Электронная библиотека » У. Заболоцкая » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: У. Заболоцкая


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл, суруналыыс
Бигэ киһи этэ

Баһылайы итинник өйдөөн хаалбыппын… Ааспыт үйэ 90-с сыллара үрдүк күүрүүлээх, ураты тыыннаах сырдык кэм этэ. Аан бастакы көҥүл мунньахтар, санааны-оноону ирэ-хоро аһаҕастык этии-тыыныы, саха сырдык олоҕун ыраланыы хайаан умнуллуо баарай, бүгүҥҥү курдук буолуо дуо?!

Оччолорго «Ийэ тыл» түмсүү, «Алтан Сэргэ» кулууп тэриллэн бастакы өрөйүү-чөрөйүү саҕаламмыта. Ол сахха Баһылай Босягы трибунаттан түспэт, устар ууну сомоҕолуур улуу дакылаатчыт быһыытынан билбитим. Эчи, кини этэн баран тохтуо баара дуо, бииртэн биир санааны хааһахтан хостуурдуу сайыннаран иһэринэн кими да салгыппат уһун тыыннааҕа. Киһи иһиттэр истэ олоруох курдуга…

«Саха кэскилэ» национальнай-демократическай хамсааһын, «Кут-сүр» кыһа тэриллиитигэр эмиэ инники кэккэҕэ сылдьыбытын наһаа үчүгэйдик өйдүүбүн, сыаналыыбын. Ол курдук, «Кут-сүр» ыытар сүрүн үлэтин – Айыы үөрэҕин – куорат оскуолатыгар биир бастакынан тарҕатыыга күүскэ туруммута. Бу үөрэх сүрүн тиһик өйдөбүллэрин оҕоҕо көрдөрөн үөрэтиигэ араас ойуулаах хартыыналары, анал альбому бэчээттэтэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолатын көҕүппүтэ. Маны таһынан, «Кут-сүр» кыһа религиознай тэрилтэ быһыытынан юридическай статустаныытыгар эмиэ күүс-көмө буолбутун бэлиэтээн ааһар адьас тоҕоостоох.

Айыы үөрэҕин утарааччылары кытта хаһан да сөпсөспөт этэ. Тэриһи көмүскээн, мунньахтарга элбэхтик тыл этэрэ, хаһыакка даҕаны суруйара, араадьыйаҕа кытта санаатын этэн тэйэрэ. Оттон көннөрү доҕор-атас быһыытынан алтыһыыга ол-бу кыра көрүдьүөһэ эмиэ ханна барыай? Олортон биири ахтыахха сөбө дуу…

Бэчээт дьиэтигэр кэлэн саахыматтыыр, дуобаттыыр, уксаанныыр үгэстээҕэ. Биир оннук күрэстэһээччитэ кырдьаҕас суруналыыс дьахтар баара. Кинилиин ылахтаһарын таба көрбүт доҕоро Василий Бочкарев күлэ-күлэ манныгы эппиттээх: «Доҕорум Босяк саахымаччыт дьүөгэтин биир соҕотох фигуранан – атынан хотор ээ», – диэн. Онтуката бу курдук эбит. Баһылай оонньуу үгэнигэр аты түргэн үлүгэрдик эмискэ эһэ тардан, төбөтүн оройугар тутан толкуйдаабыта буолар. Онуоха биирдэһэ хайа хонууттан ылбытын көрбөккө хаалар үһү. Итини туһанан Баһылай таптаабыт сиригэр «вилкалаан», саамай наадалаах фигураны «сиэн», ол дьахтары ууга-уокка түһэртиир эбит. Оттон миэхэ киирдэр эрэ уксаанныахха диэн үнтү хаайара. Мин тэҥнэспэт буолан, дуобат киллэрэрим, инньэ гынан оонньуу түмүгэр иккиэн иэл-тиэл хааларбыт.

Баһылай тиһэх күннэригэр диэри төлөпүөнүнэн билсэ сыппыта. Иккитэ-хаста дьиэтигэр дьоҕус кэһиилээх бара сылдьыбыттаахпын.

2021 сыл, олунньу
Мария Петровна Неймохова
Олох инники күөнүгэр сылдьыа этэ

Василий Иванович Босиков-Босяк туһунан суруй диэн доҕотторо көрдөстүлэр. Быйыл төрөөбүтэ 75 сылын туолар эбит. Ону Баһылай Босяк курдук улахан киһи, үтүөлээх учуутал, поэт туһунан суруйарга мин, кыра киһи, дьиэ хаһаайката, санаммаппын даҕаны, улахан дьон, доҕотторо, эһиги суруйуҥ диэбитим. Онтон толкуйдаан көрөн баран, кэргэним үөлээннээҕэ этэ диэн, ахтыы оҥорорго сананным.

Доҕорбут Баһылай Босяк 1973 с. Саха государственнай университетын саха салаатын бүтэрбитэ. Кинилэр куурустара чахчы да чаҕылхай, табыллыбыт куурус этэ. Онно киирэн үөрэнэр, киһиэхэ эрэ тиксибэт үрдүк ситиһии, дьол буолара. Ахтыылартан аахтахха, Харысхал, Доллу курдук өрүөллэр киирии эксээмэннэргэ бааллара кыра буолан, хапсыбакка кыайан ааспатахтар эбит. Кинилэр кэлин киэҥник биллэр дьон буолбуттара. Сэмэн Тумат эмиэ баала тиийбэккэ, кэтэхтэн үөрэххэ киирэн баран, күнүскү салааҕа миэстэ тахсан көспүт. Дьэ ол курдук, кинилэр куурустарыгар икки наука дуоктора, бэрэпиэссэрдэр Г.Г. Филиппов, В.В. Илларионов, икки норуодунай суруйааччы Е.П. Неймохов, С.А. Попов-Тумат, СӨ үтүөлээх учуутала, үөрэҕириигэ саха национальнай кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрбит ааптардартан биирдэстэрэ, поэт В.И. Босиков-Босяк, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия оскуолаларын бастыҥ дириэктэринэн ааттаммыт Н.А. Брызгалов, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр кэмҥэ төрөөбүт нэһилиэгэр Аммаҕа сэбиэтинэн, баһылыгынан үлэлээбит В.Д. Окороков, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх суруналыыс Р.П. Былбанаева о.д.а. үөрэммиттэрэ. Бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэр бары олохторун суолун булан ситиһиилээхтик үлэлээн-хамнаан олордулар, аат-суол бөҕөлөөхтөр. Итинник чаҕылхай куурус университет устуоруйатыгар биир эмэ өссө баара дуу?! Саарбах.

Баһылай Босяк талааннаах учуутал, поэт эрэ буолбатах. Кини киһи быһыытынан сүрдээх аламаҕай, аһыныгас, наар көмөлөһө эрэ сатыыр, эрэллээх, үтүө доҕор буолар. Биһиги аҕабыт Егор Неймохов кинини үтүө ойоҕостоох киһи диэн ааттыыра. Кырдьык да оннук этэ. Биһиги Ойуунускай аатынан уулуссаҕа үс хостоох оһоҕунан оттуллар мас дьиэҕэ олорбуппут. Аҕабыт «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлиир. Биир кыһыҥҥы ылааҥы күн Босяк эрэдээксийэҕэ кэлэн, эйиэхэ баран эбиэттээн ааһыам, барыахха диэн хаайбыт. Кини Сайсарыга 14-с нүөмэрдээх оскуолаҕа учууталлыыра. Инньэ гынан ыксатан дьиэлээбиттэр. Гоша оптуобустан түһээт буруону көрбүт. Сонно мин эдьиийим Зоя олоро сылдьыбыт, ол кэмҥэ артыыс Тимофей Сметаниннаахха бэлэхтээбит дьиэтигэр сүүрэн киирэн, Баһаарынай сулууспаҕа эрийбит уонна дьиэтигэр сүүрбүт. Дьиэлэрэ умайан эрэрин билбэккэ, эбэбит кыракый сиэннэрин, биһиги оҕолорбутун кытта олорорун таҥыннаран таһырдьа таһаарбыттар. Баһаарынай массыыналар суһаллык кэлэн умуруорбуттар. Баһаар таһыттан буолан дьиэҕэ киирбэтэх даҕаны. Босяк онно ыксатан кэлбэтэхтэрэ буоллар, туох-туох буолуо биллибэт этэ. Эргэ мас дьиэҕэ уот электрическэй боруобатынан киирэн начаас күл-көмөр буолар буоллаҕа. Кырдьаҕас эбэбит, биһиги икки кыракый уолаттарбыт тыыннаах хаалар быаларыгар Босяк абыраан турар. Итинник курдук араас быһылаантан быыһаабыта элбэх.

Аны аҕабыт ыалдьан, Бастакы Президент М.Е. Николаев көмөтүнэн Германияҕа эмтэнэ барарбытыгар, Босяк Улятынаан 50 саастарын «Чароит» эрэстэрээҥҥэ бэлиэтиир дьоро киэһэлэригэр сылдьан, үөрүүлэрин үллэстээт, сарсыныгар Германиялаары Москваҕа көппүппүт. Онтон Петербурга көспүппүтүгэр Босяк аҕабыт инбэлиитин биэнсийэтин ылан биһиэхэ ыытар. Ол билиҥҥи курдук судургу буолбатах этэ. Уочараттаан ылар, ону бааҥҥа тиийэн эмиэ уочараттаан биһиэхэ ыытар. Тайаҕынан дугунан нэһиилэ хаама сылдьар киһи бытарҕан тымныыга төттөрү-таары хаамара, уочараттыыра ыарахан буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ, доҕорум туһа диэн, көмөлөһөрө. Ол 90-с сылларга хамнас аанньа кэлбэтэ, харчы суоҕа, хата, биэнсийэни харгыһа суох биэрэллэрэ. Ыраах куоракка олорор элбэх оҕолоох дьон онон абыраммыппыт, хамнаһы аанньа биэрбэт кэмнэригэр. Быһыннаххына хантан да иэс ылар кыаҕыҥ суох, доҕотторуҥ, аймахтарыҥ ыраахтар. Ыарахан дьыала этэ, ама да ааспытын иһин.

Баһылай Босяк дэгиттэр талааннааҕа. Үчүгэйдик суруйара, уруһуйдуура, ыллаан да көрөрө, араатар киэнэ бэрдэ, хаста да араатардар күрэхтэригэр бастаан турар, тамадаалыыра. Аны ууһун көрүҥ.

Олоххо активнай позициялааҕа, көрөн, бытааран турбат, тута киирсибитинэн барара. Учууталлар хамсааһыннарыгар инники күөҥҥэ сылдьара. Спартак Борисов кэргэнин баана харчыларын төннөрбөккө эрэйдээбиттэригэр пикет буолбута. Онно Босяк маҥнайгы кэккэҕэ турара – Аан дойдуну араҥаччылыыр, дьонугар-сэргэтигэр дурда-хахха буолар Айыы бухатыырын санатара.

Арай биирдэ, биһиги аҕабытыгар доҕоро успуорт миниистирэ, биллиилээх тустуук Петр Попов: «Японияттан уруккута тустуук, улахан дуоһунастаах киһи кэлэр, ол киһи табах тардар хамса мунньар эбит. Ону сэлии муоһуттан кини төбөтө моһуоннаах хамса оҥорторон бэлэхтээри гынабыт. Ону оҥоруон сөптөөх билэр уруһуйдьуттааххын дуо?», – диэтэ. Онуоха Гоша тута Босякка эрийдэ. Босяк убайа үйэтин тухары Култуура миниистирин (5 миниистиргэ) солбуйааччынан үлэлээбит буолан, уруһуйдьуттары кытта билсэрэ, алтыһара. Манна даҕатан эттэххэ, Василий Афанасьевич Босиков култуура, ускуустуба бөдөҥ диэйэтэлэ этэ. Бары кинини ытыктыыллара, тэрийэр дьоҕурун туһунан кэпсээннэр элбэхтэр. Кини туһунан кэпсээри гыннахтарына бары хайаан да Василий Афанасьевич саҥатын, манератын үтүктэллэрэ. Оннооҕор мин эмиэ, соччо сатаабатарбын да, санаабар кини курдук саҥаран кэпсээччибин. Оннук ураты личность этэ. Дьэ Босякпыт начаас уруһуйдьут булан кэпсэттэ. Кимин умнубуппун. Гошалыын министиэристибэҕэ тиийэн ол киһи хаартыскатын ыллылар. Министиэристибэ үлэһиттэрэ кытаатыҥ да, кытаатыҥ бөҕөлөр, бириэмэ кырыымчык дэһэллэр. «Босягым олох улахан уруһуйдьут курдук даадаччы туттан хаамар», – диэн Гоша күлэн кэллэ. Дьоппуоҥҥа бэлэхтээбиттэригэр туох да наһаа соһуйбут, үөрбүт уонна тута табах уктан тардан барбыт үһү.

Учуутал быһыытынан наһаа айымньылаахтык үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан сахалыы балаҕан моһуоннаах кэбиниэт бэйэтэ сүүрэн-көтөн, матырыйаалын булан оҥорторбута. Оччолорго матырыйаал көстүбэт этэ, бары-барыта кэмчи кэмэ. Ол кэбиниэтигэр суруйааччылары ыҥыран оҕолорго кэпсэтиннэрэрэ. Үөрэнээччилэр тыыннаах классиктары кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспиттэрин үйэлэрин тухары умнубаттара чахчы. Ол матырыйаалларынан кинигэ таһаартарбыта. Үөрэтэр оҕолорун араас экскурцияҕа сырытыннарара, саас аайы айылҕаҕа таһаарара. Ол түмүгүнэн айар куонкурустары тэрийэрэ, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарара. Оннук үөрэтэн университет саха салаатыгар үчүгэйдик бэлэмнээн, куорат оҕолоро улахан куонкуруһу ааһан, саха салаатыгар киирэн үөрэнэр кыахтаммыттара.

Өрөспүүбүлүкэҕа үөрэх миниистирэ Е.П. Жирковтуун оскуолаларга национальнай кэнсиэпсийэни 90-с сылларга киллэрбиттэрэ. Оҕолор, ыччаттар сахабын диэн киэн туттар буолбуттара, саха бэйэтин билиниитин үрдэппит туохха да кэмнэммэт үтүөлээх киһинэн буолар. Мунньахтарга принципиально сахалыы тыл этэрэ. Государственнай тылы билиэхтээххит диирэ.

Биэс оҕотун Оробуочай городок түгэҕиттэн Сайсарыга күн аайы таһан сахалыы үөрэттэрбитэ. Ону наһаа сөҕөбүн. Биһиэхэ ол кыаллыбатаҕа. Иккис оскуолаҕа улахан уолбутун биир сыл таһа сатаан баран кыамматахпыт, аттынааҕы 10-с нүөмэрдээх оскуолаҕа көһөрбүппүт. Ол иһин Босяктан сүрдээҕин сэмэлэнэрбит.

Университекка бииргэ үөрэммит оҕолор сыл аайы кэриэтэ мусталлара, онно дьэ Босяк былааһы ылара, остуол салайааччыта буолара. Эчи, саҥата доргутан улахана, тыла ууһа-урана сүрдээх.

Олоҕун ортоку олугар сылдьан ыалдьан охтубута, кыайан хаампат буолбута. Ону олох сорунан туран эмтэнэн, дьарыктанан, тайахха да дугуннар, хаамар буолбута. Ол ыалдьа сытан түлэкэтийдэҕинэ, түүн аайы өбүгэлэрэ кэлэн, өтөҕүҥ хотонугар хаппыт оҕус тириитэ сытар, ону имит, дьиэҥ таһыгар турар баараҕай тииттэн дүҥүр оҥостон, ол тириинэн бүрүй, ойуун буол диэн хаайаллар эбит. Ону аккаастаабыт. Биэс оҕолоох киһи оҕолорун, чугас дьонун харыстаан. Ойуун буоллаҕына хаан аймаҕыттан толук биэриэхтээҕин сөпсөспөккө. Ол кэмҥэ биир оҕото ыалдьар этэ.

Ыһыллыбыт хомуньуус баартыйаны, Сэбиэскэй былааһы тоҕо эрэ өрүү көмүскэһэрэ, бэйэтэ хаһан даҕаны хомуньуус буолбатаҕа эрээри, ийэтин холобур туттара. Ийэтэ үйэтин тухары сэбиэтинэн үлэлээбит этэ. Ону доҕоро скульптор Баһылай Бочкарев «Орто сааһыгар торуоска туттарбыт хомуньуустарын былааһын көмүскүүр», – диэн эйэҕэстик хаадьылыыра. Уопсайынан да, улахан суруйааччылары айылҕа маанылаан иитэн, тыл иччитин баһылаан, дьон өйүгэр-сүрэҕэр түһэр айымньылары суруйан эрдэхтэрэ.

Босяк мээнэ киһиэхэ иннин биэрбэт майгылааҕа, охсуһар буоллаҕына охсуһуон да сөбө, тылын чааһа бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Арай Гошаҕа эрэ сымныыра, кыра быраатын курдук куруук харыстыыр, араҥаччылыыр сыһыаннааҕа. Мас дьиэҕэ олордохпутуна, биир киэһэ Босяк көтөн түстэ. Дьиэтэ чугас, Петровскай уулуссаҕа, турара. Ханна эрэ бырааһынньыктаабыт быһыылааҕа, саҥата дьиэбитин олох ылан кэбистэ. Оҕолорбут кыралар, утуйа сыттахтара буолуо, аҕабыт Босягы дьиэтиттэн үүрэн таһаарда. Гоша бэйэтэ көрсүө майгылаах буолан, итинник быһыыны төрүт сөбүлээбэт этэ. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда Босякпыт налыйан аҕай киирэн кэллэ. Бырастыы гын эҥин диэн тыл суох, туох да буолбатаҕын курдук эйэ дэмнээхтик кэпсэттэ. Биһиги да аҕабыт өйдүүр буоллаҕа, эйэлэһэ кэлбитин. Ити чахчы күүстээх киһи киэҥ көҕүстээх буоларын туоһута дии саныыбын. Холобура, мин үүрүллэн баран, ол дьиэҕэ төннөрүм, сарсыарда буолаатын кытта киирэрим саарбах. Өһүргэнэн бүтэбин.

* * *

Төрөөбүт тыл күнүгэр «Россия моя история» түмэлгэ В.И. Босиков-Босяк төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ сырыттым. Тэрээһини төрөппүт кыыһа Ульяна Васильевна иилээн-саҕалаан ыытта. СӨ суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ саха норуодунай поэта И.В. Мигалкин, Босяк бииргэ үөрэммит доҕоро филол.н.д., бэрэпиэссэр В.В. Илларионов, Политехническэй лиссиэй учууталлара бааллар. Бары Босяк туһунан сылаастык ахтан аһардыбыт. Мин эмиэ. Кини туһунан урут суруйбутум «Киин куорат» хаһыакка тахсыахтаах, электроннай барыйаана да тарҕаммыта диэн, ону ахтыбакка үс түгэҥҥэ тохтоотум.

Бастакытынан, Баабый Босяк төрөөбүт тылын сайыннарарга тылынан, хоһоонунан эрэ буолбакка дьыаланан, олоҕунан дакаастаабыта. Оробуочай городоктан 5 оҕотун Сайсарыга 14-с нүөмэрдээх оскуолаҕа күн аайы оптуобуһунан таһан сахалыы үөрэттэрбитэ. Ылбычча киһи кыаммат дьыалата. Биһиги оҕолорбутун оннук кыайан үөрэттэрбэтэхпит. Биир сыл улахан уолу 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа таһан көрбүппүт, иккис уолбутун детсадка. Оптуобуска кыһын тымныыга уолбут аҥаар унтуутун түһэрэн диэн, онтон да араас түбэлтэ элбэҕэ. Ол кэмҥэ оптуобус быстар мөлтөхтүк сылдьара, үтүрүһүү кытаанаҕа буолара, онон кыамматахпыт, Босяк дьулуура биһиэхэ тиийбэтэҕэ. Ол кэмҥэ аҕабыт Обкомҥа эппиэттээх үлэҕэ үлэлиирэ, төрүт солото суох, үксүн командировкаҕа буолара. Мин хантан таһыамый. Сатахха, биһиги оҕолорбут сытыы баҕайы буолбатах этилэр. Мөдөөттөрө, киирэн-тахсан испэттэрэ, көтөхтөрөллөрүн эрэйэллэрэ. Дьэ, ол иһин мин Босяктан улаханнык сэмэлэнэрим. Онтон кэһэйэн буоллаҕа буолуо, кыра уолбутун Мишаны детсад иһинэн сахалыы гимназическай бөлөххө биэрдибит. Онтон салгыы 10-с оскуолаҕа саха кылааһа аһыллыбытыгар, онно киирдэ. Босяк сотору-сотору кэлэр, Мишаны гимназист диир. Миша Баһылай диэни сатаан ааттаабакка Балыһай диир. Убайдарын мөҕөр киһи буолла. «Уот иччитин билбэттэр, дьиэ иччитин билбэттэр», – диир. Ол аайы Босякпыт үөрэр. Педагог быһыытынан эмиэ күүстээҕэ. Кыра уолбутун син сааһыран баран оҕоломмут буолан үрдүнэн «үрүҥ чыычааҕы өрө көтүппэппит», наһаа атаахтатабыт, ордук аҕата. Ону сэмэлиирэ, итинник ииппэт баҕайыта диэн. Босяк дьиҥ патриот санаалаах этэ. Ол иһин наар инники күөҥҥэ сылдьара.

Иккиһинэн, сүрдээх араатар этэ. Бэйэтэ аналитическай өйдөөх буолан, этэр тыла олохтооҕо, олох «тимир логикалааҕа». Кинини кытта мөккүһэн туһа суох. 90-с сылларга Август Муран күннүү сылдьара. Тыйаатырга толору киһи мустан кини поэтическай киэһэлэригэр сылдьаллара. Хабыс-хараҥа сыанаҕа прожектор уотун күөнүгэр үп-үрүҥ көстүүмнээх, хап-хара уһун куудара баттаҕа өрүкүйэн, Поэт тахсан кэлэрэ уонна хоһоон бөҕөтүн ааҕара. Бэйэтин эрэ хоһоонун буолбакка, улахан поэттар Мандельштам эҥин хоһооннорун ааттарын эппэккэ эрэ ааҕар эбит. Хоһооннор үчүгэйдэрэ сүрдээх. Ол аайы биһиги үөрүү, уруй-айхал бөҕөбүт. Сэбиэскэй былаас, тоталитарнай систиэмэ сиэртибэтэ буолан ытыс тыаһа бөҕөнү ылар. Английскай тылы баһылыыбын диир. Аныгы кэм сайдыылаах поэта буола түһэр. Арай биирдэ үөһэттэн Босяк хаһыытыыр: «Дьокуускайга олорон омуктуу баһылаатым, көҥүл кэпсэтэр, суруйар буоллум диигин, оччоҕо тоҕо төрөөбүт дойдугар олорон төрөөбүт тылгын үөрэппэтиҥ. Сахалыы саҥарбаккын да, хоһоон да суруйбаккын», – диэтэҕэ үһү. Бүттэхпит ол. Биирдэ маат ыытан кэбистэ. Туох диэҕэй, киһиргэнэн бүттэ.

Үсүһүнэн, олоххо салайар уонна салайтарар дьон баар буолаллар. Салайар дьон дьоруойдар, олоҕу тупсарар, иилиир-саҕалыыр аналлаахтар. Босяк чахчы да Дьоруой этэ. Ол иһин кини бэйэтин тула дьону тардара. Кини күүстээх энергетикатын, эр киһилии харизматын кыыс аймах эмиэ бэлиэтии көрөр эбит этэ. Санкт-Петербурга иккитэ бара сылдьыбыта. Онно көрсүһүү бөҕө оҥорор, лиэксийэ бөҕөтүн ааҕар. Арай Питергэ олохсуйбут учуонай нуучча кэргэннээх, бэйэтэ эмиэ учуонай саха кырасаабыссата: «Я влюбилась в Босяка», – диэн турда. Атын киһи эбитэ буоллар дойдутуттан ыраах улахан куоракка, бэйэтинэн тапталга билинэр кэрэ бэйэлээх кыыһы туһаныан сөбө. Ким билиэй, хонтуруоллуой?! Босяк кэргэнигэр, биэс оҕотугар бэриниилээҕин көрдөрбүтэ. Ол кыыһы үөһэттэн аллара көрөн эрэ кэбиспитэ. Гражданина поэтын баһыйбыта.

Мин кинини Айыы бухатыырыгар холуубун. Дойдутун, норуотун арчылыыр, араҥаччылыыр, көмүскүүр, наада тирээтэҕинэ саа-саадах да тутан, сутуругунан да киирсэн. Кини оннук хорсуна. Поэттар баһырхай соҕус майгылаах буолаллар. Ол да буоллар кэрэ аҥаардар кинилэри сөбүлүүллэр. Холобур, улуу Пушкин кэргэнэ Натали ханнык баҕарар үрдүк сололоох баай киһиэхэ кэргэн тахсар кыахтааҕа. Ону баайа суох, кэпсээҥҥэ киирбит хадаар хааннаах, күүлэйдииринэн аатырбыт, бэйэтиттэн биир төбө намыһах уҥуохтаах Пушкины ордорор.

Оттон Сергей Есенин Айседора Дунканын хайдах курдук үөхсэрэй. Омук сиригэр гостиницаҕа айдаарара бэрдин иһин киллэрбэт буола сатыыллара. Миэбэли таһырдьа түннүгүнэн тамныыра дииллэр. Кып-кыра бэйэтэ онно күүһэ-уоҕа киирэрэ. «В России поэт, больше чем поэт», – дииллэр. Кырдьыга оннук. Натали да, Айседора да иккиһин төрөөтөхтөрүнэ син биир Пушкины, Есенины талыахтара этэ дии саныыбын. Биһиги Босякпыт наһаа иэйдэҕинэ бэйэтин тылыгар, матыыбар ырыа ыллыыра. Ис хоһоонун соччо өйдөөбөппүн да: «Уля, Уля, Уля, Уля», – диэн хаста да хатылыыра. Ону истэ-истэ Гоша наһаа күлэрэ: «Босяк эмиэ Улятын ыллаан барда», – диэн. Аны харытыгар татуировка суруктааҕа. Уля диэн, ол иннигэр, сэрэйдэххэ, саһыардаҕа буолуо, П буукубаны эбэн «ПУЛЯ» диэн тыл.

Улахан поэт сүрэҕин сүүйэр, таптыыр, таптатар мээнэ кыыска-дьахтарга тиксибэт дьол буолуохтаах. Онон Баабый Босяк музата Ульяна Дмитриевна Босикова-Сыгына ити өттүнэн дьоллоох дьахтар диибин.

Төрөөбүт тыл күнүгэр Босяк хоһооннорун араас дьон аахтылар, кини поэзията олох былааһы ылла. Тыыннааҕа буоллар төһөлөөх үөрүө этэй. Ону баара… сирдьит Данко курдук олохтон эрдэ туораатаҕа.

* * *

Кырдьык, Босяк улахан Поэт кэлэн ааспытын тыыннааҕар өйдөөбөтөх эбиппит. Сөптөөх өйөбүл, сыанабыл суоҕа төһөлөөх кинини мунчаардыбыта буолуой. Кини курдук хаҥыл, «уолугар оргуйар санаалардаах», күүстээх иэйиилээх Поэты… Мин да, кини поэзиятын өйдүүрүм, ылынарым диир кыаҕым суох. Кинини көннөрү кэргэним чугас, эрэллээх доҕоро эрэ диэн ылынарым.

Бэрэпиэссэр Г.Г. Филиппов ыстатыйатын ааҕан баран, Босяк улахан лирик поэт эбит диэн, дьэ саҥа өйдөөбүтүм, харахпын аспыта. Онтон бэҕэһээ, иллэрээ күн ону бигэргэтэрдии, Босяк поэзията чахчы да Саха сирин үрдүнэн күлүмнээтэ. Дьэ ити буолар, Поэт ыра санаата туолуута, ханнык да үрдүк аакка тэҥнэммэт норуот Таптала. Хомойуох иһин, бу орто туруу бараан дойдуттан тэскилээбитин кэннэ…

Мин, арааһа, олохтон туораабыт доҕотторум туһунан иһирэхтик ахтан норуокка таһаарар аналлаах эбиппин дуу диэн мэник санаа төбөбөр элэҥниир. Ол иһин кэргэним хатылыы-хатылыы кэпсээ да кэпсээ буолара. Ону утарбат, саҥа таһааран бопсубат этим да, оо, дьээ, эмиэ мээрилээн барда диэн испэр мөҕүттэ саныырым ханна барыай?! Дьөгүөр сүрдээх мындыр өйдөөх киһи этэ, эрдэ олохтон туоруурун билэрэ, ол иһин итинник бэлэмнээтэҕэ буолуо.

2021 сыл, олунньу
Мария Семеновна Илларионова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Босяктыын алтыспыт түгэннэрим

Мин бэрэпиэссэр Василий Васильевич Илларионовтыын сүрэхпитинэн сөбүлэhэн, санаабытынан таайсан, кэргэннии буолбуппут 45 сыл буолла. Кини ыал буолуохпутуттан Сэргэлээххэ бииргэ үөрэммит куурсун оҕолорун туhунан мэлдьи кэпсиирэ, устудьуоннаабыт сылларын ахтан-санаан ааhара, көрүдьүөс да түгэннэри кэпсээн, күлэн быара суох буоларбыт.

Маҥнай университеты бүтэрбиттэрэ уон сылыгар Чайковскай уулуссаҕа, Гаврил Гаврильевич Филипповтаах уопсайга икки хоhу ылан олороллоругар түмсэн көрсүhүү тэрийбиттэрэ. Төhө да кыараҕас буоллар, бэрт истиҥ көрсүhүү, үөрүү-көтүү, ахтыhыы буолбута. Куурус күндү кийииттэрэ Нина, Гоша кэргэнэ Муся, мин баар этибит, убаастыыр учууталлара Гаврил Гаврильевич Окороков туох эрэ наадаҕа түбэһэ кэлбитэ. Мин үгүстэрин да аан бастаан көрбүтүм, бары да олус үчүгэйдик уу сахалыы кэпсэтэллэрэ, сэлэhэллэрэ истиэххэ эриэккэс үчүгэй этэ. Мин хара маҥнайгыттан кинилэр эйгэлэригэр киирбитим. Василий Иванович Босиков-Босяк куурус биир тутаах киhитэ буолара тута харахха быраҕыллара. Саҥата улахана, кэпсиирэ көрүдьүөhэ уонна остуолу иилээн-саҕалаан ыытара бэйэтин киэнэ этэ. Сарсыныгар Ленин болуоссатыгар тиийэн өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүппүт. Оччолорго эдэрбит, күөгэйэр күннэрбит эбит. Билигин ол хаартысканы астына-дуоhуйа көрөбүт.

Бастаан Ганя Филипповтаахха мустар, көрсүhэр этибит. Кинилэр 202-с түөлбэҕэ кыбартыыра ылбыттарыгар, дьиэ сууйуутугар, кыра уола Гаанньа ыал буолбутугар куоракка баар куурсун оҕолоро буолан дьиэ кэргэнинэн сылдьыбыппыт. Онтон ыла бодоруhар, билсиhэр буолбуппут. Кэлин биhиги куорат килбэйэр киинигэр киэҥ-куоҥ кыбартыыра ылбыппытыгар биhиэхэ мустар буолбуппут. Куораттан чугас Сэргэлээххэ даачалаах буолан, сайын онно көрсүhэр буолбуппут. Коля Брызгалов ыраах Муоматтан илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэрэ. Биhиги үөрэ-көтө көрсөн, тирии тэнийиэр диэри кэпсэтэн тарҕаhарбыт.

Кыhын Николай Алексеевич оскуолатын наадатыгар командировкаҕа кэллэ. Көрсүhүү тэрийдибит. Рая Захарова оччолорго болуоссакка атынан куорат оҕолорун хатааhылатара. Онон аттарын даачатыгар илдьэн, дьаhайан баран хойутаан кэллэ. Рая саха ынаҕын тутара, ол үүтүн илдьэ кэлбитинэн, хойуу үүттээх чэй иһэ олорон, кэм да Босяк тоҕо хойутаан кэлэҕин диэн мөҕөөччү буолла, онно мэҥэhиннэрэн Ганялаах Вася Рая кыаҕын туhамматаҕын, сылгы өҥүгэр диссэртээссийэ суруйар кыахтаах этиҥ диэн турдулар. Онуоха Раялара: «Мин эhиги курдук эр киhи үhүбүн дуо, икки оҕобун көрүөххэ-истиэххэ наада, дьиэни-уоту бэрийии барыта мин үрдүбүнэн. Онуоха кэргэним олох туох да көмөтө суох, атахтыыра элбэх», – диэн саба саҥарбыта. Ол этэрэ кырдьык буоллаҕа. Мин Раиса Гаврильевналыын болуоссакка да көрсөн, дьиэбэр чэйдии олорон истиҥник кэпсэтээччибит.

Аны Баhылай Уйбаанабыс үрдүгэр түстүлэр, аспирантураҕа туттарсан үөрэнэн испит эбит. Литературнай кириитикэҕэ дипломнай үлэтин салгыахтааҕын ситэрбэтэх. Оннооҕор учууталлара Баhылай Никиитис үйэтин тухары үлэлээн баран, кыайбатаҕын туhунан санатан Гоша Неймохов албакааттаста. Оччолорго кыайтарбат, мөккүөрдээх боппуруос буоларын туhунан кэпсэттилэр. Мин, саха салаатыгар үөрэммэтэх киhи, кинилэр кэпсэтиилэриттэн араас мөккүөрдэр буола сылдьыбыттарын истэрим, билигин да күөрэйиэх курдук буолан иhэн умулларын туhунан кэпсэтэллэрэ. Ол мөккүөргэ кыттыспакка, ким да диэки буолбакка, проблеманы сөптөөхтүк быhаарыллыахтаах дэhэллэрэ. Босяк Туматы наhаа кэлтэйдээри гынаҕын, бүлүүлэр диэн тахсаҕын диэн, кыhарыйыах буоларын Гаврил Гаврильевич уҕарытааччы буолара. Тумат ардыгар Босяктан өhүргэммитэ буолан тирк гынан хаалара.

Биирдэ Коля Брызгалов даачаҕа эрдэ соҕус кэлэн, аҕалбыт кэhиитин иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ астаан буhардыбыт. Онно Коля олус сөхтө: «Маша 30 сыл устата куоракка олорбут киhи диэтэххэ, тоҕо бэрдэй куhу эттиириҥ, астыырыҥ, олох тыа дьахтарын курдук туттаҕын-хаптаҕын», – диэтэ. Ону мин: «Аҕам булчут этэ, күhүн, саас кустаан аhатара. Онон оҕо эрдэхпиттэн куhу астыы үөрүйэхпин», – диэбитим. Онтон оҕолор утуу-субуу кэлэн, күө-дьаа буолан остуолга олоруу буолбута.

Көрсүhүүлэргэ, мэлдьи кэриэтэ, остуол баhыгар толуу көрүҥнээх, элбэх саҥалаах табаарыстарын Босягы олордооччулар. Дьэ оччоҕуна, Васябыт сүөм үрдээн, хоҥор хаастыы хоноллон олороро харахпар бу баар курдук. Киhибит кэпсээн-ипсээн бөҕө. Санаата наар саха тылын тула охто турара. «Маа» диэн маҥыраhан тахсабыт, ийэ диэн иhирэх тылбытын истибэт буоллубут, «паа» диэн тахсабыт, аҕа диэн амарах тылбыт умнулунна», – диэн баран, ийэ тыл туhунан хоhоонун ааҕан субурутара. Биhигиттэн кини эрэ табах тардара, уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ бөппүрүөскэтин тарбаҕын быыhыгар кыбытан олорон, хам-түм соппойон ыла-ыла араатардаан барара. Москва – Мас Куба, Кремль – Күрүө диэн наhаалаан бардаҕына, Гаанньа: «Бу киhи даҕаны», – дии-дии күлэрэ. Гоша сөбүлэhэн: «Сөп-сөп-сөп», – диирэ түргэн үлүгэрдик. Коля мүчүк гынара, Дьэлиhиэй күлэн кэбиhэрэ. Мин Васям табаарыстарын сэргээбиттии күлэн ыттайан олорор буолара. Вася Босяк куорат оҕолорун саха тылыгар хайдах үөрэтэрин кэпсиирэ. Сатаан саҥарбат куорат оҕолорун оскуоланы бүтэрэллэригэр сахабыт диэн киэн туттар, үчүгэйдик сахалыы кэпсиир, сахалыы кинигэни ааҕар буолалларын ситиhэринэн киэн туттара. Итиэннэ оскуола мунньахтарыгар, араас таhымнаах көрсүhүүлэргэ сахалыы эрэ тыл этэрин, үөрэх миниистирэ Е.И. Михайлованы сахалыы саҥарарга үөрэппитин кэпсээн сөхтөрбүтэ.

Коля Брызгалов аны инники былаанын билсиhиннэрэр. Биэнсийэҕэ таҕыстаҕына, Нөмүгүгэ көhөн кэлэн, дьиэ туттан олохсуйуох буолар уонна сылгы ииттэн, оҕуруот аhа олордон, хаhаайыстыба тэриниэх буолар. Куорат уолаттара тахсан, хортуоска олордуhан, оттоһон көмөлөhүөх буолаллар. Омуннарыгар субу тахсыах курдук буолаахтыыллар этэ. Ити эдэрдэригэр. Онтон улам хаамаллара ыараан, бытааран, мас тротуарынан тибигирэйэн кэлэллэрэ уурайан, оргууй аҕай ыараханнык үктээн кэлэр буоллулар. Ол да буоллар син биир үөрэ-көтө көрсөллөрө. Ардыгар мунчаарыы да баар буолара. Вася Босяк, Вячеслав Окороков, Гоша Неймохов ыалдьаллара биллэн барбыта.

Аан маҥнай Вася, Горнайга командировкаҕа сылдьан, салгыҥҥа оҕустаран санрейсинэн киирбитэ. Санаатын күүhүнэн, тайахха тэптэрэ сылдьан, оскуолатыгар үлэлээбитин курдук үлэлээбитэ. Биирдэ улахан уолун сыбаайбатыгар Гоша Неймоховтааҕы кытта ыҥырыллан сылдьыбыппыт. Хатыҥ Үрэххэ даачатыгар тэрийбит этэ. Биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Ийэтин кытта билиhиннэрдэ, уолаттар ийэтин устудьуон эрдэхтэриттэн билэллэр эбит, биhиги, кийииттэр, аан бастаан көрдүбүт. Чахчы дьоhуннаах ийэ эбит этэ. Эдэригэр, сэрии саҕана холкуоска бэрэссэдээтэллээбит, нэhилиэк сэбиэтигэр эмиэ үлэлээбит. Төрөөбүт таайдара Василий Афанасьевич, Николай Афанасьевич иккиэн кэргэннэриниин бааллар. Чахчы көстөр дьүhүннүүн, тыллыын-өстүүн астык дьоннор. Биһиги киhибит тирэнэр тирэхтэрэ, эркин курдук эрэнэр дьонноро. Васябыт аймахтара боростуойдарын, кэпсэтинньэҥнэрин, уолларыгар аҕалыы, ийэлии кыhаллалларын көрөн астыммыппыт. Вася санаата көнньүөрэн, көтөҕүллэн буолуо, кийииттээх уолугар анаан, сатаабатар да тойугунан алҕаата. Ону ийэтэ, мин истэн олордохпуна, «Ити мин киhим туойар дуу», – диэн ыйытта. Онно ийэ оҕотун олус таптыыра, оҕото тугу гыммыта ийэ киhиэхэ барыта күндүтэ кини куолаhыгар уонна саҥарар саҥатыгар биллэрэ. Ийэ барахсан оҕотун ол курдук күүскэ таптыыра.

Табаарыспыт ыарыйдым диэн хаhан даҕаны санаатын түhэрбэтэҕэ. Хайаан да үтүөрүөм диэн тыллааҕа. Ол сылдьан иккиhин ыалдьыбыта. Бу сырыыга олус ыараханнык. Хаһан да өрүттүбэттик. Уолаттар табаарыстарыгар өрүү сылдьаллара, санаатын көтөҕөллөрө, төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэрэ. Биирдэ мин кэргэммин кытта барса сылдьыбытым. Вася хоһугар соҕотоҕун сытара. Кэпсэттибит, улаханнык үөрдэ-көттө. Тыла чиҥ курдук, барыны-бары өйдүүр, кыайан хаампат эрэ. Ол олорон, орон үрдүгэр хаартыскаҕа хараҕым хатанна. Ийэлээх аҕатын бииргэ туспүт курдук оҥорторон, ыйаан туруорар эбит. Мин ону көрөн бөтө бэрдэрдим. Вася Босяк хайдах курдук аҕалаах буолуон баҕарбытын, толору дьиэ кэргэҥҥэ ымсыырбытын оронун үрдүгэр ыйаммыт хаартыска кулгаахпар сипсийэр курдуга.

Вася Босяк төhө да ыараханнык ыалдьа сыттар, өйө-санаата, кэлэр кэскили саныыра, түстүүрэ, хоhооннорун кинигэтин таhаартарыан ыраҥалыыра. Саха тылын куорат оскуолаларыгар үөрэтиигэ анал кинигэ бэлэмнээбит киhи дии саныыра. Биhиги сылдьыбыппыт кэнниттэн доҕорбут олохтоох дойдутугар айаннаабыта. Бииргэ үөрэммит уолаттара, биир дойдулаахтара, оҕолоро тиhэх суолугар атаарбыттара. Атаахтатан ииппит кыыhа, туйаҕын хатарааччыта Улята – Ульяна Васильевна Заболоцкая-Босикова кэлин аҕатын кэриэhигэр «Учуутал уонна поэт» диэн бэртээхэй кинигэни оҥорон таhаарбытын көрбүтүм. Ульяна Васильевна уонна уолаттара аҕаларын аатын ааттата сылдьыахтара диэн эрэнэбин.

Кэргэнэ Ульяна Дмитриевна поэтесса буолбут, хоhооннорун бассаап ситимигэр ааҕааччыбын. Ульяналыын Бүлүү педучилищетыгар биир кэмҥэ үөрэнэ сылдьыбыппыт. Вася Босяк өрүс саҥа тураатын кытта, Бүлүүгэ тиийэн кэлбитэ. Өрүhү кыл мүччү туораан кэлбит этэ. Кыргыттар Вася Уляҕа тапталын олус сөхпүппүт. Аны илиитигэр кини аатын үйэ-саас тухары барбат гына суруна сылдьара. Вася педучилищеҕа лабарааннаабыта уонна саха салаатыгар үөрэххэ туттарсан киирбитэ уонна Улятын Дьокуускай педучилищетыгар көhөртөрбүт эбит. Ол туhунан Вася бэйэтэ кэпсээбитэ.

Н.А. Брызгалов, Е.П. Неймохов огдооболоро, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэн, «Саха сирин чулуу дьоно» сиэрийэҕэ бэртээхэй кинигэлэри бэлэмнээн таһаартаабыттара саныахха үчүгэйэ бэрт. СӨ үтүөлээх учууталыгар, талааннаах поэкка Василий Иванович Босиковка-Босякка өйдөбүнньүк кинигэ тахсыан ис сүрэхтэн баҕарабын. Онно анаан бу кылгас ахтыыны суруйдум.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации