Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
III

Бүөтүр барыллааһын көмүскээһинтэн сүргэтэ көтөҕүллэн, кэбиниэттэн таҕыста. Араас эриирдээх боппуруостары биэрэн, балачча тиритиннэрдилэр. Бүтэһигэр, хас да киһи кинини, аҕатыттан Бүөтүртэн саҕалаан, истиҥ баҕайытык алҕаан кэриэтэ тыл эппиттэриттэн, хайдах эрэ сүрэҕэр итии сүүрээн илгийэн киирэн, уйадыйа долгуйда. Кытарбыт, көлөһүн аллыбыт сирэйин модороон тарбахтарынан ньиккэрийэ соттуммахтаата. Аҕата барахсан, бу орто дойдуттан барбыта сүүрбэ икки сыл да буоллар, кырдьа быһыытыйбыт оҕотун араҥаччылыы, бэйэтин аатын ааттата сыттаҕа. Аҕата, үлэһит киһи буолан, бэйэтин олоҕун эйгэтинэн оҕолорун иитэн, бары Саха сирин араас оҥорон таһаарар салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллара сымыйа буолбатах. Уолаттарбар олоххо, үлэҕэ сылаас сыһыаны аҕам курдук ииппит киһи диэн иһирэх санаа сүрэҕэр уйаланна.

Көрүдүөргэ дьон аалыҥнас. Бука бары хамыыһыйа чилиэннэрэ ким, туох боппуруоһу биэрбитин хардары-таары ыйыталаһан, күө-дьаа кэпсэтэллэр. Кэбиниэттэн ким эрэ кынаттанан, сирэйэ сырдаан, ким эрэ сирэйэ соҥуоран, самныбыт дьүһүннээх тахсаллар. Сотору хамыыһыйа үлэтин түмүктээн, нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ тахсыталаан, бөһүөлэктэригэр барардыы оҥостон, таһырдьа тахсан үөмэхтэстилэр.

– Бүөтүр, бардыбыт, кэлэн олор, – Данил «УАЗ» массыынатыгар олорон, ыҥырар саҥата иһилиннэ.

– Сөп, сөп. Уолбут тахсар ини, – Бүөтүр массыына аанын тэлэччи аһан, киирэн олорунан кэбистэ.

– Хайа, уолаттар, бааргыт дуо? Бэртээхэй мунньах буолан ааста, – Ньургун Александрович сэгэччи туттан киирэн, суоппары кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.

– Айанныаҕыҥ. Таарыйа «Айан» маҕаһыынтан килиэп ылан ааһабыт дуо? – Данил кэннин хайыһан ыйытардыы көрөр.

– Ылан, ылан, – уолаттар, оҕолор курдук тэҥҥэ түһэрэн эппиэттээбиттэриттэн, күлсэн ылаллар.

– Дьэ, Бүөтүр, улуус хамыыһыйатын этэҥҥэ аастыҥ. Аны бу күннэргэ куоракка киириэҥ. Хамыыһыйа чилиэннэрин итэҕэтэр гына сүрдээх үчүгэйдик биисинэс-былааҥҥын кэпсээтиҥ. Маладьыас! – Ньургун Александрович кэннин хайыһан, илиитин биэрэр.

– Бүөтүр биисинэс-былаана олоххо баарынан сурулуннаҕа. Онон итэҕэтиилээхтик иһиллэр буоллаҕа. Оттон Байбал биһиги киэммит сэрэйэн кэриэтэ оҥоһулуннаҕа дии. Ис хоһоонун ситэ өйдөөбөккө эрэ айан оҥоһуллубут биисинэс-былаан хайа аанньа буолуой? Ол иһин кыайан көмүскээбэтибит. Чэ, быйыл үлэлээн баран, эһиил эмиэ киирсиэхпит, – Данил лэһигирэччи күлэр. – Байбалбыт иннин-кэннин билбэт буолуор диэри кыыһыран барда. Сураҕа, улуус баһылыга быраата быйыл көмөлөспөппүн, үлэлээ, эһиил көрүөхпүт диэбит үһү.

– Буолуо. Хас улуус ахсыттан биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар грант ылан баран сатаан дьаһанан үлэлээбэккэлэр, сүөһүлэрин сыл таһаарбакка охтортоон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн айдаан бөҕө буоларын истэ сылдьан дьаарханара чуолкай. Федеральнай бырагыраамаҕа, улахан дуоһунаска олорон, мээнэ киирэн сыыһа туттуон баҕарбат буоллаҕа, – Ньургун Александрович сөбүлэһэр.

Айан суолун устун суһаллык айаннаан сыыйылыннардылар. Хаары бүрүммүт тиит, бэс мастар суол икки өттүгэр кэккэлээн арыллан биэрэн истилэр. Суоппардара Данил – хара будьурхай баттаҕын өрө тарааммыт, киэҥ арылхай харахтаах кыаһаан киһи – эрэллээхтик массыынатын уруулун эрийэ тута олордо. Массыына биир кэм тэҥник ньирилиир тыаһыгар бигэтэн, Ньургун Александрович төбөтө босхо баран, тоҥхооройдуу олордо.

Бүөтүр хараҕар араас санаалар ситимнэрэ киинэ каадырын курдук элэҥнээн ааһан истилэр. Данил маладьыас. Санаатын түһэрбэт. Үлэлиир баҕалаах. Оттон Байбал Никииппэрэбис ньиэрбэтэ барыта бүтэн, кыыһыран аҕай барда. Кинини, кыайардыы, сылы быһа хомпуустаан, тутуһан аҕай биэрэрэ буолуо. Сураҕа: «Эһиил кыттыбаппын, сылдьыаххыт эбээт», – диэбит үһү. Аата, кыра оҕоҕо дылы буолан. Биһигини ааттаһа оонньооботторо буолуо ээ. Оттон кини хайдах эмэ гынан граҥҥа тиксэрэ буоллар, үлэлээн көрүө этэ. Киһини билэр буолуоҕуттан үлэҕэ эриллибитэ, төрөппүттэригэр көмөлөһөн сүүрэн-көтөн аҕай биэрэрэ. Дьоно уонтан тахса сүөһүлээхтэрэ. Сайын ахсын сарсыарда эрдэттэн ынахтарын көрдөөн, чугас эргин алаастары, тыа саҕаларын элбэхтик кэрийэ сүүрбүтэ. Атах сыгынньах сылдьар идэлээҕэ. Атаҕа хатырыктыйарын ааһан, муостуйан хаалара. Бэл, атаҕа тоҥноҕуна, ынахтар сибилигин саахтаан бэллэппит сылаас саахтарыгар үктэнэн турбут эмиэ түгэннэрдээх. Кыахтаах ыаллар оҕолоро бэлисипиэтинэн хомуйаллара. Онно, биллэн турар, ымсыырыллара.

Биир сарсыарда ийэтэ кинини эрдэ туруорбута: «Ынахтарбыт бэҕэһээ киэһэ кэлбэтилэр. Сайылык алааска сыталлара буолуо. Туран, ыраата иликтэринэ, хомуйан аҕал», – диэбитэ. Кини күн ахсын тиэстэр суолунан сүүрэ турбута. Ийэтэ эппитин курдук, Сайылык алааска кэбинэ сыталларын туруортаан, саҥа алааһы туоратан истэҕинэ, ынахтара туох буолбуттара эбитэ буолла, тыаҕа түһэн куотар аакка барбыттара. Уолчаан улахан ынаҕын – хотуннарын Мааны Кыыһы ыҥыра-ыҥыра, кэннилэриттэн саппай уопсубута. Сүөһүлэрин эккирэтэр кэмигэр хара бэйбириэт кууркатын тыаҕа ханна бырахпытын өйдөөбөт. «Кууркабын сүтэрбиппин, ийэм мөҕөрө буолуо», – дии санаан ылбыта. Күнү быһа сүөһүлэрин батыһа сылдьыбыта. Сүөһүлэрэ олох билбэт сиригэр тиийэннэр, аһыыр, сытар кэмнэригэр төҥүргэскэ кэтэһэн олорбута. Иннин хоту мээнэ ытыы-ытыы сүүрбүтэ буоллар, бука, мунан хайдах-туох буолуо эбитэ буолла? Ийэлээх аҕата: «Тыаҕа, эбэтэр ханна эмэ күүлэйдии сылдьан дьонтон хааллаххытына, мээнэ сүүрэкэлээбэт буолуҥ, сүтүктээн төннөн кэлэллэрин күүтэр баҕайыта», – дииллэрин өйдөөн, син биир дьиэлэригэр тиийиэхтэрэ диэн, сүөһүлэрин быраҕан барбатаҕа. Киэһэ Мааны Кыыс доҕотторун ыҥыран бэрт бүтэҥитик маҥыраат, тыа суолун тутуһан, хааман маталдьыйбыта. Уол сүөһүлэр бары субуспуттарын көрөн, атын сиргэ баран хаалыахтара диэн үүрбэккэ, батыһан испитэ. Арай икки хас алааһы ааһан, билэр алааһыгар Сайылыкка киирэн кэлбиттэрэ. Сыырга ийэтэ быраатынаан тураллара. Бааска кууркатын туппут. Куттаммыттар аҕай. Ийэтэ барахсан олус куттаммыт көрүҥнээҕэ, сарсыҥҥы күнүгэр «оҕобор, ынах хомуйарыгар» диэн ааттаан, «Урал» бэлисипиэт атыылаһан биэрбитэ. Ол саҕана бэлисипиэт тыа сирин маҕаһыыннарыгар элбэхтик саҥа атыыланан эрэр кэмэ этэ.

Хас сарсыарда ахсын, ийэтин күөрчэҕин килиэби кытта мотуйан баран, балачча улахан тимир сэппэрээтэри эрийэр кини эбээһинэһэ этэ. Киһи да күлэр, сэппэрээтэрин эрийэн куугунатан-куугунатан баран, ыһыктан кэбиһэрэ. Уонна сэппэрээтэрэ тохтуор диэри сынньаммыт саҕа буолан туран, ийэтиттэн мөҕүллэрэ бу баарга дылы.

Ону таһынан бэйэтиттэн аҕа эдьиийдэрдээх буолан эбитэ дуу, окко барбакка, эдьиийдэрин батыһан, Убаһалаах, Юбилейнай сайылыктарынан сэппэрээтэр эрийэ барсара. Сайылыкка 6—7 ыанньыксыт үүтүн улахан илиинэн эрийэр сэппэрээтэринэн күҥҥэ үстэ эрийэллэрэ. Холкуос биригэдьиирэ, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Г.В. Заболоцкай-Биригэдьиир Гаанньа: «Бу Уйбаныаптар оҕолоро олус үлэһиттэр», – диэн куруутун хайҕаан этэр тыла өйүгэр-санаатыгар билиҥҥээҥҥэ диэри иҥэн хаалбыт.

Оттон аҕалара Бүөтүр, сүүрбэ сэттэ сыл устата, этэргэ дылы, ат ыҥыырыттан түспэтэх киһи буолар. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы сыралҕан куйааска куруутун сылгы үөрүн эккирэтэрэ. Кини түүнү-күнү аахсыбакка ырыганнаабыт сылгылары аһатара, биэлэри төрөтөрө, ойбон алларара, сылгы үөрүн буулаабыт бөрөлөрү сойуолаһара. Ол түмүгэр сылгыны тыыннаахтыы иитиигэ, кулуну ылыыга сылтан сыл ахсын үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэрэ. Ол курдук, кырдьаҕастар, бэл, билиҥҥи эдэр салайааччылар, Бүөтүр курдук 268 биэттэн 256 кулуну тыыннаах ииппит сылгыһыт күн бүгүнүгэр диэри суох дииллэрэ истэргэ үчүгэйин. Кыһыҥҥы өртүгэр аҕалара Бүөтүр дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук сылдьара. Бу өйдөөтөҕүнэ, мөлтөөбүт биэлэри, билиҥҥинэн профилакторий курдук, кыбыытыгар аҕалан көрөр эбит. Аҕалара суох кэмигэр ийэлэрэ Өлөөнө барахсан, түүнүн утуйбакка, ол мөлтөөбүт биэлэри баран көрөр, харабыллыыр эбит этэ. Кыһыҥҥы тымныыга оҕолору түүнүн элбэхтэ туруоран, охтубут биэлэри анал маһынан төһүүлээн туруоралларын субу баардыы өйдүүр.

Кини сэттис кылааска үөрэнэр сылыгар аҕатын Бүөтүр Арамаанабыһы, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыыга, VIII-с пятилетка биэс сыллаах былаанын толорууга ситиһиилэрин иһин, ССРС Верховнай Советын Президиумун 1971 сыл муус устар 8 күнүнээҕи ыйааҕынан «Ленин» уордьанынан наҕараадалаабыттара. Онно аҕатын үөрбүт сирэйин умнубат. Оҕолор бары «Ленин» уордьанын илииттэн илиигэ бэрсэн, эргитэ сылдьан көрбүттэрэ, сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолбута. Төрөппүтүнэн киэн туттуу иэйиитин онно өйдөөбүтэ. Билигин сааһыран олорон өйдөөтөҕүнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ бары да үлэлиир хайысхаларыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар эбит. «Үлэлээҥ, үлэ киһини куһаҕан оҥорбута суох» диэн тыллааҕа ийэлэрэ.

Бүөтүр эмискэ төбөтүн оройунан үөһээ бириһиэҥҥэ охсулунна.

– Айака, доҕор, сэрэнэн айанныаххын, – Ньургун Александрович саҥа аллайда.

– Дьиэбитигэр кэлбиппит бэлиэтэ, – Данил күлэн лэһигирэтэр. – Граннаах киһи Бүөтүр, дьиэҕэр кэллиҥ. Убайбын убаастаан, бастакынан түһэрэбин.

– Сөп ээ. Хата, кураанаҕы кууспакка, бэркэ сылдьан кэллибит. Чэ, Бүөтүр, билсиэхпит. Аны тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр киирэбит. Этэҥҥэ буолуохпут диэн эрэл санаа баар, – исписэлиис уол илиитин биэрэр.

Бүөтүр массыынаттан түһээт, хараҕа хотонугар хатанна. Уоттаах. Дьоно үлэлээн букунаһа сырыттахтара. Бэҕэһээ Альбина быйыл ынах сүөһү ахсаана эбиллиэх курдук, икки-хас тиҥэһэ уулаахтар диэн эрэрэ. Быйыл сайылыкка тахсан, ынахтары ыыр аппараакка үөрэтиэхтэрин наада. Ийэлэрэ уон үс ыанар ынаҕы кыайбата чуолкай. Грант ыллаҕына, эбии ынах сүөһү атыылаһан, боруодатын тупсарыыга сыал-сорук ууран үлэлээтэҕинэ эрэ көрдөрүүлэниэн сөбүн өйдөөн, куораттан кэлээт, Арассыыйа үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцевка, Тандаҕа баран көрсөрүн уһаппакка дьаһаннаҕына табылларын эргитэ санаан ылла.

Тэрээсэтин кирилиэһигэр унтуутун тэбэнэ туран, Альбиналаах Кириисэтэ иккиэн биирдии үүттээх биэдэрэни тутан иһэллэрин көрөн, күүтэн тохтоон турда.

– Аҕаа, хайа, туох диэтилэр? – Кириисэ чаҕаарыйбыта дьыбардаах салгыҥҥа сатараан иһилиннэ.

– Үчүгэй, үчүгэй, – аҕалара аҕыйах тылынан быһаарар.

– Оо! Биһиги ийэбинээн билбиппит ээ, ол иһин бэрэски астаабыппыт.

Дьиэлээхтэр үһүөн, күө-дьаа буолан, дьиэлэригэр киирдилэр. Ааны аһылларын кытта луугунан тупсарыллыбыт ыһаарыламмыт эт, бурдук ас сыта минньигэстик саба биэрдэ.

IV

Тохсунньу ый бытарҕан тымныылара арыый сымныы быһыытыйдылар. Күн арыый уһаабыта биллэн барда. Күнүс дьыбар тахсан, өссө кыратык ылаарар буолан, оҕо аймах дьиэҕэ тохтообот, кыралар салааскаларын соспутунан сылдьаллар, оттон улахаттар путбуоллаан, хайыһардаан тиритэллэр-хоруталлар.

Бу сарсыарда нэһилиэк сис ыала Байбал Никииппэрэбистээх буоларын курдук эрдэлээн турдулар. Бэс маһынан бүрүллүбүт сырдык дьиэ. Дьиэлэрэ омук тэрилинэн толору, барыта орун-оннугар турар, киһи атаҕын төбөтүнэн паркекка үктэнэн хаамар, килэйэн-халайан дьиэ да дьиэ.

Кыахтаахтык олороллорун таһынан, кэлин тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто ууруллан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанарга быһаарынан, билигин төбөлөөҕүнэн алта ынах сүөһүлээхтэр: үһэ ыанар ынах, үһэ кыра сүөһү, өссө икки сибиинньэлээхтэр. Сүөһүлэрин Байбал ырааҕынан аймаҕа уол, ханна да үлэлээбэт, ускул-тэскил сылдьар Миитээбис көрөр. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөн, бэйэтэ иһэн-аһаан, ыал буолбакка сыллата дьон сүөһүтүн көрөн, кыстыыр дьиэтин булар. Хата, испэтэҕинэ баҕас үлэһит, эбиитин ыраастык-чэбэрдик көрөр. Хотонун муостатын бирээмэ кыһыйан күрдьэр, сааҕын муоста быыһынан түһэрэригэр чараас уонна арыый суон мастардаах. Оннук бириинчик киһи. Куһаҕана диэн, биирдэ эмэ кыра харчыны хамнаһа диэн ааттаан ыллаҕына, «түүҥҥү туочукалары» кэрийэн, хамнаһын сыыһын бүтэрэн тэйэр. Хотон көрөөччүтэ сүттэҕинэ, Байбал улаханнык кыһаммат, үс-түөрт күн баҕас бэйэтэ көрөр. Миитээски эрэйдээх ханна бараахтыай, арыгыга дэлби өлөртөрөн, эбиитин бииргэ иһиспит уолаттара тобуйаннар, ытаан-соҥоон кэлээхтиир.

Дьиэлээх хаһаайын Байбал биэс уон биэс сааһын лаппа аастар да, билигин да «тэп» курдук, киһи сылайар-элэйэр үлэтигэр үлэлээбэт, үлэтэ да чэпчэки: дьыссаакка харабыллыыр. Икки күн өрөөн баран, үһүс күнүгэр дьыссаатыгар баран хонон кэлэр. Саҥа тутуллубут дьыссаат дьиэтэ истиин-тастыын аныгылыы матырыйаалынан тутуллан, сыттыын-сымардыын үчүгэй. Улахан, тирии дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытан, өҥнөөх тэлэбиисэри көрөр. Утуйан хаалан, сарсыарда сэттэ чааска биирдэ уһуктан, тэлэбиисэрин араарар. Үлэтэ диэн онон бүтэр. Оттон кэргэнэ Марыына кулууп буҕаалтыра. Үйэтин тухары буҕаалтырдаабыт киһи, кулууп кыра бүддьүөтүн таһаҕас оҥостубат. Ааһан иһэн оҥорор быһыылаах. Уоллаах кыыстара иккиэн куоракка орто анал үөрэххэ үөрэнэллэр. «Харчы көрдүүллэрин эрэ билэллэр. Хаһаайыстыбаҕа туох да көмөтө суох дьон», – диэн аҕалара кыыһырар. «Бу үлэ суох кэмигэр, тэрилтэлэргэ сарбыйыы бара турдаҕына, кинилэри, орто үөрэхтээх дьону, хайа тэрилтэ үлэҕэ ылыай? Бүтэрдэхтэринэ, тыаҕа таһаарыахпыт, сүөһү-ас иитиитигэр көмөлөһүөхтэрэ, бэлэм ас-таҥас мээнэ халлаантан түспэт», – диэн оҕолорун дьылҕатын быһаарбыттара ыраатта.

Билигин Байбаллаах Марыына өйдөрө-санаалара наар байбыт киһи диэн: кырдьар саастарыгар куоракка дьиэ туттан, сынньалаҥнык олоруохтарын саныыллар. Ол быыһыгар ипотеканан үс хостоох таас дьиэ ылыахтарын эмиэ баҕараллар. Аны ханнык да бааны итэҕэйбэттэр, тэллэхтэрин анна эрэллээх.

Байбаллаах Марыына утары көрсөн олорон, сарсыардааҥҥы чэйдэрин иһэллэр. Дьиэлээхтэр күннээҕи кыһалҕаларын, инники дьылҕаларын кэпсэтэ-кэпсэтэ уһуннук чэйдииллэрин сөбүлүүллэр.

– Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрбит «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн граҥҥа кыайан хапсыбатыбыт да, тохтуур санаам суох. Ити уол үлэлиир кэмигэр хаан таайыгар көмөлөспөтөҕүнэ сирэйэ саатыа. Устудьуоннуур кэмигэр көмөлөспүппүн умнубут быһыылаах. Бу дьиэҕэ элбэхтэ хоммут буолуохтаах этэ, – Байбал сөбүлээбэтэх куолаһынан көөҕүнүүр. Сырдык, маҥан хааннаах киһи, ыгыллыбытыттан, сирэйэ кытаран-наҕаран көстөр.

– Быраатым диэн быыбарга өлөргүнэн мөхсүбүтүҥ дии. Үп-харчы да харыыта суох барбыта. Ону умна охсубут дуо? Үлэлээтигит диэн биир соххор солкуобайы төлөөбөтөххө дылы этэ дии, – Марыына оҕонньоругар чэй кута туран, кылбар-халбар көрөр.

– Аныгы сайдыылаах сахалары билбит суох. Өйдүүр буолан эһиил көмөлөһүөм диэтэҕэ. Быйыл куоракка киирдэхпинэ, анаан-минээн кырдьаҕас эдьиийбит аахха хоно тиийиэм этэ. Ийэтигэр кэпсиир буолуохтаах. Туох өйдөөх-санаалаах киһи буолбутун билиллиэ. Эдьиийим эмээхсин миэхэ ыалдьар ини. Сыллата, аҕам саҕаттан, этинэн, арыынан хааччыллыбытын эмээхсин баҕас бэркэ өйдүүр буолуохтаах. Уйбаныап да Уйбаныап дииллэр да, кинини да көрүллүө. Бука миигиттэн ордубата буолуо. «Беларус» уонна пресс подборщик ылабын диэн аллааҕымсыйар. Бэйэбит баһылыкпыт Иван Еремеевич миэхэ ыалдьан, киирсэ сатаата да, кыайбата. Ити граҥҥа тииһиммиппит буоллар, ипотекаҕа киирэрбит хаалла.

– Холоон. Ол иһин наһаа эрдэттэн күөскүн өрүммү– түҥ. Эһиил да хантан эбии сүөһү булаҕын? Элбэх сүөһүлээхтэргэ уонна үүтүнэн дьарыктанар дьоҥҥо биэрэллэр эбит буолбат дуо? Бүөтүрүҥ билигин бэйэтэ сүүрбэ сэттэ сүөһүлээх, ол иһиттэн уона ынах. Бу ынахтар бары төрөөтөхтөрүнэ бэйэтэ отут сэттэ буола түһэр. Оннук сыллата эбиллэ туруо. Эбиитин боруодатын тупсарыыга үлэлэһэн, атыылаһыа турдаҕа. Үөһээ салалтаҕа олорооччулар да барытын билэ олордохторо. Икки ынахха биэриэхтэринээҕэр уон ынахха биэрбит быдан кырдьыктаах буоллаҕа, – Марыына үтүөмсүйэ соҕус туттан, чэйин иһэн сыыйар.

– Чэ, бүт эрэ, эн да бааргын дии. Үйэм тухары буҕаалтырынан үлэлээбитим диэн өҥнөнөҕүн да, тоҕо өй-санаа укпаккын? Хайдах гынан сүөһүбүтүн барыстаахтык элбэтэбит? Бырабыыталыстыбабыт грант биэрэр буолан баран, сүөһүнэн дьарыктаныан баҕалаахтарга барыларыгар тэҥник түҥэтиэхтээх дии саныыбын. Кимиэхэ эрэ мөлүйүөнүнэн, кимиэхэ эрэ соххор солкуобай. Тэҥэ суох балаһыанньа тахсар буолбатах дуо?

– Ээйиис, уонча сылы быһа соххор солкуобайтан саҕалаан муспут харчыбын сүөһү атыылаһарга биэриэ суохпун, – дьахтар, силбиэтэнэн төбөтүн хапсаппытыгар, кыһыл көмүс ытарҕалара эйэҥэлээн ыллылар.

– Бу да эмээхсин. Саҥам диэн саҥардаҕын. Хата, эт эрэ, харчыбыт төһөлөөтө? Эһиилгигэ тириэрдибэккэ, төһө баарынан ипотекаҕа киириэххэ. Оччоҕо дьон уорбалыа суох этэ, – диэтэ Байбал сөтөллөн хахсайа-хахсайа.

– Оҕонньор төбөҕүн үлэлэтэн көрүөххүн. Ол уон биэс-сүүрбэ сыл кирэдьииккэ киирэн, хабалаҕа хаптараҕын дуо? Муспут харчыбытынан быйыл сайын уоттаах, гаастаах уһаайба атыылаһыахпыт. Онтон эһиилгиттэн икки этээстээх коттедж дьиэ тутуутун саҕалыыбыт. Ону толкуйдаа, оҕонньор, – Марыына астыммыт киһи быһыытынан кэргэнин саннын таптайбахтаан ылар.

– Ол гаастаах, уоттаах уһаайба атыылаһар харчылаахпыт дуо? – Байбал хараҕа уоттана түһэр.

– Баар буолан этэр буоллаҕым. Быйыл сайын ылыах– пыт. Аны күһүн шлакобетонунан акылаатын түһэриэхпит. Онтон дьэ көрүөхпүт, салгыы туох матырыйаалынан туттарбытын. Кыаллар буоллаҕына үйэлээх гына пенобетонунан тутан дьэндэтэр бэрт буолуо этэ.

– Оо, бу эмээхсин, өйө-санаата сытыытын. Ол эрээри, мин да эйигиттэн улаханнык хаалсыбат оҕонньор буолуохтаахпын. Төһө да баара-суоҕа харабыл диэн намтата көрбүттэрин иһин, хаһаайыстыбаннай, илиибэр дьоҕурдаах, сатабыллаах буоламмын, буларым-таларым хайа да бэйэлээх үрдүк үөрэхтээх учуутал, быраас ыйдааҕы хамнаһынааҕар быдан элбэҕи өлөрөрүм буолуо. Ол да иһин көрөр харахтаах, истэр кулгаахтаах барыта биһиэхэ ордугургуур буоллахтара. Табаарыһым Бүөтүр ылбыт мөлүйүөнүгэр батыллан сытарын көрөрүм буоллар, төһө эрэ бэлэспинэн күлэр этим. Сураҕа, кыстык хотон тутар үһү. Чэ, баҕар, тутуоҕа. Онно түөрт уон сүөһүтэ толугураһан киирэр дуо? Мин курдук нэһилиэк сүөһүлэрин көрөбүн диэн биисинэс-былааныгар суох. Бэйэбит нэһилиэкпит баһылыга Иван Еремеевич уопсастыбаннай өйө-санаата суох диэн сирэн эрэрэ, – Байбал, кэпсээн көбдьөөрөрүн быыһыгар, иҥиэттэн ылар.

Ыарахан баҕайы ааны аһан, хотон сытынан аҥылыйан, үлэһиттэрэ Миитээски, биэдэрэлээх умса-төннө түһэн, киирэн кэллэ.

– Пахыый, бу киһи өйдөөбөтүҥ тугун сүрэй! Сибиинньэ биэдэрэлэрин дьиэҕэ киллэримэ, хотонуҥ таҥаһын хочуолунайга уһулан баран дьиэҕэ киирэр буол диэн хаста этиэххэ сөбүй? Аһаат, сүөһүлэр саахтарын таһааран балбаахтаа. Онтон тута сүөһүлэри уулата таһаартаар. Эмиэ хойутаан ойбон тоҥмутун кэннэ таһаараҕын дуу? – Байбал тойонун хаанын киллэрэн, дархаһыйа соҕус саҥарар. – Аскын ити билиитэттэн ылан түргэнник таҕыс, дьиэни бүтүннүү хотон сытынан ылан кэбистиҥ!

– Сөп, сөп, билигин тахсыам. Ити… Байбал, хамнаспын биэрэҕин дуо? Саппыкы ылыам этэ. Олох тэстэн бүттэ, – Миитээски аһыннарыахтыы алдьаммыт саппыкытын уһулан, эргитэ-урбата тутан, тойонугар көрдөрөр.

– Бар, киэр гын! Киһи сирэйигэр үҥүлүппүт буола буолаҕын. Ханнааҕы харчыбын биэрэбин? Биэнсийэ кэллэҕинэ биэриллиэ. Билигин хоспохтон саппыкы булан биэриэм. Эргэ саппыкы эрэ дэлэй буолуохтаах, – дьиэлээх хаһаайын дьоһумсуйа туттар.

– Ээ, сөп, – Миитээски оһох билиитэтиттэн кыра сыыҥкабай миискэҕэ кутуллубут миини уонна полиэтиленовай бакыакка угуллубут килиэбин ылан тахсан барар.

– Фуу! Сыта-сымара, саатар хотонун таҥаһын устан баран киирбэт. Хаста мин эйиэхэ эттим, дьиэҕэ киллэрэ үөрэтимэ диэн, – Марыына ойон тураат, кыһыл атылаас халаатын көннөрүммэхтээтэ, өттүк баттанан туран, оҕонньорун иннигэр самыытын ласпатан, эриллэҥнээн ылла.

– Эс, бу да эмээхсин, күн-түүн эдэригэр түһэн иһэр дии, – Байбал лэһигирэччи күлэр. – Мөлүйүөннээх Бүөтүрбүт үлэһитэ суох. Дьиҥинэн үс үлэһиттээх буолуохтаах. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарын таһынан, эбиитин үлэ миэстэтин таһаараары, судаарыстыба грант биэрэр буоллаҕа. Ол кинини байдын, массыына атыыластын, дьиэ тутуннун диэн буолбатах. Чэ, мин хонтуораҕа бардым. Сонун-нуомас истиллиэ. Исписэлиис уолу көрсүллүө. Эһиил Бөтүрүөп Данилы граҥҥа киирсиһиннэрээри суксуруһаллар ахан, биир иннэ үүтүнэн киирэр-тахсар буолбуттар. Чэ, бээ, мин бэҕэһээҥҥи бэтэнээскилэргэ босхо сытан биэрбэт оҕонньор буолуом, бу күн анныгар тоҕо, туох иһин биэс уон сэттэ сыл олох олорбуппунуй, иннибин-кэннибин удумаҕалатар курдук сананабын. Таарыйа Сөдүөттээххэ сылдьан ааһыллыа. Эмтэнэ барар буоллум, икки ынахпын сыл таһаар, иккиэн уулаахтар, төрөөтөхтөрүнэ биирин ылаар диэн эрэрэ.

– Оттон үүтэ? Ото? – дьахтар барыстааҕын толкуйдуу охсор.

– Бэйэбит ыан ылар буоллахпыт. Ол иһин ылар буоллаҕым. Отун тиэйтэриэх буолбута. Сатабыллаах саһыл саҕалаах, – Байбал бэрт кичэллик таҥнан, ааны күүскэ сабан, тахсар.

Байбаллаах дьиэлэригэр сыста туттубут хочуолунайдарыгар олорон, Миитээски дьиэлээхтэр сүөһүлэрин көрөр. Миискэҕэ кутан биэрбит мииннэрин, икки быһыы килиэптэрин сиэн баран оронугар тиэрэ түһэн сытан, Миитээски уһуну-киэҥи эргитэ саныы сытта: «Байбаллаах аһары байан, батталлаах дьон. Дьону киһинэн аахпаттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Бүөтүргэ бара сылдьан сүөсүһүтүнэн үлэҕэ ылаҕын дуо диэбиппэр, «Байбалыҥ батарыа суоҕа, сүөһүлэрин сылын таһаартаан баран кыстыкка киириигэ кэлээр, кэпсэтиэхпит» диэн үөрдүбүтэ. Кэпсэтэллэриттэн иһиттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга көмө быһыытынан биэрэр мөлүйүөннэрин бэйэлэрин эрэ баайдарын хаҥатарга ылар баҕалаахтар. Хантан кинилэр тиритэ-хорута сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, үүтү дэлэтиигэ үлэлиэхтэрэй? Дьонуҥ, хата, куоракка дьиэ туттаары гыналлар быһыылаах. Бүөтүр курдук дьоҥҥо биэрдэллэр, биһиги боростуой дьон, үлэлэнэн-хамнастанан хаалыа этибит. Байбаллаахха баҕас ол граннарын биэрбэтэллэр бэрт буолуо этэ. Чэ, бээ, саахпын балбаахтыы тахсар буоллаҕым. Байбалыҥ сааҕа – харчы. Самасыбааллаах буолан балбаах тиэйэн, саас балачча харчыны хоторор быһыылаах. Сүөһүлээх дьон эгэ эрэ ылыҥ диэн тиэйэн биэрэллэр. Дьэ, Байбалыҥ туос иһиттээххэ топпот, мас иһиттээххэ маҥалайа хаммат киһи. Өрүскэтигэр өрүскэ түс дииллэрэ буоллар хайыа эбитэ буолла?» – дии саныы-саныы Миитээски хотоҥҥо кэтэр сэмнэх буолбут хара тирии кууркатын, тэллибит саппыкытын, тарбахтара кытаран көстө сылдьар үтүлүгүн кэтэн, хочуолунайын аанын «лип» гына сабан, тахсан барда.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации