Электронная библиотека » Аким Татаринов » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Тыа кэһиитэ"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Аким Татаринов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 4 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Килиэп

От үлэтин кэмэ буолан Акуу өрүс уҥуор туораан килиэп атыылаһан кэлэр. Уҥуор туоруур инниттэн сүгэһэрин сүкпүтүнэн, килиэп атыылаһар харчытын сиэбигэр уктан, аттынааҕы ыалларыгар сылдьан, ким хаһан уҥуор туоруурун ыйыталаһар. Уҥуор туоруур киһи баар буоллаҕына, сонно туоруур, хаһан туоруурун билэн баран:

– Мин эйигин кытта килиэп ыла туоруом, – диэн үлэһэн баран, дьиэтигэр тиийэн ийэтигэр, бачча чааска уҥуор туоруур үһүбүт диэн ийэтигэр этэр. Ийэтэ болдьохтоох кэм иннинэ Акууну ыалыгар ыытар. Кини үксүн Баһылайдыын өрүһү туорааччы. Бэттэх туоруурга моһуоктаах. Маҕаһыынтан килиэби атыылаһаат, өрүс биэрэгэр киирэ охсоҕуҥ. Бэтэрээ эҥэр олорор дьон өрүһү туораат, бары улахан оспуос (өрүс үрдүк сыырын тахсар айан суолун итинник ааттыыллар) анныгар тохтууллар. Манан тахсар сирэ сыырынньа уонна маҕаһыын чугас. Аны төттөрү туоруур киһини кэтэһии эрэйэ манна баар, иннэ-кэннэ биллибэт уһун манааһын. Акуу бэйэтин эҥэринээҕи ыаллар оҥочолорун барыларын билэр. Мантан саамай хойут үлэ чааһын кэнниттэн почта начаалынньыга дьээдьэ Сэмэн туоруур. Кинини кытта элбэхтэ туораспыта. Кини тётя Катя диэн ааттаах кэргэннээх, кырдьаҕас икки ийэлээхтэр. Саамай кырдьаҕаһа олоппоһу сыҕарытан бытааннык хаамар, Сэмэннээх оҕолоро суохтар. Акууну сороҕор Сэмэн дьиэтиттэн ыҥыран, бэйэтигэр хонноро илдьээччи. Сарсыарда оҥочотугар олордон дьонугар хаалларан ааһар.

Дэриэбинэ улахан, дьиэлэрэ улахаттар, бары хаптаһын хоруобуйалаахтар, сиэдэрэй ойуулаах түннүктээхтэр, эрэһээҥки күрүөлээхтэр. Маҕаһыыҥҥа баран иһэн, үрдук туорай маска ыйанан турар куолакал таһынан ааһаҕын. Бу куолакалы сарсыарда, күнүс, киэһэ доҕолоҥноон хаамар дьээдьэ Егор диэн ааттаах нуучча оҕонньоро үрдүк кирилиэһинэн ыттан тахсан охсор. Куолакал тыаһа өрүс уҥуортан бэрт үчүгэйдик иһиллэр. Маҕаһыыҥҥа тиийиэх иннинэ, уруккута орто оскуола, билигин инбэлииттэр олорор дьиэлэрэ баар. Манна арааһынай дьон олорор: атаҕа суох кыра мас тэлиэскэҕэ олорон айанныыр киһи, хараҕа суохтар, түөрт атах буолан сыҕарыйар киһи эмиэ баар. Кинилэр бары кэриэтэ маҕаһыын таһыгар баар буолааччылар. Маҕаһыын инниттэн табахсыт коза арахсыбакка киһини эрэйдиир. Дьоннор Куусума диэн ыҥырдахтарына, «мээ-мээ» диэн мэҥирээбитинэн түүтэ илбирийэн кэлэр. Табах тарда турар киһи кумааҕыга сууламмыт буруолуу сылдьар табаҕын коза муннугар уган баран, коза муннун илиитинэн хам туттаҕына, мохуорка уота улаата түһэр, коза бүөлэммэтэх муннуттан буруо бурҕаҥныыр, сороҕор сөтөллөр. Аны арыгыны иһэр үһү. Биир сырыыга коза кирилиэс таһыгар утуйа сытарын нуучча киһитэ атаҕыттан соһон маҕаһыын ойоҕоһугар илдьибитин көрбүтэ, кыыла уһуктубатаҕа. Маҕаһыын үрдүк сабараанньалаах, сабарыйбыт хоруобуйалаах. Ол анныгар хараҥаччылар уйалара үгүс. Акуу кинилэри көрөрүн наһаа сөбүлүүр. Акуу бэркэ дьиктиргээн, күөх дьүһүннээх суругу угар дьааһыгы көрөр. Оннооҕор хаста да ийэтэ суруйбут суругун итиннэ дьонунан уктарбыта. Саамай дьиктитэ: ити дьааһыктан суруктары хайдах ылаллара буолуой диэн. Дьааһык тас өттүгэр аан диэн суох. Оннооҕор иһирдьэ маҕаһыыҥҥа киирэн көрдөххө, дьааһык ыйанан турар истиэнэтигэр суругу ылыахха сөптөөх хайаҕас да суох. Өйдөөн ийэтиттэн, аҕатыттан ити дьааһык туһунан ыйыта илик. Манна маҕаһыын аһылла илигинэ, киһи бөҕөтө мустар. Үксэ нуучча дьоно, оҕолор үгүстэр. Бары Акуутааҕар улахаттар. Килиэп ыларыгар атылыыр дьахтарга ийэтэ эппитинэн тарбаҕын көрдөрөн баран: «Килиэбэ», – диир.

Биирдэ маҕаһыын аһылларын кэтэһэ олордоҕуна, биир сэбирийбит бытыктаах оҕонньор Акууттан тугу эрэ ыйытар быһыынан саҥарбытыгар, түөрт тарбаҕын көрдөрөн баран: «Килиэбэ, килиэбэ», – диэн хардарбыта. Оҕонньор үөрэн сэксэйэ түһэн баран, Акуу аттыгар олорон кини тарбахтарын баттыы-баттыы саҥарбытыгар, Акуу тугу да өйдөөбөтө.

– Нохоо, ити эйигин ахсаан ааҕарга үөрэтэр, хата үөрэн, – диэн биир баабыска диэн ааттанар саха эмээхсинэ быһаарааччы буолла. Ол үөрэтииттэн Акууга «пээт» диэн тыл өйүгэр ордон сылдьар. Сахалыы тарбахтарын ахсаанын билэр. Онон ылгын тарбаҕын чоротон «пээтим» бу баар диэн этэн Ньукулайы күллэрбиттээх.

Акуу нуучча оҕо аймахтан улаханнык куттанар. Ийэтэ да сэрэтэрэ, сүбэлиирэ да элбэх. Ол иһин улахан дьоҥҥо сыста, кинилэр тастарыгар баар буола сатыыр. Уулуссаҕа эмиэ улахан дьону кытта аргыстаһа сатыыр. Оспуос тахсыытыттан хата маҕаһыын чугас. Кыһын хаста да убайын кытта киинэҕэ сылдьыбыта. Кулуупка оҕо элбэҕэ сүрүүн, бырдах курдук хойуулар, айдааннара өрө күйгүөрэн олорор. Манна баар эбит этэ суулаһа сылдьан тустуу, хаһыы-ыһыы, сүүрүү-көтүү.

Мантан уулусса үөһээ өттүгэр Матааркыннар диэн ыаллар баалларын билэр, онно соҕотоҕун барбат. Уҥуор дьонугар туораары тиэтэйэр.

Биирдэ козаттан куотан сабараанньа үрдүгэр тахсан, хараҥаччылары көрө турдаҕына, эмискэ ким эрэ кинини икки илиитинэн бобо харбаабытыгар, көрө түспүтэ, хараҕа үп-үрүҥүнэн көрбүт бытыктаах нуучча киһитэ тугу эрэ баллыгырыыр, харбаан турар эбит. Акуу өлөр саҥатынан хаһыытаат, кини илиититтэн төлө көтөн, сабараанньа устун сүүрэн иһэн, сабараанньаҕа олорор киһиэхэ кэтиллэн, аны бэйэтэ нууччаны кууспутунан киһи түһэҕэр сууллубутугар, киһитэ күлэ-күлэ эмэһэҕэ ытыһынан охсубута буолан баран, сиргэ туруоран кэбистэ. Маҕаһыын иннигэр уочаратын булан, инбэлииттэр дьиэлэрин диэки көрбүтэ, биир киһи маҕаһыын диэки сыыллан иһэр, ол дьиэ аттыгар дьон тастарыгар коза хаама сылдьар.

Килиэп атыылаһан, биэрэккэ киирэн, уҥуор туоруурга ким түбэһиэххэ олорсон туораары оспуос диэки сүүрдэ.

Хайыһардааһын

Сарсыарда аһыы олорон оҕолор аҕалара:

– Бүгүн былыттаах, сылаас күн буолбут, – диэтэ.

– Лиинийэҕэр бара иликкинэ, оккун тиэйбэхтиэІ этэ, – ийэлэрэ чэй кута олорон эттэ.

– Таарыйа хапкааммын көрүөм. Үнүр от тиэйэр сирбэр атыыр кырынаас суолламмыт этэ.

– Бөтүрүөп Байбалга түүлээх туттарыы былаанын төһөлөстүІ буолла?

– Куобах тириитэ былааны аһара барыа. Тииҥ да баар, кырынаас ахсаана сааска дылы ситэр ини. Сааһыары андаатардыам. Ыттар андаатар уйатын күһүн буларга үөрэммиттэрэ.

– Хата ынахпыт кулун тутар саҥатыгар төрүөхтээх курдук. Билигин үүтэ олус тарда илик.

Дьоно оҕолорго хара чэйи куппаттар. Сылаас ууларыгар үүтү куталлар. Сарсыарда аайы күөрчэх сииллэр. Ытык салааһына улахан уочаратынан барар. Тоолоох Акуу дьоннорун кытта сарсыарда тэҥҥэ тураллар. Аҕалара оннук дьаһайар, хойут турарга үөрэнэн хаалыахтара диир.

Тоо түргэнник аһыы охсоот, оскуолатыгар барда.

Акуу сылаастык таҥнан таһырдьа таҕыста. Халлаан сырдаабыт. Аҕата аты көлүйэн бүппүт, ойбон аллара охсон тахсыбыт. Билигин от тиэйэ бараары оту баттыыр балтарыгы, сэлии диэн ааттыыр мастарын тиэнэ сылдьар. Акуу аҕата тугу оҥоро сылдьарын көрө туран, хараҕа күрдьүк хаарга анньыллан турар хайыһарга хатанна. Ити хайыһардары аҕата былырыын хатыҥ маһы суоран, хайыһар төбөтүн кэрдиистии эрбээн баран, араас мастары туһанан иэхпитин барытын өйдүүр. Билигин хайыһары тэбиэн баҕаран кэллэ.

– Аҕаа, эн хайыһаргын хаарга миинэн тэбэбин дуо?

– Сатаан тэбиэІ дуо?

– Сатыам.

– Оччоҕо, аттыбытыгар баар дьиэтэ суох күрүөлээх уһаайбаҕа киирэн тэп. Ити тайах маһы илдьэ сырыт. Киниэхэ тайанан хайыһарынан хаамыаҥ. Бастаан ыраас хаарынан күрүө иһинэн эргиччи тэбэн суолла таһаар, онтон ол таһаарбыт суолгунан күнү быһа да хаамп. Суолга, тэлгэһэҕэ тэппэккиІ, хайыһары алдьатыаҥ. Хайырдаан бүттэххинэ, хайыһардары оннугар туруораар.

От тиэйэр тээбириннэрин тиэнэн бүтээт, ат муоһатын ылан, атын эргилиннэрэн, от тиэйэр суолугар таһааран, сыарҕатыгар туран эрэ атын айаннаппытынан барда.

Акуу чигдигэ кэлэн хайыһардары биир-биир ылан уурда уонна холбуу тутан тэлгэһэттэн тахсан, ат көлүйэр сиринэн ыраас хаар саҕатыгар кэлэн хааман көрбүтэ: син иннин диэки сыҕарыйда. Онтон эр ылан ыраас хаарга хайыһарын оргууй сыҕарытан таҕыста. Ыраас хаар устун балай эмэ хааман баран, тохтоон кэннин хайыһан хайыһарын суолун көрбүтэ, хайыһар суола үчүгэйдик көстөр, онтон салгыы айаннаан күрүөҕэ тиийэн кэллэ.

Биир хайыһарын устан аҥаарыгар диэри иһирдьэ аста, иккис хайыһарын тирбэҕэ иититтэн атаҕын арааран, бастакы хайыһарыгар үктэнэн сиэрдийэ быыһынан күрүө иһигэр киирдэ. Иккис хайыһарын тумсуттан тардан күрүө иһигэр киллэрдэ. Улаханнык сыһаҕастаһан хайыһардарын күрүө иһигэр кэккэлэһиннэрэ уурталаата. Олохтоохтук оҥостон хайыһардарын тирбэҕэ иилэригэр этэрбэстэрин төбөтүн укта уонна күрүөнү кыйа хааман истэ. Күрүө муннуктарыгар улахан сорунан хайыһардарын салайан муҥнанна. Хата тайах мастаах буолан охтубата. Хайыһара хаарга наһаа батары түспэт эбит. Итинник айаннаан күрүө иһигэр биир эргиири оҥордо. Аны хайыһарын суолун устун барда. Ол суолунан хайыһара барара букатын тубуста. Акуу сороҕор тохтоон сынньанар. Халлаан былыттаах, сылаас буолан тириттэ, бэргэһэтин кэтэҕэр анньан кэбистэ.

Акуу күрүө иһигэр элбэхтэ эргийдэ. Бириэмэ да барбахтаата быһыылаах, аҕата от тиэйэн кэллэ. Ыттар Акуу манна сылдьарын көрөн, cүүрэн бырдааттаһан кэлэн, кини суолун сытырҕалаатылар, иннигэр, кэннигэр хайыһар суолунан биир эргиир курдугу эргийсэн баран тохтоотулар. Акуу кинилэргэ кэрэхсэбиллээҕи оҥорботун билэннэр дьиэлэрин диэки бардылар. Оҕо күрүөҕэ киирбит сиринэн, күрүө тас өттүгэр тахсан чигди буолбут сиргэ тиийэн хайыһарын уһулла уонна күрдьүллүбүт модьоҕо хаарга, урукку оннуларыгар хайыһардарын туруортаан кэбистэ. Хаарын тэбэнэн дьиэҕэ киирдэ. Дьоно аһаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

– Хайыһардыыр хайдах эбитий?

– Наһаа үчүгэй.

– Сыыртан түһээйэххиний, аҕаҥ хайыһарын алдьатыаҥ.

– Сыыртан салааскалыырыІ да бэрт. Сарсын улаханнык көһүйэриҥ буолуо.

– Ол аата тугуй?

– Урут хамсамматах хамсаныыгын оҥордоххуна, быччыҥнарын ыалдьыылара буолар. Бүгүн хайыһардаан бүттүҥ ини?

– Суох. Аһаан баран эмиэ тахсыам.

– Сарсын иэдэйииһиккин.

Акуу манна өйдөөбүтэ, аччыктаабыта сүрдээх эбит. Тото аһаата. Аҕата от тиэйэ барыытыгар сайыспата. Бүгүн сылаас, көрдөспүтэ буоллар баҕар от тиэйсэ илдьэ барыа этэ. Ону баара хайыһардыыр баҕата улахан буолан хаалла.

Аһаан бүтэн таҥнан, аҕатын кытта таһырдьа таҕыста, хайыһардарын ылан, били суолунан мааҕыҥҥы сиригэр тиийдэ. Бу сырыыга күрүө иһигэр төттөрү эргийэ сырытта. Тохтоон сынньанара элбээтэ. Сороҕор атахтарын хайыһартан арааран хайыһардарыгар олорон ылар. Күрүө таһынан Аараҕай Ньукулай сатыы ааста. «Хайыһардаа, эрчиллиҥ!», – диэн хаһыытаата. Акуу «эрчиллиҥ» диэн тылы өйдөөбөтө, сүүр диэбит тыла дуу дии санаан ылла. Хайыһарынан сүүрүөн баҕарар эрээри, кыах суох, хайыһар ыарахан. Саллырхайдатан хаамара да үчүгэй. Улаханнык сылайбытын билэн, уол күрүөттэн тахсан дьиэтигэр кэллэ. Хайыһардарын ууран дьиэҕэ киирдэ.

– Акуу, оҕо көрсүбэккэ оонньуу сылдьаҕыҥ, балтыгын Любаны саатат, – диэн буолла.

Сүүрэ, хаама сылдьар балта кини куобах атаҕа аттарыгар, куобах баһа борохуоттарыгар, көлүөһэлэрэ былыр үйэҕэ суох буолбут ылтаһын массыынатыгар кыһаммат. Кини муостаҕа оонньуур кэмигэр ийэтэ оҥорбут сыахайынан оонньуур. Акуу бу саҥа тэринэн оонньоон иһэн, муостаҕа сытаат, утуйан хаалла. Маны көрөн ийэтэ:

– Хайа, киһибит утуйбут, – диэт, Акуу этэрбэстэрин устан оронугар көтөҕөн илдьэн сытыарда. Кини киэһэ аһыы турбата. Аҕата кэлэн илгиэлээн көрдө да туһа суох. Утуйа сылдьар.

Сарсыарда буолбут. Ийэлээх аҕата, Тоо тугу эрэ кэпсэтэллэр. Аһыы олороллор быһыылаах.

Акуу тураары үҥүөхтээн иһэн, тохтоон хаалла. Манна өйдөөбүтэ, сытан эрэ илиитин, атаҕын хамсатаары гыннаҕына, илиилэрэ, атахтара, сиһэ барыта ыалдьаллар. Бэрт сорунан олордо. Ол олороору бэл улаханнык ынчыктаан ылла.

– Һок! Киһибит туран эрэр быһыылаах. Тоо, оҕоҕор таҥнарыгар көмөлөс, – диэн ийэтэ соруйбутугар Тоо хоско сүүрэн киирдэ.

– Илииҥ, атаҕыҥ ыалдьаллар дуо?

– Ыык.

– Бэҕэһээ эмискэ элбэхтэ хайыһардаабыккар быччыҥнарын ыалдьаллар.

Улахан сорунан таҥыннылар. Убайа өйөөн нэһиилэ атаҕар турда. Бэрт эрэйинэн аҕыйах хардыыны оҥорон, хостон тахсар ааҥҥа тиийэн аан хаптаһыныттан тутуһан турдаҕына, Аараҕай Ньукулай киирэн кэллэ.

– Дорооболоруҥ. Хайа, «Пээт», итиннэ тоҕо тураҕын?

– Ити киһиҥ бэҕэһээ хайыһардаан баран, оронуттан саҥа туран остуолга кэлээри сынньана турар.

– Оо! Көһүйүү дьыалата буолбут. Ыл, Акуу, хаамп.

Акуу кыараҕастык атыллаан остуол диэки дьүккүйэн көрдө да, үөтэлээх сири барбакка тохтоото.

– Оо, киһим, быт айана айаннаммыккын, бытаһыт хардыыта хардыыламмыккын, эрэй буолбут.

– Ити бэҕэһээ күнү быһа хайыһардаабыта.

– Акуу, – Ньукулай күлэ түһээт, – аны хайыһардыаҥ дуо?

Акуу хардара охсубата. Билигин төһө да эттэрэ ыарыйдар, хайыһардыыр бэрт, үчүгэй этэ. Хайыһардыырын сөбүлэһэрин этээри төбөтүн кэҕис гыммыта, сүнньэ уот аһый гына түспүтүгэр, уол харахтарын уута субуруһан түстүлэр. Оҕо саҥата суох ытыы турдаҕына, Ньукулай кэлэн төбөтүттэн имэрийбитигэр, оҕо киһи атаҕын кууһан ылла.

– Эр киһи ытаабат. Уурай. Көр, киһиҥ хайыһардыырыттан аккаастаммат. Бэрт үлэһит, кытаанах киһи тахсыыһык, – Ньукулай уолу көтөҕөн ылан, оҕолор олорор уһун олох мастарыгар олорто.

Тыа кэһиитэ

Оҕолор аҕалара сотору-сотору лиинийэтин көрө хас да хонон кэлэр. Санныгар сүгэ сылдьар кыра төлөпүөннээх, онон киэһэ аайы дьонун кытта ыраахтан кэпсэтэр. Ол сылдьан кини таарыйа бултуур. Дьиэтин таһыттан быһытынан туһахтаан элбэх куобаҕы ылбыта. Лиинийэтигэр сылдьан хапкааннаан кырынаастары, биирдэ эмэ кыһыл солоҥдону аҕалар. Тииҥнэри ыттара үрэн биэрэллэрин туосапка диэн кыра саанан ытан ылар. Ол саанан аҕалара оҕолоругар ыттарар. Саа тыаһа кыра баҕайы, оҕолорго анаммыт саа курдук, чэпчэкитэ сүр. Айанныырыгар атын уонна ыттарын илдьэ сылдьар. Быйыл эмиэ дьону кытта тыаҕа сылдьан эһэ, тайах өлөрбүтэ. Этин сииллэр. Балта часкыйарын иһин ити кыыс эһэ этэ сиэн часкыйар дииллэр. Оҕолор аҕалара тыаттан кэлэрин кэтэһэллэр аҕай.

Аҕалара хас сырыы аайы төннөрүгэр оҕолорго анаан килиэп биирдии быһыы аҥаарын тоҥнуу аҕалан барыларыгар түҥэппитин, ол курдук тоҥнуу кирэн сииллэрин туохтааҕар да ордороллор. Кини тоҥ килиэбин түҥэтэригэр, оҕолор тула туран ылаллар. Тоҥ килиэби:

– Бу саһыл, бу кырынаас, бу тииҥ, бу лааскай, бу улар ыыппыт кэһиилэрэ, – дии-дии оҕолорго түҥэтэр.

Ол килиэби кирэ сылдьан, оҕолор аҕалара аҕалбыт бултарын бэркэ сонурҕаан көрөллөр.

Ыраах айан

Киэһэ аһыы олорон кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ үксүн Акуу ыраах үөрэнэ барарын туһунан буолан барда. Ыраах Таатта сиригэр ийэтин балта Биэрэ почтаҕа үлэлиир үһү. Онно эдьиийэ Аача кыһын үөрэнэ тиийбитэ. Акуу эдьиийэ баар буолан куттаммат. Кинилэр саҥаттан саҥа сиргэ хаста да көстүлэр. Бэл манна олорон икки дьиэҕэ көһө сылдьан олордулар. Ол дойдуга бары сахалар олороллор үһү. Акуу аҕыйах тылтан ураты нууччалыы тылы билбэт, онон үөрэнэригэр дьоно ыарахан буолуо диэн саха оҕолорун оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыталлар. Сайын бүтэ илик. Ыраах айанныыр күнэ тиийэн кэллэ. Таҥнар таҥаһа тигиллэн, атылаһыллан улахан мөһөөччүккэ сааһыланан угуллубутун бэрэмэдэйгэ уктулар.

Кинилэри кытта Аараҕай Ньукулай сатыы аргыстаһан барар буолла. Киниэхэ анаан Таатта ЛТО-та лиинийэҕэ сылдьарыгар биир аты анаабыттарын ыла Чычымахха тиийэр буолла. Акууну атаара дьоно бары тэлгэһэҕэ таҕыстылар. Бараары эрэ турдахтарына, ийэтэ уолун оройуттан сыллаан ылла:

– Оҕом, үчүгэйдик сырыт. Үчүгэйдик үөрэн. Эбэҥ, эдьиийдэриҥ тылларын истэр буол, – диэтэ.

Акуу ыраах айаннаан эрэбин диэн долгуйбата, ыҥыырга аҕата олордубутугар, дьонугар эргиллэн илиитин сапсыйан быраһаайдаста. Аҕата аты сиэппитинэн Ньукулайдыын кэккэлэһэн, айан суолугар киирдилэр. Бу айаннаан иһэн хааллааны көрбүтэ, халлааҥҥа быһыттаҕас былыттар уста сылдьаллар. Хатыҥнардаах сирдэри ааһан Кыыс Уҥуоҕа диэн ааттанар киэҥ оттонор ходуһалаах сиргэ кэллилэр. Аҕалара билигин манна оттуур. Акуу манна хаста да кэлэ сылдьыбыта. Мантан улахан күөл көстөр. Нахарыкы диэн ааттанар уута уолбут үрэҕи туораатылар. Аҕата аах суол былаһын тухары кэпсэтэ хааман иһэллэр.

– Көстөкүүн, Бурундуукка сынньаныа этибит, – диэтэ.

Акуу «бурундук» диэн нууччалыы тылы убайыттан истэн билэр уонна ол сири тоҕо итинник моҕотой аатынан ааттаабыттарын ыйытыах буолла. Бэс мастар тумустаан киирбит сыырдарын анныгар кэлэн тохтоотулар. Акууну сиргэ түһэрдилэр. Айаммытыгар тайахха иирэн сүгүн айаннатыахтара суоҕа диэн Соргуну баайан дьиэтигэр хаалларбыттара. Кэскил ат кэнниттэн сиэтиллэн иһэр. Арай Ньукулай ыта босхо барсан иһэр. Ол ыт суолтан ыраах барбат, аттыларыгар сылдьар.

Дьоно сиргэ олорон табахтыыллар, Акуу аттыларыгар бэс мастар быыстарынан хаама сылдьан, бу мастары көрөн сыһаҕастаһар. Тииттээҕэр бэстэр дьүһүннэринэн атыттар, лабаалара үөһэ баҕайы бааллар, сырдык кугас хатырыктаахтар. Аллара сиргэ хаппыт бэс туораахтара ыһыллан сыталлар. Акуу дьонун таһыгар кэлэн, дьоно тугу кэпсэтэллэрин истэ олордо.

– Ити, эн суол таһыгар мончуордарга анаан үүтээннэри эрдэттэн тутуохха диириҥ сөп ээ. Ханан үүтээннэри тутар санаалааххыный? – Ньукулай ыйытааччы буолла.

– Биири – бу тумулу ааһан баран, иккиһи – Бэрэбиэс таһыгар Хомустаах анараа өттүгэр, үсүһү – Сэрии Тумулугар. Чычымах мончуордара, Сакы төрдүгэр уонна Чэрмэкээн баһыгар үүтээннэри туталлара ордук этэ.

– Оттон Бэрэбиэскэ Майдааннаах бааллар дии.

– Ол дьон итиннэ уһуннук олорботтор. Билигин Ааллаах Үүн таһаҕаһын көлөнөн таһыы уурайда. Дьону хоннорор симиэбийэҕэ хамнаһа суох, итиннэ Майдаан, Хомустаахха Мыыһас оҕонньор уһуннук олорботтор. Кини сотору Кыйытыгар көһүө. Кэнники кэмнэргэ оҕонньор ыарытыйар буолла, – Көстөкүүн санаатын эттэ.

– Хомустаахтан Кириил Ыстапаанабыс бардаҕына, ол дойду кураанахсыйар.

– Оннук. Ойуун Күөлүттэн ыаллар Чычымахха быйыл көспүт сурахтаахтара. Онон биһиги мончуордар балаҕан ыйыттан үүтээннэри тутууну саҕалыа этибит.

– Оттон тойоммут Григорий Михайлович билэр дуо?

– Кини этэн үүтээннэри тутууну саҕалыыр буоллахпыт дии. От үлэтин иннинэ төлөпүөнүнэн эппитэ. Үүтэннэр ханна тутуллалларын эппиппин бэркэ сэҥээрбитэ. Үүтээннэр төһө улахан буолуохтаахтарын ыйыппыта. Куораттары кытта кэпсэтиэм диэбитэ. Үүтээннэри тутууга харчытын аахтарар үһү.

– Бэрт буоллаҕа дии. Таарыйа бултуохпут, тыаҕа сатаан хаампат дьон Сууркалыын лиинийэ үлэтигэр сылдьыахпыт. Эн Алексейы кытта бултуу сатыа этигит дии, – Ньукулай астынарын биллэрдэ.

– Үүтээннэр биһиэхэ туһаны эрэ аҕалаллар. Икки ардылара балтараа көс курдук буолуохтара.

Салгыы айаннаан уһун тахсыыны, таҥнары түһүүнү ааһан, чычаас уулаах Ноху үрэҕин туораан Бэрэбиэс ыалыгар кэлэн тохтоотулар. Акууну аттан түһэрдилэр, аты төбөтүн умса тардан көнтөһүн кылгас гына илин атаҕар баайан мэччитэ ыыттылар. Дьиэҕэ киирбиттэрэ: дьиэ ортотугар биир обургу уол өйөнөрдөөх олоппоһу төттөрү, аты миинэр курдук олорбут. Киирбит дьон дорооболоспуттарыгар, аат эрэ хардаран дорооболоһоот, олоппоһуттан турбакка, түннүгүнэн үрэх уҥуоргу тыатын одуулаһа олорон хаалла. Хос иһиттэн эдэрчи дьахтар тахсан дорооболоһоот, уолугар сылабаары сылыта охсоругар соруйда. Уол оргууй олоппоһуттан туран, остуолга турар сылабаары ылан таһырдьа таҕыста. Ити кэмҥэ Майдаан эһэ таһырдьаттан киирээт, кэлбит дьону кытта кэпсэппитинэн барда. Балай эмэ буолан баран, уол сылабаары таһырдьаттан киллэрэн остуолга уурда. Айан дьоно остуолга тиийэн, аҕалбыт өйүөлэрин таһааран аһаабытынан бардылар. Аһаан бүппүт дьону атаара Майдаан эһэ тахсыста. Аттара тэлгэһэттэн ырааппатахтар. Айан дьоно тыа саҕатыгар тиийэн хойуу мастаах ойуурга киирдилэр. Балай эмэ барбахтаан баран, Акуу аҕата тохтоото уонна:

– Иккис үүтээммитин манна тутуохпут, – диэн үрэх диэки өттүн ыйда. – Манан маһа хойуу, үрэх ити турар.

– Сөп сир эбит, – Ньукулай сөбүлэһэрин биллэрдэ.

Салгыы айаннаан иккиc улахан күөл таһыгр Ньукулай:

– Акуу, көр, манан атах сыгынньах киһи сүүрэн ааспыт, – дьоно суол таһыгар тохтоон суолу, от быыһын көрөллөр.

Акуу суолу көрбүтэ бадараан баар сиринэн атах сыгынньах киһи суола көстөр эбит.

– Манан тыатааҕы кырдьаҕас Майдаан эһэҕэ чэй иһэн баран ааспыт суола эбит, – Ньукулай атах суолун ыйда.

Акуу итинник суолу билэр, Кыыс Уҥуоҕар оттуу сылдьан, күөл кытыытыгар эһэ суолун Тоо көрдөрөр этэ.

Аҕата Акууну сороҕор сатыы хаамтаран ылар, ыҥыырга наар олордоҕуна көһүйүө диэбитигэр, Ньукулай: «Били кыһын хайыһардаабыппыт курдук», – диэт, күлэн күһүгүрээтэ. Уол дьонун таһыгар кэлбитэ, суол бадарааныгар кырдьык атах сыгынньах киһи суола көстөр эбит.

– Бу киһибит өссө ынаҕын үүрэ сылдьар эбит ээ, – Ньукулай букатын үөрдэ-көттө.

Киһи суолун таһыгар ынах бадарааҥҥа үктэммит суолун окко батыһан тахсан аҕата чинчийэ туран:

– «Дьээдьэ» манан ааспыта хас да хоммут. Онтон бу ойуһар суола, «Дьээдьискэбит» ынаҕа бу сарсыарда ааспыт, үктээбит отторо бадарааҥҥа бу чуолкайдык көстөллөр.

«Ойуһар» диэн тылы Акуу эмиэ истибиттээх, итинник эдэр тайаҕы ааттааччылар. Эһэ суолун Акуу көрөн куттаммата, дьоно бааллар, саалаахтар. Аҕата хас да эһэни өлөрбүтэ. Бу сайын эһэ оҕолорун, былырыын өлбүт эһэни көрбүтэ. Аны тастарыгар Кэскил баар.

Биир обургу күөлү ааһан Хомустаах диэн үс улахан, кыра дьиэлээх, икки ампаардаах сиргэ кэллилэр. Күн киирэн, халлаан боруҥуй буолан эрэр. Манна ким да суох. Тыас иһиллээбит курдук уу чуумпу. Биир ампаар таһыгар кэлэн тохтоотулар. Көстөкүүн аана хатыыта суох ампаарга киирэн балай эмэ буолан баран таҕыста. Илиитигэр эт тутуурдаах.

– Хайа, эппит букатын ирбитэ ырааппыт дии. Сыттаммыт. Хата, амтан киирдэҕэ, – диэт Ньукулай күлэн күһүгүрэттэ.

– Кириил Ыстапаанабыспыт саҥа туттубут үүтээнигэр суох буолуохтаах. Сүөһү үүрээччилэр кинини Кыйылаабыта диэбиттэрэ. Сотору төннөн кэлиэхтээх үһү. Биһиги манна хонуоҕуІ, – диэт, хатыҥнар үүнэн турар сирдэрин таһыгар баар кыра дьиэ диэки этин туппутунан барда. Ньукулай аты сиэттэ. Манна кэлэн аты сыбыдахтаатылар. Көстөкүүн уот отто сылдьар кэмигэр Ньукулай күөлтэн уу баһан таһаарда. Икки солуур оллооҥҥо ыйаннылар. Бииригэр сыттаах эттэрин уктулар. Халлаан лаппа хараҥарда. Аҕата күөһү кытта астаһар кэмигэр Акуу Ньукулайдыын кыра дьиэҕэ оһох отто киирдилэр.

– Билигин оһохпутун сэрэнэн оттобут.

– Тоҕо?

– Оһоҕу толору мастаан отуннахпытына, бу түүн хоммоппут. Оһохпут таһырдьа быраҕар.

– Ол хайдах быраҕарый?

– Баанньык курдук сылаас буолуо дии.

Оһох оттулунна.

Акуу кутаа таһыгар дүлүҥ маска олорон уоту одуулуур. Хараҥаҕа уот маннык умайарын көрө илик эбит. Уот төлөнүттэн кыымнар үөһэ тахса-тахса умуллан иһэллэр. Уот таһа сырдык, оттон анараа өттө хабыс-хараҥа. Ыраах тыаҕа модьугу «һуу-һуу» диэн саҥарар.

– Ити модьугу тоҕо саҥарарый?

– Ити модьугу куобаҕы үргүтэн саҥарар.

Ийэтэ кэпсиир остуоруйатыттан модьугу туһунан билэр. Ол остуоруйаҕа модьугу сүүрэн иһэр куобаҕы аҥаар атаҕынан көхсүттэн харбыыр, атын атаҕынан мастан тутуспутугар, куобаҕы туппут атаҕа быстан, куобах көхсүгэр хатанан барса турбут үһү.

– Дьээдьэ Ньукулаай, ити модьугу атаҕын илдьэ барбыт куобах тыыннаах буолуо дуо?

Ньукулай саҥата суох олорбохтоот:

– Кырдьык, ол куобах тыыннаах буолуохтаах. Ити модьугу бэйэтин тылынан куобахтан: «Куобах, атахпын аҕал», – диэн модьуйар саҥатын истэбит.

– Ол аата модьугу маннык хаамар буоллаҕа, дьээдьэ Егор курдук, – диэт Акуу уҥа илиитин иһигэр хам тутан баран, хаҥас илиитинэн ыстаҥалаан хаамар курдук хамсатан ылла.

– Модьугу сатаан хаампат. Мастан маска көтө сылдьан мутукка аҥаар атаҕынан тутуһан олордоҕо ээ. Билигин бөрөлөр саҥаралларын истэрбит буолуо.

– Тоҕо саҥараллара буолуой?

– Эһэттэн эттэрин көрдөөн. Бөрөлөр тайаҕы өлөрөн баран, кэнники сиэхпит диэн хаалларбыт эттэрин эһэ булан, барытын сиэн кэбиспит. Ону ирдииллэр.

– Бөрөлөр эһэни хайыахтарай?

– Ол эһэни көрүстэхтэринэ, эһэ бэйбириэт ыстаанын кэннин хайыта тыытыахтара буоллаҕа дии.

– Эһэ охсуспат дуо?

– Хайыай, кини соҕотох, бөрөлөр элбэхтэр, кытыгырастар.

– Биһиги Соргулаахпыт курдук. Биһиги ыттарбыт кыра ыттары кэһэппиттэрэ.

– Истибитим. Эһиги ыттаргыт үчүгэйдэр. Акуу, «пээтин» баар ини?

– Баар. Өссө бу: араас, дыбаа, тирии, чэтиирэ.

– Ким үөрэттэ?

– Тоолоох, Коля сиптии сылдьан үөрэппиттэрэ.

– Ахсааны баһылаан иһэр эбиккин, дьэ маладьыас.

Күөс этэ буста. Чэй иһитэ эрдэ оргуйбутун, сойута таһаарбыттара. Уот таһыгар аҕата дьиэ таһыттан хаптаһыннары булан, ону тэлгэтэн, ол үрдүгэр буспут эттэри хотордо. Эттэн муода баҕайы сыт кэлэрин Акуу билэ оҕуста. Хаптаһыҥҥа ас барыта тардылынна. Аҕата Акуу иннигэр биир обургу эти уурбутун, уол сойбут эти харбаан ылан сыттаабыта, куһаҕан баҕайы сыттаах, сэрэнэн эттэн ытыран көрөн баран, этин төттөрү уурда.

– Хайа, доҕоор, эккин сөбүлээбэтиҥ дуу?

– Куһаҕан баҕайы сыттаах.

– Күһүҥҥү умуһах этэ итинник буолааччы. Сытыгар кыһаныма, сиэн ис, – Ньукулай сүбэлээччи буолла.

Акуу эти хайдах да сиир кыаҕа суох, аччыктаабыта бэрдиттэн миини кыратык истэ, арыылаах килиэп сиэтэ, чэй истэ. Аһыы олорон дьоннорун кэпсээнэ тохтообото.

Сарсыныгар күн саҥардыы тахсан эрдэҕинэ, аһаан бүтэн айаннаатылар. Биир уһун баҕайы үрэх устун бардылар.

Суол былаһын тухары төлөпүөн лиинийэтин остуолбалара көстөллөр. Остуолбалар үөһээ өттүлэринэн биир тимир боробулуоха ааһар. Бэҕэһээ күнүс Чычымах почтатын кытта кэпсэппиттэрэ. Сарсыада чэйдээри сылдьан, Акуу аҕата кыра төлөпүөнүн ылан, биир сымнаҕас, хахтаах боробулуоханы уһун ураҕаһынан лиинийэ боробулуохатыгар ииллэ. Иккис кылгас боробулуоха төбөтө тоһоҕо курдук тимиргэ баайыллыбыттарын сиргэ батары аста уонна төлөпүөнүн эрийэр тутааҕын эрийдэ:

– Чычымах, Чычымах! Алуо! Чычымах, алуо! – Чычымахтан харда суоҕун иһин эттэ. – Ньукулай, Чычымах Хомустаах икки ардыгар лиинийэ быстыбыт буоллаҕа дуу? Харда суох. Бээ, өссө эрийиим. Дьоммор, – диэт, үстэ кылгас кылгастык эрийдэ. Итинник аҕалара кинилэр төлөпүөннэригэр эрийэр бэлиэтэ буоларын Акуу бэркэ билэр.

– Алуо! Дорообо. Төһө бэркэ хоннугут? Биһиги хонон айаннаары сылдьабыт. Аара Чычымахха дылы ханан эрэ лиинийэ быстыбыт. Эрийэргэ харда суох. Акуулуун кэпсэт.

Акуу ийэтин, Тоону кытта кэпсэттэ. Чуут ытыы сыста.

Суол таһынааҕы күөл таһыгар чэйдээри сылдьан төлөпүөнү холбоон эрийбиттэрэ, сибээс суох.

Уот сиэбит тыалаах сири ааһан атын үрэх устун айаннаан иһэллэр. Ойуун Күөлэ диэн сиргэ кэллилэр. Манна биир улахан уонна кыра дьиэлэр, ампаардар, хотоннор көстөллөр. Ыаллар суохтар. Дьиэлэр аһаҕас түннүктэрэ харааран көстөллөр. Ааспыт сылларга манан элбэх аттаах, сатыы айанньыттар ааһаллара үһү.

– Былыр эһэ Торопуун бу суолунан дьаам сүүрдэрэ, – диэн аҕата Акууга этэн ааста.

Эһэтэ урут дьаам сүүрдүүтүгэр үлэлээбитим диэн кэпсиирин Акуу өйдөөн кэллэ. Манна сынньанан ааһарга быһаарыннылар. Көстөкүүн тирии матаҕатыттан төлөпүөнүн эмиэ ороото. Эмиэ уһун ураҕас булан боробулуоханы холбоото. Төлөпүөнүн тутааҕын эрийээт:

– Чычымах, Чычымах, дорооболоруҥ. Хайа, эһиги эбиккит дуу? Мааҕын сарсыардаттан эрийэбит. Харда суоҕун иһин Чычымах бэтэрээ өттүгэр лиинийэ быһыннаҕа диэн сэрэйбиппит. Ханан быстыбытый? Ойуун Күөлүгэр кэллибит. Ээ, Ньукулайдыын эһиэхэ билигин тиийиэхпит. Аты илдьэ иһэҕит? Ноо! Сөп, сөп. Көрсүөхпүт. Оччоҕо тута төннөр. Лиинийэ анараа өттө үчүгэй. Төннөн тиийдибит да, балаҕан ыйыттан өрөмүөнү саҕалыыбыт.

Кэпсэтэн бүттэ. Боробулуохалары хомуйа сылдьан:

– Ньукулай, Чычымахтар лиинийэнэн Тараҕананан эргийэн, Амманы туораан, Амма сиһин бэттэх түһүүтүгэр лиинийэни тиит сууллан боробулуоханы сиргэ хам баттаабытын булбуттар. Биһиги утары иһэрбитин истэн, эн аккын илдьэ иһэллэр үһү.

– Оо, бэтэрээттэн төннөр буолбуппун. Хата, бу бэрт буолсу.

Манна балай эмэ олорбохтоотулар.

– Сэриигэ сылдьан туох эрэ буруйга түбэһэн, икки байыаннай киһи Хаандыгаттан күрээн истэхтэринэ, мантан чугас Хатылыкап Ньукулай Күүстээх үүтээнигэр хоно сыттахтарына, милииссийэлэр төгүрүктээн, бэриммэккэ ытыаласпыттарын иһин иккиэннэрин ити тыаҕа өлөрбүттэрэ, – Көстөкүүн үрэҕи таҥнары ыйан кэбистэ.

– Биһиги дойдубут хаайыы сирэ буолан сайынын күрүөйэхтэр элбииллэр.

– АйанныаҕыІ. Дьоммут адьас аттыбытыгар бааллар.

Сакы үрэҕин төрдүн ааһан, үрэх саҕатынан айаннаан иһэн тыаҕа киирдилэр. Ыраас мастаах сиринэн баран иһэн, Чычымах мончуордара икки аттаах үс киһи лиинийэ анныгар үлэлии сылдьалларан көрөн, кинилэргэ туораатылар. Тиийээт, дорооболостулар. Бары сиргэ бысталанан сытар тииккэ олорон сэһэргэстилэр. Тииккэ бааллан турар аттартан биирдэстэрэ хомууттаах, ыҥыырдаах, муоһата уонна сэдиэлкэ ыҥыырга баалла сылдьаллар. Ити аты Ньукулай илдьэ барыахтаах. Сотору Акуулаах аттарыгар олорон салгыы айаннаатылар. Амма сиһин тахсыытын түһэн, Аммаҕа тиийэн кэллилэр.

Амма өрүһү Аллаҥҥа тэҥнээтэххэ синньигэс эбит. Суол аартыгын уҥа өттүгэр үрдүк хайалаах. Аартык анныгар, талах күлүгэр, балаакка турар, аттыгар аттар бааллан тураллар. Икки киһи уот аттыгар күөс буһарын кэтэһэ тураллар быһыылаах. Аҕата атын хаамтаран аҕалан уот таһыгар кэлэн тохтоото, атыттан түһэн кэпсэппитэ, Охуоскайга сүөһү үүрэн иһээччилэр эбит. Талахтар анараа өттүлэригэр, хочоҕо, наһаа үгүс сүөһү мэччийэ сылдьар. Сүөһү үүрээччилэр Амманы бүгүн туораабыттар. Манна хонон баран сарсын айанныыллар үһү. Кыратык кэпсэтэ түһэн баран, Акуулаах аттарын сиэппитинэн уу кытыытыгар киирдилэр. Кытыыга мончуордар таһаарбыт икки тыылара бааллар.

Ат ыҥыырын аҕата устан ылан тыыга уурда, тыы иһигэр олох маска олордо. Аҕата ат көнтөс быатын туппутунан тыыга олорон, эрдиини ылан кытыыттан анньынна, Көҕүллээх улгум баҕайытык ууну кэһэн киирэн, уу дириҥээбитигэр харбаабытынан барда. Акуу ат тыы кэнниттэн батыһа харбыырын бастаан көрөр. Ат илин атахтара ууну хаһыйан хамсатара үчүгэй баҕайытык көстөр. Ат муннунан салгыны тыынарыгар сөп буола-буола кылгастык тыбыыран ылар эбит. Уҥуоргу кумах кытыл түргэнник чугаһаан кэллэ. Кумах кытыыга тахсан, тыыларын ууттан кытыыга соһон таһаардылар. Ат инчэҕэй көхсүттэн Көстөкүүн ытыһынан ууну соппохтоон баран, аты ыҥыырдаан кэбистэ.

Акуу билигин төрөөбүт сиригэр, бэйэтэ билбэт дойдутугар кэллэ. Бу сиртэн айаннаан тиийэр сирэ өссө да тэйиччи үһү. Кини төрөөн баран элбэхтик айаннаата. Олоҕун устатыгар төһөлөөх кылгас-уһун, чугас-ыраах айан суоллара кэтэһэллэрэ буолуой! Биир киһиэхэ бэриллэр олох түбүгүн айанын суола саҕаланнаҕа ити.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации