахпыт. Хантан билэн, көрөн-истэн эрэллэрэ эбитэ буолла: кистээн эйэргэһэн, иҥээҥнэһэн эрдэхпитинэ, субу сырсан кэлэн илиибитигэр, атахпытыгар иилистэ түһэллэр. Күлсүү-салсыы, сыллаһыы-уураһыы, кууһан, көтөҕөн ылыы – сүүс киһи айдаана буола түһэбит.
Арыт ийэ кынным төлөпүөннүүр: «Дуокта-ар, бүгүн хааным баттааһына дэлби таҕыста. Тугу иһэбин?». «Аспиринна», – диибин.
Сотору соҕус буолан баран, эмиэ звонок кэлэр: «Хараҕым дьэ сырдаабыкка дылы буолла», – диир.
Сорох күн: «Бөлүүн аанньа утуйбатым. Туох эмп үчүгэй буолуой?» – диэн сураһар. «Димедрол», – диибин.
Киэһэлик эмиэ эрийэр: «Дьэ, утуйан абыранным. Бээ, утуйуом иннинэ эмиэ ити эмпин иһиэм», – диир.
Күннэйигим күлэн быһыгырыыр.
«Биир да бэйэбин ааттатар уол оҕо сиэннэнэрбиттэн аастым», – диэн аҕа кынным хом саҥата иһиллэр. Ону истээт, биһиги кыра кыыспытын «Петина дуу, Петрина дуу диэн ааттаабаккабыт», – диэн муҥатыйбыта буолабыт. Күннэйигим билигин эмиэ оһоҕостоох. Сураҕа, УЗИ «Уол оҕо!» диэбит үһү. Билиҥҥитэ ону эһэбитигэр биллэрбэппит.
1988–2000 сс.
Сэмэн таптала
Ахсынньы. Күндү түүлээх, адаар муостаах соноругар сыл-дьыбыт дьон өтөхтөрүгэр төннөн кэһиилэрин түҥэтэр кэмнэрэ.
Булду салайан сылдьыбыт Борокуопайап Уйбаан ампаар дьиэтигэр мустан күһүҥҥү-кыһыҥҥы булка сырыы туһунан кэпсэтии буолла. Баар дьон хайа сиһинэн, хайа үрэҕинэн, хаһыа, ким буолан сылдьыбыттарын туһунан ыйыталастылар. Онуоха Уйбаан кимнээх булка сылдьыбыттарын туһунан ааҕан субурутта: «Дьобох Уйбаан, Дьаллаан Өндөрөй, Дьалтыын Баһылай, Дьабай Сэмэн….». Истэн олорооччулартан биирдэстэрэ туран кэпсээнньити, улаханнык абаран туран, илиитин далайан охсон кууһуннарда. Анараа киһитэ харытын тоһуйан биэрэн, охсууттан куотуна-куотуна: «Хайдах буоллуҥ, бэйэбин эмиэ ааттаатым буолбат дуо», – дии-дии, киһитин саба түһэн, кууһан ылан уоскутар айдааныгар түстэ. Бу тилигирэһиини көрөн, сонун истэн олорбут мааны дьахтар уолуйан: «Уой-аай» диэбитинэн, түү былаатын уонна сылаас үтүлүгүн үрдүгэр түһэн аан диэки дьулуруйда. Аан аһыллан баран сабылларын кытта, тымныы күдэрик өрүкүйэ түстэ да, таһырдьа тоҥ чигдигэ хаатыҥка тыаһа кычыргыы турда. Били сутуругунан киирсээччи эмискэ Алдан өрүс долгунун курдук уоста түстэ да, олорбут сиригэр тиийэн, илиитин ыһыктынан иһийэн олордо. Ити – Дьабай Сэмэн этэ.
Сэмэн тымныы балаҕаҥҥа көрүүтэ-истиитэ суох үөскээн улааппыта. Оччолорго сороломмут түүлээх, илбирийбит хал-таҥ тирии таҥастаах, тэһэҕэс сарыы, түнэ этэрбэстээх айылҕа харайыытыгар хаалбыт оҕолор элбэх этилэрэ. Сааһын туллуктаан, моҕотойдоон, сайынын балыктааһын араас ньымаларын иҥэн-тоҥон оҕо сааһа ааспыта. Оҕо маннык сырыыга тымныйан, сыыҥ-сыраан аллан, туора-маары соттон, сирэйин лабаххай курдук бистэн сылдьара күннээҕи олоххо мэлдьи баар, соһумара суох көстүү этэ. Төгүрүк сирэйдээх, умса туттан, кылаччы көрөн турар мыс курдук таныытыттан саҕалаан иэдэһигэр диэри сыыҥ хатан, лаҕыран турар уолун көрөн, сэниэ соҕус сытыы тыллаах дьон Дьабай диэн хос ааттаабыттарынан Дьабай Сэмэн буолан хаалбыта. Улаатан төһө да бэйэтин көрүнэн, чэбэр киһиэхэ кубулуйдар да, ол аата киниттэн арахпатаҕа.
Уоттаах сэрии сылларыгар сааһын ситэн Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырылыннар даҕаны, дьүһүнүнэн, тас көрүҥүнэн хамыыһыйа халыыбыгар сөп түбэспэккэ, үлэ фронугар ыытыллыбыта. Кини даҕаны ыксал-куттал суоһаатаҕына, дьороҕой туттуунан өстөөҕү сыысхала суох сууһарар бэргэн ытааччы, хабыр хапсыһыыларга көрө сылдьан, аттыгар сылдьааччыга сэп уунан, илии-атах, өрөһүлтэ буолан сылдьыа эбитэ буолуо да, сэриигэ барар сылгылары көрүүгэ-харайыыга Монголия истиэбигэр илдьэн быраҕан кэбиспиттэрэ. Кини кэннэ ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтара, Т-34 тааҥка үөһээ өттүгэр олорсон, «Студебеккер» массыына ойоҕоһугар хатаастан Улахан Хинган туһаайыытынан айаннаан иһэн уҥа илиитигэр кымньыы тутан турар Сэмэннэрин көрөн соһуйан, уруйдаан-айхаллаан ааспыттара. Сэмэн эмиэ бииргэ үөскээбит-улааппыт дьонун көрөн, ымсыыран кыҥналла, илиитин даллах гына хаалбыта.
Сэмэн үлэ боруонуттан 1947 сыллаахха кэлбитэ. Дьоно-сэргэтэ кинини субу сарсыарда ханна эрэ чугас ходуһаҕа оттоон баран, төннөн кэлбит киһилии көрсүбүтэ. Биир-икки тылынан хайа дойдуга, туохха сылдьыбытын туһунан ыйыталаһаат, ахсарбатахтыы туттан күн аайы көрбүт киһилэринии сыһыаннаһан барбыттара. Сэмэн буолуохтааҕын курдук ылынан холкуос олоҕор кыттан, бытархай булка-алка сылдьыһан үлэтин саҕалаабыта.
Айылҕа сокуона буоллаҕа – бу Орто дойдуга кэлбит киһи бэйэтин аҥаарын булунан, удьуор ууһатара. Сэмэн да ол санаанан салайтаран чугастааҕы кыргыттары сыымайдаан көрдө да: ханан эрэ аймаҕа буолан таҕыста, ханан эрэ сэниэлээх ыал мааны кыыһа, оҕото буолла. Кыра эрдэҕиттэн сэргэммэтэх киһи ол тот ыал кыыһын кутун тугунан тутуой, сүрэҕин тугунан сүүйүөй… Арай, кини үлэ боруонугар барбытын кэннэ учууталынан үлэлии кэлбит кинилиин араа-бараа, сааһыран эрэр сулумах кыыс баар. Кыыс бэйэтэ көстөр дьүһүнэ, тутта-хапта сылдьара даҕаны киһи сүрэҕин ортотунан. Сэмэни кытта кини эрэ дуоспуруннаахтык кэпсэтэр, оттор мас, оскуола кыһалҕатын лоп бааччы быһаарсар. Сэмэн кини көрдөһүүтүн үөрүүнү кытта толорор. Онтон сэдиптээн, баҕар, кэргэн кэлээрэй диэн туох баар үтүө сыһыанын, көнө майгытын, үлэҕэ дьоҕурун барытын киниэхэ анаабыта. Туох эмэ көтөрү бултаатаҕына, күөлтэн бойум собону ыллаҕына, эмиһин, бөдөҥүн учуутал кыыс дьиэтин чаампытын анныгар кэһии гынан ыйаан кэбиһэрэ ас-үөл татым кэмигэр кыыска син эбиилик буолар быһыылааҕа. Кыыс ким киниэхэ итинник бэлэҕи оҥорорун биллэр даҕаны, Сэмэни чугаһаппатаҕа. Ол да буоллар Сэмэн эрэлин сүтэрбэккэ, санаатынан, түгэн көһүннэр эрэ үлэтинэн кини аттыгар буола сатыыра. Бэл кыыс кэлин атын киһиттэн оҕоломмутун да кэннэ, онтун хаалларбатаҕа, оҕолоох да дьахтары ыларга бэлэмэ. Кыыс ол да кэннэ киниэхэ иэмин-дьаамын биэрбэтэҕэ. Бэл диэтэр, Саха сирин сыл бастыҥ булчута да буолтун кэннэ туох да уларыйыы тахсыбатаҕа. Бу сырыыга, эмиэ булдугар табыллан, тайах буута, тииҥ этэ, тириитэ кэһиилэнэн киирэн, бу сыллар усталарыгар иитиэхтээн сылдьыбыт санаатын тэбээн, бүтэһиктээх хоруйу истиэхтээҕэ да, ханна баарый өйдүөҕүттэн өлөрдүү абааһы көрөр аатын таптыыр, эрэнэр дьахтарын ортотугар Дьобох Уйбаан ааттаан ыллыктаах санаатын ыһан кэбистэ. Аны, хайа сирэйинэн, дьүһүнүнэн итини көннөрөр үһү…
Күлээччи күллэҕэ, хаарыйтарбыт хаарыйтардаҕа, дьоло куоппут курус санааҕа ыллардаҕа.
Өтөх
(Тыыннааҕымсытан, ханарытан дьүһүйүү)
Хараҥа түүҥҥэ аалсыһа-айгыраһа турбут сулустар биир-биир халлаан ньууруттан сүтүүлэрэ, сылдьар сырыыта уһаан эрэр сааскы күн, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх санаатын үөскэтэн, үөһэттэн үөһэ күөрэйэ ойдо. Сир-дойду даҕаны, маҥан кырса бэргэһэтин, оннук саҕалаах сонун кэтэн тахсыбыт эдэр дьахтар туох эрэ көҕү таһаараары дуу эбэтэр туох эрэ көрдөөҕү истээри кэтэспитин курдук, сандааран турда.
Бу кэрэ көстүү ортотугар, хаар үрдүгэр күн ыһан биэрбит күлүмүнэн саататынан, хахыйах маһынан хаһааланан, титирик маһынан тиэргэннэнэн биир өтөх бүтэ оһон турара. Кини тыынар тыыннааҕынан, хамсыыр харамайынан буолара соҕотох тоҥсоҕой. Бу тоҥсоҕой айыы сирин сырдыга кэлэн, сарсыарда дьыбар таҕыстар эрэ, кумалааныттан ойон тахсаат, бэйэтин өйүн курдук кураанах кэккэлэһэ турар куруҥу тоҥсуйан торулатаат: «Бу халыҥ хаарынан бүрүллүбүт муус кыаһаан дойдутугар, хатааны кытта хатыһааччы, тымныыны кытары тыырсааччы бэртэн бэрт мин баарбын», – диэбиттии, дьоһуннаахтык күөрэлдьитэ дайбаан уҥуоргу тыаны былдьаһара. Ол аайы өтөх: «Чэ, дьаабыланан эр», – диэбиттии, сонньуйа көрөн хаалара. Күн киирэн, хараҥа сабардаан кэллэр эрэ, бии барахсан ханна барыай? Били тосту-туора туттубута уурайан, кыаһаан тымныыга кыпчыттаран, бэрт тиэтэлинэн тиитин көҥдөйүгэр бүгэрэ. Ити курдук күнтэн күн биир күрүстүк ааһара. Онтон өтөх бэйэтин санааларыгар бигэнэ уһун түүннэргэ нуурайара…
…Кини күүтэрэ кими да буоллун, муҥ саатар быралгы, киэҥ сиргэ олорон, аһыы ас атахтаан, ааһар күнү халтай ыыппыт, салгыы ол курдук олороро табыллыбатын өйдөөбүт, көҥүл өттүнэн киниттэн көнүүнү, өйү-төйү булунууну көрдөөн кэлбит киһини. Кини билиэн баҕарар, ол бэйэтин муннугун булбут киһи эрчимнээх хаһаайынныы илиитин. Кини көрүөн баҕарар ол киһи бүгүрү көхсүн, үлэттэн тириппит мөссүөнүн. Оччоҕо… Оччоҕо кини, хаһан да тупсубатаҕын тупсан, иһиллээн, иһийэн туруо этэ. Кыһыҥҥы уһун түүннэр кэннэ, сарсыарда хабараан да тымныыга, сэп-сэргэх сытан, халҕанын тыаһын хабан ылан ыраахха диэри арбыаҕа… Хас хардыытын, үлэтин ааҕа бу уонунан сыллар усталарыгар икки атах үктэммэтэх дойдутугар өссө да олох тыына илгийэрин биллэрэн дуорааннаахтык сатарытыа этэ.
Хаһан эрэ манна саас, сайын оҕо саҥата тыа баһа эймэнэринэн чуопчаарара. Оҕус айаатыыра, ынах маҕырыыра. Ыраас халлааҥҥа туллуктар чурулаһыылара, саас кэлбитин өрүүтүн биллэрэрэ. Былыр-былыргыттан ол курдук олох тыынын бэйэтин көмүс нээкэ уйатыгар бүөбэйдээн дьону төрөтөн-ууһатан олорбута.
Онтон үүммүтэ ардахтаах күһүн, курус күһүн, тымныы күһүн. Дьоно-сэргэтэ оонньоон-көрүлээн улааппыт, үгүс сыллар усталарыгар уутуйан олорбут сирдэрин хаалларан, эр киһи бүтэһиктээхтик кыыһыран, ааны сабан барбытыныы, күһүнү кытта айманан киин сир диэки көспүттэрэ. Кини бастаан өйдөөбөтөҕө. Илиитин уунан батыһан барыахтыы, аргыс тыалы көмөлөһүннэрэн халыҥ ойуурунан хамсаан көрбүтэ да, үйэ-саас тухары хам хатаммыт сириттэн харыс да сири халбарыйбатаҕа. Онтон уордайбыт уоҕар кутаа уот сэбирдэҕинэн тамнааттаабыта – дьон төннүөх быһыыта биллибэтэҕэ. Ол кэмҥэ бүтэһик тэлиэгэҕэ олорсон улахан суол төрдүгэр турунан эрэр эмээхсин: аны тыыннааҕар көрүө дуу, көрүмүө дуу биллибэт – төрөөбүт өтөҕүн кытары бырастыылаһан, ытаан, иэйэн-куойан эрэрин истибитэ. Онно өйдөөбүтэ туох иэдээҥҥэ түбэспитин. Өрө уһуутуурга дылы гыммыта, биирдэ санньыара, хараара түспүтэ. Кини куруска ылларбытын биллэрэн, тэҥҥэ айманан, барбыт дьону батыһыан баҕаран дуу эбэтэр сайылаабыт өтөҕүн хаалларыан кэрэйэн дуу кукаакы эрэ или-эйэни көрдүү, төттөрү-таары тэлээрэ чаҥкыныыра.
Ол курдук, кини соҕотох чуҥкуйа, ытыы, баһыллыбыт уу ортотугар олоро, быыстала суох түһэр ардах бороҥ эркинин быыһынан тунааран көстөр сыыры сырса үүммүт хахыйахтары кытары сайыһа, көбүөхтүү хаалбыта.
Төһө өр ол курдук сыппытын билбэтэ. Арай тымныы салгын ириэнэх көхсүн таарыйбытыгар өндөйбүтэ уонна өйдөөбүтэ дьоно аны эргиллибэттэрин, кыһын кэлэн эрэрин. Уорастыйбыт халлаан ханан да көстүбэт гына хара былытынан бүрүллүбүт этэ. Кини хоту эҥээриттэн хойуу, көбүрүөнньэ хаар бураллан иһэрэ. Ону көрөөт, кини хомойбут, хоргуппут сүрэҕэ уоскуйбута уонна кыһыны дьоһуннаахтык көрсөргө бэлэмнэммитэ.
Ол кэмтэн аастылар үгүс да үгүс сыллар. Кини бүөбэйдээн дьон гынан ииппит дьонун бырастыы гыммыта ыраатта уонна биири өйдөөбүтэ: аны дьон өйүн-санаатын, дьулуурун бас билбэт буолбутун, сылтан сыл дьон көрүүтүгэр тардыһан иһэрин. Кини куттанара үйэ хардыытыттан, хар-са суох халыан туттуу хара тыатын солууруттан. Ол эрээри кини эрэнэрэ: көмүс уйатыттан көтүппүт көччөхтөрүн оҕо-лоро кинини көрүөхтэрин-харайыахтарын, мүччүрүйбэт ытык иэстэрин толоруохтарын. Кини итэҕэйэрэ кэлэр өттүгэр өссө даҕаны дьоллоох оҕо саас туох да күлүгэ суох ыраас лыҥкынас күлүүтэ чугдаарарыгар. Күн сирин анныгар көннөрү курус сиккиэринэн суугунуу турбакка, дьон күөстүү оргуйар үлэтин ортотугар олороругар.
Амма– Дьокуускай – Күп, 1984 с.
Абылаан-табылаан
Раиса Петровна Эркээни хочотун биир улахан нэһилиэ-гэр төрөөбүт сулумах дьахтар. Киэҥ сиргэ төрөөбүт киһи өйө-санаата эмиэ туспа, онон кини этиитэ, санаата манна түҥкэтэх сиргэ сонун буолан сыаналанар.
Раиса Петровнаны бу дойдуга аймахтара ыҥыран аҕал-быттарын кэннэ, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин билсэн-көрсөн баран, хаалан олохсуйарга санаммыта. Ол санаатын этэрин кытта, дьоно үөрүүнү кытта үлэ була охсон, бу үрдүк мырааннаах бэс чагдалаах, ыраах тунааран көстөр Дьааҥы хайалара күөннээх, тупсаҕай дьиэлээх сиргэ аҕалан саһыл пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн олохтоон кэбиспиттэрэ. Раиса Петровна маннык чөм сиргэ олорорун сирбэт.
Бастаан үлэҕэ киирдэҕин утаа саас от-мас көҕөрөн эрдэҕинэ, Нуотара эбэ хочотугар киирэн аһаабыттара, дьикти кэрэ айылҕатыгар сынньаммыттара, чыычаах ырыатын дуоһуйа истибиттэрэ. Ол сылдьан Раиса ата илик төбөлөөх сардаана сибэкки умнастарын көрбүтэ уонна биэс-алта угу түөрэн саһылын пиэрмэтигэр илдьэн, хортуоскатын оҕуруотун күрүөтүн иһигэр дьиэтин түннүгүнэн көстөр сиргэ олордубута. Сибэккилэрин күн ахсын көрбүтэ-харайбыта. Сардааналара аталларын саҕана хортуоппуйун көрө таарыйа, сырыынньа сиринэн түспүтэ: арай итиннэ биир сардаана тэтэрэр, тэйиччи өссө хас да сардаана мыраан тэллэҕэр үүнэн аҕай турар эбит. Раиса Петровна соһуйан, таалан турбута. «Мин буоллаҕына, көстөөх сиртэн сардаана түөрэн аҕалан үүннэрэ сатыыбын. Онтум баара, сардаанам дьиэм тулатыгар үүнэр эбит буолбаат… Дьэ, кырдьык да, дьикти айылҕалаах дойду эбит», – диэн хайгыы санаабыта.
Саһыллара олус элбэҕэ суох, онон, үлэһиттэрэ чугастаа-ҕы учаастактан, дьиэлэриттэн сылдьан үлэлииллэр. Үлэһиттэрэ иккиэн эдэрдэр. Биирэ саҥа кэргэннэнэн сылдьар – Хабыыча диэн, иккиһэ – кэргэнэ суох, отучча сыл балыс Данилка. Үлэҕэ иккиэн тук курдуктар, тугу соруйар да, ону барытын толорон иһэллэр. Салайааччы быһыытынан билинэллэр.
Хабыыча киһини чуҥкуппат киһи. Кэпсээнэ-ипсээнэ киирдэҕинэ, киһини саҥатынан дөйүтэр. Оттон Данилка олох оҕо курдук сэмэй, киһи тугу эмэ ыйыта илигинэ саҥаран быстыбат. Бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьар. Күнү быһа да саҥата суох сылдьыах көрүҥнээх. Барытын бэйэтин иһигэр буһаран букунайар.
Биирдэ уулара бүтэн хаалан, Раиса Петровна саһылларга хааһы буһараары, Данилканы тэйиччи соҕус көлүччэттэн уу бастара ыытта. Уотун оттон, бурдугун мээрэйдээн бэлэмнээн баран, уолун күүт да күүт. Уола кэлбэт да кэлбэт. Сүтэн хаалла. Хочуол кыра уулааҕа букатын да уолла. «Бу уол туох буолан тардылынна?»– диэн кыйаханыах, эмиэ да куттаныах курдук буолан барда. Кэмниэ кэнэҕэс, уола уу баһан дьалкыһытан иһэрэ көһүннэ. Мөҕөөрү утары хааман тахсан баран, уол сирэйдиин-харахтыын сырдаан, түөс сиэбигэр абылаан (сугун абаҕата) дьөрбөтүн анньынан, бэйэтэ да тиэтэйэ-саарайа иһэрин көрөн, уостан хаалла. Раиса Петровна уол айылҕаттан уйаҕаһын, кыраттан да үөрэрин, дуона да суохтан хомойорун билэр буолан, мөхпөтө. Туох диэн кинини мөҕүөй? Арай: «Олус да өр буоллуҥ. Сүтэрэн, көрдүү бара сыстым», – диэн эйэ дэмнээхтик хомуруйда.
Уол ыаҕастарын сиргэ туруортаат:
– Раиса Петровна, бу абылаан-табылааны эйиэхэ аҕаллым ээ, – дии-дии, түөһүттэн сугун абаҕатын ылан, утары уунна.
– Уо-аай, наһаа үчүгэй дии. Бу – миэхэ? Баһыыба, өр буолла ээ, миэхэ ким даҕаны сибэкки бэлэхтээбэтэҕэ. Билигин киллэрэн маны бааҥкаҕа олордуохпут, – дии-дии, Раиса Петровна аан аһа сүүрдэ.
Кэнниттэн Данилка, саҥата суох мичээрдии, ыаҕастарын туппутунан батыста.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?