Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 9

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
6

Арина киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн түргэн-тарҕан соҕустук иһиттэрин сууйан халыгыратан бүтэрдэ. Ийэтин кытта кэпсэтэр санаалаах. Шараповтары билэр буолуохтаах. Киһи ыйыппатаҕына, кэпсээбэтэ чуолкай. Дьону хаһан да ырытан кэпсэтээччитэ суох. Айаҕа аһыллан саҥарара биллибэт. Билэр буоллаҕына, кэпсиир ини.

– Ээ, итини билэбин. Сайылык дьахталлара итинник куруутун кэпсэтээччилэр. Оттон эбэлэрэ Арыппыас төбөтүнэн ыалдьар дуо? – Арина тоһоҕолоон ыйытар.

– Мин өйдүүрбүнэн, Арыппыас төрүттэригэр итинник ыалдьар киһи суох. Кэргэнэ куруубай, иһэр баҕайы оҕонньор этэ. Ол эдэр эрдэҕинэ төбөтүн дэлби үнтү сынньан, кырбаан, итинниккэ тиэрдибитэ дииллэрэ. Арыппыас барахсан ис киирбэх, чэнчис баҕайы дьахтар этэ. Ону оҕонньоро күлүгэр кытта күнүүлүүрэ дииллэр. Уола иирээкилэр дьиэлэригэр туттаран, ийэтин үйэтин уһаппыта дуу, кылгас үйэлээбитэ дуу, билбит суох, – Дэбдэ сыыйа тардан кэпсиир.

– Былыр үйэҕэ өллөҕө дии, – Арина саҥа аллайар.

– Өлөөхтөөтөҕө, – эмээхсин сөбүлэһэр.

– Оттон ити кыра кыргыттара, тоҕо итинник, итэҕэстээх курдук буолан хааллылар? Ону дьиибэргиибин, – дьахтар туоһулаһарын тохтоппот.

– Ээ, бэйэҥ да иһиттиҥ ини? Хаарыан оҕолорун эчэтэн итинник буолаахтаабыттар. Сураҕа, куоракка оҕолоно барыахтааҕын тарда сылдьыбыт. Дэриэбинэҕэ оҕоломмут. Баара-суоҕа кырдьаҕас сиэстэрэ баара үһү. Айылҕатынан син оҕолонуо эбит да, сатахха, хойутаан олох дьиэтигэр түһэрбит, эбиитин игирэлэр үһү. Оҕолор эрэйдээхтэр итинник буолан хаалаахтаабыттар, – Дэбдэ, үгэһинэн, кэпсиирин быыһыгар баттаҕын имэриммэхтиир.

– Хаарыан оҕолору, ийэлэрэ эппиэтинэһэ суоҕуттан итинник дьылҕалаабыт эбит, – Арина саҥа аллайар.

– Оннук. Хата, кыргыттар үлэһит бөҕөлөр. Дьиэни– уоту барытын көрөн олороллор, ыраастара-чэнчистэрэ сүрдээх. Ийэлэрэ сүөһүлэриттэн ордубат буоллаҕа.

– Биһиги уолбут ити ыал кыыстарыгар олох харааччы иирэн хаалла. Куоракка кыыс бөҕө ортотугар сылдьан, бэйэтин бөһүөлэгин кыыһыттан атыны булбатах. Чэ, хайдах буолар? Уолбут кыыһыран бырдааттанан куоракка барбыта. Инбэлиит оҕолоох буолан, куоракка дьиэлээхтэр. Онно тиийэн олороллор.

– Оттон субуотаҕа ыҥырдаҕыҥ дии. Аймахтар икки өттүттэн кэпсэтиэ этибит, – аҕалара, кириэһилэҕэ барытын истэ олорон, өрүкүнэйэ түһэр.

– Оҕолору холбооттуохха буоллаҕа. Шараповтар үчүгэй аймахтар, – эбэлэрэ сөбүлэһэр.

– Билигин Сааскаҕа эрийэн, уолгун үөрдүбэккин дуо? – аҕалара, ыксаллаах муҥутаан, ийэлэрин ыксатар.

– Аргыый. Наһаа омуннурума. Ыксаабатыннар. Хотон сыттаах дьиэлэригэр, үөрэҕэ суох кыыстарыгар мин дьупулуомнаах уолум наада үһү. Кыра кыргыттарын аһыннарбын да, кинилэри, кырдьыгынан эттэхпинэ, аймаҕыргыахпын баҕарбаппын.

– Айыы даҕаны, мээнэ ону-маны буолары-буолбаты саҥарыма, – Василий сөбүлээбэтин биллэрэр.

– Эн Шараповтартан туох ордуктааххыный? Бэркэ гыннар, үрдүк үөрэхтээҕиҥ, дуоһунастаах үлэлээҕиҥ буолуо. Шараповтар тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрэ, суобас бөҕөлөөх дьон. Биир муостаҕа тураҕыт, – Дэбдэ, кытаанахтык саҥараат, хоһугар киирэр.

– Ити кырдьык дуо, кырдьаҕастар дьиэлэригэр бараары сайабылыанньа биэрбит үһүгүн дии, ону туох диигин? – Арина, хос диэки кытаанахтык көрөн туран, ыйытар.

– Биэрэн. Тэҥнээхтэрбин кытта бэйэм бэйэбэр олоруохпун баҕарабын. Оҕолорбуттан сылтаан сайабылыанньа биэрбит буолбатахпын. Кырдьаҕас киһи өйө-санаата эдэрдэртэн олох туспа, өйдөрө-санаалара сөп түбэспэт.

– Хайа, ийэм саҥаҥ элбээбит, өйүҥ-санааҥ сайдыбыт да эбит, – кыыһа соһуйар.

– Манна, дьиэбэр, ититии киллэртэрэ сатаатым да, кыаллыбата. Хайдах мас мастаан, оһох оттон бэйэм олоруохпунуй? Ол иһин кырдьаҕастар дьиэлэригэр бара сатыыбын. Эбэтэр дьиэбэр ититиитэ киллэриҥ… Бэйэм бэйэбэр олоруохпун баҕарарым кэмнээх буолуо дуо, – Дэбдэ кыыһын таһыгар кэлэн олорор.

– Ийээ, эн кырыйдыҥ. Үс кыыстааххын. Кыргыттаргынаан хардары-таары олордоххуна? Биһиги ааппытын хараардан, кырдьаҕастар дьиэлэригэр барар туһунан толкуйдаама. Оннук ыыппаппыт даҕаны. Сүрэ да бэрт. Тоҕо итинник толкуйга кэлбиккин сатаан санаабаппын. Кыргыттардыын кэпсэтиэм, – Арина саҥата кытаанах. – Бүөтүккэ дьиэтигэр таҕыстар эрэ, дьиэҕэр киирэн бэйэҥ олор. Ким да туппат. Маскын күтүөтүҥ бэлэмнэтиэ. Биһигинэн хардары-таары олороруҥ ордук буолуо дии санаабыппыт. Аны сайын ититии киллэримэ.

– Бүөтүккэ таҕыстар эрэ, ДьУоКХ уолаттарын кытта кэпсэтиэм, сайыҥҥыга диэри соспот инибит, – күтүөт кэпсэтиигэ кыттыһан, көх-нэм буолар, – матырыйаал син биир тиийиэҕэ.

– Ийээ, ханна да барар туһунан толкуйдаама. Дьиэбит олбуоругар турдун ээ, биир эмэ сиэн олохсуйуо. Аны сайын олбуорбут иһигэр кыра алта да алталаах дьиэ тутуохпут. Ийэбит харахпыт ортотугар олоруоҕа, – Арина быһаарар.

– Суох, саҥа дьиэ наадата суох. Бэйэм дьиэбэр, уһаайбабар олоруом. Хас сыл бараары, ханна да барбаппын, – эмээхсин өһүргэнэ истэр.

– Оттон дьиэҕин аны сайын биһиги олбуорбутугар көһөрөн аҕаллахпытына? – Василий кыттыһар.

– Ыы, күтүөтүм, эттэҕин үчүгэйиэн. Эһиги бары атыннык саныыгыт. Оҕолорбун абааһы көрөр буолан, туспа олоро сатыыр буолбатахпын. Мин дьиэ туттан олорбут уһаайбабын ахтабын. Туох да диэҥ, бэйэм уһаайбабар үйэбин моҥуом, – Дэбдэ санаатын этэр.

– Чэ, сөп. Ийээ, эн эппиккинэн буоллун. Биһиги утарыласпаппыт. Баһылай, Сэмэнниин дьиэни ититиигэ үлэлэспинэн барыҥ.

– Оннук. Эбэбит Дэбдэ эппитэ этириэс. Атаах, ньырамсыйбыт мааны кыргыттара туох да диэбиккит иһин, ийэҕит иннин ылыаххыт суоҕа диэн эппитим дии. Чэ, хата, биир тылы буллугут. Үлэһит буолбут мааны кыргыттар, ийэҕитин көрдүгүт да? Кыра оҕоҕутугар түһэн хаалаҕыт, тугу саҥараргытын да ырыҥалаан көрбөккүт.

– Чэ, хата, аһаан утуйуоҕуҥ, – Баһылай Уйбаанабыс түмүктүүрдүү эппитигэр, Дэбдэ эгди буола түһэр.

Үһүөн күө-дьаа буолан, куукуналарыгар киирэллэр.

Оҕо сыта Мария Семеновна дьиэтин таһынан ыксаабыт киһи быһыытынан ааһан иһэр уолу харбаан ылла:

– Хайа, Баанньыска, ханна бардыҥ?

– Маамабар бардым, – кыра уол хараҕын уутун сотто-сотто илгиэлэнэн кэбистэ. Хап-хара санаарҕаабыт харахтара уунан туолбуттар.

– Һыллыы, онно барбаттар. Маамаҥ ыалдьан суох буолбута. Кэл, дьиэҕэр барыахха. Убайын сүтүктээтэҕэ буолуо. Балтыҥ баар дуо?

– Утуйа сытар…

– Сөп, чэ, барыахха. Убайыҥ туох диирий? Интэринээккэ барыахпыт диир дуо?

– Суох, биһиги интэринээккэ барбаппыт. Дьиэбитигэр олоруохпут. Убайым инньэ диэбитэ, – Баанньыска сэргэхсийэн, өрө хантайан туран кэпсэтэн барар.

– Эн убайгынаан интэринээккэ олоруоххут этэ. Хайдах дьиэҕитигэр бэйэҕит эрэ олоруоххутуй? Убайыҥ эмиэ кыра дии. Оттон балтыгытын Нарыйа Ивановналаах иитэ ылаары гыналлар. Бэйэлэрэ оҕолоро суох. Үчүгэй, үөрэхтээх, мааны киһи гыныахтара, – дьахтар, кыра уолу санныттан имэрийэ-имэрийэ, өйдөтөрдүү сымнаҕастык кэпсиир.

– Суох, биһиги үһүөн олоруохпут. Мин убайым өйдөөх. Эн Мария Семеновна, соруйан биһигини араартыы сатыыгын. Биһиэхэ үчүгэйи баҕарбаккын. Аны биһиэхэ кэлимэ. Убайым эйигин сөбүлээбэт, – Баанньыска эргиллэ түһээт, дьиэтин диэки сүүрэн тэлэмээттэннэ.

Мария Семеновна уолу кэнниттэн аһыммыттыы батыһыннары көрөн хаалла. Эмиэ да хомойо санаата. Оҕолор ийэлэринээн Марианналыын оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэрэ. Чэпчэки, дьэллэм, сүгүн үөрэммэтэх аармыйаттан кэлбит уолга кэргэн тахсан, оҕолонон-урууланан хаалан, кыайан үөрэммэтэҕэ. Кэлин ыалдьар буолан хаалбыта. Үс кыра оҕону хаалларан, быйыл саас сир хараарыыта суох буолбута. Оҕолор барахсаттар эбэтэ, эһэтэ, чугас аймахтара суох буоланнар, барар-кэлэр сирдэрэ суох. Аҕалара, кыыһа төрүөн иннинэ, арыгылаан өлбүтэ. Онон билигин, оҕолору ханна олохсутуохха диэн, наар ол санаата. Нэһилиэктэрин оҕолоро буоланнар, детдомҥа ыытыахтарын баҕарбаттар. Дьэ, оҕолор дьылҕалара хайдах буолаахтыыр? Бэйэбит олоруохпут диэхтииллэр. Хайдах олоруохтарай? Улахан уол Митя баара-суоҕа 14 саастаах, сэттис кылааска үөрэнэр. Социальнайдар дьаһанан олорботтор дииллэр. Оннугунан оннук да, оҕолору киһи аһынар. Арай кыһынын интэринээтинэн, сайынын дьиэлэригэр социальнай үлэһиттэр хонтуруолларынан олоруохтарын сөп. Кыра кыыска дьон ымсыыраллар эрээри, убайдара биэрбэппит диэн тыллаахтар. Чэ, бээ, Митяны көрсөн ааһыахха. «Миигин олох сөбүлээбэт» дии санаата Мария Семеновна.

– Убаай, убаай, итиннэ уулуссаҕа Мария Семеновнаны көрүстүм, – Баанньыска айдаарбытынан киирдэ.

– Социальнай үлэһит дуо? Туох диир? – убайа Митя сөбүлээбэтэхтии туттар.

– Убайгынаан интэринээккэ барыаххыт, оттон балтыгытын Наташаны учуутал Нарыйа Ивановна иитэ ылыа, үчүгэйдик көрүөхтэрэ диир.

– Биэрбэппин. Бэйэбит да олоруохпут. Дьыссаакка сылдьыа буоллаҕа, – улахан уол кыыһырбытыттан сирэйэ кытаран барар.

– Мин инньэ диэтим ээ, – Баанньыска түннүгүнэн көрдө. – Оо, манна кэллэ. Наташаны кистиибин дуо?

– Киирдин, хайыаҕай. Дьиҥинэн, маамабыт дьүөгэтэ этэ.

– Дорооболоруҥ. Хайа, Митя, хайдаххыный, үчүгэйгит дуо? – Мария Семеновна сэрэммиттии киирэн дьыбааҥҥа олордо.

– Дорообо, – улахан уол, атын сири көрөн туран, сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар.

– Һыллыы, Митя, аһыыр астааххыт, харчылааххыт дуо? Маамаҥ тугу эмэ этээхтээбитэ дуо? – дьахтар намыын куолаһынан ыйытар.

– Суох тугу да эппэтэҕэ. Бэйэҕит олорооруҥ, миигин улааттыҥ, оҕолоргун бэйэҥ көрөөр диэбитэ, – Митя куруубай соҕустук хардарар.

– Кыһыҥҥы кэмҥэ иккиэн интэринээккэ кыстыаххыт. Оттон сайынын дьиэҕитигэр сайылыаххыт. Бэйэбит да оҕолорбутун детдомҥа биэриэхпитин баҕарбаппыт. Оттон Нарыйа Ивановна Наташаны иитэ, оҕо оҥосто ылыан баҕарар, балтыгытын куруутун көрө-истэ сылдьыа этигит. Кыыс ийэлээх, аҕалаах улаатыа. Эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ. Үчүгэй ыал, – Мария Семеновна уол сирэйин-хараҕын сэрэммиттии одуулаһар.

– Суох, биһиги балтыбытын биэрбэппит. Күүскүтүнэн ылар, тулаайах оҕолору атаҕастыыр ханнык да быраапкыт суох. Атаҕастыыр буоллаххытына, аҕабыт дойдутугар Кэбээйигэ барыахпыт. Онно аҕабыт аймаҕа элбэх. Манна бэйэбит дьиэбитигэр олордумаары гынаҕыт дуо? Биһиги босуобуйабытынан олорор кыахтаахпыт. Мин бырааттаах балтыбын бэйэм көрүөм. Ийэм барытын быһаарбыта.

– Чэ, сөп. Митя, инньэ диэмэ, кыыһырыма. Биһиги эйиэхэ куһаҕаны баҕарбаппыт. Тулаайах оҕону сокуон быһыытынан эппэкиинэ суох хаалларыа суохтаахпыт. Эппэкиин хайаан да наада.

– Мин барытын бэйэм өйдүүбүн. Эһиги биһигини үс аҥыы араартыыр быраапкыт суох.

– Митя, хомойо санаама. Ийэҕит Марианналыын бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбиппит. Аҕаҕыт, аармыйаттан сулууспалаан кэлээт, ийэҕинээн ыал буолан, үс оҕону утуу-субуу кэриэтэ оҕоломмуттара. Үчүгэй баҕайытык дьиэ-уот туттан олорон иһэн, ити иккиэн кылгас дьылҕаланан хаалаахтаатылар. Сүрэхтэрэ-быардара төһө эрэ муунтуйан, ытаан-соҥоон бараахтаабыттара буолла? Билигин эһигини үөһэттэн көрөн олороохтоотохторо. Дьаһайбаттар диэн хомойо саныыллара буолуо.

– Мария Семеновна, сымыйанан айан кэпсээмэ. Үөһээ дойду диэн суох. Киһи өллө да суох буолан хаалар. Билэ-өйдүү сытара буоллар, киһини хайдах көмөн кэбиһиэхтэрэй? – Митя хараҕын уутун кистии-саба соттор. – Биһиги оннук акаары кыра оҕолор буолбатахпыт.

– Убаай, ытаама. Чүөчэ, эн бар, – хос аанынан харахтара кылахаччыйан көрөн турбут кыра, сэрбэйбит баттахтаах Наташа кыысчаан, атах сыгынньах сүүрэн тыбыгырыйан кэлэн, убайын кууһан ылла.

– Суох, мин ытаабаппын, – Митя балтын илиитигэр көтөҕөн ылан, хоһугар киирэр. Убайын кэнниттэн Баанньыска, дьахтар диэки хайыһан да көрө барбакка, хоһугар сүүрэн тибигирээн киирэн хаалла.

Мария Семеновна, төһө да аһына санаатар, оҕолорго тус олохторун кыһалҕатын күннэтэ тириэрдэ-өйдөтө сатыыра ордугун өйдөөн, күн ахсын сылдьар. Хонтуоранан оскуолаҕа таарыйан ааһарга сананна. Нарыйа Ивановна бу оскуолаҕа биэс сыллааҕыта үлэлии кэлэн, мааны, кыахтаах ыал уолугар кэргэн тахсан олорор. Куһаҕана диэн – оҕолоро суох. Ол иһин кэргэнин дьоно кийииттэрин оҕото суох диэн сөбүлээбэттэр. Ийэлэрэ тыллаах бөҕө дьахтар, наар дьону кытта иирсэн-баайсан тахсар. «Араҕыс, оҕото суох дьахтарга олорума», – диэн этэр үһү уолугар. Нарыйа Ивановна үчүгэй, сымнаҕас баҕайы майгылаах, улууска биллэр бастыҥ учуутал. Бэйэтэ да оҕото суох буолан, оҕоҕо ымсыырар. Кыра кыыһы Наташаны иитэ ылара буоллар, оҕо абыранаахтыа этэ. Ону убайа, бэйэтэ кыра киһи да буоллар, балтылаах быраатын ыһыан баҕарбат, «бэйэм иитиэм» диэн тыллаах. Мария Семеновна Нарыйа Ивановнаны оскуолаҕа көрсөргө сананна. Хас уруоктааҕа буолла? Түөрт уруок бүттэ быһыылаах. Оччоҕо бүттэҕэ дии. Таас оскуола үрдүк кирилиэһинэн өрө дабайан тахсан иһэн, Нарыйа Ивановнаны утары көрсө түһэн, дьахталлар айхаллаһа түстүлэр.

– Оо, Нарыйа Ивановна, дорообо! Туох сонун? Үөрэтэн бүттүҥ дуо? – Мария Семеновна эйэргээбиттии илиитин тутар.

– Мария Семеновна, дорообо. Уруогум бүттэ. Туох сонун? – Нарыйа Ивановна да хаалсыбата, үөрэ-көтө мичээрдии көрүстэ. – Биһиэхэ барыахха. Бэйэм эрэ баарбын, Гоша улууска тыа хаһаайыстыбатын мунньаҕар барбыта, киэһэ биирдэ кэлэр.

– Чэ, барыахха. Хата, бүөмнээн кэпсэтиэхпит.

Дьахталлар тоҥолохторуттан ылсан, эйэ дэмнээхтик киин уулуссанан хаамтылар. Икки этээстээх, улахан, хараҥа күөх полистиролунан бүрүллүбүт маҥан олбуордаах дьиэҕэ тиийэн, кэлииккэни аһан киирдилэр. Дьиэ иһэ аныгылыы оҥоһуулаах, маҥан дьүһүннээх миэбэлинэн, тирии дьыбаанынан, кириэһилэнэн кэккэлээбит, киһи хараҕар быраҕыллар тупсаҕай дьиэ.

– Мария Семеновна, баһаалыста, олорунан кэбис, итии чэй иһиэхпит, – дии-дии дьиэлээх дьахтар маҥан германскай кухоннайыттан сахалыы ойуулаах ыстакааннары ылан итии чэй, пиалаҕа моонньоҕон барыанньатын кутта.

– Мария Семеновна, моонньоҕон барыанньатын амсай. Быйыл күһүн дьонум ыыппыттара, – Нарыйа дьахтарга барыанньатын чугаһата анньар.

– Ээ, махтал. Наһаа минньигэс барыанньа. Киһи эрэ сии олоруох курдук. Оҕолорбут, Николаевтар барахсаттар, олох кыайан быһаарыллыбакка олороллор. Эн Гошаҕынаан туох диэн быһаарынныгыт? – социальнай үлэһит барыанньаны минньигэһиргээн сии олорон ыйытар.

– Гоша ордук кыра уолга ымсыырар. Чахчы ылар чугас аймахтара суох буоллахтарына, иккиэннэрин да ылыахпытын баҕарабыт.

– Оо, бэрт да буолуо эбит да, Митя барахсаны ханна соҕотохтуу хаалларабыт? Уонна уол бырааттаах балтын ытаан-соҥоон сүгүн биэрбэккэ кыһалҕаны оҥороро буолуо. Киһи аһынар. Детдомҥа соҕотохтуу ыытан кэбистэххэ, үйэ тухары хомойуо, атаҕастаан ыыттылар диэҕэ.

– Оннук, Мария Семеновна, сөпкө эттиҥ. Биһиги кыра оҕолору ылыахпытын баҕарабыт да, улахан уолтан тутуллабыт, оҕону хомотуохпут диэн. Гоша ылыахха да үһүөннэрин ылыахха, суох да суох диир. Ону мин улааппыт оҕону иитэр ыарахан буолуо диэн саллабын.

– Оҕолору араарбат үчүгэй буолуо этэ да, сысталлар үһү дуо? Үс буоллахтарына, чугаһыахтара суоҕа, – Мария Семеновна саарбаҕалаабыттыы туттар.

– Оннук. Гоша кыра уолга ымсыырар. Мин балтым биэс оҕолоох, алтыс оҕотугар ыарахан. Гошабын кытта сүбэлэһэн баран, онно бараары гынабын.

– Ээ, бэрт дии, – Мария Семеновна үөрэ түһэр. – Оччоҕо уолаттары хайыахпытый, детдомҥа ыытарбытыгар тиийэбит. Оттон ыксаатахпытына, кыыһы үс уоллаах Харитоновтарга биэрэрбит дуу, кыыска ымсыыраллар аҕай.

– Бэҕэһээ оскуолаттан кэлэн иһэн дьыссаакка сырыттым, Наташаны көрөөрү. Баспытаатал Анна Семеновна туох эрэ диэтэ быһыылаах. Сүүрэн тыбыгырайан кэлэн кууһа түспүтүн көтөҕөн ыллым. Бору-боллоҕор иэдэһиттэн сыллаан ылбыппар, моонньубуттан ыга да ыга кууста, – Нарыйа Ивановна хараҕа ууламмытын туора соттон кэбистэ.

– Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? Итиччэ ымсыырар, оҕоргуур буолан баран ылыаххын. Паапаҕыт да сирбэт эбит.

– Паапабыт? – эдэр дьахтар уйадыйан хараҕын саба тутунна.

– Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? —Мария Семеновна соһуйа түстэ. —Туохтан санааҥ түстэ?

– Кыра кыыһы Наташаны ылыахпын баҕарабын, эмиэ да балтым кыыһыгар, саҥа төрөөбүт кыыска ымсыырабын. Ону паапабыт сөбүлээбэт. Кини уолаттарга ымсыырар эбит.

– Оо, чэ, хайаахтыай, наһаа айманыма. Иккиэн биир тылы булуоххутун наада, – Семеновна тугу да быһааран этиэн булбакка чуумпуран хаалар.

– Гоша ийэтэ Марфа оҕоҕут суох диэн иһиликтэнэр-таһылыктанар ахан. Гошабын таптаабатым буоллар, дойдубар баран да хаалыахпын сөп этэ. Тиийдэрбин, балтым оҕотун ииттэрэ биэриэ этэ. «Оҕолонор санаам суоҕа. Эйиэхэ эрэ анаан оҕолонобун», – диэбитэ. Манна кэргэним ийэтэ оҕоломмот дьахтар диэн сөбүлээбэтин билэллэр эрээри, хаһан да арахсыҥ, көһөн кэл диэччилэрэ суох. Ким оҕоҕо баҕарыа суоҕай? Бэйэҕэ кыаллыбат буоллаҕына, хайдах табылларынан оҕо сытын ыла сатыыр буоллаҕым. Уонна балтым оҕото бэйэм хааным буоллаҕа. Былыр-былыргыттан оҕо сыта тардыылаах дииллэр. Баҕар, бэйэбитигэр оҕо үөскүө турдаҕа. Оччоҕо уйабытын араҥаччылаан дьиэбит барахсан оҕо саҥатынан, оҕо сытынан туолуо этэ, – Нарыйа долгуйбутуттан куолаһа титирэстээн ылла.

– Чэ, уоскуй, наһаа айманыма. Ол Мааппа куһаҕан баҕайы саҥнаах эмээхсин. Оннооҕор соҕотох кыыһын Арисаны батарбат. Күтүөтү икки атаҕынан куоттарбыта, – Мария Семеновна ааттаабыттыы дьахтары саннын имэрийдэ.

– Ээ, суох, үөрэх дьыла саҥа саҕаланна дии. Аны барбатым чуолкай да, дойдубар оҕо көрө бара сылдьарым буолуо, – Нарыйа өрө тыынар.

– Ээ, бар ээ, оҕону көрө бараргын ким да туппат. Бар, оҕо сыта диэн этэргин наһаа сөбүлүү иһиттим, – социальнай үлэһит астыммытын биллэрдэ.

Эмискэ тэрээсэ оҕолор саҥаларынан туола түстэ. Күлсэн кыччыгынаһар саҥаны кытта эр киһи дьаһайар куолаһа иһилиннэ. Улаханнык күүттэрэ барбакка, дьиэ аана тэлэччи аһылларын кытта, күлбүтүттэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа олох көстүбэт буолбут дьиэ аҕа баһылыга Гоша кыра кыыһы Наташаны көтөҕөн, уолаттары батыһыннаран, күйгүөр бөҕө буолан, үөрэн-көтөн киирэн кэллилэр.

– Маамабыт, оҕолоргун көрүс, үһүөн биһиги оҕолорбут буоларга сөбүлэһэн, дьиэ боруогун атыллаатылар.

– Оо, хата, бу үчүгэй сонун! Гоша, дьэ, маладьыас! Паапалара оҕолорун булан аҕалбыт. Нарыйа, туруоҥ дуо, оҕолоргун көрүс, – Мария Семеновна дьахтары оҕолорго үтүрүйбүтүгэр, кыра кыыс «маама!» диэбитинэн Нарыйаны моонньуттан кууһан ылла. Гоша саҥа таһааран ытаһа турар уолаттарын кууһан ылан ийэлэригэр аспытыгар, уолаттар дьахтары икки өттүттэн синньигэс биилиттэн куустулар. Нарыйа, үөрүүтүттэн хараҕын уута ыгыллан кэлбитин сотто-сотто, оҕолору үһүөннэрин холбуу кууһан ылла.

– Сотору оҕолорбутун көрдөрө таарыйа Тааттаҕа барыахпыт. Кырабытын ылыахпыт, – Гоша тапталлааҕын кулгааҕар иһиллэр-иһиллибэттик сибигинэйэр.

– Гоша, кырдьык дуо? Эйигин наһаа да таптыыбын, – Нарыйа кэргэнин моонньуттан кууспутугар оҕолор ытамньыйан харахтарыттан уу-хаар баспыттарын көрөн, ийэлээх аҕа кыыстарын көтөҕөн, уолаттарын бэйэлэригэр сыһыары тардан ыллылар.

Мария Семеновна маны барытын туораттан көрөн туран, бэйэтэ да билбэтинэн уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар тахсыбытын туора сотто турда.

Олоппос дьуолка Үрдүлэри-аннылары бэс маһынан эпсиэйдэммит сырдык дьиэ. Уус киһи мындыр илиитинэн оҥоһуллубут сахалыы төгүрүк остуол, олоппостор кэккэлээбиттэр. Былыргы мааны ыскаап улуутумсуйбуттуу дьэндэйэн турар.

Аһыыр төгүрүк остуолга эбэлэрэ Өлөөнө алаадьы буһаран сырылатар. Дьыбааҥҥа сэттэлээх, аҕыстаах уоллаах кыыс суотабай төлөпүөнүнэн оонньуу олороллор. Өлөөнө, хобордооххо алаадьытын эргитэрин-урбатарын быыһыгар, сотору-сотору хараҕын оҕолорун диэки быраҕан ылар.

– Саҥа дьылгыт кэллэ дии, чиэппэргит түмүгүн хаһан истэҕит? – эбэлэрэ туоһулаһар.

– Өйүүн түмүкпүтүн истэбит, онтон Саҥа дьылбыт буолар. Биһиги кылаас бары оҕус маскараат буолабыт. Ийэм оҕус төбөтүн булуох буолбута, – кыыс үөрэ-көтө кэпсиир. – Мин туйгун үөрэнээччи буоллахпына, аҕам ноутбук бэлэхтиир. Оттон эйиэхэ, токур үстээх баллааска, тугу биэриэх буолбутай?

– Ээ, миэхэ туох да наадата суох. Кылаабынайа, путбуолум мээчигэ баар буоллаҕына сөп. Биһиги кылаас хайдах баҕарарбытынан маскараат буолабыт… – уол, эдьиийигэр төһө да ымсыырдар, биллэрбэккэ кыһанна. – Мин милииссийэ буолуом. Куһаҕан, арыгыһыт дьону тутан хаайыыга угуталыам.

– Ээ, кэбис, инньэ диэмэ. Бырааһынньыкка дьон кыратык хайдах испэт буолуохтарай? Ону барытын хайдах хаайыыга симээри гынаҕыный? Оччоҕо биир үрүүмкэ арыгыны амсайдахпына, эбэҕин эмиэ буруйдаары гынаҕын дуо? – эбэтин куолаһа сымнаҕастык эйээрэр.

– Эбээ, оҕону булкуйума эрэ, билбэккин дуо, уопсастыба чөл олоҕунан олорорун, бэлиитикэ барыта онно туһуланарын өйдөөбөккүн дуо?

– Сөп, һыллы, оҕом улаатан иһэрэ биллэр ээ. Бэйэбин үөрэтэр киһи буолбут, – эбэлэрэ күлэн икки санна эйэҥэлиир.

– Эбээ, Саҥа дьылга дьуолка туруорабыт дуо? – Сима дьонун быһа түһэр.

– Ийэҕит былырыын атыыласпыта баар. Киэһэ киллэриэх буолбута. Сарсыҥҥыттан быыскытыгар симиэххит буоллаҕа.

– Ээ, мин маҕаһыын дьуолкатын сөбүлээбэппин, – уол сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. – Куһаҕан баҕайы. Дьиҥнээх буолбатах.

– Үчүгэй этэ, күп-күөх. Маҕаһыын дьуолката туох куһаҕаннааҕый? Оттон дьиҥнээҕи ыллаххына, эргэрэн таһырдьа бөххө быраҕыллар, дьиэни биир гына иннэтэ ыһыллар. Ону харбыыртан соло булбаккын. Киһи барыта харыйаны кэрдэн ыллаҕына, бүтэр буоллаҕа. Айылҕаны харыстаныллыахтаах. Ол эн аҕыйах күн бырааһынньыктыыргар хотуобай да дьуолка сөп буолуо, эһиги хас атаахтаатаххыт ахсын, – Наташа өйдөөҕүмсүйэр, ааһан иһэн быраатын төбөҕө биэрэр.

– Эбээ, Наташа миигин төбөҕө охсор. Ити кыыс акаары быһыылаах. Харыйаны бэйэлэрэ көҥүллээн биэрэллэр ээ. Билиэттээх буолуохтааххын. Учуутал инньэ диэбитэ. Аҕам баҕар бүгүн атыылаһан аҕалыах буолбута. Оччоҕо дьиэбит наһаа үчүгэй харыйа сыттаныа. Мин мас сытын сөбүлүүбүн. Үөрэнэн бүттэхпинэ, лесник буолуом. Олох харчыга да харыйаны биэриэм суоҕа.

– Оччоҕо үлэҕиттэн биир кэпсэтиитэ суох уһулар буоллахтара, – эдьиийэ күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир.

– Эбээ, оттон эһиги дьуолка туруорар этигит дуо? – уол эбэтин санныттан кууһар.

– Туруоран. Биһиги да оҕолор буола сырыттахпыт дии. Балтыларбын, бырааттарбын кытта эрдэттэн дьуолка оонньуура оҥорор этибит. Тэтэрээттэрбит араас өҥнөөх тастарын күһүҥҥүттэн мунньарбыт эбэтэр акварель кыраасканан альбом илиистэрин кырааскалыырбыт. Уонна кыракый былаахтары, сыапачыкалары оҥорон, дьиэбитин, түннүктэрбитин симиирбит.

– Эбээ, дьуолка оонньуура маҕаһыыҥҥа атыылам– мат этэ дуо? – Сима дьиктиргээбиттии көрөр.

– Суох буоллаҕа. Биирдэ эмэ атыыланнаҕына, аҕыйах атыыланара. Биһиги тиксибэт да этибит, харчы да суоҕа, – эмээхсин оҕо сааһын санаан сирэйэ сырдыыр. Кини хараҕар биэс балта, үс быраата эмдэй-сэмдэй сэнньэлиһэн тураллара көстөн кэлэр.

– Саҥа дьыл буолуон биир хонук иннинэ аҕабыт сарсыардаттан атаҕынан эт киллэрэрэ, убайдарбыт эт эрийэн бэлэмнииллэрэ. Онтон, дьэ, сарсыҥҥы күнүгэр, ийэбит куһуогунан ынах, убаһа этэ, тааһынан бэрэски буһарара, собо балык бөҕө ыһаарылыыра.

Киэһэ биһигини, оҕолору, эрдэ аһатан баран, төрөппүттэрбит сыарҕалаах атынан, улахан уолаттарын илдьэ, кулуупка Саҥа дьыллыы бараллара. Онтон дьэ биһиги, улахан кыргыттар Танялаах Василиса дьаһалбытынан, иһиттэри хомуйа охсон, оҕолор утуйар улахан хосторугар кыра оҕо олорор өйөнөрдөөх олоппоһун дьуолка оҥостон ортотугар ууран, кумааҕынан бэйэбит оҥорбут гирляндаларбытынан, былаахчааннарбытынан симиирбит, бэйэтэ индийскэй киинэттэн итэҕэһэ суох киэргэппит курдук сананарбыт. Уонна дьэ дьуолкабыт тула хоробуоттуурбут, орто кыргыттар Мотя, Еля уонна Варя билэр-билбэт ырыаларын ыллаан эйээрэллэрэ. Аҕыйах кэмпиэттэрбитин сапка баайан баран, харахтарбытын саба баанан, кырыйа оонньуурбут. Кыра уолаттар Вася, Рома, Кеша кэмпиэт кырыйан сиэри, сүүрүү-көтүү бөҕө буолаллара. Саамай кырабыт, оһоҕос түгэҕинээҕибит Иркаабыс, тэҥҥэ оонньоһо сатаан баран, утуйан охтон хаалан, ону утутуу буолара. 12 чаастан түүн, бары түмсэн олорон, хаста да истибит номохторбутун, быһылааннаах кэпсээннэрбитин, остуоруйаларбытын кэпсэтэрбит. Кэпсээҥҥэ Мотя былааһы ылара. Кырабын дэммэтэ, үөрэ-көтө кэпсээн, айаҕа хам буолбата. Оҕолорун күнү быһа көрбүт үс улахан кыргыттарга ийэбит барахсан, кистээн уурбут биир кыһыл дьаабылыкатын үс гына аҥаардаан, маанылаан биэрэрин саҕа үчүгэй суоҕа… – эбэлэрэ Өлөөнө оҕо сааһын санаан, эмньик саастарын кэпсээн, манньыйа олордо.

– Эбээ, кэпсээн бүттүҥ дуо, өссө кэпсээ, – Наташа эбэтин күкээрбит маҥан баттаҕын көннөрөн, кулгааҕын кэннигэр анньар.

Эмискэ ааннара тэлэччи аһыллан балачча турбахтыыр, дьиэ иһигэр туман бөҕөнү бургучутан аҕалара Иннокентий орто соҕус тиит маһы көтөҕөн адаарытан киирбитигэр дьиэ иһинээҕилэр соһуйа түстүлэр.

– Аҕаа, тоҕо тиит маһы аҕаллыҥ? Харыйа ылыах буолбутуҥ дии, – Сима өрө чаҕаара түстэ.

– Харыйаны хас Саха сирин киһитэ барыта сылын ахсын ыллаҕына, бүтэрэр буоллахпыт. Харыйа кумахтаах эрэ сиргэ үүнэр, аҕыйах, ол иһин харыстанар мастарга киирсэр. Оттон тиит мас Саха сирин бүтүннүү тайаан үүнэр. Саҥа дьыл буолара оруобуна биэс хонук хаалла. Билигин бу тиит маһы ууга угуохпут. Сыыйа маспыт тыллан, мутукча сыта бөҕө буолуо. Дьиэбит иһэ күн ахсын мутукча сытынан тунуйуо. Киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киириэ, – аҕалара, астыммыттыы кэпсии-кэпсии, тиит маһын сэрэммиттии оһоххо өйөннөрө уурар.

– Онтон наадата бүттэҕинэ, таһырдьа быраҕаҕыт дуо? – эбэлэрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрэр.

– Хагдарыйдаҕына, тоҥуу хаарга олордон кэбиһиэхпит. Саас тэпилииссэҕэ оттукка туттуохпут. Барыта наадаҕа барыа. Оҕурсу рассаадатын үүннэрэн таһаарыа, – аҕалара, өйдөөх этиини оҥорбут киһилии туттан, күлэн ылар.

– Биэс хонугунан ол тыллар дуо? – эбэлэрэ мунаахсыйар.

– Саҥа дьылга диэри толору да тыллыбатар, күн ахсын мутукча сыта биллиэ дии саныыбын.

– Үчүгэй да буолуо эбит, – оҕолор ытыстарын таһыналлар.

– Санаабар мутукча сыта, бэл, билигин биллэр курдук, – эмээхсин ис-иһиттэн сирэйэ сырдаан, күлэн мичийэр.

– Аҕаа, эбээ бүгүн оҕо сааһын дьуолкатын кэпсээтэ. Урут олоппоһу дьуолка оҥороллор эбит. Аҕаа, эн олоппос дьуолка туһунан кэпсээни эмиэ истибитиҥ дуо? – Сима аҕатын сирэйин өрө мыҥыыр.

– Олоппос дьуолка. Баара, баара. Кэпсээбитэ. Эбэҕит кэпсээтэ дуо? Саҥа дьылга куруутун саныыбын. Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ муһуннахтарына кэпсэтии бөҕө буолааччылар, оччоҕуна мин эдьиийбинээн эмиэ олоппоһу дьуолка оҥорон оонньуурбут, хоробуот, ырыа-тойук бөҕө буоларбыт. Ийээ, ол кэми наһаа үчүгэйдик саныыбын, – Иннокентий күлэ-күлэ кэпсиир.

– Һуу, Саҥа дьыл салгына, сибиэһэй хаар сыта кэлэр дуу? – ийэлэрэ тоҥон-хатан киирэн кэлэр. Тоҥмутуттан иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, кыламана кырыаран хаалбыт. Уһун нуорка сонун, ушанка бэргэһэтин уһулан дьыбааҥҥа бырахта. – Оо, тоҥ тиит мас турар, ычча да ычча, киниттэн тымныы ахсынньы ый аргыара кэлэр эбит. Аҕабыт киһини сөхтөрөр өйдөөх. Туохха да кыһаммат курдук этэ. Хата, эбэбит оҕо саҕанааҕы дьуолкатынан Саҥа дьыллыырбыт буолуо диэн куттаммытым.

– Оннук да буолбута буоллар хомойуом суох этэ, эбэбит үөрүө этэ, – Иннокентий күлэ-күлэ ийэтин иэдэһиттэн сылаастык сыллаан ылар.

– Олоппос дьуолка эргэ дьиэ кырыыһатын иһигэр турар буолуохтаах. Ол олоппоско биһиги кыра уолаттарбытын таһынан эһиги бары бэһиэн, ону таһынан Наташалаах Сима эмиэ олорбуттара, – эбэлэрэ күлэн тииһэ суох айаҕа оҥойор. – Өссө мин өйдүүрбүнэн, аймахтарбыт оҕолоро, сиэннэрэ бары кэриэтэ олорбуттара. Ити олоппоһу эһэҥ үйэлээх да гына оҥорбут. Баччааҥҥа диэри олох хамсаабакка турарын сөҕөбүн. Оттон аныгы маҕаһыыннар олоппосторо нэһиилэ сылы эрэ туорууллар.

– Аҕаа, олоппоһу дьиэҕэ киллэрэн кэбиһээр эрэ, ол аата хос эһэм оҥорбут олоппоһугар икки көлүөнэ оҕолор дьуолка оҥостон, Саҥа дьыллаабыт эбиттэр. Биһиги үһүс көлүөнэ эмиэ оонньоон, киэргэтэн көрүөхпүт этэ, – Наташа дьонун хардары-таары кэриччи көрөр.

– Ураа! Аҕаа, хайаан да бүгүн киллэрээр, – Сима турар сиригэр ойуоккалаан ылар.

– Сөп, киллэриэм, ирэ туруо этэ.

Дьиэлээхтэр бары ис-истэриттэн астынан, күлсэн ыллылар.

Саҥа дьыллааҕы бэлэх

– Оҕолоор, оскуолабыт Саҥа дьыла үс хонугунан буолар. Бэлэх харчытын ситэ биэриэ этигит. Сарсын оскуола массыыната куоракка барар. Таарыйа бэлэх ылаллар. Бүгүн миэхэ эбэтэр үөрэтэр-иитэр үлэ завуһугар Анфиса Егоровнаҕа аҕалан туттарыҥ, – Ирина Петровна, кылаастарын салайааччыта, тута сылдьар тэтэрээтин арыйан көрө-көрө, кылааһын үөрэнээччилэригэр туһаайан этэр.

– Биһиги кылаастан икки оҕо эрэ биэрэ илик, – кылаас ыстаарыстата чобуо баҕайытык хардарар. – Степанов Дима син биир кыайан булан биэрбэт, төрөппүттэрэ иккиэн арыгылыы сылдьаллар. Сүөһүлэрин көрбөккө, ыран охтор турукка киирбиттэр дииллэр.

– Эн, Уля, итиннэ дьону холуннарбакка тур, былыргы Сыллай Луха ийэтин Балааҕыйа эмээхсин курдук наар дьону хооһурҕата сылдьаҕын дуо? Дима дьоно кимнээҕэр бэркэ олороллор, – Дима табаарыһа Коля өрө хабылла түстэ, – мин күн ахсын сылдьабын.

– Сылдьан көмөлөһөр киһиэхэ дылы, доҕоруҥ наар хотон көрөн уруогун аахпакка, иккиттэн атын сыананы билбэт буолбат дуо? – Уля эппитин этэ турар.

– Эн оттон тугу көмөлөстүҥ? Үөҕэргин эрэ билэҕин. Ким билбэтий сэниир, сэнээбэт оҕолордооххун. Саатар сирэйэ суох улахамсыккын, – Коля этэрбин эттим диэбиттии олорунан кэбистэ.

– Бүтүҥ эрэ, кыаллыбат, тиийиммэт буоллаххытына көмөлөсүһүөххүтүн билбэккэ, бэйэ-бэйэҕитин тыллаах эмээхситтэр курдук саҥарса тураҕыт. Дима, буллаххына миэхэ кэлин да биэрээр. Бүгүн мин эйиэхэ угуом, – Ирина Петровна быһаарда. – Уонна ким биэрэ илигий?

– Мин… – Алиса паартатыттан туран кэллэ. Эбэм биэнсийэтэ бүгүн баҕар кэлиэхтээх, оччоҕо биэриэхпит диэбитэ.

– Аҕаҥ эбэҕиттэн былдьаан ылыа. Оччоҕо хайдах бэлэх харчытын биэрэҕин? – Уля саҥарбакка хаалбат.

– Куттаныма, булан биэриэм. Эн эрэ наһаа үчүгэй курдук сананаҕын, – Алиса саҥарсар.

– Бүтүҥ эрэ. Бу кыргыттар хайдах буолбуттарый? Уруок бүттэ. Кылаастан тахсыҥ. Остолобуойга барыҥ, – кылаас салайааччыта дьаһайар.

– Суох, остолобуойга барбаппын. Онно тиийиммэт-түгэммэт ыаллар оҕолоро өрө үөмэхтэһэн олороллор. Алиса уонна Дима икки тэҥнээхтэр бардыннар. Кинилэр мааннай хааһылара биһиэхэ наадата суох, – диэт, Уля кылаастан тахсар ааҥҥа барбытыгар, дьүөгэ аҕыйах кыргыттара батыһан таҕыстылар.

Алиса саҥата суох, үрүсээгин ылан, кылаастан тахсан барда. Оскуолаттан ыраатан истэҕин аайы, хараҕын уута ыгыллан кэлэн истэ. Тайтайбыт истээх сонун ыга тимэхтэнэн, ийэтин эргэрбит нуорка бэргэһэтэ сүүһүгэр саба түһэрин өрө анньына-анньына, эргэ, кыччаабыт соппуоскатынан халтарыйан сыыһа-халты үктэнэн, буоста диэки барда. Үрүҥ профлииһинэн бүрүллүбүт кыра дьиэҕэ тоһугураан киирбитигэр, буоста начаалынньыга Мария Николаевна соһуйа көрүстэ:

– Хайа, Алиса, ханна бардыҥ? Эбиэккэ баран эрэбин.

– Биэнсийэ кэллэ дуо? – кыыс симиктик ыйытар.

– Суох. Сарсын кэлэр. Эбэҥ ыйыттарар дуо?

– Бэйэм ыйытабын. Аҕабар биэримээр, эбэм инньэ диэбитэ. Саҥа дьыллааҕы бэлэхпит харчытын биэрэ иликпит. Үс бэлэҕи сакаастыахтаахпыт.

– Босуобуйаҕыт оттон тиийэр эбит буолбат дуо, эбэҕит сөбүлүүр буоллаҕына, үһүөҥҥүт киэнин Анфиса Егоровнаҕа биэриэм.

– Эбэбэр этиэм, баһыыба, – кыыс Мария Николаевна диэки махтаммыттыы көрдө.

– Ийэҕит хаһан тахсар үһүнүй? – Мария Николаевна баһылыкка этэн оҕолор босуобуйаларын социальнай үлэһиттэргэ бэрдэриэххэ баар эбит, барахсаттар туттар харчылара суох буолан, ийэлэрэ суоҕуна, эрэй бөҕөнү көрдөхтөрө дии санаан ылла.

– Маамабыт үчүгэй. Баҕар сарсын балыыһаттан тахсан кэлиэхтээх, – кыыс санаата көтөҕүллэн, үөрэн, сирэйэ сырдаата.

– Ээ, чэ, бэрт эбит. Этэҥҥэ эрэ буолуҥ. Чэ, аргыстаһан барыах, – иккиэн аргыстаһан буоста дьиэтиттэн тахсан бардылар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации