Электронная библиотека » Вячеслав Карпов » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Вячеслав Карпов


Жанр: Спорт и фитнес, Дом и Семья


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]

Шрифт:
- 100% +

7

Оскуола кэнниттэн Москваҕа тиийэн, Александр Петрович Тимохиммын эрэ булуохпун наада, оччоҕо физкультурнай институкка ханнык да мэһэйи көрсүбэккэ ааһа туруохтаахпын. Мин оччоттон баччааҥҥа диэри сүрдээх үчүгэйдик Иван Аянитовы уонна кини кэргэнин Светлананы, балтын, историк учуонай Анатолий Игнатьевич Гоголевка кэргэн тахсыбыт Альбинаны саныыбын. Сэргэлээхтэн чугас мас дьиэҕэ олороллоро, оо дьэ, онно ыалдьыт-хоноһо бөҕөтө субуллан да биэрэрэ! Иван физкультурнай, Светлана медицинскэй институттары бүтэрэн, саҥа үлэһит буолан кэлбит, тренердээн, врачтаан эрэр дьон харчылара да кырыымчыга чахчы. Ону ол диэбэккэ, ханнык да ыалдьыт тиийдэҕинэ, үөрэ-көтө, өртөн күүппүт киһилэрэ кэлбитинии, баардарынан-суохтарынан күндүлүү көрсөллөр.

Аянитовтарга ыалдьыттыы кэлэр буолаллара: бэртээхэй спортсменын таһынан ыччат уоһуттан түспэт ырыаларынан биллэн эрэр Аркадий Алексеев, Москваттан Роман Дмитриев кэллэҕинэ, оччолорго саҥа тахсан эрэр ырыаһыт Анегина кэргэнэ Валера Слепцовтуун хайаан да арыаллаан сылдьаллара, Алкивиад, Сахаачча, Володя Андросов эмиэ бу дьиэни быһа ааспат буолаллара. Быһата, Аянитовтар дьиэлэрэ – биһиги, оччотооҕу эдэр дьон, штаппыт, өй-санаа эбинэр, саҥа доҕоттордуун билсэр уонна сынньанар, кэпсэтэр-ипсэтэр кииммит этэ. Билигин оччолорго түспүт хаартыскаларбытыгар олоххо саҥа үктэнэн эрэр бэйэбит үөрэ-көтө турарбытын көрдөхпүнэ, сүрдээҕин харааста саныыбын – Уйбаан Аянитов орто дойдуттан бараахтаабыта, оттон биһиги сааһырдахпыт, күндү кэмнэрбит эргиллибэттии күрэнэн сүттэхтэрэ…

Табаарыспар Иван Аянитовка Москваҕа физкультурнай институкка киирэр баҕалаахпын эппиппэр, киһим саба саҥарда:

– Слава, киһи эрэ буолларгын, онно олох кииримэ, мин бу баарбын дии – соҕурууҥҥу физкультурнай үөрэхтээхпин да, ким да аахайбат, идэлээх киһи курдук санаабаттар.

Ону истэн, Уйбаан, арааһа, сөпкө эттэ диэн, соҕуруу үөрэнэр баҕа санаам уоһунна, маннааҕы университекка туттарсан көрөргө былааннанным. СГУ-га үлэлиир спорт маастара Н.К. Алексеев: «Историческайга киир, мин көмөлөһүөм», – диэтэ да, бэйэм үөтэлээбэтим. Ол сылдьан, докумуоннарбын нуучча тылын, литературатын салаатыгар биэрэн кэбистим. Бииринэн, кинигэни наһаа сөбүлээн ааҕарым сабыдыаллаатаҕа уонна хайдах эрэ Ленинградтааҕы Герцен институтун бүтэрэн, нуучча тылын учуутала буолбут тренерим Д.П. Коркин холобурун үтүгүннүм быһыылааҕа.

Улаханнык эрэйдэммэккэ (конкурс да наһаа буолбатах этэ) экзаменнары туттаран, студент буоллум. Дьэ доҕоттоор! Аан маҥнай лекция истэ актовай саалаҕа киирэн баран улаханнык соһуйдум. «Бабье царство» диэбиккэ дылы, сүүсчэкэ эҥинэ бэйэлээх кыыс кырылаһан олороллор, кинилэр ортолоругар түөрт-биэс эрэ уол буолан толугураһан хааллыбыт. Уолаттарбын умнубаппын, бары да тыыппалаах ыччаттар этилэр – билигин физкультурнай институт ректора Д.Н. Платонов убайа, эмиэ илиитигэр сүрдээҕин кыанар Ганя Платонов, боксер, кэлин Хаҥаласка улуус биир тарбахха баттанар ытык киһитэ, сүрдүк курутуйуох иһин, сүрэҕинэн соһумардык барбыт Коля Рафаилов, биһиэхэ үөрэнэн иһэн, кэлин Свердловскайдааҕы юридическай институкка көһөн, билигин куорат биир саамай күөн туттар уопуттаах судьуйата Степа Попов.

Кыыс аймах ортотугар сылдьары атыҥырыыбын, үөрэхпит да ис иһигэр киирдэххэ, уустуктардаах буолан барда – былыргы славян тыла, латыын тыла, ону үөрэтэн араас тылларга «иус» диэн самалыктаан, кус-хаас тойугунан кэпсэтии буолара чаҕытар. Ити предметтэри ааһан иһэн билэр, сүрдээх дьоҕурдаах оҕолор баалларын Чурапчыттан атын сиргэ үөрэммэтэх киһи сөҕө-махтайа бэлиэтээтим. Сулейманова диэн еврей хааннаах кыыс ханнык да уустук ыйытыыларга анаан-минээн бэлэмнэммиттии хабырҕаччы хоруйдууруттан, олус элбэҕи билэриттэн салынным.

Сэргэ саха тылын студеннара бааллар, онно иккис сылбытыгар Ньурбаттан Варя Потапова диэн хоһоон суруйар кыыс киирбитэ. Биирдэ Суорун Омоллоон 60 сааһын туолбутунан, народнай суруйааччы кырдьаҕастыын (оччолорго наһаа саастаах киһилии көрөрүм, билигин бэйэм ити кирбиини лаппа ааһан баран санаатахпына, үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар эдэрчи киһи эбит) көрсүһүү буолла. Варя эҕэрдэлээн тыл эттэ, онно: «Дмитрий Кононович, сүрэхтэриҥ баҕаларын сүһүөхтэриҥ уйдуннар», – диэбитигэр, Суорун Омоллоон бэркэ үөрдэ-көттө:

– Көр эрэ, бу кыыс уу сахалыы олус да бэркэ эттэ ээ! – диэмэхтээтэ.

Короленко уулуссатын саҕаланыытыгар баар икки этээстээх мас дьиэҕэ үөрэнэбит. Саҥа студент буоллаҕым утаа, биирдэ кирилиэһинэн түһэрбэр, профессор Г.П. Башарин (оччолорго биэс тарбах иһинэн ааҕыллар аҕыйах профессор баара, онон кинини ыраахтан сүгүрүйэ, ытыктыы көрөрбүт) кимниин эрэ үөһэ дабайан иһэрин кытта ыы муннубунан анньылла түстүм. Аргыһа: «Бу тустуук, ССРС чемпиона Вячеслав Карпов», – диэн билиһиннэр-битигэр, Георгий Прокопьевич тохтоон илиитин биэрдэ уонна ону-маны, хайдах үөрэнэрбин эҥин ыйыталаһан иһэн, соһуччу:

– Арыгы иһэҕин дуо? – диэн ыйытта.

– Суох, – диибин. Кырдьык, оччолорго арыгы диэн аһы билэ илигим.

– Олох испэккин дуо?

– Олох.

Профессор үөрдэ уонна физкультура, спорт эти-хааны сайыннарар үтүөтүн аҕынна, сарсыарда аайы зарядка оҥорорун, таһырдьа тахсан сүүрэрин, күһүн-саас хайыһардыырын кэпсээтэ.

Башарин сүбэтинэн, түөрт уонтан тахса сыл устата, билиҥҥэ диэри, мин сарсыарда аайы зарядкалыыбын, арай сүрэҕим ыалдьыаҕыттан ипподром-ҥа, Сайсары күөлгэ хайыһардыырбын тохтоттум.

Үөрэхпитигэр төнүннэххэ, Ганя Платонов эрэ үһүс курс кэнниттэн кэтэхтэн үөрэххэ көһөн, хас да сыл бэркэ сыралаһан, нуучча тылын учууталын дипломун ылбыта. Эппитим курдук, Степа Попов атын үөрэххэ көһөр, оттон Коля Рафаилов биһикки кыайан бүтэрбэтэхпит.

Туох кистэлэ кэлиэй – Бөтүрүөбүс хараҕын далыттан тахсыбычча уонна бэйэбитин да улахан дьон кэккэтигэр киирбиттии сананан, арыгыны кыралаан амсайар буолан барбыппыт. Ити саҕана Расул Гамзатовынан, Омар Хайямынан үлүһүйүү баара. Омар Хайям олох кылгаһын, син биир орто дойдуттан барыахтаахпыт, онон тыыннаах эрдэххэ арыгы иһэн, сымыйа үөрүүнэн олоруохха диир хоһооннорун хатылыырбыт:

 
Потом мы в этот мир не попадем, боюсь,
А там – друг друга вновь мы не найдем, боюсь,
Наш миг не плох, я им упьюсь,
Не то последний вздох и я уйду, боюсь…
 

Эбэтэр Расул Гамзатов эр киһи, элик үтүөтэ буоларга ыҥырар дорҕоонноох тыллара:

 
Кто к столу, шагнув с порога,
Осушить не в силах рога, —
Разве тот мужчина?
 

Мин олохпун хайдах баарынан, тугу да эппэккэ-көҕүрэппэккэ суруйабын. Онон, Коркин оскуолатыттан тэйэн баран, иккис-үһүс сылбытыттан саҕалаан, доҕотторбутун кытта үлтү сылайар, сыраны-сылбаны ылар күрэхтэһиилэр, эрчиллиилэр кэннилэриттэн арыгыны кыралаан иһэр буолбуппут. Оччоҕо хайдах эрэ аралдьыйар, сылаабыт тахсар курдуга. Хомойуох иһин, кырыыстаах ас сорохпутун бэйэтигэр тардан, дэллэриттэр дэллэритэн, хара дьуоҕатыгар супту оборон барбыта, онтон төлө мөҕөн тахсыы туһугар элбэх уустуктардааҕа, чэ, ону хойутуу сиһилии кэпсиэм. Оттон убайдарбыт Иван Аянитов, Анатолий Габышев курдук хаарыаннаах дьоммут арыгыга күүскэ ылларан баран, кыайан төлөрүйбэтэхтэрэ барыбыт трагедията этэ…

Университекка төнүннэххэ, мин, кылгастык да буоллар, студент көрдөөх-нардаах олоҕор кыттыһан, эдэр саас дьоллоох түгэниттэн амсайан хаалбытым диэн киэн тутта этэбин. Толору билбитим диир кыах суох, бииринэн, эппитим курдук, икки сыл эрэ үөрэммитим, иккиһинэн, сотору-сотору күрэхтэһиилэргэ, сүүмэрдиир эрчиллиилэргэ бара турар буолан, иллэҥ кэм ордубат да этэ.

Студенныы киирдэҕим күһүн аан маҥнай Сахааччаны кытта билсэн, көбүөргэ күөн көрсөн турардаахпыт. Күһүн студеннар практикаҕа хортуоппуй хостуу бардылар, мин эрчиллиэм этэ диэн көҥүллэтэн, Чурапчыбар таҕыстым. Билэр дьоммун, тустууктарбын көрсөн, туох сонун баарын, интернат-оскуолаҕа төһө кыахтаах саҥа оҕолор кэлбиттэрин ыйыталаһабын. Арай кэпсэттэҕим ахсын бары, үтүктүспүт курдук: «Амматтан Сахаарап Куола диэн лаппа кыахтаах уол кэллэ», – дэһэллэр.

Мин ону улаханнык сэҥээрбэтим, кулгааҕым таһынан аһардым. Субу саҥардыыҥҥыта аҕай Советскай Союз уолаттарыгар, Саха сиригэр улахаттарга чемпион буолбут киһи миигиттэн балыс Амма үөрэнээччитэ миигин баһыйара буолуо диэн өйбөр да суоҕа. Сарсыныгар учууталбар Бөтүрүөбүскэ дьарыктана тиийдим. Оскуола иннигэр ардахтан хаххаланарга чарапчы оҥорбуттарын анныгар көбүөр тэлгэнэн сытар. Онно тула сырса сылдьан сүүрэн-көтөн, эргичийэн-урбачыйан эппитин-сииммитин сылыппыппыт кэнниттэн Бөтүрүөбүс миигин кытта туһуннараары хайа эрэ уолу ыҥырда. Мин «саҥа уол» диэн санаан эрэ аһардым. Сибилигин ыраас-тык ууруом диэн дьүһүнүн-бодотун да өйдөөн көр-бөтүм. Свистогу кытта саҕалаатыбыт.

Дьэ доҕоттоор, туох алдьархайга мин түбэстим?! Уолум атаҕар киирэн көрөбүн – хардары албастаан бэйэбин төбөм оройунан ыыта сыста. Миэлиҥ-сэлээри оҥостобун – сымара тааска анньыллар курдукпун. Тоҕус мүнүүтэ устата сыҥалана-сыҥалана, нэмийэ-нэмийэ кимэ сатаатым да – туһа суох, киһим кэмигэр көмүскэнэр, ол сылдьан бэйэбин түөрт атах оҥорон баал ылла. Наһаа соһуйдум. «Бэйи, бу хайдаҕый, Союз чемпиона ааттаах киһи этим дии?» диэн, көрөн олорор уолаттар, ытык-тыыр тренерим иннилэригэр сааттаахтык хотторон, аатым-суолум баран эрэриттэн кыһыйан-абаран тохтоло суох түһүөлээн көрдүм да – мэлийдим. Хапсыһыы түмүгүнэн уолум биир-икки очконан хотон таҕыста.

Хомойбутум омунугар ол түүн аанньа да утуйбатым, дойду ааттаахтарын хаардыы хааман кэлэн баран, төрөөбүт Чурапчыбар, буолаары буолан миигиттэн балыс оскуола оҕотугар хотторуу диэн өйгө баппат үлүгэрэ этэ. Сарсыныгар эрчиллии саҕаланыа быдан инниттэн, эрдэттэн бэлэмнэнним, күүспүн, өйбүн бүтүннүүтүн түмэн турукка киирэ сатаатым. Дьарыктана, туста барар чааһым тирээтэ. Тиийэн, сүүрэ-көтө сылдьан, уолбун дьэ сиһилии өйдөөн көрдүм – хара хаастарын аннынан чоҕулуччу көрбүт, илиитин, атаҕын быччыҥнара көппөрүттэн, күүс баара биллэр уол маадьаччы үктэнэн турар. Тренерим барахсан минкыһыйбыппын өтө көрө олордоҕо. Онон Коля биһиккини көбүөргэ маҥнайгынан ыҥырда. Тоҕус мүнүүтэ устата туох баар сатабылбын, кыахпын түмэн, биир дуу, икки дуу баалынан нэһиилэ чорбойон таҕыстым.

Бу сырыыга бастааҥҥым курдук соһуйбатым, саха тустуутугар чаҕылхай бөҕөс кэлбитин өйдөөбүтүм. Эрчиллии кэнниттэн уолбунуун ирэ-хоро кэпсэттибит, албастарбытын хардары-таары көрдөрүстүбүт. Дьэ, онтон ыла Колялыын уу тэстибэт истиҥ доҕордуу буолбуппут, билиҥҥэ диэри суохтуубун, кинини өйдөөн аһарбатах күнүм диэн суох.

Ити маҥнайгы курска үөрэнэрбэр, Саха сирин тустуутун историятыгар көмүс буукубаларынан суруллар кэрэ-бэлиэ түбэлтэҕэ кыттыгастаах буолбуппуттан киэн тутта саныыбын. Николай Николаевич Волков кэпсэтэн, быһаарсан, соҕуруу тренердэргэ тылларын ылыннаран, 1966 сыл саҥатыгар биһиги, түөрт бөҕөс – Петр Алексеев, Алексей Ермолаев, Петр Попов уонна мин буоламмыт, сахалартан бастакынан «аан дойду аччыгый чемпионата» дэнэр Тбилиситээҕи турнирга кыттар буоллубут.

Тоһоҕолоон бэлиэтиим – манна кыттарбытыгар үтүөлээх киһинэн Н.Н. Волков буолар. Кини дойду сүүмэрдэммит хамаандатын түс-бас дьонун – Балавадзены, Дякины кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, тэҥҥэ асаһан-сиэһэн, адьас бэйэлэрин киһитэ буолан хаалан, биһигини, түөрт саханы, ити үлүгэрдээх эппиэттээх түһүлгэҕэ ССРС чиэһин көмүскүүрү итэҕэйдэхтэрэ уонна урутаан этэбин – ол итэҕэли биһиги түһэн биэрбэтэхпит, дьоһуннаахтык көмүскээбиппит.

8

Грузия. Бу тылы иһиттим да, мин туох ханнык иннинэ И.В. Сталины саныы түһэбин. Оҕо сылдьан, Иван Гоголев ытыс саҕа дьоҕус «Ыҥырар уоттар» диэн кинигэтин аахпыттааҕым, онно маннык тыллары поэт Горига сылдьан, Сталин төрөөбүт дьиэтин көрөн баран суруйбут:

 
Ытык киһи төрөөбүт дьиэтэ
Ытыс эрэ саҕа эбит,
Ол эрээри дойдум бүтүннүүтэ
Кини ытыһыгар олорор эбит.
Аарыма бүтүннүүтэ кыраттан
Атаҕар турарын манна биллим,
Кир-буор быыһыгар күндү таас
Кирийэр идэлээҕин итэҕэйдим.
 

Мин үйэм тухары кинигэ мунньан, баай библиотекалаахпын. Онно Сталин туһунан элбэх кинигэ баарын сирийэн ааҕыталаатым. Хайдах да сордоммут иннигэр, хас биирдии киһиэхэ туһаайан турарын быһыытынан, олохпутугар политиканы кыайан тумнан ааспаппыт, онон билиҥҥи кэм туһунан санаабын эттэхпинэ, туох олох кэлбитин, ханна тиэрдиэн билбэппин. Соторутааҕыта РФ Президенэ Д.А. Медведев: «Россия үрдүнэн биир триллион солкуобай харчы откакка (ол аата уорууга) барар», – диэн аһаҕастык билиннэ. Бу үлүгэр ээ – Россия дохуотун бүтүннүүтүн сэттэ бырыһыаныттан ордуга уоруйахтар сиэптэригэр киирэр! Ол да иһин мин Сталин саҕана патриотизм, интернационализм идеята хас биирдии киһи этигэр-хааныгар баар буолан, киһи киһиэхэ доҕор, табаарыс дэнэрин, буруйу оҥоруу аҕыйаҕын, бэрээдэк тутуһулларын, баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы суоҕун, ас-таҥас сыаната түһэрин, ким баҕарар сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээҕин туһунан туоххаһыйа ааҕабын.

Оттон 1966 сыллаахха Тбилисигэ тустууга барарбар, хомойуох иһин, Сталин төрөөбүт дьиэтин-уотун көрөр кыах миэхэ тиксибэтэҕэ. Ол да буоллар, Россияттан атын омук сиригэр тиийбиппитин өйдөөбүппүт, тула грузинныы омуннаах саҥа өрө оргуйар, сахалыы орнаменнарга маарынныыр сурук-бичик дьэрэлиһэр, маҕаһыыҥҥа киирэн, тугу эмэ атыылаһан баран, санааҕар, харчыҥ ордугун ыйытан көрдөххүнэ: «Какой сдача, даа-арогой, нет сдача!» – диэн буолар. Москваҕа да, Дьокуускайга да уулуссаҕа куоластаатахха, массыыналар сүгүн-саҕын тохтооччулара суох, оттон Тбилисигэ баттаххын тараанаары илиигин көтөхтүҥ да – иннигэр хорус гыналлар. Дьиэлэрин-уоттарын тутуута, архитектурата барыта ураты, бүтүннүүтэ сонун.

Дьэ, көбүөргэ тахсан, биһиги аатырбыт Ломидзелааҕы, Шахмурадовтааҕы кытта тэҥҥэ тиритэ-хорута эрчиллэбит. Уолаттар улуутуйбаттар, судургу баҕайытык тутталлар, кэпсэтэллэр. Мин кулгааҕым тостон, төбөм бэрэбээскилээх, ону көрө-көрө Шахмурадов: «Якутский шаман», – диэмэхтиир.

ССРС-тан хаспыт да, барыбытын киллэрбэттэр, онон Тбилиси көбүөрүгэр ким тахсарын-тахсыбатын быһаарсар киирсиилэр буоллулар. Сэрэбиэй тэбиитинэн маҥнайгынан ССРС чемпиона Тариэл Алибегшвилига түбэстим уонна 4:1 ахсаанынан хотон, грузин тренердэрин соһуттум да, хомоттум да быһыылаах. Ол кэнниттэн Латвияттан Леоновы, Грузияттан Музашвилины холкутук хотуталаан, санаам күүһүрдэ, Самедов диэн уоллуун тэҥнэстим.

Күрэхтэһиигэ кыттар быраабы ылан, аны уолаттарбар ыалдьабын. Бары да чаҕылхайдык тустубуттара – Петр Алексеев Малян, аччыгый Хохашвили курдук күүстээх бөҕөстөрү хотуталаабыта, Алексей Ермолаев маҥнай Карсаулидзеттан хотторон куттаталаан баран, атыттары кыайталаан, эмиэ турнирга ааста. Оттон Петр Попов Юрий Шахмурадовы, Юрий Гусовы кытта кытаанах бырахсыылаах хапсыһыыларга тэҥнэһэн, төрдүөн киирэр туруктаммыппытыттан үөрүү-көтүү үрдэ суох этэ!

Дьэ, онтон спорт дыбарыаһыгар үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн көбүөргэ тахсан, бырахсыбытынан барабыт. Мин дойдубар төннөн баран, сорох хапсыһыыларбар тэҥнэспитим туһунан эттэхпинэ, хайдах эрэ астымматах, аанньа тустубатаҕым курдук санаалары быктаран ааһааччылар. Оннук адьас буолбатаҕын дакаастаан, Н.Н. Волков суруйбутун аҕалыым: «Карпов утарылаһааччыта – ССРС чемпиона, Тбилиси турнирын кыайыылааҕа Заур Шекриладзе (Грузия). Маҥнай утаа Заур харса суох атаакалыыр. Слава көбүөр ортотун биэрбэт, эмискэ атахха киирэн умса садьыйар. Киһитэ атахха киирэн эрдэҕинэ, урутаан утары ньыманы туттан, икки баалга түһэрэр. Киһитэ үөн курдук эриллэн, партерга кэннигэр тахсар. Хотторон иһэрин билэ сылдьар. Киирии-тахсыы, охсуолааһын бөҕө. Икки баалы ыла охсор. Тэҥнэһии буолар. Иккис эргииргэ Албарянныын ынырыктаах анньыһыы. Икки өттүттэн хардары-таары бырахсыы. Түмүккэ тэҥнэһии.

Онтон аан дойдуга биллэр Болгария бөҕөһө Азизовтыын күөн көрсөр. Болгарин эдэр диэн сэниир быһыылаах. Биирдэ арыллан биэрбитигэр, Карпов миэлиҥсэлээн кубарытар, 4 мүнүүтэнэн ыраас кыа-йыыны сурунар.

Олус наадалаах кыайыыны ситиһэр. Бу кэнниттэн аатырбыт-суолурбут Пурастолаҕа киирэр, харса суох бырахсыы бөҕө, ким да иннин биэрбэт. Кэнникинэн уопуттаах Иран бөҕөһө 7:5 ахсаанынан хотон тахсар. Вячеслав үһүс миэстэни ылан, биһиэхэ үөрүү-көтүү үтүмэнин аҕалар».

Ама да ааспытын иннигэр, киһи умнубат өрө-гөйдөөх күннэрэ этилэр. Түөрт саха манна түмсэн, бары бэйэ-бэйэбитин наһаа өйөһөрбүт, өйдөһөрбүт. Мин бастакынан тустан бүтэн, уолаттарбар ыалдьыбытым. Төһө да 45 сыл аастар, мин күн бүгүн да доҕотторум Петр Алексеев, Алексей Ермолаев, Петр Попов көбүөргэ туста сылдьалларын көрөргө дылыбын: Тбилисигэ нууччалыы-грузинныы суруллубут эҕэрдэ луоһуннары, сууттуур остуолларга үксэ Кавказ судьуйалара лаһыгыраһан олороллорун, сааланы биир гына сотору-сотору икки тылынан биллэрэн доргуталларын, оттон доҕотторум барахсаттар хайа да бэйэлээх, ааттаах-суоллаах бөҕөстөн ча-ҕыйбакка, харса суох тустан хачыгыратыһан иһэллэрин. Ити кэмҥэ хас биирдиибит өйүгэр-санаа-тыгар «Сахам сирин, сахам дьонун-сэргэтин туһугар!» диэн өйдөбүл күүскэ иҥэн сылдьар быһыы-лааҕа, ол санаа күүспүтүгэр күүс эбэн, сылайбат сындааһыннанарбыт, эстибэт эрчимнэнэрбит.

Мин ыйааһыным кыра буолан, хас эргиир буоллаҕын аайы көбүөргэ уолаттарбыттан урут тахсан, эрдэ быһаарсан бүтэн, доҕотторбор ыалдьабын. Оччолорго коллектив, доҕордоһуу диэн тыллар олус да күүстээхтэрэ! Петр Алексеев адьас кимиэхэ да очко биэрбэтинэн, сүһүөҕэ мөҕөн, бүдүрүйэн да ылбатынан сөхтөрдө. Гоги Гогичайшвили диэн грузиннар уолларын уонна уруккуттан эрийсэр Павел Малянын кытта тэҥнэстэ, хойут киирбит быраабыла оччолорго баара эбитэ буоллар, ити утарылаһааччылара сэрэтиинэн хотторуохтаахтар этэ – «кэнники скоростарын» холбоон, наар чугуруҥнууллара, көбүөр таһын былдьаһаллара, Бүөтүр көбүөр ортотугар хаһаайын тэҥэ киэптии туттан сылдьыбыта. Дамдинцараб диэн умнуллубат ааттаах монгол бөҕөһүн очконан баһыйбыта, эмиэ олохтоох Грузия маастарын Корджаяны биир түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, тэбэн лэс гыннарбытыгар, киһитин атахтара үөһэнэн элэҥнэһэн эрэ хааллылар, оннук кылбардык быраҕан, ыраастык уурбута. Ити курдук Бүөтүр биирдэ да хотторбокко, Гогичайшвили кэнниттэн иккис миэстэ буолбута.

Алеша Ермолаев аан маҥнай чех бөҕөһүн ыраастык хам баттаабыта (кэлин дойдубутугар кэлэн баран көрбүппүт: саха уола омук бөҕөһүн аан маҥнай ыраастык кыайыытын «Эдэр коммунист» хаһыакка ыстатыйа төбөтүн аннынан харахха быраҕыллар гына атын шрибинэн бэчээттээбиттэр этэ), Грузияттан Спартак Карсуалидзе диэн ССРС чемпиона уолугар икки баалынан сабырыйтаран баран, Эстонияттан Эделаны очконан, Ирантан Бехиштианы 5:0 ахсаанынан сабырыйан, Карсуалидзены маҥнайгы миэстэҕэ таһааран, грузиннары улаханнык үөрдүбүтэ. Күрэхтэһии түмүгүнэн үһүс миэстэҕэ тахсыбыта.

Мин кумирым Петр Попов, үгэһинэн, ханнык да бэйэлээх, улахан ааттаах-суоллаах бөҕөс иннигэр хардыы даҕаны чугуйбакка, тустан кылбаҥнаппыта. Кини биир да түгэн тохтообокко, харса суох киирэн-тахсан, албастан албаһы субурутан тустара көрөн олордоххо олус үчүгэйэ, ыалдьааччылар тыыммакка да олорон көрөр этилэрэ. Тэбис-тэҥ хапсыһыыларга сиирэ-халты хоттортоон, сэттис миэстэҕэ тахсыбыта эрээри, ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар кандидатынан киирбитэ, Советскай Армия Киин Кулуубун стипендиата буолбута.

Доҕотторбунуун кыайыы-хотуу кынатыгар уйдаран, дойдубутугар эргиллэбит. Аэровокзалтан саҕалаан үөрбүт-көппүт доҕотторбут, биир дойдулаахтарбыт, тренердэр, салайааччылар… Комсомол обкома оччолорго ыччаты түмэр, көҕүлүүр дьиҥнээх күүс этэ. Биһигини кинилэр ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ыллылар, кырдьыга, бары да эдэрбит, мин 18 саастаахпын, саамай аҕабыт Петр Алексеев отутун туола илик. Көрсүһүүлэр, уруйдааһын-айхаллааһын уонна бу кыһыҥҥы күннэргэ, таһырдьа тунал хаартан атыны билбэт кэмҥэ алааһым сытынан дыргыйарга дылы сибэккилэр, сибэккилэр… Миигин сааһынан эдэрдэрэ диэтэхтэрэ, оскуола оҕолорун кытта элбэхтэ көрүһүннэрдилэр.

Куорат сэбиэтигэр көрсүһүүгэ барыбытын куорат Бочуотун кинигэтигэр киллэрбиттэрин туһунан эттилэр. Урутаан эттэххэ, ити улахан суолталаах дьыала эбит, уолаттар кэлин таас дьиэ ылалларыгар ити кинигэҕэ киирбиттэрэ улаханнык көмөлөспүт сурахтааҕа. Оттон мин сулумахпын, туохха да наадыйбат курдукпун, утуйарбар орон, аһыырбар остуол баар буолла да – быраап. Били, Валерий Чиряев суруйбутун курдук: «Остуол, устуул, кырабаат, онтон ордук суох, быраат».

Сэргэлээх иккитигэр оччолорго студеннар олорор уопсай дьиэлэриттэн баар-суох мааныларыгар – 12-с куорпуска олорорум. Тустууктар диэн наардаатахтара, биир хоско биофакка үөрэнэр Николай Неустроев баара, сотору-сотору мөккүһэн, субу сырбатыһыахха айылаах бурҕаһан турарбыт да, хаһан да иирээҥҥэ тиийбэтэхпит, сүрдээх эйэлээхтик, иллээхтик олорбуппут. Оччолорго хааппыла да арыгыны испэтим, эҥинэ бэйэлээх кыргыттар хааман-сиимэн туллуктаналлара да, хайаларыгар да чугаһыахпын толлорум.

Хата, кимнээххэ эрэ билсэллэригэр, ыал буолалларыгар көмөлөспүт буолуохпун сөп. Биирдэ соҕотоҕун «Чурумчуку» балет премьератыгар бардым. Сынньалаҥ кэмигэр театр буфетыгар киирэн, лимонад иһэ турдахпына, арай биир иирэ талахтыы имигэс, номоҕон дьүһүннээх кыыс чугаһаан: «Хайа, Слава, миигин билбэтиҥ дуо? Наташабын дии», – диир. Бастаан соһуйан баран, кэлин өйдөөтүм – Чурапчыга үһүс кылааска биир сыл бииргэ үөрэммит кыыһым Наташа Посельская эбит! Кинини хореографическай училищеҕа үөрэнэ барыаҕыттан көрбөтөҕүм, онтум маннык кыраһаабысса буолан тахсыбыт! Бу өйдөөтөхпүнэ, кини эмиэ кэрэчээн кыыс дьүөгэтиниин сылдьар эбит.

Киэһэ уолаттарбар олоҥхо, остуоруйа кэрэчээнэлэрэ театрга, үҥкүүһүт кыргыттарга бааллар эбит диэн омуннаан-төлөннөөн кэпсээбиппин Коля Неустроев бэркэ сэҥээрэн иһиттэ. Аныгыскы «Чурумчукуга» бэркэ киэргэнэн, тэбэнэн-сахсынан Алкивиадтыын баран эрэллэрэ баара да, онтон ыла уолбут киэһэттэн киэһэ сүтүтэлиир буолбута. Христофор Максимов ырыатыгар баарыныы – «киэһэ аайы күүлэйдииллэр, режим кытаанах быһыылаах…» Уолаттарбыт балериналары кытта доҕордоспуттара чуолкай буолбута. Кэлин Коля Наташалыын, Алкивиад Клавдиялыын ыал буолбуттара, онон кинилэр мин көмөбүнэн холбоспуттара диир кыахтаахпын.

Тбилиси ой дуорааныныы дуораһыйар хапсыһыыларыгар төннөн, тустубуппун устудьуоннарга кэпсиибин, Коляҕа аан дойду ааттаахтарын албастарын көрдөрөн, кыра хоспутун сүгэн кэбиһэбит. Уопсай дьиэҕэ да, үөрэнэрбитигэр да кыргыттар харахтара миэхэ иҥнэрин, кистии-саба одуулаһалларын эппинэн-хааммынан билэрим, ол онтон киэн туттуу сылаас иэйиитэ түөспүн толору халыйара. Билигин санаан көрдөххө, бэрт кылгастык да үөрэннэрбин, студент көрдөөх-нардаах олоҕун, эдэр саас үөрүүтүн-көтүүтүн билэн хаалбыт эбиппин.

Тбилиситтэн куоракка көрсүһүүлэргэ сылдьымахтаан баран, Бөтүрүөбүс уонна Уйбаан Аянитов арыалдьыттаах обкомол массыынатынан Чурапчылыыр буоллубут.

Айаннаан иһэн, Бөтүрүөбүс:

– Өлүөскэ Ермолаев эһикки курдук хаһыаты-нан, араадьыйанан киэҥник сырдатыллыбыт киһи билигин Саха сиригэр суох, – диэтэ.

Тренерим ити тылларыгар киэн туттуу дорҕоонноро баарга дылылара.

Ити курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, Чурапчыга тиийбиппитин өйдөөбөккө да хааллыбыт. Кулуупка кыралыын-улаханныын, нуучча өһүн хоһоонугар баарыныы, дьаабылыка да түһэр сирэ суох гына ыга симсэн олороллор. ССКП райкомун бастакы сэкирэтээрэ Е.М. Филиппов ыытар.

Уйбаан Аянитовка тыл биэрбитигэр, киһибит трибунаҕа тахсан баран:

– Эһиги миигин Москваҕа үөрэттэрэ ыыппыккыт, аны мин эһигини бэйэҕитин үөрэтээри, бу үрдүк тырыбыынаҕа таҕыстым, – диирин кытта саалаҕа сэргэхсийии буола түстэ.

Киһибит көрө-нара онон бүппэтэ:

– Портняжнай быччыҥ диэн баар, оннук быч-чыҥ бортунуойдарга, Юрий Власовка, миэхэ… – кэннин хайыһан, президиумҥа олорооччулары кэриччи көрүтэлиир: – уонна ити олорор Карповка баар!

Саалаҕа көхтөөх күлсүү ньиргийэр, киһибит дьэ уутугар-хаарыгар киирэр:

– …Штангист Леонид Жаботинскай 160 киилэ ыйааһыннаах, оттон кэргэнэ… – субу ытыһыгар түһэрэн ылыахтыы нэлэс гынар: – 38 эрэ киилэ!..

Эмиэ күлсүү, Уйбаан дьэ ити курдук дьону күллэрэн, үөрдэн-көтүтэн, бэрт уһуннук үчүгэй баҕайытык тыл эппитэ.

Ону таһынан оскуолаҕа көрсүһүү буолбута, оскуолам директора, сэрии ветерана Г.Д. Ефимов дьиэтигэр ыҥыран сырытыннарда, оскуоланы субу бүтэрбит киһини директорым бэйэтинэн дьиэтигэр ыалдьыттатыыта улахан үөрүү этэ. Көрсүһүүлэр кэннилэриттэн сылайан-элэйэн хойутаан дьиэбэр кэллэхпинэ, ийэм эрэйдээх чэйин, күөһүн хаста да сылытан, баар-суох хаһаас аһын бэлэмнээн, кэтэһэ олорор буолааччы. Кини оҕотун чиэстииллэриттэн, оройуон салайааччылара бары эҕэрдэлииллэриттэн, оскуола директора кытта дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттаппытын истэн, бүтэйдии үөрээхтиир эрэ этэ. Бөтүрүөбүс эппитэ кырдьык этэ – «Кыымҥа», «Эдэр коммуниска», «Бэлэм буолга» биһиги түөрт хаартыскаларбыт бэчээттэммиттэр этэ. Хайа эрэ хаһыакка дуу, «Хотугу сулус» сурунаалга дуу Эллэй хоһооно баара – «Тбилиси куоракка тибии-силлиэ түспэтэ, чэмэл ыраас халлааҥҥа дирбиэн этиҥ эппэтэ. Сахаттан түөрт уол тустан, түөстээх бөҕөтүн охтордо… Хахай күүстээх Карповка, Өлөксүөйэп өрүөлгэ, Ермолаев эрэккэ, мохсоҕолго Поповка…» диэн курдук тыллар баалларын өйдүүбүн.

Дьэ ити курдук чиэстээбитэ төрөөбүт республикабыт аан маҥнай саха бөҕөстөрө аан дойду аччыгый чемпионатынан ааттанар Тбилиси көбүөрүгэр кыттыыбытын.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации