Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 7

Текст книги "Ньоҕой эрэл"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 12 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IX чааһа

Коля ситии-хотуу аттестатын илиитигэр тутан, долгуйа үөрдэ. Бу күн сиригэр төрөөн, олох олорон, орто үөрэхтэммитин туһунан докумуоннанан, салгыы идэ ылар үөрэххэ барар бырааптаннаҕа. Аны бэйэтин бас билэр кимтэн да тутулуга суох улахан киһи буоллаҕа. Бэҕэһээҥҥэ дылы: «Ээ, эн оҕочоос, оскуола оҕото баҕас, чыыбырҕаама, хата, ийэҥ суоратын сиэн баран, утуйбутуҥ ордук буолуо», – дииллэрэ истэргэ кыһыылаах буолара. Улахан ыччат уолаттар тойомсуйан тос курдук тутталлара тохтуура буолуо. Оннооҕор учууталым Никита Алексеевич, Найыынаттан быһыылаах, сөбүлээбэтэх курдук көрөр. Хата, история биридимиэтин талбытым буоллар, бырабааллатыа эбит. Уолаттарым курдук историк, юрист идэлэринэн иирбэтэҕим үчүгэй эбит. Оскуола аанын сабан тахсан баран, эбии чиҥэтэрдии ааны көхсүнэн лигийэн биэрбититтэн, сонньуйа санаата.

– Чэ, бардыбыт, тоҕо, оскуолаҕа аны хаһан да киириэм суоҕа диэбиттии, ыга саба тураҕын, – табаарыһа Гриша күлэр, – өссө да кэлиэхпит турдаҕа. Чэ, кытаат, банкет бүттэ, аны үргүлдьү похуокка барыахпыт, күнү көрсүөхпүт. Иһиттэн ааны күүскэ анньыалаабыттарыгар түргэн үлүгэрдик кирилиэһи таҥнары сүүрэн түстүлэр. Коля, Гришалыын хаадьылаһан кэккэлэһэ хаамсан иһэн, дьиэтин диэки туораата. Калитка таһыгар Маняша турарын соһуйа көрдө.

– Хайа, Маняша, кими кэтэһэн манна турдуҥ?

– Эйигин күүтэбин. Похуокка ким баҕарар барсар бырааптаах буолбат дуо? – кыыс кырааскаламмыт кыламанын араастаан тэрбэччи көрдө.

– Ол эйигин ким ыҥырбытай? – Коля ыйытарын быыһыгар кыра кыыс уоһун кып-кыһыл кырааскаламмыта көрөргө сүөргү баҕайы дии санаан ылла.

– Эн барбаккын дуо, үрүҥ халааттаах аанньалгын күүтэн тураҕын дуо? Күүтэн эрэйдэнимэ. Мин илэ харахпынан көрбүтүм, Никита Алексеевичтыын матасыыкылга олорон барбыттара, – уол кыыс саҥатын ситэ истэ барбакка, кэлииккэтин күүскэ тэлэччи аһан, олбуоругар киирдэ. Ийэлээх аҕата утары көрсөн чэйдии олороллорун соһуйа көрдө.

– Хайа, тоҕо утуйбакка түүннэри олордугут?

– Ээ, бэйэбит. Ынахтарбыт хойутаан кэллилэр. Түптэ бөҕөтө оҥордубут да, бырдахха да кыһаммат буолбуттар. Эн похуокка бараҕын дуо? – ийэтэ ыйытардыы көрдө.

– Барбат инибин. Сүрэҕэлдьиибин даҕаны, – дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн олордо.

– Дьэ, бэйэҥ билэн эрдэҕиҥ. Иһиттиҥ дуо, Маняша обургу иһитиннэрэ оҕуста ини? Бүгүн киэһэни быһа кэлииккэ аанын кэтээн туран аҕай биэрдэ. Дьэ, Сэмэнэптэргэ сытыы кыыс төрөөбүт. Ийэлээх аҕата сытыары-сымнаҕас, күөх оту тосту үктээбэт, сытар ынаҕы туруорбат дьон.

– Тугу этиэхтээх этэй?

– Найыына Николаевна аҕата эмискэ охтубут үһү. Инфарктаабыт дииллэр. Никита Алексеевич бырааһы Суоттуга матасыыкылынан катерга киллэрбит. Антах биэрэккэ дьоно тоһуйаллар үһү.

– Дьэ, иэдээн. Бэйэтэ медик киһи хайдах ыалдьарын билээхтээбэккэ сылдьыбытай? Эмп-томп баар сиригэр уонна эмчит киһи түргэнник этэҥҥэ буолар ини, – ийэтэ кэпсиирин быыһыгар уолун көрөн ылар.

– Оо, оччоҕо эпэрээссийэбит? – Коля соһуйан тута курус гына түһэр. Уоллара сибилигин ситии-хотуу аттестатын ылан үөрбүт-көппүт бэйэтэ, күлүм аллайбыта ханна да суох буолбутун ийэтэ бэлиэтии көрдөр да, хайыай, көрбөтөх курдук тутунна.

– Солбуллубат киһи диэн суох. Оҥоруохтара буоллаҕа. Николай Иванович ыалдьыбыта кырдьык куһаҕан, – аҕалара, туран тэлэбиисэрин араарарын быыһыгар, хомойбуттуу саҥарар. – Чэ, эмээхсин, утуйуохха. Чаас ыраатта. Сотору сарсыардааҥҥы ынахтарыҥ ыамыгар турар да кэмиҥ кэлиэ.

– Ээ, кырдьык, утуйуоҕуҥ. Коля, оттон эн похуокка барбаккын дуо?

– Суох ини. Мааҕын сарсыардаттан оскуола тэрээһиниттэн мин да сөп буоллум. Утуйуом этэ, – уол хоһугар киирдэ. Оронугар тиэрэ түһэн сытан, Найыынаны бу баардыы хараҕар көрөн ылла. Найыына барахсан аҕата ыалдьыбытыттан төһө эрэ куттанна? Сарсын кэпсэтэн, тугун-ханныгын билсибит киһи. Николай Иванович ыалдьыбыта куһаҕан. Баар-суох эрэнэр киһим. Хаарыан киһи. Билиитэ-көрүүтэ, дуоспуруннаахтык, ылыннарыылаахтык саҥарара, ыарыһаҕын бэйэтигэр тардан, эрэл санааны үөскэтэрэ, бэл, тас көстүүлүүн үчүгэйэ, улахана-хаара – сахаҕа чахчы астык киһи. Үлэһитин, кыһамньылааҕын, дьон ытыктабылын ыларын туһунан этэ да барыллыбат. Хайдах эмэ гынан үтүөрэрэ буоллар.

Эксээмэннэрбин, хата, бэркэ туттардым. Найыына үөрдэ быһыылаах. «Олох аахпаккын? Уонна хайдах туттараҕын?» – диир этэ. Докумуоннарбын ситиһэн, икки хас үөрэххэ биэрбит киһи. Медколледжка киириэн баҕарарын ийэтэ истэн баран, кини саҕа үөрбүт киһи суоҕа. Медбрат буолуллуо. «Тоҕо медбрат буоллуҥ? Тута мединститукка киириэххин?» – Найыына сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. «Иккиэн быраас буоллахпытына, тыа сиригэр хайдах биир балыыһаҕа үлэлиэхпитий? Эн быраастыаҥ, оттон мин медбраттыам. Нинаны кэргэн таһааран биир эмэ учаскуобай балыыһаҕа ыытыллыа. Уонна мин үрдүк үөрэхтээх эмчит буолуохпун баҕарбаппын. Оскуолаҕа да бэрт эрэйинэн үөрэммитим. Сөбүн уон биир сыл учууталлар сирэйдэрин-харахтарын манаан үөрэнним», – диэн кыргыттары күллэртээбитэ. Кырдьык, үрдүк үөрэх киниэхэ наадата суох. Киниэхэ үөрэнэрэ, син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ. Убайдара иккиэн үрдүк үөрэхтээх ааттаахтар да, харчылаах, булар-талар, дьаһайар үлэлэрэ суох. Барыта үрдүкү салалтаттан, дьонтон тутулуктаахтар. Көстүүмнээхтэр, хаалтыстаахтар эрэ. Ийэбит, дьэ, ону астынар. Коля ону-маны эргитэ саныы сытан, утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла.

Сарсыарда ийэтэ күөрчэҕин ытыйан, биһилэҕин тыаһа таһыгырыырыттан уһуктан кэллэ. Ийэтэ барахсан. Ынах сүөһү иитэр буолан, киһини өйдүүр буолуоҕуттан үрүҥ аһынан оҕолорун тутахсыппатаҕа. Кинилэргэ куруутун күөрчэх, суорат, быырпах баар буолан, табаарыс уолаттара сайыҥҥы буһурук куйааска быырпах иһээри ааннарын саппаттара. Ийэлэрэ, хата, дэлэй-холой илиилээх буолан, үрүҥ аһа бүппэтэ, олбуор иһинээҕи оҕолор бары тииһинэллэрэ. «Тетя Өкүлүүнэ наһаа минньигэс быырпахтаах, суоратын хойуутун этэ да барыллыбат», – диэччилэр. Дьикти ээ, таһынааҕы ыаллара, дэлэҕэ «ыанньыксыттар» диэн ааттаныахтара дуо, кини өйдүүрүн тухары ынах бөҕөнү ыан үрүҥ аһы үрүлүтэллэр, судаарыстыбаҕа сыллата хас эмэ туоннанан үүтү туттараллар эрээри, дьиэнэн үрүҥ ас диэни билбэттэр. Төлөпүөнүн ылан бассааптары көрүөн баҕарда эрээри, тоҕо эрэ санаата кэлбэтэ. Маняшаттан атын ким да суруйбатаҕа буолуо, киһиттэн таһынан олус сытыы кыыс. Күнү быһа бассааптаан сордуур. Убайа Гриша бэйэтэ да балтыттан саллар. «Бэйэҕиттэн биэс сыл аҕа дьахтардааҕар мин ордук буоллаҕым», – диэн суруйар буоллаҕа. Бээ, туруохха, ийэм күөрчэҕин сиэххэ, туох сытын-сымарын таһаарда? Алаадьы буһарбыт быһыылаах.

– Ийээ, тугу буһардыҥ? Сыт-сымар бөҕөнү таһаарбыккын, – уол, ийэтэ оһоххо арыылаах алаадьы, сыалаах эт айах тутарын, соһуйа көрдө, – бүгүн туох бырааһынньыга буолла, эбэтэр ким ханна айаннаата?

– Суох, ким да ханна да барбата. Бырааһынньык да буолбатах. Бэйэм оһохпун аһатабын.

– Тоҕо? – уол, килиэби күөрчэххэ булкуйан мотуйарын быыһыгар, туоһулаһарын тохтоппот.

 
– Дьай дьалбарыйдын,
Ыарыы сыстыбатын,
Доруобуйата тубустун,
Айыыһыта арчылаатын,
Иэйэхситэ эҥээрдэстин диэн,
Николай Иванович туһугар
Аал уотум иччитин
Амтаннаах аһынан,
Арыылаах алаадьынан
Айах туттаҕым буоллун!
 

– Оо, дьэ, ийээ. Араас буолаҕын ээ. Ити чахчы итэҕэйэҕин дуо? Билиҥҥи кэмҥэ эмп-томп күүстээх, үчүгэй буолуоҕа. Кыыһа Найыына, кэргэнэ Елена эмтээн начаас атаҕар туруоруохтара. Онно эн алгыһыҥ наадата суох.

– Буоллун. Ол эрээри, Айыыттан, Таҥараттан көрдөһө сырыттахха, санааҕа астык. Үчүгэй киһиэхэ көрдөспүт туох куһаҕаннаах буолуой? Чэ, хата, үчүгэйдик тото-хана аһаан баран, докумуоҥҥун барытын ситэн, сарсын улуус киинигэр баран, медосмотргытын барыа этигит. Гриша аҕата түөрт оҕону илдьиэх буолбута. Онон бэлэмнэн. Быыскар-арыккар Найыына Николаевнаҕа эрий.

– Ол мин эрийэрбэр кыһанара буолуо дуо? – Коля дьээбэлэнэн күлэр.

– Чэ, үөннүрбэккэ тур. Аһыы охсон оскуолаҕар бар.

– Сөп, билигин, – төлөпүөнүн ылан, олус билэр нүөмэрдэрин күүскэ баттаталыыр. Аҕыйахта гудоктуурун кытта, Найыына саҥата бу баардыы иһиллибитигэр, соһуйан ходьох гынна, итии сүүрээн сирэйигэр саба биэрдэ.

– Алуо, Найыына, аҕаҥ хайдаҕый? – диэн аргыый ыйытта.

– Этэҥҥэ. Эн аттестаккын ыллыҥ дуо? – кыыс саҥата олох бу баардыы иһиллэр. Бэл, тыынара кытта биллэргэ дылы.

– Ылан. Эпэрээссийэбит кэмигэр буолара дуу? – уол саарбахтаабыттыы ыйытар.

– Куттаныма. Эпэрээссийэ буолуоҕа. Аҕам консультант баҕас буолабын диир. Аркадий оҥорорго сөбүлэспитэ. Киниттэн атын күүстээх хирург быраас өрөспүүбүлүкэҕэ суох, күнэ көспөт. Хаһан үөрэххэ докумуоҥҥун туттара киирэҕин? Кытаат, түргэнник туттара оҕус. Күүтэбит, – диэт, Найыына төлөпүөнүн саба тутан кэбистэ. Уол сүрэҕэ үөрүүнэн туолла. Барыта быһаарыллыбыт. «Күүтэбит», – диэтэ. Ити аата күүтэр буоллаҕа. Билигин ийэбэр этиэм. Кылаабынайа, Николай Иванович үчүгэй, этэҥҥэ буолбут, эпэрээссийэ көспөт… Атаҕым табылыннар, төһө эрэ тэҥнээхтэрбин кытта тэҥҥэ сүүрэр-көтөр, оонньуур-күрэхтэһэр этибиний диэн санаатыттан Коля манньыйан ылла. Күүһүгэр күүс, санаатыгар санаа, сүрэҕэр эрэл эбиллэргэ дылы гынна.

Дьиэ ахтылҕана

1

– Хайа, ыаллар, дорооболоруҥ! Туох сонун? – Даарыйа таһынааҕы ыаллара айманан киирэн кэллэ. Таһырдьа кэтэр кылгас истээх сонун, куруолук бэргэһэтин уһулан, аан таһыгар баар мас ыскамыайкаҕа бырахта, кылгас сиэрэй хаатыҥкатын уһулу баттаан, оһоххо өйөннөрө уураат, аһыыр остуол таһыгар турар олох маска лаглаччы олорунан кэбистэ.

– Ыччуу-ычча! Халлааммыт тымныйбыт ахан. Дьэ, аргыардаах ахсынньы, торулуур тохсунньу ыйдарбыт кэлэн эрэллэрэ биллэр.

– Туох сонуннанан бачча эрдэ киирдиҥ? – дьиэлээх хаһаайка Өкүлүүнэ сонурҕаабыттыы ыйытар.

– Аата, эрдэ буоллаҕай? Сэмэниҥ хотонуттан киирэ илик дуо? Ол иһин сарсыардааҥҥы аһылыгы баттаһаары киирбитим. Сэмэн туох үлүгэр эрдэ турар? Сарсыарда алта чааска туран, хотонугар тахсар. Хатыай, кыһын утуйа түһэн баран, аҕыс чааска да тахсыаҕын. Билигин Саҥа дьылтан сүөһүлэргит төрөөн киирэн бардахтарына, сынньалаҥҥыт бүтэр.

– Ээ, чэ, бээ, хотону кэпсэтимиэххэ, хата, сэргэх сонунна тардан кэбис, – Өкүлүүнэ тиэтэтэр.

– Бэҕэһээ дьэ, сонун бөҕөнү истэн, бөлүүн олох аанньа да утуйбатым, – дьахтар, сонуннаах киһи быһыытынан, олоппоһун остуолга чугаһата тардар.

– Чэ, бээ, билигин итии чэй кутуом. Оҕонньор билигин киириэ. Үлэлии тахсыбыт киһини куота чэйдиири сөбүлээбэт, – Өкүлүүнэ остуолун тирээпкэтинэн ньылбы сотон, иһитин тардыбытынан барар. – Бэҕэһээҥҥи соркуойум, хата, баар эбит. Сылытыахха.

– Оо, дьэ, эһиги да кырыйдыгыт. Оҕолоргут улааттылар. Сүөһүгүтүн аччатыа эбиккит. Сүрүнэ доруобуйа буоллаҕа.

Аан аһыллан, туман бөҕөнү бүрүнэн, тымныы салгыны аргытан, Сэмэн, дьиэлээх хаһаайын, икки биэдэрэни таҥкынатан киирэн кэллэ.

– Һуу, хотон сыта бөҕө буолан аҥкылыйан, Сэмэммит хотонуттан киирдэ дуу? – Даарыйа аймана көрүстэ. – Оо, мааны ыал оҕотун, бу дьахтар, хотон киһитэ оҥорон бүтэрбит. Төрөппүттэрэ дэриэбинэ сис, мааны ыала этэ. Кыргыттар, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Сеня уолга ымсыыран аҕай биэрэр этибит, – Даарыйа саһыгыраччы күлэр.

– Эн эмиэ ымсыырбытыҥ дуо? – Өкүлүүнэ күлэр. – Чэ, чэйдиэҕиҥ, хата, Сэмэн, Даарыйабыт сонун бөҕөлөөх кэлэн олорор. Эйигин күүтэн олоробут.

– Туох үлүгэри иһитиннэрээри күүттүгүт? Хас дэриэбинэ кэпсээнин истэр ол мин дьахтар үһүбүн дуо? Чэ, кэпсээҥ, истиэҕи, – Сэмэн олоппостоох кэлэн, остуолга аһыырдыы олорор. Өкүлүүнэ буруолуу сылдьар итии тэриэлкэлээх миини иннигэр ууран биэрэр.

– Дириэктэрбит уола кэргэн ылбыт. Кими ылбытын истиэххитин баҕараҕыт дуо? Сураҕа, Арина Авдеевна сөбүлээбэккэ киирии-тахсыы бөҕө үһү. Уола Саша дьиэтигэр да тохтообокко, кыыс дьонугар ааспыт. Дьиктитэ ол баар, – Даарыйа уоһун чорботуоҕунан чорботон, сибигинэйэ былаан этэр.

– Ээ, чэ, үөннүрбэккэҕин кэпсээн ис. Бүгүн тугу да гыммакка эйигин кэтээн олоробут дуо, дэриэбинэ хас хобун-сибин истээри. Тиэрмэскэ сылаас чэйдэ бэлэмнээ, Гаанньалыын от тиэйэ барыахпыт, – Сэмэн сулбу-халбы чэйин иһээт, остуолтан турар.

– Бу оҕонньор туох буолла? Кэпсээтин ээ. Хас кэлбит-барбыт дьахтары иһиллии олорума да бүттэҕэ дии. Чэйгин бэлэмнээбитим, оһоххо турар. Ол Саша кими ылбытый? Маннааҕы кыыһы дуо? Оттон Шараповтар кыыстарын Эльзаны ыллаҕа дии. Сураҕын иһиттэххэ, сайыны быһа суксуруспуттар дииллэр этэ. Ону дьэ билэн, кэпсээн оҥосто сылдьаҕын дуо? – дьиэлээх дьахтар күлэр. – Пахай, былыргы, сойбут сонун эбит. Кулгааҕыҥ, хараҕыҥ, эчи, бүөлэннэҕэ сүрүн. Ол Арина буоллаҕына, бэйэлээх бэйэм бырааппын кэпсии олороҕун.

– Саамай киһи интэриэһиргиирэ, дьэ, кэллэ. Сэмэммит барда дуо? Чэ, эр дьон аахайбат курдук тутталлар да, кимнээҕэр билбит-көрбүт буолаллар. Хотуой, балтыҥ Арина Авдеевна олох сөбүлээбэт үһү. Ылыа суоҕа диэн эрэнэ сылдьыбыта, кыыһы кэргэн ыларын таһынан, дьиэтигэр да таарыйбакка ааспыт.

– Холбостуннар ээ, ону тоҕо сөбүлээбэт. Кыыс тырымнаан сахаҕа тас көстүүтэ мааны кыыс, өй-санаа, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр. Шараповтары тоҕо сирэр? Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк сис ыала, сүөһү, ас-үөл бөҕө. Икки үөр сылгылаахтар, уонча ыанар ынахтаахтар. Аҕалара Трофим арыгы испэт, дьаһал бөҕө, дьиэ-уот мааны, Марусяны этэ да барыллыбат, үлэһитинэн киниэхэ тэҥнээх дьахтар нэһилиэккэ суох, – Өкүлүүнэ саба саҥарар.

– Өкүлүүнэ, балтыҥ Авдеевна өйдөөх дьахтар сөбүлээбэтэх буолан этэр. Чэ, мин бардым. Сотору мин да иһитиннэрбэтэхпинэ, дьахталлар иһитиннэриэхтэрэ. Аймахтарыҥ буолан, киһини саҥардыбаккын. Оҕолордоох киһи мээнэ улаханнык саҥарбаппын, – Даарыйа таҥнан, ааны күүскэ аһан-сабан, тахсар.

Өкүлүүнэ, иһитин хомуйа охсоот, бэрэскитин буһарарга сананна. Үлэлээбэт буолан, тугу гына олоруой, аныгы үйэ күһэйэн, күн ахсын эт, хортуоппуй, хаппыыста, сымыыттаах ириис бэрэскитин оҥорон, маҕаһыыҥҥа бырыһыаҥҥа туттаран, харчылаһар. Оҕолоро иккиэн устудьуоннар. Уоллара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр буолан, төрөппүттэр иккиэн үлэлээбэт буоланнар, харчыга ыарырҕаталлар, хата, сүөһү иитэр буолан, онон төлөһөллөр. Кини биэнсийэтинэн олороллор. Сэмэнэ биэнсийэҕэ тахса илик. Өссө да биэс сылынан тахсар. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. ИП буолан, түүннэри-күнүстэри биир күн сынньалаҥа суох, олорон көрбөккө үлэлиир.

Сүөһүтүн кыһынын бэйэтэ көрөр. Ынахтар төрүүллэрэ саҕаланнаҕына, сайылыкка тахсыахтарыгар диэри кини ыыр. Оттон сайылыкка Сэмэн бэйэтин эдьиийэ кэргэнинээн ыыллар, хамнастаах ыанньыксыттар аатыраллар. Олорбут да иһэн-аһаан кэбистэхтэринэ, олох да бэйэбитигэр кыһалҕа бөҕөнү үөскэтэллэр. Сэмэн дьонун көрөн-истэн харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһаллар. Атын эдьиий эбитэ буоллар, быраатыгар кыһаллыахтаах, көмөлөһүөхтээх этэ буоллаҕа. Биһиэнэ төттөрүтэ. Эдьиийбит дьаабы дьахтар, иһэрин-аһыырын таһынан, үһүс кэргэнигэр олорор. Үһүөннэриттэн биирдии оҕолоох. Ол оҕолор кыһалҕалара барыта кинилэр үрдүлэринэн. Оскуолаҕа хас харчы хомуура, усунуос кинилэргэ түһээн курдук түһэр. «Сүгүн ииппэт эрээри, тоҕо төрүүллэр» диэн, бэл, оҕолоро сүөргүлүүллэр. Хата, бу үһүс киһитэ урукку кэргэнинээҕэр арыыйда быһыылаах, кэм үлэлэспитэ буола сатыыр, наһаа арыгылаан нэдиэлэни нэдиэлэнэн сүппэт, кэргэнигэр, оҕолоругар кэм үчүгэй сыһыаннаах. Урукку эрдэрэ итирэн баран кырбаан, бөһүөлэги биир гына эккирэтэн сордуур этилэр. Сэмэн дьонун көрөн-истэн, харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһаллар. Хаһан өйдөнөр эдьиий эбитэ буолла? Оҕолоругар да кыһаммат. Сэмэн кыра уолга ымсыырар, ылыан баҕарар. Ону кини сөбүлээбэт. «Кырдьар сааска иккиэн бэйэбит эрэ туспутугар холкутук олоруохха. Туох киһиттэн оҕоломмута, төрүччүтэ биллибэт оҕо. Таһыттан да көмөлөһөрүҥ сөп. Сотору сиэннэр кэлиэхтэрэ», – диэн хааччахтаһарын син саҥата суох истэр эрээри, Сиэнньискэни көрдөҕүнэ, ымманыйар аҕай. Күнү быһа тиэхиньикэҕэ олордо сылдьар. Сайын алта саастаах адаарыйбыт улахан баҕайы уолу, моонньугар олордон баран, дэриэбинэни биир гына кэрийээччи. Уол да убайыгар наһаа үчүгэй. Кимҥиний диэтэхтэринэ, Харитонов Сэмэн Сэмэнэбиспин диэтэҕинэ, Сэмэн олох ууллан хаалар. Уол сирэйэ төгүрүйэн, хараҕа чоҕулуйан, дьүһүннүүн убайыгар майгынныыр. Бэл, иһин өрө анньан тээтэллэн турдаҕына, үүт-үкчү буолааччы. Чаас ырааппыт, маҕаһыыҥҥа барар кэм буолбут. Дьахталлар эбиэккэ баран иһэн таарыччы бэрэски атыылаһан ааһааччылар. Сэмэҥҥэ аҕыйаҕы хаалларыахха, күн ахсын сииртэн салгыбат. «Хайа, бэрэскибит баар дуо?» – диэн лөҥкүнээбитинэн киирээччи диэн, бэрт элбэҕи саныырын быыһыгар Өкүлүүнэ, икки бакыакка толору бэрэски хаалаан, дьиэтиттэн тахсан барда.

2

Аныгылыы быһыылаах маҥан натуральнай тирии дьыбааҥҥа икки иэдэһэ дьэлтэйэ кытарыар диэри кыыһырбыт Арина Авдеевна олорор. Уһун солко халаатын, сотору-сотору өгдөс гынан, көннөрүммэхтиир. Ити уол Шараповтар кыыстарын аны кэргэн ылан бүттэҕэ. Хайдах гынан, киһи мэһэйдэһиэн сөбө эбитэ буолла? Сайын сөбүлээбэтин биллэрбитигэр: «Ээ, мээнэ», – диэн кэбиспитэ. Аахайбатах курдук туттубута. Уонна оннук сылдьан, кыыс оҕууругар иҥиннэҕэ. Бэл, бэҕэһээ кэлэн баран, дьиэтигэр киирбэккэ, таһынан ааспыт. Оттон билигин киэһэ биэс чаас буолла да, сураҕа да суох. Кини бүгүн өрөбүл буолан, ас бөҕөнү астаан мааны уолун күүтэн олорор да, баччааҥҥа диэри дьиэлээхпин диэн, дьиэтин өҥөйөн көрбөтө. Дьэ, үчүгэйдик ити кыыс оҕууругар иҥнибит. Ити киһи, аҕабыт буолуохсут, эмиэ мэлийдэ. Ким эрэ гарааһыгар кэпсэтэ-сэлэһэ олордоҕо. Уолугар олох кыһаммат. Күһүн этэн көрбүтүгэр: «Эдэр дьон арахсыахтара даҕаны, холбоһуохтара даҕаны», – диэн баран күлэн кэбиспитэ. Эдьиийэ Алина эмиэ кыһаммат, бииргэ олороллор ааттаах да, тугу да билбэт, чэ, быһата быраатын көрбөтөх, хонтуруоллаабатах. Бэҕэһээ: «Быраатыҥ ханнаный?» – диэбитигэр, итиннэ, эһиэхэ ини диэн саайдаҕа үһү. Бары да уһуну-киэҥи ырыҥалаабат дьон. «Сыа сиир буолбуппут» эрэ диэн тыллаахтар. Алина бэйэтэ да сааһа ыраатта, сүүрбэ биэһэ буолла, эмиэ биир боростуой, үөрэҕэ суох уолу батыһыннаран аҕалара буолуо. Дьаабы оҕолор. Туох да өй-санаа суох дьоно. Ити уол, дьиэлээхпин диэн, саатар кэлэ сылдьыбат. Биһигини, төрөппүттэрин даҕаны, итинник буоллаҕына, дьонунан аахпат эбит. Аан тыаһын истэн, дьахтар чөрбөс гынна. Дубленка сонун нэлэккэйдэнэн, нуорка бэргэһэтин кэтэҕэр анньынан, аҕалара аҕылаан-мэҥилээн киирэн, аан таһынааҕы биэсэлкэҕэ таҥаһын ыйаан баран, маҥан тирии кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олордо.

– Хантан өлөн-быстан кэллиҥ? Уолуҥ бэҕэһээ куораттан кэлбит ааттаах да, манна төрөөбүт дьиэтигэр, төрөппүттэригэр кэлэ сылдьыбата. Онно саҥа ийэлэнэн, аҕаланан олордоҕо, – Арина кыыһырбытыттан саҥата ибигирээн олорор.

– Ээ, чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Массыынабын көрдөрдүм. Күнү быһа дьыбаан киэргэлэ оҥорон сытыараары гынныҥ дуо? – Василий Иванович сөбүлээбэтэҕин биллэрэр.

– Чэ, эйиэхэ этэн да диэн. Туохха да кыһаммат киһи бааргын дии. Аҕа кынныгар аһыы барыаххын санаталыы олороҕун дуу?

– Эмиэ солуута суох ону-маны лахсыйан бардыҥ. Уолгар оттон эрийиэххин. Ону-маны сэрэйэн көрөн, уорбалыы сатаабакка, – Василий «Кыым» хаһыаты ылан, ааҕардыы кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн, сытынан кэбиһэр.

Арина кэргэнин кыйахаммыттыы көрө-көрө, суотабай төлөпүөнүн ылан, куукунатыгар тахсан, билэр нүөмэрин күүскэ баттаан эрийэр.

– Алуо… Саша… – дьахтар ньиэрбинэйдээбит куолаһынан төлөпүөнүгэр саҥарар.

– Алуо… Маама… Дорообо, туох баарый? – уолун саҥата бу баардыы иһиллэр.

– Алуо, Саша, ханна бааргын? Дьиэҕэр тоҕо кэлбэккин?

– Тиийиэм буоллаҕа дии. Ханна барыамый. Бараары олоробун.

– Кэл, кэл, түргэнник, – Авдеевна төлөпүөнүн түргэн баҕайытык саба баттыыр.

– Баһылай, уолбут билигин кэлэр үһү. Остуолу, чэ, тардыахха.

– Ээ, чэ, тарт бэйэҥ даҕаны. Ол хас буолан кэлэллэр үһүнүй? – эр киһи саҥата саалаттан иһиллэр.

– Хас буолан кэллэхтэрэй? Эльзатынаан кэлэрэ буолуо. Соҕотох кэлэрэ буоллар. Хонор ини. Кэпсэтиэ этибит.

– Чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Хайыы үйэ ыал буоларга быһаарыммыт дьону, ол-бу диэн саҥаран, хомото сылдьаайыккыный? Бэйэлэрэ быһаарыннахтара дии. Эн биһигиттэн ыйытыахтара суоҕа. Дьиэлээх хаһаайка саҥата суох эрдэ сахалыы иһиккэ кутан бэлэмнээбит алаадьытын, эттээх хортуоппуйунан буһарбыт соркуойун, оҕурсунан, помудуорунан оҥорбут салаатын төгүрүк остуолга уурталаан баран, уолун кэтэһэн сыҥаах баттанан олордо. Сотору буолаат, аан аһыллар тыаһын истэн, ойон туран киирэр ааҥҥа ыстанна. Уола соҕотоҕун киирбитин соһуйа көрдө:

– Хайа, соҕотох кэллиҥ дуо? Оттон Эльзаҥ?

– Кэлбэт. Эһигиттэн куттанар. Ийээ, эн сөбүлээбэтиҥ туһунан дэриэбинэ туолбут дии? – уоллара кыыһырбыттыы туттан, нуорка бэргэһэтин, кууркатын дьыбааҥҥа быраҕаттыыр, унтуутун туран эрэ онньоҕунан үктээн туран уһулан, дьиэ ортотун диэки тэбэр.

– Хайа, бу уол туох буолан биһиги үрдүбүтүнэн кыыһыран кэллэ? – ийэлэрэ соһуйа түһэр.

– Уолуҥ олох буорайбыт дии. Киһини таһынан атаахтаппытыҥ хайа аанньа буолуой? Төбөҥ үрдүгэр ытыарбыт уолгун хайдах гынаҕын? – аҕалара сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

– Кэлиҥ, чэ, аһыаҕыҥ, – Арина, аҕаларын сөбүлээбэтэхтии көрө-көрө, дьонун остуолга ыҥырар.

Остуолга олороллор. Уоллара аһаабакка, чэйин сыпсырыйбыта буола олорор.

– Тоҕо дьиэҕэр тохтообокко, кыыс дьиэтигэр үргүлдьү аастыҥ? Уонна, саатар, биһиэхэ эрдэттэн эппэккин. Атын эбитэ буоллар, уол дьоно бастакынан билиэхтээх этибит, – ийэтэ төһө кыалларынан сымнаҕас соҕустук саҥара сатыыр.

– Ийээ, эн Эльзалыын доҕордоһорбун уруккуттан сөбүлээбэт этиҥ. Тоҕо Шараповтары абааһы көрдүҥ? Эһиги иннигитин хаһан туора хаамтылар? Мин көрүөхпэр, бэйэбит курдук боростуой тыа ыала. Арай, эһигиттэн итэҕэстэрэ диэн, анал үөрэхтэрэ суоҕа буолуо.

– Хайа, бу уол туох үлүгэр элбэх саҥаланан кэллиҥ? Шараповтарга үчүгэйдик бэрт буолбуккун, – ийэтэ кыыһыран өрө хабылла түһэр.

– Чэ, сатаан кэпсэтиэ суоххут. Иккиэн да үүт-үкчү дьоҥҥут. Утуйа бардым, – Василий куукунаттан тахсан барар.

– Мин эмиэ утуйа бардым, – уол ойон туран, иннигэр турар олоппоһу сыҕарыта тэбэн, тахсар.

Арина икки ытыһынан төбөтүн хам туттан олорон хаалар. Дьэ эмиэ хараахтара суох эр дьон. Саатар киһини кытта тэһийэн-тулуйан кэпсэппэттэр. Сарсын аны улуус киинигэр, үөрэх управлениетыгар мунньахха барыахтаах. Онтон төһөҕө кэлэрэ биллибэт. Уол сарсыарда ойон тураат, кыыһыгар барыаҕа. Аҕатыттан тутуллубат. Оччоҕо хаһан кэпсэтэбин? Шараповтарга күтүөт буолан бүттэҕэ. Дьиҥинэн, Шараповтар куһаҕана суох аймахтар эрээрилэр, төрүттэрин сөбүлээбэт. Кини төрөппүттэрэ сүөһү үлэһитэ буоланнар, Шараповтары кытта биир сайылыкка сайылыыллара. Ийэтэ ыанньыксыттыыра, аҕата бостууктуура. Сайыны быһа ыалларыттан сэрэхэдийэллэрэ. Эбэлэрэ Арыппыас эмээхсин, баттаҕа ыһыллан-арбайан баран, атах сыгынньах сайылыгы биир гына мэнэрийэн, ытыһын таһына-таһына биирдэ эмэ сүүрэкэлээн аҕай биэрэрэ. Кэргэнэ суох буоллаҕына, ким да туппат этэ. Оҕонньортон куттанар быһыылааҕа, иһэрин көрдөҕүнэ, дьиэтигэр сүүрэрэ. Бу санаатахха, син сымнаҕас эбит. Дьону кыраабат-таныйбат быһыылааҕа. Сүүрэкэлиирэ эрэ, оҕо-дьахтар барыта дьиэлэригэр киирэн ааннарын хатаналлара. «Иирээки» дииллэрэ. Биир күһүн сүтэн хаалбыта. Ким да сүтүктээбэтэҕэ, көрдөөбөтөхтөрө даҕаны. Кэлин ийэлэриттэн ыйыппыттарыгар, оҕонньоро өлбүтүн кэннэ уола Миитэрэй инбэлииттэр дьиэлэригэр букатыннаахтык туттарбыт үһү диэбитэ. Онон, ол Арыппыас барахсан дьылҕата онон түмүктэммитэ.

Билигин ол Шараповтар, нэһилиэк сис ыала буолан, сүөһү-ас ииттэн, байан-тайан олороллор. Ол ийэтин туттарбыт уол кыыһын кыыһа кинилэр кийииттэрэ буолуохтаах. Эльза эһэтэ Миитэрэй буолар. Ити аймахтарга кэлин Арыппыас курдук айылҕаттан атаҕастаммыт сыдьаан суоҕунан суох. Ырытан көрдөххө, сиэннэрэ барыта уолаттар, баҕар, ол иһин буолуо. Дьахтар ыарыыта кыыска сыстар дииллэрэ хайдаҕа эбитэ буолла. Айыы даҕаны, Эльза оннук буолуо дии санаабат эрээри, кыыһы кытта бииргэ төрөөбүт балтылара иккиэн итэҕэстээх төрөөн, аах-маах, мөлтөх аатыран, оскуолаҕа үөрэммэтэхтэрэ. Барахсаттар кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы сыралҕан итиигэ аҥаарыччы көрөн баран, хас күн ахсын маҕаһыынтан килиэп сыһан-соһон сордонон иһэр буолаллара. Анал, тустаах үлэлэрэ быһыылааҕа. Ийэлэрэ кыайан төрөөбөккө оһоллонон, итинник буолбуттар дииллэр да, хайдаҕа эбитэ буолла? Оттон Эльзаны кесаревонан ылбыттар үһү. Оннук буоллаҕына, кыра кыргыттары тоҕо оннук төрөппөтүлэр? Чэ, ону билбит суох. Кыыс ийэтэ Маруся кинини көрдөҕүнэ, олох дорооболоспот, атын сири түҥнэри көрөн ааһар, ол аата сөбүлээбэтин биллэрэр буоллаҕа. Билигин дьэ дьиҥнээхтик холбоһон, ыал буолар буоллахтарына, хайдах буолаллар, сыбаайба тэрийэллэрэ эрэ хаалар. Куоракка төһөлөөх элбэх кыраһыабай кыыс баара буолуой? Биһиэнэ биһиэнин курдук. Эльзаттан атын кыыс суоҕун курдук. Балтыларбын кытта сүбэлэһиэххэ баар этэ. Иккиэн да, кини курдук истэригэр тута сылдьыбат кыргыттар, билбит-көрбүт, нэһилиэк сонунун барытын ким да иннинэ истибит буолаллар. Билигин бассаабынан суруйуохха. Оччоҕо улуус киинигэр тиийиэр диэри сарсын кыргыттара эппиэттээбит буолуохтара.

Сыбаайба тэрийэр буоллахха, куоракка «Хотугу сулус» эрэстэрээҥҥэ тэрийиллиэ, 50 киһилээх. Биһиги аймахтан 30 киһини, Шараповтартан 20 киһини ыҥыртарыллыа. Сөп буолуо, 200—300 киһилээх сыбаайба тэрийэн аарыгырыллыбат. Хайа аанньа халыҥ аймах буолан. Дархаһыйбатыннар. Арина Авдеевна, син туох эрэ быһаарыныыны ылыммыт киһи быһыытынан, иһитин хомуйарга сананан, электрическэй оһоҕун холбоон «чып» гыннарда.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации