Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 11

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Ким билбэтин, эргэ тахсаары ыксыыбын диэ, – уол, балтын диэки күлүү гыммыттыы көрө-көрө, күлэн кыччыгыныыр.

– Бүтүҥ, оҕолоор, бүтүҥ. Кыаллар буоллаҕына, иккиэн да үөрэнэ барыҥ, мин хааххайдаспаппын. Хайдах эмэ гынан бэйэбит да бөрөһөн олоруохпут. Үөрэххэ киирдэххитинэ, хамнастаах үлэһит буолуо этигит. Оччоҕо дьонтон тутулуктаммакка, кимнээҕэр бэйэҕит иннигитин солонуоххут. Баҕар, биир эмэ үчүгэй киһини көрсөн, дьылҕаҕыт үчүгэй өттүгэр салаллаарай? Наар маннык ыыспаҕа эдэр дьон олоруоххут дуо? Олоххут үчүгэй өттүгэр салаллан, бырааттаах балтыгытын киһи гынарга суолларын тэлиэххит этэ буоллаҕа. Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах. Биһиги да тэлгэһэбитигэр күөх от үүнүө, – Наталья оҕолорун хардары-таары кэриччи көрүтэлиир.

– Арыгыһыт оҕото хайаан да арыгыһыт буолар диэн этэр этиҥ, – Андрей ийэтин диэки кыыһырбыттыы көрөр. – Аҕабыт арыгылаан кэллэҕинэ, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөн олорон, ытыы-ытыы этэргин олох умнубаппын.

– Тоҕо оннук эппиппин олох өйдөөбөппүн. Чэ, эппит буоллахпына, бырастыы гын. Аҕаҕыт итирик кэллэҕинэ, баҕар, кыһыыбыттан алҕас да эппитим буолуо, – ийэ уолун амаҕаччылаабыттыы көрөр.

– Бүтүҥ эрэ, күн ахсын бары муһуннугут да, этиһиинэн эрэ кэпсэтэҕит. Хаһан да эйэлээхтик кэпсэппэккит. Гришкалыын биһиги бэйэбит бу нэдиэлэҕэ хортуоппуйу хостоон бүтэриэхпит, – Соня, ийэтиттэн өйөбүл күүтэн, мичээрдии-мичээрдии этэр.

– Оо, маладьыастар! Тиийиммэт-түгэммэт ыал оҕолоро итинник сүрэхтээх буолуохтааххыт. Элбэх хортуоппуйу хомуйдаххытына, биир эмэ куул хортуоппуйу атыылаан, эбиискэ гыныа этигит. Чэ, мин бардым. «БКЭ-ҕэ бэлэмнэн, эбии үөрэххэ сылдьыбат буоллаххына, көмөлөһүөхпүт суоҕа» диэн сааналлара сүрдээх, – Андрей, солуута суох саҥаран дьабыгырыы-дьабыгырыы, тахсан барар.

– Чэ, бардын. Хайдах эмэ гынан оскуоланы бүтэрэн биир эмэ орто үөрэххэ киирэрэ буоллар, баҕар, кимнээҕэр оттомуран киһи бэрдэ буолуо. Оттон, Настенька, тохсуһунан бүтэн барыам дииргин тохтотуоҥ этэ. Бэйэҥ үөрэммит оскуолаҕын бүтэрэриҥ ордук этэ. Учууталларыҥ да өйөөн бүтэртэриэ этилэр. Оннооҕор үөрэҕэр мөлтөх, аанньа ахтан үөрэммэт киһини, Андрейы, сыһан-соһон үөрэҕин бүтэртэрэн эрэллэр. Учууталлартан иҥнэбит да, оскуолаларын оҕолоругар баҕас кыһаналлар, син сысыһан-сосуһан оскуоланы бүтэртэрбит оҕолоро элбэх. Оҕо эрдэхтэринэ мэниктэринэн баппатах, сүгүн үөрэммэтэх, үөрэхтэригэр баллаас аатырбыт уолаттар кимнээҕэр дьон бэртэрэ, нэһилиэк тутаах механизатордара, сис ыаллара буолан олороллор. Сөп ээ, үөрэҕэр мөлтөх диэн үүрэн кэбистэххэ, бу оҕо кэскилэ кэхтэр, инникитэ сарбыллар буоллаҕа.

– Чэ, ийээ, куолулаан бүт эрэ. Өйдөөҕүмсүйээччилэр эйигинэ да суох элбэхтэр, – Настя ийэтигэр өс саҕа буолар.

– Киһи тылын мундуйдаабакка сүгүн иһит. Билиҥҥиттэн уон алталаах эрэ оҕо ханна муор-туор, үтүрүм-хатырым сылдьыаххыный? Манна төрөөбүт дьиэҥ кэм сылааһынан илгийэ, угуттуу турдаҕа, аһыыр ас, таҥнар таҥас суох буоллаҕай? Хата, билигин отоннуу барыаҕыҥ. Уоннаах биир биэдэрэни «Темп» маҕаһыыҥҥа биир тыһыынча солкуобайга туталлар. Пахай дуо, харчы буоллаҕа. Атын чааһынай да дьон отону туталлар. Бары куурка, соппуоска көрдүүгүт дии. Отонноон таҥаскытын бэйэҕит булунуҥ, онно бу ыйдааҕы босуобуйаҕытын эбиэм. Хортуоппуйу киэһэ бары саба түһэн хомуйуохпут, – ийэлэрэ дьаһайа-дьаһайа тимир биэдэрэлэри сууйан таҥкынатар.

– Оттон оччоҕо оскуолаҕын хаһан сууйаҕын? – Соня ийэтин диэки ыйытардыы чоҕулуччу көрөр.

– Сарсын сарсыарда алта чааска туран хомуйа барар инибин. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ хортуоппуйбутун үмүрүтэн, сир астаан хаалыа этибит.

– Ээ, оччоҕо мин күн ахсын отоннуу барар эбиппин. Бүгүн отонноотохпуна биир тыһыынча, сарсын икки тыһыынча буолар. Оттон уон күҥҥэ – уон тыһыынча солкуобай лас! Үчүгэй эбит, – Гриша өрүкүйэ түһэр.

– Оттон хортуоппуйбутун кирээдэнэн үллэстибэппит дуо? Андрейга эмиэ биэриэххэ буоллаҕа. Кини биһигиттэн туох ордуктааҕый, арыый эрдэ төрөөн арай элбэх хааһыны сиэбитэ буолуо, – Соня быраатын өйөөн, сөбүлэһэрин биллэрэн кэҕиҥниир. – Мин куурка ылыныахпын баҕарабын. Биһиги кылаас кыргыттара бары наһаа үчүгэй саҥа кууркаламмыттар.

– Чэ, бэрт. Хомуна охсон барыаҕыҥ. Бары бэйэҕитигэр таҥас ылар интэриэстээх дьон быһыытынан, бэйэҕит отоҥҥутун тус-туспа хордуон дьааһыктарга мунньуо этигит. Настя, эн да саҥа таҥас ылынаргар, бука, хамнаннаххына харчы көстөрө буолуо, – Наталья улахан кыыһын тургутардыы көрөр.

– Сөп, чэ, отоннуу барыахха да син. Ол эрээри мин эһигини кытта барбаппын. Ийээ, эн биир отонноох сиргэ олоро түспэккэ сири-сибиири мээнэ кураанах кэрийэр идэлээххин, киэҥ сиринэн тэлэһийэ хаамаҕын. Биһиги Лиялыын барыах буолбуппут.

– Сөп, чэ, хадаардаһа олорума. Бара охсуоҕуҥ, – ийэлэрэ хамаандалыыр.

– Киэһэ ким элбэх отонноох кэлбитин көрүөхпүт. Хата эн кураанаҕы кууһан олороргун көрбүт киһи, – Гриша эдьиийин күлүү гынар.

– Сааппат сирэй, бэйэҥ отоно суох дьэлтэччи кытаран тураргын көрбүт киһи баар ини, – Настя да хаалсыбат, быраатын сиирэ-халты тирээпкэнэн быраҕар. Төрдүөн, биэдэрэлэрин лаҥкынатан, дьиэттэн тахсан бараллар.

* * *

Дьиэ иһэ борук-сорук хараҥа. Ыраастык, кичэллээхтик хомуллубут дьиэ итиинэн илгийэр. Миэбэллэр эргэлэр гынан баран хоп-дьип көрүҥнээхтэр. Тупсаран, лааҕынан соппуттара саҥаларыгар түспүттэр.

Наталья ньиэрбинэйдээбит көрүҥнээх төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор. Кыйахаммытыттан сирэйэ, кытара сатаан баран, үллэн хаалбыт.

– Кэлэр ини. Сарсын эксээмэннээҕин билэр. Бэҕэһээ төһө эмэ этэ сатаабытым. Ханна да барыа суох курдук тутта сылдьан баран, эмискэ дугдаҕа сыта бардым диэн барбыта. Кэлбэтэҕинэ, биир эмэ уолу кэпсэтэн, матасыыкыл ыыппыт киһи да, ол сөбүлэһэн бараллара биллибэт. Ыксаатахпына, Гришабын бэлисипиэтинэн ыытарым дуу? Аҕатын дугдатыгар барда ини. Сөп, чэ, – дьахтар төлөпүөнүн ыалдьыа диэбиттии сэрэнэн уурар. Хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын туора-маары соттор. «Сатана уола ханна түстэ? Аны пиибэлээн кэбиһэн, олох да эксээмэнигэр кэлбэккэ, муҥмутун элбэтэрэ буолуо. Үүт-үкчү аҕатын курдук – туох да эппиэтинэһэ суох. Оскуолалар төһө эмэ сысыһан-сосуһан бүтэртэрэ сатыылларын үрдүнэн, күүлэйдии сырыттаҕа. Хантан кустуой, сымыйата буоллаҕа. Халлааны хабарҕатынан, муораны тобугунан буолан, киһиргээн дьаллараҥныы сырыттаҕа. Оскуолатын этэҥҥэ бүтэрэн, ситэри аармыйаҕа барара буоллар, баҕар, кимнээҕэр киһи киэбин кэтэн кэлиэ этэ. Чэ, бээ, тугу эмэ күөстүөххэ. Эксээмэннээх оҕону үчүгэйдик тото-хана аһатан ыытыллыа этэ. Ити улахан кыыс кэлэрэ буоллар, алаадьы астаппыт киһи», – диэн иирбэ-таарба санааларын сыымайдыы-сыымайдыы кыра сибиинньэ этэ ириэрэ таһаарбытын, соркуой буһарардыы, кырбаан киирэн барда.

Аан чэпчэкитик аһыллар тыаһыттан уол кэллэ дуу дии санаан, быһаҕын да уурбакка, ааҥҥа ыстанна. Оттон Настя киирэн турарын көрөн, аанньа ахтыбатахтыы остуолугар төнүннэ.

– Хайа, тоҕо хараҥаҕа олордуҥ? Уоккун холбуоххун, – кыыс выключателы холбоон «тыс» гыннарда. – Киһини көрөн хомойбуттуу туттаҕын дуу? Улахан мааны уолуҥ мардьаллан кэлэ илик дуу, пиибэлээн кэдэриҥнии сырыттаҕа дии, – Настя кыйахаммыттыы олоппоһу күүскэ сыҕарытан, остуолга сыҥаах баттанан олордо.

– Чэ, бээ, убайыҥ кэллэҕинэ наһаа кыйахаама. Кэллин эрэ. Сарсын эксээмэнэ. Хайдах эмэ гынан аҕыйах күнү тулуйан көрөөхтөө. Бары да өһүргэскит сүр, тэппини тулуйбат оҕолоргут, – Наталья кыыһын диэки эйэргээбиттии көрөр.

– Сөп, сөп. Тойон иннин туора-маары хаамыллыа суоҕа.

– Хата, алаадьыта астаа. Ити миискэҕэ халбыыр үүт баар. Эксээмэннээх киһини аччык ыытыахпыт дуо?

– Бэҕэһээ мин эмиэ эксээмэннээх этим да, алаадьы астаабатаҕыҥ дии, – Настя өс саҕа буолар.

– Ээ, чэ, эн бэйэ киһитэ буоллаҕыҥ дии, – ийэлэрэ күлэр.

Ааннара тэлэччи аһыллан балачча турбахтаат, Андрей, аан холуодатыттан иҥнэн умса-төннө түһэн тэмтэриҥнээн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буолар.

– Хайа, нохоо, ханна сүтэ сылдьаҕын?! Сарсын эксээмэниҥ буолбат дуо? – Наталья сибилигин уолум кэллэҕинэ, сирэй-харах анньыам суоҕа диэбитин таһыччы умнан кэбистэ.

– Суох… Ханна сылдьыамый? Эксээмэн буоларын эйигиннээҕэр бэркэ билэбин. Улахан эбит! Суруйуллуо…

– Бу уол, пиибэ испиккин дуу? Сааппат сирэй!.. Бүтэрэриҥ да чугаһаата. Туттунуо да эбиккин… Эйигин оскуолаҕын бүтэртэрээри сүүрэн-көтөн ахан биэрэр учууталларгын да убаастыа эбиккин!

– Миигиттэн босхолоноору бүтэртэрэ сатыылларын ким билбэтий? – Андрей атаҕын истиэнэҕэ өрө тэбэн дьыбааҥҥа сытар. – Тиэкистэрин сэрэйэн да суруйуллуо. Сураҕын иһиттэххэ, «2» да сыананы ыллахха, аттестакка «3» буолар үһү. Хата, бу кыыс гелевай уруучука ыллыҥ дуо? Оттон пааспарым баар дуо?

– Баар, эн тот оҕо түүннэри илэчиискэлии сылдьаҕын, оттон манна биһиги эн хаппырыыскын толоро сүүрэр туохтарбытый, көр да маны! – кыыс убайын сөбүлээбэтэхтии көрөр.

– Туох диигин?! Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан улахан киһини утары көрөҕүн дуо?! Сэрэн эрэ, биирдэ эмэ тутан биэрдэхпинэ билиэҥ! – Андрей кыбдьырыммытынан олоро түстэ.

– Бүтүҥ эрэ! Бар мантан, боруок көрдөөн олорума. Бэйэм алаадьы буһарыам! Киһиэхэ саатар кыраны да туһалаан эппэт оҕолор буоллаххыт, – ийэлэрэ иирсиэхтэрэ диэн аймана түһэр.

– Тохтуу түстүн. Алаадьыбын оҥоруом, тиэстэбин охсон бүтэрдим буолбат дуо? – кыыс да иннин биэрэр санаата суох.

– Чэ, итиннэ күрдьүөттүү олорума, суун, баанньыгы оттубутум. Бэйэ бодоҕун тардын. Суунан, аһаан баран утуй, сарсын оскуолаҕар чэмэлгэн киһи барыаҥ этэ, – ийэлэрэ барахсан сымныы быһыытыйар.

– Ийээ, мин биир ыйытыылаахпын. Куруутун ыйытыахпын баҕарабын, – уол хадаардаһардыы туттар, – Эн аҕабын тоҕо аанньа ахтыбат этигиний? Оннооҕор аҕам өлбүтүгэр хараҕыҥ уутун түһэрбэтэҕиҥ?

– Чэ, ол-бу араас буолума! Ону-маны солуута суоҕу токкоолоһума.

– Ону эн тоҕо наар ыаһыйалаан хаалаҕын? Аҕабыт күнү супту арыгылыыр этэ буолбат дуо? Уонна иһэн дэлбэрийэн кэлэн, ийэбитин кырбыырын умуннуҥ дуо? – Настя, буойун хаанын киллэрэн, ийэтин көмүскэһэрдии убайын куһаҕан баҕайытык кынчарыйа көрөр.

– Ийээ! Ийээ, иэдээн! – иннин-кэннин билбэт буола ыксаабыт Гриша дьиэ иһигэр биирдэ баар буолла. – Ити… Итиннэ гараж таһыгар улахан баҕайы хаспах баар дии!.. Сүөһүлэр түһүөхтэрэ диэн бүтүннүү маһынан саппыттара дии… Ол таһыгар оонньуу сылдьан, Диимискэлээх Гоша эмискэ, сыыһа үктэнэн, аппа хаспаҕар түһэн хааллылар! Ким да суох… Мин таһаара сатаатым да, кыайбатым, – уол ыксаабытыттан ийэ-хара көлөһүнэ саба түспүт, эп-эппэҥнэс. Хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин ньуххана сатыыр.

– Оо, туох алдьархайай! Сордоох хаспаҕа оҕолору сиэтэҕэ, – диэн саҥа аллайбытынан, дьахтар таһырдьа ыстанна. Андрейдаах Настя ийэлэрин кэнниттэн эмиэ саппай уопсан тахсан, иннигэр түстүлэр. Ыраах оҕолор хаһыыларын дорҕооно иһиллэр.

– Гриша, эн хонтуораҕа сүүр, дьоҥҥо тыллаа, – дии-дии Наталья, кыс маска чохороон сүгэ сытарын харбаан ылаат, оҕолорун кэнниттэн сүүрэн сарымтахтанна.

Били ортотунан сиҥнибит аппаҕа хорус гыннылар. Бу аппаҕа хаспах кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн баар. Сыл ахсын сиҥнэн, хаспаҕа эбии улаатан дириҥээн иһэр. Оҕо-уруу, сүөһү түһүө диэн, сыл ахсын күрүөлүөх буолаллар да, үлэҕэ үтүрүйтэрэн, умнан иһэллэр быһыылаах. Андрейдаах Настя харса суох туора-маары быраҕыллыбыт сиэрдийэлэри өрө тарда сылдьаллар. Андрей, ийэтиттэн сүгэни ылан, уһун тиит маһы сууллара охсон, суллуу оҕуста. Эр киһи эр киһи курдук сүрдээх кыайыылаах туттуутун ийэтэ хайгыы көрдө. Андрей, ураҕас маһын туппутунан, онтон-мантан тутуһан, сырыынньа намыһах өттүнэн аллара түспүтүнэн барда. Маһын оҕолорго тириэрдэ сатыыр да, хаспахтара дириҥ баҕайы быһыылаах. Эбиитин халлаан хараҥаран барда. Уол сыыйа аллара түһэн истэ. Наталья сүрэҕэ бып-быллыгырас: «Таҥара чахчы баар буоллаххына, көмөлөс», – диэн уоһун иһигэр ботугуруу турда. Андрей «Тутус!» диир саҥатын истэн, хаспаҕы өҥөс гыммытыгар, аппа буора көөрөттөн аллара сурулаата, хата кыыһа кууркатын тэллэҕиттэн харбаан хаалан, нэһиилэ өрүһүннэ. Дьахтар кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыста, кэннинэн чугуруҥнаата. Хайа эрэ кыра уол тутуста быһыылаах, Андрей сэрэнэ туттан маһын сыыйа тардан истэ. Сотору кыра уолу ньылбы соһон таһаарарын кытта, аппалара, соруйан курдук көҥү баран, мөчөкө буор бөҕө аллара курулаата. Оҕо куттаммыт саҥатын истэн, дьахтар сүрэҕэ «парк» гынна. Аллара Дима төбөтө лэкээриҥнээбитигэр, өрө тарбачыһар илиититтэн, таҥаһыттан-сабыттан дьон харбаан, бүтүннүү бадараан буолбут, буорунан-сыыһынан бүрүллүбүт уолу сор-муҥ бөҕөнөн ороон таһаардылар. Дэриэбинэттэн, дьолго, эр дьон сырсан кэллилэр. Хата, бирээдьинэ быалаах кэлбиттэр. Эр дьон сүбэлэһэ охсон, икки киһи быанан баанан баран, аллара түспүтүнэн бардылар.

– Сэрэнэн түһүҥ. Аппа сиҥнэ турар. Оҕолору баттатыаххыт, – диэн кэннилэриттэн этэ хааллылар. Наталья, тулуйбакка, хаспаҕы өҥөйөн көрө сатаата. Ханна да туох да көстүбэт. Хабыс-хараҥа.

– Андрей, Андрей, ханна бааргын? – диэн уолун ыҥыран көрдө да, эппиэт суох.

Сотору буолаат: «Эбии быата быраҕыҥ эрэ, Андрей уолу илдьэ иһэр», – диэн саҥа иһиллибитигэр, дьон суугунаһа түстүлэр. Быа быраҕалларын кытта ситэ уонча мүнүүтэ буолбата: «Билигин бырахпыт быаҕытын сэрэнэн тардыҥ», – диэн саҥа иһиллибитигэр, эр дьон сэрэнэ туттан, уу дьалкыйбатыныы сыыйа тарпытынан бардылар. Сотору бүтүннүү бадарааны бүрүнэн, хараҕа, тииһэ эрэ килэйэр уол сүгүүлээх Андрей быаттан тардыһан тахсан кэлбитигэр, дьон үөрэн саҥа аллайа, күүгүнэһэ түстүлэр. Оҕо, хаһан да ыытыам суоҕа диэбиттии, хам кууспут илиитин Андрей моонньуттан нэһиилэ араардылар. Бүтүннүү бадараан буолбут оҕону дьахталлар саба түһэн ыллылар. Эр дьон хардары-таары бырахпыт быаларын субуйа тардалларын кытта утуу-субуу таҕыстылар. «Һуу-һаа» бөҕө буолла. Наталья оҕо-уруу бөҕө мустубутун үөрэ көрдө. «Суһал көмө» массыыната кыра уолаттары олордо охсон, дэриэбинэҕэ сыыйылыннарда. Ийэ бэйэтин Андрейын хараҕынан көрдөөн көрдө да булбата, дьиэтигэр ыстаннаҕа диэн сэрэйдэ. Настята кэнниттэн кэлэн ийэтин хонноҕун анныттан ылбытыгар, үөрбүттүү, кыыһыгар ыга сыһынна.

– Наталья, махтал. Андрей маладьыас, уолаттары быыһаата, – үөрбүт-көппүт оскуола физруга Николай Николаевич, кэлэн, ыга илии тутуста. Дьон үөрбүт-астыммыт сирэйин көрөртөн, махтанар тылларын истэртэн ордук үчүгэй суох эбит.

Ийэлээх кыыс хоннохторуттан ылсан аа-дьуо дьиэлэригэр бардылар.

– Андрей маладьыас, ити көрдөххө эрэ, үчүгэйтэн куһаҕаны араарбат курдук туттан, аа-дьуо даадаҥныыр. Дьиҥинэн, хорсун. Эппит тылын, санаабыт санаатын толорор, дьоҥҥо уйаҕас сыһыаннаах киһи бэрдэ. Дьоҥҥо бэйэтэ дьиҥнээҕин, хайдах киһитин көрдөрдө, – Настя астыммыт куолаһынан саҥара истэ.

– Оо, оҕом сыыһа, эн эппэтэҕиҥ, айбыт Таҥара эппитэ буоллун! Төрөппүт аҕатыттан чыҥха атын киһи эбит. Аҕабыт барахсан чычаас, кэннинэн тэйиэккэлээбит, туохтан барытыттан дьаархаммыт, кыра ычалаах киһи этэ. Кырдьыгынан эттэххэ, Андрейтан итинник быһыыны күүппэтэҕим.

– Андрейы киһи барыта итинник буолуо диэн санаабатаҕа буолуо. Дьон барыта астыммыттарыттан мин наһаа үөрдүм, – Настя үөрбүт куолаһа чаҕааран олордо. Андрей бэрт сылбырҕатык туттан мас хайыта сылдьарын ыраахтан көрөннөр, ийэлээх кыыс истиҥник мичээрсэн кэбистилэр.

«Төрүттэрин ааттатар биһиги да дьиэбит үөлэһэ кыымнаах эбит. Икки өттүттэн эһэлэрэ истэн, төһө эрэ үөрэллэр», – диэн санаатыттан ийэ эгди буолла.

Арыгы содула

I

Кыракый Аанчык кыыс, утуктаан сыҥааҕырдыы-сыҥааҕырдыы, уруогун аахпыта буола олордо. Сарсын саха тылыгар хонтуруолунай үлэ диэбиттэрэ. Дьыктаантан куттаммат. Суруйуоҕа. Учуутала хайгыыр. Иллэҥ эрэ буоллар, кинигэ ааҕар. Ордук саха тылыгар күннүүр. Биир да сыыһата суох суруйан, оҕолору сөхтөрөр. Ол иһин оҕолор тыыппаттар, арыгыһыт оҕото диэн сирэйгэ-харахха аспат буолан абырыыллар. Сороҕор сорудахтаах дьыктааҥҥа сыыһан кэбиһэн, «4» сыананы ылар. Сарсын этии тутаах уонна ойоҕос чилиэннэрин тардыахтаахтар да, хайыыр. Син билэр этэ да, ийэтэ барахсан, мааҕын өйдөөх эрдэҕинэ үөрэтэ сатаан, тоҕо түһүктэр дэнэллэрий, падежтар дии диэн дэлби булкуйан кэбистэ. Сарсын уруок иннинэ учууталбыттан ыйытыам диэн мунаахсыйа олордо. «Кинигэни ааҕар киһи суруйар, ааҕар дьоҕура сайдар», – диэччи эбэтэ. Эбэтэ билигин баара буоллар, наһаа үчүгэйдик олоруо этилэр. Арыгыһыттары, ийэтин курдук дьиэҕэ мунньуо суох этэ.

– Хотуой, тугу гына олороҕун? Бар, тахсан кирдээх ууну тох. Тоҕуллубатаҕа хас да хоммут. Сыт-сымар бөҕө. Бачча улахан кыыс тугу да көрбөт. Билигин табаарыстарым кэлиэхтэрэ. Онно маннык дьаабыланан олоробут дуо? – ийэтэ дьаһалымсыйда.

– Эмиэ кэлэллэр дуо, арыгыһыттар, – кыра кыыс ийэтэ истибэт гына муннун анныгар киҥинэйдэ. – Кирдээх ууну күн ахсын тоҕобун дии.

– Хотуой, истибэтэ буолуо диигин дуо, итиннэ төттөрүлэһэ олорбуккун, хата, баттаххар түһүөм, – ийэтэ кыыһыран өрө дьорҕойо түстэ гынан баран, бүгүн санаата көнөн үөрэ сылдьар буолан, салгыы кыыһыра барбата. Хата, эт кэнсиэрбэлээх буолан, лапсалаан соркуой буһарда. Кыыс киирдэҕинэ, аһатан баран биир эмэ ыалга үүрүллүө. Киэһэ утуйуор диэри оҕолору кытта сылдьыа, арба, ыраас халааппын ити кыыска булларбыт киһи. Билигин кыргыттарым кэлэллэрэ буолуо. Ааныстара төрөөбүт күнэ. Саамай эдэрбит, отут биэһин эрэ туолар. Төрөөбүт күннээх киһи балачча аһатар ини. Пахай, килиэбим суох эбит дии. Ити кыыс, халааппын булбакка, баран хаалбыт быһыылаах.

Таһырдьа, тэлгэһэҕэ, дьахталлар ньамалаһалларын истэн, ааны тэлэччи аһан туран саҥа аллайда:

– Оо, кыргыттарым, барахсаттарым, көрсүбэтэхпит да ыраатта. Түргэнник да кэлбиккит.

– Хата, Марыынабыт барахсан ас астаабыт. Дьэ, маладьыас кыыскын. Мин төрөөбүт күммэр кыргыттарбар кэһиибин аҕаллым. Бэҕэһээ ийэм биэнсийэтиттэн ынньаҕалатан ыллым. Барахсаным, биэрбэппин диэн баран, сарсыардааҥҥы ыамы ыам диэбиппэр, бастаан биэс тыһыынчаны биэрбитэ, онтон наһаа этиммиппэр, эбии биир тыһыынчаны биэрэн илиибин дуйдаата. Онон кыргыттарбар биир бытыылка буокка уонна халбаһы, сыыр атыыластым, киһи буолан, кыыскар хоруопкалаах сакалаат ыллым. Мэ, ууран кэбис, – Ааныстара биир кэм тохтоло суох кэпсээн халаара олордо.

– Ээ, ол кыыска тоҕо ыллыҥ? Сакалаат сиэбэккэ да сылдьыаҕа. Ол кэриэтин кыһыл арыгы ылыаххын, – кыыс ийэтэ өрө будьуруйбут баттаҕын имэриммэхтиир.

– Чэ, буоллун, ол бытархай харчыга биир бормотуха кыайан кэлбэт. Олорон аһыаҕыҥ. Биир буоккаҕа син биир топпоппут. Арай төрөөбүт күннээхпит булар ини, мааҕын биэс тыһыынчалаахпын диэн киһиргээтэ дии, – баттаҕын эр киһилии күлтэччи кырыттарбыт Ниналара чобуорхайар.

– Ол биэс тыһыынча бэҕэһээ мэлийбитэ, сурахтыын сүппүтэ, – Ааныстара хардарар.

– Ханна гыммыккыный? – дьахталлар соһуйа түһэллэр.

– Күрэппитим. Балтыбар бэҕэһээ мобильнай төлөпүөнүнэн куоракка ыыттарбытым. Дьоҥҥо көстөр мааны кууркам суох. Атыылаһан ыытыахтаах. Мин да киһилии таҥныахпын баҕарабын. Ити харчыбар эбэн, үчүгэйи атыылаһыахтаах. Балтым иһэҕин диэн үөхтэр даҕаны, син сороҕор киһилии сыһыаннаһар.

– Оо, дьэ, инньэ гынан бүгүн хотону көрдүҥ дуо? – Нина остуолу тарда туран ыйытар.

– Ээ, суох буоллаҕа, хантан? Мантан киэһэ ыаныллыа. Кыргыттар, санаарҕаамаҥ, ийэм аҕыйах солкуобайы биэрэр ини. Биэрбэтэҕинэ, аны кыһын хотонугар сылдьыллыа суоҕа, – төрөөбүт күннээхтэрэ, Ааныстара, кыайбыт-хоппут курдук туттар.

Ити кэмҥэ, ааннара нэһиилэ хаахынаан аһыллыбытыгар, Аанчык тоһугураан киирэн кэллэ. Хайыы үйэ саҥалара элбээбит, харахтара чаҕылыйбыт дьахталлары куттаммыт хараҕынан чоҕулуччу көрөн турда.

– Бар, хотуой, туохха өрө бэһирэн кэллиҥ? – ийэтэ, сиэх-аһыах курдук, кыыһын хатыылаахтык көрдө.

– Оттон уруокпун аахпаппын дуо? – кыыс куттаммыттыы титирэс куолаһынан ыйытар.

– Бар диэтим! – ийэтэ илиитигэр тутан турар ньуоскатынан оҕо сүүһүн сыыһа-халты бырахпытыгар, дьахталлар өрө хаһыыра түстүлэр. Оҕо эрэйдээх сүүһүн саба туттан ытыы-ытыы тахсан барбытыгар, ийэтэ киһи хараҕар биллэр гына эргэрбит үрүсээги таһааран таһырдьа бырахта.

– Чэ, Марина, наһаа да төрөппүт оҕоҕун итинник туппатаргын. Биһиэхэ оннооҕор кутуйахпыт да суох. Эн буоллаҕына үчүгэйкээн бэйэлээх кыыстаах эрээригин…Оҕоҕор наһаа кырыктаахтык сыһыаннаһаҕын, – Ааныс тииһэ суох айаҕынан халбаһыны ыстаан ыллаҥната олорон, дьүөгэтин сэмэлии олордо.

– Эн миигиттэн ордук киһи буолан ньаамыргыы олорума, ымсыырдаргын ылан бар, иитэ ылан абыраа! – Марыына кыыһыран өрө татыаккалана түһэр.

– Чэ, чэ бүтүҥ. Көрүстүгүт да тыл аахсан тахсаҕыт. Хата, аһыаҕыҥ, маннык үчүгэйдик аһаабатахпыт ыраатта. Халбаһы, сыыр билигин ыал ахсын баар буолбатах, – Ниналара, дьахталларыгар бэрт буолардыы, күлэн ырбайар.

– Сылдьыаххыт эбээт, арыгы туруоруом ини, өссө ыт курдук үөҕүллүөхтээх үһүбүн, – дьахтар силбиэтэнэн туран, остуолтан халбаһытын, сыырын иһиттэри ылан, таҥас суумкатыгар таҥнары кутар, илиитигэр буоккатын харбаан ылаат, куотардыы ааҥҥа ыстанар. Аан сабылларын кытта тэҥҥэ, ааҥҥа үлтү быраҕыллан алдьаммыт ыстакаан тыаһа өрө кырылыы түһэр…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации