Текст книги "Ньоҕой эрэл"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 12 страниц)
II чааһа
Култуура дьиэтэ. Саҥа өрөмүөннэнэн бүтэн, сибиэһэй лаах сытынан аҥкылыйар муосталара килбэчийэн олорор. Курустаал люстралара сандааран, кулуубу эбии сырдатан, тупсаран биэрэр. Фойеҕа күлбүт-үөрбүт дьон толору. Бүгүн атын нэһилиэктэн «Үһүс саас» оскуола чилиэннэрэ, саастаах дьон кэлэн, сэргэхсийии буолбута тастан көстөр, киирии-тахсыы бөҕө. Бастаан дьиэлээхтэр, онтон ыалдьыттар кэнсиэрдээн, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт дьон, эдэр саастарын эргитэн, таансылаары оҥоһуннулар. Светлана Александровна этиитинэн бастаан «шахталаан» бардылар. Сааһырбыт дьон күлэ-үөрэ, сэбиэскэй саҕанааҕы ырыалары, тыыннара тахсыар диэри кулуубу биир гына ыллаан ньиргиттилэр. Онтон Коля вальсы тардан кэбиспитигэр, эдэрдиин-эмэнниин сааланы биир гына үҥкүүлээн эргичийдилэр. Дьахталлар былаачыйалара тэлээрэн олордо. Уол байаанын тардарын быыһыгар ис-иһиттэн мичилийэ сырдаабыт, уһун, көнө дьылыгыр уҥуохтаах кыыһы, бэйэтэ да билбэтинэн, кыраҕытык кэтии олордо. Эдэр исписэлиис кыргыттар «Үһүс саас» оскуолатыгар ыытыллар тэрээһиҥҥэ көмөлөһө таарыйа, сэргэхсийээри даҕаны, сылдьан эрдэхтэрэ. Быраас кыыс Найыына Николаевна (инньэ диэн ааттыыллар быһыылааҕа) туналыйа сырдаан, эчи үчүгэйин. Саһархай суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн кэннигэр түһэрбитэ, синньигэс биилигэр охсуллара хайдахтаах кэрэний? Сүрдээх истиҥник мичээрдии-мичээрдии кини аттынан эргичийэн аастаҕына, Коля сүрэҕэ мөҕүл гынарын бэйэтэ да дьиктиргии санаата. Уолаттартан итэҕэстээх курдук сананан, кыргыттар диэки хайыһан да көрбөт бэйэтэ, хайдах итинник истиҥ иэйиигэ ылларбытай? Быраас кыыһы өссө сайын сөбүлүү көрбүтэ. Кимҥэ да быктарбакка, истиҥ иэйиитин дууһатын түгэҕэр хаатыйалаан илдьэ сылдьан, кыыс туһунан дьон иһирэх тылынан кэпсэтэллэрин сэргии-маныы истэ сылдьар. Ити кэмҥэ Светлана Александровна тоһугураан кэлэн, ыалдьыттары чэй иһэллэригэр ыҥырда, уол аттынан ааһан иһэн, «итии чэйдэ иһис» диэн сибис гынна. Бары хоско суугунаһан киирбиттэрин көрөн, Коля байаанын худрук хоһугар уураат, тахсан барда. Оскуолаҕа бүгүн киэһэ сэттэ чааска биэчэр буолуохтааҕын төһө да биллэр, дьиэтин диэки суолу тутта.
Коля кирилиэһи санаатыгар чэпчэки баҕайытык түстэ. Кулууптан балачча тэйэ түһээт, кэннигэр кыыс күлэр саҥатын истэн, эргиллэн көрөөт курус гынна. Быраас кыыс Никита Алексеевичтыын кэккэлэһэ хааман иһэллэр. Сүрдээх истиҥник кэпсэтэллэрин быыһыгар кыыс саҥа таһааран күлэр. Учуутал көрүдьүөстээҕи кэпсии истэҕэ. Санаатыгар, сибилигин сылааһынан угуттуу турбут халлаан курас, тымныы тыынынан үрэн, дьагдьайан кумуччу туттан, кууркатын тимэхтэрин сүөрэ-сүөрэ хос тимэхтэннэ. Санаата түһэн уку-суку айаннаата, атаҕа ыараан хаалла. Таах сибиэ ити «Үһүс саас» оскуолаҕа баран. Итиннэ сылдьыбатаҕа буоллар быраас кыыс учууталлыын кэккэлэһэ хаампыттарын билиэ суох этэ. Билсэр буоллахтара. Дьиэтигэр киирээт, саҥата-иҥэтэ суох хоһугар ааста. Оронугар умса түһэн сытта.
– Хайа, Коля, тоҕо сыттыҥ? Аһаабаккын дуо? – ийэтэ ааны тэлэйэ аһан киирэн кэллэ. – Ыарыйдыҥ дуо?
– Суох, ыалдьыбаппын. Билигин аһыам, – уол хостон тахсан остуолга кэлэн олордо. Ийэтэ миин буһарбыт. Сыпсырыйан иһэ олорон, хараҕа тэлэбиисэргэ хатанна. Олег Колесов «Талбан» биэриитэ буолан, уол кэпсии-ипсии олорор. Үчүгэй биэрии, үчүгэй диктор. Талбан тиэмэтэ бүппэт, бииртэн биир интэриэһинэй тиэмэни булан, дьону баҕас интэриэһиргэтэр быһыылаах. Аҕалаах ийэтэ сөбүлүүллэр ахан.
– Хайа, кулуупка сырыттыҥ дуо? – ийэтэ тэлэбиисэр көрөрүн быыһыгар ыйытар. – Светлана Александровна долгуйар этэ.
– Сылдьан.
– Үҥкүүлээтилэр дуо?
– Ханна барыахтарай, үҥкүүлээтэхтэрэ дии, – уол сөбүлээбэтэхтии хардарар.
– Сөбүлээбэт эрээри тоҕо барбыккыный? – аҕата кыттыһар. – Ол кэриэтин эрчиллиэххин. Сотору улууска хары баттаһыытын күрэхтэһиитэ буолар дииллэр. Онно кыттыаҥ этэ.
– Тренерим Максим Николаевич кыттыаҥ диэбитэ, – Коля олоппоһун тыастаахтык сыҕарытан остуолтан турар.
– Оскуолаҕа биэчэргэ барбаккын дуо? – ийэтэ амаҕаччылаан ыйытар.
– Суох диэтим буолбат дуо, – уол ийэтин кыыһырбыттыы көрөр. Кини «Үһүс саас» оскуоланан иирэн, быйыл күһүнү быһа ыра санаа оҥостубут кэрэ иэйиитэ биир мүнүүтэ иһигэр күдэҥҥэ көттө. Найыына Николаевнаны инники олоҕун ырата, ымыыта оҥостубута симэлийдэҕэ. Никита Алексеевич былырыыҥҥыттан история учууталынан үлэлиир. Маннааҕы бөһүөлэк уола. Холостуой эдэр киһи үчүгэй кыыһы таба көрдөҕө. Бэйэтиттэн балыс, көнтөс атахтаах уолу хайа кыыс таба көрүөй? Буолан баран киһи хараҕар быраҕыллар кыыс. Бэйэм да булан-булан, Туйаарыма Куо курдук туналыйбыт ньуурдаах, кыталык курдук кынталдьыйбыт кыыһы сөбүлээн, эрэйи көрдөхпүнүй? Биирбит таҥара маһа, иккиспит күрдьэх маһа буоллахпыт. Ол эрээри, тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат. Мин да киһи буоллаҕым. Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар буолар дииллэр, миэхэ да күнүм күөрэйэр ини? Найыына Николаевна, Найыына… Аата да үчүгэйин. Хантан итинник киһи сүрэҕин иһинэн киирэр ааты төрөппүттэрэ булан ааттаабыттарай? Итинник ааты ханна да истибэтэҕэ, билбэт даҕаны. Чэ, ол эрээри, хаһан тэҥнэһээри, тапталынан оонньоомуохха. Ол кэриэтин биир кэлим эксээмэммин уонна күрэхтэһиилэрбин толкуйдаабытым ордук буолуо.
Коля дьоно ботур-ботур кэпсэтэллэрин кулгааҕын уһугунан истэ сытан, Найыына Николаевна аатын истэн, санаатын ситимэ быстан, чөрбөс гынна.
– Найыына Николаевна биһиги нэһилиэкпит дьолугар кэлбит үчүгэй быраас буолла. Дьэкимнэр оскуолаҕа үөрэнэр орто уоллара иһим ыалдьар диэн сыппыта үс-түөрт хоммутун кэннэ, аҕата ыксаан балыыһаҕа көтөҕөн киллэрбитин, сатаан айанныыр кыаҕа суох диэн эпэрээссийэлээбит. Муҥурдааҕа үһү. Ол тухары ийэтэ ис эмэ иһэрдэ сылдьыбыт, оҕотун өлөрө сыспыт. Аҕата балыыһаҕа илпэтэҕэ буоллар, туох алдьархайа буолуо эбитэ буолла? Бүппүтүн кэннэ улуустан хирург кэлэн, сөпкө эпэрээссийэлээбиккин диэн хайҕаабыт. Уолу илдьэ барбыт. Хата, уол билигин «тэп» курдук үчүгэй үһү.
– Хаһан ол буолбутуй? – аҕата ыйытар.
– Ааспыт нэдиэлэҕэ, өрөбүлгэ үһү. Хирург атын нэһилиэккэ барбытын истэн уонна тэстэр кыахха тиийбит диэн ыксаан, күүппэккэ саҕалаабыт. Дьиҥинэн, бэйэтэ идэтинэн хирург эбит. Миэстэ суох буолан кэлбит. Улууска ылаллара буолуо дииллэр.
– Тииһи хамсаппакка да ылар дииллэр, – аҕата ытаһалаан биэрэр.
– Кэргэнэ суох. Хайа дьоллоох уол түбэһэр кыыһа эбитэ буолла? Биһиги улахан уолаттарбыт иккиэн кэргэннэрэ суох. Биирдэрэ эмэ Найыына Николаевнаны кэргэн ылара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? Эчи, суһуоҕа намылыйан, саһарчы көрөн, ханнык баҕарар уол сүрэҕин хамсатыах кыыһа. Хаарыан үчүгэй оҕо, – ийэтэ, уолаттардаах киһи быһыытынан, өрө тыынар.
– Баҕа санааҥ улаханын. Эн эрэ уолаттардаах курдук. Оччо үчүгэй кыыс буоллаҕына, ымсыыра көрөөччүлэр элбэхтэр ини, – аҕата, буоларын курдук, биир-икки этиинэн судургутук этэн, кэпсэтиини түмүктүүр. Ийэтэ саҥарбат. Иһитин сууйан талыгыратар тыаһа иһиллэр.
Коля быраас кыыс туһунан хайҕал тыллары истэн, бэйэтин хайҕаппыт курдук сананан сирэйигэр мичээр толбоно түһэн, уоскуйа быһыытыйда. Суорҕанын бүрүнэ тардынан, улам халтаһата ыараан, утуйан барда.
III чааһа
Сырдык ыраас, толору тэриллээх киэҥ-куоҥ балыыһа. Ыарыһахтары көрөр кэбиниэккэ маҥан халааттаах Найыына Николаевна туналыйан олорор. Аттыгар сиэстэрэ Нина кыыс суотабай төлөпүөнүгэр тугу эрэ кыһаллан-мүһэллэн суруйар.
– Чэ, биллэрии бөҕө ыыттым. Өйүүҥҥэ диэри көрөллөр ини? Диспансеризация диэн, дьэ, абыраллаах көрүү. Сыллата дьон бөҕө көрдөрөн абыраналлар, – Нина төлөпүөнүн остуолга уурар.
– Оннук, ол эрээри, мин саныахпар туга эрэ тиийбэт. Быраастар нэһилиэккэ таҕыстахтарына, ыксал бөҕөнөн сүүрэ сылдьан көрөллөр. Дьиҥинэн, аппарааттарын барытын тиэйэ сылдьан, хонон-өрөөн олорон көрөллөрө буоллар, нэһилиэнньэ астыныа этэ.
– Оннук. Бүгүн көрдөрөөччү олох суох. Эбиэттэн киэһэ кэлиэхтэрэ. Эбиэттии барбаппыт дуо? – Нина ыйытардыы бырааһын көрөр.
– Баран. Бэҕэһээ «Үһүс саас» оскуола тэрээһинигэр сылдьыбытым. Онно ити байаанныыр уол туох уолуй? – Найыына Николаевна интэриэһиргээбит киһи быһыытынан ыйытар.
– Коляны этэҕин дуо? Оскуола оҕото, аата булан-булан ыйыттаххын, – сиэстэрэ бырааһын соһуйбуттуу бэрт болҕомтолоохтук көрөр, – онтукаҥ атаҕа көнтөс ээ. Кырдьык, байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуур. Атаҕа үчүгэйэ буоллар, спортсмен бэрдэ буолуо этэ. Билигин да остуол оонньууларыгар инники күөҥҥэ сылдьар быһыылаах.
– Байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуурун иһин ыйытабын. Чэ, эбиэккэ барыахха, – Найыына бэрт чэпчэкитик олоппоһуттан тура ойор. – Киһи хас ыйыттаҕын ахсын атыҥҥа эргитэ өйдөөн, соһуйбута-өмүрбүтэ буолума эрэ.
– Оччоҕо саҥата суох уу ньимиликээн буолабыт дуо?
– Ээ, чэ, наһаа да оннук буолбатар. Хата, ол уол медицинскэй хаартыскатын аҕал эрэ. Атаҕын туппуттарын кэннэ тоҕо атаҕа көнтөс буола оспутун билиэхпит. Мин аҕам РФ үтүөлээх хирура. Киниэхэ көрдөрүөм этэ. Сыыһа остоҕо дии. Пахай, туох да суруллубатах дии. Ыраас илиис. Маннааҕы балыыһа үлэһиттэрин дьалаҕайдарыттан атаҕа сыыһа оспут эбит.
– Оттон Быраас Сэмэн иһэ-аһыы сылдьан, оҕо атаҕын сыыһа туттаҕа дии. Төрөппүттэрэ да, тыа дьоно, Сэмэни эрэнэннэр, кыһамматах буоллахтара, – сиэстэрэ Нина мунчаарбыттыы хардарар.
– Баҕар, наада буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа баран эпэрээссийэлэтиэн сөп буоллаҕа. Дьоно төһө кыахтаахтарый? Спонсорство да көрдүөхтэрин сөп. Эдэр киһини аһына көрөбүн, – Найыына, хатыҥ сэбирдэхтэрэ тононон сири-дойдуну бүтүннүү саһархай көбүөрүнэн бүрүйэ түһэллэрин, түннүгүнэн мунчаарбыттыы көрөн олордо.
– Эбиэт буолла, барыахха. Хата, «Успех» маҕаһыыҥҥа сылдьан ааһыах, – кыргыттар түргэн соҕустук хомунан тахсаллар.
– Оо, кыһыммыт барахсан, дьэ, дьыбарсыйан кэлэн истэҕэ. Хаарыан күһүн бүттэҕэ. Сотору аргыардаах ахсынньы, торулуур тымныылаах тохсунньу ыйдар тигинээн кэлиэхтэрэ турдаҕа. Ыччака! – Нина тохтоло суох чубугуруу иһэн, санаатын ситэ эппэккэ, кэтэмэҕэйдээбиттии куолаһын аччата охсор. – Эбиэт саҕаланна да, хайаан да вызов буолар буоллаҕа.
– Тоҕо инньэ диэтиҥ?
– Оттон көрбөккүн дуо, Семеновна ыксаан-бохсоон иһэр.
Кыргыттар, хаамыыларын бытаардан, тохтоон, күүтэн турдулар. Ыксаабыт, сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, тириппит-хоруппут дьахтар түргэн хаамыынан чугаһаан кэллэ.
– Дорооболоруҥ, кыргыттаар. Найыына Николаевна, кэргэним бэргээтэ. Бэҕэһээҥҥиттэн түҥ-таҥ саҥарар. Билигин олох да саҥарбат, мээнэнэн көрөн баран сытар. Этэ ип-итии, кыраадыс бөҕө.
– Оо, оттон сарсыарда эрдэ ыҥырыаххын. Чэ, бардыбыт. Промедол баар дуо?
– Баар. Бэҕэһээ киэһэ Нина укуоллаабыта. Бүгүн эбиэттэн киэһэ сылдьыах буолбута, – дьахтар ыксаабытыттан хараҕын биир кэм чыпчылыҥнат да чыпчылыҥнат буолар.
Дьахталлар түргэн хаамыынан дэриэбинэ хоту уһугар бардылар. Хараҥа өҥнөөх саһархай полистиролунан бүрүллүбүт, хаачыстыбалаахтык тутуллубут икки этээстээх дьиэ аанын тэлэччи аһан, үһүөн субуруһан киирдилэр. Найыына киирээт, ыарыһах иккис этээстэн бастакы этээскэ түспүтүн, аһыыр остуоллара бэттэх аан таһыгар кэлбитин бэлиэтии көрөн, аҕалара дьонун харыстаан, баҕатынан аллара түстэҕэ диэн сэрэйэ санаата.
Уйбаан, алта уонун саҥа ааспыт киһи, ыарыы бөҕөҕө ылларан, кумааҕы курдук кубарыйан, хараҕын быһа симэн сытаахтыыр. Куртах араага буолан, балыыһа бөҕөнү кэрийэн, кэлин аккаас ылан, киһи аатыттан ааһан, күн аахса сыттаҕа. Нина, түргэн-тарҕан соҕустук туттан, укуолун биэрээт, систиэмэ туруорбутунан барда. Уйбаан барахсан хараҕын нэһиилэ аһан үһүөннэрин кэриччи көрө сытан, хатырбыт уоһун аргыый сэгэтэн тугу эрэ этэрдии туттубутун көрөн, кэргэнэ Анна Семеновна инчэҕэй баатанан уоһун сотон биэрдэ.
– Антах бар, – ыарыһах кэргэнигэр биллэр-биллибэттик бар диирдии илиитинэн бэлиэ биэрбитигэр, Семеновна саҥата суох тэйэн биэрдэ.
– Тыыным кыайан тахсыбакка эрэйи көрдүм… Күнү-дьылы эрэ аахса сытабын, – Уйбаан кыыкынаан саҥарбытыгар, икки омурда хапсыҥнаан ылла. – Тэһитэ кэйиэлээҥҥит, күттүөннээх миэстэ да хаалбата. Син биир үтүөрбэппин. Олус эрэйдэммэккэ бүтүөхпүн баҕарабын.
– Ээ, Уйбаан, туох диэн тылластаххыный? Сыыйа үчүгэй буолуоҥ дии, – Нина, систиэмэтин көннөрөрүн быыһыгар, хардарар.
– Хайдах да буолуум, ыҥырдахтарына аны кэлимэҥ. Сэниэм эһиннэ, – Уйбаан хараҕын быһа симэ сытан нэһиилэ саҥарар. – Эдэр сааспыттан тырахтарыыс буолан, кыһыннары-сайыннары тиэхиньикэни кытта тииһэн, тоҥон-хатан, ыарыыны ыарыы диэбэккэ эмтэнэр-эмтэммэт икки ардынан сылдьан, кылгас үйэлэнэр дьылҕалаах эбиппин. Кыра эрдэхпиттэн тулаайах хаалан, аһыыр-аһаабат сылдьыбытым. Аны киһи-хара буолан, дьэ олох олоруохтаах этим, ону сөбүн олордуҥ диирдии, ас барбат буолан куһаҕан ыарыыга хаптардаҕым абаккатын. Амтаннааҕы аһаабакка, минньигэһи амсайбакка, ас сытынан тотон, кыһалҕа бөҕөтүн көрдүм. Маннык ыарыыны өстөөхпөр да баҕарбаппын. Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Чэ, эһиги барыҥ.
– Уйбаан, тулуйа сатаа. Ыарыыга бэринимэ. Билигин арыый чэпчиэҥ. Киэһэ кэлиэхпит. Биһиги ыарыһаҕы эмтиир эбээһинэспит. Эмчиттэр олохпут сүрүн соруга – дьону эмтээһин, кинилэр эрэйдэрин-муҥнарын чэпчэтии буолар. Кытаат, тулуй, – Найыына Уйбаан илиитин сэрэнэн ыга тутта. – Чэ, биһиги бардыбыт.
Кыргыттар тахсалларын кэтээн туран, Анна Семеновна кэргэнин таһыгар олоппостоох кэлэн олордо.
– Баанньыккын отун. Тыыннаахпына суунуохпун баҕарабын, – Уйбаан иһиллэр-иһиллибэттик саҥарар.
– Хайдах суунуоххунуй? Тулуйуоҥ дуо? – Анна Семеновна соһуйа түһэр.
– Өлбүтүм кэннэ сууйарыҥ ордук дуо? Уолаттаргын кытта баалынайга сууйаргыт ыарахан буолбатах. Чэ, бар, сылайдым. Нуктаан ылыам. Уолаттары ыҥыр, баанньыгы бэлэмнээҥ.
– Сөп, – дьахтар түһэҕиттэн тардыһан ыараханнык туран, тахсан барда. Икки чанчыгынан сүүрэр хараҕын уутун сотто-сотто, ыал буолан туспа олорор уолаттарын суотабай төлөпүөннэригэр күүскэ баттаталаан эрийдэ.
IV чааһа
Оскуола. Уруок бүтэн, көрүдүөр оҕо саҥатынан туола түһэр. Тип-тигинэс, кыра, орто саастаах уолаттар төттөрү-таары сүүрэн мэлэкэччиһэллэр. Оттон кыргыттар сиэттиһэн баран, төттөрү-таары хаамсан аалыҥнаһаллар. Үрдүкү кылаас кыргыттара, уолаттара кылаастан тахсыбакка, түннүккэ, муннукка тоҕуоруһаллар.
– Хайа, Коля, улууска хары баттаһыытыгар хаһан барар буоллуҥ? – табаарыһа, уһун синньигэс акылдьыйбыт Ким уол, үөрэнэр остуолун үрдүгэр олорон ыйытар.
– Кэлэр нэдиэлэҕэ дииллэр. Хата, бу субуотаҕа Тандаҕа саха национальнай оонньууларыгар, чуолаан мас тардыһыыга, хары баттаһыыга нэһилиэктэринэн күрэхтэһии буолар. Фестиваль үһү. Онно барыахтаахпын эрээри… – Коля сирэйигэр кыйахаммыт быһыы көстөр.
– Онно тоҕо барыаххын баҕарбаккын? Бэрт буоллаҕа дии, – Ким дьиктиргээбиттии көрөр.
– Ээ, суох, атынтан. Москваҕа 18-тан 40 саастарыгар диэри инбэлииттэр икки ардыларыгар хас да көрүҥҥэ күрэхтэһии буолар үһү. Онно ыытаарылар ньиэрбэбин барытын сиэтилэр, – Коля кыйахаммытыттан сирэйэ дьэс кытарар, сымыһаҕын быһа ытырар.
– Эс, бардаҕыҥ дии. Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр мин үөрүүнэн барыам этэ. Эн буоллаҕына мундуйдуу олороҕун.
– Мин инбэлиит буолбатахпын. Инбэлииттэр күрэхтэһиилэригэр кытын диэн эттэллэр эрэ, ис-испиттэн оргуйан, кыыһыран барабын. Бэл, аллергиялыы сыһабын. Эт-этим барыта кыһыйбытынан барар. Ол сүрэҕэ, эппиэтинэһэ суох, арыгыттан күнэ-ыйа тахсар иһээччи Сэмэн «бырааһы» итэҕэйэн, дьонум хирурга көрдөрбөккөлөр, атаҕым маннык көнтөс буола оспут. Дьиҥинэн, бэйэм муус доруобайбын, – Коля, бэл, хараҕа сиигирэн, чаҕылыйан ылар. – Дьаабы киһи. Көрдөхпүнэ эт-этим барыта күүрэн, сутурукпун ыга туттубуппун бэйэм да билбэккэ хаалабын.
– Кэбис, доҕор, илиигэр күүстээх киһи биирдэ эрэ охсон хаалыаҥ. Киһини эчэтэҥҥин, аны хаайыы аһылыга буолаайыккыный? Билигин киһи эрэһээҥки хаайыыттан дьэбэрэҕэ түһэрэ түргэн, – Ким, кырдьаҕас киһилии боччумуран олорон, быһаарар.
– Ээ, чэ, кырдьаҕаһымсыйан бүт, – Коля, табаарыһын өттүккэ аспытыгар уола остуолтан сууллан истэҕинэ, илиититтэн харбаан ылар.
– Айа, доо, киһини умсары охсо сыстыҥ дии.
– Бэйэҥ да, тыал ханна үрэр да, кыыска дылы суулла сылдьаҕын. Мөлтөх киһигин. Инбэлиит таарыйдаҕын ахсын охтор буоллаххына, хайдах сир үрдүгэр хаама сылдьаҕын? – Коля күлэр.
– Диэмэ даҕаны, – Ким бигэргэтэрдии табаарыһын саннын таптайбахтыыр.
Уолаттар күлсэ-күлсэ кылаастан тахсан бараллар. Көрүдүөргэ тахсаат, утары кылааска медиктэр баалларын соһуйа көрөллөр.
– Хайа, быһыы оҥоро сылдьаллар дуу? Кирииби утары буоллаҕа дуу? – Ким соһуйар.
– Оннук ини, – Коля сэҥээрбэтэх куолаһынан хардарар. Электрическэй чуораан уруокка ыҥыран өрө тырылыы түспүтүгэр, сүүрэ-көтө, өрө мөхсө сылдьыбыт кыра оҕолор кыыстыын-уоллуун кылаастарыгар сырсан тилигирэстилэр. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ аа-дьуо кылаастарыгар киирдилэр. Коля Найыына Николаевна остуолга төҥкөйөн суруйа олорорун көрөн ааста. Сотору история учуутала Никита Алексеевич киирэн, хатылааһын диэн дьоһумсуйа туттан, кылаас сурунаалын үөһэттэн аллара эргитэ сыымайдаан көрөн истэҕинэ, кылааһы тобугуратан тоҥсуйа түһээт, балыыһа сиэстэрэтэ Нина киирэн кэллэ.
– Бастаан уолаттар, онтон кыргыттар киирэҕит, – диэн этэрин кытта, түргэн туттуулаах дьон уолаттар, ааҥҥа кыбылла сыһан, анньыалаһан тахсан бардылар. Бастаан Найыына Николаевна доруобуйаларын туругун иһиллээн бэрэбиэркэлээн баран, айахтарын атытан, күөмэйдэрин көрөр эбит. Көрүү кэнниттэн сиэстэрэ Нина быһыыны бэрт сылбырҕатык туттан биэрэр. Бары бүтэн тахсан истэхтэринэ, быраас: «Коля, эн хаал», – диэбитигэр уол соһуйан, бэйэтэ да билбэтинэн кытаран киирэн барда. Олоппос ылан, Найыына Николаевна утары олордо.
– Туох баарый? – Коля бэрт холустук ыйытар.
– Атаҕыҥ хаһааҥҥыттан ыалдьар? Тоҕо итинник хаамаҕын? – уол симиттибитин бэлиэтии көрөр. – Бүгүн эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа көрдөрө кэлээр. Хаартыскаҕар туох да суруллубатах.
– Аны кэлэн, уон түөрт сыл ааспытын кэннэ көрдөрөр туохха нааданый? – Коля ойон туран тахсан истэҕинэ, кэнниттэн Нина саҥата чаҕаарыйа түһэр:
– Кэлээр, кэлээр, билигин мэдиссиинэ күүстээх. Ол ол уон түөрт-уон биэс сыллааҕы курдук буолуо дуо, үйэ уларыйан турар. Найыына Николаевна, эбиэт буолла, барбаппыт дуо, эбиэттэн киэһэ көрдөрөөччү элбэх буолара буолуо. Аны сарсын ситэри биэрэр инибит?
– Сөп, сөп, барыахха. Учууталлар барахсаттар хайдах тулуйан үлэлииллэрэ буолла? Оҕолор айдааннарыттан куу-хаа буоллум, – Найыына күлэр.
– Куһаҕан сонуннаахпын. Анна Семеновна эрийэ сырытта. Уйбаан барахсан барбыт. Биһиги кэннибититтэн бэйэтэ баҕаран, баанньыктаабыттар. Сэргэхсийбит аҕай үһү. Биир кыра тэриэлкэ миин, үүттээх чэй испит. «Сарсын саалаҕа көһөрүө этигит», – диэхтээбит. Ол кэнниттэн үчүгэй баҕайытык кэпсэтэ сытан нуктаабыт. Утуйда, арыый буолбут курдук диэн, Анна Семеновна иһитин хомуйбут, оттон уолаттар дьиэлэригэр барбыттар. Иһитин хомуйан киирбитэ: утуйа сытара үһү, этэ-сиинэ сөрүүн, кыраадыһа суоҕа диир. Онтон чаас курдук утуйа түһэн ылыам дии санаан сытан баран, эмискэ түүн үөһэ уһукта биэрбитэ – Уйбаан барахсан ыарыы бөҕөҕө ылларан сытар эбит. Уолаттарын ыҥырбыт. Тулуйбакка, хаһаас укуоллааҕын биэрбит да, киһитэ өйдөммөккө бүгүн уон биир ааһыыта тыына быстыбыт. Биһигини ыҥыраары гыммытын, уолаттара ыҥыртарбатахтар. Сибилигин эрийдэ. Бара сылдьар инибит? Ол иһин кылааһы ыҥырбатаҕым, – Нина долгуйбут куолаһынан кэпсиир.
– Сөпкө гыммыккын. Бара сылдьар буоллахпыт.
– Уйбаан барахсан, кытаанах санаалаах киһи, ыарахан ыарыыны кытта тулуктаһа сатаата. Олох барытын бэйэтэ дьаһайа сытан бараахтаата быһыылаах.
– Чэ, барыахха, – кыргыттар оскуолаттан тахсаллар.
V чааһа
Өкүлүүнэ Арамаанынаан үс атахтаах төгүрүк сахалыы остуолларыгар киэһээҥҥи күөстэрин аһыы олороллор. Кинилэр оҥоһуу лапсалаах, кырбаһынан буһарыллыбыт эттээх миини иһэллэрин сөбүлүүллэр. Сылаас, хойуу эттээх миини сүөгэйдээн баран астына иһэрин, этин сааһынан ип-итии сүүрээн илгийэ сүүрэрин, эбиитин оһох тигинэччи оттуллан дьиэни сылааһынан угуттуурун, ама, хайа саха ыала сөбүлүө суоҕай? Апросимовтар эмиэ оннук дуоһуйууга киирэн олорон, күннээҕи иирбэ-таарба дьиэ иһинээҕи сонуннарын оргууй наллаан кэпсэтэ олордулар.
– Бүгүн Колябыт эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа бара сылдьан өрө көтөҕүллэн аҕай кэллэ. Хоһугар киирэн сыппахтыы түһээт, оскуолаҕа барардаахпын диэн ыстаммыта. Хаһан да киэһэтин оскуолаҕа барбат буолар этэ, – Өкүлүүнэ аҕаларыгар чэй кута олорон кэпсиир.
– Уолаттара кучуйан барда ини. Ол балыыһаҕа туохха бара сырытта? – Арамаан соһуйбуттуу көрөр.
– Оскуола оҕолоро быһыы ылаллар быһыылаах.
– Ээ сөп. Улахан дьоҥҥо биэрэллэрэ дуу? Былырыын быһыы ыламмын, кириипкэ ылларбатах курдук саныыбын ээ, – Арамаан сэҥээрэ түһэр.
– Ээ, мин итэҕэйбэппин. Сыл ахсын ылар курдукпун да, хас кириип кэллэҕин ахсын ыалдьабын. Биир ыйдааҕы биэнсийэм эмкэ бүтэр, – Өкүлүүнэ күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир. – Оо, хата, оҕом кэллэ. Коля, кэл, мииҥҥин, тымныйа илигинэ, иһэ оҕус.
Уол элбэх ыҥыттарыыта суох, остуолга олорон, миини кытта арыылаах килиэби харса суох мотуйбутунан барда.
– Хайа, Коля, туох сонуннааххын? – имири-хомуру аһыы олорор уолун аҕата таптаабыттыы көрөн олордо.
– Балыыһаҕа бара сырыттым. Найыына Николаевна атахпын тутан-хабан көрөн баран, Соҕуруу Кореяҕа маны кыайаллар диэтэ. Биһиэхэ да оҥоруохтарын сөп үһү. Кини аҕата, ийэтэ уонна Найыына Николаевна бэйэтэ – бары хирурдар эбит. Сарсын, ийээ, эйигин көрсүөх буолла, – Коля төрөппүттэрин үөрбүт харахтарынан иккиэннэрин хардары-таары көрдө.
– Оо, куттала бэрт буолбатах дуо? Улахан, сиппит киһи уҥуоҕун хаттаан тоһутан, сөпкө тутар ыарахан буолуо ээ, – ийэтэ куттана түһэр.
– Ол «бырааспыт» киһи хаартыскабар тугу да суруйбатах эбит. Ону күнүн-дьылын ыйан туран, атаҕым историятын толороору гынар, – уол ийэтин диэки куһаҕан баҕайытык көрөр.
– Сөп, сөп. Ыйыттаҕына, кэпсиэм буоллаҕа. Иккиэн, дьэ, Апросимовтарын хаанын киллэрэн, өргөс курдук көрөн олордулар дии. Харчылаах дьоҥҥо Соҕуруу Корея эрэллээх буолуо эбит. Манна Дьокуускай куоракка оҥорторор сэрэхтээх. Олох атаҕа суох оҥоруохтарын сөп. Хас сыл ааста?
– Бүт эрэ. Кыһытар буоллаххына, суолу-ииһи, ханна тиийэри барытын ыйар киһи баар буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа барбыта ордук. Дьиҥинэн, эрдэттэн да толкуйдуохха баар этэ. Ону биһиги ийэбит олох туохха да кыһаммат, ыйыталаспат. Биир үөр сылгыны атыылаатахха, Соҕуруу Кореяҕа диэри, саатар, суол аҥаарыгар тиийэр ини?
– Чэ, мин уолаттарга бардым. Сотору кэлиэм. Оттон эпэрээссийэлэннэхпинэ, атаҕым чахчы көнөр буоллаҕына, туохтан да тутуллубаппын. Үйэм тухары дьонтон итэҕэстийэн, инбэлиит аатын ылыахпын баҕарбаппын, – Коля олоппоһун тыастаахтык анньан, куукунаттан тахсан барда.
– Ити уол кыыһырдаҕына хараҕын түҥнэри көрөн, баттаҕа өрө туран, тыастаахтык хааман, үүт-үкчү эһэтин, эн аҕаҥ курдук буолан түһэн, – ийэлэрэ аҕатын диэки хомуруйардыы көрөр. – Бары миигин өстөөх курдук көрөҕүт да, оччолорго эн да баарыҥ дии, тоҕо кыһамматаххыный? Мин эрэ ыйыыбынан олох олорбут киһиэхэ дылы хообургуу олороҕун.
– Эһэтин баппакка, кими батыай? Уолаттартан саамай биһиги аймаҕы баппыт кини эрэ, – аҕалара санаатын этэ олордо.
– Бар, сыспай сиэллээххин аһата тахсыбакка, киһи хараҕын аала олорума. Таһырдьа таҕыс дуу, хайаа дуу? – ийэлэрэ кыйахаммыттыы сирэйэ-хараҕа дьэс кытарбыт.
– Олус да кыыһыран түһэҥҥин. Буруйдааххын буруйдаах диэбэккэ, туох баарый? Эн тута улууска хирурга барыахтаах этиҥ. Мин да бэйэбин буруйдааҕынан ааҕыммат буолбатахпын.
– Оттон хас сырыы ахсын киһини хомпуустаабакка, былыр үйэтээҕи буолбут суолу эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр табыллыбат дуо? Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн эмиэ баар.
– Дьылҕата диэри гынаҕын дуо? Оһоллонон атаҕа көнтөс буолбута эмиэ дьылҕа диэн ааттанар муҥа буоллаҕай? Медиктэр, төрөппүттэр өртүлэриттэн дьалаҕай быһыы ини?
– Чэ, бүт. Уолум туһугар мин эмиэ кыһаллыбат үһүбүн дуо? Чахчы кыайар буоллахтарына, тэбэнэн да туран эмтэтиэхпит буоллаҕа, – Өкүлүүнэ, Арамаанын диэки сымнаҕастык көрө-көрө, эйэ дэмнээхтик саҥарар.
– Хата, инньэ диэ. Найыына Николаевнаны көрсөн, кэпсэтиэҥ этэ. Ити киһи ситэ ыйыппатаҕа да, истибэтэҕэ да буолуо. Кирэдьиит да ылан ыытыахпыт. Оҕом кырдьар-сорсуйар сааһыгар диэри наар инбэлиит аатыран, биһигиттэн хомойо сылдьыан баҕарбаппын.
– Билигин иһиппин хомуйан баран, маҕаһыыҥҥа бара таарыйа, балыыһаҕа охсуллан ааһыам. Сирэй көрсөн кэпсэтэн көрүллүө этэ.
– Сөп чэ. Мин Уйбааммар бардым. Тугу эмэ көмөлөһүөм. Хаарыан киһи… Куһаҕан ыарыыга ыалдьан, олус эрдэ бараахтаата. Дьиҥинэн, оҕо сааһыттан алдьархай тэтиэнэх, чэгиэн киһи этэ. Ыһыахтарга тустан, хапсаҕайдаһан, мас тардыһан, сүүрэн тэҥнээҕин булбата, иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Маастар буолуох киһи, эрдэ кэргэннэнэн, үөрэммэккэ-дьарыктаммакка хаалан хаалбыта.
– Ыһыахтарга сүүрэн күлүмэхтэтэн, дьон-сэргэ астынар аҕай этэ. Нэһилиэккэ үчүгэй физкультура учуутала, тириэньэр суоҕа тэптэ быһыылаах. Оҕо сырыттаҕына эккирэтэ сылдьан дьарыктыыр тириэньэрдээҕэ эбитэ буоллар, кырата маастар буолуохтааҕа хааллаҕа, – Өкүлүүнэ сэргиир.
Дьиэлээхтэр, эйэ дэмнээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ, дьиэлэриттэн таҕыстылар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.