Электронная библиотека » Аким Татаринов » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Тыа кэһиитэ"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Аким Татаринов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 4 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Саха «баабырыката»

Кыһын өрөгөйө ааһан эрэр. Таһырдьа тымныыта сүрдээх этэ. Ол кэмнэргэ Акуулаах таһырдьа тахса да сорумматтар этэ. Билигин халлаан сылыйан эрэр. Оҕолор кылгас кэмҥэ таһырдьа сылдьар буоллулар. Таһараа дьиэҕэ хам-түм үгүс аттаах таһаҕасчыттар хонон ааһаллар. Кыһын буолуута Дьөгүөрүскэ кэлбитэ. Оҕолор аҕалара Дьөгүөрүскэлиин бултууллар. Сарай анныгар сүлүллүбэтэх куобахтар, хардаҕастар кыстанан аҕай сыталлар. Дьиэ иһигэр сүлүллүбүт куобах тириитэ бытырыыс курдук хатарылла ыйанааччы. Ону таһынан сүлүллэргэ анаан үгүс куобах ириэриигэ анаан ыйанан турааччылар.

Биир киэһэ Дьөгүөрүскэ тириини имитэр уһун быһыылаах талкыны санныгар сүгэн киллэрэн, киһи хаамарыгар мэһэйдээбэт гына аантан туора муостаҕа уурда.

– Оҕолоор, «баабырыкабыт» үлэлиир миэстэтин булла, мантан киэһэ үлэ күөстүү оргуйар буолла.

– Бу талкы дии. Ол туох баабырыкатын этэҕиний? – Акуу талкыны көрө сылдьан ыйытта.

– Бу талкы, биһиги сахалар «баабырыкабыт» буолар.

– Ол хайдах?

– Талкыбытыгар тириини имитэн, сымнаабыт тирииттэн этэрбэс тиктэбит дии. Оттон ыраах Арассыыйаҕа баабырыкаҕа таҥас өрөллөр. Ол таҥаһы атыылаһан ылан ыстаан, ырбаахы тиктэбит. Онтон былыр бу талкы имиппит тириититтэн ыстаан, ырбаахы, сон тиктэн сылдьарбыт. Ол билигин суох, этэрбэс тириитин эрэ имитэбит. Акуу, ити онньоҕунан барбыт, кэтэ сылдьыбыт хаатыҥкаҕын эмиэ баабырыкаҕа оҥороллор, – диэтэ Дьөгүөрүскэ уонна сэһигирэччи күллэ.

Аачалаах Акууга аҕалара күһүн хаатыҥка атыылаһан аҕалбыта. ХаатыІка барахсан кэтэргэ судургута, сылааһынан даҕайа сылдьара үтүө таҥас. Акууга хаатыҥката бэрдэ сүрдээх этэ эрээри, билигин хаатыҥкатын туруга мөлтөөн сылдьар. Кэнники кэмнэргэ кини хаатыҥката иккиэн онньоҕунан бардылар. Хаамарга эрэйэ сүрдээх. Эдьиийин хаатыҥката уруккутунан сылдьар. Акуу сарсыарда хаатыҥкатын кэтээри илиитигэр ылан муҥатыйа көрөр. Хайыа баарай, атын хаатыҥка суох, кэтэригэр эрэ тиийэр. Кэнники эдьиийин эргэ этэрбэһин кэтэ сылдьар. Хаатыҥка орон анныгар быраҕылынна.

Имитиигэ анаан түүрэ сууламмыт тириини сарсыарда эһэлэрэ киллэрбитэ муостаҕа сытар. Кини Дьөгүөрүскэлиин тириини имиппитинэн бардылар. Эһэлэрэ тириини тутан талкы баттыгын анныгар араастаан эргитэр. Дьөгүөрүскэ талкы баттыгын баттыыр да баттыыр. КиэһээІІи аһылык кэнниттэн кинилэр эмиэ тириилэрин имиппитинэн бардылар.

Оҕолор аҕалара Охуоскайга барбыта. Сарсын кэлиэхтээх. Акуу оронугар сытан талкыны санаан утуйан хаалла.

Сарсыҥҥы күнүгэр Акуу күнүскү аһылык кэнниттэн таһырдьа тахсардыы оҥостон таҥынна уонна утуйар оронун анныгар муостаҕа сытар хаатыҥкаларын ороон таһаарда. Саҥата суох хаатыҥкаларын хонноҕун анныгар кыбыммытынан таһырдьа таҕыста. Талкы дьиэ иннигэр туора сытарын Акуу сарсыарда көрбүтэ. Талкы таһыгар кэлэн тохтоото, хаатыҥкаларын чигдигэ уурда уонна талкы тиистээх баттык маһын тутааҕыттан ылан, талкы айаҕын атытан көрдө. Онтон оҥостон, аҥаар хаатыҥканы ылан онньоҕунан барбыт өттүн үөһэ гына талкы бэтэрээ тиистэригэр ууран баран, оргууй баттыгы хаатыҥкаҕа сыһыары тутан баран, аллара баттаата. Баттыгы өрө тардан хаатыҥкатын ылан көрдө, хаатыҥка быһыыта син тупсубут курдук. Талкы баттыгын ыытан кэбистэ, хаатыҥкатын икки илиитинэн мускуйан уллуҥ өттүн көннөрө сатаата уонна хаттаан баттыгы өрө тардаат, хаатыҥканы сэрэнэн талкы сыҥааҕын тиистэригэр туора ууран баран, баттыгын аллара түһэрэн кэбистэ. Оргууй баттыгы өрө тардан хаатыҥкатын уҥа илиитинэн сулбу тардан ылла. Оо, бу үөрүүнү, хаатыҥка уруккута буолбатах уллуҥа көммүт аҕай! Акуу чигдигэ олоро түһээт, этэрбэһин быатын сүөрээн хаҥас этэрбэһин уһула оҕуста, кээнчэтэ этэрбэһи кытта барыста. Хаатыҥканы ылан кэтэн кэбистэ. Сүр чэпчэкитик ойон тураат, дьиэ иннигэр аҥаар атаҕар хаатыҥкалаах, иккис атаҕар этэрбэстээх төттөрү-таары хаамыталаата, бу хааман баран хаатыҥканы өссө көннөрө түһүөххэ сөп эбит диэн быһаарыныыны ылан, талкы таһыгар кэлэн, хаатыҥкатын уһулан ылла. Сыгынньах атаҕынан чигдигэ туран уҥа илиитинэн талкы тиистээх баттыгын өрө тардан өндөттө, хаатыҥкатын талкы сыҥаахтарыгар ууран эрдэҕинэ:

– Нохоо, ити талкынан тоҕо оонньуугунуй? – диэн эһэтин саҥата иһиллибитигэр, Акуу талкы баттыгын мүччү тутта уонна аҥаар атаҕар этэрбэстээх, аҥаар атаҕа сыгынньах эһэтин диэки көрөн даллайан турда.

– Уу, бу киһи атах сыгынньах турар эбит дии. Манна тугу гынаҕыный?

– Эһээ, хаатыҥкам онньоччу барбытын көннөрөбүн.

– Ол хайдах?

– Маннык баттаан, – диэт талкы баттыгын баттыыр курдук хамсанан көрдөрдө.

Талкы хаатыҥканы туора уобан баран сытар. Акуу эһэтэ чугаһаан талкыны көрөн баран:

– Хор, оҕом бэркэ тобулбут ээ. Бээ эрэ, бу таҥаһы бастаан илиибитинэн көннөрө түһүөх. Ыл, этэрбэскин кэтэ оҕус, – диэт эһэтэ хаатыҥканы талкыттан сулбу тардан ылла уонна илиитинэн мускуйан хаатыҥка уллуҥун көннөрө тутан баран, чиҥэтэн талкыга баттаамахтаан ылла.

Ити курдук иккис хаатыҥка көннөрүлүннэ.

– Доҕоор, бу таҥаһы билигин кэтимэ. Сиигитэн, хатара түспүт киһи табыллыах курдук эбит. Чэ, итиннэ барыах. Былыр дьаам сүүрдэ сылдьаммын, нууччалар итинник онньотунан барбыт хаатыҥкаларын көннөрөллөрүн көрөрүм.

– Эһээ, дьаам сүүрдэр диэн тугуй?

– Кыһын, сайын атынан хаһыаттары, араас маллары, дьону төттөрү-таары дьаамтан дьаамҥа диэри таһарбыт.

– Хаатыҥканы кэтэр этиҥ дуо?

– Дьаам сүүрдэ сырыттахпына, сороҕор хаатыҥканы, тулуубу биэрэллэрэ.

– Оо! Улахан дьон хаатыҥканы эмиэ онньотунан үктүүллэр?

– Үчүгэйдик кулукаламмакка, тиэр-маар үктэнэ сылдьар киһи оннооҕор кытаанах саппыкы диир этэрбэстэрин онньотунан ыытар. Акуу, хаатыҥканы итинник көннөр диэн ким эттэ?

– Ким дэ эппэтэҕэ. Бэйэм итинник бэҕэһээ киэһэ утуйаары сытан санаабытым ээ.

– Ээ, кыһалҕалаах киһи маска ыттар диэн итини этэр буоллахтара. Туһугар кыһалҕа буоллаҕа эбээт, – эһэтэ сөтөллөн ылла.

Акуу эһэтинээн эҥэрэ суох сарайга тиийэн балай эмэ үлэлэстилэр. Хаатыҥкалар истэригэр араас ытаһа мастар киирдилэр.

– Билигин дьиэҕэ киириэх. Хаатыҥкабытын үчүгэйдик илитиэхпит уонна оһох үрдугэр куурда ууруохпут. Сарсын саҥатыгар түспүт хаатыҥкаланыаІ.

Итинник быһаарыыны истээт, Акуу дьиэрэҥкэй тэбиинэн эһэтин иннинэ дьиэтигэр тиийдэ.

Охуоскайга көһүү

Быйыл саас Акуулаах эмиэ көһөр буоллулар. Аҕалара көһүүгэ анаан Астаапыйтан уонна Мас Аппа ыалларыттан икки аты уларсан аҕалла. Эрдэттэн бэлэмнэммит маллары сыарҕаларга тиэйдилэр. Бу үлэҕэ Акуу бэккэ сүүрдэ-көттө. Биир сыарҕа иллэҥ кэриэтэ хаалла. Ити сыарҕаҕа утуйар таҥастара, оҕолор ийэлэринээн олоруохтаахтар. Таһырдьа үлэ бүттэ. Бары дьиэҕэ киирдилэр. Ороҥҥо табахтыы олорон эһэлэрэ:

– Сарсын чэйдээн ааһар Мас Аппабытыгар сахалар былыргыттан олорбут сирдэрэ. Уруккута бүччүм, бүөм дойду этэ. От үүнэр да сирэ этэ. Аны күөлэ үгүһэ. Быһата балыктаах, кус сытар күөллэрдээх дойду. Былыр дьоннор ити дойдуга улахан муҥа суох бэркэ даҕаны олорбуттара. Ол билигин суох. Саҥа былаас холкуос тэрийэн, дьону аччык аҥаардаах сырытыннарбыта. Аны кэнники холхуостарын эһэн, сүөһүлэрин былдьаан Чычымахха көһөрдүлэр. Ити сүүһүнэн киһи араас дойдуларынан быралгы бардылар. Холхуос тэриллибэтэх буоллун, дьон дьаалаларынан бэркэ даҕаны олоруо этилэр.

Дьаам сүүрдүүтүгэр сылдьан манна сорох сырыыга кинээс, кулуба сорудахтарынан араас кыра, улахан тойоттору аҕаларым. Оччолорго араас түһүү-тардыы хомуура элбэх буолара.

Сылгыны, ынаҕы дэлэччи ииттэн, онтон аһаан-сиэн олорор Мас Аппа сахаларыгар сулумах тоҥус уолаттара күтүөт буолан хаалбыттара үгүс. Ити Ханаайаптар, Мэхээйэлэптэр, Орулуоптар, Табынаанаптар ыраах төрүттэрэ Маайдалар. Булчут тоҥустар олохторо кумалаан олоҕун кэриэтэ буоллаҕа дии. Үгүс табаны сэниэ олохтоох, үгүс үлэһиттээх тоҥустар эрэ кыайаллар. Эдэр эрчимнээх булчут тоҥус уолугар кыыстарын биэрэн баран, кинини тыаҕа ыытан бэрт. Киниэхэ сүөһү, сылгы анаан аттыларыгар олохторун оҥорон биэрэллэрэ. Ити гынан тоҥустарын дьиҥинэн кыайыылаах-хотуулаах үлэһит дьоннор. Холхуос буоланнар тус бэйэлэрэ наһаа чэчирээн, байан барбатахтара. Сэбиэскэй былаас үөрэҕи аҕалбыта, эмтээһин босхо буолбута, оскуолалар, балыыһалар тутуллубуттара, тэҥ быраап олохтоммута. Баайдары, аҕабыыттары кус оҕотун курдук ирдээн суох оҥорбуттара. Кыра саҥа төрөөбүт оҕолорго төрөөбүттэригэр анаан харчы биэрэллэр, кырдьаҕастарга биэнсийэ харчыта кэлэр. Кыра-хара киһиэхэ үчүгэй былаас кэллэ. Ити «Кыһыл Аллан» холкуос күүһэ-уоҕа мөлтөөн Чычымахтарга холбонно. Бары кэриэтэ онно көһөн бардылар. Дойдуларыттан арахсыан баҕарбатах аҕыйах ыал Мас Аппаҕа хаалла. Сайын көмүс тэрилтэтигэр оттууллар, кыһын бултаабыта буолаллар, сүөһү-сылгы диэн сорохторугар суох, холхуоска биэрэн ытыстарын соттубуттара. Үгүс дьон сүөһүлээхтэрэ буоллар син быр-бааччы олоруо этилэр. Оттон Үрдүк Дьаарбаҥҥа холхуостан хаалбыт аҕыйах саха ыала бааллар, сорохторо сүөһүлэрин кытта Чычымахтаабыттара. Итиннэ хаалбыт сахалар эрдэттэн холкуоска киирбэккэ, бэйэлэрэ туһунан үлэлээх, олохторун булбут дьоннор. Оскуолалара сабыллыбыта. Кыыс Уҥуоҕар, Ноху, Судьу төрдүлэригэр аҕыйах ыал баара көспүттэрэ. Бэрэбиэскэ соҕотох Киппирийээн Өлөксүөйэбис кэргэттэрин кытта олорор да, итиннэ уһуо суоҕа. Сотору дойдутугар Чычымахтыа. Хомустаахха чороҥ соҕотох Мыыһас Ыстапаан баар да, кырдьан дойдулуура буолуо. Киһи син биир сүөһү кэриэтэ, үөр тардыстар ээ.

Сарсыарда эрдэ туран тиэтэлинэн аһаат, хаалбыт маллары тиэнэ охсон, ынахтарын ортоку сыарҕаҕа баайдылар. Кини кэнниттэн кыра сүөһүлэри батыһыннардылар. Аҕалара үһүс ат иннигэр сылдьан сүөһүлэри үүрэр. Бастакы сыарҕаҕа эһэлэрэ баар. Дьөгүөрүскэ кэнники сыарҕа кэнниттэн хааман иһэр. Күнүс Мас Аппа ыалыгар тахсан чэйдээтилэр.

Биир обургу дьиэҕэ хас да ыал олорор быһыылаах. Үс остуол баар. Дьиэ иһигэр бары улахан дьоннор адаарыҥнаһан хаамса сылдьаллар. Оҕо диэн көстүбэт.

Акуу айаннаан иһэн суол икки өттүн көрө истэ. Айан былаһын тухары өрүс хайалара бары тыалаахтар. Охуоскай Бэрэбиэскэ ыкса киэһэ тиийдилэр. Өрүс хаҥас үрдүк сыырын үрдүгэр баар дэриэбинэҕэ таҕыстылар.

Тэллэх ыттара

Быйыл саас Аллан өрүс мууһа устуутугар халаан уута дьиэлэри тыа диэки өттүнэн эргийэн кэбиспитэ. Ол кэмнэргэ Акуу эһэтинээн анал кириэстии оҥоһуллубут, кэрдиистэрдээх маһынан уу кэлэрин мээрэйдээн ахан биэрдилэр. Халаан уута дьиэлэрин ылбатаҕар улахан үөрүү буолла.

Аллан уҥуор улахан бөһүөлэк көстөр. Өрүһүнэн үгүс баарса соһуулаах уонна дьону таһар эрдинэн айанныыр борохуоттар төттөрү-таары айанныыллар. Уҥуор баар бөһүөлэк анныгар үгүс баарса соһуулаах борохуоттар тохтоон таһаҕас бөҕөтүн сүөкүүллэр үһү.

Билигин сайын. Аҕалара төлөпүөн лиинийэтигэр мончуорунан үлэлиир. Билигин эһэлэрэ суох, Чычымахха барбыта.

Биир күн Акууга ийэтэ ыаллар уларсан илдьэ барбыт баахыла тимирин аҕалтара ыытта. Кини тиийиэхтээх ыала дэриэбинэ хоту уһуга. Дэриэбинэ ортотугар телеграф хонтуората баар. Ол дьиэтигэр нуучча ыала олорор. Тоотооҕор улахан уоллаахтар уонна элбэх баҕайы тэллэх ыттаахтар. Акуулаах ыалга баралларыгар-кэлэллэригэр ол тэллэх ыттара дьиэлэриттэн суолга сүүрэн кэлэн, ааһан иһээччини төгүрүйэн баран, үрэн сордууллар. Ытырыах курдуктар да, билиҥҥитэ ытыра иликтэр. Ол ыттар ньаҕырҕаһыылара киһи уйулҕатын көтүтэр. Маһынан охсуолана-охсуолана аргыый хааман истэххэ, син хаалаллар. Маһа суох буоллар киһини ытырыыһыктар быһыылаах. Ыттар ийэлээх аҕалара илбиһирэн туран этэрбэһи ытыраары атахха киирэ сатыыллар.

Итини истэн аҕалара ыалга бараргытыгар ыттаргытын илдьэ сылдьыҥ, ыт суох буоллаҕына, куота соруммакка эрэ маһынан охсуолана-охсуолана оргууй хааман иһин диэн сүбэлээбитэ.

Акуу ыалга бараары туран ыттарын ыҥырбыта, суохтар, ханна эрэ барбыттар. Тэллэх ыттарыттан көмүскэнэргэ анаан мас көрдөөн, хотон таһыттан тайах буолуон сөптөөх маһы булла. Ыттаах ыаллар тастарынан тыаһа суох, оргууй сыбдыйан баран истэҕинэ, хонтуора дьиэтиттэн тэллэх ыттара араастаан үрэ-үрэ сүүрэн бытарыһан иһэллэрин көрөөт, Акуу ыаллар диэки сүүрүүнэн түһүнэн кэбистэ. Үөр ыттар өр гымматылар, Акууну ситэ баттаан ылбыттарыгар, сүүрэрин тохтотон ыттары охсуолуу-охсуолуу аргыый хааман истэ. Ыттар айдааннарыттан Акуу кулгааҕа дөйөн хаалла. Бу ыттартан иккитэ улахаттар, ийэлээх аҕалара, атыттар кыралар уонна Акууга наһаа чугаһаабаттар. Ордук кугас эриэн ыт уоҕа-кылына сүрдээх, этэрбэһиттэн ытыраары сор бөҕө. Иккитэ маһынан охсулунна эрээри, куттанар диэни билбэт. Ол айдаан ортотугар хонтуора диэкиттэн: «Майка, чего делаешь, назад, ко мне!» – диэн дьахтар чаҥкынас саҥата иһилиннэ. Ыттар ити саҥаны истээт, Акууну хаалларан, дьиэлэрин диэки сырсан бытарыһа турдулар. Ол тэллэх ыттара сүүрүүлэрин кинилэр чоппуускалара ийэлэрин диэки сүүрэн туорахтаһалларын маарыннатан, тоҕо эрэ мичээрдээн ылла. Ити ыттар үрбэккэ кэлэн кинини тулалаан турдуннар ээ. Кинилэри Акуу төһө эрэ имэрийэр. Баҕар көрдөһөн биир эмэ ыты ылан иитиэ этэ. Ол эрээри кинилэргэ улахан булчут ыт наадатын билэн, Акуу ити санаатын тохтотто. Саарыктара баара буоллар оҕолору ити ыттартан көмүскүө этэ. Билиҥҥи ыттара эдэрдэр. Кинилэри аҕалара үчүгэй булчут ыттар тахсыахтара диэн эрэнэр. Ити ыттар ийэлээх аҕалара улахан булчуттар үһү. Тоҥ уустар ыттарын оҕолоро диэн аҕалара дьоҥҥо кэпсиирин истэрэ. Соргу диэн хара дьүһүннээх ыт үллэн улахана сүрдээх, эһэ курдук. Ыттар сымнаҕастар. Соргуну Акуу миинэр, кылгас кэмҥэ кинини сүкпүтүнэн хаамар уонна сытынан кэбиһэр. Кэскил кыра соҕус, эриэн, үрүҥ моойтуруктаах, сүүһүгэр ураанньыктаах.

Акуу, ыалга тиийэн баахыла тимирин ылаат, төннөрүгэр өрүс кытыытынан, таастаах сиринэн барарга быһаарынна. Тайах маһын туппутунан, баахыла тимирин санныгар ууран оргууй хааман иһэр. Били ыаллар тастарыгар чугаһаата. Ыттар биллибэттэр. Онтон, доҕоор, тэллэх ыттара үрэн ньаҕыспытынан сыыры таҥнары бытарыһан түстүлэр ээ! Акуу ыттартан дьулайан, этэрбэстэри ууга хааман киирдэ. Ыттар ууга киирбэттэр эбит. Уу кытыытыгар туран үрэллэр. Акуу ууну кэспитинэн хаамар, уу кытыытынан ыттар кинини батыһан иһэллэр. Кини ыттарга чугаһаан маһынан ыттары охсуолаан көрдө да, таппата, тайах маһынан бырахта да, эмиэ таппата. Хата кыра ыттар хаһыа да буолан ол маһы ытыра, соһо, былдьаһа оонньуу хааллылар. Икки улахан ыттары кытта икки ыт оҕото уу кытыытынан үрэн ньаҕыйа-ньаҕыйа батыһан иһэллэр. Акуу уу аннын харбыалаһан ытыһыгар сөптөөх тааһы ылла уонна кытыыга ыкса кэллэ. Кугас эриэн ыт адьас бу ойоҕоһунан буолан хааман иһэр. Акуу тохтуу түһэн баран ыты тааһынан бырахпыта, таас ыт ойоҕоһугар түһэн «кип» гына тыаһаата, ыт куһаҕан баҕайытык сарылаат, туора ойоот, тохтоон хаалла. Итинтэн ыла ыттар Акууну салгыы эккирэпэккэ тохтоотулар. Анараа хаалбыт ыттар маһынан оонньуулларын тохтото иликтэр. Акуу дьиэтигэр тиийбитэ, ыттара дьиэ күлүгэр атахтарын тыыллыы тэбэн сыталлар. Акуу Соргу таһынан ааһыытыгар, ыт төбөтүн өндөппөккө эрэ, аҥаар хараҕын аһан Акууну көрөн ылла.

– Эһиги манна атаххытын тыыллыы тэбэн сытаҕыт. Миигин тэллэх ыттара сии сыстылар дии, – Акуу Соргу иннигэр чохчойон олорон суҥхарда уонна ыт быһа симпит хараҕын халтаһаларын икки тарбаҕынан атытан көрдө. Ыт хараҕын хамсатан Акуу диэки көрдө. Уол манна өйдөөн көрбүтэ, ыт хараҕа сиэркилэ курдук, халлаан былыттара көстөллөр эбит. Акуу хантайан халлааны көрбүтэ, халлааҥҥа кыра былыттар уста сылдьаллар.

– Муодатыын, ытым хараҕар халлаан көстөөр.

Онтон ойон турда, дьиэтин диэки сүүрэн иһэн:

– Ийээ, Соргу хараҕар халлаан көстөр!

Ыаллар хоту уһуктарыгар Ньыыкка диэн ыал элбэх оҕолоохтор. Акуу кинилэргэ оонньуу бараары ийэтиттэн көҥүллэппитигэр, ийэтэ бырааккын илдьэ бар диэтэ, онон быраатын кытта иһэллэр. Бу сырыыга ыттара Соргу уонна Кэскил бааллар. Кинилэр оҕолору кытта аргыстаһан иһэн, ыарҕа быыһыгар киирэн хааллылар.

Тэллэх ыттаах ыалларын туһаайыытыгар тиийдилэр. Тэллэх ыттара үгэстэринэн үрбүтүнэн сырсан иһэллэр. Акуу күөмэйэ баарынан быраатынаан ыттарын ыҥыр да ыҥыр буоллулар. Ити икки ардыгар тэллэх ыттара оҕолору иилии эргийэн кэбистилэр: үрүү, сарылааһын алдьархайа манна буолла. Акуу көрө түспүтэ, кинилэр ыттара ыарҕа иһиттэн ойон таҕыстылар. Кэскил инники иһэр, сулбу сүүрэн кэлээт, кугас эриэн ыты буутун айаҕынан харбаан ылан илгиэлээн эрдэҕинэ, өлөр саҥатынан сарылыы сылдьар ыты Соргу сүнньүттэн тииһинэн харбаан ылла. Кэскиллээх Соргу кэннилэрин диэки тирэнэ түстүлэр уонна ыытан кэбиспиттэригэр, тэллэх ыта суолга сытан хаалла. Мантан эр ылан Соргу биир кыра ыты синньигэс биилиттэн харбаан ылла уонна харса суох баһын илгиэлэтэн, тэллэх ытын икки сыҥааҕар охсуолаат, суолга бырахта. Кэскил биир ыты кэлин атаҕыттан ытыран баран сарылаппытынан соһуолуу сырыттаҕына, хонтуора диэкиттэн дьахтар хатан саҥата иһиллибитигэр, тэллэх ыттара ол диэки сарылыыр курдук саҥара-саҥара сырыстылар. Биир кыра ыт аҥаар буутун соспутунан дьиэтин диэки үнүөхтээтэ.

– Ити хайдах хаамарый? – быраата Гай ыйытааччы буолла.

– Арааһа Кэскил атаҕын улаханнык ытырбыт быһыылаах.

– Үчүгэйдик хаамыа дуо?

– Билбэтим. Аны кэһэйдилэр ини.

– Аны үрэ кэлиэхтэрэ дуо?

– Кэһэйдэхтэрэ буолуо. Кэлиэхтэрэ суоҕа.

Суолга икки тэллэх ыта хамсаабакка сытан хааллылар.

Эһэ оҕолоро

Оҕолор аҕалара Көстөкүүн Хочуута диэн хас да салаалардаах улахан күөл атаҕар оттуур. Онно оттонор сир кыра буолан биир күрүө ото кэлэр үһү. Ити күөлү Акуу билэр. Дьиэлэриттэн наһаа ырааҕа суох, тыа кэтэҕэр баар. Саас анды дурдатыгар убайа Тоолуун хоноһолообуттара. Ыам бырдаҕын кэмэ буолан бырдаҕа баһаам, онтон көмүскэнээри маҥан маарылланы сииІкэ диэн ааттыыр халлаан күөҕэ боруһуогу ууга суурайан, онно көҕөрдөн, киэпкэлэрин таһынан түһэрэн кэтэ сылдьыбыттара. Киэһэ чэйдээн бүтэн дурдаларыгар олордохторуна, Зелепухин Алексей тыынан кэлэ сылдьыбыта. Кини быйылгыттан оҕолор аҕаларын кытта төлөпүөн лиинийэтигэр үлэлээн эрэр. Алексей убайдара Суурка, Ньукулай эмиэ лиинийэ мончуордара. Ньукулайы улаханын иһин дьоннор Аараҕай диэн ааттыыллар. Уоттаах сэриигэ Ньукулай быраатынаан Сууркалыын сылдьаннар уордьаннардаахтар, оҕолору кытта ордук Ньукулай кэпсэтэр, күлэр-үөрэр. Оҕолор Ньукулайы кытта тапсан кэпсэтэллэр.

Ол түүн аҕалара анды бөҕөтүн өлөрбүтэ эрээри, Акуу саа тыаһыттан уһуктубакка утуйан тахсыбыта.

Аны сайын буолан от үлэтэ саҕаламмыта. Бүгүн мунньуу буолар үһү. Тоо бас билэр кыраабыллаах. От үлэтигэр эдьиийэ Аача, быраата Гай эмиэ барсар буоллулар. Күнүс отууга омурҕаннаан баран, Акуулаах дьиэлэригэр төннүөхтээхтэр. Ыттар тайаҕы эккирэтэн уччуйуохтара диэн батыһыннарбакка баайыыга сытыараллар.

Оҕолор ампаалыктаһан суол уһунун билбэккэ отууга кэлэ оҕустулар. Тоо аҕатынаан оту муспутунан бардылар. Кыралар отууга олорбохтоон баран, хадьымал саҕатынан охсуллубут оту атахтарынан хаһыйа-хаһыйа хаамсан истилэр. Акуу кэннин хайыһан көрбүтэ, дьоно син тэйиччи хаалбыттар. Ити кэмҥэ Акуу ханна эрэ массыына бирилиирин курдук тыаһы иһиттэ.

– Эдьиэй, көр, ыт оҕолоро, – диэн Гай саҥалаах буолла.

– Ханна?

– Ол.

Быраата ыйбыт сирин диэки Акуулаах көрбүттэрэ, ыарҕа талахтар истэригэр абына-табына тиит мастар үүнэн тураллар. Арай биир тиит аллараа мутуктарыгар хара дьүһүннээх икки ыт оҕото олороллорун көрө биэрдилэр.

– Кырдьыык!

– Маска ыт оҕото тахсар дуо?

Соргулаах Кэскили аҕалара Астаапыйдаахтан аҕаларыгар кыра этилэр. Кинилэр улаатыахтарыгар дылы ол ыт оҕолоро маска ыттыбыттарын, онно-манна ытта сатыылларын Акуу өйдөөбөт. Ити тухары массыына бирилиир тыаһа тохтообот. Тыас ыт оҕолорун диэкиттэн иһиллэр. Ыт оҕолоро маһы кууспутунан кинилэри одуулууллар.

– Чээн, хап-харалар. Туппут киһии, – Гай ымсыырбыт саҥата иһилиннэ.

– Эдьиэй, ити ыт оҕолорун тутабыт дуо?

– Муодатыын, ыт оҕолоро тоҕо тииккэ таҕыстахтарай? – ити көрбүттэрин улахан киһи эдьиийдэрэ ыт оҕолоро буолалларын саарбахтыырын биллэрдэ.

– Биһиги ыттарбыт оҕолоро маска тахсыбат этилэр дии?

– Ыт оҕолорун тутуоҕуҥ, биирэ миэнэ! – диэн Гай ыксатааччы буолла.

– Эдьиэй, массыына тыаһын истэҕиҥ дуо? – Акуу ыйытааччы буолла.

– Истэбин. Ити талах диэкиттэн иһиллэр.

– Аҕаа! Ол ыт оҕолоро. Тоо, ыт оҕолоро! – Акуу хаһыытыы-хаһыытыы ыт оҕолорун диэки ыйар. Аҕалара Акуу хаһыытын истэ оҕуста уонна сүр тиэтэлинэн: «Төннүҥ, төннүҥ!» – диэн хаһыытаата. Илиитинэн кэлиҥ диирдии далбаатыы-далбаатыы отууга сүүрэн кэлэн, талахха ыйаабыт хотуурун сулбу тардан ылаат, оҕолор диэки сүүрдэ. Ону көрөн оҕолор отуу диэки бытааннык сыҕарыйан истилэр. Ол тухары оҕолор харахтара ыт оҕолоруттан арахпат. Кэннинэн хааман иһэн, дулҕаттан иҥнэн Акуу көхсүнэн хадьымалга, дулҕа быыһыгар сууллан көлөттөн хаалла. Кини туруон икки ардыгар, сүүрэн аҕылаабыт аҕалара тиийэн кэлээт, Акууну окумалыттан сулбу тардан туруора оҕуста.

– Дьиэбитигэр бардыбыт! Саҥарымаҥ. Түргэнник отуу диэки сүүрүҥ! – диэт, бэйэтэ оҕолортон хаала соҕус хааман отууга кэллэ.

Мантан массыына тыаһа иһиллибэт.Өйүөлээх куул сүгэһэри Тоо сүкпүт.

– Онно массыына тыаһыыр, – Акуу маска ыттан олорор ыт оҕолорун диэки ыйда.

– Ити эһэ оҕолоро эһигиттэн куттанан маска тахсыбыттар. Ол иһиллэр тыас массыына тыаһа буолбатах, ийэ эһэ оҕолоруттан көҥөнөн, көхсүн тыаһа кырдьыгыныыра иһиллэр. Хата, ыттарбытын аҕалбатахпыт да үчүгэй. Чэ, атын «отчуттар» кэлбиттэринэн, бүгүн манан оттоон бүттүбүт. Дьиэлиэҕиҥ.

– Ол кимнээҕий?

– Кырдьаҕастар, – Тоо быһаара оҕуста.

– Ити кырдьаҕастар тоҕо манна кэлбиттэрэ буолуой?

– Ас көрдөөн кэллэхтэрэ дии.

– Кинилэр тугу сииллэрий?

– Отону, тэллэйи, оту.

– Ынах курдуук?

Кэлбит ыллыктарынан туох да айдаана суох кыралар инникилээн дьиэлээтилэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации