Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
VI чааһа

Найыына Николаевна, бүтэһик ыарыһаҕы көрөн бүтэн, тыыллаҥнаамахтаан ылла. Көһүйбүт эбит. «Ити эдэр ийэ оҕотун аанньа ахтан көрбөт дуу? Оҕото дьүдьэҕэ сүр, аҕыс-тоҕус ыйдаах оҕо курдук. Ийэтин улуус киинигэр көрдөрө киир диэтэххэ буолуммат. Олох аһаабат диир. Хаана олох суох, эбиитин анемиялаах. Социальнай үлэһиттэргэ этэн, туох эрэ быһаарыныы ылыммыт киһи. Улуустааҕы реабилитационнай кииҥҥэ бииртэн алта ыйга диэри көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору ылаллар эбит. Онно бэрдэрбит киһи. Кэм, үчүгэй усулуобуйаҕа, аһаан-сиэн, арыый да өрүттүө этэ. Чэ, бээ, барыахха», – кыыс түргэн соҕустук ойон туран, халаатын уһула охсон, таҥнан таһырдьа таҕыста. Сааскы сибиэһэй салгын сайа оҕуста. Саас барахсан кэлэ оҕустаҕа түргэнин. Хаар чарааһаан, көмүрүө хаар тахсан, сири-дойдуну күн уотуттан араас өҥүнэн күлүмүрдэтэ оонньотон, киһи хараҕа саатар чаҕылхай күнэ буолбут. Сотору халлаан сылыйан, бадараан бөҕө тахсара буолуо. Өрүс суола сабыллан, сырыы тохтуо дииллэр да, «Ирбис» диэн абыраллаах айан тэрилэ баар. Куоракка хайа да кэмҥэ сырыы тохтообот. Өссө сотору илин эҥээргэ муоста тутуохтара диэн үөрдэллэр. Чэ, тутулуннун. Дьон олоҕун уйгута тупсуо этэ.

Кыыс төбөтүн кыҥначчы туттан аргыый наскылдьыйа хааман иһэн, иннигэр суолун бүөлүү уолаттар дьирэс гыммыттарыгар, соһуйан өрө чинэккэлии түстэ.

– Наиначаан, ханна бардыҥ? Үлэҥ чааһа бүттэ дуо?

– Бүтэн, онно туох баарый? – кыыс уолаттар ыган кэлбиттэригэр кэннинэн тэйэн биэрдэ.

– Бачча үчүгэй кыыс соҕотоҕун олороҕун? Чуҥкуйбаккын дуо? Кулуупка тоҕо сылдьыбаккын, куорат кыыһабын диэн улахамсыйаҕын дуу? «Тиэтэйбит» киинэ кэлбит. Киэһэ сэттэ чаастан буолар, кэлээр, ыҥырабыт, – «бөһүөлэк бастыҥ уолабын» дэнээччи Миисэ уол кыыс иннин күөйэ сырытта. Сибилигин охтуох курдук тэмтэриҥниир. Айаҕыттан арыгы дьаардаах сыта аҥылыйарын абааһы көрөн, кыыс уолу тумна сатаата.

– Ээ, чэ, барыаҕыҥ. Билигин баһылыкка тыллаатах– тарына, учаскуобайга биллэрэн, улууска төттөрү-таары тиэһиннэхпитинэ, дьыалабыт хаахтыйар буоллаҕа. Буруйдаах син биир биһиги, куһаҕан дьон, буолуохпут, – уһун акылдьыйбыт уол табаарыһын тута сатаата.

– Ээ суох. Быраас мааны да кыыс буоллун. Биһиги да дьоммут ээ. Кини биһигиттэн туох ордуктааҕый? Хата, ааҕыстахха, биһиги ордуктаах инибит, – Миисэ табаарыһын илиитин киэр садьыйаат, илиитинэн тиэрэ-маары дайбаан, өрөһөөхтөнөн барда. – Дьэ, бэйикэй, иннигин тымтыктанан көрбүт суох, сааппакка, сотору биир муостаҕа туруохпут.

– Быраас кыыстан ордоору гынныҥ дуо? Бардыбыт, – Өстүөпэ табаарыһын тардыалаһарын тохтоппот.

– Ээ, бар! – Миисэ табаарыһын тиэрэ саайан түһэрдэ.

– Хайа, бу тугуй?! – кытаанах соҕус саҥа иһиллибитигэр, Миисэ соһуйан хонос гына түстэ.

– Ээ, илиитигэр баабый күүстээх Коля уолгун дуу? Дьэ, киирсэн көрүөх эрэ, хайабыт буолар? Мин да эдэр эрдэхпинэ иҥиирдээх уол этим. Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан, убайдаргар куоласкын сонотоҕун дуу?! Кэл эрэ! – диэт, туох баар күөнүнэн уолга саба түстэ. Коля, сымса баҕайытык халбарыс гынаат, уолу аҥаар илиитин эрийэ тутан умса аспытыгар тоҥуу хаарга сирэйинэн баран түстэ. Уолаттар мочоолоһор кэмнэригэр Найыына сорунуулаахтык түргэн хаамыынан дьиэтигэр барда. Аҕылаан-мэҥилээн, дьиэтин аанын күлүүһүн титирэс илиитинэн нэһиилэ аһан киирээт, иһиттэн түргэн үлүгэрдик хатаан кэбистэ. Төттөрү-таары хаамарын быыһыгар тас таҥаһын уһулан, халаатын кэтэ охсон, электрическэй билиитэҕэ чаанньыктаах чэйин сылыта уурда, тэлэбиисэрин холбоон «тыс» гыннарда. Үүттээх хойуу чэй иһэн уоскуйуо. Онтон сонуннары истэн, «Күдээринэ күүрээн» сериалын көрөн баран, вызов суох буоллаҕына, эрдэ да буоллар, утуйуо этэ. Дэлби сылайда. Сатахха, ити уолаттар туругун ыһан кэбистилэр. Бүгүн кулуупка баран «Тиэтэйбит» киинэни көрөр былааннааҕа. Кини оҕо эрдэҕиттэн да классик суруйааччылар айымньыларын сөбүлээн ааҕар этэ. Ол бука ийэтин эдьиийэ Марина Тарасовна, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, батыһыннара сылдьан ааҕарга үөрэппититтэн буолуо. Бэл, эдьиийин курдук саха тылын учуутала буолара буолуо дииллэрэ да, ийэлээх аҕатын көрө улаатан, медик буолар баҕата баһыйбыта. Дьиктитэ баар, эмп сытынан аҥылыйбыт балыыһа сытын күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр. Ити Коля эмискэ хантан күөрэс гыммыта буолла? Атаҕа үчүгэйэ буоллар, успуорка ыраатыа эбит. Күннээх халлааны бүтүннүү сабардыах көрүҥнээх киппэ уолу начаас оннун булларда буолбат дуо? Хап-харанан дьоһуннаахтык, ол эрээри эмиэ да таайтарыылаахтык көрбүт уол тоҕо эрэ кини суолугар олус элбэхтэ көстөр буолла. Икки өттүттэн бэйэ-бэйэни сөбүлэһэ көрсөр иэйии үөскээбитэ буолуо дуо? Кэбис, оҕо буоллаҕа, уон аҕыстаах уонна сүүрбэ үстээх дьон икки ардыларыгар туох интэриэс, сибээс баар буолуон сөбүй? Биэс сыл араастаһыы улахана бэрт. Өссө кини оскуолаҕа алта сааһыгар эрдэлээн киирэн, наһаа сааһырбакка үлэһит буоллаҕа. Бииргэ үөрэммит кыргыттара: «Саамай кырабыт, оҕобут, аччыы-аччыы өйө бэрт ээ», – диэн күлээччилэр. Оскуолаҕа, университекка уолга олох наадыйбатаҕа. Дьэ, билигин кэлэн, сиртэн халлаан ырааҕын кэриэтэ, эдэр оҕону саныыр буоллаҕа үһү. Киһи кыбыстыах. Никита Алексеевич эйигин сөбүлүүр, көрдө да хараҕа чаҕылыйа түһэр дииллэр да, тоҕо эрэ сүрэҕэ тэппэт, төһө да табаарыстыы истиҥник кэпсэттэллэр. Хата, Нината сөбүлүүр курдук. Уолу көрсө түстэҕинэ, иэдэһэ тэтэрэ түһэр, тылынан кынаттаммыт бэйэтэ чуумпуран хаалар. Кинилэри холбооттообут киһи, бэйэ-бэйэлэригэр барсар, үчүгэй пааралар. Бэҕэһээ Нината этэн эрэрэ: «Наһаа оскуола үөрэнээччитэ диэн уолу сэнээмэ. Уол дьиҥнээхтик сөбүлүү көрбүт быһыылаах, тоҕо эрэ биһиги харахпытыгар быраҕыллара элбээтэ. Дьылҕа Хаан диэн баар ээ. Ону хайдах да тумнар, куота көтөр кыах кимиэхэ да суох. Уол, чуолкай, интэриэһиргиир. Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат диэн итини этэн эрдэхтэрэ».

Эмискэ иннигэр сытар суотабай төлөпүөнэ тырылаабытыгар көрбүтэ: ийэтин нүөмэрэ тахсан кэллэ.

– Алуо… – кыыс төлөпүөнүн илиитигэр ылла.

– Найыына, хайа, үлэлээн бүттүҥ дуо? – ийэтин саҥата аттыгар баардыы чаҕаарда.

– Сибилигин аҕай кэллим. Туох сонун?

– Аҕаҥ үлэтиттэн кэлэ илик. Ыарахан эпэрээссийэлээх. Хойутуу бүтэбин диэбитэ. Тугу астанан аһаары олороҕун?

– Аата, ийээ, кыра оҕоҕо дылы ыйыттаххын. Аһаан сырыттаҕым дии. Мааҕын күнүс Ниналаахха аһаабытым. Ийэтэ наһаа үчүгэй эттээх миин буһарбыт этэ. Онон олох нүөл олоробун.

– Ээ, чэ, бэрт. Аҕаҥ били уолу бэнидиэнньиккэ көрдөрө кэлиэ этэ диэбитэ. Эрэнгиэҥҥэ түһэриэхпит, консультациялаһыахпыт, медицинскэй консилиум оҥоруохпут диэбитэ.

– Аҕам дуо? Сөп. Мин бэйэм эмиэ барсан, эрэнгиэн түмүгүн көрүөм этэ.

– Сөп, этиэҕим. Тугуй, ити уолга тоҕо наһаа кыһанныҥ? – ийэтэ токкоолоһор.

– Эс, ыарыһаҕым буоллаҕа. Оскуола оҕото.

– Ээ, – ийэтэ күлэр саҥата иһиллэр. – Эн аҕаҥ миигиттэн оруобуна биэс сыл балыс этэ да, кимнээҕэр өйдөһөн отутус сылбытын олоробут.

– Чэ, бүттүбүт, ийээ. Эмиэ үөннүрэн эрэр. Мин сөбүлүүр аспын мантыны уонна фаршированнай собону буһараар эрэ, – диэн кыыс атаахтаабыт куолаһынан саҥарар. Онтон суотабай төлөпүөнүн саба тутарын кытта өрө тырылыы түһэр.

– Найыына, түргэнник кэл. Киинэҕэ билиэт ыллым. Саҕаланара чугаһаата, – дьүөгэтин Нина куолаһа өрө умайыктана түстэ.

VII чааһа

Коля төһө да иһигэр сөбүлээбэтэр, хайыай, Найыына Николаевналыын куоракка мэдиссиинэ киинигэр барсан иһэр. Онно хирург, кыыс аҕата, Николай Иванович күнүс уон икки чааска ыҥырбыт. Дьиҥинэн, барсыа суохтаах этэ да, баҕар, дьолго, атахтанан хаалыа, оччоҕо тэҥнээхтэрин кытта тэҥҥэ сүүрүө-көтүө этэ буоллаҕа. Уонна, төрөппүттэрин тылларын быһа гыммакка, бырааһыныын барсан истэҕэ.

Өрүһү туораан, Хаҥалас сыырын өрө сүүрдэн тахсаат, суоппар Клим уол эргиллэн ким ханна түһэрин токкоолосто.

– Биһиги мэдиссиинэ киинигэр тиийэбит, – Найыына Николаевна чуолкайдык хардарда.

– Сөп, – суоппар саҥата иһилиннэ.

Өр-өтөр буолбатылар, чаҕылхай күөх өҥнөөх профлииһинэн бүрүйүллүбүт элбэх этээстээх дьиэлэр кэчигирэһэн турар мэдиссиинэ киинин оройуонугар тохтоо– тулар. Коля хотоойутук туттубакка умса туттан, бырааһын батыһарга тиийдэ. Уһун, көнөтүк кэдэччи туттубут кыыс сүрдээх дьулурҕатык, сиртэн-буортан тэйбит курдук кынталдьыйа туттан хаамарын, баҕарбатар да, сонургуу көрө истэ.

«Кылаабынай хирург Н.И. Александров» диэн табличка сыһыарыллыбыт кэбиниэт аанын тоҥсуйа түһээт киирбиттэригэр, ис киирбэх көрүҥнээх, сырдык, бэрт төрөлкөй киһи үөрэ көрүстэ.

– Оо, хайыы үйэ кэлэ оҕустугут дуо? – Николай Иванович илиитин Коляҕа биэрдэ. – Хайа, Коля, кэмчиэрийбэккэ олорунан кэбис. Найыына, медицинскэй хаартыскаҥ баар ини.

– Баар, – Найыына бэрт эрэллээхтик туттан, хаартысканы ылан бырааска биэрдэ. Аҕалаах кыыс тас көрүҥнэринэн маарыннаһалларын таһынан бэйэ-бэйэлэригэр сүрдээх болҕомтолоохтук, истиҥник сыһыаннаһалларын уол бэлиэтии көрдө.

– Хайа, оччотооҕу бырааскыт олох толорботох эбит. Бу Найыына эн буочарыҥ, – Николай Иванович, сөбүлээбэтэх куолаһынан саҥарарын быыһыгар, уол атаҕын илиитин иминэн туппаҕалаан көрдө. – Билигин эрэнгиэҥҥэ барыаххыт. Коля, кырдьыгынан эттэххэ, куттаммаккын дуо, атаҕын тостубута оспут, дьиҥинэн, эйиэхэ хаамаргар мэһэйдээбэт. Ону хаттаан тоһуттаран баран, саҥалыы уҥуоххун туттараргыттан куттаммаккын дуо? – Николай Иванович уолу болҕомтолоохтук утары көрдө.

– Суох, куттаммаппын. Мин оҕо эрдэхпиттэн тэҥнээхтэрбин кытта сүүрэн-көтөн тэҥҥэ сылдьыахпын баҕарабын. Миигин сыл ахсын улууска хамыыһыйаҕа ыҥыран инбэлиит оҥоро сатыыллар. Инбэлиит буолан дьыаланы быһаарбаккын, – Коля кыыһырбыт куолаһынан саҥарарыгар, бэл, куолаһа кытта титирэстээн ылла.

– Сөп, Коля, иһит. Чугастыы Москваҕа баран да оҥотторуоххун сөп. Биһиги мантан кэпсэтэн, докумуоҥҥун барытын толорон, былааннаахха киллэрэ сатыахпыт. Ол эрээри, төлөбүрдээххэ да түбэһиэххин сөп. Ыарахан буолуо. Оччоҕо хайыыгын? – хирург уолу үтэн-анньан көрөр.

– Сөп. Төрөппүттэрим сөбүлэһэллэр, – Коля эрэллээхтик хардарар.

– Аҕаа, коммерческайы дьоно уйунуохтара суоҕа. Сүөһү иитэллэр. Ону тутуннахтарына эрэ төлөһөр кыахтаахтар, – Найыына уол төрөппүттэрин балаһыанньатын кэпсиирин сөбүлээбэтин биллэрэн, Коля көхсүн этиппэхтээтэ.

– Сөп, өйдөөтүм. Соруйан ыйыппытым. Эн сөптөөх эппиэти биэрдиҥ. Чэ, эрэнгиэҥҥэ барыҥ, – Николай Иванович дьоһуннаахтык туттан, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн олордо.

Күнү быһа Коля Найыына Николаевнаны батыһа сырытта. Эрэнгиэҥҥэ атаҕын араастаан эргитэ сылдьан уһуллулар, көрдүлэр-иһиттилэр. Үлэ чааһын бүтэ илигинэ бүтэн, түмүктэрин ылан, Найыына Николаевнаҕа туттардылар.

– Сарсын кэпсэтиэхпит. Дьиэҕэ баран сынньаныҥ, – Николай Иванович судургутук хоруйдаата. Найыына Николаевна үгүс кэпсэтиитэ суох биһиэхэ бараҕын диэбитигэр уол иһигэр сөбүлээбэтэр да, ханна барыай, барсарыгар тиийдэ. Табаарыһа Игорь «эдьиийим аахха тиийээр» диэн аадырыһын, төлөпүөннэрин биэрбит кумааҕытын, кууркатын сиэбигэр чугас илдьэ сылдьыбытын, саҥата суох бигээн көрдө.

Николай Иванович дьиэтигэр олох атын эбит. Дьоһумсуйа туттубута ханна да суох. Быһыччы көрбүт хараҕа, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолбут. Дьиэтигэр өрүү мичээрдии сылдьар. Кыыһын кыра оҕо курдук төбөтүттэн имэрийэ, сыллыы сылдьар идэлээх эбит. Ийэлэрэ, арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах кыраһыабай дьахтар, остуол хотойорунан ас бөҕөнү астаабыт. Коля фаршированнай собону ордук сөбүлээн сиэтэ. Кини, дьиэлээхтэр эпэрээссийэ туһунан тугу даҕаны эппэтэллэр да, бэйэлэригэр эрэллээх дьиэ кэргэнтэн эрэл кыыма саҕылларын курдук санаата. Сарсыарда бэркэ чэпчээн уһугунна. Санаатыгар, атаҕа түүнү быһа дьырылаан ыалдьар буоллаҕына, ыалдьыбата даҕаны. Сарсыарда Елена Георгиевна минньигэс, тотоойу аһын аһаат, үһүөн Николай Иванович хара дьүһүннээх «Тойота Ленд Крузер 200» джип иномаркатыгар олорон, мэдиссиинэ киинин диэки сыыйылыннардылар. Халлааҥҥа харбаһар үрдүк дьиэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаспыттыы элэҥнэһэн ааһалларын, куораппыт ханнык да соҕуруу куораттартан итэҕэһэ суох кэрэ көрүҥнээҕин Коля астына көрө олордо. Кэлин куорат олус да тупсубут. Эчи, массыыната, маҕаһыына элбэҕин диэн санаталаан ылла.

Массыына түннүгүнэн уулуссаны көрө олорор Коляны Найыына, сотору-сотору хараҕын быраҕан, көрөн ыла олордо. Табыллан, атаҕа эпэрээссийэлэнэрэ буоллар, төһө эрэ дьоллонор, табаарыстарын кытта хонууга, алааска төһө эрэ сүүрэн элээрэр, спортзалга баскетболлаан, волейболлаан имитэр, илии, атах оонньууларыгар хайдах курдук бырдааттаныа этэй? Аҕата бэйэтэ эпэрээссийэлээри гынар быһыылаах. Тоҕо эрэ саҥарбат, бэҕэһээ ийэтэ оннук быктаран ылбыта. Билбэтим дьэ. Сиппит киһи оспут атаҕын хаттаан тоһутан саҥалыы көннөрөр ыарахан буолуо. Бүгүн, быһаарылыннын-быһаарыллыбатын, киэһэ бөһүөлэкпэр барбыт киһи. Бүтүн бөһүөлэги сиэстэрэҕэ хаалларбат буоллаҕым. Араас барыта буолуон сөп, дьон ыалдьан хааллаҕына, Нина хайдах барытын көрүөй? Бырааспыт, сылтах булан, куоракка уоллуун баран хаалла диэхтэрэ. Дьон айаҕын саба туппаккын. Туох баҕарар диэхтэрэ. Бэл, ийэм араас киһи үөйбэтэх боппуруостарын биэрэн, киһини ууга-уокка түһэрэр. Бэҕэһээ манты оҥоро сылдьан: «Коля кырабын дэммэт, эйигин алдьархай үчүгэйдик көрөр. Сөбүлүүр дуу, хайдах дуу?» – диэтэҕэ үһү. Чэ, бээ, ону-маны хаалар суолу санаамыахха. Хата, таксист Федяҕа эрийиэххэ. Киирбит буолуохтаах. Дьиэбиттэн барар инибин. Аһаан, ийэм аһыттан ылан барыам этэ. Аҕата кэннин хайыһан эргиллэн көрбүтүн бэлиэтии көрдө:

– Аҕаа, тугуй? Тугу этээри гынныҥ?

– Ээ суох. Консилиумҥа сылдьан баран, тута барбат инигин? Мин эйигин ассисстент оҥостоору гынабын. Аркадийым уоппускаҕа сылдьар.

– Ээ суох. Аҕаа, хайдах буоллуҥ? Кэбис. Олох чугаһаабаппын. Мин боростуой эпэрээссийэлэри оҥорбутум. Ыарахан эпэрээссийэҕэ сылдьыбаппын. Куттанабын. Аркадийтан атын үчүгэй хирург-быраас суох, – Найыына илиитинэн сапсына түстэ. – Уонна Коляны билэрим бэрт, бэйэм ыарыһаҕым. Дьоно да куттаналлар. Москубаҕа тоҕо ыыппаккын?

– Москубаҕа да ыыттахха ыытыллар буоллаҕа. Ол эрээри, снимогыттан көрдөххө, киһи бэйэтэ да оҥоруон сөп курдук. Коля, хайыыгын, миигин эрэнэҕин дуо? – Николай Иванович уол диэки эйэргээбиттии көрөр.

– Эрэнэн буоллаҕа, – Коля мүчүк гынар.

– Уонна бөһүөлэкпин хайдах эмчитэ суох хаалларыахпыный? Бүгүн да барыахпын санаталыы олоробун.

Кыыс «бөһүөлэкпин» диэбитин истэн, уол Найыынаны өссө убаастыы көрдө.

– Ассистенынан хааларга бирикээс таһаартарыах– пыт. Аҕыйах кэмҥэ бырааһа суох хааллартарыахпыт суоҕа. Уонна эн бэйэҥ ыарыһаҕыҥ. Ыарахан эпэрээссийэҕэ үөрэнэн иһиэҥ этэ. Бөһүөлэккэ үөрэммэккэ-сайдыбакка сыппат инигин? Коляны эпэрээссийэлээн, атаҕын чөлүгэр түһэриэхпит. Мин эпэрээссийэлиэм, Найыына ассистенныа, ийэбит сиэстэрэ эбээһинэһин толоруо. Үчүгэй хамаанда буолбатах дуо? – Николай Иванович күлэн ылар. Иннигэр олорон иһэр Елена Георгиевна саҥарбат. Киниэхэ биллэр дьыала быһыылаах. Уопуттаах, ааһан иһэн оҥорор үлэтэ буоллаҕа. Мэдиссиинэ киинигэр начаас сыыйылыннаран тиийдилэр. Эбиэккэ диэри уол Елена Георгиевна эппиэтинэһигэр сылдьар буолла. Аҕатынаан тоһугуруу турбут Найыынаны Коля, дьон көрбөтүнэн, сайыһан батыһа көрөн хаалла.

VIII чааһа

Коля оронугар тиэрэ түһэн, ону-маны эргитэ саныы сытта. Дьоно тэпилииссэлэригэр хара сарсыардаттан тииһэллэр. Сыл ахсын оҕуруоттарын аччатыах буолаллар да, хата, саас буолуо эрэ кэрэх, эбии элбэтэн иһэллэр. Түөрт улахан тэпилииссэлээхтэр: оҕурсуну, помудуору хото олордоллор. Билигин кыратык таалалыы түһэн баран, хортуоппуйун салгыы олордуо этэ. Кини эбээһинэһэ – хортуоппуй олордуута. Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаабыта да, бүтэрэ илик. Сарсын бүтэрэр ини. Төрөппүттэрэ бириинчиктэрэ сүрдээх. Хортуоппуй чааскытыгар хайаан да биир ытыс мас күлүн куттаран тэйэллэр. Хайыаҕай, күл кутар буоллаҕа. Ол иннинэ хортуоппуй сирин бириинчиктээн оҥоттороллор. Иккитэ тиэрдэрэн, аны өрүс кумаҕын, хара буор куттаран баран, биирдэ фрезалыыллар. Ол да кэнниттэн хортуоппуйу мээнэ олордон барбаккын. Аҕата анаан оҥорбут кирээдэ мээрэйдиир маһынан тардан, тэҥнээн баран, биирдэ олордоҕун. Мааҕын аҕата: «Көхсүгүн наһаа сотору-сотору көннөрөҕүн», – диэн сэмэлээн эрэрэ.

Ааспыт саас консилиум буолбут күнүгэр Найыына Николаевналыын иккиэн төннүбүттэрэ. Москубалар бэйэҕит эпэрээссийэлиир кыахтааххыт диэбит этилэр. Онон биир кэлим эксээмэннэр кэннилэриттэн эпэрээссийэлииргэ сүбэлэспиттэрэ. Бэс ыйын ортотугар, эксээмэннэр кэннилэриттэн, тута куоракка балыыһаҕа киириэхтээх. Онно уонча күн бэлэмнээн баран, оҥоруохтаахтар. Найыына эмиэ барсыахтаах. Ол санаатыттан уол түөһүн толору үөрүү, долгуйуу сүүрээнэ ыга кууста. Билигин бэрэбиэркэлэнэбин диэн ааттаан, нэдиэлэҕэ хайаан да иккитэ баран кэлэр. Тугун бэрэбиэркэлэтиэй? Бырааһа күлэ көрсөр. Суолтатыгар дабылыанньатын мээрэйдиир, сүрэҕин иһиллиир. «Бар, эн миэхэ мэһэйдиигин, дьон туох эрэ диэхтэрэ», – диэн үүрэртэн орпот. Оттон уол кыыһы көрбөтөҕүнэ хайдах эрэ буолар, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри чуҥкуйар, тэһийбэт, кыыс сырдык кыымынан сыдьаайар хараҕын көрүөн, толбоннурар саһархай суһуоҕун имэрийэн ылыан баҕарар да, ол киниэхэ кыаллыбат. Дьиҥинэн, биир бөһүөлэккэ олороллор эрээри, кыыс киниэхэ күн халлаантан ырааҕын курдук ыраах. История учуутала Никита Алексеевич, сураҕа, кыыска иҥээҥниир, балыыһа дьиэтиттэн арахпат дииллэр. Кулуупка киинэҕэ, кэнсиэргэ бииргэ олороллор, анал олорор ыскамыайкалаахтар үһү. Чэ, буоллун. Ол эрээри, киниэхэ, Коляҕа, эрэл кыыма эмиэ баар. Кыыс кинини көрө түстэҕинэ, имэ кыыһа түһэр. «Куоракка хаһан барабыт? Мин эйиэхэ эрэ эпэрээссийэлэтиэхпин баҕарабын», – диэтэҕинэ, эмиэ кавалер дии диэн күлэн, үрүҥ тиистэрэ кэчигирии түһэллэр.

– Хортуоппуй олордооччу, туох ааттаах сыттыҥ? – аҕатын саҥата иһилиннэ.

– Ээ, турдум, нуктаан ылбыппын. Сарсын бүтэрэр инибин. Эһиэнэ буолан баран сиргит наһаа киэҥ дии.

– Оннук буолумуна. Ытыс саҕа сиргэ ыстараары гынаҕын дуо? Этэҥҥэ буоллаҕына, аны күһүн үөрэнэ бараргар бэйэҕэр үп буолуо этэ. Күлүҥ баар ини?

– Баар бөҕө. Эн кыһыны быһа хаһааммыт күлүҥ хантан бүтүөй? – уол аҕатын элэктээн күлэр.

Коля, көмөлөһүннэрээри, табаарыстарын төлөпүөнүнэн ыҥыран ылла. Бэйэбит да хортуоппуйбут ыһыыта бүппэккэ мөҕүллэ сылдьабыт диэтилэр да, ситэ отут мүнүүтэ буолбакка, «Кавасаки ниндзя» матасыыкылларынан көтүтэн кэллилэр.

– Бүгүн субуота. Киэһэ дискэтиэкэҕэ барбаккын дуо? Бэрт киһи балыыһаҕа бараары тураҕын дуу? Арааһа, Никита Алексеевич эйигиннээҕэр актыыбынай позициялаах быһыылаах. Күн ахсын, кыыска иҥээҥнээн, уопсай дьиэҕэ бара турар. Кулуупка анал олорор миэстэлээхтэр дииллэр, – диэн уолу дэлби хаадьылаатылар. Уол төһө да сөбүлүү истибэтэр, кыһаллыбатах курдук туттан, тэҥҥэ күллэ-салла. Ол туран, уолаттара имнэнсибиттэригэр, уулуссаны көрө түстэ. Никита Алексеевич матасыыкылыгар Найыына Николаевнаны олордон баран, соҕуруу диэки көтүтэн эрэр эбит.

– Ити ханна бардылар? Ньукуолуннуу бардылар дуу, хайа сах дуу? – уолаттар таайа сатыы турдулар.

Коля киэһэ, дискотекаҕа барбакка, ийэтин кытта «Великолепный век» киинэни көрдө. Ийэтэ бу турецкай киинэни хас сыл ахсын салгыбакка көрөр, төһө да ис хоһоонун билэ олордор, киинэ чаҕылхай кырааскатын, сүрүн дьоруойдарын кыраһыабайдарын, таҥастара-саптара маанытын астына көрөр. Киинэ кэнниттэн уол Найыынаҕа тута эрийэргэ сананна. Балачча гудоктаан ыҥыран баран, бэрт ыраахтан кыыс куолаһа иһилиннэ.

– Алуо, туох сонун? Бүгүн Ньукуолуну бэлиэтээтигит дуо? – уол быһаччы ыйытта.

– Суох. Тоҕо итинник ыйыттыҥ? – Найыына куолаһа холку.

– Оттон Никита Алексеевичтыын көтүтэн эрэр этигит дии…

– Оо, аата булан ыйыттаххын. Ону мин тоҕо эйиэхэ дакылааттыахтаахпыный? – кыыс күлэр. – Никита Алексеевич эбэтэ ыалдьыбыт этэ. Онно бара сылдьыбытым. Эмээхсин мөлтөөбүт.

– Ээ, – уол мух-мах буолан эппиэттиэн икки ардыгар төлөпүөнэ быстан хаалла. Кыыһырда дуу, төлөпүөнүн ситэ кэпсэппэккэ ууран кэбистэ. Кыыска саҥалыы эрийиэх курдук туттан истэҕинэ, төлөпүөнэ күлүмнээн кэллэ.

– Алуо, Коля, тоҕо дискэтиэкэҕэ кэлбэтиҥ? – кыыс саҥата чаҥкыныы түстэ.

– Онно тоҕо барыахтаахпыный, тугу сүтэрбиппиний? – Коля хардата судургу.

– Эн буолан бараҥҥын итинтэн ордук эппиэттиэҥ дуо? Дискэтиэкэ бүтэн эрэр. Халлаан хараҥарда. Миигин дьиэбэр матасыыкылынан илт эрэ, – кыыс да хаалсыбат.

– Матасыыкыллаахтарр элбэхтэр. Мин утуйдум, – уол төлөпүөнүн арааран кэбистэ. Маняша… Алдьархай– даах сытыы кыыс. Баара-суоҕа ахсыс кылааска үөрэнэр эрээри, быйыл күһүҥҥүттэн киниттэн арахсыбат, элиэтээн аҕай биэрэр. Кини наадата бүппэт, туох баар кыһалҕатын уолунан быһаартараары гынар. Убайа Гриша күлэн эрэрэ: «Балтым, дьэ, сымала курдук сыстан баран, олох арахсыа суоҕа, эппэтэҕэ диэйэҕин. Эйигин сөбүлээбит үһү». Дьэ, кырдьык, кыыс оҕото. Хап-харанан чоҕулуччу көрөн, иэдэһэ болтоллон, кытаран-наҕаран, үрдүкү кылаас кыргыттарыттан итэҕэһэ суох көрүҥнээх. «Иэдэһиҥ болтоллон, хаһан дьыссаат саастан тахсан кыыс оҕолуу көрүҥнэнэҕин», – диэн күлэн ытатааччы. Кыһыыта бэрт ээ, сылтах көһүннэр эрэ, киһини эккирэтэ сылдьар идэлээх. Табаарыһын балта буолбатаҕа буоллар, оннун булларбыта ырааппыт буолуо этэ.

– Коля, бар дьыбаантан, хоскор ороҥҥун оҥостон сыт, – диэн ийэтин саҥатын истэн, уол аргыый туран, хоһугар сүөдэҥниир.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации