Текст книги "Ньоҕой эрэл"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 12 страниц)
Татьяна Петровна Находкина
Ньоҕой эрэл
Дьүөгэлиилэр үктэллэрэ
Үһүс үктэл: 60 саас
Маҕаһыыҥҥа атыыланар маҥан сэлээппэлэри төбөлөрүгэр ууруммут, сайыҥҥылыы сырдык кылгас бүрүүкэ, куопта кэппит, уһун айантан сылайбыт-элэйбит, тириппит-хоруппут алта уоннаах дьахталлар, аналлаах хосторугар киирэн, оронноругар сууллан түстүлэр.
– Һуу, аата сылайдахпын. Бу чахчы ыра санаа оҥостубут дойдубутугар Турцияҕа кэлэн, Грин Макс отельга түһэн сытабыт дуо? Аата, төһө да сылайан сэниэ-сыра эһиннэр, сүргэм көтөҕүлүннэҕин! Дьэ, остуоруйа дойдута диэн манна баар эбит, – Настя оронугар илиитин быластыы быраҕан сытан, дуоһуйбут киһи быһыытынан күлэн лэһигирэттэ.
– Дьэ, кырдьык, санаан, харахтаан да көрбөтөх сирбитигэр кэлэн олорорбутугар, Арианабытыгар махтанабыт. «Турцияҕа бардыбыт, путевка баар, ылабын дуо?», – диэбитигэр олох итэҕэйбэтэҕим. Эмиэ үөннүрэн этэр дии санаабытым, – Марианна, күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү, паркет муостаҕа хааман дыгыйар.
– Ээ, сэрэйдэхпинэ итэҕэйбэтэххит чуолкай. Куруутун дойдубутугар дэриэбинэҕэ эрэ көрсүөхпүт дуо? Бу сырыыга кыраныысса таһыгар көрсүөххэ дии санаабытым. Биирдэ төрүүр үйэҕэ атын дойдуну көрүөххэ буоллаҕа дии. Биһиги да сааһырдыбыт, аны 75 сааспытыгар дойдубутугар көрсүөхпүт, – Ариана атаҕын истиэнэҕэ өрө тэбэн сытан саҥарар.
– Тоҕо 75 сааспытыгар? 80-мутугар буолбатах дуо? – дьахталлар иккиэн саҥа аллайа түһэллэр. – Эйигиттэн атын кими итэҕэйиэхпитий? Эппит тылгын барытын олоххо киллэрдиҥ.
– Хата, инньэ диэҥ. 80 саас – ыарахан саас. Кырдьан-бохтон олорон, баҕар, сатаан кэлиэхпит, мустуохпут суоҕа. 70 сааска үбүлүөйдээбэттэр, 75 сааспытыгар оҕолорбутун, сиэннэрбитин илдьэ мустуохпут.
– Кыргыттаар, 20 сааспытыгар Айыыһыппыт тугу биэрбитэй? Санааҥ эрэ. Мин кыыһым Ньургуйаана, Марианна кыыһа Сахайаана төрөөбүттэрэ. Онтон 40 сааспытын бэлиэтээбит кэрэ умнуллубат күҥҥэ Арианалаах Гриша, ыал буолан, уоллара Сөрүөскэ күн сирин көрбүтэ. Оттон 60 сааспытыгар Айыыһыппыт тугу бэлэхтиир? – Настя таайтарыылаахтык туттан олорон саҥарар.
– Аны хайабыт да төрөөбөт ини, – Марианна күлэр.
– Көрсүбүт күннэрбит барыта Айыыһытынан муҥурданар, мээнэҕэ көрсүбэтэх, түмүктээх буолаллар эбит диэн Дьылҕа Хааҥҥа махтанар эбиппит. Бүгүн бөлүһүөктүөхпүн баҕардым.
– Настя маладьыас, түмүгү бэркэ оҥордуҥ. Ол эрээри 60 сааспыт эмиэ тугунан эрэ үчүгэйинэн түмүктэниэхтээх. 60 сааспытыгар бары ийэ, эбэ оруолун толорон дьоллоох дьиэ кэргэн буоллубут, үлэбитигэр үлэ туйгуннара ааты ылбыппыт улаханы этэр. Настя биэс оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анал бэлиэлээх. Марианна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, улууска биллэр хореограф, Сахайааната икки оҕону, үс сиэни бэлэхтээн дьоллоото, оттон мин саамай кэлин ыал буолан уол оҕолонон, билигин биир ыйдаах сиэннээхпин, ол – мин дьолум буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунабын, учууталларын учууталларабын. Үчүгэй буолбат дуо, үс саха дьахтарын олоҕун үчүгэйдик олорбуппут? Төрөппүттэрбит барахсаттарга кырдьар саастарыгар дьоһуннук сыһыаннаһан, иэспитин толору төлөөбүт дьоллоохпут, – Ариана өссө да уһуну этиэҕин, дьүөгэлэрэ «сөп буолуо» диэн тохтотон кэбистилэр.
– Үһүс көрсүһүүбүтүн лоп курдук 60 сааспытыгар көрүстүбүт. Ариана барыбыт аатыттан отчуоттаата. Бары да идэбитин сөпкө талан, үлэ бөҕөнү үлэлээн, аат-суол бөҕө ылбыппыт. Онон, «Үлэ – дьылҕа бэлэҕэ» диэн бу түһүмэхпитин ааттыаҕыҥ, – Настя этиитин түмүктүүр.
– Настя, бэркэ эттиҥ. Турцияҕа күүлэйдии кэлбит дьон быһыытынан, хаһан да көрсүбэтэх курдук сэлэһэ олоруохпут дуо, аһаан баран Средиземнай муораҕа сөтүөлүү барыаҕыҥ, – сөтүөлүүр купальнигын кэтэн, бэйэтин 60 сааһыгар эдэр кыыс курдук көрүҥнээҕин билиммит Марианналара, үҥкүүлүүрдүү туттан атаҕын төбөтүгэр дугунан хаамыталыырын дьүөгэлэрэ сэргии көрөн олордулар.
– Турцияны хоту өттүттэн Хара муора, арҕааттан Эгейскэй муора, соҕурууттан Средиземнай муора тулалыыллар эбит. Муора күөх баалларынан быһыта сынньара, долгуннара төттөрү-таары охсуллан түллэҥнииллэрэ көрүөххэ үчүгэйин. Долгун кэллэҕинэ, киһини түҥнэри охсоро сүрдээх. Мин кутталбыттан харахпын симэн, сыаптан тардыһан, нэһиилэ турбутум, – Настя күлэн мүчүҥнүүр.
– Өйдөөх дьахтар, эт эрэ, бу куораппыт аата Белек дуо? – Марианна Ариананы үөннээхтик көрөр.
– Белек – саҥа куруорт куорат. Саҥа буолан дьиэлэрэ, көҕөрдүүтэ оһуобай. Оттон сарсын мантан чааһынан айаннаан тиийиллэр былыргы, аан дойдуга биллэр Анталия куоракка экскурсияҕа барабыт, – Ариана, сирэйин-хараҕын тупсарына олорон, астыммыт куолаһынан кэпсиир.
– Аһыы барыаҕыҥ, – дьахталлар хосторуттан тахсан, бэһис этээстэн бэрт сылбырҕатык туттан түһэллэр. Лиип баар да туһамматтар, доруобуйаҕа туһалаах диэн наар хаама сатыыллар. «Сарсыарда син биир зарядкалаан өрө мөхсүбэппит, онон, саатар, хаамар балаһыанньа баар буоллаҕына, хаамыаҕыҥ», – диэн тыллаахтар.
Тото-хана аһаан, муораҕа чааһы быһа дуоһуйа сөтүөлээн, хосторугар киирэн таалалыы сытан, астына кэпсэтэ сыттылар.
– Кыргыттаар, эрэстэрээҥҥэ күҥҥэ биэстэ аһыыры таһынан, бассейҥҥа, павильоҥҥа, кэнсиэрдиир-сынньа– нар саалаларга тугу сөбүлээбиппитин төһөнү кыайарбытынан тото-хана, босхо аһаабыппыт – Турция баай-талым, кыахтаах судаарыстыба буоларын көрдөрөр. – Настя истиэнэҕэ атаҕын өрө тэбэн сытан дуоһуйбуттуу саҥарар. – Аатырбыт Османскай империя сиригэр илэ үктэнэн, муоранан уста сылдьарбыт бэйэтэ кэрэ түүл курдук.
– Оннук. Настя сөпкө этэҕин. Боростуой саха дьахтара маннык кэрэ дойду баара буолуо диэн санаабат да этим, – Марианна киэҥ оронугар күөлэһийэн ылар.
– Настя, Марианна, субуота, өрөбүл күннэргэ сылы быһа алта чаастан саҕалаан тэлэбиисэртэн арахпакка көрбүт «Великолепный век» сэрийээлгитин Турция киинэ саалатыгар биир эмэ сиэрийэни көрүөххүтүн баҕарбаккыт дуо? – Ариана эппитигэр дьахталлар иккиэн «ханна, хаһан?» диэбитинэн оронноругар олоро түстүлэр.
– Оо, олох кыра оҕолор курдуктар. Үүт-үкчү кыргыттаргыт Сахайаана уонна Ньургуйаана курдук буоллугут дии. Чэ, барыаҕыҥ. Мааҕын кэпсэппитим. Билигин такси ыҥырыахпыт. Бүгүн эрэ көрөбүт. Сарсын толкуйдаабаккыт. Манна киинэ көрө кэлбэтэххит, – дьүөгэлэрэ кытаанах соҕустук саҥарар.
– Оннук, оннук, – дьахталлар өрө көтө түһэллэр. Таҥныбытынан бараллар.
– Ыксааҥ. Чаас ыраатта. Сулейман султан, Хюрем хотунтан ордон, эһигини көрбөтө буолуо. Арай кыраман ыраах, аргыардаах ахсынньы, торулуур тохсунньу тымныылаах Саха сириттэн кэлбит, эт бүтэй уҥуохтара, уҥуох бүтэй силиилэрэ көстөр кыргыттар диэн сонургуур ини, – Ариана толуу бэйэтэ сүрдээх сымсатык туттан хоһуттан тахсан барбытын, дьахталлар түүппүлэлэрин кэтэ-кэтэ эккирэттилэр.
– Оо, дойдубун аҕыннахпыан… Хаһан дьиэбэр тиийэн ынахтарбын курулаччы ыыбын, сибиинньэлэрим өрө хаһыҥыраан аһаан-сиэн тиргиллэллэрин, сирэйдэрин буорга анньан тиҥсирийэллэрин көрөбүн, кууруссаларым төһө эрэ сымыыттаан эрэллэр, оттон Кубачаанам чоппуускаларын таһааран, төһө эрэ көҥөнөн сарахаччыйан эрэр… Оо, аҕыннахпыан. Ахтылҕаннаах уһаайбабар хаһан астына хаама, кэлэ-бара, дуоһуйа сылдьар буолабын, – Настя астыммыт киһи быһыытынан оронугар тиэрэ түһэн сытта.
– Хайыы, бу дьахтар кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин ахтыбакка-санаабакка, ынахтарын, чооскуларын, чоппуускаларын саныы сытар буоллаҕа үһү. Пахай даҕаны, – Ариана сөҕөн чыпчырынан кэбистэ. – Саатар, Максим уолу баҕас санаабаккын дуо, ама?
– Оннук ээ, – Марианна сэҥээрэбин диэн тылыттан хабылынна.
– Марианна, эн саҥарыа да суох эбиккин, – Настя сөбүлээбэтин биллэрдэ.
– Сөп, сөп.
– 40 сыл ааста. Умнуллар да кэмэ буолла. Кыргыттаргыт 40 саастарын туолан, ийэ буола охсон, сиэннэннилэр. Киһи көрө таптыах, үүт-үкчүлэр, тутталлара-хапталлара да биирдэр. Айыы даҕаны, баччааҥҥа диэри ону саҥарса сылдьаҕыт, – бас-көс хотуннара сэмэлээбиттии көрөр. Дьахталлар балачча саҥата суох олорбохтууллар.
– Күн бүгүнүгэр диэри, мин үчүгэй сыһыаннаах буоламмын, арахсыспакка, Турцияҕа тиийэ бииргэ сылдьар инибит, – Настя өһүргэммиттии чиҥ соҕустук саҥарар.
– Ээ, чэ, атыны кэпсэтиэҕиҥ. Олох диэн олох буоллаҕа. Мутугунан быраҕар муҥур үйэҕэ киһи сыыһара кэмнээх буолуо дуо, ону үйэ тухары сирэй-харах анньар табыллыбат, – Марианна, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, иэҕэс-куоҕас гынар.
– Оннук. Олох олоруу – ыраас хонууну туорааһын буолбатах. Оттон биһиги дьоллоох кэмҥэ олордубут, биһиги үйэбитигэр хааннаах сэрии буолбата, ол эрээри кыһалҕалаах күннэр син буолан аастылар. Биһиги кэммитигэр, мин сыыспат буоллахпына, 1997—1998 сылларга хамнас сылынан кэлбэккэ эрэйи да көрбүппүт. Ол эрээри аччыктаабатахпыт. Сорохтор аччыктаабыппыт диэн омуннураллар да, аччыктааһын олох суоҕа. Онтон сыл буолан баран хамнас кэлбитигэр, атыттары туох да диэбэппин, учууталлар куоракка киирэн дьиэ ылбыттара, массыына атыыласпыттара сымыйа буолбатах. Онтон, 1991 сыллаахха сэбиэскэй былаас эстибитигэр, сопхуостар ыһыллаллар. Харчы реформата буолан, уурдарыыларбыт «умайан», илиибитин соттубуппут. Ол эрээри норуот ортотугар улахан айманыы суоҕа, ол арааһа, тыа сирин сахатын дьоно барахсаттар улахан уурдарыыбыт суоҕуттан быһыылааҕа. Арай ийэлэр барахсаттар оҕолоро 18 саастарыгар ылыахтаах биэс тыһыынчалара умайбытын кэпсэтээхтииллэрэ, – дьаһалталара Ариана кэпсэтиини салгыыр.
– Оттон, кыргыттаар, ваучер биэрбиттэрин өйдүүгүт дуо, 100 тыһыынчалаах, ол билигин да күндүтүк хараллан сытар. 1993 сыллаахха мөлүйүөнүнэн хамнас ыла сылдьыбыппыт. Дьэ, араас да буола сылдьыбыт эбиппит.
– Дьэ, кырдьык бэйэтэ эмиэ туспалаах олоххо олоро сылдьыбыппыт. Сопхуос эстэн, паай үллэстиитигэр араас барыта буолбута. Сопхуоска хас сыл үлэлээбитинэн паайы аахпыт аатырбыттара да, чиэһинэйэ суох баҕайытык түҥэппиттэрэ. Хотонтон сүөһүнү сиэтэн барыыны мин олох сөбүлээбэтэҕим. Кимнээх эрэ «Беларус» тракторга олорон барбыттара. Кимнээх эрэ сыптарыйан эмэһэтэ барыта саах буолбут ньирэйи хотонтон сиэтэн таһаарбыттара. Паайы түҥэтэр хамыыһыйа куһаҕаннык, чиэһинэйэ суохтук үлэлээбитэ, – Настя өссө да элбэҕи саҥараары уоһун-тииһин оҥостубутун, «ээ, чэ, оччотооҕуну кэпсэтэн бүтүөҕүҥ» диэн саба саҥаран тохтоттулар.
– Кырдьыгынан эттэххэ, мин дьиэбин ахтыбыт эбиппин. Оҕонньорбун, оҕобун олус да ахтыбыппын. Уолум быйыл оҕолонон төһө эрэ түбүгүрэн, оҕо таҥаһа сууйан, сүүрэ-көтө сылдьар. Быраас үөрэҕэр киирэн, баҕа санаам туолан эрэриттэн үөрэбин. Оттон Гришам барахсан даачатыгар үлэлии-хамсыы сырыттаҕа. Оҕурсутун, помудуорун, хаппыыстатын, моонньоҕонун, хаптаҕаһын оҕо курдук бүөбэйдиир, – Ариана астыммыт киһилии тыыллаҥнаан ылар.
– Ариана абыраммыт да дьахтар. Ити үлүгэрдээх үүнүүнү Гриша бэйэтэ кэнсиэрбэлиир, барыанньалыыр. Мааны дьахтар барыта бэлэмҥэ сылдьар, бэл, чэйин да куттубат. Баһаалыста, бэлэм остуолга олорон эрэ абырыыр. Туһааннаах үлэтигэр астына-дуоһуйа үлэлиир буолан, үлэтэ тахсыылаах, – Настя күлэн лэһигирэтэр.
– 40 сааскытыгар диэри тоҕо бэйэҕит көрбөккө соҕотохтуу сырытыннарбыккытый? Кэргэн тахсыа этигит буоллаҕа. Кырдьа барбыт уол оҥорон, кырытыннаран олордубуккут дии, – Арианалара бэлэһинэн күлэр.
– Ол да буоллар, биһиги холбооботохпут буоллар, иккиэн кырдьа барбыт кыыстаах уол буолан олоруо этигит. Уолгут, нэһилиэнньиккит, күн сиригэр кэлэр дьылҕата тартаҕа, – Настя хаалсыбат.
– Чэ, кыргыттар, дьээбэлэһэн бүтүөҕүҥ. Барарбыт да чугаһаата. Пуорка чааһынан киирэбит, – Марианна көх-нэм буолар. – Хата, оччоҕо 80 сааспытыгар көрсөбүт дуо?
– 80 саас – кутталлаах саас. Ким эрэ ыалдьыа, ким эрэ кырыйдыбыт диэ, кими эрэ оҕолоро ыытыахтара суоҕа. Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа буоллаҕа, – хотуннара, дьаһалтата киирэн, сэргэхсийэ быһыытыйар.
– Бэйэбит дойдубутугар, бөһүөлэкпитигэр баҕас, сыыллан да тиийэр инибит, – Настя өс-саҕа буолар. – Онон туох диэри гынаҕын?
– Аны лоп курдук 75 сааспытыгар көрсүөхпүт, ол эбэтэр уон биэс сылынан мустабыт. Үс аймах ыһыаҕын тэрийиэхпит. Оҕолорбут, сиэннэрбит мустуохтара, хапсаҕайдаһан, тустан хачымахтаһыахтара, мас тардыһан чиччигиниэхтэрэ, оһуохайдаан түһүлгэни тэнитиэхтэрэ, сахалыы ыллыахтара, үс араа-бараа дьүөгэлии кыргыттар төрөөн-ууһаан, саханы саха дэппиттэрин дьон-сэргэ көрүө, кэлин кэпсээҥҥэ киириэхпит, номоххо ахтыллыахпыт буоллаҕа. Онно төрөөбүт нэһилиэкпитигэр ааппытын ааттатар туох эмэ өттүк харалаах, илии тутуурдаах тиийиэхпит этэ. Хата, уон биэс сылы быһа толкуйдаарыҥ эрэ. Оччолорго диэри туох эмэ көстөр ини.
– Ээ, эмиэ дьикти эбит. Ыһыахха сөбүлэһэбин. Ол эрээри биир этиилээхпин. Ситэри нэһилиэкпитигэр, бу сылтан саҕалаан, оскуола тутуллан бүтүөр диэри, биэнсийэбититтэн быһан биэриэҕиҥ, – Настя этии киллэрэр.
– Ээ, хата, Настя бэркэ эттэ, сөбүлэһэн буоллаҕа. Оҕолорбутугар этиэххэ наада, – дьахталлар көх-нэм буолаллар, бары сирэйдэрэ сырдыыр. – Оччолорго да, сүһүөхпүт үрдүгэр тура эрэ сылдьар буоллахпытына, биир ыһыаҕы тэрийэр инибит.
– Оннук, оннук. Аны уон биэс сылынан төрүт дойдубут оонньуутун – ыһыаҕы тэрийиэхпит диэн илиитэ охсуһан кэбиһиэҕиҥ, – Ариана дьүөгэлэрин төгүрүччү турарга ыҥырар.
– Ариана, махтал эйиэхэ. Эн баар буолаҥҥын, Стамбулга Сулейман султан, Хюрем хотун дыбарыастарынан, остуоруйа миэстэлэринэн күүлэйдээн, мэчиэттэринэн сылдьан кэллибит. Түөрт муора тулалаан турар сиригэр, Турцияҕа тиийэр ыра санаабыт туолбутугар, сиртэн халлааҥҥа тиийэ махталбытын тиэрдэбит, – кыргыттар дьүөгэлэрин икки өттүттэн кууһаллар. Ити кэмҥэ Настя төлөпүөнэ араастаан тыаһаан, харса суох ыллаабытыгар ылан, иһиллии түһээт, өрө хаһыыра түһэр:
– Ээ, эчи үчүгэйин! Кыргыттаар, өссө биир үөрүүлээх сонун. Мин кыыһым кыыһа Саня кыыстаммыт, хос сиэннэммиппин! Ол иһин Айыыһыппыт хайаан да биллэн ааһыа диэбитим дии.
– Кырдьык даҕаны… Эҕэрдэ, Настя! Бу өйдөөтөххө, хас көрүстэхпит ахсын Айыыһыттанар эбиппит. 20 сааспытын көрсүбүт сааспытыгар икки кыыстаммыппыт, 40 сааспытыгар ыал буолан, уол оҕоломмуппут, 60 сааспытыгар хос сиэн кыыстанныбыт. Дьылҕа ыйааҕа диэн ити буоллаҕа, – Ариана, элбэх саҥалаахтара, өссө да араатардыаҕын, «чааспыт ыраатта» диэн, тохтотоллор. Дьүөгэлиилэр «һуу-һаа» буолан, сүүрэр көлүөһэлээх чымадааннарын соһон, тахсан бараллар.
Төрдүс үктэл: 75 саас
Бүгүн ыһыах. Сир-дойду көҕөрөн-чэчирээн, араас кэрэ дьүһүннээх сибэккинэн симэнэн тупсубута сүрдээх, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара, кэҕэ чоргуйар куолаһа – барыта олох уйгулаах тойуга буолан иһиллэр. Пааркаттан дьону-сэргэни, нэһилиэнньэни олохтоох араадьыйа: «Уйгулаах ыһыахха кэлиҥ, киириҥ!» – диэн ыҥырар саҥата чоргуйан олорор. Оҕо-дьахтар үөрбүт саҥата, ырыата-тойуга бөһүөлэк иһин толорон кэбистэ. Сахалыы ырбаахыларын сайбаччы кэппит саастаах дьахталлар сиэннэрин батыһыннартаан наскылдьыйа, оттон эр дьон суумка, бөтүөн тутуурдаах дьиэ кэргэттэрин кэннилэриттэн хатыҥ чараҥ ортотугар турар паарка диэки наллаан хаамаллар. Эдэр кыргыттар, уолаттар, дьонноруттан туспа бөлөхтөһөн, сылбырҕа соҕустук туттан, дьээбэлэһэн саһыгыраччы күлсэ-күлсэ, төттөрү-таары кэлэллэр-бараллар.
Дьаһалта баһылыга Максим Максимович, дьоһумсуйа туттан төттөрү-таары хаамарын быыһыгар, сотору-сотору чаһытын көрүнэр. Бүгүн бэйэтэ туспалаах ыһыах. Үс дьүөгэлиилэр уонна оскуоланы 57 сыллааҕыта кинилэри кытта бииргэ бүтэрбиттэр холбоһон, бүгүҥҥү ыһыах сүрүн дьоруойдара буолаллар. Үс дьүөгэлэртэн биирдэстэрэ кини ийэтэ Анастасия Николаевна. Бүгүн бу үс далбар хотуттар, үс аймахтар – Арсентьевтар, Ивановтар, Симоновтар – ыһыахтара, чиэстэнэр күннэрэ. Чиэстэниэхтэрин чиэстэнэллэр. Көрдөххө, боростуой саха дьахталлара, ийэлэр, эбэлэр туһааннаах үлэлэригэр үйэлэрин тухары үтүө суобастаахтык үлэлээннэр, үлэ бастыҥнара. Эрдэһит бэйэлэрэ хойутаатылар. Бэҕэһээ ийэтэ Настаа: «Олох хойутаппакка бириэмэтигэр оҥороор, кэмигэр буолары сөбүлүүбүн», – диэн эрэрэ. Уонна хойутаатылар. Дьон мустан эрэр. Саҕалыа этибит. Бүгүҥҥү ыһыахха улуус баһылыга Иван Семенович кыттыыны ыла кэлиэхтээх. Илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэр ини, кинилэр «Улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин» диэн анал аакка түһэрбиттэрэ. Биэрэллэр ини. Дьүөгэлиилэр нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар сылга биирдэ биирдии бэйэлэрэ сүүстүү тыһыынчаны биэрэн испиттэрэ. Нэһилиэккэ тутуллар тутууга эрэ диэн ааттыыллар: сыл ахсын 300 тыһыынчаны харчынан нэһилиэк ылара улахан махталлаах дьыала этэ эрээри, атын нэһилиэктэр күнүүлүүллэрэ, сороҕор кыра тэрээһиҥҥэ бэриллэр үптэн улуус дьаһалтата матаран кэбиһэн хомоторо. Эмээхситтэр сыл ахсын биэрэр 300 тыһыынчалара элбэх киһи хараҕын аалбыта. Кырдьык элбэх харчы, уон биэс сыл устата биэрдилэр. Хас кэлбит-барбыт салалта, хаһыат үлэһиттэрэ кырдьаҕастары көрсүбэккэ ааспаттар, сөҕө-махтайа кэпсэтэллэр.
– Оо, дьэ, иһэллэр, – Максим Максимович саҥа аллайаат, «Тойотa Ленд Крузер 200» иномарка сырылаан кэлбитигэр, утары барда. Массыынаттан сахалыы ырбаахылаах, хаһыаччыктаах, үрүҥ көмүс кэбиһэри түөһүн тилэри кэппит кини ийэтэ Анастасия, кэнниттэн дьүөгэлэрэ Ариана, Марианна түһэн кэллилэр. Пааркаҕа ыскамыайкаҕа толору олорооччулар уонна турааччылар ытыстарын таһына көрүстүлэр.
– Бүгүҥҥү бырааһынньыкпыт далбар хотуттара Ариана Иннокентьевнаны, Анастасия Николаевнаны, Марианна Терентьевнаны үөрэ-көтө, дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ! Биһиги күндү дьоммут, биир дойдулаахтарбыт, күн-күбэй ийэлэрбит, эйэҕэс эбэлэрбит бэйэлэрэ анаан бырагыраама оҥостон, билиҥҥинэн бырайыак суруйан, нэһилиэктэригэр хас биирдиилэрэ 15 сыл устата сыл ахсын сүүстүү тыһыынча солкуобайы уу харчынан туттардылар. Сүрүн сыала: нэһилиэккэ тутуллар тутууга эрэ бу үп көрүллүөхтээх. Тутууга төһө да бүддьүөттэн үп көрүлүннэр, уу харчы син биир наада, дьыаланы түргэнник быһаарар, – Максим Максимович судургу этиинэн ыһыаҕын аһар.
Улуус баһылыга, күүтэн турбут курдук, оруобуна тиийэн кэллэ. Тыл баҕас баар киһитэ. Сүрдээх уус-уран тылынан хомоҕойдук саҥаран, ыһыах дьонун болҕомтотун бэйэтигэр тарта. Ытыстарын харыстаабакка таһыннылар. Төрөөбүт дойду туһугар бэйэлэрин хармааннарыттан, биэнсийэлэриттэн быһа тутан, уон биэс сыл устата сыаната биллибэт улахан бэлэҕи оҥорбуттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бүгүҥҥү күн далбар хотуттарыгар «Улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин» анал ааттары, оттон нэһилиэк баһылыга Максим Максимович «Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо» диэн ааттары туттарбыттарыгар, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сүһүөхтэригэр туран, уһуннук ытыс таһыннылар. Ити кэмҥэ кырдьаҕастар сиэннэрэ сырсан кэлэннэр, эбэлэригэр балачча сыаналаах сертификаттары, бэлэхтэри туттардылар. Саамай элбэх оҕолоохторо Анастасия күн сиригэр икки уолу, үс кыыһы төрөтөн, уон икки сиэннээх, биэс хос сиэннээх, Ариана биир уоллаах, икки сиэннээх, оттон Марианналара биир кыыстааҕыттан икки сиэннээх, үс хос сиэннээх. Сиэннэр кэнсиэр көрдөрөн, кырдьаҕастары уйадыттылар. Оттон Марианна 55 саастаах кыыһынаан Сахайааналыын сахалыы үҥкүүнү үҥкүүлээн, дьон хараҕын сымнаттылар. Киһи сөҕүөҕэ, дьүһүннэринэн наһаа майгыннаһаллар, аны тэбис-тэҥҥэ үктээн хамсаммыттарыгар, ийэтин, кыыһын киһи араарбат үлүгэрэ.
Анастасия, Марианна кыыһыныын үҥкүүлүү тахсыбыттарыгар, Максим тоҕо эрэ тэйэ хаампытын дьиибэргии көрдө. Бачча сааһыгар диэри сүрэҕин хайа эрэ муннугар илдьэ сылдьар муҥа буоллаҕа дуу? Хаһан эрэ холуочуйан баран: «Эн кэргэн тахсыбатаҕыҥ буоллар, Марианнаны кэргэн ылыахтаах этим», – диэн соһутан турардаах. Аата, аны кэлэн кырдьан, иннибит кылгаан, кэннибит уһаан олорон, бу үөрүүлээх күммүтүгэр өр кэм ыал буолан бииргэ олорбут оҕонньорбун куһаҕаҥҥа күтүрүү олоробун дуу? Кэргэним буолааччы, баччааҥҥа диэри, биэс оҕолоохпут үрдүнэн, таайыллыбат таабырын буолла буолбат дуо? Дьэ, бээ, оҕонньорум да буолларгын, кырдьар сааспытыгар, анараа дойдуну өҥөйө сытан, дьиҥ кырдьыккын кэпсээтэххинэ табыллар. Кырдьар да сааска буоллун, чахчытын быһаарыан наада.
– Настаа, туох толкуйугар түстүҥ? – Ариана өттүккэ анньар.
– Ээ, суох, туох толкуйугар түһүөхпүнүй? Марианнаны сөҕө олоробун, эдэр дьахтартан туох да итэҕэһэ суох үҥкүүлүүрүн көрөн, бэркиһии олоробун.
– Ээ, мин да бэркиһиибин. Биһиги нэһиилэ хааман бөкөөлөһөбүт, оттон кини үҥкүүлээн тэйэр.
– Дьэ, билигин ханна барабыт? Хорчуопкаҕа дуо? – Настаа ыйыталаһар. Куһаҕана диэн кэлин истибэт буолан хаалла. Наар кулгааҕын тоһуйа сылдьар. Өссө уонна оҕонньорунаан кэпсэтиэх буолар. Киһи да күлэр ээ.
– Көрбөккүн дуо, дьоммут тыа саҕатыгар остуол бөҕө тарпыттар. Онно олоро түһэн баран, сайылыкпытыгар, били, бэйэбит дьиэбитигэр, барар үһүбүт. Дьиэни-уоту өрөмүөннээбиттэр, гостиница курдук бэлэмнээбиттэр, онно хонобут, тиийэн дуоһуйа кэпсэтиэхпит, – Ариана күлэн мүчүҥнүүр. – Наһаа биэс уон биэс сыллааҕы курдук уолаттар кэлбэттэр-барбаттар ини.
– Саарбахтыы олоробун. Мин Максимым, Марианна кыыһынаан үҥкүүлүүрүн кытта, туран баран хаалла. Бэйэм да соһуйа олоробун, – Анастасия, санаата батарбакка, этэн тыынын таһаарар.
– Ээ, ол иһин уку-суку олорор эбиккин дии. Кытта кырдьыбыт доҕоруҥ Максим эйигиттэн эрэ күнэ тахсарын бары билэбит. Настябын хомоппутум диэн хараҕар уу-хаар баһыылаах олорон кэпсээччи. Марианнаҕа туох эрэ чуубустуба баар да буоллаҕына, эдэр саас быстах үөрүүтэ, мэник саас ибир тыала эрэ буоллаҕа. Оттон кыыһын көрдөҕүнэ, син аҕа хаана тардара ханна барыай? Сатахха, эн кыыскынаан, хааннара тардан, дьүһүннүүн, туттардыын-хаптардыын олус майгыннаһаллар. Оннооҕор мин булкуллабын. Хайаҕытый диэн күллэртээччибин. Эдэр дьон чэпчэкитик ылыналлар, эһиги курдук, түгэн эрэ көһүннэр, долгуйан-айманан испэттэр, – Ариана дьүөгэтин кулгааҕар сибигинэйбит курдук да кэпсээтэр, балачча улахан куолаһынан саҥарар.
– Хайыы, дьүөгэлэрим, кэпсээҥҥит ырааппыт дии, хорчуопка саҕаланан эрэр. Барыаҕыҥ, эһигини күүтэллэр, – Марианна дыгылдьыйан кэлэн, кыргыттарын санныларыттан кууһар.
– Ээ, барыаҕыҥ. Кырдьаҕас, боростуой дьон олоҕунан олорбут дьоҥҥо, хата, бэркэ чиэстэннибит. Нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторо буоллубут. «Улууска социальнай-экономическай сайдыыга кылааттарын иһин» диэн анал аат ыллыбыт. Онтон ордук туох нааданый? Дьэ, кыргыттар, харчыгытын салгыы биэрэргитин аны бэйэҕит быһаарыныҥ, – бас-көс киһилэрэ Ариана дьүөгэлэрин кэриччи көрөр.
– Ээ, чэ, ону ыксатыма. Бэйэбит быһаарыахпыт, – Марианна бэрт эйэҕэстик күлэн ылар. – Бэрт дьахтар, аны хас сылынан көрсөрбүтүн, хата, быһаар.
– Суох, сылынан быысаһан дуогабардаах көрсүһүүбүт манан түмүктэнэр. 20, 40, 60, 75 сааспытыгар остуоруйаҕа хаалар гына көрүстүбүт, ол быыһыгар нэһилиэкпитигэр бэйэбит кыахпытынан көмөлөстүбүт. Боростуой саха дьахталларыгар онтон ордук тугу гыныахпытый? Бары таптыыр кэргэннээхпит, тапталлаах оҕолордоохпут, ахтылҕаннаах сиэннэрдээхпит, хос сиэннэрдээхпит. Төрөппүттэрбитин, аймах-билэ дьоммутун сор суоллаабыт сэрии биһиги үйэбитигэр буолбата. Онон биһиги дьоллоох кэмҥэ олорон аастыбыт. Дьылҕа Хаан иннибитигэр хас сылы ууран турарын айбыт Таҥара бэйэтэ билэн турдаҕа, – Ариана араатардыы оҥостон этэр-тыынар санаалааҕын дьүөгэлэрэ өттүккэ анньыалаан тохтоттулар.
– Араатардаабакка да быһаарыаҕыҥ. Сорук-сыал туруоруннахпытына, үйэбит уһуо этэ буоллаҕа. 25 сыл диэтэхпитинэ, оруобуна 100 сааспытыгар тиийиэ этибит, – Анастасия күлэн мычылыйар.
– Кырдьык, оннук эбит, – Марианна ытыһын ытыһыгар охсон «тэс» гыннараат, аҥаар атаҕар эргийэн ылар.
– Бу кытта кырдьыбыппыт үҥкүүһүт буолан кырдьыбат, эдэр көрүҥнээх. Оо, бэрт да буолуо эбит да, 100 саас – ыарахан, кутталлаах саас. Сүрэх баҕарыа да, сүһүөх кыайыа суоҕа турдаҕа. Кэммит-кэрдиибит кэлиэ буоллаҕа, – Ариана Марианнаны санныттан имэрийэн ылар. Анастасия дьүөгэлэрин тыйыс баҕайытык көрөн кэбиһэр. Ити кэмҥэ бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэрэ, күлэн-салан, тиийэн кэллилэр.
– Хайа, бүгүҥҥү күн дьоруойдара манна саһан олороҕут дуу? Хорчуопкаҕа барыаҕыҥ. Онно биһиги сылга биирдэ биирдиибит сүүстүү тыһыынчаны биэрбэтэрбит да эмиэ биэрэрдээхпит ээ, – кылаастарын ыстаарыстата, кыараҕастык быһыччы көрбүт, билигин да сэнэх көрүҥнээх Анна Семеновна, кырааскаламмыт кыһыл кылгас куудара баттаҕын имэринэ-имэринэ, саҥарбытынан барар.
– Ээ, кырдьык даҕаны, ону биһиги эмиэ кулгаахпыт уһугунан истибиппит ээ. Эбиитин матырыйаал булууга кыттыгастаах курдук сананабыт, – дьахталлар туран, хоннохторуттан ылсан, остуол тардыллыбыт сирин диэки бардылар.
«Т» буукуба курдук тардыллыбыт остуолга хотойорунан ас ууруллубут. Кырдьаҕастары барыларын бииргэ бочуоттаах миэстэҕэ олортулар. Нэһилиэк баһылыга Максим Максимович, уйгулаах ыһыаҕынан эҕэрдэлээн баран, 57 сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит кылаас ыстаарыстатыгар Анна Семеновнаҕа тылы биэрдэ.
– Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара, уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран, биһиги, үөрэммит оскуолабыт бастакы выпустара, бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ элбэхтик ааттаммыт дьүөгэлэрбит Ариана, Анастасия, Марианна биир үөлээннээхтэрэ, ытыспытын соттон мээнэ олорботубут, эмиэ үлэлээтибит. Ол курдук, историкпыт, үөлээннээхпит Дайаана Николаевна салалтатынан нэһилиэкпит олоҕун устуоруйатын суруйан, халыҥ тастаах, 675 страницалаах, 1000 хаартыскалаах, глянцевай илиистээх, 1000 тиражтаах кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыппытын, нэһилиэкпит баһылыгар Максим Максимовичка туттарарбытын көҥүллээҥ. Кинигэ тахсыытыгар бүгүҥҥү күннээхпит дьоруойдара эмиэ кыттыспыттара, – диэн этиитин түмүктүүрүн кытта, ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ.
– Оттон үөрүүлээх чааска тоҕо туттарбатаххытый? Дьон барыта истиэ этэ буоллаҕа, – Максим Максимович санаатын этэр.
– Истиэхтэрэ. Бэчээтэ тардыллан, сибилигин тиийэн кэллэ, – Анна Семеновна судургутук эппиэттиир. Дьон сэргэхсийэн, күө-дьаа буола түһэллэр. «Нэһилиэнньэҕэ атыыланар ини», – диэн ыйытыы элбээтэ.
– Дьэ, ону нэһилиэк дьаһалтата бэйэтэ билэр, биһиги биэрэрбитин биэрдибит. Бэйэбитигэр биирдиини ыллыбыт, – Анна Семеновна эппиэтэ бэлэм.
– Оччоҕо, иннибит кылгаабыт, кэннибит уһаабыт аарыма кырдьаҕастар да аатырдарбыт, аны биэс сыл буола-буола көрсүөҕүҥ. Турциянан, Кытайынан да буолбатар, Сахабыт сирин сэдэх сирдэринэн, Өлүөнэ остуолбаларынан эҥин барыаҕыҥ. Бу сырыыга биэс сылынан буоллаҕына, кылааһынан көрсүөҕүҥ, оччоҕо иннибитигэр сыал-сорук туруорунан кырдьыыбытын бытаардыахпыт, ыалдьарбытын ааҕыа суох этибит. Хайдаҕый? – Ариана бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин кэриччи көрүтэлиир.
– Сөп, сөп! – оскуоланы бииргэ бүтэрбит үөлээннээхтэр сүһүөхтэригэр туран ытыстарын таһыннылар.
Максим Максимович, нэһилиэк баһылыга, уоттаах-тө– лөннөөх түмүктүүр тылы эттэ:
– Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым, тыыл бэтэрээннэрэ! Быйыл биһиги Улуу Кыайыы 75 сылын ыам ыйыгар дьоһуннук бэлиэтээбиппит. Анал бырагыраама оҥоһуллан, элбэх тэрээһиннэргэ нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыбытыттан астынарбытын биллэрэбит. Улуу Кыайыы ыарахан сыранан, үгүс толугунан ситиһиллибитэ. Тииһигэр тиийэ сэбилэммит күүстээх өстөөҕү, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус бары омуктара биир киһи курдук турунан кыайбыттара. Саха сирэ Кыайыы туһугар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Саха сирин чоҥолох алаастарыттан, көмүстээх бириискэлэриттэн ыҥырыллан тиийбит буойуннар Москубаттан Берлиҥҥэ тиийбиттэрэ, илиҥҥи боруоҥҥа кыргыспыттара, тыылга оҕо-дьахтар сутууру-хоргуйары, сылайары-сындалыйары аахсыбакка үлэлээбиттэрэ. Бүгүҥҥү дьоллоох олох туһугар тыыннарын толук уурбут буойуннар, бу күҥҥэ тиийбэтэх бэтэрээннэр сырдык ааттарын үйэтитии, билигин баар ытык кырдьаҕастары чиэстээһин – биһиги ытык иэспит. Кыайыы күнүн бэлиэтээһин ордук эдэр ыччакка, кинилэр Ийэ дойдуларын туһугар бэриниилээх патриот дьон буола улааталларыгар наадалаах. Онон бу Улуу Кыайыы күнүн суолтата өлбөөдүйбэт, сылтан сыл күүһүрэн иһэр. Махтал бастыҥа, тыл үтүөтэ бэтэрээннэргэ буолуохтун! – Максим Максимович этиитин ыһыах ыалдьыттара, олохтоохтор дохсун ытыс тыаһынан күндүлээн, биһирииллэрин биллэрдилэр. Анастасия Николаевна уолун астыммыттыы көрөн олордо. Нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Хабырыллайабыс тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар үбүлүөйүнэй мэтээллэри туттартаан, кырдьаҕастар долгуйа үөрдүлэр. Ол иһигэр Ариана, Анастасия, Марианна эмиэ, үбүлүөйүнэй мэтээллэри тутан, үөрдүлэр-көттүлэр.
Күрэхтэһии саҕаланан, ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Күрэстэһээччилэр хапсаҕайдаһан хачыгыратар, мас тардыһан чиччигинэһэр тыастара паарканы ылан кэбистэ. Саастаах дьон илии-илиилэриттэн ылсан, оһуохайдаан тэйдилэр. Айылҕаттан дэгэрэҥ куоластаах Ариана төрөөбүт Сахатын сирин кэрэтин, күөҕүнэн симэммит тулалыыр айылҕатын хомоҕойдук хоһуйан этэн-тыынан барбытыгар, дьон дьонтон тардыһан киирэн, улахан түһүлгэни оҥордулар. Бары да бүгүҥҥү ыһыахтан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, саха норуотун оонньуулара көрү-нары көҕүлүттэн тутта, кырдьаҕастар ыллыах-туойуох баҕалара уһугунна. Ити кэмҥэ 57 сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит кырдьаҕастары икки иномаркаҕа олордон, ахтылҕаннаах сайылыктарыгар сыыйылыннарбыттарын, ыһыах дьоно ис-истэриттэн үөрэн, батыһа көрөн хааллылар.
Айылҕа барахсан силигилээн, күн чэмэлийэ тыган, чыычаахтар чыбыгыраһар ырыалара сири-дойдуну ылан кэбистэ.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.