Текст книги "Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]
Балаҕан – киһи олорорун тухары эрэ балаҕан. Дьон иччилээбэт буолла да дьиэ аатыттан ааһар. Төһөлөөх да эргэ балаҕан, икки атахтаах илгэ сылаас тыынынан угуттаан олохсуйан олорорун тухары, иһигэр оҕо иэйбит саҥата чаҕаарар, чэрдээх тилэҕин тыаһа тибигирии сүүрэр буоллаҕына, аал уотун иччитэ күлэ-үөрэ бачыгырыы тыаһыырын устата – эргэрэн, эмэҕирэн, сууллан биэрбэт айылгылаах. Киһи ураты уһуу тыына кэхтибити да тилиннэрэр, буомурбуту да баараҕадытар, суураллыбыты да өҥнүүр улуу күүстээх!.. Өтөх – иччилээх эрэ буоллаҕына үгүс элбэх эбэлэр киэргэллэрэ аатыран, үйэлэр тухары туолан, торолуйан, томтойон турар. «Уруу – ырааҕа, уу – чугаһа ордук» диэн саха өһүн хоһоонугар этиллэринии, өтөх баар сиригэр уолбат уулаах күөл эбэтэр көлүкэ хайаан да баар буолар. Икки атахтаах – Ийэ Айылҕа барахсан биир саамай бастыҥ, кэрэ киэргэлэ. Киниттэн ураты ким силигин ситэри сыныйан сэҥээриэй, Орто дойду үөскүөҕүттэн, Аан дойду айыллыаҕыттан симэммит бары үтүөтүн, хатыламмат хаттыгастаах кэрэтин, кини муҥура биллибэт эгэлгэ араас дьиктиттэн дьикти айымньытын… Киһи буоллаҕа… Соҕотох киһи эрэ…
Санаа – олох быстыспат аргыһа, санаата суох – олох суох… Бэл, бэрт кыра чыпчылҕан түгэҥҥэ бүтүн олоххун ырытан-ыатаран ыларга дылы гынаҕын. Киһи Орто туруу бараан дойдуга кэмнэнэн, кээмэйдэнэн бэриллибит кылгас олоҕун устатын тухары санаанан эрэ сылдьар. Санаа – хом түһэрэн хомотор холус күүс, устан кэлэн уоскутар улуу күүс… Сорох ардыгар санньыар санааҕа санньыччы ылларан сарсыҥҥы күҥҥүн сааһылыы сатыыгын, арыт кэмҥэ алгыс кэриэтэ астык санаалар арыаллаһан киирэннэр аата-ахса суох алыстык үөрээхтиигин… Барыта – санаа… санаа… санаа…
Миитэрэй аҥаар илиитинэн тутта үөрэммит. Эрэй туохха үөрэппэтэҕэ баарай. Холто буолбут өрбөх саппыйатыттан табах кымаахтаан ылан ньилбэгэр ууруммут хаһыат кумааҕытыгар кутан, эрийэн, тылынан ньээлбээн баран уматтар. Оҕонньоттор эмиэ табахтыыллар, хамса хойуу буруота бурҕас гына-гына сиккиэр тыалга охсуллан ыһыллан, сүтэн-симэлийэн хаалар… Тугу эрэ дьээбэни кэпсэтэн, күлсэн, харбыйбыт, нүксүччү түспүт саннылара дьигиҥниир. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ дьон санаата хайдах эрэ, туох эрэ үтүө кэлиэхтээҕин өтө таайан сэрэйбиттии, өрө көтөҕүллэн көнньүөрбүккэ дылы…
Ньөкөөрөр уола Тартаайа эмиэ, дьиэ кэйимин сиксигэр туран, дьонтон хаалсымаары табахтыыр, ол туран хайа эрэ ыаллар ыттара сүүрэн эйэҥэлээн иһэрин кини обургу таба көрө охсон, били, тутан турбут маһынан быраҕан кыыраппыта, «өлүү болдьохтоох» диэбиккэ дылы, талах тостон бүк барбыт сиринэн ыты миинэ түстэ. Күөрт ыт «ньох» диэт оҕуруот быыһынан куотаары чыыска күрүө көтүллүбүт сиригэр биилиттэн кыбыллан хаста да өлөр саҥатын таһааран баран биирдэ эрэ төлө барда.
Тартаайа онтон бэркэ диэн үөрэн көнньүөрдэ:
– Һэ, кэһэйдиҥ ини, тары хаһыспат буол!.. – арааһата аһын сиэппит быһыылаах, эмиэ да абаран, эмиэ да «иэстээх» ытын холлоох соҕустук табан астына туттан саҥа аллайар.
– Ити хайаларын ытай? – диэн Борускуоттан ыйытабын.
– Куртайаах Лааһар ыта, кини кэннэ күөрт ыт Болтуоларга эрэ баар, – Бороскуобуйа, Айдаҥ төрүт олохтооҕо киһи туох да саарбаҕа суох тута хоруйдуур.
– Тарын сиэппит эбит дии, – сэмээр сибигинэйэбин.
– Сиэттэ эрэ сиэппэтэ… – дьүөгэм тоһоҕо күрүө ортоку сиэрдийэтигэр тайанан, сэҥийэтин үөһээ сиэрдийэҕэ ууран туран соччо сэҥээрбэтэхтии Тартаайа диэки көрөн ылар… – Итинтиҥ былахытын да сиэттэҕинэ ыты өлөрдөҕүнэ көҥүл киһи… – Борускуо аны Тартаайа саҥабын истиэ диэн тылын түмүгүн оргууй ботугуруур, тоҕо эрэ, күлэн ылар.
– Бүгүн мунньахтыыгыт дуу? – баарыын сарсыарда Өксөөн киирэ сылдьан «киэһэ оҕолор мунньахтыыллар үһү» диэбитэ.
– Мунньахтаан… Тыккыр «кэритэр» оҕолоругар эппитэ. Эн, хата, кэлээриий, сээкэй сонуну истэ, билэ-көрө, сэргэхсийэ таарыйа. Киэһэ сололоох инигин?..
– Ол мин, хомсомуола суох киһи, эһиги мунньаххытыгар сылдьарым сөп үһү дуо.
– Ээс, хайдах сылдьыаҥ суоҕай, ыччаттар уопсай мунньахтара буоллаҕа дии. Эн толору сааһыҥ билигин хаскыный?..
– Мин…
– Эн…
– Уон түөрдүм…
– Оччоҕо эйигин, мэктиэ суруйтардаххына, өссө, хомсомуолга ылыахтарын сөп эбит дии.
– Миигин дуо?!. – хомсомуолга туох эрэ ураты оҕолору, дьону эрэ талан, сыымайдаан ылалларын курдук саныырым. Түөстэрин уҥа өттүгэр, тэтэркэй былаах ортотугар, үрүҥ ии иһигэр кыһыл сулустаах учунучуоҕу иилиммит, бэрт сэргэх сирэйдээх-харахтаах (тоҕо эрэ бары оннук көстөллөрө) хомсомуол оҕолору туох эрэ курдук ордугургуу көрөрүм, биир дьиэ кэргэн курдук бөрөспүтүнэн сылдьар ыччаттарга ханыы буолуохпун баҕарарым, ымсыыра саныырым.
– Эйигин… Эн хомсомуолга киирэр сааһыҥ да сөп буолбут уонна сайын от үлэтигэр улахан дьонтон хаалсыбакка тэҥҥэ үлэлээбит үһүгүн дии. Хомсомуол сэкирэтээригэр нэһилиэк оҕолорун испииһэгэ барыта баар. Ким ханна, хайдах үлэлээбитэ-хамсаабыта түөрэтэ биллэр. Удаарынньык киһини эйигин хомсомуолга ылбатахтарына кими хомсомуолга ылыахтарай, хотууй, бастыҥ киһини… – диэн Борускуобуйа элбэх саҥалаах муҥутаан биирдэ кутан-симэн кэбиһэр, үгэһинэн күлэн лаһыгыратан маҥан тииһэ кэчигириир.
– Ким билэр… бастыҥ да буолбатарбын… – дьүөгэм саҥатыттан симиттэн ылабын.
– «Ким билэр» буолбатах, эйигин тута ылыахтара, көрөөр да истээр, – Борускуо эрэмньилээх аҕайдык быһаара охсон кэбиһэр.
Онно-манна ыаллар балаҕаннарын, хотоннорун тирии бүрүөһүннээх халҕаннара аһыллан-сабыллан либиргиирэ иһиллэр. Тото аһаабыт сүөһүлэр уулаары тиэтэйэ-саарайа соруктаах аҕайдык ойбонноругар хаамсан дьалкыҥнаһаллар. Маҥан Халдьаайы сүөһүлэрэ күнүскү аһылык иннинэ уулууллар. Пиэрмэ сүөһүлэрэ солбуһа уулаан бүтэн тахсыбыттарын кэннэ биирдэ кэтэх сүөһүлээхтэр сүөһүлэрин үөскэ үүрэллэр. Ойбон элбэх эрээри түөрэ бары үмүөрүспүтүнэн киирэн «хааһыланан» хааллахтарына харсыһыы бөҕөтө буолар: ойбоҥҥо да түһүү, тэһэ кэйдэрэн орулааһын да сэдэҕэ суох. Пиэрмэ сүөһүлэрин ойбонун Улахан Баһылай анаан-минээн, үлэ-хамнас оҥостон алларар…
Борускуобуйаны кытта күрүө нөҥүө-маҥаа кэпсэтэ туран көрбүппүт, арай, дьон түмсэн кэпсэтэ олороллорун көрөн тахсаахтаабыта буолуо, Чукчакыын муҥнаах бас сыгынньах, чараас сиристээҥки ырбаахынан эрэ хааман бэдьэҥэлээн кэлэн оҕонньоттор ыксаларыгар турунан кэбистэ; элээр-мэлээр халлаан диэки хантаарыҥнаан, тугу эрэ билгэлээн эрэр киһилии, сүр оттомноохтук олоотоомохтоон ылаттаата, онтон биһигини таба көрөн, хаастарын түрдэһиннэрэн «эһиги эмиэ тоҕо манна кэлэн турдугут» диэбиттии, халыҥ уоһун толлотон кыыһырбыттыы тутунна… Онньоҕунан үктэммит бэллэйэн хаалбыт ынах этэрбэстээх, биир да бүттэтэ суох, түөрэтэ саба ууруу самалык абырах буолбут дьыгынаал ыстаанын дуомун тобуктара сатала суох хоппойон тахсыбыттара – Чукчакыыны такыйыаҕынан такыйан баран турар киһи курдук көрүҥнээбиттэр. Киччэччи кырыйтарбыт саҥа үүнэн эрэр баттахтаах куйахатыгар, хас да сиринэн быһа кымньыылаабыкка дылы, бэрт улахан чэр оннулара килбэһэ сылдьаллара бэл тэйиччиттэн көстөллөр. Мин, уол баһын чэрин көрөн «итиччэ айылаах улаханнык туох ааттаахха өлөрөөхтөөбүтэ, дэҥнээбитэ буолуой» дии саныыбын.
Тыккаайдар Талыабайдары кытары ыаллыы олороллор. Ньукулай Сүөдэрэп – Талыабайдар ааннарын саппат киһи, дьон да түмсэр сирэ буолан буолуо уонна бэйэтэ да соло буллар эрэ куруук киирэ-тахса сылдьар. Талыабайдар мэлдьи «киһи атахтаах», тастан киирии ыалдьыттаах буолаллар. Хантан эмит атын сиртэн кэлбит дьон бары сөбүлээн түһэн, хонон ааһар ыала. Өлөксөөһө киирбит киһини уу иһэрдибэккэ эрэ таһаарбат үтүө дьахтар. Талыабай ойоҕунуун майгылара да үчүгэйэ бэрт, ол да иһин дьон эрэ сөбүлээн түһэн эрдэхтэрэ.
Талыабай чараас ырбаахы дуомунан эрэ тахсыбыт Чукчакыыны көрөн:
– Ычча нохоо, дьиэҕэр бар, аны ыалдьан онтуҥ итэҕэс буолуо, – диир.
– Ээ бэйи, бэйи… – Чукчакыын айаҕын алаарыччы ата-ата киэҥ баҕайытык күлэн сатарытта, онтон тоҕо эбитэ буолла, аттыгар турар Тартаайа харытын бобо тутан көрдө уонна туораттан көрүүгэ бэрт сатамньыта суохтук эт-этин бүтүннүүтүн дьигиһитэн ибигирии-ибигирии: «Ыы-кы-кы-кыы… ыы-кы-кы-кыы…» – диидии эмиэ күлэн саһыгыраата.
Тартаайа итиччэ сылтах көстүбүтүн кэннэ ону дэлэҕэ да сыыска-буорга мүлчү түһэрэ сылдьыа баара дуо, кыыбаҕата баппакка бэйэтэ нэһиилэ сылдьар киһи.
– Хайа, быраатым дьоҕойон тутуһан көрүөххүн баҕараҕын дуу… Убайгын кытары ээ-э… – дии-дии ытыһынан Чукчакыын эрэйдээҕи бэрт холустук сүнньүттэн ылан илгиэлээтэ.
Чукчакыын күлэн ыртайа-ыртайа:
– Ээ бэйи, бэйи… айаха-айаха… – эрэ диэмэхтиир.
Тартаайа «үөһүгэр» киирдэ, «икки атахтаахха бүдүрүйбэтэх» Чукчакыыны охторон «аатын-суолун алдьатан» баран тэйэргэ сананна быһыылаах – уол эрэйдээҕи атахтаан да көрдө, бэрт холустук илиилэриттэн эр-биир ылан уҥа-хаҥас да садьыйталыы сатаата эрээри – Чукчакыын өчөһөн дьирэччи тэппитэ соҕотох.
Чөөдүү Миитэрэй, Тартаайа «куһаҕан уолтан» үтүөнэн арахсыа суох чинчилэммитин көрөн:
– Нохоо!.. Тартаайа, бадьыыстаама… Туох гынаары тыытаҕыный… Бүт-бүт, тохтоо, – диэн буойан көрдө.
Суох, Тартаайа киһи үтүө саҥатын истэ сылдьыа, кытаат диэбиккэ дылы өссө эбии өрө баран, санаата эрэ барыта хайдах эмит гынан Чукчакыыны охторбут киһи диэн буолла. Чахчы сыратын-сылбатын биэрэн туран тустан, икки илиитинэн «куһаҕан уолу» окумалларыттан бобо тута сылдьан бэрбээкэйгэ тэбиэлээтэ. Сиһиттэн өрө көтөҕөн ыла сатаата да кыайбата. «Кэбирэх сирэ ханнаный, хайдах киирэн киһи охторуой» диэбиттии, сүөһү атыылаһар киһилии, тула эргийэн көрүү-истии бөҕөтө буолла. Эмиэ туох да харса суох саба түһэн уҥа-хаҥас илгиэлии, тардыалыы сатаата да син биир туһа тахсыбата.
Саатар Тартаайа эбии кыһыйыах быатыгар, Чукчакыын сордоох наар саҥара үөрэммит үгэһинэн:
– Кэһэй, кэһэй, кэһэйдэ!.. – диэн онто да суох абара-сатара сылдьар киһиргэс уолу эбии кыынньаан, кыыртаан биэрдэ.
Тартаайаны хапсаҕайдаһан тустууга, кырдьыга, кытаанах, сүһүөхтээх уол диэн кэпсииллэр. Ыһыахтарга тустан элбэхтик мүһэ ылбыта үһү. Бэйэтэ хараҕынан харалҕан буолан сэриигэ барбатах. Чахчыта да көрөрүнэн букатын мөлтөх быһыылаах, ол эрэн дьон кинини оннук айылаах, сыыллан, чыыскаланан хаалыах айылаах мөлтөх харахтаах буолбатах, кинитээҕэр балай, алаа, кылар харахтаахтар бартара дэһэллэр. Тартаайа хараҕа «көрөр-истэр» хамыыһыйаҕа тиийдэҕинэ «букатын сабыллар» үһү. Эҥин араас ханна барыай, элбэххэ туох суоҕа баарай: «Тартаайа – сайын күөл билиитигэр хайа дьахтар тыынан устан талбаардарын, былаатын өҥүнэн арааран, дьиэтин тэлгэһэтигэр туран, эндэппэккэ билээччи…» – диэн эр дьон күлсэн кэпсэтээччилэр. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ. Омун да буолуон сөп…
…Тартаайа биир түгэҥҥэ уол эрэйдээҕи атаҕыттан ылан өрө баһан таһаараары гыммытыгар, анарааҥҥыта эмискэ эт-этэ бүтүннүү күүрэргэ дылы гынна да, хаҥас атаҕыттан көтөҕө сатыы сылдьар киһини синньигэс биилиттэн бобо тардаат, икки илиитинэн өрө баһан таһаараат, сүр күүскэ, лоһугуруу тоҥмут, үлтү тэпсиллибит, күһүҥҥү чараас хаардаах тиэргэн чигдитигэр «ньылк» гына түһүөр диэри ньыппаччы бырахта…
Киһи быара улаханнык доргуйда быһыылаах, кыл илимтэн араарыллан тыыга быраҕыллыбыт собо айаҕын аппаҥнатарыныы, тыын ыла сатаан өҥүргэһинэн көрө-көрө дьүккүҥнээтэ, муннуттан хоп-хойуу хаан санньылыйан түһэн чигди үрдүгэр таммалаата…
– Оо!.. – диэн Борускуо саҥа аллайа түстэ.
Чукчакыын хас тустан хоппут киһитин аайы тыллаһар дьаалатынан:
– Кэһэй!.. Кэһэй!.. Саатта ээ… Саатта… Кэһэй!.. – дии-дии икки ытыһын «тас» гына охсуна-охсуна, өрө ыстана-ыстана кыайбыт-хоппут киһи буолаахтаан үөрэн-көтөн даллахаччыйда, туох да дьалаата суох күлэн саһыгыраамахтаата.
– Бу да киһини тугун… Тугун туста оонньоон хаалбыт кэмэлдьилээх сатананый доҕор, – диэн Ньөкөөрөр оҕонньор, дөйөн баран, мунду миинин курдугунан мээнэнэн килээр-мэлээр көрө-көрө саҥа өйүн-төйүн булан эрэр уолун мөҕөн чаҥкынаата.
– Оноҕоһун буллаҕа, тустума диэн этиллибити истиэх эрэ быһыыта суоҕа, – аны Чөөдүү Миитэрэй сэмэлээтэ.
– Иһин улаханнык доргутта быһыылаах, дьэ сордоох киһи, хас уолу, оҕонньору барытын «тустан көрүөх эрэ» дии-дии тардыалаһа сылдьара ити баар. Чукчакыын муҥнаах туох буруйдаах буолуой, бэйэтинэн саба түһэн иилиҥкэйдэммит киһини быраҕымына, кини – киһи сээкэйин өлөрүө диэн куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат эрэйдээх буоллаҕа, тустар, тутуһар баар буолтун кэннэ тустумуна, саатар эрэ… – Борускуо хотторооччуну да, хотооччуну да иккиэннэрин эмиэ да сэмэлээн, эмиэ да аһынан саҥарар.
Бу кэмҥэ Тартаайа ытыһын көхсүнэн дьабадьытын хаанын сотто-сотто, аҕылаан ыгдаҥныы-ыгдаҥныы туран кэллэ, бүтэй анныттан ыраас хаары ытыһан ылан сирэйин ньуххайданна, сыҥааҕа тахсыбыт киһилии, айаҕын киэҥник атан түөһүн муҥунан салгыны иҥсэлээхтик, өрүһүспүттүү эҕирийбэхтээтэ, уҥа илиитин харытынан иһин баттыалаамахтаата… Ыарыытыттан да, кууллаах хааһахтыы сааттаахтык бырахтаран хотторбут кыһыытыттан да абарбыта сүр быһыылаах, күрдьүөтээбит оҕустуу сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн сүрдээх.
Талыабай Уйбаан, Тартаайа ыраастанабын диэн муннун хаанын сирэйигэр түөрэтигэр ньаҕайдаабытын көрөн баһын быһа илгиһиннэ:
– Ыл… баран сирэйгин суун… Тоҕо сүрэй доҕор…
– Киһи эппитин ыт да үрбүтүгэр, бырдах да дыыгынаабытыгар холообот хоҥ мэйии баара… Баран суун дуу, хайаа дуу!.. – Ньөкөөрөр уолуттан абарбытын омунугар, субу соппойон бүппүт удьурҕай бастаах хамсатын күлүн тэбээри, чэкичэххэ күүскэ охсон, тэскэҕэр баһын чубуугуттан арааран кээстэ. – Һуу!.. Ити, аны хамсабын тоһуттаҕым…
Бу түгэҥҥэ «өлүү болдьохтоох, иэдээн төрүөттээх» диэбиккэ дылы Чукчакыын, Тартаайаны одуулаан ыртайан туран:
– Кэһэйдиҥ дуо?!. – диэн ыйытыылаах буолла.
Тартаайа эрбэҕин муннун үүттэригэр эр-биир тиэрдэн уҥа-хаҥас сыыҥтаталаата, хаан булкаастаах силинэн, абарбыта бэрдиттэн сыҥааҕын энньэтэн туран хаста да силлээмэхтээтэ уонна:
– Ээ-э!!. – диэн ордоотоото.
Чукчакыын куттанар, дьаарханар диэни билбэт муҥнаах:
– Кэһэйдиҥ дуо-а!.. Саатта ээ!.. – диэн, киһи кэчэһиэх, кэлиилии-кэбэ турда.
– Туох диигин илээт!.. Киибэс!.. – диэн өссө да бэрт быдьардык үөхсэн саҥа аллайаат, Тартаайа сүр эрчимнээхтик ыстанан кэллэ да, соһуйбут курдук уун-утары көрөн кыалгайан турар Чукчакыыны, уҥа сутуругунан, маҕайа түһээт охсон кууһуннарда… Сыҥаах тыаһа бүтэҥитик «ньылк» гынаатын кытта, «куһаҕан уол» сордоох, ойбон таһыгар эһиллибит баҕа курдук, тас иэнинэн баран атахтара адаарыс гыннылар, киһи мэйиитигэр киириэхтик ыһыытыыр икки, кыланар икки ыккардынан саҥа таһааран часкыйа түстэ…
Тартаайа онно эрэ кыһаллыах быһыыта суох, охтон сытар уолу тоҥ ынах этэрбэстээх атаҕынан, өрө көтө-көтө, хайа түбэһиэх, туох да харса суох тэбиэлээн биллиргэттэ. Чукчакыын муҥнаах көмүскэннэҕим ырата буолан икки илиитинэн, биир кэм, таба атыыра табыйан эрэринии татыахайданна…
Тустуу бу курдук эргийэн, «эриэннэнэн» тахсыа эрэ диэн күүппэккэ олорбут дьон маҥнай утаа көрбүттэрин итэҕэйбэккэ аҥала аҥырдыы тааллылар. Ол эрэн ити, били, этэргэ дылы кыл эрэ түгэнигэр буолла. Чөөдүү Миитэрэй ойон тураат, сүүрэн кэллэ да, кыыллыйан уутугар-хаарыгар киирэн силиктээн эрэр Тартаайаны, тулаайах хаалбыт «соххор» илиитинэн халтаҥ сонун саҕатыттан түүрэ харбаан ылаат, кэннинэн тэмтээкэйдэтэн охторон түһэрдэ…
…Чукчакыын өттүгэстии сытан баламат охсууттан көтүрү ыстаммыт икки балтатын, тылынан бигээн хачыгыратан таһааран силлээн санньылытта. Ынчыктаан эрэрдии ытаан дуомнаммыта буола-буола, били, хааннаах силин кытта чигдигэ түспүт балталарын сөмүйэтин сүрэҕинэн «бу туохтар түстүлэр» диэбиттии баттыалаан көрдө. Онтон туһалара ааһан туллубут тиистэрин, «аны ким эмит көрөн былдьаан ылыа» диэбиттии, ытыһын иһигэр кистии тутан кээстэ уонна үлтү тэпсиллибит тиэргэн хаарын үөһэ умса түһээт иэмэ-дьаама суох ытаан барда… Чукчакыын муҥнаах өҥө баранан бүттэтэ суох буолбут сиристээҥки ырбаахытын хонноҕо киэҥ аҕайдык алларааҥҥа диэри хайа ыстаммытынан, кирдээх этэ кистиир хаххата суох хаалан бар дьон көстүүтүгэр килбэйдэ. Холто буолбут ырбаахытын көхсүн дуома уол өрүтэ тыынарыттан уус күөрдүн көпсөҕөрүнүү үөһэ-аллара хапсыҥнаата… Ити сытан аны, хабах курдук киччэччи кырыллыбыт, бүттэтэ суох чэр буолбут баһын өндөтөн Тартаайа диэки көрө-көрө:
– Аа-аа-а… А-ҕам кэһэтиэҕээ-э… – дии-дии отой да уйа-хайа суох ытаата, «тоҕус уон тоҕус сиринэн» самалык абырахтанан «дьэрэкээннэнэн тупсубут» дьыгынаал ыстаана «мин баҕас иччим үтүө этин кистии сатыам» диэбиттии хахха буолан харбыйда…
Мин, «…аҕам кэһэтиэҕэ…» диэн тыллартан, эмискэ үлүгэр, сүрэҕим, ким эрэ уолугум иһигэр илиитин уган убахтаан эрэринии, бобута туппахтаата… Айылҕа атаҕастаан, итэҕэс төрөөхтөөн кэрэгэй дьылҕаламмыт, «тахсан иһээччи – сүүскэ охсор, киирэн иһээччи – кэтэххэ биэрэр», дьон мөкүтэ, сидьиҥэ – күлүү-элэк, көр-нар оҥостор киһилэрэ буолбут Чукчакыын барахсаны аһынаммын кэҥэриим кычыгаланан, харахтарым туманныран бардылар, куолайбар, туох эрэ, бүлтэс кэриэтэ кытаанах бүөлүү турбутун курдук буолла…
Күүстээх садьыйыыттан тэмтэрийэн охтубут Тартаайа ойон тураат аны Миитэрэй уолугар түстэ, дьирээлэһии буолла… Чөөдүү төһө да аҥаар илиилээҕин иһин Тартаайа охсурҕаланан илгиэлииригэр кыһаллыбата, киһитин уолугуттан хам ылбыт уҥа илиитин ыһыктыбата.
– Туох буолбут урдуускунуй, доҕор эн?!. Кыайан көмүскэммэт киһини тоҕо охсоҕунуй, атаҕастыыгыный?!.
Тартаайа абарбыт, буугуначчы кыыһырбыт омуна ааһа илик уол харсаахтаһарын кубулуппата:
– Кыайан көмүскэммэтигэр киһини итиччэ айылаах күүскэ быраҕар дуо?!.
– Бэйэҥ тустуохха диэн тустубутуҥ буолбат дуо?!. Ити киһиҥ киһини охсор диэн тугун билбэтин бэйэҥ бэркэ билэҕин буолбат дуо уонна тугу үөннүрэҕин!.. Санааҥ да сатаҕайа бэрт доҕор, дьон баар, көрөн олорор диэн туттуммакка итигирдик кэбилэнэр диэн… Киһи тохтоппотоҕо буоллар, отой да өлөрүө эбиккин дии!..
– Онно эн тугуҥ кыһалҕатай… – Тартаайа, били, эрчимирэн тэбиэһирбит быһыыта, күргүй-көбүө саҥата – Чөөдүү Миитэрэй сүгэ-балта кэриэтэ өтөрү-батары сытыы тылларыттан сыһыйан, омуннуран сүгүллэҥнээбитэ арыый да намырыырга дылы гынна.
– Онно эн тугуҥ кыһалҕатай буолар ээ… Дьэ киһийдэххин дии… – диэт Миитэрэй, Тартаайаны кэннинэн хас да хардыы тэмтэкэччийиэр диэри күүскэ үтүрүйэн кээстэ.
Тартаайа аҕата Ньөкөөрөр тайах маһын өрө көтөҕөн чочоҥното-чочоҥното уолугар туһаайан:
– Хара сордоох онтон… Иирсээнэ суох сылдьыа дуо, наар кини дьону кытта мөрөйдөһөр буоллаҕа… – диэн мөҥүттэн муҥнанна.
Талыабай сиргэ сытар Чукчакыыны тиийэн окумалыттан ылан өрө тардан туруорда, хаар, муус сыстыбыт таҥаһын дуомун тэбээн көмөлөспүтэ буолла.
– Ыл, Чукчакыын, дьиэҕэр баран хаал, халлаан да тымныы, сыгынньах таһырдьа мээнэ сылдьыма.
Чукчакыын муҥнаах өгдөҥкөлүү-өгдөҥкөлүү ытаан сыҥыргыыра тохтоото, били, ытыһыгар кистии туппут, көтүрү саайтарбыт балталарын, кыра оҕо лыаҕы тутан баран аны көтөн, куотан хаалыа диэн сэмээр кылатарыныы, кумуччу туппут сутуругун муннун анныгар тиэрдэн, тарбахтарын сэгэтэн көрдө уонна:
– Бааллар… – диэт, туох эрэ күндүнү булбут киһилии, өрө ыстаҥкалыы түстэ. – Ийэбэр биэриэм… ийэбэр биэриэҕии-им… – дии-дии дьиэтин диэки сүүрэн, дьыгынаал ыстаанын кэннэ кыаһалыктана турда.
Борускуобуйа биһикки Чукчакыыны аһынан хайдах да буолуохпутун булбатыбыт.
– Дьэ сордоох киһи… – диэн Борускуо, оол курдук, сүүрэн эрэр уолу батыһа көрө-көрө саҥа аллайар. – Хаарыан тиистэрин алдьаттаҕын, аны кэлэн хантан иккистээн киниэхэ итинник тиистэр үүнүөхтэрэй, туох да суота-солуута суохха эҥин араас буолан экчэҥкэлээннэр, дьон да бөҕөлөр. Бэйэлэрэ булсан, элэк-хаадьы оҥостон бадьыыстыы-бадьыыстыы, хата, атын аҕай хабытайданыы дии… – Борускуобуйа бэйэтиттэн-бэйэтэ тымтан кэлэн Тартаайаны сэмэлээн барда. – Чукчакыын «куһаҕанын» билэ-билэ тоҕо тыытаҕын, тугун иһин ити сордооҕу сэймэктии сатаатыҥ, тииһэ эйиэниттэн ордугун иһин ону көннөрөн биэрээригин дуо, киһи да бөҕөҕүн… Бэйэҥ кыраттан тымтар майгыгын билиммэт эрээригин туора дьону ыстырыыстаабат буол, туттунуохха да баар эбит…
– Ким ыстырыыстаабытын этэҕин?!. – Тартаайа бүк барбыт ырбаахытын сиэҕин көннөрүнэ-көннөрүнэ Борускуону сүүлэ киирбит оҕустуу сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө кынчарыйда, онтон тугу эрэ ситэри этэн хардарсаары айаҕын атан иһэн тохтоото, киһи эрэ буоллар, аахсан да туох туһа тахсыаҕын дии санаата быһыылаах. Чукчакыыны да, Миитэрэйи да кытта тутуһарын тухары төбөтүттэн түспэккэ, иилиллэн сылдьыбыт нэк буолбут тугут бэргэһэтин илиитин көхсүнэн кэтэҕин диэки хаһыйа анньынаат, сугулаан диэки соруктаах аҕайдык хааман, кэтит санна уҥа-хаҥас даадаҥныы турда.
Күнүскү аймалҕан итинэн тохтоото. Эр дьон өссө да сээкэйи сэһэргэһээри, хаһыат кумааҕытыгар табах эринэ хааллылар. Борускуо биһикки киэһэ мунньахха көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт.
* * *
Мэхээлэйэп таҥара саҕана биир күн Улахан Баһылай оҕус борооскубутун өлөрдө. Мин Баһыычаанныын оһохпут уота күөдьүйэ умайбытын кэннэ, чугуун хаппаҕын арыйан олорон тымтыкка иилэн итир саллан сиэтибит, саһарчы буспут итир сарбынньаҕа хачыгыраан минньигэһэ сүрдээх. Онно сөп буолбакка аны салгыы үчэһэ кыстан быары итиргэ суулаан чоҕочу үөллүбүт. Оҕобутугар Биэрэҕэ саллыбыт итирбититтэн, чоҕочубутуттан ирээттээн бэрсэбит. Биэрэ ирээтин сиэн баран аныгы буһуор диэри кэтэһэ, күүтэ таарыйа «сэдэмньи аһылыгын» буорун салыы-салыы тойтоллон турар. Итир – уот төлөнүгэр сардьыгыныы буһар, сыата таммалаан чачыгырыы тыаһыыр, бэрт минньигэс сыт дьиэ иһин тунуйар.
Хаһан баҕарар, идэһэ туттуллар күнэ туох эрэ ураты күн курдук, дьиэ иһинээҕи дьон бары сирэйдэрэ-харахтара ордук турар, сэргэхсийэр, ас астаан уҥа-хаҥас лиһиргэйдэнии эбии тэтимирбиккэ дылы гынар.
Настааччыйа биһиги ыксабытыгар талах олоппоско олорон, тобугар тардан үчэһэ кыһар, эбээ кытахтаах борооскутун хаанын, бөлөнүйбүтүн, илиитинэн илдьи убахтаан булкуйар, үүт кутар, туустаан тумалыыр уонна муос ытыгынан күүгэннириэр диэри ытыйан күрдьүгүнэтэр, тас сыатын ис гына ытык угар тиэрэн бэлэмнээбит очоҕоһугар таас чааскынан хаанын баһан ылан кутан култатар. Сотору хааннаах очоҕосторун кытаҕар хаалаан тахсан ампаарын иһигэр хаар ыһан баран, чөкө-чөкө эрийэ уурталаан тоҥортуур. Эбэбэр тымтык тутуһан көмөлөһөбүн.
Борооску төбөтүн саас Ньукуолаҕа сиэхпит диэн ууран кэбистилэр. Сиһин уонна атахтарын иҥиирин туспа арааран ылбыттарын эмээхсин «хаттын» диэн сэбэргэнэҕэ ыйаата. Хойут сыыйан ылан сап гыныа. Ардыгар иҥиир сап да бэйи кэмчитийэр кэмнэрдээх. Дьахталлар иҥиир көрдөһө ыалга сылдьалларын элбэхтик көрөөччүбүн. Иҥиир сап – өрбөх сапка тэҥнээх буолуо дуо – сүрдээх бөҕө. Ынах, сылгы, тайах, таба этэрбэстэр, курумуулар – бары иҥиир сабынан эрэ тигиллэллэр. Идэһэттэн туга да хаалбат. Бэл үөһүн бырахпаттар. Эмээхсин ынах сүөһү үөһүнэн ойоҕостотон ыалдьыбыт киһини эмтиир. Эр киһиэхэ – тыһыта, дьахтарга – атыыра эмп буолар диэн кэпсиир. Сэбиргэхтэппит киһи үөһү иһэн эмтэммэт, тас өттүнэн, ыалдьар сиринэн бистэн омунуохтанар. Арай «ойуурдааҕы» үөһүн бистэн да, иһэн да тутталлар. Аны киһи эрэ дьиктиргиэх, эбээ кэпсииринэн, дэҥнэтэн, сорох сылгы эмиэ үөстээх буолар үһү, ол курдук таба эмиэ. Дьэ ол улахан эмтээх буоларын кырдьаҕастар былыр-былыргыттан кэпсэл оҥостооччулар диэн эмээхсин ахтан аһарааччы.
Баһылай борооскутун кутуругун «кыын оҥостуллуо» диэн эмиэ чөкө ыйаан хатаран кээстэ; муостарын «көбүөр» ытыга буолуохтара диэн өһүө быыһыгар анньыталаата.
Настааччыйа идэһэтиттэн лыглыччы буһаран күөстээтэ: этин, өрөһөтүн, бүөрүн, быарын, быысаһын барытын булкуйда. Хаһан баҕарар идэһэ бастакы күөһэ үгүөрү буолар.
Баһылай тыҥаны уонна таалы кэрчик-кэрчик сыа-сым курдук тутан бысталаан үчэһэҕэ үөлэр. Биһиги, уос-тиис тииһиниэх дьон, киниэхэ илии-атах буолабыт. Биэрэ итири, чоҕочону син сии сатаата, онтон тыҥаны уонна таалы сөбүлээбэтэ. Маҥнай үөлүллүбүт тыҥаны, онтон таалы: «Аал эрэ…» – диэн быһа ыстаан амтаһыйан, айаҕын ньамырҕатан көрөн баран, сэҥээрбэтэҕин уонна аһаан бүппүтүн биллэрэн сүүрэн тиийэн түүрүллүбүт таҥас үөһэ ыттан, «иһэ сиигирэн» топпут киһи быһыытынан бэйэтин дьаалатынан оонньоон барда.
Ардыгар, таал тас субатын алдьаппакка эрэ сэрэнэн бүтэйдии ибили тутан убахтаан илдьиритэн баран, уһук өттүн хайытын иһигэр эт, сыа симэллэр, онтон хайыппыт сирдэрин сабынан баайан баран буһараллар, ол минньигэһэ сүрдээх.
Идэһэлэммит ыал сураҕа кыра дэриэбинэҕэ сонно тута биллэр. Тастан хас да дьахтар киирэ сырыттылар, эбээ кинилэри кыра кыбыныылаах, илии тутуурдаах ыыталаата. Ити – идэһэлэммит эрэ ыал үтүө үгэһэ. Ол эрэн «амсайыыга» диэн бэрсии туох дуоннаах буолуой, дэлэҕэ да «сүүтүк саҕа сис үөһэ, сөмүйэ курдук хаан оҕото, ытыс кэриэтэ харын дуома» диэн өс номоҕо үөскүө дуо. Хаһан уонна ханна бэрсибиттэрин мыынсыбыт дьон ити курдук тылласпыттарын ким да билбэт.
– Хата халлаан сылааһыгар тутуннубут, сүөһү сыата, үөрүгэ быһахха соччо сыстыбат буолан абыраата, барахсаныҥ син куҥнаах, таманнаах эбит ээ, хара мурун уойумуна, үтүрүм ынах буоллаҕай, итинтэн ордук буолуо дуо, бэрт-бэрт доҕор… – диэн Улахан Баһылай идэһэтин хайгыыр.
Улахан тымныыга, кырдьык да, быһах биитэ ынах сүөһү сыатыгар сыста сылдьар, онтон тугун дьиктитэ эбитэ буолла – төһө да күскэччи уойбут сылгы сыата, хайдахтаах да түптэлэс тымныыга быһах тимиригэр сыстыбат. Ити – сылгы сыата, этэ – ынах сүөһү этиттэн уратылааҕыттан…
– Оннук-оннук, оннооҕор «хара иһэ» сыа омоонноох, – диэн Настааччыйа харыстыы соҕус саҥаран, эгэ-дьэгэ буолар.
– Быйыл сүөһүгэ өҥ сайын ааста ээ, холкуос да киэннэрэ куһаҕана суох этилэр, – Баһылай үнүрүүн сүөһү өлөрүүтүгэр сылдьан көрбүтүн-истибитин кэпсиир. – Быйыл от да оттонно, онон кэтэхтиин, уопсайдыын аны сааскы күөҕү этэҥҥэ көрсөр от баар.
– Сэрии да сураҕа киһини сэргэхситэр… – Настаа санаата көнньүөрбүччэ, хас саҥаны барытын сэҥээрэн, сэргэх аҕайдык иилэ хабан ылан санаатын этэн иһэр. – Сүөһүлэр кыстыахтараа-а, бэйэбит бу дьылы этэҥҥэ, ыалдьыбакка-сүппэккэ эрэ туоруу сатыахха… Күөххэ тиийдэххэ онтон салгыы туох-ханнык буолара бэйэтэ көстөн иһиэ. Баҕар онуоха диэри, өссө оннооҕор да эрдэ, сэрии бүтэн дьоллонор күммүт үүнүөҕэ…
– Оо, этимэ даҕаны – эн эппэтэҕиҥ, үөһээ үрдүк айыылар бэйэлэрэ эппит-тыыммыт буоллуннар… этэҥҥэ… – эбээ үгэһинэн кэм да айыыларын, таҥараларын ахтар, муннукка оҕотун көтөҕөн турбут Буҕараадыста Маарыйа онно эрэ оҥойон хаалбыт холоругун көрөн ылар.
Таҥара мэтириэтигэр сүгүрүйэр, сөһүргэстиир аны көҥүллэммэт, бобуулаах. Сибэтиэйдэр сырдык мөссүөннэрин ыйаан турар ыаллар сэмэҕэ тардыллаллар, эргэ хаалынньаҥ олох сиэрин-туомун тутуһар ньүдьүбалай, аныгылыы өйө-санаата суох дьонунан ааҕыллаллар. Ол эрэн билигин да кистии-саба кириэс охсунан тобуктаан олорооччулар, сир-буор аннынан сибигинэһэн кэпсэтии хоту иһиттэххэ, син бааллар үһү. Хайыахтарай үөрэнэн хаалбыт үгэстэрэ буоллаҕа. Салалтаҕа үлэлиир сорох үтүө дьон ону көрбөтөҕө буолаллар. Оттон, ордук куораттан тахсыбыт, Быралгы этэринии «олус кытарбыт» дэрдэм милииссийэлэр, биир эмит бэрдимсийбит боломуочунай – таҥараларын ууран турар ыалга түбэһэ түһэн сырытталлар эрэ хайаан да хомуйтараллар. Дьиҥинэн ол Буҕараадыста Маарыйа оҕотун Курустуоһу кытта ойууламмыт, хайа эрэ уус тарбахтаах тупсаҕайдык уруһуйдаабыт мэтириэттэрэ дьиэ киэргэлэ буолан турбуттара тугу мэһэйдиэхтэрэй. Тоҕо саҥа былаас дьоно, ыалга киирээт да, илэ абааһыны көрбүккэ дылы, ону букатын сөбүлээбэттэрин мин биир бэйэм сатаан өйдөөбөппүн. Таҥара этэр ыйааҕа, үтүө сүбэлэрэ – киһини наар кэрэ эйгэҕэ, үтүө суолга эрэ салайаллар ээ уонна баран дьэ тоҕо ол көйгөтүллэллэрэ кырдьык да дьикти.
Бэл, иннин-кэннин билбэт буола тымтыбыт, үөхсэн-үтүргэннэнэн барбыт киһи – дьиэ муннугар холорукка турар, холку, сырдык сэбэрэлээх таҥара мөссүөнэ кэлэйбиттии одуулаан турарын көрдөҕүнэ – тута сыһыйа түһээччи, кини түктэри кэмэлдьитин, хайа эрэ чахчы ытыктанар сүдү кырдьаҕас улаханнык хоргуппуттуу одуулуурунуу – харахтарын куоттаран, умса көрөн кыбыстыбыттыы туттааччы… Дьэ уонна баран. Били, этэргэ дылы, «кыра ычалаах, кыараҕас ыырдаах өйдөөх-санаалаах» кыайан биир тылынан быһаарбат суола…
Эбээ Мундулуҥдаҕа эрдэҕинэ ууран турбут таҥараларын мэтириэттэрин Айдаҥҥа көһөн кэлэн баран, киирбит-тахсыбыт кэлии дьон харахтарын аалыыта буолара бэрдиттэн, өрбөххө суулаан-суулаан баран, ампаарыгар таһааран чөкө кистээн кэбиспитэ. Эмээхсин таҥараны кырдьык итэҕэйэр, ону сэргэ уотун, эбэлэрин, тыатын отун-маһын бары иччилэригэр олус диэн сүгүрүйэр, кини биһиэхэ наар этэрэ: «Бүтэй эттээх-сииннээх, киһи ортото көннөрү дьоҥҥо мээнэ көстүбэт, биллибэт улуу күүстэр чахчы бааллар, эһиги оҕолор ону куруук өйдүүр буолуҥ, ытык сиэри-туому мэлдьи тутуһан, быдан дьыллар саҕаттан күн бүгүҥҥүгэ диэри кэлбит төрүттэргит барахсаттар үтүө үгэстэрин, итэҕэллэрин ытыктаан илдьэ сылдьан, кэмиттэн-кэмигэр кинилэргэ сүгүрүйэн, айах тутан аһатан, быстыспат ситимҥитин, бааргытын биллэрэн кэпсэтэ-ипсэтэ эрэ сырыттаххытына – чөл куттаах, чэгиэн эттээх, өссө, ордук туохтааҕар да сүрүнэ, хайдахтаах да ыар олоҕу тулуйар, ону таһынан өссө ол сылдьан саҥаны айар-тутар, быстан-охтон биэрбэт күүстээх, ньыгыл санааланыаххыт…» – диэн. Кырдьык оннук!.. Санаа энчирээбэт күүһэ – ол буолар туохтааҕар да сүдү, байым күүс. Онтон санаа ньыгыл буоларын туһугар киһи – киһи быһыытынан, майгытынан, үтүө санаатынан – ыраастан ыраас куттаах-сүрдээх, киниэхэ мөкүнү да баҕарбыт, олох очурдарын тулуйбакка түҥнэстибит да киһиэхэ наар үтүөнү эрэ баҕарар сырдык санаалаах буолуохтаах…
Санааттан санаа салҕанар, муҥура биллибэт санаа эйгэтигэр бигэтэн бардар-бара тураҕын… Бииртэн-биир уустук уонна судургу өйдөбүллэр утум-ситим сиэттиһэннэр оргууй устан кэллэр-кэлэн иһэллэр, бииртэн-биир санаа утаҕа – саҥаны, сонуну арыйыы – кинини сэргээһин, кинини бэйэҥ эрэ толору өйдүүр өйүҥ-санааҥ дьикти иэйиитинэн толору ылыныы…
…Аан эрчимнээх илии күүскэ тардыбытыттан хаачыгыр гына тыаһаабытыгар саныы олорбут санаам ситимэ үрэл гынан хаалла.
– Дьэ-дьэ, идэһэ ини, аһаабыппыт дии… – эр киһилии куолаһынан быһыта баттыалаабыттыы саҥарбытынан тастан Өксөөн мичээрдээн үрүҥ тиистэрэ кэчигирээбитинэн киирэн кэллэ.
– Дьоҕойон, борооскубутун тутуннубут, – эбээ үгэһинэн харыс тылынан хоруйдуур.
Өксөөн сылбырҕатык туттан-хаптан таҥаһын сыгынньахтанна: саһыл тыһа бэргэһэтин, икки салаалаах сатанах алын көхөтүгэр куондарыттан иилэн кээстэ, бэйэтигэр сөрү-сөп тэлигириэйкэ сонун устан эмиэ ыйаата. Аан чанчыгар турар атах тэбэнэр маһы ылан оһох иннигэр кэлэн ынах этэрбэһин кичэйэн, сэмээр «топ-топ» охсон тэбэннэ. Баһыычаан биһикки итир саллан сии олорорбутун көрөн:
– Бу дьон, хата, истэрин хайыы-сахха булуммуттар, – дии-дии күллэ. Утары сүүрэн кэлэн тобугар иилиллэ түспүт Биэрэни төҥкөйөн сүүһүттэн сыллаан ылла, Баһыычаан биһиккини эмиэ эр-биир хатырбыт тарбахтардаах кэтит ытыһынан имэрийтэлээтэ. – Хайа тоом, Аана, хайдаххыный, амаҕын, этэҥҥэҕин дуо, ыалдьыбакка хайаабакка сылдьаҕын ини? – диэн ыйытар.
– Ы-һыы, – мин кылгастык хоруйдуубун, онтон саллыбыт итирим түүрүччү буспутун Өксөөҥҥө ууммуппар быһа тардан ылан итииргэппэккэ хайаабакка айаҕар уган сиэтэ.
– Мийнигэс да эбит, – диэн Биэрэ саҥатын үтүктэн астыммытын биллэрдэ. – Бу хотун баҕас, арааһата, топпут быһыылаах, бэл чоҕочуга кыһаллыбат буолбут, – диэт атаҕар адаҕа курдук ыйана сылдьар кыра кыыһы бэрт чэпчэкитик хонноҕун анныттан өрө көтөҕөн ылаат, остуол анныгар турар дүлүҥ олоппоһу атаҕын көхсүнэн хаһыйа тардан олордо. Биэрэ эдьиийигэр көтөхтөрөн уһуннук таалбата, сотору түһэн «бэйэтин дойдутугар» оронугар барда.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?