Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Эбээ кыыһыгар чэрии булкаастаах чэйин саһарчы барыар диэри хойуутук үүттээн кутан биэрдэ уонна биһиги ыксабытыгар талах олоппоско олорон, хамсатыгар мохуорка симтэн табахтаан бусхатта. Ол олорон ырбаахытын алын эҥэлэйин тэниччи тардан көрүнэ-көрүнэ:

– Оо, бүтээхтээбит, сиидэ курдук буолбут, хайдах көрбөтүм эбитэ буолла, хаһан-хаһан түһэн бу сиирий ээ-э, – диэн түөрэтэ бүттэтэ суох үүт-дьөлөҕөс буолбут халадаай ырбаахытын эҥэлэйин өҥөйөн көрө-көрө саҥа аллайар.

Өксөөн сэмээр, наҕылыччы чэйин иһэн сыпсырыйарын быыһыгар:

– Табаахтыыр дьаллык биир куһаҕана дьэ ити, – диэн, бэйэтэ табаҕы төрүт тарпат киһи, ийэтин сэмэлээбитэ буолар.

Эмээхсин, суораты ыспыкка дылы, сир симэҕин курдук бытыгырас ойуулаах күөх сиидэс ырбаахытын алын эҥэлэйэ бүтүннүүтэ табах уота тэһэ сиэн биирдэ бүттэтэ суох буолбут. Ити – табахсыт дьахталлар эрэ биллэр бэлиэлэрэ. Табах уота түһэн тэһэ сиэбит ырбаахылаах дьахталлары киһи үгүстүк көрөр. Өссө чараас ырбаахыга түстэҕинэ кэм умуллар. Оттон тэлигириэйкэ, баата ыстаан үөдүйүөхтэриттэн кыым ити таҥастарга хатанара сэрэхтэнэн турар. Ботуу курдук халыҥ баатаҕа «саспыт» кыым көрүллүбэккэ хааллаҕына «көрдүгэннээн» сии сылдьар, онтон биир эмит түгэҥҥэ, салгын оонньоотоҕуна, өрө күөдьүйэн тахсыан сөп, оччоҕо дьэ тэмтэргэн буолар.

Кэпсээнтэн кэпсээн. Айдаҥҥа Тыккаай Ньукулай, удаарынньыктаабытын иһин, холкуос салалтата бэлэх биэрбит баата ыстаанын табах уотугар сиэтэн, бэйэтэ туспа араллаан тахсыбытын туһунан дьон күлсэн кэпсэтэллэр…

Арай, сааһыары кыһын, Өксөөн сарсыарда сугулааныгар баран испит… Утары Тыккаай Ньукулай, хайа эрэ ыаллар отторунан хачаллыбыттарыгар, дьоҕус соҕус от оҕотун, салҕамдьыга диэн атын сыарҕатыгар тиэйэн иһэрэ үһү… Өксөөн көртө, соһуйуон иһин, Тыккаайын баата ыстаанын буута буруолуур эбит, ону Ньукулай ойоҕолуу сиккиэр тыаллаах буолан бэйэтэ билбэккэ испит. Били, этэргэ дылы кэмниэ кэнэҕэс ыстааныгар хатанан көрдүгэннээн сии сылдьыбыт уоту тыал күөдьүтэн тэһэ сиэн этигэр тиийбитигэр биирдэ эрэ, өрө халахайдана түспүт… Өксөөн хаар ытыһан саба тутан умуруорсан көмөлөспүт. Төһө да кыл түгэнэ, кылгас кэм курдугун иһин хаппар куҥун син обургутук сиэппит. Хаамарыгар ыстаана аалан уһуннук эрэйдээбитэ үһү. Кэлин, ааһар ааспытын кэннэ дьахталлар: «Тыккаай, дьэ сүрүн сиргин сиэтэ сыспыккын…» – диэн дьээбэрэн күлсэллэрэ. Ньукулай: «Сыарҕабар тиэммит отум дьоҕус этэ, хата табахтаан баран отум үөһэ олорботохпун ээ, ыстааммыттан оппор кыым түспүтэ буоллар дьэ кырдьык да алдьархай тахсыахтаах этэ…» – диэн бэйэтин тэмтэргэнин кэпсии-кэпсии күлэрэ.

Эбэм хамсатын соппойорун быыһыгар:

– Ыаллыы нэһилиэктэртэн туох сонун иһиллэр, тугу биллиҥ-көрдүҥ? – диэн Өксөөнүттэн ыйытар.

– Улахан туох да сонун суох… Сурах хоту иһиттэххэ, «Сэссэлииһим суола» холкуос бэрэссэдээтэлин Борокуоппай Алампадьыыстабы үлэтиттэн устубуттар үһү. Үҥсүү баарын иһин куораттан боломуочунайдар тахса сылдьыбыттар дииллэр. Хоргуйан өлбүт холкуоһун дьонун түөрэтин «ыалдьан», эбэтэр араас оһолго өллүлэр диэн суруйан биэрэр киһи, туох эрэ «алҕаһа» билиннэҕэ, арылыннаҕа дии. Дьон хайа муҥун тулуйан сылдьыай, тыл хоноро, үчэһэ туолара диэн эмиэ баар баҕайыта, саарытын анньар «чобуолар» көһүннэхтэрэ, оннооҕор көстөн турар үрүҥү – хара, хараны – үрүҥ диэн үҥсэ сатааччылар үгүстэр буолбаат… Ол эрэн арыый «үөһээҥҥилэрбит» бука, хоргуйан өлбүтү – ыалдьан өлбүт диэбиккин диэн кирдиэхтэтээри тахсыбатылар ини арааһата, бэйэлэрэ дьону хоргуппатах «үтүө дойдуга» олорор аатыраарылар, – диэн Өксөөн урут улаханнык кэлэйэ сылдьыбыт киһи быһыытынан ахсарбатахтыы, сэҥээрбэтэхтии саҥарар. – Туох да суота-солуута суохха, хаста-хаста кырыммыттарай, хата кинилэр сололоро да бэрт… Алампадьыыстап бука туох эрэ лаппа улахан «дьиэгэ» арыллан түөрэҥнээтэ, туллаҥнаата ини, кини киһи.

– Кэбис, инньэ диэмэ, кини да киһи буоллаҕа, – эбээ үгэһинэн «эркин кулгаахтаныа» диэн дьаарханан саҥарар.

Өксөөн ийэтин саҥатыгар кыһаллыбат.

– Һэ, чэ хайа…

– Оннук-оннук, – Настааччыйа, сураҕы-садьыгы истэ, билэ-көрө сылдьар сэргэх аҕай дьахтар, күрэ балыһын саҥатыгар сөбүлэһэ охсор.

Эбээ тугу да хардарбат, табахтаан бүтэн, хамсатыгар «хаһаас» хаалларбыт өссө да ситэри тардыллан бүтэ илик табаҕын, тойон эрбэҕэр силлээн баттыалаан баран сиэбигэр уктан кээһэр уонна туран хаҥас өһүө тоһоҕотугар ыаҕайаҕа ыйаан аһыппыт сүөгэйдээх иһитин ситии быатыттан ылан остуолга аҕалан уурар, муос ытыгынан ытыйан арыылыыр.

Ытык тыаһа убаҕас сүөгэйгэ биир кэм сирдьигинии тыаһаан иһэн сотору хойдон бүтэҥитик куллургуур эрэ буолар. Ити тухары дьонум сээкэйи кэпсэтэн айахтара хам буолбат. Настаа Өксөөнүттэн сээкэйи бары сураһар, ыйыталаһар…

Сүөгэй – үөрүйэх илиигэ бэрт сотору арыыга кубулуйар, эбээ арыытын «бэйэтин киэнигэр уулаах барар» диэн, туспа иһиккэ, күөл ыраас уутугар ыгар, ытыһыгар мэкэчитэн таптайбахтыыр уонна мэчикээҥҥэ «пэс» гына быраҕар. Ити арыылаабыт арыытын аны кыынньарыахтаах, төбүрэҕин туһунан араарыахтаах, дьэ уонна бүтэһиктээх ыыс-араҕас буола дьэҥкирбит арыытын тоҥорон, мунньан нолуокка диэн туттарыахтаах.

Улахан Баһылай дьахталлар кэпсэтэллэригэр кыттыспат. Өссө Мундулуҥдаҕа эрдэҕинэ быстан хатарыммыт хатыҥыттан киллэрэн, оһох иннигэр олорон сүгэ уктанар. Баһыычаан убайын ыксатыгар тобуктаан олорон ону көрөр.

Улахан Баһылай дьээбэтэ киирдэҕинэ эмиэ көрүдьүөс киһи диэтэҕиҥ, уһанарын көрөн кыҥналлан олорор Баһыычаан диэки эмискэ иҥнэс гынаат:

– Баһыычаан, Холодоох кыыһын Хоборооһу таптыыгын дуо?! – диэн күлбэккэ хайаабакка, оттомноох аҕайдык ыйытар.

– Ы-һыы… – Баһыычаан маҥнай утаа, санаатыгар буолан, ыйытыы эмискэччитэ бэрдиттэн тута хоруйдуу, сөбүлэһэ охсор, онтон дьэ өй ылан Баһылайы харахтарын кэҥэтиэҕинэн кэҥэтэн саҥа көрбүт киһилии одуулуур: – Ээ, ту-туох диигин? – диир. Дьиэ иһинээҕи дьон бары күлсэн тоҕо барабыт.

– Сөө-өп, өйдөнөө-өр, ити аата таптыы-ыр эбит, – диэн Баһылай уолу хаадьылыырын кубулуппат.

– Кыра оҕону баран, ол-бу диэн… – эбээ ыамайы ыаһахтыылларын сөбүлээбэт.

Баһыычаан убайын дьээбэтигэр кыһаллыбат, өһүргэммэт. Баһылай сытыы быһаҕынан хаппыт хатыҥы эрилитэ кыһан күөдэллээбитин биир-биир ылан аһаҕас ааннаах оһоҕор быраҕар, уот бөһүөнэхтии кыһыллан, эриллэн тахсыбыт балык уорҕатын курдук көөбүллэри сонно тута тылыгар түһэрэн ылан түрдүгүнэччи сиирин көрөр, мэлдьи таһынан тахсан хаалар даба ырбаахытын эҥэлэйин ыстаанын иитин иһигэр симэн биэрэр.

– Кырдьык да, суорунаҥ тааһын буллуҥ дуо? – Баһылай Өксөөнтөн ыйытар.

– Бэҕэһээ Талыабай оҕонньор алдьаммыт суорунатын мэлииһэ ампаарын таһыгар аҕалан бырахпыт этэ, баран ылаарыый.

Баһылай аҥаар хараҕын симэн сүгэтин угун бэйэтиттэн арыый тэйиччи тутан эргичиҥнэтэн кыҥаан көрөр.

– Сэксэкэ ыйааһыныгар ыйаан тэҥнэниллиэ. Биир мөкөчүк, тэҥнээн аҕай кыладыйбыт тааһым сүтэн хаалбыт этэ, хайа ааттаах үөдэҥҥэ түспүтэ буолла, оҕолор оонньуу сылдьан от анныгар бырахпыттарын көрбөтөҕүм дуу. Ол эрэн көстүбэт этэ ээ. Сарсын ким солбуйарый?.. – диэн балтыттан салгыы ыйытар.

– Мытыйыс Маарыйата, Борускуолуун солбуйуохтара.

– Оо, ол оҕолорго оччоҕо ыйааһыннарын тааһын кыладыйан, тэҥнээн биэрдэххэ сатаныыһы, харах холооһунунан ыйыы үөрэммэтэх дьон наһаа туттан кээһиэхтэрэ. Сэмэн лааппытыгар баар ини, сибилигин бардахха сатаныыһы, – дии-дии Баһылай быһаҕын хаҥас өттүгэр эйэҥэлии сылдьар кыыныгар уктан, ньилбэгэр иилиллибит маһын сыыһын тэбэнэ-тэбэнэ, туран, барардыы оҥостор. Улар кынатынан, көөбүллээбит эрэдэһиннэрин кичэйэн сиппийэн биир сиргэ мунньан баран эһэкээнигэр биэрэр, онтон суппуун сонун кэтээт, нэк буолбут тииҥ бэргэһэтин төбөтүгэр уурунаат сып-сап, тиэтэйэ-саарайа тахсан барар.

Баһылай сарсын Сэксэкэ Сэмэнниин икки сыарҕалаах атынан Балаҕаччыттан Айдаҥ лааппытыгар сээкэй таһаҕас аҕала барыахтаахтар. Балаҕаччыга кэлбит маҥхааһай табаарын атыыһыт киһи Сэксэкэ баран тыырсар.

Дьон үксэ, дьахталлардыын кытта – табахсыт. Лааппыга кэлбит табаҕы сонно ылан бүтэрэн кээһэллэр, иэс суруйтарааччы да элбэх. Онон табах туох эрэ күндү ас курдук көрүллэр быһыылаах. Аһыыр ас ахтылынна да, үгэс курдук, табах эмиэ ахтыллар, «чаай, арыы, бурдук, ону кытта хайаан да табаах…» диэн буолан иһэр.

Кэпсэл хоту иһиттэххэ, Балаҕаччыга, Мэкчэкиирэп Уйбааннаах диэн ыалга кытай оҕонньоро, сэрии буолуон инниттэн, дьукаахтаһан олорор үһү. Балаҕаччы диэн ааттаах үс күөл баар, олору араартаан тус-туһунан ааттаталаабыттар: Угут Балаҕаччы, Орто Балаҕаччы уонна Уһук Балаҕаччы диэннэр. Калинин аатынан холкуос дэриэбинэтэ Орто Балаҕаччыга турар. Мэкчэкиирэптэр буоллаҕына Угут Балаҕаччыга олороллор. Дьукаахтара, кытай оҕонньоро табах үүннэрэр дьарыктааҕын туһунан кэпсэтэллэрин Быркылаахха кэлиэхпиттэн истэбин. Табаҕын отун ситтэҕинэ быһан ылан баайа-баайа атыылыыр үһү. Эбээ: «Били, кытай оҕонньорун табааҕына…» – диэн кэлээччи-барааччы дьонунан үлэһэн сэбирдэх табах ылларан тардар. «Оҕонньоруҥ үүннэрбитэ хатана сүрдээх ээ…» – эмээхсин кытайын табаҕын бэркэ хайгыыр. Аһара хабархайын, хатанын иһин үөт хаппыт хатырыгар булкуйан арыый сымсата түһэн баран соппойоллор, онон омук оҕонньорун табаҕа бэйэтин умнаһын, силиһин кытта кырбанан, онно эбии «хатырыгы-итириги» кытта холбоһон элбиир, уһуннук барар буолан эмиэ биир туспа үчүгэйдээх үһү. Дэҥ куораттан тахсыбыт киһи бөппүрүөскэ табахтаах буолар. Урут хамсалаах эрэ дьону көрө сылдьыбыт киһиэхэ ол туох эрэ ураты аҕай сонун көстүү курдук. Онтуларын «хортуосунай» табах диэн ааттыыллар. Тупсаҕай оҥоһуулаах, ойуулаах, суруктаах, анал хаатыгар эриэ дэхситик кэчигирээн угулла сылдьар бөппүрүөскэлэри көрөргө да астык, киһи, оҕо эрэ болҕомтотун тардыах айылаах.

Балаҕаччыга олорор кытай оҕонньоро ойоҕо да, оҕото да суох киһи. Быралгы этэринии «аттакылар аймахтара» үһү. Кытай кэннэ, биһиги эргин, хайа да кэлии, омук дьоно суохтар. Арай, дэҥ нуучча боломуочунайдара куораттан Балаҕаччыга тахса сылдьыбыт сурахтара иһиллэр. Нууччаны бэһиэччик диэн ааттыыллар…

Таска чэпчэки атах тыаһа сүүрэн тыбыгыраан кэлбит тыаһа иһилиннэ, сонно тута аан аһыллаатын кытта Ыстапаанньыйа уола Чоойун төбөтүгэр чомпой бэргэһэтин кэтэн аҥаардас ырбаахынан эрэ киирдэ.

Настааччыйа күөһүн булкуйа туран:

– Ыччаа… бу уолуо-а, сыгынньах чынайан эрдэҕин, – диир.

Баһыычаан бииргэ оонньуур доҕорун көрөн утары сүүрэн кэлэр, онтон өй ылан төннөн, тымтыгар саллан буһарбыт «хаһаас» итирин аҕалан биэрэр.

– Биһиги кү-күөс буһарына сылдьабыт, бо-борооску идэһэлэннибит, – диэн улахан сонунун кэпсии охсор.

– Сонноох сылдьыаххын тоом, тымныйан, аны ыалдьан хаалыаҥ дии, ийэҥ дьиэтигэр баар дуо? – эбээ Чоойунтан ыйытар.

Чоойун: «Эһиил оскуолаҕа үөрэнэ барабыы-ын…» – диэн куруук киэн тутта кэпсиир, сэттэтин ааспыт бэрт сытыы сирэйдээх-харахтаах олус диэн чобуо, чолохочуйбут уол.

– Баар, ханна барыай… – уол хоруйа үгэһинэн быһаччы соҕус.

Эбээ доҕоро өлүүлээн бэрсибит итирин быһыта тарда-тарда, бэрт минньигэстик айаҕын чамырҕатан амтаһыйан сии-сии, чомпой бэргэһэтин буодьутун аннынан турулус-ирилис көрө-истэ турар, сыгынах үөһэ икки илин атахтарыгар тэллэйи кумуччу тутан олорон кэбийэн мултугулдьутар дьирики курдук уолу көрөн сонньуйар, устунан күлэр.

Чоойун кытта төрөөбүтэ иккилэр. Маарыйа (Кутуйах) диэн биэстээх балтылаах, Лэгэнтэй диэн үстээх инилээх. Оҕолор аҕалара Саабынап Ыстапаан эбээ кэргэнэ Кудугуй оҕонньор бииргэ төрөөбүт Микиитэ диэн инитин уола. Ыстапаан сүөһү биригэдьиирэ – уһун күнү быһа, били, этэргэ дылы «өлөр да солото суох» түбүгүрэр (Ыстапаан кытта төрөөбүт быраата Ньукулай сэриигэ баран баран улаханнык сэймэктэнэн кэлэн, Балаҕаччы балыыһатыгар сытан өлөн турар). Кэргэнэ Ыстапаанньыйа, Арҕаа Кыргыдайтан кийиит кэлбит Кыһыччаан диэн киһи кыыһа. Мин Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпинэ Ыстапаанньыйа ийэбэр кэлэн барааччы. Саабынапка кэргэн сүктэн, акка мэҥэстэн уол дойдутугар баран иһэн өтөхпүтүгэр таарыйан наҕылыччы чэйдээн, уһуннук олорон ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн ааспыттарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Ыстапаанньыйа эмиэ холкуостаах, сүрэх-бэлэс бөҕөтө дьахтар. Ийэм барахсаны кытары бэртиилэрин иһин, биир үксүн ол да иһин буолуо, ийэм дьүөгэтэ этэ диэммин, чугас киһим курдук көрөбүн, бэйэтэ да майгыта үчүгэйэ олус. Ортоһуор, дьулугурас уҥуохтаах, төп-төгүрүк сирэйдээх, арыы саһыл ыраас хааннаах, киһини көрдөр эрэ наар, биир кэм мичээрдии сылдьар үгэстээх. Уһун, ыас хара суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн, эбэтэр кэтэҕэр эрийэн тупсаҕайдык туттаран кээстэҕинэ, отой кыыс оҕо курдук көрүҥнэнэр, эр дьон эрэ хараҕа хатаныах нарын, ис киирбэх сэбэрэлээх. Ыстапаанньыйа, арааһата, мин ийэбиттэн уонча сыл балыһа буолуо. Эмээхсиннээххэ, уруулара дьоҥҥо, быыс-арыт буллар эрэ, үгэһинэн мичээрдээбитинэн, унаарыччы көрбүтүнэн куруук киирэн тахсар.

Ыстапаан аҕата Микиитэ биир саас андаатар сир уйатын хаһа сылдьан, син киэҥ сири тибилийэн баран, уһугар, холлороон хайа диэки хайысхаламмытын билээри сыгынньах илиитин батары уган – уйаларын түгэҕэр хаатыйаланан олорор андаатардарга илиитин ыстатан улаханнык моһуогуран турар. Андаатар ытырдаҕына ол курдук иилистибитинэн ыйана сылдьар адьынаттаах. Муннун ытыртарбыт ыт ыйылыы-ыйылыы, тула холоруктуу-холоруктуу хайдах да илгистибитин иһин, дөбөҥнүк арахсан биэриэ диэн саараныма даҕаны: ыстаабыт сирэ сиирэ бардаҕына эбэтэр таба убахтаттаҕына биирдэ эрэ төлө ыһыктар, бэйэтигэр холооно суох киҥнээх харамай. Микиитэ илиитигэр бытырыыс курдук иилиллэн тахсыбыт андаатардары төһө да часкыйа-часкыйа сонно киэр илгитэлээбитин иһин, ол ыккардыгар улаханнык «убахтатан», уһуннук бадьыыһыран хойукка диэри эмтэммитэ.

Айдаҥҥа кэлиэхпититтэн Ыстапааннаах оҕолоро ааммытын саппаттар, күннэтэ оонньуур, аралдьыйар, сэргэхсийэр ыаллара биһиги. Баһыычаан да Ыстапаанньыйалаахха санаата эрэ киирэ-тахса сылдьар. Саабынаптар оҕолоро бары үтүктүспүт курдук табысхаан тириитэ чомпой бэргэһэлээхтэр. Ийэлэрэ иистэнньэҥ ахан дьахтар, эргэттэн-урбаттан даҕаны аттаран, ыамайдарыгар сөрү-сөп, дьип-дьап гына таҥас тигэттээн кэтэрдэр. Оҕолор чомпой бэргэһэлэрэ бороҥ табысхаан тириитэ, арай, буодьута сиппит үрүҥ табысхаан «арбаҕаһыттан» тигиллибитэ эриэ дэхситик, тупсаҕай баҕайытык көстөр.

Кыра киһи Лэгэй хаамара бытаан, ол иһин Чоойун инитин сүгэн баран икки дьиэ ыккардыгар күн аайы орох тэбэн сүүрэн ыһыллаҥхайданар. Бары суксуруспутунан, бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан киирэн кэлэллэр. Ардыгар ол курдук сүксүбүтүнэн, килбигийбит ыалдьыттыы, аан чанчыгар тураллар. Ону көрөн Баһылай: «Ааккыт-суолгут кимнээх диэн дьоҥҥутуй, хантан сылдьар оҕолоргутуй?..» – диэн билбэтэҕэ буолан кыра ыамайдары дьээбэлиир.

Эбээ, оҕолор киирдилэр да, бары чомпой бэргэһэлээхтэрин иһин: «Оок, Чомпойдор кэллилэр, үөһэ-аллара туруҥ эрэ…» – диир. Кэлин, биһиги дьиэ иһинээҕилэр бары даҕаны: «Чомпойдор киирдилэр… Чомпойдор бардылар…» – диир үгэстэннибит.

– Аҕаҥ үлэтигэр ойбута ыраатта ини? – Настааччыйа ыйытар.

– Барбыта… атынан барбыта…

– Хайа, оттон бу балтылаах иниҥ?..

– Дьиэлэригэр.

– Тоҕо хааллылар?..

– Маарыйа ийэм куллуку сирийэрин көрөр.

– Лэгэйиҥ?..

– Утуйа сытар.

– Утуйа сытар даа!.. – Настааччыйа улаханнык соһуйбут киһилии саҥа аллайар. – Ол, күн баччатыгар диэри утуйан оҥторо сытар киһи баар буолар үһү дуо?..

– Баар бөҕө буо… Бэйэтэ билэ сытара буолуо, төһөҕө диэри утуйарын, – Чоойун иэмэ-дьаама суох, уустук соҕустук хоруйдуур.

Эмээхсин таска тахсан, ыаҕаска борооску этин, эмиэ да ис-үөс оҕотун уган киллэрэр:

– Мэ тоом, Чоойун, маны ийэҕэр таһааран биэр, дьоҕойон биирдэ сииргитигэр, амсайыыга, – диэн кэһиитин биэрэр.

Чоойун үөрэ-көтө астаах ыаҕаһын ситии быатыттан ылан тахсыах курдук гынан эрдэҕинэ, эбээ кыра уолу санныттан тардан тохтотон баран, көхөттөн Баһыычаан сонун ылан кэтэрдэр.

– Сыгынньах сылдьыма, соҥҥун бүрүнэ сырыт! – диэн хайыы-сахха сүүрэн ыраатан эрэр уолга ыһыытыыр. – Хата бэргэһэтин умнубатынан бэрт ээ…

Аан тутааҕын тутан турбут эбэтин хонноҕун аннынан быкпыт Баһыычаан:

– Тө-төннөөр!!. – диэн муҥунан хаһыытыыр.

Баһылай наһаа уһаабата, сотору соругун ситэн кэллэ.

– Халлаан бу хаһан хаардыыра буолуой, айабыын, – диэн, кырдьыга да, аныаха диэри кыайан нэмийэн астык соҕустук хаардыы илик халлаанын сөхпүтүнэн, мөҕүттүбүтүнэн киирэр.

– Кэмэ кэллэҕинэ түһүө буоллаҕа, – эбээ буспут күөһүн кытыыга тарда-тарда хоруйдуур.

– Чоргута сүрдээх, күһүн син ыраатта да күттүөннээх хаар түһэ илик. Күөл мууһа тоҥон хата ыраатта, ойбон тэһэ сылдьан көрдөххө муус мэнээк халыҥаабыт.

– Кырдьык оннук ээ, сүрдээҕин халыҥаабыт, бэл көлөлөөх киһи туох да сээбэҥнээһинэ суох күөл кытыытынан, кутатынан кытта хайа баҕарар хаамтарыыһы, – диэн мин дьонум кэпсэтэллэригэр кыттыһабын.

– Бу курдук тоҥоруулаах дьыл буоллаҕына, хата, аны саас куйуурдаан сиэхпит, – Настааччыйа үгэһинэн, хайа баҕарар уустук түгэҥҥэ, наар үчүгэй өттүн, өрүтүн эрэ булан саҥарар.

– Били, куйуурдьут баҕайы дьон, – диир эбэм. Настаа күлэр.

– Уу, биһиги Баһылайдыын, хайа саас этэй, ол дьыл тоҥорбут да этэ, Күһээбиккэ куйуурдуу бара сылдьыбыппыт дии. Манчыыктаабыкка дылы бэрт эмис соболоох эрээри, саҥаттан саҥа ойбону тэстэххэ эрэ балыгын өлүүлээн бэрсэр күөл мууһун алларыытыгар киһи эстэр, тутайар да буолар эбит этэ, – диэн Настаа чахчы саллыбыт суолун санаан, мэктиэтигэр чыпчырынан, баһын быһа илгистэн ылар.

– Ойбону сатаан алларар киһи алларар, бэйэтэ туспа үөрүйэхтээх, сатабыллаах, – диир эбээ. – Биир кэм бадалайдаан, аҕарааннаан алларбаккын. Тура күүс тугу да быһаарбат, ити Киспэ, Талыабай оҕонньоттор дьэ анньыыһыт барахсаттар буолааччылар, көрүөх бэтэрээ өттүнэ күрдүргэтэн, курдурҕатан кээһээччилэр ээ.

Мин испэр «ол иһин да муҥхаҕа Киспэлээх Талыабай наар анньыыһытынан сылдьыбыттар эбит» дии саныыбын. Төһө да күһүҥҥү күрэх муҥхатын саҕана күөл мууһа чарааһын иһин, анньыыһыт дьон сатабыллаах туттуулара-хаптыылара онно да көстөрө, тааҕы-таах, били этэргэ дылы «тэһэ анньа-анньа» бара тураллара. Оттон туона саҕана, саас кыайыгас-хотугас анньыыһыттар бааллара – улахан абырал. Анньыыһыт дьон «туох эрэ курдук» ытыктана көрүллэллэр…

Хаар чарааһын иһин Баһылай уларын туһаҕын эһэ илик. Үнүр биир күн үс токутары ылан кэлтэ. Ол иннинэ хас да хабдьыны, биир хара улары аҕалбыта. Табысхааны син мэнээк бултаата. Баһылайбыт булдун, күрэхпит муҥхатын балыгын солбуйан сиибит, онно эбии сүөһүлэрбит барахсаттар үүттээх буоланнар – үрүҥнээх чэй, күннэтэ күөрчэх сиэн абыранныбыт.

Талах чааркааныттан ылбыт бэлиэлээҕин Баһылай таҥастаан баран лааппыга туттарар. Кэлин соло булан сиригэр барбатаҕа хас да хонно. Дьиҥинэн Арыылаах Бэрэтэ дьиэ таһа, чугас сир, киһи быыс-арыт булан күннэтэ да бара сылдьыан сөп эрээри, бэл онно да көстөр соло суох буолан хаалар. Мин Баһылай олорор күөлбүт куруҥар табысхааҥҥа ииппит туһахтарын хаста да көрбүтүм. Өҥө-түүтэ сиппит куобах кыл туһахха иҥнэн, тэптиргэҕэ ыйанан, ыраахтан кылбайан турара оҕо киһи санаатын сэргэхситэрэ кэмнээх буолуо дуо. Өссө биирдэ Оҕонньор Уҥуоҕун өтөҕөр бугул тэбэн ииппит чааркааныгар муҥур иҥнибитин ылан кэлбитим. Чааркааммын урут хайдах турбутун курдук хат ииппитим. Ол нөҥүө күнүгэр Баһылай, отун ыйаан кэлэн иһэн, мин ииппит чааркааммыттан атыыр бэлиэлээҕи араарбыт этэ: «Аана ииппит чааркааныгар бэлиэлээх түүнүнэн иҥнибит, бэйи, итинтиҥ да иҥнэр киһитигэр иҥнэр, киирэр киһитигэр киирэр…» – диэн саҥа-иҥэ буолта.

Кыдыбыл күөлүн диэки ииппит сохсолорун Баһылай бэйэтэ көрөр, мин ол эҥээр сылдьыбаппын. Настаа биһикки от тиэйэр сирбититтэн отой туора, халты сытар күөл.

Сураҕын иһиттэххэ, оҕонньоттор, оҕолор дьиэ таһыттан куобаҕы биирдиилээн эмэ син ылаллар быһыылаах. Бэҕэһээ, эбэттэн (Арыылааҕы үксүн харыс тылынан ханалытан ааттыырбыт) от тиэйэн истэхпитинэ Ньохо Миитэрэй уола Сахаарка икки табысхааны атахтарыттан талаҕынан эрийэн баран сүгэн иилиҥкэйдэтэн иһэрэ. Сахаарка – обургу уол, миигиттэн эрэ арыый балыс, бултуйан, сэгэччи мичээрдээн үөрбүт ахан этэ.

Огдооччуйа Быркылааҕыттан отун ыйаан хойут кэлэр үгэстээх, ол иһин биһиги күөспүтүн хоторунан аһаатыбыт. Идэһэ тиэрэ көтүллүбүт күнэ – дьоро күн, сайыны билбит сүөһү минэ да барар. Кэрчик-кэрчик бөдөҥ кырбаһынан буспут эти тэлэкэлии быһа-быһа тотуохпутугар диэри сиибит. Баһылай мөскүөм эти тииһигэр ытыран олорон, ууннары тарда-тарда, сытыы быһаҕынан быһа сотор. Туораттан көрөн олорор киһиэхэ, санааҕар уоһун тэлиэх да курдук. Маҥнай утаа саҥаиҥэ мэлийэр, айах тыаһа ньамыргыыра, миин иһиллэн сыпсырыллара эрэ иһиллэр. Биэрэ ынчыктыы-ынчыктыы борооскутун иҥиирдээх этин тардыалаһар, дьиэ иһэ хото сылыйан тириппит-хоруппут, муннун төбөтүгэр кып-кыра таммах оҕолоро быдьыгыраан тахсыбыттар, баттаҕа ыһыллан сүүһүгэр түспүтүн кыракый тарбахтарынан хаһыйан илдьэн кулгаахтарын кэннигэр кыбытар.

– Оһохпут барахсан үрэн кээспитэ тоҕо бэрдэй, эбиллибэтэҕэ даҕаны ээ… абыта-аа, – дии-дии эбээ санныгар быраҕынан олорбут сиидэс былаатынан сүүһүн көлөһүнүн соттор.

– Итийдэ ээ… халлаан да былытырыах курдук буолбут, түүн хата хаардыыра буолуо, – диир Настааччыйа.

Баһылай дьонун саҥатын истэн:

– Сылыйаары гыннаҕа, хата, дьэ хаардыаҕа, хайа муҥун.

– Сарсын баран баран, нөҥүө күнүгэр, хонон баран кэлэҕит дуо? – диэн мин Баһылайтан ыйытабын.

– Хонон. Сэксэкэ – бытаан, бырыынчык ахсааннаах, тардылыктаах соҕус киһи буолааччы, тугун эмиэ түүннэри айаннаан хоочугуратыахпытый. Иккиэн да ытыы сытар оҕобут, сайыһа хаалар ойохпут суох дьоммут… Арыылаахпыт туһахтара көрүллүбэтэхтэрэ ыраатта, чааркааҥҥа биир эмэ бэлиэлээх иҥнибитин кутуйах-итийэх, сиэҥ да сиир ини… Хата, Аана сарсын баран көрөн да кэлбэккин ээ, – диир Баһылай.

Мин, эгэ эрэ, туһах көрө бараары үөрэн сэгэс гына түһэбин:

– Көрөн буоллаҕа, – сөбүлэһэ охсобун, онтон от тиэйиэхтээхпин санаан: – Ээ, оттон оппут тиэйиитэ… – Настааччыйа диэки ыйыппыттыы көрөбүн.

– Бардаҕыҥ дии, холкуостаах киһи буоллаххыный, сарсын мин бэйэм икки оҕуһунан сылдьыам, – Настаа быһаара охсор.

– Эбэтэр от тиэйэн кэлэн баран дуу? – диэн мунаарабын.

– Сарсыардаттан бараар, кэлин туһах да, чааркаан да мэнээк эппитим, күн да кылгас, сээкэйи бадьыыстаһаҥҥын хойутуоҥ, халлаан сырдык эрдэҕинэ ыксаабакка күөлгүн эргийэн, көрөн кэллэҕиҥ дии, биир эмит табысхаан ама бу чоргуга иҥиннэ ини, туһахтар көрүллүбэтэхтэрэ ыраатта, тэптиргэ буолан, сиэҥ эрэ сиэбэт диэн наһаа уһатан кээстибит… Туһахтаргын көрөн-истэн иитэлээр. Алыс чаачахайдаммыты, кэбирээбити хат иитэн боодьустаһа сатаайаҕын, саҥардаар, ол тураллар, – диэн Баһылай оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо иилиллибит, түмүллүбүт бэлэм туһахтар диэки сэҥийэтинэн ыйар.

– Тэптиргэ туһаҕын, сэрэх муҥутаан, суор сиэбэт ини доҕор, – Настаа Баһылай диэки ыйыппыттыы көрөр.

– Ардыгар кыайан тэйгэйбэккэ, маһы эҥин эрийэ көтөн хайаан, өттүгэстээн хаалааччы, оччоҕо дьэ «хара сонноохтор» сонно ый-күн ыһыаҕа оҥороллор.

– Ха-хара сонноохтор диэн кимнээҕий? – Баһыычаан токкоолоһор.

– Суордары этэбин тоҕойуом, – Баһылай уолга быһаарар.

– Оттон бэлиэлээх иҥнэ сытарын таба харахтаатаҕына суор сиирэ буолуо дуо? – диэн ыйытабын.

– Бэлиэлээҕи суор сиэбитин бачча сааспар диэри көрө да, истэ да иликпин, тоҕо эбитэ буолла: этин сирэрэ дуу, ол эрэн оннооҕор буолуох сытыйбыт-ымыйбыт араас собулҕаны үссэнэр «күтүр» наһаа чымаадымсыйбата ини, тоҕо тоҥсуйбата эбитэ буолла, дьикти… Хата ол оннугар хаххан баар – тугу да ордорбот… Суор бэйэтэ да чааркаан иитиллибит көҥдөйүттэн, бугулуттан сүрдээҕин куттанар ээ, кини обургу, сэрэх муҥутаан, дэлэ буолуо дуо, элиэтээн, эргийэ көтөн эҥкээрэн-эҥкээрэн баран баран хаалар, чугаһаабат. Хатырык көҥдөйгө иҥнибит тииҥ, көҥдөйүн үлтү ыһан баран, таска да өлө сытар буоллаҕына бэл тыытааччыта суох. Дьиҥинэн тииҥ этин суор сиир бөҕө буоллаҕа, бэл киһи ас оҥостор булдун.

– Кырынааһы – ыытын сөбүлээбэтэ буолуо, – Настаа бэйэтин санаатын этэр.

– Туох билиэй, күтүр өстөөҕү, – диир Баһылай. – Ити, бу эргин сылдьар, өрдөөҕүттэн дойду оҥостубут икки кырдьаҕас суор бааллар, быыс-арыт туттардылар эрэ куобаҕы мэлдьи мэлитэллэр. Туох да сүрдээх «тииҥ мэйии» өйдөөх көтөрдөр. Мундулуҥдаҕа барыахпыт иннинэ, тэптиргэҕэ кыайан ыйамматах табысхаан баар буолла да, кэннибиттэн суолбун бата сылдьан сиэн кэбиһээччилэр; намыһахтык тэйгэйбит куобаҕы кытта, аллараттан ыстаҥхалаан тобулу тоҥсуйар адьынаттаммыттар этэ. Кэлин, уоран аһыыр албастарын өссө сайыннаран иһиэх курдуктара, отой туох да сүрдээх сиэмэх көтөрдөр. Билигин, хата, ама соҕустар дии.

Үнүр хомсомуоллар мунньахтарыгар бара сылдьыбытым. Мунньахтарыгар уон түөртэрин туола иликтэри киллэрбэттэр, ол иһин ыамайдар бөдөҥ оҕолор тугу кэпсэтэллэрин истэ, билэ-көрө сатаан, сэмээр ааны сэгэтэн өҥөҥнөһө сылдьаллара. Мин хойутаан тиийбиппэр кыра уолаттар: «Эн уон түөркүн туолбутуҥ дуо?!» – дии-дии ыххайан түһэн, хата, сүрдээхтэрэ. Олор истэригэр, били, бэҕэһээ икки табысхааны сүгэн намылытан иһэр Сахаарка баара. Кини туһаҕар иҥнибит уонча куобаҕын суордар тугун да ордорбокко, түөрэтин тоҥсуйбуттарын доҕотторугар абара-сатара кэпсиирэ.

– Суордар Сахаарка табысхаанын үксүн сиэбиттэр үһү, ааспыкка уол инньэ диэн эрэрэ, – ааһан иһэн үһүтаамах курдук истибит сонуммун дьоммор кэпсиибин.

– Онтон ол… Ол дьон бултарыгар аралдьыйан биһиги диэки биллибэттэр эбит оччоҕо. Оҕолор барахсаттар тэптиргэлэрин сатаан ииппэттэрэ да буолуо, намыһах эҥин гынан кээһэн эрдэхтэрэ.

– Бэҕэһээ икки табысхааны сүгэн иһэр этэ, – диир Настааччыйа.

– Эрэй, кыһалҕа туохха үөрэппэтэҕэ баарай, сиэбэттэрин курдук бооччойо үөрэннэҕэ дии, – диир Баһылай. – Суор туох да сүрдээх аһара сэрэх көтөр, эн кинитээҕэр өссө ордук оҕуруктаах албастаах буоллаххына сатанар, оччоҕуна эрэ тугу эмэни бултуйаҕын. Булду бултуурга барытыгар оннук, холобура саһыл баар – дьэ өйдөөх харамай, дэлэҕэ да ньуолбары, киитэрэйи эрэ барытын албын, түөкүн саһылга тэҥниэхтэрэ, холуохтара дуо. Хара тыа маанылаах харамайын саһылы – чахчы улахан булчут эрэ дьон хото бултууллар. Сорсуннаах, байанайдаах, өлгөмнүк бултуур булчуттар туох да сүрдээх мындыр буолаллар. Чулуу сонордьуттар – дьиҥнээх айылҕа оҕолоро, «сир түннүгэ» дьон.

Мин Баһылай кэпсиирин бэркэ сэҥээрэн, болҕойон истэн олорон тугу ордук дьиктиргээбиппин, туохха мунаарбыппын хат-хат тоһоҕолоон, билэ-көрө сатаан ыйытар үгэспинэн:

– Тоҕо ити өйдөөҕү, мындыры эрэ барытын «тииҥ мэйии», оттон акаарыны, өйүн тута илиги барытын «улар мэйии» дииллэрий? – диэн ыйытабын.

Баһылай, итиитин иһин сойутаары, бүлүүһэҕэ куттубут чэйин харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ сыпсырыйан иһэр, онтон:

– Тииҥ мэйиитэ элбэх, баһын иһэ барыта мэйии, ол иһин мэйиитэ элбэҕи – өйдөөххө холууллар. Оттон улар мэйиитэ, бэйэҥ да көрдүҥ ини, туох да дуона суох, ол иһин мэйиитэ аҕыйаҕы – өйө суохха тэҥнииллэр.

Этиэх эппитин кэннэ санаан көрдөххө кырдьык да оннук эбит. Улар төбөтө бэйэтигэр сөп эрээри – мэйиитэ ол төбөтүгэр холооно суох кыра, баара-суоҕа киһи тойон эрбэҕин тыҥыраҕын саҕа эрэ буолар, онтон атына, мэйиитин тулата барыта көмүрүө. Дьэ, кырдьык да, киһи сөҕүөн курдук дьикти. Тоҕо, айылҕа улары ити айылаах кыра мэйиилээх гына айбыта буолла. Бэл өйүн тута илик уончалаах оҕону «улар мэйии» сааһыгар, кэмигэр сылдьар дииллэр.

Баһылай чэйин иһэн олорбохтуу түһэн баран:

– Чэ, ол эрэн тыл дэгэтигэр эрэ ити курдук уос номоҕо үөскээтэҕэ. Мас көтөрө кыра да мэйиилээҕин иһин, соччо акаарыта суох көтөр буоллаҕа буолуо ээ: уйа туттан, сымыыт баттаан, тэһэн, олоҕун сатабыллаахтык салгыыр көтөрү ама туох диэн өйө суохха холуоххунуй. Аны тэһиилэрэ киирдэҕинэ дьэ сэрэх көтөрдөр диэн кинилэр, ордук ити куртуйах барыкаас барыҥныыры көрдөр эрэ суолун сонно сойутар.

– О-оттон тииҥ кырдьык өйдөөх дуу? – Баһыычаан убайа кэпсиирин, сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн, бэрт болҕомтолоохтук истэн олорон ыйытар.

– Тыый, өйдөөх бөҕө буоллаҕа. Тииҥ барахсан чөрөҥөлөөн, чэрэҥэлээн өйдөөх да буолан бу айылаах түптэлэс бытарҕан биһиги Сахабыт сирин ханна да суох хабараан тымныытын тулуйан, урааннаах уһун кыһыны быһа сүүрэн-көтөн, күн солото суох түбүгүрэн – этэҥҥэ кыстаан, сай барахсаҥҥа тиийэр буоллаҕа… Былыр да, быйыл да, ол аата урут да, билигин да – үлэһит, сүрэхтээх-бэлэстээх эрэ киһи санаа хоту олоҕу олорор. Онон эн, Баһыычаан, эмиэ үлэ буолла да, тугу соруйдулар да истэн, улгумнук, тута толорон, харса суох түһүнэн иһиэхтээххин, – Баһылай этииттэн этиитин бэрт сатабыллаахтык, тупсаҕайдык ситимнээн, сүбэ-ама тыллара гынан эргитэн кыра уолу үөрэтэр.

Баһыычаан кэтэҕин тарбана-тарбана турулус-ирилис көрөр, сирэйин аһыы баҕайытык туттар: төбөтүн иһигэр араас эгэлгэ санаалар киирэллэр быһыылаах, син сээкэйи «буһаран» эрдэҕэ.

Дьэ ити курдук, кэпсэл-ипсэл буолан, идэһэбит маҥнайгы күөһүн тото-хана аһаан бүтэбит.

Баһылай кулуупка икки оҕуһунан саһаан тиэйэ Быркылаахтаата. Ааҕар балаҕан сирэй оһохторо оттук маһы таах үрэ тураллар, онон саһаан күн аайы таһыллар. Икки сыарҕа мас тук буолбат. Үнүр Өксөөн: «Эһиил тэрилтэ дьиэлэрин оһохторун барытын саҥа оһоҕунан отой хайаан да солбуйдахха сатанар…» – диэн эрэрэ. Кэтэх ыаллар эмиэ биһиги курдук оһохтонноллор абыраныах этилэр. Ордук кыра оҕолоох, кырдьаҕас, аһаах дьонноох ыаллар. Улахан тымныылар түстэхтэринэ сирэй оһоҕу төһө да харыыта суох хаалаабытыҥ иһин син биир тымныы, сонно тутатына эрэ илгийэ түһэн баран маһа суҕараата, суоһа уоһунна да тута тымныйбытынан барар. Киэҥ ураа сылааһы бүтүннүү таска утааран кээһэр. Түптэлэс буркуҥҥа сэнэх, тонуктаах таҥаһа-саба суох, күн аайы хам аччык кэриэтэ сылдьар, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорор дьон тоҥуу хаары оймоон оттук мас кэрдинэллэрэ сыанан, арыынан аҕаабат суол.

Аттыы, сыҥаһалыы сылдьар ыамайдаах дьахталлар дьиэлэрэ тымныытыттан оҕолоро ыалдьаллар, устунан бэргээн, эмп-томп да суоҕа бэрдиттэн «төннөллөрө» да баар суол. Кыһын кэллэр эрэ – ол нэһилиэккэ хайа эрэ дьахтар оҕото тымныйан ыалдьан аҕыйах хоноохтоон хаалаахтаабыт, бу нэһилиэккэ хайа эрэ ыаллар оҕолоро улаханнык ыалдьан баран, арыый да бэттэх кэлэн иһэн, сыыстаран, эмискэ бэргээн «бараахтаабыт» диэн сурахтар иһиллибитинэн бараллар. Ньулдьаҕай, балчыр ыамайдар муҥнаахтар хаһан куруук көтөххө сылдьыахтарай, сиргэ түһэн оонньууллара, тымныы муостаҕа сыылаҥхайдыыллара ханна барыай. Отой уу кыһыл оҕолоохтор балаҕаннарын үөһэ өттө арыый сылааһын туһанан биһиктэрин, бээлэлэрин дьиэ өһүөтүгэр чугаһата ыйаан, кыраларын онно сытыара сатыыллар. Эмиийдээх, иринньэх оҕолоох ыалга тымныы балаҕан диэн иэдээн. Ыалдьыбыт оҕо, улахан да киһи аны эмтэниэн иһин биэлсэр, луохтуур тиийбэтэ, ыраахтара бэрдэ, олоруҥ да эмтэрэ-томторо суоҕа, кэмчитэ сыттаҕа. Аһааҕырбыт дьон бэйэлэрэ тугу сатыылларынан, билэллэринэн араастаан эмтэнэн дуомнаммыта буолаллар. Били, этэргэ дылы, ыалдьыбыт киһи муҥнаах дьылҕата «таҥара илиитин иһигэр киирэр».

Сэрии да кэмигэр дьахталлар – хат, ыарахан буолаллара элбэх эрээри, этэҥҥэ, кылбардык оҕолонооччута тоҕо эрэ аҕыйах. Сыраны-сылбаны быһар, күүһү-күдэҕи эһэр, утуйар ууну умнан туран күүстээх үлэни үлэлиир, тиийиммэт-түгэммэт ыар олохтоох дьахтар эрэйдээх оҕото сатаммата, «оҕо куоттарара» үгүс. Өссө ордук абата диэн баар – хастыы да оҕону күн сирин көрдөрөн баран, ол ыамайдара, харайбыттарын, бүөбэйдээбиттэрин ахан кэннэ, саҥа бороохтуйан иһэннэр, дьоннорун бэйэлэригэр убаан, муннуларын бүөтэ, сүрэхтэрин чопчута буолан ымманытан ахан бараннар, кырыыстаах кыраабытын курдук, утуу-субуу өлөн, «төннөн» хаалаахтыыллар. Ол барыта тиийиммэт-түгэммэт олох ыар охсуута. Уончалыы оҕону төрөтө-төрөтө биир, икки эрэ оҕолоох хаалбыт ыаллар элбэхтэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации