Электронная библиотека » Наталья Михалева-Сайа » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:20


Автор книги: Наталья Михалева-Сайа


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Михалева Наталья Владимировна-Сайа
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Аан тыл

– Сайа! Тохтоо, тохтоо! – пиибэ атыылыыр киоска аттыттан сирэйэ ыраахтан кытаран көстөрүттэн сылыктаатахха, биллэ холуочуйбут, Бэйиэт диэн аатынан бэйэтин улаханнык ааттаммыт билэр киһим далбаатаммытынан ситэн кэлбитэ: – Сайа! Тоҕо эйигин абааһы көрөллөрүй? Эйигин 80 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох таптыыр, оттон 20 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох абааһы көрөр… Таптыыр – тоҕо диэтэххинэ, эн дьиҥнээх талааҥҥын! Абааһы көрөр – эмиэ талааныҥ иһин! Эн мэһэйдиигин, талааҥҥынан харахтары аалаҕын…

Ити көрсүһүү 2004 сыллаахха этэ. Мин тугу да кыайан булан хоруйдаабатаҕым, арай сирэйим ол биллэ холуочуйбут Бэйиэт буолбатах бэйиэт киэниттэн итэҕэһэ суох кытаран, дьон хараҕын утары көрөр кыаҕа суох умса туттан, «Холбос» уопсайыгар икки кыыспынаан киһи соччо ымсыырыа суохтук сир таһааран олорор быыкаайык хоһум диэки сүүрэр-хаамар былаастаах куоппутум. Ити кэмҥэ мин саха тэлэбиидэнньэтигэр «Кэпсиэ» биэриини иккис сылбын таһааран эрэр, үлэ түбүгүнэн уонна үлэ үөрүүтүнэн эрэ тобус-толору олохтоох киһи этим. Бэйэм буоллаҕына 40 саастаахпын, син олох аһыытын-ньулуунун амсайбыт, оллурун-боллурун аахпыт саҕа сананарым. Идэм быһыытынан кыайа-хото тутар, сөбүлүүр эйгэбэр ыарырҕатан көрбөккө күн солото суох түбүгүрэрим. Дьон-сэргэ ол үлэбин хайдах ылынарын-ылымматын туһунан өссө улаханнык толкуйдуу барбакка, санаам хоту айан, үлэлээн… Хоһоон суруйар курдук, бииртэн биир биэриилэри таһаартыырым: иэйэн, умсугуйан, тиритэ-хорута сыралаһан… Оттон ити соччо бодоруспатах да буоллар, билэр киһибиниин көрсүһүү… Бастакы санаам «Тоҕо элбэҕэй! 20 бырыһыан! Абааһы көрөллөр? Туох иһин?» диэн этэ.

Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан сүппүтэ ыраатта. Уулуссаҕа мин диэки ыйытардыы көрбүт хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха киһитин хас бырыһыана эбитэ буолла! Аахпаппын, ааҕа сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, баһыйар үгүскүтүгэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быыһыгар: биирдиилээн ким эрэ биһирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулуһун соһуччу уоппунан суһуктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэһэйдээбиппин… Өйдүүбүн, Орто дойдуга өссө да баарбын, ол иһин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хайҕалга, махталга хараҥарбаппын, хопко, холуннарыыга өһүрбэппин.

Эһиги миигин таптыыр да, абааһы да көрөр бырааптааххыт, эһиги онуоха олохтон ылбыт көҥүллээххит.

Ол оннугар мин эһиги саҥа таһааран да, саҥарбакка да ыйыппыт биир түгэҥҥитигэр быһаарыы биэрэр бырааптаахпын, соҕотох тылынан туруору хоруйдаммат уустук хардабын кэпсээҥҥэ киллэрэн кэрэһилиир иэстээхпин. Эһиги ыҥырыыта суох эрээри кэтэһиилээх ыалдьыккыт буолан дьиэҕитигэр киирбит, «Кэпсиэ, сахам дьоно!» диэн сахалыы саҥалаах, сайаҕас эйгэлээх иһирэх киэһэлэринэн кэрэхсэппит кэмнэрдээҕим иһин…

Ардыгар саныыбын, ол 2002 сыл ахсынньытыттан 2008 сыл сэтинньитигэр диэри дьон тэҥинэн арыый холкутук сылдьан үлэлээбитим буоллар, төһө эрэ уус-уран айымньылары, баҕар, улахан арамааны да айан-суруйан кэбиспит буолуом этэ, диэн. Ол гынан баран, олоҕум-дьылҕам ити кэмҥэ тоҕо эрэ миигин таас дьааһык иһигэр олорон тыыннаах тылынан кэпсиир-кэпсэтэр аналлаабыт. Баҕар, ол сахха өйбөр оҥорбут дьоммун, айан таһаарар олохпун ойуулуурбунааҕар ол тыыннаах тылынан тыллыым сахам дьонугар ордук тоҕоостооҕо, туһалааҕа эбитэ дуу?

Оттон айымньылар… Хоһоон мэлдьи баара, баар. Кини айар киһи солотуттан-билэтиттэн иҥнибэккэ, олоҕо-дьаһаҕа хайдах туруктааҕыттан тутулуктаммакка баар буоллаҕына – баар, суох буоллаҕына – суох. Оттон арамаан суруйуутугар ол кэмҥэ арыый ситэ-хото илик буолуом. Оннук да быһыылаах, саҕалыы-саҕалыы илиис быһаҕаһыттан, тэтэрээт аҥаарыттан, файл ортотуттан тохтоон хаалбыт суруйууларым хаһан эргиллэн кэлэрбин кэтэһэн сыталлар, аргыый аҕай таһаҕастаах сыарҕам ыараан иһэрин санаам таһымныырынан билэр курдукпун. Онон кинилэри да эттээн-сииннээн сүөкүүр кэмим кэлиэ диибин. Ол иннинэ бу – олоҕум ордук үтүө кэмин уонна үрдүк сыратын аныы сылдьар идэм туһунан испэр иитиэхтээбит санааларбын таспар таһаарар бото-болдьох кэлбит курдук.

Тэлэбиидэнньэҕэ идэтийэн үлэлиир суруналыыстар оҥорбут биэриилэрин эргитэн, ахтыы кэпсээн оҥорор үгэстээхтэр. Мин санаабар, ол суруналыыс сыратын толуйбат сымсах үлэ буолан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, экраҥҥа көстөр биэриигэ эн тыл күүһүн толору туһаммаккын, тыл көстүүнү ситэрэр-хоторор эрэ ньыма быһыытынан туттуллар. Холобур, күн тахсан эрэр көстүүтүн «күн тахсан эрэр…» диэн тылгынан этэн, кэпсээн биэрбэккин. Көрөөччү эн да быһаарыыта суох экраҥҥа туох буоларын эт хараҕынан көрөн олорор буоллаҕа дии. Манна көстүүнү сөпкө талыллыбыт музыка киэргэтэн биэриэ, оттон тыл олох да туттуллуо суоҕун сөп. Ол иһин биһиги сценарийбытыгар ити түгэн туһунан туох да суруллубакка хаалар. Онон дьэ бу биэрии кумааҕыга түһэр түгэнигэр өҥө-талбата өлбөөрөр, киһини тардар күүһүн сүтэрэр. Аны кэпсэппит киһиҥ туох диэн хоруйдаабыта суруккар киирбэккэ, биэрии иһигэр хаалар. Онтуккун хос эргитэн иһиллээн, сурукка тиһэриҥ моһуоктаах да, түбүктээх да. Онон биэриини кэпсээҥҥэ кубулутууга хоһуттан ол кэмҥэ төннөн, иэйиигин уһугуннаран, күүскэ түбүгүрэн, көстүүнү уус-уран тыл күүһүн кытта силбиир ньыманан ситэрэн-хоторон биэрдэххинэ эрэ ааҕааччы кэрэхсиир үлэтэ тахсыан сөп оҥоробун. Хаһыат суруналыыһа ити түгэҥҥэ ордуктаах буолан тахсар: суруллубут – суоруллубат, хаалбат бэлэм хаһаастаах хаһыат суруналыыһа диэн кини буолар.

«Кэпсиэ» хасааһа дьэ кэмчи. Оччолорго лиэнтэҕэ устар этибит, онтубутун олус кэмчилээн биэрэллэрэ. Онтон нэдиэлэ аайы барар уһун биэриигэ туохтаах кассета тук буолуой, барыта салгыҥҥа хаалан иһэрэ. Эбэтэр сотторо-сотторо үрдүгэр устаҕын. Кэнники өйдөнөн, аҕыйах түгэни харыстаан хаалларбыппыт уонна сорох сюжет алҕаска, ханнык эрэ кассета быыһыгар-ардыгар ордубуттарын билигин була, түмэ сатыыбын. Баҕар, хойутун хойут биэриилэрим дьоруойдарын саныыр-ахтар лис курдук үлэ тахсар кыахтаах. Миигиттэн кыбартыыраҥ пааспара ханнаный диэтэхтэринэ дэбигис була охсон биэриэм суоҕа, ол оннугар 2003 сыллаахха тахсыбыт биэриим туһунан ыйыттахтарына, сүрдээх кичэллээхтик толоруллубут кумааҕылары оруу охсон биэрэр кыахтаахпын. Оттон айар киһиэхэ кыра да кэрчик сурук санаа-оноо тиллиитигэр олук буолар идэлээх.

Ол эрээри мин ити сылларга көрдөрөр үлэнэн үлүһүйэн, тугу да суруйбатаҕым диэбэппин. «Күөх ньургуһун» сэһэн, «Аата суох сибэкки» хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктарын таһынан дьон көрдөһүүтүнэн хас эмэ ахтыы кинигэлэрин, кыраайы үөрэтиигэ, устуоруйаҕа хабааттаах үлэлэри көрөн-истэн, хомуйан таһаарбытым; бэйэм аата-ахса суох ахтыылары, кэккэ кинигэлэргэ киирии тыллары, хаһыакка ыстатыйалары, чинчийэр хайысхалаах үлэлэри суруйбутум. Ол суруйууларым эгэлгэ таһаарыылар быыстарыгар киирэн муна-тэнэ сылдьалларын бу публицистикам бастакы хомуурунньугар эмиэ мунньан-тараан, олоҕум, айар үлэм быстыспат сорҕотун быһыытынан эмиэ киллэриэхтээх эбиппин.

Онон, бу кинигэм киэҥ ааҕааччыга ананар, ону таһынан тэлэбиидэнньэ суруналыыһын судургута суох идэтин талбыт, бу эйгэҕэ туох эрэ умнуллубаты оҥоруом дии саныыр эдэр киһиэхэ аһаҕас уруок курдук, эмиэ туһалаах буолуон сөп. Ону таһынан… хампаанньа салалтата сотору-сотору уларыйар үгэстээх. Үксүгэр бу эйгэни улаханнык билбэт дьон кэлэн оруо маһы ортотунан хамсанан бараллара баар суол. Кинилэр туох-ханнык иннинэ көрөөччү туһа диэн үлэни-хамнаһы тэрийэллэрин оннугар, аІаардас үрдүкү салалтаҕа сөп буолларбын диэн өйү-санааны тутуһан, айар үлэ бохсуллар быһыытын-майгытын олохтоон кэбиһэр идэлээхтэр. Инньэ гынан ааһа түһэн, ордук бэриниилээх буола сатаан, көмөлөһүөх оннугар төттөрүнү оҥороллоро элбэх курдук көрөбүн. Ол иһин дьон былаастан тэйэр, эрэммэт, итэҕэйбэт буолар. Түмсүөх оннугар, ардыбыт өссө атан иһэр. Киэҥник иһитиннэрии тэрилтэлэрэ былаас уонна норуот икки ардыгар сиэрдээх сыһыан олохтонуутун тэрийэр иэстээхпит.

Билигин олоххо буолан ааспыт мөккүөрдээх түгэннэр тустарынан сүрүн кыттааччылар суох буолбуттарын кэннэ ахтар-суруйар үгэс үөскээтэ. Сорох ааптардары ол иһин киһи итэҕэйбэт, эрдэ маны тоҕо суруйбакка сылдьыбытай дии саныыгын. Оттон бу суруйууга ахтыллар дьон билигин бааллар, сөбүлэспэт түгэннэригэр миигин кытта төһө баҕарар аахсыахтарын сөп.

 
Кырдьык – дьиҥэ кымньыы курдук,
Кытыан угар олбох курдук,
Санаа уйан чороонуттан
Кыынньан куотар кымыс курдук…
Кырдьык биэрбэт табыллыыны,
Бу дойдуга билиниини,
Олох дьолун толук ылар
Арай биэрэр – көҥүлү…
 

Бу эһиги илиигитигэр киирбит мин саҥа кинигэм хоһоон тылларынан тырымныы долгуйбат: бу кинигэм киэргэтиитэ суох кэпсиир аһаҕастык «Кэпсиэ» туһунан, тус бэйэм билбит, өйүм-сүрэҕим нөҥүө аһарбыт олоҕум, дьонум-сэргэм туһунан.

Ааптар

«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык…

1. САҔАЛАНЫЫ

Улуу дойду урусхалын үрдүгэр саҥа кэм, саҥа үйэ саҕаҕа арыллара. Ааспыт үйэ түмүктүүр түһүмэҕэр эмискэ сууллубут «тимир быыс» көтөхпүт көппөҕө дьайҕаран, көҥүл салгыҥҥа олус дайдаран улдьаарбыт өй-санаа чэбдигириитэ, олох-дьаһах сыыйа сааһыланыыта кэлэн иһэргэ дылыта… Ону кытта мин олоҕум саҥа кэрдииһэ саҕаланан, дьолу эрэ эрэннэрэ долгуйар Дьокуускай куоракка олохсуйа, айа, үлэлии кэлбитим. Пааспарбар куоракка бырапыыскам суоҕа (бырапыыската суох киһини үлэҕэ ылбаттар), ону кистээн тураммын уон сылы мэлдьи Сунтаар телестудиятын дириэктэрин быһыытынан аспыт-саппыт аҕай Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньам аанынан аны «Сэргэлээх» телестудия редактора» диэн сололоох күннэтэ ааһар аналламмытым. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалын үлэһитэ буоларга бу иннигэр улууска хайдах үлэлээбитиҥ аахсыллыбат буолан тахсыбыта. Төһө да Сунтаар устуудьуйатын бастыҥнар кэккэлэригэр илдьэ сылдьыбыт үтүөлээхпин бу иннинэ бэйэтинэн хаста да бэлиэтээтэр, НВК оччотооҕу эдэр салайааччыта миигин урукку үрдүк коэффициеммын муҥутуур алын кэрдиискэ түһэрэн, оскуоланы бүтэрбит оҕону кытта тэҥнээх хамнаска ылбыта. Урут даҕаны, билигин даҕаны улуустан – «тыаттан» саҥа кэлээччилэргэ итинник сыһыан баар: хайдах эрэ туолбут оптуобуска хойутаан киирэн, туран эрэн айанныырга күһэллибит пассажиры эрдэ киирэн олбох булан олоруммут дьон кыра соҕус бэйэлэригэр тиэрдибэт санаалаах одуулуулларын курдук…

2. «КЭПСИЭ» БИЭРИИ

«Былыр Кытай императора кулуттарын кутун туой дьоҥҥо көһөрөн аллараа дойдуга илдьэ барар этэ. Билигин тойон, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, бэйэтин эргимтэтин эмиэ илдьэ барар. Ардыгар аллара, ардыгар – үөһэ…» Бу мин бэйэм суруйбут «Кырыыстаах биһилэх» кэпсээммиттэн быһа тардыыны киллэрдим. Тоҕо диэтэххэ, итинник көстүүнү иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ үлэлии сылдьааччылар ордук чугастан көрөбүт…

Өрөспүүбүлүкэ саҥа салалтатын кытта хампаанньаҕа Харлампий Дьяконов бэрэсидьиэн (ол саҕана тэрилтэбит салайааччыта бэрэсидьиэн дэнэрэ) кэлбитэ. Сотору: «Саха тэлэбиидэнньэтэ бэйэтэ туспа ханаалланар, онно күнүстэри-түүннэри бэйэтэ эрэ көрдөрөр бырааптанар үһү», – диэн сурах тарҕаммыта. Уруккуттан үлэлиир дьон: «Тугунан уонна кимнээҕинэн ол үлүгэрдээх сабардамы толороору, оннооҕор бу күннэтэ аҕыйах чааһы сатаан толорбоккобут хатылааһын үөһэ хатылааһын буолар дии…», – дэһэллэрэ. Кэнники өйдөөтөххө, ол сөпкө этэллэр эбит, оттон мин оччотооҕу санаабар хампаанньаҕа туох да баһаам киһи үлэлиирэ (биһиги биэс буолан улуус телестудиятын биэриилэрин нэдиэлэҕэ үстэ киэһэ хойукка диэри тэрийэн таһаарарбытынан суоттуур буоллаҕым дии), сүрдээх иллэҥ курдуктара, онон, сатаан аттардахха, күнүстэри-түүннэри да буолбатар, сабардамы балачча улаатыннарар кыах баар курдуга.

Онтон «12-с» диэн ааттаах, куорат эрэ иһигэр онуоха-маныаха диэри көрдөрөр ханаал аһылларын, кини кэнники сайдан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көрдөрүөхтээҕин туһунан сурах кэлбитэ. Сүрүн уратыта – урукку НВК-тан олох атын сирэйдээх-харахтаах, ис хоһоонноох буолуохтаах үһү, «үөһэттэн» итинник ирдэбили туруорбуттар. Онон айар үлэһиттэртэн барыларыттан саҥа, сонун биэриилэр бырайыактарын көрдөөбүттэрэ. Мин улуус устуудьуйатыгар үлэлии сылдьан өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар туох тиийбэтин син «идэлээх» харахпынан бэлиэтиир, санаабар саҥа биэриилэри толкуйдуур этим. Бастакы бэлиэтээһиним: тылы, саха тылын курдук модун күүһү сатаан туһанар кыахтаах ыытааччы көһүннэр диэн этэ. Иккис баҕа санаам: сахалыы кэпсэтии аһаҕас уонна аныгы долгуҥҥа тэриллэрин көрдөрбүн диэн этэ. Уларыта тутуу ухханыгар, 80-с сыллар бүтүүлэригэр буолуо, саха экрана биир кэмҥэ оннук аһаҕас, көрөргө ордук умсулҕаннаах буола сылдьыбытын өйдүүбүн. Ыытааччылартан Алексей Амбросьев тахсарын кэтэһэн көрөрүм.

Онон дьэ, туох эрэ саҥаны киллэрэр тус бэйэбиттэн ирдэнэр кэмигэр түбэһэ кэлбит киһи, үөрүүнү кытта түһүнэн кэбистэҕим дии. «Кэпсиэ» диэн ааттаах, биир чаас устата быһа эфиргэ барар биэрии бырайыагын, ону таһынан өссө хас даҕаны эмиэ саҥа, урут бэлиэтэнэ илик хайысхаларга санааларбын суруйа охсубутум. Онно билигин чопчу өйдүүрбүнэн (сороҕун умнубуппун), «Саҥа ырыа» диэн сылын аайы ыытыллар телевизионнай ырыа күрэҕин туһунан бырайыак эмиэ баара. Ол гынан баран, ол мин бырайыакпар мелодистар, композитордар быйыл эрэ истээччи дьүүлүгэр таһаарбыт саҥа ырыаларын икки ардыларыгар күрэх буолуохтааҕа. «Арай биирдэ» диэн саха көрүн-күлүүтүн таһаарар биэрии баар буолуон сөп диэн эмиэ суруйбутум. Итиннэ Сунтаар устуудьуйатыгар «Ералаш» курдук көрдөөх жанрга табыллан үлэлии сылдьыбыппытыгар тирэҕирбитим. Саҥа тахсар кинигэлэри, саҥа суруйар дьону билиһиннэрэр биэрии эмиэ баар буолуон сөптөөҕүн ыйбытым. Хайдах астыыры-үөллүүрү көрдөрөр, үөрэтэр биэрии ол кэмҥэ суоҕа, онон ол туһунан эмиэ киллэрбитим. Онтон да атын санаалары эппитим, архыып үчүгэйдик хараллыбыт буоллаҕына, ол илиинэн суруллубут сурук ханна эрэ баар буолуон сөп.

Ол саҕана үлэһиттэр бэйэлэрин икки ардыларыгар «бэрэсидьиэннэр уларыйаллар, арай кини уларыйбат» диэн дьаралыктаан кэпсэтэр салайааччылара Николай Иннокентьевич Петров тэлэбиидэнньэҕэ дириэктэрдиир этэ. НВК бэрэсидьиэннээх, ол аннынан тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дириэктэрдэрэ диэн ботуччу сололор бааллар. Кини миигин ыҥыран ылла, кэбиниэккэ киирбитим били илиинэн суруйбут кумааҕыбын эргим-ургум тута олорор эбит уонна эттэ: «Мин бу эн суруккун ырытан баран бүппэппин. Чахчы саҥа, сонун бырайыак эйиэнэ эрэ эбит. Ол гынан баран маны дьэ хайдах олоххо киллэрэбит?» – диир. «Хайдах киллэриэхпит суоҕай?…» – мин олус уустугу суруйдум дии санаабат этим, биир киһи санаата хоторун бүтүн тэрилтэ хайдах кыайыа суоҕай диэн саарбахтаан көрбөккө хоруйдаспытым.

Сотору «12-с ханаалбыт» аһыллаары хамсааһын бөҕө буолан барда. Били мин «Кэпсиэ» диэн бырайыагым киэбинэн нэдиэлэҕэ түөртэ быһа тахсар буоллубут: икки күн сахалыы, икки күн нууччалыы. Сахалыыны ыытааччылар мин уонна Анатолий Гоголев, нууччалыыны ыытааччылар Альбина Данилова уонна Анатолий Сергеев этибит. Тэлэбиидэнньэ устуоруйатыгар аан маҥнай аналлаах стилист ыҥыран, Алексей Семенов этэ, тас көрүҥмүтүн оҥордулар. Онтубут Альбина Данилова баттаҕын уот кыһыл өҥҥө кырааскалаан кэбиһэн, көрөөччүлэр ортолоруттан саҥа-иҥэ, одуу-чинчи таҕыста. Аны миигин «блондинка гынан кэбиһиэ» диэн куттанаммын, «только натуральный цвет» дии-диибин, төбөбүн саба туттан олорбутум. Инньэ гынан, «натуральнайга наһаа чугас» «красное дерево» өҥнөммүтүм. Ол да буоллар стилист: «Фиолетовый бы Вам очень подошел», – диэбитэ. Дьиҥэ, эдэр эрдэххэ эгэлгэ да өҥнөнөн, уларыйан-тэлэрийэн көрүөххэ баар этэ буоллаҕа.

Устуудьуйабытыгар барнай устуойка эҥин туруоруллан, ыытааччылар көһө сылдьан олоробут, ыалдьыттарбыт биэрии устата хаста да уларыйыахтарын сөп, кинилэри кытта көҥүллүк, туран эрэн кытта кэпсэтэр кыахтаахпыт. Кылгас сюжеттар, мэлдьи үлэлиир рубрикалар кэпсэтиини ситэрэн-хоторон биэрэллэр. Ити бэйэтин кэмигэр өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээх көстүү этэ.

Уруут-урут, Саха сиригэр күөх уот саҥа көстөрүн саҕана, биэриилэр бары быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барар кэмнэрэ эмиэ баара үһү. Ол гынан баран кэнники, биһиги ол турунарбыт саҕана, «быһа эфир» диэн хаалтыстаах дьон хамсаабакка олорон төлөпүөнүнэн киирэр ыйытыыларга хоруйдааһыннара эрэ буолар этэ диибин, онуоха ол саҕанааҕы көрөөччүлэр бары туоһу буолуоххутун сөп. «12-с ханаал» итинник хартыынаны хамсаппыта, урукку саха тэлэбиидэнньэтин туһунан стереотибы алдьатан, экраҥҥа чэбдик тыал буолан сайа охсон киирбитэ, НВК уруккуга маарыннаабат «саҥа, сонун» көстүүлэнэригэр бастакы хараҥаччы буолбута. Хас биирдии ыытааччы-редактор нэдиэлэ аайы саҥаттан саҥа тиэмэни олус ыгым кэмҥэ толкуйдаан таһаарара ирдэммитэ. Итинтэн Анатолий Гоголев олус долгуйарын уонна бэлэмнэнэригэр ыарырҕатарын миэхэ этэн турар.

Мин бастакы биэриибин сахалыы ааттар тиэмэлэригэр анаабытым. Сүрүн ыалдьыппынан сүгүрүйэр дьоммуттан биирдэстэрэ – Багдарыын Сүлбэ кэлбитэ. Кэпсэтиини куорат саахсатыгар баран устубут сюжеппыт ситэрэн-хоторон биэриэхтээҕэ. Ол саҕана үлэлээбит саахса сэбиэдиссэйэ сахалыы ааттаныыны төрдүттэн утарар эбит этэ: «Оҕоҕо от-мас диэн хаалынньаҥ ааттары биэрэр туох үчүгэйдээҕий?» – диэн мин истиэхпэр бэрдэ суох этиини оҥорбута. Ону хайдах баарынан ыыппыппытын Багдарыын Сүлбэ көрөн олорон: «Омук кэскилин туһунан туох да толкуйа суох дьон ити курдук дьэ утара, туорайдаһа олороллор…» – диэн күүскэ саҥарбыта. Ол саҕана ааттарын уларытан, сахалыы аат, араспаанньа суруллуутун докумуоҥҥа киллэрэри бастакынан ситиспит дьоммут: Багдарыын Сүлбэ да, Алаас От да хайдахтаах утарсыыны көрсүбүттэрин, тус бэйэлэрин эрэ дьулуурдарынан, итэҕэллэринэн саҥа суолу солоон барбыттарын ол биэрииттэн өйдөөбүтүм.

Режиссерум Любовь Золотареваны кытта улам «амтаһыйан», бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн үлэлээн барбыппыт. Манна мин Сунтаар устуудьуйатыгар уонча сыл мэлдьи кэриэтэ быһа эфиргэ олорбут үөрүйэҕим таайбыта. Оттон Любовь Васильевна сүрүн ханаалга сүүрбэ сылы мэлдьи үлэлээбит буолан аптарытыаттааҕа, киэҥ уонна үрүт үөһэ хоннохтоох тэрилтэ үлэтин тэрээһинин ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэринэн уонна, биллэн турар, олус айымньылаахтык үлэлиир улахан профессионал быһыытынан, эрэллээх тирэҕим буолбута. Николай Иннокентьевич биһигини, омос көрдөххө ханан да ханыыласпыт дьону, тоҕо холбообута биллибэт, ол гынан баран, сыыспатах эбит диэх тустаахпын. Люба куоракка улааппыт буолан, көннөрү саҥарарыгар саха тылын кыбытан да ылбат этэ, онон дьиҥэ мин бастаан «тылы билбэт киһини кытта сахалыы биэриини оҥорор уустуктардаах буолуо, чэ, хайыахпыный» дии санаан аһарбыттааҕым. Онтум баара, режиссерум сахалыы өйдүүрүн ааһан, саха литературатын билэринэн, сахалыы ааҕарынан-суруйарынан тэҥнээҕэ суох киһи буолан соһуппута. Кини куоракка тоҥ нуучча эйгэтигэр да олорон, сахалыы куту сүтэриэ суохха сөп эбитин чаҕылхай холобура буолан миигин үөрдүбүтэ.

Биһиги бастакы тахсыыларбытыттан көрөөччүлэр болҕомтолорун киинигэр киирбиппит. Интернет форумнар саҥа тэриллэн эрэллэрэ, онно моһуок саҥа-иҥэ эмиэ тахсара да, куорат олохтоохторо үгүстэрэ сэҥээрбит этилэр. Кинилэр: «Айыбыын, «сахаларбыт» хайа бу туох буолан турдулар диэн соһуйдубут ээ. Олох омук тэлэбиидэнньэтин көрөр курдук сананныбыт», – диэн хайгыыр тылларын тиэрдэр буолан барбыттара.

Ол эрээри сотору кэминэн ол саҥа ханаалбыт туох эрэ докумуона биитэр үбэ-харчыта кыаллыбакка, сабыллан хаалбыта.

Мин 2003 сыллааҕы күһүн үлэ саҥа дьыла (сезона) саҕаланарыгар, «Кэпсиэ» бырайыагын өссө төгүл илдьиритэн толкуйдаан баран, дириэктэрбэр киирбитим. Николай Иннокентьевич «соҕотоҕун кыайыах буоллаххына» диэн туран, илиибэр былаах туттаран кэбиспитэ. Куорат иһигэр «12-с ханаал» саҕалаан испитин өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар «Кэпсиэ» салгыыр буолбута.

НВК-ҕа «инициатива наказуема» диэн бэрдэ суох өйдөбүл дириҥ силистэнэн-мутуктанан сириэдийбит дойдута. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Ылсыбыт буоллаххына – редактор барыта бэйэҥ дьулуургар. Кыайбат буоллаххына – тохтоо. Ким да эйигин итини оҥор диэн күһэйбэтэҕэ… Салалта итинник аһаҕастык этэр. Оттон сорохтор кэтииллэр: көрөн иһиэхпит… Оттон экран кэннигэр дьиҥ үлэни толорон түбүгүрэ сылдьааччы үгүс үлэһиттэр ханаал үлэтэ тупсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар уонна биэриини оҥорон таһаарар үлэ кыһалҕаларын өйдүүр-билэр буолан, саҥа саҕалааһыннары сэргиир уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхтэр.

Ол эрээри: «Өйдөөрүүй, Наташа, куорат олус кыараҕас ээ, биһиги аҕыйах биллэр дьон баарын эргитэ сылдьан көрдөрө сатыыбыт. Оттон эн биир биэриигэ дьоҥҥо сэргэтиэх хастыы эмэ киһини хайдах, хантан булан ыҥырыаххыный? Нереально, эн тыаттан кэлбит буолан өйдөөбөккүн…» – диэбит үөлээннээҕим эмиэ баара. Мин итинник этиигэ хоруйум бэлэм этэ: «Сыл аҥаара үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, биэрии ыалдьыттарын бэйэм көрдүүрүм тохтуоҕа, төттөрү кинилэр миигин көрдүүр буолуохтара. Уонна биэрии ситиһиитэ биллэр-көстөр эрэ киһини таһаарартан буолбакка, биллибэт-көстүбэт да дьонтон кэрэхсэбиллээҕи булан оҥорортон тутулуктаах буолуохтаах…»

«Тоҕо «Кэпсээ» буолбакка, «Кэпсиэ» диэн ааттааҕый?» – диэн бастаан ыйытар этилэр. Мин оҕо сааспар дьиэбит аана хайаан да «Кэпсиэ, туох сонун баар?», ардыгар «Туох кэпсиэ?» диэн истиҥ тылларынан аһыллара. Ону кытта тэҥҥэ дьиэ иһигэр туох эрэ олус иһирэх, туох эрэ кэрэ, киэҥ киирсэн кэлэр курдуга. Саха дьоно барахсаттар: «Миэхэ суох, оттон эйиэхэ туох баар?» – дэһэн, кэпсээннээхтэрин, сонуннаахтарын кыккыраччы мэлдьэһэн баран дьэ наллаан, хас эмэ чаанньык уута оргуйан бараныар диэри салҕана турар бараммат кэпсээннээх киэһэлэрэ саҕаланара… Ити туһунан кэнники Мандар Уустуун «Кэпсиэҕэ» бэркэ тапсан сэһэргэһэн турабыт: кэпсэтии – саха олоҕугар эрэ олус наһаа сайдыбыт, олоҥхо, остуоруйа тэҥэ олохпутун киэргэппит туспа көстүү эбит; кэпсээннээх киһи, син ырыаһыт, олоҥхоһут кэриэтэ аатырар-суолурар, күүтүүлээх ыалдьыт буолар. Дэлэҕэ да саха туһунан аан бастаан суруйбут айанньыттар ахтыыларыгар «Нуучча бааһынайын дьиэтигэр киир эрэ: эйигиттэн ырааппыта баһаарга ас-таҥас сыаната төһө буолбутун ыйытыахтара, оттон саха быста дьадайбыт да ыалыгар киирдэххинэ, ыраах баар дойдулар олохторугар, ыраахтааҕылар сэриилэригэр тиийэ ыйыталаһа, бэйэлэрэ хантан эрэ истибиттэрин кэпсии тоһуйуохтара…» диэн бэлиэтээһин баар буолуо дуо… Онон даҕаны саха, бастатан туран, кэпсээни эрэйэн эҕэрдэлэһэр идэлэннэҕэ. Нуучча доруобуйаны, чөл туругу баҕаран дорооболоһор, кытай киһитэ – бүгүн аһаабыккын-суоххун ыйыталаһа тоһуйар, турок эйэлээх кэлбитин этинэн нөрүөн-нөргүйэр, саха: «Кэпсиэ…» – диир.

Биэриибин ити аатынан таһаарыам иннинэ, «кэпсиэ…» диирим, баҕар, түөлбэ тыл буолуо диэн саарбахтаан ылбытым. Онон саха олоҕун энциклопедиятын быһыытынан сыаналанар Амма Аччыгыйын «Сааскы кэмин» өссө төгүл сыныйан аахпытым. Онуоха Бииктэр биэлсэр аан бастакы үөрэммит сахалыы тылларыттан биирдэстэрэ «кэпсиэ» буоларыттан саҕалаан, арамаан усталаах-туоратын тухары «кэпсиэ» эҕэрдэ тыла буола сылдьар: «Чэй ис надо, үчүгэй, кэпсиэ», – диир биэлсэр».

«Кэпсиэ» аҥаардас эҕэрдэлэһиигэ эрэ буолбакка «Эн кэпсээ» оннугар туттулларын аны Алампа хоһоонноруттан эмиэ булабыт:

 
Дохсун санааҕын,
Дорҕоонноох өйгүн
Доҕорум диэн,
Тоҕо кэпсиэ даа…
(***Эн эбиккин дуу…)
 
 
Киэҥ сир кэлтэгэй
Кэмсилгэнигэр кэлгиттэрэн
Кэхтибитиҥ буолаарай?
Кэриэс доҕоруом,
Кэхтибэккэ кэпсиэ.
(«Көмүс доҕорум»)
 
 
Кэҕэһэлээх кэпсээниҥ
Киэһэ-сарсыарда дьыбарга
Кэй чуор кулгаахпынан
Кэпсиэн ааһар буолла…
(«Таҥхаһыт»)
 

Оттон «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээҥҥэ Алампа дьоруойдара «кэпсээ» буолбакка, «кэпсиэ» дииллэрин хас да холобурун булуохха сөп: «Дьэ эрэ, кэпсиэ, – дии-дии, хаана ыгыстан кытарда, сиргэ сытар маһы ылан кыспыта буола олордо…»

Онон, биэриим аатын сөпкө тобуллум диэн (урут Сунтаарга үлэлии сылдьан, «Сонуннары» итинник ааттаан таһаара сылдьыбыттаахпын) эрэллээхтик сананан үлэбин саҕалаабытым. Бу биир чаастаах биэрии быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барара тэрилтэ уопсай үлэтигэр-хамнаһыгар, ороскуотугар чэпчэтиини киллэрэр: өскө суруллан (бастаан устуллан, онтон таҥыллан) баран ыытыллара буоллар, икки-үс бүк элбэх үлэлээх, элбэх киһи кыттыылаах буолуохтаах, элбэх ороскуоттуур матырыйаал (устар кассеталар, уот-күөс туттуллуута, о.д.а.) бараныахтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, ол түгэҥҥэ биэриигин барытын баҕаҥ хоту тохтото-тохтото, хас эмэ төгүл сатаныар диэри хаттаан саҥара-саҥара уһулаҕын, онтон ону көрөҕүн, ордугун-хоһун, сатамматах өрүттэрин быһан таҥаҕын, төһө кыалларынан тупсараҕын, музыкалыыгын, тыастыыгын-уустуугун, онтон дьэ биирдэ эфиргэ биэрэҕин. Эппиккэ дылы, «ньалҕаарыччы тараан-тараан, оҥороон-оҥорон, киэргэтэн-тупсаран» баран. Оттон быһа эфиргэ тахсыы – туох кэлээхтиэй, биирдэ кэлэҕэйдээбитиҥ, биирдэ сөтөллүбүтүҥ хайдах баарынан көрөөччүгэ тиийээхтиир буоллаҕа. Онон тэрилтэ ити өттүгэр сүүйэр. Оттон көрөөччүлэр иннилэригэр биир бииргэ тахсар ыытааччыттан уонна биирдэ саҥараат онтун көннөрөр кыаҕа суох майгыга уһуллар ыалдьыттан улахан бэлэми, хомуллууну, дьоҕуру ирдиир.

Киин тэлэбиидэнньэҕэ уонна омук хампаанньаларыгар, биллэн турар, итинник биэриилэргэ үлэлиир ааттаах-суоллаах ыытааччылар гонорардара куйаар буолар дииллэр. Бу ыытааччыны тула үлэһиттэр халыҥ аармыйалара: продюсердар, режиссердар, кэрэспэдьиэннэр, редактордар, администратордар, стилистэр, көстүмүөрдэр солото суох түбүгүрэллэр.

Оттон биһиги саҕалыырбытыгар НВК-ҕа хайдах этэй? Биир киһи редактор, ыытааччы, кэрэспэдьиэн, администратор, ардыгар продюсер эбээһинэстэрин соҕотоҕун толороро. Сирэйи-хараҕы оҥостууну, таҥаһы-сабы көрүнүүнү эмиэ бэйэтэ тобулара. Биир режиссер биэрии сюжеттарын устууну, таҥыыны, устуудьуйаҕа барар үлэни, эфир кэмигэр дирижер курдук хас да оператор, ыытааччы, аппаратнай үлэһиттэрин салайыыны барытын соҕотоҕун толороро. Ол аата – икки киһи. Билигин, туох кистэлэ кэлиэй, быһа эфирдэри бүтүн хамаанданан: устуудьуйаҕа иккилии ыытааччы буолан, өссө «салайааччы» диэн, экраҥҥа көстүбэккэ сылдьан кинилэри дьаһайар-бэрийэр соло-

лоох туспа үлэһиттэнэн, сюжеттары устарга анал кэрэспэдьиэннэнэн, анал сыһыарыллыбыт администраторданан, биэрии кэмигэр ыйытыылары тутааччы туспа ноутбуктаах киһилэнэн олороллорун көрдөхпүнэ, үөрэ даҕаны уонна кыратык… ордугурҕуу саныыбын. Ол ити эфир хайдах сыранан тахсарын эттээх тириибинэн билбит киһиэхэ бааламмат ини дии саныыбын.

Билигин оччотооҕуттан үлэлиир биир идэлээхтэрим: «Бастаан саныырбыт: «Кэпсиэ» аҕыйах олус үчүгэй биэриини оҥорон баран тохтуо. Тиэмэлэрэ да саҥаттан саҥа айыллан иһиэхтэрэ суоҕа уонна үлэһиттэр, биллэн турар, эстиэхтэрэ диэбиппит. Онтубут арай сылтан сыл баран испиккит. Хайдах эрэ билиниэх, ытыктыах санаабыт кэлбитэ», – диэн, хайдах баарынан этэр буолбуттарыттан испэр астынабын. «Хотугу сулус» телерадиокомпания салайааччыта Татьяна Гоголева: «Эн кэлэҥҥин барыбытын өрө тардыбытыҥ, бары биэриилэрбит хаачыстыбаларын тупсарарга кистии-саба күүскэ кыһаллан барбыппыт…» – диир.

Оттон хампаанньа салайааччыта Харлампий Дьяконов: «Ити ылбыт тэтимҥитин кытаатан тута сатааҥ. Эһиги, айар дьон, түһүүлээх-тахсыылаах буолааччыгыт, онон мин сэрэнэ саныыбын», – диэбитэ. Салайааччыттан биирдэ итинник өйөбүлгэ маарынныыр этиини истэн турардаахпыт. Ол эрээри, билигин санаатахпына, мин биир, эмиэ да хайҕаллаах гынан баран, эмиэ да бэйэм туспар охсуулаах итэҕэстээх эбиппин: ол үлэбин барытын тус бэйэм эрэ иилиирим-саҕалыырым, тэрилтэ мунньахтарыгар сылдьыбатым (соло да суох курдуга), ханнык эрэ түгэннэри хампаанньа салалтатынан быһаартарары ирдэспэтим. Бэркэ буоллаҕына икки ыйга биирдэ тустаах дириэктэргэ киирэммин сүрүн түгэннэри быһаартарарым уонна барытын бэйэм өйбүнэн-санаабынан, сырабынан солоон, инним диэки бара турарым. «Бэйэҥ кыайыах буоллаххына» диэн былаах туттарбыттарын хайдах баарынан толорор киһи буолбуппун. Инньэ гынан, салалтаҕа киирэн-тахсан баар-

бын биллэрбэт эбиппин, ол майгыбын салалта тула сылдьалларын сөбүлүүр, «олус аатыран эрэр» Сайаҕа үтүөнү санаабат дьон бэйэм утары туһаайалларыгар тиэрдибиппин. Холобур, Саҥа дьыл саҕана: «Бириэмийэ бөҕө ыллыгыт дуу? Итиччэ элбэх чааһы толорор дьоҥҥо ботуччу биэрдэхтэрэ?» – диэн ордугурҕуур хабааннаах ыйыталлар. «Ханнык бириэмийэ?..» – «Оттон үлэһиттэргэ сыл түмүгүнэн бириэмийэ түҥэппиттэрэ дии…» Оннук сураҕын эрэ истэн матыы элбэх этэ. Биэриим мэлдьи «Сонуннар» кэннилэриттэн киэһэ тоҕус чааска тахсар. Ол иһин саҥа бырагырааманы көрө барбакка, быһа эфиргэ дьону ыҥыран баран, ох курдук оҥостон устуудьуйабар олоробун. Арай биһигини холбооботтор. Ыйыталаһан билбитим, бырагыраамаҕа 22.30 чааска туруорбуттар. АСК диэн эфиргэ тахсааһыны хааччыйар салаа бырагырааманы эрэ билинэр. Ханнык эрэ хатылааһын уһун-киэҥ биэрии кэнниттэн үлэ дьоно утуйбуттарын кэннэ били сыралаһан бэлэмнээбит саҥа биэриибин дьэ таһаарабын, бүтэн баран ыалдьыттарбын атаартаан, дьиэбин түүн үөһэ булабын. «Холбос» уопсайыгар саатар кытаанах баҕайы вахтердар олорор этилэр, түүн 12 чаас кэнниттэн ааны аспакка элбэхтик сордообуттара…

Оннук, дуона суох курдук эрээри, биир күдьүс көхтөөх үлэни бүдүрүтэр, ардыгар мөлтөтө да сыһар элбэх моһоллор көстөн иһэллэрэ. Ону мин тутатына туораттарары, ирдэһэри эмиэ ситиспэт эбиппин. «Һуу, хата биэриим онтон энчирээбэккэ таҕыста ээ, этэҥҥэ буоллубут» диэбит курдук, аһаран иһэр этим.

Мин уонча сыл Сунтаар устуудьуйатыгар үксүн быһа эфиргэ олорбут уопутум, үөрүйэҕим быыһаабыта диэн эттим. Ол эрээри оннук үөрүйэх, кырдьык, хас эмит ыйынан-сылынан кэлэр дуо? Эбэтэр итиниэхэ айылҕаттан дьоҕур эмиэ баар буолар дуу?


Страницы книги >> 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации