Текст книги "Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ"
Автор книги: Л. Иванова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 16 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
И.Е. Алексеев, филол. наука доктора
Сахалыы «Аатыластары» оҥоруу туһунан
Сир-дойду аатын хомуйар чинчийээччи, ытык кырдьаҕас М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ картотеката Арассыыйаҕа биир бөдөҥнөрө. Сибиир омуктарын тылын чинчийбит профессор А.П. Дульзон картотекатыныын араа-бараа диэн тэҥнииллэр. Оччоҕо Уралтан Чуумпу далайга диэри сир-дойду аатын иккиэйэх киһи ситэри-хотору хомуйбут буолан тахсар: А.П. Дульзон уонна М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ! Холбоотоххо биир мөлүйүөнтэн тахса өрүс, күөл, үрэх, сыһыы-толоон, дьон олоҕо, хайа уо.д.а. ааттара хайдах этиллэллэринэн табатык суруллан, хараллан тураллар. Санаа кыайан сиппэт сүдү үлэтэ. Төһөлөөх элбэх айан-сырыы түмүгэр ити үлэ толоруллубутун сэрэйиллэр эрэ.
Ол гынан баран, билиҥҥи кэмҥэ ити сүүнэ баайы хайдах туһаҕа таһаарар өй-санаа ситэ илик курдук. Ааптарга ханнык да көмө оҥоһуллубакка, бэйэтигэр сэлээннээһин курдук буолла. Оттон Михаил Спиридонович, сааһырбыт киһи да буоллар, бэйэтин холотунан «Картотекатын» өссө да ситэрэ, толоро олорор. Араас кинигэҕэ, ыстатыйаҕа тахсыбыты быыс көтүппэт, була-тала сылдьара хайҕаллаах. Онон бэйэлээх бэйэтин баайын боччуйар курдук өйдүөххэ сөп. Дьиҥэ да оннук.
Ханныгын да иһин, өрөспүүбүлүкэ ис да, тас да өттүгэр саха олоро сылдьыбыт сирдэрин аата-суола сурукка тиһиллибитэ судаарыстыбалыы сыһыаны эрэйэр. Багдарыын Сүлбэ төрөөбүт дойдутугар, норуотугар анаан мунньубут «Картотеката», ордук билиҥҥи быыһык кэмҥэ, билим таһымынан сыаналанан, туһаҕа тахсыахтаах. Оччоҕо ааптар сөбүлэҥинэн чинчийэр үлэ тиһигэ тэриллиэхтээх. Уонча сыллааҕыта итинник барылы ааптары кытта оҥорон, бэл, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тиэрдэ сылдьыбыттаахпыт. «Картотека» түмүллүүтэ, наарданыыта, бэйэтэ үнүстүтүүт салаатын үлэтигэр тэҥнээҕин быһааран. Онно ханнык да харда этии киирбэтэҕэ. Дьолго, Багдарыын Сүлбэ олоҕун эрэллээх аргыһа Варвара Михайловна быыстала суох көмөлөһөр буолан, бу «Картотека» силигин ситэн турар.
Дьэ ити судаарыстыбалыы сыһыан диэн этиибин чиҥэтэрдии биир холобуру аҕалабын. Үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр Нью-Йорка АХШ биллиилээх музыковеда Оуэн Латтимор диэн киһини көрсүбүтүм. Кини Аан дойдуну кэрийэ сылдьан, норуоттар үҥкүүлэрин видеоҕа устубутун дьиэтигэр түмэн туруорар этэ. Ол саҕана кини ити баайын араҥаччылааччы, чинчийээччи быһыытынан тутан олороро. АХШ салалтата О. Латтимор ити кэллиэксийэтин икки аҥаар мөлүйүөн дуолларга атыылаһан ылбыт. Оттон бэйэтигэр көрөөччү-харайааччы быһыытынан хамнас анаабыттар.
Дьэ, тэҥнээн көрүҥ, Багдарыын Сүлбэ «Картотекатын» судаарыстыбаттан ханнык да көмөтө суох оҥорбута, хамнаһа-тойо суох. Ол эрээри судаарыстыбаҕа олус туһалааҕа, ордук чинчийэр үлэҕэ, көстөн турар. Хайа да өттүнэн табыгастаах буоларын туһугар «Картотеканы» судаарыстыба, О. Латтимор киэнин курдук, атыылаһан ылыахтаах уонна араас таһымнаах чинчийэр үлэни тигинэччи тэрийиэхтээх. Оччоҕо Багдарыын Сүлбэ бэйэтэ да астына, салгыы көмөлөһө олоруох этэ.
Оттон «Картотеканы» билиҥҥи ирдэбилинэн аҥаардас сааһылаан туруорарга 150-ча кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ сөп буолуо. Онно эбии чинчийээччилэри (үс-түөрт киһини) олохтуурга эмиэ кэбиниэт наада. Оччоҕо бэйэтэ чөкө үнүстүтүүт курдук үлэлиир тэрилтэ буола түһүөх этэ.
«Картотека» судаарыстыба бас билиитэ буоллаҕына, туох ханнык иннинэ, билигин өрөспүүбүлүкэ былаһын тухары түҥ-таҥ, тиэрэ-маары суруллубут сирдэр сахалыы ааттарын чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаланыахтаах. Ол сааһыланнаҕына, сурукка-бичиккэ сир-дойду дьиҥнээх аата-суола чуолкайданан, үйэ-саас тухары олоҕун, туойун булуох этэ. Оччоҕо эрэ кэлэр көлүөнэ саха дьоно биһигини үтүө тылынан ахтыаҕын өйдүөх кэриҥнээхпит. Биир уһулуччу суолталаах хайысха – сир-дойду сахалыы аатын хаартаҕа, аатыласка сөпкө суруйуу үлэтэ. Биллэрин курдук, тылга толоос сыһыан бүрүүкээбит кэмигэр (ХХ үйэ ортото) хаартаҕа суруллар «сир аатын атын омук (холобур нуучча) киһитин тыла өҕүллэр гына бэриллиэхтээх» диэн бириинсибинэн салайтаран Чурапчыны – Чурапча, Кэбээйини – Кобяй, Намы – Намцы, Сылгы Ыытары – Сылгы Ытар, Кэбэргэнэни – Куберганя, Таҥнарыны – Тангнары, Бэрдьигэстээҕи – Бердигестях, Суоланы – Сола уо.д.а. диэн хаартаҕа, аатыласка бэлиэтээбиттэрэ билигин көммөт гына Аан дойду устун тарҕанна. Ону көннөрөр дэбигис кыаллыбата да буолуо. Барыта суутунан-сокуонунан күрүөһүлэнэн турар. Сир аатын биир эмэ исхиэмэҕэ да көннөрөөрү гыннаххына, хас эмэ күрүөлээх көҥүллэтиини ситистэххинэ эрэ ситиһэҕин. Олус уустук.
Ол иһин, Саха сиригэр саха дьонун наадатын, кыһалҕатын, үлэтин-хамнаһын, билиитин-көрүүтүн кытта быһаччы ситимнээх сахалыы тылынан оҥоһуллубут аатыластары, хаарталары оҥорор сорук туруохтаах. Арассыыйа тылга сокуонун, хаарта, аатылас оҥорор сокуоннарын тутуһар, өрөспүүбүлүкэ наадыйыытыттан үөскүүр үлэ-хамнас тэрилиннэҕинэ ураты суолталаах уонна үйэлээх, кэскиллээх дьыала олоҕун тойун булуох этэ. Ураты суолталааҕа, үөһэ бэлиэтээбитим курдук, сир-дойду сахалыы аата сокуоннайдык олохсуйара бүттүүн норуот интэриэһэ буоларын туруулаһыы. Аҥаардас билим үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, киэҥ эйгэҕэ сыһыаннаах дьон бары быһаччы кыттан үлэлэстэхтэринэ эрэ ситиһиллэр, толоруллар кыахтааҕын өйдөнүллүөхтээх.
Хайдах тэриниэххэ сөбүй? Эппитим курдук, «Картотеканы» өрөспүүбүлүкэ атыылаһан ыллаҕына, салгыы үлэлиир (матырыйаалы туһаҕа таһаарыы) билим соруктарын торумнаан, быраактыкаҕа (олоххо) сыһыаннааҕын быһааран, тэтимнээх үлэни иилиэххэ-саҕалыахха наада. Элбэх соруктартан, чуолаан, «Аатылас» оҥоруутун ылыахха. Бүттүүн өрөспүүбүлүкэ сахалыы аатылаһын оҥоруу – ылбычча туола охсубат эрээри, кэскиллээх былаан. Ону толорорго утум-ситим соруктары туруоруллар. Туох-ханнык иннинэ улуустар аатыластарын оҥорууттан сыыйа саҕалыахха сөп. Холобур, Бүлүү улууһун сирин-уотун сахалыы аатылаһын оҥорууга кыттааччылары быһаарыыттан саҕалаан, үбүн-харчытын тыыран, эбийиэктэри улаатыннарыллыбыт мастаабтаах хаарталарга чопчулаан, онно барытыгар Багдарыын Сүлбэни сыһыаран, атын топонимист дьону эмиэ түмэн, Гипрозем үнүстүүтүн былааныгар киллэрэн, «Аатылас» оҥоруутун саҕалыахха сөп.
«Аатылас» ис тутула нэһилиэктэр сирдэрин сахалыы аатын бүтүннүүтүн көрдөрөр аналлаах. Урукку нууччатыллыбытын көннөрөн, Багдарыын Сүлбэ «Картотекатыгар» хайдах суруллубутун тутуһан. Оччоҕо бары нэһилиэктэр хаарталарыгар сир-дойду төрүкү аата хаһан да уларыйбаттык оннун буллаҕына, ол түөлбэҕэ олохтоох дьон-сэргэ балыктыыр күөллэрин, оттуур ходуһаларын, бултуур ыырдарын өбүгэлэрэ хайдах ааттаабытынан көлүөнэҕэ салгыы тиэрдэ, үөрэтэ-такайа сылдьыахтара.
Биир улууска итинник үлэ силигин ситэн оҥоһулуннаҕына, атын улуустарга тэриллэригэр эмиэ төрүөт буолуоҕа. Онтон бары улуустарга «Аатылас» утум-ситим бэчээттэннэҕинэ, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ сирин-дойдутун сахалыы «Аатылаһа» чөмчөтүллүөҕэ. Оччоҕо эрэ, тыл бэлиитикэтэ диэн өйдөбүл саха норуотун олоҕор үтүө сабыдыаллааҕа көстөн, салгыы чэчириир суола тобуллуоҕа.
Багдарыын Сүлбэ уонна Далан
Л.В. Иванова
Үтүө санаалара өссө күүһүрбүтэ
Бу түһүмэҕи норуот суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан тылларыттан саҕалыым: «Мин олорбут олоҕум уопсастыба тутула уларыйар кэмнэрин баттаста. Тус бэйэбиттэн туох да тутулуга суох норуотум чулуу уонна олус интэриэһинэй дьонун: Г.П. Башарины, Н.Е. Мординовы-Амма Аччыгыйын, В.М. Новиковы-Күннүк Уурастыырабы, В.А. Протодьяконовы-Кулантайы, Семен П., Софрон П. Даниловтары, М.С. Иванову-Багдарыын Сүлбэни, Е.Е. Алексеевы о.д.а., кинилэр охсуһууларын, дьулуһууларын кытары алтыста. Саха норуота үйэлэргэ үөскэппит интеллектуальнай баайын-дуолун бэйэтигэр төннөрөр туһугар ити дьон бэрт уһун сыллаах дьаныардаах туруулаһыыларын ортотугар олордум. Онтон туора туран хаалбатым да диэххэ сөп».
Чахчыта да оннук, Далан ити тыҥааһыннаах кэмнэргэ туора турбатаҕа, кырдьык туһугар биир санаалаахтарын кытта турууласпыта, охсуспута. Бары да билэргит курдук, Василий Яковлев-Далан уонна Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ пединститукка бииргэ үөрэммиттэрэ. Билиигэ-көрүүгэ тардыһар эдэр дьон преподавателлэрэ Г.П. Башарин ыытар куруһуогар умсугуйан туран дьарыктаммыттара. Бу туһунан Далан «Дьылҕам миэнэ» эссе-романыгар маннык суруйбут:
«Г.П. Башарин пединститукка кэлээт, биһигини, эдэр ыччаты, наукаҕа көҕүппүтүнэн, угуйбутунан барбыта. Саха сирин историятын туһунан аан бастаан систематическай курсу аахпыта, историческай куруһуогу тэрийбитэ. Ол кэмҥэ Саха сирин историята саҥардыы үөрэтиллэн эрэрэ, онно эдэр научнай каадырдары бэлэмниир баҕалааҕа.
Саха сирин историятын үөрэтэр аан бастакы историческай куруһуокка 1950–51 сс. үөрэх дьылыгар 19 чилиэн баара. Миша Ивановтуун иккиэн биһиги ол куруһуокка киирбиппит. Куруһуокпутугар биһиги тиэмэ ылан, бибилэтиэкэттэн, архыыптан матырыйаал хомуйан, реферат суруйарбыт.
Рефераттары дьүүллэһии, научнай кырдьыкка талаһар эдэр дьон сиэринэн, итэҕэстэргэ ханнык да эйэлэһимтиэтэ суох принципиальнайдык, уохтаахтык-күүстээхтик барара.
Биһиэхэ, студеннарга, Башарин куруһуогар сылдьыыбыт, төрөөбүт дойдубут, Сахабыт сирин историятын үөрэтиибит, системаламмыт дириҥ билиини уонна научнай үлэҕэ бэртээхэй бэлэми биэрбитэ. Ити сыллааҕы куруһуок чилиэннэриттэн биэс учуонай тахсыбыта. Оттон, уопсайынан, Г.П. Башарин куруһуогуттан алта уонча учуонай иитиллэн тахсан, бүтүн научнай оскуола төрүттэммитэ».
Маны таһынан, Далан уонна Багдарыын Сүлбэ Г.П. Башарин курдук уһулуччулаах уһуйааччы куруһуогар дьарыктанан, күүстээх айымньылары, үлэлэри суруйан хааллардахтара. Ол курдук Багдарыын Сүлбэ топонимиканан утумнаахтык дьарыктаныыта, Далан «Тыгын Дархана», «Тулаайах оҕото», «Үһүс хараҕа» саха норуотун түҥ былыргыттан историятын көрдөрөллөр, кэпсииллэр. Ити аата кинилэр дьиҥнээх Учууталга үөрэнэн, кини биэрбит билиитин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, онтуларын сайыннаран, бар дьонноругар суруйан хаалларбыттар.
Багдарыын Сүлбэ уонна Далан, төһө да тус-туһунан тэрилтэҕэ, туһунан хайысхаҕа үлэлээбиттэрин иһин, айар үлэлэринэн алтыһар этилэр. Ол туһунан В. Луковцев «Кэм кэрдии уонна киһи» кинигэтигэр маннык суруйар: «Оччолорго „Хотугу сулус“ редакциятыгар саха биллиилээх суруйааччылара Далан, С. Руфов, И. Федосеев, П. Аввакумов, критик Эрчимэн, Тумарча, журналист, литератор И. Егоров-Сүгэһэрдээх, эдэр айар үлэһит драматург Харысхал, тылбаасчыт А. Шапошникова икки сурунаалга техредакторынан, холбуу баар «Полярная звездаҕа» В. Федоров, Ю. Чертов, о.д.а. үлэлииллэрэ. Онон сурунаал прогрессивнай санаалаах айар, научнай үлэһиттэр мустар, санаа атастаһар, сонун истэр кииннэрин кэриэтэ этэ. Куруутун элбэх айар үлэһит, учуонайдар, суруйааччылар тоҕуоруһаллара. Уларыта тутуу кэмэ саҕаланан, интеллигенция сүргэтэ көтөҕүллүбүт, инникигэ эрэлэ күүһүрбүт, айар, общественнай көҕө улааппыт бириэмэтэ этэ.
Сарсыарда аайы ким ханнык киин хаһыакка сонун матырыйаалы аахпытын ырытыһыы буолара. Е.Е. Алексеев, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Г.Г. Колесов, о.д.а. ыстатыйа аҕала эҥин кэлэннэр кэпсэтии, мөккүөр өрө оргуйара».
Далан уонна Багдарыын Сүлбэ олохпут биир сабыылаах нөҥүө өттүн кэлэйэ көрбүттээхтэр. Кинилэр оччотооҕу партийнай тэрилтэ салайааччылара киин сирдэргэ тиийэн хайдах курдук көрүлүүллэрин улаханнык соһуйа уонна абара көрбүттэр. Ити түбэлтэни Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтигэр ахтыбыт. Ол курдук, В.С. Яковлев 1962 с. Новосибирскайга интернат оскуолалар завучтарын курстарыгар бара сылдьыбыт. Онно урут педучилищеҕа бииргэ үөрэммит доҕоро Ким Иванов Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэ кэлбитин көрсөр. Кини Даланы ыалдьыттата ыҥырар. Дойдуларыгар көстүүмнээх, папка кыбыныылаах коммунист салайааччылар манна кэлэн «тимэхтэрэ сөллүбүтүн» Далан олус сөхпүт: «Тыа сирин муҥкук учуутала, мин, оо дьэ, бэркиһээбиппин эриэхсит! Оскуола буолбатах – өрүү бүппэт бырааһынньык! Үөрэнээччилэр буолбатах – райком секретардара, райсовет председателлэрэ! Арыгы, ас, кэпсээн-ипсээн – киэптэҥэлээһин! Арай мин киһим эрэйдээх, совхоз парткомун секретара, дьоно киэптээһиннээх кэпсэтиилэриттэн, далааһыннаах быһыыларыттан-майгыларыттан сэрэммиттии туттар этэ».
Эмиэ итинник курдук түбэлтэҕэ Багдарыын Сүлбэ Москваҕа бара сылдьан түбэспит. М.С. Иванов ол сырыытын Далан маннык ахтар: «Миша Иванов Москваҕа бара сылдьан эмиэ Үрдүкү партийнай оскуола үөрэнээччилэригэр ыалдьыттаабыттаах – дьоно хараҕар «ачыкы» олордон ыыппыттар этэ. Кини хоодуот, чобоо, санаабытын этэн арахсар эристиин, мин курдук буолбатах, иһигэр эрэ бэркиһээн кэбиспэтэх, таһыгар таһаарбыт: «Эһигини норуот үөрэниҥ-сайдыҥ диэн үөрэххэ ыыппыта. Ону баара билии-көрүү ыларгыт оннугар наар арыгылаан, дьахтардаан тахсар эбиккит», – диэбит. Онуоха: «Эн Бүлүү түгэҕэр бүгэн сытан биһигини үөрэтээри гынаҕын дуо? Биһиги аспытын аһыы-аһыы өссө араас саҥалааххын-баҕастааххын», – диэн баран, хараҕын баһан кэбиспиттэр. Ол сайын хараҥа ачыкылаах миэхэ кэлэ сылдьыбыта». Партийнай салалта итинник быһыытын Далан маннык түмүктүүр: «…ити барыта, партия тугу оҥороро чып кистэлэҥин курдук, туора кулгаахтан-харахтан үс хос күлүүһүнэн кичэллээхтик хатанара, номенклатурнай эргимтэ хардарыта түсүһэн биэрбэт суруллубатах сокуонунан уобуруччуланара. Оннооҕор уонунан мөлүйүөн дьон уҥуохтара олорон ааспатахтарын курдук көстүбэккэ тумаҥҥа мунна дии, онуоха холоотоххо ол «мэнигилээһиннэр» биллиэхтэрэ үһү дуо?»
Литературовед Д.Е. Васильева «Далан олоҕо уонна айар үлэтэ» диэн кинигэтигэр маннык суруйар: «Бүтүн дойду үрдүнэн күнүстэри тымтыктана сылдьан өстөөҕү көрдөөһүн саба бүрүүкээбитэ. Оттон Саха сиригэр «Баһаарын дьыалата» диэн ааттаах саха норуотун омугумсуйууга буруйдуур улахан алдьатыылаах дьыала үөскээн тахсыбыта. Г.П. Башарин диэн эдэр наука доктора 1950–1951 сс. Саха сиринээҕи государственнай педагогическай институкка Саха сирин историятын үөрэтэр научнай куруһуогу аан бастаан тэрийэн үлэлэппитэ. Бу куруһуокка кини салалтатынан 19 студент дьарыктанара. Бу куруһуокка Василий Яковлевы кытта кэлин биллэр учуонай буолбут М.С. Иванов, А.Д. Сыроватскай уо.д.а. дьарыктаммыттара.
Василий Яковлев Г.П. Башарин куруһуогар үөрэнэр дьылыгар Саха сиригэр улахан айдаан буолбута. Ахсынньы 10 күнүгэр 1951 сыллаахха «Правда» хаһыакка БСК (б)П Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретара С.З. Борисов, суруйааччы А. Сурков, литературовед Л. Климович илии баттааһыннаах «За правильное освещение истории якутской литературы» диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онтон 1952 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр БСК (б)П Саха уобаластааҕы Комитетын «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистичес– кай токурутуулар тустарынан» диэн ааттаах улахан айдааннаах, ыар содуллаах уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах сүнньүнэн Василий Яковлев учуутала Г.П. Башарин 1944 сыллаахха таһаарбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтин утары туһаайыллыбыт этэ. Г.П. Башарин бу үлэтигэр саха үс реалист суруйааччытын – А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олохторун уонна айар үлэлэрин сырдаппыта, онон буржуазнай-националистическай ис хоһоонноох А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын арбаабыта диэн улахан буруйга-суҥхаҕа, политическай буруйдааһыҥҥа, эккирэтиигэ түбэспитэ. Оттон Г.П. Башарины көмүскэспит бастакы учуонайдар А.Е. Мординов, И.М. Романов, В.Н. Чемезов уо.д.а. улаханнык критикаламмыттара, киһи эрэммэт дьонун ахсааныгар киирбиттэрэ. Г.П. Башарины үлэтиттэн уураппыттара, учуонай степеннэрин сотон кэбиспиттэрэ.
Г.П. Башарин үөрэппит оҕолорун эмиэ түүрэйдээбиттэрэ. Сорохторун түүнүктээх түрмэҕэ утаарбыттара. Бастакынан Василий Яковлев бииргэ олорор уонна үөрэнэр уолун, табаарыһын, доҕорун Миша Иванову хаайбыттара. Төһө да итинник ыарахан, иэрэҥ-саараҥ күннэр-дьыллар тиийэн кэлбиттэрин үрдүнэн, Василий Яковлев эдэрэ, оҕото бэрт буолан, Миша Иванову алҕаска хаайдахтара, сотору таһаараллар ини дии санаабыта.
«…Үөрэнэ сылдьар пединститут IV курсун студенын Василий Яковлевы 1952 сыллаахха саас муус устар ый онус күнүгэр МГБ үлэһиттэрэ хаайа илдьибиттэрэ. Ити күн издательство редакторын, эдэр суруйааччы Афанасий Федоровы эмиэ хаайбыттара».
Далан ыкса алтыспыт, чугастык билэр дьонун, ол иһигэр Багдарыын Сүлбэни «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын…» диэн романыгар прототип оҥостубут буолуон сөбүн Д.Е. Васильева маннык суруйар: «… хас биирдии герой оччотооҕу кэм дьоннорун типичнэй образтарын бэйэтигэр иҥэринэн илдьэ сылдьар. Олор истэригэр прототиптарынан Далан бэйэтэ, Багдарыын Сүлбэ, А.И. Федоров, Г.П. Башарин, Н.П. Канаев уо.д.а. буолуохтарын сөп».
Бу курдук хара балыырдаах, дьон туйгуннарын суох гынар репрессия ытарчатыгар киирэн тахсыбыттара доҕордуу Багдарыын Сүлбэ уонна Далан. Түүнүктээх түрмэҕэ кинилэр киһилии быһыыларын сүтэрбэтэхтэрэ, төттөрүтүн, үтүө санаалара өссө күүһүрэн, сырдыгы-сайдыыны саҕар баҕалара өссө сытыырхайан тахсыбыттара.
Далан «Дьылҕам миэнэ» эссе-романыттан
Иванов Мишаны илдьэ бараллар
Олунньу 17 күнүгэр пединститут комсомолецтарын уопсай мунньаҕа буолбута. Оччотооҕуга истфак студена В.В. Румянцев ол мунньаҕы суруйбут конспегыттан быһа тардыылары аҕалабын. Мунньах 10 чаас 30 мүнүүтэҕэ саҕаламмыт. Дакылаатчыт комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээрэ Е.Д. Кычкин Пленум уураахтарын олоххо киллэрии, Башарин кинигэтин буржуазнай националистическай алҕастарын туһунан дакылаат оҥорбут. Оччотооҕу сиэринэн дакылаакка Башарин аньыыта-харата барыта ыйыллыбыт: кини буортулаах кинигэтэ пединститукка национализм учебнигынан буолбут. Ол түмүгэр студент Павлов националистическай буруйу оҥорбут, Красина, Артемьев, Кельбас, Анисиферов аморальнай быһыылары таһаарбыттар. Оттон Афанасьев, Окороков, Платонов, Охлопков, Гурьев, Колмаков, Тетерин, Захарова итириктээбиттэр.
Мунньахха барыта 25 киһи тыл эппит. Студеннар бу сырыыга националистическай алҕастары кириитикэлээбиттэр. Литературнай отделение студеннара В. Яковлев уонна М. Иванов Башарин уонна бэйэлэрин преподавателлэрин С. Данилов үрдүгэр түспүттэр. Историческай отделениеттан А. Алексеев Башарин кинигэтигэр уһуйуллубут М. Иванов националистическай тенденциятын арыйбыт. Конспектан быһа тардыыны аҕалабын:
«17. Артемова (IV). Об ошибках Башарина. Об Иванове М.: показывает свою незрелость, аполитичность. Считает, что победа коммунизма возможна только теоретически. Неправильно относится к людям, приезжающим из центральных областей, как к бродягам. Партийная организация должна бороться с такими последствиями работы Башарина. Такой же националистический проступок совершил и Павлов.
18. Винокуров Д. Говорил о вредных последствиях пресловутой книжонки Башарина. Троев отказался написать заметку о статье газеты «Правда». Семенова и Яковлев тоже отказались».
Ити кэнниттэн сотору быһыы-майгы «Юпитер, ты сердишься, значит, ты не прав» диэн букатын былыргы өс хоһоонугар маарыннаабыта: мөккүһэн чорбоҥноһуох курдук буолбут студеннары айахтарын бүөлүү аспыттара – комсомольскай мунньах кэнниттэн икки хонон баран, олунньу 19 күнүгэр, Иванов Миша хаайыллыбыта.
Үһүс лекция кэмигэр Иванов Мишаны дириэктэргэ ыҥырбыттара. Миша онон мэлийбитэ, лекциятыгар төннүбэтэҕэ. Биһиги бастаан онно кыһамматахпыт: партиялаах активист студены администрация онно-манна соруйара кэмнээх буолуо дуо? Лекциябыт бүтэн уопсайбытыгар тиийбиппит, арай, доҕор, хоспут иһэ букатын да харахтаабатах дьоммутунан туолбут. Мишабытын хос ортотугар олоппоско олордубуттар уонна кинигэтин ньэҥньийэн ахан эрэллэр эбит. Биһигини эмиэ хоспутуттан таһаарбакка олордуталаан кэбистилэр. Ньэҥниир оҥорор дьон тимири тимиргэ охсубут курдук кытаанах саҥалаахтар, дьиппиэн көрүҥнээхтэр. Буолумуналар даҕаны, Сэбиэскэй былаас өстөөҕүн тутан, олус улахан суолталаах үлэни толорон эрэр дьон. Бүттүлэр, Миша кинигэлэрин матараас хаатыгар хаалаатылар, тэбиэлээн чиҥэтэ симнилэр. Онуоха Миша кыһытардык:
– Мэнээк тэбиэлээмэҥ. Итинтикэлэриҥ Маркс, Энгельс кинигэлэрэ ээ, – диэтэ. Тойонноро, ачыкылаах, хайдах эрэ киинэҕэ көстөр гестаповеһы санатар киһи:
– Это не горох, – диэн суостаахтык саҥарда.
Уолбутун ортолоругар уктан тахсан бардылар.
Миша хаайыллыбытын кэннэ мөккүөрдээҕэр буолуох, студеннар икки ардыларынааҕы аһаҕастык кэпсэтиһии да уурайбыта. Кистээн-кистээн муннукка-ханныкка: «Ити туохха буруйдаан хаайдахтарай?» – диэн сибигинэһэрбит. Саҥа ананан кэлбит өрөспүүбүлүкэ прокурорун кыыһыгар Артемова Лидаҕа күтүрүүрбүт. Ол кыыстыын кыыһырсан, Миша этиһэн турардаах этэ. Ол этиһии переменаҕа, курс студеннара барылара истэн турдахтарына, буолбута. «Преподавателлэр киирдэхтэринэ турар наадата суох», – диэбитэ кыыс. Миша утарбыта. Онуоха Лида: «Эһиги манна, ыраах сир улаҕатыгар, дьөлө түһэн олороҥҥут, тугу даҕаны билбэккит», – диэбитэ. Миша: «Оттон эһиги бырадьаагылаан манна кэлбиккитинэн киэбиримэҥ», – диэн буолта. Кыыс: «Бырадьаагаларынан үөхпүккүн аҕабар этиэм!» – диэн сааммыта. Миша: «Эттэххинэ, этэ сылдьыаҥ ээ», – диэбитэ.
Биһигини кытта бииргэ үөрэммит Варя Федорова маннык суруйар: «Маша Скрябина сүрдээҕин ыксаан кэлбитэ. „Миша Иванову хаайдылар!“ – диэбитэ. Олус соһуйбутум. Лекцияҕа олордохторуна дириэктэр ыҥырар диэбиттэр, уол тахсыбыт уонна төннүбэтэх. Олорор хоһун ньэҥньийэн туох баар кумааҕытын барытын илдьэ барбыттар. Итинтэн атыны ким да билбэт, сурах суох. Тоҕо хаайыахтарын сөбүй? Миша адьас күлүгээнэ суох, ханна да мэнээк сылдьыбат, наар үөрэҕэр эрэ кыһанан тахсара.
Арай Лида эрэ туох эмэ диэн хобулуон сөп. Кини биһигини барыбытын тоҕо эрэ сөбүлээбэт этэ дэһэбит. Лида Артемова Рязаньтан кэлэн биһигини кытта үөрэммитэ. Хап-хара уһун баттахтаах, чох хара харахтаах, хара бараан уһун, уҥуох-тирии ньолоҕор сирэйдээх, ытаабыт киһилии хараарбыт халтаһалардаах, хатыллаҥнаабыт иҥиир-ситии курдук бэйэлээх намыһах Лида саастаах көрүҥнээҕэ. Мэлдьи дьоһумсуйбуттуу туттан, истээх сонун кэппитинэн, үрүҥ баайыы былаатын моонньугар түһэринэн баран, биһигини одуулаан, кэпсэтэрбитин истэн паарта кэтэҕэр олорор буолара. Переменаҕа тахсыбат этэ, дэҥҥэ ааҥҥа өйөнөн, көрүдүөргэ хаамсар студеннары көрөрө. Аҕата Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ прокурора этэ. «Ол эрээри прокурор, боччумнаах киһи буоллаҕа дии, ама, кыыһа хас сөбүлээбэтэх киһитин холуннардаҕын ахсын хаайтара сырыттаҕай» диэн эмиэ да саарбахтыырбыт».
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?