Электронная библиотека » Афанасий Гуринов » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Афанасий Гуринов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Кини – дьоло-дьолуота үрдүк!.. – Мотуруона, туох эрэ дьикти турукка киирэн хаалбыттыы, Эдьиий Даайа кэнниттэн мылайа мичээрэн хатылаата. – Кини дьоллоох!.. Оокком…

– Оннук, хотуой. Эн санаарҕаама. Тоҥсуо билигин, бороохтуйан, хайыы үйэ хотоҕойун көтөхпүт хотойчоон буоллаҕа. Арба даҕаны, билигин кини Дабыыкка хайдах сыһыаннааҕый? Кииринньэҥ аҕатын курдук ылынар дуо? Киһи да күлэр, уончалаах бэдик улахан эр киһини Охтор Дабыыт диэн хос ааттыы турбута да баар ээ! – Эдьиий Даайа күлэн сыһыгыраабыт омунугар ытыстарын тэс гыннарда. – Уун-утары көрөн туран! Дьэ, эрдьигэн дии! Хараҕын төһө эрэ быччаччы көрдө?!

Мотуруона, эмиэ күлэн быычыгыраан ыларын быыһыгар, айаҕын саба тутта-тутта, санна ыгдаҥнаата.

– Дабыыт, бу түбэлтэни санаан кэллэҕинэ, эмиэ быара суох барааччы, – тыын ылан, хараҕын уутун сотто-сотто эттэ. – Кини Тоҥсуону олус таптыыр ээ. Уонна, оттон, төрөппүт ийэтинэн биир хаан буоллахтара дии. Кыра эрдэҕинэ, Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Ону-маны кэпсиирэ, бэлэх-кэһии аҕалара, батыһыннара сылдьара. Хантаан, уолбут, атыҥыраан, таһырахтатан, букатын бөрө оҕотун курдук көрөрө. Оттон билигин, улаатан, лаппа холку буолла.

– Дьэ, бэрт. Мэйиитэ хойдон иһиэ буоллаҕа. Барытын өйдүөҕэ. Сүрэҕэр киллэриэҕэ. Дабыыт диэн, кыратын-харатын аанньа, эр бэрдэ буоллаҕа. Дэлэҕэ, бу эн курдук ньыламан маҥан дьахтары ойох ылыа дуо? – Эдьиий Даайа дьээбэлээхтик имнэннэ. – Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Буолаары буолан, Тоҥсуо билигин иитиэх оҕо буоларын туһунан кырдьыгы билэр… Хайа, хотуой, бу хайдах буоллуҥ?

– Кини… кини ии-тиэх оҕо… буолбатах ээ… Кини мин… мин оҕом… Кини… кини… оҕобут… – Мотуруона, эмискэ эһэ харбаан ылбыт күлбүһэҕин икки илиитинэн мускуйа-мускуйа, тардыалатан саҥарда.

– Уоскуй, хотуой, уоскуй, – Эдьиий Даайа, өндөх гынан, күлбүһэҕи ылан туора уурда. – Маны мускуйбуккуттан туох даҕаны уларыйыа суоҕа. Хата, ол түбэлтэ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ, күлэ-аралдьыйа түһүөҕү? – удаҕан, мэҥин имэринэн ылан баран, туох даҕаны буолбатаҕын курдук, налыйыаҕынан налыйан, чэйин иһэн сыпсырыйа олордо.

Мотуруона даҕаны өр күүттэрэ сатаабата, сыыйа холкутуйан кэпсээн барда.

– Кыра оҕолоох тулаайах дьахтар булчут-алчыт, отчут-масчыт, үлэһит эр киһитэ суох олороро олус ыарахан, сатаммат даҕаны. Эмиэ бэйэм курдук тулаайах хаалбыт, ол гынан баран лаппа аҕа саастаах, үс оҕолоох Ыгдаа ыйыппытыгар сөбүлэнэн ойох барбытым. Олохпут табыллыбатаҕа. Сотору кэминэн кини куртаҕынан ыараханнык ыалдьыбыта. Ас барбат буолбута. Куораттан тахсыбыт Улбуоп луохтуур оннук диэбитэ. Кини уһун көҥдөй туруорбутунан аһата сатаахтыырым. Өрүттээхтээбэтэҕэ. Кыһын таҥаралаабыта. Биһиги эмиэ тулаайах хаалбыппыт…

– Ыгдааны билээн. Оччотугар Ампаардаахха олордоххут дии?

– Онно. Сэниэтик олорбут киһи этэ. Оҕолоро, улахаттара сиппит дьон, кырдьаҕас эдьиийдэрин кытта бэйэлэрэ хаалбыттара. Оттон мин…

– Эн кыайыгаскын-хотугаскын, холку, намыын майгылааххын, эбиитин намчыгын, тупсаҕайгын. Итиэннэ эдэргин. Сулумах сылдьар эр дьон оннук тулаайах дьахтары өр соҕотох сырытыннарбат буолуохтаахтар. Ойох ыла сатаабыт элбэх буолуо? – Эдьиий Даайа кэпсээни ньымсатык арыый атын хайысхаҕа иэхтэ. – Уонна, оттон, син туох эмэ сүөһүлээх-астаах хааллаҕыҥ дии?

– Син баара, – Мотуруона чахчы бааччы сэргэхсийэ түстэ. – Үс ынахтаах, биир оҕустаах, биэлээх эҥин этим. Уонна, кырдьык, ол дьыл сааһыгар Кукаарыс оҕонньор ыйыттарбыта. Бүлүү куоратыгар олохтоох, хаһаактартан төрүттээх оҕонньор. Биэс уонуттан эрэ тахсыбыт да буоллар, түөһүн тылыгар диэри түспүт күрдьэх курдук күрэҥсийбит бытыктааҕа, хаар маҥан баттахтааҕа. Өр иҥээҥнээбитэ. Сотору-сотору кэлэрэ. Кэһиитин кыбына сылдьара. Хап-хачыгырас, көмүрүө курдук баахыла аҕалара. Тоҥсуо котоку, хаһан минньигэһи амсайбыта кэлиэй, бэрт түргэнник Кукаарыска атыыланан, киниттэн күнэ-ыйа тахсар буолан хаалаахтаабыта. Уолум истиҥ сыһыанын көрөн, мин даҕаны сөбүлэммитим…

– Онно Бүлүүгэ көстүгүт этэ дии? Кукаарыс улахан, астык дьиэлээх диэччилэр…

– Оннук, Бүлүүгэ көһөн күккүрээбиппит. Сүөһүбүн аймахтарбар хаалларбытым. Оҕонньор чахчы үчүгэй дьиэлээҕэ. Нууччалыы охсуу дьиэ. Кырыыһалаах, ыстаабыналаах. Таҥара дьиэтин таһыгар турар. Кырааскалаах муостата, ойуулаах истиэнэтэ, киэҥэ-куоҥа, ырааһа – барыта дьикти. Биһиги оччугуй туруорбах балаҕаммыт кэнниттэн оннук улахан, мааны дьиэҕэ олорор хайдах эрэ этэ. Дубук-дабык туттуу бөҕөтө, – Мотуруона тугу эрэ санаан мүчүйэн ылла. – Онтон Тоҥсуо дьыссаат диэн оҕону көрөр-харайар тэрилтэҕэ сылдьар буолбута. Куорат олоҕун атына, дьиктитэ элбиих-элбэх… Уолум Кукаарыһы «тээтэ» диэн ааттаан үөрдэрэ. Онтон кыһын оҕонньорбут улаханнык ыалдьан хаалла. Ол кэмҥэ Бүлүүгэ Батаакап диэн луохтуур баара. Кукаарыс, киниэхэ көрдөрөн, Дьокуускайга эмтэнэ барбыта. Уонна сураҕа суох сүтэн хаалбыта… Ким эрэ онно балыыһаҕа өлбүт диир, ким эрэ соҕуруу өбүгэлэрин дойдутугар барбыт диир. Мин эмиэ тумаҥҥа мунан хааллым, куораты, дьиэни атыҥырыырым күүһүрдэр күүһүрэн барда… Кукаарыс аймахтара даҕаны, санаабар, кырыы харахтарынан көрөр, туоратар курдуктар. Ол курдук, эрэй-муҥ бөҕөнү көрөммүт кыстаатыбыт. Уонна сайын ыһыах иннинэ малбытын-салбытын хомунан Харбалаахха, сүөһүбүтүн хаалларбыт сирбитигэр, барбыппыт. Дабыыты кытта онно билсибиппит. Сайылыкка мин дьоммор сылдьар эбит этэ. Онтон анаан-минээн кэлэр буолбута, миигин кытта кэпсэтэрэ, ынах ыаһара. Миэхэ үчүгэйэ дьикти, – Мотуруона мичээрдээтэ. – Оттон уолум ону сиилээн бөҕөтө. Аны туран, биирдэ алаадьы астыырын көрөн баран, букатын даҕаны ахсарбат буолла. Бу бэдигиҥ «дьахтар курдук киһи эбит» диэн саныыр буоллаҕа.

– Дьэ, Тоҥсуо, уол оҕото, оннук буолуон сөп. Тоҥсоллон, хотой оҕото буоллаҕа! – Эдьиий Даайа сатараччы күллэ, онтон Мотуруонаны тэһэ одуулаата. – Уолуҥ Дабыыты мээнэҕэ «тоҥсуйбатах» буолуохтаах. Бу быччаалабыт Дабыыт эйиэхэ сыһыанын, эн киниэхэ сыһыаҥҥын барытын көрө сырыттаҕа дии. Уонна күнүүлээн быһа сытыйдаҕа. Дьэ, быччаҕар эбит! – чоккуруос хараҕар тэбэнэт кыымнар кылахачыстылар. – Арба, Дабыыт Тоҥсуо төрөппүт ийэтин сурдьа дии? Букатын даҕаны таайа буоллаҕа дии?

– Чугаһаттын диэммин, төрөппүт дьонун туһунан кэпсээбэккэ буолан, Дабыыт таайа буоларын эппитим ээ. Пахай, онтум баара, уолум сирэйэ ханньастан, уорастыйан туран: «Маннык ньары-ньаппааскы таайданыахпын баҕарбаппын!» – диэн баран, ситэ истэ даҕаны сатаабакка, балаҕан аанын хап гына быраҕан элэс гынан хаалбыта.

Оттон Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Биирдэ эбэлээх эһэҕэр илдьиэм диэн тылыгар киллэрбитэ. Тоҥсуо айанныырга маҥан аллаах буоллаҕа. Буолаары буолан, акка мэҥэстэн. Итиэннэ хаһан даҕаны көрбөтөх, билбэтэх эбэлээх эһэтин көрүөн-билиэн даҕаны баҕарбыта буолуо. Инньэ гынан, Сыралтаҕа айаҥҥа турбуттара.

– Ыраах айан эбит. Түөрт-биэс көс буолуо.

– Оннук буолуо. Тоҥсуо Сыралтаттан хомойон ахан кэлбитэ. Ол тиийбит эбэлээх эһэтэ кини төрөппүт ийэтин ийэлээх аҕата буолалларын билбэт буоллаҕа. Онно тиийдэхтэрин утаатыгар эбэтэ, кинини көрөн баран: «Бу уол ордук Тиэхээннэргэ маарынныыр эбит», – диэбит этэ. Ону «ханнык эрэ Тиэхээннэргэ сыбыыр, бэйэлэригэр букатын даҕаны сыһыарбаттар эбит ээ…» дии санаатаҕа. Ол иһин хомойор.

Онтон төннөллөрүгэр биир бадьараҕы аттарын сиэтэн сатыы туораабыттар. Балыктаах ыарахан тымтайы сүгэ сылдьар Дабыыт дулҕа быыһыгар сыыһа үктээн охтон түспүт. Балыгын хомуйан, тымтайын сүгэн хааман иһэн, эмиэ сууллубут. Ону көрө-көрө, биһиги төбөппүт: «Эн биир кэм оҕун да оҕун буолаҕын, онон эйигин Охтор Дабыыт диэн ааттыыр эбиппин!» – дии-дии күлэн сыһыгырыыр буоллаҕа.

– Дьэ, эмиэ мэнигийээн эбит! – Эдьиий Даайа күлэрин кыатана-кыатана эттэ. – Көр да маны! Бу абатын, бу кыһыытын! Бу тумса тууһун! Мин Дабыыт эбитим буоллар, сонно ыстаанын сулбу тардан, көп этигэр үчүгэй соҕустук чыпчаххайы ыалдьыттатыам этэ эбээт!.. – удаҕан сол даҕаны күлэн ыгыста олордо.

– Дабыыт холкута бэрт буоллаҕа. Хата, бэйэтэ саныы-саныы күлэр. Оннук балыктарын эмиэ хомуйан салгыы айаннаабыттар. Дабыыт иһигэр хомойорун хомойоохтообута буолуо. Дьиҥэр, кинилэр Сыралтаҕа аттаммыт төрүөттэрэ диэн атын этэ. Ол кэмҥэ Кукаарыс Көстөкүүн Дьокуускайтан үтүөрэн кэлэн биһигини Бүлүүгэ ыҥырар этэ. Онтон бэйэтэ Тэптигэҥҥэ көрсө, кэпсэтэ кэлэр буолбута. Инньэ гынан, сүбэлэһэн, Дабыыт Тоҥсуону ылан Сыралталыыр буолбуттара. Сүрүн төрүөт ол этэ. Санаабар, Кукаарыс, мин сөбүлэммэппин илэ истэн баран, тута төннөн хаалыахтааҕа. Онтум баара, оҕонньор: «Уолбун булгуччу көрүстэхпинэ сатанар», – диэн хонор буолбута. Сарсыныгар тиэргэн ааныгар турдаҕына, Тоҥсуо ыраахтан көрөн: «Тээтэм кэлбит! Тээтэм кэлби-ит! Тээ-тээ!..» – диэн хаһыытаабытынан сүүрэн бырдааттанан кэлбитэ. Кэнниттэн Дабыытым барахсан сукуҥнаан иһэрин билигин даҕаны бу баардыы көрөбүн… – Мотуруона кыл түгэнэ тохтоон ылла. – Онно уолуттан, дьэ, чахчы хомойбута кини көрүҥэр, сирэйигэр-хараҕыгар бүтүннүү ойуулана сылдьара. Оттон Тоҥсуо үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини Дабыыты аҕа оҥостуоҕун төрүт баҕарбат этэ… Ол да буоллар, мин оҕонньору кытта куоракка барсары кыккыраччы батан кэбиспитим. Дабыыты кытта олорорго эрдэттэн быһаарынан сылдьарым. Кукаарыс өөр ааттаһа, көрдөһө сатаабыта, кэлиҥҥинэн кыыһырыы бөҕөтүн кыыһырбыта… Ол да буоллар, соннук чороҥ бэйэтэ төннөргө күһэллибитэ.

– Кукаарыс эрэйдээх… – Эдьиий Даайа оҕонньору аһынна. – Эйиэхэ дьиэтин суруйуох, атын даҕаны баайын бүтүннүү биэрэбин диэбит дииллэрэ. Кырдьык дуо?

– Оннук баара, эдьиэй… – Мотуруона өрө тыынна. – Ол эрэн, баайы сырсан төһө дьоллонуом этэй?..

– Сөпкө саныыгын, хотуой. Сүрэх сөбүлүүр буоллаҕына эрэ дьахтар дьолу билэр.

Мотуруона эмиэ өрө тыынна, чэй кутаары, Эдьиий Даайа диэки ыйытаары көрбүтүгэр биирдэрэ сонно тута хончоҕорун утары ууммутун ылан, киниэхэ уонна бэйэтигэр чэй кутта.

Онтуттан сыпсырыйан баран, хомойбуттуу дуу, буруйдаммыттыы дуу:

– Хайа сах сойбут эбит… – диэн ботугураата, оһоҕун диэки көрдө.

– Маннык үчүгэй-үчүгэй, хотуой. Сылыта сатаама, – Эдьиий Даайа кинини тохтотто. – Хата, кэпсээ. Олус кэрэхсэбиллээх. Мин эмиэ дьахтарбын ээ, – дии-дии, сымнаҕастык көрдө, төбөтүн туллаҥнатта.

– Онно мин дьолбор Тоҥсуом туора түспүтэ. Мин хайдах даҕаны гыныахпын билбэппин. Сотору-сотору: «Тээтэбэр барыахха», – диэн кулгаахпар сибигинэйэр. «Баахыла сиэхпин баҕардым», – диэн ырбаахым тэллэҕиттэн тардыалыыр. Дьэ, эрэй… Онтон биирдэ, сыллаан-сыллаан баран, кууһан олорон: «Тоойуом, сыллыай, Тоҥсуо, Дабыыты аҕа гынабыт дуо?» – диэн ыйыттым. Уонна ыйыппыппыттан кэмсинним ээ. Адьас быһа этэн кэбистэ. «Оттон кини оҕун да оҕун буолар дии, оннук охто сылдьар аҕаланыахпын баҕарбаппын!» – диир. Оо, онно хомойбуппуон… Мэктиэтигэр, ытамньыйан ыллым. Оттон Тоҥсуо сүрэҕэ таас курдук буолан биэрбитэ, санаатын халбаҥнаппатаҕа…

– Онтон туран, эһигини хоонньоһо сытаргытын быччаччы тутаттаан ылбыт сурахтааҕа дии?.. – Эдьиий Даайа күлэ-күлэ ыйытта. – Дьэ, саатыы-кыбыстыы бөҕөтө буоллугут?

– Ээ, дьэ, этимэ, эдьиэй… – Мотуруона кэмчиэрийдэ.

– Кэпсээ-кэпсээ, хотуой.

– Ол кэмҥэ сайылыкка бары биир дьиэҕэ олоробут. Үс хостооҕо. Соҕотох оронноохпун. Уолум атахтаһан утуйар. Онтон биирдэ түүн, хабаҕыран дуу, тыаһырҕаан дуу уһуктан, ороҥҥо үһүө буолан сытарбытын көрөр буоллаҕа… – Мотуруона иҥин хаана кэйэн, иэдэһэ тэтэрэн кэллэ. – Кини утуйбутун кэннэ, сэргэ хостон Дабыыт үөмэн сыбдыйан кэлэр этэ буоллаҕа. Уонна сарсыарда эрдэ, уол уһуктуон иннинэ, барара. Дьэ, кини санаатыгар оччо сирэйэ-хараҕа суох, уодаһыннаах быһыыны-майгыны көрөн, уолбут ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбэт үһү дуо? Мэктиэтигэр, тиэргэҥҥэ сытар ыттарбыт ойон туран үрэн моргуспуттара. «Оо, дьонноор, бу көрүҥүтүүй! Охтор Дабыыт биһиги ороммутугар кэлэн сытар! Баҕайы! Бар мантан! Бар диибин!..» – диэн сарылыыр…

Эдьиий Даайа айаҕын саба тутта-тутта күлэн ыгдаҥалыы олордо.

– Сайылык дьоно бүтүннүү ойон таҕыстылар?.. Көрбүт киһи баар ини!.. Һуу, быарым быстаары гынна дии, хотуой…

– Оннук «саат-суут» кэнниттэн, хайыахпытый, Дабыыт биһикки сыһыаммытын хайыы үйэ кистии сатаабат даҕаны буоллахпыт дии…

– Ол «саат-суут» суоҕа буоллар, эр-ойох буолбакка, үөмэ сылдьыа этигит. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэн, дьэ, маннык түбэлтэни этэн эрдэхтэрэ эбээт.

– Дьэ, этимэ, эдьиэй. Киһи эмиэ да кыбыстар, эмиэ да күлэр ээ… – Мотуруона, ис-иһиттэн сырдаан, дьолунан сыдьаайа күллэ.

Эдьиий Даайа, кинини көрө-көрө, эмиэ мичилийэн ахан олордо. Онтон Мотуруона уоскуйбутун кэннэ олоҕуттан турда.

– Чэ, хотуой, олорон хааллым дии. Дьонум күүттэхтэрэ буолуо. Барыам этэ. Эн даҕаны киэһээ ыамыҥ бу кэлбит. Ынахтарыҥ маҥыраһан эрэллэр. Тоҥсуоҕа миигин сырытта, ыйыталаста диэн этээр.

– Сөп, эдьиэй. Эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэп– пин ээ.

Мотуруона ыалдьытын тиэргэн ааныгар диэри атаарда уонна тиэтэйэ-саарайа титиигэр барда.

* * *

1942 сыл, бэс ыйын бүтэһик күннэрэ. Дьокуускай. Даркылаах тиксиитэ.

Хомоҕой тыллаах эппитинии, сырылатан-сырбатан күн да күн. Элиэнэ эбэ уута күн уотугар дьирибинии оонньуур. Кытылга, тиксиини толорон, дьон бөҕөтө тоҕуоруспут. Ким эрэ ытыыр, ким эрэ хоҥнон баран эрэр «Киров» борохуот палубатыттан далбаатыыр дьоҥҥо хардаран утары далбаатыыр, тугу эрэ хаһыытыыр. Үрэр турбалаах уонна барабааннаах музыканнар уонча киһилээх бөлөхтөрө ханнык эрэ маршы оонньуур.

Оттон ойоҕолуу ыга анньыллыбыт хас даҕаны аалтан-баарсаттан баркаас хаптаһынынан оҥоһуллубут тыраап устун, кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары тиэстэн, таһаҕас сүөкээннэр үлэ күөстүү оргуйар. Ол төкүнүтэн таһаарбыт буочукаларын, сүгэн аҕалбыт дьааһыктарын-куулларын эмиэ кэлэ-бара турар тэлиэгэлээх аттарга, таһаҕасчыт массыыналарга тиэйэллэр.

– Миитээ, Мииккэ-э, этэҥҥэ эргиллээр!.. Мин күүтүөм!.. – тиксии кытыытыгар, сыыһа үктээн, ууга түһэн хаалыахтыы киирэн турар кыыс чаҕаархай хаһыыта ол тыас-уус, хаһыы-ытабыл, аймалҕан ортотугар бэрт чуордук быыһылаан иһилиннэ.

– Олус үчүгэй кыыс быһыылаах, – Баһылай, өрүс салгыныгар өрүкүйэр будьурхай баттаҕын тарбахтарынан өрүтэ анньан ыла-ыла, аттыгар далбаатыы турар доҕоругар эттэ.

– Тоҕо «быһыылаах»? Чахчы үчүгэй кыыс.

– Үчүгэй-үчүгэй, – Баһылай өс киирбэх сөбүлэһэ оҕуста. – Уонна кини эйигин булгуччу күүтүөҕэ. Оттон мин итинник атаарар, күүтэр кыыһым суох… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка ах баран хаалаат, харса суох далбаатанна, онтон эмиэ доҕорун диэки хайыста. – Миитэрэй, кырдьыгынан этэ эрэ, эһиги уураспыккыт дуо?

Миитэрэйэ, истибэтэх курдук туттан, кыыһыгар утары далбаатыы турда. Уостара ыпсыбат буола мичээрбит аҕай.

– Ээ, өйдөннө-өйдөннө! Уураспыт ахан эбиккит! – Баһылай тоҕоноҕунан кинини ойоҕоско кэйиэлээн ылла. – Оттон мин суох… – кини да буоллар, курус санааҕа ылларан, соҥуйан, борохуот сундулуйа хайытарыттан түллэн тахсар долгуннар күн уотугар талбаара күлүмүрдүүр ньуурга симэлийэ уосталларын одууласта…

Кытылга хаалбыт дьон кыччаатар кыччаан, Даркылаах харах далыттан сүттэр сүтэн истэ…

– Төбөҕүн өрө көтөх, доҕоор, эн билигин кыайыылаах Кыһыл Аармыйа буойунаҕын эбээт! – Миитэрэй Баһылай саннын таптайда. – Мөтөгөр түөскэр мэтээл бөҕөтүн кэккэлэччи анньынан, сэрииттэн эргиллэн кэлиэҥ да, бииртэн биир кэрэ кыыс кэннигиттэн эккирэтэ сылдьыаҕа!

Баһылай, төбөтүн көтөҕөн, доҕоругар хайыста.

– Ээ, суох, Миитэрэй, мин санаарҕаабаппын. Туохтан даҕаны хомойбоппун ээ. Урут, хайдах эрэ, кыыс туһунан санаабат даҕаны эбиппин. Ону дьиктиргиибин. Оттон эн уол оҕото эбиккин! Эн бэйэҥ Кэбээйигин дии уонна куоракка хайдах кыыстанан хааллыҥ? Кини хомуйар пууҥҥа хонорбутугар эмиэ кэлэ сылдьыбыта дии?

– Кини, кини кэлэ сылдьыбыта, – Миитэрэй билсэр кыыһын санаан мичээрдээтэ. – Таанньа… Мин Таанньам кэлэ сылдьыбыта. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Онно бибилэтиэкэҕэ үлэлиир.

– Ээ, куораттан чугас буоллаҕа…

– Оннук. Биһиги кинилиин суруйсабыт ээ.

– Оттон хайдах билсибиккитий?

– Манна, Дьокуускайга. Мин кооперативнай техникуму бүтэрбитим дии. Онно билсибиппит. Кини культпросвекка үөрэммитэ. Онтон миигин төрөөбүт улууспар үлэҕэ анаан ыыппыттара.

– Миитэрэй, эн олус дьикти киһигин дии. Буҕаалтыргын. Өссө суруйааччы буолаары гынаҕын, хоһоон суруйаҕын… – Баһылай кэтэҕин тарбанна.

Биирдэрэ чараас уоһун мүчүҥнэттэ.

– Миигин өссө отут түөрт сыллаахха дойдум дьоно артыал суотчутунан талбыттара. Ол кэмҥэ мин түөрт кылаас эрэ үөрэхтээҕим. Сэттэ кылааһы кэлин бүтэрбитим.

– Мин эмиэ уон икки сааспыттан дьоммун кытта холкуоска үлэлээн барбытым. Сайын. Аҥаар үлэ күнүгэр. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа дии. Ол да буоллар, миэхэ икки оҕуһу туттарбыттара. Олорбун сиэтэн, сир хорутарбыт, бурдук ыһарбыт. Ийэбин уонна Дабыыты кытта, бары холбоон, сылга тыһыынчаҕа тиийэр үлэ күнүгэр хамнас аахсарбыт. Уон түөрпэр хайыы үйэ аты ыҥыырдыы, көлүйэ үөрэммитим. Онон окко улахан киһи курдук үлэлээн барбытым. Мин чэрдээх илиибин көрөн, ийэм барахсан үөрээхтиир да этэ. Уола үлэһит буолбутуттан чахчы дьоллоноро.

– Ийэлэр барахсаттар оннук дьон буоллахтара-а, – Миитэрэй этиитин бүтүүтүгэр унаарыта саҥаран мичийбитигэр ыйааччы барбыт быһыылаах хойуу хара хаастара көтөр кынатыныы өрө даллах гынан ыллылар. – Эн, Баһылай, олус үчүгэйдик кэпсиигин, санааҕын сааһылаан этэҕин. Мин Сангаартан Даркылаахха диэри устан кэлэрбитигэр сэргээн ахан иһиттим. Дьокуускайга даҕаны, хомуйар пууҥҥа Өлөөнтөн кэлэр борохуоту күүтэн сыттахпытына, айаҕыҥ адьас хам буолбата дии, – Миитэрэй доҕорун диэки бэрт эйэҕэстик көрдө.

Чахчы, кинилэр иккиэн, тоҕо эрэ, бэркэ тапсан ирэ-хоро кэпсэтэллэр. Дьиҥэр, саастарынан да арыттаахтар.

Итиэннэ кэбээйилэр, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн хомуллан иһээччилэргэ холбоһон, Сангаарга икки баарса соһуулаах борохуокка олорон, икки сүүстэн тахса буолан устан кэлбиттэрэ, оттон билигин бу биэс сүүсчэ буолан взводтарга, оруоталарга тыырыллан ыга симиллэн айаннаан истэхтэрэ, инньэ гынан, кэпсэтиэххэ диэтэххэ кэпсэтэр, билсиэххэ диэтэххэ билсэр ыччат баар ахан. Ол эрэн, халлааҥҥа сулустар алтыһаллара туох эрэ кистэлэҥнээҕин, таабырыннааҕын курдук, киһи киһиэхэ чугаһыыра, истиҥ доҕор-атас буолара эмиэ туох эрэ ураты дьиктилээх быһыылаах.

– Бэйи эрэ, доҕоор, биһиги тоҕо да турдахпытый? Оол олорорго үчүгэй сир баар эбит. Онно барыахха, – Миитэрэй, сүгэһэрин санныгар быраҕынан, халтаҥ сонун тутан, борохуот ортотугар, капитан рубкатын иннинэн, дьааһыктар туралларын ыйда. – Манна үөһэ салгыҥҥа үчүгэй. Аллараа палубаҕа симсэн олорор курдук буолбатах.

Баһылай эмиэ сүгэһэрин ылан кэнниттэн батыста.

Өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит «айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн уос номоҕо баар. Чахчыта оннук, айаҥҥа-суолга сылдьан киһи киһини кытта ордук түргэнник бодоруһар. Бу аҕыйах хонукка Баһылай Миитэрэйи убайын курдук саныыр буолан хаалла. Дьиҥэр, хайалара даҕаны улуустарын дьонун кытта ордук тутуһуохтарын сөбө даҕаны…

Кинилэр оннуларын булан, соннорун тэлгэнэн олордулар уонна кэпсэтиилэрин салҕаатылар.

– Мин оскуолаҕа туох баар үөрэхтэн ордук төрөөбүт суругу-бичиги сөбүлүүрүм. Этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит ыччаттара буоллаҕым. Оттон нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр кэлэммин ыыны-ааны араарбат баллыкы буолан хааларым…

– Санаарҕаама, Баһылай, эн тылга дьоҕурдааххын. Нууччалыы эмээскэҕинэн кытта саҥаран бырдырҕатар-тырдырҕатар буолуоҕуҥ, – Миитэрэй күлэн симириктээтэ. – Оттон мин… – кынтаччы туттан, халлаан диэки көрдө. – Сэрии кэнниттэн арамаан суруйуоҕум. Ол гынан баран, онтум сахалыы буолар дуу, нууччалыы буолар дуу, ону билиҥҥитэ билбэппин… Чэ! – уҥа илиитинэн салгыны быһа курбуулаата. – Сахам тылынан даҕаны суруйдахпына, нууччалыы тылбаастаныаҕа. Оччоҕо ону эйэлээх олоххо дьулуһар, эйэлээх халлаан анныгар олоруон баҕарар бары сэбиэскэй дьон, ону ааһан, Сир шаарын бары омуктара ааҕыахтара! – эмискэ төлө биэрэн, араатардар курдук эрчимнээхтик, төлөннөөхтүк саҥарда уонна, онтуттан бэйэтэ соһуйбуттуу, уһун хара бэскитин уҥа илгистэн кэбиһээт, кэпсэтии хайысхатын уларытта. – Иһит эрэ, Баһылай, ити Дьокуускайга, хомуйар пууҥҥа, тоҕо хамыыһыйаны хос барбатаххыный? Эн хараҕыҥ мөлтөх эбит дии? Сэриигэ барбакка, дойдугар хаалыаххын сөбө…

– Тугуй, эн хаалыаххын баҕараҕын дуо, Миитэрэй? – Баһылай ыйытыытыгар тимир-тамыр дорҕооннор иһилиннилэр.

– Эс, ол мин хараҕым мөлтөх үһү дуо? – доҕоро кини ыйыппыт уоҕуттан ымыттан даҕаны көрбөтө. – Чахчыта, олоххо эҥин-эҥин быһыы-майгы баар. Сорох куттанан, туох эрэ ньыманан-албаһынан боруонньа ыла сатыыр, оннооҕор соруйан илиилэрин-атахтарын эчэтинэр эбэтэр букатын даҕаны күрэнээччилэр, дэһэртиирдэр бааллар. Ол иһин дьиктиргээн ыйытабын.

– Ээ, ити мин соруйан үтэн-анньан, оонньоон ыйытабын, убайбын эрэнэбин бөҕөтө буоллаҕа, – Баһылай өрө күүрүүлээхтик саҥаран добдугуратта. – Быраастар сиитэлэрин бу даҕаны сырыыга мүччү түстүм эбээт! – астыммыттыы ытыстарын суураланна. – Мин сэрии саҕаланыаҕыттан боруоҥҥа бара сатыыбын. Сэрии саҕаламмытын биллэрэр кэмнэригэр Дьокуускайга артыыска үөрэнэ сылдьыбытым. Кэпсээбитим дии, умна оҕустуҥ дуо?

– Омунуҥ бөҕөтө, – Миитэрэй күллэ. – Тоҕо умнуохпунуй, доҕоор. Манна диэн эттэххэ, Таанньа эмиэ артыыс буолар ыра санаалаах.

– Оскуолаҕа миигин кытта үөрэммит оҕолор ким учуутал, ким быраас, ким байыаннай буолуохтарын баҕараллара. Оттон мин кыра кылаастартан артыыстары наһаа сөбүлүүрүм. Холкуос кулуубар биир да оонньууну, туруорууну көтүтээччим суох. Оонньуур дьон хас биирдии туттууларын-хаптыыларын, хамсаныыларын, тылларын айахпын аллаччы атан олорон бүтүннүү сүһэн, түһэрэн ыларым. Онон култуура учуулуссатыгар үөрэнэргэ санаммытым. Ийэм уонна Дабыыт мин баҕа санаабын толорорбор туох баар кыахтарынан көмөлөспүттэрэ. Сэттэ уон биэс солкуобайы хомуйан биэрбиттэрэ. Сүүрбэ биэстиилээх үс кумааҕы. Куоракка тиийэн ону-маны атыылаһарбар диэн. Арахсыыбыт, биллэн турар, харах уулаах этэ. Ийэм миигин икки сыл устата көрбөтүттэн олус санааргыыра. Миэхэ даҕаны наһаа ыарахана… – Баһылай кэпсээнин тохтотон чуумпуран хаалла.

Миитэрэй даҕаны тугу да саҥарбакка, ыраахха көҕөрө тунаарар кытылы кыҥастаста.

– Ол гынан баран, артыыс буоларга тардыһыым оннооҕор күүстээҕэ, – Баһылай эмиэ кэпсээн барда. – Дьокуускай куорат миигин олус күүскэ сөхтөрбүтэ. Таас дьиэлэрэ бу улахаттара, элбэхтэрэ. Дьоно-ата, ыта-куһа … Ньурбаттан төрүттээх аймахпыт дьахтарга түспүтүм. Кини кэргэнэ Хаабыһап хаайыыга эбит этэ. «Норуот өстөөҕө» диэн буруйдаабыттар. Көмүс үлэтигэр сылдьыбыт киһи. Мин кэлиэм иннинэ аҕай, милииссийэлэр тугу эрэ көрдөөн дьэҥдьийбиттэр, бүтүннүү түрбүйбүттэр. Инньэ гынан, дьиэлээх дьахтар олус куттанара, сэрэнэрэ. Хас биир тыас аайы ойон турара…

– Оттон биһиги учууталбытын Дьөгүөр Уйбаанабыһы, Бииллээхэп бэйиэти, отут аҕыс сыллаахха «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттара. Чурапчыттан төрүттээх киһи биһиэхэ үлэлээбитэ. Доҕорум Бүөтүр биһикки учууталбытын үтүктэн, киниттэн үөрэнэн хоһоон суруйар идэлэнэн барбыппыт. Устунан хоһоон хоспохторо буолбуппут, – Миитэрэй, мүчүк гынан ылаат, тулатын чуҥнаммыттыы көрдө, онтон сибигинэйэ былаан эттэ. – Мин кинини «норуот өстөөҕө» диэбиттэрин итэҕэйбэппин ээ. Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» буолбатах. Туох эрэ улахан алҕас таҕыста. Хомуньууһум өстөөхтөрүн оҕуруктара, уодаһыннара оҕуста быһыылаах. Мин Ойуунускай элбэх хоһоонун өйбүттэн ааҕыахпын сөп. Оннооҕор «Былатыан ыйбыт суолунан» диэн хоһоон суруйан турардаахпын. Онтум Нам «Холкуос сирдьитэ» хаһыатыгар бэчээттэммитэ ээ.

– Оттон миигин кини «Өрүөл кэриэһэ» диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕарбын хайгыыллара. Билигин ааҕан иһитиннэриэм, – Баһылай киэмсийэ туттан ойон турда, сэҥийэтин көтөхтө, түөһүн мөтөттө, санныларын даратта. – Будулҕан… һык… – Миитэрэй кинини сиэҕиттэн тардыбытыгар умса бара сыста.

– Бэйи, эн тохтоо! Сэрэхтээх ээ, – убай доҕоро Баһылай кыыһырыахча буолбутугар тута быһаарда. – Кэлин ааҕаар. Хата, билигин бэйэҥ тускунан кэпсээ. Салгыы хайдах буолбутай?

– Куоракка киинэҕэ үлүһүйэн туран сылдьан барбытым. Сайын пааркаҕа көрдөрөөччүлэр дии. Онно киэһэ аайы кэриэтэ тиийэ турабын. «Чапаайап» диэн киинэҕэ иккитэ сылдьыбытым. Оттон «Бэсүөлүйэ эрэбээтэҕэ» үстэ, – Баһылай, ордук итэҕэтиилээх буоллун диэн дуу, тарбахтарын саратан көрдөрдө. – Туох даҕаны уубар-хаарбар киирэн, тугу барытын умнан туран көрөрүм.

– Ньыыкан Табунааһап курдук киинэ артыыһа буолуоҥ хаалбыт быһыылаах, – Миитэрэй быһа түстэ. – «Кэҥсик-муҥсук сыттардаах киһи» диэн ыллыаҥ этэ, һэ-һэ…

– Ол кимий? – Баһылай дьиктиргээтэ.

– «Аэроград» диэн киинэҕэ уһуллубут саха киһитэ, артыыс. Сураҕа, Олоохуна Кыыллааҕа үһү. Москубаҕа үөрэммит.

– Тыый, Москубаҕа?! Хаарыан киинэни көрө илик эбиппин. Сахалар тустарынан дуо?

– Чукчалар тустарынан. Ол гынан баран, чукча уолун оонньуур Табунааһап хантан кинилэр ырыаларын билиэй? Ол иһин, дьэ, «кэҥсик-муҥсук» диэн ыллыыр, – Миитэрэй ис-иһиттэн тартаран күллэ.

Оттон Баһылай сөхпүтэ бэрдиттэн күлбэтэ даҕаны, онтон:

– Хайдах оннук буолуоҕай?.. – диэн бэркиһээбиттии ботугураата. – Убайым оҕонньор, тугу эрэ халытаҕын быһыылаах…

– Кырдьык-кырдьык, – Миитэрэй кэтэҕин тарбана олорор доҕорун көрөн мүчүҥнээтэ. – Чэ, эн онтон санаарҕаама. Кэпсээҥҥин ситэр. Аралдьыйа тураҕын дии…

– Бэйэҥ аралдьытаҕын буолбат дуо? – Баһылай өһүргэнэн өрөһөлөммүтэ, охсуоламмыта буолла, онтон дьоһумсуйда. – Чэ, иһит. Онтон биирдэ, өрбөххө кичэйэн ахан суулаан, сиэппэр укта сылдьар харчыбын бүтүннүү уордардым. Дьэ, ыраастык ылбыттара. Инньэ гынан, били саҥа таҥас, тэтэрээт, кинигэ ыларым барыта хаалаахтаатаҕа дии… Үҥсэн туһа суох. Аһыннарар-атаахтыыр кимим да эмиэ суох. Онон онно-манна быстах-остох үлэлииргэ күһэллибитим. Сотору куорат олоҕор, үөрэхпэр сыстан барбытым. Нууччам тыла эрэ атахтыыра. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ! – быһыта чыпчырынан кэбистэ. – Сайыҥҥы сынньалаҥҥа дьиэбэр, дьоммор барбатаҕым. Бэйэҥ билэҕин, Бүлүүгэ диэри сэттэ сүүс биэрэстэни атынан барыахха диэтэххэ абытай ээ. Оттон борохуокка – харчы. Аны төннөрүм баар… – Баһылай, саллыбыттыы, баһын быһа илгиһиннэ. – Эн син биир Алын Бүлүү киһитэ буоллаҕыҥ, билэҕин буоллаҕа.

– Билээн-билэн. Өрүһүнэн даҕаны айан бэрт уустук. Оннооҕор биһиги Сангаарбытыгар тиийэр ыарахан. Бүлүү устун дьону таһар биир эрэ борохуот сылдьар дии. «Пропагандист» диэн ааттаах. Иллэрээ сыллаахха, сэрии иннинэ, кыайан билиэккэ тиксибэккэ хааллыбыт. Онон, бэһиэ буолан, биир дойдулаах устудьуоннар, дьон сүбэлээн, кыттыһаммыт кунгаас атыыласпыппыт. Үс мөһөөх алта уон солкуобайга. Биэс киһини холкутук уйар, куормалаах улахан оҥочо. Уонна соннук эрдинэн Сангаарга тиийбиппит. Эдэр, эрчимнээх буоллахпыт. «Эбэбит эйгэтэ, сири-дойдуну, айылҕаны көрүөхпүт, уу, салгын!» – дэспиппит баара. Ол да буоллар, сүүрүк хоту буолан эрэ санаммыппыт. Аны туран, омуммутугар, ыксалбытыгар буолан, үтэбитин даҕаны үчүгэйдик тэриммэтэхпит. Аара Кыраап Биэрэгэр тиксэн, Намҥа тахсан килиэп, аһылык булуохпут дэспиппит баара. Бастаан дохсуммут дьикти – эрдиилэрбитин кынат курдук даллатан, сүүрүктээх ууну көҥү охсон кэбистэхпитинэ, алтан солуур иһин курдук чөҥөрүйэн, кэннибитигэр хаалан иһэр. Санаабытыгар, оҥочобут иннин диэки кынаттаах курдук өрө дайар. Кытыл ото-маһа биир кэм элэҥнэс. Эбэбит «эһиги кэлэр кэскилгит мин курдук киэҥ-куоҥ, уһун үйэлээх буоллун!» диэххэ айылаах нэлэһийэн арылыннар арыллан иһэр. Күөх сыта, уу сөрүүн салгына сүрэххэ-быарга сайа охсон киирэр, күүс-уох эбэргэ дылы. Оннук өрүс хаҥас өттүгэр үтэн киирбит тумул көһүннэҕин аайы: «Оо, Кыраап Биэрэгэ!» – дии-диибит түллэ-түллэ тардан биэрэн истибит. Оттон Кырааппыт Биэрэгэ кэллэр кэлэн биэрбэтэ, атынтан атын арыылар, туспа тумуллар буолан истилэр. Түүҥҥү сөрүүн түһэн истэҕин аайы, көтөр-сүүрэр саҥата чуумпуран, биһиги көрдөөх-нардаах кэпсэтиибит, мөккүөрбүт эмиэ мөлтөөтөр мөлтөөн, аҥаардас эрдиилэр эрэ тыастара тилиргиир буолан барда. Солбуйсар кэммит быыһыгар утуйа-утуйабыт, эртэр эрдэн, ырааттар ыраатан бардыбыт… Дьэ, айанньыттар эбиппит ээ… – Миитэрэй кэлэйбиттии саҥарар. – Кытаанах айан этэ, доҕоор. Кырааппыт Биэрэгин ааһа түһэн хаалбыт этибит. Туруйа Оппуоһа диэн сиргэ, биһиги дьолбутугар, Баһыкка диэн оҕонньор сайылаан олороругар түбэһэммит, кини аһатан, үтэлээн, сүбэлээн, ыйан-кэрдэн Сангаарбытын булбуппут. Итигэннэ айылҕа барахсан туран биэрбитэ. Силлиэҕэ, балхааҥҥа түбэспэтэхпит… Бээ, бу мин тимэҕим туох ааттаах төлө барда, ээ? – Миитэрэй эмискэ, сытыы хараҕынан Баһылайын тоһоҕо курдук тобулута көрөөт, бэйэтэ бэйэтиттэн көрдөөхтүк ыйытта. – Айаҕым хам буолбакка арамааным биир бэлэм түһүмэҕин ыһа-тоҕо кэпсээн кэбистим дии. Ол омуммар атын бэрт кэрэхсэбиллээх түһүмэҕин мүччү тутаары гынным. Оо, дьэ, халлаан киһибин! – күлэн кыччыгынаата. – Чэ, эн кэпсээ-кэпсээ, туохха эмэ быһа түһэ олордомуй, арамаана суох хаалаары, – диэн эбэн биэрдэ, чараас уоһун сэгэтэн, эйэҕэстик мичээрэн, «чэ, саҕалаа, мин сэҥээрэн истэргэ бэлэммин» диэбиттии тутунна.

Оттон Баһылай Миитэрэй кэпсиирин наһаа сөбүлээн истэр. Тыла ууһун-уранын, лоп бааччытын, кэпсиирэ-сэһэргиирэ утумнааҕын-ситимнээҕин, бииртэн биирэ сиэтиллэн тахсан иһэрин сөбүлүүр. Аны туран, билэрэ-көрөрө киэҥэ, элбэҕэ сөхтөрөр. Онтунан киэбирбэт, судургу. Аҕа саастаахпын да диэн убайымсыйбакка, аатырбакка сэһэргиир. Бу даҕаны сырыыга оҥочонон хайдах айаннаабыттарын туһунан кэпсиирин Баһылай истэ олоруох эбит. Кини бу Элиэнэ курдук улуу эбэҕэ оннук эрдиилээх мас тыынан айаҥҥа туруоҕун өйө соччо-бачча хоппот… Баҕардар, ыччаттары кытта кучуһан уонна дойдутугар-дьонугар тардыстан, ол күүһүгэр уйдаран сананыах эбитэ дуу?..

Баһылай аргыый аҕай көхсүн этиттэ. Онтон Миитэрэйин диэки көрдө.

– Сэрии саҕаламмыт күнүн бүгүн курдук өйдүүбүн… Өрөбүл буолан, бэрт үчүгэйдик налыччы утуйан турбутум. Килиэп арыыланан, халыҥ соҕустук сыбанан, олус минньигэстик аһаабытым. Хайдах эрэ чуумпу баҕайыта. Бары ханна эрэ барбыттар этэ. Туран, маанымсыйан, маҥан ырбаахыланан-хайаан, устунан пааркаҕа тиийэр санаалаах, куорат устун дьаарбайа барбытым. Куорат эмиэ тоҕо эрэ иһийэн хаалбыт курдуга. Наркамаат дьиэтин таһыгар саҥа улахан кыһыл былакаат ыйаммыт этэ. Ааҕарын аахпытым эрээри, суолтатын соччо өйдөөбөтөҕүм. Кыһалҕата суох киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Ардьаникиидсэ уулустатыгар баар, олордуу сибэккилээх, үс муннуктуҥу быһыылаах майдааҥҥа тиийбитим, дьон тоҕуоруһан, үөһэ баҕанаҕа ыйаммыт араадьыйа диэки хантайан иһиллээн ахан тураллара. «Сэрии турбут! Ньиэмэс басыыстара саба түспүттэр. Муолатап биллэрдэ», – диэбиттэрэ. Онно били былакааппар суруллубут тыллар суолталарын өйдөөн кэлбитим: «Симиэрт – басыыстам!» диэн этэ. Дьон бары санааҕа баттатан саҥарар-кэпсэтэр киһи диэн суоҕа… Бары даҕаны ханна баран испиттэрин умнан кэбиспит курдуктара…

– Оннук, ол күн барытын тосту уларыппыта. Мин онно дойдубар Кэбээйигэ этим. Күлбүт-үөрбүт сирэйдээх, мичээрдээбит, чаҕылыйбыт харахтаах киһи диэн биирдэ суох буолан хаалбыта… Сэрии!..

– Сэрии!.. – Баһылай үтүктээйи курдук хатылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла быһыылаах. – Куоракка сонно тута хаартачыканы туттууну киллэрбиттэрэ. Хаартачыката суох тугу даҕаны ылар кыаҕыҥ суох. Ордук ас-үөл кырыымчык буолбута. Истипиэндьийэбит бүтүннүү кэриэтэ оборуона буондатыгар барара. Ол эрээри ытанар, үҥсэргиир ыччат суоҕа. Мин курдук тыаттан кэлбит устудьуон куоракка айаҕын булунара кыаллыбат буолбута. Өскөтүн урукку өттүгэр дьоҥҥо мас хайытан, уу таһан харчылаһар эбит буоллахпытына, билигин биһигини көмөлөһүннэрээччи суоҕа. Туохтарынан төлөһүөхтэрэй? Бары аас-туор олоххо олорон?..

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации