Электронная библиотека » Валерий Луковцев » » онлайн чтение - страница 8


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Валерий Луковцев


Жанр: Книги о войне, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 8 (всего у книги 24 страниц) [доступный отрывок для чтения: 8 страниц]

Шрифт:
- 100% +
СЭРИИ СЫЛЛАРЫГАР ҮЛЭ ФРОНУГАР ХОМУЙУУ

1941—1945 сыллардааҕы Аҕа Дойду Улуу сэриитэ саҕаланаатын кытта Саха сиригэр тыылга үлэ-хамнас барыта уоттаах сэрии бара турар сиригэр «фроҥҥа көмөҕө» диэн туһаайыллыбыта. Үлэни кыайар эр дьон колхозтартан сэриигэ барбыттара. Ситэтэ суох дааннайынан, уоттаах сэриигэ биһиги республикаттан 62091 чулууттан чулуу саха эр дьоно ыҥырыллыбыттара, аҥаардара кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэҕэ. Республика үрдүнэн тутаах, төһүү үлэһит күүһүнэн оҕо-дьахтар, эдэр ыччат уонна сэриигэ барартан сыыллыбыт ыарыһах дьон этилэр.

ССРС оборанаҕа комитетын уонна народнай комиссардарын сэбиэтин уураахтарынан военкоматтарынан ыҥырыллан уоттаах сэриигэ хомуллубут дьону таһынан фроҥҥа барартан сыыллыбыт эр дьону, нэһилиэнньэттэн эдэр ыччаты дойду араас муннуктарыгар, араас тыын тирээн турар үлэҕэ «үлэ фронугар» диэн ааттаан хомуйталаабыттара. Бу байыаннай кэминэн сибээстээн үлэҕэ дьону хомуйуу сэриигэ хомуйууну кытта тэбис-тэҥҥэ ыытыллыбыта.

Национальнай архыып докумуоннарыгар олоҕурдахха, республикаҕа тэриллибит Үлэ күүһүн аттаран туруоруу комитетын уонна Дьокуускайдааҕы байыаннай комиссариат 1943 сыл олунньутааҕы сибидиэнньэтэ көрдөрөрүнэн: Саха сирин Хотугу өрүстэрин пордун пароходствотын (СЯРП), Хотугу муоратааҕы пароходство сүрүннүүр салалтатын (ГУСМП), Ленатааҕы өрүс пароходствотын, Тикси пордун таһаҕаһы сүөкүүр-тиэнэр үлэлэригэр, Сангардааҕы чоҕу хостуур, Якутпромстройтрест линиятынан Дьокуускай—Красноярскай авиатрасса, авиагруппа объектарын тутууларыгар, Дьокуускайдааҕы аэрогеодезическай предприятие геологическай үлэлэригэр – барыта 2641 киһи трудовой фроҥҥа кэлэн үлэлии сылдьара көстөр. Бу мантан военкоматынан хомуллубута 2070 киһиэхэ тэҥнэһэр. Манна этиэххэ наада: СЯРП, ЛУРП, ГУСМП диэн улахан тэрилтэлэр портара, бириистэннэрэ, заводтара Киренскэйгэ, Осетроваҕа, Диксон, Нордвик портарынан тиийэ тайыыр этэ. Дьэ онно барытыгар үлэ фронугар хомуллубуттар үлэҕэ тарҕаммыттара. Саха сиринээҕи наркомат сэбиэтэ 1943 сыл муус устар 20 күнүнээҕи уурааҕынан аҥаардас Главсевморпуть линиятынан республика үрдүнэн нэһилиэнньэттэн 700 киһини, оройуоннарынан ыллахха: Усуйаанаттан – 40, Верхоянскайтан – 90, Саккырыыртан – 20, Булунтан – 35, Жиганскайтан – 35, Үөһээ Бүлүүттэн – 100, Бүлүүттэн – 120, Мэҥэ-Хаҥаластан – 50, Өлүөхүмэттэн – 20, Уус-Алдантан – 30, Тааттаттан – 50, Кэбээйиттэн – 50, Дьокуускайтан 10 киһи үлэ фронугар хомуллубут.

1942 сыл Дьокуускайтан уонна кини тулатынааҕы нэһилиэнньэлээх сирдэртэн трудовой фроҥҥа модьуйуунан 1825 киһи балык хостооһунугар хомуллубута уонна 3 балык биригээдэтэ (докумуоҥҥа суруллубутунан «холкуостар») тэриллэннэр хоту ыытыллыбыттара: «Полярная звезда» – Булуҥҥа Тумат нэһилиэгэр, «Имени Ярославского», «За Родину» диэн ааттаммыт артыаллар – Усуйаана оройуон Хатырык нэһилиэгэр. Манна үгүстэрэ «үрүҥ билиэттээх» доруобуйаларынан сэриигэ барартан сыыйыллыбыт эр дьон этилэр. Оттон 1944 с. докумуоннартан көрдөххө, республика үрдүнэн ити сыл балык үлэтигэр илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх оройуоннар холкуостарыттан барыта 1737 үлэһит илии хабыллыбыт. Олортон 940 киһи байыаннай эбээһинэстээх сэриигэ барартан сыыйыллыбыт дьон этилэр.

Колхозтартан сэриигэ барартан сыыйыллыбыт үрүҥ киниискэлээхтэри үлэҕэ хомуйалларыгар 2—3 ыйга үлэҕэ бараҕыт диэн хомуйбуттар бастаан утаа. Онтон 1943 сыл алтынньыга «трудовой фроҥҥа хомуллубуттар сэрии бүтүөр дылы үлэҕэ сылдьаллар» диэн ССРС оборонаҕа комитетын уурааҕа тахсыбыта. Байыаннай кэминэн сибээстээн, суһал дьаһалынан сайын хомуллубут дьон кыһын тиийэн сөптөөх кыһыҥҥы таҥаһа-саба суох буолан хаалбыттара чуолкай. Ол туоһутун архыып докумуонугар 1943 сыл алтынньыга Саха сирин обкомун бастакы сэкирэтээригэр обком кадрга отделын сэбиэдиссэйэ Р.Васильев докладнойугар маннык суруйар: «Призыв был проведен в Вилюйском, Нюрбинском, Сунтарском, Чурапчинском, Мегино-Кангаласском, Намском, Амгинском, Усть-Алданском, Аллах-Юньском, Якутском и других южных районах. Сборы призванных в районах проходили экстренно, без элементарной подготовки самих призываемых. Так, товарищи призванные с колхозов Вилюйского района о том, что они призваны на трудовой фронт были извещены только в г. Вилюйске и будучи тут же посажены на пароход не имели возможности захватить с собой даже постели и белье… Большинство призывников не обеспечено зимней одеждой, обувью и пригодным жильем… В Промстройтресте, Жатайстрое, пристане СЯРП и авиатрассе многие призывники почти голые и босые (торбаза и верхние одежды у них порваны)». Бу манна этиллэр чахчылартан ураты сөптөөхтүк үлэҕэ аттаран туруоруу ыытыллыбакка, колхозтарга үлэһит илии тиийбэтин таһынан, былааны толоро сатаан нуорманы таһынан дьон ыҥырыллан баран онно-манна бытархай үлэҕэ үлэлээһин баара. Аһынан-таҥаһынан тутах хааччыйыыттан бэйэлэрэ да доруобуйалара мөлтөх дьон өттүттэн өлүү-сүтүү да баара. Ол курдук авиагруппа, СЯРП Дьокуускайдааҕы бириистэнэ, Промстройтрест уонна Ленскэйдээҕи өрүс пароходствотын толорута суох сиби– диэнньэлэринэн, аҥаардас 1943 сылга 106 киһи ыалдьан үлэттэн туораабыт, ол иһигэр 3 киһи өлбүт. Тикси пордугар военкоматынан 689 киһи үлэҕэ ыҥырыллыбытыттан 139 киһи үлэттэн туораабыт, онтон 98 – доруобуйалара мөлтөх дьон. Якутпромстройтрест управляющайа Е. Жорницкай справкатыгар бу курдук суруйар: «Состояние здоровья принятого контингента плохое, в числе мобилизованных оказалось много нетрудоспособных инвалидов, много больных туберкулезом, в результате на 15/Х-1943 г. трест вынужден освободить от работы по заключению ВТЭК 11 человек. Помимо этого трест видимо вынужден будет освободить от работы по тем же соображениям в ближайшее время еще несколько человек (Устинова Х., Ступина М., Михайлова и др.). Среди состава мобилизованного контингента много случаев не выхода на работу ввиду слабого здоровья, причем в основном заболевания имеют старую давность». Ситинник туруктаах дьону үөһэ былаас да, тустаах салайааччы да өттүттэн үлэлиир-олорор усулуобуйаларын көрбөккө, хамнастарын төлөөбөккө, үүрэ-үтүрүйэ сылдьыбыттарын архыып докумуонугар тиһиллибит элбэх үҥсүү суруктар туоһулууллар.

Кэбээйи оройуонуттан «Кыһыл Малыыда» колхоз чилиэнэ үлэ фронугар кэлбит Терехов В.И. бу курдук суруйар: «Ньурба районуттан трудфроҥҥа 99 колхозтаааҕы аэродромҥа аҕалан үлэлэтэллэр. Бу норуоту хамнаһын биэрбэккэ, таҥнарга ордер, купон, утуйар таҥаһы, олорор дьиэни уо.д.а. материальнай усулуобуйаларын көрбөккө өлөртүүргэ тиийбиттэр. Холобур, 29/1Х-43 с. тымныы буолтугар үлүйбүт үгүс буолла. Үлэҕэ баран бараннар хамныыр кыаҕа суох буолуталаатылар. Этэрбэһэ, үтүлүгэ, соно суохтар. Хамнастарын, таҥас купонун, ордер көрдүөхтэрин «сибиинньэлэргэ, эһиэхэ, туох да наадата суох» дииллэр. Ол курдук атаҕастаабыт дьоннорун аһыыр талоннарын буобардар ылан хайыта тыытан баран үүрэн ыыталлар эбит. Аэродромтан, авиатрассаттан 12 киһини ыытан 1212 куб. метр маһы кэртэрэн баран хамнаһын биэрбэккэ, ойууртан киирэллэрин кытта үүртэлээн кээспиттэр. Маннык ыттааҕар куһаҕаннык көрүүттэн 99 советскай норуот бүттүүн өлөргө тиийбиттэр, үгүс дьон (уонча киһи) ыалдьан үлэттэн туораабыттар». Илии баттаабыттар 99 киһи. Бу чахчы кыһалҕа кыһарыйан ыксаан коллективнай суругу суруйбуттар. Мантан үлэ фронугар кэлбит колхозтаахтар хайдах быһыыга-майгыга, ыарахан условияҕа үлэлии сылдьаллара ырылыччы көстөр. Манна даҕатан эттэххэ, тыылга сэрии сылларыгар хоргуйан, күүстээх үлэҕэ сылдьан үчүгэйдик аһаабакка ыарыыга ылларан, республика үрдүнэн 58962 киһи өлбүтэ.

Түмүктээн эттэххэ, Совнарком уонна оборона комитетын уураахтарынан 1941—1945 сыллардааҕы Аҕа Дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар уоттаах сэрии бара турар сиригэр уонна трудовой фроҥҥа мобилизациялааһын эрэ баара.

Республика үрдүнэн 1946—1950 сыллардаахха «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» диэн эбэтэр дөбөҥнүк ааттыылларынан «Сталин төбөлөөх» мэтээлинэн, толорута суох сибидиэнньэнэн, республика үрдүнэн 58203 киһи наҕараадаланан турар. Ити наҕараадаламмыт дьоннор истэригэр трудовой фроҥҥа сылдьыбыт дьон сорохторо бэйэтин бириэмэтигэр наҕараадаҕа да тиксибэтэх буолуохтаахтар. Оччолорго ситинник мэтээлгэ тэрилтэ, колхоз үлэтигэр миэстэтигэр үлэлии олорор дьоннор эрэ түһэриллибиттэрэ. Оттон билигин үлэ фронугар сылдьыбыт ветераннарбыт тыыннаах, биһиги кэккэбитигэр баар да буоллахтарына, билигин тыыл ветеранын аатын эрэ сүгэллэр, атын ханнык да чэпчэтиинэн туһамматтар, көрүллүбэт. Сэрии сылларын оҕолоро колхоз үлэтин санныларынан сүгэн туораабыттара мөккүөр буолбатах, ол гынан баран үлэ фронугар ыҥырыллан үлэлээбит, Сталин төбөлөөх мэтээллээх, саастарынан да ыллахха сэрии ветераннарын кытта тэҥ саастаах кырдьаҕастарбытын биир халыып сэрии сылларыгар 9—10 саастаах оҕолору кытта тэҥнээн чиэстиирбит олуона. Сэрии сылларыгар байыаннай кэминэн сибээстээн, трудовой фроҥҥа хомуллан үлэлии сылдьыбыт ветераннар, хата, сэрии ветераннарыгар тэҥнэһиэх тустаахтар.

Наталья Степановна Степанова,
заместитель директора Национального архива
Республики Саха (Якутия)
Радио Эфир, 08.05.2008 г.
«ХОЛКУОСТААХТАР АҺЫЫР ӨТТҮНЭН ЭҺИННИЛЭР»

1941 сыл. Бэс ыйын 22 күнэ. Бу күн ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии, күүтүллүбэтэх алдьархай биһиги дойдубутугар ааҥнаабыта. Суостаах-суодаллаах «сэрии» диэн тылтан хас биирдии киһи олоҕо, дойдубут тутулуга быһаарыллар ыарахан кэмнэрэ бүрүүкээбиттэрэ.

1939—1940 сс. турбут кураантан эмсэҕэлээн инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорор тыыл олохтоохторо дойду сэрии иэдээнигэр үктэнэн олорорун өйдөөн бэстилиэнэйдэрин да ууран биэрэргэ бэлэм этилэр. Оннук да буолбута. Сэрии дьылларыгар Саха сиригэр тыыл олохтоохторо: дьахталлар, кырдьаҕастар, эдэр ыччаттар, оҕолор бэйэлэрин күүстэрин харыстаммакка, биир киһи икки киһи оннугар үлэлээбитэ. Хас эмэ бүк түспүт эбээтэлинэй бурдук поставкатын, үүт нолуогун, эт нолуогун государствоҕа туттарыахтаахтарын таһынан байыаннай кэм кытаанах ирдэбилинэн холкуостаахтарга таһаҕас таһыыта, суол үлэтигэр, балыкка, тууска, мас кэрдиитигэр үлэҕэ хомуйуу уонна сайыамҥа сурутуу, үп хомуура, ичигэс таҥас хомуура эмиэ сүктэриллибитэ.

«Тугу барытын фронт туһугар» диэн знамянан сиэттэрэн, республика дьаһалтата баар балаһыанньаны ситэ ыараҥнаппакка эрэ үрдүттэн былаанныы ирдии олорбута. Оттон көлөһүн күнүн суотугар бэриллиэхтээх нуорматтан холкуостаахтар киһи аһыырын өттүнэн тугу да аахсыбат буолбуттара.

1941—1944 сс. сэрии ыарахан сылларыгар хоргуйан, күүстээх үлэҕэ сылдьан үчүгэйдик аһаабакка, ыарыыга ылларан республика үрдүнэн тыылга барыта 58962 киһи өлбүтэ, ол иһигэр тыа сиригэр олорор киһитин ахсаана 43364 тэҥнэһэр. Оройуоннартан дьон өлүүтэ ордук Сунтаар оройуонугар тахсыбытын архыып докумуоннара туоһулууллар, ол курдук кураан, эрдэ хаһыҥнаах, аһыҥкалаах дьыллар содулларыттан 1940 с. – 706 киһи өлбүт, оттон сэрии сылларыгар 1941—1944 сс. барыта 4500 киһи өлбүт. Атын оройуоннары ылан көрөр эбит буоллахха, 1941—1944 сс.: Мэҥэ-Хаҥаласка – 3534 киһи (1940 с. 791 киһи өлбүт), Ньурба оройуонугар – 3552 киһи (1940 с. 752 киһи өлбүт), Уус-Алдаҥҥа – 3322 киһи (1940 с. 626 киһи өлбүт), Бүлүү оройуонугар – 2848 киһи (1940 с. 420 киһи өлбүт), Тааттаҕа – 2370 киһи (1940 с. 673 киһи өлбүт), Үөһээ Бүлүүгэ – 2848 киһи (1940 с. 430 киһи өлбүт), Чурапчыга – 2301 (1940 с. 590 киһи өлбүт) киһи өлүүтэ тахсыбыта.

Совнарком председателин солбуйааччы И.Е. Винокуров 1940 сылтан 1943 сылга дылы хаста да төхтүрүйэн партия Саха сирин обкомугар, Совнарком председателигэр «олус кистэлэҥ» диэн грифтээх суруктарыгар: «кураан дьыллар содулларыттан холкуостаахтар дохуота суох хааллылар, көлөһүн күнүн аахсыбыттарын дуома государственнай поставка туолбакка онно барда уонна сиэмэ бурдугун хаһааһыныытыгар. Онон холкуостаахтар сиир аһылыктарын чааһынан күчүмэҕэй буолла. Кэлэр сылларга балаһыанньа ордук кытаатыаҕын учуоттаан, холкуостаахтарга кэтэх сүөһүлэрин саатар 1—2 ынаҕы холкуос суотугар тутары көҥүллүүргэ, госзакуп уонна үүтү, арыыны государствоҕа туттарыы былаанын аччатарга, килиэп лимиитин саатар ыарахан балаһыанньалаах оройуоннарга элбэтэргэ, нэһилиэнньэ үүт аннын ыларын бопсуо суохха, кымыс оҥоруутун элбэтиэххэ о.д.а.» кэккэ боппуруостары туруорса сатаабыта. И.Е. Винокуров үрдүттэн дойҕохтообокко, хайдах гыннахха балаһыанньа көнүөн ылыныллыахтаах миэрэлэри ыйан туран бырайыак курдук киллэрэр. Ол да үрдүнэн үрдүкү салайааччыларбыт болдомтолорун уурбатахтара. Ол хайа эмэ өттүнэн эмиэ өйдөнөр курдук, тоҕо диэтэргит, былааска ити бириэмэҕэ кэлии дьон олорбуттара. Партия Саха сиринээҕи обкомун бастакы сэкирэтээринэн 1939—1943 сылларга Краснодар кыраайын киһитэ Степаненко Ион олорбута. Совнарком председателинэн 1940—1943 сылларга эмиэ кэлии Саратов уобалаһын киһитэ Муратов Владимир Алексеевич олорбута. Совнарком Земледелия наркомунан Тула киһитэ Москваттан Маленковынан үлэҕэ ыытыллыбыт Анашин Николай Григорьевич 1939—1943 сс. үлэлээбитэ. Обком тыа хаһаайыстыбатын отделын эмиэ Маленков илии баттааһынннаах командировочнай удостоверениелаах Московскай уобалас Броницкай оройуонун Колупаево дэриэбинэтиттэн төрүттээх Маркеев Федор Алексеевич 1939—1943 сс. салайан олорбута. Биһиги тыйыс айылдалаах дойдубут усулуобуйатын иҥэн-тоҥон билбэт кэлии дьон үөһэттэн ирдииллэрин аанньа ону толорторо сатаан, бүрүүкээбит балаһыанньаны ыараҥнаппакка, салайан олорбуттарын содулуттан сэрии дьылларыгар итинник улахан сиэртибэ – дьон маассабай өлүүтэ тахсыбыта. Итинник аһаҕастык күтүрээһиҥҥэ архыыпка харалла сытар докумуоннар туоһу буолаллар.

Сунтаар оройуонугар ханнык да оройуоннардааҕар, оннооҕор хоту көһөрүллүбүт Чурапчы оройуонуттан 2,5 төгүл ордон, сэрии ыарахан сылларыгар дьон маассабай өлүүтэ тахсыбыта. И.Е. Винокуров суруктарыгар этиллэр чахчылары архыып докумуоннарыттан көрүөҕүҥ. Сунтаар райкомун фондатыгар харалла сытар 1941—1943 сс. холкуостаахтар райком аатыгар суруйбут дууһа кыланыылаах суруктарыттан сорохторун мантан аллара ааҕааччыларга хайдах суруллубуттарынан билиһиннэрэбин.

Бүлүүчээн нэһилиэгин «Маркс» колхоз солбуйааччы председателэ Подрясов Яков Кириллович Сунтаар райкомугар 1941 сыл кулун тутар 16 күнүгэр суруйбут суруга: «Колхозтаахтар олохторо мөлтөөтө маннык суолларынан: 1) Киһи аһыырын өттүнэн биһиги колхоз чилиэннэрэ 50% кулун тутар ый устатыгар эрэ тиийэр кыах баар. Ол гэннэ ыал 50% аһыыр өттүнэн эһиннэ ол бэлиэтэ колхозтаахтар ыран дьүдэйэн эрэллэр, ол маҥнайгы бэлиэтэ икки киһи өллө хоргуйан маннык дьоннор: 1) Никифоров Сергей Софонович; 2) Кириллин Гавриил Кириллович. Бу дьон биэксэр көрүүтүн түмүгүнэн көтөх ырыган диэн этиитинэн. Онтон да атын дьоннор олус өлөн эрэллэр. 2) Кулун тутар ый 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри 6 киһи өллө. Бу дьон саамай баайдаахтара 1 соҕотох ынах сүөһүлээхтэр, олортон 3 ыала биирдии ынахтаахтар, оттон 3 ыала букатын баайдара суох. 3) Бу өлөөччүлэр тустарынан н/советка үс төгүл биллэрэ сатаатым, онтум ханнык да быһаарыы түмүк диэн биэрбэтилэр. Биир төгүл проверка тахса сылдьыбыта да туох да түмүк тахсыбата. 4) Н/советка үс төгүл колхозтаахтар положенияларын туруора сатаатым, онно эмиэ чыыстай быһаарыыны биэрбэтилэр. Билигин мин эһигиттэн көрдөһөбүн дьиҥнээх бэйэҕитинэн проверка оҥороргутугар, бу наслег туохтан маннык аччыктааһын условиятыгар тиийбиттэрин төрдүн буларгытыгар көрдөһөбүн. 5) Миигин дьиҥнээх бэйэбин да проверкаҕа оҥоруҥ баҕар кылаас өстөөҕүгэр туһалаан этэр диэххит. 6) Миигин колхозтаахтар «бурдугу хаайа сытан дьону хоргутан өлөттөөрү гынныҥ» диэн мин элбэх кытаанах положенияҕа олоробун. 7) Сиэмэҕэ анаммыт бурдугу аҕал дии тураллар аһыыр быһынна диэн колхозтаахтар. 8) 1940 с. «Маркс» колхозка киһи аһыырынан доход диэн отойун суох 0,098 грамм тар эрэ баар уонна 0,030 грамм картофель доходтаахпыт киһи сииринэн. 9) Мин бу үөһэ ахтыталаабыт боппуруостарбын райком бүрүөтэ быһаараргытыгар баҕатыйабын уонна ответын бэйэбэр ыытаргытыгар көрдөһөбүн. Мин бу биллэриибин уочарата суох сотору быһаараргытыгар көрдөһөбүн. Мин бу үөһэ ахтыбыт пуннарбын колхозтаахтар дэбиэрийэлэрин биэттэрин быһыытынан мин тус бэйэм соҕотох бэйэм хоргуйан өөттүм да иһин дьыала суох этэ. Бу боппуруоска биирдии пунугар тохтоон быһаараргытыгар улаханнык көрдөһөбүн. Оттон эһиги чыыстай быһаарыыны биэрбэтэххитинэ биһиги колхоз делобыт мөлтүүр, субу олорбутунан өлөр положенияҕа киирэбит ханнык да саарбаҕалааһына суох».

1941 с. ахсынньыга Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэр бара турар үлэлэр туһунан кыра биллэриигэ кэнники пуунунан маннык суруллубут: «Бу нэһилиэккэ «2-с Хардыы», «Кураҕаччылаах» колхозтарга ыарыы элбэх эбит. Өлөллөрө да элбэх, өлөөрү да сытар киһи эмиэ элбэхтэр, маассабай ыарыы эбит. 1/1-41 с. ыла 50-тан тахса киһи өлбүт».

2 Бордоҥ нэһилиэгин сэбиэтин председателэ Иванов райкомҥа биллэрэр: «Биһиги наслекка населения 80% кэриҥэ сытар, ыарыыга. Маны ааһан 26/2 туругунан 6 киһи өллө, бу таһыгар хас киһи өлүө биллибэт. Бу ыарыы элбэҕин түмүгүттэн наслекка ханнык да сөптөөх үлэ барбат. Маны тэҥинэн школаҕа оҕо 75% эрэ үөрэнэ турар. Бу ыарыы инники өттүгэр населенияны хайдах гыныа биллибэт. Сибилигин 20—30 дылы киһи өлөр кутталга сыталлар. Колхозтар аҥаардас фермаларын эрэ сүөһүтүн көрөр буоллулар. Онон көрдөһүллэр аҕыйах времяҕа биэксэрдэ командировкалыыргытыгар, манна детдомҥа олорон эрэн населенияҕа көмөнү оҥоруо этилэр».

Оройуоннааҕы пищекомбинат уонна соҕотуопка ыйаахтарынан колхозтартан, колхозтаахтартан киирэр обязательнай поставка үүтүн аннын 1941 с. от ыйыгар диэри 50% тута олорбуг эбит буоллахтарына от ыйыттан 100% арыы собуоттарыгар туттарыахтаахтара. Дьон-норуот бурдугун, этин, арыытын, үүтүн, хаччытын 100% государствоҕа туттара олорор, аны көлөһүн күнүн суотугар бэриллиэхтээх нуорматтан холкуостаахтар тугу да аахсыбаттар. Саатар үүт анна баҕалаах буолбута. Былаас норуотун умнубута, киһи олоҕо сыаналаммат буолбута. Сорох колхоз салайааччылара дьонноро хоргуйан өлөн эрэллэрин үҥсэ-биллэрэ сатаан баран «сууттаныахпыт» диэн куттаммакка, саатар үүт аннын нэһилиэнньэҕэ иһэрдэр курдук дьаһаммыттара. Холобур, ол маннык докумуоннарга ыйыллыбыт. Шеятааҕы арыы собуотун сэбиэдиссэйэ райкомҥа үҥсүбүт суруга: «Үгүс колхозтар сокуоннайа суохтук күүстэринэн үүт аннын туттарбаккалар колхозтаахтарга атыылыы олороллор. «Колхозтаахтарбыт тугу аһыахтарай?» диэн боппуруоһу тутталлар. Күүкэй «Коммунист» правлениета мунньаҕынан уураах таһаараллар, үүт аннын арыы собуотугар биэрииттэн аккаастанарга диэн. Поставка сокуонун куруубайдык кэһиилэрин ыйабын».

Хаҥалас нэһилиэгин сэбиэтин председателэ суруйар: «Биһиги наслег тулаайах бытаххай хозяйство 11 саастаах, 2 кылаас үөрэхтээх Попов Николай Тимофеевич иитэр-харайар дьоно суох ыал устун сылдьар. Кинини ииппит киһи 1 Бордоҥ бытаххай оҕонньоро үүрэн кээстэ баайын бары сиэн баран. Бу оҕону детдомҥа 1940 с. киллэрэргэ үҥсүү буолта суугунан ону аккаастаан кээспиттэрэ. Бу оҕо үөрэниэн туох даа аһара баҕарар. Кинини иитэн харайар дьоно суох, онон мин бу оҕо детдомҥа киирэрин наадалааҕынан ааҕабын. Уонна бу оҕону ферматтан үүт анна иһэрдэргэ сакаастаан турабын сыыһата дуу». Оройуоннааҕы райпищепром директора райкомҥа үҥсүбүт суруга: «Манан бэрт сотору миэрэ ыларгар тыллыыбын манныгы: дьыл баччатыгар дылы тулуйумтуота суох майгы бара турар, эбэһээтэлинэй поставка үүтэ-арыыта ыйдааҕы плана туолбакка иһэр. Ол причинэтэ райуполнаркомзаг ситэтэ суох үлэлиириттэн, проверканы, контуруолу олохтоон ыыппатыттан Күүкэй нэһилиэгин «Большевик» колхоз 1193,3 литр үүтү, «Коммунар» колхоз 2226,6 литр үүтү, Чакыр наслегын «Пушкин» колхоз 54 кг арыыны колхозтаарга аванса биэртэлээбиттэр. Мантан улахан куттал буолла, план туолбат биир өттүнэн, иккис өттүнэн децзаготовка бытаарар. Ити үөһэ ааттаммыт колхозтарга олунньу ыйтан ыам ыйын 31 күнүгэр дылы госпоставка көрдөрүллэр плана уонна туолуута нуул бырыһыан».

Республика үрдүнэн 1941—1943 сс. ынах сүөһү ахсаана 226 тыһыынча төбөнөн көҕүрээбитэ. Колхозтаахтар кэтэх хаһаайыстыбалара эстэр уһукка тиийбитэ, 1943 с. тохсунньутааҕы сибидиэнньэнэн холкуостаах хаһаайыстыба 45,2% ыан иһэр ынаҕа суох хаалбыт. Ол эстибит биир биричиинэтинэн буолар холкуостаахтар хоргуйаары ыксаан бэстилиэнэй ынахтарын өлөрөн сиэбиттэрэ. Сылгы олох эстэр уһукка тиийбит, 1940 с. 20804 төбө баар эбит буоллаҕына 1943 с. тиийэн баара-суоҕа 1914 сылгы хаалбыт.

Сэрии сылларыгар дьон-норуот бигэ кытаанах ыарахаттартан чаҕыйбатах модун санаата киһини сөхтөрөр. Ону өйдөөбөтөх тоталитарнай тутул норуотун ыарахан кэмҥэ өйөөбөтөҕө, хата от-мас курдук тутан, сойуолаан муҥур уһукка тириэрдибитэ хомолтолоох. Уоттаах сэриигэ биһиги республикаттан 62.091 чулууттан чулууларбыт ыҥырыллыбыттара, аҥаардара кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ. Киһи эмиэ да санааргыыр, эмиэ да сонньуйар тыылга сэриигэ баран өлбүттэрдээҕэр элбэх киһи сууттанан хаайыллыбыт чахчыларын көрөн баран. Бу бааллар ол чахчылар, 1940—1945 сс. республика үрдүнэн 67643 киһи «колхоз үбүн, баайын сиэтэ», «кэтэх сүөһүтүн сиэн государствоҕа хоромньуну таһаарда» эҥин диэн араастаан матыыптаан суукка бэриллэр, ол иһиттэн 53.938 киһитэ хаайыллар.

Холобур клан көрүөҕүҥ Сунтаар улууһун. Сунтаар норуодунай суутунан барыта 1940– 1945 сс. 1877 киһи сууттаммытыттан 1625 киһи хаайыыга түбэспитэ. Сунтаар норуодунай судьуйата райком секретэригэр 1943 с. ыам ыйын 8 күнүгэр суруйбут докладнойуттан: « Приведем несколько примеров из рассмотренных дел за 1941 г: 1. Приговором суда от 29/1– 1941 г. осуждена гр-ка Арылахского наслега Павлова А.Л. по ст.79-1 УК РСФСР. Виновность ее по обвинительному материалу состоит в том, что будучи колхозницей в 1940 г. хищнически забила на мясо 3 коровы, 1 лошадь и 1 натель, всего 5 голов скота. Она объяснила о том, что прокормиться нечем. 2. Приговором суда от 21/2-1941 г. осужден гр-н Афанасьев П.А. по ст. 79-1 УК РСФСР. Виновность его по обвинительному материалу состоит в том, что будучи колхозником хищнически забил на мясо 3 коровы, 3 тысагаса и 1 лошадь. В 1940 г. он имеет 442 трудодней и не получает натуральный доход».

И.Е. Винокуров дьон хоргуйан эрэрин этэ-биллэрэ сатаан баран, туох да дьаһал ылыллыбатаҕыттан Москуобаҕа суруйбута. 1943 с. Москуобаттан бэрэбиэркэлиир комиссия кэлэн үлэлээн барар уонна муус устар 13 күнүгэр партия Киин Комитетын обкома «Об ошибках в руководстве сельским хозяйством Якутского обкома ВКП(б) и общем состоянии сельского хозяйства Якутской республики» диэн уураада тахсыбыта. Уураахха Саха сирин обкома тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салааларыгар – сүөһү иитиитигэр, хонуу үлэтигэр улахан хаалыыны таһаарбытын, кэтэх хаһаайыстыба сүөһүтэ аччаабытын ыйбыта. Ити уураады ырытан маннаады партия обкома ҮШ ыҥырыылаах Пленума ыам ыйын 24 күнүгэр буолар. Пленум И.Е. Винокуров туруорса сатаабыт боппуруостарын саҥа көрөн ырытан тыа хаһаайыстыбатыгар тахсыбыт сыыһалары саҥа өйдөөн ону туоратар уураахтар дьэ ылыллаллар. Винокуров туруорсубут этиилэрэ сүнньүнэн бары киирэллэр. 1943 сыл атырдьах ыйыгар Степаненко И.Л., Муратов В.А. үлэлэриттэн уурайан Киин аппаракка төттөрү ынырыллыбыттара. Саха сирин ҮШ ынырыылаах Пленума Анашины, Маркеевы үлэлэриттэн устубута. Партия Саха сирин обкомун IX Пленума 1943 с. обком бастакы секретэринэн Ставрополь куораттан төрүттээх Масленников Г.И. бигэргэппитэ, Совнарком председателинэн И.Е. Винокуровы анаабыта. Ити кэнниттэн эрэ дьон олодо сыыйа көнөн барбыта. И.Е. Винокуров норуотун санаатын көтөдө таарыйа 1944 с. саха норуота өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит таптыыр бырааһынньыгын «Ыһыахтары» тэрийэн ыыттарбыта. Сап садаттан салданар саха норуотугар быстаары-ойдоору, өлөөрү-сүтээри гыннахпытына итинник өркөн өйдөөх норуоттарын быыһыыр, тыынын уһатар дьоннордоох буоламмыт баччада тиийэн кэллэхпит. Оннук этэ 1630-с сылларга, 1920-с сылларга, оннук буолбута сэрии ыарахан 1940-с сылларыгар.

Винокуров Илья Егорович архыып докумуоннарынан кылгас справкатын биэрэбин. Кини 1895 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Нам улууһун Куһаҕан-Ыал нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1921—1922 сс. Намҥа Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин ревкомунан, 1922—1924 сс. Нам буолаһын исполкомун председателинэн, 1924—1926 сс. Булуҥ уокуругун исполкомун председателинэн үлэлээбитэ. Партийнай үлэһиттэр курстарын бүтэрбитин кэннэ 1929—1931 сс. Саха сирин Киин Комитетын инструкторынан, 1931—33 сс. Намҥа МТС директорынан, 1933—1934 сс. Наркомземҥа сылгы иитэр управление начальнигынан, 1934—1935 сс. Саха сирин Киин Комитетын инструкторынан үлэлээбитэ. 1935—1936 сс. Москваҕа Киин Комитет ийинэн партийнай үлэһиттэр курстарыгар үөрэммитэ. 1937с. Бүлүү оройуонун исполкомун председателинэн, 1937—1938 сс. доруобуйа харыстабылын наркомунан, 1939—1943 сс. Совнарком председателин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 1943—1946 сс. Совнарком председателинэн, 1946—1952 сс. партия Саха сирин обкомун бастакы секретэринэн, 1952—1957 сс. Совмин тыа хаһаайыстыбатын управлениетын «Сельстрой» треһин управляющайынан үлэлээбитэ. И.Е. Винокуров 1957 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр өлбүтэ.

Наталья Степановна Степанова,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации