Электронная библиотека » Татьяна Находкина » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Булумньу оҕо"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Татьяна Находкина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Витя эбэтиниин Маарыйалыын иккиэн эрэ бүөмчүтүк саныыр кистэлэҥнээх этилэр. Халлаан эрэ итийдэр, ыам ыйын саҥатыттан, кырдьаҕас Игнатьевтар уһаайбаларыгар көһөн барыахтаахтара. Сайын устата дьиэлэрин сөргүтүөхтээхтэрэ. «Уолум төһө да сөбүлээбэтэр, дьиэбитин оҥосторбутугар көмөлөһүөҕэ» диэн эбэтэ эрэнэрэ. Ол ыра санаалара туолбатаҕа. Эбэ эрэйдээх саас муус устар ыйга эмискэ сүрэҕэ тох-тоон суох буолбута. Оскуолаҕа үһүс уруок кэнниттэн, уһун переменаҕа буфекка аһыы олорон, Игнатьевтар эбэлэрэ эмискэ өлбүт үһү диэн оҕолор кэпсэтэллэрин истэн, сүрэҕэ күүскэ баҕайы мөҕүл гыммыта, дууһата кураанахсыйбыта. Кинини таптыыр соҕотох киһи өлбүтэ саныахха ыарахан этэ, эдэр Игнатьевтар туох да буолбатаҕын курдук тутта-хапта сылдьалларын көрдөҕүнэ, ийэлэрин түргэнник умнубуттар диэн сүөргүлүү көрөрө. Оттон кини сылы быһа аһыйбыта, хараҕын уута хас түүн сыттыгын илиппитин таҥара баар буоллаҕына, бэйэтэ билэн турдаҕа. Күн бүгүнүгэр диэри, уоран көрүстэхтэринэ, сүрдээх сымнаҕас илиитинэн баттаҕыттан имэрийэрин, сылаастык сүүһүттэн сыллаан ыларын, илиитигэр хайаан да минньигэс аһы эбэтэр харчы туттарарын суохтуур. Нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэлэригэр кэлэн таҥаһын-сабын бэрийэрэ, абырахтаан да ылара. Мэхээлэни «тоҕо арыгыны эккирэтэҕин?» диэн тылынан мөҕөн-этэн, такайан да биэрээхтиирэ. Мэхээлэ күлэн кэбиһэрэ. «Хаарыан эмээхсин, биһиэхэ биир киһилии сыһыаннаһар киһи суох буолбут» диэн эбэни кини эмиэ улаханнык аһыйбыта. Маарыйа өлбөтөҕө буоллар, кэм көмүскэллээх, дурда-хахха буолар киһилээх, тирэхтээх курдук сананыа этэ.

Оттон билигин арыгыһыт убайыттан ордук аттыгар кимэ да суох. Стасик уһуну-киэҥи эргитэ саныы сытан, чэйэ оргуйан, чаанньыгын хаппаҕа лабыгырыырыттан ойон туран, икки ыстакааҥҥа харата суох кылыгыр ууну кутта. Кураанах килиэби кытта итии уутун сыпсырыйа олордоҕуна, убайа айакалаан-дьойоколоон остуолга кэлэн олордо. Куруутун пии-бэлиириттэн бэйэтэ хара киһи сирэйэ эбии хараарбыт. Стасик өйдүүрүнэн, дараҕар сарыннаах улахан киһи этэ, билигин санна холбойон, аччаан хаалбыт курдук.

– Игнатьевтар чахчы мин аймахтарым дуо? – Стасик убайыттан быһаччы ыйытар.

– Ким инньэ диирий? – Мэхээлэ ахсарбатах курдук туттан олорон хардарар.

– Дьон барыта этэр. Эн эрэ кырдьыгынан кэп-сээбэккин… – Стасик убайын хотон ылар.

– Дьэ, билбэтим. Хас көссүү оҕотун барытын аймаҕырҕаан истэххэ киһи барыта уруу-аймах буолар ини. Булумньу оҕо элбэх буоллаҕа, – убайа бөлүһүөктүүрүн сөбүлүүр. ¥өрэхтээҕэ буоллар орто сүһүөх салайааччыта буолуох киһи хааллаҕа.

– Уруй буоллун, улуу дьоҥҥо! – Ника үөнүгэр чиэс биэрбитинэн чиккэлдьийэн киирэн кэллэ. Бүгүҥҥү күннээҕи үлэтэ саҕаланнаҕа.

– Улуу пиибэһиттэргэ диэххин, – Мэхээлэ аһыы утахтарын булар-талар табаарыстара кэлбититтэн үөрбүтүн кистии барбат.

– Убайым абырахха наадыйа олороҕун быһыылаах да, бүгүн булар-талар күүс-сэниэ суох, сиэп кураанах, илии татым, дьоҥҥо-сэргэҕэ хаһыытыыр харчы суох, пенсия мэлигир. Хата, биир соһулла сылдьар үчүгэй сонуннаахпын. Бэҕэһээ киэһэ мантан баран иһэн социальнай үлэһити Вера Иннокентьевнаны көрсүбүтүм. Ыаллар уһаайбаларын, кыбыыларын ырааста-таары, хортуоппуйдарын олортороору гыналлар эбит. Ону улаханыттан-кыратыттан көрөн 300-тэн 500-кэ диэри сыана быспыттар. Биһиги үһүөн, Колябытын ылан, биригээдэ тэриммэппит дуо? Харчы диэн ити буоллаҕа, – Ника кэпсиир сонунун дьоно интэриэһиргээн истэллэриттэн астынан, эбии тэптэн, хараҕын өрө көрөн кэпсиир.

– Кимнээх ыраастаталларын хантан билэбит? – Стасик хоруоскалаах килиэбин хачыгыраччы ыстыырын быыһыгар ыйытар.

– Вера Иннокентьевнаҕа эрийэн билиэххэ сөп, билсээриҥ диэбитэ. Убайбыт пенсията хаһан кэлэр этэй?

– Эмиэ мээнэ тыллааҕымсыйан эрэҕин. Хата, биир эмэ ыал уһаайбатын ыраастаан пиибэтэ, табахта булан аҕал, ол ордук буолуо, – Мэхээлэ сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, ыстакаанын күүскэ антах анньар, остуолуттан туран, үгэһинэн, оронугар тиэрэ түһэн сытар.

– Ол мин ыал кирин-хоҕун ыраастыыр хамначчыппын дуо? Ону баара «хачыгырдар» аны суохтар, – Ника мээнэ-мээнэ тыллаһарын тохтоппот, сүүһүн саба түһэр уһун баттаҕын тарбахтарын сараадытан өрүтэ аспахтыыр.

– ¥өрэҕэ, үлэтэ суох буоллаххына, дьоҥҥо хамначчыттыыртан ордук туох үлэни булуоххунуй? Ити мин быраатым кими эрэ абыраан олох олорор курдук сананан сүгүн үөрэммэтэҕэ. Билигин күн ахсын «тугу гынабын?» диэн төбөтүн сынньар. Бу мин кэппин кэтэн уһун оту оттообото буолуо!

– Итиччэ үлүгэр өйдөөҕүмсүйэр эрээригин, тоҕо эн чөл олоҕунан олорбокко, арыгыһыт буолбуккунуй? – Ника сураһар.

– Дьон иккис суортаахтара, бүтүҥ эрэ. Хата, Ника, Колябытын булан, бүгүн тугунан дьарыктанарбытын толкуйдуохха, ол ордук буолуо. Ити киһи куолулууруттан атыны тугу да сатаабат, – Стасик ойон туран, ааны тэлэйэ аһаат, тахсан барар.

– Стасик, тохтоо, кэпсэтии баар, – Ника батыһан суксугулдьуйан тахсар.

– Туох баарый? Атаһым бүгүн тоҕо үөрдүҥ-көттүҥ? Бэҕэһээҥҥигэ диэри хара сарсыардаттан өлөн-өһөн нэһиилэ сүөдэҥнээн кэлэр этиҥ дии.

– Бүгүн Витя күнүскү аһылыкка ыҥырбыта. Дьоно суохтар, куораттаабыттар, киэһэ биирдэ кэлэллэр үһү.

– Бэрт эбит. Итиччэ үчүгэй сонуну мааҕыҥҥыттан тоҕо кэпсээбэккин? – Стасик үөрэ түһэр. – Табаарыспыт үчүгэйдик аһатар ини.

Дэриэбинэҕэ киһи хараҕар быраҕыллар икки этээстээх евроматырыйаалынан бүрүллүбүт, кырыыһата кыһыл ондулинынан сабыллыбыт коттедж дьиэ үрдүк хаптаһын олбуоругар хаһаайыннар курдук туттан киирдилэр. Витя саҥа турбут быһыылаах, сыҥааҕырдаан көрүстэ.

– Хайа, дорообо, быраат, кырдьаҕастарыҥ куораттаатылар дуу? – Стасик киэптии туттан икки илиитин сиэбигэр уктубутунан дьиэни куукунаттан саҕалаан кэрийбитинэн барда. – Витюшка, аһат эрэ, остуолгун тарт. Куттаныма, тугу да уоруохпут суоҕа.

– Биһиги уоруйахтар буолбатахпыт. Баара-суоҕа көрүүтэ-истиитэ суох уулусса оҕолорунабыт, – Ника, үчүгэйи эппит киһи быһыытынан, бэйэтэ-бэйэтиттэн астынан күллэрэстээн ылла.

– Мин 10 чааска консультацияҕа барыахтаах этим, – Витя холодильниктан халбаһы ылан кырбыы туран иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата.

– Биир күн барбатаххына туох да буолуоҥ суоҕа. Витя, эбэҥ Маарыйа эмээхсин хас сааһыгар өлбүтэй? – Стасик саҥата саалаттан иһилиннэ.

– Билбэтим ээ, сэттэ уонун ааһан баран буолуо.

– ¥чүгэй эмээхсин этэ. Кыра-хара дьону аһынара. Мин эһэлээх эбэбин кытта бииргэ үөскээбит буолан миэхэ кыһанара. Бэйэм өйдүүрбүнэн кини эрэ миигин сөбүлүүрэ… Витя, ону эн туох дии саныыгын? – Стасик остуолга аһыырдыы кэлэн олорор.

– Билбэтим, – уол ыгдах гынар.

– Онтон мин билэбин. Эн эһэҥ мин аҕам үһү. Кырдьан баран оҕонньор мин ийэбэр оҕо оҥорбут, онон мин эн аҕаҥ бииргэ төрөөбүт быраата буолабын.

– Ону эн хантан билэҕин? – Ника соһуччу сонунтан айаҕын атан баран олорор.

– Коля быйыл саас кэпсээбитэ. Кинилэр дьиэлэригэр эр дьон арыгылыы олорон куолулуулларын истибит. Мин бэйэм да «үһү» диэн дьон кэпсэтэллэрин онон-манан истэн эрдэттэн удумаҕалатар этим. Билигин дьэ чахчытын биллим, – Стасик сирэйин хоргуппут кыра оҕо курдук туттар. – Маарыйа эрдэ өлбө-төҕө буоллар, мин дьылҕам атыннык салаллыа этэ. Кини миэхэ куруутун кистии-саба көмөлөһөрө: күрэхтэһиилэргэ бырайыаспын төлүүрэ, таҥас атыылаһан биэрэрэ. Биирдэ «Россия» диэн суруктаах спортивнай көстүүм ылан бэлэхтээбитигэр, оҕо барыта ымсыырбыта… Кырдьаҕас дьон син 90 саастарыгар диэри олороллор ээ. Миигин таптыыр дьон бары кылгас үйэлэнэллэр, эһэлээх эбэм, 60 саастарын эрэ туолаат, утуу-субуу барбыттара. Ситэри ииппэтэхтэрэ, оҕо дьиэтигэр биэрбиттэрэ буоллар ордук буолуо этэ. Оччоҕо, баҕар маннык аһыыр-аһаабат ускул-тэскил сылдьыам суоҕа этэ.

– Стасик… онтон эн Сэмэн Сэмэнэбискэ этиэххин, – Ника соһуйбута ааспат, хараҕын муҥунан көрөн олорон икиэннэрин хардары-таары көрбөхтүүр.

– Билбэтэ буолуо диигин дуо? Мин курдук аймахтаныан баҕарбата чуолкай. Быраатым, чэ, аһат. Убайгын саатар эн билиннэххинэ табыллар.

Уолаттар илиилэрэ тэриэлкэҕэ толору өрөһөлөммүт халбаһыга, туустаах сыаҕа, сыырга быыстала суох барар. Төлөпүөн тохтоло суох тыаһаабытыттан Витя баҕарбатар да ылан истэр.

– Алуо, Витя, эн дуо? Консультацияҕа тоҕо барбатыҥ? – эдьиийин Марианна Илларионовна саҥата аттыгар бу баардыы өрө чаҥкыныы түстэ.

– Утуйан хаалбыппын. Эбиэттэн киэһэ барыам.

– Ол иһин сэрэйбит сэрэх. Оччоҕо итиннэ Стасик баар буолаарай?

– Суох… Тоҕо манна кэлиэй? Дьиэтигэр ини… – Витя сибилигин харытыттан харбаппыт уоруйах курдук сирэйин мырдыччы тутунна, бэл, кэлэҕэйдэтэлээн ылла.

– Сибилигин ааҥҥын хатаан манна кэл.

– Тоҕо?… Эбиэттэн киэһэ консультацияҕа барыам. Онтон дьонум да кэлэллэр ини, – Витя иннин биэрбэт, итииргээн, эбиитин эдьиийиттэн муннукка ыктарыллан, сүүһүгэр көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын туора-маары сотунна.

– Уолаттары мунньуоҥ. Эбэтэр мин итиннэ тиийэбин дуо?

– Сөп, чэ, билигин эһиэхэ тиийиэҕим, – уол төлөпүөнүн тыастаахтык остуолга уурар.

– Барыахха, Ника. Арааһа үүрүлүннүбүт быһыылаах. Ол Марианна Илларионовна диэн сүрдээх айдааннаах дьахтар. Биһигини уоран-талаан дьиэҕэ киирбиппит курдук дэриэбинэҕэ кэпсээн бөҕө ыытыаҕа. Онтон Витюшка, эн, киэһэ биһиэхэ тиийээр.

– Дьонум ыыппаттар. Ийэм кэтиир.

– Урут син тиийэр этиҥ. Билигин бэйэҥ баҕарбаккын, – Ника куйаабылланан туран табаарыһыгар тылбай-өспөй буолар.

– Быраатым Витя, биэс тыһыынчаны хантан да бул, киэһэ баар гынаҕын. Эбэтэр хаан убайгын хаайыыга ыытаҕын дуу? – Стасик дьиэҕэ киириэҕиттэн син элэккэй соҕустук кэпсэтэ турбут буоллаҕына, хайыы-үйэ куруубай хаанын киллэрэн, хараҕа кырыыланан, кытаанахтык быһыччы көрөрүттэн Витя сиһэ кэдэҥнээн ылла.

– Хантан булуомуй? – Витя бэйэтигэр эрэлэ суохтук хардарар.

– Ол эн бэйэҥ проблемаҥ. Бүгүн харчыны булан тиийбэтэххинэ, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Биһигинниин тэҥҥэ оҥорбут хара сырыыларгын барытын кэпсээн биэриэхпит, кэннэ кэтинчэ да буоллун. Эппиэттиир буоллахпытына, бары биир муостаҕа туруохпут, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай. Ника биһикки диэн… Бэркэ гыннар түрмэҕэ симиэхтэрэ. Оннук буолбат дуо, Витя?… Ааспыт сырыыга оскуола буфетын дьиэтигэр киирэрбитигэр буфет күлүүһүн иккис тылын биһиэхэ булан таһаарбыккын, кылааһыҥ салайааччытын сотовай төлөпүөнүн сып гыннаран тиксэрбиккин, оскуола микроавтобуһун угоннуур түүн бииргэ сылдьыспыккын, хайа оҕо хармааныгар харчы-лааҕын билэн биһиэхэ тиксиһиннэрэргин, оскуола баһаарынай аанын эрдэ аһан кэбиһэргин, онтон да атын баракаастаргын барытын кэпсиэхпит. Эн ааккын ханна да ааттаабакка, бэйэбит кэтит көхсүбүтүгэр саһыара сылдьабыт, онон нэһилиэккэ күлүгээн, баппат уолаттар биһиги эрэ аатырабыт. Онтон эн чыычаах тумсун саҕа да буруйа суох бэрээдэктээх мааны уолгун. Биир кэлим экзаменыҥ муннуҥ анныгар ыган кэлэн турдаҕына, буруйгун чөмчөччү ыраас мууска ууруохпут. Дьоҥҥор ону кэпсээ, оччоҕо дьонуҥ бэйэлэрин ааттарын харыстаан да биэриэхтэрэ.

– Ийэм бэрдэриэ суоҕа, ол кэриэтин айдааны тардыа… Уонна… мин… бэйэм баҕабынан… оҥорботоҕум, – Витя, Стасиктан төһө да салыннар, утарсан көрөр.

– Эйигин ким да күүһүнэн илдьэ сылдьыбатаҕа. Баҕарбатыҥ буоллар, биһиги хамаандабытыгар сыстыаҥ суоҕа этэ, – Ника саҥата суох турбат.

– Эһиэхэ биэс тыһыынча диэн биһиэхэ биэс солкуобай көстөрүн курдук буоллаҕа. Чэ, мин эттим – эн иһиттиҥ, – Стасик түөһүн мөтөтөн, кыайбыт-хоппут курдук чыначчы туттан, ааны атаҕынан тэлэччи аһан тахсан барда. Ника, мин тугу да билбэппин диэбиттии, ыгдах гынна, Витяны санныга таптайбахтаат, табаарыһын кэнниттэн суксугулдьуйа турда.

Уол уу-хаар баспыт хараҕын туора-маары сотторун быыһыгар, саалаҕа киирэн, дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытта. «Хайдах гынан бу дьыалаттан төлөрүйэбин.

Хантан харчы булабын? Арай… Аҕабар эттэхпинэ… Биэс тыһыынча солкуобайы булар ини. Бүгүн хайдах быыс булан ону этэбин. Стасикка сарсыҥҥа диэри күүт диэн этэн көрүүһүкпүн. Эдьиийим кэлиэн иннинэ дьиэттэн бара охсуохха», – Витя быһаарыммыт курдук сананан арыый чэпчии быһыытыйда, түргэн соҕустук хомунан, үрүссээгин сүгэн, дьиэтиттэн тахсан барда.

IV

«Судзуки Эскудо» омук массыыната сыыйылыннаран кэлэн дьиэ таһыгар тохтоото. Алевтина Илларионовна массыынаттан улахамсыйа туттан чочоһуйан тахсан дьиэтин аанын күлүүһүнэн аһан халыгыратан киирдэ. Тута куукунаҕа ааста. Остуолга үс киһи аһаа-бытын билэ охсоот, холодильнигын аһан көрө оҕуста. Кэргэнэ түөһүллэн киирэн иһэрин көрөн аймана көрүстэ:

– Көрбөккүн дуо, манна мустан аһаабыттар. Бука, Стасик буолуо.

– Уол эдьиийигэр барыахтаах этэ буолбатах дуо? – Сэмэн Сэмэнэбис хардары холкутук ыйытар.

– Аһаабыттар диибин буолбат дуо? – дьахтар төлөпүөнү ылан күүскэ баттаан эрийэр. – Алуо, эдьиий, итиннэ Витя баар дуо? Суох даа… Оччоҕо ханна барбытай? Сэрэйбит сэрэх… Ол Стасик кучуйдаҕа. Саҥа кэллибит, сарсын кэпсиэм… Чаас да ыраатта. – төлөпүөнүн туруупкатын тыастаахтык уурар.

– Хайа, эдьиийиҥ туох диирий? – Сэмэн Сэмэнэбис ыстакааныгар тымныы чэй кутта туран ыйытар.

– Сарсыарда консультацияҕа сылдьыбатах. Кини кэлбитигэр аан хайыы-үйэ хатааһыннаах үһү. Стасиктаахха буолуо, баран уолгун аҕал.

– Барбыт буоллаҕына, маннык уһуннук дьиэҕэ олорботулар ини, сиргэ бардахтара… Чэйгин сылыта уур, баар буоллаҕына билигин түргэнник кэлиэхпит, – аҕалара бэрт холкутук туттан тахсан барда.

Мэхээлэлээх дьиэлэригэр омугун массыынатынан начаас элээрдэн тиийдэ. Пиибэ, табах, эбиитин кир сытынан тунуйбут дьиэҕэ киирэн кэллэ. Хараҥа дьиэҕэ хараҕын үөрэтэн балачча дарайан турда, аан таһыгар выключатель турарын көрөн уоту холбообутугар дьиэ иһэ, соҕотох лаампа да буоллар, сырдыы түстэ. Мэхээлэ соҕотоҕун утуйа сытар. Балачча күүскэ санныттан тардыалаабытыгар уһуктан, баттаҕа арбайан, сирэйэ-хараҕа салбаҕыран, оронугар нэһиилэ сүөдэйэн олордо.

– Мэхээлэ, дорообо, уолаттар ханналарый? Витя кэлэ сылдьыбыта дуо?

– Сэмэн Сэмэнэбис эбиккин дуу? Витя баара, киэһэ аһаан баран ханна эрэ барбыттара.

– Ханна барабыт диэбиттэрэй? Күнүс биһиэхэ аһаабыттар, – Сэмэн Сэмэнэбис кэпсэтэрин быыһыгар чинчилиирдии дьиэни биир гына тилийэ хаама сырытта.

– Миэхэ эппэттэр. Пиибэ булан аҕаллахтарына бэриһиннэрэбин. Онтон атын кинилэрдиин сибээстэһэрим туох да суох, – Мэхээлэ туран оһох курунньугуттан харааран, өҥө-дьүһүнэ биллибэт буолбут чаанньыктан чэй куттан, сыпсырыйан испитэ буола олордо. – Ар-ба, Сэмэнэптэр ааттарын наар ахталлар этэ. Харчы төлүөхтээхтэр диэн өйдөөбүтүм.

– Ол туох харчытын? – Сэмэн Сэмэнэбис кыйахаммыт куолаһынан ыйытар. Онтон тугу эрэ ыйытыах курдук туттан иһэн кэлэйбиттии сапсыйан кэбиһээт, хара тирии соно тэлээрэн тахсан барар. «Ханна барыахха? Сэмэнэптэргэ бара сылдьыахха дуу? Иэстээх буоллахтара… Баран билиэххэ». Сэмэн Сэмэнэбис мас-сыынатын уруулун дьиэтин диэки салайыах курдук гынан иһэн эрийэ тутта. Сотору профлииһинэн үрдүк гына олбуордаммыт металлочерепица кырыыһалаах, тыа сиригэр куораттыы тутуллубут дьиэҕэ тохтоото. Олбуор кэлииккэтин саҥа аһыах курдук туттан истэҕинэ, сүрдээх улахан овчарка ыт сыабын кылыгырап-пытынан өрө баргыйа түстэ. Киирбэккэ чугуруҥнуу турдаҕына, дьиэлээх хаһаайын Иннокентий саҥата иһилиннэ:

– Казбек, тохтоо, сыт. Кимҥиний? Сэмэн Сэмэнэбискин дуо? Киир, киир… ытырыа суоҕа.

– Иннокентий Григорьевич, дорообо, тугу кэпсээтиҥ? – Сэмэн Сэмэнэбис хаһаайын таһырдьа баарыттан эрдийэн, чугуруҥнаабакка киирдэ. Ыт да киниэхэ наадыйбакка, кутуругун купчуччу туттан, туох эмэ баара буолаарай диэбиттии, аһыыр иһитин тиҥсирийбитинэн барда.

– Суох, туох да сонун суох. Бу эн ханна массыыналанан бардыҥ? – Иннокентий сахалыы моһуоннаахтык оҥоһуллубут тэрээсэтин кирилиэһигэр табахтыы олорон ыйытар.

– Альбина Афанасьевна баар дуо? Киниэхэ наадалаах буолан кэллим, – ыалдьыт дьиэлээх хаһаайыны кытта кэккэлэһэ олорор.

– Альбина, эйиэхэ наадалаах киһи кэллэ.

– Кимий ол?… – Альбина Афанасьевна кыраас-каламмыт баттаҕын былаатынан ыга баанан, кылгас чаҕылхай халаатын курунан быакагар биилин ыга эринэн, уһун сототун эрийэ үктээн тахсан кэллэ. – Хайа, Сэмэн Сэмэнэбис эбит дуу? Туох баарый? Бачча түүн туох үлүгэрдээх дьыалатын тоҕо көтөөрү миэхэ наа-дыйдыҥ?

– Билигин куораттан кэллибит. Уолум Витя дьиэтигэр суох.

– Ону биһиги хантан билиэхпитий, тоҕо Альбинаттан ыйытаҕын? – дьиэлээх хаһаайын кэпсэтиигэ орооһор.

– Иннокентий, эн орооһума эрэ. Сэрэйдэххэ, били Стасиктаах маҕаһыыны халаабыт дьыалалара буолуо. Сарсын сроктара туолар. Ол эрээри онно Витя суоҕа ээ, – дьахтар тыҥыраҕын пилканан аалына туран ыйытар.

– Мэхээлэҕэ сырыттым. Уолаттар суохтар. Эн ааккын ааттаан кэпсэтэллэрин истибит этэ, ол иһин, баҕар, тугу эмэ билэрэ буолуо диэммин ыйытабын.

– Стасик аҕыйах хонуктааҕыта биһиги маҕаһыыммыт аанын тоҕо тардан биэс тыһыынча солкуобайдаах пиибэ уонна бородуукта ылан барбытын сигнализациябыт үлэлээн харытыттан быччаччы туппуппут. Нэдиэлэ иһинэн төлөөбөтөххүнэ милииссийэҕэ туттарыахпыт диэн куттаабыппыт.

– Онон?.. – Сэмэн Сэмэнэбис иккиэннэрин хардары-таары көрөр.

– Тугунан төлүөҕэй?.. Маҕаһыыммытын кэҥэтэн эбии тутуу ыыта сылдьабыт, онно үлэлэтиэхпит. Онтон онно эн уолуҥ туох сыһыаннааҕын билбэппин, – дьахтар эргичис гынаат дьиэтигэр киирэн хаалла.

– Соҕотох уолгун хонтуруоллуоххун. Оҕону түүннэри сырытыннарар туох да үчүгэйи аҕалбат, – дьиэлээх хаһаайын куолулуурдуу оҥостон сото кэбиһэн олордо.

– Чэ, покаларыҥ, – Сэмэн Сэмэнэбис иһигэр төһө да өһүргэнэ санаатар, бэйэтин кыана туттан, массыынатыгар барда.

Дьиэтигэр кэргэнэ икки хараҕа бүөлэниэр диэри кыыһыран, куудара баттаҕа арбайан, силбиэтэнэ көрүстэ. Айаннаан кэлбит мааны көстүүмүн уларыттыбатах, биир кэм тарбахтарын мускуна-мускуна төттөрү-таары хаама сылдьар. Витята Стасиктаах Никалыын үһүөн суохтарын истэн эбии айманна.

– Стасик кучуйан илдьэн, тугу эрэ оҥотторон, оҕобун тэбэр буолла быһыылаах.

– Чэ, наһаа айманыма. Витя наһаа акаары буолбатах. Син тугу эмэ тобулан сылдьар ини, – Сэмэн кэргэнин санаатын бөҕөргөтөн уолугар эрэнэрин биллэрэр.

– Өйүүн нуучча тылыгар биир кэлим экзамена буолар. Онтон уолбут суох. Хайдах буолабыт? Маргарита Гаврильевнаҕа биллэрэрбит дуу? – дьахтар кэргэнин диэки ыйытардыы көрөр.

– Ээ, бээ, тохтоо. Түүн да уһун. Сотору кэлэр ини, – Сэмэн, төһө кыалларынан, холкутук туттан, кэргэнин уҕарытарга дьулуһар.

– Оҕобун эрэ тыыппаталлар ханнык. Стасиктаах Ника уһун кутуруктарыгар сөрөнөн ханна-ханна тиийээхтиир? Ити киһи олох кыһаммат. Бэрт киһи оҕоҕун көрдөөбөккөҕүн утуйан оҥторо сытар инигин, – Алевтина куолаһа эйэҥэлээн сибилигин ытыах курдук буолла.

– Бастакы сырыытыгар дылы туох ааттаах долгуйдуҥ? Куруутун түүннэри сылдьан сарсыарданан кэлээччи буолбат дуо? Хойутаан кэлэрин кистээн, наар эрдэлэтэн этэҥҥин, бэйэҥ иитиэхтээбит дьыалаҥ. Дьэ кэлэн аймаммыта буола олороҕун. Киһи биирдэ эмэ буойаары гыннаҕына, көмүскэһэн, ытамньыйбытынан бараҕын. Миигиттэн, төрөппүт аҕатыттан, көҥөнөҥҥүн олох орооһуннарбакка уолгун ииттиҥ. Аҕа быһыытынан куоласпын иһитиннэрбэтэх буруйдаахпын, – эр киһи кытаанах саҥатыттан дьахтар, киһи эрэ буоллар, бэйэтин буруйдана санаан, утарсыбакка, дьыбааҥҥа умса туттан сыҥыргыы олордо.

– Аһаабаппыт дуо? – Сэмэн «Мечта» оһоҕун холбоон чэй сылыта уурда.

– Аччыктаабыт буоллаххына, бэйэҥ дэлбэрий. Ити барыта эн аҕаҥ үөнэ-күрдьэҕэтэ. Өлөн да баран сүгүн сыппат. Кини ыамата оҕобор куһаҕан эрэ өттүнэн дьайар, – Алевтина кэргэнигэр туһаайан саамай ыарыылааҕа буолаарай диэн кыһыылаах тыллары быраҕаттыы олордо.

– Онтон Стасикка биһиги төһө үчүгэй өттүнэн дьайдыбыт? Атын эбитэ буоллар соҕотох оҕобутугар ханыы оҥосторбут хаалбыт. Ийэм эрэйдээх төһө эмэ этэ сатаахтаабытын истибэтэхпит, – эр киһи кэргэнигэр буруолуу сылдьар кофены ыстакааҥҥа кутан аҕалан биэрэр.

– Ол аата хайдах? Иитэ ылаары гынаҕын дуо? – дьахтар соһуйан хараҕын өрө көрө түстэ. – Ол-бу буолума. Стасик аҥаар да атаҕа мин дьиэбин атыллыа суоҕа. Оннук үлүгэр ол уолунан тууһугурбут буоллаххына, бэйэҥ бырааккын илдьэ туспа бар. Эбэтэр мин Витябын илдьэ куоракка көһөн киириэм. – Алевтина, кэргэнигэр эрдэттэн суос бэринэн, ытаан, икки санна дьигиҥнээн барда.

– Олус даҕаны киһи тылын истибэккин. Маҕаһыыҥҥар пиибэни атыылаама диэн хаста эттим. Пиибэтэ да суох бородуукта уонна хаһаайыстыбаннай табаар атыылаан барыстаахтык үлэлиэххэ сөп. Билигин куруутун дьон саҥатыгар сылдьабыт. Киһи дьону да кытта сатаан кэпсэппэт. Баһылыгым уонна хонтуора үлэһиттэ-рэ «өстөөх» курдук көрөллөр. Нэһилиэккэ куһаҕан түбэлтэ таҕыста да, айахтара кытара түһэр, киһи барыта эн пиибэ атыылыыргыттан иҥнэр. Ааспыт сырыыга баһылык «нэһилиэк дьаһалтата буоларбытынан бука бары бииргэ тутуспутунан чөл олох иһин үлэлиэхтээхпит» диэбитигэр планеркаҕа баар дьон мин сирэйбин-харахпын кэтээбиттэрэ. Стасиктан куруутун өлбүт-быстыбыт буолаҕын да, урут бастаан бэйэҥ пиибэ атыылыыргын тохтот, аны мин пиибэҕин таһарбын тохтотобун. Оҕоҥ Стасиктан бэрээдэгэ ыһыллар буолбатах, ала-чуо биһиги маҕаһыыммытыгар пиибэ атыылыырбытыттан араас кыһалҕаҕа киирэр уонна онтон эрэйдэнэр. Онон инникитин хайдах буоларгын бэйэҥ толкуйдан. Мин дьиэбиттэн ханна да барбаппын. Оттон бырааппын Стасигы киһи гынарга бигэтик бы-һаарынан олоробун. Быйыл манна олордон киэһээҥҥи оскуолаҕа уон биирис кылааһы бүтэттэрэн баҕалаах үөрэҕэр киллэриэм. Биир сыл манна олорорун тулуйаргар тиийэҕин. Чэ, мин утуйа бардым. Витя кэлиэҕэ, туох да буолуо суоҕа. Эн да утуйуоҥ этэ, – Сэмэн Сэмэнэбис кэргэнигэр ис санаатын барытын этиэхтээҕин дьаархана сылдьыбытын толору этэн, бэйэтиттэн бэйэтэ астынан, сүрдээх холкутук туттан утуйар хоһугар киирдэ.

– Тохтуоҥ… Бу эн эрэ дьиэҥ буолбатах. Ааҕыстахха, бу дьиэҕэ эйигиннээҕэр мин көлөһүнүм элбэх тохтубута буолуо, – Алевтина кэргэнин кэнниттэн хаһыытаан тыл бырахсан хаалла. Дьиҥинэн, төһө да билиниэн баҕарбатар, кырдьык, пиибэ атыылаан сыыста. Күн ахсын пиибэттэн сылтаан уот ортотугар сылдьар. Эбиитин пиибэ бэйэтин дьиэтигэр булгуччулаахтык киирэн эрэр. «Уолун, дьиэ кэргэнин быыһыан наада. Онон айдаан дириҥии илигинэ тохтуохха сөп буолла. Бэҕэһээ Николаевтар ийэлэрэ саҥаран тахсыбыта. Көрдөххө, чуумпу баҕайы курдук эрээри, саҥалаах баҕайы эбит. «Бэйэҥ уол оҕолоох эрээри сокуоннай саастарын ситэ илик оскуола оҕолоругар пиибэни биэрэргин билбэт үһүбүн дуо? Бу оҕолор иһэн баран араас куһаҕан баракаастары оҥоруохтара диэн төбөҕөр да оҕустарбаккын. Эйиэхэ харчы эрэ киирдин. Пиибэ атыылааһынынан үлүһүйбүтүҥ кэлин бэйэҥ ыччаттаргар түһээрэй. Биһиги иһэр-аһыыр уолаттардаах эрэ дьон харахпыт уутунан суунуохпут суоҕа, эн эмиэ уоллааххын. Былыр-былыргыттан дьон көлөһүнүн ыган ааттарын билбэт буола байбыт Сэмэнэптэри эккирэтэҕин да, кинилэр киэҥ хардыыларын сиппэтиҥ буолуо. Эн боростуой ыалтан төрүттээх киһи, уолуҥ инникитин санаан, дьон кыһалҕатын өйдүө да эбиккин», – диэн кутан-симэн, ол быыһыгар ытамньыйан ылбыта. Даарыйалыын, ийэлэрэ ыанньыксыт буолан, биир сайылыкка үөскээбиттэрэ. Онон этэр эттэҕинэ барыта сөп курдук. Ийэлэр эрэйдээхтэр оҕонон олоробут, бу түүннэри утуйбакка хаамыталыы сырыттаҕым. Оҕонньорум, үөлээннээҕим этэллэрэ оруннаах курдук. Кырдьык, тохтоотоххо да сөп буолара буолуо. Этэллэрин курдук, хаһаайыстыбаннай маҕаһыын тэринэн, тутуу матырыйаалларын аҕалан, дэриэбинэни тупсаран тутууга экономист оҕонньорбор көмө-тирэх буоларым дуу? ¥чүгэй өттүгэр оҕуннахха, оҕом ону көрө сылдьан, наһаа куһаҕаҥҥа умньаммат ини».

Алевтина бииртэн-биир санааны сыымайдыырын быыһыгар, аан аһыллар тыаһын истэн, киирэр ааҥҥа ыстанна. Уола аан таһыгар санньыйан турарын ийэлии хараҕынан баһыттан атаҕар диэри чинчилиирдии көрө охсон ылла. Ханан да көҕөрүү, кырбаммыт, пиибэ испит сибики суох, таҥаһа буор-сыыс буолбатах.

– Хантан кэллиҥ? Чаһыны көрбөккүн дуо, икки чаас буолла. Төрөппүттэриҥ эн бэйэлээҕи күүтэн утуйбакка олоробут. Күлүгээн Стасигы эккирэтэ сылдьаҕын. Кини эйигин үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа диэн хаста эттим, – Алевтина уола туох да бааһа-үүтэ суох кэлбититтэн үөрэ да санаатар, суолтатыгар мөҕөн күлүбүрэттэ.

– Аҕам ханнаный? – Витя урут аҕатыгар улаханнык наадыйбат буоллаҕына, тоҕо эрэ бүгүн ала-чуо айбытын ыйыппытын ийэтэ дьиктиргии иһиттэ.

– Туох баарый? – аҕата хоһуттан тахсан, уһуннук кэпсэтэрдии оҥостон, кириэһилэҕэ киэптии олорунан кэбистэ.

– Аҕаа, Стасик табыллыбата…

– Хайдах?… – дьиэлээхтэр соһуйан иккиэн тэҥҥэ саҥа аллайдылар.

– Киэһэ сөпкө кэлиэхтээх этибит. Матасыыкылбын мин бэйэм ыытан испитим. Онтон Сытыган уонна Ыарҕа сайылыктар икки ардыларыгар техника суолу хаһан кэбиһэн, бадараана бэрт буолан, үһүөн мата-сыыкылбытын анньан тахсан истэхпитинэ, тыа саҕатыттан түөрт холуочук уол ыстаҥалаһан тахсан кэлбиттэрэ. «Массыынабыт алдьанан сатыы иһэбит, бэҕэһээҥҥиттэн аһаабакка сылдьабыт, туох эмэ астааххыт дуо?» диэн бастаан киһилии ыйыппыттара. Онтон аспыт суоҕун билэн баран, «оччоҕуна матасыыкылгытын уларсыҥ, дэриэбинэттэн бородуукта ылан кэлиэхпит» диэбиттэрэ. Ника биһикки кыттыспакка саҥата суох турбуппут. Оттон Стасик «биэрбэппин» диэбитин сөбүлүү истибэтэхтэрэ. Кыыһырсан киирэн барбыттара. Анньыаласпыттара… – Витя умса туттан туран кэпсиирин быыһыгар өрө сыҥсыйан ылбыта.

– Ол тугу гына сылдьар уолаттарый? – аҕата дьэбин уоһуйан олорон ыйытар.

– Билбэтим… Сытыгаҥҥа илимнээбиттэр эҥин быһыылаах. Балык үөлэн сиэтибит дииллэрэ.

– Онтон эһиги? – ийэтэ туоһулаһар.

– Мээнэ… хатааһылаабыппыт, – Витя урукку өттүгэр маннык ыгыыга түбэспэтэх буолан мух-мах барар.

– Ыҥыргыы турума… Кэпсээн ис, – Сэмэн Сэмэнэбис кыйахаммытыттан төгүрүк маҥан сирэйэ эбии үллүбүккэ дылы буолар, тулуйбакка кириэһилэтиттэн ойон туран, киэҥ-киэҥник атыллаан, киирэр ааны ылан кэбиһэр.

– Онтон ол уолаттар Стасигы охторон баран ханна түбэһиэх тэбиэлээн киирэн барбыттара. Ника хантан эрэ бүтэй маһын харбаан ылан, күөрэччи тутан уолаттар диэки ыстаммыта. ¥рүө-тараа барбыттара. Мин Никаны тутан маһын бырахтарбытым. Стасик төбөтүн туттубутунан саҥа тэмтэриҥнээн туран эрдэҕинэ биир хатыҥыр баҕайы уоллара ол маһынан Стасигы төбөҕө биэрбитэ…

– Һуу, туох алдьархайыгар түбэстиҥ, хаайыы аһылыга буоларгын оҥосто сылдьаҕын дуо? Ити уолаттары кытта куодарыһыма диэн хаста эттим этэй? – ийэлэрэ, уолун кэпсээнин истэ барбакка, айманан киирэн барда.

– Алевтина, тохтоо эрэ, уолгун ситэри истиэххин… Витя, түргэнник кэпсээн иһиэххин, Стасик туруга хайдаҕый? – аҕата уолугар ыкса чугаһаата.

– Бастаан өйүн сүтэрбитэ. Онтон кэлин өйдөммүтэ. Матасыыкылга ортобутугар олордон балыыһаҕа аҕалбыппыт.

– Хата, инньэ диэ, киһини куттааҥҥын. Кэпсиэ буолларгын кэпсээн иһиэххин. Ол аата үчүгэй буоллаҕа, – дьахтар сэргэхсийэн сирэйдиин-харахтыын сырдыы түстэ.

Эмискэ төлөпүөн өрө тырылаабытыгар соһуйан, үһүөн өрө көрө түстүлэр. Урукку өттүгэр ийэлэрэ төлөпүөну ким-хайа иннинэ харбаан ылар бэйэтэ, тоҕо эрэ чугаһаабакка чугуруҥнуу турдаҕына, аҕалара төлөпүөн туруупкатын ылла. Уһун-уһуннук ким эрэ бэрт элбэҕи быһааран кэпсээтэ. Ийэлээх уол, кулгаах-харах иччитэ буолан, аҕаларын сирэйин-хараҕын мыҥаатылар.

– Сөп, билигин тиийиэҕим, – диэт, Сэмэн төлөпүөну түргэн үлүгэрдик аппаратыгар уурда. – Стасик төбөтүгэр улахан травма ылбыт. Улуус киинигэр киллэрээри гыналлар эбит да, техника көстүбэтэх. Онон… мин барарбар тиийэбин.

– Эн бэйэлээх онтон матыаҥ дуо, олох очурун-чочурун барытын дэхсилээбэтиҥ буолуо, – Алевтина сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, түтүө-татаа буолан силбиэтэнэн ыллар да, биллэ сэргэхсийэн, уолугар ас бэлэмнээри куукунаҕа барда. – Һыллы, Витя, аһаабаккын дуо? Оҕобор куораттан фрукта бөҕө аҕалбытым, натуральнай сок да баар… Өйүүн нуучча тылыгар биир кэлим экзаменыҥ дии, онон төһө кыайаргынан аһаан-мотуйан ис, күүс-сэниэ ылыаҥ.

– Аҕаа, Стасиктаах Ника, дьиҥинэн, оннук куһаҕан уолаттар буолбатахтар ээ. Көннөрүнүөхтэрин баҕараллар эрээри, кинилэри ким да үлэҕэ ылыан баҕарбат, дьон күлүгээнинэн ааҕан туората көрөллөр, ол иһин төттөрүлэһэн сороҕор куһаҕан өттүгэр охтоллор, – уол аҕатыгар быһаара сатаан саҥаран бобуллаҥнаата.

– Чэ, Витя, мин бардым. Эн утуй, Стасик инники дьылҕатын быһаарыахпыт, – Сэмэн Сэмэнэбис кууркатын кэтэн тахсан истэҕинэ, уол аҕатын батыһан таҕыста.

– Аҕаа, Стасик Сэмэнэптэргэ биэс тыһыынча солкуобай иэстээх, – Витя аҕатыттан өйөбүл ылбыт киһи быһыытынан эбии кимэн истэ. – Сарсын төлөөбөтөҕүнэ, милииссийэҕэ биллэриэх буолбуттара, ол иһин сайылыкка баран бостуугунан киирэргэ кэпсэппиттэрэ. Бостууктара суоҕун Ника билбит этэ. ¥лэлээн тө-лүөхтэрин баҕарбыттара, сарсыҥҥыттан үлэлиэхтээх этилэр.

– Ийэҥ билэр, төлүөҕэ. Мин сарсын киэһэ кэлэрим буолуо. Милииссийэлэргэ сылдьыам, быһаардахтарына табыллар. Көрүстэххит ахсын бүтэй сиэрдийэтинэн төбөҕө бэрсэн истэххитинэ, табыллыбат буоллаҕа.

– Улуус кииниттэн сылдьар уолаттар… Ника хайаларын эрэ билэр быһыылааҕа, – Витя Стасиктаах дьыалалара табыллыах курдугун сүрэҕинэн сэрэйэн, аҕатынан киэн туттарын кистии барбакка, ис сүрэҕиттэн үөрэн мичээрдии турда. Сэмэн Сэмэнэбис эрэммиттии көрөн турар уолугар эппиэттээн, кылгастык сигналлаан ылаат, массыынатын балыыһа диэки салайа тутта.

– Хайа, Витя, остуол бэлэм, аһаабаккын дуо? – ийэтин чаҥкынас саҥата тэрээсэҕэ киирэн иһэр уолугар иһилиннэ. – Тото-хана аһаатаххына өйүҥ-санааҥ тобуллан биир кэлим экзамеҥҥын туттарбытыҥ эрэ баар буолуо. Хайаан да үөрэннэххинэ табыллар. ¥өрэҕэ суох киһи хараҕа суох кэриэтэ. Идэлээх үлэһит буолбатаххына, үөрэхтээх, куоракка дуоһунастаах үлэҕэ үлэлиир бииргэ үөрэммит кылааһыҥ оҕотугар хамначчыт буолуоҥ, эбэтэр тыа сиригэр инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан ыал аатын ылан олоруоҥ, – диэн бэрт элбэх саҥатыгар тэптэрэн, дьоно дьиэттэн тахсыбыттарын билбэккэ, толору астаах остуолун эргийэ көтө сырытта. Алевтина Илларионовна баччааҥҥа диэри ийэлэрин тылыттан тахсыбат «эр дьонноро» киниттэн ыйыта барбакка бэйэлэрэ үүт-хайаҕас булбуттарыттан, уола туохха да түбэспэккэ этэҥҥэ кэлбититтэн, өссө куһаҕантан үчүгэйи арааран, улахан киһилии аҕа-тыныын быһаарсыбытыттан астына санаата. Дьиэтин иһигэр ил-эйэ сатыылаабытыттан, дьиэ-кэргэн биир өйгө-санааҕа кэлбититтэн уоскуйан, хаһан да маннык дууһалыын чэпчээбитин өйдөөбөт.

Сайыҥҥы үүт тураан түүн күнүскү түбүктэн налыйа чуумпуран, тыынар тыыннаах барыта уоскуйан, иһийэн хаалбыкка дылы. Саха киһитигэр сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр түптэ күөх буруота солко былаатынан дэриэбинэни бүтүннүүтүн иилэ кууһан ылла.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации