Текст книги "Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым"
Автор книги: У. Заболоцкая
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
Василиса Романовна Шишигина, РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала,
«Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы пуонда стипендиата
Ийэ тылыгар бэриниилээх поэт уонна учуутал
Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка үлэлии кэлэрбэр Василий Иванович Босиков сиппит-хоппут, хайыы үйэҕэ баай уопутун тарҕатар кыахтаах учуутал быһыытынан Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлии сылдьар этэ. Оччолорго кини уонна 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлиир Вячеслав Федорович Афанасьевтыын биллэр-көстөр, уопуттаах учууталлар ахсааннарыгар киирэн, саха тылын уонна литературатын учууталларын ортотугар эргийэр киин буолаллара.
Иккис оскуолаҕа сурук-бичик түмэл кэбиниэтэ үлэлиирэ, оттон 14-с оскуолаҕа саха балаҕана моһуоннаах баай матырыйааллаах үөрэх кэбиниэтэ баара. Ити кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх кэбиниэти көрүү-куонкурус ыытыллыбыта. Онуоха, биллэн турар, иккиэн бириистээх миэстэҕэ тиксэннэр, биир идэлээхтэрин сэҥээриитин ылбыттара. Ити 1989 с. этэ, саха оскуолатын национальнай кэнсиэпсийэтэ өссө «төрүү» илигэ. Оччолорго сахалыы тыыннаах кэбиниэт кимиэхэ да суоҕа. Василий Иванович аан бастакынан бэйэтин толкуйунан кэбиниэтин саха балаҕанын курдук эркиннээх гына оҥорбута.
Бэйэтэ техническэй тэриллэри сатаан туһанара, онон аудио-видео устуулары оҥорон мунньара, уруоктарга киэҥник туттара. Суруйааччылар этиилэрин, саҥаларын устан фонотека тэриммитэ. Итинник сэргэх, сонун ньымалары хайдах туттарын көрөөрү, оскуолаҕа элбэх киһи сылдьара, кэбиниэт базатыгар сэминээрдэр, куурустар ыытыллаллара.
«Национальнай оскуоланы сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ» диэн дьиҥ саха оҕотун иитэн таһаарар сыаллаах-соруктаах, саха оскуолатын тосту уларытар көрүүлээх докумуон оҥоһуллан тахсыытыгар Василий Иванович куорат оскуолатыгар ыытар үлэтэ-хамнаһа олук буолбута чуолкай. Ону таһынан айымньылаахтык үлэлиир учууталлары, үөрэх исписэлиистэрин түмэн, айар бөлөҕү тэрийэн Үөрэх министиэристибэтэ үлэлэппитэ. Онно Василий Иванович бастакы кэккэҕэ сылдьан, көхтөөх кыттыыны ылбыта, эппитэ-тыыммыта, куорат усулуобуйатыгар сахалыы тыыннаах оҕону иитэ-үөрэтэ сылдьар киһи буолан, элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ.
Көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалы Василий Иванович бэйэтэ оҥосторо. Кэнсиэпсийэ киллэрбит «Төрүт култуура» диэн саҥа биридимиэтин куорат оҕолоругар үөрэтиини бастакынан саҕалаабыта. Үөрэнэр кинигэтэ да суох биридимиэккэ «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн көмө босуобуйаны оҥорбута. Бу олох саҥа сүүрээн этэ. Оччолорго «Айыы үөрэҕэ» диэн өйдөбүл киирэ илигэ, оскуолаҕа үөрэтиллиэхтээх диэн өйгө да суоҕуна, Лазарь Афанасьевтыын итинник бырайыагы олоххо киллэрэн барбыттара. Кинилэри батыһааччы үксээбитэ. Учуутал өбүгэлэрбит олохторун, үгэстэрин, оҕону, ыччаты иитэр холобурдарын, норуот педагогикатын билэринэн сөхтөрбүтэ. Араас публика иннигэр ону элбэхтик быһаарбыта.
Онон Василий Иванович биир идэлээхтэриттэн инники хардыылаабыт учуутал, иитээччи быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ-көстүбүтэ. Биһиги Институппут общественнай лектора этэ, улуустарга ыҥырыыга сылдьан, бэйэтин уопутун кэпсиирэ, тарҕатара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах мунньахтарга уоттаах-төлөннөөх тылы этэн, хайаан да туруорсубутун толортороро. Итинник чаҕылхай, сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан, куорат учууталларыгар өрүү дурда-хахха буолара.
Оччолорго Лысенкова, Шаталов, Дъяченко, о.д.а. курдук Арассыыйа новатор-учууталларын уопуттарын күүскэ тарҕата сатыыр этибит. Оччоттон баччааҥҥа диэри саҥаны, сонуну учууталларга тиэрдэ охсоору методистар тиэтэйэрбит. Онуоха Василий Иванович этэр буолара: «Олох бэйэбит методикабытын оҥоруохха, айыахха наада», – диэн. Ити санаатын кини эдэр учууталларга тиэрдэ сатыыра. Оччолорго общественнай лектордарбытын илдьэ уруоктарга элбэхтэ сылдьарбыт, ырытарбыт. Сорохтор кини сытыы тылыттан саллаллар этэ да, Василий Иванович кими да хомуруйбат буолара, биир идэлээхтэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мин уопуппунан киниэхэ тэҥэ суоҕум, сааспынан да сабырыйтарарым, ол гынан баран Василий Иванович сэнээбэт этэ, тэҥнээҕин курдук тутара.
Саха оскуолатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ дьоһун кылааты киллэрбитэ. Ол СӨ үтүөлээх учуутала, Василий Иванович Босиков, бүтүн оскуоланы сахалыы саҥардыбытыгар, ийэ тылга, төрүт култуураҕа тапталы, бэриниилээх буолуу холобурун бэйэтинэн көрдөрөн, үөрэнээччи, учуутал, төрөппүт кэлэктииптэригэр иҥэрбитигэр, поэт быһыытынан уруоктарыгар уран тыл кистэлэҥин арыйбытыгар, ол барыта күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үлэлээбит оскуолатыгар үгэс быһыытынан салҕанан бара турарыгар көстөр. Василий Иванович биир хоһоонугар этиллибитин курдук:
«Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан!
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн», —
диэн толору этэр бырааптаах этэ диэн сыаналыыбын. В.И. Босиков – бэйэтин кэмин төлөннөөх патриота, ийэ тылын эрэллээх көмүскээччитэ, сытыы тыллаах поэта, дьиҥ норуот учуутала этэ.
2021 сыл, балаҕан ыйа
Александр Адамович Тарасов, учуутал, поэт, суруналыыс
Улахан удьуор утума
Үксүгэр үчүгэй дьоннорбут
Үйэлэрэ кылгас буолааччы,
Үрүлүйэн ааспыт, оҥорбут
Үтүөлэрэ үксүү турааччы…
Ааптар
Мин СГУ историко-филологическай факультетын саха салаатыгар 1970–1975 сыллардаахха үөрэммитим. Сааһыран истэҕим аайы устудьуоннаабыт сылларым умнуллубат чаҕылхай түгэннэрин санаатахпына, кутум-сүрүм өйү-сүрэҕи өрүкүтэр ахтылҕан истиҥ-иһирэх иэйиитинэн туолан, эдэрбэр түспүт курдук сананабын… Кулгаахпар Иван Сорокоумов мин тылларбар айбыт «Сэргэлээх» диэн олус табыллыбыт ырыата иһиллэн кэлэргэ дылы:
Умнумаар, доҕоччуок, умнумаар
Эдэркээн устудьуон сылларгын.
Кырдьан да бараҥҥын тумнумаар
Сэргэлээх иккитэ – уопсайгын.
Эйигин көрсүөҕэ эдэрдик
Кырдьары билиммэт Сэргэлээх.
Ол онтон долгуйуоҥ биллэрдик,
Эдэр саас абылыыр дьиктилээх…
Бастакы кууруска үөрэнэр кэммиттэн ыла Е.П. Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогар сылдьарым. Онно аан бастаан дьулайа, салла үрдүкү куурус устудьуона Вася Босягы кытта алтыспытым. Кини куруһуок хас биирдии дьарыгар итийэн-кутуйан, иэйэн туран олус аһыллан литература, хоһоон туһунан санаатын аһаҕастык кылаан кырдьыкка олоҕуран этэр уратылааҕа. Ол туһунан оччолорго маннык суруйбут эбиппин:
Алҕаһы аһарбат,
«Ааттааҕы» ахсарбат,
Баардааҕын батарбат
Бөлүһүөк Босякпыт…
Вася үөрэнэр кэмигэр, өссө оскуолаҕа сылдьан, бастакы хоһоонун суруйбута биллэр, поэт дэппит хомоҕой хоһоонньут, дириҥ хорутуулаах бөлүһүөктүү санааны сайа этэн кэбиһэр идэлэммит. Сүрүн тиэмэлэрэ – тыл уонна таптал, үөрэх уонна иитии.
Вася 1966 с. Мүрү орто оскуолатын бүтэрээт, «Октябрь» холкуос комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээринэн, кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, үүнэр ыччаты үлэҕэ-хамнаска, сайдам-сайаҕас буолууга көҕүлээбит. 1968–1973 сылга, саха салаатыгар үөрэнэр кэмигэр, төлөннөөх араатар, артыыс, бөлүһүөк, поэт, учуутал талаана аһыллыытыгар күндү преподавателлэрбит В.Н. Протодьяконов, Е.П Шестаков-Эрчимэн, Б.Н. Попов-Барылҕан уо.д.а. улахан сабыдыалы оҥорбут буолуохтаахтар. Таарыччы аҕыннахха, тыл улахан үөрэхтээҕэ, кэлин бэрэпиэссэр буолбут Н.Д. Дьячковскай салайааччылаах саха салаата дьиҥ чахчы чиҥ билиини-көрүүнү эрэ буолбакка, олоххо-дьаһахха бэлэми, сахалыы көрүүнү, өйү-санааны, үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаны иитэн– үөрэтэн таһаарбыт эбит.
Вася үөрэнэр кэмигэр артыыс талаана аһыллыбытын бииргэ үөрэммит табаарыһа, СГУ бэрэпиэссэрэ Г.Г. Филиппов «Умайар устудьуон, бастыҥ учуутал, биллэр поэт Баһылай Босиков» диэн ааттыын да олус табыллыбыт ыстатыйатыгар бу курдук суруйбута: «В.Н. Протодьяконов ханнык эрэ казах суруйааччытын тылбаастаабыт «Ини-бии» пьесатыгар басмач уонна «Улугбек өлүүтэ» драмаҕа Улугбек уобарастарын киһи итэҕэйиэн курдук ылыннарыылаахтык оонньоон сөхтөрбүтэ».
Университекка үөрэнэ сылдьан, факультеппыт үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр, хайаан да литературнай страницалаах, биэс-алта баатыманы холбоон хаһыат таһаарарбыт. Ити хаһыаты таһаарыыга араас куурус оҕолоруттан талыллыбыт редколлегия үлэлиирэ. Мин ити редколлегия састаабыгар киирэн, олус үчүгэй майгылаах, билиилээх-көрүүлээх, талба талааннаах үөһээ куурус устудьуоннарын ордук чугастык билсибитим: киэҥ-холку, өрүү сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа сылдьар Ф.К. Стручкову, поэт, уруһуйдьут, артист В. Босягы, үҥкүүһүт Г.Г. Борисовы уо.д.а.
Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, аҕыйах оҕо Узбекистааҥҥа саха салаатын билиһиннэрэ бара сылдьыбыттара. Онно анаан дириҥ ис хоһоонноох, олус үчүгэй уруһуйдаах алта баатыман усталаах хаһыакка «Сэргэлээх уоттара» куруһуок оҕолорун хоһооннорун түмэн, литературнай альманах оҥорбуппут. Бу үлэҕэ үөһэ ааттаммыт устудьуоннар кыттыбыттара.
Василий Иванович айылҕаттан айдарыылаах улахан учуутал, уһуйааччы, тэрийээччи, саха төрүт култуурата, итэҕэлэ тиллиитигэр сыралаһан туран үлэлээбит киһи буолар. Мин кэлин учууталлыы, завучтуу сылдьан, Василий Иванович Дьокуускайга 14-с оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр, хас сэминээр тэрийдэҕин аайы, түбэһэ түһэн, арыт ыҥырыллан сылдьыбытым уонна куорат усулуобуйатыгар сахалыы куттаах-сүрдээх оскуоланы аһыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Өрүү В. Босяк айымньылаах үлэтиттэн астынан-махтанан барарым. Урукку өттүгэр куорат 2-с нүөмэрдээх эрэ оскуолата сахалыы тыллаах оҕолору үөрэтэр оскуоланан биллэрэ. Бу итэҕэс сыыйа туоратыллан, Василий Иванович үлэлиир кэмиттэн ыла саһаҕаны умаппыттыы күөдьүйэн, балачча элбэх оскуола баар буолбута.
Итэҕэли, төрүт култуураны, сиэри-туому үөрэтии, ыытыы айылҕаттан бэриллиилээх эрэ киһи ылсар дьыалата. Василий Иванович кыра оҕо эрдэҕиттэн элбэҕи билэн улааппыта маннык үлэни кыайа тутарыгар төһүү буолбута. Идэтин утумнааччы кыыһа У.В. Заболоцкая «Поэт уонна учуутал» (Дьокуускай, 2001) тахсыбыт кинигэтигэр бу курдук суруйбута: «Тулалыыр эйгэни кыра эрдэҕиттэн тыыннааҕымсытан өйдүүр, харыстыыр өйү-санааны киниэхэ эбэтэ Мааһа – Мария Николаевна Горохова иҥэрбитэ. Кини кыракый сиэнин Васяны сиэтэ сылдьан, айылҕаны таптыырга үөрэтэрэ, тугу барытын «сыччыый, чыычый» диэн көмүскүү, харыстыы сылдьара…
Билигин эбэ, эһэ иитиитэ олус наада буолла. Сорох куорат оҕолоро тыаҕа сайын тахсан үлэҕэ-хамнаска көмөлөһөн, эһэлэрин-эбэлэрин иитиитин ылаллара хайҕаллаах суол. Хомойуох иһин, иитии бу утума симэлийиэх курдук.
Василий Иванович «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн төрүт култуураҕа, саха саха буолуутугар кылгас эрээри, хас эмэ туомнаах үлэни солбуйар босуобуйаны оҥорон тарҕаппыта. Ону туһанан Өрдүм оскуолатыгар биир көрүдүөр истиэнэтин толору ылар истиэндэ оҥорторон, Горнай оскуолаларыттан бастакынан бу үлэни төрүт култуура, Үрүҥ Уолан, Кыыс Куо уруоктарыгар туттубуппут. Оскуолабыт талааннаах учууталлара С.Н. Стручков, А.Г. Захаров, А.С. Протопопова, Т.Е. Ефремова үгүс өрүттээх үлэни ыыппыттара. Саха АССР Верховнай Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова кэлэ сылдьан, истиэндэбитин, оскуолабыт ис оҥоһуутун олус хайҕаан: «Маннык үлэҕэ-хамнаска туттуллар тупсаҕай истиэндэлэрдээх оскуоланы ханна да көрө иликпин», – диэн үөрэн-көтөн, махтанан барбыта.
Василий Ивановиһы улахан учуутал эрэ буолбакка, учууталлары уһуйааччы, үгүс суруйааччыны үйэтиппит үтүөлээх киһинэн ааҕабын. 14-с оскуола хас да хоһун сатабыллаахтык туһанан, саха балаҕанын оҥорторбута хорсуннук саҥаны киллэрии этэ. Үөрэнээччилэр учууталлара Василий Ивановиһы кытта сандалыларга, сахалыы олоппосторго национальнай таҥастарын кэтэн олороллоро туспа куттаах-сүрдээх, сахалыы тыыннаах эйгэни үөскэттэҕэ. Кини аһаҕас уруоктарыгар бэйэтэ аҕыйахтык саҥаран, үөрэнээччилэрин элбэхтик саҥардар, билиилэрин-көрүүлэрин бэрэбиэркэлиир сыаллаах буолара.
Кэбиниэккэ Василий Иванович олус элбэх видео матырыйаалы хомуйбутун уруоктарыгар көрдөрөөрү, оччолорго бэрт ыараханнык көстөр телевизор, видеомагнитофон, видеокамера булуммут этэ. Онтун уруоктарыгар олус сатабыллаахтык туһанара.
«Учуутал аргыһа» (01.02.1996) хаһыакка оччолорго ҮөҮИСИ кэбиниэтин сэбиэдиссэйэ Е.К. Васильев «Учуутал-суруйааччы» диэн Василий Иванович үлэтин-хамнаһын бэрт киэҥник сырдаппыт ыстатыйатыгар бу курдук суруйар: «…Учуутал идэтигэр уһуйуллар ыччаттарбыт кини уруогар сылдьан, сүбэ-соргу ылан элбэххэ үөрэнэллэр. Василий Иванович туох сонуну, сэргэҕи, көдьүүстээҕи тобулбутун үөрэ-көтө учууталларга сэһэргиир, көрдөрөр, үөрэх үлэһитин сайыннарар институт үлэтигэр көмөлөһөр…»
Учуутал Василий Иванович литература хайа да тиэмэҕэ анаммыт уруогар үөрэнээччилэр кэрэхсэбиллэрин тардар ис иһиттэн сааһыламмыт сээркээн сэһэнньит, сайдан иһэр саҥа технологияны киллэрэр, уруогун кэмигэр сатаан туттар ураты талааннааҕа. Дьокуускай куоракка олорор, үлэлиир суруйааччылар тыыннаах куоластара мунньуллубут элбэх магнитофоннай устуулааҕа. Олору булан үөрэх министиэристибэтэ диискэлэргэ көһөртөрөн, саха тылын уонна литературатын кэбиниэттэригэр тарҕатара буоллар, учууталларга улахан көмө буолуо этэ…
Ахтыым аатын көннөрү «Удьуор утума» диэбэтим, тоҕо диэтэххэ Василий Иванович үс ини-бииттэн кыралара. Улахан убайа Василий Афанасьевич Босиков бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр общественнай уонна государственнай диэйэтэл. Үйэтин тухары култуура эйгэтигэр үлэлээбитэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын ректорынан үлэлээбитэ.
Кыра убайа Николай Афанасьевич Босиков – СӨ П.А. Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэтин лауреата, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах гражданина, поэт, прозаик. Сахалыы, нууччалыы тылынан тахсыбыт отуттан тахса кинигэ ааптара.
Василий Иванович 2006 с. «Учууталлар учууталлара» диэн ытык бэлиэни 60 сааһын туоларыгар тутан олус үөрбүтэ. Бу кини үлэтин-хамнаһын сыаналыыр үрдүк аат бар дьон үөрүүтүн-көтүүтүн ортотугар бэриллибитэ.
Василий Ивановичка үгүс үөрэнээччи барҕа махталын аныыра. Олортон биири холобур быһыытынан аҕалабын: «Төрөөбүт төрүт тылы таптыырга, тыл сүдү күүһүгэр сүгүрүйэргэ үөрэппитэ – кини, биһиги бука бары убаастыыр учууталбыт, таптыыр поэппыт Баһылай Босяк», – диэбит 1992 с. 14-с оскуола XI «в» кылааһын аатыттан Маша Стрекаловская.
Быйыл төрөөбүт тыл күнүн көрсө Дьокуускай куоракка үлэлиир төрөөбүт тылы, литератураны айымньылаахтык үөрэтэ сылдьар араас көлүөнэ учууталлар ис сүрэхтэн тахсар истиҥ-иһирэх сэһэргэһиилэрин күөх экраҥҥа сэргии көрдүм-иһиттим, астынным. Астынным В.И. Босиков-Босяк кыыһа Ульяна Васильевна Заболоцкая аҕатын суолун салгыы сайыннара сылдьарыттан. Астынным сэһэргэһиигэ кыттыбыт учууталлар бары Василий Иванович саҕалаабыт үлэтин салгыылларыттан.
Уһуйааччы учуутал, бөлүһүөк поэт, аман алгысчыт, норуоппут төрүт култууратын, итэҕэлин, сиэрин-туомун туруулаһан туран үөрэтээччи, олоххо киллэрээччи СӨ үтүөлээх учуутала В.И. Босиков-Нойук Баабый Барахсан ыраас ыра буолбут кэриэс-хомуруос хоһоонугар туойбут төрөөбүт төрүт тыла төннүбэт төлкөлөнөрүгэр туруулаһыаҕыҥ диэн саха дьонун ыҥырабын!
2021 сыл, олунньу
Саргылана Семеновна Лебедева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна
Күүстээх сүрүннээх учуутал, поэт
Эдэрчи саастарбар Дүпсүнтэн төрүттээх биир дойдулааҕым, поэт Баһылай Босяк аатын истэрим уонна хам-түм түбэһэн «Барыта эйиэхэ ананар», «Уолукпар оргуйар санааларым», «Угуйар саҕах», «Суруллубут суоруллубат» кинигэлэрин ааҕыталаабытым. Уус Алдан улууһун Суоттутугар, төрөөбүт дойдубар, учууталлыы сылдьан, ааспыт үйэ 90-с сылларын ортотугар «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн альбом таһаартарбытын үлэбэр туттарым.
Онтон 2001 с. Дьокуускайга куоракка көһөн киирэн, саха дьоно уутуйан олохсуйбут Сайсары эбэ түөлбэтигэр турар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр 14-с нүөмэрдээх оскуолаҕа иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан ананан, балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлиир буолбутум. Арай дириэктэр Ольга Николаевна Кривошапкинаҕа завучтар уонна иилиир-саҕалыыр учууталлар мунньахтарыгар бөдөҥ-садаҥ, чөллөркөй куоластаах, уоттаах харахтаах сааһыра барбыт эр киһи учуутал баар этэ. Ити убайыҥ, Уус Алдан, Василий Босяк поэт диэтилэр. Мин истэн эрэ билэр биир дойдулааҕым Василий Иванович Босиковы илэ көрбүт күммүн ол курдук өйдөөн хаалбыппын.
Өбүгэ саҕаттан умнуллубакка кэлбит баай-байылыат төрөөбүт тылбыт көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһэригэр Василий Босяк айар уонна учууталлаабыт үлэтин суолтата улахан дии саныыбын. Кинилиин биир оскуолаҕа үлэлээбиппинэн өрүү киэн туттабын. Бииргэ төрөөбүт балтым – Анна Семеновна Неустроева бу оскуолаҕа эмиэ улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьыбыта. Кини үөрэммит киһи Василий Ивановиһы учуутал да, киһи да быһыытынан олус хайҕааччы. Билиитэ киэҥин-куоҥун, кэпсиирэ интэриэһинэйин бэлиэтиир уонна чахчы баары-баарынан этэр майгылаах этэ диэччи.
Василий Иванович Босиков-Баһылай Босяк төрөөбүт тылга дьиҥ чахчы сүгүрүйэр киһи буоларын хоһоонноруттан билэбит. Кини баара-суоҕа иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, бастакы хоһоонун айбыт эбит. Дьэ бу чахчы айылҕаттан бэриллибит талаан буоллаҕа. Устудьуоннуур кэмнэригэр Варвара Потапова, Егор Неймохов, Иннокентий Сыроватскай курдук талааннаах дьону кытта тэҥҥэ айар үлэнэн дьарыктаммыт.
Киһи уонна поэт быһыытынан тапталы уонна тылы тэҥҥэ дьүөрэлиирэ астык. Таптала суох – тыл суох, тыла суох – таптал суох. «Үтүөнү үксэтэр – аптаах сахам тыла», «Ийэ тылгын баһылаан – талбыккынан салайыаҥ» бу курдук кынаттаах тыл буолуон сөптөөх строкалары кини хоһоонноруттан элбэҕи булуохха, ааҕыахха, туһаныахха сөп. Хайдах эрэ кини хоһооннорун аахтахха, ураты дьикти күүстээх иэйии дууһаны толорор. Олоххо дьиҥ баары айар долгураҥҥа сыһыаран үчүгэйдик да суруйар. Ордук эдэр дьоҥҥо олохторугар ыҥырар сулус буолуохтарын сөптөөх кынаттаах, боростуой курдук эрээри, сүдү күүстээх тыллар.
Босяк хоһоонноро үксэ кылгастык эрээри, олус чаҕылхайдык, кэрэтик этиллибит эҥсилгэн иэйиилээх эриэккэс ис хоһоонноох ох тыллар. Кини тылга тапталын ийэҕэ-аҕаҕа, дьоҥҥо, айылҕаҕа тапталга иэҕэ тутан, сыһыаран этэрэ астык. Ол курдук, арааһа, кини олох кырдьаҕас эбэ, улахан убайдар оҕолоро буолуох кэриҥнээх. Кини айымньыларыттан да, олоххо сыһыаныттан да оннук санаа киирэр курдук. Тоҕо диэтэр, аһара элбэх сааһа суох этэ эрээри, ытык оҕонньордуу күүстээх сүрдээҕэ, үс кута дьикти абылаҥнааҕа.
Василий Иванович Босиков тус бэйэтэ тэрийэн, үлэлээн, этэн-тыынан, кута-сүрэ иҥмит кэбиниэтигэр – үһүс этээскэ 43-с нүөмэрдээх балаҕан-кылааска элбэх уруогу биэрбитим. Бу кэбиниэккэ өрөспүүбүлүкэтээҕи элбэх тэрээһин, аһаҕас уруок буолан ааспыта курдуктар. Кэбиниэккэ баараҕай мастан оҥоһуллубут сэргэлэр, өһүөлэр, наара олбохтор, балаҕан эҥээрэ, модьу-таҕа төгүрүк остуоллар, олоппостор барыта ытык киһи үс кутун, саха сүрүн иҥэринэн оҥоһуллубуттара, ураты тыыннаах буолаллара биллэрэ. Бу оскуолаҕа, бу кэбиниэккэ үлэлээбит сылларым миэхэ олус элбэҕи биэрбиттэрэ. Төрөөбүт дойдубуттан арахсыбакка, өрүү билэр дьонум аттыгар, харысхаллаах ыырдарыгар сылдьыбыт киһиэхэ куорат уйаара-кэйээрэ биллибэт эйгэтэ арыый атын буолан биэрбитэ. Ол эрээри бу үлэлээбит оскуолабар үтүөкэн дьоннуун алтыһыым, кинилэр ураты эйгэлэрин быыһын сэгэтиим миэхэ дьиҥ чахчы олох оскуолата, саҥа көрүүлэр, саҥа үрдэл буолбуттара. Онон 14-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлээбит кэмнэрбин олус күндүтүк, чугастык, үрдүк махталынан саныыбын.
Василий Иванович дьикти оҥоһуулаах торуоскатын тоһурҕатан, уһун, намылхай, күрэҥсийбит баттаҕа оргууй үрэл гына оскуола устун хааман иһэрин бу баардыы өйдүүбүн. Кини сахаҕа бөдөҥ-садаҥ, ураты күүстээх энергетикалаах киһи этэ. Баһылай Босяк уоттаах сытыы, тургутан көрөрдүү өйдөөх харахтааҕа. Иитэр эйгэ педагогтарын кэбиниэтигэр элбэхтэ киирэрэ. Дьэ ол киирэр кистэлэҥин эмиэ, сэрэйэн көрөн билэр курдугум. Кинини кытаанах, санаабытын этэн баран тэйэр киһи диэччилэр эрээри, миэхэ тоҕо эрэ сахалыы олус намыын, убайдыы харыстабыллаах сыһыаннааҕа. Баҕар, биир дойдулааҕым, эдэр киһи диэн эбитэ буолуо. Улаханнык айах атан сэһэргэспэт этим эрээри, хоһооннорун, төрүт култуураҕа көрүүлэрин, тэрийбит кэбиниэтин ис бараанын нөҥүө Василий Ивановиһы чугастык билэр курдук сананар этим. Кини оччолорго сааһыгар сөбө суох нүһэр көрүҥнээҕэ эрээри, киһиттэн уратыта, дьикти ис күүстээҕэ биллэрэ.
Биирдэ, В.И. Босиков бу олохтон арахсыан эрэ иннинэ, дьикти түүлү көрбүттээхпин. Түүлбэр күп-күөх хонууга улахан күөл кытыытыгар Баһылай Уйбаанабыс сахалыы хомуһуол сонун кэтэн ойоҕоһунан олороро. Тугу да саҥарбакка, ырааҕы, иннин хоту көрөн олороро харахпар хаалан хаалбыт. Хайдах эрэ наһаа дьиксинэн уһуктубутум. Ол хартыына от күөх уонна халлаан күөҕэ, бороҥ, күрэҥ дьүһүннэрдээҕэ. Ону кэлин санаатахпына, бу орто туруу дойдуга улахан күүстээх сүрүннээх киһи кэлэн барбытын туоһулуур эбит диирим.
Быйыл быстах кэмҥэ «Кэрэ кэпсээн» биэриигэ эрэдээктэрдии сылдьабын. Онуоха биэрии устар кэммитигэр Василий Иванович туһунан иккитэ иһиттим. Саха сирин пионериятын күнүгэр аналлаах биэриигэ «Эркээйи», «Эркээйи эргиирэ» бырагыраамалар ааптардарын бөлөҕүн салайааччыта Татьяна Ильина уонна пионерия, оҕо хамсааһынын лидера Нина Барашкова сэһэргииллэрин быыһыгар Василий Босиковы ахтан аһарбыттара. Кинилэр кэпсээннэриттэн уларыта тутуу кэмигэр пионерия оннугар оҕо иитиитигэр саҥаны киллэрэргэ оскуолаларынан элбэх мунньах буолбутугар «Эркээйи» диэн бырагырааманы ааттыырга Василий Иванович тыл көтөхпүтүн, сүбэлээбитин туһунан эппиттэрин олус сэргии, астына истибитим.
Саха оҕото барахсан ис дууһатыттан маннык кэрэ, үтүө санааны илдьэ улааттар диэн баҕа санааттан саха биллиилээх поэта, улахан учуутал Василий Босяк олоҕун үтүө кэмнэрин анаабыта. Кини айар суолун, учууталлаабыт утумун салҕааччыта – мааны кыыһа, саха тылын уонна литературатын учуутала Ульяна Васильевна Заболоцкая курдук үтүөкэн, сырдык-ыраас киһини кытта алтыһан ыларбыттан үөрэбин. Ульяна олус сэмэй бэйэлээх, кэрэ номоҕон дьүһүннээх, айар-тутар дьоҕурдаах учуутал. Ульяна Васильевна хомоҕой тылы холбоон саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн бардаҕына, киһи болҕомтотун тардар ураты кэрэлээх. Кини нөҥүө, үөрэтэр ыччаттарыгар анаммыт курдук эбээт, Баһылай Босяк кэриэс-хомуруос курдук алгыс тыллара:
Эдэр киһи, умнума,
Ийэҥ-аҕаҥ эйиэхэ
Биэрбит барҕа баайдара —
Олус уран тыллара.
2021 сыл, кулун тутар
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?