Текст книги "Ньоҕой эрэл"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 12 (всего у книги 12 страниц)
II
Аанчык үрүсээгин көхсүгэр сүгэн, оскуолатын диэки барда. Кылааһыгар киирэн паартатыгар балачча умса түһэн олорбохтоот, төрөөбүт литэрэтиирэтин кинигэтин таһааран, учуутала үөрэтиҥ диэн биэрбит Константин Туйаарыскай «Чалбахха» диэн хоһоонун үөрэтэргэ сананна. Сарсын билбэтэҕинэ, мөҕүллүө дии.
Чалым-чулум чалбахха
Чараас ыраас кумааҕы
Көһөн-устан бардаҕа,
Көрөн аастым муҥнааҕы!..
Кыыс хараҕын быһа симэ-симэ үөрэтэ олорон, чааһы билбэккэ хаалла. Кылааһа барык-сарык буолбутуттан чаас ырааппыт, ийэм мөҕөрө буолуо дии санаан, ойон туран үрүсээгин сүгээт, тахсар ааҥҥа сүүрдэ. Аанын анньыалаан көрдө – аһыллыбат. Арба, бүгүн өрөбүл. Ол иһин ким да суох эбит. Таһыттан хатаабыттар. Кыыс куттанан, сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ, ханна да барыах-кэлиэх сирин булбата, түннүктэргэ төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Ким да көстүбэт. Санаатыгар аанын күүскэ анньыалаата. Аана «лип» курдук. Ытаан сыҥсыйан киирэн барда. Оскуолаҕа хонорго тиийдэҕэ. Сатахха, төлөпүөнэ суох. Ким кинини суохтуой? Ийэтэ олорбут сиригэр сууллан түһүө да, утуйан хаалыа. Түннүккэ туруо – баҕар, ким эрэ көрүө эбэтэр кэлиэ. Кыыс, ытаан өрө сыҥарын быыһыгар, сотору-сотору көрүдүөр хараҥа муннуктарын, килэдиспит түннүктэрин кэтиир мээрик буолла.
…Оскуола сопхуоһа Лена Иннокентьевна киэһээҥҥи аһылыкка салаат бэлэмнээн оҕурсу кырбыы туран, кыра уола аттыттан арахсыбакка тэйбэҥнии сылдьарын дьиибэргии санаата.
– Баанньыска, туох буоллуҥ? Туох буруйу оҥордуҥ? – дьахтар, уолун амаҕаччылаабыттыы көрөн туран, ыйытар.
– Ийээ, ити оскуолаҕа… – уол куттаммыттыы көрөр.
– Һыллы, тугу этээри гынаҕын? Эт, куттаныма, – уолун көтөҕөн ылан ньилбэгэр олордор. – Оскуолаҕа туох баарый?
– Оҕо баар… – уолчаан хараҕын наһаа киэҥник куттаммыттыы быччаччы көрөр. – Мааҕын мин көрбүтүм. Түннүккэ ытыы турара. Уборщица Нина оскуоланы таһыттан хатаан, дьиэтигэр барбыт этэ. Арааһа, ити Аанчык быһыылааҕа.
– Ону эн хантан көрбүккүнүй? – ийэтэ тоһоҕолоон ыйытар.
– Мин мастерскойтан көрбүтүм. Кини миигин көрбөтөҕө буолуо. Түннүктэн түннүккэ сүүрэкэлиир быһыылааҕа.
– Оо, онно биир да улахан киһи суоҕа дуо? Этиэххин. Оҕо сүрэҕэ хайыннаҕа. Бэйэҥ тугу эрэ туойаҕын дуу?
– Кырдьык этэ… – Баанньыска ытаан, хараҕын уута кирдээх иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр. – Мин хатааһыннаах буолуо дии санаабатаҕым. Онтон кэлин биллим.
– Оо, туох алдьархайай, Аанчык барахсан!.. Оскуолаҕа хайдах киирэн хаалбытай? Ийэтэ арыгылаан дэлбэрийэ сырыттаҕа. Барыахха, түргэнник, – Лена Иннокентьевна, түргэн үлүгэрдик таһырдьа ыстанан тахсан, оскуолаҕа сүүрдэ. Уола кэнниттэн саппай уобуста. Ийэтэ сүүрүү-хаамыы икки ардынан элэстэнэн иһэн, эмискэ тохтуу түһэн, күлүүһү илдьэ кэллин диэн, уолун уборщицаҕа ыытта. Оскуола кирилиэһигэр өрө сүүрэн тахсан иһэн, аан таһыгар оҕо сыҥсыйан ытыырын чуолкай иһиттэ.
– Аанчык, Аанчык, миигин истэҕин дуо? Бу мин Лена Иннокентьевнабын. Куттаныма, бу мин аттыгар баарбын. Билигин Баанньыска кэлиэҕэ, оскуола күлүүһүн тылын аҕалыаҕа. Аанчык, һыллы, эн хайдах манна оскуолаҕа соҕотоҕун хаалан хааллыҥ? – оҕону аралдьытаары кэпсэтэ сатаата. Ити кэмҥэ уборщица Нина уоллуун сүүрэн кэлэн, күлүүһүн тылын кыайан таба укпакка биир кэм өрө халыгырата турарын, Иннокентьевна сорунуулаахтык үлэһитин илиититтэн эһэ охсон ылан, эрийэ баттаата. Ааны аһаат уоту холбооннор, көрүдүөр иһэ сандаарыс гынна.
Киирэр аан муннугар кыра кыыс токуллан олорорун көрөн, дьахталлар оҕону аһынан ытамньыйан ыллылар. Лена Иннокентьевна кыыһы көтөҕөн ылбытыгар, куттаммыт, тоҥмут, дэлби ытаан хараҕа кытаран хаалбыт оҕо, дьахтары моонньуттан кууһан, ыга сыһынна.
– Акаары дьахтар көрбөккө барбыппын дии, Аанчык, һыллы, бырастыы гын, – Нина кэннилэриттэн иһэн биир кэм ботугуруу истэ. – Хата, бу Баанньыскабыт эппиэтинэстээх киһи буолан быыһаата. Кыра оҕо болҕомтотугар да ууруо суоҕа этэ буоллаҕа. Кини өйдөөбөтөҕө буоллар, Аанчык барахсан кутталыттан туох буолуо эбитэ буолла? Баанньыскаҕа махтаныахха наада. Оттон ийэбит арыгылыы сырыттаҕа.
– Аанчык, билигин миэхэ барсаҕын дуу, дьиэҕэр илдьэбит дуу? – Иннокентьевна кыыстан, сэрэммиттии, ыйытар. Кыыс тоҕо эрэ саҥарбат. «Бэйэм хаамыам», – диэн сиргэ түһэр.
– Бүгүн барыма. Миэхэ хонон баран, сарсын ийэҕэр бараар. Нина, билигин баран иһэн, Марыынаҕа сылдьан этэн ааһаар. Саатар, суобаһырҕаатын. Чэ, барыахха, – дьахтар кыыһы илиититтэн ылар.
– Сөп, – Аанчык барахсан тоҕо эрэ Баанньысканы саллыбыттыы көрөр. Ниналара бэйэтин уулуссатын арахсыытыгар туораата, оттон Лена Иннокентьевна, оҕо үрүсээгин илиитигэр ылан, сорунуулаахтык дьиэтин диэки барда. Оҕолор, мэниктээн, дьахтары төгүрүччү сүүрэ истилэр. Аанчык, уолтан куотан сүүрэн кэлэн, Лена Иннокеньевнаны: «Ийээ», – диэт, кууһа түстэ. Дьахтар, биллэн турар, оҕону бэйэтигэр сыһыары тардан ылла. Уола сөбүлээбэтэхтии хайысхаламмытын соһуйа көрдө:
– Хайа, Баанньыска, туох буоллуҥ?
– Бу мин ийэм. Аанчык, эн бэйэҥ ийэҕэр бар, – уол ийэтин илиитин ыга тутта.
– Оо, Баанньыска, хайдах буоллуҥ? Сибилигин эн саҕа үтүө киһи суоҕа. Аанчыгы быыһаатыҥ, аны үүрэн киирэн бардыҥ дии. Итини этэн эрдэхтэрэ куһаҕаннаах үчүгэй куустуспутунан сылдьаллар диэн. Пахай, итинник куһаҕан быһыыламмат буоллаҕыҥ. Аанчыгы билигин үчүгэй баҕайытык аһатан баран, ийэтигэр илдьэн биэриэхпит.
– Оҕото тиийдэҕинэ, ийэтэ үөрүөҕэ. Аанчык, биһиги эйигин аҕабыт массыынатынан илдьиэхпит сөп дуо? – Баанньыска албыннаспыт хараҕынан Аанчыгы көрөн туоталлан турда. Аанчык барахсан сөбүлэһэн, тоҥхоҥнообокко, тоҕо эрэ саҥата суох истэн эрэ кэбистэ. «Ийэтэ иһэн итирик олорорун сэрэйээхтиир быһыылаах. Марыынаны кытта кытаанахтык кэпсэтиэххэ наада. Уопсайынан, дэриэбинэҕэ аҕыйах иһэр дьахтар баара дьон олоҕун олус да аймыыр. Оҕолорун да санаабаттар. Итирик сылдьан оҕолорун туохха эрэ тиэрдэллэрэ буолуо. Аанчык барахсан наһаа куттаммыт, сүрэҕэ битигирээбит ахан этэ».
Эмискэ, кэннилэригэр дьахтар хаһыытаан ыҥырар саҥатын истэн, эргиллэ биэрдилэр. Марыына чараас ырбаахылаах сүүрэн тэлэмээттэнэн иһэр эбит, баттаҕа ыһыллан, арбайан хаалбыт. Аанчык барахсан Лена Иннокентьевна кэннигэр сөрүөһүннэ. Дьахтар, бэҕэһээ күнү быһа ардахтаан бадараан буолбут уулуссаны туораан, тэлиэс-былаас үктээн, сүүрэн кэлэн тобуктуу түстэ.
– Оҕом, Аанчык, акаары ийэҕин бырастыы гын, – кыыһын илиититтэн ылан бэйэтигэр тарда сатаата да, оҕо дьахтарга сөрүөстэ сырытта.
– Тур. Билигин да испиккин, холуочук сылдьаҕын, – Лена Иннокентьевна кытаанахтык саҥарда. – Хантан иһэҕин?
– Нина эттэ. Аны иһиэм суоҕа. Тылбын биэрэбин. Оҕом оскуолаҕа соҕотоҕун хатанан хаалбытын истэн, куттанан өлө сыстым, – Марыына ытамньыйан, эбиитин дьагдьайан, биир кэм ибигирии турда.
– Сөп, чэ, дьиэҕэр бар. Аанчык бүгүн биһиэхэ хонуо, онтон дьиэтигэр илдьэн биэриэхпит. Ол эрээри биир усулуобуйалаахпыт. Арыгыгын эмтэнэҕин. Мин сарсын баһылыкка уонна социальнай үлэһиттэргэ булгуччу этэбин. Эһигини, иһэр дьахталлары, атаахтатар санаабыт суох, – Иннокентьевна ис-иһиттэн тэттэн, хараҕа уоттанан туран эттэ. Кини оҕону илиититтэн ылан, иккиэн кэннилэрин хайыһан көрбөккө, иннилэригэр турар икки этээстээх дьиэ олбуоругар киирдилэр.
Марыына сирэйин саба туттан, тэтиҥ мас курдук иэҕэҥнии, уулусса ортотугар соҕотоҕун туран хаалла.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.