Текст книги "«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык"
Автор книги: Наталья Михалева-Сайа
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 19 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
3. АНАЛЫ БУЛУУ
Ити ыйытыыга хоруйдаары мин 1991 сылга төннүөхпүн баҕарабын. Төһө да дойдуга ыһыллыы араллаана буола турдар, олох сайдыытын саҥа, сонун, чэбдик тыала оччотооҕу эдэр дьон өйдөрүн-сүрэхтэрин өрүкүтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ хас да улуустарыгар олохтоох тэлэбиидэнньэлэр диэн тэриллэн үлэлээн барбыттара. Бу устуудьуйалар салалта толкуйунан буолбакка, биир-икки энтузиаст дьон кыһамньыларынан «аллараттан инициатива, көх быһыытынан» тэриллибиттэрэ. Ол дьонтон үгүстэрэ, таах даҕаны, эстээри турар хомсомуол райкомугар тирэҕирбиттэр этэ. Устуудьуйалар бастаан Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбит сурахтара иһиллибитэ. Өтөр буолбатаҕа, Сунтаарга Василий Осипов уонна Владимир Спиридонов диэн «диплома суох инженер», «төбөлөөх» уолаттар видеокиинэлэри көрдөрөн барбыттара, эҕэрдэлэр, биллэриилэр баар буолбуттара. Олохтоохтор олус сэргээбиттэрэ, бэйэ тэлэбиидэнньэлэнэрин туһугар харчы хомуйар түгэҥҥэ да, кырыымчык хамнастарын сыыһыттан кырыйан ылан бэрсэллэрин кэрэйиэ суох курдуктара. Улуус дьаһалтата, баһылык Александр Петров саҥа сүүрээни өйөөн, саҥа тэрилтэ кэскилигэр эрэнэн бастакынан тирэх буолбутун, уолаттар Москванан, Киевинэн баран аппаратура ылан кэлбиттэрин туһунан сэргэх кэпсэтиилэр тахсаллара. Миэхэ ол салгынынан кэлэр «хартыыҥка» хайдах оҥоһуллара, экраҥҥа хайдах бэриллэрэ өйбөр олох батан киирбэтэ, ити тэрилтэ дьоно миигиттэн олус ыраах, уустук эйгэҕэ сылдьар курдуктара.
Арай биирдэ Василий Осипов анаан-минээн дьиэбэр кэлэн соһутта. «Биһиги дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук үлэлиэхпитин баҕарабыт. Аан бастаан «быһа эфир» диэни ыытаары гынабыт. Устуудьуйаҕа саҥара олорор дьон тута экраҥҥа көстөллөр, көрөөччү кинилэргэ дьиэтиттэн телефонунан ыйытыы биэрэр. Ыалдьыттарыҥ буоллаҕына тута хоруйдууллар. Ол эрээри онно сатаан саҥарар, ыытар киһибит суох. Эйигин хайдах эрэ кыайыа дии саныыбын…»
Миэхэ ити ыҥырыы соһуччу этэ эрээри… Киһи, ордук айар киһи буолуо, муунтуйбут, муҥурдаммыт курдук кэмнэнэр. Төһө да мин идэбинэн култуура эйгэтигэр бэркэ үлэлии-хамсыы, суруйааччылар ортолоругар «эдэр, талааннаах…» диэн кэрэхсэнэ сылдьар кэмим буоллар, бэйэбиттэн тоҕо эрэ астыммат буолбут, олохтон туох эрэ эмиэ саҥаны, күүрээннээҕи күүтэ-эрэйэ сылдьыбыт кэмим быһыылаах. Мин, биирдэ да видеокамера диэни чугастан көрбөтөх, устуудьуйа диэн тыл ис суолтатын билбэт, суруналыыстыкаҕа чугаһаан көрбөтөх киһи, ити этиигэ, буолаары буолан быһа эфир ыытааччыта буоларга кэтэмэҕэйдээн көрбөккө сөбүлэһэн кэбиспитим. Айылҕаттан килбик бэйэм – тоҕо? Билбэппиттэн эбитэ дуу эбэтэр киһи аналын, кырдьык, сүрэҕинэн таайара дуу?
Биэриибит аата ол кэмнээҕи олох харса-хабыра суох тэтимигэр сөп түбэһэрэ, ол да курдук ис хоһооннооҕо: «Мииринэй оройуона Саха сириттэн араҕыа дуо?» диэн. Ити иннинэ уопсастыбанньыктар күүстэринэн Бүлүү өрүһүн көмүскүүр хамсааһын тэриллэн, аан бастаан бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн экология, онтон да атын олохтоох омук кыһалҕаларын таарыйар кэпсэтиилэр аһаҕастык көтөҕүллүбүт кэмнэрэ этэ. Сунтаар демократия биһигэ буолан турара.
…Култуура дьиэтин иккис этээһин биир улахан хоһун устар сир – устуудьуйа оҥорбуттар, тимир атахтартан киһи утары көрбөт сырдык лаампалара тыкпыттар. Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар: Сунтаар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Григорьев, суруйааччы Валерий Мекумянов уонна өссө кимнээх эрэ, түөрт киһи баар курдук өйдүүбүн. «Ол остуолга олороҕун, маны көрөн саҥараҕын» диэн эттилэр. Мин микрофоннаах остуолга олорон баран иннибэр тэлэбииһэр уурбуттарын көрдүм. Арай ол тэлэбииһэр экраныгар олус да олус номоҕон, кэрэ да диэххэ сөп, дьахтар олорор. Тугу эрэ толкуйдуур курдук, саҥата суох. Өссө сыныйан көрбүтүм: дьахтарым мин курдук таҥастаах, мин курдук баттахтаах… мин курдук туттар… илиитин хамсатар… Бай, олох да бэйэм олорор эбиппин буолбат дуо! Мин итиннэ тэлэбиидэнньэ диэн киһиэхэ дьиктини тосхойор остуоруйа алыптаах дойдутугар маарынныыр эйгэ эбитин соһуччу арыйбытым. Бэйэбин хаһан да үтүө дьүһүннээхтэргэ киллэрбэтэҕим, киллэрбэппин даҕаны, ол эрээри – ол мин билбэт монитор диэн тэрилбэр, лаампалар сырдык уоттарыгар сатабыллаахтык тыктарыллан олорор кэрэ дьахтарга маарыннаан ылыахха сөбүн билбитим. Кырдьык, экраҥҥа олорор киһи дьүһүнэ устуудьуйаҕа уоту хайдах сатабыллаахтык туруоралларыттан тутулуктаах. Онно олорор киһи соччото суохтук көстөрө – сыччах режиссер уонна уоту туруорааччы буруйдара. Ону мин ол саҕана билбэт этим.
Киирии тылы уонна биэриим ис хоһоонун арыйар ыйытыылары эрдэттэн бэлэмнэнэн кэллэҕим дии. «Саҕалаа» диэн сапсыйааттарын кытта туох эрэ төлө барбытыныы, саҥам-иҥэм чөллөрүйэн, өйүм-санаам аһыллан, хаһааҥҥы эрэ үйэттэн камера иннигэр үлэлээн кэлбит киһилии туттан-хаптан биэриини ыытан барбыппыттан бэйэм да испэр сөҕө санаабытым. «Хайа, бу миэнэ эбит буолбат дуо?» диэн санаа кыыма кылам гынан ылбыта.
Сунтаарга олохтоох устуудьуйа бастакы, устуоруйаҕа киирэр быһа эфирэ ити курдук саҕаланан, икки-үс чаас барбыт буолуохтаах. Көрөөччүлэр тохтоло суох ыйытыылара, ыалдьыттар сытыы кэпсээннэрэ, хоруйдара биэрии сөҕүрүйэн көрбөккө үрдүк күүрээннээхтик барарын түстээбиттэрэ. Түмүгэр «мииринэйдэр арахсыахтарын баҕарар буоллахтарына, бэйэлэрэ бардыннар, сирбитин хааллардыннар» диэн буолбута. Уоттар умуллубуттара. Бары остуолтан хомунан туран истэхпитинэ үөрэн ымайбыт Василий Осипов киинэҕэ оонньуур курдук, илиитин сибиитирэтигэр сууралаан соттоон-соттон баран кэлэн утары ууммута: «Тэлэбиидэнньэҕэ ананан төрөөбүт эбиккин».
Кэнники да син балачча хайҕалы истэн кэллэҕим. Ол гынан баран ити Вася, Василий Петрович, кэнники судургу «Отец» («Отец Сунтарского телевидения») диэн ааттаммыт Василий Осипов эппит истиҥ сыанабыла олоҕум тухары умнуллубаттыы өйбөр-сүрэхпэр хаалбыт. Кини «дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук» үлэлиэн ис сүрэҕиттэн баҕата миигин кынаттаабыта. Кэнники санаан көрдөхпүнэ, ол «диплома суох инженер», – мин бастакы салайааччым, көрдөрөн кэпсиир үлэҕэ ирдэбилин, ыйыыларын-кэрдиилэрин, такайыытын курдугу бу тухары уонна биир эмит идэлээх да, уопуттаах да киһиттэн истэ илик эбиппин…
Сунтаар улууһун култуураҕа салаатын оччолорго Зинаида Яковлевна Иванова салайар этэ. Миэхэ ыйга хас эрэ күн өрөөн айар үлэбинэн дьарыктанарбын көҥүллүүр дьаһал таһааран сүрдээх үчүгэй көмөнү оҥорон эрэрин эппитэ. Быһыыта, тэлэбиидэнньэҕэ баран хаалыа диэн сэрэммит. Ол да үрдүнэн, сотору буолаат мин хаан-уруу култуурабыттан уурайан, хантан да үбүлэнэрэ, хайдах да үлэлиэхтээҕэ биллибэт саҥа тэрилтэҕэ көһөн, үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түспүтүм.
Уларыта тутуу кэмин ааспыт дьон өйдүүр буоллаххыт, ол хастыы да ыйынан хамнаһы көрбөт, олох-дьаһах да, сиэр-майгы да сатарыйыыта тургуппут кэмнэрин. Устуудьуйа үлэһиттэрин хамнаһын улуус дьаһалтата култуура үлэһиттэригэр тэҥнээн үбүлүүр буолбута эрээри… Кэ-
тэһиилээх хамнас кэлбит күнүгэр тиийдэхпитинэ… докумуоҥҥа киллэрэри умнан кэбиспиппит, онон эмиэ биир ый күүтүҥ диэн буолааччы. Эбэтэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара син ботуччу соҕус үрдээн барбытыгар, биһиэхэ үрдэппэт этилэр. «Эһиги тэрилтэҕит улуус бүддьүөтүгэр киирбэт, бачча ыла сылдьаргытыгар махтаныҥ…»
Ол оннугар үлэлиирбитигэр туспа ханааллаах этибит. Төһө баҕарар уһуннук тугу да көрдөр диэбит курдук. Василий Осипов оннугар сотору мин дириэктэр буолан хаалбытым туох да соһуччута суох, буолуохтаах буолбутун курдук этэ. Үлэбитигэр үлүһүйэн хойукка диэри тэрилтэҕэ сылдьан хааларбыт, дьиэ-уот диэн умнуллара. Бары кэриэтэ кэргэннэрбититтэн арахсыбыппыт, онон кэргэннээх эдэр киһини үлэҕэ ылбат буола сатыырым – эмиэ арахсыа диэн. Улуус устуудьуйаларыттан бастакынан НВК ханаалыгар сүүрбэ мүнүүтэлээх биэрии оҥорон таһаарбыппыт. Улуус устуудьуйаларын бастакы бэстибээлин кыайыылаахтара буолбуппут. Аан бастакынан туспа счеттаах юридическэй сирэй быһыытынан тэриммиппит. Айар үлэбитинэн көрөөччүлэрбит сүрэхтэрин туппуппут эрээри, ону-маны көрдөрдүлэр, саҥардылар диэн хаһыаттанар да, сууттанар да түгэннэрдээх этибит. Ол тустаах кэмигэр сүрдээх ыарыылаах этэ да буоллар, миигин үлэни тэрийэргэ, уустук түгэннэртэн сөптөөх суолу тобулан тахсарга үөрэппит, буһарбыт-хатарбыт кэм эбит. Дьэ итинник бэлэмнээх киһи өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалыгар кэлбит эбиппин.
4. ЫАЛДЬЫТТАР
Быһа эфир ыалдьыттартан быһаччы тутулуктаах. «Хантан итинник киһини булан таһаардыҥ?» эбэтэр «Ити киһини билэр курдук сананар этим да, дьэ олох атын өттүнэн эргитэн таһааран соһуттуҥ дии?» диэн сөхпүт ыйытыылары элбэхтэ истэбин.
Кырдьык, сорсуннаах булчукка дылы, суруналыыс ардыгар эмиэ «байанайдаах» сырыыланар. Ордук, «Кэпсиэ» бастакы таһаарыыларыгар бэртээхэй ыалдьыттар түбэспиттэрэ биэриибит оннун-тойун буларыгар тирэх буолбута. Кэнники ыалдьыттары бэйэбит буолбакка, ыалдьыттар бэйэлэрэ биһигини көрдөөн булалларын, тылланан кэлэллэрин эбэтэр ким эрэ кими эрэ «сыбааттаан» биэрэрин курдук таһымҥа тиийбиппит. Ону таһынан, ыалдьыты көрдүүргэ мин бэйэм биир ньымалаахпын: кинигэ маҕаһыыннарыгар сырыттахпына кэнники тахсыбыт сахалыы кинигэлэри көрөбүн. Онно болҕомтобун ордук публицистикаҕа эбэтэр наукаҕа хабааннаах суруйууларга уурабын. Дьэ маннык кинигэлэр ааптардара тус бэйэлэрэ ураты санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдээри иитийэхтээбит толкуйдаах буолаллар. Ол да иһин үлэлэрин күн сиригэр таһаараллар буоллаҕа. Ону таһынан кинилэр көтөхпүт тиэмэлэрэ биэрии ис хоһоонун төһө баҕарар төрөтөр: кэлэр биэрииҥ туохха ананыахтааҕын таба туттаҕыҥ ол. Бу дьону көрдөөн булар кэбэҕэс: кинигэ тахсыбыт издательствотыгар эрийиэҥ эрэ кэрэх. Аны ханнык эмит түмсүүлээх түһүлгэлэргэ сырыттахпына, эмиэ «матырыйаал» көрдүүр курдукпун. Ким эрэ тугунан эрэ кэрэхсэттэҕинэ, киһи да күлэр, «ымсыыран» киирэн барабын уонна бэйэм тиийэммин билсэн, эмиэ биэриибэр ыҥырааччыбын.
Хомойуох иһин, «Кэпсиэҕэ» үлэлиирим тухары ол түмсүүлээх түһүлгэлэргэ түбэһэрим, сөбүлэһэн тиийэрим биирдэ эмэ буолааччы. Тоҕо диэтэххэ, үксүн өрөбүлэ суох үлэлээбитим: чэппиэргэ, бээтинсэҕэ сюжеттарбытын устабыт, бу киэһэлэргэ уһуллан кэлбити мин тута көрөн, монтажка бэлэмниибин, куорат хойукку уулуссатынан сүүрэ-хаама былаастаах үлэм – дьиэм–үлэм – дьиэм маршрутунан баран иһэн сюжеттар сценарийдарын толкуйдуубун; режиссербунаан субуота, өрөбүл киэһэлэри монтажка аныыбыт, онон элбэх ыҥырыылартан, көрсүһүүлэртэн, айаннартан булгунарга күһэллэрим. Оннооҕор чугас аймаҕым үбүлүөйүгэр тиийбэккэ, улаханнык сэмэлэнэн турардаахпын. Бэнидиэнньиккэ устуудьуйаҕа «олоруубар» бэлэмнэнэбин (ол күн буолар планерка-мунньахха биирин үксүн ол иһин тиийинэн сылдьыбат этим), тылбын-өспүн чочуйабын, ыалдьыттарбын кытта кэпсэтэбин, кэлэр нэдиэлэтээҕи биэриибин толкуйдуубун, тэрээһин үлэтин үмүрүтэбин. Дьахтар үксэ өрөбүл күн суунар-тараанар, оҥостор буоллаҕына, мин ону бэнидиэнньиккэ гынабын. Оптуорунньук сарсыарда сэриигэ баран эрэр киһи курдук хомунан дьиэбиттэн тахсабын. Күнүс генеральнай репетиция курдук ыытааччыбыт. Бу тэрээһин бастаан саҕалыыр сахха олус көмөлөөх буолар эбит этэ. Дьэ уонна киэһэ 21.00 чаастан быһа эфиргэ тахсабыт, сарсыныгар, сэрэдэҕэ, кыратык өрүүбүн.
«Кэпсиэ» аан бастакы биэриитин хайдах бэлэмнээбиппитин субу баар курдук өйдүүбүн. Ол биэрии саҕаланыытын үөскэҕэ «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа үлэлиир кэммэр силис тарпыт эбит. Биирдэ университет медицинскэй институтун преподавателлэрэ Бүлүү куоратыгар дьону көрө-истэ (таарыйа быыбарга үлэлииллэр быһыылаах) аттанар буолбуттара, ону сырдатарга биһиги устуудьуйаттан кэрэспэдьиэн барсыахтааҕа. Мин, айаны-сырыыны таптыыр киһи, тылланан кэриэтэ онно барыстым.
Бүлүүгэ диэри университет олус нэс айаннаах оптуобуһунан айаннаан иһэбит. Бары бэйэ-бэйэлэрин өртөн ыла билсэр, бииргэ үлэлии сылдьар дьон кэпсээннэрэ диэн элбэх, элэктэрэ-хаадьылара оргуйан олорор. Онно хирург Рево Захарович Алексеев: «Дьиҥэ, киһи үлүйэн өлбөт. Сатаан ириэрэр буоллар, үлүйэн өлбүт киһи чөлүгэр түһүөн, быһаччы эттэххэ, тиллиэн сөп. Холобур, тайаҕы бааһырдан баран хараҥарыар диэри кыайан сиппэккэ отуугар төннөн баран, сарсыныгар сарсыарда суоллаан тиийдэххинэ, өлөн адаарыйан сытар, хайыы-үйэҕэ хам тоҥмут буолар дии. Ол тоҥ эти эттээн сүрэҕэр тиийдэххэ, сүрэҕэ тэбэн битиргии сытар буолааччы. Ол аата – кини таһыттан көрдөххө эрэ өлбүт, дьиҥэ тоҥмут, үлүйбүт эрэ буоллаҕа. Ону ити дакаастыы сатыыбын. Халлаан тымныйда да Ожоговай кииҥҥэ илиилэрэ-атахтара үлүйэн киирэр дьону эмтиирбэр саҥа ньымалары киллэрээри уопут оҥорорго үп көрдүү сатыыбын да, онтум өйөммөт. Билигин ама киһи үлүйбэт, ол буомжалар, алкоголиктар үлүйэн өлөр буоллахтарына өллүннэр даҕаны диэх курдуктар. Хата, интернеккэ таһаарбыт матырыйаалбын Канадаттан кэрэхсээн ыйыталаһан эрэллэр…» – диэн кэпсээнэ өйбөр түһэн хаалбыта. Былыр да ирбэт тоҥҥо тыыннаах курдук тырымнаабытынан хаалбыт өлүктэр тустарынан номохтор киһи аймаҕы долгуталлара, кэнники киһини хаһан эрэ тилиннэрэргэ анаан тоҥоруу олоххо киирэн эрэр. «Бу бырааһы биэриигэ ыҥырар буоллар, саха дьонун сэргэхситиэх да эбит», – дии санаабытым.
Сыл курдук буолан баран «Кэпсиэ» бырайыага бигэргэнэн, бастакы биэриибин толкуйдуурбар ол «хаһааска» ууруммут санаам күөрэйэн кэлэн, Рево Захаровиһы көрдөөбүтүм. Кыһын оройо буолан, Ожоговай кииҥҥэ кини күн солото суох, били уопсастыбаҕа «туһалыылларын ааспыт» дьонун илиилэрин-атахтарын быыһыырга өрө мөхсө сылдьар кэмэ этэ. «Кыра үп көрөллөрө буоллар, сибиинньэни үлүтэн баран ону быыһаан, торумнаабыт санааларбын бигэргэтиэм этэ. Сыл аайы маннык таба тириитинэн кээнчэ курдуктары тиктэрэбин ээ, тоҕо диэтэххэ, таба түүтэ сыыйа ириэрии температуратын сөпкө тутар… Онтум саатар сүтэн иһэр, ити дьонум кэтэн баран хаалаллар дуу, хайдах дуу…» – дьоруойум ити курдук үлэ-хамнас туһунан кэпсээннээх миигин көрсүбүтэ.
Кинини таһаарарга биэрии ис хоһоонун ханнык көстүүгэ дуу, өйдөбүлгэ дуу аныахха сөбүй? Режиссерум Любовь Васильевнаны кытта сүбэлэһэн, биэриибитин тымныы тиэмэтигэр аныырга быһаарбыппыт. Оннук сүбэлэһэн тарҕаспыппыт киэһэ Киин тэлэбиидэнньэ ханаалыгар «Холод» диэн ааттаах биэрии көстүбүтэ! Иккиэн түбэһэн көрбүт этибит уонна «идиэйэлэр салгыҥҥа сылдьаллар, ол иһин биир кэмҥэ биир санаа элбэх киһиэхэ киирэр дииллэрэ сөптөөх эбит» дэспиппит.
Сүрүн ыалдьыппыт баар буолла, ону тула бу тиэмэни арыйар, сайыннарар сюжеттар барыахтаахтар. Биэриим
«Кэпсиэ» диэн бырагыраамаҕа киирэр ааттааҕын үрдүнэн, мин хас биирдии таһаарыыбын бэйэм бэлиэтэнэрбэр туһунан ааттаталаан иһэрим. Санаабар, ол аата табылыннаҕына, биэриини бэлэмнээһин ордук кудурхайдык, айымньылаахтык барар курдук этэ. Холобур, ити бастакы биэриим «Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» диэн ис-иһигэр ааттаммыта.
Аан бастаан биэрии ис хоһоонун арыйарга түбэһиэх дьонтон ыйытыылары киллэрэр «опрос» ньыматынан барар рубриканы аспыппыт. Бу рубрикабыт «Кэпсиэ» үлэлээбит биэс аҥаар сылын тухары уларыйбакка сылдьыспыта, олохсуйбута. Кэлин баар буолбут быһа эфиргэ барар биэриилэр бу ньыманы тумнубакка туһаналлар. Манна камера объективыгар түбэһиэх хабыллыбыт киһи айаҕа аһыллан кэпсэтэригэр ыйытыылар сөптөөхтүк толкуйдаммыт, туруоруллубут буолуохтаахтар. Саха дьоно ыйытыы доппуруос курдук буолбакка, кэпсэтии курдук бардаҕына ордук аһыллан кэпсииллэр быһыылаах. Холобур, «эн санааҕар киин куораппыт төһө сайдар?» диэн туруору ыйытыыга, ыйытыллааччы «суох, оннук быһыылаах, оттон сайдар дии» диэбит курдук судургу уонна дириҥ ис хоһооно суох түбэһиэх хоруйдары биэриэ. Оттон суруналыыс бу киһиттэн: «Ким диэн, хайа диэкиттэн төрүттээх-уустаах киһигиний? Куоракка хаһааҥҥыттан олороҕунуй? Дьиэҥ-уотуҥ ханан турарый? Эн санааҕар, киин куораппытын сайыннарарга туох үлэ барда?» диэн кэпсэттэҕинэ (ыйыттаҕына буолбатах – кэпсэттэҕинэ) куорат олохтооҕо ыйытыы тосхолунан тугу саныырын тоҕо кутан биэриэн сөп. Биллэн турар, маннык кэпсэтиини аттарыы хара үлэтэ уһун, ньаҕай соҕус буолар (уһуннук уулуссаҕа устуу, ону талыы, быһыы-отуу үлэтэ), ол эрээри түмүгэ – көрөөччүнү бүгүҥҥү кэпсэтиигэ тардар, кини эмиэ ити ыйытыыларга туох эмэ диэн хоруйдуон сөп эбитин толкуйдатар.
Санаабар эбитэ дуу, кэнники дьон тыла-өһө өссө аһыллан кэпсэтэр курдук буолбута, өссө бу маннык «опроска» хабыллыбыт киһи диэн соруйан бэлэмнэммит, көмөлөһөөччүлэрим мэлдьи сылдьар маҕаһыыннарыгар, киһилээх сирдэригэр анаан кэлэр да дьоҥҥо түбэһэр буолбуппут. Дьиҥэ, миигин сэрэппиттэрэ ээ: «Уулуссаҕа сахалар хаһан да астык хоруйу биэрбэттэр, сатаан саҥарбаттар, арыллыбаттар», – диэн…
Ол бастакы, тымныы туһунан биэриибэр мин тус бэйэм сылдьан уулуссаттан уонна маҕаһыыннарга киирэн: «Эн маннык тымныы сиргэ олороргунан киэн туттаҕын дуу эбэтэр арыый атын сиргэ өбүгэлэрбит олохсуйбуттара буоллар диэн ардыгар саныыгын дуу?» – диэммин эрийэн-моһуйан ыйыталаспытым. Бары биир киһи курдук «киэн туттабыт» диэбэтэхтэрэ, эгэлгэ санаа дьоҥҥо баара биллибитэ: «хотторон, үтүрүллэн кэлбит сир туох аанньа буолуой», «иккиһин төрүүрүм буоллар Италия эҥин курдук кэрэ айылҕалаах дойдуларга талаһан көрүөм этэ», «Африкаҕа, бука сатаан олоруо суох этим, төрөөбүт сир тымныыта да күндү», «биһиги тымныыбытын туһаныахтаах, онон аан дойдуга аатырыахтаах этибит», о.д.а. Ыйытыылары ыла сылдьан нэдиэлэ аайы биир күнүм аІаардас маннык үлэҕэ ананнаҕына кыаныа суохпун билиммитим.
Миэхэ опрос ыытан аҕалар эбии кэрэспэдьиэни көрбөттөрө биллэр, онон арай устудьуоннары туһаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Саха тылыгар уонна суруналыыстыкаҕа үөрэнэр устудьуоннарга маннык үлэҕэ кыттыы төһөлөөх үөрүйэҕи, идэҕэ дьиҥ уһуйуллууну түстүөй? Ити санаабытым туолбута: ис санааларыттан үлэһит курдук кэлэн көмөлөһөр эдэр доҕоттордоммутум. Кинилэр тустарынан өссө сиһилии кэпсиэхпит.
«Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» биэриим бэлэмнээһинин сиэрэ-силигэ ситэн-хотон барбыта. Биир сюжеппыт «Саха сирэ – бу баараҕай холодильник» диир университет физик учуонайдарын кытта кэпсэтиигэ олоҕурбута. Тымныы – Саха сирин өссө да туһаҕа таһаарылла илик баайа буоларын туһунан эдэр учуонайдар итэҕэтиилээхтик кэпсээбиттэрин биһиги сөптөөх көстүүлэринэн күүһүрдүбүппүт. Сүрүн ыалдьыппыт Рево Захарович «тоҥон өлбүт киһини тилиннэриэххэ сөп» диэн этиитин бигэргэтээри, анаан-минээн тоҥоруллубут дьон олоххо төннүүлэрэ көстөр «Амазонки XXI века» киинэ каадырдарын көрдөөн, үгүс сырабыт барбыта (интернеккэ ол саҕана билиҥҥи курдук таптаабыккын булбат этиҥ). Тымныы туһунан өс хоһоонноро, бэйиэттэр суруйуулара туһаныллыбыттара. Саҥа бырайыак тахсан эрэрин туһунан нэдиэлэ инниттэн анонс биэрэммит дьон сэҥээриитин тарпыппыт. Салалтабыт биэрии өрөбүл күннэргэ тахсыаҕын баҕарбыта. Ол эрээри мин бары өттүттэн ыараҥнатан көрөн баран, нэдиэлэ ортотугар тахсарбыт иккиэйэх киһи үлэбитигэр ордук табыгастаах буолуоҕун сабаҕалаабытым. Ардыгар буолбатах, үксүгэр ситэ быһаарыллыбатах түгэннэр баар буолаллар, ыксаллаах да быһыы-майгы тахсыан сөп, урут суотабай сибээс суох эрдэҕинэ өрөбүл күҥҥэ ону быһаартараары кими эмит буларыҥ сүрдээх күчүмэҕэй буолуохтааҕа. Онон улаханнык туруорсан, бастаан сэрэдэ, онтон оптуорунньук киэһэ «Кэпсиэ» киэнэ буоларын ситиспиппит. Дьиҥэ, ол кэмҥэ чопчу болдьохтоох, күннээх-дьыллаах биэриилэр диэн «Сонуннар», «Сардаана», «Геван» быһыылаахтара. Үгүстэр биэриилэрэ биирдиилээн тахсыы буолара, бэлэмнээн бүтэрэллэринэн сайаапкалаан, бырагыраамаҕа туруортарар этилэр.
Дьэ онон, аналлаах чааска биэриибин: «Итии чэйдээх, иһирэх кэпсээннээх истиҥ киэһэ буоллун, сахам дьоно!» – диэн саҕалаабытым. Ыалдьытым Рево Захарович били балыыһатыгар эмчит сырдык күөх таҥаһын кэтэн, көрдөөхтүк саҥаран кэбиһэ-кэбиһэ, сытыы-хотуу баҕайытык хааман-сиимэн сылыбырайа сылдьыбыта ханна да суох: хабарҕатын кэтэ үөрэммэтэх хаалтыһа хам тутар быһыылаах, хараҕы саатырдар сытыы уот-күөс да кинини улаханнык долгуппута, симитиннэрбитэ көстөр… Мин сибилигин кинини тыһыынчанан ыалларга ыҥырыллыбатах ыалдьыт гынан сиэтэн киллэриэхтээхпин… Рево Захаровичка мин уон үс сыл буолан баран «Сайа этиим…» биэриибэр төннүбүтүм, хомойуох иһин, били этэр кыһалҕалара өссө да быһаарылла илик этилэр.
5. РУБРИКАЛАР
Рубрикалары толкуйдуурбар омук да, дойду киин ханаалларын да үлэлэрин үөрүйэҕин туһаммытым диэн этиэхтээхпин. Ону хайдах баарынан сүһэн ылбакка, хайаатар даҕаны «сахатытан», бэйэ көрөөччүтүгэр чугаһатан тиэрдии соругун туруоруммутум. Сүрүн ыытааччы быһыытынан устуудьуйаҕа олорон кэпсэтиини салайабын, оттон рубрикаларбар атын ыытааччылары булар ордук буолуохтаах. Ол эрээри ыытааччынан ыҥырар дьоммор хамнас көрдөрөр кыаҕым суоҕун билэбин. Онон хамнаска суоттаммакка, айымньылара, үлэлэрэ-хамнастара экран нөҥүө тахсыан баҕалаах эрэ дьону кытта кэпсэтэргэ тиийиэхтээҕим. Маннык түгэҥҥэ ханнык баҕарар ханаалга уопсастыбаҕа биллэр-көстөр дьону бэйэлэрин сатыыр эйгэлэригэр тардан, көстүүнү сэргэхситэр идэлээхтэр. Мин онно биир хаһаас санаалаах, толкуйдаах этим.
«Амтан». Ол саҕана аһы астааһыҥҥа сыһыаннаах биэриилэр биһиги көрөр аҕыйах ханаалларбытыгар саҥа элбээн эрэр кэмнэрэ этэ. Бу биэриилэр дьон күннээҕи олоҕор быһаччы туһаны аҕалар буолан, көрөөччүнү олус тардаллара, мин бэйэм да хаһаайка быһыытынан, түгэн түбэстэҕинэ сөбүлээн көрөр этим. Арай саха ханаалыгар эмиэ быстыбакка нэдиэлэ аайы көстөр маннык биэрии баар буоллун? Ону өссө астыырынааҕар ордук минньигэстик сахалыы саҥарар ыытааччы көһүннүн?
Биллиилээх асчыт Иннокентий Тарбаховы атын дьон курдук эмиэ сурах хоту уонна кинигэтин нөҥүө билэрим. Биирдэ эмит экраҥҥа да көрбүтүм. Ол гынан баран биэриилэр биирдии таһаарыынан тоҕо эрэ тохтоон хаалаллара. Кини саха дьонугар хайаан да күүтүүлээх ыытааччы буолуохтааҕын сэрэйэрим, онон «Кэпсиэ» бырайыагар биэриим Иннокентий Тарбахов ыытааччылаах «Амтан» диэн рубрикалаах буолуохтааҕын ыйбытым.
«Ону кини сөбүлэһэр дуо?» – дириэктэрим бастакы ыйытыыта итинник этэ. «Сөбүлэһэн…» – диэбиппин истэн эрэ хаалбытым. Ол кэнниттэн быстыам дуо, Тарбаховтыын кэпсэтэ, тылбын ылыннара «Тыгын Дархан» диэки барбытым. Сөбүлэһиэ диэн испэр бөҕөх этим да, дириэктэрим быһаччы ыйыппытыттан «быһыыта, урут ыҥыра сатаабыттарын сөбүлэспэтэх эбит…» диэн саарбахтыыр санаалар үөскээн, испин кутуйах буолан кэрбээбиттэрэ. Күрүлүүр күнүс, күн бөҕө тыган турдаҕына, Ленин болуоссатын устун итинник саарбах санаалардаах хааман иһэммин, эмискэ уун утары Иннокентий Тарбахов бу илэ бэйэтинэн мичээрдээн сэгэйэн иһэрин көрө түспүтүм. Эҕэрдэлэһэн, бэйэбин билиһиннэрэн эрдэхпинэ: «Оттон билэбин ээ…» диэн быһа түстэ. Толкуйбун кэпсээбиппэр бэркэ сэргэхсийдэ: «Мин эгэ эрэ буоллаҕа дии… Дьоммутугар-сэргэбитигэр тугу билбиппитин, сатаабыппытын тарҕата сылдьыахтаахпыт…» – диэтэ. Бастакы биэриибитин саламаат эгэлгэ көрүҥнэрин астааһыҥҥа аныах буолан, үөрэн-көтөн араҕыстыбыт. Көр, мин ол соруйан болдьоспут курдук көрсүһүүбүтүн «мээнэҕэ буолбатах» дии санаабытым уонна хаһан эрэ Тарбахов туһунан кэпсиир буоллахпына, хайаан да ахтан аһарыаҕым дии санаабытым. Онтубун бу суруйа олоробун.
Иннокентий Иннокентьевич курдук киһи көстөр буолбута бастатан туран, саха дьонугар сүдү бэлэх буоларын таһынан, тэрилтэҕэ эмиэ сүрдээх улахан сүүйүү буолар. Кини тэрилтэ бэйэтэ дьаһайыахтаах, тэрийиэхтээх, ороскуотуруохтаах түгэннэрин: астыыр аһын босхо буларыттан саҕалаан, ас астыырга тоҕоостоох оһохтоох, остуоллаах, иһиттээх-хомуостаах уһуллар муннугунан хааччыйыыга; ханна эмит кэлэр-барар буоллахха, суолу-ииһи хайыыга, массыынаны булууга тиийэ тус бэйэтэ быһааран, тэрийэн кэбиһэр кыахтаах, онтугар эбии эрэйин туһугар хамнаһы эрэйбэт, биир тылынан «абыраллаах» ыытааччы буола түспүтэ. Итини барытын хампаанньабыт бэйэтэ хаһан да кыайан дьаһайбат, кини өрүү харчыта суох буолар, биир эмит эрэстэрээни кытта дуогабардастаҕына да, кини рекламатын хара ньуура суох таһаарар бөрүкүтэ суох хабалаҕа киирэр. Оттон Иннокентий Тарбахов уонна «Тыгын Дархан» эрэстэрээн салайааччыта Мария Габышева саха тэлэбиидэнньэтин сайдыытыгар төһөлөөҕү оҥорбуттарын бэйэлэрэ да билбэттэрэ буолуо.
Мин бастаан Иннокентий Иннокентьевич «Амтаны» соҕотоҕун салайан ыытыа дии санаабытым, онтум баара кини биир идэлээхтэрин: оһох аттыгар аата-суола суох айымньылаахтык үлэлии сылдьар атын асчыттары көрдөрөр, түһүлгэ сырдыгар сиэтэн таһаарар дьүккүөрдээҕэ. Ол курдук Дьокуускайга да, ардыгар, кинилиин сынньалаҥҥа тэҥнээх айаннарга сылдьан Чурапчыга, Хаҥаласка үтүөкэн асчыттары устубуппут, кинилэр искусстволарын саха дьонугар көрдөрбүппүт. Ол сылдьан Тарбаховка асчыттар хайдахтаах сүгүрүйэллэрин, дьиҥнээх гуру, мэтр быһыытынан билинэллэрин көрөн итэҕэйбиппит. Тарбаховы кытта асчыт, кулинар идэтин рейтинэ үрдээн, суолталанан иһэрэ көстүбүтэ диэн ким баҕарар этиэ.
Иннокентий Иннокентьевич 60 сааһыгар аналлаах улахан биэриини устан, бэрийэн таһаарбытым. Көрөөччү «Амтаны» олус сөбүлээбитэ. Кини «Кэпсиэҕэ» хара маҥнайгыттан тардыстыбыт биир төрүөтэ Тарбаахаптаах «Амтан» баарыттан буоларыгар саарбахтаабаппын. Ол эрээри хастыы эмэ чаас устубут үлэбититтэн (ардыгар ыраах айаннаан тиийэ-тиийэ) биэс мүнүүтэттэн уһаабат көстүүнү эрэ таҥан таһаарарбыттан, элбэҕи, ол иһигэр ыытааччым табыллан саҥарбыт-иҥэрбит да түгэннэрин, ылан быраҕарга күһэллэрбиттэн абара саныырым. Сюжеттар уонна рубрикалар ол биэс мүнүүтэттэн уһаатахтарына, устуудьуйаҕа ыҥырбыт ыалдьыттаргын кытта кэпсэтииҥ кылгаан тахсар. Быһа эфир киэбэ эмиэ сюжет кылгас буоларын ирдиир. Дьэ ол туһуттан, хайдах гынан кылгатары эрэ толкуйдаан төбөнү сыспыт түгэннэрим элбэхтэр. Ардыгар Тарбаахабы эрэ таһааран, ас туһунан биэриини аІаардастыы ыытар буоллар, дии санаан да ылааччыбын.
Тарбахов «Амтаҥҥа» табыллан ыыппыт уруоктарын ааҕан сиппэккин. Ол эрээри мин идэһэ кэмигэр анаабыт биэриибитин ситэрбит-хоторбут түгэнин умнубаппын: онно кини хааны кутарга, быары тууһаан тоҥорорго, хаһаны, хартаны харайарга эҥин үөрэппитэ. Быыһыгар мөҕүтэлээн ылар: «Саха ыала туох да толкуйа суох быары көһөҥө тоҥорон кэбиһэр. Киллэрэн кытыытыттан кыһан ылан сиир уонна эмиэ таһырдьа таһаарар. Ол аайы бу быар хаачыстыбата түһэн иһэр диэни өйдөөбөт. Тоҕо сатамматый, бу курдук порциянан, кыра-кыралаан салапааҥҥа эрийэн тоҥорор? Уурарга, харайарга да, киллэрэн остуолга уурарга да табыгастаах…»
«Онтон дьэ тиэстэҕин охсоҕун», – диэн бурдугун кутан эрдэҕинэ далбаатааммын тохтотобун. «Хас кыраам бурдугуй, ону этиий! Көрөөччү эппэтилэр диэ дии!» – «Оо дьэ! Оттон 500 кыраам ини…» – илдьэн ыйаан көрөр. Ыйааһын чопчу 500 кыраамы көрдөрөр: «Эппэтэҕим дуо…» – диир.
«Тиэстэ 20 мүнүүтэ сынньаныахтаах», – тиэстэтин сотторунан сабан баран таптайа түһэр. «Оо, оттон ону кэтэстэхпитинэ устар кэммит бүтэр дии. Биир чааһынан оператор атын биэриини уста барар.». Иннокентий тарбахтарынан тиэстэтин өрө-таҥнары суруйан көрөр: «Чэ, эһиги ыксыыргытын иһиттэ быһыылаах. Тута дыгдас гынна. Саҕалыыбыт.». Хайдах үлэлээбиппитин ити курдук кэпсии турдахха бэйэтэ бүтүн кинигэ тахсар кыахтаах…
«Былаас вертикала» диэн күүһүрэр кэмигэр үлэлээбиппит. Киинтэн Нехорошев диэн киһи Саха тэлэбиидэнньэтин үлэтин көрө-истэ кэлбит диэн буолла. Үлэбитин-хамнаспытын өр кэтээбит, онтон: «Биир эрэ биэриини тиһэҕэр тиийэ көрдүм, тылын өйдөөбөт да буолларбын («Кэпсиэни» эппит). Итинник биэриилэр тоҕо нууччалыы тылынан тахсыбаттарый? Онно өссө билэр киһим, повар Тарбахов, астаан көрдөрөрө баар. Кини национальнай бүлүүдэлэрин нууччалыы тыллаахтар тоҕо көрүө-билиэ суохтаахтарый?» – диэн хабааннаах түмүк оҥорбут.
Үөһэттэн этилиннэ да, биһиэхэ чиэс биэрэ түһэллэр, «иһиттиэм-истибэтиэм» диэх курдук буолар. Тарбахов биэриитин нууччалыы гыныахха – ол аата «Кэпсиэттэн» таһаарыахха диэн сүпсүлгэн саҕаланна. Мин аһыйа санаабытым эрээри, Иннокентий Иннокентьевич экраҥҥа тахсар кэмэ биэс мүнүүтэттэн уһуохтааҕын, кини былаана, баҕата өссө да элбэҕин өйдүүр буоламмын, алгыһынан атаарбытым. Уонна ити кэмҥэ «Кэпсиэ» күүһүн ылан, ханнык да рубрикалара суох бардаҕына даҕаны, көрөөччүтүн сүтэрбэт таһымҥа тахсыбыт этэ. Тарбахов туспа биэриилэнэрэ үөһэттэн дьаһаллыбыт буолан, «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ устуудьуйа-куукуна оҥоһуллубута, тустаах редактор анаммыта, асчыппытыгар кэмниэ-кэнэҕэс, дуогабарынан кыра хамнас төлөнөр буолбута. Кинилэр биэриилэрин биир бастакы ыалдьытынан миигин ыҥырбыттарыгар үөрбүтүм. Тарбахов онно: «Сайа миигин тэлэбиидэнньэҕэ аҕалбыта» – диэн көрөөччүлэригэр туһаайан эппитэ. Ол саҕаланарыгар биэрии нууччалыы барар этэ, онтон ити ирдэбилтэн сыыйа уонна саамай сөпкө туораабыттара: «Тарбаахаптыын астыахха» көрөөччү көтүппэт биэриитэ буолбута.
Иннокентий Иннокентьевич «тэптэрэн ылыахха», «сырдьыгыната түһэбит» эҥин диэн бэрт баҕайдык саҥаран кэбиһээччи. Дьиҥэ, кини ас астааһыныгар киирбит тиэрминнэри сахатытыыга үлэлэһэр кыахтаах эбит. «Туши гынабыт» диэни «бүскүтэн буһарабыт» диэччи. Ханнык да саха итини атыҥыраабат, кулгаахха сөрү-сөпкө киирэр уонна өйдөнөр. Итинник, төрөөбүт тылбыт ис кыаҕыттан таһааран, ас астааһыныгар баһылаан-көһүлээн киирбит тыллары, өйдөбүллэри ыарыыта суох сахатытан кэбиһиэххэ баара. Онуоха ханнык да учуонайдардааҕар ордук таһаарыылаахтык уонна таба чулуу асчыппыт үлэлэһиэн сөптөөх дии саныыбын. Тарбаховтыын айар үлэбитинэн өссө да алтыһар санаалаахпыт уонна ол баҕа санаа туоларыгар эрэллээхпит.
Оттон Нехорошев үлэтин түмүгүнэн «Кэпсиэни» сэргэ «Нескучный вечер» диэн нууччалыы тылынан быһа эфиргэ тахсыы баар буола сылдьыбыта да, тоҕо эрэ уһаабатаҕа.
«Суруллубут – суоруллубат». Маннык ааттаах рубрикалана сылдьыбыппыт. Төһө даҕаны бу кэмҥэ тыаттан кэлэн олохсуйуу муҥутаан элбээн турдар, сахалыы тыллаах бэчээт тоҕо эрэ мөлтөөн, ааҕааччытын ахсаана, баппыыскаттан да көрдөххө, быста аҕыйаан сылдьар кэмэ этэ. Киһи сахалыы аахпат, сонуннары бэйэтин тылынан билсибэт буоллаҕына, төрөөбүт тылыттан тэйиитэ быдан түргэтиир буоллаҕа. Ол иһин мин төһө сатанарынан, сахалыы бэчээт дьонун биэриилэрбэр таһаара сатыыр этим, бэйэм «Орто дойду сонуннара» хаһыакка биир балаһаны айан-суруйан таһаарарга ылса сылдьыбытым. Онон «Кэпсиэ» биир рубрикатыгар сахалыы бэчээккэ бу нэдиэлэҕэ туох сонун суруйуу тахсыбытын сырдатыахха, дьону сахалыы ааҕыыга көҕүлүөххэ диэммин, «Суруллубут – суоруллубат» рубриканы киллэрбитим (босхо реклама!). Ыытааччыта да кэбэҕэстик көстүбүтэ. Мин Анна Варламова-Айысхаана диэн үчүгэйдик билсэр суруйааччылаахпын. Арай биирдэ кини дьиэтигэр тиийэн олордохпуна кыра кыыһа Виктория киирэн кэллэ. Ыал ийэтэ эбит, туспа олорор, суруналыыс идэлээх, «Ил Түмэн» хаһыакка үлэлиир. Арай кыыһым тэлэбиидэнньэ үлэһитэ буолар ыра санаалааҕын кэпсээтэ. Ыра санаа эрэ буолбатах, кини ол туһугар толкуйдаабыта элбэх эбит, оннооҕор хас да биэрии бырайыагын торумнаан, суруйбут-бичийбит. Сирэйэ-хараҕа да чолбоодуйан, өйө-санаата да арылыйан, киһи эрэ кэрэхсиэх ыытааччыта буолуоҕун таайбытым… Мин кими да үлэҕэ ылар кыаҕа, бырааба суох киһибин, арай…
Виктория Контоева көрөөччү иннигэр аан бастаан ол «Суруллубут – суоруллубат» рубрика ыытааччыта буолан тахсыбыта. «Олус биллэр араспаанньалаах (ол кэмҥэ тустуук Контоевтар күннээн сылдьаллара) хайдах эрэ курдук. Туһана сатыыр диэхтэрэ. Онон ийэм араспаанньатынан тахсабын», – диэн кини экраҥҥа өр уонна олохтоохтук кэлэрин биллэрэр этиитин оҥорбута, онон титргэ Виктория Варламова диэн суруйбуппут. Ол да курдук буолбута, сотору Викторияны «Сонуннар» бэлиэтии көрөн ыҥыра охсубуттара. Онон, саха экраныгар өссө биир үтүөкэн ыытааччыга суол аһан баран, «Суруллубут – суоруллубат» рубрикабыт эмиэ тохтообута.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?