Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 10

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 10 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Алиса, олбуортан тахсаат, хараҕа тоҥуу хаарга охсуһан тунайдаһа сылдьар уолаттарга иҥиннэ. Биирэ кини быраата Өндөрүүскэ охсуһан кулупаайдана сылдьарын өйдөөн көрөн, хаһыытаабытынан иккис кылаас уолаттарын түҥнэри-таҥнары анньыталаан ыһыталаата. Быраатын тоҥуу хаартан туруоран, хаарын тэбии туран, тэйиччи кылааһын кыргыттара күлсэн саһыгыраһа туралларын кыһыйа көрдө.

– Сааппаккыт даҕаны, кыра оҕону көмүскэһиэххитин билбэккэ, тиксиһиннэртээн биэрэ тураҕыт. Мин эһигини Ирина Петровнаҕа этиэм, – диэн саҥаран хаалла. Быраатын иннигэр уктан дьиэлэригэр бардылар. «Тоҕо охсустуҥ?» – диэн ыйыта да барбата. Син биир биллэр буоллаҕа, арыгыһыт аҕалааххын, дьадаҥыгын, дьаранааскын диэтэхтэрэ, эбиитин бэлэҕин харчытын көрдөөбүттэрэ буолуо. Ийэбит хаһан балыыһаттан тахсар? Сатахха, аны кини ыалдьан хаалан, эбии муор-туор буоллулар. Аҕабыт хантан эрэ арыгы булан испит киһи эрэ диэн өйдөбүллээх. Ийэбит баарына син туттунар этэ. Билигин көҥүл сылдьар. «Үчүгэй буоллум», – диэхтээбитэ ийэтэ. Сарсын-өйүүн тахсара буолуо. Оҕолор чуучугураһан дьиэлэригэр киирдилэр. Дьиэлэрэ сөрүүн баҕайы. Эбэлэрэ барахсан, хата, хортуоппуй пюрета буһарбыт. Кыратык саһархай ынах арыытын куппута киһи эрэ сиэх минньигэс көрүҥнээх.

– Эбээ, эн наһаа да үчүгэйгин, – Алиса эбэтин чарчыстыбыт иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан ылла.

– Ии, оҕом сыыһа. Сыгынньахтана охсон, чэ, аһааҥ. Тымныйан хаалыа. Ийэҕит сарсын балыыһаттан тахсар үһү.

– Ураа! Маамам кэлэ-эр! – Өндөрүүскэ үөрэн эккирээмэхтээн ылла. – Эбээ, маамам кэһии аҕалыа дуо?

– Ханнааҕы харчытынан аҕалыай? Маамабыт бэйэтэ кэллэҕинэ да үчүгэй, – кыыс быраатын саба саҥарар.

– Ээ, кырдьык оннук, – кыра уол ньуоскатынан пюретын толору баһан, харса суох сиэн мотуйар.

– Бээ, Өндөрүүскэ, тохтоо, эдьиийгэр Аинаҕа бүлүүһэҕэ баһан ууруохха. Билигин аччыктаан кэлиэ. Оттон эн оскуола остолобуойугар мааннай хааһыгын сиэбэтэҕиҥ дуо? – эдьиий киһи быһыытынан туоһулаһар.

– Сиэбитим да, топпотоҕум. Эдьиий Аина бэйэтин киэнин бүгүн элбэх уруоктаахпын диэн сиэбитэ. Оттон эйиэнин иккиэн үллэстибиппит, – Өндөрүүскэ айаҕа хам буолбат.

– Сиэҥ ээ. Мин син биир сиэбэппин.

– Тоҕо сиэбэккин? Сиэххин. Тот сылдьыаҥ этэ буоллаҕа, – эбэтэ улахан сиэнин сэмэлиирдии көрөр.

– Ити, эбээ, Алиса диета оҥостор уонна мааннай хааһы сиириттэн кылааһын кыргыттарыттан кыбыстар.

– Ээ, бар антах, – эдьиийэ уолу остуолтан тэйиччи анньар. – Эбээ, биэнсийэҥ сарсын кэлэр үһү. Мин буостаҕа сырыттым. Буоста начаалынньыга бу ыйдааҕы босуобуйабытын Саҥа дьыллааҕы бэлэхпитигэр биэриэх буолла. Эбэҕит илии баттыыр ини диир, – Алиса сонунун кэпсиир.

– Ээ, үчүгэй эбит. Мария Николаевна абыраабыт. Һыллыы, оттук маспыт олох бүттэ. Ити киһи онно эрэ наадыйбат. Онон икки саһаан мас атыыластым. Ийэҕит тымныы дьиэҕэ кэлэн эмиэ тымныйыа. Уонна, ортоҕуна, кыратык минньигэс ас ылан сиэхпит буоллаҕа, – кырдьаҕастаах эдэр күннээҕи кыһалҕаларын тапсан кэпсэтэллэриттэн сүрдээҕин астыммыт көрүҥнээхтэр.

– Эбээ, Аинабыт туйгун үөрэнээччи буолар быһыылаах. Олимпиадаҕа бардаҕын ахсын миэстэлэһэн кэлэр. Биһиги киниэхэ тугу эрэ бэлэхтээбэппит дуо?

– Ээ, оҕом саамай сөпкө эттиҥ. Эйигин күнүүлүө диэн саҥарбакка сылдьыбытым ээ. Күрэхтэһэ бардаҕын ахсын эн тыс этэрбэскин кэтэр дии. Ол иһин ийэҕинээн тыс этэрбэс ылбыт киһи дуу дии санаабыппыт, – эмээхсин сиэнин саннын сымнаҕастык имэрийэн ылар.

– Оо, эбээ, ылыахха, үөрүөҕэ. Учууталлара үөрэҕэр чаҕылхай диэн оскуолаҕа наар кинини хайҕаан тахсаллар. Оскуолаҕа киэн туттар оҕолоро.

Аан аһыллан, сүрдээх боччумнаахтык туттан, Аина киирэн кэллэ.

– Хайа, оҕом кэллэ дуу? – эбэлэрэ саҥа аллайар.

– Мин, мин, эбээ. Өндөрүүскэ пюрены барытын сиэбит дуу? – Аина быраатын кынчарыйа көрө-көрө кэтэххэ биэрэр.

– Ээ, үчүгэй үөрэнээччи эрээри бэрээдэгэ суох. Эйиэхэ уурбуттара ээ. Кыратык аһыаххын, эн буоллаҕына эп-эмискин, – Өндөрүүскэ эдьиийин араастаан үөннээхтик көрөр.

– Пахай даҕаны, Өндөрүүскэ, эдьиийгин күлүү гыныма, Аина саха оҕотугар үчүгэй көрүҥнээх, оҕом кыраһыабай, – эбэтэ кыыһын көмүскэһэр.

– Кини да үчүгэй үөрэнээччибин диэн наһаалаабатын ээ. Кини эрэ баар курдук. Мин да үһүм суох.

– Оттон эн биэһиҥ суох. Барыта түөрт эрэ. Ону билэҕин дуо? – Аина күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир.

– Чэ, бүтүҥ. Аина, иһити хомуй. Өндөрүүскэ таһырдьа тахсан хаары күрт, мууста киллэр. Оттон мин эт киллэриэм, киэһэ эт эрийиэхпит, сарсын мааамабыт кэлэр, – улахан киһилэрэ дьаһайар.

Эбэлэрэ Өрүүнэ оҕолорун астыммыттыы көрөн олордо: «Барахсаттарым. Алисам улахан киһи курдук. Алтыс кылаас үөрэнээччитэ диэтэххэ, дьиэ ис-тас үлэтин барытын бэйэтэ дьаһайар. Ийэлэрэ ыарыһах буолаары гынна, бэттэх кэлэр ини. Ити аҕабыт буолуохсут, мин уолум баҕайы, хаһан өйдөнөр киһи эбитэ буолла? Сарсын кэргэниҥ тахсар, бүгүн иһимэ, сэбэрэҕин өрө тардын диэн этэн ыыппытым да, баччааҥҥа диэри суох, эмиэ мэлийдэ, ханна түһэн хаалла? Дьэ, сор киһи. Ити биһиги Киргиэлэйбинээн, соҕотох оҕо диэн наһаа ачаалатан, итинник эппиэтинэһэ суох гына ииппит муҥмут эбитэ дуу? Итиччэ үчүгэй, дьаһаллаах, сымнаҕас кыыска түбэһэн баран, наар куһаҕан, төттөрү өттүгэр сылдьар. Үлэһитинэн үлэһит, ону баара истэҕинэ нэдиэлэни нэдиэлэнэн сүтэн хаалар. Дьиҥинэн, кэргэнин таптыыр ээ, «Туйаарам туналыйа сырдаан» диэн тыллаах эрээри, кэргэнэ көрбөт эрэ буоллар, испит буолар. Дьэ, мөлтөх киһи, аҕатыгар олох тиийбэт. Мин Киргиэлэйим үлэһитэ, сүрэҕэ-бэлэһэ, киһи быһыытынан сымнаҕаһа, элэккэйэ, бары өттүттэн талбыт курдук этэ. Айыы-айа, сытан ылыахха», – эмээхсин сиһин туттан, нэһиилэ туран оронугар баран эрдэҕинэ, Өндөрүүскэлэрэ таһырдьаттан үөрүүлээхтик хаһыытаабытынан киирэн кэллэ:

– Эбээ, эбээ, Алиса. Паапабыт кэллэ, бэлэх аҕалбыт.

– Туох даа? – эмээхсин соһуйан саҥа аллайа түстэ. Алисалаах Аина, биирэ швабратын, иккиһэ иһит сууйар тирээпкэтин туттубут сирдэригэр хаалларан, таһырдьа ойдулар. Дьоллоно үөрбүт оҕолор, аҕаларын ортолоругар уктан, киирэн кэллилэр. Аҕалара Михаил улахан баҕайы кытаайыскай суумканы остуол ортотугар ууран кэбистэ. Суумкаттан хачыгырас пакекка угуллубут биэс бэлэҕи хостоон таһааран, остуолга кэккэлэтэ уурталаата.

– Бу сопхуоһум боропсойууһа оҕолорбор хас биирдиилэригэр бэлэх биэрдэ. Бу урукку 2000 киилэ кирбиини ылбыт бастыҥ ыанньыксыттарыгар, ийэбэр, эмиэ бэлэх ыыттылар. Оттон бу туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куобар бэйэм бэлэх ыллым.

– Тугуй, паапа, тугуй? – оҕолоро өрө көтө түстүлэр.

– Мэ, көрүҥ, – аҕалара улахан кыыһыгар Алисаҕа кыра хоруопканы туттаран кэбистэ. Кыргыттар хоруопканы аһаат, үөрбүт куоластарынан аймана түстүлэр.

– Эбээ, көмүс ытарҕа … Чээн, наһаа үчүгэй!

– Хантан ыллыҥ? – эмээхсин туоһулаһар.

– Ийээ, үлэлээн ыллаҕым дии. Туйаарабар ыллым. Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр биэриэхпит, – аҕалара оҕолорун үөрбүттүү көрөр.

– Маамабыт үөрүө да үөрүө, – кыргыттар мичиҥнэһэллэр, эргийбэхтээн ылаллар, – хаһан даҕаны кыһыл көмүс ытарҕаны кэтэн көрө илик.

– Оттон бэлэххин оҕолоргор тоҕо эрдэ биэрдиҥ? Ахсынньы отут биир күнүгэр үөрдэ-көтүтэ биэриэххин? – эбэлэрэ хомуруйар.

– Ийээ, куттаныма, онно да баар буолуоҕа. Сарсын, ийээ, сопхуос дириэктэрэ Николай Иванович куораттыыр эбит, онно ийэбитин ылан тахсыам диэбитэ. Быйыл оҕолорум Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрэ элбэх. Оскуолалар эмиэ биэрэллэр. Сэрэйдэххэ, ийэлэрэ эмиэ аҕалара буолуо, – Михаил сирэйэ-хараҕа сырдаан, астыммыт көрүҥнэнэр.

Дьиэлээхтэр бары үөрэн сүргэлэрэ өрө көтөҕүллэр.

Соһуччу түгэн

1945 сыл. Миисиҥкэ остолобуойга кулук-халык туттан киирэн, ас биэрэр түннүктэн күнүскү аһын өлүүтүн ылла. Буобар Өлөөнө кыра бүлүүһэҕэ кутуллубут убаҕас хааһыны, кыра тооромос лэппиэскэни кытта дьэҥкир ыстакааҥҥа кутуллубут убаҕас кисиэли ууран биэрдэ. Уол өлүүтүн ылан, уһун мас остуолга олорон тулатын сэрэммиттии көрөөт, хааһытын ньуоската суох сыпсырыйан испитинэн барда. Остолобуой аана аһаҕаһынан өҥөҥнүүр уолаттары көрбөтөҕө буолла, лэппиэскэтин ылаат, ыстаанын сиэбигэр уктубутун бигээн көрдө. Ити барыта ахсаан учуутала Иван Дмитриевич уруок кэнниттэн хаалларан, күннээҕи эбиэккэ хойутаан хаалла. Онтон атын убайа Сааскалыын туох да кыһалҕата суох аһыа этэ. Оттон билигин куттанан кирик-хорук тутта олордоҕо. Эмискэ ааны тэлэччи тэбэн, үрдүкү кылаас икки уола суксугулдьуһан киирэн, пуобарга көхсүлэринэн, уолу күөннэринэн бүөлүү турунан кэбистилэр.

– Аҕал, өлүүгүн. Бэҕэһээ лотуоҕа оонньоон кыайтарбыккын умуннуҥ дуо? – Сиидэркэ кыараҕас хараҕынан, кыччаҕара эбии улаатан, эрилис-турулус көрдө.

– Суох, биэрбэппин. Хата, бэйэҕит кыайтарбыккыт, – Миисиҥкэ биэрбэт санаатын киллэрэн, төттөрүлэһэргэ сананна, олоппоһугар эбии дьиппинийэн биэрдэ.

– Биэриэҥ суоҕа да, бүгүн таһырдьа тахсар туһунан толкуйдаама даҕаны, – өрөһөөхтөммүт ордуос майгылаах Тараас саанардыы сутуругун көрдөрдө.

– Барыҥ, тахсыҥ, оҕоттон лэппиэскэтин былдьаары тураҕыт дуо? Баспытааталга этиэм. Эһигини Сааскаҕа эттэхпинэ да сөп оҥортуур ини, – пуобар Өлөөнө, уол биир нэһилиэккэ олорор улахан уолунан куттаан, улахан соҕустук саҥарда, эбиитин лэппиэскэ булкуйар лаппаакытынан далбаатанна.

– Сэрэн эрэ. Син биир биэрэр оҥоруохпут, – уолаттар куттаан киһи истибэт гына бөтүгүрэһэ турдахтарына, Аанчык хаһыырбытынан киирэн кэллэ, аҕылаабыт аҕай, төгүрүк сирэйэ тэтэрэн олорор, хараҕа чаҕылыйбыт ахан:

– Миисиҥкэ, паром иһэр үһү. Бу биһиги биэрэкпитигэр чугаһаабыт. Чааһынан кэлэр дииллэр. Сүүһүнэн холкуостар Саха сирин хоту улуустарыгар балыктыы диэн көһөн барбыттара дии, олор иһэллэр үһү. Онно биһигиттэн, Уус Алдантан, эмиэ барбыттара. Паром Арыы Тиит биэрэгэр тохтоон, уус алданнары түһэрэллэр үһү, онно тандалар эмиэ бааллар дииллэр. Дьоммут тута дойдуларыгар сатыы ааһыахтара. Баран көрсүөҕүҥ. Биһиги манна, Суотту детдомугар баарбытын билбэттэр, – кыыс өрүсүһэн саҥарарыттан аҕылаан эп-эппэҥнэс, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэриттэн сирэйэ дарбайан хаалбыт. Миисиҥкэ иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии ойон туран, иннигэр турар адаарыйбыт уолаттары силэйэ анньан, таһырдьа ыстанна.

– Тохтооҥ, бу кыра лэппиэскэ тооромоһо баар. Маны ылыҥ. Ийэлэргит барахсаттар сэниэлэрэ эстэн, туос аччык истэхтэрэ. Саатар айахтарын хамсаттыннар, – Өлөөнө кэннилэриттэн саппай уопсан тахсан, оҕолор сиэптэригэр лэппиэскэ угаттаата. Миисиҥкэ Аанчыктыын детдомнарын интэринээтин кирилиэһиттэн Сааска ханна эмэ көстөөрөй диэн өҥөҥнөөн көрөн баран, уолаттары дьаһайдылар: «Барыҥ, Саасканы булан, этиҥ». Бэйэлэрэ иннилэрин диэки түһүнэн кэбистилэр. Арыы Тииккэ паром ханан тохтуурун билэр буолан, барар сирдэригэр улаханнык мунаарбатылар. Хата алдьаммыт киирсэбэй саппыкылара кытаанаҕа бэрт буолан, эбиитин онньоҕунан тэпсиллэн аалара бэрдиттэн, сотору-сотору тохтоон, саппыкыларын уһулан, кытаран, тириитэ сараланан хаанынан оҕуолаабыт атахтарын тилэҕин, бэрбээкэйдэрин имэринэллэр, хас да сиринэн тэһитэ баран алдьаммыт наскыларын көннөрөн, тэбээн кэтээт, эмиэ иннилэрин диэки сүүрбүтэ буолан содьороҥноһоллор.

Сэрии буолан, оҕолор аҕалара арҕаа боруоҥҥа, Ийэ дойду көмүскэлигэр, бастакы ыҥырыыга барбыттара. Ийэлэрэ, чугас аймах дьонноро Саха сирин балыктаах улуустарыгар – Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Дьааҥы, Халыма өрүстэригэр тиийэ – «боруон сакааһа» диэн ааттаах үлэ боруонугар балыктыы диэн көһөн барбыттара. Миисиҥкэ төрөппүттэригэр соҕотох оҕо этэ. Ийэтэ барахсан уолун баттаҕыттан имэрийэн ылаахтаабыта уонна дьону кытта мөһөөччүк тутуурдаах барса тураахтаабыта. Уол ийэтин маҥан былаата ыраахха диэри туртаҥныырын көрөн турбута. Барахсаттар, таһаҕастарын сыыһын тэлиэгэлээх оҕуска ууран, үксүлэрэ сатыы барбыттара…

Аанчык эһэлээх эбэтэ ийэтинээн, үһүөн, тэлиэгэлээх оҕуска олорон бараахтаабыттарынан, сурахтара иһиллибэт. «Аны хаарыаннаах төрөөбүт алааспар тыыннаах эргиллэбин эрэ, суох эрэ», – диэн эбэтэ энэлийэн ытыы олороро оҕо барахсан өйүттэн сүппэт. Дьонун санаатаҕына, ол хартыына хараҕар көстөн, эбии уйадыйааччы. Аанчык, доҕолоҥнуурун быыһыгар, аны мас силиһиттэн иҥнэн охтон, суол быылын-буорун барытын бүрүннэ. Миисиҥкэ син ыраатыах киһи, Аанчыгы кэтэһэриттэн бытаарбыт курдук сананнар да, хайыай, биир сайылыкка үөскээбит, оҕо эрдэхтэриттэн эмдэй-сэмдэй сылдьыбыт ыалын кыыһын бырахпат буоллаҕа, кэтэһэригэр эрэ тиийэр.

Сэниэлэрэ эстэн, аҕылаан-мэҥилээн биэрэккэ чугаһаатылар. Ыраахтан көрдөхтөрүнэ, паромтан киһи бөҕө түһэн, тэлиэгэлээх оҕустарга олорон эрэллэр. Сорохтор сатыы бардылар. Миисиҥкэлээх Аанчык санааларыгар хардыыларын кэҥэтэн, түргэтээн биэрдилэр. Харахтара биэрэктэн тахсар дьоҥҥо хатанна. «Эһэм баар… Эһээ!» – Аанчык хаһыытыы түстэ, аҕылыырыттан саҥата да сатаан тахсыбат. Оҕолор ийэ-хара көлөһүннэрэ түһэн, байааттаҥнаан, паромҥа чугаһаатылар. Чугаһаан иһэн иһиттэхтэринэ: «Байаҕантай дьонобут, көрсө киирбиттэрэ дуу?» – диэн ыйыталаһар саҥаны истэн, сүрэххэ ыттардылар. Биир сиргэ хараҕаланан турар оҕонньордоругар чугаһаан иһэн, билэр дьоннорун сирэйдэрэ элэҥнээбиттэриттэн уйадыйан, харахтара ууланан барда.

– Ийээ! Ийээ! – Аанчык, ытаан сыҥсыйарын быыһыгар хаһыырбытынан, куйаабылламмыт, уҥуох тирии дьахтарга иилистэ түстэ. Дьахтар, соһуйан өрө бабыгырыы түһээт, кыыһын ыга кууһан ылан саҥа таһааран ытаан барбытыгар, оҕонньор эрэйдээх истэн, тайаҕынан далбаатанан, дьонугар чугаһаата.

Миисиҥкэ дьону кэриччи көрө сатаата да, ийэтин күндү мөссүөнүн көрбөтө. Оҕолор кэлбиттэрин билэн, биир дойдулаахтара аттыларыгар тоҕуорустулар. Уончалар эбит. Дойдуларыттан ким да көрсө киирбэтэҕин билэн, Суотту детдомугар оҕолору кытта тахса сылдьарга кэпсэттилэр. Сынньанан баран, сарсын Байаҕантайга, ахтылҕаннаах дойдуларыгар Кыһыл Тандаҕа, сири төһө ылалларынан, сатыы барарга быһаарыннылар. Сааска, Миитээски ийэлэрэ, оҕолоро этэҥҥэ сылдьалларын истэн, үөрүүлэриттэн өрө бабыгыраһа турдулар. Ол кэмҥэ улахан уолаттар тиритэн-хорутан, аҕылаһан, тиийэн кэлбиттэригэр эбии үөрүү буолла. Миисиҥкэ ийэтэ суоҕун өйдөөн, көхсө бөгдьөллөн туран, ытаан сыҥсыйан киирэн барбытын, Сааска ийэтэ Арыпыана уолу кууһан туран: «Һыллы, ытаама, хайыаххыный, ийэҥ барахсан бу кыһын суох буолбута. Киһилии көмпүппүт. Улахан киһи буоллаххына, ийэҥ уҥуоҕар тиийэ сылдьаар. Бэлиэ аспыппыт. Ханна сытарын этиэм», – диэхтээтэ.

Миисиҥкэ, хараҕын уутун ньухханарын быыһыгар Аанчыкка ийэтэ кэпсиирин истэн, эбии уйадыйда: «Эһэҥ барахсан икки хараҕыттан мэлийэн кэлээхтээтэ. Онно муустаах ууну кэһэ сылдьан балыктаабыта сыанан-арыы– нан аҕаабатаҕа чуолкай, өссө тугунан диэлийэрэ биллибэт. Оттон эбэҥ эрэйдээх көмүс уҥуоҕа ол дойдуга хаалаахтаата».

– Биһиги сыккырыыр тыыммыт хаалан, нэһиилэ тыыннаах кэллибит. Дойдубутун булбуппут дьолбут буолар. Аны өтөхпүтүн буларбыт буоллар.

– Ээ, ол биһиги тыыннаах хаалбыппыт диэн…

– Сэриигэ хаан-уруу дьоммут хайдах-туох сылдьаахтыыллара буолла? Хааннаах сэриигэ, Ийэ дойду көмүскэлигэр, өлөр өлүү ортотугар сырыттахтара барахсаттар.

– Хата, Суоттуга детдом аһыллан, оҕолорбут барахсаттар этэҥҥэ сылдьыбыттар эбит.

– Оттон холкуоспут дьоно эрэйдээхтэр хайдах олороохтууллара буолла? Барахсаттарбыт көрсө да кыайан киирбэтэхтэр дии, – Миисиҥкэ биир дойдулаахтара ботур-ботур кэпсэтэллэрин истэн соҥуоран турдаҕына, убайын кэриэтэ саныыр Сааската, санныттан кууһан, бардыбыт диэн бэйэтигэр сыһыары тарта. Сарсын бары – оҕолуун-уруулуун дойдуларын диэки сатыы түһүнэн кэбиһэргэ кэпсэтэн, бэйэ-бэйэлэрин харах уулаах утарыта көрсөн мичээрдэһэ олордохторуна, Сааска, саҥа аллайаат, ойон турда:

– Оо, биһиги дьоммут иһэллэр дии!

Холкуостарын икки кырдьаҕаһа Сэмэнньэ уонна Кирилэ, тоҥхоччу да кырыйдаллар, икки тэлиэгэлээх аты сиэтэн иһэллэрин көрөн, бары үөрэн саҥа аллайдылар. «Оо, дьоммут барахсаттар!» диэбитинэн ойон турдулар. Дьахталлар үөрүүлэриттэн, туттуммакка, атахтарын соһо тардан түөрэҥэлэһэн тиийэн, саҥа таһааран ытыы-ытыы кырдьаҕастарыгар саба түстүлэр.

Үөрүү… Соһуччу түгэн… Ахтылҕаннаах төрөөбүт дойду сыта саба биэрдэ. Чаҕылыччы тыкпыт күн, дойдутун дьонун үөрүүлэрин үллэстэн, көмүс сардаҥаларынан саба ыспахтаата, сир-дойду, эйэлээх олох кэлбитин билбиттии, налыйан сытта.

Тооромос лэппиэскэ сыта

Саха балаҕана. Борук-сорук хараҥаҕа көрдөххө, кырыанан бүрүллүбүт муус түннүк оһох курунньугуттан хараара оспут. Балаҕан муннуктара чэҥинэн бүрүллэн, тымныынан аргыйан, киһи кута-сүрэ тохтообот.

Көмүлүөк оһох имик-самык умайан сыыгыныыр. Хоруоран хаалбыт чугууҥҥа уу биллэр-биллибэттик оргуйан бүллүгүрүүр. Сэттэлээх Маайыс уонна киниттэн икки сыл балыс Тиимискэ, оһох сылааһыгар сыраллан туран, сотору-сотору күөстэригэр харахтарын быраҕан ылаллар. Улаханнара, аҕыстаах Кириискэ, уоттуйа тырыттыбыт ырбаахытын куул ыстааныгар ыга симинэрин быыһыгар, күөһүн булкуйбахтыыр.

– Убаай, этиҥ буспата дуо? – Тиимискэ кылахачыйбыт хап-хара хараҕынан убайын көрөр.

– Аргыый! Мээнэ саҥарыма. Аны дьон истэригэр эт диэн хайыта бараҥҥын, ийэҕин хаайыыга ыыттараайыккыный? – Кириискэ улахан киһи быһыытынан быраатын буойар. – Дьон тугу да албыннаан ыйыттыннар, олох саҥарбат буол. Наһаа мөхтөхтөрүнэ хайдах буолуохтаах этигиний?

Убайын саҥатын дорҕооно сүтэ да илигинэ, кыра уол, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрбүтэ буолаат, тиэрэ таһылла түһэр. Көрөн турааччылара күлэн кыччыгынаһаллар. Тиимискэлэрэ аны биллэ-биллибэттик атаҕын ибирдэтэн ылар.

– Тур, Тиимискэ, куһаҕаны биттэнимэ. Илдьи бустаҕына биирдэ миинин иһиэхпит. Оччоҕо амтаннаах буолуо. Ити таһынааҕы туора топпут ыалбыт сүөһүлэрин төбөтүн бырахпыттарын көрөн, ийэбинээн эттээн умуһахха бырахпыппыт абыраата да, бүтэн эрэр. Эбиитин кутуйахтар ыаллаһаллар.

– Оттон чааркааҥҥар кутуйахтар киирбэттэр дуо? – Маайыс, сыыҥын өрө сыҥарын быыһыгар, ыйытар.

– Дэҥнэтэн киирэллэр да, пахай, быраҕабын, аны кутуйах ыарыытыгар хаптарыахпыт, учуутал инньэ диэбитэ.

Ыарахан тиит халҕан нэһиилэ кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, Тиимискэ ааҥҥа утары сүүрэн тиийдэ: «Ийээ!» – диэбитинэн, ийэтин атаҕар сөрүөстэн, кууһан ылла.

– Уу, оҕом сыыһа… – Өрүүскэ уолун хам кууһан, кэтэҕиттэн сыллаан ылла. – Хайа, һыллыы, хайдах олордугут? – ийэ хараҕа Кириисэтигэр хатанна.

– Үчүгэйбит, ийээ. Учууталым миигин үчүгэйдик ааҕаҕын диэн хайҕаата, – Кириисэ, кэпсиирин быыһыгар ийэтин чараас болтуо сонун уһулан, аан таһыгар баар мас көхөҕө ыйаата.

– Ийээ, биһиги миин буһардыбыт. Олор, аһыахпыт, – уол төгүрүк остуолларын оһох таһыгар соһон аҕалла. Чугуун миискэтин нэһиилэ ыадаччы көтөҕөн аҕалан, остуол ортотугар уурда.

– Уу, оҕом сыыһаа, элбэтээри барытын уу гыммыккын дии. Чэ, хата, син уу курдук буолуо дуо, биллэр-биллибэт да буоллар, син амтаннаах буоллаҕа, – дии-дии ийэлэрэ хас да сиринэн үрүт-үрдүгэр сылгы кылынан үүйүллүбүт ылтаһын тэриэлкэлэригэр тохтубат гына көп түгэҕинэн миин кутаттаабытын, оҕолор барахсаттар, ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии сойутан үрэ-үрэ, барытын сыпсырыйан иһэн кэбистилэр.

– Уонна сорҕотун сарсын сарсыарда иһиэххит. Билигин оҥостон утуйуоҕуҥ, – ийэлэрэ дьаһайар.

– Ийээ, эн икки тэриэлкэни ис ээ, ыарахан үлэҕэ сылдьаҕын буолбат дуо? – Кириисэ ийэтигэр эбии кутан биэрэр.

– Оҕом сыыһа наар хараанныы сылдьар буоллаҕа… Ураҕас мас курдук куйаабылланан дьүдьэх да буолларгын, күн ахсын оттомуран, улахан киһи курдук быһаарыылаах тылламмыккын-өстөммүккүн истэрэ буоллар, аҕаҥ барахсан төһө эрэ үөрэр, киэн туттар этэ.

– Ийээ, аҕабытыттан сурук кэлбэтэ дуо? – Маайыс ийэтин сирэйин өрө мыҥыыр.

– Суох, суох. Аҕабыт биһиги көҥүлбүтүн көмүскээн, өлөрүн-тиллэрин да умнан туран, сэрии уотугар сылдьар. Билигин суруйар бириэмэтэ да суох. Суруйуоҕа. Оҕолорун умнаахтыа дуо, хаан-уруу дьонун күн ахсын санаан, сүрэҕэ ыалдьаахтыыр буоллаҕа, – оҕолор ийэлэрэ кэпсиирин, аҕалара бэйэтэ кэлэн саҥара турарын курдук санаан, чуумпуран истэллэр.

– Ийээ, ону эн хантан билэҕин? – Маайыс туоһулаһар.

– Һыллыы, аҕаҕыт барахсан санаатын билбэт бэйэ– лээх буолуом дуо? Биһиги туспутугар төһө эрэ сүрэҕэ-быара ыалдьан сордоно сылдьаахтыыра буолла… – ийэ куолаһа титирэстээн ылар. Оҕолор саҥата суох ийэлэрин санныттан кууһаллар.

– Чэ, бээ, бүтүөҕүҥ, оҕолорбун, бэйэлэрэ да кыраттан туттуна сылдьар дьону, уйадытаары гынным. Бу лэппиэскэ сыыһа аҕалбытым, ону үллэстэн сиэҥ, – халадаай ырбаахытын тэллэҕэр туомтуу баайбытын сүөрэн, биир быһыы курдук лэппиэскэ тоорохойун таһааран, Кириисэҕэ биэрэр.

– Сарсын күнүс сиэхпит, – уол лэппиэскэни сыа-сым курдук тутан, таҥас өрбөҕөр суулаан, үөһэ өһүө баһыгар кыбытан кэбистэ.

– Аам, сыта үчүгэйиин, – Маайыстаах Тиимискэ ымсыырбыттыы батыһа көрөн хааллылар, саҥата суох силлэрин быһа ыйыһыннылар, чаҕылыйа түспүт харахтарын убайдарыттан кистээн, умса көрөн кэбистилэр.

Ийэлэрэ нэһиилэ сукуҥнаан туран, оҕолорун кэрийэ сылдьан баттахтарын имэрийэн, иэдэстэриттэн сыллаталаан ылаат, оронугар тиийэн сытта. Тиимискэни убайа ийэтин улаҕатыгар сытыаран баран, иккиэннэрин илдьирийбит нэк суорҕанынан бэрт кыһамньылаахтык үллүйэн кэбистэ.

– Чэ, Маайыс, ийэҥ атаҕар сыт. Билигин мин мас киллэрэн баран сытыам, – Кириисэ балтын дьаһайар.

– Убаай, остуоруйа кэпсиэҥ дуо? – Тиимискэ ийэтин улаҕатыттан бүтэҥи саҥата иһилиннэ.

– Сөп, кэпсиэҕим. Эһиги саҥата суох сытыҥ, ийэбит утуйдун, – уол аҕатын эргэрбит истээх сонун кэтэн, таһырдьа тахсан барда.

Кириисэ, таһырдьа тахсаат, күнүс сыралаһан бэлэмнээбит маһыттан аҕыйах хардаҕас, тиит мутуктара, лабаалара эрэ харааран, ыһыллан сыталларын хомойбуттуу көрөн турда. Халлаан наһаа хараҥарбатах, ый сырдыгар сир-дойду сырдаан, туналыйан көстөр. Арай көмнөҕү бүрүммүт тиит мастар халлааҥҥа харбаһан күлүктэнэн, эбии уһаабыкка дылы сарбаһан, оттон хараара хаппыт чөҥөчөктөр киһини самнарыахтыы күлүгүрэн туралларыттан төһө да сүрүн баттаттар, дьоно утуйа сыттахтарына чугастааҕы тыаҕа бара сылдьарга сананна. Биир эмэ маһы соһон аҕалбыт киһи дии санаан, тэрээк сүгэтин ылан, сэниэлээх соҕустук туттан, тыаҕа барда. Куһаҕана диэн, ынах этэрбэһэ ирэ-ирэ тоҥор буолан, халтараана сүрдээх, сүһүөҕэ суохтук хаамара ыарахан соҕус, охтумаары көмүрүө хаарга күүскэ тирэнэн хаама сатаата.

Сотору халлаан сылыйыа. Чалбах бөҕө тахсан, хаары-ууну биллиргэччи кэһиэ этэ. Онтон сайын буоллаҕына, абааһы этэрбэһин, ийэтэ мөҥүө да буоллар, таһырдьа бөххө кыыратыа. Сир-дойду күөҕүнэн симэниэ, сибэкки үүнүө, үрүмэччи бөҕө көтүө, чыычаахтар ыллыахтара… Баҕар, сэрии бүтэн, аҕалара кэлиэ. Оо, аҕалара кэлэрэ буоллар, оҕо сааһа эргиллэн мэниктии-моҕотойдуу сүүрүө этэ. Сайын кэллэр, кэм балыктаан, кустаан эбиниэ этилэр. Дьиҥинэн, бүгүн балачча мас бэлэмниэҕин, туһахха иҥнибит куобаҕын суоллаан, маһын ситэ бэлэмнээбэккэ хаалбыта. Куобаҕын булбатаҕа, хата, ийэтэ барахсан мас бэлэмнэммэтэҕин көрбөккө киирэн абыраата. Онтон атын, сынньаммакка, түүннэри мас бэлэмнэһиэ этэ. Аҕыйах ый тулуйаллара буоллар, халлаан итийэн, сылааска тиийэн, хара сиргэ үктэниэ этилэр. Аҕата Кириисэни кыра эрдэҕинэ көтөҕөн ылан үөһэ быраҕаттыыра, хатыылаах сэҥийэтинэн оронноругар төкүнүтэ сылдьан сыллыыра, оччоҕо кини дьоллоохтук да күлэрэ. «Оо, аҕам барахсан!.. Тыыннаах эрэ эргилин! Хаһан кэлэҕин? Биһиги төһө эрэ үөрүө этибит, ийэм алаадьы, кырбаһынан эт буһарыа…»

Санаатыгар аралдьыйан, уол мутуктан иҥнэн умса баран түстэ. Ыарыыланан балачча сыппахтыы түһээт, түөрт атах буолан сыралаһан туран, иҥнэн охтубут маһын хаартан хостоон чыраахтаста. Онтон сиэбиттэн ынах быатын таһааран, маһын төбөтүн баайан соһорго бэлэмнэнэн, быаны бэйэтин тула эринэ тардынаат, кэлбит суолунан дьиэтин диэки дьүккүйдэ.

Нэһиилэ иэҕэҥнээн балаҕанын таһыгар кэлэн, сүгэтинэн маһын аҥаардаан барчалыы сатаата да, кыайбакка, нукаай курдук буолан, чигдигэ олоро түстэ, кыратык сынньанан баран туруом дии санаата. Дьиэ аана кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, нэһиилэ үнүөхтээн туран иһэн, балта Маайыс чуочаһыйан турарын көрөн, күүһүгэр күүс эбиллэргэ дылы гынна, ойон турбутун билбэккэ да хаалла. Балтын батыһыннаран дьиэҕэ киирэн иһэн, оһох иннигэр турбут дьаадьаҥнаабыт төгүрүк остуоллара икки атах буолан иҥнэйэн турарын соһуйа көрдө. Остуол таһыгар ытаабыт сирэйдээх-харахтаах Тиимискэ тобугун имэринэ турар.

– Тоҕо киһиэхэ эппэккэ эрэ түүннэри мас бэлэмнии бараҕын, суолга охтоору, – ийэтэ, уолун хойуу будьурхай баттаҕын өрө-таҥнары имэрийэрин быыһыгар, сэмэлээн киирэн барда. – Эн суоххунан, биһиги утуйа сытарбытынан туһанан, быраатыҥ лэппиэскэ тооромоһун уоран сиэри, соҕотох остуолбутун суулларан икки атах оҥордо. Бэйэтэ, хата, улаханнык тугун да өлөрбөтөх гынан баран, иҥсэтигэр ыт буола сыста. Дьаабы киһи, – ийэтэ кыра уолун кэлэйбиттии көрөр.

– Тобукпун өлөрдүм, дьуккуруйбут уонна көҕөрөн хаалбыт, – диэтэ Тиимискэ, уонна өрө сыҥсыйарын быыһыгар, аһыннарыахтыы, тобугун имэринэ турда.

– Бэйэҥ буруйдааххын. Иҥсэҕин кыана туттубаккын. Киэһэ аһаабыппыт буолбат дуо? Сааппат сирэй, убайа хаһааммыт лэппиэскэтин тооромоһун уорар… – эдьиийэ кыыһырбыттыы көрөр.

– Мин уоруйах буолбатахпын! Оттон ити… лэппиэскэ сыта наһаа кэлэр дии… Мин тулуйа сатаабытым… Онтон, төрдүөн аҥаардаһан сиэтэхпитинэ туох да буолуо суоҕа дии санаабытым, – уоллара бөтө-бөтө ытаан киирэн барар.

– Чэ, бүт, һыллыы, ким да эйигин буруйдаабат. Ити лэппиэскэни бүгүн Эбээ Матырыас буһарбыта. Кырдьык, наһаа минньигэс сыттаах этэ, – ийэлэрэ, кистээн күлэрин быыһыгар, кыра уолун кэтэҕиттэн сыллаан ылар.

– Убаай, мэ, бу эн өлүүҥ, – Тиимискэ тооромос лэппиэскэни чиэппэрдээбитин – айахха биирдэ эрэ угуллары, эбиитин сиигирэн хаалбыты – убайын илиитигэр туттаран кэбистэ. Оттон бу… ийэм, эдьиийим өлүү лэппиэскэлэрэ, – талах олоппоско уурбут лэппиэскэлэрин тооромосторун дьонугар ыйан көрдөрөр.

Үһүөн саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбисти– лэр. Тиимискэ дьоно кыыһырбатахтарыттан эрдийэн, кэтэҕин тарбана-тарбана хараҕын уутун соттон ньухханна.

Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах Наталья, ыксал бөҕөнөн оскуолатыттан кэлээт, оҕолоро үөрэнэн кэлиэхтэрин иннинэ дьиэ үлэтин бүтэрэ охсоору, швабралаах биэдэрэтин ылан, дьиэтин сотон ылла. Ол быыһыгар билиитэтигэр уулаах миискэ ууран, оргута туруорда. Бэҕэһээ эт кэнсиэрбэтэ атыыласпыта, оҕолор кэлиэхтэрин иннинэ кэнсиэрбэтин луугу, моркуобу кытта ыһаарылыы охсон мокоруоҥҥа булкуйдаҕына, бэртээхэй күнүскү эбиэт буолуо диэн манньыйа санаата.

Аан аһыллар тыаһын кытта кыра уол Гришка дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Суумкатын, кууркатын аан таһыгар турар дьыбааҥҥа элитээт, ийэтин кууһан ылла.

– Маа, бүгүн математикаҕа, хонтуруолунай үлэҕэ «5» сыананы ыллым. Оттон ботаникаҕа сибэкки, үрүмэччи хатарыахтаах эбиппин, ону умнубуппун, – уол, ийэтин өрө мыҥаан туран өрө сыҥарын быыһыгар, атаахтаабыт куолаһынан бөтүгүрээтэ.

– Ыы, чыычааҕым сыыһа, сайыны быһа кэҕэ курдук ыллаан-туойан бараҥҥын, дьиэтээҕи сорудаххын от-мас хагдарыйбытын кэннэ, дьэ кэлэн долоҕойгор түһэрдиҥ дуо? – ийэ уолун мэниктээн көлөһүннүрбүт баттаҕын өрө-таҥнары имэрийбэхтээтэ.

– Эн өйдөппөтөххүн дии. Колик ийэтэ, альбомҥа иннэнэн анньан, барытын оҥорон бэлэмнээбит, – Гриша аны хараҕын уутун соттон ньуххайданна.

– Чэ, һыллыы, бүт. Билигин аһыахпыт, – ийэтэ луук кырбыырын быыһыгар уолун таптаан ымманыйда. – Киэһэ оҥоруохпут. Оҕом оннугар бэйэм сибэкки үргээн, үрүмэччи эккирэтэн хатардаҕым дии. Хайыахпыный, солото суох оҕолоох киһи, – Наталья күлэр.

Ити кэмҥэ орто сүһүөххэ үөрэнэр кыргыттара Настялаах Соня күлсэ-күлсэ киирэн кэллилэр. Уһун курбуу уҥуохтаах, ыраастык, маанытык таҥныбыт, хойуу хара суһуохтарын икки гына мөлбөччү өрүнэн иннилэригэр түһэриммит ис киирбэх сэбэрэлээх кыргыттарын ийэ астыммыттыы имэрийэ көрөн турда.

– Хайа, ийээ, тугу астаатыҥ? Эмиэ лапса. Оттон хортуоппуй диэн ас баарын билбэккин дуо? – Настя, миискэ хаппаҕын аһан көрөн баран, чобуорхайда.

– Оттон ол хортуоппуй диэн аһы ким хостууруй? Соҕотох ийэҕитин хас оҥороҕут? Мин кыайбаппын көрө сылдьаҥҥыт, биир эмэ күн тохтоон, хортуоппуйу хостуо да этигит. Наар эһиги оскуолаҕа барар түбүккүт бүппэт, – дьахтар улахан кыыһын сэмэлээбиттии көрөр.

– Мин олох солом суох. Биир кэлим эксээмэннээхпин умуннугут дуо? Хайдах эмэ гынан үчүгэйдик туттаран, үөрэххэ киириэхпин баҕарабын. Эн курдук үйэм тухары дьиэ сууйааччы буолуохпун баҕарбаппын. Мин үөрэхтээх, харчылаах, баай дьахтар буолуохпун кыра сааспыттан баҕарабын. Ол иһин хайаан да үөрэниэхтээхпин. Эн курдук дьадаҥы, тиийиммэт олохтоох дьахтар буолуохпун олох баҕарбаппын, – Настя ийэтин утары көрөн туран өрө хабылла түһэр. – Икки уолаттардааххын дии, хостоотуннар. Мин быыспар-арыппар сүбүөкүлэни уонна моркуобу хомуйуом. Оттон Соня оскуоланы сууйустун.

– Хата, улахан кыыһым дьаһайдаҕа үчүгэйин. Уолаттары соруйаҥҥыт, хортуоппуйгутун хостуо этигит. Сотору ардах кэлэр дииллэр. Оччоҕо кыайтарыа суоҕа. Сүбүөкүлэ, моркуоп онто суох хостонон бүттэ. Сиэн бүтэрдигит дии. Быйыл күһүнү быһа сиэтигит буолбат дуо? Соня оскуоланы сууйсуо. Чэ, аһааҥ, – Наталья үһүөннэригэр бүлүүһэҕэ толору лапса өрөһөлүү кутан биэрэр.

– Фуу, сиэбэппин. Ийээ, эн лапсаҥ, ирииһиҥ биһигини сибиинньэ курдук уотан эрэр. Саатар гречка буһарыаххын. Сылбархай да уунан сылдьыам, – Настя бүлүүһэтин бэйэтиттэн антах анньар.

– Тот буолан аһаабаккын, – ийэ хомойбуттуу саҥарар.

– Хайа, соркуой сыта олох уулусса уҥуортан биллэр. Таныым кычыгыланна, – дьиэ тойоно, улахан уоллара Андрей, саҥаран дьабыгыраабытынан, киирэн кэллэ. Киирээт, үрүсээгин дьыбааҥҥа быраҕаат, остуолга аһыырдыы олордо. Ийэтэ тэриэлкэҕэ кутан биэрбит соркуойун хабыалаабытынан барда. Андрей үчүгэйэ – аска олох сиримсэҕэ суох, тугу барытын, хамсаабат эрэ буоллар, сиир. Эр киһи эр киһи курдук. Дьиэтигэр соҕотох эр киһи. Сүрэҕэлдьээтэр да, оскуола үөрэнээччитигэр дьиэтин-уотун ис-тас үлэтин барытын хоп курдук көрөн олорор. Мас мастаан, муус ылан, хаар күрдьэн, уу баһан, хортуоппуй, оҕуруот аһын олордуһан абырыыр. Арай куһаҕана диэн – аҕатын курдук хадаар майгылаах. Наталья төһө кыалларынан уолугар амарахтык сыһыаннаһа сатыыр. Аҕатын курдук арыгыһыт буолуо диэн куттанар. Испэтэр эрэ. Сымнаҕас, дьаһаллаах дьахтарга түбэстэҕинэ, үлэһитинэн үлэһит, онон үчүгэйдик олоруо диэн эрэнэр.

– Хайа, хаан аймахтар, бүгүн туох былааннааххыт? Бары хортуоппуй хостоон, бүгүн бүтэрэҕит. Мин судаарыстыбаннай биир кэлим эксээмэннээх киһи буоларым быһыытынан, эбии үөрэххэ барабын. Аттестат ыллахпына, биир эмэ орто үөрэххэ киирэн көрүөм этэ, – Андрей тото аһаабыт киһи быһыытынан дьыбааҥҥа тиэрэ түһэр.

– Үчүгэйэ бэрт ээ, мин да эксээмэннээхпин, – Настя өс саҕа буолан хадаардаһар куолаһынан хоруйдуур.

– Ол эн туох улахан эксээмэннээх үһүгүн. Араас буолума. Тохсуһунан бүтээри гынаҕын дуо? Ийэбит икки кыраны кытта хайдах бэйэтэ эрэ олоруой? – Андрей балтын күрдьүөттээбиттии көрөр.

– Олоруохтара. Бырааһынньыктарга, өрөбүллэргэ уочаратынан кэлэн, дьиэ үлэтин үмүрүтүһэн көмөлөһөн барыахпыт буоллаҕа.

– Чэ, бүт. Тохсуһунан син биир барбаккын. Мин эттим – бүттэ. Туочука турар, – убайдарын куолаһа кытаатан барар.

– Эн миигин наһаа дьаһайан бырдааттаныма. Син биир үөрэммэккэ аармыйаҕа барыаҥ. Оттон мин тохсуһунан бүтэн, орто үөрэххэ киирэн, үлэһит буолбутум ордук. БКЭ-ни миигиннээҕэр буолуох үчүгэй үөрэнээччилэр сатаан туттарбаттар, – кыыс да хаалсыбат, аахсан тэйэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации