Текст книги "«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык"
Автор книги: Наталья Михалева-Сайа
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
10. РЕЖИССЁРДАР
Тэлэбиидэнньэ биэриитин сүрүннээн икки киһи – редактор уонна режиссер иилээн-саҕалаан таһаараллар диэн кэпсээтим. Онон бу икки киһи тапсара – тапсыбата олоххо табыллыы эбэтэр табыллымыы суолталаах буолар. НВК иһигэр ыал арахсыытынааҕар редактор режиссердуун арахсыытыгар эбэтэр холбоһууларыгар ордук болҕомто ууруллар, кэпсэтии, ырытыы бөҕө буолар. Кинилэр тустарынан: «бэркэ булсуспуттар», «арахсаары сылдьаллар үһү», «ол редактор ол режиссерга баҕарар үһү», «ол дьон арахсыбыттар, айдаарсыбыттар, адаарыспыттар» диэн буолар. Ардыгар салалта «күүһүнэн холботолообут» аатырар.
Мин дьолбор, режиссердарбар табыллан кэллим. Бастаан «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа Ариана Куличкиналыын саҕалаабыппын иһирэхтик өйдүүрбүн аҕынным. Онтон «Кэпсиэни» саҕаласпыт, атаҕар туруорсубут Любовь Золотарева туһунан суруйбутум. Кини олус ааһа бириинчиктээн үлэлиир киһи этэ. Титры суруйарга буукуба өҥүн, ханнык сирииби уурары кытта өр баҕайы толкуйдааччы. Монтажнайга киирэн үлэлиир кэммит-болдьохпут чаастан чааска уочарат быһыытынан чопчу суруллан турар буолар, ол кэм иһигэр кыамматахпытына, атын редакция режиссердарыттан туттубат эбэтэр ордор кэмнэрин көрдөһүү, кэнники төннөрүөх буолан иэстэһии да буолар. Онон «Кэпсиэлэр» эбии кэм (монтажтыыр бириэмэ) умнаһыттара этибит. Ол монтажпытын мэлдьи субуота, өрөбүл күннэргэ туруортарабыт, тоҕо диэтэххэ, өрөбүллэргэ атын редакциялар ол уочараттаах кэмнэрин ардыгар туттубакка хаалаллар, ол мэнэйдэһиитигэр түбэһэн, биһиги табыллабыт. Хата, Люба өр үлэлээбит буолан, монтажка олорор инженердэри (үксүн нууччалар буолааччылар) бэркэ билэттиирэ, ол дьонуҥ истэригэр киирэриҥ–киирбэтиҥ эмиэ быһаарыылаах буолар түгэннэрэ да баар буолааччы. Мэлдьи эбии кэми ырыбыллаһар уонна, ардыгар, уһуу түһэргэ көрдөһөн быһыллыбыт кэмтэн эбии үлэлэтэр буоламмыт, Саҥа дьылга эҥин монтажнайдарга шампанскай кэһиилээх киирэ сылдьааччыбыт, кэлэр сылга өссө да доҕордуу буолуохха диэн…
Биирдэ эмиэ ол курдук эбии кэм умналаһан киэһэ хойукка диэри олордохпутуна, инженербит эттэ: «Вы умрете на работе». «Ой, это же здорово, значит мы будем на ногах до того исторического момента», – дэһэн күлсэ түстүбүт Любалыын. «Человек должен умирать в своей постели, в окружении родных и близких, а не на рабочем месте…», – диэн үөрэтэрдии этэ олорор үөлээннээхпит. Онтон мин саҥа аллайдым: «Да! Я не согласна умирать на рабочем месте! Вы, режиссеры, как хотите, но я в прямом эфире на глазах у всей республики умирать не желаю…» Оо, дьэ дэлби күллүбүт ээ: Люба ол мин быһа эфиргэ өлө олордохпуна өйдөөн көрөн хартыынаны хайдах киэргэтэн, уоту хараҥардан, бэйэбин бытааннык ыраатыннаран эфири түмүктүөҕүн эҥин оҥорон көрө-көрө! Монтажнай – режиссер үлэлиир сирэ, онтон устуудьуйа – быһа эфир ыытааччытын үлэлиир сирэ.
Люба миигин кытта бииргэлэһиэн иннинэ НВК-ҕа уос номоҕор киирбит этэ. «Люба Золотарева дьиэҥ умайан эрэр үһү, сүүр, билигин аҕай телефоннаатылар!» – диэбиттэр. Люба идэтинэн монтажнайга олорор эбит: «Какой пожар? У меня монтаж!» – диэн ол суһал биллэриигэ хоруйдаабыт…
Ол кэмҥэ үлэлиир тэрилбит сыыйа «сыыппараҕа» көһүүтэ саҕаламмыта. Эдэр режиссердар устубуттарын дьиэлэригэр олорон компьютерга таҥан аҕалар буолбуттара. Саастаах режиссердар үлэ саҥа ньыматыгар кэбэҕэстик көһө охсубаттар эбит. Компьютерга таҥары уруккулуу монтажнайга уочараттаан киирэн биэриини таҥары кытта тэҥнээн көрдөххө, иномарка массыынанан сыарҕалаах оҕуһу ситэн ааһарыҥ курдук буоллаҕа. Мин оҕус сыарҕатыгар олорон айанныахпын баҕарбатым, хайдах гынан сайдар, компьютер түстүүр түргэн тэтимигэр киирэр туһунан элбэхтик толкуйдуур буоллум.
Ол саҕана улуустар устуудьуйалара бары НВК филиаллара буолбуттара. Быһаарыылаах быыбардар эҥин кэмнэрэ быһыылаах, онон сөптөөх штатынан да, хамнаһынан да, тэрилинэн да күүскэ хааччыллыбыттара. Улууска үлэлиир режиссер штат аҕыйаҕынан устааччы оператор үлэтин тэҥинэн толороругар тиийээччи, камератын да, монтажтыыр-таҥар тэрилин да тус бэйэтин киэнин курдук туттар, баҕардаҕына түүннэри-күннэри да таккыйар, үөрэтэр кыахтаах. Онтон НВК режиссера аналлаах оператор эрэ устубутун көрөр, саҥа тэрил хампаанньаҕа баар да буоллаҕына, ону уочарата суох киирэн талкыйан үөрэтэр кыаҕа суох. Онон ити кэмҥэ улуустартан сүрдээх күүстээх, барыны бары сатыыр режиссердар уонна оператордар үүнэн тахсыбыттара.
Мин буоллаҕына санаам бэйэм Сунтаарым устуудьуйатын диэки күүскэ хайыһар буолан барда. Тоҕо диэ? Онно мин үтүөкэн үлэһити хаалларан кэлбитим. Саймон Сергеев диэн. Кини эмиэ «тэлэбиидэнньэ үлэтигэр ананан кэлбит курдук» режиссер. Үлэҕэ ылаат, бастакы биэриитин оҥорбутун кэнниттэн итинник сыанабылы киниэхэ бэйэм биэрэн турабын. Оннук сүрэхтэниэҕиттэн алтыһан үлэлээбит дьоно – мин НВК-ҕа уонна Эльвира Егорова «Сахафильмҥа» үлэлии куораттаан хаалбыппыт. Саймон аныгылыы уонна ураты көрүүлээх киһи, айар дьоҕура улууска баппат буолан барбытыттан дуу эбэтэр биһигини сайыһан дуу, Дьокуускай диэки дураһыйарын билэбит. НВК-ҕа штат олох тиийбэт аатырар, саҥа киһини ылбаттар уонна үлэҕэ киирэргэ бырапыыска ирдэнэр.
Мин икки-үс сыл бэриниилээхтик үлэлээн баран, «барыларыттан элбэҕи үлэлиибит, оннук үлэлиигит диэн хамнаспытыгар туох да эбиллибэт, саатар үлэни көҕүрэтиһэр көмөлөһөөччү үлэһити көрбөттөр» диэн син толкуйдуур буоллум. Онтон санаам улам сайдан, улууһум устуудьуйатыгар дириэктэринэн хаалбыт, тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр бэйэм аҕалбыт киһим – суруналыыс Ольга Захароваҕа эрийдим. Сыалым-соругум диэн – Саймоны штатын кытта НВК-ҕа көһөрөргө сөбүлэһиннэрии. Ольгам ханна барыай, сөбүлэстэҕэ дии. Арай ол штаты Саймон сүрүн штакка киирдэҕинэ, устуудьуйаҕа төнүннэриэм диэн эрэннэрбитим.
Толкуйбун итинник торумнаан бараммын, Иннокентий Киренскэй диэн Николай Петров кэнниттэн анаммыт дириэктэрбэр киирдим. «Миэхэ иккис режиссерда көмөҕө анааҥ. Любовь Васильевна оҕото сотору оскуолаҕа барар, онон үлэтигэр мэлдьи хойукка диэри хаалара сатаммат буолуо. Биэриибин мөлтөтөр санаам суох, итиччэ сабардамнаах үлэни монтажтыырга аныгы тэрили баһылаабыт киһиэхэ баҕарабын», – диэн хайдах баарынан эттим. Киренскэй, таайбытым курдук, саҥа штаты хантан эйиэхэ ылабын уонна ол аныгы тэрили баһылаабыт үчүгэй режиссер тиийбэтин, суоҕун бэйэҥ да билэҕин диэтэ. Онуоха мин Сунтаар устуудьуйатын кытта сөбүлэсиһиибин кэпсээн биэрдим. «Штат кэлэн хааллаҕына төннөр кыаҕа суох буолуо дии санаабаккын дуо?» – диир дириэктэр. «Оннук гыммат инигит, эһиэхэ эрэнэбин ээ», – диэтим. Оннук соһуччу, үс өттүттэн сөбүлэсиһии быһыытынан, Саймон Сергеев НВК үлэһитэ буолан Сунтаартан көһөн кэлбитэ, хос куортамнаан олохсуйбута. Ол эрээри ити дьаһалы тоҕо эрэ туораттан биир ааттаах-суоллаах кырдьаҕас суруналыыс сөбүлээбэккэ, дьаһалы көтүттэрээри үөһэ-аллара сүүрүү бөҕө буолбута. Тоҕотун билбэппин.
Онон биир кэмҥэ икки режиссердаах сүрдээх редактор буола сылдьыбытым. Любовь Васильевна, ханнык баҕарар айар үлэһит курдук, үлэни үллэстэрин сөбүлээбэтэҕэ, атын редакцияҕа көспүтэ. Саймон талаанынан, дьоҕурунан сотору хампаанньа идэлээх үлэһиттэрин билиниилэрин ылбыта. НВК штатыгар сотору режиссер миэстэтэ тахсыбыта, онно тутаах режиссер (кылаабынай режиссер) Саймоны сүрүн үлэһит быһыытынан ыларга туруорсубута, уларса сылдьыбыт штаппыт Сунтаар устуудьуйатыгар төннүбүтэ.
Кылгас кэмҥэ «Кэпсиэҕэ» өссө Эльвира Егорова үлэлии сылдьыбыта. Кини үлэҕэ кыһамньытынан, айар талаанынан, киһи быһыытынан кэрэмэс майгытынан тэҥнээҕэ суох үлэһит – эмиэ Сунтаар тэлэбиидэнньэтигэр бэйэм үлэҕэ ылан, айар үлэ уустук суолугар үктэннэрбит эдэр дьүөгэм. Эльвира Егорова «Сахафильмҥа» үлэ булан, мин иннибинэ Дьокуускайга көһөн кэлбитэ. Оттон НВК-ҕа режиссер тиийбэтинэн, мин үлэлээбит «Сэргэлээх» устуудьуйабар үлэ көстөн, режиссердуу кэлбитэ. Ол сылдьан «Сэргэлээх» диэн оччотооҕу көрөөччү биһирэбилин ылбыт, ыччат олоҕугар бэлиэни хаалларбыт телесериалы устубута. Сиэрийэ кэннин аайы «тэрийэн таһаарааччы», «дириэктэр» эҥин диэн элбэх киһи аата суруллара эрээри, бу тэрийэн таһаарааччылар дьиҥ тэрээһиҥҥэ отой да суохтар этэ диэн, киинэ хайдах оҥоһуллан тахсарын көрө сылдьыбыт киһи быһыытынан, этиэхтээхпин. Үөрэнэр ыччат олоҕуттан иэҕиллэн тахсар сюжеттаах киинэ, биллэн турар, университет үөрэнэр куорпустарыгар, уопсайыгар уһулуннаҕына сатанара. Ону тоҕо эрэ вахтеруттан саҕалаан сорох салайааччыларга тиийэ олох сөбүлээбэт, көҥүллээбэт буола сатыыр этилэр. Онон ити сериал сүрдээх уустук быһыыга-майгыга, аІаардас режиссер дьулуурунан бартыһааннаан кэриэтэ уһуллан тахсыбыта. Эльвира устар-таҥар үлэтин таһынан артыыстарын кытта бэйэтэ үлэлиирэ, сериал сценарийа хайдах сайдан, салҕанан иһиэхтээҕин бэйэтэ толкуйдуура. Онуоха устудьуоннар ортолоруттан талыллыбыт артыыстара уонна Эльвира бэйэтин дьүөгэлэрэ ардыгар көмө, санаа угааччы буолаллара. Бу сериал, дьиҥэ, улахан бириэмийэнэн бэлиэтэниэхтээҕэ хаалбыта.
Эльвира «Сэргэлээх» кэнниттэн литературнай редакцияҕа олус тахсыылаахтык үлэлээбитэ, ол кэмҥэ устубут түгэннэрэ бу редакция архыыбын байыппыт бастыҥ үлэлэр буолаллар, сотору-сотору НВК ханаалыгар хатыланаллар. Кини билигин төрөөбүт-үөскээбит Маар Күөлүгэр кулууп дириэктэрэ. Быыһыгар устар-таҥар, туруорар үлэтин хаалларбат, киинэ эйгэтигэр кини аата өссө да иһиллиэ диэн сэрэйэбин. Саймон да, Эльвира да иккиэн НВК-ҕа сылдьан Санкт-Петербурдааҕы киинэ уонна телевидение институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Биһиги үһүөн бииргэ Россия Суруналыыстарын сойууһугар киирбиппит. Дьиҥэ, бииргэ саҕалаабыт үөлээннээхтэрбититтэн олох хойутаан, дьон өссө да Сойууһа суохпутун биллэхтэринэ бэркиһиир буолбуттарын кэннэ маннык билиэттээх буолар ордугун өйдөөбүппүт.
11. БИЛГЭЛЭР
Киһи олоҕугар элбэх бити-билгэни көрсөн ааһар. «Бу буолуон быатыгар оннук буолбут эбит» дии саныыр түгэннэр ханнык баҕарар киһи олоҕор баар, ол дьылҕа сэрэтиитигэр маарынныыр түгэннэр ис хоһооннорун үксүгэр кэнники өйдүүгүн. Ардыгар сэрэтии эрэ буолбакка, олоҕуҥ ханнык эрэ кэрчик кэмин түмүктээри эбэтэр саҕалаары сылдьаргын биттэнэн, ону көрсө ким эрэ ыйбытын курдук тэриллэн хаалбыт түгэннэр эмиэ баар буолаллар.
Биһиги 2007 сыл ахсынньытыгар биэриини таһаарбыппыт биэс сыла туолуохтааҕа. Бастакы биэриибитин ыыппыт күммүтүн-дьылбытын мин өйдүү сылдьарым: 2002 сыл ахсынньы 18 күнэ, сэрэдэ. 2007 сыллаах төрдүс кыбаарталым былаанын оҥоро олорон көрбүтүм, ахсынньы 18 күнэ оптуорунньукка, «Кэпсиэ» бырагыраамаҕа турар күнүгэр сөп түбэһэр эбит! Ол аата «Кэпсиэ» аан бастаан тахсыбыт бэлиэ күнүн ыйа, күнэ биэс сыл буолан тахсар даататыгар сөп түбэспит. Бу үс төгүллээх сөп түбэһии тоҕооспутугар «Кэпсиэҕэ» биирдэ баҕас атын дьон туһунан буолбакка, биэриибит тахсыбыт сылларын, бэйэбит үлэбит-хамнаспын туһунан ахтан-санаан аһарыахха диэн сүбэлэспиппит. Суруналыыс суруналыыстан хото интервью ылбат, биир идэлээҕиҥ үлэтин сырдатыыны тумна сатааһын баар буолар. Ол быһыытынан быһыылаах, миигин атын биэриилэр суруналыыс буолбатаҕына, суруйааччы да быһыытынан ыҥырбат, таһаарбат этилэр. Биирдэ эмэ сурунаалтан, хаһыаттан кэлэн кэпсэтэн ааһааччылар.
Эмиэ халыйда диэн кыыһырымаҥ, биир түгэни санаан билигин да сэмээр сонньуйан ылабын. Дьахтар күнүн иннинэ «Илгэ» диэн сурунаалтан үлэһит кэлбитэ уонна: «Сурунаалбытыгар саатар биирдэ (!) толору дьоллоох олохтоох, ситиһиилээх, олох кыһалҕаларыгар ылларбатах айар дьахтары таһаарыахпытын баҕарабыт. Эйигиттэн ураты куоракка оннук дьахтар суох эбит, бары туохтара эрэ итэҕэс буолар…» – диэтэ. Онно эрэ өйдүү түспүтүм, экраҥҥа мин хайдахтаах дьахтар уобараһын айан нэдиэлэ ахсын тахсарбын: Орто туруу бараан дойду бары кыһалҕата тумнубут дьоллоох дьахтара бу күлэн-үөрэн, кэпсээн-ипсээн…
Дьэ ол үс түгэн тоҕооһо түспүт, биэс сылбытын бэлиэтиир биэриигэ ыалдьыттары олордор кыһыл дьыбааммытыгар бэйэм ыйытыллааччы буолан олордум, мин миэстэбэр көмөлөһөөччүлэрим Коля уонна Феодосия олорон, бэйэлэрэ бэлэмнээн кэлбит ыйытыыларынан миигин эрийдилэр-мускуйдулар. Хата уһуллуохпут иннинэ «Боотур» диэн бэртээхэй сурунаалы таһаара сылдьыбыт Маргарита Иванова фотографтаах кэлэн хаартыскаҕа түһэрбитэ. Ол хаартыска мин «Кэпсиэ» саҕанааҕы кэммин сүрүн үйэтитээччи буолла уонна бу кинигэм таһыгар эмиэ кини олордо. Өссө биэрии кэмигэр биир эдэр доҕорум Константин Тимофеев эмиэ хаартыскаҕа түһэрбитэ. Ону таһынан, биэриибитин бэлиэтиир дьон хайыахпытый, үлэбит туһунан сюжет оҥороору ордон сылдьар устууларбытын хомуйбуппут. Онтон атын, кэнники соло да булан, санаабытыгар да киллэрэн үйэтитии туһугар тугу да оҥорбокко хаалыахтаах, элбэҕи сүтэриэхтээх эбиппит. «Кэпсиэнэн» бүтэһик Саҥа Дьылбытын көрсөрбүтүн күн-дьыл бэйэтэ сэрэтэн биэрбит, үс төгүллээх тоҕооһууну оҥорбут курдук.
Бу биэрии кэнниттэн тута кэриэтэ Саҥа Дьыллааҕы биэриибит тахсыахтаах. Мин гороскоп уон икки бэлиэлэригэр сыһыаран 12 ыалдьыты ыҥырар санаалаахпын. Онон гороскоп биирдии бэлиэтигэр биирдии киһини булар толкуй уонна сонор үлэтигэр түстүбүт. Чубуку бэлиэттэн Ил Түмэн биллэр дьокутаата кэлэргэ сөбүлэспитэ, атын бэлиэлэртэн Уйбаан Ухханы, биһиги биэриибитигэр анаан компьютер ылан биэрэн сүрдээҕин көмөлөспүт бизнес-леди Аграфена Борисованы, ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильинаны, «Мистер «Якутия» ааты ылбыт уолу, онтон да атын кэрэ-бэлиэ дьону булаттаабыппыт. Ыйааґын бэлиэтигэр «Саханефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Афанасий Максимовы ыҥырбытым. Мин кинини бу иннинэ күһүҥҥү улахан булка анаммыт биэриибитигэр биирдэ устан турардаахпынан билэрим. Онно: «Балыксыт балыксыты ыраахтан көрөр дииллэр дии, эн бу улахан бизнес, бэлиитикэ эйгэтигэр сылдьаҥҥын булчут киһини ыраахтан билэҕин дуу?» – диэн ыйыппыппар чочумча тохтоон ылан баран: «Билэбин. Дьиҥнээх булчут хаһан баҕарар биллэр», – диэбитэ. Кинини таһынан ол биэриигэ Юрий Куприянов кабаны бултааһын хайдах буоларын кэпсээн кыттыбыта уонна биир, ыарытыйан куоракка оҕолоругар кыстаан олорор дьиҥнээх булчут оҕонньору устубуппут. Кини «булчут ыппын – доҕорбун көннөрү киһиэхэ биэрбэппин, атастаспаппын» диэбитин өйдөөн хаалбыппын.
Афанасий Николаевиһы ол улахан булчут быһыытынан бастаан устарбар былаас эйгэтин киһитэ этэ, онон туох да туорайдаһыы, моһол суоҕа. Хата, хайдах эһиэхэ сөбүлэһэн уһулунна, диэн соһуйбут курдук буолбуттара. Онтон иккиһин ол Саҥа Дьылга устарбар утары турууга киирэн эрэр кэмэ быһыылаах, оннук курдук салгын салалта өттүттэн биллибитэ эрээри, боппотохторо. Биһиги ыҥырбыт дьоммутугар оонньуу-күлэ курдук, уһуллубуккут махталыгар уонна Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн биһиэхэ биирдии шампанскай кэһиилээх кэлэҕит диэбиппит. Дьиҥэ, аҕалыахтара дии санаабатахпыт, дьээбэлээн эттэхпит дии.
Мин устуудьуйабар эрдэ киирэн бэлэмнэнэн олоробун, ыалдьыттарым биир биир кэлитэлээн бардылар. Арай бары бакыаттаах эбиттэр. Онно шампанскай бытыылкатын таһынан сорохтор открытка, сакалаат эҥин укпуттар. Оо, мин бэрик ыла олорор киһи курдук көстөөрү гынным, арыычча көмөлөһөөччү устудьуоннарбын соруйан, бакыаттарын хомуйтардым. Биэрии бу саҕаланыахча буолан эрдэҕинэ хойутаан, Афанасий Максимов тиийэн кэллэ. Кырдьыга, кэлимээри гынна, таах да иччэ солото суох киһини ыҥыраммын диэн кэмсинэ саныы олордохпуна кэллэ. Устудьуоннарым кинини устуудьуйаҕа арыаллаан киллэриэхтэрин иннинэ гримернай диэки туох эрэ тыас-уус буолбутун истибитим, ол эрээри көрөөччүлэрбин эҕэрдэлиир бастакы тылларбын умнан кэбиһиэм диэн испэр хатылыы олорор буоламмын, ол тыаһы болҕомтом таһынан аһарбытым. Бастакы эҕэрдэ үчүгэйдик сатанна да, быһа эфир арыынан соппут курдук муоҕа-чуоҕа суох барарын билбит киһи олордоҕум.
Сыл уон икки кэмигэр төрөөбүт, куйаар үөрэҕэ этэринэн бары тус-туһунан майгылаах-сигилилээх, дьылҕалаах-түөрэхтээх дьону биир түһүлгэҕэ муспут киэһэм олус сэргэхтик, үлэһиттэр бары да астынарбыт курдук ааспыта. Ыалдьыттарбыт бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ураты, олох эгэлгэ өрүттэригэр ситиһиилээх дьон буолан, көрөөччүлэргэ да сэргэппиттэрэ быһыылааҕа. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн, эһиил көрсүөххэ диэри диэн биэриибин түмүктээтим. Ыалдьыттарбытын атаартаатыбыт, ол эрэ кэнниттэн дьэ биллим: Афанасий Максимов көмөлөһөөччүтүнээн биһиэхэ биир устуука шампанскай оннугар биир дьааһык шампанскайы киллэрэн иһэн, гримернайга тоҕо түһэрэн алдьатан кэбиспиттэр эбит. Ол тыаһа-ууһа эбит. Дьолго алдьаннаҕа эҥин диэн буолла, гримернай барыта ол утах сытынан тунуйан хаалла…
Ол биир дьааһык алдьамматаҕа буоллар, омоллоон олоҕо, дьэргэстэй ыһыаҕа буолар киэһэтэ ааста диэн күлсүбүппүт. Шампанскайбыт ахсаана ол да үрдүнэн элбэҕэ, хата устуудьуйабытын оҥорор худуоһунньуктарга, быһа эфир оператордарыгар эҥин үллэрэн үөрдүбүппүт. Билигин санаатахха, «Кэпсиэ» биэриини өйдүү-саныы сылдьалларыгар диэбит курдук эбит.
Оттон дьааһыктаах арыгы алдьаныыта – үүнэр 2008 сыл бүтэһигэр, эмиэ Саҥа Дьылы көрсө Афанасий Максимов туһуттан НВК-ҕа айдаан тахсыан, салалтаҕа тиийэ уларыйыы барыан түүйбүт курдук эбит.
12. УЛАХАН МОҺОЛЛОР
Үөһэ кыра моһоллор тустарынан суруйбутум. Ол диэн моһоллор буолбатахтар эбит, «Кэпсиэ» туһугар улахан моһоллор салайааччы Руслан Васильев кэлиэҕиттэн баар буолбуттара. Урут кылгас кэмҥэ бэйэтэ тэлэбиидэнньэҕэ режиссердуу сылдьыбыт, бизнескэ сыһыаннаах киһи кэлиитэ үлэһиттэргэ эрэли уһугуннарбыта: идэбитигэр сыһыаннаах киһи уонна харчыны оҥорууга үлэлээбит буолан, баҕар, хамнаспытын эбэргэ туох эрэ суоллары толкуйдуо эҥин диэн. Вице-бэрэсидьиэнинэн биир идэлээхпит, суруналыыстан чунуобунньукка үүммүт киһи буолбута. Үлэни-хамнаһы ордук билэринэн, хампаанньа олоҕун кини муоһалаан барбыта биллэрэ.
Өйдүүбүн, биирдэ «Сонуннар» миигиттэн Бэчээт күнүгэр интервью ылаары гыммыттара. «Эн биэрииҥ ситиһиитин кистэлэҥэ туохханый? Сахалыы тыллаах суруналыыстыка сайдыытыгар тугу этиэҥ этэй?» – диэн ыйытыахпыт диэбиттэрэ. Бэйэлээх бэйэтин хампаанньатын иһигэр миигин туораталлара буолуо дии санаабатах буоллахтара дии. Мин да тугу сэрэйиэхпиний, биирдэ суруналыыс быһыытынан интервью биэрэр буолбуппун дии санаабытым. Онтон: «Кэпсэтиибит кыаллыбат буолла, эһиги… Кинилиин сатаспаккыт дуо… ону билбэтэх эбиппит…» – диэн кыбыста-кыбыста атын киһини, эмиэ тэлэбиидэнньэ иһиттэн ыҥырар буолбуттарын эттилэр. Баҕар, ол урукку суруналыыс санаата кэлбэтэх түгэнигэр куолаһа уларыйбытын алҕас биһиги сатаспаппыт курдук өйдөөбүттэрэ буолуо дии санаабытым. Биирдэ да утары көрсөн олорон мөккүспэтэх, кылгас кэмҥэ «12-с ханаалга» алтыһан үлэлии сылдьыбыт киһибин, билигин салайааччыбын кытта тугу былдьаһан мин кэтэхтэн сатаһыа суохтаах этибиний?
«Кэпсиэҕэ» кыра да сыыһаны-халтыны сыыска түһэрбэт буолан барбыттара. Бара сатаан, тас дьүһүммүн оҥорор стилиһим Мария Давыдоваттан, таҥас уларсар «Фрау» маҕаһыыммыттан иҥнэр буоллулар. Урут Харлампий Дьяконов салайар эрдэҕинэ: «Ыытааччыларга биһиги хамнас да кыайан эппэппит, стилист да штатын булан кыайан үлэлэппэппит. Онон кыахтаах эрэ буоллаххытына оннук киһини уонна маҕаһыыны булан реклама суотугар кэпсэтиҥ», – диир буолаллара. Инньэ гынан эфиргэ элбэхтик көстөр ыытааччылар бэйэбитигэр стилист, таҥас уларсар маҕаһыын булунарбыт, өҥөлөрүн иһин кинилэр ааттарын биэриибит тахсар кэмигэр суруйар этибит. Дьиҥэ, ыытааччы тас көрүҥэ – хампаанньа сирэйэ, кини туруга буоллаҕа дии. Салалта ол сирэйин туһугар бэйэтэ бастатан туран, кыһаллыахтаах этэ.
Аны ардыгар, ыалдьытым саҥатын кыайан быспакка, биэриибин 22.00 бүтэрэр оннугар 22 чааһы 10, иһэ үлүннэҕинэ 20 сөкүүндэ аһаран баран түмүктүүбүн. Ити быһа эфиргэ ким баҕарар оҥорон кэбиһэр итэҕэһэ буолааччы этэ. Ол мин туспар эмиэ улахан буруй, туох эрэ иэдээн буолбутун курдук айдаан, ол туһуттан кыйыттыы планеркаҕа тахсыбыт буолар.
Уурайбыт салалтаны үбү-харчыны туттууга сыһыаннаах хайдах эрэ буруйдааһын баар этэ. Саҥа салайааччы бүтүн биригээдэни үлэлээн ааспыт салалта докумуонун үөрэттэрэ ыҥырбыт дуу эбэтэр силиэстийэ тэрилтэҕэ бэйэтигэр оннук кэлэн үлэлиир идэлээх дуу? Хас эмит сыллааҕы бухгалтерия халыҥ баҕайы хортуон паапкаларын аны биһиги кэбиниэппитигэр аҕалан кыстаабыттара (атын хос кыайан көстүбэтэҕэ дуу, соруйан гыммыттара дуу?). Ол паапкалары хас да дьахтар күнү быһа хаһар, тугу эрэ көрдүүр этилэр. Сылы сыллаан оннук олорбуттара. Хампаанньаҕа «куттал суох буолуутун үлэһиттэрэ» диэн кутталлаах үлэһиттэр баар буолбуттара. Урут да чэгиэн салгыннааҕынан аатырбатах тэрилтэбит иһигэр бэйэ-бэйэни уорбалаһыы тыына сириэдийбитэ, ким эрэ тугу эрэ гынан баран сылдьарын эбэтэр гынаары сылдьарын субу арыйыахтаахтарын түүйэр бөрүкүтэ суох салгын бүрүүкээбитин курдук этэ. Сорохтор, биллэн турар, наһаа итинник буолбатах этэ диэхтэрэ, ол гынан баран, салалта үлэһиттэр харахтарын ортотугар сылы сыллаан силиэстийэ ыыппыт кэмэ ити эрэ саҕана этэ. Ону биһиги, докумуоннары үөрэтэр сабыстыбыт кірүІнээх саҥата суох дьахталлары кытта биир кэбиниэттэммит дьон, ордук сытыытык биллэхпит.
Бу кэми мин бэйэм олохпор тууйуллуу кэминэн ааттыыбын. Былаас уларыйда да флюгер курдук эргийэ охсон, саҥа салалтаҕа сіп түбэґэри олус сатыыр дьонтон муҥутуур кэлэйии диэн тугун билбитим. Бэрт буолууну, сирэй көрбөх майгыны илэ уонна олус чугас көрөн уолуйбутум.
Биһиги тэрилтэбит айылҕатын, аналын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын кытта алтыһар. Онон муҥутуур былаас араҥаччытын анныгар түбэһэр да суруналыыс баар буолар. Маннык киһи кинини сээн диэбит тойону кыах баарынан уруйдуур-айхаллыыр. Ол эрээри тойон кириэһилэтэ халбархай, уол оҕо ат уорҕатыгар эбэтэр өрөҕөтүгэр буоларыныы, салайааччы олоҕо эмиэ түһүүлээх-тахсыылаах, киниттэн эрэ өрөспүүбүлүкэ олоҕо тутулуктааҕын курдук санаан сылдьыбыт киһиҥ «Сонуннар» тиһиктэриттэн биирдэ мэлис гынан хаалар соһуччу түгэнэ баар буолар. Дьэ бу кэмҥэ били кинини кыах баарынан уруйдаабыт суруналыыс атын, саҥа тойон араҥаччытыгар киирэ охсоору эмиэ муҥ кыраайынан түһүнэр.
– Бу Кини сирэйин тоҕо наһаа элбэхтик көрдөрдүгүт?!
– Оттон архыыптан ылыллыбыт матырыйаал, онно быыһа суох элбэхтик кини уґуллубут, барытын быһар кыах суох. Арба, эн устубут биэрииҥ…
– Кинини көрдөрүмэҥ диэтим дии, быспат буоллаххытына атын көстүүлэринэн сирэйин сабыҥ!
…Монтажнайга итинник ис хоһоонноох кэпсэтии тахсарын бу кэмҥэ истиэххэ сөп этэ.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?