Текст книги "Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 7 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]
Эбэм, айылҕата биэрбит дьарыгынан, баар батарбата бэрт буоллаҕа, «бүргэс – саппыйа иһигэр батан сылдьыбат», бэйэтэ ис-иһиттэн баҕаран отоһуттуур. Эдэр эрдэҕиттэн, истибитин, билбитин-көрбүтүн барытын хаппар өйүгэр хатыы сылдьар сир түннүгэ, мындыр кырдьаҕас. Туох, ханнык от хайа ыарыыга туһалыырын, ол ото хайа кэмҥэ хомулларын, хайдах хатарыллан, төһө кэмнэнэн иһиллэрин эҥинин эт өйүгэр тута сылдьар. Сурунуон, бэлиэтэниэн иһин үөрэҕэ суох. Дьахталлар, эмээхситтэр оҕолоро ыарыйдаҕына, бэйэлэрэ аһааҕырдахтарына, үлэҕэ-хамнаска сылдьан сыыһа-халты туттан дэҥ-оһол да таҕыстаҕына, баас-үүт кыайан оһон-иҥэн биэрбэтэҕинэ, сэтэрээтэҕинэ – эмээхсинтэн ыйыталаһан, сүбэлэтэн-амалатан, эмтэтэн-томтотон бараллар. Ыарыыларыгар сөптөөх от эмтээх буоллаҕына биэрэн ыытар, эмэ кырдьык да туһалыыр. Махтал тылын этэр эмэн да, эдэр да элбэх. Өссө биир эмит чахчы ыксаабыт, «чэлкэҕирбит» киһини кистии-саба хаанныыр, оттон түөнү уот харахха таба ууран абырыырын туһунан этэ да барыллыбат. Ыһыах кэмин саҕана, бэйэтэ этэринии «киһи хаана убаатаҕына», бэс ыйыгар, от-мас сир уутун иһэн силигилии тыллан ситэн эрдэҕинэ ордук хаанныыр. Отоһуттуура, түөннүүрэ эҥинэ барыта чып кистэл, саҥа былаас дьоно араас хаанньыты, илбииһити, удаҕамсыйыыны, ойуунумсуйууну сөбүлээбэттэр, биллэхтэринэ, иһиттэхтэринэ эдэри эдэр, кырдьаҕаһы кырдьаҕас диэбэккэ улаханнык дибдийиэхтэрин, кирдиэлэтиэхтэрин сөп.
Эмээхсин Мундулуҥдаҕа олорон хомуйбут эмтээх отторун көһөн кэлбиппит кэннэ, кэлин бэйэтэ бара сылдьан түөрэтин аҕалта. Сайын от үлэтигэр солото суох сылдьыбыт буоламмын өссө көрбөт, билбэт да эбиппин: араас, тус-туһунан суол элбэх оту хомуйан хатарбыт этэ. Ампаарга, балаҕан дьиэҕэ тахса сылдьан көрдөххө: өһүө, сэбиргэнэ тоһоҕото барыта түрдьэлэнэ эриллибит эгэлгэ хаппыт отунан симэнэн турара.
Дьон ыарытыйар, санааҕа-онооҕо ылларар кэмнэригэр – эмтиир, сүбэ-ама буолар, түс-бас тыллаах, ытыктанар кырдьаҕастаах буоллахтарына – дурдалаах-хаххалаах курдук сананаллар. Киһи диэн аҥаардас санаанан эрэ салайтарар, олох олорор айылгылаах…
Баһылай саһаан тиэйэ бартын кэннэ Настааччыйа биһикки далга турар оҕустарбытын сып-сап көлүйэн, Арыылаахпыт уҥуор от тиэйэ таҥкырчахтаттыбыт. Көлөлөрбүтүн баран иһэн ойбоҥҥо уулатан ааһабыт…
Халлаан былытырда, киэһэнэн өссө тыалланна, устунан нуһараҥнаан салгын сылыйда, бэҕэһээ, иллэрээ күннээҕитэ тымныйан сырылаппытын букатын мэлдьэһэн кэбистэ.
Оппутун тиэйэн төннөрбүтүгэр, күн кылгаан боруорсуйан да буолуо, биир күрүс халыҥ былыт сайыҥҥы ардах былытыныы лүҥкүрэ ыаһырда. Быйыл хаара чарааһа дьикти күһүннэх дьыл кэллэ.
Оҕуспун, Ураанньыны, миинэн бэйэтин дьаалатынан айаннатабын, көлөлөр төннөллөрүгэр, хотонноругар тиийэ охсоору, айаннара сыыдамсыйар, хаһаалара чугаһаатаҕын аайы хааман-сиимэн таһынньахтатыы. Кинилэр да эрдэ тиийэн сынньаныахтарын, аһыахтарын баҕаран эрдэхтэрэ.
Ийэ айылҕа барахсан айбыта дьэ дьикти ээ, мин испэр «сылгы да, ынах да сүөһү ити хайдах аҥаардас сулумах уунан уонна отунан эрэ үссэнэн сылдьаллара буолуой» дии саныыбын. Дьиҥинэн, омос санаатахха, сүөһү киһиттэн туох да улахан уратыта суохха дылы – икки атахтаах курдук эттээх-сииннээх, сүүрэр хааннаах, тэбэр сүрэхтээх, харахтаах, бүөрдээх, быардаах, тыынар тыҥалаах уонна баран аҥаардас отунан эрэ аһаан, сөп буолан, дуоһуйуу диэн. Өссө, аһара баран, ол аҥаардас отторугар мөскөччү уойар буоллахтара – дьэ дьикти!.. Киһи оту сиэн хайдах да тыыннаах сылдьыбат бэйэтэ буоллаҕа. Кырдьык да, киһи эрэ сөҕүөн курдук, айылҕа барахсан уустаан-ураннаан, суол-суол аттаран, наардаан, бу – маннык буолуохтаах, ити – итинник айылгыланыахтаах диэн дьэ сатаан мындырдаан айар-тутар да буолар эбит!.. Сөрү диэн сөҕөҕүн, бэри диэн бэркиһиигин эрэ… Биһиги, көннөрү дьон итини буолуох буолуохтааҕын курдук санаан ситэри өйдөөбөппүт, күннээҕинэн эрэ күнү кээрэтэбит. Дьиҥинэн олох олоруу диэн хайдахтаах курдук дьиктиний!.. Хас саҥа күн үүннэҕин ахсын – аны хаһан да хатыламматы, иккистээн эргийбэти, араас «сүдү» дьиктилэри киһи элбэҕи, эгэлгэни даҕаны көрөр, харахтыыр буоллаҕа… Ол ону бары силигин ситэри сыныйан сэҥээрээччи ахсааннаах. Биһиги баһыйар үгүспүт, барыбыт даҕаны, күндү күммүтүн-дьылбытын күннээҕи, хаһан да бүппэт түбүккэ үтүрүйтэрбит, бүтэй эттээх-сииннээх, «үһүс» харахпыт сабыллыбыт, «алтыс» билгэбит симэлийбит муҥнаахтарбыт…
Мин оҕуһум үрдүттэн, оол курдук, борукка харааран көстөр күөлүм арыытын одуулаһабын. Арыы тэҥкэ тииттэрэ киһи хараҕын баайан, эмиэ да бөдөҥөөн кэлэр, эмиэ да оччоон хаалар курдуктар. Тутууга барыан сөптөөх лиҥкинэспит бөдөҥ тиит мастар баһаан үүммүттэр. Ол эрэн олору ким да кэрдибэт, эбэ арыытын кэрэ киэргэлэ буолан, сайынын хараара көҕөрөн, хойуу туораахтаах баай лабааларын намылытан, наскытан, киһи эрэ болҕомтотун тардыахтарын тардан, ыраахтан бэйэлэригэр угуйа лаглаһан тураллар. Үрдүк кырдаллаах, остуоруйа дойдутуттан кэлэн түспүккэ дылы, эбэбит арыыта ситэри тупсуон быатыгар кырдалын тэллэҕэ барыта хатыҥ, сыллата чэчириир хойуу чараҥ, онно эбии: собо тыла сэбирдэхтээх уонна харастыҥы үөттэр биир кэм будьуруйа үүммүттэрэ олус да кэрэ көстүүлүүллэр.
Хайа баҕарар арыылаах күөл арыытын көрдөргүн эрэ, киһи ис-иһиттэн ол арыыга тахса сылдьыан, онно туох баарын, хайа үүнээйилэр, мастар, талахтар үүнэллэрин, сирин-уотун көрүөн олус баҕаран кэлэр. Күөл арыыта ол курдук киһини бэйэтигэр тардар, угуйа умсугутар, туох эрэ ураты абылыыр күүстээх…
Оҕуһум үрдүгэр олорон иһэн өрө хантас гынан барбатах балык миининии бадыа-бүдүө болооруйа ыаһырбыт халлааны кыҥастаһабын. Түөһүм муҥунан ордук эбии ырааһырбыкка дылы киэһээҥҥи сайаҕас салгыны үрүт-үөһэ иҥсэлээхтик эҕирийэ тыынан ылбахтыыбын, санаам эбии дьэҥкэрэн сэгэччи сэргэхсийэбин…
«Хайа муҥун ыаһыран, ыанньыйан сөп буолуум, аны онтон хаардаатаҕым дии» диэбиттии үрдүк мэҥэ халлаан түөрт саҕаҕын иилии-саҕалыы саба халыйан бүрүйбүт биир кэлимсэ былыт ирбинньик-сарбынньык уран оһуордаах бөп-бөдөҥ хаарын, ээр-сэмээр нуоҕайа, нусхата түһэрбитинэн, үллэҥнэппитинэн барда…
Хантайан халлааны одуулаһа испит сирэйбэр оргууй аҕай бигии түспүт хаар кычыгылата уулларыттан сэгэччи мичээрдээн, устунан күлбүппүн бэйэм да билбэккэ хаалабын…
Настаабын кытта Маҥан Халдьаайы кыбыытыгар оппутун сүөкээн, оҕустарбытын хотонноругар киллэрэн оннуларыгар баайталаан баран, сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ дьиэбитигэр кэллибит…
Хаар түһэрэ эбии хойунна, сылаас, нуһараҥ түүн буолар чинчилэннэ, били, баарыын былытын аҕала сатаан соҕурууттан үрбүт тыал «тустаах үлэбин толорон бүттүм» диэбиттии иһийэн хаалла… Бары-барыта тыаһы иһиллээбиттии им-ньим баран чуумпурда, барык түүҥҥэ бэринэн талбаара нусхайда… Чараас көмнөхтөөх хара тыа утуктаабыттыы сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн тура түһээт, халыйан кэлбит хараҥаны кут-ньуолах түү суорҕан оҥостон сэмээр симэлийдэ… Кыһыары күһүн борук-сорук киэһэтин Айдаҥ ыалларын сирэй оһохторун ураатыттан кытыастан тахса-тахса, үрэл гынаат сонно ыһыллан, симэлийэн хаалар кыымнара ордук киэргэтэргэ дылы… Арай биһиги оһохпут эрэ ураатыттан төлөннөөх кыым тахсара көстүбэт, бурутуулаах нуучча оһоҕо кыымынан силбиэтэммэт, арай, булкуйдахтарына эрэ күөдьүйэ түһээт, уостар…
Дьиэбитигэр киирбиппит Огдооччуйа Быркылааҕыттан саҥа кэлэн күнүскү күөһүн аһыы олорор. Баһылай саһаанын тиэйэ барбытынан, кэлэ илик. Ыстапааннаах оҕолоро түөрэ киирбиттэр. Биэрэ Кутуйах Маарыйалыын орон үөһэ чөкөһөн өрбөх кыыстарын бүөбэйдииллэр. Баһыычааннаах Чоойун, Огдооччуйа ыксатыгар остуол нөҥүө-маҥаа олорон, дуобат «дьоннорун» туһуннараллар, эр-биир иккилии дуобаты кымаахтаан таһааран баран ыһыктан кээһэллэр. Хайаларын «киһитэ» сууллубакка тура түспүт ол кыайыылаах, хотуулаах буолар. Дуобат «дьоннор» иккиэн тура түстэхтэринэ, эбэтэр иккиэн суулуннахтарына тэҥнэһэллэр. Уолаттар дуобаттарын туһуннарыахтарын иннинэ «муҥхалыы» олорбуттар быһыылаах, остуолга бэрт нарын гына тырыыҥкаламмыт «балыктарын» чөмөҕө өрөһөлөммүт, ол таһыгар «соболорун» баһан ылар көхөлөрө сыталлар.
Убайдара омун-төлөн буолан оонньуулларын, ынах этэрбэстээх атахтарын төбөтүгэр тура-тура, бэрт кыра уҥуохтаах Лэгэй уол, остуол кырыытыттан икки илиитинэн тардыстан ынчыктыы-ынчыктыы, сирэйин сөллөччү тутта-тутта көрө сатыыр… Биһиги киирбиппитигэр кэннин хайыһан оттомноох аҕайдык одуулаһан баран, аахайбатахтыы төттөрү эргиллэн остуолун үрдүн өҥөҥнөөбүтүнэн барар.
Эбээ оһох иннигэр талах олоппоско оҥостон олорон чыыспаан тыырар. Кыһыл сукуна курдук кытарбыт билиитэ үөһэ ууруллубут дьэс алтан чаанньык оргуйан тэбээри сырдьыгыныыр.
– Халлааммыт дьэ сылыйда дии, – диэн эмээхсин кимиэхэ да чопчу туһаайбакка эрэ саҥарар.
– Хаардаан үллэҥнэтэн, тэллэҥнэтэн ахан эрэр ээ, – Настааччыйа куобах бэргэһэтин устан сэрэнэн икки кулгаахтарыттан тутан тэбээн илигирэтэр. Ирэ охсубут инчэҕэй хаар уҥа-хаҥас бырдаҥалыыр.
Кыра кэмҥэ эмиэ саҥа-иҥэ мэлийэр, арай оҕолор оонньоон сэмээр саҥарсаллара, хамсанан-имсэнэн ылар тыастара тылынан кыайан этиллибэт, туох эрэ ураты истиҥ суугуну үөскэтэр…
Огдооччуйа ээр-сэмээр аа-дьуо аһыы олорор. Чааскылаах чэйэ бүппүтүгэр оһох кытыытыгар тардыллыбыт чаанньыктан кэлэн куттан кулдьугуратан баран, сыпсырыйа-сыпсырыйа тиийэн эмиэ оннугар олорунан кээһэр.
Настаа ыһыллыбыт баттаҕын куйаха кырабыайкатынан ньалҕаарыччы тараана-тараана:
– Тугу биллиҥ-көрдүҥ, иһит-тииҥ?.. – диэн бадьатыттан ыйытар.
– Һоох…
– Быркылаахтарыҥ ыаллара амалар дуо?..
– Этэҥҥэлэр… – Огдооччуйа биир-икки тылынан эрэ хоруйдуур.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Огдооччуйа отой биллэ-көстө уларыйан хаалла, урукку киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит бэйэтэ, букатын чуумпу майгыланна. Тоҕо оннук буолбутун мин сатаан өйдөөбөппүн, дьиктиргии саныыбын. Киэһэ, ардыгар үлэтиттэн отой сүөм түһэн, аат эрэ харата сүөдэҥнээн кэлэр, туох да суолтата, дуона суохтан тымтан барар, барыттан-бары охсурҕалана сылдьар быһыыланар; ардыгар, мин санаабар, туох да сылтаҕа суох, ис-иһиттэн сырдаан иҥин хаана кытта кэйэн дьикти дьүһүннэнэр, туттара-хаптара сыыдамсыйар, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, синигэр түспүт киһилии, сымыһаҕын ыстаабытынан сэргэх аҕайдык сэгэлдьийэр. Таһыгар таһааран хаһан да иэйбэт-туойбат Огдооччуйа туох санааҕа-онооҕо ылларан, эрэйи-муҥу көрө сылдьарын ким да билбэт. Ылдьаатын суохтаан, кэтэһэн кэлтэгэйэ хаалан санааҕа ылларта буолуо диэҕи, төһө эмэ кэми быһа, биир күрүс сылдьыбыта ээ, уонна ама билигин кэлэн ордук хараастан, санаарҕаан барыа дуо?.. Икки атахтаах майгыта – таайыллыбатах таабырын кэриэтэ, ордук иһигэр хаайтаран муунтуйбут санаатын кими да кытта ыһа-тоҕо кэпсэтэн үллэстибэт киһини өйдүүр уустук. Буолаары буолан дьахтар аймах санаатын. Дэлэҕэ да «дьахтар санаата аһынааҕар кылгас» эбэтэр «дьахтар – остуолуттан оһоҕор тиийиэр диэри санаата түөрт уонна уларыйар» диэн өс хоһооно үөскүө дуо.
Дьиэ иһинээҕилэр, Огдооччуйа кэлин дьүһүннүүн, быһыылыын уларыйбытын төһө да билэ-көрө сырытталлар, ким да «бу туох буоллуҥ» диэн токкоолоһон ыйыталаспаттар, ыаспайдаспаттар. Арай, үнүрүүн, Огдооччуйа суоҕар, Баһылай үлэтигэр сылдьар кэмигэр, Настаа эбээҕэ туһаайан: «…Ити Огдооччуйабыт тоҕо, хайдах, наар сүөм түһэн санньыйан хаалбыкка дылы буоллаҕай?..» – диэбитигэр эмээхсин тугу да саҥарбатаҕа, саба сапсыйан кэбиспитэ. Баҕар, эбээ, тугу эрэ сибикилээн истэ, сэрэйэ, билэ-көрө сылдьара буолуо да, ону биһиэхэ дэлэҕэ да мээнэ быктаран кэпсиэ баара дуо, суох буоллаҕа… Сааһын тухары хаһан да сэлээр сэһэнинэн саатаабатах, кырдьыга-сымыйата биллибэт хобу-сиби тарҕатан, кураанах тылынан кумахтан өтүү хатан сэлэспэтэх мас көнө киһи.
Сир-сир аайы, уу-хаар тыллаах-өстөөх, кыһыл тылларынан кыырбыт «этэрбэс араадьыйалара» дьахталлар, үгэс курдук, ханна да бааллар. Айдаҥҥа, Хаалаан Кэтириин диэн (били, атах балай, ыалы кэрийэ сырыттахпына, Уохаалар диэн ыалга миигин түҥнэри анньан, сыҥаһа орон кырыытыгар куйахабын быһа түһэрбит дьахтар), сүрдээх уот тыллаах, этиһиик дьахтар баар. Туой кини дьону кытары сатаспатах, тапсыбатах сураҕа мэлдьи иһиллэр. «Бостуок» диэн ааттаах балыксыттар биригээдэлэригэр киирсэн сайын Муосталаах эбэҕэ балыктаһан баран, бэйэтэ да уу сүүрүгүн курдук санаалаах кулан дьахтар, Айдаҥҥа хаалбыт. Өҥ холкуоска манна тохтуохха диэхтээбитэ ырата буолуо. Эрэ – Кытыйа диэн Халбаакы оҕонньорун уола Тэрии Сөдүөт диэн киһи. Оҕолоро суох ыаллар. Ону-маны солуута суоҕу түҥ-таҥ тыллаһан барбыт киһини: «Хаалаан Кэтириин курдук буолан барыма…» – дииллэр, биллэн турар ону Кэтириин истибэтигэр. Бэйэтин туһунан биир эмит, таайтарыылаах да мөкү тыл этиллибит сураҕын иһиттэр эрэ – иэдээн. Чыычый киһи…
– Кэтирииниҥ кыыһа хайдах үһүнүй? – эбээ Быркылаах ыанньыксыта Уодьас Кэтириин кыыһа Аньыыһыйаны сураһар. Ол оҕо үнүр иһэ ыалдьан үөрэммэккэ сытар сурахтааҕа.
– Үтүөрбүт, бэҕэһээ үөрэҕэр барбыт.
– Оннук эрэ буоллун.
– Оҕолор барахсаттар киһи көрбөтүгэр-истибэтигэр хайдах-хайдах аһаан-сиэн сылдьаахтыыллара биллибэт, сыыстаран да эрдэхтэрэ: эмискэ тоҥу, эмискэ итиини үссэнэллэрин куһаҕан истээх-үөстээх муҥнаахтар, истэрэ да тулуйбата буолуо, – Настааччыйа ханан да үрүҥ кыла суох, кылгас буолан баран хойуу баттаҕын кэтэҕэр тараан, өҥнөөх тэрэпиискэнэн бобо баайан туттаран кээһэр. Маҥан кулгаахтарын эминньэҕэр иилиллибит сарбынньахтаах үрүҥ көмүс ытарҕалара хас хамсаннаҕын аайы эйэҥэлииллэр, суһуоҕа хомуллан, кылбаа маҥан көнө моонньо күөкэйэн, ордук тупсубукка, эдэригэр түспүккэ дылы кынтайбыт, сэргэх сэбэрэлээх Настааччыйаны саҥа көрбүт киһилии кэрэхсии одуулаһабын.
Эбээ, туу маһыныы көбүс-көнө саастаах хаппыт чэкичэх хайдыбытын тыыран тырылатан бүтэрэн баран, тоҕо эрэ кыҥаан көрө-көрө, аны үөл маһы тыырардыы оҥостор.
– Киспэ отун таһыытыттан орпото буолуо, – диэн эмиэ да ыйытар, эмиэ да бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэрдии саҥарар.
– Кэтэх сүөһүлээх оҕонньор күн солото суоҕа биллэр, хайа аны Борокуоппай быыс-арыт буллар эрэ чааркааннанар дьарыктаах. Эбэҕэ от тиэйэ сылдьан көрдөххө – оҕонньор бугуллаах чааркааннара онно-манна оҥоһон тураллара дэлэй, бэлиэлээҕи, хата, баһаан бултуур быһыылаах, – диир Настаа.
– Дьэ оҕонньоттор эрэ «олорсубут» үгэстэрэ, – эмээхсин, Киспэ Борокуоппай кыра түүлээҕи тыыппалаһарын сэҥээрэ истэр. – Аҥаардас киниэнэ эрэ буолбатах ини, атыттар да атытан эрдэхтэрэ.
– Мин көрдөхпүнэ, эбэ ити эҥээригэр наар Киспэ ыырданар быһыылаах дии, – диэн кэпсэтиигэ кыттабын.
– Ээ, буолуо… – диир эбээ.
Остуолга оонньуу олорбут уолаттар үөл мас тыырыллан эрэрин көрөн, кэлэннэр сарт оҥорбутунан бараллар, ити кинилэр сөбүлүүр дьарыктара. «Түннүк» таҕыста да кирээдэҕэ хатара ууран кээһэллэр. Лэгэй убайдарын аттыгар тойтоллон туран сарт симиллэрин бэркэ сэҥээрэн көрөр, былдьаһан, кыҥкыйдаан хайаан барбат бэрт көрсүө киһи, бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах, оҕо диэтэххэ туох да иҥэ-дьаҥа суох сэмэй майгылаах, ол эрэн ардыгар оҕо оҕото өтөн биирдэ эмит дьээбэрэр.
Огдооччуйа уолугар төһө да көхсүнэн олордор, Баһыычаан өрүү кыайтарбатах сыыҥа субуруҥнуур тыаһын истэн:
– Ыл, нөйөн, сыыҥтаа эрэ!.. – диир.
Уол өс киирбэх сонно ойон тураат, сүүрэн тибигирээн тиийэн «куһаҕан» кытахха туур-таар сыыҥтыыр. Бу кэмҥэ Лэгэй, тутуу былдьаһан, саҥа симиллэн испит Баһыычаан сардын ылан көрөр-истэр. Биир сүрүн үлэтин бүтэрбит Баһыычаан төттөрү кэлэн, тобуктуу түһээт, сардын кытта бадьыыстаспытынан барар:
– Бу саҕаһа миэнэ, эн маны кө-көрөн олор сөп… – диэн кыра доҕорун Лэгэйи кытта эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр. Биирдэһэ сөбүлэһэн киччэччи кырыллыбыт, үрүллүбүт хабах курдук төбөтүн тоҥхоҥнотор. Кыра уолаттар тыл-тылларыгар киирсэллэр…
Чоойун, арыый обургу киһи, туттуу-хаптыы муҥутаан бастакы сардын симэн бүтэрэ охсор:
– Мин биири бүтэрдим!.. – диэн киэн туттубуттуу саҥарар, талах олоппоско ыттан, халба кус тумсун курдук ньаппаччы барбыт тумустаах ынах этэрбэһин төбөтүгэр тура-тура, сардын кирээдэҕэ уурар, уунахалыырыгар сиристээҥки ырбаахыта өрө тахсан иһэ көстөр, киинэ оҥойор. Ону көрөн Лэгэй, дьээбэлэннэҕим буолан, убайын хаххата суох хаалбыт тараһатын тымтыгынан тарбаан кычыгылатар, күлэн, ыртаччы мичээрдээн маҥан тииһэ килбэйэр…
– Ии!.. Доо!.. – диэн саҥа аллайаат, Чоойун олоппоһуттан муостаҕа ыстанар…
…Таска атах тэбэнэр тыас иһилиннэ. Ити Улахан Баһылай саһаанын тиэйэн кэлбитэ чуолкай. Халлаан сылыйан, хойуу, нуһараҥ хаара түһэ турар буолан киһи атаҕын тыаһа иһиллибэт. Тымныы, чоргу күн эбитэ буоллар чигдигэ үктэнэн чоочугураан кэлэр тыас тэлгэһэ таһыттан иһиллиэ этэ. Мин Баһылай атаҕын тэбэнэрин эндэппэккэ билэбин. Өйдөөн, сыныйан истэр буоллахха, киһи-киһи, дьон-дьон этэрбэстэрин тэбэнэр тыастара кытта тус-туспа уратыланар…
Баһылай дьиэҕэ киирэн маҥнай тииҥ бэргэһэтин устан, бэркэ сэрэнэн, аны хайдан хаалыа диэбиттии, икки кулгаахтарыттан тутан тэбээн илигирэтэр, онтон сатанах алын салаатыгар иилэн ыйаан кээһэр. Оронун сыҥаһатыгар олорон сылаас ытыстарынан сылгы тыһа этэрбэстэрин тумсун имэрийэн, бобута тутан баттыалаан, түү быыһыгар киирбит хаарын ириэрэн, «куурдар».
– Хаарыҥ түһэ турар ини?.. – эбээ тастан киирбит киһиттэн си олоруохтааҕар ыйытар.
– Түһэн, дьэ, үллүктүү ахан турар дии, барахсан.
– Сылаас, буркун хаара эрээри тыала суоҕа дьикти, – диир Настааччыйа.
Кийиитин саҥатын истэн Баһылай:
– Нуһараҥныыр быһыыта… Сылааһа эмиэ да бэркэ дылы да, наһаа инчэҕэйэ оччото суох. Тыала суох диигит да, бэйи, сарсыҥҥыта, өйүүҥҥүтэ билиэ, бу айылаах халыҥ былытын ыһарыгар ала холоругунан да солбуйдаҕына киһи, арааһата, соһуйбата буолуо.
Эбээ маһын тыыран бүтэрэн, олоппоһуттан туран уһуннук олорон көһүйбүт сиһин көннөрөн кэдэҥэлээн, имиллэҥнээн ылар; эһэкээнин иннигэр олорон уотун суоһуттан тиритэн, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сиидэс былаатынан туора-маары соттор.
– Дьыл баччатыгар, тымныйан ахан туран, эмискэ бу курдук сылыйара муокас диэтэҕиҥ. Кыһыныҥ да, бэйи, кубулҕаттаах, – диир Настаа.
– Чэ, айылҕа барахсан билэн-көрөн, тугун эрэ дэхсилээри-тэҥнээри гынан эрдэҕэ, сиппэтэҕин ситэрээри, туолбатаҕын толороору, – эмээхсин кыра ычалаах киһи улаханнык өйдөөбөтүн курдук саҥарар.
Баһылай халтаҥ сонун алын тимэҕин төлөрүтэн биир атыыр бэлиэлээҕи хостоон таһаарар. Бэлиэлээх хайыы-сахха бөһүйэ ирбит. Баһылай ардыгар ити курдук уктан кэлэр үгэстээх. Кыра да сылааска кырынаас түргэнник ирэ охсор дьикти эттээх-сииннээх. Булчуттар бэлиэлээҕи, алыс ирэ илигинэ, бөһүөнэхтии сүлэллэрин ордороллор. Ньолҕоччу бардаҕына «хааннанар-сииннэнэр, чэлкэҕирэр» диэн сөбүлээбэттэр, кырдьыга да оннук.
Баһылай, кырынаас муннун тииһинэн хоҥнорон баран, оронун үрдүгэр турар түннүк холуодатын сирэйигэр уурбут, уһуга бэркэ кичэйэн сытыыламмыт анал быһаҕын ылан, булдун айаҕыттан саҕалаан сүлбүтүнэн барар, үөрүйэх муҥутаан көрүөх икки ардына ньылбы тардан кээһэр. Бөһүөнэх бэлиэлээх субатыгар ханан да хаан-сиин сыстыбат, тириитин этиттэн арааран субуйа тардарыгар мэктиэтигэр «сыып» гына тыаһыыр.
Ардыгар ньалбаччы ирбит бэлиэлээх субатыгар хаан турбут буоллаҕына, Баһылай уоһунан түһэн дэлби оборо-оборо силлээн кээһэр, оччоҕуна субата кылбайа түһэр, сорох оҕолор ону көрөн сиргэнэллэр. Онуоха Баһылай: «Бултан сиргэнэр – аньыы, бултаабыт булкуттан сиргэнэр буоллаххына – ииппит булдуҥ сэбигэр-сэбиргэлигэр туох да киирбэт, тумна хаамар буолуо, Байанайгыт да кэлэйэн киэр хайыһыа… Саамай ыраас, чэнчис – айылҕа көтөрө-сүүрэрэ…» – диир.
Лэгэй уол, Улахан Баһылай ыксатыгар туран бэлиэлээх киэпкэ тиириллэрин сонурҕаан көрөр.
– Ыл, Аана, быар маста уун эрэ, – диэн Баһылай соруйбутугар, тирбэҕэ быаҕа боччоччу бааллан турар быар мастартан биири сэрэнэн сыыйа тардан ылан биэрэ охсобун.
Киэпкэ тиириллэн тоһоҕоломмут бэлиэлээх өрөҕөтүгэр быар маһа айаҕынан, кэлин атаҕын устатын тухары сурулаччы анньыллар. Баһылай булдун икки илин атахтарын үрүт үрдүгэр ууран куустаран кээһэн баран, эркин быыһыгар киэбин төрдүнэн кыбытар.
– Бүттэҕэ ити… – диир, бэркэ астыммыттыы туттар, онтон бэлиэлээҕин этин ылан, ахтатынан, Лэгэй муннугар чугаһатан үҥүлүтэр.
Кыра уол кырынаас дьаарын сөбүлээбэккэ:
– Һыы!.. – диэт кэннинэн чинэрийэр. Баһылай күлэр.
Огдооччуйа наҕылыччы аһаан баран, остуолун аттыгар чэкичэх олоппоско олорон, уолугар Баһыычааҥҥа саҥа кэтиинчэ тигэн испитин ылан салгыы иистэнэр. Саҥата-иҥэтэ син биир суох, хайдах эрэ уратытык оттомуран хаалбыкка дылы дьүһүннэммит. Киһи сирэйин-хараҕын утары көрбөт: халты, туора тутта сылдьарга дылы.
Дьиэ хаҥас түннүгүн холуодатыгар ыйаммыт кыраһыын лаампатын тааһа бүгүн сотуллубакка аҥаардастыы, кэлтэччи тордоҕурдубута, сырдыгын тунаҕырдан, болоордон кээспитэ борук-сорук курдук.
Үлэтэ бүтэн муннукка үтүрүллүбүт суоруна тааһын кэннигэр, тыас иһиллэнэн тохтоон ыла-ыла кутуйах тугу эрэ тарбаан кучугуратар тыаһа иһиллэр, чуумпуга, ардыгар тыастаах аҕайдык хачыгыратар-хочугуратар. Сартарын симэн бүтэрбит уолаттар, остуолларыгар хат кэлэн хабылыктыы олорон, ону иһиллииллэр, баҕар суоруна тааһын үрдүгэр тахсан олороорой диэн муннук диэки кыҥастаһан ылаллар, харахтарыгар түбэстэр эрэ сээкэйинэн быраҕан көрбөккө буолбаттар.
Биэрэлээх Маарыйа ороннорун үрдүгэр туран, өһүө тоһоҕотугар сапка бааллыбыт улар хабахтарын уҥа-хаҥас үрэн биэтэҥнэтэ оонньууллар.
Мин испиискэ хаатынан «кыыс» оҥорон, былааттаан, ырбаахылаан, сонун таһынан боччоччу баайан курдаан кыргыттарга биэрдим, онтон кэлэн уолаттардыын хабылыктаһан көх-нэм буоллум…
Эбээ Настааччыйалыын оһохторун иннигэр таалан наҕылыччы табахтаан унаардаллар. Сэбирдэх табах хойуу буруотун аһыылаах оһох ээр-сэмээр эҕирийэн ылан ураатыгар утаарар…
Күннээҕи сылаатын таһааран икки ытыһынан сирэйин имэринэ сыппыт Баһылай нук гынар үгэһинэн ити ыккардыгар мунна тыаһаан хаһыҥырыыр, онтон эмискэ туохтан эрэ тутуһа сатаан өрүһүнэн эрэр киһилии өрө мөхсөн дьигиһис гынар, онтуттан бэйэтэ да соһуйар быһыылаах, «чахчы дьиэбэр сытабын дуо?» диэбиттии өндөйөн биһигини одуулаһар…
* * *
Сарсыарда турбуппут сото ортотунан сып-сымнаҕас түү ньуолах, көп хаар үллэччи түспүт. Тыа ото-маһа көмнөххө сууланан хоҥкуйбут. Арыылаах эбэ уҥуоргу тыата, үрүҥ саал былааты тэниччи тардыбыттыы, биир кэм көппөйөн көстөр…
Эрдэһиппит, ким хайа иннинэ турааччыбыт – эбээ дьиэтин халҕанын нэһиилэ арыйан таһырдьаны булбут.
Мин суунан-тараанан, аһаан баран эмээхсини саппай уопсан тахсыбытым – Баһылай хайыы-сахха тиэргэнин ып-ыраас гына күрдьэн күкүрүйэн кэбиспит, күрдьүк лаппа үрдээн өрө томтойбут. Кыһыл уонна араҕас түөстээх ымыылар тиэргэн күрдьүллүбэтэх өттүгэр үүнэн турар тиит маска оҕуруо курдук хатанан олороннор туорааҕы быһа тыыта-тыыта сиргэ таммалаппыттара ыдьыгыраан көстөр. Күөл кытылынан, арыы буолан будьуруйа үүммүт ньыыраайы талахтар үрдүлэринэн хаар эбэ, тыаһа суох сыбдыйа көтөн тэлээрэр…
Дарайыы уус турбута ырааппыт быһыылаах, уһанар балаҕанын сирэй оһоҕун ураатыттан күүһүн-уоҕун ылбыт төлөннөөх уот дьэргэлгэнэ көстөр. Оҕонньор тугу эрэ тоҥсуйан тыҥкынатар тыаһа иһиллэр. Иккитэ кыра соҕустук охсо-охсо биирдэ күүскэ охсоро «тыҥ-тыҥтаҥалай… тыҥ-тыҥ-таҥалай…» гынан иһиллэр. Дарайыы эмээхсинэ Богдьо Балбаара киһитэ уһанар балаҕанын сыбаан ньылҕаарыта сылдьара көстөр…
Эбэбин кытта ынах ыастым, булт сэбин көрөн эргийэн кэлэр сирим чугас буолан соччо ыксаабаппын.
Бөтүүктэр сайыҥҥыларын курдук олус да хахаарбаталлар, син саҥа таһааран баалларын биллэрэллэр. Кууруссалар сымыыттыыллара лаппа аҕыйаата, мантан антах тымныы оройун тыйыс ыйдарыгар отой да тохтуур буолуохтаахтар. Сайыҥҥы курдук тарбыйахтары босхо ыытан ийэлэрин эмнэрбэппит, буос сүөһүлэр үүттэрэ да тардан эрэр, арай кытарах ынах хойукка диэри күүгүнэччи ыатар. Аны туран биир дьиктитэ диэн буос ынах үүтэ чэйгэ үүттэннэххэ тимирэн хаалар, оттон кытарах ынах киэнэ көбө сылдьар. Төһө да туҥуй буоллар, эдэр ынахпыт Муоһа Суохтан уонна Кучуртан хаалсыбакка ыата турар.
Хотон муус түннүктэрэ бүтэйдии кырыаран хаалан хабыс-хараҥа, тимир күрдьэҕинэн кырыатаатахха син ханнык эмэ сырдыыр, ол да күнүскү өттүгэр, оттон киэһэлээх сарсыарда ыһыырынньыгынан сырдатынабыт. Бытыылкаҕа кыраһыын кутан, чаалбааны кырыйан эрийэн баран төбөтүн хам тутан битиилин туттарабыт. Чаалбаан кыраһыыннаах иһитигэр түспэтин диэн анал тэллэгэрдээх. Ыһыырынньык кыраһыын лаампатын курдук буолуо дуо – сырдыга мөлтөх, аны оннооҕор ордук куһаҕана – тордоҕо диибин диэн: муннуҥ үүтэ, дьабадьыҥ түөрэтэ киһи күлүөх курдук хап-хара буолар. Хотоҥҥо уһуннук сылдьан баран таска тахсан ыраас хаарга силлээтэххэ, сыыҥтаатахха хара ньоҕой кэлэн түһэр. Кыраһыын лаампата хотоҥҥо ыйаммат, сиигэ, чаана бэрт, үөһэттэн таммалыыр. Биир да таммах итийэн турар тааска түстэ да – таас сонно бытарыс гынар.
Мин Муоһа Суохпун ыан бүтүүбэр эбээ туҥуйун ыан, чэкиччэх олоппоһун адарай муостаҕа лүһүгүрэччи соһон, Кучуругар көһөр, сотору үөрүйэх, имигэс тарбахтар быыстарынан үрүҥ илгэ үүт туос ыаҕаска ыаммыт үүт үрдүгэр түһэн күүгэннирэ куугунуур.
– Тоом, чэ эн сиргэр тэп гынан хаал, күнүҥ да кылгас, булт тэрилин көрөр киһи тардыллыаҥ, уһуоҥ… – диэн эмээхсин эппитигэр, мин кырдьык да диэбиттии ынаҕым сааҕын күрдьэн, хотон ортотугар турар баҕана төрдүгэр мунньан ньалҕаарыччы таптайан баран тахсан бардым…
Таһарахтыыр оҕонньордоох тэлгэһэлэрин диэки иссэ сылдьар ыттар саҥалара күйгүөрэр…
Ньөкөөрөр оҕонньордоох тыһы ыттара иссибитэ хас да хонно, дэриэбинэ илин өттүгэр ыт айдаана сүрдээх, араас ырдьыгынаһыы, орулааһын барыта иһиллэр. Үнүрүүн, Холодоох Уйбааннаах ыттарын тутан, өлөрөн кэбиспиттэр этэ. Туохтарын дьиктитэ эбитэ буолла, охсуһуу таҕыстар эрэ, биир ыт ыарыыланан ыйылаата да, бары ол үөһэ саба түһэн мөрөйдүүллэр.
Халлаан лаппа сырдаабыт, сэмээр кэлэн силбэспит ыанньыйбыт былыттар халыҥ хаардарын тоҕо илгистэн чэпчээн, быһыта тыытыллан, өрө дэгэйэн үрдүк мэҥэ халлааҥҥа, ордук үөһэ көтөн тахсыбыкка дылы көстөллөр, ол быыһыгар сыыйыллаҕас, хас эмэ араҥа хартаҕас былыттар тус айаннарын суолун булбатах курдук хардары-таары тараадыйа, саамылаһа усталлар. Үөһэнэн тыаллаах быһыылаах, күөлбүт арыытыгар үүммүт тэҥкэ тииттэр төбөлөрө уҥа-хаҥас хоҥкулдьуһаллар… Халыҥ хаар кэннинээҕи, сүүйэн ылбыттыы ураты ырааһырбыт, дьэҥкир салгын ордук тупсубукка, минньийбиккэ дылы киһи этин-сиинин хаба ортотунан сайа охсон дьырылаан киирэрэ чэбдигэ сүрдээх. Баҕар, ыылаах-дьаардаах, хараҥа хотон иһигэр уһуннук сылдьан баран тахсаммын гынара буолуо… Ол эрээри бүгүҥҥү, улахан хаар кэннинээҕи салгын син биир, туох эрэ, туспа уратылаах, атыннаах…
Күрдьүллүбүт чигдигэ хап-хара тордоҕунан сыыҥтаан баран, дьиэбэр киирэн хотоҥҥо кэтэр бэллэйбит ынах этэрбэспин устан аан чанчыгар уурдум; куобах куллукулаах, кэтиинчэлээх кураанах этэрбэспин кэттим уонна баарыын кутуллубут чохооллоох чэйим ордугун сылытан иһэн, тоорук бурдук лэппиэскэтин харахтана убаабыт күөрчэххэ уймаан сии түһээт, сып-сап таҥнан, куул манааҕабын сүгэн, тахсан Арыылааҕым Бэрэтигэр, булчут киһи сиэринэн, тиэтэйэ-саарайа тэлибирэйэн түһэ турдум… Мин хотонтон киирэрбэр дьонум түөрэ үлэлэригэр барбыт этилэр, оҕолор утуйа сыталлара…
Хаар, кырдьык да, дьэ түһэ сатаабыт, били, таптаабыккынан кэһэ оонньуур тохтообут, Бэрэҕэ барар суол аартыгар диэри үүммүт Арыылаах чараҥынааҕы суол омооно да суох, айылҕа барахсан күөл кэриитин ойуу-бичик оҥорон эрийэ-буруйа типпит ахан. Кыра ытылҕан тыаллар, сүүрүктээх үрэх бурулҕаныныы, онно-манна көп хаары оҥо хаһа-хаһа, мэниктээн сырсыбыт куоһаахтара өтүүнү имиллэҥнэппиттии субуллаллар. Сайын Бүлүү куоратыгар барарга, аара тукулаан сир кумаҕа тыал типтэҕинэ эмиэ бу курдук ыт таҥалайыныы кэрдиистэнэн, дьапталҕаланан араастаан үрдүүр-намтыыр диэн кэпсииллэрин истэн, онно тэҥнии саныыбын.
Күөл кэриитигэр, сөкүлээх, дулҕалаах сиргэ бэлиэлээх бу сарсыардааҥҥы, кутуйаҕы бултаһан, сүүрбүт саҥа суола дэлэй… Атыыр кырынаас суолун быыһыгар, кып-кыра муҥур тилэхтэрин суола көстөр. Мукучай – аһыылаах удьуоруттан ордук кыралара, киниттэн атын, оччугуй анаҕастаах харамай суох.
Ычыкын иһигэр, үнүр өрдөөҕүтэ сылдьыбыт Баһылай суолун омооно дьэ көһүннэ, ол да дьоҕойон оҥхолой эрэ курдук. Тыа үөһүгэр киирээппин кытта, суол доҕордоох диэбиттии, икки кукаакы аргыс буоллулар, үгэстэринэн «пыыт-пыыт…» дэһэ-дэһэ, тыал үрбүт сэбирдэҕинии тэлээрэ көттүлэр. Эбээ: «Булчуту кукаакы батыстаҕына – бултуйар бэлиэтэ, туоһута…» – диэччи. Мин испэр ону санаан «дьэ, хайа буолар» дии саныыбын. Ойуур барахсан ото-маһа – халыҥ, көппөйбүт көмнөх хаар таҥаһын таҥнан, сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн көрсүөрбүккэ дылы. Урут, мэһэйэ суох, ыраас ыллык суолунан барар эбит буоллахха, билигин халыҥ көмнөх баттаан ыллыгы туора бүк түһэн хоҥкуйбут титирик, талах элбээбит, таарыйдаргын эрэ үрэл гына ыһыллаат, соһуйбут киһилии, өрө өгдөс гына түһэллэр.
Иннибэр эмэҕирэн төбөтө тостубут хаппыт тиит төрдө күөдэл-таһаа буолан ыһылла сытарын көрөн «хайа, ити туох ааттааҕый?» дии санаатым, онтум, чугаһаан кэлэн көртүм – киргил үөн көрдөөн, оҥостон олорон, сыралаһан тоҥсуйбут суола-ииһэ эбит. «Ас тахсыбыт сирэ, баҕар туохха эмит уос-тиис тииһинээйэмий» диэтэҕэ буолуо – ыллык суол нөҥүө өттүнэн ааһан испит солоҥдо кыыл, ала-чуо, тоҥсоҕой сүргэйэн хараардыбыт сирин көрөн, суолу быһа ойуолаан тахсан чээччэйбит, онтон туһа суоҕун билэн төттөрү, били ыстаҥалаан киирбит суолунан олук үктээн салгыы субуруҥнуу турбут…
Суол уҥа эҥээригэр үүммүт хахыйахтарга чооруостар түһэн биир кэм саҥарсан «чиип-чиип-чиип…» диэн чибигирэһии, кыһыл «бэргэһэлэрэ» кытарыҥнааһын. Бэйи, итинтилэриҥ төһө да от атах буоллаллар кыһыҥҥы түптэлэс тымныыны тулуйан туораан кыстыыр көтөрдөр…
…Тэптиргэҕэ иҥнэн ыйаммыт бастакы табысхааммын субу кэлэн баран биирдэ таба көрдүм. Хаар үллэччи түһэн, от-мас халыҥ көмнөҕүнэн бүрүллэн, бары-барыта маҥхайан, кылбайан, киһи хараҕын баайан кылбаа маҥан өҥнөөх булкун да арааран көрө охсубаккын. Куобах иҥнибитэ ырааппыт, чакылыччы тоҥмут. Тэптиргэҕэ тэйгэйбит бултан табысхааннар куттамматтар, дьаархамматтар – арыый ойоҕолуу көтөөт син биир орохторунан сүүрэллэр, бу сарсыардааҥҥы саҥа онньоҥхолообут суоллара кытта баар. Моойун төрдүттэн иҥнибит тэс курдук булпун арааран ылан баран сиһин сыллаан көртүм – сыа сыттаах, атахтара уһуна, адаарыйан бэйэ табысхаан буолара тута биллэр. «Төннөн иһэн ылыам» диэн үөт ачааҕар кыбыта анньан кээстим. Бэргэһэм иһигэр эрийэ уган баран кэппит туһахтарбыттан биири ылан ииттим.
Хаар халыҥаата, онон кыыл олуктаатаҕына мантан инньэ Баһылай аны айалыа. Айа – уустук булт тэрилэ, чахчы билэр, сатыыр, нэмин табар эрэ киһи иитэр: туох булка тардылларынан көрөн араас холооһуна, кээмэйэ, тус-туһугар ымпыга-чымпыга үгүс. Сатабыллаах булчуттар айанан бэл саһылыгар, тайаҕар тиийэ бултууллар. Айа кылыыта – икки эрэ кыл буолар. Аҥаардас табысхааны бултаһар киһи кылыытын хара да кыл гыныан сөп, оттон саһыллаах сиргэ айалыыр булчут, табысхаан ороҕун батар күндү түүлээҕи айаҕа түбэһиннэриэн саныыр, эрэҥкэдийэр буоллаҕына кылыытын хайаан да үрүҥ кыл гыныахтаах.
Айанан бултуур бэйэтэ туспа сиэрдээх-туомнаах. Биир булчут айалыыр сиригэр атын булчут сылдьыбат, сэрэхтээх. Көрбөккө кылыыны таарыйан, тыҥыаҕынан тыҥаабыт, чиккэччи тардыллыбыт кирис төлө баран айа ырбата, эбиэнэ кэлэн батары түстэҕинэ бэйэҕин да, көлөҕүн да дэҥнээн улаханнык моһуогуруоххун сөп.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?