Текст книги "Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ"
Автор книги: Л. Иванова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 16 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
Былыт хойдор
Бары инники кэскилгэ тардыһарбыт. Төрдүс курс студена… сибилигин үрдүк үөрэҕи бүтэрээри сылдьаҕын. Оччотооҕуга этэллэринэн «без пяти минут учитель с высшим образованием!» Дьол-үөрүү эдэр түөһү тиирэ киэптиирэ, оччотооҕу дэгдэҥнэс ырыа тылларыныы «Мы рождены, чтоб сказку сделать былью…» төһө да сэбээҥ күннэр буоллаллар, миигин ол ааспыт кэмҥэ, наар үөрүү, өрө көтөҕүллүү кууһан сылдьыбыта. Куруутун бэртээхэй настроениелаах, күлүм аллайа сылдьар эдэр киһи ордук тупсан көстөрө эбитэ буолуо, кыргыттар эмиэ миэхэ олус сыстаҕас, ханна да ыҥырдар адьас аккаастыа суох курдуктара. Ол өссө ордук санааны кынаттыыра.
Миэхэ уорбалыыр, куттанар-сэрэнэр санаа букатын киирбэтэҕэ. Туой Мишаны алҕаска ыллахтара, сотору төлө көтөн тахсыа, «Троичев, Бахча Баатыр дорооболоруҥ!» диэбитинэн, күлбүтүнэн, киирэн кэлиэ диэн күүтэрим. Кини бииргэ олорор уолаттарбытын Троевтаах Никифоровы наар инньэ диэн ааттыыра. Ол мин Миша курдук чиэһинэйдик, ис сүрэҕиттэн былааска бэриниилээх, идейнэй киһи аҕыйах диэн санаабыттан тахсара. Кэнники биллэххэ, итинник өлүүлээх алҕаһы 1937–38 сылларга, онтон да кэнники репрессияламмыт дьон бары хатылаабыт алҕастара эбит. Хоско киирэн халыыр бандьыыттар дьон хаһыытын иһитиннэримээри, радионы күүскэ ыытан кэбиһэллэринии, ити репрессия сылларыгар норуот өйүн-санаатын атыҥҥа аралдьытар, муннарар иһин информация средстволара харса суох үлэлээбиттэр. Ол иһин олох дьиҥнээх баран иһэр сайдыытын хайысхатын биһиги бары да билбэтэхпит.
Ыраахтан сылдьан көрдөххө, биир государственнай программанан үөрэнэр, биир билиини ылар студеннар барылара хайдах эрэ биир уопсай маассаны санатааччылар. Ол эрээри кинилэр истэригэр киирдэххэ, адьас тус-туһунан дьон. Олоххо саҥа тахсаары тарбачыһар студеннар кэнники туох-ханнык буолаллара ол кэмҥэ кинилэр истэригэр хайы сахха былааннанан, иитиэхтэнэн сылдьара. Биһиги эмиэ оннук этибит: сорохтор учуутал, сорохтор атын үлэһит, оттон сорохтор наукаҕа барар, тойон-хотун буолар баҕалаахтара. Ол гынан баран, 1952 сыллаах репрессия ону балачча уларытан, хара күлүгүн түһэрбитэ. Инники олоҕу хайдах олорор үгүстэргэ республикаҕа буола турар Башарины эккирэтии хампаанньатыгар сыһыаннаһыыны кытта ыкса сибээстэнэн тахсыбыта.
Миша хаайылларын кытта биһиги курска нууччалар, сахалар диэн хайдыһан, итэҕэйсибэт буолбуппут.
Бастаан үөрэнэ киирэрбитигэр оҕо-оҕо курдук этибит, тус-туһунан омуктарбытын ким да өйдөөн көрбөт буолара: көннөрү Миша, Леня, Люся, Гутя дэһэрбит. Ол эрээри оччотооҕу пропаганда ким ким буоларын дьаныйан туран өйдөппүтэ: биир өттүнэн, күн аайы хаһыат, радио нуучча норуота улуутун, кини эрэ өйө-санаата сырдыгын, наукаҕа, культураҕа приоритетын, кини үтүөтүн-өҥөтүн харса суох дарбыйара; иккис өттүнэн, кыра норуоттар буржуазнай национализмнарын харса суох саралыыра. Биһиги учууталбытын Башарины буржуазнай национализмҥа буруйдаабыттара, доҕорбутун, бииргэ үөрэнэр Мишабытын хаайбыттара.
Мишаны хаайыы кэнниттэн тоһун ылла диэн сэтэрээбиттии санаалара чахчы көтөҕүллүбүт, үөрбүт-көппүт да оҕолор көстүтэлээбиттэрэ. Саха оҕолоро өссө самныбыттара. Нуучча оҕолоро бэйэлэрэ туһунан мунньустан сүбэлэһэр, кэпсэтэр этилэр. Биһиги, саха оҕолоро, чугаһаатахпытына, кэпсэтиилэрин атыҥҥа уларытан, суолтата суох сымыйанан ымайбыта буолан көрсөр буолбуттара. Ис сүрэхтэн уруккулуу үөрэр-көтөр сыһыаннаһыы сүппүтэ. Казеннай, харах баайыыта сыһыан үөскээбитэ. Ити бадаҕа Сталин национальнай боппуруоһу быһаарыыта – трибунаттан дарбыйыллар «советскай норуот хамсатар күүһэ», «норуоттар доҕордоһуулара», «интернационализм тыына» диэн ааттанааччыта этэ…»
Мантан салгыы Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин «Пединститут националистическай тэрилтэтэ» диэн баһыгар автор Багдарыын Сүлбэни хаайыыга хайдах доппуруостаабыттарын суруйар:
«Мин Миша Иванову следователь хайдах доппуруостаабытын холобурга аҕалабын. Афоня Федоров биһиэхэҕэ бэриллэр боппуруостар итинтэн туох да атыннара суоҕа.
– «На сегодняшнем дневном допросе Вы заявили, что никакой связи с Г. Башариным Вы не имели. Так ли это?»
– «Вы правильно показываете о содержании бесед с Башариным?»
– «Расскажите о лицах, которые в последнее время оказывали на Вас антисоветское влияние и направили Вашу антисоветскую деятельность?»
– «Когда Вы намерены дать правдивые показания по вопросу о том, кто руководил антисоветской деятельностью Вашей и Ваших единомышленников?»
– «Вы по-прежнему не даете откровенных показаний по данному вопросу. Следствие требует прекратить запирательство и показывать правду».
Доппуруос боротокуолугар «Вы» диэн суруллубут, өссө улахан буукубаттан. Дьиҥэр, доппуруоска хаһан да «вы» диэбэтэхтэрэ, куруутун «ты», куруутун ыыс-бурут тылынан үөҕүү уонна бэрт үгүс этээстээх маатыра.
Итинтэн көстөрүнэн, силиэстийэ атын дьону өссө эбии хаайталыырга туһуланара, салайааччылары көрдүү сатыыра».
Атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр кэриэтэ
(Интервьюлар)
Валерий Луковцев, публицист
Ытык киһилиин кэпсэтии
– Михаил Спиридонович, эн аҕыс уоҥҥун лаппа ааспыт, баай ис хоһоонноох уһун олоҕу олорбут саастаах киһи быһыытынан, олох сүрүн сыала-соруга туох эбит дии санаатыҥ, олох ис хоһооно, суолтата диэххэ дуу?
– Оттон норуоппар туһалаахтык олордорбун диэн саныыр этим, саныыбын даҕаны. Норуот уопсай култууратыгар, култууратын байытыыга, сайыннарыыга тугу эмэ туһалаатарбын диэн. Сүрүн сыалым-соругум оннук.
– Эн көлүөнэҥ айылҕа сокуонунан аҕыйаан иһэр. Дьэ бу олоххор алтыспыт биир санаалаах дьоҥҥуттан ордук ахтар-саныыр киһиҥ кимий, кимнээхтэрий?
– Саамай чугастык саныыр киһим – Далан. Институкка бииргэ үөрэммиппит. Онтон өссө сымыйа балыырга түбэһэн хаайыыга бииргэ олорбуппут. Национализмҥа буруйдаабыттара. Босхолонон тахсан атын-атын үлэҕэ үлэлээбиппит гынан баран, сибээспитин быспатахпыт. Суруйууларбытын ааҕар этибит. Уонна сөпкө суруйаҕын, сөптөөх идеяны тутуһаҕын диэн бэйэ-бэйэбитин санаабытын көтөҕөрбүт. Учууталбын Г.П. Башарины ахтыым. Кинини кытта үчүгэйдик билсибиппит мин хаайыыттан тахсыбытым кэнниттэн. Учууталым миэхэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Кэпсэтэрэ. Дьиэтигэр да сырытыннарара. Хайгыыра миигин. Биир чугас табаарыспынан историк Е.Е. Алексеевы ааттыыбын. Санаатын, үлэтин-хамнаһын кэпсиирэ. Мин үлэбин сыаналыыра. Ити дьону кытта күннээҕи олох туһунан кэпсэтииттэн ураты саха үөрэхтээхтэрэ олорон ааспыт олохторун, суруйууларын ырытыһарбыт. Онно санаабыт биир буолара.
– Саҥалыы олоҕу олор дииллэрэ буоллар, тугу, ханнык олоҕу талыаҥ этэй, талымастыаҥ этэ дуу?
– Олохпун сөпкө олорон кэллим дии саныыбын. Дьэ, холобур, сэбиэскэй кэмҥэ национализмҥа буруйдаабыттара. Ол мин саха бастыҥ үөрэхтээхтэрэ олорон кэлбит олохторун, суруйан хаалларбыт үлэлэрин сөптөөҕүнэн ааҕарым, туруулаһарым иһин этэ.
– Билигин бэлитиичэскэй эрэпириэссийэҕэ хаарыллыбыт, аһыытын-ньулуунун, хаайыытыгар тиийэ эт хааҥҥынан билбит сахалартан соҕотоҕун хаалан олороҕун. Үөлээннээҕиҥ Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтигэр бэйэтин сыһыанын, санаатын суруйан турар. Эн туох санаалааххыный?
– Бэлитиичэскэй эрэпириэссийэ диэн норуоту, саха норуотун бүк баттыыр, нууччатытар, норуот бэйэтин култууратын, бэйэтин санаатын суох гынар бэлиитикэ этэ.
– Саха омугар былыргыттан ыла маннык бэлиэ дьон норуоттарын туһугар олорбуттара диэн кимнээҕи ааттаталыаҥ этэй?
– Өксөкүлээх Өлөксөйү, Г.В. Ксенофонтовы, А.И. Софронов-Алампаны, А.Е. Мординовы, Г.П. Башарины, Суорун Омоллоону уо.д.а.
– Оттон билиҥҥи кэмҥэ кимнээҕи ордук чорботоҕун?
– М.Е. Николаев, У.А. Винокурова, И.И. Шамаев, Е.П. Жирков, Дабыл, Тэрис уо.д.а.
– Сир аатын, ааттары үөрэтиинэн дьарыктанар киһи тылбыт төрдүн-ууһун туһунан бэйэҥ санаалардаах буолуоҥ. Холобур, казахтар, узбектар түҥ былыр түүр тыллаахтарга аакайдааһын баар этэ дииллэр. Биһиэхэ монгол тыллаахтар сабыдыалларынан аакайдааһын үөскээбитин курдук этиилэр баһыйаллар. Эн санааҕар?
– Аакайдааһын саха тылыгар былыргыттан баар этэ дии саныыбын. Ол сир аатыгар да көстөр. Оокойдуур улуустарга сир аатын аакайдаан саҥарыылар бааллара. Аҕыйаҕын аҕыйах этэ.
– Уолуҥ Ньургун Михайлович эн үлэҕин салҕаан сир, өрүстэр, күөллэр ааттарын чинчийиигэ үлэлиир. Кини да сааһа ыраатан эрэр диэбэтэрбит да, биэс уонун аастаҕа дии. Сиэннэргиттэн, аймахтаргыттан бу эн олоҕуҥ тухары кэриэтэ хомуйбут сүүһүнэн тыһыынча сир аатын картотекатынан үлэлиэх оҕо, салҕааччы баар дуо?
– Билиҥҥитэ суох. Кэлиҥҥитин олох бэйэтэ көрдөрөн иһиэ.
– Амма Аччыгыйа Ойуунускайдыын суруйааччылар бастакы съезтэригэр сылдьыбыта. Онно Николай Егорович этиитигэр сыана быһан суруйбутуҥ, бэйэҥ санааҕын эппитиҥ. Ол этиигин, төһө эмэ кэм ааспытын, олох уларыйбытын-тэлэрийбитин кэннэ, хайдах сыаналыыгын?
– Санаабын уларыппаппын.
– Эн олорбут олоҕуҥ, үлэлээбит үлэҥ, охсуспут охсуһууҥ сүрүн түмүгэ тугуй?
– Оҕолордоннум, сиэннэрдэнним, хос сиэннэрбэр тиийдим. Учуутал киһи быһыытынан, историк быһыытынан үлэлээн кэллим. Туһалаахтык диибин. Оҕолору үөрэтии таһынан чинчийиинэн, суруйуунан дьарыктанным. Онтум барыта норуот тылыгар, култууратыгар, устуоруйатыгар сыһыаннаах. Суруйууларбын саха дьоно биһирээтилэр. Ону тылынан даҕаны, суругунан даҕаны миэхэ биллэрдилэр.
– Норуоту көмүскээн, норуот туһугар суруйан, этэн-тыынан, охсуһан кэлбит киһинэн эйигин билэбит, сыаналыыбыт. Билиҥҥи дьоҥҥо ыччакка туох баҕа санааны этиэҥ этэй?
– Сөптөөх олоҕу олорон кэллим дии саныыбын. Онон ыччаттарга, эдэр дьоҥҥо норуоккут туһугар, өрөспүүбүлүкэҕит сайдарын туһугар кыһаныҥ, туруулаһыҥ, мэһэйдэри туоратыҥ диэн баҕабын этэбин.
2014 с.
Борис Павлов, суруналыыс
Күн тэҥэ күндү киһи буоллун диэн
Сэтинньи 8 күнүгэр бары билэр киһибит Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ 70 сааһын туолар. Бу сырыыга кинини кытта кэпсэтии наука, үөрэх туһунан буолбатах. Олоҕун, дьиэ кэргэнин туһунан.
– Михаил Спиридонович, оҕолоруҥ туох үлэһит буоллулар?
– Улахан уолум Ньургун мин үлэлиир институппар үлэлиир, топонимиканан дьарыктанар. Бэйэтэ саха тылын үөрэхтээҕэ. Былырыын «Монгол төрүттээх тыллар сир аата буолуулара» диэн тиэмэҕэ диссертация көмүскээбитэ. Орто уолум Айдаар манна университекка үөрэнэн иһэн Ленинградтааҕы университет журналистикаҕа факультетыгар көспүтэ. Бүтэрэн баран хаһыакка үлэлээн иһэн хайдах бары сурук үлэтигэр сылдьыахпытый, олох тэринэргэ баҕар, кыах ылыам диэн коммерцияҕа барбыта. Кыра уол Эллэй омук тылын бүтэрбитэ. Саха абыычайын быһыытынан дьиэни-уоту кини тутан хаалыахтаах. Кыра сылдьан хомуска оонньуур, үҥкүүлүүр, самодеятельноска кыттар этэ. Бэл, Москваҕа туох эрэ улахан бырааһынньыкка кыттан кэлбитэ. Онон телевизорга элэҥнээбит киһи буолан, үөрэҕин бүтэрэн баран Саха телевидениетыгар үлэҕэ киирбитэ.
– Эн оҕолоргун хайдах, туох уратылаахтык ииппиккиний?
– Наар тыа сиригэр таһаарар этибит. Бэл, Бүлүүгэ олорон сайын аайы Чурапчыга эдьиийбит аахха олордобут. Кинилэр сүөһүлээхтэр-астаахтар, сахалыы олороллор. Дьэ, онно саха олоҕо диэн бу, оҕонньор, эмээхсин диэн бу, саха аһа-үөлэ бу диэн эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэбит. Сайыны быһа окко үлэлииллэр, сүөһү көрсөллөр. Онон мин оҕолорбор куорат оҕото аатыран тыа дьонуттан үрдүктүк тутта сатааһын суох.
– Барыта хас сиэннэнниҥ? Онтон хаһа сахалыы ааттааҕый?
– Бары сахалыы ааттаахтар. Маҥнайгы сиэним Күннэй дьылҕата уустук соҕус этэ. Үстээҕэр ийэтэ өлөн хаалаахтаабыта. Кинини сиэннэнэр дьолго тиийдибит диэн маҥнайгы сиэммитин күн тэҥэ күндү киһи Күннэй буол диэбиппит. Онтон Айыына кэлбитэ. Айыы киһитэ, үтүө киһи буоллун диэн Айыына диэн ааттаабыппыт. Сардаана. Кэскил. Сайыына сайыҥҥы Ньукуолун биир хонук иннинэ төрөөбүтэ. Сайыны аҕалла диэн үөрүү буолбута. Ол кэнниттэн Саргылаана, Айталыын Куо, кыра сиэммит Айдын кэлэллэр.
– Сиэннэриҥ сахалыы ааттарыгар эн сабыдыалыҥ баар дуо?
– Биһиги сабыдыалбыт кинилэри сахалыы өйдөөх-майгылаах, өбүгэлэрин, былыргыларын ытыктыыр гына ииппиппитигэр сытар. Саха киһитин сирэйэ аатыгар көстөр диэн өйдөбүлү иҥэрбиппит. Оттон булгуччу маннык ааттааҥ диэн хаһан да эппэппит.
– Михаил Спиридонович, саха киһитэ сахалыы ааттаах эрэ буолбакка, араспаанньалаах буолуохтаах диэн эн этиигин үгүстэ истибитим.
– Соторутааҕыта ити туһунан «Аатта тал» диэн кинигэ суруйдум. Ити хайаан да наада. Атын сиргэ ханна эмэ бардахха сүрдээҕин дьиктиргииллэр: «Хайдах бэйэҕит ааккыт, араспаанньаҕыт суоҕуй?» – диэн. Оҕолору сахалыы ааттааһын элбээн эрэрин курдук сахалыы араспаанньаланыы эмиэ киириэҕэ дии саныыбын. Итиннэ биир вариант быһыытынан аҕа ууһун аатын араспаанньаҕа ылыныахха сөп. Нууччалар да араспаанньаларын ылан көрдөххө аҕа уустарын ааттарыттан төрүттээх. Холобур, Воронов диэн, Жуков диэн. Сахалыыта суор, тураах, хомурдуос. Кинилэр онтон тоҕо эрэ өһүргэммэттэр.
– Эн бэйэҥ ханна төрөөбүккүнүй?
– Мин 1928 сыллаахха Ньурба улууһугар Сүлэ нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Аҕам өттүнэн дьонум бары тимир, көмүс уустара. Биһигини үөрэттэрэн иһэн уоннаахпар иккиэн өлөн хаалбыттара. Туох эрэ ис ыарыыта диэн буолбута. Ол кэнниттэн убайым үөрэттэрбитэ, 7 кылаас кэнниттэн Бүлүүгэ педучилищеҕа ыыппыта. Кэргэним Варвара Михайловна Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх. Аҕата эмиэ уус. 1957 сыллаахха Кэбээйигэ ыал буолбуппут. Кини начальнай кылаас учуутала, Чурапчы училищетын бүтэрэн, Өймөкөөҥҥө тиийэн учууталлаан баран Кэбээйигэ тиийбитэ. Дьолбор түбэспитэ диэн дьылҕабар махтана саныыбын. Үтүө майгылаах, хаһаайка быһыытынан үчүгэй. Аны топонимиканы саҕалыахпыттан ыла үлэбэр көмөлөһөн кэллэ.
– Михаил Спиридонович, эн олохпор дьоллоохпун диэн сананаҕын дуо?
– Эппитим курдук, үчүгэй дьахтарга түбэһэн, ыал быһыытынан оҕолонон-урууланан үчүгэйдик олордум. Ыччаттарданан, бэйэбин салгыыр дьоннордоммутум улахан дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ мин ыарахан олоҕу олорбутум, хаайыыга киирэн өлөн да хаалыахпын сөп этэ. Иккис өттүнэн ыллахха, сахаҕа наука биир салаатын – топонимиканы саҕалааччы мин буолабын. Улахан картотеканы тэрийдим. Ону бэйэм төрөппүт уолум салгыыр буолла. Кини этэҥҥэ сырыттаҕына Багдарыыннар саха топонимикатын саҕалаабыттара эрэ диэн буолбакка, өссө төрүттээбиттэрэ диэн буолуо. Баҕар, кэлин биир эмит сиэммит киирсиэҕэ. Онон айымньылаах үлэ өттүнэн эмиэ дьоллоохпун дэнэбин.
Эдэр саас. – 1998. – Сэтинньи 11 к.
Муттуххай Бороҥ, суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс
Дойду сурахтаах, алаас ааттаах
Бу олорон санаатахха, Багдарыын Сүлбэни билбэт киһи диэн суох эбит ээ. Холобур, Саха сирин хайа баҕарар нэһилиэгэр саха дьоно кинини сир аатын кытары биир ситимнээн өйдүүллэр. Ол курдук, ытык кырдьаҕас сыралаах, бэриниилээх үлэтин түмүгэр сир аата уонна Багдарыын Сүлбэ саха киһитигэр арахсыспат синоним буоллулар. Ол эрээри, билигин кэлэн билиннэххэ, бу кырдьыгы өрө туппут сүдү киһибитигэр сыһыаммыт сорох кэмҥэ баҕас аһара түһүүлээҕин ааһан, харыстабыла суох хаҕыс этэ. Эргиллибэттии эстибит былаас иһин эриэнин кырдьыгынан суруйарын иһин биир кэмҥэ, бэл диэтэр: «Кытаанах мутук көстөрө буоллар, бу киһи ыйаан кэбиһэр киһитэ сылдьар!» – диэн суруйан турардаахпыт ээ. Хата ону, биһиги дьолбутугар, кытаанах мутук көстүбэтэҕэ. Дьэ итэҕэй-итэҕэйимэ, оннук кытта баара! Итинник дьаабыланан баран, биһиги диэтэх дьон, Багдарыынтан баччааҥҥа диэри «акаары быһыыбытын бырастыы гын» диэн көрдөһө иликпит. Онон оҕонньортон: «Хайа эрэ халы-мааргы киһи тылын өйгөр-санааҕар тутума, быстах санааттан баламаттык саҥарбытын бырастыы гын», – диэн хойутаан да буоллар көрдөһөбүт.
Мин, дьон аатынан дьарыктанар буолан, Багдарыын Сүлбэлиин алтыспытым син ыраатта. Ол гынан баран, кини тус олоҕун туһунан токкоолоспотох эбиппин. Ол көтүтүүбүн ситэрэн, оҕонньор олоҕун эндирдээх суолун туоһулаһар ыйытыыларбар хоруйдаабытыттан биири да энчирэппэккэбин эрэ сурукка тиспиппин эһиэхэ тиэрдэбин.
М.Б.: Михаил Спиридонович, бастатан туран, ааҕааччыларгар сахалыы аатыҥ суолтатын быһаарыаҥ дуо?
Б.С.: Быһаарымына. Багдарыын – суолтата сырдык, ыраас. Сүлбэ – сүүрүк, сүүрүгүрдэр. Өйдөбүлэ – сырдык сүүрээн диэн. Саха ааттарын үөрэтиигэ бигэ өйдөбүлү хааллардарбын диэн итинник ааты ылыммытым. Үйэлэргэ быстыбат, үйэлээх буоллун диэн.
М.Б.: Саха сиэринэн кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиэх-көрүөх санаабыт батарбат ээ. Онон ол баҕа санаабытын дуоһутуоҥ буолаарай?
Б.С.: Мин 1928 с. сэтинньи 8 күнүгэр Ньурба улууһун, билиҥҥитинэн Ньурбачаан нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм, аҕам Ньурбалар. Аҕам Уус Испирдиэн, ийэм Сыгынах Баһылай кыыһа Балбаара, төрдө Таркаайы. 10-ча оҕоттон билигин соҕотохпун. Ол бэйэм бу сэтинньигэ 79-пар бараары олоробун.
М.Б.: Эн Сталин хааннаах репрессиятын сиэртибэтэҕин, оччотооҕу олох хараҥа, кэтэх өттүн өҥөйөн көрбүт тыыннаах туоһугун. Эйигин хаардаах хаһыҥ хагдарыппатаҕа, ГУЛАГ систиэмэтэ лааҕыр быылыгар кубулуппатаҕа. Ити туһунан уруккуну иҥэн-тоҥон билбэт эдэр көлүөнэ ыччакка сиһилии соҕус билиһиннэриэҥ дуо?
Б.С.: Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Иванов Аким Егорович – Мураан Улааныскай өссө 1938 с. сымыйанан буруйданан ытыллыбыта. Ити бастакыта. Онтон бэйэбин 1952 с. пединститут IV-с курсугар үөрэнэ сырыттахпына Г. Башарин дьыалатыгар эрийэн хаайбыттара. Ол дьыалаҕа А. Федоров, В. Яковлев-Далан буолан түбэспиппит. Онно миигин суут 5 сыл бырааппын быһан турар. 10 сыл күлүүс хаайыытыгар уурбута. Өскөтүн Сталин өлбөтөҕө эбэтэр хаайыыга умса түспэтэхпинэ, болдьохпун толору олоруохтаах этим. Ону, хата, Сталин эрдэ өлөн, 1954 с. от ыйыгар босхоломмутум. Ити хара балыыр туһунан Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтигэр сиһилии суруйан турар.
Дьиҥинэн, биһиги түбэһиибит төрдө инньэ Бүлүүттэн силис-мутук тардар. Мин 1942–45 сс. Бүлүүгэ А. Федоровтыын сыл арыттаах биир кэмҥэ үөрэммитим. Кэлин мин пединститукка, онтон кини Москваҕа үөрэнэ сырыттаҕына суруйсар этибит. Ону КГБ уорбалыыр дьонун суруктарын ааҕар эбит этэ. Тоҕо оннук этэй? Бүлүүгэ үөрэнэрбитигэр А.К. Сивцев диэн саха тылын учуутала баара. Кини оччолорго Өксөкүлээх Өлөксөйү, Алампаны, Н. Неустроевы аһаҕастык хайгыыр, пропагандалыыр уонна литературнай куруһуок үлэлэтэр этэ. Ону «хотугулар» кыраҕытык кэтээбиттэр уонна учууталбытын 1947 с. тутан ылан 10 сыл биэрбиттэр. Онтон саҕаламмыт биһигини кэтииллэрэ. Уонна 1938 с. убайым ытылыннаҕа дии. Онтон дьэ Г. Башарин кинигэтин кириитикэлээһин саҕаланар. Ол кэнниттэн КГБ-лар бу уолаттартан саҕалыахха Башариннааҕы хаайыыны диэн, биһигини ылаттаан бардахтара.
М.Б.: Босхолонон баран, бөрүкүтэ суох дьаралыктаах киһи, олоҕуҥ хайдах уонна хайа диэки салаллыбытай?
Б.С.: Босхолоноот, үөрэх министерствотыгар кэлбиппин: «Эн хаайыллар эрэ бэтэрээ өттүнэн буруйдааххын, онон оҕону иитэри итэҕэйбэппит», – диэн матыыптаан, субу буруйа суохпунан босхолонон, толору реабилитацияланан кэлэн турар киһини үлэҕэ ылартан аккаастаммыттара. Ону Далан биир дойдулааҕар, сэрии инбэлииттэрин интернат-оскуолатын дириэктэригэр, кэлин Саха народнай суруйааччыта буолбут В.С. Соловьевка-Болот Боотурга сирдээн илдьибитэ. Болот Боотур бэйэтэ 1938 с. сымыйанан буруйданан эмиэ аҕыйах кэмҥэ хаайыыга олоро сылдьыбыт этэ. Онон уруурҕаан, аһынан, үлэҕэ ылбыта. Мин киниэхэ 1954–56 сс. үлэлээбитим. 1955 с. үөрэхпин кэтэхтэн бүтэрэн баран, иккистээн министерствоҕа кэлбиппин эмиэ чугаһаппатахтара. Син биир итэҕэйбэппит, партияҥ эҥин суох диэн атыыр аккаас. Дьэ накаас диэ. Онтон туох-ханнык үһүстээх диэн бараммын, 1956 с. министерствоҕа кэлбиппэр, сол дьонум олох атын буолбуттар, отой атыннык ньылбаарбыттар. Тоҕо диэтэххэ, Сталин культун саралыыр ССКП ХХ-с съеһэ бу иһэр. Онон үлэҕэ ылабыт, бүгүн-сарсын Кэбээйигэ дириэктэрдии бара оҕус дииллэр. Онуоха мин, дириэктэр үлэтин кыайыам суоҕа диэммин, үһүс күммэр аккаастанан тахсан истэхпинэ, министерство финансовай-хаһаайыстыбаннай секторын начальнига Пермяков кэтиллэ биэрдэ. Кини 1938 с. эмиэ «олоро» сылдьыбыт киһи эбит. Чурапчы киһитэ. Хоһугар ыҥыран киллэрдэ. «Бу туох буолбут акаары киһигиний! Сөбүлэһэн кэбис. Үлэлээ. Кыайбатаххына саатар учууталлатыахтара», – диэн сүбэлээтэ. Мин инньэ диэтин кытары, бу сибилигин батан тахсыбыт киһи, аны, сөбүлэһээччи буоллум. Ити сыл Кэбээйилээтим.
М.Б.: Мин ити Варвара Михайловна хоһуун санаатын мэлдьи сөҕө саныыбын ээ. Холобур, оччолорго репрессияламмыт, хаайыылаах киһиттэн дьон барыта куота көтөр, дьаарханар, сэрэнэр-сэрбэнэр кэмигэр эйиэхэ кэргэн тахсыбытын, саха кыыһыгар холобур буолар хорсун быһыынан сыаналыыбын.
Б.С.: Балбаара эмиэ Чурапчыттан төрүттээх. Кини Лүксүгүн начаалынай оскуолатыгар учууталлыы сырыттаҕына тохсунньутааҕы мунньахха маҥнай көрсүбүппүт. Онтон 1957 с. күһүнүгэр холбоспуппут. Эһиилигэр Бүлүүгэ көспүппүт. Мин училище дириэктэринэн уопсайа 16 сыл, 1958–74 сс. үлэлээбитим. Оҕолорбут онно төрөөбүттэрэ уонна Бүлүүгэ маҥнайгынан Ньургун, Айдаар, Эллэй диэн сахалыы ааттаммыттара. Билигин сиэннэрим, чугас аймахтарым оҕолоро сахалыы ааттаахтар. Биир кэмҥэ Эллэй кыыһа Сайыына, 11-кэ үөрэнэ сылдьан, Багдарыын Сайыына Эллээйэбинэ буолбуттаах. Онтон Таатта уолугар кэргэн тахсан, араспаанньата уларыйан хаалта. Онон аны Акыымаба.
М.Б.: ГУЛАГ-тан кыл мүччү төлөрүйбүт киһиэхэ Чурапчы дьоно чахчы умнуллубат үтүөлээхтэр эбит дии, ити Болот Боотур, Пермяков буоллун, кэргэниҥ Балбаара. Дьэ, аны ааттарынан дьарыктаныыгар киириэххэ эрэ. Бу олоххун анаабыт сүрүн дьарыккар туох төрүөт буолбутай?
Б.С.: Ааттары хомуйуунан үлүһүйүүм, бастатан туран, үөрэххэ туттарсар оҕолор Эмиспин, Кытаанахпын, Хадаарбын, Түүлээхпин, Тараҕайбын дииллэриттэн саҕаламмыта. Иккиһинэн, Ньурбаттан кэлбит оҕо Хаҥаласпын, Орто Халыма оҕото эмиэ Хаҥаласпын, ким эрэ Мэҥэ Хаҥаласпын, Арҕаа Хаҥаласпын диир. Дьокуускайга Нам, Үөһээ Бүлүүгэ Нам. Хаҥаласка Малдьаҕар, өссө биэс Малдьаҕар. Ньурбаҕа икки Малдьаҕар. Бороҕон Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ о.д.а. сиргэ баар. Дьэ миэхэ өй киирэр. ХVII-с үйэҕэ нуучча кэлбитин кэннэ сахалар киин сиртэн тэлэһийэн тарҕаммыттар. Онон Саха сирин бүтүннүүтүн кэрийэн сирдэр ааттарын хомуйбут киһи дьэ билиэ эбит, өссө ханан-ханан баалларын, ханна тиийбиттэрин-түгэммиттэрин. Инньэ гынан, 1960-с сыллартан сир аатын хомуйан барбытым. Билигин топонимикаҕа картотекам 400-чэ тыһ. тиийдэ, онтон антропонимикаҕа 50-ча тыһ. буоллаҕа буолуо. Тосхойбут түгэнинэн туһанан, биири бэлиэтээн этиэм этэ. Мин бу үлэм саамай ыараханын, ииспэрэйин, ол эбэтэр картотекалары толоруу 80-тан тахса бырыһыанын кэргэним Варвара Михайловна Иванова-Пермякова толордо. Ыал буолан олорбуппут, оҕоломмуппут-урууламмыппыт, хаста да төхтүрүйэн көспүппүт тухары, мин топонимиканан, кэлин эбии антропонимиканан дьарыктанарым устата Балбаарам барахсан хамнаһа суох лабораным. Онон кэргэммэр махталым муҥура суох. Бу хоһум иһигэр баар баай матырыйаалым барыта – кини үлэтэ, сааһылааһына, тутуута-хабыыта. Онон сир аатыгар 12, публицистикаҕа 3, үһүйээннэргэ-номохторго 2, репрессия туһунан 3, оҕо саҥатын хомуйан 4, «Аатта тал» диэн 2, Бүлүү педучилищетын туһунан 1, уопсайа 27 кинигэм быһаччы кэргэним көмөтүнэн күн сирин көрбүтэ диэтэхпинэ, бука, олус улахан омун буолуо суоҕа. Билигин топонимикаҕа бүтэһик, итэҕэлгэ сыһыаннаах сир ааттарын туһунан кинигэбин суруйа сылдьабын.
М.Б.: Саха билиҥҥи айар-суруйар эйгэтигэр Багдарыын ураты туттар ньымата (стиль) диэн бигэ өйдөбүл олохсуйбута ыраатта. Өссө тыл үөрэхтээҕэ Т. Петрова салалтатынан СГУ студеннара дипломнай үлэ суруйан көмүскээбиттэрэ иһиллэр. Эн ити ньымаҥ кистэлэҥин арыйыаххын сөп дуу?
Б.С.: Итиннэ ханнык да кистэлэҥ суох. Биир-икки тылынан кылгастык быһаардахха, мин хаһыакка да, кинигэлэрбэр да билиилээхпин көрдөрө сатаабаппын, бэйэм көрүүбүн кимиэхэ да соҥнообоппун. Өйдөөҕүмсүйбэппин. Дьон өйдүүр гына судургутук, ааҕааччыны кытары атах тэпсэн кэпсэтэ олорор курдук, үгүстүк түөрүйэлээбэккэ эрэ суруйабын.
М.Б.: Билигин эн, кырдьаҕас киһи сиэринэн, туох бүөм санаалааххын?
Б.С.: Саас ыраатан эрэр. Бытаардым. Картотекабын санаа хоту кыайан сааһылыыр кыах суох буолла быһыылаах. Арай уолум Ньургун кандидатскайын көмүскээбитэ, ситиһиилээхтик. Онтон үөрэбин. Ол эрэн кини билигин тыаҕа олорор, тыаттан эргийэ сылдьан үлэлиир. Онон уолум куоракка үрдүттэн олорон картотеканы ырытарыгар, сааһылыырыгар, үлэбин иилэ хабан ылан салгыырыгар баҕалаахпын. Ити буолар мин бүөм санаам.
М.Б.: Кэпсэтиибит түмүгэр ыччакка туһаайан тугу этиэҥ этэй?
Б.С.: Ааҕыҥ. Элбэхтик уонна былааннаахтык. Холобур, сэттэ да дипломнаах буолан баран, өскөтүн билиигин-көрүүгүн кэмигэр хаҥатыммат, ол эбэтэр хаһыаты-сурунаалы, кинигэни, анал литератураны көрбөт-истибэт, аахпат буоллаххына, эн үрдүк үөрэхтээххин туоһулуур дипломуҥ остуойута суох. Онон оҕо аймаҕы, ыччаты, эдэр дьону ааҕыҥ диэн сүбэлиибин.
Орто дойду сонуннара. – 2006. – Алтынньы 5 к.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?