Текст книги "Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]
Айа араастаах: кыра уонна улахан булка иитиллэрэ тус-туһунан албастаах. Оҕонньоттор тайахха ииппит айаларын эбиэнин төбөтүгэр хамса чоҕойун биһэллэр, оччоҕуна тайах сүһүрэн өлөр. Холоҥдоорбут эти сииллэриттэн, хата, кыһаллыбаттар, сорох дьон өссө ордук минньигэһиргэтэллэр, ордук эмис кыыл киэнин. Киһи да араастаах: соруйан, амтаннаннын диэн, күөстэрин кыратык хаахтыта түһэн баран үссэнэллэрин сөбүлүүр, астынар дьон кытта бааллар.
Айа чаачара киил мастан оҥоһуллар. Кирсигэр – сүөһү тириитин түүтүн кыһыахтаан баран инчэҕэйдии тэлэллэр, эрийэн хаталлар, уонна ыксары тардан айа чаачарыгар баайаллар. Охсор эмиэ тиит мастан кыһыллар. Ырбаны эбэтэр эбиэни охсор төбөтүн сиирэ анньан баран кыбытыллар, сигэнэн ыксары баайыллар.
Табысхаан айатыгар икки төбөлөөх ырба иитиллэр, оттон тайах киэнэ эбиэн буолар. Осхор (холорук) тиит мастан оҥоһуллар, сарыннанар, алын өттүгэр кэрдиистэнэр, айа тэбиитэ элбэрээги ханнык кэрдиискэ иилэртэн тутулуктаах.
Холону куобах ороҕор атаҕынан туруору анньан баран, сыһыан маһынан (кыҥыыр мас) айа төһө үрдүк буоларын кэмнииллэр. Орох (куобахха), удьара (тайахха) уҥуор кылыы баайыллар маһа – кэнтик дэнэр. Барыны-бары оҥорон, силигин ситэрэн бүтэрэн баран, сэрэнэн-сэрэнэн охсору кэлин уураллар.
Айаны саһыл олугар иитэн бултаһар киһи суолун-ииһин хаарынан көмөр. Саһыл, сэрэх муҥутаан, хаар өҥүн сүрдээҕин арааран билэр, ол иһин үрүт өттүн хайаан да сыа хаарынан бүрүйэр, илбииринэн илбийэр.
Аны кыылга ииппит эбиэннэрин охсорун кэрдиистээн бэлиэтииллэр – эбиэн төһө дириҥник киирбитин билээри, онон сылыктаан кыыл хаһан охтуоҕун, төһө табыгастаахтык таптарбытын тойонноору. Кыладыйа сытыыламмыт төбөлөөх эбиэн өтөрү түстэ да – кыыл сонно тоһутар, ыраас сирдээх да буоллаҕына наһаа ыраатыннарбат, хайа да түбэлтэҕэ сотору булгу көтөр, төрдүгэһэ хаарга хаалар. Араастаан, эҥин-эгэлгэлээн бары сылыктыыр, мындырдыыр сир быта булчуттар баар буолаллар…
Иккис тэптиргэ туһаҕын тыал хамсаппыта дуу, хайдаҕа дуу – куймастан хаалбыт. Туһах ойоҕоһунан табысхааннар көҥүл сүүрэкэлээбиттэр, кыл туһах быһаҕаһыгар диэри хаарга тимирбит, элбэрээгин төлө тардыбыппар эстэн бурҕас гына түстэ… Туһахпын хат ииттим, үтүлүгүм төбөтүнэн баттыалаан анныгар орох оҥорон биэрдим; куобахтар ойоҕолуу сүүрбүт сирдэригэр титирик лабаатын тоһутан анньыталаатым.
Баһылай суолун көстөр-көстүбэт омооно ыллыктан туораан тахсыбытын батыһа кыҥастаспытым – муҥурах тииккэ тиийбит, өйдөөн көртүм тиит төрдүгэр бугул төбөтө лэкэйбит, сүүрэн тиийэн атаҕым төбөтүнэн сэрэнэн бигии баттыалаатым, талах чааркаан сууллубут, хаар анныттан ороон таһаартым – атыыр бэлиэлээх бэкийэр бэрдэ иҥнэн түүрүччү тоҥмут. Бугулбун чөкөтөн, хат кичэйэн оҥорон, чааркааммын саҥалыы иитэн баран ыллыкпар киирэн салгыы бардым. Кырынааспын манааҕабар угуннум.
Бэрэҕэ тиийиэхпэр диэри өссө үс табысхааны ылан ыйаатым. Өтөххө киирэн баран, били, үнүр Баһылайы кытта сылдьан кэрэхсии көрбүт хойуу лабаалаах суон тииппин бу да сырыыга сыныйа одуулаан астына саатаатым. Хас мутугун сарбынньах лабаатын аайы хойуу көмнөҕү бүрүнэн, биир кэлимсэ буолан лөглөйбүт кырдьаҕас тиит тупсаҕай көстүүтэ киһи эрэ болҕомтотун тардыан тардар.
Баһылай өтөххө ииппит чааркааныттан эмиэ биир бэлиэлээҕи араардым. Өтөх саҕатынааҕы хойуу талахтар быыстарыттан бочугурастар көтөн тилигирэстилэр. Хас да бочугурас, сиккиэр тыалтан көмнөхтөрө түспүт талахтар сытыы чыпчырхай лабааларыгар хатанан сохсос гына олордулар, атыырдар кэтэхтэригэр уһуу үүммүт көҕүллэрин тэрэтэн, кыһыл хаастарын тэрбэтэн, атын аҕайдык көрөн-истэн кыҥнаҥнастылар, нэһирэннэр киһиттэн отой кыһаллыбаттар, бэрт чугаһынан ааһан иһэн: «Һуу-һуу!..» – дии-дии ытыспын таһыммыппар да үргүөх быһыылара суох, анныларыгар субу кэлбиппэр биирдэ эрэ көттүлэр, ол да гынан соччо ырааппатылар, бучугураһа-бучугураһа чугас тиийэн, сорохторо тиит мутугар, атыттара отой да төттөрү сиргэ түстүлэр…
Үрдүк өтөхтөн аллара сүүрэн от үрэххэ кииртим – сылгылар орохторо кэллэ. Арыылаах күөлүттэн от үрэҕи бата хаһан аһыыллар эбит. Бэрэ уҥуоргутун кыҥастаспытым, илин эҥээргэ, кута саҕатыгар уонча биэлээх атыыр үөрэ сылдьар.
Сыыдам соҕустук хааман, кырдал устун сэгэйэ «сиэлэн», улардарым туһахтарын көрө-көрө, күөлүм уҥа тыатын эргийэ көттүм. Ычыкын быыһынан сэндэҥэрэн көстөр Кээрэҥээ көлүйэ кэннибэр хаалла. Өссө биир атыыр бэлиэлээҕи ыллым. Чааркааҥҥа иҥнибит бэлиэлээх наар атыыр буолан иһэр, тыһы кырынаас дэҥ иҥнэр, «тоҕо эбитэ буолла, дьоҕойон төрүөҕэ тахсаары гынан эрдэҕэ» диэн испэр дьиктиргии саныыбын…
Улар тоҥуулаах, кытыан үүммүт үрдүк кырдал арҕаһын хаара чараас эбит, сорох сиринэн отой да халтаҥ. Арааһата, түүн тыалыран, көпсө хаары үрдүк сиргэ тохтоппокко үрэ, ыһа турбут быһыылаах. Оттон сорох тоҥуу айаҕын букатын да үрдүнэн типпит… Көтөр туһаҕа хаалбыт… Мантан антах хаардыыр, бэрийэр туһата суох буолсу.
Тэптиргэлэри барытын эһитэлээтим, туһахтары хомуйан ыллым.
Күөлүм уҥа эҥээрин усталыы барбыт кырдала бүттэ, хотоол сир хомурах хаарын хоточчу кэһэн, аны булгунньах буолан өрө мэтэйэн тахсыбыт, били, тэтиҥ мастардаах, кэрбэн тоҥуулаах, «байанайдаах» өтөхпүтүгэр кэллим. Сиҥнэн, сууллан эрэр балаҕан тула хойуутук өрө үппүт хаптаҕас угун кытара буспут астара көмнөххө бүрүллэн, уктарын аллара намылытан, лоһугуруу тоҥон хоҥкуйбуттара биир кэм ыдьыгырыыр. Балаҕан тулатыттан саҕалаан өтөх тэллэҕинэн тэйиччи көстөр ычыкын ойуурга диэри тиийэ үүммүт сиһик мас сэбирдэхтэрэ, умнас лабааларыттан туллубакка, ыыс-араҕас буолан, билигин да эрдэтээҥҥи күһүнү санатан – санньыар, курус санааны саҕа сатаан санаарҕата сатаабыкка дылы, көрсүөтүк, ылы-чып иһийбиттэр… Ол эрэн ити ураты көстүү, эмиэ да, бэйэтэ туох эрэ, тылынан сатаан этиллибэт, хоһуллубат дьикти кэрэ иэйиини күөдьүтэн минньигэстик угуттуурга дылы…
Мэлдьи, өрүү кэрэхсиир тэтиҥ мастарбын көрбүтүнэн иһэн, эмискэ хараҕым тэптиргэҕэ тэйгэйбит хара уларга хатанна… «Хайыы, улар!..» – диэн саҥа аллайа түстүм… Өйдөөн көртүм – соҕотох эрэ буолбатах эбит: уһун кэрбэн бастакы айаҕар иҥнибит улар кэнниттэн кэлэр айаҕы көтөн баран өссө, утуу-субуу икки айахха эрдэҕэстээх хара иҥнэн өрө дэбдэйэн тураллар…
Улардар туһаҕы кэппиттэрэ ырааппыт, түһэ сылдьыбыт суолларын омооно да суох, хата, ол оннугар, аһаҕас хаалбыт тоҥуу айахтарынан хабдьылар хаамыталаабыттар. Суолларыттан сылыктаатахха икки ыалыкы түһэ сылдьыбыттар, кыһыҥҥы көп түүлээх «этэрбэстэрин» суола биир кэлимсэ буолан ыт тиҥилэҕэр майгынныыр. Эстибэккэ хаар анныгар хаалбыт кыл туһах үрдүнэн көҥүл көччүйбүттэр.
Улардарбын арааран ылан хаар үрдүгэр иттэннэри уурталаан астыныахпар диэри сирийэн көрдүм. Эрдэҕэс улар – хара улардартан биллэ кыра, ордук бастакы айахха иҥнибит хара улар ойуччу бөдөҥ. Хаар үрдүгэр тобуктаан олорон, Улахан Баһылайы үтүктэн улар сүүһүн кэтитин кэмнээн көртүм – түөрт тарбах. Кыра, «лэкээ» хара улар сүүһэ икки, орто улар сүүһэ – үс тарбах, оттон муҥутуур улахан хара улар сүүһэ түөрт тарбах кэтиттээх буолар диэн дьонум кэпсэтэллэрин истэрим. Баҕар мин, оҕо уонна кыыс киһи тарбаҕым арыый синньигэһиттэн, нарыныттан тоҥуу бастакы айаҕар иҥнибит уларым сүүһүн кэтитэ түөрт тарбахтан ордубута буолуо да, туох да диэбит иһин, дьоһуннаах, сүүнэ көтөр буолан биэрдэ. «Лэкээ» улар диэн дэҥ, биирдэ эмит бултанар, атыыр токутардааҕар эрэ арыый мэнэкэ. «Лэкээ» улары – улар куртуйаҕы кытта иссибититтэн үөскээбит көтөр диэн оонньуу-күлүү кэриэтэ эр дьон кэпсэтээччилэр, кырдык эрэ, сымыйа эрэ.
Тэптиргэлэри эһитэлээтим, туһахтарбын хомуйдум, бэл эриллибит, мускуллубут, чаачахайдаммыт туһах саас хабдьыга иитэргэ хаалбат.
Биир тэптиргэ эстибит эрээри туһаҕа төрдүттэн быстан элбэрээктиин мэлийбит, эҥин араас ханна барыай, онно соччо аахайбатым, бултуйбуппуттан олус үөрдүм.
Манааҕабын устан улардарым аттыгар ууран баран, дьулугуруу үүммүт тэтиҥнэрбэр тиийэн, үгэспинэн сып-сымнаҕас сотолорун имэрийдим, били, үнүр өрдөөҕүтэ сылдьан ойуу-бичик түһэрбит тарбахтарым суоллара көстөллөр, олору ытыспынан соппуппар сүтэн хааллылар… Тэтиҥнэрбэр аҥаар илиибинэн ыйаастан, кыҥначчы түһэ-түһэ эргийэ сылдьан өрө хантайан, сэбирдэхтэрэ суйдаммыт лабаалары кэрэхсээн одуулаһабын, кырыа дуй сэмээр тохтон иһирик ардахтыы сирэйбин кычыгылата сиигирдэриттэн сэгэччи мичээрдээн устунан күлэн ылабын…
Бу сылдьан, арай, өтөхтөн син тэйиччи, тыа диэки өттүгэр, синньигэс соҕус тиит өргөс чыпчаалын анныгар, мутукка, хара улар таҥнары ыйанан турарын түбэһэ харахтаатым… Маҥнай өссө көрбүппүн итэҕэйбэтим… «Хайдах-хайдаҕый, хантан кэлбит улар ити тэйгэйдэ…» дии санаатым, тула-мала көрүөлэнэн ыллым. Суох, хараҕым иирбэтэх – чахчы, хара улар…
Харса суох, этэрбэстээх атахтарбын хаар үрдүнэн ачарбаастыы быраҕаттаан, улардаах тиит анныгар баар буола оҕустум. Тэйиччиттэн көрдөххө синньигэс курдук тиитим, ыксатыгар кэлбитим добуочча суон буолан биэрдэ. Өрө хантайан түөһүгэр толбонноох, хара тыа маанылаах көтөрүн, хара улары кыҥастастым. «Ээ!.. Бай-да!..» – диэн туох-хайдах буолбутун дьэ өйдөөтүм – били кэрбэнтэн туһаҕын быһан элбэрээктиин мэлиппит булдум бу кэлэн иҥнэн турар эбит… Туһаҕын быһан көтөн тилигирээн тахсан баран, мас чыпчаалыгар олороору, элбэрээгин лабааҕа эрийэ охсон ыйанан хаалбыт, дьэ дьикти… Оннуга чуолкай, оҕо киһи, сытыы харах муҥутаан, кыл туһаҕы көрө оҕустум, эгэ мутукка эрийэ көппүт элбэрээгин көрүө суоҕум дуо – оол көстөр.
«Бээ эрэ, бу булпун хайдах ылабын» диэн толкуйга түстүм. Эпчиргэлээн туһа суох; сахсыйан, илгиэлээн көрүөҕү – тиитим суона бэрт, дьоҕойон илигир эрэ гынар; ыттан ылыаҕы – лабаата ортотуттан эмискэ синньээн барар, аны мутук тостон, мүччү туттан, сууллан иэдээн буолуо… Ортотугар диэри хатаастан тахсан баран ураҕаһынан анньыалыаҕы – мутукка эриллибит элбэрээктээх, хас эмиэ хос кыл туһах хантан сөллүөй. Тииппин кэрдиэхпин – сүгэм суох. «Дьиэбэр төннөн сүгэ аҕаллахпына эрэ сатаныыһы» дии санаатым… Билигин, субу төннүөхпүн сатамньыта суох курдук, күөлүм улахан аҥаарын эргийэн баран турабын, онон сып-сап түргэнник улар туһахтарын эһитэлээн, чааркааннары көрөн баран барарга сананным. Күн билигин да эрдэ, дьиэм да ырааҕа суох…
Туттуу-хаптыы түргэтээтэ, хаамыы-сиимии өссө сыыдамсыйда. Манааҕабар, били, улахан хара уларбын угуннум, ордубут эрдэҕэстээх харабын туһаҕынан атахтарыттан холбуу баайан хатыҥ лабаатыгар ыйаан кээстим, төннөн иһэн куобахтарбын ылыахтаахпын, онон сүгэһэрим элбэх.
Өтөх тэллэҕэр үүммүт чаллах тиит баай лабаатын анныгар томтойбут бугултан эмиэ биир атыыр бэлиэлээҕи ылан эбинним. Бэлиэлээх быйыл төрүөҕэ тахсыбыт, үөскээбит быһыылаах, суола биир кэм ырыкаайданан олорор, маҕан саҕынньаҕа суоҕа буоллар, киһи сүүрэ да сылдьарын көрүө эбит. Тииҥ да суола дэлэй, бу сылдьан – уһуктаах «муостаах» ситэри сиппит көп түүлээх тииҥнэр чэрэһэн олороллорун хаһы да харахтаатым, көмнөҕүрбэтэҕэ буоллар өссө да түбэһэ көрүө эбиппин, халыҥ көмнөх хахха-дурда буолан саһыаран, симэлитэн эрдэҕэ.
Күөлүм уҥуоргу от үрэҕэр киирдим. Үрэх киһини ахтатынан дулҕалаах, сөкүлээх сиригэр бэлиэлээх суола ордук хойунна. Баһылай манна хайаан да бугул тэппитэ чуолкай диэн иэмэ-дьаама суох гына тибэн тибилгэннээбитин хайдах да чээччэйэн көрдүү сатаан кээстим да, бугул баарын булбатым. Хата үрэх хаба ортотунан, көҥүс иһинэн чөм-чөм үктэнитэлээн күөлгэ саһыл киирбит суола дьэрэлийэр. Кини диэтэх сэрэх, сэргэх муҥутаан, лоппоруттан тахсан өрө томтойбут тибии типпит хаарын тумнан, эргийэ көтөн ааспыт. Баҕар бугулум бу буолаарай диэн тиийэн хаһыйа тэппитим – дулҕа эбит.
Үрэх баҕараҕын туораан, күөрэ-лаҥкы түспүт «куобах уоһа» сиргэ кэллим. Ычыкын иһинээҕи ороххо иитиллибит туһахха биир табысхаан иҥнэн өттүгэстии түһэн сытарын бэлиэлээх кэлэн сиһин көп этин бүтүннүү сиэбит, кутуйах да кыттыһан эбии буолбут быһыылаах, табысхаан ороҕун икки өттүгэр хороон оҥотон, хайыы-сахха саҥа хаарга чигди тахсыар диэри сүүрэкэлии охсубут. Сэмнэх да буоллар, табысхааммын манааҕабар угуннум, тэс курдук сүгэһэр буолла. Уларым сытыы тыҥырахтара куул манааҕаны тэһэ көтөн таска быкпыттарын көннөрө сатыы барбатым.
Ыт мунна баппат таас ычыкын быыһыгар лөглөйбүт, кытыан уктаах кыра ырааһыйа оҕото баарыгар, Баһылай икки айахтаах саҥа тоҥуу охсубут, тэптиргэлэр эстибэтэхтэр. Олбуйа ууруу тоҥуу бэтэрээ айаҕын хаарын хаһыйа тэбэн, туһахпын сүөрэн ылан түрдьэлии эрийэн, сонум сиэбигэр угуннум. Иккис тэптиргэ элбэрээгин төлө тарпытым, арай тэптиргэм эстибэтэ. Айах хаарын үтүлүкпүнэн хаһыйан ыраастаан иһэн, мин, көрбөтөхпүн көрдүм, эмиэ биир дьиктигэ түбэстим: атыыр бэлиэлээх улар кыл туһаҕар иҥнибит уонна тоҥуу кыйымыгар дэлби чаачахайданан өлөн түүрүччү тоҥон хаалбыт… Маҥнай, иҥнэн баран соһуйдаҕа ырата буолуо, төттөрү ыстаныытыгар тоҥуу айаҕын иһинэн буолбакка кыйым маһы эрийэ көтөн нөҥүө тахсыбыт, онтон мөхсөрүгэр отой да тоҥуу үрдүнэн ойуолаан туһаҕын дэлби эрийбит, ол иһин элбэрээк төлө барбатах. Кэлин, туһаҕын эрийэн баран да мөхсөрүгэр өскөтүн элбэрээк төлү барта буоллар, син биир өрө тэбэн эстиэ суох эбит, кыйым маска уонна тоҥууга эриллэн моонньуттан иҥнибит бэлиэлээҕи хантан өрө дэбдэтиэй.
Мин ордук сөхпүтүм, мэктиэтигэр кэлэйэ да санаабытым – бэлиэлээх өйө татымын, бу бэйэлээх синньигэс кыл туһаҕы кини, ити айылаах сытыы тииһинэн дьиҥинэн биирдэ «кып» гыннаран быһа ыстаан кээһиэ этэ буоллаҕа, ону өйө тиийбэккэ, туһаҕыттан арахса сатаан дэлби мөхсөн баран морбойон хаалбыт. «Дьэ дьикти, бэлиэлээх бэйэтэ хайҕатыаҕын быатыгар анаҕастаах ааттаах, һы, буолар да эбит» диэн мин бэри диэн бэркиһээтим, сөрү диэн сөхтүм эрэ.
Бэрэ хаҥас эҥээрэ барыта маар, сиики сир ычыкына да абына-табына, онон Баһылай бу эргин туһах ииппэтэх, салгыы элэтэ биир тэптиргэ баарыгар туох да иҥнибэтэх.
Арыылаахпар киирэр суолум аартыгар баар өтөххө кэлиэхпэр диэри түөрт бугулу көрөн өссө икки бэлиэлээҕи ыллым, иккиэн атыырдар.
Уҥуоргу үрэҕинэн киирбит саһыл тахсан барбыт суолун көрбөтүм, «ханна сүттэ, аны күөлгэ сылдьара дуу…» дии санаан, бөлүүн түспүт ып-ыраас, сып-сырдык сыа хаарынан тунаарбыт эбэ иэнин уҥуоргутун-маҥааргытын кыҥастаһа сатаатым да – туох да көстүбэт, арай, сур өҥнөөх атыыр үөрүн кытта, арыый да сир уларыйан өтөх аннын диэки кэлэннэр хаһа сылдьаллар. Аһаҕас өтөххө киһи тахсан кэлбитин дьэ таба көрөннөр одуулаһан олоотостулар. Атыыр барыҥныыры көрөн үөрүн көҥөннөҕө буолуо, намылыччы үүммүт хойуу сиэлин, көҕүлүн ыспахтаан илгистэ-илгистэ, хаар үрдүгэр соһуллубут уһун кутуругунан уҥа-хаҥас охсурҕалана-охсурҕалана, субу сиэх-аһыах айылаах мин диэки дохсуннук утары сүүрэн иһэн, эмискэ, туохтан эрэ иҥнибиттии хорус гынан тохтуу түстэ, өрө хантайан, уһуктаах кулгаахтарын чөрбөтөн атын аҕайдык одуулаан иһийэ таалан турда, онтон «ээ, киһи сылдьар эбит, кэбис уоскуйуҥ» диэбиттии тыбыыран тарылатан баран, баһылыктарын көрөн кулгаах-харах иччитэ буолан турар кулунчуктарын батыһыннарбыт биэлэрин диэки төттөрү иэҕилиннэ.
Билигин да ийэлэрин эмэ сылдьар, саҥа дьоройон, эт лахса буолан, кыһыҥҥы көп түүлэрэ уһаан мотоҕоно курдук буолбут, дьэргэлдьийбит сэргэх сэбэрэлээх мэник кулуннары ис-испиттэн өрө көтөҕүллэн мичээрдээн кэрэхсии одууластым.
Бу сотору биэлэри хомуйан, үүрэн киллэрэн, убаһалары арааран туспа иитийэхтээн аһатыахтаахтар, онтон ийэ биэлэр атыырдарын кытта хат хаһыыга ыытыллаллар. Уһун сайыны, күһүнү быһа эмиллэ сылдьыбыт сорох буос биэ ырыан сөп. Саас мөлтөх туруктаах сылгылары арааран туспа хаайан аһаталлар; ардыгар көрө-истэ, маныы сылдьан эрдэ киллэрэллэр.
Үөр атыыра барахсан – дьаарханыан дьаарханар, баччаҕа хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, эмискэ, бөрөлөр кэлэн быһа охсон ааһар үгэстээхтэр. Сур адьырҕалар «улуу добдурҕаларын» кэмэ бу ыйтан саҕаланар быһыылаах, сири-дойдуну биир гына кэринэн көҥүл көччүйэллэр. Сыл ахсын, тугун дьиктитэ эбитэ буолла, болдьообут курдук баччаҕа бөрөлөр хайаан да баалларын биллэрэн быгыаласпытынан бараллар. Бэйэтэ да, сэрии саҕаланыаҕыттан, баҕар бултуур-алтыыр, сырыыны-сылбаны тулуйан, кыанан сылдьар туруу дьон аҕыйаабыттарыттан буолуо – адьырҕалар ордук элбээтилэр. Сайын да, кыһын да таска сылдьан тыаҕа бөрө улуйан энэлийэрин истэр сонун буолбатах. Сылгы үөрүгэр түбэһэ түһэн, дьарык оҥостон бултастылар да, биир эмит биэни, кулуну хайаан да тардан сииллэр…
Булдум манааҕабар баппакка биир табысхааммын моонньугар иилбит туһаҕын атын туһаҕынан салҕаан сүктүм, биири кыбынным, атыттары билигин кэлэн ылыам диэн хааллардым.
…Түргэнник хааман, тиэтэйэн тириттим, куобах бэргэһэбин сүүспэр сэгэччи анньан сөрүүкүүбүн, соччо аҕылаабаппын. Халлаан былыта отой ыһылынна, сарсыарда сэмээр сиксийбит тыал күн иккис аҥаарыгар биллэ күүһүрдэ, субу-субу сирилэччи силбиэтэнэн, саҥа түспүт чэпчэки хаары өрө ытыйан таһаара-таһаара араастаан эрилитэ оонньоото. Арыылаах аартыгын чараҥын сиксигинэн кэлбит баарыыҥҥы суолбун хайыы-сахха мэнээк типпит…
Булпун сүгэн, кыбынан дьиэбэр киирбиппэр, сыгынньах ньилбэгэр өтүү хата олорбут эбээ саҥа аллайа түстэ:
– Хайы-ыы… кэлэ оҕустаҕыҥ тоҕо түргэнэй, хата, булт бөҕө бултаан сүгэн-көтөҕөн кэллэ буолбат дуо… Оҕом Аана – уол оҕо курдук, саатар, булчут буоллаҕа… – өтүүтүн туора быраҕан, сылаас турдун диэн оһох билиитэтигэр уурбут ирээт күөспүн таһааран бэлэмниир түбүгэр түстэ. Эбэлэригэр сиэл тыытыһа олорбут Баһыычааннаах Чоойун уонна Биэрэ, манааҕаттан туох булт хостонорун көрөөрү, ыксабар кэлэн турдулар. Кыра Чомпойдор суохтар, киирбэтэхтэр. Бобо баайбыт манааҕабын сүөрэ-сүөрэ:
– Маарыйалаах Лэгэй дьиэлэригэр дуу, тоҕо киирбэтилэр? – диэн Чоойунтан ыйытабын.
– Сибилигин, эн кэлиэҥ эрэ иннинэ, Настаалыын биһиэхэ тахсыбыттара, – Чоойун илиитигэр бобуччу туппут сиэлин тыыта-тыыта хардарар. Оҕолор эбэлэригэр сиэл тыытыһан мэлдьи көмөлөһөллөр.
– Хайа, кө-көрүүй, бу ту-тугуй?.. Тыҥырах!.. – Баһыычаан куулу тэһэ көтөн тахсыбыт улар сытыы тыҥыраҕын сөмүйэтинэн баттыалыыр.
– Куобах тыҥыраҕа дии, – диир Чоойун. Кырдьыга, билбэт киһиэхэ, табысхаан да, улар да тыҥырахтара биир курдуктар.
– Көрөөрүҥ эрэ, туох тыҥыраҕын…
Маҥнай табысхааны хостоотум, онтон уларбын ороон таһаардым.
– Оо, улар а-аҕалбы-ыт, көрүүй, эбээ! – диэн, онто да суох чэйин кута-кута булт хостонорун көрөн турбут эбэтигэр туһаайан Баһыычаан үөрэн, саҥа аллайа түһэр.
Оҕолор күөх толбонноох, күтүр улахан хара улары араастаан эргитэ сылдьан, түүтүн-өҥүн имэрийэ-имэрийэ, астына көрдүлэр-иһиттилэр. Бэлиэлээх элбэҕин сөхтүлэр.
– Дьэ баһаан бултуйбуккун доҕор, – эбээ кылбаа маҥан кырынаастары биир-биир ылан сирийэн кыҥастаһар. – Түөрэ атыырдар эбит… Үчүгэйдэрин… Бэйи, балары таска таһааран ууруохха, аны «үлүйэн» хаалыахтара, убайыҥ Баһылай кэллэҕинэ бэйэтэ сүлэттиэҕэ, – диэт, эмээхсин төбөтүгэр нэк буолбут тииҥ бэргэһэтин саба уурунаат, бэлиэлээхтэрин үтүлүктээх илиитинэн холбуу туппутунан таска тахсар. Били аан аһыллыннар эрэ хойуу туман буолан бургучуйа ытыллан киирэр тымныы тыына халлаан сылыйан сүппүт, барбах эрэ илгийэр.
Эбээ бэлэмнээбит аһын аһыы-аһыы өссө да сорох булдум сиргэ хаалбытын, биир уларым маска ыйаммытын туһунан кэпсээтим…
– Һэ, хаар тоҥуулаах хабдьы туһаҕар дылы, саатар маска ыйанан хаалар буоллаҕа, – диэн эмээхсин дьиктиргиир.
– Сүгэ илдьэн маһын кэртэххэ биирдэ эрэ киһи ылыыһы.
– Тыый, онтон оннук гынар буоллаҕыҥ дии, уонна хайдах сатаныай. Байанайыҥ оччолоох тосхойбут булдун… Төһө улахан тиитий, тоом?.. Аны наһаа суон кэрдэргэр, сууллараргар сэрэхтээх буолаарай?..
– Соччо суона суох, ити биһиги бүтэйбит аанын баҕанатын саҕа быһыылаах.
– Ээ, сөп-сөп… Ыксаабакка аһаан баран бар, күн эрдэ, Булгунньах өтөххө диигин буолба-ат, сөпкө кэлэр инигин.
– Би-билигин эмиэ ба-бараҕын дуо, ол уларгын ыла? – Баһыычаан ыйытар.
– Баран.
– Мин ба-барсабын дуо?
– Кэбис, тоом, балтыҥ сайыһыа. Эһигини барыгытын батыһыннардаҕына аны түүн биирдэ эргиллиэххит, – диэн эбээ кыра уолу буойар.
Сып-сап аһыы охсон, таҥнан бараары турдахпына, ыалларга дьаарбайа тахсыбыт Настааччыйа киирдэ. Бултуйбуппун бэркэ сэргээтэ, төннөөрү турарбын истэн баран:
– Иккиэн барыах эрэ?.. – диэн кыра оҕолуу сирэйэ-хараҕа дьэргэйэн сэргэхсийэ түстэ.
– Хата инньэ гыныҥ, сэрэхтээх ээ, сыыһа-халты туттаран баҕар мас тэбиэ хайыа, – эбээ Настааччыйа тылыгар сөбүлэһэ охсор. – Балаҕан иһигэр киирдэххитинэ аан чанчыгар Баһылай сүгэтэ турар, ону ылыҥ, бу сүгэ бүттэтэ суох буолбут, оҕолор тугу эрэ «уһаммыттар» быһыылаах, биитин ыт тииһин курдук ойута охсубуттар, – оһох кэннигэр кыстаммыт, хайытыллыбыт мас анныгар маалгы сүгэ сытарын ылан эрбэҕинэн биитин баттыалаан көрөр…
Өр-өтөр гымматыбыт, Арыылаахпыт Бэрэтин өтөҕөр тиийэн, улар ыйаммыт тиитин кэрдэн табырҕатан түһэрдибит. Сэрэйбиппит курдук улар, көтөн тилигирээн кэлэн тиит мутугар олороругар, элбэрээктээх кыл туһах мутукка эриллэн иилистибит. Улар собооботох, лис курдук ыарахан. Настаа хара улар көхсүн түүтүн үргээн көрөн баран:
– Тоҕо сүрэй эмиһэ, халатын көр, – диэн сөхтө. – Дьэ бултуйбуккун дии, түөрт улар барыта биир тоҥууга иҥнибит. Үс хара улар – биир тайах байанайа диэччилэр, – Настааччыйа урут хаста да истибит кэпсэлбин хат хатылаан санатар.
– Бу өтөххө Баһылай охсубут ити уһун кэрбэнэ наар туох эмит бултаах тоһуйар, үнүр маҥнай кэрийэрбитигэр бочугурастар иҥнибиттэр этэ.
– Бэйэтэ да кэпсииринэн үксүн мантан өттүк хараланар быһыылаах.
Өтөхпүт анныгар турар буолан, тоҕо эрэ, Булгунньах өтөх диэхпитин тылбыт тахсыбат. Былыр, быдан өрдөөҕүтэ, манна туох-туох дьылҕалаах, олохтоох дьон олорбуттара биллибэт, онон сир анал аатын мээнэ ааттаан, судургу киһи кулгааҕар иһиллибэт, көннөрү киһи хараҕар көстүбэт «иччилэри» сээбэҥнэтиэхпит диэн туттунабыт.
Баарыын ыйаталаабыт табысхааннарбын аараттан ылан, Настааччыйабыныын үллэстэн сүгэн, айахпыт хам буолбакка сээкэйи баллыгыраһа-баллыгыраһа төнүннүбүт.
Дьиэбит тэлгэһэтигэр киирэрбитигэр, кыһыҥҥы кылгаабыт күн арҕаа тыа кэтэҕэр саһан, халлыбыт халлааҥҥа кыыһар туҥат отоҥҥо ытыллыбыт күөрчэх курдук тэтэрэ кыыста. Маҥнай Чолбон сулус чолбоодуччу тыкпытын кэннэ, илин саҕах үрдүнэн биирдиилээн сулустар ээр-сэмээр дьирибинэспитинэн бардылар. Борук-сорук буолла. Киһи этин-сиинин дьагдьатар дьэбир салгын билиннэ. «Түөрт саҕаҕын ньылбы сотон ырааһырдыбыт чакылыччы халлыбыт халлаан аны түүн түптэлэс тымныытын төннөрүүһү быһыылаах» дии санаабытынан Настаам кэнниттэн дьиэм иһигэр дьылыс гынным…
* * *
Ахсынньы ый аам-даам буркуна. От-мас тиэйиитин ордук уустук күннэрэ. Урукку курдук наар оҕус үөһэ олорон айанныыр тохтоон турар, субу-субу көһүйбүт атахтарбынан такыс гына көлөм үрдүттэн ыстанан түһэн хааман чоочугуруубун, чигдитийэ кытааппыт суол хаара биир кэм хаачыргыыр-чуучургуур. Силлээбит силиҥ «чуус» гына тыаһаат, сиргэ тиийиэн иннинэ муус чопчу буолан тостон бытарыс гынар. Киэһэлээх сарсыарда ити-бу көстүбэт хойуу туман ытыллар. Күнүс, сырама мөлтөөбүт күн дьоҕойон өрө дьэндэйиитэ, арыый да аматыйа түһэр. Бу курдук сытайан тымныйбыта уонча хонно. Оҕо аймах таска муннун да быктарбат үлүгэрэ.
«Уһуннук тымныйда, хайа үлүгэрий, сотору сымныыр ини» диэн дьон кэпсэтэллэр да, халлаан сымныаҕынааҕар буолуох, күн аайы тымныыта ордук күүһүрэн, эбии сэтэрээн ыбылы ылан иһэргэ дылы. Ынахтар ойбоҥҥо уулуу киирэллэригэр «сыалыйата» суох ыытыллыбаттар. Күөлбүт ойбоно үөһүгэр хаста да көстө. Урут баччаҕа итинник буолбата үһү, быйыл букатын эрдэлээн ийэ уутугар чугаһатта дэһэллэр. Биир ыал ынахтара уулаан баран, сотору атын ыал ынахтара уулуу киирэллэригэр ойбон уута хайыы-сахха чарчыйа тоҥон халыҥыы охсор. Баһылай анаан-минээн үлэ-хамнас оҥостон ойбон алларар. Маҥан Халдьаайы пиэрмэтин сүөһүлэрэ бары бииргэ субуруһан киирэллэр. Хас да ойбоҥҥо, былдьаһа-тараһа, утахтарын ханнара охсоот, быһа кымньыылыыр, халыаннык хаарыйар тыйыс тымныыттан хотоннорун диэки сүүрэр-хаамар былаастаах таҥкыччахтаныы.
Мин Настааччыйабыныын син биир отум тиэйиитигэр сылдьабын. Эбээ барахсан бэрийэн таҥыннарбыт таҥаһа сылаас. Атахпынан, атын да өттүбүнэн тоҥмоппун. Үтүлүгү устан сээкэйи бодьуустаһыы элбэх буоллаҕа, ардыгар тарбахтарым тоҥуох курдук гыннахтарына оҕуһум үрдүгэр олорон иһэн, дөрөбүн эр-биир солбуһуннара тута-тута, куобах истээх кулун үтүлүктээх илиибин оҕуһум сиһигэр баттыы олорон сылытабын. Сылгы курдук ыҥыыра-таймата суох көлөм көхсө сылаас. Дьон этэ-хаана, тымныыны да, куйааһы да тулуйара араас: сорох – олус тоҥуй, атын – халтаҥ да таҥаһынан улахан тымныыны тулуйар. Сылгыһыт, Дьыксаах Апанаас – төрүт тоҥуйа суох, дьилэй киһи. Ыалтан ыал ыккардыгар сыбыытыырыгар мэлдьи уолуга аһаҕас, нэлэккэй буолар. Дьыксаах саас уонна күһүн өргө диэри бэргэһэтэ суох сылдьар үгэстээх. Саннын байаатыгар диэри үүннэрбит хара, хойуу баттаҕа бэйэтэ бэргэһэ оннугар бэргэһэ буолар быһыылаах.
Апанаас хайдахтаах да хаҥыл сылгыны айааһаан, мөҕүһүннэрэн иннин ылан сыһытар уол. Үүнүн тимирин ытыра-ытыра уҥа-хаҥас илгиэлэнэн охсурҕаламмыт, тэһиинин биир кэм тартара сылдьар хаамыылаах ахан, дохсун, ахсым ат үөһэ олорон атаранан астарар эдэр уол уһун, ыас-хара баттаҕа тыалга охсуллан араастаан силбиэтэнэ иһэрин көрдөххө, кырдьыга да, киһи эрэ хараҕа астынар.
Баһылайдаах аллар атастара Мичээр эмиэ букатын тоҥуйа суох, хата, кыратык хамсанан тугу эмит үлэлии түстэр эрэ, бэл түптэлэс бытарҕаҥҥа баһа бургучуйан, тириппитинэн барар.
Мичээр быыс-арыт буллар эрэ Улахан Баһылайдыын дуобаттаары, хаартылаары, төбөтүттэн араарбатах сиэгэн бэргэһэтин кэтэҕэр анньынан, өрө хантайан, дьиэ өһүөтүн көрбүтүнэн киирбитэ эрэ баар буолар. Мичээр Баһылай кэдэччи туттубут, көбүс-көнө уҥуохтаах-арҕастаах, сылгыга дылы бөдөҥ тииһин килэтэн, биир кэм мичээрдээн ыртайбыт киһи.
Баһылайдаах үлэттэн, түбүктэн сынньанан, сээкэйи кэпсэтэн-ипсэтэн бэркэ сэргэхсийэллэр, күннээҕинэн ким тугу көрбүтүн-истибитин ыаһахтаһаллар, бэйэ-бэйэлэрин кыһытыһа-кыһытыһа, иэйэн, хатыһан туран дуобаттыыллар.
Мичээр Баһылай дуобаттаан хоттоҕуна: «Мөлтөх оонньооччугун…» – диэн араастаан хаадьылыыр, кыһытар, оччоҕуна Улахан Баһылай: «Чэ-чэ, баллыргыы олорума, халлааныҥ сулуһун аахпытынан дьиэлии турдаххына ол да сөп буолуо…» – диир.
Арыт Талыабай, Мытыйыс оҕонньоттор, атын да дьон кэлэн оонньууллар. Дуобаттааччылары тула үмүөрүһэн көрөөччү, кимиэхэ эмит ыалдьааччы, сүбэ-ама биэрээччи үксүүр. Сыыһа ыйыы-кэрдии этэн саҥарыллааччы, сөпкө сүбэлээн сэҥээриллээччи да элбэх. Ол эрэн, үксүгэр, икки киһи айа кирсинии тыҥаан аҕай, абаран-сатаран киирсэ олордохторуна, ким да туораттан сүбэлиирэ, этэрэ-тыынара көҥүллэммэт, дуобатчыттар бэйэлэрэ туспа «сокуоннаах» дьон. Табах буруота олустаатаҕына Огдооччуйа: «Тоҕо сүрэй, бу да дьон, туманнатан түһэн!..» – диэн саҥартыыр…
Уонча хонуктааҕыта, улахан тымныы түһүөн эрэ иннинэ, Буолкап Сэмэн уола Сэмэҥкэй икки турку табанан кэлэн ыһык, өйүө ылан баран турар, аҕата үүтээнигэр хаалбыт үһү. Сэмэҥкэй: «Кырса киириэх, быгыах курдук гынан иһэн кэлин мөлтөөтө…» – диэн кэпсээбитэ. Биһиги Баһылайбыт ону истэн: «Өссө ол уол буолан быктарар, Сэмэн бэйэтэ дэлэҕэ булдун кэпсиир үһүө, куруук «суох» хоту сылдьар киһи буоллаҕа, атаһым», – диэн күлэн сэҥээрбитэ.
Булчуттар – саҥа дьылы «бэлиэтии» эҥин диэн кэлбэт-барбат дьон, чугас ыырданааччылар ыһыктара дьоҕуһаатаҕына биирдэ эрэ дэриэбинэҕэ көстө түһэн ааһаллар. Ини-бии Намыынаптар – Оччугуй уонна Улахан Миитэрэй – биллибэтэхтэрэ ыйтан орто быһыылаах.
Биһиги эҥээр дойдубутугар, сирбитигэр кырса төрөөбөт-ууһаабат эрээри, сорохтор этэллэринэн, биэс-алта сыл буола-буола, атыттар кэпсииллэринэн уончалыы сыл арыттаан, муораттан хойуутук киирэр. Оттон биирдиилээн, хаамаайы кырсалар сыл да аайы бааллар. Кырса бултанара кэм дөбөҥ, саһыл курдук улахан сэрэҕэ суох кыыл. Дьиэ таһын буллаҕына, туохха эмит эҥкээрэн тохтоотоҕуна, киһи суолугар, сылгы ороҕор түбэстэр эрэ наар ону бата сылдьар үгэстээх, онон чааркааҥҥа дөбөҥнүк үктүүр, бугулга чээччэммэккэ хайаабакка, кудуххайдык киирэр. Кырса – саһылга лаппа майгынныыр кыыл эрээри, кини киһи суола-ииһэ чыҥха атын, дөбөҥнүк араарыахха сөп. Мин халлаан тымныйтын кэннэ, от тиэйэ сылдьан, Арыылаах эбэ уҥуоргу кэриитин анныгар, усталыы үүнэн будьуруйбут хойуу талахтар быыстарынан кэлэн ааспыт кырса суолун хаста да түбэһэн көртүм. Урут да, туундара маанылаах харамайа кырса барахсан мохоохтообут олугун түбэһэ түһэн харахтыырым: тибии типпит чигди хаарынан барбыт суола үүт-үкчү ыалыкы суолугар маарынныыр, атахтарын чугас-чугас уурталаан тыбыгыраппыт буолар. Кырса – сүрдээх сиэмэх харамай. Булчут ииппит сэбигэр-сэбиргэлигэр кырса түбэһэн өлө сытарын, атын кырса ааһан иһэн түбэһэ көрдө да сиэн кэбиһэр. Тоҕо үгэс курдук, хастыы эмэ сыл буола-буола хотуттан хойуутук, хото киирэрин дьон араастаан тойоннууллар, сылыктыыллар. Сорох – угут сай муора арыыларыгар кутуйах эстэн, аһа суох буолан хачаллан хаамаайылыыр дииллэр, сорох – төрүөҕэ тахсар сыллаах, ол иһин элбиир дэһэллэр, сорох – ханнык эмит атын сылтаҕы булар.
Баһылай айалыыр, сохсолорун соло буллар эрэ хаардаан, көрөн-истэн мэҥиэлээн кэлэр. Липпэтиттэн табысхааны бардаҕын да аайы хоҥнорор.
Күһүн, хаар чарааһыгар, чугас эргин, дьиэ таһыгар туһахтыы сылдьыбыт оҕолор, кэлин, халлаан улаханнык тымныйыаҕыттан төттөрү-таары тиэстибэт, кэлбэт-барбат, сыбыытаабат буоллулар. Биир үксүн үчүгэй ичигэс таҥас-сап да суоҕа кыһайар. Айдаҥ ыаллара күн аайы оттук мас тиэнэллэриттэн ордубаттар. Сирэй оһох титирик урааларыттан тахсар буруолар, онто да суох хойуу бүркүк тумаҥҥа холбоһон, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө ытыллаллар. Тымныы тумана эрэ, оһох буруота эрэ, киһи араарбат үлүгэрэ. Кыһыҥҥы кылгас күн аат эрэ харата өндөс гынан, кытара кыыһан «бээ, бу дьон кэм да буруолара бургучуйаахтыыр эбит ээ» диэбиттии санньыччы көрөн тура түһээт, арҕаа саҕах кэтэҕэр, тыаһа-сыма суох, ээр-сэмээр, сүүһүн аннынан сүргүччү көрбүтүнэн, киирэн хаалар…
Айдаҥ ыаллара бу күһүҥҥү күрэхтэрин балыга кэм да баар, онтуларын сээкэйгэ солбуһуннаран айахтарын хамсатан олороллор. Хата эбэбит барахсан көмүс хатырыктааҕыттан өлгөмнүк өлүүлээн бар дьонун абырыан абыраата. Муҥхаҕа сылдьыбатах да дьоҥҥо Өксөөн, аатыгар абаанса диэн ааттаан, ыскылаатыттан ылларан өрүү бэрсэр. Нолуок балыгын, Бүлүү өрүһэ туран, айан суола арыллаатын кытта, түөрэтин куоракка тиэйэн киллэрбиттэрэ. Өксөөн бэл бурдуктан кытта, нуормалаан холкуоһун дьонун кыра-кыралаан салгыыр. Бурдук абаанса бэриллэригэр ыал төһө тыынньалааҕа көрүллэр, буруонан буолбакка, дууһанан түҥэтиллэр.
Нолуок этэ эмиэ куоракка таһыллан бүтэн турар. Туттуллубут сүөһү хара иһин холкуостаахтар үллэстибиттэрэ: ким төһө абаанса ылбыта барыта суруллан, чопчу, чуолкайдык учуоттанан иһэр, илии баттаталлар. Кэлин дохуот үллэстиитигэр ол барыта аахсыллар. Наар абаансанан аһаан олорбут, аҕыйах көлөһүн күннээх дьон түмүгэр туох да аахсан ылаллара суох буолар, хата, ол оннугар төттөрүтүн, отой да иэстээх хаалааччылар кытта бааллар. Эдьиийбиттэн иһиттэхпинэ, Ньөкөөрөр оҕонньордоох курдук хас да ыал сылтан сыл ахсын, куртан кур иэстэнэллэр үһү.
Мин урут Айдаҥ дьоно дохуот үллэстэллэрин хантан көрөммүн билиэмий, кэпсэл хоту эрэ истэрим. Үксүн кыаммат-түгэммэт аҥаардас огдообо дьахталлар, бултаан-алтаан эбинэр кыахтара суох эрэйдээхтэр көлөһүннэрин күнэ аҕыйах буолар. Ордук элбэх дохуоту Буолкап Сэмэннээх, Дьэримиэйдээх, Киспэ оҕонньордоох, Талыабайдар уонна биһиги дьоммут аахсаллар.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?