Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 8

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 8 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
3

Бырааһынньыктыы киэргэммит саалаҕа икки эрээт остуолга сахалыы иһиттэргэ кутуллубут астарын Аннетта Авдеевна астыммыт көрүҥнээх тэйиччиттэн быар куустан көрөн турда. Туох суоҕуй, ас арааһа барыта тардыллыбыт: духуопкаҕа буһарыллыбыт куобах, кус, ыһаарыламмыт собо балык, убаһа ойоҕоһо, куһуогунан буһарыллыбыт эт, бэрэски, кэтилиэт, голубцы, манты, тоҥ быар, хаһа иһиттэргэ кутуллан өрөһөлөнөн тураллар, остуолу араас өҥүнэн киэргэтэн оҕуруот салааттара, буруукта сахалыы оһуордаах иһиттэргэ кутуллубуттар.

Аннетта Авдеевна иһит тардыллан бүтэн, аны бэйэтин оҥостон, көрүнэн-симэнэн барда. Күндү хаарыс сахалыы былаачыйатын кэтэн баран, түөһүгэр үрүҥ көмүс илин кэбиһэри түөһүн бүтүннүү толору иилинэн кэбистэ. Ол быыһыгар остуолу тула кэлэр-барар, төттөрү-таары хаамар-сиимэр чарчыстыбыт сирэйдээх, чуочайбыт кыра уҥуохтаах ийэтин Дэбдэни хаста да кытаанах кытаанахтык көрөн ылла.

– Ийээ, бу эн хаһан бараҕын? Хараҥаран эрэр. Ыалдьыттар кэлэллэрэ чугаһаата.

– Ээ, барбат инибин. Эчи, тымныыта да бэрт. Билигин оҥостон сытыам, – Дэбдэ кыыһын диэки аһыннарыахтыы сымнаҕас-сымнаҕастык көрүтэлиир.

– Билигин сүүрбэччэ ыалдьыт кэлиэ. Дьиэ кыараҕас. Оннооҕор оҕолор барбыттара. Дьон кэлэ илигинэ бара оҕус. Сарсын эрдэ соҕус кэлээр. Күнү быһа иһит хомуллубакка туруо дуо?

– Мин кимҥэ да мэһэйдээбэккэ, ороммор утуйуом буоллаҕа. Бачча тымныыга хайдах барыахпыный? Оптуобус да сүгүн сылдьыбат.

– Сатахха, ити киһи сүтэн хаалла, син быраҕан биэриэ этэ. Такси ыҥырабын дуо? – дьахтар ийэтин аһыммыттыы көрөн ылла.

– Ээ, суох, бэйэм да барыам. Оптуобус эрэ кэллэр, булан тиийэр инибин, – Дэбдэ таҥнан хачыгырыйда.

– Чэ, кытаат, түргэтээ, халлаан хараҥарда, – диэн хаһыытаан хаалла тараҥнатан ииппит мааны орто кыыһа.

Тохтобулга чугаһаан иһэн, оптуобус иһэрин көрөн, эмээхсин сүүрэн бөкөөлөөтө. Оптуобуска, хата, киһи аҕыйах эбит. Дэбдэ киирээт көхсө сааллан, сылайбыта таайан, утуктаан хараҕа сабыллан барда. Санаатыгар, чыпчылҕан эрэ түгэҥҥэ нуктаан ылла. Анньыалаабыттарыгар уһуктан кэллэ, иннигэр барыйан турар нууччаны көрөн «дьик» гынна. Оптуобус суоппара эбит.

– Бабушка, бу бүтэһик тохтобул. Ханна түһүөхтээххиний? – хата, эмээхсин үөрүөн быатыгар, сахалыы саҥаран соһутта.

– Мин «Сэргэлээх» тохтобулга түһүөхтээх этим, – эмээхсин куттанан титирэс куолаһынан эппиэттээтэ.

– Мантан үһүс тохтобул. Мин үлэлээн бүттүм. Ол тохтобулга түстэххинэ, кыайан сатыы бараҕын дуо?

– Барыам этэ, – Дэбдэ иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата. Суоппар саҥата суох оптуобустан тахсан барда. Сотору буолаат, ыҥырар саҥата иһилиннэ.

– Бабушка, кэл, манна. Бу автобуска олор. Тохтобулгар түһэриэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо, ханнык тохтобулга түһэрэргин?

– Өйдөөтүм, – аны эмээхсин соһуйуон быатыгар, хара омук эргиллэн олорон, сахалыы эппиэттээтэ. Дэбдэ, бэл, кэннинэн чугуруҥнаан ылла.

– Бабушка, куттаныма, үчүгэй уол. Тохтобултан чугас уонна киһи аҕыйах буоллаҕына, дьиэҕэр тиэрдэн биэриэҕэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо? – кырдьаҕас суоппар эдэр хара бараан уол саннын таптайан ылла.

– Да, понял, – эмээхсин иһирдьэ киирэн олорорун кытта оптуобус хоҥунна. Икки тохтобулу ааһаат, үһүскэ тохтоото.

– Түс, кэллибит, – диэн буолла. Бу тохтобулга биир да пассажир түспэтэҕиттэн, суоппар эмээхсин дьиэтин аадырыһын ыйытан баран, «через 10 минут» диэт, дьиэлэр быыстарынан түргэн хаамыынан батыһыннарда. Ыксала сүрдээх. Дэбдэ түргэн хаамыыттан уонна хойуу бурҕаҥнас салгынтан түөһэ хам тутан тэмтээкэйдээн ылла, эбиитин эп-эппэҥнэс буолла.

– Кэллиҥ. Бу – эн дьиэҥ, – суоппар олуттаҕас соҕустук эттэ.

Дэбдэ өйдөнөн баһыыбалаабакка да хаалла, киһитэ хайыы үйэҕэ элэс гыммыт, чугуруҥнаан, дьиэтин нүөмэрин уонна подъеһын көрдөөн, балачча өр этээстээх таас дьиэни эргийэ сырытта. Ити кэмҥэ эдэр уол элэстэнэн ааһан иһэрин тохтотон, дьиэтин чуолкайдаһан ыйыппытыгар, подъеһын ыйарын ааһан, кыбартыыратыгар таһааран биэрдэ, эбиитин балачча уһуннук күүскэ хос-хос баттаан звоноктаата. Кыбартыыра аана аһыллар тыаһын истэн, эдэр киһи аллара сүүрэ турда.

– Хайа, туох ааттаах хойутаатыҥ? Мааҕын барда диэбиттэрэ, – орто кыыһа Анфиса ийэтигэр өрө хабылла түстэ.

– Муна сырыттым. Хата, эдэр дьон түбэһэн, көмөлөһөн абыраатылар. Үтүө санаалаах, үчүгэй дьон бааллар эбит, – эмээхсин иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр саҥарда.

– Бэрт дьон дьиэлэригэр хонноро илдьиэхтэрин, – кыыһа сөбүлээбэтэх куолаһа иһилиннэ. – Итии чэй иһиэҥ дуо?

– Иһиэм этэ, – эмээхсин сиигирэн мууһуран хаалбыт унтуутун нэһиилэ чыраахтаһан уһулан, батареяҕа өйөннөрө ууран баран остуолга кэлэн олорбутугар, кыыһа барбах эрэ итии чэйдээх чааскыны аҕалан иннигэр уурда.

– Аһыыгын дуо? – хатыылаах куолаһынан ыйытта. – Аннетта аһатан ыытта ини? Мааны дьахталлары ыҥырар буолан, биһигини ыҥырбата. Биирдэ эмэ үһүөн бииргэ мустуохпут диэбитэ да, баран бэрт. Бииргэ мунньарыттан кыбыстар буоллаҕына, сылдьыа эбээт. Кини санаммыт дьахталларыттан итэҕэс буолбатыбыт ини. Эйигин хас хонон баран кэлээр диэтэ?

– Ээ, суох, бэйэм да барыам. Оптуобус сылдьар ини. Сарсыарда сырдык буоллаҕа.

– Аҕыйах иһити баҕас, бэйэтэ да сууйуо эбит. Саҥа дьыл кэллэ, түбүк бөҕө буолуо. Туохха манна мэһэй-таһай буола сылдьаҕын? Тыаҕа улахан кыыскар Аринаҕа тахсыаххын. Сураҕа, сыбаайбалаары сылдьар үһү.

– Ол ким, Саша дуо? – эмээхсин туоһулаһар.

– Шараповтары кытта уруурҕаһар буолбут. Сураҕа сирэр үһү да, уола хайыы үйэ күтүөттээбит, хайыаҕай, сыбаайба тэрийэригэр эрэ тиийбит, – Анфиса сэтэрээбиттии мүчүк гынар.

– Шараповтар туох куһаҕаннаах буолуохтарай? Үлэһит аймах, – Дэбдэ, кыыһа сөбүлээбэтин төһө да сэрэйдэр, утары саҥарда.

– Дьэ, ити санааҕын улахан кыыскар тиэрдээр. Инньэ гынан быйыл ханна кыстыыр былааннаах олороҕун?

– Ээ, суох, дойдубар дьиэбэр кыстаабат буоллахпына, тахсыбаппын. Социальнай үлэһиттэрбэр, Мариналаах Раисаҕа бу ааспыт ыйга сайабылыанньа ыыппытым. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр барыахпын баҕарабын диэн. Сотору быһаараллар ини, – эмээхсин кыыһын сэрэхэдийбиттии көрөр.

– Оо, дьэ, бу туох акаары эмээхсиҥҥиний? Оҕолоруҥ ааттарын түһэн биэрэҕин дуо? Дьэ, кыргыттарыҥ ааттарын аар-саарга аатырдыбыккын дии. Улуус хайыы үйэ биллэ ини? Пахай даҕаны, Ариналаах Аннетта билэллэр дуо? Билигин кыргыттаргар эрийиэм, – дьахтар иһити-хомуоһу тыастаахтык сыҕарытар.

– Этэн көр. Кыыс оҕо төрөппүккэ чугас дииллэр да, мин кыргыттарым тоҕо эрэ олус тоҥуйдар, ол баҕар иитиититтэн буолуо. Хаһан да утары көрүллүбэккэ, ытыс үрдүгэр иитиллибит оҕолор өйдөрө-санаалара оҕо эрдэҕинээҕилэриттэн уларыйбат дииллэрэ кырдьык эбит. Маанылаан ииппит үс кыыстаахпын да, кинилэр сылаас сыһыаннарын билэ иликпин. Санаабар, дьон оҕолоруттан итэҕэс ииппэтэҕим да… – Дэбдэ ситэ саҥарбакка, күөмэйэ кычыгыланан, хараҕа ууланан барар.

– Араас буолума. Манна ытамньыйа кэлбитиҥ дуо? Итиннэ саалаҕа дьыбааҥҥа орон оҥорбутум. Онно баран сыт. Ариналаах Аннеттаҕа итинник ытаан ыҥыргыы олоруоҥ суоҕа, – кыыс силбиэтэнэн, куукуна уотун саба тутан, хоһун аанын күүскэ аһан, хоһугар киирэр.

Анфиса хоһугар киирэн, төлөпүөнүн ылан, эдьиийи– гэр Аринаҕа эрийэр.

– Аллуо, эдьиий, дорообо! Туох сонуннааххын? Сураҕын иһиттэххэ, Саша ыал буолан эрэр дуо?

– Ыал буолла быһыылаах. Киһи тылын истибэт. Куоракка, биһиги туспутугар биир тэҥнээх кыыс көстүбэтэх, – эдьиийин куолаһа хабылла түһэр. – Балтыбыт Аннетта итиннэ үбүлүөйдүү олорор дуо? Тоҕо ыалдьыттарын араартаата?

– Араартаабыт дии. Сураҕа, бииргэ үөрэммит доҕотторун, үлэлээбит дьонун, истиҥ дьүөгэлэрин ыҥыртаабыт үһү. Биһигини аймахтарын иккис этээпкэ ыҥырар үһү.

– Иккис этээптээн ол тугу туһанарый? Ордук түбүктээх ини. Мин аҕыйах киһилээх оҥорор былааннаахпын. Шараповтары дархаһытар санаам суох.

– Эдьиийим сөпкө этэҕин. Манна ийэҥ кэлэн олорор. Бачча тохсунньу торулуур тымныытыгар, дьахтарбыт кырдьаҕас киһини, ийэтин сатыы ыыппыт, саатар аҕалан биэрбэтэхтэр. Онно кини тугун мэһэйдиэ этэй? Бэркэ гыннар, оронугар сытыа этэ буоллаҕа.

– Оо, хайдах биэс уонтан тахса кыраадыска ийэтин соҕотохтуу ыытарый, сүрэҕэ да ыалдьыбат, акаары дьахтар.

– Истэн абыран, ити өссө кыра. Ийэбит социальнайдарга кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыытыҥ диэн сайабылыанньа биэрбит. Дойдубар барбаппын, дьиэбэр олорбот буоллахпына, ол кэриэтин тэҥнээхтэрбин кытта кимнээҕэр үчүгэйдик олоруом, төрөппүт оҕолорбор мэһэй-таһай буоларбын сөбүлээбэппин диэбит. Ону аҕа киһибит, эдьиийбит туох диигин? – Анфиса үчүгэйи эппит курдук, тохтообокко хабыгыраан олорор.

– Бүт эрэ, аата айманнаххын. Улууспут социальнай үлэһиттэрин бэркэ билэбин. Сарсын Мария Николаевнаҕа эрийиэм. Сайабылыанньаны төттөрү ыларыгар этиэҕим.

– Оннук эрэ буоллун. Чэ, сөп, сарсын кыыһыгар Аннеттаҕа илдьэн биэриэхпит. Оттон дьахтарбыт, саатар, чэйдэтэн ыытар ини.

– Сөп. Сарсын киэһэ кэпсэтиэхпит. Ону быһаарыахпыт, – эдьиийэ төлөпүөнүн саба тутта быһыылаах, чуумпуран хаалла. Анфиса хайыы үйэ утуйан мунна тыаһыы сытар кэргэнин улаҕа диэки анньан баран, тыаһа суох оронугар кумуччу туттан сытта. Хайдах эрэ ийэтин аһына санаан кэллэ. Ийэтэ муҥнаах түүрүллэн баран, дьыбааҥҥа сытаахтыыр. Киһилии кэпсэтии да суох. «Кыыскар аһаан кэлбитиҥ буолуо», – диэн кырдьаҕас төрөппүтүгэр итии чэй да кутан биэрбэтэ. «Олус да тыйыс, кытаанах дьахтарбын, эгэ, киһилии кэпсэтиэм дуо, кэргэним Игорь, бэл, бэркиһиир: «Бары үһүөн үөрэхтээх, мааны, интеллигентнэй дьахталларгыт эрээри, төрөппүт ийэҕитигэр сыһыаҥҥыт наһаа холуон. Тымныы сыһыаннааххыт. Киһи сүөлүргүүр». Ити этэрэ оруннаах. Игорь төрөппүттэригэр наһаа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, чугас буолан нэдиэлэ ахсын быыс булан хайаан да тахсан көмөлөһөн киирэр, наадаларын барытын булан таһаарар. Хамнастаах буолан, кинини саҥардыбат, биирдэ эмэ харчыны дьоҥҥор наһаа барыыгын диэн тутуһан көрдөҕүнэ, истэ да барбат. Иккилии сыл буола-буола, төрөппүттэрин соҕуруунан, кыраныысса таһынан күүлэйдэтэ ыытар идэлээх. Оттон кинилэр сэттэ уонун лаппа тахсыбыт ийэлэрин үс ыалынан хардары-таары эстэрээпэ курдук илдьэ сылдьаллар, эбиитин төттөрү-таары сатыы таскайданар. Ийэм барахсаҥҥа маанылаан ииппитигэр махталбыт, үтүө сыһыаммыт ити буоллаҕа. Ийэбэр сыһыаммын уларыттахха табыллар. Уолум Арсен барытын көрө-истэ сылдьар: «Эбэбин тоҕо наар мөҕө сылдьаҕын?» – диэччи. Кырдьар сааспар уолум итинник сыһыаннастаҕына, холоон буолар инибин. «Кырдьар саас – кырыыс» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ийэбит наһаа киһини таһынан атаахтатан иитэн, маннык куһаҕан майгылаах дьахталлар буоллахпыт. Хайдах да кырый, сааһыр, оҕо саастааҕы куһаҕан майгыны уларыппаккын дииллэрэ кырдьык быһыылаах», – Анфиса бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэрин туора соттон кэбистэ.

4

Дэбдэ саалаҕа сыбдыйан киирэн, тыаһа-ууһа суох сытаат, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэрин сотто сытта. Ыал буолан Авдейынаан олорбут олоҕо киинэ экранын курдук хараҕар элэҥнээн барда. Кэргэнинээн бэркэ да олорбуттара. Оскуолаттан доҕордоһон, уол аармыйаттан кэлэрин кытта, икки өттүттэн аҕыйах киһилээх сэмэй сыбаайба оҥорбуттара.

Авдейа сытыары-сымнаҕас, үлэһит бэрдэ этэ. Биирдэ улаханнык кыыһырсыбатахтара. Биирдэ эмэ кыралаан кыыһырыстахтарына, Авдейа бастакынан эйэлэһэрэ, күлэн-салан барара. Хантан, кими батан, ити кыргыттар ньиэрбинэй буолбуттара буолла, биир тэппи тылы истибэттэр. Төрөппүт ийэлэрин көрдүлэр да, ис-истэриттэн тымтан, кыыһыран тамнааттаммытынан бараллар, биир да саҥатын киһилии истибэттэр. Хайдах итинник буолбуттара буолла? Кини бачча сааһыгар диэри биир да дьахтары кытта кыыһырсыбытын, этиспитин өйдөөбөт. Оскуоланы бүтэрээт, кэргэн тахсан, онтон сылы-сыллатааҕы кыргыттарын оҕолонон, ханнык да үөрэххэ барбатаҕа. «Саатар биир сыллаах атыылааччы эбэтэр сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэн, наар тирээпкэ тутан баран сылдьыаҥ дуо, кыргыттары биһиги көрүөхпүт, аҕалара баар», – диэхтиирэ ийэтэ. Билигин санаатахха, ийэтэ барахсан сөпкө да этэр эбит. Үөрэммэтэҕэ. Авдейа эмиэ үөрэҕэ суох эрээри, илиитигэр талааннаах буолан, үтүрүм-хатырым сылдьыбатаҕа. Мас ууһа буолан, дьиэ бөҕөнү тутуспута, түннүктэрин, ааннарын холуодаларын туруортаабыта, араамаларын оҥортообута, эбиитин тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, механизатордар тиэхиньикэлэрэ алдьаннаҕына, кинилэр уһаайбаларыгар соһон илдьэ кэлэллэрэ.

Оттон кини бу нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр дьиэлэрин барытын сууйбут өҥөлөөх. Оскуолаҕа солбуллубат уборщица этэ, атын тэрилтэлэри, солбук буолла да, биир тыла суох баран сууйара. Күөх оту тосту үктээбэт сымнаҕас ыаллар аатыраллара. Онтулара ханна баарый, маанылаан ииппит тапталлаах кыргыттара олус атаахтык иитиллэн, төрөппүттэрин өттүлэриттэн туох да тэппини көрбөт буола улааппыттара. Атын дьоҥҥо үчүгэйдэр ээ, үчүгэйдик үөрэммиттэрэ, бэрээдэктээхтик ииппит, бастыҥ төрөппүттэринэн ааттаналлара. Сыл ахсын Саҥа дьылга, ыһыахха грамота, сылаас, истиҥ тыллаах махтал сурук бөҕөнү ылаллара. Кырдьыгынан эттэххэ, Авдей сымнаҕаһынан сымнаҕас этэ эрээри өһүргэһэ, ордук кыргыттарын туһунан тугу эрэ сөбүлээбэтин иһиттэҕинэ, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри көмүскэһэрэ. Кими баҕарар кытта этиһэ-аахса барарга бэлэмэ. Оннооҕор кинини саҥардыбата. Хамнас кэлбит күнүгэр кыргыттарыгар хайаан да харчы өлүүлүүрэ. Ыйдааҕы бородуукталарын, уоттарын, нолуоктарын төлүүр харчылара тиийэригэр олох кыһамматтара. Ол иһин кини солбугун харчытын туспа ууран, хаһаайыстыбатын наадатыгар туттара. Авдей, биллэн турар, сэрэйдэр да, утарыласпат этэ. Ол оннугар бэйэтин хамнаһын кыргыттарыгар күн-ый ыһыаҕа оҥороро. Оннук киһи этэ. Аҕалара уон сыллааҕыта эрдэ баран, биэс сыл син бэйэтэ ыал буолан олорбута. Авдей олох өлөрүн саҕана сүрэҕэ сэрэйбит этэ, илиитин тутан сытан: «Соҕотох хааллыҥ. Кыргыттарыҥ иитэллэрин саарбахтыыбын. Тоҥуй сүрэхтээх кыргыттары иитэн таһаарбыппытыгар, мин буруйдаахпын. Кыаҕыҥ баарынан бэйэҥ олоро сатаан көрөөр. Быдан сынньалаҥнык, бэйэҥ бэйэҕин көрүнэн олоруоҥ этэ. Саатар, балтыҥ Марианна үйэтэ уһаабыта буоллар, өйөһөн олоруо этигит», – диэхтээбитэ. Кэлин кыргыттара: «Туспа ыал буолан дархаһыйан олорума. Биэнсийэҕинэн син биир кыайан тиийинэн олорбоккун», – диэн, алталыы ыйынан быысаһан, үс кыыс олордорго быһаарыммыттара. Оннук биэс сыл кыргыттарыгар олорон кэллэ. Кыргыттара, хас саҥалыы эргийэн тиийдэҕин ахсын, түтүр-татыр, сөбүлээбэтэх курдук тутталларыттан сүрэҕэ ыалдьар. Дьүөгэлэрэ Даайалаах Марина барытын көрө-истэ сылдьан, улуустааҕы социальнай управлениеҕа сайабылыанньа суруйарыгар сүбэлээбиттэрэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ олорорго көрдөспүтэ да, хайыыллар? Кыргыттарга алҕас быктаран кэбистэ быһыылаах, ол сайабылыанньатын тутан да ыллахтарына көҥүллээх дьон.

Дэбдэ, хас эргийдэҕин аайы хачыгырыыр дьыбаанын атыҥыраан аанньа утуйбата, кыратык нуктаан эрэ ылла. Сарсыарда эрдэ, сэттэ чааска туран, бастакы оптуобуска тахсаары таҥнан хачыгырыйа турдаҕына, кыыһа Анфиса хоһуттан тахсан кэллэ.

– Хайа, туохха ыксаатыҥ? Игорь үлэтигэр бара таарыйа илдьэн биэриэҕэ, – Анфиса тоҥуй куолаһынан быһаарда. – Билигин туруоҕа, үлэтигэр аҕыс чааска баар буолуохтаах. Бар, саалаҕа киирэн, дьыбааҥҥа олор, аан таһыгар хоройон баран турума.

Дэбдэ тыаһа суох саалаҕа киирэн, дьылыччы туттан олордо. Орто кыыһа Анфиса уһун хара суһуохтаах, хап-харанан көрбүт орто уҥуохтаах кыыс этэ. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, улуустааҕы биридимиэтинэй олимпиадаларга куруутун кыттан, инники бириистээх миэстэттэн түспэтэ. Учууталлар ытыстарын үрдүгэр илдьэ сылдьыбыттарын түмүгэр, бэйэмсэх бэрдэ буолбута. Билигин улахан тэрилтэҕэ кылаабынай буҕаалтырынан үлэлиир. Кини эппитэ барыта быраап. Кэргэнэ Игорь сымнаҕас киһи түбэһэн, талбытынан сылдьар. Уоллаах кыыс оҕолоохтор, барахсаттарым хата истигэннэрэ, аҕаларын курдук сымнаҕастар. Анфисаны оҕо эрдэҕинэ тосту-туора кытаанах дьахтар буолуо диэн санаабат этэ. Саҥаран-иҥэрэн, үөрэн-көтөн, хааман-сиимэн, көрдөххө дьахтар аллааҕа, үчүгэйэ. Кэргэнигэр, оҕолоругар сыһыана эмиэ ааттаах эрээри, төрөппүттэригэр сыһыанынан оҕолоругар туох үчүгэй иитиини биэрэрэ буолла?

Билигин кыра кыыһыгар Аннеттаҕа тиийиэҕэ. Аҕата олох күҥҥэ көрбүт тапталлаах оҕото. Оҕо эрдэҕиттэн тэппини көрбөт атаах кыыһа этэ. Оскуолаҕа, улууска биллэр тарбахха баттанар спортсменка, өрөспүүбүлүкэ сборнайа диэн ааттанара. Кини кыттар күрэхтэһиитигэр аҕата көтүппэккэ сылдьара. Быһый атахтааҕа, сүүрэн кылбаҥнатара. Оттон баскетболлаан, волейболлаан элэҥнэттэҕинэ, күрэхтэһэр дьонугар харахха быраҕыллара, ыалдьааччылара хаһыы бөҕөнү түһэрэллэрэ. Икки төгүллээх маастарга хандьыдаат этэ. Хараахтарыттан маастар буолбатаҕа. Улаатан истэҕин ахсын тириэньэрдэрин кытта тапсыбат буолан испитэ. Аҕата барахсан хомойоохтуура. Үлэтигэр да дьону кытта тапсыбат этэ. Хата, ИП буолан, бэйэтэ бэйэтигэр үлэлиир, иистэнэр буолан абыранна. Түүлээх таҥаһы тулуппат. Дьахтар сахалыы былаачыйатыттан саҕалаан, сонугар, бэргэһэтигэр тиийэ тигэр. Хаачыстыбалаахтык тигэр буолан, уочарат быыһа суох. Дьиэтигэр сыһыары эрээри, туспа ааннаах мастарыскыайы Михаил тутан биэрэн, табыллан сылдьар. Биир уоллаахтара Сима спортсмен бэрдэ. Ийэтин баппыт. Атаҕар үчүгэй, ааттаах баскетболист, волейболист. Билиҥҥитэ оҕом сыыһа үчүгэй курдук, күрэхтэһиигэ көтүппэккэ сылдьар, тириэньэрдэрэ хараактарыгар үлэлэһэллэр быһыылаах уонна аҕата уолугар кытаанах, атаахтатан мээнэ тараҥнаппат.

Онтон сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт, уһун ньаассын саһархай суһуоҕун биир гына мөлбөччү өрүнэн, дуоспуруннаах баҕайытык оскуола саҕаттан туттар улахан кыыһа Арината этэ. Өктөбүрүөнэк, пионер, хомсомуол барыта буолбута. Бачча сааһыгар диэри салайар үлэҕэ үлэлээн кэллэ. Биэнсийэҕэ барбыта да, оскуолатын салайан олорор. Солбуллубат дириэктэр. Хаһаайыстыбанньык бөҕө. Эргэ оскуолатын саҥатыгар түһэрдэ. Уоллаах кыыс оҕолоох. Сураҕа, Сашата дойдутун Шараповтар кыыстарын кэргэн ылар дииллэр, тоҕо эрэ Арина сөбүлээбэт үһү. Ол түмүгэр, уол дьиэтигэр таарыйбакка, кыыска тиийбит. Дьиҥинэн, былыр-былыргыттан кыыс оҕо кэргэн сүктэн уолга тиийиэхтээх этэ буоллаҕа. Аныгы үйэ дьоно бэйэлэрэ билэллэринэн уларыта тутан эрдэхтэрэ. Кырдьаҕастартан аны ыйыппаттар, сиэр-туом барыта уларыйан иһэр.

Авдей оҕолорун үһүөннэрин бэйэтэ ааттаабыта, эбэлэр ааттара наһаа кырыйда, аныгылыы ааттыыбын диэбитэ. Арина, Анфиса, Аннетта диэн ааттаталаабыта. Кыргыттар ааттарын сөбүлүүллэр. Арай Анфиса соччо биһирээбэт. «Николай Габышев «Анфисатын» аатын биэрбиккин. Анфиса курдук чэпчэки дьахтар буолбатахпын», – диэн тыллаах. «Анфиса курдук майгылаах буолаҥҥын, дьону кытта тапсан үлэлээбэккин, хата, аныгы үйэ киһитэ буолаҥҥын, ИП буолбуккар махтан», – диэн эдьиийэ Арина өһүргэтэр.

Дэбдэ дьыбааҥҥа олорон эрэ нухарыйыах курдук буолан истэҕинэ, күтүөтэ турар тыаһа иһилиннэ, уолун туруорда быһыылаах, сэрээккэлээн тыас-уус бөҕө буоллулар. Игорь киниэхэ сымнаҕастык сыһыаннаһар, кыыһыттан олох атын майгылаах.

Таас асфальт суол устун Аннетталаах диэки сыыйылыннардылар. Сотору буолаат, уон этээстээх таас дьиэ иннигэр тохтоотулар. Дэбдэ, ааны аһан биэрбиттэригэр, күтүөтүттэн тардыһан, нэһиилэ түстэ: «Бэйэм тахсыам. Бэҕэһээ лиип үлэлиир этэ», – эмээхсин, күтүөтүттэн суумкатын ыларын быыһыгар, эйэҕэстик эттэ.

5

Дэбдэ иһиттэри эбиэт саҕана нэһиилэ сууйан бүтэрдэ. Кыыһа Аннетта, хата барытын серваҥҥа сотон ууран, дьаарыстаан көмөлөһөн абыраата.

– Эбиэттэн киэһэ биһиги Михаиллыын «Хара хаар» диэн сахалыы киинэҕэ барыахпыт. Билигин чэйдиэхпит. Биһиги барбыппыт кэннэ дьиэни үчүгэйдик быыллаан, пылесостаан, муостаны капитальнайдык сууйаар, – диэн, кэм сымнаҕас соҕустук дьаһайан абыраата. Остуолу толору ас тардан, имири-хомуру аһаатылар. Дэбдэҕэ иһигэр ас да киирбэтэ, барыта тууһаммыт, сытыы тумаҕа буспут эт астар, араас салааттар. Сарсыардатын дьоно үлэлэринэн, үөрэхтэринэн тарҕаспыттарын кэннэ, овсянка хааһы буһарынан сиирэ. Бу билигин сололонон буһарбата даҕаны.

– Эбээ, хааһыгын тоҕо буһаран сиэбэтиҥ? – сиэнэ Сима, эбэтэ аһаабакка олорорун көрөн, ыйытта.

– Аһыаҕа чэ, ас элбэх, – ийэлэрэ тоҥуйдук хардарда. – Бу киһи туохха да кыһаммакка хаһыат ааҕа олорор. Саатар аһыаххын. Бачча элбэх ас таах хаалыа дуо? Аһаан кимиритэн иһиэххитин, эр дьон буолан баран. Астары, аһыйбат гына, үчүгэйдик халадыынньыкка угаар эрэ. Сарсын күнүскү аһылыкка үлэм дьахталларын эбиэккэ ыҥыртыам. Күнүс остуолу үчүгэйдик тардаар, – Аннетта ийэтин диэки кырыылаах баҕайытык көрөн ылар.

– Ийээ, Турцияҕа хаһан бараҕын? – уола ыйытар.

– Оҕом, хата, өйдүүр эбит. Тэрилтэм Турцияҕа 10 күннээх путевка биэрдэ. Муораҕа баран сөтүөлэниллиэ. Икки путевка. Бу киһи барсыбаппын диир. Оҕом барсара дуу? – ийэлэрэ уолун эйэргээбиттии көрөр.

– Суох, барбаппын. Эксээмэннээхпин буолбат дуо? Уонна Турцияҕа сылдьыбытым, – уола сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар.

– Ийэҕин илдьэ бар. Кырдьар сааһыгар кыраныысса таһын биирдэ көрдүн ээ, – күтүөт Михаил убаһа ойоҕоһун уҥуоҕун кимирийэрин быыһыгар саҥарар.

– Сөбүн биирдэ Москванан, Санкт-Петербурунан күүлэйдэппитим. Билигин кинини иккиһин соһор кыаҕым суох. Атын икки кыыһа күүлэйдэттиннэр, – Аннетта өс саҕа буолар.

– Босхо путевканан иккиһин да төрөппүт ийэҕин күүлэйдэттэххинэ тугуй? Ийэҕэр олус да тоҥуйдук сыһыаннаһаҕын. Киһи да бэркиһиир, – Михаил ситэ аһаабакка, остуолтан туран саалаҕа киирэр. – Бэҕэһээ да ийэҕин остуолга олорпотоҕуҥ сүрдээх этэ. Өссө бу үлүгэр тохсунньу торулуур тымныытыгар кырдьаҕас киһини оптуобуһунан ыыппыккын. Уолгуттан да кыбыстыбаккын.

– Ээ, чэ, мин… бэйэм барбытым. Уонна соҕуруу барбаппын. Ааспыкка наар маҕаһыын эрэ кэрийэн, таһаҕас эрэ тутан тахсыбытым, – Дэбдэ барахсан, этэн бүтэн баран, сыыһа саҥарбытын өйдөөн, айаҕын саба туттубутун сиэнэ уол бэлиэтии көрөн, күлэн мичик гынна.

– Чэ, оннук буолуохтаах этэ, – саалаттан Михаил саҥата иһилиннэ.

– Ийээ, бар, хоскор, мээнэ тэпсэҥнии турума, – кыыһын кытаанах саҥатын истэн, эмээхсин тыаһа суох хоһугар тэмтэриҥнээтэ.

Дэбдэ, оронугар дьоно тахсан чуумпуралларын кэтэһэн токуллан сытан, таҥаһын хомунан автовокзалга барарга сананна. Автовокзал мантан чугас. Бөһүөлэктэрин таксистарын ааҕа билэр. Биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин оҕолоро, сиэннэрэ буоллахтара. Бүгүн дойдутугар, дьиэтигэр тиийэн, оһоҕун оттон, дьиэтин ититиэ. Күн да мантан ыла уһуо, халлаан итийиэ. Бүгүн ахтылҕаннаах уһаайбатыгар тиийиэҕэ. Сураҕа, быйыл сайын бөһүөлэккэ ититиини толору киллэрэллэр үһү. Оччоҕо дьиэтигэр олоруоҕа. Ити уһаайбаларын ылбыттара биэс уон биэс сыл буолла. Күн-дьыл ырааппыт да эбит. Нэһилиэк сэбиэтин сессиятын быһаарыытын илиилэригэр тутан тураллара бу баар. Сэбиэт оҕонньор Уйбаанабыс барахсан: «Оҕолорбор көнө сирдээх, үчүгэй оттоох-мас– таах уһаайба булан биэрдим», – диэхтээбитэ. Кырдьык, тэлгэһэтин күп-күөх ньаассын ото алтан отунан саһарара, күһүнүн дөлүһүөн сибэккитинэн тэтэрэрэ. Дэбдэ бэйэтэ олбуорун иһин ньургуһун от тиэрэн тэниппитэ. Эбиитин уһаайбатын биир муннугар тэтэрэ кыыспыт сардаана сибэкки олордубута, онто сыллата эбиллэн, киһи хараҕын үөрдэрэ. Дьахталлар ымсыыра көрөллөрө. Бөһүөлэккэ отунан-маһынан киниэхэ тэҥнээх уһаайба суох, отонноох маһын ааҕан сиппэккин: дьаабылыка, сирень, акация, черемуха, облепиха, бузина, боярышник, о.д.а. мастар силигилии ситэллэрэ. Кыргыттара, күтүөттэрэ мас арааһын аҕалан олордоллоро. Ыам ыйыгар мастара тыллалларын долгуйа күүтэрэ, хас биирдиилэрин тулатын ыраастыыра, төгүрүччү хара буорун көбүтэрэ, көрө сылдьан ууну дэлэччи кутара. Барахсаттарым, быйыл төһө эрэ силигилээн үүнэллэр, сыттыын-сымардыын кэрэлэр, дьахталлар анаан кэлэн хаартыскаҕа түһэн бараллара.

Дэбдэ таҥнан дьиэтиттэн саҥа тахсыах курдук туттан иһэн, аан аһыллар тыаһын истэн, чугурус гынна. Ол да буоллар, күүстээх санааны ылынан тахсар ааҥҥа барда.

– Хайа, эбээ, бу ханна бардыҥ? – сиэнэ Сима соһуйа көрүстэ.

– Автовокзалга. Дойдубар бардым, – Дэбдэ сиэнин өрө көрөн турда.

– Эбээ, автовокзалга хайдах сатыы барыаххыный? Билигин мин такси ыҥырыам, – уол төлөпүөнүн ылан түргэн-түргэнник баттаан эрийээт, эбэтин саалаҕа киллэрэн, дьыбааҥҥа олорто. – Олор, эбээ, сотору такси кэлиэ. Итии чэйдэ ис, айаныҥ уһун буолуо. Аны саас каникулга мин тиийиэм, сөп дуо? – Сима эбэтигэр итии чэй кутан аҕалан, остуолга уурар.

– Сөп, һыллы, тиийээр. Оҕобун күүтүөм, – эмээхсин мичээрдээн иэдэһэ чарчыстар.

– Мин бугул түгэҕин харбыырым, Сиэнньискэлиин сороҕор, от кэбиһэллэригэр, наһыылканан бугул таһарбыт. Бу биэс уон кыраадыс ахсынньы, тохсунньу бурҕайар тымныытыгар санаатахха, сайын салгынныын наһаа үчүгэй, күп-күөх окко күөлэһийэ таалалыыр кэрэ да кэм буолара.

– Оҕом сыыһа, эһэҥ курдук үтүө санаалааххын.

– Такси кэллэ. Тахсыахха, – сиэнэ суумканы ылан, эбэтин хонноҕуттан өйүү тутан, дьиэттэн тахсан бараллар. Подъезтан тахсан иһэн, ыы муннуларынан дьонноругар кэтиллэ түһэллэр.

– Хайа, бу ханна бардыгыт? – Аннетта соһуйан, аймана түһэр.

– Такси кэллэ. Эбэм дойдутугар күүлэйдии барда. Сотору кэлиэ, – уол ийэтин саҥардыбаттыы быһыта баттаан эттэ. Соҕотох мааны уола сороҕор ийэтин утары саҥардааччыта суох. Ону биирэ сөбүлээбэтэр да, ылынааччы.

– Ийээ, ити бакыаккар буруукта баар дуо? Эбээҕэ биэр, эбээ эдьиий Өкүлүүнэлээххэ кэһии гыныа этэ, – уол, ийэтэ аккаастаабатын билэр киһи быһыытынан, бакыаты ылан эбэтигэр биэрэр. Дэбдэ таксига олорорун кытта Михаил: «Бу халбаһыны эмиэ кэһии гынан илдьэ бар», – диэн толору бакыаты туттаран кэбистэ. Таксист уолу билэр оҕото эбит. Кинини көрөн мичээрдээн кэбистэ.

– Чэ, айанныаҕыҥ. Дэбдэ түргэнник айаннаатахпына, хачайдаммат инигин? Пароммутугар ыксыыбыт, – диэтэ.

– Ээ сөп, айаны тулуйабын. Дойдубар баран иһэр киһи наһаа ньырамсыйбат инибин. Хата, сонунна кэпсээн сэргэхситиҥ, – Дэбдэ, дьиэтигэр айаннаан иһэр киһи быһыытынан, мичээрдии истэ.

– Ээ сөп. Паромҥа киирдэхпитинэ, сонун көстүө, – дьахталлар аймана түһэллэр. Паромҥа анньыһан киирэн, сэргэхтик айаннаан, Дэбдэ бөһүөлэгэр чугаһаатаҕын ахсын сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэн, өрө уһуутуура элбээн истэ.

Сотору, уоттара сандааран бөһүөлэктэригэр киирэллэрин кытта, Дэбдэ такси тохтуу да илигинэ, аан тутааҕын эрийэ тутан, чуут аһа сыста.

– Дэбдэ, түһэриҥ билигин да ыраах, ыксаама, – таксист уол буойан тохтотто. – Арба да, ханна түһэҕин, кыыскар Арина Авдеевнаҕа дуо?

– Суох, суох, кыыспар түспэппин. Олор дьиэҕэ олор– бот дьон. Сарсын күнүс барыам. Билигин балтыбар Өкүлүүннээххэ тиийиэм, – эмээхсин ыксаабыттыы туттан, быһаарда.

– Ээ, Өкүлүүнэлээххэ тиийэҕин дуо?

– Арина Авдеевна мааҕын Бороҕоҥҥо мунньахха барбыт диэбиттэрэ.

– Кырдьык, баҕар, кэлэ илигэ буолуо, – дьахталлар интэриэһиргээн, хабыгыраһа түстүлэр.

Хаптаһын олбуордаах профлииһинэн эпсиэйдэммит дьиэ иннигэр тохтоотулар. Суоппар уол суумкатын ылан, бэйэтин өйөөн, дьиэҕэ киллэрэн биэрдэ.

– Баһыыба, һыллы, – Дэбдэ айаныгар 500 солкуобайы уолга туттаран кэбистэ.

– Сөп, – диэт, уол түргэн үлүгэрдик элэс гынан хаалла.

– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ, – эмээхсин иһирдьэ, саалаҕа киирэн кэлбитигэр, дьиэлээхтэр бары соһуйа түстүлэр. Дьыбааҥҥа олорон, «Моя мама» диэн турецкай киинэни көрө олороллор эбит.

– Хайыы, эдьиийим илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии. Бүгүн оруобуна санаан ылбытым. Киир, киир. Ариналаах суохтар дуо? – балта Өкүлүүнэ түөрэҥэлээн кэлэн, эдьиийин санныттан кууһан ылла. Өкүлүүнэ кини бииргэ төрөөбүт эдьиийин Агаша кыыһа. Эдьиийэ өлбүтэ ыраатта. Балта кинилэргэ эҥээрдэһэн улааппыта, тэҥҥэ кырдьан эрэр.

– Хайдаҕа эбитэ буолла? Мунньахха барбыт диэн истибитим. Кэлэ илигэ буолуо диэн, манна эйиэхэ тохтоотум. Сонуну истиллиэ. Сарсын тахсыам. Сарсыҥҥыттан Сэмэн оһох оттуо этэ.

– Букатын кэллиҥ дуо? Чэ, бэрт. Куоракка кыргыттаргар да олордоргун, тэһийбэтиҥ чуолкай. Оҕо харабыллаан олоруоххун, оҕолоро улааттылар. Халлаан сылыйыар диэри биһиэхэ олор. Биһиги иккиэбит эрэ. Ити кыыһым Алена икки оҕотунаан быстах бааллар. Аҕалара ыраах рейскэ барбыта, онтон кэллэҕинэ, дьонун ылыахтаах.

– Ээ сөп, – Дэбдэ айаннаан дьагдьайан, оһоххо сыстан олордо.

– Билигин эдьиийбин аһатыам. Оруобуна кырбас эттээх миин буһарбытым, – Өкүлүүнэ кэпсии-кэпсии иһитин тарпытынан барда.

– Бу эмээхсин эдьиийин көрбүт үөрүүтүттэн үчүгэй сонунун кэпсээбэккэ олорор, – Сэмэн күлэн арсайар.

– Тугу эттиҥ? Ээ, арба да, дьиэҥ итии бөҕө, оттуллан турар. Бүөтүккэ кэлэн олорор, – Өкүлүүнэ ытыһын охсон «тас» гыннарар.

– Бай, ол тоҕо мин дьиэбэр олордо? – Дэбдэ соһуйа түһэр.

– Ээ, быстах, дьиэтэ тоҥон. Үүтээнигэр бултуу тиийэн баран атын куоттаран, хонон хаалан, систиэмэтэ тоҥон хаалбыт. Сатахха, кимиэхэ да эппэккэ барбыт. Билигин ЖКХ-лар оҥоро сылдьаллар.

– Ээ сөп. Эрэйдэммит дии, – Дэбдэ сөбүлэһэрин биллэрэн, күкээрбит баттаҕын кырыбыайкатынан төттөрү-таары тараанарын быыһыгар мичээрдээн, тииһэ суох айаҕынан ымайа күллэ.

– Оһохтоох дьиэҕэ олорор буоллаҕа.

– Кыыһыҥ Арина көҥүллээбит этэ. Хата, оһоххун абырахтаан, сыбаан бэртээхэйдик өрөмүөннээбит, – Сэмэн кэпсэтиигэ кыттыһар.

– Ээ, олордун. Мин утарбаппын.

– Сотору тахсара буолуо. Систиэмэтин бүтэрэн эрэллэрэ буолуо. Чэ, чэйдиэҕиҥ, – Өкүлүүнэ остуолга ыҥыртыыр. – Алена, оҕолоргун аһат. Иһиттэригэр куттум. Онтон утуйаллара да кэлэрэ буолуо.

– Сөп, – Алена, эдэр дьахтар, үс-түөрт саастаах кыра оҕолору остуолга аҕалан, олордуталыыр.

– Ии, барахсаттары, кыракыйдарын. Тас дьүһүннэринэн биһиги аймах эбиттэр, – Дэбдэ кыра оҕолору көрөн ымманыйар.

Остуолга олорон саҥа аһыах курдук буолан истэхтэринэ, аан аһыллар тыаһын кытта куукунаҕа толуу-мааны дьахтар киирэн кэллэ. Күндү уһун нуорка саҥыйахтаах, кулгаахтаах киис бэргэһэлээх, хара тыс унтуулаах Арина киирэн турарын көрөн соһуйа түстүлэр.

– Дорооболоруҥ. Хайа, ийээ, кыыскар тохтообокко, атын ыалга түһэҕин дуу? – Арина кытаанахтык саҥарбытынан киирдэ.

– Бу кыыс хайдах буолар? Атын дьон диир дуу? – Өкүлүүнэ өһүргэнэ истэр.

– Бэйэм хаан балтыбар тохтоон олоробун. Эһигини суохтар, мунньахха барбыттар диэбиттэрэ. Дьиэҕит уота суоҕа, – Дэбдэ кырдьыгын таһаарынар. – Сарсын тахсыам, бачча киэһэ барбат инибин.

– Сөп. Сарсын кэпсэтиэхпит, – Арина эргичис гынан, соно тэлээрэн, ааны күүскэ сабан, тахсан барар.

– Айыкка, аны Аринабыт хамаандатынан мантан ыла олорууһукпут дии, – Өкүлүүнэ сөбүлээбэтэҕин этэн тэйэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации