Текст книги "Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]
Мин остуоруйа истээри:
– Кэпсээ эрэ… – дии охсобун.
Эмээхсин уһуннук күүттэрбэт, остуолун сото-сото, сээкэйи үтэн-анньан дьаһайа-дьаһайа кэпсээн барар:
– Былыыр-былыр Бурдукчай диэн ааттаах эмээхсин олорбута эбитэ үһү. Бурдукчай эмээхсин, сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан, адарҕана сири маһын-отун солоон, уоттаан, чөҥөчөҕүн, силиһин түөрэн, табыйан бүтүн орулуур отут сылы быһа сиһин көннөрбөккө тэниппит тиил торутуулаах сонуоҕар биир саас, үгэһинэн, тоорук бурдук ыспыт… – эбээ, тоҕо эрэ, тохтоон таалан ылар, болҕомто эрэ барыта киниэхэ хатанар, сорох-сорох тулуура суох өттүбүт өрө тыынан мунна сурдургуур… – Арай туран бурдуга саҥардыы ас кутан эрдэҕинэ, соһуйуон иһин, ситэ илик тооругу түүн кэлэн ким эрэ ыйытыга суох сиир, үлтү тэпсэр адьынаттаммыт…
Дьэ туран, эмээхсин ыҥырыга суох ыалдьыт кэлэн, сирэйэ-хараҕа суох бурдугун тунайдыырыттан олус диэн кыһыйбыт уонна биир түүн буолатыгар киирэн «түүҥҥү түөкүнү» кэтэһэн олорбут…
Үөл-дьүөл, борук-сорук буолуута, барыар-ириэр барыгылдьыйыыта, ыркый ойуур быыһыттан, ырааһыйа иһинэн чэрэс-чөрбөс табысхаан, абааһы аһаабыт сириттэн арахпат дииллэринии, эмиэ бэлэми сиэн мэҥиэстээри, атаҕын тыаһа «тыр-тыр» тырдырҕаан, ойуоккалаан тиийэн кэлбит; уоруйах бэдик сиэринэн уҥа-хаҥас көрүөлэммит, түөкүн киһи үгэһинэн иннин-кэннин кэтэммит…
Бурдукчай эмээхсин бааһынатын бүтэйин таһыгар, хаппыт сыгынах кэннигэр саһан ньыкыйан олорон, табысхаан кур куоһах ороҕунан сонуокка саҥа киирэн сыбдыйан истэҕинэ, хоппо күрдьэх саҕа ытыстарынан, үөс-батааска биэрбэккэ, икки кулгааҕыттан бобо сабардаан ылбыт да өрө ыйаан тэйгэтэн таһаарбыт: «Ээ, бу эн, маҥай аллаах түүн аайы кэлэн, мин бурдукпун борсонор эбиккин дии!.. Итиччэтигэр кулугур кулгаахтыыр, тараах иэнниир көһүннэҕим буолуо!..» – дии-дии үрүҥүнэн-харанан көрөн куобах муҥнааҕы кутун көтүтэ сыспыт.
Бурдукчай эмээхсин ытарчалыы ылбыт бакыр илиитигэр өрө ыйанан, атахтара сиргэ тиийбэккэ тэбиэлэнэ турар табысхаан сордоох, кырдьыга да, «уйатыгар уу киирбит», улаханнык ыксаабыт, куттаныы бөҕөтүн куттаммыт…
– Өрө ыйанан турар та-табысхаан уйатыгар ха-хайдах уу киирэрий? – диэн Баһыычаан быһа түһэн ыйытар.
– «Уйатыгар уу киирбит» диэн ол аата, тоом, – куттаммыт диэн, өйдөөтүҥ? – эбэтэ уолга быһааран биэрэр.
– Бурдукчай эмээхсин оҕолордоох дуо? – диэн Баһыычаан салгыы токкоолоһор.
– Дьэ билбэтим тоом, остуоруйаҕа Бурдукчай эмээхсин туһунан эрэ кэпсэнэр, оҕолордоох эрэ, оҕото суох эрэ, туох да билбэт, – эбэм кыра уол ыйытыытыгар лоп бааччы хоруйдуур.
Ииһин иистэнэ олорор Огдооччуйа:
– Баһыычаан, эн эбэҕин быһа түһүмэриий, кэпсиирин саҥата суох иһит, кэлин кэпсээн бүттэҕинэ биирдэ ыйытаар, – диир.
Биһиги остуоруйаны салгыы истээри иһийэн олоробут.
Эмээхсин салгыы кэпсиир:
– Татым өйдөөх табысхаан эрэйдээх, уҥуох-уҥуоҕа халыр-босхо баран илибирии-салыбырыы туран, быыһанар-өрүһүнэр быыһым-ардым маннык эрэ диэтэҕэ, алаа харахтарынан алаарыччы көрө-көрө отойдуун да таһы-быһа мэлдьэһэн кэбиспит: «Бурдукчай эмээхсин бурдуккун мин сиэбэтэҕим…» – диэн киһилии саҥалаах буолбут. «Дьэ ону тугунан мэктиэлиигин?..» – диэбит Бурдукчай эмээхсин. Татым өйдөөх табысхаан эрэйдээх, эмээхсин тылбын итэҕэйдэ дии санаан үөрэн сэгэс гына түһээт, иһин эриэнин көрдөрөн, дугдуруй да оҕус диэбиттии: «Кырдьык, кырдьык… андаҕайабын даҕаны…» – диэн эбии үөһүгэр киирбит. Бурдукчай эмээхсин куобах тылын истэн: «Дьэ оччотугар андаҕай да эрэ!..» – диэбит. Табысхаан өлүө дуу, быстыа дуу эппит тылын толороругар эрэ тиийбит уонна кылап-халап көрө-көрө, муннун-уоһун сотто-сотто маннык диэн саҥалаах буолбут: «…Бурдукчай эмээхсин бурдуккун уоран сиэбит эбит буоллахпына – эт уоһум силиннин (былыыр-былыр табысхаан уоһа билиҥҥитин курдук сирэҕэһэ суоҕа эбитэ үһү), Бурдукчай эмээхсин бурдуккун уоран сиэбит эбит буоллахпына – кэнэҕэһин, иннибиттэн оҕуурдьут оҕуурдаатын, үрдүбүттэн мас липпэ баттаатын, ойоҕоспуттан ытар өлүү буллун, күндүркэтэр күндү кутуругум быстан түстүн (былыыр-былыр табысхаан саһыл кутуругун курдук уһун, көп кутуруктааҕа эбитэ үһү)…»
Бурдукчай эмээхсин табысхаан элэ-была тылын этэн андаҕайбытын иһин көҥүл ыытан кэбиспит. Куобах албыннаабыта алыһыттан, сымыйалаабыта сатаҕайыттан кыбыстан, кэннин да хайыһан көрбөккө, хара тыатын диэки умса-төннө түһэн сүүрэн онньоҥхолуу турбут. Урут киһиттэн, дьонтон дьаархаммакка, куттаммакка бэйдиэ сүүрэ сылдьыбыт бэйэтэ, кэлин, икки атахтааҕы харахтаатар эрэ, көстүбэтэрбин ханнык диэбиттии ойуур өтөн хаалар үгэстэммит…
Табысхааны былыр дьон «сылгы эмэгэтэ» диэн, билигин ити мэкчиргэни, кыталыгы бултаабаттарын курдук тыыппаттара эбитэ үһү. Онтон куобах ол сымыйа андаҕарын кэнниттэн, аньыыта-харата ситэн-туолан, бултуур үгэстэммиттэр. Инниттэн тутар оҕуурдьутунан – туһах, үрдүттэн баттыыр мас липпэтинэн – сохсо, ойоҕоһуттан ытар өлөр өлүүтүнэн – айа буолбут, онно эбии, били, кылааннаах уһун кутуруга туллан түһэн төрдө эрэ мултуйан хаалбыт, эбиитин уоһа силлибит. Урут табысхаан хайдахтаах да бытарҕан тымныыга тоҥмокко көп кутуругар сууланан нус-хас утуйар бэйэтэ, кутуруга быстыаҕыттан, улахан тымныы түстэр эрэ, үлүйэн өлбөт туһуттан күнүстэри-түүннэри сүүрэ сылдьар, сынньалаҥа суох олохтоммут… Били, Бурдукчай эмээхсин кытаахтаабыта күүһэ бэрдиттэн табысхаан кулгаахтарын төбөтө соролонон хаалбыттар уонна кэлин хара түү үүммүт, онтон ылата куобах кулгаахтарын төбөтө харалаах буолбут…
– Куобах муҥнаах сымыйалаан уоһа силлибит дии, – Кыра Баһылай Баһыычаан диэки көрө-көрө, оттомноохтук, кырдьык-хордьук саҥарар.
– Оннук, сымыйалыыр киһи сымыйалаабыта хаһан эрэ син биир биллэр, – диэн эбээ уолун тылыгар сөбүлэһэ охсор.
Кыра уолаттар ардыгар дьиибэни-дьээбэни оҥорон баран, буруйтан-сэмэттэн куотаары сымыйалаан кубарыталлара ханна барыай, онон бу тыллар, остуоруйа бүтүннүүтэ – сымыйалыыр куһаҕанын уолга үөрэтээри саҥарыллаллара, кэпсэниллэллэрэ чуолкай.
– Дьэ онон оннук тоом, сымыйалыыр диэн отой куһаҕан кэмэлдьи, – диэн Огдооччуйа саҥата эбилик буолар.
Баһыычаан тыаһы иһиллээбит курдук таалан олорор, ол-бу диэки олоотоомохтуур, сөмүйэтинэн муннун хастан эрилиҥнэтэр, онтон:
– Оччоҕо, Уоһа Суох Маарыйа с-сымыйалаабытын иһин уоһа с-силлибит дуо? – диэн бэрт эриэхэбэйдик, эридьиэстик ыйытар.
Бары Баһыычаан диэки көрө түһэбит. Кыра Баһылай ытыһынан ньилбэгин охсунаат күлэн тоҕо барар.
– Ыа-дьэ… Баһыычаан хайаан да тугу эрэ эрийэн-эргитэн таһааран ыйытыахтаах этэ, сэрэйбит сэрэх, – дии-дии күл да күл буолар.
– Суох тоом, Маарыйа сымыйаны саҥарбытын иһин буолбатах… – диэн эбэм уолга бэркэ быһааран, кэпсээбитинэн барар…
Сотору күөспүт буһан күрэхпит муҥхатын балыгын сиибит, собобут тылын үгэспитинэн Биэрэ нэлэгэрин кытыытыгар ууран биэрэбит. Маҥнай утаа саҥата-иҥэтэ суох аһаан иһэн дьонум эмиэ сээкэйи кэпсэтэн бараллар, айахтара хам буолбат.
Кыраһыын лаампатын чэмэлкэй сырдыгар, сибилигин сабыллыбыт саҥа оһохпут дьиэбитин бырылаччы сылыппытыттан итииргээн, сүүспүт көлөһүнэ бычыгыраан тахсан ис-испититтэн итийэн-кутуйан олорон, аа-дьуо аһаан ньылҕаарытабыт.
* * *
Күнтэн күн, хонуктан хонук утум-ситим бэйэ-бэйэлэрин солбуһан аастар-ааһан иһэллэр.
Кыра Баһылай Хабырыылыныын сирдэригэр бартара уонча хонно. Айдаҥ дэриэбинэтин олоҕо кэм-кэрдии күөнүгэр бэйэтин дьаалатынан ээр-сэмээр устар. Нэһилиэк аайы күрэх муҥхата сиэтэн ас өттүнэн татымсыйыы кэм ама сураҕа иһиллэр. Мантан антах кыскыардаах кырыа кыһын күүһүн-уоҕун ылан кэллэр-кэлэн истэҕин аайы туох-ханнык олох буолуо өссө биллибэт. «Үөннээн-курдьаҕалаан» сиир дьоҥҥо сайын барахсан уйгута-быйаҥа дэлэй буоллаҕа, онтон кыс хаар ортото тугуҥ кэлиэй. Бултаан-алтаан аһатар эр дьонноро түөрэ сэриигэ ыҥырыллыбыт аҥаардас кыаммат дьахталлар, оҕолор иэдэйэллэр. Ол эрэн эрэй, кыһалҕа туохха-туохха үөрэппэтэҕэ баарай, сатаабаты да сататар буоллаҕа, күһүн хаар чарааһыгар, дьоҕойон, төрүөҕэ тахсыбыт табысхааҥҥа туһахтаммыта эҥин буолан дуомнаналлар, балыксыт дьоҥҥо илии-атах буолан көмөлөһөн: лыыбаҕа, хохтуга, барчаҕа уос-тиис тииһинэллэр.
Айдаҥ дэриэбинэтэ хайа да ыаллыы сытар нэһилиэк холкуостарынааҕар ордук өҥнөрө. Ол – дьонун сырдык тыыннарын туһугар, сэмэҕэ-буруйга да тардылларын кэрэйбэт хорсун санаалаах бэрэссэдээтэл холкуоһу салайарыттан. Оннук бэрэссэдээтэлинэн дьон ааттыырынан «биһиги Өксөөммүт» буолар. Өксөөн, бэл эр киһи күүһэ-күдэҕэ өһүллэр холкуоһун ыар үлэтин, түүнүн-күнүһүн утуйар уутун умнан да туран үлэлээн букунайар. Ол сылдьарын тухары «эһинним-быһынным» диэн биир муҥатыйар тылы ыһыктан суҥхарбытын киһи истибэт. Кини өрүү, ыксаан-ыгылыйан барбат холку майгылаах, бэрт мөкү да быһыыны сиэллээн-кутуруктаан, сиилээн-сэмэлээн барбат үтүө өйдөөх дьахтар. Хата ол оннугар дьон сиэри таһынан түктэри кэмэлдьититтэн, аһара баран быртах быһыытыттан хомойбуту, самныбыты араастаан эридьиэстээн, дьиибэлээн-дьээбэлээн таһааран тустааҕы күллэрэн уоскутар, сэргэхситэр үгэстээх. Өксөөнү кытта бииргэ сылдьан үлэлиир киһи бэйэтин улахан дурдалаах-хаххалаах курдук сананыан сананар. Наар, мэлдьи: «Өксөөнтөн ыйытыҥ… Өксөөн билиэ… Өксөөн туох диирин истиэххэйиҥ…», – диэн буолан иһэр. Өксөөн ылыммыт, ылсыбыт күүстээх санаатын ыһыктыбатын дьон эрэ барыта сөҕөр-махтайар. Туохтааҕар да ордук, кини киһилии эйэҕэс майгыта, кыһалҕалаахха, кыпчыттарбыкка, атаҕастаммыкка ураты уйаҕас сүрэҕэ дьону тардар.
Мин, Арҕаа Кыргыдай, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап киһилии сиэрин сүтэрбит кэмэлдьитин, майгытын санаан аһардахпына өрүү салла саныыбын. Сир ийэ барахсан хайдах итинник сидьиҥ дьону уйарын сатаан санаабаппын…
Күһүн, бастакы кырпай хаар түһүүтэ, добдурҕа саҕана, Арҕаа Кыргыдайтан Айдаҥҥа, Өлөксүөйэп Дьэмийээн Саабыс (Саҥсайаан) диэн салҕа ыарыы буулаабыт саас ортолоох киһи кэлэн хас да хоммута…
Саҥсайаан биир күн Уйбаныап Дьэримиэйдээххэ, күнүс, кураҥхарбыт сордоох, буспут мундуну дэлби сиэн-сиэн баран, тахсан ыалларын тиэргэнин аанын үөһээ сүрдьүгэһигэр, ырбаахытын алын бүүрүгүн хайа тардан ылан моҥнон өлбүт этэ… Табысхаан эмээхсин чабычахха балык уҥуоҕун кутан, ытын ыҥыра-ыҥыра дьиэтиттэн тахсыбыта, арай, утары күрүө баҕанатыгар өйөнөн, сибилигин аһаан, эбиитин махтанан тахсыбыт Саҥсайаан сордоох бэрт дьиибэтик такыйан олорорун дьиктиргээн, чугаһаан тиийэн көрбүтэ, киһитэ хайыы-сахха ыйанан килэччи көрөн мунуйан олороро үһү…
«Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Алампадьыыстап – Ураанньы, Саҥсайааны, дьиҥинэн, ыкса аймаҕа. Ол эрэн быһыылаах куһаҕана муҥутаан, дэлэҕэ даҕаны, дьиэтигэр көрө сылдьыа дуо – туһата суох, бүппүт киһини. Дьэмийээн эрэйдээх бэрт эдэр сааһыттан салҕа ыарыы буулаан, бэйэбэр дылы, дьоно-сэргэтэ эрдэ өлөннөр, өйүөх-убуох, көмө-тирэх буолуох кытта төрөөбүтэ мэлигир муҥнаах, ыал устун ким тугу дук гыммытынан (ону да дук гынара дук гынан эрдэҕэ) үссэнэн, уу-хаар аһылыктанан атах-балай сылдьан оо, төһөлөөх эрэйи, сору-муҥу көрбүтэ буолуой?!. Бэйэтэ оннук эрэйи-кыһалҕаны эт эҥэринэн тэлбит, этинэн-хаанынан билбит эрэ киһи, арай, ону ситэри ситэн өйдүүр ини… Ыарыһах дьылҕаланар ыйаахтанан туох да үлэни кыайбат, өйдүүр-өйүүр чугас киһитэ суох Саҥсайаан сордоох хайдахтаах ыар санаа-оноо ытылҕаныгар ылларан, кэскилэ суох инники олоҕо ынырык аалыы, баттык буолан, эрэлэ букатын эстэн, муҥур уһукка тиийэн, өйө-санаата тууйуллан, бэйэтин быаламмыта буолуой… Киһи ону биир тылынан «бу курдук» диэн, туох да диэн быһа эппэт, баалаабат баҕайыта… Олох уустук…
Сир-буор аннынан иһиттэххэ, тыала суохха мас хамсаабат, Алампадьыыстап Саҥсайааны: «Дьон кумалааннаан да син сылдьар, эн да сырыт ээ…» – диэбит сураҕа иһиллэр.
Саҥсайаан өлбүтүгэр Өксөөн киһинэн сурук ыытан илдьиттээбитэ: «Кэлэн бырааккын илдьэ баран, көрөнистэн киһилии харай», – диэн. Алампадьыыстап кэлбэтэҕэ: «Бу былдьаһыктаах кэмҥэ, кыстык да үлэтэ үмүрүйбэккэ турдаҕына, хас кумалаан аайы күнү туһата суох алдьатыллыбат, көлө суох, онно бэйэлэрэ дьаһайдыннар…» – диэн тылынан илдьитэ кэлбитэ… Дьэ оннук айылаах киһи киэнэ мөкүтэ этэ, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап – Ураанньы урааҥхай. Итинник дьон, сирэйэ-хараҕа суох аҥаардас кураанах, куллурҕас кыһыл тылларынан эрэ кыыран, сатаан салайар үлэҕэ тарбачыһан тахсан олороллорун – киһи сөҕөр эрэ. Дьиҥэр, Алампадьыыстап «үөһээ» дьоҥҥо алын сыҥаах буолан элэҥ-сэлэҥ түһэринэн, дьон тыынын толук ууран да туран ирдээбит дьаһалларын, араас сорудахтарын толорон иһэринэн эрэ иилиллэн сылдьыбыта…
Айдаҥ – элбэх киһилээх аата элбэх киһилээх сир, биир өтөххө бүгэн олорор курдук буолуо дуо, киһи сонуну истэ-билэ турар, Өксөөн да өрүү киирэ-тахса сылдьар; ыалларбыт да сээкэйи баллыгыраһаары ааммытын саппаттар. Эмээхситтэр эбэбэр күннэтэ ыалдьыттыыллар…
Арҕаа Кыргыдай атыыһыта Өлөксүөйэп Сиидэр лааппытыгар итэҕэстэнэн хаайыыга барбыт сураҕа иһилиннэ. Сиидэр – кэлии киһи. Илин Кыргыдайтан Бөтүрүөбэ Маарыйа диэн кыыһы кэргэн ылан баран «Социализм суола» холкуоска олохсуйбута. Эмиэ сир-буор аннынан иһиттэххэ, Алампадьыыстаптаах, туох эрэ дьыалы-куолу кумааҕытын бутуйан, хайа эрэ эридьиэстээх албастарынан эргитэн, бэйэлэрэ сиэн-аһаан баран, буруйа суох киһини уган биэрэн түбэһиннэрбиттэр курдук үһү… Дьонум: «Сиидэр кэргэнэ сордоох икки оҕотун кытта хаалаахтаабыт…», – дэһэллэр.
«Бу күннэргэ, Бүлүү байыҥкыбаатыттан ыҥырык ыытаннар, отой аҕыйах хонуктааҕыта, саастара саҥа сиппит уолаттарбыт утуу-субуу бэбиэскэ тута-тута баран, үлэни кыайар күттүөннээх эр киһибит да туома ордумаары гынна…» – диэн Кыргыдайтан, Балаҕаччыттан холкуос соругар кэлэ сылдьар киирбит-тахсыбыт дьон кэпсэтэллэр.
Айдаҥтан Намыынап Миитэрэй (Хоордук) уола Ньукулай ыҥырылынна. Хассабыык кыыс бэбиэскэни соһуччу аҕалан, Миитэрэй бултуу сылдьар буолан, уолун атаарбакка хаалла…
Били, сайын сүппүт күрүөйэхтэр сүппүттэринэн, туох да сурах-садьык иһиллибэт. Куораттан тахсыбыт милииссийэлэр, ол-бу сорукка таҕыстахтарын аайы, диһэртиирдэр дьонноругар, аймахтарыгар сылдьан сээкэйи эргитэн, угаайылаан ыйыталаһа, билэ-көрө сатыыллар да, күттүөннээх түмүгэ суох төннөллөр. Олохтоохтортон биир эмит дьон баҕар син сээкэйи «сибикилииллэрэ» буолуо да, үҥсэн биэрэр дэрдэм санаалаах киһи суох. Атын холкуоска хайа буолуохтар эбитэ буолла. Аны үҥсүбүт, туоһу буолбут киһи дьыалаҕа-куолуга тардыллан сыһыллара-соһуллара диэн эмиэ биир сор…
Мин от тиэйэн кэлэн баран, күннээҕи сүрүн үлэбин бүтэрэн иллэҥсийдэхпинэ, эдьиийбэр Өксөөҥҥө да сылдьабын, Уоһа Суох Маарыйалаахха да баран кэлэбин. Устунан Айдаҥ дьонун барыларын билэр буоллум, сорохторун – көрөн, сорохторун – кэпсэтэн-ипсэтэн.
Өксөөн дьиэтин иннигэр урукку мэлииһэ ампаара турар. Ону Таппаҕаараптар диэн ыал кэтэх ампаар гынан олороллор. Таппаҕаараптар аҕалара Хабырыыл сылгыһыттыыр, ийэлэрэ Маарпа кыра ыамайдарын Татыйдаах Аанатын көрөн олорор. Үс кыыһа: Биэрэ, Лиза, Маайыкка – Балаҕаччыга оскуолаҕа үөрэнэллэр. Маарпа алтыс оҕотун оһоҕостоох сылдьар. Улахан кыыстара Биэрэ миигиттэн биир сыл аҕа, уоннааҕылар балыстар. Ыаллар ийэлэрэ кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, элэккэй баҕайы майгылаах дьахтар, аҕалара эмиэ саҥалаах-иҥэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах биир үтүө киһи. Маҥнай эбэбин кытары сылдьан баран, кэлин бэйэм кэлэ-бара киирэр-тахсар ыалым буоллулар. Маарпа хотонугар таҕыстаҕына оҕолору көрөн хаалабын хайыыбын, онон ыкса билсэн бардым.
Биирдэ, Маарпалыын мэлииһэ ампаарыгар тахса сылдьыбыппыт. Ыаллар кыһыҥҥы таҥастарын, сээкэй бөхтөрүн ууруналлар эбит этэ. Мин хараҕым сандалы сирэйин саҕа уп-улахан мэлииһэ таастарыгар хатанта. Үүт-үкчү биһиги бурдук тардар суорунабыт киэнин курдук эрээри улаханнара сүрдээҕэ. Бу таастарыгар бурдук мэлийбэт буолбуттара ырааппыт, өссө сэрии инниттэн… Мэлииһэ тааһын оҕус тардара үһү. Уустук оҥоһуулаах быһыылааҕа, эҥин араастаан кэрдиистээн, ымпыктаан-чымпыктаан холбооттоон, ытаһалаан, хараҕалаан аттаран, ыпсаран оҥорбуттара омос харахтыыр киһиэхэ көрүөххэ дьиктитэ. Сүрдээх дьоһуннаах даардааҕа. Мэлииһэ сээкэй тээбириннэрин тус-туспа араартаан кээспиттэрэ сороҕо сүппүт да быһыылааҕа…
Били, Мундулуҥдаҕа бииргэ бурдук быспыт кыргыттарбын Мытыйыс Маарыйатын уонна Аанатаны куруук көрсөбүн. Маарыйа аҕата Мытыйыс Борокуоппай намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, кэнниттэн көрдөххө уол оҕо тойтойон турарын курдук чөрү-чөкөччү оҕонньор. Кыыһыныын иккиэйэҕин эрэ олороллор. Кыра соҕус, хоп курдук ампаар дьиэтин Маарыйа ыраас баҕайытык тутар эбит, киһи кута-сүрэ тохтуох айылаах барыта-бары орун-оннугар хомуллуулаах, дьаһаллыылаах.
Дэриэбинэҕэ хомсомуоллар түмсүүлэрэ диэн баар. Хомсомуолларын кэмитиэтин сэкирэтээрэ – эбээ кыыһа Тыккыр Маарыйа. Өтөр-өтөр ааҕар балаҕаҥҥа түмсэн мунньахтыыллар. «Ырааһы көрөр хамыыһыйа» диэннээхтэр, ону Мытыйыс Маарыйата салайар. Сөп буола-буола окумалларыгар кыһыл өрбөх баанан баран, ыаллары кэрийэ сылдьан, дьиэни-уоту хайдах тутан, дьаһанан, төһө чэбэрдик олороллорун көрөллөр-истэллэр. Кыргыттартан «улахан үөрэхтээхтэрэ» – сэттэ кылаастаахтар. Үс-түөрт да кылааһынан түмүктээбиттэр элбэхтэр, оскуола боруогун атыллаабатах отой үөрэҕэ да суохтар үгүстэр. Сэрии буолан, үлэни-хамнаһы кыайар, сиппит-хоппут эдэр уолаттар суохтарын да кэриэтэ.
Айдаҥҥа Холодоох Уйбааннаах диэн ыаллар бааллар. Үс сии-кырбас, сыры-сыллатааҕы оҕолоох эдэр ыаллар эрээри, сүөһүлэрин хотоно туруорбах балаҕан дьиэлэрин кытта силбэһэ турар. Уйбааны, ырааһы көрөр-истэр хамыыһыйа дьоно хотоҥҥун быйыл эмиэ дьиэҕиттэн араарбатаххын диэн мөхпүт, сэмэлээбит сурахтара иһиллэр. Холкуос үлэһитэ Холодоох: «Эһиил, аны күһүн, көһөрүөм…» – диэн, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньаммытыгар дылы, хайыҥ охсунан, кыргыттар этэллэринии, «хаһыс да төгүлүн кураанах эрэннэриитинэн» көмүскэммитэ буолбут. Мытыйыс Маарыйата бэркэ абаран: «Эдэр дьон аата, олох саҥа ирдэбилигэр сөбүлэһэ охсон, оҕолорун да санаан, саастаахтары көҕүлүү таарыйа, сэбэр соҕустук олоро сатыахха баара, чэ баҕар кыра оҕолоох дьон дьиэлэрэ сыыһырдын-бөҕүрдүн даҕаны, оттон хотон, олорор дьиэлиин бииргэ сыста, силбэһэ турара, иһинэн сылдьар ааннааҕа баҕас отой, төрүт сөбө суох туттунуу…» – диир. Этиэх эттэҕинэ – кырдьык оннук.
Оҕонньоттор кулуупка муҥха абырахтыыллар. Баҕадьыларын кынатын байбарылаан, ийэтин киэлитин кэҥэтэн, тупсаран биэрэллэр. Аны сааскы туоналарын муҥхатын билиҥҥэттэн бэрийэллэр. Муҥха абыраҕар, били, соҕотох дьэрэкээн бөтүүктээх Уйбаныап Дьэримиэй, Талыабай Уйбаан, Мытыйыс, Ньөкөөрөр, Киспэ Борокуоппай сылдьаллар. Кыра оҕолор, киирэ-тахса баҕадьы таҥылларын, абырахтанарын көрөллөр, ардыгар илии-атах буолан тутуһан эҥин көмөлөһөллөр, ол быыһыгар оҕолор-оҕолоро өтөн мэниктээн кыратык мөҕүллэн, «дьарыллан» да ылаллар. Ордук оройунан көрбүт Киргиэлэйэп Дайыыл оҕо тиийдэҕинэ айдаан хайаан да тахсар. Дайыыл хаһан да бэтиэхэтэ суох сылдьыбат. Быралгы этэринии, кыра уол үөннүрбэтэҕинэ «иһэ ыалдьар» үһү.
Аны Айдаҥҥа Сүөдэрэп Ньукулайдаах – Тыккаайдар диэн ыаллар бааллар. Сүөдэрэптэр диэн ааттара туттуллубат да быһыылаах, дьон-сэргэ Тыккаайдарынан эрэ билэллэр. Тыккаай – сылгыһыт, кэргэнэ Аана эмиэ холкуостаах. Биэс оҕолоохтор. Дьөрөллөөн, Чукчакыын, Суубуй, Бойбохо диэн уолаттардаахтар, Маайа диэн кыыстаахтар. Чукчакыын (Күүстээх Лобоойоп уола Ньукулайдыын хос ааттара биир) миигиттэн аҕа, Дьөрөллөөннүүн араа-бараабыт. Чукчакыын холкуоска үлэлиир. Ньукулайдаах Аана иккиэн эйэҕэс-сайаҕас, үтүө өйдөөх-санаалаах дьоннор эрээрилэр, оҕолоро төрүөтэх дьикти айылгылаахтар – Дьөрөллөөн, Чукчакыын, Суубуй эрэйдээхтэр өй-санаа өттүнэн итэҕэс-быһаҕас айыллан төрөөхтөөбүттэр. Бойбохолоох Аана – дьон-дьоно. Чукчакыын муҥнаах төһө да киһиттэн итэҕэс айыллан «түҥ-таҥ» тылластар, тугу соруйбуккун улгумнук, тук курдук толорор, ол да иһин холкуоска үлэлиир. «Биирэ итэҕэс буолан баран, атына алыс» диэбиккэ дылы Чукчакыын өйүнэн мөлтөх эрээри, айылҕа барахсан тура күүһү баҕас хатаҕалаан бэрсэ сатаабыт уола. Эр дьон дьээбэлээн мас да тардыһан көрөллөр, тустан да хачымахтаһаллар – Чукчакыын кими да киһилээбэт. Албас тайма диэни төрүт билбэт уол, бэрт сатамньыта суохтук мадьыктаһар эрээри, дьэ охтубат сүһүөхтээх киһи диэн кини, умса тардыа, туора садьыйыа эрэ кэрэх, утарсааччыта буору «сыллаабыта» эрэ баар буолар. Чукчакыын бүдүрүйбэт сүһүөҕүн дьон эрэ барыта сөҕөр. Уол барахсан сытыары-сымнаҕас майгылаах, ол да иһин дьээбэлээн, бадьыыстаан сордууллар. Сорохтор аахсыбат эрэ диэн наһаалыыллар да быһыылаах. Чукчакыын күрэс былдьаспыт киһитин хоттоҕуна, кыра оҕо курдук ытыһын таһына-таһына, өрө ыстана-ыстана үөрээхтээн бөҕө буолар. Бүтүн сүүрбэтигэр чугаһаабыт уол сирэйин бэрт олуонатык тутта-тутта үөрэн-көтөн, күлэн саһыгырыы-саһыгырыы эйэҥкэлиирин көрдөхпүнэ олус диэн аһына саныыбын. Таҥас-сап да мөлтөх эрэйдээҕэ, барыта абырах-ибирэх, ардыгар, бэл кыһын аам-даамҥа сорох сиринэн этэ көстөн кылбайа сылдьар тырыттыбыт, халтаҥ таҥастаах буолар да, төрүт тоҥор диэни билбэт киһи…
Өйүнэн мөлтөх, киһи эрэ аһыныах, өс хоту сылдьар Чукчакыын муҥнааҕы солуута суох үтэн-анньан, сороҕор бэрт быдьардык даҕаны хаадьылыылларын – биир бэйэм төрүт сөбүлээбэппин, оннук дьону ис-испиттэн абааһы көрөбүн. Ньүдьү-балай баламат майгылаахтар-сигилилээхтэр, сыа быыһыгар быччархай кыбыллыбытыгар дылы, хайа да сиргэ, ханна да бааллар.
Айдаҥҥа, Мохчолоһо Уйбаана диэн, куолдьар тыллаах-өстөөх, саарбах соҕус киһи баар. Ол киһи биирдэ сугулаан иннигэр эр дьон, эмиэ да дьахталлар, эргэ муҥха тэлгэтиллибитин көрө-истэ, сээкэйи кэпсэтэ олордохторуна, сэһэргэһэн хоҥкуҥнаһар оҕонньоттор ыксаларыгар, халлаан диэки хантайан өрө мылаарыҥныы турбут Чукчакыын ыстаанын иһигэр, сэмээр кэнниттэн сыбдыйан кэлэн, лоһугуруу тоҥмут хаардаах-муус үлтүркэйин уган кэбиспитэ. Чукчакыын эрэйдээх соһуйан, өтөрү кэйдэрбит борооску курдук орулаат, дьон баар диэн саатан, кыбыстан көрбөккө, көлөһүннээх ат буутайыныы килэрийбит дьыгынаал ыстаанын ньылбы баттаат мууһун-хаарын ыраастанан муҥнаммыта… Ону көрөн мин Мохчолоһо Уйбааныттан улаханнык кэлэйбитим, сидьиҥиттэн саллыбытым… Мохчолоһо уола, Чукчакыын сордоох хайдах да буолуон булбакка, саатар сирин кыбыстыбакка көрдөрөн, оһуокайга көтөн эрэр киһилии бэдьэҥэлиирин көрө-көрө, ыйа-ыйа биир кэм күл да күл буолбута… Дьахталлар часкыытаһаат айахтарын саба тутта-тутта сугулааҥҥа киирэн хаалбыттара, баллыгыраһа олорбут оҕонньоттор Мохчолоһо Уйбаанын тайах мастарынан сыыһа-халты охсон үүрэн ыыппыттара.
Ити түгэнтэн ылата мин Мохчолоһо уолун бэрт куһаҕаннык саныыр, дьонтон арааран атыҥырыы көрөр буолбутум. Сидьиҥ киһи түктэри кэмэлдьилээҕэ бэл сирэйигэр-хараҕар кытары сурулла сылдьар курдук буолар эбит этэ. Уйбаан бэйэтэ Мохчолоһо оҕонньор, Өрүүнэ эмээхсин диэн үтүө майгылаах оҕонньордоох эмээхсин соҕотох уоллара. Ол эрэн, дьоно муҥатыйалларыныы, кими батан итинник быһыыламмытын туох да билбэт.
Уйбаан сиэргэ баппат түктэри кэмэлдьитэ, сурах-садьык хоту иһиттэххэ, бэрт үгүс… Бэйэтэ угаайылаах өйө диибин диэн сүрдээх. Чыыннаах-хааннаах дьону, боломуочунайдары, аҕытаатардары сирэйдэрин эрэ салаабакка, ньыла көтөн эккэлээн эйэҥэлиир. «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат» диэбиккэ дылы – сыыһа да, сөп да буоллун, мэлдьи «ыйааһыннаах» дьон эппитин-тыыммытын эрэ сэҥээрэр. Киниэхэ дьыала ис дьиҥин толкуйдаан, ырыҥалаан көрөр эт мэйии диэн суох киһитэ. Мин испэр «итинник дьон салалтаҕа олороллоро, үрдүк чыыннаналлара эбитэ буоллар – бар дьону сиэх этилэр» дии саныыбын…
Биир күн, бэйэм соҕотоҕун Арыылаахпыттан от тиэйэн тахсан баран Таһарахтыыр оҕонньордооххо, кыра талах туркуга соһон, талкы илдьэн биэрэ бардым. «Эмээхсин талкытын уларыстын» диэн илдьиттээбиттэр. Таһарахтыыр атаҕын дьарҕата бэргээн, (эдэригэр, Түҥ өрүс үөһээ салаатыгар, Тигии Тумса диэн сиргэ эһэҕэ сохсо туруора сылдьан, баттык мас сууллан, бэрбээкэйин сүһүөҕүн үлтүрүппүтэ үһү) букатын соһуллан хаалан, онно-манна барбат-кэлбэт, улахан соругар эрэ, тайахха тэптэрэн хааман дуомнанар. Ойоҕо Ылдьаана кэм арыый да ама киһи дьиэтин күннээҕи түбүгүттэн ордубат. Сылгы тириитэ дуу, тыһа дуу имиттээри гыммыттар. Эмээхсиннээх оҕонньор кэлиҥҥэ диэри кэм тэтиэнэхтэрэ эбитэ, ону биир үксүн оҕолорун да аһыытыгар ньамньыраахтаабыттар. Кыра уоллара Ньукулай сэриигэ өлбүт, Ыкынаачайдара (били, миигин Быркылаахха, Маарыйа эмээхсиҥҥэ аҕалбыт уол), Арҕаа Кыргыдайга сэбиэттии баран баран, иһэ ыалдьан, очоҕоһо бааллан соһумардык быстан турар.
Үнүр биһиэхэ Былатыанаба Сөдүөрэ диэн дьахтар киирэ сылдьыбыта. Саас ортолоох эрэ дьахтар эрээри отой эмээхсин курдуга, букатын мап-маҥан баттахтааҕа, тугу да сэҥээрбэт буолбут, синигэр түспүккэ дылы ынырык дьүһүннээҕэ. Күнү көрдөрбүт баар суох соҕотох Уоһук диэн уоллааҕа сэриигэ ыҥырыллан, икки сыл курдук сылдьан баран өлбүт. Сөдүөрэ уолун аһыытыгар иэдэйээхтээбит этэ, «муҥнаах муҥатыйарын, сордоох суланарын сөбүлүүр» диэбиккэ дылы: «Аны кэлэн оҕолонор сааспын ааспыт киһибин… Орто дойдуга кэлэн дьүһүн кубулуйаахтаабытым диэн Уоһугум эрэ этэ, чыычааҕым, сүрэҕим ытарҕата, оҕом барахсан уҥуоҕа ханна ый-күн ыһыаҕа буолан ыһыллаахтаабыта биллибэт… Кимим кэлиэй кини кэннэ… олох олороохтоон да диэн… Мин баҕас сынньалаҥ соҕустук «баран» да хаалбыт киһи баар ини…» – диэн иэйэн-туойан муҥнанара. Тустаах киһиэхэ, итинтэн ордук амырыын алдьархай, ыар охсуу ама туох кэлиэй… Иэдээн!.. Барыта сэрии алдьархайа, сэрии содула… Төһөлөөх элбэх харах уутун тохпута, төһөлөөх үгүс – эдэр да, эмэн да олоҕун огдолуппута, кэрэгэй дьылҕалаабыта, түҥнэри түөрэхтээбитэ буолуой – ити айылаах «күн туллар, күһэҥэ быстар» сэриитэ…
Сөдүөрэ тахсыбытын кэннэ эбэм: «…Сору көрөөхтөөбүт муҥнаах, икки атахтаах хараҕын уута бүппэтэ кэллэҕинэ дьэ бүппэт, элбиир да буолар эбит… Аа, эрэйдээҕим сыыһа, өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы, миэхэ уоскуттараары киирээхтиир буоллаҕа… Муҥнааҕыҥ баара өссө таһараа ыалларыгар ымсыыраахтыыр ээ, кинилэр икки уолларын сүтэрдилэр, ол эрэн кыыстара баар дии, миэхэ буоллаҕына тугум да суох диэн…» – диэн кыһалҕалааҕы аһынан саҥарбыта…
Туркубар талкыбын соһоммун Талыабай Уйбааннаах тэлгэһэлэрин таһынан ааһан истэхпинэ, дьүөгэм Бороскуобуйа хотонун таһыгар түбүгүрэ сылдьан, миигин түбэһэ көрөн ыҥырбытыгар тохтооммун сээкэйи кэпсэттибит. Борускуобуйа – Талыабай Уйбааннаах, Быркылаах уҥуор олорор Лэкээрэй эмээхсинтэн ылан ииттибит кыыстара. Урут дьукаах олорбут ыаллар кэлин тус-туһунан буруо таһаарыммыттар. Ньаадьылыылар бэйэ-бэйэлэригэр өрүү сылдьыһаллар, сүрдээх иллээх-эйэлээх ыаллар. Борускуо, быстах кэмҥэ, кулуупка остуорастыыр: оһох оттор, дьиэ сууйар уонна хомсомуоллаах киһи быһыытынан барыга-бары көхтөөхтүк кыттан сүүрэр-көтөр.
Дэриэбинэҕэ соло, быыс-арыт буллаллар эрэ дьон мустан, түмсэн сээкэйи сэһэргэһэр, кэпсэтэр ыаллара баар буолаллар. Биир оннук ыалларынан Айдаҥҥа – Талыабайдар.
Талыабайдаах дьиэлэрин иннигэр олох мастар баалларыгар чөкөһөн оҕонньоттор бүөмнээн тугу эрэ ыаһахтаһаллар, күллэхтэринэ сэҥийэлэрин бытыга сэпсэҥэлиир. Кинилэргэ Ньөкөөрөр Өндөрөй, Тартаайа диэн миигиттэн аҕыйах сылынан эрэ аҕа уолунуун кэлэн эбилиннилэр. Тартаайа кылгас соҕус ураҕас тута сылдьарынан салгыны охсон кууһуннартыыр. Сотору өссө Уйбаныап Миитэрэй – Чөөдүү диэн, хаҥас илиитин төрдүнэн сүтэрэн быйыл сайын сэрииттэн кэлбит киһи кэлэн холбосто. Чөөдүү халтаҥ сонун хаҥас сиэҕин сиэбигэр уктан кэбиспит. Миитэрэй дьоно суохтар, инилэрэ Сэмэн уонна Хочунуоп (хос аата) иккиэн сэриигэ өлтөрө, убайа Хатааһын Мэхээлэ сэрии арыый иннигэр лааппыга атыыһыттыы олорон итэҕэстэнэн хаайыыга барбыта (ойоҕо, баай Сынный кыыһа Маарыйа – тугу тыыммытынан сылдьар ыскай дьахтартан сылтаан итэҕэстэммитэ диэн дьон кэпсэтэллэрэ, эрэ түбэспитин кэннэ арахсан турар). Чөөдүү да, Хатааһын да биһиги Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ сылдьааччылар. Хатааһын үрдүк, улахан уҥуохтаах киһи этэ, дэлэҕэ хаайыыга барарыгар, миигин, биэстээх кыыһы, бүлгүммүттэн ылан бэйэтигэр эпсэри тардан төбөбүн имэрийэ-имэрийэ: «…Оҕом муҥнаах саатар ыстааным билэтигэр тиийбэккэ хааллыҥ, кэлэрбэр төһө улахан киһи буолан тоһуйаҕын…» – диэхтиэ дуо. Мэхээлэ хаайыыттан үргүлдьү үлэ боруонугар Буухта Тиксиигэ барбытын айыыта… Таайбын кытта Оттооххо олорор кэммитигэр – Чөөдүү Миитэрэйдээх – түөрэ сэриигэ ыҥырыллыбыттара ырааппыт дьон этилэр. Миитэрэй: «Ити айылаах алдьархайтан оннооҕор эн ордубуккун, ол биһиги диэн «тото аһыы-аһыы» сэриилэһэ эрэ сылдьыбыт дьон буоллахпыт…» – диэн наар, өрүү миигин аһынан тахсаахтыыра.
Миитэрэй бастакы ыҥырыкка аттаммыта, хас да сылы быһа сэрии бары алдьархайын, уотун-күөһүн, сорун-муҥун этинэн-хаанынан билэн, били этэргэ дылы «эрэйи эҥээринэн, муҥу муннунан тыыран» кэлбит киһи. Сүүрбэтин эрэ ааспыт эрээри икки чанчыктара кырыа хаһыҥ түспүтүнүү кылбайбыттар. Мэлдьи, күн уота быһа сиэн кубарыйан хаалбыт саллаат гимнэстиэркэтин санныттан араарбат. Инилэрэ кини кэнниттэн утуу-субуу ыҥырыллыбыттар. Эргэ балаҕан дьиэҕэ олорбуттар. Холкуос киинигэр олохтоохтук оҥостон, тэринэн олохсуйаары саҥа ампаар дьиэ маһын кэрдинэ сырыттахтарына сэрии буолбут. Чөөдүү хас да сыл буолан баран биирдэ эргиллибит, олорбут балаҕаннарын үрдэ, куһаҕаны таба биттэммиккэ дылы, сууллан хаалаахтаабыт. Миитэрэй: «Кэм сэнэх да этэ ээ, хайа ааттаах сиҥнээхтээбитэй…» – диэн соһуйбута үһү. Инилэрэ өлбүттэрин өтөҕөр кэлэн баран биирдэ истибит. «Хара суруктарын» Өксөөн уура сытан баран, кэлин биэрбитэ: «Сулуусубалаабыт байыаннай чаастарыттан кэлбит туоһу суруктара миэхэ бааллар», – диэбитигэр маҥнай утаа Миитэрэй: «Ону да көрөн хаһан тилиннэрээри…» – диэн саба сапсыйан кэбиспит. Онтон кэлин хайа сиргэ, хаһан, хайдах хаалаахтаабыттарын, хараллыбыттарын саатар билиэм диэн бэйэтэ кэлэн тылланан ылбыт…
Чөөдүү Миитэрэй, Свердлов аатынан холкуостан сэриигэ ыҥырыллыбыттартан собус-соҕотох кини эрэ «Албан Аат» үһүс уонна иккис истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыт киһи, ону таһынан өссө «Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэтээллэрдээҕэ. Ол эрэн ити ылбыт бойобуой уордьаннарын, мэтээллэрин түөһүгэр кэтэн эйэҥэлэппитин биир бэйэм хаһан да көрбөтөҕүм.
Дьиҥинэн сэрииттэн эргиллибиттэр мэтээллэрин түөстэригэр иилинэллэрэ үгэс курдук буолара. Бэл эдэр уолаттар араас «барасыылабыскай-ирэсиилэбискэй» эҥин эгэлгэ араас учунучуохтары уолуктарыгар килбэччи тиһэн түөстэрин мөтөттөхтөрүнэ кыргыттар кэрэхсии кыҥастаһар харахтара арахсыбата, кыра ыамайдар ымсыыра одуулаһаллара уостубата.
Миитэрэй сайын, кэллэҕин утаата, аҥаар эҥэлэйэ бүтүннүү сууллубут балаҕанын иһигэр сыппыт. Остуоллара, ороно, сээкэй иһиттэрэ-хомуостара, таҥас дуомнаахтара баара үһү. Чэгиэн этэ сэймэктэнэн кэлбит абатыгар (тыҥатыгар уонна буутугар эмиэ ыараханнык бааһыра сылдьыбыт), кытта төрөөбүттэрин сүтэрбит аһыытыгар ханна да быкпакка, көстүбэккэ, сууллубут балаҕаныгар бүгэн хас да хоммутун кэннэ ыала Киспэ оҕонньор киирэн (Өксөөн куоракка холкуоһун соругар баран суоҕа эбитэ): «Кэбис, субу бүтүннүү сууллаары турар, сөхсүллүбэтэҕэ ырааппыт балаҕаҥҥа сытыма, аньыыта, сүрэ да бэрт, аны сохсо буолан баттыа… Айманарын айманаҕын бөҕө буоллаҕа, ол өйдөнөр, ону туох баалыа баарай, ити эрэн кэбис, өлбүтү кытта өлбүт суох, эн өссө тыыннаах дойдуҥ буорун буллуҥ, уһуну-киэҥи санаан бөҕөргүү сатаа…» – диэн оҕонньор элэбыла тылын этэн, хайа сатанарынан сүбэлээн-амалаан, тылыгар киллэрэн бэйэтигэр дьукаах ыҥыран таһаарбыт.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?