Текст книги "Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы"
Автор книги: Вячеслав Карпов
Жанр: Спорт и фитнес, Дом и Семья
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
5
1964 сыл миэхэ эмиэ умнуллубат күрэхтэһиилэри аҕалбыта. Оренбурга Россия уолаттарга чемпионатыгар тиийэн туһуннубут. Мин Деберов диэн Дагестантан кэлбит уол кэнниттэн иккис миэстэ буоллум. Ыйааһыным 56 киилэ, онтон 49 киилэҕэ быраҕар олус илистиилээҕэ уонна бииртэн биир субуруһан барар уһун унньуктаах хапсыһыыларга уу испэккэ, аһаабакка сылдьарбыттан, үөрүйэҕэ суох буолан, маҥнай утаа сүрдээҕин сылайар да этим. Манна биир үөрүү буолла – Коля Сивцев биһиги Сахабыт сирин спордун историятыгар аан маҥнай уолаттарга Россия чемпионун үрдүк аатын ылла. Күрэхтэһии кэнниттэн миигин РСФСР хамаандатыгар киллэрэн, сүүмэрдиир эрчиллиилэргэ хааллардылар, көхсүгэр «РСФСР» диэн суруктаах спортивнай форма биэрдилэр. Актюбинскайга буолар ССРС уолаттарга чемпионатыгар кыттыахтаахпыт.
Саха сиригэр кэлэн, биһиги бөҕөстөрбүтүн Россия чемпионатыгар быһаччы бэлэмнээбит Аркадий Сергеевич Карапетян биһигини эрчийэр, сахаларга ураты үчүгэй сыһыаннааҕа, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыра. Киһини чуҥкуппат, кэпсээн-ипсээн бөҕөтө, киниттэн тустуу араас кистэлэҥнэригэр элбэххэ үөрэммиппит.
Биирдэ хас да киһи таһырдьа бэркэ астынан, кэпсэтэн халаарса-халаарса, пиибэ иһэ олороллоро. Аркадий Сергеевич аттыларынан ааһан иһэн, кинилэр диэки кыҥнах гынан баран: «Ити дьону көрүҥ, хаарыан доруобуйаларын буортулаан, пиибэнэн кэбирэтэ олороллор, кинилэр мин иннибинэ өлүөхтэрэ», – диэтэ.
Кини күүстээх санаалаах буоларга, ыалдьааччылар утары да ыһыытыыр-хаһыытыыр түгэннэригэр кыһаллыбакка, бэйэ соругун толорорго ханнык да мэһэйтэн, ыарахантан толлубакка, тулууру түмэн, харса суох дьулуһан киирсэргэ үөрэтэрэ: «Ленинградка тустууга бастаатым, тиһэх хапсыһыыбар олохтоох уолу кыл мүччү кыайдым. Дьэ, ону сөбүлээбэккэ, пьедестал үрдүкү үрдэлигэр тахсыбыппар, ыһыы-хаһыы, иһиирии бөҕөтө. Мин испэр саныыбын «төһө да ыһыытааҥ-хаһыытааҥ, эһиги аймалҕаҥҥыт бу саала иһинэн эрэ хаалыаҕа, оттон сарсын Советскай Союз бүтүннүүтэ Карапетян чемпион буолбут диэни истиэҕэ».
Эбэтэр омуктуу (латыынныы эбитэ дуу?) маннык ох тыллары этэрэ: «У кого стальное сердце, тому не нужна кольчуга». Субуота аайы баанньыктанабыт, онуоха кини: «Бу курдук субуота аайы хайаан да баанньыкка сылдьар буолуҥ, киһи этигэр-хааныгар баар кири-хоҕу таһаарарга баанньыктан ордук абы-раллаах дьыала суох». Ити курдук Азербайджан Нагорнай Карабаҕар биир хааннаах армяннарын ортолоругар үөскээбит тренербит уһун мунна субуруйан, хараҕар дьээбэлээх кыымнар тырымнаһан ыла-ыла, баанньыктанан баран, култайбыт сылабаартан чэй иһэн бурулатара уонна киһи иһиттэр истэ олоруоҕунуу саҥаттан саҥа кэрэхсэбиллээҕи кэпсиирэ. Улахан педагог эбит, үөрэтэр оҕолоругар олус үчүгэйдик сыһыаннаһара, кинилиин олох чуҥкуйбат этибит, хаартынан араас фокустары оҥортоон сөхтөрөрө.
Аркадий Сергеевич эппитин курдук уһун үйэлэммитэ, 80 сааһын туолуор диэри көбүөргэ сылдьан, кини хос сиэннэрэ буолуон сөптөөх бөҕөстөрү эрчийэрэ. Саха бөҕөстөрүгэр кини үтүөтэ-өҥөтө сүҥкэн. 1964 сыллааҕы дьиэбитигэр-уоппутугар ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар кини тустууктары бэлэмнээбит улахан үтүөтүн түмүгэр, оччолорго дойду биир бастыҥ тренерин көмөтүнэн чаҕылхай кыайыылары ситиспиппит буолуо дии саныыбын.
Дьэ, ити курдук бэлэмнэнэн, Актюбинскайга тиийдибит. Оччотооҕу тустуу быраабылата маннык – ортотугар 1 мүнүүтэ сынньалаҥнаах 5-тии мүнүүтэ тустабыт, барыта 10 мүнүүтэ. Хас хапсыһыы түмүгүнэн 4 ыстарааптыыр очкону үллэстэҕин: ыраастык кыайдахха – 0 очко, утарылаһааччыҥ 4 ыстарааптыыр очколанар, очконан хоттоххуна, эйиэхэ – 1, утарылаһааччыгар – 3, тэҥнэһиигэ хардары-таары 2-лии ыстарааптыыры ылаҕыт. Барыта 6 ыстарааптыыр очколаммыт киһи күрэхтэһииттэн туоруур.
Мин утуу-субуу биэс уолу кыайталаан, тиһэҕэр 5 ыстарааптыыр очколанан хааллым, быһата, сап саҕаттан иҥнэн сылдьабын. Билигин очконан да кыайдахпына тустан бүтэбин. Алтыһынан көбүөргэ күөн көрсөр киһибин көрөөт, улаханнык соһуйдум – түөһэ, илиилэрэ барыта бар түү, сэҥийэтигэр, уоһун үрдүнэн хоруммут бытыгын онно көҕөрүмтүйэр. Хайдах да Кавказтары эрдэ ситэллэр диэбит иннигэр, бу сүүрбэтиттэн тахсыбыт киһи турара биллэрэ. Оттон уолаттарга тустууга 18-гар эрэ диэри саастаахтар киириэхтээхтэр этэ ээ! Бэйэтэ миигиттэн биир төбө үрдүк, ыйааһына да төһөтө буолла?
Хайыахпыный, тустан хачыгыратыспытынан бардым. Тиһэҕэр очконан хотторуулаах бэһис миэстэҕэ тэбилинним, мин кыайталаабыт үс уолум иннибэр түстүлэр – иккис, үһүс, төрдүс миэстэлэри үллэһиннилэр. Оо дьэ, наһаа да хомолтолоох, абалаах дьыала этэ! Бары күрэхтэһииттэн барбыттарын кэнниттэн, иччитэх саалаҕа соҕотоҕун хаалан баран, атаҕастабылы тулуйбакка, ийэбин, Бөтүрүөбүһү санаатым, онуоха сүрэхпин дьырылата, туох эрэ сымнаҕастык тарбыырын кытта, хараҕым уута халыйан тахсыбытын бэйэм да билбэккэ хааллым, ол олорон: «Эһиил Советскай Союз чемпиона хайаан да буолуом!» – диэн бэйэм бэйэбэр андаҕайдым. Бэйэбин кымньыыланар уонна эппит тылбар хайаан да турар баҕаттан Татарияттан сылдьар Шишкин диэн биир ыйааһыҥҥа тустар уолбар: «Эһиил Союз чемпиона буолуом», – диэбиппин киһим кулгааҕын таһынан аһарда, олох итэҕэйбэтэҕэ сирэйиттэн-хараҕыттан биллэрэ.
Дойдубар төннөн кэлэн, оҕолор биригээдэлэригэр киирсэн, окко үлэлээтим. Кэбиһиигэ кыдамалаан, бугуллары от үөһэ быраҕаттыы сырыттахпытына, бииргэ үөрэнэр уолум Юра Баягантаев дьээбэлэнэр: «Россия, Союз ааттаахтарын талбыт тамныыр киһи бу бугул сыыһын киһилиэҥ дуо, көтөҕөн ылан элээрдэн кэбис», – диэмэхтиир.
Күһүн буолбутугар, күүппүт-ахтыбыт сиэринэн, тустуу секциятыгар харса суох дьарыктанан барабын. Кимиэхэ да мэһэйдээбэт, мэһэйдэппэт гына спортивнай саала уонна мастарыскыай икки ардыгар бэйэбит туспа 5х5 миэтэрэ иэннээх сааланы туппуппут. Бу сырыыга Бөтүрүөбүс миэхэ улахан болҕомтотун ууран, анаан-минээн дьарыктаата. Ок-сиэ, кытаанах да бэлэмнэниини барбыппыт, күүһү хачайдыырга, албастары чочуйууга, холонон хапсыһыыларга, сүүрэргэ-көтөргө хас лиитирэ көлөһүммүт көбүөргэ тохтубута эбитэ буолла? Тренерим ноҕоруускабын күүскэ эптэ – урут нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктанар эбит буоллахпытына, билигин күн ахсын үстүү-түөртүү чаас туһун да туһун, бырахсыылары хат-хат чочуй да чочуй – албаһы оҥоруу, көмүскэнии, утары бырахсыы. Холобура, утарылаһааччыҥ атахха түстэҕинэ, халбарыйан умса садьыйыы, ыстаммыт уоҕун туһанан, умса баттыы сылдьан, ыраах атаҕын буутуттан ылан төбөтүн оройунан хойуоһуннарыы (итини Сахаачча, атаҕар күүстээх буолан, эҥкилэ суох оҥороро), моонньуттан кууһаат, окумалыттан олуйан тиэрэ эргитии, түһэр күүһүн туһанан өттүктээһин уо.д.а.
Бөтүрүөбүс «үөрэнэргэ ыарахан эрээри, сэриилэһэргэ чэпчэки» диэн девиһинэн салайтарара, дьарыктаныы кэнниттэн үлтү сылайан, киэһэ сэттэ аҥаар саҕана дьиэбэр кэлээт, сонно охтон, утуйан хааларым. Күүстээх хара үлэ үтүө түмүктэрдээҕэ – бииргэ эрчиллэр уолаттарым Коля Сивцев, Бүөккэ Макаров кыра кылаастарга миигин тулуппат этилэрэ, оттон тохсуска араа-бараа бырахсарбыт. Онуска кэмниэ кэнэҕэс мин дьоммун баһыйар буолан барбытым, аны били ымсыырар разрядтарбыт нуормаларын сыыйа-баайа толорон барыыбыт үчүгэйэ сүрдээҕэ. Оччолорго «юношескай» диэн разрядтар бааллара, «I юношеский разряд» диэн значогу түөспэр анньынан, мин саҕа дьоллоох киһи суоҕун курдук санана сылдьыбыттааҕым.
Мин олохпор хаһан да умнуллубат 1965 сыл үүнэр.
Бу сыл мин оҕолор бөлөхтөрүттэн тахсан, улахан дьоннуун ситиһиилээхтик тустардыы үүммүт уонна бары кыттыбыт күрэхтэһиилэрбэр кыайыылааҕынан тахсыбыт сылым этэ. Аан маҥнай, дьэ хайа муҥун, бу сырыыга уолаттарга республика чемпиона буоллум. Онтон өрүс илин эҥээрдээҕи зонатыгар улахан дьоҥҥо тустан, 52 киилэҕэ илистибэккэ бастаатым.
Бөтүрүөбүһүм батыһыннаран, улахан дьоҥҥо республика чемпионатыгар кытта киирдим. Ыйааһыммар киһи элбэх, былырыын ааспыт Россия чемпионатын сабыдыала буолуо – күн ахсын саала хайдарынан элбэх киһи мустар. Сэрэбиэйим табыллан, маҥнайгы эргиирдэргэ улаханнык биллибэтэх тустууктарга түбэһэн, ыраас кыайыыларынан айаннаатым. Көрөөччүлэр миигин, эдэр уолу – саастаах, сиппит дьон ортотугар соҕотоҕун кыбыллан сылдьарым иһин буолуо – хара ааныттан сөбүлээтилэр, туста таҕыстахпына, ытыс тыаһа өрө хабыллар, «Слава, кытаат!» – диэн хаһыы-таһаллар. Онтон тэптэн, санаам көтөҕүллэн, бииртэн биир кыайталаан, хапсыһыылары туораталаан истим. Сороҕор утарылаһааччыбын этиэх түгэнэ ыраастык ууран баран, хапсыһыым бүтэ охсубутуттан хомойбут курдук буоларым эмиэ баара.
Финальнай киирсиилэргэ үһүө буолан хааллыбыт – Бүлүүттэн спорт маастара Федот Федотов, Эдьигээнтэн Николай Алексеев. Николай Алексеевы хотон баран, маастар Федот Федотовы утары таҕыстым. Оччолорго маастардар төһө да аҕыйах буоллаллар, кинилэр тустар ньымаларын балачча биллэҕим, онон бу сырыыга бэйэбэр сүрдээх эрэллээхпин. Ити иннинээҕи сыл Федотов Дьокуускайга Россия чемпионатыгар Доннааҕы Ростов маас-тарын Тополяны бэрт эрэллэээхтик кыайбытын көрбүтүм.
Илии тутуһан баран, хайа да өттүбүтүттэн кэтэммэккэ түһүөлэһэн бардыбыт. Биир түгэҥҥэ киһибин мостикка түһэрдим уонна ыһыктыбакка, саннын хаптаҕайдарыгар хам баттаан кэбистим. Саалаҕа үөрүү-көтүү, ыһыы-хаһыы, арбитр илиибин ууннарбытын кэннэ көрбүтүм – Бөтүрүөбүс хаһан да ымыттыбат бэйэтэ мичээрдээбит. Онуоха эрэ Саха сирин улахан дьоҥҥо чемпиона буолбуппунан республика бастыҥ бөҕөстөрүн кэккэтигэр киирэн эрэрбин өйдөөн, дьэ улаханнык үөрдүм. Урутаан эттэххэ, Бөтүрүөбүс хайдах да кыайыы-хотуу кынаттанан кэлбитиҥ иннигэр, кими да хайҕааччыта суох, өссө күүскэ үлэлииргэ, саҥаттан саҥа кыайыылары ситиһэргэ ыҥырара.
Чурапчыбытыгар төннөн тахсан, өссө күүскэ үлүһүйэн дьарыктанныбыт. Санаабыттан былырыыҥҥы ССРС уолаттарга чемпионатыгар биэс уолу кыайан баран, кинилэр кэннилэригэр хаалыы көбүөр быыллаах сабыытыгар умса хоруйа түспүттүү абалаах балыллыыта, онтон сиэттэрэн мэтээлтэн мэлийии кыһыыта-хомолтото ааһан-араҕан биэрбэт, уонна онно бэйэбэр бэриммит андаҕарбын адьас умнубаппын.
Онуһу бүтэрэр экзаменнарбыттан иккини эрэ туттаран баран, Ярославль куоракка Россия улахаттарыгар сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ ыҥырылынным. Онус кылаас бүтэн, орто оскуола аанын саас-үйэ тухары сабар күммүт тирээн кэллэҕэ. Мин үөрэрим диэн баар – ол кэмтэн үйэ аҥаарыгар чугаһыыр кэм аастар да, бары олус доҕордуубут, бэйэ-бэйэбитин кытта билсэ-көрсө, кэпсэтэ-ипсэтэ олоробут. Икки онус баара – тыа оскуолаларыттан кэлбиттэр са-ха кылааһыгар «а»-ҕа, нуучча кылаастара «б»-га үөрэммиппит. Альбина Поисеевалыын хас да сыл биир паартаҕа олорбуппут. Кини оччолортон баар-дааҕа биллэрэ. Оскуолабыт учкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. Биирдэ: «Биһиги аны кылаас салайааччытыттан аккаастанабыт, бэйэбитин бэйэбит салайабыт», – диэн оскуола уопсай мунньаҕар тыл этэн хабылыннарда. Учууталлар истэллэригэр соһуччу буолуо да, кылаас оҕолорун санаата барыбыт киэнэ биир, ону көрөн буолуо, директорбыт Г.Д. Ефимов биһигини өйөөтө. Онон онуһу кылаас салайааччыта суох бүтэрбиппит. Эмиэ кылааһынньыкпыт Филипп Кронников сахалартан көмүс промышленноһын биир биллэр-көстөр үлэһитэ буолбута, «Бочуот знага» орденынан наҕараадаламмыта. Араас салааҕа Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ буолбут хас да киһилээхпит. Оттон Юра Баягантаев сааһын тухары дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба боппуруостарынан сыралаахтык дьарыктанан, Российскай Федерация үтүөлээх үлэһитин аатын ылар чиэстэммитэ.
Мин бэйэм кылааспар махтанарым, сүгүрүйэрим диэн буолар – билиини-көрүүнү, үтүө доҕоттору биэрбитин таһынан, миигин киһи-хара оҥорбут, олоҕум хайа да уустук-ыарахан түгэнигэр күүстээх санаатынан бигэтик өйөөбүт, инникигэ уостубат итэҕэлинэн кынаттаабыт олоҕум эрэллээх доҕоро Таняны көрүһүннэрбитин иһин. Кырдьыгынан эттэххэ, оскуолаҕа сылдьан, бэйэ-бэйэбитин бэлиэтии көрбөтөх быһыылаахпыт, кини – кылаас солбуллубат ыстаарыһата, активистка бастыҥа, оттон мин спортан, тустууттан атыны билбэт буолан, кэрэхсиирбит да атын-атын курдуктара. Үөрэхпитин бүтэрбиппит кэннэ Таня Москваҕа культура институтугар киирбитэ. Мин кэлэ-бара киниэхэ таарыйарым, дьэ итиннэ истиҥ доҕордоһуу сыыйа уматар уоттаах тапталга кубулуйбута, икки оҕом күн сирин көрөр дьоллоругар бэйэ-бэйэтэ суох сатаммат буолбуппут, бэйи, ону хойутуу сиһилии кэпсиэм.
Оскуолабар төнүннэххэ, учууталларбыт да сахаларга биллэр-көстөр дьон этилэрэ. Холобура, саха тылыгар Алексей Бродников, Феоктист Софронов, историяҕа В.С. Яковлев-Далан, ахсааҥҥа кини кэргэнэ Яна Викторовна Алехина үөрэппиттэрэ. Далан оччоттон дьонтон уратылааҕа биллэрэ, өрүү соҕотоҕун сылдьар, кими да кытта билсэ, доҕордоһо сатаабат, дьиэтиттэн тахсыбат да курдук өйдүүбүн. Физиканы сөбүлүүр буоларбытыгар Алексей Петрович Ермолаев үтүөлээх, араас уопут оҥорон, соһуйуу-өмүрүү буоларбыт. Мин сүүрэрбин-көтөрбүн таптыыр буолан, физкультура уруогун тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрим. Манна эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр диэбиккэ дылы эрчимнээх имигэс уоланнар бааллара. Василий Петрович Захаров уҥуоҕунан намыһах эрээри, брусьяҕа, «акка» таҕыстаҕына, эбэтэр икки быаҕа ыйаммыт биһилэхтэри харбаан ыллаҕына, тутум үрдээбиккэ дылы буолан, араас гимнастическай көрүҥнэри элэҥнэччи оҥороро, аны теннистээн бардаҕына, остуол ньууруттан тэйиэлиир мээчигин кытта тэҥҥэ көтүөккэлииргэ дылы буолара. Хабаровскайга физкультура институтугар үөрэнэр, бэйэбит биир дойдулаахпыт Василий Николаевич Оконешников практикатыгар кэлэ сылдьара. Уулуссаҕа биһигини көрүстэҕинэ, дьээбэлэнэн түҥнэритэ тэбиэлээн кэбистэҕинэ, күлсэ-күлсэ хаартан оронуу буолара. Бэйэтэ бэртээхэй волейболист этэ. Хайа да кыыс көрдөр эрэ нохтолоох сүрэҕэ мөхсүбүтүнэн барар номоҕон мөссүөннээх, кэрэ дьүһүннээх Иван Иванович Ефремов (кэлин биллэххэ, бииргэ үөрэммит кыргыттарбыт үгүстэрэ кинини таптаан, куттара-сүрдэрэ айманан биэрээхтээбит эбит) волейболга оонньоон, үөһэ ыстанан, сиэккэни үрдүнэн уунаҥнатан, мээчиги быһан сыбырҕатарын, баскетболга өрө көтөөт, хабан ылбыт мээчигин сиргэ үктэммэккэ да корзинаны чопчу булларарын көрө-көрө: «Биһиги да дьонноохпут!» – диэн киэн тутта саныырбыт.
6
Дьэ онон, онуспар икки эрэ экзамены туттараат, Ярославльга бардым. Манна Саха сирин бастыҥ тустууктара бары тиийбиттэр. Ыйааһын ахсын ким хайдаҕын, сүүмэрдэммит хамаандаҕа хаһыс нүөмэринэн сылдьарын быһаарсар хабыр хапсыһыылар саҕаланнылар. Дьиҥнээх Россия чемпионатыттан уратыта диэн, манна көрөөччү суох – тустуу идэлээхтэрэ, федерация салайааччылара, судьуйалар, тренердэр эрэ кыттыылаах барар. Мин кыһыйан-кыдьыгыран туран киирсэн, 52 киилэҕэ иккис миэстэҕэ таҕыстым, «Бастыҥ техника иһин» диэн бирииһи биэрдилэр, Саха сириттэн тиийбит тустууктартан мин көрдөрүүм саамай ордук буолла.
Сотору эмиэ саҥаттан саҥа күрэхтэһиилэргэ кыттан, тыһыынчанан биэрэстэлэри самолет кынатын анныгар хаалларан көт да көт буоллум, эмиэ иннибэр уһуга-муҥура биллибэт айан суола ыҥыра-угуйа субулунна. Россия киэҥ нэлэмэн хочолорун кэннилэриттэн Кавказ хайаларын хаардаах өргөстөрө адаарыстылар, Россия араас куораттарын спордун дыбарыастарын ньиргиэр саалалара бииртэн биир солбустулар.
Черкесскэй куоракка «Урожай» общество киин сэбиэтин (ол аата ССРС үрдүнэн) уолаттарга бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр 55 киилэҕэ кытынным. Утарылаһааччыларбытын барыларын хотон, Чурапчы оройуонун чемпионатын курдук балаһыанньа буолла – бастакы миэстэни былдьаһа, адьас кырабыттан бииргэ үөскээбит, элбэхтэ тустубут уолбунуун Петя Макаровтыын таҕыстым. Петя сүрдээх сүһүөхтээх, туттаҕына бачыгыратан түһэн ытарчалыы ылар, тарбахтарын ыыппат күүстээх, албастары да бэрт быһымахтык оҥортуур үгэстээх. Хапсыһыы бүтүөр диэри мотуор курдук тигинэччи үлэлээн, сыра бөҕөнөн 1 очконан нэһиилэ баһыйдым, онон чемпион буолар чиэстэнним.
Ити кэнниттэн Махачкала куоракка ССРС уолаттарга чемпионатыгар кытта бардым. 52 киилэҕэ тус-тар буоллум. Стадиоҥҥа киһи бөҕөтө, сырылатан түһэн эмиэ куйаас баҕайы күннэр тураллара. Мин үчүгэйдик баайыллыбыт ат курдук тустар баҕам диэн сүрдээх, формабар, сахалыы малтаччы эттэххэ күөгэйэр күммэр, дьэлтэйэр дьэппэр сылдьабын. Россияттан тренеринэн Александр Петрович Тимохин барсыбыта, кини көбүөргэ батыһыннаран киирэригэр тугу эрэ быһаарар да, иҥэн-тоҥон өйдүү сатаабаппын, санаабар, Бөтүрүөбүс намыын, холку сүбэлиир тылларын истэр курдукпун. Бэлэмим олус үчүгэй буолан, маҥнайгы эргиирдэргэ холкутук кыайталаан бараммын, финалга Стрельцов диэн Украинаттан сылдьар уоллуун туһуннум. Көбүөргэ халаачыктыы эргичитиһии, бырахсыы диэн кытаанаҕа манна буолла, хардары-таары уонтан тахсалыы очкону ыллыбыт, мин баалынан чорбойон чемпионнаатым. Илиибин көтөҕөллөрүн кытта тренербит, бөдөҥ баҕайы нуучча киһитэ, үөрэн-көтөн сүүрэн адаҥхастаан иһэрэ харахпар субу баар.
ССРС уолаттарга чемпионунан сахалартан аан бастаан буоллум диэн бастаан утаа улахан үөрүү суоҕа, былырыыҥҥы андаҕарбын толордум ээ диэн саныырым уонна дьиэбэр, ийэбэр тиийэ охсубут киһи диэн баҕалааҕым. Бу киһи тыына-быара ыгыллар куйаас күннэригэр ахтылҕаннаах Чурапчым кыһыҥҥытын, тула харах саатарынан эҥсиллэр, күн уотугар чаҕылыйар ып-ыраас хаары, ыаллар оһохторун буруота сэлиэнньэ үрдүнэн туруору субуһалларын саныыбын. Поезпыт лиһиргээн-лаһырҕаан айанныыра бытаана диибин диэн! Ип-итии, биһиги кытаанах долбуур ороннордоох плацкартка айаннаан иһэбит, мин тулуйбакка саҥа аллайабын:
– Ок-сиэ, туох ааттаах бытааммытый? Хаһан тиийэбит?
Онуоха Тимохин күлэр:
– Мин эн курдук Советскай Союз чемпиона буолбутум буоллар, Москваҕа диэри икки суукканы быһа атахпар тура тэбинэн айанныах этим.
Ол быыһыгар быйыл үөрэхпин бүтэрбитим быһыытынан, тренер инникибин былаанныырбар сүбэлиир уонна этэр:
– Москватааҕы государственнай университеттан ураты столица хайа баҕарар үрдүк үөрэҕэр киллэрэбин.
Мин спортан атыны тугу да санаабаппын, ол иһин физкультурнайга киириэхпин баҕарабын диэбиппэр, киһим үөрүүнү кытта сөбүлэстэ. Онон чугастааҕы кэскилим, ханна үөрэнэ киирэрим эмиэ быһаарыллыбыт курдук буолла. Москва физкультурнай институтун туһунан өйдөбүл баара, онно үөрэммит саха уолаттарыгар сылдьарым, кинилэр Казаков уулусса 18 нүөмэригэр баар уопсай дьиэлэригэр биир хоско Иван Аянитов, Анатолий Габышев, Геннадий Гребнев, Владимир Корякин, Николай Иванов олордохторуна, кэлэ-бара элбэхтэ ыалдьыттаабыт, хоммут да буолуохтаахпын.
Дьэ, киһи эрэ буоллар, поезпыт тиҥийэн-таҥыйан Москва вокзалыгар кэллэ. Мин манна хонук да тохтообокко, ахтылҕаннаах Сахам сиригэр дьулуһабын. Билиэт баар эбит, онон кэмниэ кэнэҕэс Дьокуускай буоругар үктэнним. Сарсыныгар мин күрэхтэһиигэ кэлиибин-барыыбын хааччыйар, Россияҕа да, Союзка да чиэһин көмүскүүр «Урожай» обществобар бардым, бэрэссэдээтэл Афанасий Егорович Алексеев бэркэ үөрэн-көтөн көрүстэ:
– Слава, эҕэрдэлиибит! Барытын истэн-билэн олоробут, бүгүн «Спартак» стадиоҥҥа Саха сирэ уонна Монголия дьахталларын волейболга көрсүһүүлэрэ буолар, онно кэлээр эрэ, – диир.
Итиэннэ М.П. Кочнев тэрийиитинэн, көҕүлээһининэн миэтэрэ сэттэ уон сантиметртан итэҕэһэ суох үрдүк уҥуохтаах кыргыттары талан, дьахталларга республика сүүмэрдэммит хамаандатын тэрийбиттэрин, онно үксэ эдьиийдэр киирбиттэрин, ол иһигэр Пермякова курдук талааннаах саха кыргыттара оонньуулларын кэпсээтэ. Сайын чэпчэки атлетикаҕа, волейболга, теннискэ Саха сирин дьахталларын спартакиадатын ыыппыттарыгар 200-чэкэ спортсменка 14 оройуонтан, куораттан кыттыбыт. Бүгүн республика хамаандата Монголия волейболисткаларын кытта оонньуур кэрэ бэлиэ күннэрэ эбит.
Ити кэнниттэн бэрэссэдээтэл ыҥырыытынан хоһугар «Урожай» үлэһиттэрэ киирдилэр, кинилэргэ мин хайдах тустубуппун кэпсээтим, бэркэ сэҥээрэн ыйыталастылар, өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар.
Киэһэ «Спартак» стадиоҥҥа тиийбитим – киһи да киһи! Ити иннинэ омук спортсменнара Саха сиригэр биирдэ эмэ кэлэ сылдьыбыттара дуу, суоҕа дуу, мин өйдүүрбүнэн, кэлин 1967 сыллаахха Куба – РСФСР – Саха сирин бөҕөстөрүн матчевай көрсүһүүлэрэ улахан өрүкүнэһиини таһаарбыттааҕа. Ол иһин 1965 сыл сайыныгар волейболистка монголкалары көрөөрү, стадиоҥҥа киһи киһитин билсибэт үлүгэрэ. Миигин тута трибунаҕа таһаардылар, обкомол I сэкирэтээрэ А.И. Михеев, «Урожай» уобаластааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Е. Алексеев икки өттүбэр тураллар. Маннык салайааччылар ортолоругар түбэспиппиттэн уонна стадион былаһын тухары быыһа-арда суох дьон олороруттан улаханнык долгуйдум.
– Чурапчы орто оскуолатын быйыл бүтэрбит Вячеслав Карпов Махачкала куоракка ССРС уолат-тарга чемпиона буолан кэллэ, кинини айхаллыаҕыҥ! – диэн Афанасий Егорович микрофонунан биллэрбитэ стадион устун уорааннанан, күүһүрэн дуораһыйда, ытыс тыаһа ньиргийдэ.
Онтон ЫБСЛКС обкомун I сэкирэтээрэ Андрей Иванович Михеев, «Урожай» общество уобаластааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Егорович Алексеев утуу-субуу уруйдаан-айхаллаан тыл эттилэр. Обкомол Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланным, анал үлэҕинэн оҥоһуллубут 16 калибрдаах, икки уостаах «ИЖ» сааны «Урожай» аатыттан бэлэхтээтилэр. Хаһан да оннук чиэстээһиҥҥэ сылдьыбатах, тустууттан атыҥҥа аралдьыйбатах, республика комсомолун, спордун бас-көс дьонун, сахам норуотун аатыттан элбэх киһи эҕэрдэлиирин билбэтэх тыа оҕото үөрдүм аҕай. «Ама бу мин дуо?» диэн итэҕэйиэ да суох курдук буолуталыыбын. Дьон-сэргэ санаата кэлбитэ, өрө көтөҕүллүбүтэ диэн сүрдээх, сотору-сотору, били, хаһыакка суруйалларыныы «өргө диэри уҕараабат дохсун ытыс тыаһа» өрүтэ оргуйар. Харда тыл этэрбэр наһаа долгуйан, тугу саҥарбыппын да өйдөөбөт туруктанным, махтанным уонна инникитин өссө да үчүгэйдик тустан, Сахам сирин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүөм диэтим быһыылааҕа.
Чурапчыга тахсарбар өссө арыалдьыттаах буоллум – Москваҕа үрдүкү физкультурнай институту бүтэрбит, үөрэнэр кэмигэр улуу Ватанабэлыын тустубут, соторутааҕыта Россия тыатын сирин бөҕөстөрүгэр бастаабыт, ол саҕана «Урожайга» инструктордыыр Анатолий Прокопьевич Габышев барсар буолла. Чурапчыга тиийбиппитигэр, били, эргэ кулууппутугар баппат элбэх киһи мустубут, оройуон спорткомитетын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кирикович Софронов мунньаҕы салайан ыытта. Төрөөбүт-үөскээбит оройуонум аатыттан синньигэс көлүөһэлээх, токур урууллаах спортивнай бэлисипиэт бэлэхтээтилэр. Биир дойдулаахтарым, аҕа табаарыстарым үөрэн, кыайыыбынан киэн тутта тыл эппиттэриттэн «ок-сиэ, Сойуус чемпиона буолар үчүгэй да эбит!» дии санаатым. Тренерим Дмитрий Петрович суоҕуттан хомойбутум. Кини ыарытыйара, мин хас да куоратынан күрэхтэһэ сырыттахпына, уоппускатыгар Трускавец курордугар эмтэнэ барбыт этэ.
Сарсыныгар Афанасий Кирикович оройуоннааҕы киинэ ситимиттэн «ГАЗ» массыыналарын уларсан, Чакырдаатыбыт. Кирикович Одьулуунтан төрүттээх буолан, ытык сирдэргэ тохтоон, алҕаан ааһар буолан, өр баҕайы айаннаатыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс Чакыр дэриэбинэтэ маһы быыһынан элэҥнээн көһүннэ, мин дьиэм аттыгар массыынабыт хорус гынар.
Ийэм эһэбиниин, эбэбиниин, кииринньэҥ аҕам Миитэрэйдиин, балыстаах бырааппыныын, таа-йым Ньукулайдыын туох да олус үөрэн-көтөн көрүстүлэр. Дьоммун, чуолаан, ийэм эрэйдээҕи, арааһа, ол иннигэр да, кэннигэр да итинник үөрдүбэтэх буолуохтаахпын. Ийэбэр өрүү иэстээх, кини иннигэр тугу эрэ ситэ оҥорботох курдук хом санаа куруук миэхэ баар. Мин таптаан ааҕар «Молодая гвардиябар» маннык тыллар баалларын мэлдьи өйдөөн кэлээччибин: «Оглянись же и ты, юноша, мой друг, оглянись, как я, и скажи, кого ты обижал в жизни больше, чем мать, – не от меня ли, не от тебя, не от него, не от наших ли неудач, ошибок и не от нашего ли горя седеют наши матери? А придет час, когда мучительным упреком сердцу обернется все это у материнской могилы. Мама, мама!.. Прости меня, потому что ты одна на свете можешь прощать, положи руку на голову, как в детстве, и прости…»
Сайыҥҥы күн төһө да киэһэрдэр, итиитин өссө да ыһыкта илигэ, онон тиритэ-хорута чэй иһэн бурулатан бүтэн таһырдьа тахсыбытым – тэлгэһэҕэ саас-тыы уолаттарбын кытта миигиттэн быдан балыс Афоня Кириллиннээх (билигин Чурапчы улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы) эҥин мус-тубуттар. Тустуум сонунун истэ охсор баҕалаахтар, кыратык сүбэлэһээт, Таатта эбэҕэ Хатыҥнаах диэн сиргэ сөтүөлүү тэбиннибит. Сөтүөлээн, уунан ыһыахтанан, ыраах умсарга куоталаһан күннүү сырыттахпытына, үөһэ мотоцикл тыаһа татыгыраата уонна:
– Слава! Оҕолоор! Мунньаххыт саҕаланна, Слава, бары эйигин кэтэһэн олороллор, – диэтэ.
Дьэ бабат-татат диэн дэриэбинэҕэ ыстанныбыт. Мин дьиэбинэн эргийэн, кулуупка чугаһаабытым, таһырдьа кыһыл таҥаска бөдөҥ баҕайы маҥан буукубаларынан суруйбуттара ыраахтан көстөр:
«УОЛБУТ СЛАВА КАРПОВ – СОВЕТСКАЙ СОЮЗ ЧЕМПИОНА».
Тута куттуун-сүрдүүн чэпчии түстүм, санаабар үчүгиий-үчүгэй буолла. Аҕыйах жетоммун, тустууга ылбыт бэлиэлэрбин анньыммыт чемпион кыһыл лиэнтэтин санныбар иилинэн сценаҕа тахсыбыппар, биир дойдулаахтарым бары дохсуннук ытыстарын таһынан көрүстүлэр. Көрбүтүм – кулууп иһигэр ыы-быччары киһи мустубут. Кэлин эбэм Боккуойа: «Оҕом эрэйдээх уордьаннарын, мэтээллэрин барытын анньынан тахсыбыта үчүгэй да этэ», – диэн этэр буолара.
Дэриэбинэҕэ сайын хаһан сүгүн-саҕын уоттаммыппыт баарай, электричество уота суох, чүмэчинэн сырдатынан олордубут. Оттон мин өйбөр-санаабар онтон ордук сырдык, ыраас, чаҕылхай күн суоҕар дылы этэ. Үөрүү-көтүү, ырыа-тойук оройо аһыллыбыта. «Бу барыта миигиттэн ситимнээх, миэхэ ананар ээ» диэн санааттан кыбыста саныырым.
Бу сырыыга 12 калибрдаах эмиэ икки уостаах саа бэлэхтээтилэр. Онон соҕотохто байан хааллым – икки саалаахпын, тимир аттаахпын. Кэлин бэлисипиэппин, 12 калибрдаах саабын бырааппар Миитэрэйгэ бэлэхтээбитим, оттон 16-лаах «Урожайдар» биэрбит сааларын уоһугар «Чемпиону СССР среди юношей Вячеславу Карпову от ДСО «Урожай» диэн суруктаах. Оннук саа оччолорго суох буолан, дьон булка сырыттахпына «суруктаах саа» диэн аат-тыыллара. Кырдьык да, бэртээхэй саа түбэспит этэ, билиҥҥэ диэри сиэним ытар, быйыл күһүн (бэлэхтэммитэ 45 сыл ааспытын кэннэ!) ити саанан хас да куһу өлөрөн, биһиэхэ, эһэлээх эбэтигэр, амсатан үөртэ.
Ол түүн хойукка диэри кулуупка сырыттым, сарсыарда түлүк уу уонна уһуктуу диэн кирбиилэргэ сытан олус үчүгэй, дьикти-кэрэ, киһи тылынан эппэт минньигэс иэйиититтэн эмискэ төлө биэрбитим: «Сэбиэскэй Сойуус диэн үчүгэй даҕаны!» Ийэм аах кэлин ону саныы-саныы күлсэр буолаллара.
Дьол уонна сор аҕас балыстар. Ити сыл кииринньэҥ аҕам Миитэрэй улаханнык ыалдьыбыта, халтаһалара иһэн тахсан, тугу да көрдөрбөт буоллулар. Покровскай балыыһатыгар сыппыта, мин онно тахсан биирдэ аан быыһынан көрбүтүм – Миитэрэй лип сытаахтыыр, ийэм аттыгар ытыы олороохтуур. Ийэбин аһынан, бэйэм хараҕым уута ыгыллан таҕыста. Ийэм Миитэрэйи ыарыылыырыгар икки мэндиэмэннээх дьиэ маҥнайгы этээһигэр тымныы баҕайы хоско олороохтообута. Онно тымныйбыта кэлин улаханнык охсубута, сүһүөхтэрэ иһэн тахсар полиартрит диэн ыарыы буулаан, кэмин иннинэ ииннээбитэ…
Ити күһүн Миитэрэй өлбүтэ, миигин биирдэ мөҕөн көрбөтөх, сытыары-сымнаҕас, холку кииринньэҥ аҕам өлбүтүттэн улаханнык хомойбутум. Ханныгын да иһин аҕата суох дьоҥҥо аҕа буолан, бары да сүрдээхтик өйөһөн-убаһан, дьиэбитигэр кыһалҕалаах кэм тирээтэҕинэ, олоххо улахан уопуттаах, сэриини ааспыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ авторитеттаах көмүскэтэр киһибит киэҥ-холку көхсүн кэннигэр саһыах курдук сананарбытыттан мэлийдэхпит. Ийэм кэргэнин улаханнык аһыйбытын түҥнэри хайыһан олорон, кистии-саба хараҕын уутун сотторуттан сэрэйэрим.
Оттон мин тустуубар эмиэ төбөм оройунан түс-пүтүм. Советскай Союз уолаттарга чемпиона буоллум, аны ханнык чыпчаалларга дьулуһабын? Билигин саастаах киһи сиэринэн, ону-маны эргитэн көрдөххө, биһиги тустарга сорук туруорунан тиийиэхтээх чыпчаалбыт Советскай Союз таһымынан бүппүт эбит. Ханна эрэ аахпыттааҕым – биир эдэр автор Шекспиртэн: «Мин эн курдук суруйуохпун баҕарабын», – диэбитигэр Шекспир: «Мин Таҥара курдук суруйуохпун баҕарар этим да, Шекспир эрэ буолан хааллым, оттон эн баҕаҥ диэн баара-суоҕа мин эрэ курдук суруйуу буоллаҕына, олох ыраатыаҥ суоҕа», – диэн.
Син ол кэриэтэ биһиги, саха бөҕөстөрө, Россияны эрэ атаакалыы сылдьар кэммитигэр тустуубут үгэнэ түбэспитэ. Оттон биһиги былааммыт Россияны уҥуордаан, Советскай Союз таһымыгар тахсыы этэ. Тренердэрбит: «Аан дойдуга, Олимпийскай оонньууларга тустуохтааххыт», – диэн сорук туруорбуттара буоллар, ким билиэй, баҕар, онно тарбачыһа сатаан, өссө үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит буолуох этибит.
Биһиги буоллаҕына сахалартан Семен Дмитриев ССРС-ка төрдүс миэстэ буолбутун, онно аан дойду чемпиона Айдын Ибрагимовы баһыйбытын холобур оҥостон, кини холобурун хатылыыр, сатаннаҕына аһары түһэр баҕалаах этибит. Кэлин араас түһүлгэлэргэ олимпиец Н. Алборяны, Европа чемпиона Р. Доборджгенидзены, ССРС чемпиона Т. Алибегашвилины хотуталаабытым да, тоҕо аан дойду таһымыгар тустубаппын диэн санаа охсуллубат буолара. Москванан, Кавкаһынан сылдьарынан, Союзка, Россияҕа тустарынан сөп буолан, муҥурданан хаалбытым. Быһата, мин Шекспирдиин кэпсэппит эдэр суруйааччы курдук өйдөөх-санаалаах эбиппин.
Оттон 1965 сыллаахха мин өссө улахан дьоҥҥо 57 киилэҕэ тахсан, Нальчик куоракка «Урожай» общество киин сэбиэтигэр уонна Дьокуускай куорат аһаҕас чемпионатыгар бастаталаабытым. Куорат түһүлгэтигэр аан маҥнай Алкивиад Ивановтуун көрсүбүппүт.
Литературнай редактортан: Ол хапсыһыы буолуохтааҕа, бэл биһигини, ыраах Томпо Мэҥэ Алданын ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьааччылары, долгуппута. Ыраас лиис үөһэ өттүгэр «Слава Карпов уонна Алкивиад Иванов көрсөллөр, хайалара кыайыай?» диэн ыйытыыга кылаас оҕолоро икки аҥыы хайдан, сорохтор Слава, атыттар Алкивиад буолан бэрт омуннаах мөккүөр буола сылдьыбыттааҕа. Хапсыһыы түмүгүнэн ким кыайбытын билигин чуолкай этэр кыах суох, арааһа, тэҥнэспиттэр быһыылааҕа, арай «Эдэр коммунист» хаһыакка «Алкивиад инники үктүү сылдьар атаҕын хайа да бэйэлээххэ биэрбэт үгэстээх, арай бу сырыыга Карпов санаатар эрэ ол атаҕын харбаан ылыталаата» диэн баарын өйдүүбүн.
Ол сыл бүтүүтүгэр Саҥа дьылга анаммыт нүөмэргэ «Эдэр коммуниска» Слава Карповы бухатыыр куйаҕын, бэргэһэтин кэтэн олорордуу уруһуйдаан баран «Быйылгы 1965 сылга Слава Карпов Чурапчы орто оскуолатыттан саҕалаан, Советскай Союһунан түмүктээн, уон төгүл чемпион үрдүк аатын сүктэ» диэбиттэр этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?