Текст книги "Ньоҕой эрэл"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 12 страниц)
V
От хомуурун үгэнэ. Халлааҥҥа ханан да былыт суох. Күөх чээлэй солконон сууламмыт лиҥкир тиит тыалар, бэс чагдалар киһи сүрэҕэр киирэр минньигэс сытынан дыргыйаллар. Дьон, хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ диэри, айылҕа быйаҥыттан сомсон хаалаары, ходуһаҕа тиритэ-хорута үлэлиир. Кыахтаах, дьаһаллаах өттүлэригэр кэбиһиилээх оттор лөглөстүлэр, оттон тиэхиньикэтэ суохтар ходуһаларыгар бугуллар бачыгырастылар.
Бүөтүр сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин иһинэн ыытыллар «Саҕалааччы пиэрмэр» диэн күрэххэ кыттан, үс мөлүйүөннээх федеральнай бырагыраама гранын ылан, онно МТЗ-82 «Беларус» уонна пресс подборщик ылынан, от үлэтигэр табылынна. Пресс подборщик диэн абыраллаах тиэхиньикэ эбит. Урут устар сайыны быһа оттуур буоллахтарына, билигин баара-суоҕа икки нэдиэлэнэн оттоон бүттүлэр. Ону таһынан үүт ыыр аппараат атыылаһан, Альбината абыранна. Онно эбии бииргэ төрөөбүт балта Настя ыанньыксытынан киирэн, олох да табылыннылар. Икки дьахтар уон үс ынаҕы киһилээбэттэр. Кыстыкка киириигэ, кэпсэтии быһыытынан, Тандаҕа баран «Удьуор» бааһынай хаһаайыстыба салайааччытыттан Михаил Готовцевтан оҕус оҥостоору биир атыыр борооскуну атыылаһыах курдук туттубута да, сиэмэнэн буоһатыы ордук быһыылаах диэн тохтообута. Сиэмэнэн төрөөбүт ньирэйдэр оҕус оҕолорунааҕар быдан улахан, төрөлкөй көрүҥнээхтэрин бэлиэтии көрөр. «Киһи дьоло – үлэҕэ. Үлэлиир киһини өйөөн, биир тыһы борооскуну биэрэбин. Сүөһүҥ боруодата тупсуоҕа», – Михаил Николаевич «Сахаплемхолбоһук» кыттыылаах хат оҥорон таһаарыыга уонна племенной үлэҕэ улуус тыатын хаһаайыстыбатын сэминээр-мунньаҕар көрсөн, илии тутуһа туран эппитин үөрэ истибитэ. Сырдык хааннаах, иҥиир-ситии, 70 сааһыгар холооно суох эдэр көрүҥнээх Арассыыйа үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев бэрт чэпчэкитик дэгэлдьийэ туттан туран, үлэтин уопутун кэпсээбитин, бары да сэҥээрэ истэн, убаастабыл бэлиэтин биллэрэн, уһуннук ытыстарын таһыммыттара.
Былырыын баччаҕа сүүрбэ сэттэ сүөһүлээх буоллаҕына, ынахтара бары, эбиитин үс тиҥэһэ төрөөн, түөрт уон сүөһүлэннэ. Онтон, биллэн турар, үһүн идэһэҕэ туттуо. Ол да буоллар, отут сэттэ сүөһүгэ хотоно кыараҕас, онон от кэнниттэн тута хотонун кэҥэттэр санаалаах. Бииргэ төрөөбүт убайдара уонна бырааттара төрдүөн кэлэн көмөлөстөхтөрүнэ, начаас тутуохтара. Онно эбии Альбина бырааттара көмөлөһүөх буолан эрэллэрэ. «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Аны күһүн бэйэтин хотонун өрөмүөннээн баран, биэс уон төбөҕө аныгылыы кыстык хотон тутуутун саҕалыахтаах, хороҕор муостааҕы үксэтэн, үрүҥ илгэни тэнитиэхтээх. Биисинэс-былаанынан 2017 сылга хотон тутуутун бүтэриэхтээх. Ыанар ынаҕын сүүрбэ биэскэ тиэрдэр баҕалаах. Онтон көстөн иһиэ буоллаҕа.
Бүөтүр кыра уолунаан иккиэн бүтэһик отторун бүтэйин оҥоро сылдьаллар. Сиэрдийэни суллаан тиритэ-хорута сылдьар уолун хаһыытаан ыҥырда:
– Кириисэ! Кэл, чэйдиэххэ. Ийэҥ астаабыт баахылата минньигэһэ сүрдээх.
– Ээ сөп. Аҕаа, от үлэтин түмүктээн, бүгүн туочука туруорабыт дуо? Оччоҕо мин сарсын баҕас уһуннук утуйар инибин. Быйыл сайын астыныахпар диэри көмпүүтэргэ оонньуу иликпин, – Кириисэ оҕолуу саҥа аллайдар да, аҕатын сирэйин манаһар.
– Ээ сөп, сөп. Аны хотоммут баар ээ, – Бүөтүр тыа саҕатыттан бэҕэһээ бэлэмнээбит тоһоҕо маһын соһон чыраахтаһар уолун манньыйа көрөн олордо.
– Хотон дуо? Онно маска дьоҕурдаах уус убайдарбыт бааллар. Маһы ыллаппаппыт эрэ дииллэр буолбат дуо?
– Оо, дьэ, айыыһыттарыҥ саҥаран баран кэлээр диэн ыыппыт киһилэрэҕин быһыылаах. Убайдарыҥ да көмөлөһүөхтэрэ, ханна барыахтарай? Санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ, кыайтарбатах кыайыллааччы.
– «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ», – уола аҕатын этиитин «чап» гыннаран түмүктээн биэрэр.
– Чэ, үлэбитин бүтэрэн, дьиэбитигэр хомунан барыахха. Сайылыкка тиийэн, ийэбитигэр көмөлөһүөхпүт. Кыра өрөмүөн баар этэ, – Бүөтүр уола улахан киһи курдук үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн саҥаран иһэриттэн мүчүҥнээн эрэ ылар.
– Аҕаа, мин оскуоланы бүтэрдэхпинэ, тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киириэм. Эн курдук пиэрмэр буолан, бэйэм төрөөбүт нэһилиэкпэр хонуу аайы хороҕор муостааҕы үксэтиэм, сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи элбэтиэм диэн бэйэм кистэлэҥ кичимэ санаалаахпын. Хайдаҕый?
– Бэрт буоллаҕа. Ол эрээри, бастаан оскуолаҕын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэр, – Бүөтүр, уола өттүк баттанан, төбөтүн хантаччы быраҕан турарын көрөн, күлэн ылар. – Бүтэй бүттэ. Дьиэбитигэр барыахха.
– Ураа! Окко туочука туруоруохха, – Кириисэ ордубут соҕотох тоһоҕо маһы сиргэ күүскэ сүгэ өнчөҕүнэн батары саайар.
Сотору үлэлэрин бүтэрэн, соторутааҕыта эрэ собуоттан тахсыбыт, киһи сүрэҕин иһинэн киирэр сыттыын-сымардыын олох атын, күн уотугар халлаан күөх өҥө араастаан килэбэчийэр «Беларустарыгар» олорон, бөһүөлэк диэки айаннаатылар. Бөһүөлэктэригэр киирдэхтэринэ, уулуссанан ааһалларыгар, киэн туттар санаа сүрэхтэригэр кутуллар. Билигин маҕаһыынтан бородуукта атыылаһан баран, сайылыктарыгар тута ааһыахтаахтар. Ынахтар турар титииктэригэр кыралаан өрөмүөн оҥорон баран, өйүүн бөһүөлэккэ төннөр санаалаахтар.
Отчуттар сайылыкка бирилэтэн тиийиилэригэр, киэһээҥҥи ыам бүтэн, дьахталлар ынахтарын титииктэн таһаартыы сылдьаллар эбит.
– Хайа, Бүөтүр, оккутун бүтэрэ охсон кэллигит дуо? – Альбина кэргэнин көрөн үөрэ түстэ.
Илиилэригэр толору иккилии биэдэрэни ылан, үүт астыыр сэппэрээтэрдэрэ турар саҥа тутуллубут кыракый дьиэҕэ бардылар. Кириисэлэрэ аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн кэлэн, биир уон иккилээх биэдэрэҕэ толору кутуллубут үүтү аҥаар илиитигэр ылан, кыҥначчы түһэн, дьонун кэннилэриттэн саппай уобуста.
– Дьэ, бу буоллаҕа үрүлүйэр үүт диэн. Уйбаныаптар чахчы маладьыас дьон. Урут да өбүгэ саҕаттан үлэни өрө туппут дьон. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн грант ылыахтарыттан үлэлэрэ олох табылынна. Мөлүйүөннээх Уйбаныаптар – дьиҥнээх үлэ дьоруойдара! Киэн туттабыт, үөрэбит эрэ, – баттаҕын сиидэс былаатынан бобуонньуктуу бааммыт Ааныс уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
– Хайа, Ааныс, хантан көтөн-мөҥөн кэллиҥ? – Альбина тас ыалын көрөн, саҥа аллайа түстэ.
– Моонньоҕонноон иһэбит. Соҕотох буолбатахпын, бэһиэбит. Дьахталлар итиннэ эн оҕуруоккун көрөн соһуйа-өмүрэ сылдьаллар. Хантан бу уон үс ынаҕы ыырыҥ таһынан, түөрт тэпилииссэ тухары помудуору, оҕурсуну, бааһына хортуоппуйу көрөҕүтүй? Сүбүөкүлэ, моркуоп, кабачок бөҕөнү ыспыккыт. Эбиитин киһи хаамар да сирэ суох сибэкки арааһын үүннэрбиккит. Чэ, туох да диэҥ. Тас ыалларбынан киэн туттарым саатар бэйэм бас билиим ини, – ыалдьыт дьахтар элбэх саҥатын быыһыгар лаһыгыраччы күлэн ылар. – Сураҕын иһиттэххэ, сопхуос саҕанааҕы урукку тутуллубут хотоннор оннуларыгар саҥа кыстык хотон тутан дьэндэтэр үһүгүт дуу?
Дьахталлар Уйбаныаптары төгүрүччү туран, кинилэр үөрүүлэрин дууһаларынан ылынан, кыайыыларынан эҕэрдэлээн, харса суох ытыстарын таһыннылар.
– Ээ, чэ, бу Ааныспыт даҕаны, барытын кини билбит– көрбүт буолан түһэн, сытыы киһигин, – Бүөтүр күлэр. – Саҥалыы кыстык хотон туттар буоллубут.
– Ээ, дьэ, ханныгын да иһин маладьыас дьоҥҥут. Кырдьыгынан этиҥ эрэ, инньэ гынан төһөнү ылбыккытый? – тас ыаллара дьахтар ыйытан тэйэр.
– Үс мөлүйүөнү ылбыппыт. Кыстык хотон уонна сайылыкпытыгар саҥа титиик туттуохпут. Сайылыан баҕалаахтар сайылыкка кэлэллэрин утарбаппын. Урут бу Дьиэрэ сайылыкка сэттэ-аҕыс ыанньыксыт сайылыыр этэ. Мэччирэҥ баар. Сүүс биэс уон ынах сүөһү турара. Сайыҥҥы кэмҥэ күҥҥэ ортотунан биир ынахтан сэттэ-аҕыс киилэ үүтү ыыллара. Оннук этэ буолбатах дуо, Ааныс? – Бүөтүр барыларын кэриччи көрөр.
– Дьэ бэрт, Бүөтүр, – эр киһи ытыһын ытыһыгар охсон лабырҕаппытыгар бары эргиллэн, Ньургун Александрович мичээрдии турарын көрөн, саҥа аллайа түстүлэр.
– Хайа, Ньургун Александрович, туох үчүгэй сонуну кэпсээн үөрдэҕин? – күө-дьаа буоллулар.
– Сонун баар. Бүөтүр Бөтүрүөбүс тыа хаһаайыстыбата биэрбит гранын дьиҥнээх хаһаайына буоларын аҕыйах ый иһигэр дакаастаата. Быйыл ылбыт мөлүйүөннээхтэртэн биһиги киһибит инники күөҥҥэ сылдьар. Сарсын грант ылбыттарга мунньах буолар. Онно бастакынан биһиги Бүөтүрбүт үлэтин уопутун кэпсииллэр. Үчүгэй буолбат дуо? – тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ чахчы астыммыт көрүҥнээх ытыһын ытыһыгар сууралаамахтыыр.
– Күндү ыалдьыттар, киирэн чэйдиэҕиҥ. Арыылаах алаадьынан, ыһаарыламмыт собонон айах тутабын, – Альбина ыалдьыттарын дьиэҕэ ыҥырар. Бары дьиэҕэ тоҕуоруһан киирэн, балыстара Настя остуол хотойорунан ас тарда охсубутун соһуйа көрөллөр, үөрэ-көтө остуолга олорон аччыктаабыт дьон быһыытынан аһаан-сиэн кимиритэн бараллар.
– Бүгүн оруобуна дьон кэлиэ диэн билбит курдук, балтыбыт Настя сарсыардаттан алаадьы да астаата, балык да ыһаарылаата. Имири-хомуру аһаан иһиҥ, – дьиэлээх хаһаайка күлэ-үөрэ кэпсиир.
– От үлэтэ бүппүтүнэн ас астаабытым, – Настя сэмэйдик хардарда.
– Оннук. Бүөтүр ийэтэ Өлөөнө мин ийэбинээн дьүөгэлии этилэр. Куруутун сылдьыһаллара. Уйбаныаптар сүрдээх үлэһит дьон буолан, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэппиттэрэ. Ол курдук, ийэлэрэ Өлөөнө, уон биир оҕону үөрэттэрэр кыһалҕатыгар, алта уон икки сааһыгар диэри тохтообокко сопхуоска үлэлээбитэ. Оҕолорун барыларын кыра эрдэхтэриттэн наар үчүгэйгэ, үлэни таптыырга уһуйара. Кыргыттара оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр, кинилэри көмөлөһүннэрэн, оскуолаҕа дьиэ хомуйааччынан үлэлээбитэ, онтон, кыра уолаттар үөрэнэр кэмнэригэр, хонтуораҕа хачыгаардаабыта. Ити эмиэ төрөппүт оҕону үлэҕэ уһуйуутун биир холобура буолар.
– Бүөтүр грант ылбытын истэн, биһиги бары үөрдүбүт уонна саамай сөптөөх быһаарыы буолбутуттан астынабыт. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кинилэр ылбатахтарына ким ылыай? Кинилэр күүстээх үлэлэриттэн биһиги, дьоно-сэргэтэ, эмиэ тииһинэн хаалыахпыт диэн эрэнэбит. Аны сайын сайылыкка хайаан да эдэр сааспытын эргитэн, ынахтарбытын илдьэ тахсыахпыт. Ааныс, туох дии саныыгын? – сопхуос саҕана үлэ бөҕөнү үлэлээбит, билигин биэнсийэҕэ олорор Даарыйа, үрүҥ сүүмэхтээх баттаҕын көннөрүнэн илиитинэн кулгааҕын кэннигэр анньа-анньа, сүрдээх истиҥник ахтыы оҥорон, истээччилэр чуумпуран иһиттилэр.
– Оттон мин Бүөтүр аҕатын туһунан кылгас ахтыы оҥоруохпун баҕардым, – Ааныс ойон турбутугар, остуолга олорооччулар абыр-табыр ытыстарын таһыннылар. – Уйбаныаптар аҕалара булчут ааттааҕа этэ. Сүүһүнэн тайаҕы бултаабыт, элбэх бөрөнү сууһарбыт буолуохтаах. Кыһын бөрөлөр сылгыга суоһаатахтарына, хас эмэ көстөөх сири кыһыл былааҕынан эргийэн, бөрөлөрү хаайан өлөртүүллэрэ. Сороҕор хапкаанынан, дьаатынан өлөрөллөрө, өлбүт тоҥ бөрөлөрү сүлээри дьиэҕэ киллэрэн ириэрэллэрэ, дэриэбинэ дьоно, оҕолор бары кэлэн интэриэһиргээн көрөрбүт. Саас дэриэбинэҕэ бастакы куһу, хааһы өлөрөөччү эмиэ Бүөтүр Арамаанабыс. Ол булдуттан тас ыалларын, аймахтарын матарбат этэ. Оҕонньор бултаабыт тайаҕын этиттэн, куһуттан, хааһыттан, куобаҕыттан, собо балыгыттан мин элбэхтик амсайбыт киһибин.
1968 сыллаахха күһүн этэ, нэһилиэк дьоно үксэ өйдүүр буолуохтаахтар. Тайахчыт икки-үс ыттаах буолааччы. Бойбох, Муода диэн ааттаахтара, хас саҥа ыттаннаҕын ахсын, ити ааттар төттөрү эргийэн кэлэ тураллара. Атыннык хаһан да ааттаабат этэ. Бойбох дэриэбинэҕэ буур тайаҕы сүүрдэн аҕалан, күөлгэ түһэрбитэ. Бүөтүр ону мүччү тутуо баара дуо? Тыынан киирэн, ытан кэбиспитэ. Сүүһүнэн оҕо-дьахтар мунньустан, үөрүү-көтүү бөҕө, биирдии-иккилии киилэнэн, кими да матарбакка, үллэрбиттэрэ. Мин ити түбэлтэни олох умнубаппын, харахпар куруутун баар… Онон бу эдэр Уйбаныаптар олоххо, үлэҕэ табыллыыларыгар улахан өҥөлөөҕүнэн төрөппүттэрэ Бүөтүрдээх Өлөөнө буолалларын, бүгүҥҥү күҥҥэ кинилэр ааттарын тоһоҕолоон, бэлиэтиэхпин баҕарабын.
– Сөп, сөп, сөпкө этэҕин, – дьахталлар көх-нэм буоллулар.
– Биэнсийэҕэ тахсааппын кытта, сөп буолла, кырыйдыҥ диэбит курдук үлэбиттэн туох да төрүөтэ суох тохтоппуттарыттан, олус хомойо санаабытым. Хомолтом сүрэхпэр сөҥөн сылдьар. Онон бэйэбит дьоммут үлэ миэстэтин таһааран бааһынай хаһаайыстыба, тэрилтэ буолалларыттан үөрэбин эрэ. Биһиги илиибитин ньыппарынан үлэлиэхпитин баҕарабыт. Бүөтүр Бөтүрүөбүс, ынах сүөһүҥ ахсаана элбээтэҕинэ, ыанньыксытынан ылаҕын дуо? – Ааныс, ис-иһиттэн эрэллээхтик сырдаан олорон, ыйытар.
– Ылан, эйигин ылбатахпына кими ылыамый? – Бүөтүр мичээрдээн үрүҥ тиистэрэ кэчигириир. – Сөпкө этэҕит, биһиги төрөппүттэрбит ыһыы дьон этилэр. Уолаттар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, бары хотоҥҥо тахсыһарбыт, ынах ыырбыт. Кэлин, үрдүкү кылааска тахсан баран, «оҕолор төлөпүөннээтэхтэринэ, ынахтарын ыы тахсыбыттара диэмээр» диирбит ийэбитигэр. Ол арааһа, ордук кыргыттартан кыбыстарбыт эбитэ буолуо.
Бүөтүр кэпсиириттэн күлсүү бөҕө буолар. Барыларын истиҥ сыһыан, өйдөһүү илгийэ кууһар.
– Чэ, түмүктүөҕүҥ. Сарсын куоракка барар дьон айанныа этибит. Бүөтүр, сарсын лоп курдук аҕыс чааска дьиэҕэр тиийиэхпит. Бөһүөлэккэ барсааччылар, барсар буоллаххытына, баһаалыста, барыаҕыҥ, – Ньургун Александрович барардыы оҥостон, остуолтан турар.
– Барсан, барсан… – дьахталлар дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан, дьиэттэн тахсан, сырдык микроавтобуска киирэн олороллорун кытта, массыына суол тураҥ буорун өрүкүтэн, бөһүөлэк диэки сыыйылыннара турбутун дьиэлээхтэр кэнниттэн батыһа көрөн хааллылар.
– Үс сиргэ түптэ оҥордум. Сөп буолар ини? – Кириисэ, сүүһүгэр бычыгыраабыт көлөһүнүн туора сотто-сотто, төрөппүттэрин диэки ыйытардыы көрдө.
Ийэлээх аҕа утарыта көрсөөт, сүрдээх истиҥник мичээрдэһэн кэбистилэр.
Сайыҥҥы үүт тураан киэһэ күнүскү сылаалаах түбүктэн налыйа чуумпуран, тыынар тыыннаах барыта уоскуйан, иһийэн хаалбыкка дылы. Бэл, ынах маҥырыыра, оҕус айаатыыра иһиллибэт чуумпута сатыылаата. Саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр сыттаах түптэ буруота, күөх солко былааттыы сыыйыллан, сайылыгы бүтүннүү иилии кууһан турда.
Эрэл санаа
Күһүн. Ылааҥы күннэр үүнэннэр, оҕо аймах таһырдьаттан киирбэт үлүгэрэ. Уолаттар үөрэх бүттэр эрэ путбуоллаан күнү-дьылы барыыллар. Төттөрү-таары сырсан, спортивнай бэргэһэлэрин кэтэхтэригэр тиийэ өрө анньан, тиритии-хорутуу бөҕө буолаллар. Коля путбуоллаан уолаттарын кытта төһөлөөх оонньуон, сүүрүөн-көтүөн баҕарара буолуой да, оонньуур кыаҕа суох. Атаҕа көнтөс. Саатар, кылгас эрэ эбитэ буоллар, син тобуга хамсыа этэ. Оттон киниэнэ олох хамсаабат. Көбүс-көнө. Олох кыра эрдэҕинэ, үс саастааҕар, аһыыр төгүрүк остуол, тоҕо эбитэ буолла, түөрэ барбыт… Төрөппүттэрэ олохтоох балыыһаҕа көрдөрбүттэрин, Быраас Сэмэн, иһэ-аһыы сылдьан, улаханнык аахайбатах. Улуус киинигэр ыыппыта буоллар, баҕар, атаҕа маннык көнтөс буолан дьыраччы тэбэн хаамыа суоҕа этэ. Киһи кыһыйыах, ол Сэмэн күн бүгүнүгэр диэри биэлсэрдии сылдьар. Өссө Быраас диэн хос ааттаах. Коля ол киһини олох сөбүлээбэт, көрдөҕүнэ иһэ буһар. Өссө сураҕын иһиттэххэ, аймаҕа аатырар. Биирдэ эмэ кинилэргэ кэллэҕинэ, сөбүлээбэтин биллэрэн тэйэр. Ол иһин кэлин сылдьыбат буолан абыраата.
Уол мээчиги эккирэтэн сүүрэн тиритэ-хорута сылдьар уолаттар аттыларынан ааһан истэҕинэ, табаарыһа Кирилл элэстэнэн ситэн кэллэ:
– Коля, бүгүн субуота буоларын умнубатыҥ ини. Киэһэ Лиза төрөөбүт күнүгэр барыахтаахпыт, – табаарыһа киэҥ хара кылдьыылаах хараҕа эбии кэҥээбиккэ дылы буолбут. Кирилл Лизаны өссө алын кылаастан сөбүлүүрүн киһи барыта билэр. Табаарыстара, кыра кылаастан саҕалаан, араастаан усулуобуйа тэрийэн аҕай биэрэллэрэ: киинэҕэ кэккэлэһиннэри олордо сатыыр, эмиэ да биэчэргэ үҥкүүлэтэ, кылааска иккиэннэрин эрэ хааллартыы сатыыр түгэннэрэ элбэх. Оттон Лизалара иннэ-кэннэ биллибэт. Уол суоҕар эмиэ да тэһийбэт курдук туттар, баарыгар аны дьээбэлииртэн ордубат.
– Ээ, суох ини. Ол кэриэтин туһахтарбын көрө тыаҕа тахсыам. Дискотекаҕа тиийэн да диэн. Оскуола истиэнэтин өйөөрү дуо? Миигинэ да суох үҥкүүлүөхтэрэ, – Коля, утары саҥардыбаттыы кытаанахтык быһа бааччы этээт, хаамыытын түргэтэтэн биэрдэ.
I чааһа
Ийэтэ алаадьы астаабыт, остуолун тарда көрүстэ. Аҕата көстүбэт.
– Хайа, аһаабакка олороҕут дуо? – уол соһуйа түһэр.
– Суох. Аҕаҥ от тиэйэ барбыта. Хойутуу кэлэрэ буолуо, онон эйигин күүтэн олоробун, – ийэтэ Өкүлүүнэ холкутук хардарар. – Хата, кэл, аһаа. Бүгүн маҕаһыыҥҥа килиэп кэлбэт үһү, онон алаадьы астаатым.
– Алаадьы сиэбэтэх ыраатта.
– Арба, Светлана Александровна эрийбитэ. Бээтинсэҕэ «Үһүс саас» оскуола дьарыгар майаҕастар кэлэн ыалдьыттыыллар үһү. Кэнсиэр кэнниттэн кыракый чэй иһиитэ буолар дииллэр, онно дьахталлар үҥкүүлээри гыналлар. Эйигин, биллэрдэхпитинэ, кэлэ сылдьыа дуо дииллэр.
– Эрийдэҕинэ, тиийэ сылдьыа диэр. Мин билигин туһахтарбын көрө барыаҕым. Бүгүн кэрийбэтэхпинэ, куобах иҥнибитин биир эмэ адьырҕа сиир ини, – уол борщ миинин иһэн бурулата олорон, ийэтин диэки сүр дьоһуннаахтык көрөн кэбиһэр.
– Куобах ол иҥнэр үһү дуо? Дьон олох суох дииллэр дии, – Өкүлүүнэ ыйытардыы көрөр.
– Дэриэбинэҕэ эн саҕа элбэхтик куобах сиэбит суох ини. Итини этэн эрдэхтэрэ, биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт диэн.
– Оо, дьэ, этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп ээ?! Хата, оҕом дьарыга элбэх буолан, бириэмэни билбэккэ хаалар, – диэн саҥаран баран ийэтэ, сыыһа эттим дии санаан, айаҕын саба туттар.
– Һы, ийээ, инбэлиит да буоллар, дьонтон итэҕэс сылдьыбат диэри гынаҕын дуо? – уол ийэтин сүөргүлээбиттии көрөр. – Мин да оҕолор курдук сааланы биир гына сүүрүөхпүн-көтүөхпүн баҕарабын. Ону эн, күннээҕи иирбэ-таарба санааҕа куустараҥҥын, арыгыһыт Быраас Сэмэнниин сарбыйбыккыт, – Коля ыраатар киһи быһыытынан халыҥнык таҥнан, уһун кууркатын саллаат курунан ыга тардынан, бэргэһэтин сыҥааҕын түһэрэн, халыҥ истээх саппыкытын кэтэн, аанын ыга сабан, тахсан барда.
Өкүлүүнэ, уһун сылларга баттаабыт ыар санаатын киэр кыйдыырдыы өрө тыыммахтыырын быыһыгар, «Мечта» оһоҕор сылыта уурбут миискэлээх уутун арааран, тэрээсэтиттэн тоҥ эти киллэрэн, ириэрэ уурда. Тыастаах соҕустук хааман, тэлэбиисэрин холбоон «тыс» гыннарда. Кириэһилэтин тэлэбиисэрин иннигэр чугаһата ыга анньан баран, ыгыччы олорунан кэбистэ. Оҕото сирэйгэ-харахха анньарыттан хом да санаатар, эмиэ да сөп ээ. Кырдьык бэйэм буруйдаахпын, тугу да аанньа ахтыбатахпыттан оҕом итинник көнтөс буолан хаалла. Быраас Сэмэни итэҕэйэн, дьаабы киһи. Балыыһалар улууска ыыппатылар диэн, онно уоскуйан олорон хаалбытым. Дьиҥинэн, куораттан чугас олороллор, направлениета да суох бэйэ турунуутунан барыахха баар этэ. Куоракка тиийээт, травматологияҕа барбыт буоллар, үүрүө суох этилэр. Ити «Быраас» диэн ааттанааччыбыт бэрэбээскилээн эрэ кэбиспитэ. Аҕыйах күн сыттын, оһуо диэн буолбута. Онон бүппүтэ. «Уолуҥ атаҕа сыыһа оһон эрэр, куоракка киллэрэн көрдөр», – диэн аҕалара этэ сатаабытын, истибэтэх буруйдаах. «Уолбун бэйэм кыбынан барбаккабын. Кэнэним, муҥкугум тарда сыттаҕа», – диэн ааһар ааспытын кэннэ аҕалара муҥатыйар. Улахан уолаттара иккиэн биллэр спортсменнар, өрөспүүбүлүкэлэрин ааһан, Арассыыйа куораттарыгар тиийэ тусталлар, успуорт маастардара. «Колям успуорка убайдарыттан ордук буолуохтаах этэ, ону эн эппиэтинэһэ суоххуттан, дьалаҕайгыттан итинник буолан хаалла. Атаҕар, илиитигэр күүстээх, үчүгэй баскетболист, волейболист буолуохтаах киһи хааллаҕа», – диэн аҕалара наар хомуруйар. Уол быйыл улууска хары баттаһыытыгар чөмпүйүөннээн, аҕалара бэйэтэ бастаабыт курдук көтүөр кыната эрэ суоҕа. Ааспыкка куораттан убайдара кэлэ сылдьан, хары баттаһыыга бырааттарыгар кыайтаран, кыһыйан барбыттара. Оскуола физкультураҕа учуутала: «Илиитигэр күүстээх, оскуолаҕа хары баттаһыыга уонна тарбах күлүүстэһиитигэр кимҥэ да иннин биэрбэт. Атаҕа мэһэйдээбэтэ буоллар, мас тардыһыытыгар кими да тутуһуннарыа суох эбит», – диэн аҕаларыгар хайгыыр аҕай үһү. Быйыл манна үрдүк үөрэхтээх эдэркээн быраас кэлбитэ. Найыына Николаевнаны төһө да эдэр буоллар, билиилээх, билэр диэн хайгыыллар аҕай. Сураҕа төрөппүттэрэ иккиэн медиктэр үһү, онон маҥан оппуохалаах балыыһа дьиэҕэ оҕо сааһа ааспыт буолан, олох кыратыттан эмп-томп ортотугар үөскээбит. Кыра сылдьан куукулаларын укуоллаан, эпэрээссийэлээн сордуур эбит. Уолун атаҕын кэпсээбитигэр сэҥээрбитэ эрээри, мин кыаҕым иһинэн буолбатах диэн туруору эппитэ. Соҕуруу Кореяҕа барыан, куоракка киирэн эрэнгиэҥҥэ түһэн, хирурдарга сүбэлэттэриэн наада диэбитэ. Аҕабар этиэм диэн эрэл санааны үөскэппитэ. Ону бу бэйэлэрин аҕалара сөбүлээбэтэҕэ. Аны кэлэн, чөлүгэр түһэн баскетболлаан, волейболлаан имитэн киирэн барыа суоҕа, инбэлииттэр уопсастыбаларын иһинэн чөмпүйүөн буолан, тас дойду таһымыгар тахсыа этэ диэн, саҥарбатах оҥорбута. Оттон Коля ийэтин сэҥээрэ истибитэ. «Хаһан барабыт?» – диэн бэҕэһээҥҥэ диэри ыйыппыта. Кыһыҥҥы каникулга диэбитигэр: «Аата ырааппытын», – диэн саҥа аллайбыта. Оҕом барахсан тэҥнээхтэриниин бииргэ сылдьыан, сүүрүөн-көтүөн баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Үөмэр-чүөмэр үктэммит, лыах курдук үҥкүүлээн тэйэр кэрэ кыргыттары сөбүлүү көрөрө да баа буолуо дуо? Ону барытын, эдэркээн сааһын кистэлин, сүрэҕин хайа эрэ муннугар кистии сылдьаахтаатаҕа.
«Оо, дьэ, чаас ырааппыт дии», – истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны көрөн, Өкүлүүнэ саҥа аллайда. Дьоно кэлэллэрэ чугаһаабыт, оттон кини күөһүн да оһоххо уурбакка олорор. Дьахтар араас иирбэ-таарба санааларыттан босхолонордуу, баттаҕын күүскэ силэйэ анньан, илгистэн ылла.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.