Электронная библиотека » Наталья Михалева-Сайа » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:20


Автор книги: Наталья Михалева-Сайа


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +
7. ОҔОЛОРДУУН КЭПСЭТИИ – УУСТУК СОРУК

Киһи «тылын сүөрэргэ», «хоммут уоһун хоҥнорорго» биир эрэллээх албаһынан кини оҕо сааһын туһунан, оҕо сылдьан ханнык оонньуулары оонньообутун, ким буолуон баҕарбытын туһунан ыйытыы буолар. Дьэ, бу ыйытыыны биэрдэххэ, ыалдьыт киниэхэ туһаайыллыбыт камералары умнар, долгуйбута ааһарга дылы буолар. Элбэх киһини кытта кэпсэтэн ааспыт буоламмын, киһи оҕо сылдьан кырдьык, улааттаҕына ким буолуохтааҕын оонньуур эбит дуу, диэн түмүккэ кэлэн сылдьабын. Холобур, Ил Түмэн хас да төгүллээх дьокутаата, Судаарыстыбаннай Мунньах солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин оҕо сылдьан өрүс таастарын дьон оҥортоон, кэккэлэччи олордуталаан, мэлдьи «мунньахтатан» тахсар эбит. Артыыс аналламмыт дьон үксүгэр таҥас быыґы сцена быыґа оҥостон, онтуларын аһар-сабар эбиттэр, соҕотоҕун да сылдьан өйдөрүгэр баар «көрөөччүлэригэр» анаан ыллыыр-туойар эбиттэр. Биир медик ыалдьытым уулаах испирииһинэн куукуланы укуоллуу сатаан баран, сыттыгы киһи этигэр маарыннатан «укуоллаан» ийэтиттэн мөҕүллэрин кэпсээн күллэрбитэ.

«Опрос» рубрикабытыгар оҕолору соруйан саҥарда сатыыр этибит. Дьэ, кинилэр киһи үөйбэтэх тылларынан биэриини сэргэхсиппит түгэннэрэ элбэх. Холобур, «Ханнык ырыаны уонна ырыаһыты сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыны көмөлөһөөччүлэрим оскуолаларыттан дьиэлээн иһэр хороччу улаатан эрэр уолаттар бөлөхтөрүн тохтотон биэрбиттэр этэ. Оҕолор биллэн турар, Джида ырыаларын сөбүлүүллэрин туһунан эппиттэр. Онтон: «Бэйэҕит ыллааччыгыт дуо? Биир эмэ ырыата ыллаан иһитиннэриҥ эрэ…» – диэн буолбут. Биир ордук сытыы уол: «Бэйэм кыайан ыллаабаппын. Оол Баххан сатаан ыллыыр. Баххан, кэл, кэл! Тэлэбииһэргэ ыллаан биэр!» диэн ханна эрэ, камера кэннигэр сылдьар уолу илиитинэн далбаатаан ыҥыра сатыыр. Баххан буоллаҕына кэмчиэрийэн объектив иннигэр көстүөҕүн олох баҕарбата. Били уол: «Ыллаарыый доо, эн?! Ханна наадата суохха ыллаа да ыллаа буолуоҕуҥ, оттон ханна наадалаахха ыллаабаккын!» – диэн кырдьык да ис сүрэҕиттэн кыһыйан, уоһа чорбойо-чорбойо атаһын ааттаһа, дьаҕырыйа турбута билигин да харахпар бу баар. Ити түгэни биһиги хайдах баарынан быспакка эрээри эфиргэ ыыппыппыт. Мин устуудьуйаҕа олорон тыһыынчанан саха дьоно ол оҕолор саҥаларыттан тэбис-тэҥҥэ күлэн саһыгырыы түспүттэрин илэ көрөргө дылы гыммытым.

Кириэс Халдьаайы оскуолата 100 сылын туолуутугар «Кэпсиэ» аналлаах биэриитэ тахсыбыта. Кэлэр-барар ороскуоппутун оскуола бэйэтэ уйунан, саҥа сири, саҥа дьону көрөр дьолломмутум. Онно, дьээбэҕэ, маҥнайгы кылаас оҕолоро дойдуларын туһунан тугу этиэхтэрин сөп эбитий, диэн санааттан: «Оҕолоор, Кириэс Халдьаайыга саамай үчүгэй туох баарый?» – диэн ыйыппытым. Оҕолор былдьасыһа-былдьасыһа: «Маҕаһыын! Кулууп! Оскуола! Детсад!» диэбиттэрэ. Арай биир оҕо: «Дьоруой!» – диэбитэ миигин олус астыннарбыта. Кырдьык, оскуола Герой-снайпер Федор Охлопков аатын сүгэр. Дьоруой пааматынньыга оҕолору оскуола тэлгэһэтигэр уруйдуу көрсөр. Дьоруой бастаан олорбут дьиэтэ музей буолан турар. Саҥа дьиэтэ бөһүөлэк ортотугар турар. Кини уон оҕолоруттан удьуор-утум дьон «дьоруойдар» диэн ааттаналлар. Онон «дьоруой» диэн, киһи күн аайы туттубат тыла манна уостан түспэт эбит уонна, биллэн турар, ити «дьоруой» Кириэс Халдьаайыны атын дэриэбинэлэртэн ураты тыынныыр, килбиэннээх ааттыыр буоллаҕа эбээт!

Элгээйи нэһилиэгин үбүлүөйүгэр эмиэ олохтоох дьаһалта ыҥыран, үбүлээн, аналлаах биэриини таһаарбыппыт. Онно «Домисольки» диэн кырачаан оҕолор ансаамбыллара хас да ырыаны ыллаабыттарын устубуппут. «Оҕолор, эһиги өссө ханна баран, ханнык фестивалга ыллыаххытын баҕараҕытый?» – диэн ыйыппытым (Дьокуускайга, «Хотугу сулус» күрэххэ диэхтэрэ диэн санааттан). Дьонум: «Москваҕа!» – диэн хаһыытаһа түһэн соһуттулар. Кырдьык, бу оҕолор Москваҕа тиийэн оҕо Евровидениетигэр барааччылары сүүмэрдиир кэнсиэркэ олус чаҕылхайдык кыттыбыттарын саха дьоно Россия бары олохтоохторун кытта тэҥҥэ тэлэбииһэргэ көрөн астыммыт түгэннээхпит. «Домисолькалар» ол кыттыыларын туһунан кэпсээн «Кэпсиэҕэ» өссө биирдэ тахсыбыттара.

Оҕону устар хаһан баҕарар уустук. Ыллыы-туойа, туох эрэ ситиһиитин туһунан кэпсии турар оҕону да сүрдээх болҕомтолоохтук устуохтааххын. Хомойуох иһин, Орто дойду олоҕо оҕоҕо эрэ барытыгар былыта суох ыраас халлааны, ойор-тэбэр орой-мэник күннэри түстээбэт. Мин хаста да балыыһаҕа сылдьан, ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолор тустарынан устан турардаахпын. Кинилэри кытта суруналыыс хайдах кэпсэтиэн сөбүй? Туох да буолбатаҕыныы, оҕо сарсын ойон туран сүүрэн хаалыахтааҕыныы өрө көтөҕүллэн кэпсэтии – табыгаһа суох. Кини эйигин итэҕэйиэ суоҕа. Аһыммыттыы – сатаммат. Онон, оҕо хайдах быһыыга-майгыга баарын иһиттэн билэн, кини дьылҕатын, ыарыытын тэҥҥэ сүксэн олорон, инникигэ эрэли саҕар хабааннаах кэпсэтэриҥ сөптөөх быһыылаах. Мин оҕо сылдьан биирдэ сыл аҥаара курдук балыыһаҕа эмтэнэн турардаахпын. Онно мин «бастакы хоһоонум» диир хоһооммун суруйбутум. Ону таһынан балыыһа уһун күннэригэр тугу гыныахпытый, илиибитинэн ону-маны оҥорор, оҥорорго үөрэнэр, уруһуйдуур этибит. Онон, суруналыыс быһыытынан оҕо балыыһатыгар сылдьарбар «хайа, тугу дьарыгыраҕын? Тугу эмэ уруһуйдууруҥ, оҥороруҥ буолуо?» диэнтэн кэпсэтиибин саҕалыыбын. Оччоҕо оҕо хайаан да туумбатын аһан тугу эмэ, бэйэтин оҥоһугун хостоон көрдөрөр. «Бу кимиэхэ анаабыккыный? Маны оҥорорго ким үөрэппитэй? Хайыы, бу хайаларай?» – диэн ыйытыыттан-сэҥээрииттэн кэпсэтии аана аһыллан барар, оҕо эйигин кытта кэпсэтэриттэн толлубат курдук буолар.

Ордук өйбөр-санаабар хаалбыт устуубунан Медкиин хаан ыарыылаах оҕолору эмтиир салаатыгар сылдьыым буолбута. Оҕо төрөппүттэрэ билэр дьоннорун нөҥүө уоллара эмтэнэригэр көмө көрдөһөр кыһалҕалаахтарын тиэрдибиттэрэ. Биһиги устар бөлөхпүтүн аналлаах этээскэ аһаралларыгар стерильноһы ирдээн баспытыттан атахпытыгар диэри балыыһа таҥаһын таҥыннарбыттара, муннубутун-уоспутун тууйа баайбыттара. Камерабытыгар кытта чехол кэтэрдиэх курдуктара. «Дьоруойбут» – хороччу улаатан эрэр, үчүгэйкээн дьүһүннээх уол эмиэ бэбээскэ быыһынан курус толбонноох харахтара эрэ чоҕулуһаллара. Ыраах улуустан кэлэн бу этээс иһигэр эрэ, түннүгүнэн таһырдьаны көрөн дьылын-күнүн бараабыта ырааппыт. Учуутал идэлээх ийэтэ, үлэтин хаалларан кэлэн, кинини көрөр-истэр эбит. Уол бииргэ үөрэммит оҕолоро бэйэлэрин уонна оскуолаларын устан ыыппыт диискэлэрин компьютерга хос-хос холбоон, күнү быһа көрөн олорор үһү. Хараастара сирэйигэр-хараҕыгар тута көстө сылдьар. АІаардастыы «бу уол эмтэнэригэр харчынан көмөлөһүҥ» диэн көрдөрөр ыарахан, тутах. Онон, мин эмиэ били «албаспын» тутуннум. Уолум доҕоор, биир тэтэрээт кэриҥэ хоһоон бөҕөтүн айбыт, суруйбут эбит! Хоһоонноро көннөрү оҕо суруйуутуттан чыҥха атыннар, дириҥ, киһи этин сааһын аһар ис хоһоонноохтор. Биһиги иккиэн хоһооннору ырыттыбыт. Маннык дьарыктаннаҕына сотору туспа кинигэлээх бэйиэт буолуон сөбүн, ол туһугар ыарыытын кыайыахтааҕын эттим. Өссө сорох хоһоонун ийэтэ олох да көрө илик эбит. Ол түгэнтэн уолу кытта иккиэн кистээн, кини истибэтигэр күлүстүбүт. Кэпсэтии хайдах эрэ чэпчэки баҕайы тыыннаах гынан баран, сырдык эрэли уһугуннарар күүстээх буолан тахсыбыта. Уолга үтүө санаалаах дьон көмөлөспүт этилэр. Кини өтөр буолаат, балыыһаттан тахсан, көннөрү оскуолаҕа оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэнэ сылдьарын истэн, сүрдээҕин үөрбүппүт. Билигин кини аата өссө литэрэтиирэ эйгэтигэр иһиллэн кэлиэ диэн сэмээр кэтэһэбин…

8. ЭДЭР ДОҔОТТОР

Кинилэрдиин билсиим «Сэргэлээх» устуудьуйатыгар үлэлиэхпиттэн саҕаламмыт эбит. Мин сайын, бэс ыйыгар НВК үлэһитэ буолбутум. Устуудьуйабыт саҥа тэриллибитэ, туох да былааннаах үлэбит суоҕа. Үөрэҕирии министиэристибэтэ тэрийэр дьаһалларын уста-уста таһаарар курдук этибит. Оннук сылдьа түһэн баран, биһиги аналбыт быһыытынан устудьуон олоҕун сырдатыахтаахпыт диэн, «Итии күннэр» диэн абитуриеннарга аналлаах саҥа биэриини толкуйдаан таһаарбытым. Режиссерум – эмиэ сабыс-саҥа үлэһит Ариана Куличкина. Кини билигин тэлэбиидэнньэ компьютернай дизайнын оҥорор солбуллубат үлэһит. Ол икки, улахан хампаанньаҕа саҥа ылыллыбыт, бэйэбит абитуриент тэҥэ быһыыга-майгыга сылдьар дьон, «илиибит иминэн» кэриэтэ үлэлээн, син бэртээхэй биэриилэри таһааран сылдьыбыппытын билигин сырдыктык саныыбын. «Итии күннэрбитигэр» абитуриеннар олохторуттан ол-бу күлүүлээх түгэннэри күүркэтэн, сценка курдук устан киллэрэрбит, быыһыгар интервьюлары, иһитиннэриилэри, туһалаах сүбэлэри таҥан ыытарбыт. Биһиги устуудьуйабытыгар үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар суруналыыстыка салаатын устудьуоннара быраактыкаларын барбыттара. Олортон Марианна Тарасова салгыы «Сэргэлээх» устуудьуйатыгар үлэлии кэлбитэ, билигин «Сонуннарга» бас-көс үлэһит. Надежда Птицына, Ньургуйаана Егорова тэлэбиидэнньэ үлэһитэ буолбуттара.

Абитуриеннар кэннилэриттэн режиссер Сардаана Протодьяконова кытта күһүн учууталлар атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын, ол кэнниттэн университекка буолар биирдиилээн тэрээһиннэри сырдатааччы курдук сылдьыбыппыт. Хайдах эрэ таттаран үлэлээбэтэҕим, биир тиэмэҕэ хааллыбыт, күрүө иһигэр сылдьар курдук санаммытым. Ким да саҥаны айарга угуйбат да, тиэтэппэт да этэ. Ол эрээри итинник уу нуһараҥҥа мин өр тулуйан сылдьыбат киһи эбиппин.

Суруйааччы буоларым быһыытынан, «Сэргэлээх уоттара» диэн литературнай куруһуок дьылҕата миигин кэрэхсэтэрэ. Саха тылын үөрэтэр билэр бэрэпиэссэрдэрим нөҥүө айарга-суруйарга талааннаах устудьуоннары сураспытым. Давыдов Давид диэн уолу, өссө кимнээҕи эрэ сирдээтилэр. Мин былыргы «Сэргэлээх уоттарыттан» Николай Босиков поэты ыҥырдым. Тэлэбиидэнньэ худуоһунньуктарыгар сакаастаан иирэ талахтары быстаран аҕалтардым, маҕанынан кырааскалаттым. Санаабар, кыһыҥҥы Дьокуускай романтикалаах көстүүтэ оҥоһулунна. Дьэ онно туран Давид уол хоһооннорун аахта. Николай Босиков үтүөкэн ахтыытын кэпсээтэ. Бу биэрии хампаанньаҕа хас бэнидиэнньик аайы ыытыллар летучкаҕа улаханнык хайҕаммыта иһилиннэ. Итинник устудьуон ыччат ортотугар эдэр доҕоттордонон хааллым.

«Кэпсиэҕэ» үлэлээн иһэммин эдэр көмөлөһөөччүлэрдээх буоллахпына сатаныаҕын өйдөөбүтүм диэн суруйбутум дии. Онно Давидка бастаан тирэҕирбитим. Кини Амматтан сылдьар, ып-ыраас сандаархай мичээрдээх уол, оҕолуу үрдүк романтикалаах хоһооннору суруйар этэ.

Хоһооннорун олус хайҕаабытым. Онтум биирдэ кэлэн миэхэ кэпсээтэ: «Биһиги дэриэбинэбитигэр төбөтүнэн ыалдьар киһи баар. Куһаҕан баҕайы таҥастаах, киһи аһыныах киһитэ. Ол киһи суол кытыытыгар турарын ыйан баран аҕам миэхэ: «Ити киһи курдук буолаары гынаҕын дуо?» – диэтэ», – диир. «Ол тоҕо, оннук диирий?» – мин өйдөөбөккө ыйытабын. Давид кытар гына түһэн баран: «Онтон ол киһи эмиэ хоһоон суруйар ээ…» Давид Давыдов ол аҕата сэрэппитин ылыммыт быһыылаах, үөрэҕи бүтэриэҕиттэн айар үлэҕэ чугаһаабатаҕа. «Хоһоону олох суруйбаппын ээ», – диэн кэлин көрсүбүппэр билиммитэ. Кини билигин сулууспалаах, кырата суох чунуобунньук сололоох. Ону мин утарбаппын. Киһи быһыытынан кини кэрэ, сырдык, ыраас көрүүлэрэ уларыйбатыгар эрэнэбин.

«Кэпсиэҕэ» литэрэтиирэ туһунан кэпсэтиигэ биир биэриибин анаабытым. Аныгы Сэргэлээх уран тыллаах түһүлгэтэ, суруйар ыччатын түмсүүтэ бу кэмҥэ «Байанай алгыһа» диэн ааттааҕа. Өксөкүлээх суруйуута 100 сылын туолбут кэмэ этэ, ол иһин быһыылаах. Ол түмсүүнү Давиды кытта бииргэ үөрэнэр уолаттар иилээн-саҕалаан сылдьаллара. Салайааччылара Ала Чуо диэн чобуо уол. «Кэпсиэҕэ» тахсарга үөрүүнэн сөбүлэспиттэрэ, көстүүм туруору кэппит уонтан тахса уол устуудьуйабар кэккэлээн олорон сахалыы уоттаах-күөстээх, уус-уран тылынан саҥаран-иҥэрэн ааспыттара көрөөччүлэри эрэ буолбатах, тэлэбиидэнньэҕэ үлэлиир биир идэлээхтэрбин эмиэ соһуппут этэ: «Михалева биэриитигэр элбэх баҕайы сахалыы саҥарар эдэр уолаттар көстүбүттэр үһү! Оттон биһиги сахалыы сатаан саҥарар эдэр киһи суох диибит дии…»

Баар буолумуналар. Национальнай оскуола концепциятын тыыныгар үөрэммит үүнэр ыччат үрдүк үөрэххэ киирбит, олох киин түһүлгэтигэр тахсарга бэлэм буолбут кэмэ этэ эбээт, 2000 сыллар саҕаланыылара. Кинилэр дорооболоһоллоругар оннооҕор «нөрүөн-нөргүй!» дэһэллэрэ, санаалара көҥүл, ыралара үрдүк этэ. Мин ол биэриигэ бэлиэтии көрбүт уолаттарым санаабар бааллар, сорохторо бэлиэр биллэр-көстөр дьон буоллулар, атыттар да хайаан да тыыллан-хабыллан туруохтара диэн эрэнэбин.

«Кэпсиэҕэ» көмөлөһө өссө Чурапчы кыыһа Алена, Кэбээйи кыыһа Мотя, эмиэ саха тылын бакылтыатын устудьуоҥкалара, кэллилэр. Онтон Кривошапкин Коля кэлбитэ. Аленалаах Мотя бүтэһик куурустарыгар сырыттахтарына Саҥа дьыллааҕы биэриибитигэр Гаврил Угаровы – Эһээ Дьылы ыҥырдым. Эһээ Дьыл баҕа санаа суруллар бэйэтин открыткатын бэлэхтэтэлээтэ уонна: «Манна үс баҕа санааҕытын суруйаҕыт уонна харыстаан илдьэ сылдьаҕыт», – диэтэ. Кыргыттарым кэргэн тахсыахтарын, оҕолонуохтарын наһаа баҕарар этилэр. Хас да ый буолан баран, кыргыттарым биир-биир кэргэн тахсан, оҕолонор буоллулар. Иккиэн ол Эһээ Дьыл открыткатыгар баҕа санаа быһыытынан итини суруйбуттар эбит.

Мотялаах Алена үөрэхтэрин бүтэрэн барбыттарыгар Таисия, Феодосия диэн кыргыттар, Батюшкин Миша эмиэ ис сүрэхтэриттэн кэлэн үлэлиир, көмөлөһөр этилэр. Кинилэр опроһу ыыталларын таһынан, эфир барар кэмигэр үлэлэригэр курдук көтүппэккэ кэлэн, хамнаһа суох администратордыыр этилэр.

Мин эдэр доҕотторбор махталым муҥура суох. Ити кэмҥэ төрөппүт оҕолорбунааҕар кинилэрдиин ордук алтыспыппын дуу диэх санаам ардыгар кэлэр.

9. КЫРА МОҺОЛЛОР

«Кэпсиэ» алта сыл кэриҥэ уһуннаах олоҕо экраҥҥа көстөрүн курдук барыта эриэ-дэхси быһыылаахтык, уруй-айхал ортотугар барбатаҕа. Оннук буолар да кыаҕа суох буоллаҕа.

Аан бастакы соһуйуум саха литэрэтиирэтин туһунан кэпсэппит биэриим кэнниттэн кэлбитэ. Онно мин сүрүн ыалдьыппынан саха норуодунай бэйиэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Моисей Дмитриевич Ефимов ыҥырыллыбыта.

Моисей Дмитриевич ити кэмҥэ суруйааччылартан барыларыттан аҕа саастаах киһи, Сэбиэскэй Сойуус Суруйааччыларын сойууһугар киирбит сыла инньэ мин төрүөм иннинээҕи кэм. Ол эрээри саха экраныгар элбэхтик хаһан да элэҥниирин көрбөтөҕүм. «Литературнай-уус-уран редакция» диэн баара, онно тоҕо эрэ мэлдьи биир суруйааччылар көстөллөрө. Моисей Дмитриевич миэхэ элбэҕи кэпсээччи, урукку суруйааччылар олохторуттан уонна Суруйааччы сойууһа арахсыбыт төрүөтүн эҥин. Суруйааччылар эйгэлэригэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун кини араарбытын курдук кэпсээн баар, ол иһин мин ыйытааччыбын даҕаны. Кини этэринэн, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар дьалхааныгар Суруйааччылар сойуустарыттан бастаан Россия суруйааччыларын Сойууһа арахсыбыт. Ону тэҥинэн иккис күүс – Сэбиэскэй Сойуус Суруйааччыларын сойууһун дойду ыһыллыбытын батыһыннара ыспакка, илдьэ хаалар күүс баар буолбут. Кинилэр «сийиэскэ мустан сүбэлэһиэҕиҥ» диэн уруккута биир сомоҕо улуу дойду духуобунай олоҕун тыыннаан олорбут бары суруйааччылары ыҥырбыттар.

Саха сиригэр Софрон Данилов бөлөҕө арахсыбыт Россия Суруйааччыларын сойууһун өйөөбүт, Моисей Ефимов бөлөҕө ол ыһыллыбакка буола сатыыр урукку доҕордуу судаарыстыбалар сойуустарын өйөөбүт. Онон суруйааччыларбыт атырдьах маһыныы аҥыы барыылара эмиэ дойду ыһыллыытыттан силистээх-мутуктаах буолан тахсар. Ити быһыыны-майгыны билбэт дьон саха суруйааччылара арахсыыларын кимнээх эрэ сатаспатахтарыттан төрүөттээҕин курдук тутах өйдөбүллээхтэр.

Билигин ол Сэбиэскэй Сойуус Суруйааччыларын сойууһун оннугар хаалбыт Суруйааччылар Сойуустарын Норуоттар икки ардыларынааҕы Сообществоларын (Международное Сообщество писательских Союзов) иһигэр Россия даҕаны, атын да доҕордуу дойдулар элбэх Сойуустара тэҥ бырааптаах чилиэн быһыытынан киирэллэр (Россия Сойууһа тахсан баран төттөрү киирбитэ). Ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки Сойууһа эмиэ. Мин биэриибэр Моисей Дмитриевичтэн ону эрэ токкоолоһо олорботоҕум, кэпсэтии саха литэрэтиирэтин кэскилин туһунан сүрүннээн барбыта. Онно кырдьаҕас поэт: «Мин икки Сойуус холбоһуон баҕарабын» диэн чопчу эппитэ. Киһи өһүргэнэрэ даҕаны, туох эрэ докумуонунан бигэргэнэр сымыйа этиллибитэ даҕаны суоҕа.

Дьэ ол биэрии кэнниттэн Харлампий Назарович аатыгар Айар Сойуус ааттаах-суоллаах салайааччытыттан илии баттааһыннаах үҥсүү киирбит. Тыйыс баҕайы ис хоһоонноох, сүрүн санаата мин биэриибин тохтотору модьуйуу буолбут. Салайааччыбыт докумуону худсовет көрүүтүгэр биэрбит этэ. Мин соһуйан эрэ хаалбытым, буруйа суох киһи быһыытынан, дьүүллэнэн эрэбин диэн санаабар киллэрбэтэҕим, ити буруйдааһыннар дьоһуна уонна олоҕо суохтар диэн улахаҥҥа уурбатаҕым. Туох миэрэни биэрбиттэрин билигин да билбэппин. Быһаарыыбын биэрэн баран, баран хаалбытым, устунан ити түгэни олох да умнубутум. Билигин санаатахха, иһэ истээх үҥсүү эбит. Арай ити буруйдааһыны наһаа улаханнык ылынан, үлэлиэх баҕам ханнан хаалбыт, хом санааны иитийэхтээбит буолуум? Эбэтэр салалта ордук ааттаах-суоллаах, үрдүк сололоох киһи тылын ылынан, биэриини тохтотон кэбиспит буоллун?

Икки Сойуус баарын быһыытынан, дьон суруйааччылары икки утарыта күүс курдук эмиэ көрөр. Баҕар, «бэйэтин эрэ Сойууһун дьонун мэлдьи көрдөрөрө буолуо» диэн ійдібүл үіскүін сіп. Суох, мин хара ааныттан биэриим ис хоһоонугар сөп түбэһэр айымньылаах ким да буоллун, ыҥырар этим. Ол курдук биир сойуустан Василий Протодьяконов, Ойуку, Харысхал да, Сиэн Кынат, Саргы Куо, Умсуура да ыалдьыттаабыттара, ыалдьыттыыллар. «Аал-Луук Маска» мэлдьи көстөр суруйааччылары бэйэлэрэ көстөр түннүктээхтэр диэн, кырдьык, ыҥыра сатаабат этим. Тахсыан баҕалаах онто суох элбэх.

Аны арыйар тиэмэлэрбитин былдьаһар ис хоһоонноох утарсыылары көрсөр буолан барбыппыт. Ордук, кэнники «Аал Луук Мас» устуудьуйа буолбут литературнай-уус-уран биэриилэр редакцияларын салайааччыта кыйаханара иһиллэрэ: «Тоҕо кини суруйааччылары көрдөрөр, тоҕо олоҥхо туһунан кэпсиир?» Мин санаам хоту уларыйа сылдьар тиэмэлэргэ үлэлиир жанры талбыт суруналыыс буоллаҕым. Саха омугун кутун-сүрүн, айылгытын баайа хайдахтаах дириҥин, киэҥин, үрдүгүн ханаал бүттүүн күүһүн уурдахпытына да, ситэн көрдөрөр кыахпыт суох. Ол онтон мин эмти тутан биирдии киэһэни аныырбар ким эрэ баайын туһанан эрэр курдук санаабат этим, ол барыта төрөөбүт омугум өйүгэр-санаатыгар, үтүө иэйиитигэр сүгүрүйүү быһыытынан тахсара. Мин кіІінүіхтээҕэр, «хата бииргэ үлэлэһэр күүс кэллэ» диэн үөрүөм этэ. Билигин, холобур, аІаардас оһуокайга эрэ анаан үлэлиир ханаал да баар буоллаҕына сириэм суох. Спорду, оннооҕор ас астааһынын эрэ көрдөрөр анал ханааллар бааллар дии, ол курдук.

Өссө биир түгэҥҥэ сэҥээрбэт буолуу тахса сылдьыбыта. Ол «Михалева сунтаардарын эрэ көрдөрөр» диэн. Ханнык баҕарар тэрилтэ улууска командировкалыыр буоллаҕына, онтон төрүттээх үлэһитин ыытарга кыһанар. Эбэтэр улуус дьоно куоракка быһаартарардаах буоллахтарына, аан бастаан биир дойдулаахтарыгар тирэнэллэрэ эмиэ баар суол. Ити олох кырдьыга, онтон ханна да куоппаккын. Урут НВК-ҕа Харлампий Дьяконов эрдэҕинэ, ордук элбэхтик кэбээйилэр көстөллөрө, онтон Иван Андросов кэлбитин кэннэ таатталар уонна кини бэйэтин эйгэтэ: спорт, булт элбэхтик тахсар буолбутун туох диэххиний?

Мин саҥа биэриини саҕалаан истэхпинэ Элгээйи кырдьаҕас нэһилиэгин үбүлүөйүгэр массыыналаан, командировкалаан ыҥыран тураллар. Тэрилтэ сөбүлэһэн ыыппыта, бэйэм ыал киһи көһөн кэлбит буолан, санаатыҥ да кыайан тиийбэт ыраах сирбэр хаалларбыт малбын ыарыыта суох аҕаларбар итинник айан олус тоҕоостоох этэ. Биир биэриибин кинилэргэ аныыбын. Онтон бэйэм төрөөбүт, улааппыт икки сүүстэн эрэ тахса киһилээх кырачаан нэһилиэгим үбүлүөйэ буолар, барахсаттар уоллара Матвей Николаевич Евсеев көмөтүнэн Дьокуускайга кэлэн Саха тыйаатырыгар нэһилиэк Күнүн ыыталлар. Кинилэри көрдөрөр иэстээх да буоллаҕым дии. Онтон Сунтаарга Саха сирин норуоттарын VI Спартакиадата уонна өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар бастакы Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара бэлиэтэнэр. Онно тэрээһин үлэни сырдатарга хампаанньа миигин сорудахтыыр…

Дьиҥэ, атын да улуустарга итинник элбэхтэ сылдьан турабын: Томпоҕо, Тааттаҕа, Бүлүүгэ, Мэҥэҕэ, Ньурбаҕа, Аммаҕа, онтон да атын сирдэргэ… Онно туох да саҥа суох, арай биир сунтаары көрдөрөөрү гыннахпына, дьон оргуйа түһэр. Дьиҥэ, «Кэпсиэ» биэрии таһаарбыт дьонун хантан төрүттээхтэрин ырыттахха, сунтаардар олох кыра бырыһыаны ылыахтара. Биири оҥорбутум бииринэн өйдөнөн хаалан, дьон күнүүлүүр саҥатыгар киирбитим эмиэ да үчүгэйдээх курдук: ол аата саҥарар дьон бэйэлэрин биир дойдулаахтарын, төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин бу биэриигэ киллэрэн көрдөрөр баҕалаахтар эбит диэн. Суох, доҕоттор, миэхэ сахам дьоно бары биир тэҥ күндүгүт. Ханнык баҕарар улууска киһини долгутар кэпсээн, кэрэхсэтэр киһи, экраҥҥа тахсыах түгэн элбэх, Сунтаарга кытта. Суруналыыс эмиэ киһи, сир аайы баар үтүөнү-кэрэни барытын курдаттыы билэн, көрөн олорор ураты дьоҕура суох, билбитин да иһин, былааннанан тиийэ охсоро эмиэ табыллыбат түгэннэрдээх. Ол да иһин продюсер диэн идэ үөскээтэҕэ. Миэхэ продюсердаан биэрэр элбэх үтүө доҕоттордоммутум: «Бу киһини көрдөрүөххэ баар этэ… Ол сиргэ оннук дьикти баар ээ…» – диэн этиилээх киирэн кэлэ турааччылар билигин да бааллар.

Аны санаатахха, өссө биир суоһар түгэн нөҥүө ааспыт эбиппин. «Дьоллоох дуо, Дьокуускай куорат?» диэн ааттаах, куоракка саҥа көһөн кэлэн олохсуйа сатыыр дьон туһунан биэриини бэлэмнииргэ сананным. Куоракка көһөн кэлээччи барыта саргы-сатаҕай олохтоох буолбатах, үлэлииллэр-үөрэнэллэр, киин куораппыт күүрээннээх олоҕор саҥаны киллэрээччилэр да бааллар. Ол эрээри дьиэ туттарга сир ылыыта, бырапыыска, оскуола, онтон да атын быһаарыыны эрэйэр кыһалҕалар эрийэр түгэннэрэ элбэх. Дьон онно дьоһуннаах хоруйдары ылыахтарын баҕараллар. Сюжеттарбар сахалыы эйгэ кэҥээһинигэр саҥа үлэлээн эрэр «Киин» араадьыйа, биир дьиэ куортамнаан олорор ыал олоҕо, өссө туохтар эрэ киирбиттэрэ. «Киин» араадьыйаны устарбытыгар Георгий Белоусов диэн эдэр уол үлэлии олорор этэ. «Миигин устумаҥ, араадьыйа үлэһитин тас көрүҥүн истээччи билиэ суохтаах», – диэн санаа баҕайытык кэпсэппитэ.

Санаан да көрдөххө, дьон ыйытыытыгар хоруйдуур гына бу биэриигэ куорат дьаһалтатыттан киһи хайаан да ыҥырыллыахтаах. Мин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар эрийдим. Эдэркээн кыыс тоҕо эрэ наһаа долгуйда, өр кимнээҕи эрэ кытта сүбэлэстэ, онтон Лепчиков тахсыан сөп, кини сахалыы да саҥарар, кыһалҕаны да билэр, диэтэ. Миэхэ массыына ыытан дьаһалтаҕа ол Лепчиковы кытта көрсүһүүгэ илтилэр. Ачыкылаах, тоҕо эрэ киһини халты көрөр киһиттэн дьиктиргии-дьиктиргиибин биэриим ис хоһоонун кэпсиибин, кини көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдуохтааҕын этэбин. Онтон кэнники ханнык биэриигэ тахса сылдьыбыккыный диэн ыйыппыппар: «Миигин ыҥырааччылара суох…» – диэтэ. Онно да миэхэ туох да атын толкуйдар киирбэтилэр, кырдьык, били «тыаттан кэлбитим» итинник түгэҥҥэ таайар эбит.

«Микрофонка» диэн ааттанар, биэрии ис хоһоонун, кимнээх ыҥырыллыбыттарын туһунан билиһиннэрэр докумуоннаахпыт. Онтубутун биэрии тахсыа нэдиэлэ иннинэ толорон, салалтаҕа туттарабыт. Тэлэбиидэнньэ дириэктэрэ ол докумуоммутун көрөн баран илии баттаабыт буоллаҕына биэрии эфиргэ тахсар. Ол саҕана хонтуруол олус сытыы буолбатах эбит – салалта дьонугар итэҕэйэрэ буолуо. Мин киллэрбит микрофонкабын дириэктэр Николай Петров сыныйа барбакка илии баттаабыт, онон ол биэриим тэрээһинигэр туох да харгыһа суох үлэлээтим. Куорат дьоно ыйытыы бөҕө буоллулар, Лепчиков барытыгар эриэ-дэхси хоруйдаһан истэ. Кэпсэтэ олорон өйдөөн көрбүтүм, хараҕа туох эрэ дьиэктээх эбит, ол иһин киһини утары көрбөккө, халты көрөр курдук көстөр.

Сарсыныгар арай Николай Иннокентьевич киирэн кэллэ.

– Тоҕо Лепчиковы таһаардыҥ?

– Тоҕо таһаарыа суохтаахпыный?

– Хайдах билбэккин, Бэрэсидьиэн Штыров уонна куорат мээрэ Михальчук утарыта тураллар буолбат дуо? Михальчук киһитин биһиги таһаарыа суохтаахпыт.

– ???

– Эн микрофонкаҕын суруйбатаххын быһыылаах, мин көрбүтүм буоллар, илии баттыам суох этэ.

– Суруйбутум ээ… Биһиги кэбиниэппитигэр баар Петров Игорь үһүс этээскэ тахсарынан таарыйа биэрээр диэн ыыппытым.

– Оо. Оччоҕо ол Игорь Петров киэнин кытта холбуу баттаан кэбиспит буоллаҕым дуу?

– …

– Иккиэн быыгабарданарбыт буолуо. Эн бастакыҥ буолар, мин үлэбиттэн уһулларбар бүтэһик быыгабарым буолар… – диэтэ.

Мин сөҕөн хайыамый, киһи туох да буруйа суоҕугар үлэтиттэн уурайар буолбут диэн айманным аҕай. Онтон «Киин» араадьыйа рекламатын көҥүлэ суох таһаарбыккыт үһү диэн сурах кэлэн, буруйбут өссө халыҥаата. Ол иһин Харлампий Дьяконов аатыгар быһаарыы сурук суруйдум. Быһаарыыга Петрову быыһыыр санааттан, микрофонкабын хойутаан тиксэрбитим, ол иһин дириэктэр көрбөккө хаалбыт диэтим уонна «Киин» араадьыйа куоракка саха эйгэтин кэҥэтиигэ саҥа үлэлээн эрэр кэскиллээх тэрилтэ, онно эдэркээн үлэһиттэр кыттыыларын көрдөрбөтөхпүтүнэ сахалыы тыллаах биэрии уонна тугу көрдөрүөхтээҕий, диэн куолулаабытым.

Николай Петровы саҥа салалта ууратар үһү диэн сурах эрдэттэн баара, көрдүү сылдьыбыт сылтахтара дьэ үөскээтэҕэ буолуо, кинини сотору кэминэн дуоһунаһыттан аллара түһэрэн, улуустары кытта үлэлиир устуудьуйа салайааччытынан анаабыттара.

Арай биирдэ туора киһи НВК-ҕа киирэ сылдьан: «Михалеваны хайгыыгыт да, тэрилтэтигэр быыгабар биэрэллэр эбит батта», – диэн дьоҥҥо эппитин тиэртилэр. Быыгабар туһунан иһитиннэрии киирэр аан таһыгар биллэриилэр ыйанар сирдэригэр көрдөрүүгэ турар үһү. Баран көрбүтүм, кырдьык онно «көҥүлэ суох «Киин» араадьыйа рекламатын таһаарбытын иһин» диэн ыйыллыбыт эбит. Баҕар, сэрэтии буолуо, миигин каадыр салаатыгар ыҥыран быыгабар туһунан билиһиннэрбэтэхтэрэ, ол иһин сэрэтии буолуохтаах дии саныыбын. Онно улахан суолтаны биэрбэтэх буоламмын, өйдөөн көрбөтөхпүн. Билигин санаатахпына, ол дьарыйыыга араадьыйа туох да сыһыана суох, сүрүн төрүөт – Лепчиковы таһаарбытым эбит. Харлампий Назаровичтыын билигин истиҥник кэпсэтэбит, онно кини итинник диэн эмиэ билинэн турар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации