Текст книги "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат"
Автор книги: Валерий Луковцев
Жанр: Книги о войне, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]
ИЭДЭЭН ТӨРДӨ ТУОХХА ЭТЭЙ?
Сэрии сылларыгар Саха сирин территориятыгар биир да бомба, снаряд түспэтэҕэ. Ол эрээри уоттаах сэрии сотон ааспыт иччитэх сирдэригэр майгынныыр кураанахсыйбыт өтөхтөр, дьон олохсуйбут миэстэлэрэ үгүстэр. Ити дьоно-сэргэтэ аччыктаан, хоргуйан өлбүттэр олохторо.
«Чолбон» сурунаал бу 1992 сыллааҕы 4 №-гэр экономическай наука кандидата Н. Дьяконов «Төһө киһи хоргуйан өлбүтэй?» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ыстатыйа матырыйааллара, официальнай статистика дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут буоланнар, итэҕэтиилээхтэр.
Онно этиллэринэн, 1940 с. Саха сиригэр тыатын нэһилиэнньэтэ 325974 киһи эбит. Оттон ити сыыппара 1946 с. баара-суоҕа 218000 киһиэхэ диэри таҥнары түспүт. Оттон сэрии сылларыгар фроҥҥа тыа сириттэн 41,8 тыһ. киһи барбытыттан 27,6 тыһ. киһи өлбүт. Онтон ордуктара төһөтө хоргуйан уонна ол содулугар өлбүтэ биллибэт. Киин уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар 1941—1943 сс. өлбүт дьон 50,8 бырыһыаннара хоргуйууну кытта быһаччы сибээстээх эбит. Өскөтүн 1939 с. Чурапчы оройуонугар 16989 киһи баар эбит буоллаҕына, 1946 с. 8900 киһи буолбут. Ити сыыппаралар туһааннааҕынан Сунтаарга 22559—13900, Уус-Алдаҥҥа 16989—11600, Мэҥэ-Хаҥаласка 20711—14400, Ньурбаҕа 21601—1500, Арҕаа Хаҥаласка 18453—1500, Бүлүүгэ 16023—11900, Үөһээ Бүлүүгэ 14853—10400 тэҥнэспиттэр.
Дьэ, доҕоттоор, туох да диэбит иһин туох эрэ ыарыы сотон ааспытын курдук балысхан аччааһын. Ама, бу барыта сэриигэ баран суорума суолламмыт дьон охсуута буолуо дуо? Ити содула баара мөккүһүллүбэтин иһин, итиччэ үлүгэр быһа-бааччы көҕүрээһин тахсыан табыллыбат. Бу биричиинэтин туһунан дириҥник, киэҥник ырытыһар, хоҥнохтоохтук кэпсэтэр кэм кэллэ дии саныыбын. Саарбахтааһына суох, нэһилиэнньэ ахсаана ити сөҕүмэр аҕыйааһына хоргуйан өлүүнү кытта быһаччы сибээстээх. Уонунан тыһыынча биир дойдулаахтарбыт, биир хааннаахтарбыт туох да буруйа суох эрээри суорума суолламмыттарын кэриэстиир, ахтар-саныыр кэммит кэллэ. Ити хайаан да биирдиилээн салайааччылар уонна аҕыйах дьон бөлөхтөрүн интэриэһинээҕэр үрдүктүк тутуллуохтаах.
Өлөр-өлүү, быстарыы түбүлээбит сүрүн биричиинэтэ туохханый? Онто да суох аҕыйах киһилээх республикаттан бачча үлүгэр элбэх киһи тоҕо хоргуйан өллө? Кинилэри быыһыыр, өрүһүйэр тоҕо кыаллыбатаҕай? Итиннэ араас биричиинэлэр баар буолуохтарын сөп. Мин санаабар, икки сүрүн биричиинэ баар быһыылаах. Бастакытынан, республика уонна оройуоннар оччотооҕу салайааччылара тыа сиригэр хоргуйан өлүү аһара үксээбититтэн, маассабай характердаммытыттан куттанан, ону тохтотор кыахтара суоҕун билинэн, норуокка итиэннэ дойду үрдүкү салалтатыгар адьаһын биллэрбэт, кистиир-сабар суолу тутуспут буолуохтарын сөп. Иккиһинэн, хоргуйан өлүүнү туох да суолтата суоҕунан ааҕан төрүт аахайбат, кыһаммат, дэҥ тыаттан киирэр биллэриилэри государствоны баһааҕырдыы курдук көрөн, күөмчүлээн, куттаан саба баттыырга дьулуспуттара буолуо.
Хайдаҕын да иһин, бу икки биричиинэ тосту, толоос, сүөргү быһыыттан атыннык сыаналаныахтарын сатаммат. Ону ааһан норуот иннигэр улахан ыар буруйу оҥоруу буолар. Тыа сиригэр үөскээбит быһыыны-майгыны бүүс-бүтүннүүтүн билэ-көрө олорон маассабай аччыктааһыны, дьон хоргуйан өлүүтүн таһаарыы, ама, сиэрдээх быһыыга киирдэҕэй, хайҕаллаах дьыала буоллаҕай?! Норуокка маннык иэдээни соҥнооһун, геноцид быһыытынан көрүллэн, сөптөөх сыанабыл бэриллиэхтээх.
Сэрии сылларынааҕы Саха сирин салалтата кыратыттан улаханыгар тиийэ, бу дьыалаҕа быһаччы сыһыаннаахтарын быһыытынан, эппиэтинэһи кинилэр сүгэллэр. Самалык биричиинэлэргэ сигэнэн, буруйу-сэмэни атыттарга сүктэрэ сатыыр сүөргү. Буруй олохтоох салайааччыга сытара көстөн турар суол. Үлэни-хамнаһы, дьыаланы-куолуну, үлэһиттэри барыларын иилээн-саҕалаан, салайан, хамаандалаан олорооччулар эппиэттээбэккэ, туораттан буруйу ким сүгүөн сөбүй? Өлөн эрээччилэр бэйэлэрэ дуо? Суох, кинилэр бэйэлэрин буруйдарынан хоргуйан өлбөтөхтөрө, атын туора күүс орооһуутуттан суорума суолламмыттара. Ол туора күүһүнэн эн – оччотооҕу салайааччы, буолаҕын.
Тоҕо көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буолан кубулуммуккунуй, өлөн эрэри быыһаабатыҥ, өрүһүйбэтиҥ?! Оттон эн аһыыр аскын оҥорооччу, дэлэтээччи ити өлөн эрээччи буолбатах этэ дуо?! Тыа сирин дьонун, холкуостаахтары, аһы-үөлү оҥорооччулары хоргутан өлөрөн бараҥҥын кимнээхтэринэн государственнай былааны, фронт наадыйыытын толоруом диэн толкуйдаабыккыный? Эн, сэрии саҕанааҕы тыа сирин салайааччыта, мантан куотунар албаһыҥ биир: буруйдаахтар республика үрдүкү салайааччылара, обком, совмин. Киирэр сигналлары кинилэр тибэ олорбуттара диэҕиҥ. Ол биирдиилээн кииртэлээбит үҥсүүлэр, сигналлар улахан далааһына, уота-күөһэ суох буоланнар умулуннахтара. Тоҕо табыллыбатай тыа сиригэр балаһыанньа тыҥааһыннааҕын чуолкай билээччилэр, оройуоннар салайааччылара, бары бииргэ түмсэн улахан комиссиялары тэрийэн иҥэн-тоҥон бэрэбиэркэлээн, итэҕэтиилээх дааннайдарынан ылыннарыылаахтык быһаарсыбыттара буоллар, обком да, совмин да ылыммакка ханна барыахтар этэй? Итинник комиссиялар оройуоннарга тэриллибиттэрэ тоҕо эрэ иһиллибэт. Бары куттанан, киксибит курдук, ууну омурдан олорбуттара. Обком уоһа хамныырын кэтэспиттэрэ.
Эн, саха салайааччыта, бэйэҥ омугуҥ дьылҕатын туһугар ис дууһаҕыттан ыалдьан кыһаммат буоллаххына, ол туора омук дьоно сылаас кабинекка, сымнаҕас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олорбут Степаненко дуу, Масленников дуу кыһаллыахтара дуо?! Кинилэргэ сыччах государственнай былааны толоруу эрэ наада, атыҥҥа аралдьыйалларын оччо ахсарбат тойоттор буолаллара өйдөнөр. Тыа сирин иэдээнин барытын республика үрдүкү салалтатыгар түһэрэр тутах, кэрэгэй.
Итиччэлээх үгүс хоргуйан өлбүт дьон быыһыгар, хор, биир эмит кыра да салайааччы аччыктаан, хоргуйан эрэйдэммитэ адьас суох этэ, хоргуйан өлбүтэ баар буолуо дуо. Кыра кыаммат дьон, аһы-үөлү бэйэтин чэрдээх илиитинэн үлэлээн муҥнанан аһааччы боростуой үлэһит сордоох үрүҥ-хара көлөһүнүн тоҕон, дойдуну аһатан-таҥыннаран баран, быһылааннаах кэм үтүргэнигэр тиийэн бастаахтартан өрүһүллэрин оннугар өлөр-өлүү иннигэр умсары анньылыннаҕа…
Үтүмэн үгүс материальнай хоромньуну таһынан төһөлөөх үгүс культурнай, духовнай сүтүк таһаарыллыбыта буолуой? Ити уонунан тыһыынча өлбүттэр истэригэр эдэркээн бэйэлээх ыччаттар уонна оҕолор бааллара эбээт. Кинилэр ортолоругар эҥин эгэлгэ талааннаахтар былаҕайга былдьаннахтара. Кинилэр төһөлөөх үгүһү айаннар республика духовнай сайдыытыгар киллэриэхтэрэ хааллаҕай…
Ыал ыалынан, дьиэ дьиэнэн эстибитэ. Ити аата ол дьон утумнуур суоллара-иистэрэ имири эһиннэҕэ. Ол эрэйдээхтэр төһөлөөх ытаан-соҥоон, хомойон-хоргутан, муҥу-сору көрөн, үгүс киһи үөйбэтэҕин санаан бу орто дойдуттан араҕыстахтара. Кинилэри өрүһүйэр, быыһыыр ким кэлиэй. Тот аччыгы кыайан өйдөөбөт, кини эйиэхэ илиитин ууммат. Хоргуйан өлбүттэр хайдахтаах курдук тулуурдаахтарын, сэмэйдэрин, көнөлөрүн, чиэһинэйдэрин, майгы-сигили сөҕүмэр үрдүк чыпчаалын көрдөрбүттэрин патриотизм уонна геройство курдук көрүөххэ сөп. Киһи сөҕөрө баар, кинилэр аһы-үөлү бэйэлэрэ оҥоро, тута сылдьан өлбүттэрэ. Ити, туох да саарбахтааһына суох, ыраас суобас, чиэһинэй буолуу муҥутуур холобура.
Кыһыылааҕа-абалааҕа, хомолтолооҕо кинилэр били Крым татаардарын, Волга немецтэрин, Кавказ омуктарын курдук көһөрүллэн, үрүө-тараа баран өлбүт буолбатахтар. Сылаас дьиэлэригэр-уоттарыгар, өтөхтөрүгэр нус бааччы олорон, сыччах баар ас-үөл бэриллибэтэҕиттэн өлбүттэрэ. Чугастыы, биһиэхэ, Уус-Алдаҥҥа, Уһун-Күөл диэн бэрт кыракый дэриэбинэҕэ 59 киһи хоргуйан өлбүтэ биллэр. Ити хоргуйан өлбүт уонунан тыһыынча дьон дууһалара үөһэттэн таҥнары өҥөйөн туран билигин да ытаһа тураллар. Биһиги, буруйа суох эрээри, суорума суолламмыт дьону умнарбыт олох сатаммат, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр иэстээхпит. Муҥ саатар, братскай ииннэри да тутуох баара.
Бу биһиги, сахалар, үйэлэр тухары оспот бааспыт, национальнай трагедиябыт быһыытынан сыаналаныахтаах. Оччотооҕу официальнай политика этэринэн, «дьэҥкэрэн» өлбүттэри кэриэстиир араас өрүттээх үлэ республика Правительствотын таһымыгар барыахтаах.
Петр Константинович Сивцев,Уус-Алдан, Чэриктэй«Сахаада», 02.09.1992 с.
БИИР ТАБЛИЦА ТААБЫРЫННАРА
(Икки улахан хоргуйуу туһунан өссө биирдэ)
Науканы айар дьон, учуонайдар, докумуону, бука, туох сыаллаах-соруктаах үлэ суруйалларыттан көрөн туттан-туһанан эрдэхтэрэ буолуо. Мин бэчээттэн, кинигэттэн ылан матырыйаалы тустаах кэм уратытын, автор туох санаалаах олорон тугу этээри оҥостубутун өйдөөтөхпүнэ эрэ тутта сатыыбын. Ол мин, коммунистическай идеология туругуран турар кэмигэр үөрэммит буоламмын, тугу барытын партияҕа, былааска эрэ туһалаах өттүнэн көрдөрөртөн куотуна сатыыр быһыым.
Ону тэҥэ бу суруйан эрэрбэр сыһыаннаах тиэмэ, мөккүөрдээҕин тэҥэ, үгүс дьоҥҥо тута тиийбэтинэн уратылаах. Бииринэн, саха киһитэ куһаҕаны, санаа баттыгаһа оҥостумаары, умна сатыыр үгэһэ баар. Бэл саастаах дьон, «оннук этэ дуо?», «ама доҕоор! Хантан ылан суруйалларый?» эҥин диэччилэр. Атын өттүттэн, коммунистическай идеология сэбиэт былааһа үчүгэйи эрэ дьайар былаас дэтэр тугу барытын киэргэтэн көрдөрөр ачыкыны кэтэрдэриттэн өй баайыллыыта сорохторго сибилиҥҥэ диэри сабыдыаллыыра биллитэлээн ааһар. Оннук дьон, ийэлэрэ-аҕалара хоргуйан өлбүт биитэр хаайыыга түбэһэн баран эргиллибэтэх да буоллахтарына, «миигин интэринээт абыраабыта, сэбиэскэй былаас киһи-хара оҥорбута» диэн өссө махталлаах буолааччылар.
Дьэ ити инниттэн, ааҕааччыбын мунаардымаары, мин тугу эмэ суруйарбар туох буолбутун чахчы баарынан көрдөрөр эрэ докумуоннарга олоҕурарбын ордоробун.
Урут «Хоргуйуу хантан кэлэр этэй?», «Сахаҕа кырыыстаах кэм этэ» диэн үөһэ ааттаабыт тиэмэбэр икки бөдөҥ ыстатыйаны анаабыттаахпын. Онно, бэрт элбэх докумуону өрө-таҥнары сыымайдаан, маннык түмүккэ тиийбитим:
1. Хотугу дойдуга киһи быстарара үгүс. Ол эрээри ураты кыһалҕалаах кэмнэргэ оннук быстарыы ордук ыараан кэлэрэ уонна киһини өтөрүнэн өрүттүбэт иэдээҥҥэ тэбэрэ. Сүүстэн эрэ тахса сыл устатыгар улахан сут Саха сиригэр түөрт төгүл кэлэн ааспыт. 1917 сыллаах революция иннинэ иэдээннээх хоргуйуу буолбут эбит: 1881—1887 сс., 1910 сылтан 1915 сылга диэри. Советскай былаас сылларыгар буолбут икки улахан сукка, айылҕа атаҕастабылынааҕар, дьон оҥоһуута ордук көйүүлээх иэдээҥҥэ тиэрдибит.
2. 1917 сылтан 1929 сылга диэри хоту олорор норуоттарбыт, үксэ гражданскай сэрии тэбиититтэн, табаларын сорох сиргэ 70—80, атын сиргэ 90 бырыһыаҥҥа тиийэ сүтэрбиттэрэ. Булт 1923, 1924, 1925, 1927 сылларга, күндү түүлээх кыыл кэлиитэ аҕыйаан, биир киһиэхэ тиксэринэн баара-суоҕа 30 солкуобайдаах дохуоту биэрбитэ. Итиччэ харчыга, холобур 1928 сыллаахха, ытыс саҕа кирпииччэ чэйи атыылаһыахха сөп этэ.
Соҕурууттан Саха сиригэр кэлэр аһылык, табаар быстах аҕыйаабытын таһынан, онтон өлүүлээн бэриллибити тиэрдии бэдэрээтинэн эрэ илдьиллэр кыахтааҕа. Онон таһаҕас хоргуйуу ааҥнаабыт сиригэр 8—7 ыйынан биитэр саҥа экономическай политика (НЭП) олоххо киириитэ хотугу норуоттары абыраабатаҕа. Киин Россияттан силистээн государственнай эргиэн тэрилтэлэрэ, үптэрэ-астара дэлэччитинэн, саа, булт тэрилин элбэхтик тиэрдэринэн туһанан, таһаҕаһы бэдэрээттэһэн таһааччылары бэйэлэригэр тардаллара уонна түүлээх көстөр сиригэр ким хайа иннинэ тиийэллэрэ. Кинилэр бастакы куоһурдара: түөрт аты тутан барар ындыыһыкка күҥҥэ 4 солкуобайы төлөөһүн, сүүс буут таһаҕаска үс бытыылка испиири биэрии. Атыыһыттарбыт дэнэр дьон, государство эргиэнин тэрилтэтиттэн кредит ылан, хас да ындыыһыты тутар кыахтаахтара. Оттон 400 гр бытыылка ууламмыт арыгыга 1925, 1926 сылларга Томпоҕо үс тииҥи, үс бытыылкаҕа бүтүн сарыыламмыт тириини биитэр таба саҕынньаҕы ылыахха сөп этэ.
Эргиэн үрэх баһыгар арыгынан, чэйинэн, табаҕынан сүрүннэнэр буолан испитэ. Элбэх түүлээххэ турбат табаар – бурдук, туус, саахар – аанньа тиэрдиллибэт буолбута. Уу суоллаах сирдэргэ бурдук тиийдэҕинэ да, түүлээх суох буоллун да, бурдуктаах лааппылар сабыылаах тураллара. Ол курдук 1927 сыллаахха хоту улуустарга наада буоларынааҕар элбэх аһылык, табаар тиэрдиллибитэ да, түүлээх суоҕунан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыллыбатаҕа. Онуоха эбии государственнай эргиэн, республика олохтообут сыана үрдүкү кэрдииһин кэһэрэ элбээн барбыта. Бултана илик булка иэс ылсыы-бэрсии – бу этэ олохтооҕу хабалаҕа киллэрэр ньыма.
3. Республика өттүттэн кыах тиийэринэн көмө оҥоһуллар этэ. Уон сыл устата хотугу омуктарга бэриллибит көмө кээмэйэ 1,7 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобайга тэҥнэспитэ. Оттон хотугу улуустар гражданскай сэрии кэмигэр тэбиллибит ороскуоттара итинтэн икки бүк улахан этэ. Сити да үбүнэн ас-таҥас кэмигэр тиэрдиллибитэ эбитэ буоллар, дьон хоргуйуута тохтуур кыахтааҕа. Ону баара «Якутторг» да, «Холбос» да хотугу оройуоннарга таһаҕас тиэрдэр транспордара суоҕа. Инньэ гынан, эргиэн олохтоох тэрилтэлэрэ государственнай эргиэн үтүргэнин тулуйбаккалар 1926—1927 сылларга хотугу норуоттар олорор сирдэригэр баар лааппыларын, үптэрэ тиийбэтинэн, сабан, ол государственнай эргиэн тэрилтэлэригэр биэрэргэ күһэллибиттэрэ.
Итинник билиҥҥи рыногы санатар быһыыга-майгыга хотугу дьон, республика тэрийэр кооперативтарыгар кыайан тардыллыбакка, «Салҕабыл» общество көмөтүнэн эмиэ суол-иис мөлтөҕүнэн, ситэри туһаммакка, государственнай эргиэн уонна ити эргиэн кредит биэрэр «атыыһыттарбыт» дэнээччилэр хабалатыгар киирэн, хоргуйан, эстэн-быстан барбыттара. Холобур, хаһан эрэ Намҥа олорбут ламуттар, билиҥҥи Томпо улууһун икки нэһилиэгин дьоно, көһөн эҥин, имири эстибиттэрэ. Умнаһыттыйыы, үлэтэ суох хаалыы Халыма улууһугар, Абыйга нэһилиэнньэ чиэппэрин, Муомаҕа 41 бырыһыанын хаппыта.
4. 1917—1928 сыллаах сут саамай ыарахан содулунан хотугу норуоттары, бэйэлэригэр эрэмньилэрин сүтэрэргэ тириэрдэн, олох киэҥ далайыгар эрдиитэ суох тыыга олордон уһаарыыта буолар. Оттон ону бары норуоттары, ол иһигэр нуучча курдук улуу норуоту, биир күрүс советскай норуот оҥоруу саҕана ким да көннөрө сатаабатаҕа, көннөрөр да кыаҕа суоҕа. Холбоһуктааһын, ол аата колхозтары тэрийии, хотугу сир экономикатын өрө көтөхпөтөҕө. Уопсай үөрэхтээһин онно үөскээбит быһыыга-майгыга олохтоох норуоту «хараҥа олохтон» өрүһүйэргэ буолбакка, төттөрүтүн, эһэргэ көмөлөспүтэ. Олоххо туох үчүгэй баара атын сиртэн, соҕуруу дойдуттан эрэ кэлэр диэн өйдөбүл күннээҕи аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан улахан омуктар культураларыгар бүк бас бэринии бэйэни сэнэниигэ, бэйэ үтүө үгэстэрин умнууга тиэрдибитэ. Ол да иһин, эстии-быстыы төрүтэ хотугу норуоттарга ситинтэн саҕаламмыта.
Маны мин 1925 сыллаахха тэриллибит хотугу норуоттар олохторунан дьарыктанар комитет матырыйаалларынан ырытабын.
Иккис улахан сут сэриини кытта тэҥҥэ кэлэн баран, сэрии бүппүтүн кэннэ 1947 сылы кытта хабан таҥнары сатыылаан ааспыта. Сорох сиргэ, холобур Чурапчыга, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, кураан 1939 сылтан саҕаламмыта. Баайаҕаҕа уон сылы быһа ааһан-арахсан биэрбэтэҕэ. Ити иэдээннээх сылларга колхозтар ылбыт үүнүүлэрэ биир гектарга таһаардахха маннык этэ: 1938 сылга 10,4, 1939 сылга 3,6, 1940 сылга 5,3, 1941 сылга 3,2, 1942 сылга баара-суоҕа 1,5, 1943 сылга 5,5 ц.
Ол гынан баран бу сырыыга киһи өлөрүн кэм да бэйэтэ оҥостубута. 1939 сыл саҥатыттан, 1938 сыллаах репрессия кэнниттэн, республиканы соҕурууттан кэлбит дьон салайбыттара. Бу дьон бастатан туран, «норуот өстөөхтөрүн» сыыһаларын көннөрөбүт диэн ааттаан, тыа сиригэр кэтэх хаһаайыстыбаны эһэн, колхозтары күүһүрдээри иккис холбоһуктааһыны ыыппыттара. Онтон туох тахсан кэлбитин маннык сыыппаралар кэрэһэлииллэр. Урут, 1939 сылга диэри, сүөһү 70 бырыһыана биирдэм хаһаайыстыбаларга, колхозтаахтар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар турбута. Күүс өттүнэн, нолуогунан күһэйэн холбоммут ити сүөһү ахсаана 1943 сыл тохсунньу 1 күнүгэр кэлэн 1940 сыл ити кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 226044-нэн аҕыйаан тахсар. Итинтэн 1941—1942 сылларга 42344 сүөһү туох да туһата суох көнньүнэн өлөр. Колхозтаахтар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар баара-суоҕа 8 тыһыынча сүөһү ордон, колхозтаах ыал аҥаара төрүт да сүөһүтэ суох хаалар.
Колхозтаах ыал хантан да аһыыра суох буола түспүтэ. Сэрии сылларыгар рабочай, сулууспалаах карточканан нуорма ылар буоллаҕына, колхозтаахха оннук нуорма олохтоммотоҕо. Сут кэлбитин көрө олорон республика салалтата «Барытын – фроҥҥа, барытын – кыайыы туһугар» диэн лозуну кэлиилии кэбэ олорортон атыны билиэн да, истиэн да баҕарбатаҕа. Инньэ гынан бурдугу государствоҕа туттарыы сорудаҕын колхозтар этинэн, арыынан толорорго күһэллэллэрэ. Ол инниттэн 1940 сылга 286, 1941 сылга 419, 1943 сылга 112 колхоз грамм да бурдугу колхозтаахтарга бурдугу дохуот быһыытынан түҥэппэтэҕэ. 1941, 1942, 1943 сылларга колхозтаах баһыйар үгүс өттө арыынан, үүтүнэн дохуот диэни аахсыбатаҕа. Эгэ, харчынан дохуот кэлиэ дуо?
Ити үрдүнэн колхозтаах байыаннай нолуоктан төҥүргэс нолуогар тиийэ араас түһээни бүтүннүү төлүөх, оборона фондатыгар үп биэриэх, заемҥа суруттарыах, Кыһыл Армияҕа бэлэх, итии таҥас ыыта олоруох тустааҕа. Балык, түүлээх булда, бириискэлэргэ таһаҕас тиэрдиитэ ити эмиэ кини эбээһинэһэ этэ.
Биллэн турар, обком салалтатын «ура-патриотическай» дьайыыта туохха тиэрдибитин, үөскээбит быһыыны көннөрөргө өйдөтүһэ, туруорса сатааччы дьоннор бааллара. Оннук дьону саба охсон иһэллэрэ. Оччотооҕу обком салалтатын сыыһаларын, олор туохха тиэрдибиттэрин туһунан урут сөптөөҕүн суруллан турар. Онон, үрдүкү салалта өттүттэн норуот кыһалҕатыгар туох сыһыан баарын көрдөрөр биир эрэ холобуру аҕалабын.
Иэдээннээх 1942 сыл сайын обком тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ Атражев, Ленин томун кыбына сылдьан, от үлэтэ Тааттаҕа хайдах барарын көрөр уонна обком бастакы секретара И.Л. Степаненкоҕа 1942 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр маннык ис хоһоонноох телеграмманы ыытар: «Разгильдяйские темпы в работе объясняют «отсутствием» хлеба и других продуктов. Выставляют наглые требования – разрешить забой скота для питания колхозников, а также увеличить лимит хлеба и отпуск молока с ферм, независимо от выполнения молокопоставок государству…
Тов. Степаненко, если возможно, то дайте указание выслать в район примерно месяц работника из прокуратуры и из суда. Например, один «колхозник» в к-зе им. Стаханова зарезал 4 головы рогатого скота, в том числе 1 рабочего быка, одну корову и до сих пор остается безнаказанным.
На 15/VIII убрано 11.286 т. – 28 % к потребности».
Бу үрдүк дуоһунастаах киһи иккис телеграмматын ис хоһооно маннык: «… Указанные настроения и их оправдания отсутствием хлеба поддерживается не только руководящими работниками ряда колхозов и наслегов, в том числе и отдельными коммунистами, но и ответственными работниками райорганизаций, зав.отделом нарт.пропаганды и агитации РК Винокуровым, инструктором РК Малгиным, секретарем РК ВЛКСМ Колесовым, зам.нач. МТС Местниковым, старшим агрономом МТС Барашковым (это тот Барашков, который писал заявление в обком о Слепцове).
Эти «работники», по-моему, оппортунисты (может быть до глубины души) нагло и открыто высказывают, что основной причиной такой плохой работы является то, что колхозники видят бесполезность своей работы, т.к. они в течение ряда лет ничего за свой труд не получали и сейчас у них нет хлеба».
Итинтэн салгыы Атражев оройуон салалтата, маасса этиитин хоту баран, хвостизмҥа, оппортунизмҥа охтубут диэн биллэрэр. Бу донуоска маарынныыр сурук обком салалтата сэрии кэмигэр туох принциптэри тутуһан үлэлээбитин ырылыччы көрдөрөрүн иһин бүтүннүүтүн кэриэтэ ааҕааччы болҕомтотугар тиэрдэбин. Оттон ити сурукка туох харда барбытын билиһиннэрдэххэ маннык:
«Ытык-Кель, райпартком Атражеву.
Вашей информацией от 18 августа ознакомился. Считаю, что для быстрого и решительного исправления положения заготовкой кормов в районе необходимо принимать суровые меры в отношении нытиков и оппортунистических болтунов, которые не могут быть тернимы в мирное время, делается положительно опасными, люди типа Винокуровых, Барашковых, Колесовых и других должны быть призваны к порядку самым решительным образом (вплоть до изгнания из партии) ибо они своей разлагательской деятельностью неизбежно приведут колхозы района к развалу.
Обкомпарт Степаненко.26/VIII—42».
Көрдүгүт дуо, кими да харыстаабат, норуот кыһалҕата диэни билиммэт хайдах курдук ыар дьаһалы биэрэр, салайыы хайдах суостаах стилин тутуһар эбиттэрин! Ол да үрдүнэн, 1938 сылга обком салалтата бүтүннүүтүн, правительство тыырбыт аҥаарын репрессия сотон барбытын кэннэ чордонон хаалбыт аҕыйах олохтоох салайааччылартан норуот иэдээҥҥэ түбэспитин аахсыбат итинник оруол маһы ортотунан дьаһалымсыйыыны утарааччылар, балаһыанньаны көннөрөргө туруорсааччылар көстүтэлээн барбыттара. Онон, дойду үрдүкү салалтатыгар үҥсүү үгүстүк тиийэн, партия Киин Комитета бэл оччолорго тыа хаһаайыстыбатын салайыыга БСК(б)П Саха уобаластааҕы комитетын сыыһаларын туһунан 1943 сыл муус устар 10 күнүгэр хайа муҥун анаан-минээн уураах таһаарбыттаах. Бу төһө да хойутаан таҕыстар, саха тыынын өлөйдөөбүт, уурааҕы дьүүллэспит обком пленумун кэнниттэн республика саҥа салалтата, туһулаан правительство председателэ И.Е. Винокуров, норуоту быыһыыр суһал дьаһаллары ылбытынан барбыта. Оннук дьаһалларынан буолбуттара: урут туттуллубакка сылдьыбыт сүөһүнү көрүүгэ, от үлэтигэр эбии төлөбүрү сөргүтүү, кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһүтэ суох хаалбыт колхозтаахтары сүөһүлээһин, сэлликкэ ылларбыт дьоҥҥо кымыстаан иһэллэригэр биэ биэрии, иккилии-үстүү килограммынан да буоллар, киһи ахсын лимиит диэн ааттаан мээккэ бурдуту түҥэтии эҥин.
Маннык дьаһаллар дьон маассабайдык хоргуйан өлүүтүн тохтоторго төһө да көмөлөөх буолбуттарын иһин сэллик ыарыы иэдээнэ өргө диэри ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ уонна саха норуотун генофонугар өтөрүнэн көммөт охсууну оҥорон ааспыта.
Сэллик уонна сэрии кэминээҕи хоргуйуу тустарынан суруйарбар урут да, бу да сырыыга чахчы эрэнэр эрэ докумуоннарбар олоҕурбутум да, олоҕурабын да. Инньэ гынан аны бу ыстатыйабар сыһыарыы быһыытынан бэриллэр таблицаҕа тохтуоҕум. Таблица, сигэнэр атын докумуоннарым курдук, СР Национальнай архивын уруккута «ПАЯО КПСС» дэнэр филиалыттан ылылынна.
Таблица – биһиэхэ тиийбит кырдьыктаах да, туһалаах да докумуоннартан биирдэстэрэ. Аата «Справка об естественном движении населения Якутской АССР» диэн. Тигиллэ сылдьар докумуона «Объяснительная записка по естественному движению населения Якутской республики» диэн ааттаах. Лииһин ахсаана 83. Бу докумуону Киин Комитет 1943 сыллааҕы уурааҕа тахсыбытын кэннэ республика Верховнай сэбиэтин депутата, министр Г.М. Чудинов баһылыктаах саҥа обком тэрийтэрбит комиссията оҥорбут. Атыннык эттэххэ, комиссия обком урукку састаабын сыыһаларын ууран биэрэргэ тирэх буолар сыысхала суох дааннайдары булар, олорго олоҕуран тустаах мөккүһүннэрбэт объективнай түмүктэри оҥорор аналлааҕа. Ол да курдук комиссия саха нэһилиэнньэтин өлүүтэ Советскай былаас сылларыгар тоҕо үксээбитин быһаарарыгар, үс биричиинэни: суту-курааны, сэрии үтүргэнин, салалта сыыстарыытын – ааттаан баран, «пренебрежительное отношение к человеку, игнорирование культурно-бытовых, исторически сложившихся особенностей быта якутского народа» диэн оччолорго мээнэҕэ этиллибэт бэрт хоһуун тылларынан түмүктүүр (ф.З, оп.71, д.81, л.58).
Оттон таблицаҕа эргилиннэххэ – бу биһиэхэ тиийбит кырдьыктаах да, оччотооҕу кэми таба өйдүүргэ туһалаах да докумуоннартан биирдэстэрэ. Ол гынан баран, бэйэм өйдүүрбүнэн туох да уратылааҕар тохтообокко ааһарым хайдах да табыллыа суох курдук. Туох-ханнык иннинэ таблица дааннайдара 1940 сылтан саҕалаан 1944 сылы хабалларын, 1945, 1946, 1947 сыллары хаппаттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Аатыттан да көстөрүнэн, «Дальстрой» иһинэн дьон кэлиитэ-барыыта, өлүүтэ-сүтүүтэ көрдөрүллүбэтэҕин уонна көрдөрүллүө да суохтааҕын быһыытынан, 1940—1944 сылларга 54 тыһыынча киһи хаайыыга барбыта ыйыллыбыт эрээри, онтон төһөтө өлбүтүн-сүппүтүн таблицаттан булбаккын.
Нэһилиэнньэ республика иһинэн хамсааһына (ис миграция), ЛУРП-ка үлэлииргэ ылыллан баран, ыаллыы уобаластарга сылдьыбыт дьон төһөтө-хаччата таблицаҕа эмиэ көрдөрүллүбэтэх. «Всего мобилизованных» диэн графаҕа 3042 сыыппара турар. Бу туох да мунааҕа суох военкоматтарынан ыҥырыллан республика тас өттүгэр армия наадатыгар үлэҕэ барбыттар буолуохтарын сөп.
Ону манныгынан дакаастыыбын. Холобур, 1943 сылга, хоргуйан өлүү үгэннээн турар кыһыныгар, көмүс бириискэлэригэр таһаҕас таһыытыгар колхозтартан 8300 атынан 2180 кэриэтэ киһи сылдьыбыта (оп.115, д.2, л. 61). Түүлээх, балык булда сэрии кэмигэр эмиэ биир ыарахан түһээн этэ. Дьон түүлээх булдугар, Екатерина II ыраахтааҕы саҕана дьаһааҕы кииһинэн төлүүр кыһалҕаттан дьон Даурияҕа барарын курдук, атын улуустарга кытта барара, балыкка Муустаах муораҕа тиийэ киирэрэ. Ол курдук, эмиэ 1943 сылга колхозтартан түүлээххэ 10500 дьиҥнээх булчут, 1000 үөрэнээччи булчут, балыкка 40964 үлэлиир кыахтаах колхозтаахтан 1720 киһи сылдьыбыт (эмиэ онно, 61, 65 лл.). Маны таһынан 14-тэн үөһэ саастаах оҕолору ФЗО-ҕа (фабрика-завод үөрэҕэр) хомуйуу, шахталарга, тутууга эҥин үлэҕэ ыытыы кытта баара. Райисполкомнар нөҥүө мобилизацияламмыт дьону, соҕуруу сокуон, ыйаах таҕыста эҥин диэн, салгыы сылы-сылынан хаалларар түбэлтэлэрэ үгүс этэ.
Справка об естественном движении населения Якутской АССР
Ити дьон төһө үгүстэрин сабаҕалыырга «Окончательные итоги учета численности сельского населения ЯАССР» на 1/1-1945 докумуоҥҥа «численность населения всего, включая отсутствующих, 166642, в т.ч. отсутствующих – 18867, наличное население – 147775» диэн суруллубута көмөлөһөр (ф.З, оп.71, д.91, л.4). «Отсутствующие» диэн кимнээхтэрий? Хайдах да эргит, бу үөһэ ахтыллыбыт быстах үлэҕэ колхозтартан барбыт дьон буолаллара чуолкай. Тыа сириттэн быстах кэмҥэ барбыттар ахсааннарын, колхозтаахтарга сыһыана суохтары эбэн, 22434 диэн бэлиэтээбиттэрэ баар (оп. 71, д. 91, л. 1). Маны таһынан, 8291 киһи «временно проживающие» дэммит. Балары, 1940—1941 сылларга Бессарабияттан, Арҕаа Украинаттан, Прибалтикаттан көскө кэлбиттэр диир буоллахха, кинилэр эмиэ үөһэ ахтыллыбыттар курдук, ыалдьар эттээх, өлөр тыыннаах дьон. Итилэргэ барыларыгар биирдэм хаһаайыстыбалаах 1751 киһини эбэргэ тиийэбит.
Инньэ гынан, таблицаттан туох дьылҕаламмыттара биллибэт 54 тыһыынча кэриҥэ хаайыыга түбэспиттэртэн, 33776 сибилигин аҕай аахпыт дьоммутуттан, балыкка, түүлээххэ барбыттартан, ФЗО-ҕа, шахта үлэтигэр барбыт оҕолортон, барыта 110-ча тыһыынча дьонтон, 1000 киһиэхэ өлүү коэффициенын көннөрү нэһилиэнньэҕэ буолбутун курдук 45 диэн аахтахха, киин оройуоннар сүтүктэрэ 80-тан тахса тыһыынчаттан тахса буола түһэр. Аны туран сут-кураан 1939 сылтан саҕаланан баран 1947 сылынан бүппүтэ. Онон таблицаҕа хабыллыбатах 1939, 1945, 1946, 1947 сылларга өлүү-сүтүү син биир, көннөрү кэмнээҕэр, лаппа элбэх этэ.
Сэрии инниттэн 1938 сылтан сэллик ыарыы улам күүскэ тарҕанан, 1938, 1939, 1945, 1946 сылларга, хаайыылааҕы, таблицаҕа көрдөрүллүбэтэх онтон да атын дьону киллэрбэтэххэ да, 28059 киһи өлбүтэ диэн докумуоҥҥа ыйыллар (эмиэ онно, 71 оп., 91 дь. 35 л.) 1947 сыллаахха Саха сирин үрдүнэн бүтэһик кураан дьыл кэлэн ааспыта. Онно Тааттаҕа Баайаҕа, Үөһээ Бүлүү сорох нэһилиэктэрин курдук сирдэргэ хоргуйан өлүү кытта баар буолбуттаах. Онон, 1938—1947 сылларга Саха сирин киин оройуоннарын сүтүгэ, өлүү-сүтүү тустаах кэмин коэффициенынан суоттаатахха, син биир сүүстэн тахса тыһыынча буола турар. Сэрии, сут-кураан сылларыгар киин оройуоннар өлбүтүнэн 108 тыһыынча киһилэрин сүтэрбиттэрэ диэн урут хаста да төхтүрүйэн суруйбуппун ити курдук быһаарабын.
Аны төһө киһи хоргуйан, төһө киһи сэлликтэн өлбүтүн быһаарсарбыт хаалла. 1944 сыллаахха проф. Михайлов салайааччылаах ССРС наркомздравын экспедицията, проф. Вейдейлер салайааччылаах РСФСР наркомздравын экспедицията Дьокуускайга сэллик тарҕаныыта нууччалар ортолоругар 9,2, сахалар ортолоругар 47,9 бырыһыан диэн быһааран барбыттара. РСФСР минздравыттан 1947 сыллаахха кэлбит проф. Клебанов экспедициятын дааннайынан, сэллигинэн сутуллуу орто дааннайа 18,5—20 бырыһыан эбит. (ф. З, оп. 71, д. 128, л. 75). Сэлликтэн, хоргуйан өлүүттэн тэптэрэн, сэрии сылларыгар уопсай өлүү, били 1945 сыллаахха үлэлээбит Г.М. Чудинов комиссията түмүктээбитинэн, көннөрү кэмҥэ буоларынааҕар 3—4 төгүл элбээбитэ. (ф.З, оп.71, д.81, л.57).
Итинник дааннайдарга олоҕуран, киин оройуоннарга тоҕус сыл устата өлбүттэр ахсааннарыттан – 108 тыһыынчаттан сэлликтэн өлбүт 27000, араас ыарыыттан өлбүт 47 тыһыынча этэ диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп. Онтон ордуга – 34000 киһи – хоргуйан өлүүгэ тиксэр гынан баран, ону ханнык да докумуонунан бигэргэтэр кыах суох. Ол тоҕото биллэр. 1944 сылга диэри врач хоргуйан өлбүккэ дистрофия диэн диагноз туруорара былаас өттүттэн бобуулаах этэ. Кэлин да сылларга бачча киһи хоргуйан өллө диэн араарыы ханнык да отчуокка суох.
Ол да иһин И.А. Аргунов «Социальное развитие якутского народа» диэн 1985 сыллаахха тахсыбыт монографиятыгар кураан улаханнык хаппыт, нолуок, түһээн ордук муомурдубут 11 киин оройуону ылан, 1939 сылы кытта тэҥнээтэххэ нэһилиэнньэлэрэ 1946 сыл саҕаланыытыгар кэлэн үс гыммыт бииринэн аҕыйаабыт диэн бүтэйдии, ол аата бэйэтэ аахпытынан, түмүк оҥорбуттаах. Атын да ученайдар хоргуйан өлбүт дьон ахсаанын сүүрбэ тыһыынчаттан таһаарбыттара суох.
Арай республика оччотооҕу салайааччылартан биирдэстэрэ, 1950—1966 сылларга ССКП обкомун бастакы секретарынан үлэлээбит С.З. Борисов соторутааҕыта Москваҕа тахсыбыт «Алмазы и вожди» диэн кинигэтигэр бу курдук этиллибит: «Согласно официальным данным, голодной смертью умерло около сорока тысяч якутян, то есть почти столько же, сколько погибло их на полях сражений». Маны сорох дьон син биир эрэммэттэр. Оттон С.З. Борисов ити туһунан кытта кэпсэтии барбыт обком 1943 сыл сайын буолбут пленумугар, республика Верховнай Сэбиэтин 1945 сыл VII сессиятыгар сылдьыбатах буолуох туһа суох. Онно ити 40 тыһыынча диэн сыыппара ааттамматах да буоллаҕына, онуоха сыһыаннаах докумуон оҥоһуллубутун кини билэн «официальнай дааннайдары» ахтыбытыгар мин саарбаҕалаабаппын.
Атын эрэллээх киһи, партия, общество олоҕун үөһүгэр сылдьыбыт киһи, бөдөҥ бөлүһүөк ученайбыт А.Е. Мординов эмиэ ити сыыппараны ааттаабыттаах.
Мин киин оройуоннарга сыһыаннаан 34 тыһыынча киһи хоргуйан өлбүтэ диир буоллахпына, 40 тыһыынчаны Саха сиригэр сыһыаран ааттаабыттарын ааҕааччы толкуйдаан көрүө дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, хоргуйуу хотугу оройуоннар диэн ааттанааччыларга, холобур Садыҥҥа, Анаабырга, Томпоҕо, Усуйаана илин нэһилиэктэригэр, соҕуруу оройуоннарга киирэр Алдан тыатын сиригэр кытта күөрэйтэлээн ылбыттаах. Булуҥҥа, онтон да атын хотугу оройуоннарга көскө кэлбит финнэр, прибалтар ортолоругар тахсыбыт өлүүнү-сүтүүнү умнар эмиэ сатаммат. Биһиги, сэрии, сут-кураан кэмигэр республикаҕа хас да уон тыһыынча киһи хоргуйан өлбүтэ диэччилэр, табарбытын дуу, сыыһарбытын дуу, аныгы чинчийээччилэр хаһан эмэ быһаарыахтара дии саныыбын.
Оттон манна сыһыарыллан тахсар таблица сыныйан көрдөххө, кэпсиирэ элбэх. Ону ааҕааччы бэйэтэ ырытан билэрэ ордук ылыннарыылаах буолуоҕа. Таблица салалта, киһи бэйэтэ сыыһа дьаһаннаҕына хайдахтаах курдук иэдээннэр күөрэйэн тахсалларын, олортон сэрэнэр наадатын өйдөөтөҕүнэ, суруйбут сыалбын ситтим диэм этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?